Текст книги "1986. Аргыардаах саас"
Автор книги: Иван Сысолятин
Жанр: История, Наука и Образование
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
ТӨРДҮС БАҺА
Оройуон киинигэр Харбалаахха алтынньы саҥатыгар олорор сиринэн үлэ актыбыыстарын мунньахтара буола турара. «Олорор сиринэн үлэ – нэhилиэнньэни иитии-өйдөтүү сүрүн төhүүтэ» диэн дакылааты партия райкомун иккис сэкирэтээрэ Петр Михайлович Филиппов оҥордо. Ол мунньахха оройуоннааҕы үөрэх салаатын инспектора Нина Николаевна Яроева эмиэ ыҥырыллыбыта. Нэhилиэктэртэн, сопхуостартан парткомнар, маҥнайгы сүhүөх партийнай тэрилтэлэр сэкирэтээрдэрэ, зоналар штабтарын начаалынньыктара, сэбиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ, оскуолалар дириэктэрдэрэ кэлбиттэр.
Райком иккис сэкирэтээрин дакылаатыгар нэhилиэнньэни иитэр-өйдөтөр үлэни, арыгылааhыны, табахтааhыны утары охсуhууну тэрийиигэ үчүгэй холобур быhыытынан Дабаан аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэрин уонна төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин ыытар үлэлэрэ анаан-минээн ахтылынна. Чуолаан, ол оскуола үлэтэ бастыҥ уопут быhыытынан анаан-минээн холобурдаммыта Нина Николаевнаны ордук соhуппута даҕаны, бэркиhэппитэ даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, кини ол дабааннар «уопуттарын» хара маҥнайгыттан, икки сыллааҕыта саҕаланыаҕыттан ыла, букатын сөбүлээбэт суола этэ. Ол туhунан быйыл күhүн үөрэх салаатын сэбиэдиссэйигэр Николай Ивановичка өскүөрүтүн этэн көрбүтүн «тойоно» ылымматаҕа. Оттон үгүс учууталлар көннөрү кэпсэтиигэ дабааннар арыгылааhыны, табахтааhыны утары ыытар үлэлэрин соччо сөбүлээбэттэрин биллэрээччилэр. Ол гынан баран, ким даҕаны сөбүлээбэтин туhунан биир да мунньахха, түмсүүгэ тыл аҥаарын даҕаны букатын быктарбаттар… Нина Николаевна өрдөөҕүттэн иитиллибит, хаатыйаламмыт санаата мунньах дакылаатыттан сылтаан эмискэ өрө күөдьүйэн, оргуйан таҕыста, манна эппэтэҕинэ, бэйэтин санаатын тоҕо тэбээбэтэҕинэ хайдах даҕаны сатаныа суох курдук буолла. Эбиэт кэнниттэн эрэ киниэхэ тыл биэрдилэр. Ол этиитэ, быстахтык ыллахха, бу курдук диэн таҕыста:
– Дабаан аҕыс кылаастаах оскуолатын салалтатын уонна кэлэктиибин нэhилиэнньэни кытта үлэҕэ саҥа көрүҥү көрдөөhүннэрин сүнньүнэн өйдүөххэ сөп. Ол эрээри ити кэлэктиип бу күҥҥэ диэри ыытан кэлбит үлэтин сүрүн ньыматын, мин туруору этэбин, букатын ылыммаппын уонна өссө сыыhанан ааҕабын. Дьэ, ол тоҕо, туох иhин диэххит. Үчүгэйдик өйдөөн‑санаан көрүҥ эрэ – ол Дабаан бөhүөлэгэр кимнээх арыгылыылларын, арыгы иhэллэрин уонна табах тардалларын бука барыларын тус-туспа испииhэктээбиттэр. Ол испииhэктэрэ төрөппүттэр уопсай мунньахтарыгар, зона түмсүүтүгэр, атын да мунньахтарга кытта бүттүүн истиигэ, билиигэ-көрүүгэ тахсар. Нэhилиэнньэни, дьону арыгыhыттар, арыгы иhээччилэр, өссө табахсыттар диэн араҥаҕа араарыы буолар. Ити, дьиҥинэн, иhэ истээх боппуруос! Киhини ыллыҥ даҕаны эн арыгыhыккын, эн иhээччигин эбэтэр эн ардыгар арыгылыыгын диэн чэпчэкитэ суох түмүктээhин оҥорор, ыар дьаралык ыйаан кэбиhэр диэн, өссө дьоҥҥо‑сэргэҕэ бүтүннүүтүгэр иhитиннэрэр-биллэрэр диэн… олус уустук, эппиэттээх дьыала! Ити, ардыгар, сороххор баттыгастаах, атаҕастабыллаах да буолуон сөп. Баҕар, сорох киhи этиэҕэ: мин биирдэ эмэтэ дьиэбэр-уоппар арыгыны амсайарбын иhээччи курдук сыаналыыллара букатын сыыhа, ону кытта ончу сөбүлэспэппин диэн. Эбэтэр ким эрэ этиэҕэ: Сиидэрэптээх, Макаараптаах даҕаны биhигиннээҕэр элбэхтик арыгы иhэллэр да, тоҕо эрэ ааттара биирдэ даҕаны ахтыллыбат диэн. Ордук сөбүлээбэтим баар: Дабаан оскуолатын учууталлара бөhүөлэк ыалларын дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан арыгыттан аккаастанабыт, от-мас тиэйбит тырахтарыыска, суоппарга, ыалдьыкка да, хоноhоҕо да арыгыны туруоруохпут суоҕа диэн биир-биир илии баттатыы хампаанньатын ыыппыттара буолар. Дьэ ити туох үлүгэрдээх дьиэ кэргэн, ыал олохторугар орооhуутай?! Оруо маhы ортотунан. Өссө мин этиэм этэ – ити аата киhи тус бэйэтин олоҕор, көҥүлүгэр, быраабыгар орооhуу буолар диэммин. Ол ыалдьыппын дуу, хоноhобун дуу хайдах уонна тугунан аhатарбын-иhэрдэрбин дуу атын дьон ыйан-кэрдэн биэриэхтээхтэр эбэтэр оскуолам учууталларыттан ыйытыахтаах үhүбүн дуо? Өссө онуоха эбии кимиэхэ даҕаны арыгыны туруоруом суоҕа диэн баппыыска биэриэхтээх үhүбүн! Оттон бэйэ дьиэтин иhигэр хаhаайын дуу, хаhаайка дуу бэйэлэрэ быhаарыахтарын сөп этэ. Ити дабааннар арыгылааhыны, табахтааhыны утары ыытар хампаанньаларыгар оскуола оҕолорун кытыннараллара киhини бэркиhэтиэн эрэ сөп. Дьиэтээҕи быhыы-майгы информациятын сүнньүнэн оҕолортон хомуйаллар… Биhиги өрүү буоларын курдук, бииртэн бииргэ аhара түhэр, наhаалыыр үгэстээхпит. Онон мин Дабаан бөhүөлэгэ арыгыттан аккаастаммыт нэhилиэнньэлээх курдук көстөн, бастыҥ уопуту тарҕатааччынан буоларын биир бэйэм саарбахтыыбын, ылыммаппын… үксэ көрүнньүк, тас көстүү эрэ диэххэ сөп.
– Табаарыс Яроева, үлэлиир дьону баhааҕырдыбаккар көрдөhөбүн, – диэн эмискэ президиум уhун остуолун ортотугар олорор иккис сэкирэтээр Филиппов саҥата быhа түстэ.
Нина Николаевна, маҥнай соhуйан хаалан, мах бэрдэрэн, тохтоон ылла. Саалаҕа олорооччулар чуумпура түстүлэр, сүүhүнэн харахтар киниэхэ туhаайылыннылар. Кини чыпчылыйыах да түгэнигэр көрөн ылла – сорохтор кини диэки «Дьэ, кыыс оҕотоо, түбэстиҥ эбээт!» диэн хайдах эрэ сэтэрээбиттии көрөн олороллор. Оттон Нина Николаевна дьүөгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ сорохторо эмиэ да аhыммыттыы, атыттар буоллаҕына «Кытаат! Кытаат, букатын чугуйума, куттаныма!» диэн бүк эрэнэрдии тонолуппакка одуулаhан олороллор.
– Мин бу этэрим сымыйанан, була сатаан дьону баhааҕырдыы буолбатах, дьиҥ баар суолу кэпсээтим. Итини мин эрэ билэр буолбатахпын уонна бу соҕотох мин эрэ санаам буолбатах! – Нина Николаевна, президиум остуолун диэки көрө-көрө, быhаара сатаата.
– Баhааҕырдыы буолбакка! Бэйэҕэр сөптөөх сыананы бэриниэххин наада, – микрофонунан күүстээх куолас доргуйда.
– Чэ, оччотугар… райком муударай ыйыытынан табаарыс Дьоруойаба салгыы тыл этэртэн тохтуур… – Нина Николаевна инньэ диэт, трибунаттан тэйэн эрдэҕинэ, саалаҕа олорооччулартан эдэр өттүлэрэ көхтөөхтүк ытыстарын таhынан бардылар.
Петр Михайлович, туох да буолбатаҕын курдук туттан, чыналлан олордо. Арай мыс курдук эттээх сирэйэ улам кытаран барда. Ол олорон, кип-килэгир ачыкытын тааhын кэннигэр саспыт кыараҕас харахтара кимнээх ытыстарын таhыналларын бэлиэтии көрөн хаалаары уҥа‑хаҥас сүүрэкэлииллэр.
Саала кэннин диэки кытыы эрээттэн саас ортолоох, күрэҥсийэн эрэр баттаҕын өрө тарааммыт киhи, хорос гына уhулу ыстанан туран, суон куолаhынан: «Туох аатай, киhи этэрин тууйан-хаайан түhэҥҥит! Наар хайҕалы эрэ истэ үөрэнэн хаалбыккыт быhыылаах», – диэн улахан баҕайытык бааҕынаата.
Мунньаҕы салайан ыытааччы партия райкомун сэкирэтээрэ Евгения Ивановна, салгыы тыл этээччини биллэрээри туран, ол саҥаны истэн тохтоон хаалла уонна туох да диэн булбатах курдук, мух-мах барда. Ол кэмҥэ Петр Михайлович, чыналлан олорон, эмиэ баргыытаата:
– Сөбүлээбэт буоллаххытына… кими даҕаны манна туппаппыт! Мунньаҕы мэhэйдээбэккитигэр көрдөhөбүн.
– Ээ, бэрт сөп, мэhэйдээбит аатыра-аатыра, кырдьык даҕаны, сыҥаланан олордохпунуй? – күрэҥсийэн эрэр баттахтаах киhи, эмиэ улахан баҕайытык саҥара-саҥара, эрээттэр быыстарынан аа-дьуо аан диэки дьулуста. – Барыга барытыгар былааскытын, кыаххытын көрдөрөҥҥүт, кими даҕаны тыыннарбаккыт, атын мнениени истэ да барбаккыт, барытын саба охсон иhэҕит… Хаhан эрэ син муҥур уhук кэлиэ, үтэhэҕит туолуо эбээт!
Кэлиҥҥи эрээттэн икки отуттарыттан саҥа тахсыбыт бадахтаах эдэр дьон ыстанан туран, эмиэ тахсан бардылар.
Мунньах салҕанан истэ.
Оттон Нина Николаевна, миэстэтигэр тиийэн олорон баран, өргө диэри уоскуйан биэрбэтэ, иэдэстэрэ итийэ-итийэ хайдах эрэ «дыр-дыр» гынар курдуктар. Санаата икки аҥыы хайыта тыыттарар: эмиэ да сыыстым дуу, дьон туох диэтилэр буолла диэн санаан ылар. Ол эрээри сонно: «Көстөн турар сыыhа суолу билэ сылдьан, бэйэ сөбүлээбэтин туох баарынан аhаҕастык этэр тоҕо сатаммат буолуой?!» диэн атын санаа киирэн кэлэн, саарбахтыырын сабыта охсорго дылы.
Мунньахтан тарҕаhалларыгар хас даҕаны дьүөгэлэрэ көрсө түhэн: «Саамай сөпкө эттиҥ, маладьыас кыыскын! Эйиигин өйөөччүлэр элбэхпит», – дэстилэр.
Баҕар, ол улахан өттө кини санаатын көтөҕөргө эрэ этиллибит тыллар буолаайаллар? Ханныгын да иhин, букатын олоҕо суох, оруо маhы ортотунан түhэн этии буолбата ини?
Аҕыйах хонон баран, биир күн Нина Николаевна сэбиэдиссэйэ анаан-минээн ыҥыртарбытыгар киирдэ. Маҥнай утаа оройуон оскуолатыгар инспекторскай бэрэбиэркэни ыытыы былааныгар өссө чуолкайдааhыннары киллэрэр, учууталлары аттестациялааhыҥҥа сөптөөх докумуоннары бэлэмнээhин тустарынан ыйыталаhа-ыйыталаhа, бэйэтин санаатын этитэлээтэ. Онтон кыратык тохтуу түhэн баран: «Аны маннык кэпсэтии…» – диэн саҕалаан эрдэҕинэ, эмискэ төлөпүөнүн тыаhа тырылыы түстэ. Хантан эрэ бэрт ыраахтан эрийэллэр быhыылаах, саҥалара чуолкайдык иhиллибэт.
– Нина Николаевна, өссө маннык кэпсэтии баар буолла, – диэн баран Николай Иванович, дьоhуннаах кэпсэтии буолуохтааҕын эрдэттэн биллэрэр курдук, кириэhилэтигэр тиэрэ түhэн, төбөтүн хоноччу тутунна. – Бэҕэhээ миигин райком иккис сэкирэтээрэ Петр Михайлович ыҥыран ылан кэпсэтэ сырытта уонна эйиигин кытта бэсиэдэлэhэрбэр сорудахтаата. Ону толороммун бу эйиигин кытта кэпсэтэбин.
– Тыый, ол тугу… туох туhунан? – Нина Николаевна, аан бастаан соhуйан хаалан, тута бааччы өйдөөбөтө.
– Туох туhунан диигин дуу? Бэйэҥ даҕаны искэр сэрэйэр инигин? Били, үнүргү буолбут мунньахха эн «уоттаах-төлөннөөх» тылы эппиккинэн сибээстээн.
– Һы, хайыы-үйэҕэ боппуруос оннук хааман эрэр эбит дуу?
– Хайдах дии санаабыккыный, оннук буолбакка! Кырдьыга даҕаны, эн онно олус туруорутук, холустук, хайдах эрэ сатамньыта суохтук кириитикэлээн тыл эппитиҥ… дьону, бүтүн кэлэктииби да өhүргэтиэх курдук.
– Дьэ, онон туох диэн түмүк оҥоhуллубутуй мин ааппар? Эбэтэр райком туох ыйыыны-кэрдиини, дьаhалы биэрдэ?
– Сөп‑сөп! Эн, Нина Николаевна, бука баhаалыста, киhи кэпсиирин тулуйан истэ түс дуу, оччоҕо барытын өйдүөҥ буоллаҕа дии, – Николай Иванович маҥан сүүhэ биллэрдик кытаран барда. – Дьиҥинэн да ыллахха, партия райкома диэн наада буоллаҕына хаhан баҕарар ыйыыны-кэрдиини биэрэр ыйаахтаах тэрилтэ диэн мин өйдүүбүн. Төhө даҕаны үнүр эн «райком муударай ыйыытынан» диэн юмордаан эппитиҥ иhин, биhиги бу сэттэ уоҥҥа чугаhыыр сыл устатыгар партиянан салаллан олордохпут дии!.. Эн бүтүн оройуон таhымнаах улахан мунньахха төhө эмэ саҥаны киллэрэн, саҥаны олохтоон үлэлиир дьону сыыhа тутуhаҕын-хабыhаҕын, бостуой саҥарбытыҥ. Дабаан оскуолатын кэлэктиибэ дьон туhугар сүрдээх бэриниилээхтик, ис дууhаларыттан бэркэ кыhаллан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэр уопуттарын атыттар сүрдээҕин сэргииллэр… хоту оройуоннартан тиийэ кэлэн анаан-минээн билсиhэн бараллар.
– Ол кинилэр үлэлэрин уопута биhиги оройуоммутугар тарҕаммыта тоҕо көстүбэтий, ээ? – Нина Николаевна тыл ыhыгынна.
– Үрдүттэн саба быраҕан итинник этэр сатаммат… – Ити курдук Николай Иванович өссө даҕаны уhуннук саҥарда-иҥэрдэ, итийэн-кутуйан быhаарда.
– Сөп‑сөп, дьэ, онон туох түмүккэ кэлбиттэрий? – диэн син биир ыйытта Нина Николаевна.
– Оттон райком… туох диэн түмүк оҥоро охсуоҕай? Биhигини көннөрү кэпсэтиҥ, өйдөтүҥ дииллэр буоллаҕа… – Ол аата өйүн-төйүн булларыҥ диэтэхтэрэ.
– Нина Николаевна, кыраттан да күрүчүөктэhэн түhэҥҥин… Хайдах эмэ гынан бэйэ-бэйэбитин өйдөhөн үлэлиирбит буоллар. Эн бу биhиги тэрилтэбитигэр, РОНО-ҕа, саҥа үлэhит буоллаҕыҥ дии. Онон маннааҕы быhыыны-майгыны сорох өттүн эн билбэтиҥ, ситэ өйдөөбөтүҥ да буолуон сөп. Ол кэннэ үрдүкү салалтаны кытта хаhан баҕарар өйдөhөн биир санаанан үлэлиирбит наада этэ. Кэпсэтиибит ол туhунан барар эбээт. Ардыгар дьоҥҥо более-менее тактичнай буолуохха диэн этээри гынабын. Онтон атын суох… – Николай Иванович эмиэ тырылаан иhэн тохтообут төлөпүөнүн үрдүгэр илиитин ууран баран, хатылаан тыаhыырын кэтэhэн олорбохтоото. – Эн, Нина Николаевна, эдэр киhи улахан инникилээххин уонна лично мин эйигин аныгылыы толкуйдаах, энергичнэй, саҥаны өйдүүр үлэhит быhыытынан испэр сыаналыырбын бүгүн бэйэҕэр аhаҕастык этэбин. Суох, ити ханнык даҕаны тыл кырааската буолбатах. Дьиҥ баар суолу, ис санаабын этэбин.
Ити кэпсэтиилэрин Нина Николаевна хас да хонук устатыгар өрүү эргитэ саныы сырытта, санаа аргыhа оҥоhунна. «Үрдүкү салалтаны кытта өйдөhөн, биир санаанан үлэлиирбит наада» диэн ити аата туох ис хоhоонноох этииний? Ити аата үрдүк салайааччыларбытын санааларын табар гына сыhыаннаhыахха диэн ис хоhоонноох этии буолар эбит. Ол аата үөhээҥҥи тойоҥҥо, нууччалыытынан эттэххэ, «угодить!» диэн суолталаах буолар. Тойон баҕатыгар, санаатыгар сөп түбэhэр гына сыhыаннас диэн. Ол аата миэхэ оннук көрдөбүл, ирдэбил баарын санатар, өйдөтөр быhыылара буоллаҕа… Дьэ, ону мин ылынабын дуу, ылыммаппын дуу? Ханнык суолу, хайатын тутуhабыный?..
Нина Николаевна сайын от ыйын бастакы күннэриттэн ыла үөрэх салаатын инспекторын быhыытынан куруутун күн быыhа суох сырытта. Кини сүрүн соругунан оройуон оскуолаларыгар тэриллибит үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдарын, звеноларын үлэлэрин билсиhии, олорго көмөлөhүү буолар. Үгүс лааҕырдар оттооhуҥҥа, сорохтор ходуhа бүтэйин оҥорууга уонна оҕуруот аhын үүннэриигэ үлэлииллэр. Үөрэх салаатын үлэhиттэрэ үгүстэрэ уоппускаларыгар баран, Нина Николаевна соҕотоҕун кэриэтэ кэрийэн таҕыста – бастаан утаа аҕыйах күн сэбиэдиссэйин массыынатынан сырытта. Онтон салгыы туох массыына көстөрүнэн, ардыгар санэпидемстанция, тыа хаhаайыстыбатын салаатын, райсовет үлэhиттэрин массыыналарыгар олорсон кэрийдэ. Ол курдук, от ыйа букатын биллибэккэ ааста.
Оннук түптээн олорбокко, өрүү кэлэ-бара сырыттаҕына, Орто Эбэттэн Отуукап Миша киирэн, иккитэ хаста үлэлиир сиригэр сылдьан сураста, ыйыталаста. Онтон Нина Николаевна атырдьах ыйын 10 күнүттэн аҕыйах хонукка уоппуска ылан, бэйэтин дьонугар Хомустаах бөhүөлэгэр барда. Онно икки нэдиэлэ устатыгар аҕатыгар окко көмөлөhөн, быыhыгар сир астаан, айылҕаҕа сылдьан, олус үчүгэйдик сынньанна. Оройуон учууталларын үгэс буолбут атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын иннинэ эмиэ үлэтигэр тахсыбыта. Мунньах тэрээhинин түбүгэр-садьыгар сүүрбүтэ-көппүтэ. Биирдэ куоракка киирэн, үөрэх министиэристибэтигэр сылдьан тахсыбыта.
Арай мунньах буоларын нөҥүө күнүгэр дьиэтигэр эбиэт кэнниттэн хонтуоратыгар киирэн, туруору кирилиэhинэн дабайан иккис этээскэ тахсан истэҕинэ, кэнниттэн ким эрэ кэлэн көстүүмүн сиэҕиттэн биллэр-биллибэттик тарта. Соhуйан эргиллэ түспүтэ – Миша Отуукап кип-киэҥинэн бүрү-бүлтэччи көрбүтүнэн бу турар эбит. Илиитин уунан дорооболоhо-дорооболоhо, кэккэлэhэ хаамсан, үөhээҥҥи көрүдүөргэ тахсыста. Онно үөрэх салаатыгар үлэлэрин быhаартарар, бирикээстэрин таhаартарар учууталлар элбэхтэрэ, сорохтор көрүдүөргэ күүтэн тураллара.
– Дьэ, эйиигин сайыны быhа букатын сүтэрэн кэбистим ээ, – дии-дии, Миша көрүдүөргэ турар учуутал кыргыттар диэки көрөн ылла. – Киин сиргэ киирбит киhи букатын таба туттарбаккын дии?
– Оттон… үлэм оннук ээ, үксүн кэлии-барыы. Мантан инньэ арыый тохтуур инибит. Эн туохха киирэ сылдьаҕын? Орто эбэлэр, хайа, хайдах-туох олороллор?
– Ээ, үчүгэй буоллаҕа… үчүгэйдэр. Мин «Сельхозтехникаҕа» сылдьыахтаахпын, сапчаас ыла.
– Бүгүн төннөр буоллаҕыҥ дии?
– Төннүмүнэ… – диэтэ Миша симиктик уонна, – Туох… кыратык таhырдьа тахса сылдьыахха эрэ, – диэн эбэн сибигинэйдэ.
– Ол тоҕо? Ол аата туохпутуй? – диэтэ Нина Николаевна, эмиэ сибигинэйэн.
– Чэ, мин таhырдьа күүтүөм, – диэт, Миша лиhир-лаhыр үктэнэн кирилиэhинэн аллара түhэ турда.
Нина Николаевна адаарыҥнас дьон быыhынан үлэлиир хоhугар киирэн, көстө түhэн баран, таhырдьа тахсыбыта – Миша, мичээрдээн кэбиhэ, күүтэн турара.
– Чэ, массыынам ол турар… бардыбыт дуо? – Миша бүлтэччи көрбүт хараҕын дьээбэлээхтик сүүрэкэлэппитэ.
– Бэйи, доҕоор, бу эн миэхэ хаhааҥҥыттан хамандыыр буолбуккунуй? Эбэтэр былыргы Манчаары Баhылай курдук күрэтэн барар санаалааххын дуу? Ханна хара тыаҕа таhааран хаспахха хаайан олордоору… – Нина Николаевна дьээбэлэhэн хадьардаспыта буолла.
– Табаарыс иниспиэктир, дьиэҕэр илдьэҥҥин чэйдэтэҕин дуу, суох дуу? Аччыктаан, утатан аҥаарыйан иhэбин.
– Тыый, кэбиис-кэбис, аҥаарыйыма, кытаат! Бэттэхтээ дуу? – кыыс тэйиччи турар самосвал массыына диэки хаампытынан барда.
– Таарыччы ханна олороргун билэн тахсыам этэ… – Миша кыыс диэки сүрдээх сымнаҕастык имэрийэ көрөн ылла.
– Торҕоннообут тойону тоторор аhым-үөлүм суох да буоллар… – Ээ, мин чэй да истэхпинэ сөп… утатыым улахан.
Сэбиэскэй уулусса оҥхойдорун очумаастарыгар-чочумаастарыгар самосвал массыыналарынан өрүтэ өндөҥөлөтөн, тимир куусаптара тигинии тыаhаан, тилигирии мөхсөн, кыhалҕата суох күттэрэн истэхтэринэ, биир уулусса муннугуттан милииссийэ куормалаах икки киhи тахсан кэллилэр. Лейтенант погоннаах эдэр уол, уҥа илиитин күөрэс гыннаран, «тохтооҥ» диэн бэлиэ биэрдэ.
– Түбэстибит буолбаат! – дии-дии, Миша массыынатын бытаардан уулусса кытыытын диэки салайда.
– Эс, суол быраабылатын тугу даҕаны кэспэккэ иhэҥҥин дуо?
– Тутуhа сатаатахтарына тугу баҕарар булуохтара… – Ама, оннук гыннахтарай?
Массыына тохтуурун кытта милииссийэлэр иккиэн кэбиинэ уҥа аанын тэлэйэ баттаат, Нина Николаевнаны үтэйэ-үтэйэ, туох да бокуойа суох иhирдьэ киирбитинэн бардылар.
– Хайа, бу аата тугуй? Туох үлүгэрэ буолла? – Нина Николаевна сөбүлээбэтэҕин тута биллэрдэ.
– Биhиги эйигин кытта кэпсэппэппит, суоппарга наадалаахпыт, – диэн сержант погоннаах уол утары саҥаран дьабдьыгыратта. – Убаайка, биhигини арҕааҥҥы «Молочнайга» илдьэн быраҕа оҕус эрэ, үүттэн матаары гынныбыт.
– Кырдьык, ыксал буолла… бука баhаалыста, илдьэн биэрбэккин ээ? – лейтенант эйэҕэстик көрдөстө.
– Оо, уолаттаар, мин тиэтэйэ аҕай сылдьабын, атын массыынаны туппаккыт ээ? – Миша көрдөhөн көрдө.
– Кими тутарбытын бэйэбит үчүгэйдик билэбит, онно эн сүбэҕэр наадыйбаппыт! – сержант эмиэ дьабдьыгырыы түстэ. – Буолуммат буоллаххына, отделга бардыбыт, онно быhаарсыахпыт!
– Суох, суох! Биhиги эйиигин тутар, хайыыр да санаабыт суох ээ, көннөрү көрдөhөбүт эрэ, – лейтенант уол кэбиинэ аанын өссө да саппакка олордо.
– Туох аатай, бу ыган-түүрэн түhэҥҥит… – Нина Николаевна хардары киирсэн эрдэҕинэ, Миша тоҥолоҕунан имнэнэн тохтотто. – Сах салаатын, бардыбыт! – диэт, массыынатын ускуораhын холбоото.
Туора уулусса тоҕойугар эргиллэн, арҕаа диэки төттөрү айаннаатылар. Миша даҕаны, Нина Николаевна даҕаны биир да тылы быктарбакка, бу дьонтон түргэнник босхолоно охсубут киhи эрэ диэн санаалаахтар.
Үрүҥ ас маҕаhыынын иннигэр тиийэн түhэрэллэригэр сержант уол: «Манна төhө элбэх бириэмэ сүтүөҕэй… аҕыйах мүнүүтэни баран…» – диэн саҥара-саҥара, кэбиинэттэн таҕыста.
– Баhыыбаҥ ити дуо? – диэн хаалла Нина Николаевна.
Эмиэ илин диэки тигинэтэн-таҕынатан истилэр. Соҕуруу диэки барар туора уулусса куоhааҕар баhыллыбыт чалбаҕы кэстэрэн тахсан, сыыр анныгар турар түөрт кыбартыыралаах дьиэ туhаайыытыгар тохтоотулар.
– Чэ, мин манна олоробун… Хайыыгын, киирэҕин дуо? – диэн ыйытта кыыс.
– Бэрээдэги көрөр ааттаах дьоммут дэлби кыыhырдан, аhа да суох тотордулар быhыылаах. Киирэн уу эрэ иhиэҕим… Хайа уонна эйигин үлэҕэр суохтаан туруохтара дии? – диэтэ Миша, массыынатын мотуорун умулларан баран.
Нина Николаевна дьиэтигэр киллэрэн, уолга улахан ыстакаанынан чэй иhэртэ, ас тардаары гыммытын буолуммата. Дьиэттэн тахсалларыгар Миша: «Аны эн олорор сиргин биллэҕим, сылдьа үөрэнним да, атаҕым бэйэтэ да аҕала турара буолуо», – диэтэ.
– Оттон хайыаххыный… атаҕыҥ аҕаллаҕына, баҕар, сылдьаар, – кыыс, күлэ-күлэ, хардарда.
Ол эрээри балаҕан ыйын устатыгар Миша Отуукап биирдэ даҕаны көстүбэтэ. Оттон Нина Николаевна хайдах эрэ иhигэр кэтэhэ сылдьар, бу тиийэн кэлиэ диэн саныыр буолан хаалла.
БЭҺИС БАҺА
Өрөспүүбүлүкэтээҕи физика-ахсаан оскуолатын тохсус кылааhын үөрэнээччилэрэ, арахсыспат атастыылар Степа Таскин уонна Илья Бояров биир субуота киэhэ Сэргэлээх иккититтэн Петр Алексеев аатынан уулуссаҕа медицинскэй училище уопсай дьиэтигэр буолар дискотекаҕа бардылар. Ол иннинэ Степа Күннэйтэн дискотекаҕа эҥин атын ыччаттары букатын киллэрбэттэрин туhунан истибитэ. Ол да буоллар уолаттар, санаалара батарбакка, син биир тиийбиттэрэ эрэ баар буолбута.
Көрүдүөргэ киириигэ тимир эрэhиэҥкэ быыс нөҥүө дабыталларыгар кыhыл таҥастаах кыргыттар бөлүөхсэн тураллар. Аан хоско уол-кыыс бөҕөтө мустубут. Иhирдьэ ыраах музыка тыаhа быысталы биэрбэккэ тиҥийэр.
Степа манна үhүс төгүлүн сылдьар, билэр киhи быhыытынан, ыччаттар быыстарынан көрүдүөр ааныгар дьулуруйан тиийдэ. Манна үнүргү сырыытыгар Күннэйи билэр кыыс түбэhэн, уhуннук кэтэhиннэрэ барбакка, ыҥыра охсон аҕалбыта. Онно бу аан аттыгар туран, биир ыйтан ордук хонукка ыраах-ыраах тэйсэн сылдьыбыт дьон, кылгастык даҕаны буоллар, сүрдээх истиҥник сэhэргэспиттэрэ. Күннэй сопхуоска хортуоппуй хостооhунугар үлэлээн-хамсаан, салгыҥҥа сылдьан буhуурҕаан, хайдах эрэ өссө улааппыт уонна арыый аҕай эт туппут курдуга. Арахсалларыгар Күннэй таhырдьа тахсыhан, үрдүк кирилиэскэ туран атаарбыта. Онно кини «куоракка сэрэнэ сырыт, хараҥаҕа соҕотоҕун кэлбэт буол» диэн сүбэлии хаалбыта… – Күннэй Сивцеваны ыҥырыҥ эрэ! Күннэйи, Күннэйи! – диэн кыргыттар хаhыытаhаллара көрүдүөр түгэҕин диэки ыраата турда.
Чочумча буолан баран, Күннэй илэ бэйэтинэн бу көтөн‑мөҕөн тиийэн кэллэ. Хоhугар соҕотоҕун кинигэ ааҕа, ханна да тахсыбакка сыппыт эбит.
– Эhигини бачча хойут кэлиэхтэрэ дии санаабатаҕым ээ, – дии-дии, иккиэннэрин кытта илии тутуhан дорооболосто.
Аан хоско атын сиртэн кэлбит уолаттар өссө элбээтилэр. Сорохтор эмиэ билэр кыргыттарын ыҥыртаран ылаллар. Көрүдүөр тимир эрэhиэҥкэ аана аhыллан-сабыллан олуона улаханнык тыаhыыр.
– Ити биhиэхэ дискотека бөҕөтө буола турар да, мин онно сылдьар санаам суох этэ… Арай эhиги киирэргитин көҥүллүүллэрэ буоллар, – Күннэй икки аҥыы гына өрүммүт уп-уhун суhуоҕун төбөлөрүн холбуу тута-тута, көрүдүөргэ киириигэ иhирдьэ турар, илиилэригэр кыhыл таҥастаах кыргыттар диэки хараҕын быраҕан ылла, – Бэйи, мин бараммын көрдөhөн көрүүм эрэ.
Күннэй инньэ диэт, ыччаттар быыстарынан ол диэки курбачыс гынан хаалла. Балачча буолан баран, төннөн кэлэн: «Сатаммат эбит, кыргыттар бэйэлэрэ син көҥүллүө эбиттэр даҕаны, дьуhуурунай иитээччилэртэн куттаналлар. Хайа уонна биири көҥүллээтиҥ да, манна турар ыччаты барытын киллэриэххин наада дэhэллэр», – диэтэ.
– Оо, куhаҕан эбит! – Степа иhиллэр гына өрө тыынна.
Таhырдьаттан лаппычах дүлүҥ курдук, намыhах уҥуохтаах түөрт-биэс уол, бэйэ-бэйэлэрин кытта кырдьык-сымыйа икки ардынан тардыалаhан-анньыалаhан, кинилэр аҕай буолан тоҕо анньан киирдилэр. Арыгы иhэн кэлбиттэрин, холуочуктарын кистиэхтээҕэр собус-соруйан көрдөрө, биллэрэ сатыыр курдуктар.
– Эй, Жора-а, биhиги бу ханна кэллибит? Бу ханнык общаганый? Где я?
– Бу «Кобылий двор» диэн. Сахалыыта биэлэр тиэргэннэрэ, биэлэр титииктэрэ диэн.
– О-hо, үчүгэй эбит!.. Дьэ, билигин биир эмэ эрэйдээҕи тардыахпыт, – муус маҥан саал былааттаах, тирии сонноох, «дьуос» баттахтаах уол, икки өттүнэн дьалкыччы хааман, ыччаттар быыстарынан көрүдүөр эрэhиэҥкэ ааныгар тиийэн бокуойа суох тардыалаан лиhиргэппитинэн барда.
– Эн кимиэхэ кэллиҥ? Туох наадалааххын? Тоҕо ааны тардыалыыгын, тохтоо? Тохтоо! – иhирдьэттэн дьуhуурунай кыргыттар саҥалара кутаалана түстэ.
– Кимиэхэ даа?.. Суох, оттон мин эhиэхэ барыгытыгар кэллэҕим дии! Оннук сатаммат дуо? Эhиэхэ кэллим да, киириэхтээхпин. Онон бүтэр!
– Кими даҕаны киллэрбэппит, суох-суох!.. Өссө итирик кэлэ-кэлэҕит!
– Һы, ол мин бэйэм дьыалам… Сэбиэскэй киhи ханна баҕарар сылдьара көҥүлэ эбээт! Ону эhиги тоҕо туормастаhаҕыт? – уол ааны өссө күүскэ тардыалаан лигиргэттэ. – Кыысчаан, мин… мин эйиэхэ кэлбитим ээ, эн бэйэҥ ыҥырбытыҥ дии!
– Сымыйалаама! Мин эйигин билбэппин уонна билиэхпин да баҕарбаппын!
– Өссө айдаарар, тохтообот буоллаххына сибилигин милииссийэни ыҥырыахпыт. Эйиэхэ оннук наада дуо? – Иккис кыыс өссө утары кимэн истэ.
– Ром, аа, Ром! Кэбис, наhаалаама… чы-хаал диэ кинилэри! Дальше бардыбыт… – Жора диэн ыҥырыллыбыт уол киhитин сонун сиэҕиттэн тардыалаата. – Манна приветлибэйдэрэ суоҕа бэрт эбит. Более-менее уютнай миэстэни булуохпут.
Атын уолаттар эмиэ киhилэрин ааттаатылар.
– Ну, ладно, баҕар, буоллун даҕаны… кырдьык, атын үчүгэй сиргэ барыахпыт, – диэт, «дьуос» баттахтаах уол тимир ааны өссө биирдэ ытыhынан охсон лас гыннарда уонна саннын дараччы туттан бытааннык эргилиннэ.
Ол уолаттар киирбиттэрин курдук, тоҕо ааллаан, силбиэтэнэ силэйэн, тахсан бардылар.
– Хайа, биhиги манна бу курдук, кыбыллан турабыт дуо? Ханна эмэ хаампаппыт дуо? – Күннэй муус-маҥан, нарын тарбахтарын төбөлөрүнэн уолаттары санныларыттан таарыйан ылла.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт-бардыбыт! – Илья, курбачыс гынан, бачыыҥкалаах атаҕын биирдэ «лас» гына үктээтэ.
– Саатар, «Центральнайга» киинэҕэ барыаххайыҥ, – диэн Степа эбэн биэрдэ.
– Оччоҕо мин таҥнан манна сотору тахсыаҕым… Ээ, арба даҕаны, уолаттаар, маннык баар – хоско бииргэ олорор дьүөгэбин барыс диибин дуо? Настя Максимова диэн сүрдээх сэмэй, үчүгэй баҕайы кыыс. Бэйэтэ Бороҕон.
– Өссө үчүгэй, өссө табыллар буоллаҕа дии! – Степа ытыhынан Ильяны санныгар оҕуста.
– Оо, Айыым Таҥарам, абыраа! – Илья кириэстэммитэ буолан сапсыммахтаата.
Уолаттар күүппүт санааларыгар уhун баҕайытык истиэнэҕэ өйөнөн турдулар. Иhирдьэттэн музыка тыаhа тохтоло суох иhиллэр. Көрүдүөр аанынан училище кыргыттара төттөрү-таары элэстэнэн, хобулуктарын тыастара тоhугураhаллар.
– Дьэ, бу биhиги кэл-ли-биит! – диэбитинэн Күннэй хап-хара халтан сонугар муус-маҥан баайыы бэргэhэлээх, эмиэ оннук саал былааттаах бу тахсан кэллэ.
Кэнниттэн киниттэн арыый намыhах уҥуохтаах, төп‑төгүрүк эттээх сирэйдээх, хойуу хаастаах дьүөгэтэ кыыс, сэрэммит курдук, тэйиччи соҕус турунан кэбистэ.
– Бу мин подругам… билсиhэн кэбиhиҥ, – Күннэй дьүөгэтин илиитинэн хаба тардан чугаhатта.
– Степа диэммин.
– Мин – Ылдьаабын.
– Настя диэммин, – диэн симик саҥа иhилиннэ.
– Чэ, уонна сыыйа-баайа кэпсэтэн, билсиhэн иhиэхпит буоллаҕа дии, – Күннэй бастаан, ыччаттар быыстарынан таhырдьа диэки дьулуруйда.
Таhырдьа тахсыбыттара – хараҥа халлаан аргыый аҕай хаардаан намылыта турар. Сүрдээх намыын, ичигэс, нуhараҥ киэhэ буолбут. Ол эрээри куорат обургу тыаhа-ууhа, өрүскэ сааскы көмүөл мууhа устарын курдук, биир күрүс куугунуу, ньириhийэ турар. Уулусса лаампатын сырдыгар ньуолах түү курдук хаар хойуутук тэлээрэ түhэрэ хайдах эрэ уратытык, дьиктитик көстөр.
– Уой, үчүгэй даҕаныы! – Күннэй икки илиитин өрө уунан, халлаан диэки хантайан турда.
– Автобустанабыт дуу? Сатыылыахпытын ырааҕа бэрт буоллаҕа, – диэтэ Степа, уулусса хоту өттүн диэки одуулаhа-одуулаhа.
– Анарааҥҥы тохтобулга бардыбыт, – Күннэй дьүөгэтин хонноҕун анныттан ылла. – Илья-аа! Дьэ, ухаживайдыыр үлэҕин умнума эрэ! Киhини скучаайдата сылдьаайаҕыный?
– Тыый, туох диир тылгыный, барытын билэбин, үчүгэйдик өйдүүбүн, – Илья хап-сабар Настя аттыгар баар буола түhэн, сэргэстэhэ хаамсан истэ.
– Хайыыбын? Хаар туhунан хоhоон ааҕарым дуу? Эбэтэр ырыа ыллыырым дуу?.. Ээ, кэбис, ити ыллыыбын диэн киhиргээн кэбиhээхтээтим. Мин куолаhым диэн халҕан хаахыныырын курдук буоллаҕа эбээт! Баҕар, онтон арыый ордуга дуу?
Лермонтов аатынан уулуссанан массыына сырыыта арыый аҕай уҕараабыкка дылы. Бэhис нүөмэрдээх оптуобус уhуннук күүттэрэн баран кэллэ. «Киин» кинотеатрга тиийбиттэрэ – киэhээҥҥи сеанстарга хайатыгар даҕаны билиэт суох буолан биэрдэ. Онон кинотеатр иннигэр турбахтаан баран, Ленин проспегынан аа-дьуо төнүннүлэр.
– Хата, доҕоттоор, Сэргэлээххэ барбаппыт дуо? – диэтэ Степа соhуччу, биир нүөмэрдээх оптуобус ааhан эрэрин көрөн. – Онно баҕас бэйэбит тэлгэhэбит буоллаҕа дии!
– Кэбиис, билигин чаас ырааттаҕа. Биhиги хойутаатахпытына аны уопсайбытыгар киллэриэхтэрэ суоҕа ээ, – Күннэй ыраас куолаhа намыыннык лыҥкынаата.
Халлаан биир кэмник хаардаан намылыта турда. Ичигэhэ, нуhараҥа үчүгэйэ сүрдээх! Киhи бу маннык сырыттар сылдьыан, аа-дьуо хаама туруон курдук. Күннэй бу түгэҥҥэ – кыстык хаар хара сири маҥхата үллүктүү турдаҕына, эмиэ төрөөбүт-үөскээбит, кыра оҕо сааhын атаарбыт, бэйэлээтэр бэйэлээх төрүт дойдутун Томмотун, хайдах эрэ эмискэ тэhэ астаран, аhара сып-сытыытык санаан-ахтан кэллэ. Ахта санаата кинилэр Алдан өрүс эмпэрэ кытылын үрдүгэр турар хаптаhын олбуордаах, эргэ дьиэлэрин тэлгэhэтин маҥнайгы хаар муус-маҥан суорҕанынан сып-сымнаҕастык сабарын, саҥа хаардаах сарсыарда чэгиэн-чэбдик салгына дьиктитик сайа биэрэрин. Ахта санаабыта хойуу, көп киистэлээх лабаалардаах бэс чагданан хайыhардыырын, аттыларынааҕы кумах томтортон кыракый, тэҥ саастаахтар мустан салаасканан, ардыгар көннөрү хаптаhыҥҥа олорон баран элээрдэн түhэллэрин, уу кутан оҥоhуллубут катокка атахтара ыалдьыар диэри хаҥкылыылларын. Аҕынна Алдан өрүс аҥаат-муҥаат урсунун, кый ыраахха диэри көҕөрө тунааран тумарыктыйа көстөр хос-хос мэҥэhик хайаларын… Бэйэ төрүт дойдута эн ханна даҕаны уонна ханнык даҕаны үтүө сиргэ-уокка сырыттаргын хаhан баҕарар эйигин тарда, ыраахтан ыҥыра сылдьар буолар эбит!.. Оо, онно аҕата баар эрдэҕинэ, олус даҕаны үчүгэйдик, дьоллоохтук олорбуттара!..
Күннэй ол киэhэни быhа боруҥуй хосторугар уhуннук уута кэлбэккэ сытан, наар дойдутун Томмоту, Алданы, онно баар дьүөгэлэрин, доҕотторун, аймахтарын санаан таҕыста. Устунан оhолго өлбүт аҕатын санаан, эмиэ хайдах эрэ ис-иhиттэн кэбирээн, суорҕанын иhигэр сыҥсыйан ытаан барда. Ол курдук, туох баар кута-сүрэ, өйө-санаата бүтүннүүтэ төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар курдаттыы таттаран сытан, түүн букатын хойут утуйда.
Арай өрөбүл сарсыарда дуоhуйуор диэри утуйан, наҕылыччы туран иккис этээс түннүгүнэн таhырдьаны – куорат намыhах мас дьиэлэрэ-уоттара, хонуулар, аппалар кылбаа маҥан хаарынан сабыллыбыттарын көрөөт, сүрэҕэр-быарыгар букатын саҥа, сонун, ураты иэйии хайдах эрэ дьиктитик кутуллан киирдэ. Сонно төрөөбүт дойдутун олус күүскэ, дьиҥнээхтик таптыырын уонна ахтарын туhунан, бу кэрэ бэйэлээх маҥнайгы хаар туhунан хоhоон тылынан хоhуйуон, ис санаатын таhыгар таhаарыан эмискэ баҕаран кэллэ. Сонно түннүгүнэн халлаан илиҥҥи саҕаҕыттан тэмтэйэ ойбут күнү, кылбаарыйан сытар кыстык хаары одуулаhа-одуулаhа, бу курдук диэн ботугураан барда:
Маҥан хаар, маҥан хаар,
Маҥнайгы мааны хаар,
Мин дойдум ыраах баар,
Мин төрүт Томмотум.
Алыс да аҕынным
Алданым кытылын…
Көрүөхпүн баҕардым
Көҕөрөр урсунун!
Итинник сааhыламмыт хоhоон тылларын кини толкуйдаан, оҥоро, аттара сатаан буолбакка, кута-сүрэ, өйө-санаата хайдах эрэ бүтүннүүтэ дьиктитик аhыллан, бэлэм чочуллубут тыллар хантан эрэ үөhэттэн түhэн кэлэргэ дылылар. Ол курдук эттиин-хаанныын ис-иhиттэн чэпчээн, өрө көтөҕүллэн, өссө даҕаны хос-хос ботугуруу түннүккэ уhуннук турда.
– Хайа-а, Күннээй, тугу ботугуруугун? Таҥараҕа үҥэҕин дуу? – муннукка турар оронтон Зоя Терехова ыйытта.
– Эс, бэйэм… хоhоон ааҕабын… Пушкин киэниттэн, – дии-дии, Күннэй, түннүктэн тэйэн, оронун таҥаhын хомуйбутунан барда.
Ол турдаҕына хараҕар сып-сырдык маҥан хаар, ып-ыраас киэҥ халлаан, кый ыраахха диэри көҕөрө тунааран, тумарыктыйан көстөр мэҥэhик хайалардаах Алданын өрүhэ, оҕо сааhын атаарбыт бэйэтин дьиэтэ-уота, аан маҥнай суумка сүгэн боруогун атыллаабыт оскуолата… бу баар курдук элэҥнээн көстөллөр. Аны хоhоонум тылларын умнан кэбиhиэм диэн куттана санаан, бастакыттан уоhун иhигэр ботугураан ааҕан көрдө.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?