Электронная библиотека » Николай Аржаков » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 21:41


Автор книги: Николай Аржаков


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 9 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Биттики сайылык былыргытыттан

Саха сиригэр нуучча хаһаактара Дьокуускай остуруогун кэнниттэн иккис остуруогу 1634 сыллаахха билиҥҥи Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгин сиригэр баар Биттики диэн алааска туруорбуттара. Нуучча биллиилээх суруйааччыта В.Г. Короленко Саха сиригэр сыылкаҕа олорор кэмигэр элбэх үһүйээҥҥэ, кэпсээҥҥэ киирбит Болугур аатырбыт боотура Омоллоон (дьаһаах суругар киирбитинэн – князец Омолдон Гуликанов) туһунан «Омоллон» диэн кэпсээни суруйан хаалларбыта. Бу айымньыга көстөрүнэн, В.Г. Короленко [13] Биттики остуруогун Омоллоон аатын кытта ыкса сибээстээбитэ ырылыччы көстөр. Кэпсээнин суруйарыгар бу Биттики алааска бэйэтэ кэлэн, остуруогу уу хараҕынан көрбүт, сиһилии хайдах тутуллубутун суруйбут уонна өссө «уруһуйдаабытым» диэбит. В.Г. Короленко кэпсээниттэн көрдөххө, бу остуруок икки мэндиэмэннээх. Маҥнайгы мэндиэмэн үрдүгэр, арсыын саҕа быгарын курдук оҥорон баран, иккис мэндиэмэни туппуттар. Эркинин уонна мэндиэмэнин аайы иккилии чуолҕаннаах, барыта – уон алта. Ону таһынан историческай матырыйааллары үөрэппитэ көстөр: болугурдар өрө турбуттарын хаһаактар хайдах хам баттаабыттарын ахтыбыт. Кини билэр үөрэхтээх киһитэ болугурдары хам баттаабыт хаһаак дэһээтинньигин үҥсүүтүттэн аахпытым диэбитин суруйбут: «Балагурские якуты приведены в покорность», причем «побито их без числа, а начальник со всем семейством, будучи заперт в юрте, сожжен живым». Оччолорго болугурдар сирдэрэ Амма уонна Таатта икки ардыгар билиҥҥи Амма Болугуруттан бу Биттики алааска диэри хабан сытара. Онон бу сирдэринэн Омоллоон Боотур, бэйэтин бас билэр сирдэрэ буолан, элбэхтэ сылдьыбыт, кэлбит-барбыт буолуон сөп. Кини аҕата Боло Күлүкээн (дьаһаах суругар киирбитинэн – князец Гуликан Булкаков) Сутуруолаах диэн Хонду уонна Таатта икки ардыгар баар улахан алааска байан-тайан олорбута. Бу икки алаас чугас-чугас сыталлар, икки ардылара уонча биэрэстэ.

Бу остуруок хаһан тутуллубутун туһунан 2007 c. «Феория» издательство Москубаҕа таһаарбыт «Якутия: историко-культурный атлас» диэн кинигэтин 194 сирэйиттэн маннык ааҕыахха сөп [17]: «…Обстановка накалилась 1634 г. Служилые люди во главе с атаманом И. Галкиным жестокостью и вымогательством спровоцировали вооруженное выступление. Улусные жители собрались в Намском улусе с намерением выступить против Галкина. Узнав об этом он первым навязал бой, однако казакам и промышленникам пришлось отступить. Осада острога началась 9 января и продолжалась до 28 февраля. Конец наступил из-за раздоров между осаждающими, особенно кангаласскими и борогонскими. Сразу же после этого атаман Галкин учинил погромы во всех центральных улусах. Действуя в центральных улусах атаман «заботился» и о «дальних» землицах. В том же 1634 году отряд во главе Федором Чуркиным был послан на Алдан к катылинскому князцу Даваня и эвенкам. Отряду удалось поставить острожок «середь Катулинскому роду…» Манна этиллибит Даваня кинээс, дьаһаах суругар киирбитинэн, Боло Күлүкээн бииргэ төрөөбүт инитэ. Онон кини – хатылылар буолбакка, болугурдар кинээстэрэ. Даваня, бука, хатылылары кытта быысаһа сытар Биттикигэ олорбут буолуон сөп. Онон хаһаактар бэйэлэрин суруктарыгар «середь Катулинскому роду» диэн алҕас суруйбуттар.

Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын – былыргы сэһэннэри уонна кэпсээннэри хомуйбут Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло «Сүдү төрүттэрбит олохторуттан» диэн кинигэтигэр Илья Дьячковскай «Үөр ампаара» диэн кэпсээнин киллэрбитэ [7]. Кэпсээнтэн көстөрүнэн, бу остуруок-ампаар Биттики алааска турбут. Түннүгэ-үөлэһэ суох, икки мэндиэмэннээх. Аллараа мэндиэмэнэ илиҥҥилии-cоҕуруу диэки ааннаах. Бу ампаарга былыргыттан үөр хааллыбыт туос түктүйэ баара үһү. Онно сахалар аһыылаах киһилэрэ, оҕолоро өллөҕүнэ, ойууҥҥа кыырдаран, өлбүт киһи кутун хаайтараллара үһү. Бу ампаар хаһан тутуллубутун манна төрүт-уус олохтоох Байбал, Ньукулай, Ыстапаан Ардьакыаптар бэйэлэрэ уонна төрүттэрэ Адам (1796 с. төрөөбүт) даҕаны билбэттэрэ эбитэ үһү. Кэлин ол ампаары «иччитэ-абааһыта бэрт, суол кытыытыгар турар, онон оҕо-уруу, кэлээччи-барааччы куттанар» диэн абааһы көрөн, Аньыыс диэн хаамаайы нууччаҕа этэн, уоттатан кэбиһэллэр.

Дьэ, ол иһин олус дьиктиргээн, 2008 c. сайыныттан Биттикигэ мин Хатылыга олорор инибин Семен Аржакову кытта остуруок турбут миэстэтин көрдөөн барбыппыт. Маҥнай алаас соҕуруу өттүгэр, Өлөксөөндүр булуҥун диэки, кырдал сиргэ былыргы өтөхтөр омоонноро баар сирин чинчийбиппит. Ол түмүгэр, улахан баҕайы балаҕан турбут омоонуттан дьэс (алтан) иһит күүстээх уокка ууллан тооромос буолбутун буллубут. Ону кытта умайбыт мас чохторо көһүннүлэр. Арааһа 1642 сыллаахха болугурдар өрө турууларын, В.Г. Короленко суруйбутун курдук, хаһаактар манна хам баттаабыттар быһыылаах. Бу өтөхтөр оннулара оччолорго уоттаммыт балаҕаннар оннулара буолуон сөп.

Бу кэнниттэн соҕуруу куула тыа саҕатыгар былыргы Кыыл Баһыгар тахсар суол диэки дьикти баҕайы быһыылаах, эмиэ даҕаны модьоҕо буор кутуулаах, эмиэ даҕаны тигээйи уйатын курдук элбэх оҥкучах омоонноох өтөхтөр оннуларын булан олору чинчийдибит. Ол таһын чинчийэ сылдьан, аны уулларыллыбыт тимир руда сааҕын тооромоһун булан, олус муодарҕыы санаатыбыт. Хантан кэлбит тооромос эбитэ буолла? Хантан эрэ аҕалан бырахтылар дуу, манна тимир уһаара сылдьыбыттара дуу?

Көрдөөһүн туох да түмүгү биэрбэтэ. Остуруок тура сылдьыбыт сибикитэ ханна да биллибэт. Дьэ, онтон арай биирдэ оппут үлэтин кэнниттэн, дэриэбинэҕэ киирэн иһэн, суол кытыытынааҕы өтөх дьааматын көрө түһэн, тохтоон, сиһилии көрдүбүт. Чинчийэн көрбүппүт, уот сиэн кэриэрдибит баҕаналарын төбөлөрө быган тураллара. Бу өтөх онно остуруок тутарга саамай тоҕоостоох сир курдук, Биттики алааска Аарахтан киирэр кыбычыыҥҥа – суол кытыытыгар баар. Былыр, бука, бу суол Амма уонна Таатта икки ардыгар сылдьыһарга улахан суолталаах эбитэ буолуо – Тааттаттан саҕалаан Биттикинэн, Кыыл Баһынан, Баһылай Алааһынан Амма Сулҕаччытыгар тиийэр. Бу өтөх онно В. Короленко уонна И. Дьячковскай кэпсээннэригэр остуруок турар сирин ойуулаабыттарыгар ордук сөп түбэһэр курдук. Ол иһин бу өтөх оннун сиһилии чинчийэргэ быһаарынныбыт. Чинчийиибит түмүктээх буолла уонна манна остуруок турбут эбит диэн сабаҕалыыр кыахтанныбыт. Ол курдук, мантан былыргы уустар оҥорбут тимир тоһоҕолорун, алтан иһит эмтэркэйин булуталаатыбыт уонна сирэйигэр былыргы руна суруктаах () алтан биһилэҕи буллубут.

Руна сурук туһунан кылгастык ахтан аһардахха маннык. Ордук элбэхтик руна суруктар былыргы түүрдэр түөлбэлээн олорбут сирдэригэр Алтай хайаларынан, Орхон уонна Енисей өрүстэргэ VI-VIII үйэлэргэ өйдөбүнньүк мэҥэ таастарга уонна хайаларга суруллан хаалбыттар. Ол иһин Орхон уонна Енисей руна суруктара диэн киһи-аймахха биллэллэр. Орхон уонна Енисей руна суруктарын ааҕыынан араас дойду учуонайдара дьарыктаммыттара даҕаны бэйэлэрин кистэлэҥнэрин баччааҥҥа диэри толору аһа иликтэр. Руна суруктары ааҕыынан сахалартан маҥнай Г.В. Ксенофонтов дьарыктаммыта. Кини 1933 сыллаахха Иркутскай куорат музейыгар баар икки руна суруктаах малы үөрэтэн баран, бу суруктар сахалыы суруллубуттар диэн ыстатыйа таһаарбыта. Өлүөнэ өрүс очуостарыгар көстүбүт руна суруктары 1941 сыллаахха сиһилии үөрэтэн уонна Орхон, Енисей руна суруктарыгар атылыы тутан И.И. Барашков «Среднеленские наскальные надписи» диэн үлэтин суруйбута. Кэлиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сирин араас муннуктарыгар руна суруктар мастарга, тутууларга, малларга, киэргэллэргэ суруллубуттара көһүннүлэр. Г.В. Ксенофонтов руналар сахалыы ааҕыллаллар диэбитин салгыы сайыннаран, А.И. Кривошапкин – Айыҥа руналар дорҕоон бэлиэлэрэ буолбатахтар, саха тылын сүһүөхтэрин бэлиэлэрэ (силлабарийдар) диэн 2008 сылга «Наследие предков» диэн кинигэтин таһаарбыта. Ити курдук хаһан эрэ быралыйар былыргыга сүдү төрүттэрбит Омоҕой баай уонна Эллэй Боотур, номоххо кэпсэниллэринии, сүтэрбит суруктарын-бичиктэрин сөргүтэн үөрэтии түмүктэрэ буоллаҕа.

Кэлин куоракка киирэн баран, А. Кривошапкин – Айыҥа [14] уонна Н. Антонов [5] кинигэлэриттэн рунаны хайдах ааҕалларын билсэн баран тойонноотоххо, биһилэх суруга – мэ, – һэрии диэн ааҕыллар курдук. Онон, бука, бу биһилэх болугурдар боотурдарын тойонун тамгата (бэлиэтэ) буолуон сөп курдук. Историяҕа биллэринэн, болугурдар уонна хатылылар өрө турууларын хам баттаан баран, Үөчэй баайы уонна Чоху Гуликанов диэн Омоллоон инитин Дьокуускай остуруогар киллэрэн, барыта 23 кинээһи ыйаан өлөрбүттэрэ биллэр. Онтон сиэттэрдэххэ, бу биһилэх ол Чоху Гуликанов биһилэҕэ эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Биһилэх иитин аллараа өттө иһин диэки токуруйуулаах. Ол – биһилэҕи тарбахтан хара күүһүнэн хам тутан баран, сулбу тардан ылан бырахпыттар диэн санааны үөскэтэр. Хаһаактар Чоху Гуликановы тутан аҕалан баран, остуруок аттыгар чыынын-хаанын устуу сиэрин-туомун оҥорбуттар бадахтаах.

Кырдал түгэҕиттэн түөрт кырыылаах сыыйыы тимиринэн оҥоһуллубут луом көһүннэ. Сытар дириҥиттэн сабаҕалаатахха (сүүрбэччэ см), били тимир саахтарын кытта биир дириҥҥэ сытар. Тугуй бу, хантан кэлбит луомуй, нуучча хаһаактарын мас бөҕөргөтүүлэрин алдьатарга туттар тэриллэрэ дуу? Эбэтэр ааспыт үйэҕэ хайа эрэ холкуос тырахтарыыһа анаан-минээн буору хаһан кистээбит луома дуу?

«Саха сирэ» хаһыат 2009 сыл от ыйын 23 күнүнээҕи нүөмэригэр «Бичиктээх биһилэх уонна суруктаах холбуйа» диэн ыстатыйаҕа [2] Дьааҥыттан көстүбүт руна суруктаах үрүҥ көмүс биһилэх туһунан суруллубута. Бу биһилэх биһиги Биттикиттэн булбут руна суруктаах алтан биһилэхпитигэр олус майгынныыр буолан биэрдэ.

Биллэрин курдук, руна хаҥастан уҥа диэки ааҕыллар. Оччотугар маҥнайгы руна бу икки биһилэххэ биирдик суруллубут буолан тахсар. Бу руна А. Кривошапкин – Айыҥа ньыматынан аахтахха «мэ» диэн буолар. Биһиги булбут биһилэхпит иккис рунатын Айыҥа ньыматынан «һэрии» диэн ааҕыахха сөп. Оччотугар ким эрэ кими эрэ боотурдар тойоннорунан анаабыт тамгата (бэлиэтэ) буолуон сөп диэн сабаҕалаан суруйан турабын. Онтон Дьааҥыттан көстүбүт биһилэх иккис руната «үҥ» диэн, үсүһэ «күүс» диэн буолар курдук. Эбэтэр кими эрэ үҥэр тойонугар (холобур, кинээһигэр) анаабыт тамгата дуу? Бу икки биһилэх оҥоһуллубут матырыйааллара балаһыанньаларыгар эмиэ сөп түбэһэр курдук. Кинээс тамгата – үрүҥ көмүс, оттон боотурдар тойоннорун тамгата – алтан. Өскөтүн маннык сабаҕалааһын сөп буолар түгэнигэр, инникитин маннык руна суруктаах биһилэхтэр Саха сирин атын да улуустарыгар өссө да көстүөхтэрин сөп дии саныыбын. Онон руна суруктар бу көстүбүт биһилэхтэргэ киэргэл эрэ курдук оҥоһуллубатахтар, төттөрүтүн, балар бэлиэ (тамга) буолаллара ырылхайдык көстөр. Оччотугар «маннык аналлаах бэлиэ биһилэхтэри ким-туох соруктаах оҥорон анаталаан тарҕаппытай?» диэн ыйытык үөскээн тахсар. Биллэрин курдук, оччолорго саха «ыраахтааҕытынан» ааттаммыт Дыгын Дархан кэмэ этэ. Н. Антонов [5] кинигэтигэр «тэгин» былыргы түүрдүү «хаҕан уола» – принц диэн, оттон «тархан» – түһээни (нолуогу) тарҕатааччы, хомуйааччы диэн быһааран турар. Номохторго кэпсэнэринэн, Дыгын Дархан улуустары барыларын кэрийэн сэриилиир уонна күүстээх боотурдары кытта күөн былдьаһар. Мин санаабар, сэриилиир айаннарын сүрүн соруга күөн былдьаһыы эрэ буолбакка, улуустартан түһээн хомуйуу эбитэ буолуо. Бу руна суруктаах биһилэхтэр Дыгын Дархан улуустарга былааһын олохтоон баран, анаталаабыт тойотторун бэлиэ биһилэхтэрэ буолуохтарын сөп. Оччотугар Дыгын Дарханы саха «ыраахтааҕыта» диэн ааттабыттара мээнэҕэ буолбакка, суолтатыгар толору эппиэттиир буолан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, хаһаактар кэлиэхтэрин инниттэн Саха сиригэр улуустарга дьаһаах хомуйар кинээс былааһын уонна ону араҥаччылыыр боотурдар сэриилэрин Дыгын Дархан олохтообут диэххэ сөп.

Тулагы Киллэмҥэ баар Суптуҥа аҕатын ууһун олохторуттан өссө биир дьикти ойуулаах үрүҥ көмүс биһилэх көстүбүтэ. Бу биһилэх ис диаметра кыра – 18,5 мм курдук. Онон сылыктаатахха, дьахтар тарбаҕар аналлаах, эр киһиэхэ ылгын чыҥыйыгар эрэ сөп түбэһииһи. Биһилэххэ үс ойуу оҥо хаһыллыбыт. Уҥа диэкиттэн бастакы ойуу руна буолара саарбаҕа суох. А.И. Кривошапкин-Айыҥа [14] үлэтигэр бу рунаны «үүн», нууччалыыта «расти» диэн ааҕан турар. Оннуга да сөп курдук, тоҕо диэтэххэ, саҥа үүнэн эрэр ыйга майгынныыр. Хаҥас диэки ойуу, Интэриниэт ситимигэр баар Б. Ринчен үлэтиттэн көрдөххө, былыргы монгуоллар тамгаларыгар баар ойууга майгынныыр уонна тоҕо эрэ сахалар миинэр миҥэлэрэ Дьөһөгөй оҕотун (сылгы) төбөтүн мөссүөнүн санатар. Ортоку ойууга майгынныыры кыайан булбатым, баҕар «» майгынныыр рунаны эбэтэр тамганы сытыары хаспыттара буолуо дуо? Интэриниэккэ хакаастар итинник рунаны «соулу» диэн ааттаах күн күүһүн бэлиэтиир ис хоһоонноох руна диэн суруйбуттар. Кэлин бу руна латыынныы «S» буукубаҕа кубулуйбут. Мантан көстөрүнэн, былыргы сахалар биһилэх-тамгаларыгар ис хоһоонун өссө дириҥэтэн уонна чопчу биэрээри, кистэлэҥ күүстээх руна сурук бэлиэлэрин сэргэ былыргыттан илдьэ кэлбит тамга ойуулары дьүөрэлээн тутталлар эбит диэн түмүккэ кэллим уонна бу үс ойууну холбуур бүтэһиктээх тойоннооһунтан тардынным. Кэлин атын сиртэн бу биһилэххэ майгынныыр ойуулаах биһилэхтэр көһүннэхтэринэ, олору үөрэтэн, кэнэҕэски көлүөнэ чинчийээччилэр былыргы өбүгэлэрбит тамгаларын ойуута-бичигэ туох суолталааҕын арыйыахтара диэн эрэнэбин.

Чинчийиибит сүрүн соруга – Биттики алааска В.Г. Короленко «Омоллон» диэн кэпсээнигэр суруйбут уонна Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло «Үөр ампаара» диэн үһүйээнигэр ахтыбыт хаһаактара 1634 cыллаахха туппут остуруок-ампаардара ханан турбутун быһаарыы. Ол сорукпутун толордубут диэн санааҕа кэллибит. Биттикигэ Аарахтан киирэр кыбычыыҥҥа, суол кытыытыгар, били, руна суруктаах биһилэх булбут өтөхпүт оннун өссө төгүл сыныйан көрдүбүт. Бу сырыыга өтөх омоонун кырсын хаһан көрдөххө, сир аайы уот сиэн кытардыбыт буора, күл уонна чох балайда көстөллөр. Олор бу миэстэ умайбыт тутуу онно буоларын ырылыччы туоһулууллар.

Өр сыллаах көрдөөһүн кэмниэ кэнэҕэс дьоһуннаах булумньуну тосхойдо. Нуучча чулуу классик суруйааччыта В.Г. Короленко Биттики остуруок-ампаарын уруһуйа Саха судаарыстыбаннай художественнай музейын научнай үлэһитэ Зинаида Ивановна Филиппова көмөтүнэн көһүннэ. Остуруок-ампаары В.Г. Короленко соҕуруу өттүттэн уруһуйдаабыт. От иһин аана соҕуруу-илиҥҥи хайысха буолан көстөр. Миинэн кэлбит атын, бука, сарсыарда кэлэн күлүккэ, арҕаа диэки эркиҥҥэ, баайдаҕа. Остуруок-ампаар соҕуруу эркинэ күлүктэммитинэн тойонноотоххо, уруһуйун киэһэлик 6—7 саҕана бүтэрбит буолуохтаах. Ол курдук, бу уруһуйу В.Г. Короленко атын күлүккэ баайарын да умнан, күнү быһа уруһуйдаабыт курдук буолан тахсар.

Дьэ, маҥнайгы сылбытыгар ыыппыт чинчийиибит түмүктэрэ ити курдук буолла. Эһиилигэр бу чинчийиибитин салгыы ыытаары, дьоммор оттоһо таарыйа, Биттикигэ тахса сырыттым. Тоҕоос көстүбүччэ, ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар Аржаков Петр Федорович көҕүлээһининэн туруоруллубут «Комсомол 15 сыла» аатынан холкуос пааматынньыга суруга көстүбэт буолбутун саҥардан, тимиртэн мемориальнай дуоска оҥорон сыһыардыбыт.

Быйыл алаас соҕуруу өттүгэр Өлөксөөндүр Булуҥун диэки кырдалга баар өтөхтөр омооннорун, били, 1642 сыллаахха болугурдар өрө турууларын хаһаахтар хам баттаан баран, балаҕаннарын уоттаабыт сирдэрэ буолуон сөп диэн сабаҕалаабыт, алтан иһит ууллан тооромос буолбутун булбут сирбитин чинчийдибит. Бу сырыыга тыа саҕатыгар баар өтөх омоонун ортотуттан отучча см диаметрдаах тиит мас үүнэн тахсыбыт сирин таһыттан киһи харытын саҕа суоннаах силис анныттан балайда улахан, сутурук саҕа тимир болгуо көһүннэ. Ити өтөх омоонун тулатыттан барыта араас кээмэйдээх 6 тимир сааҕын (шлагы) буллубут. Саамай улахан тимир сааҕын кээмэйэ – 12 см. Тимир шлактара көстүбүттэринэн сылыктаатахха, арааһа, тимирдээх тааһы манна аҕалан уһаараллар эбит. Атын сиртэн бэлэм тимир болгуолары аҕалаллара эбитэ буоллар, тимир сааҕа суох буолуо этэ. Итинтэн көстөрүнэн, болугурдар бу Биттики алааска хаһаактар кэлиэхтэрин инниттэн тимири уһаарбыттар эбит. Били, былырыын көстүбүт тимир сааҕын тооромоһо атын сиртэн кэлбэтэх, манна уһаарыллыбыт буолуон сөп курдук.

Ити үөһэ ахтыллыбыкка олоҕуран сабаҕалаатахха, Биттикигэ тимири бэркэ уһаарар мындыр тимир уустар олоро сылдьыбыттар эбит. Артемьев Н.В. диэн Долуччу Болугурга төрөөбүт киһи ахтыытын М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ «Үһүйээннэр, номохтор» диэн 2006 c. тахсыбыт иккис кинигэтигэр маннык суруйар [10]: «Былыр саха уустара уҥуоргу хайатын анныттан тимир тааһы буланнар, уһаараннар, болгуо оҥороллор эбит. Ол гынан баран, арааһынай баһыанньык, сүгэ, хойгуо, быһах эҥин оҥороллор эбит».

Биттикиттэн былыргы саха ууһа иһэрдэн оҥорбут сүгэтэ көстүбүтэ. Тимири таптайан, сүгэ быһыытын таһаарбыттар уонна бүк тутан баран, биитинэн холбуу иһэрдибиттэр. Бу иһэрдэн оҥоһуллубут сүгэ Биттики уустара сатабыллаахтарын өссө төгүл туоһулуур. Сахалар былыр тимири иһэрдии курдук уустук ньыманы сатыыллара урут номоххо эрэ буоллаҕына, бу көстүбүт – халбаҥнаабат туоһу, билиҥҥи тылынан эттэххэ, артефакт буолар.

Саха быһаҕа хайдах этэй диэн мөккүөр куруутун буолааччы. Саха быһаҕын дириҥник үөрэппит С.В. Иванов-Тельены кытта «Улуу Кудаҥса» сыдьааннара диэн 2012 сыл ахсынньы ый 7-8 күннэригэр Чурапчыга ыытыллыбыт уустар фестивалларыгар көрсөн, санаа атастаспыппын аҕалар тоҕоостоох. Семен Викторовичка, түгэнинэн түбэһиннэрэн, бэйэм илдьэ сылдьар уонча былыргы быһахтарбын көрдөрдүм. Телье хас биирдии быһаҕы сирийэн көрдө. Саха быһаҕын быһыыта кылыс уһугун санатар, угуттан төбөтүн диэки синньээн тиийэн баран сытыы бүргэс курдук уһукка кубулуйар, сирэйигэр баар үөһээ хоруу курдук сирэйин иэнин барытын сабар диэн Телье кэпсээнин саҕалыыр. Оччотугар быһах чарааһыыр, ол иһин быһах охсорго кыра тимиртэн тэнитэ таптайан улахан быһаҕы охсуохха сөп. Хоруу курдук кэтит үөһээ быһах токуруйууга утарсарын улаатыннаран биэрэр. Быһах сытыы суптугур уһугунан маска, тириигэ араас үүттэри дөбөҥнүк дьөлөн оҥоруохха сөп. Хайа уонна суптугур уһуктаах быһаҕа суох хайдах кыракый түүлээх кыыллары тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, кииһи даҕаны сүлүөҥүй диир? Төгүрүк үүтү маска хаһарга табыгастаах буоллун диэн быһах уһугун ончоҕун кэтэх диэки кырыытын ылан кэбиһэллэр. Оччоҕуна быһах уһугун диэки өттө кэтэҕин иэнэ төгүрүктүҥү буолан, төгүрүк үүтү хаһарга ордук табыгастаах буолар. Ити курдук эбит өбүгэлэрбит уһун сылларга кэтээн көрүүлэрин түмүгэр айан таһаарбыт быһахтарын быһыыта-таһаата. Онтубут билиҥҥи кэмҥэ кэлэн умнуллар кутталланна. Билиҥҥи уустар охсор быһахтара кыра суолтатыгар эрэ үөстээх, быһыыта-таһаата кэтит, куукунаҕа туттуллар килиэп быһаҕыттан атына суох. Былыр уот суоҕар, чүмэчи, кыраһыын лаампата үөдүйэ илигинэ, өбүгэлэрбит тымтыгы уматан сырдатына сылдьыбыттара диэн Телье кэпсээнин салгыыр. Хараҥа хотоҥҥо ынах ыырга, балаҕаҥҥа көмүлүөк оһох уота умуллубун кэннэ күн аайы туттарга төһөлөөх элбэх тымтыгы уматыахха сөбүй? Ол иһин тымтык тыырар быһаҕы анаан-минээн оҥоттороллор этэ диэн кэпсиир Телье. Тымтык тыырар быһах кэтэҕин иэнин икки сирэйдээх гына оҥороллор эбит. Оччотугар тымтыгы тыырарга быһах батары киирэн кыбыллан хаалбат. Телье болҕомтотун биир кыра быһычча тарта. Бу дьикти баҕайы оҥоһуулаах, биитэ көбүс-көнө, ол оннугар уһугун диэки ончоҕо быһах биитин санатар токуруйуулаах. Туохха туттулларын сатаан быһаарбакка сылдьыбытым. Ону Телье сыркы быһычча диэтэ. Маннык быһыччанан түүлээх намчы тириитин быһычча уһугар баар токуруйуулаах ончоҕунан остуол сирэйинэн сүүрдэн, үөһэ диэки хайыспыт сытыы биитинэн тириини кэбэҕэстик тыыра анньан тэлэллэр үһү.

Хомус. Кыра эрдэхпинэ, ийэм Маайа дьүөгэлэрин кытта хомуска оонньоон, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһыгар кыттааччы. Ол хомуһун ылан, кэлин тыас таһаарарга үөрэммитим. Биирдэ тэлээбиидэнньэҕэ Дмитрий Дибров «До и после полуночи» диэн биэриитигэр тувалар хабарҕаларын ырыатын туһунан кэпсээтэ. Ону көрө олорон, Иван Гоголев «Хара кыталык» романыгар хос куолаһынан саҥарар Хабырыыһын өйдөөн кэллим. Хабарҕа ырыата сахаларга син эмиэ былыргы «аймахтарбытыгар» туваларга, алтай омуктарыгар, бүрээттэргэ, монгуолларга курдук былыр баара, арааһа, умнуллан, билигин тойукка туттуллар кылыһах ордон эрэ сылдьар быһыылаах. Хабарҕа ырыата, хомус даҕаны дьону турукка киллэрэр кистэлэҥ күүстээх быһыылаах. Хаста даҕаны истибит дьон «иэним кэдэҥнээн, куйахам күүрэн, этим сааһа аһыллан ылла…» диэн тураллар.

Хомус
 
Хомуһуннаах тыллаах
Этигэн хомус
Киһи аймах
Кутун-сүрүн
Доҕоро буолаҥҥын,
Алыптаах дорҕоонуҥ
Иэйиитэ
Сүрэх-быар
Ортотунан киирэн,
Үөрүүнү
Үллэстэн,
Сүргэни
Көтөҕүө.
 
 
Хомуһуннаах тыллаах
Этигэн хомус
Киһи аймах
Кутун-сүрүн
Доҕоро буолаҥҥын,
Алыптаах дорҕоонуҥ
Иэйиитэ
Сүрэх-быар
Ортотунан киирэн,
Санаарҕабылы
Сымнатан,
Санааны
Сылаанньытыа.
 
 
Хомуһуннаах тыллаах
Этигэн хомус
Киһи аймах
Кутун-сүрүн
Доҕоро буолаҥҥын,
Алыптаах дорҕоонуҥ
Иэйиитэ
Сүрэх-быар
Ортотунан киирэн,
Куһаҕаны
Кыйдаан,
Мин турукпар
Күүс-көмө угуо.
 
 
Хомуһуннаах тыллаах
Этигэн хомус
Киһи аймах
Кутун-сүрүн
Доҕоро буолаҥҥын,
Алыптаах дорҕоонуҥ
Иэйиитэ
Сүрэх-быар
Ортотунан киирэн,
Эт-хаан улугуруутун
Уһугуннаран,
Өр сылларга
Уһун үйэлиэ.
 
 
Хомуһуннаах тыллаах
Этигэн хомус
Киһи аймах
Кутун-сүрүн
Доҕоро буолаҥҥын,
Алыптаах дорҕоонуҥ
Иэйиитэ
Сүрэх-быар
Ортотунан киирэн,
Аан дойду
Дьонун түмэр
Сүдү да
Күүстээххин.
 

2009 сыллаахха түҥ былыргыттан Туймаада хочотугар Эллэй Боотур ыһыах ыһыаҕыттан өбүгэлэрбит түөлбэлээн олорбут Уураахы аҕатын ууһун сириттэн дьикти үчүгэйдик үйэлэр усталарыгар дьэбиҥҥэ даҕаны сиэниллибэккэ бэйэтин быһыытын-таһаатын, кырыыларын тутан илдьэ хаалбыт былыргы саха мындыр ууһа аҥаардас таптайыынан эрэ оҥорбут тыла тостон быраҕыллыбыт хомуһун булан турабын. Тимир оҥоһук оҥоһуллубут сыла кыайан ханнык даҕаны экспертизаҕа быһаарыллыбат. Ол гынан баран, ити өтөхтөн 1869 сыллаахха оҥоһуллубут харчы көстүбүтүттэн сылыктаатахха, ол кэминээҕи диэххэ сөп. Булбут хомуспун уонна былыргы тимир уустара уһааран ылбыт 3,5 кг ыйааһыннаах болгуо тимирдэрин Хомус Аан дойдутааҕы музейыгар бэлэхтээбитим. Хомус кээмэйдэрэ: тиэрбэс ис диаметра – 24 мм, тиэрбэс тас диаметра – 33 мм, тиэрбэс халыҥа – 5 мм, хомус сыҥааҕын уһуна ис диаметрын муннугуттан төбөтүгэр диэри – 55 мм, сыҥааҕын иэдэһин кэтитэ – 4,5 мм.

Түҥ былыр бэйэбит мындыр уустарбыт тимирдээх тааһы уулларан, тимир болгуо ылан, ону эллээн бу маннык хомуһу охсоллоро диэн омуктарга кыбыстыбакка көрдөрөр кыахтаахпыт.    Дьэ онон, бу былыргы хомуска сөптөөх болҕомто ууран, Туймаада ыһыаҕын тэрийээччилэрэ да, хомус музейын үлэһиттэрэ да анал тэрээһиннэри, былыргы уустарга сүгүрүйүү сиэрин-туомун ыыталлара буоллар ыччакка ордук туһалаах буолуо этэ.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации