Текст книги "Соргу көтөҕүүтэ"
Автор книги: Павел Харитонов-Ойуку
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Харитонов Павел Николаевич-Ойуку
Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор
Төрөөбүт ыырдарым
«Дойдум чэлгиэн салгынынан…»
Дойдум чэлгиэн салгынынан,
Сылаас, сымнаҕас сытынан
Тыынарым курдук холкутук,
Саҥарарым курдук көҥүллүк,
Киэҥ өрүс устарыныы,
Тыаһа суохтук, чуумпутук,
Тыа хоһоонун тыллара
Түөһүм иһиттэн тахсара.
Лэкэттэлэр
Үс үллэр үөстээх,
Үлүскэннээх сүүрүктээх
Өлүөнэ өрүс үөһүгэр,
Тойон Арыы түөһүгэр,
Кыталыктаах сыһыытын
Кылбаарытта кырдалыгар
Талах мастыы имиллэн,
Титирик тииттии тирэнэн,
Алаастарын, арыыларын,
Эргэнэ хара тыаларын
Эркин курдук эргитэн,
Түөрт уон буруону унаардан
Эр бэртэрэ лэкэттэлэр
Эргиччи тэнийбиттэр.
Хара Бытык сайылыктаах,
Дириҥ Үрүйэ аартыктаах,
Бөтүкэт сирэ кыстыктаах
Удьуор Харалы аймахтар
Уутуйан олорбуттар.
Аҥаардара – бухатыырдар,
Атыттара – бэйэм саҕалар.
Алтан сэргэни анньыбыттар,
Алаһа дьиэни туттубуттар.
Бастыҥнара олоҥхоһуттар,
Тойуксуттар, хаартыһыттар.
Атыттара балыксыттар,
Байанайдаах булчуттар.
Оҕолоро төрүүр киэһэтигэр
Оһох уота үөрэрэ.
Абаҕалара Хара Киһи
Олоҥхолоон кулуһутара…
Анаан түбэспит айыыһыт
Аал уоту аһатара.
– Одун хаантан оҥоһуулаах,
Дьылҕа хаантан ыйаахтаах
Айааччы Айыы таҥараттан
Уол оҕо кэл-лээ! – алҕыыллара.
Ол оҕо инники дьылҕатын
Таҥхаһыт итинник таҥхалыыра.
Онтон ылата кини аатын
Кистии-саба ахталлара…
Убайдара сэрии силлиэтигэр
Хомуурга барбыттара.
Охсуһуу инники кирбиитигэр
Ытык иэстэрин толорбуттара.
Өстөөх арҕаҕар сэттэ ини-бии
Хорсуннук охтубуттара.
Ахсыстара илиҥҥи кирбии
Уотуттан эргиллибитэ.
Суохтар: Сэмэн, Харытыан, Дайыыл,
Икки Ыстапаан, Баһылай, Хабырыыс,
Кыралара Ньукулай, быйыл,
Батыспыта убайдарын.
Аҕыс ини-биилэри
Тойон арыылар суохтууллар.
Саас аайы лэкэттэлэри
Кэриэстээннэр мусталлар.
Эһэм алтан чаанньыга
Эһэм окко киирэригэр
Эбэтэр бултуу барарыгар
Куругар иилинэ сылдьыбыт
Кылдьыылаах алтан чаанньыга.
Хартаама отуутун аттыгар
Оллоонун уотун суоһугар
Омурҕан ахсын оргутан
Утаҕын тото ханнарбыт.
Аҕам барахсан, эһэм уола,
Миэхэ хаалларбыт кэриэһэ
Бараммат хайҕаллаах суола
Биһиэхэ үтүөлээх иэһэ.
Билигин кэлэн, аны бэйэм
Ыал кырдьаҕас эһэтэ буоллум.
Аҕам кэриэһин, эһэм чаанньыгын,
Сууйан-сотон, долбуурбар уурдум.
Хатыҥ үөһэ, чааҕы сыта
Алтан чаанньыктан дыргыйар.
Ааспыт үйэлэр быстыбат чэйдэрэ
Амтана кытары оргуйар.
Мин сэрии күн төрөөбүтүм
Саныахха быраман да сыллар
Силлиэрэн, ытыллан аастылар.
Огдообо, тулаайах диэн тыллар
Баастара чэрдийэн остулар.
Кыайыы күн төрөөбүт оҕолор
Сэттэ уон сааспытын туоллубут.
Сэриини билбэтэх дьоллоохтор
Эһэлэр, эбэлэр буоллубут.
Өстөөхтөр даҕаны өлбүттэр,
Буускалар тиҥийэн ыппаттар.
Кэллэ дуо, ол кэми умнарбыт,
Бэл, тимир дьэбиҥҥэ кыайтарбыт.
Арай мин сэрии күн төрөөммүн,
Буолан дуу, барытын өйдүүбүн.
Ветеран дьоннору көрсөммүн
Кыайыыны, сэриини түһүүбүн.
Ол сэрии буойунун кытары
Охсуһуу үөһүгэр сылдьабын.
Былааҕын күөрэччи тутаммын
Өрөгөй салгынын тыынабын.
Охтубут саллааты быыһаары,
Өлөр да, тиллэр да курдукпун.
Киниэхэ көмөҕө тиийээри,
Бүгүн да тиэтэйэр буолбуппун.
Уот сэрии тэргэнэ ытыалыыр
Дуораана ырааттар ыраатар.
Арай мин тиэргэммэр чугаһыыр,
Сүрэҕим күннэтэ сэрэтэр.
Бу мин дойдум – Булгунньахтаах
1
Айыы сирин түннүгэ,
Айылҕам бүччүм муннуга,
Эргилинним эн кытылгар,
Эҕэрдэ, дойдум дьонугар.
Булгунньахтаах! Мин харахпар
Үрдүк чагдаҥ сырдаан көстөр.
Эргэ дьаам кытылынан
Хоболоох аттар айанныыллар.
Ол суолунан аҕаларбыт
Сэриилэһэ барбыттар.
Ийэлэрбит, эдьийдэрбит
Атаара, ытаһа хаалбыттар.
Ботуоҥкалаах хомуур дьоннуун
Хаартыскаҕа түһүспүттэр.
Хаҥастан уҥа кимнээхтэрин
Хос сиэннэрэ кэпсииллэр.
Оҕо, дьахтар, оҕонньор
Курааны, суту кытары
Бүттүүн кыайыы туһугар
Туруммуттар бука бары.
Албан аат булгунньаҕар
Өйдөбүнньүк туруорбуттар.
Буойуннар уонна тыыллар
Көмүс ааттарын суруйбуттар.
2
Ыраахтан даҕаны ахтаммын,
Чугастан эмиэ суохтааммын,
Ити курдук миэхэ бүгүн
Көстөн кэлэр элбэх түгэн.
Сатыы, омоох суолунан
Суумка, кинигэ кыбынан,
ҮрүІ түүІІэр хаамарым,
Дьыбаргар да тоІорум.
Бастакы тэбэт тапталбын
Эн кытылгар кірсүбүтүм.
Килбигийэн, үіһэ тыынан,
Халты кірін хаалбытым.
Кини аатын умнубакка
Ырыам ымыыта оІостобун.
Хаппахчылаан хаайбакка
Сүрэхпэр ыллатабын.
Олоҕум сырдык ол сылларын,
Таптал бастакы тылларын,
Умнуллубат ахтылҕанын
Ортотугар олоробун.
3
Эн үрдүк чагдаҥ быыһыгар
Киирэн сүтэр буоларым.
Поэзия алааһыгар
Мин күннэтэ сылдьарым.
Буотама, Элэһин, Тойон Арыы
Улуутуйан кістөрө.
Кытылларгар ырыа ыллыы
Оҕочоос поэт киирэрэ.
Хаһан эрэ хоһооннорум
Арыллыбыт ырайа
Ханна баарый?.. Булбатым,
Тыргыллыбыт айан суола.
Оччотооҕу кэм туоһута
Миэнэ омоон ыллык этэ.
Бүгүн кэлэн соһутта
Чогдоон ыалын тэлгэһэтэ.
4
Кыһыҥҥы суолбут бэлиэтэ
Өрүс уҥуортан сирдиирэ.
Өйдүүбүн, таҥара дьиэтэ
Кытылтан кытаран көстөрө.
Ону көрөн тураммыт
Тэҥинэн өрө тыынарбыт.
Сылаабытын умнаммыт:
– Кэллибит, – дэһэн үөрэрбит.
Көрүҥ, үөрэммит оскуолабыт
Турбут омооно хаалбатах.
Олордубут тирэх маспыт
Хата, күүтэн сууллубатах.
Асфальт суолу кыйа
Аныгы село тутуллубут.
Биһигини тоһуйа
Таас оскуола сандаарбыт.
5
Ааспыт олох туоһулара
Бүгүн биһиги эбиппит,
Туолбут үйэ аҥаара
Оскуоланы бүтэрбиппит.
Дойдубут, дьоммут туһугар
Билэрбит иэспитин төлүүрү,
Уустук, ыарахан күнүгэр
Көмөҕө суһаллык кэлэри!
«Оскуола – үлэ – үрдүк үөрэх»
Ыҥырыы таһаарбыппыт.
Сүүрбэ алта хоһуун сүрэх
Тутуспутунан хаалбыппыт.
Сайдам ыра, ырыа эрэ
Биһигини саатыыра.
Таптал уонна көхтөөх үлэ
Күннэтэ кынаттыыра.
Атаартаабыт «Аартыккар»
Эмиэ эргиллэн кэллибит.
Махтал, үйэлээх ааккар
Нөрүөн нөргүйэбит.
Уһун кытылгын батыспыттар
СаІалаах эргэ тутууларыҥ.
Мырааны дабайан тахсыбыттар
Мансардалаах ыалларыҥ.
Арай мин умнубаппын
Сүллүгэс күрүөлээх балаҕаммын.
Тирии халҕанын аһаммын
Ыраах суолга аттаммыппын.
Үгүспүт элбэҕи умнуо,
Үйэ аҥаара ааспыт номнуо.
Өйдөөн кэлиэ, күлүө-үөрүө,
Эҕэрдэлиэ, мөккүһүө.
Ырыаһыт, үлэһит дьоннордоох
Бу мин дойдум – Булгунньахтаах.
Кытылгыттан бүгүн дьоллоох
Күммүт эмиэ тахсыахтаах.
Үөрэммит оскуолабар
Оҕо сааспар сүүрбүт-көппүт,
Олус даҕаны суохтаспыт
Оскуолам аанын сэрэнэн,
Оҕонньор долгуйа аһабын.
Ахтар-саныыр оскуолам
Тиҥилэҕэ тип-тигинэс.
Сүүс да сааһын туоллар,
Сүүрэн-көтөн тэйиэккэлэс.
Кини ханна тиэтэйэр,
Иннигэр туох кэтэһэр?
Билии-көрүү көҕө дуу,
Биитэр кими туругурдуу?..
Ыксыыр кини урут тиийэн
Экзаменын туттараары.
Ааспыт көлүөнэ ыччаттарын
Дьылҕаларын кэпсээри.
Хараҥаттан тымтык тутан
Сырдыкка кэлбиттэрин.
Өстөөхтөрүн кыайан-хотон
Өрөгөйдөөн өлбүттэрин.
Кырдьыктара хойутаан
Эргиллибит ааттары.
Үйэлэри уҥуордаан
Ытыллыбыт ыралары.
Көрүдүөргэ күлсүү-салсыы
Кинини аралдьыппат.
Оскуолабыт өссө салҕыы
Хайаларын кэтэһэр?..
Кини хаһан тиийэн кэлэр,
Күүтэр сүүрбэ биирис үйэ.
Саха аймах киэн туттар
Бастыҥ, дьоһун генийэ?
Сүүһүн туолбут оскуолам
Сүрдээҕин диэн долгуйар.
Ааны аһыҥ, туораан биэриҥ,
Киирэн кэллин, тоһуйуҥ!
Ахтар-саныыр оскуолам
Тиҥилэҕэ тип-тигинэс.
Сүүс да сааһын туоллар,
Сүүрэн-көтөн тэйиэккэлэс.
Оскуола интэринээтэ
Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,
Ичигэстик таҥыннарбыт,
Интэринээт барахсаны
Истиҥник ахтабыт аны.
Сэрии, сут оҕолоро
Эн тотоойу хааһыгынан
Тыыннаах хаалбыт сылларбытын
Умнубакка кырыйдыбыт.
Улахан дьоннуун тэбис-тэҥҥэ
Үлэҕэ мүккүллэммит,
Уһун сайын сынньаммакка
Улааппыппыт «көлүллэммит».
Этэрбэс, үтүлүк тэстэн,
Угунньабыт быган тахсан,
Күннэтэ отууттан тиэстэн
Көлөһүн күнүн аахсарбыт.
Уора-көстө ол быыһыгар
Уончалаах бэдик уолаттар
Оскуолабыт аһылларын
Олуһун даҕаны кэтэһэрбит.
Испитин өллөөбүт, дьиэлээбит,
Ичигэстик таҥыннарбыт,
Ийэбит кэриэтэ иитэлээбит
Интэринээти ахтабыт.
Махтал бэлиэтэ
Палата эмин сыта
Муннубар саба биэрдэ.
Убайым, кэпсээ эрэ,
Көрсүспэтэх ыраатта.
Истибэтиҥ этэрбитин,
Манна көрсүөх буолбатыҥ.
Сэниэҥ-күүһүҥ эстибитин
Билиниэххин баҕарбатыҥ.
Саас барахсан салытан,
Чанчыктаргын салаабытын
Кистиэҥ суоҕа, саһыараҥҥын,
Харахтарыҥ хатыыламмыт.
Дьэ, ити ааспыт суол айана
Чэпчэки буолбатах буоллаҕа.
Харса суох хамсаппыт дьайаана
Тэллэххэр охторон бардаҕа.
Көрсүспүт үөрүүгэ, сэһэргээ,
Чуумпуга тэһийбэт буоларыҥ.
Түннүккэр саһарҕа тэйиэлиир
Эһэбит умаппыт күөрдүнүү.
Ааспатах, тохтообот тииһиктэр
Чыскылыы ытыран ылаллар.
Иннэлэр эн эккэр, сүрэххэр
Эрчими киллэрэ сатыыллар.
Бу кэмҥэ эн төбөҥ сынньанар,
Букатын ыалдьыбат кэриэтэ.
Ытыһыҥ бүлгүммэр тайанар,
Бу миэхэ махталыҥ бэлиэтэ.
Үөһэттэн үрүҥ күн сырдыга
Күрүлэс уотунан сырайар.
Саҕаҕы эргийбит кустуга
Эн тэлбит суолгунуу дьэргэйэр.
Оол онно, ходуһа баһыгар,
Хотуургун сиэн уолуҥ туппута.
– Сотору этэҥҥэ эргиллээр! —
Оҕочоос чуопчаара турбута.
Оо, сүрэх, кыратык даҕаны
Быысталы биэрбэккэ үлэлээ.
Биир утах хаалыаҕар дылытын
Быстары билбэккэ тэбиэлээ.
Ийэм кэриэһигэр
Киһи аймах биир кэрэ
Киһитин сүтэрдэҕэ.
Аһыныгас сүрэҕэ
Аны тэбэн бүттэҕэ.
Үрүҥ көмүс оноҕостуу
Сулустарга ый көтөр,
Ийэм саҥа маһыныы
Түннүкпүнэн бу көстөр.
Сирдээх халлаан сүтэрбит
Киһилэрин кэриэстии,
Мин сүрэҕим титирэстиир
Мунан турар сулустуу.
Аны ийэбит биһигини
Аһыныа, таптыа суоҕа.
Хайабытын эрэ кини
Хомуруйуо, хай±ыа суоҕа.
Киһи аймах биир кэрэ
Киһитин сүтэрдэҕэ.
Аһыныгас сүрэҕэ
Аны тэбэн бүттэҕэ.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Булгунньахтаах хатыҥнара
Намчы, нарын буолаллара.
Ыйдаҥаны кытары
Ыллаһа хоноллоро.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Наһаа сырдык этилэрэ.
Ыйдаҥалыы сардаҥара
Утуппакка муҥнууллара.
Булгунньахтаах хатыҥнара
Киэһэ аайы нуоралдьыйа,
Киирэр күнү кытары
Хаамсаллара наскылдьыйа.
Тапталлаах куоратым
Күндэлэс Өлүөнэ үөһүттэн
Күн киирбэт дойдутун булбуттар.
Эһэбит Эллэйбит кэмиттэн
Эйигин сахалар талбыттар.
Ол онтон ылата ылламмыт
Эргиспит кытыла-биэрэгэ.
Үрүҥ түүн кытары саас аайы
Эргиллэр эйигин көрсөөрү.
Уол оҕо, кыыс оҕо күлүүтэ
Уулуссаҥ, болуоссат аайытын.
Күн оһуор оһуохай үҥкүүтэ
Киэргэтэр эдэр саас куоратын.
Бу Эргис, бу Хоруол тумсугар
Букатын эриэккэс олорор.
Тулалыы эргиччи уотугар
Түүн-күнүс сүрэҕиҥ дьулуһар.
Бульварыҥ, фонтаныҥ сиккиэрэн
Сарыалы сууланан тупсаҕын.
Күндэлэс куоратым киэһэрэн
Күлүккүн көрүнэ тураҕын.
Төрөөбүт дойдум
Эн алыптаах олоҥхоҕор
Уһаарыллан улааппытым.
Үүт көлүйэҥ үөһүнэн
Өлүү суолун туораабытым.
Ньургун Боотур атынан
Тойон Арыыбын эргийэрим.
«Баттаммыт айынаат аймаҕын
Босхолуоҕум!» – андаҕайарым.
Олоҥхо тылынан кэпсэтэн
Сүүс омуктуун сэлэстим.
Кинилэрдиин атах тэпсэн
Кылыһахтаан ылластым.
Эн аптаах тылыҥ ырата
Миигин бухатыыр оҥорбута.
Хаттыгастаах халлаантан
Орто дойдуга аҕалбыта.
Мин санаабар, бүгүн эмиэ
Салҕанар олоҥхо үйэтэ.
Муустаах байҕал, Өлүөнэ,
Кини үүт көлүйэтэ.
Бастакы президент туһунан ырыа
Сахабыт сириттэн, хотугу кыраайтан
Бастакы президент буолбутуҥ.
Норуотуҥ иннигэр күөҥҥүнэн тураҥҥын
Андаҕар тылларын биэрбитиҥ.
Урааҥхай сахаттан,
Дуулаҕа нууччаттан
Айыллан кэлбитиҥ биһиэхэ.
Уруйбут-айхалбыт,
Бараммат махталбыт
Барыта ананнын эйиэхэ!
Сахаада саргытын, көҥүлүн көмүскээн
Саханы самныбат оҥоортуҥ.
Элиэнэ, Эдьигээн, туундара үрдүнэн
Ылланар киһибит эн буолтуҥ.
Хоту сир – барыбыт инники кэскилэ,
Барҕарыа дойдубут – эппитиҥ.
Россия – күн айыы дьоннорун эрэлэ
Саас-үйэ тухары бииргэбит!
Мин убайдарым
Орто дойду үрдүгэр,
Добун халлаан анныгар,
Эһэбит туппут балаҕана
Соҕотоҕун көстөрө.
Ол балаҕан холумтанын
Тула сырсан улааппыппыт.
Ийэ-аҕа сылааһын
Былдьаһа сылдьан билбиппит.
Билигин балаҕан турбут
Омоонун булуоҥ суоҕа.
Умуһаҕар саба үүммүт
Долохоно, хаптаҕас.
Хоһуруону быһа туораан
Хаалбыт сүөһү ороҕо.
Ол устун тоҥон-хатан
Чэрдийбитэ уллуҥахпыт.
Уҥуор көстөр Солообут,
Дириҥ Үрүйэ дабаана.
Кыс мастаабыт, сай оттообут
Сылдьар айан аартыга.
Тойон Арыыга кэлэммин
Ааспыты итинник аттарабын.
Үлэ хаамыытын, күн былдьаһыгын
Ааҕан-суоттаан таһаарабын,
Ат сүүрдүүтэ, остуол ырыата
Убайдарым суох ааспата.
Кинилэртэн атын, туора,
Ырыаһыт, ыллам дьон суохтара.
Киһи киһитэ, дьон дьонноро,
Дыгын оҕолоро, – ааттыыллара.
Дьылҕам, баҕар, онтон буолуо,
Бэристэҕэ миэхэ дьолу.
Үлэлээн, олорон, убайдарым
Бу дойдуттан барбыттар.
Үтүө ааттарын, сурахтарын
Ол эрээри хаалларбыттар.
«Кииним түспүт сирэ…»
Кииним түспүт сирэ
Булгунньахтаах кытыла.
Биһигим ыйаммыт титиигэ
Тойон Арыы кырдала.
Таас хайалар күөннэригэр
Күн сырамын билбитим.
Өлүөнэ эбэм көмүөлүгэр
Саас ахсын бигэппитим.
Өбүгэ сахам умсулҕаннаах
Номоҕунан улааппытым.
Эллэй, Тыгын өлбөт тыыннаах
Суолларын батыспытым.
Өрө ыһар фонтаннардыы
Будьуруспут талахтаргар
Киирэн сµтэр буоларым,
Хоһооннорбун ааҕарым.
Улуу өрүс уҥа-хаҥас
Үс үөһүнэн устарым.
Очуостаргар түүн-күнүс
Чубукулуу ыттарым.
Мантан куорсун анньынаммын
Дойдум кэрэтин көрбүтүм.
Халҕаммын арыйа баттааммын
Эһиэхэ тахсан кэлбитим.
Ийэм барахсан
Оҕолорун түһэҕэр таралытан,
Этэрик түөһүн эмнэрэн,
Атаахтаппыт, абыраабыт,
Атахпытыгар туруортаабыт
Күндү ийэм барахсан.
Сут-кураан, сэрии сылларыгар
Хотонтон, ходуһаттан тахсыбатах,
Түүннэри-күннэри түбүгүрэр
Туһугар хорсун быһыы эбит.
Холкуос биэрбит былаанын
Кэмин аһара толорбут,
Куйааска күлүгү булбатах,
Тымныыга сылааһы билбэтэх,
Тото-хана аһаабатах,
Сымнаҕастык утуйбатах,
Үлэттэн атыны көрбөтөх,
Далбарга, мааныга кыттыспатах,
От-мас тиэйэн тырыттыбыт
Эргэ сонун эҥээригэр,
Кэпсээн оҥостон кырдьыаҕын
Мэтээлэ суоҕа түөһүгэр.
Итии-тымныы диэбэккэ,
Иннитинэн сылдьыбыт,
Кэннитинэн кэхтибэтэх
Күндү ийэм барахсан.
Тохпут көмүс көлөһүнүн
Кэриэстээммин кэпсиэхпин,
Өйдөбүнньүк туруоруохпун
Субу-субу ахтабын,
Санаан үөһэ тыынабын.
Аҕабар
Үөһэнэн көтөн иһэбин,
Эн суолгун батыһаммын.
Эт, тоҕо куттанаҕын,
Эргиллэн сэрэтэҕин.
Күннээх сирбит оһуора —
Өлүөнэ көстөрө кэрэтин.
Өбүгэбит сирэ-уота
Мантан ордук чугаһын.
Куттаныма, төннүөҕүм
Көмүс ньээкэ уйабар.
Бэйэҥ биэрбит кынаттарыҥ
Үрдүккэ умайдыннар.
Күнү тула эргийэ
Суохтуу, батыһа, сайыһа,
Кынаттарым умайа
Эйигинниин көтүстүннэр.
«Хаҥаластыын кыттыһан…»
Хаҥаластыын кыттыһан
Халыҥ аймах үөскээбит.
Бордоҥ, Малдьаҕар холбоһон
Мэҥэ илгэ сирдээбит.
Таатталарга Өксөкүлээх,
Ойуунускай, Алампа.
Дүпсүннэргэ Күлүмнүүр,
Намҥа Махсыым уонна Ылдьаа.
Куорунайга Уоһукап,
Сэмэн, Соппуруон Дайыылап.
Анаабырдар, аммалар
Хаҥаластан хаҥыыллар.
Олоохуна, Аллан буоллун
Түҥ үйэттэн аймахтыылар.
Бүлүү, Сунтаар, Халыма,
Ньурба, Дьааҥы, Кэбээйи,
Хаһан баҕар, умнума,
Хантан хааннаах бэйэҕин.
«Дойду дьонун» тарҕаппыт
Дархан Тойон Дойдуһа.
«Тойон ууһун» ирдээн муспут
Уола «Мунньан» ааттаммыт.
Уҥа хайыс, хаҥас хайыс
Барылара биир Хаҥалас.
Уокка да киир, ууга да түс,
Халыҥ аймах Хаҥалас.
«Бу тыл мэҥэ дорҕоонноро…»
Бу тыл мэҥэ дорҕоонноро
Миигин ханна тиэрдэрий?
Хаалбат-сүппэт хааннара
Сүрэхпин тоҕо хамсатарый?
Баҕар ханнык боотурум
Аатын-суолун аһыйарый?
Умнуллубут урдустарым
Кэриэстэрин санатарый?
Харахпар көстөн кэлэр
Улуу байҕал балкыыра.
Инники күөҥҥэ сиэллэрэр
Улуу истиэп боотура.
Уурааҕынан хаһыытаһыы
Халыҥ аймах сэлэтэ.
Көҥүл, түмсүү, холбоһуу
Дархан ууһун кэккэтэ.
Ол хаІыллар үөһэттэн
Илин өрүскэ түспүттэр.
Эркээнини, Туймааданы
Эликтэрэ толорбуттар.
Хаҥаластар
Халыҥ аймах хаҥаластар
Ханыылаһан олорбуттар.
Кыайтарбатах боотураттар
Сэлэлии охтубуттар.
Кимэ биллибэт ааттара
Кэнтиккэ былдьаммыттар.
Тоһуттубут уҥуохтара
Томтордору толорбуттар.
Онтон үүммүт титириктэр
Баараҕай тииттэр буолбуттар.
Сорохторо – муҥурааттар
Сууллубаттыы турбуттар.
Хаҥыл аймах хаҥаластар
Ханыылаһан кэлбиттэр.
Дуоҕалардаах кылыстар
Киэҥ аартыгы тэлбиттэр.
«Уруу – ырааҕа, уу – чугаһа»
Ити кэмтэн этиллибит.
Баай күөл тула Хаҥ ууһа
Тарханаата тэриллибит.
Күүстээх албан ааттара
Кэнтик ахсын хаалбыттар.
Кинилэртэн эллэнэннэр
Хаҥаластар хаҥаабыттар.
Эркээни ыһыаҕа
Сарсыардаттан эрдэлээн
Сатыы, аттаах хомунна.
Эргилиннэ сыл күүппүт
Кылыһахтаах сайыммыт.
Торҕо солко уот кустук
Мырааннары курдаата.
Оһуор-симэх, ойуу-бичик
Күөрэгэйдиин ылласта.
Айааннардаах үрэхтэрэ
Арылыйа сүүрдүлэр.
Таҥара түһэн сатыылыыр
Хочолоро өҥсүйдүлэр.
Орто дойду уһуктан
Олоҥхолуур, үҥкүүлүүр.
Тойон ууһа манна мустан
Түһүлгэлээн ыһыахтыыр.
Ыччат ырыата
Сахаада үрдүнэн сатараан
Саргылаах оһуохай тарҕанар.
Хоһуллар ол онно аан бастаан
Халыҥ уус холбоһук туһунан.
Хос ырыата:
Албан аат, Хаҥалас, эйиэхэ!
Аатырбыт Тыгыммыт – биһиэнэ!
Хаһан да ханыылас, халыҥаа
Хаҥалас аймаҕа барыта!
Кэккэлээ, хаан-уруу Үс Бүлүү,
Кэбээйи, Нам, Таатта, Халыма,
Сахаада туһа диэн, туруоҕуҥ,
Сомоҕо биир ньыгыл буолуоҕуҥ!
Хос ырыата.
Хотойдор көтөллөр үрдүккэ
Хаҥалас кэккэтин хаҥата,
Ыраах да, чугас да буолуоҕуҥ,
Бу ырыа тылларын ыллыаҕыҥ!
Хос ырыата.
Өлүөнэ номохторо
Өлүөнэҕэ олорор
Өрүү дьикти мин санаабар.
Өлбөт мөҥү уутугар
Өксөйөбүн үллэр сааспар.
Үрдүк чымаан очуостарга
Мин күннэтэ ыттарым.
Онно хаалбыт номохторго
Истибиппин буларым.
Килбиэн, чымаан очуостар
Кистэлэҥи саһыарбыттар.
Кынаттаах саһарҕалар
Кинилэри кууспуттар.
Манна таас кыыс таас уоллуун
Ыйдаҥаҕа сипсиһэллэр.
Буурҕа, куйаас да буоллун,
Умнуспакка көрсүһэллэр.
Тахсар күнүм таманыгар
Тапталларын этэллэр.
Киирэр күнүм килбиэнигэр
Килбигийэ кэпсэтэллэр.
Ол уоллаах кыыс таптала
Очуос тааска суоруллубут.
Өлбөт өрөгөй махтала
Үйэлэргэ чочуллубут.
Тарханааттар
Халыҥ хаары хаһаннар,
Хаамар Сиһин туорааннар,
Хаҥыл аттаах, дуоҕалаах
Хаҥаластар иһэллэр.
Халлаан диэки хайыһыҥ —
Хотойдоро чаҥырҕыыр.
Үүт өрүһү батыһыҥ —
Эрдиилэрэ кылбардыыр.
Суорба туруук хайаҕа
Суруктарын ойуулаан,
Истиэп итии тыынынан
Хочолору толортоон
Тэгил күнтэн тэһииннээх,
Тойон хаантан төрүттээх,
Байҕал тула, тэрээһиннээх
Тарханааттар кэллилэр.
Соргу көтөҕүүтэ
«Тахсан барбыт суолуҥ…»
Тахсан барбыт суолуҥ
кэннигиттэн
Көбүс-көнөтүк тыргыллар.
Күнү быһа көмүк хаар
үллүктүүр,
Сып-сылаастык кууһардыы.
Эн барбыт суолуҥ
Көстүбэт буолла,
Сүтэрдим тунал хаарга.
Хаһан төннөргүн
кэтэһэммин,
Хаар киһилии чуҥкуйдум.
Эн төннөн иһэр суолуҥ
Хомус тылыныы
дьүрүһүйэр.
Ону кытары
ахтылҕаным
Дьикти дорҕоонунан туолар.
Муус устар 7 күнэ
Күнү көрбүт күҥҥүнэн,
Күндү сэгэртэйим.
Миэхэ эн төрөөбүт күнүҥ
Мэлдьи сааһы аҕалар.
Атыттары барыларын
Алгыахтаах эрэ тылым,
Соҕотох эйиэхэ ананарын
Билэриҥ эрэ, тапталым.
Олордубут уһуннук
Ончутун салҕыспакка.
Олоруохха баара маннык
Орто сиртэн барбакка.
Оҕолорум ийэлэрэ,
Сиэннэрим эбэлэрэ,
Эдэриҥ курдук мэлдьитин
Эн миэхэҕэ күндүгүн.
Хомолтону, үөрүүнү,
Дьылҕабытын уйардыы,
Эр бииргэ үллэстэммит
Дьоһуннук сааһырдыбыт.
Олох кирис быатыныы
Быстаары ууннаҕына,
Биһиэхэ төһө ыараханын
Билбит эрэ суоҕа.
Эҕэрдэ, төрөөбүт күҥҥүнэн,
Күндү көмүс санаалааҕым.
Миэхэ төрөөбүт күнүҥ
Мэлдьи сааһы аҕалар.
«Тылластаҕыҥ тоҕо толооһой…»
Тылластаҕыҥ тоҕо толооһой,
Сордоотоҕуҥ тугун муҥай.
Хомоттоҕуҥ эрэ бэрдэй,
Холооннооҕум оҕотоо!
Ыллаабыт эрэ ырыаларбын,
Ымманыйбыт хоһооннорбун
Сыымайдааҥҥын сынньаппатыҥ,
Уорбалааҥҥын утуппатыҥ.
Тапталы эрэ туойарга,
Таабырыннаан кэпсэтэргэ,
Кыыс оҕо эрэ барыта
Кыталык тэҥин кэриэтэ
Уубун кытары уйгуурдара,
Санааларбын саататара,
Көр, оннук эбээт, миэхэ
Дьиҥнээх поэзия.
Күрэхтэс, көмүһүөм, итинник,
Утуппат музабын кытары.
Хайаҕыт былдьаһан, түргэнник,
Хоһооммор холбоһуой, сотору?..
«Сай ортото, сабаччаҕа…»
Сай ортото, сабаччаҕа,
Эйигиннин көрсүбүппүн
Өрүү даҕаны умнубаппын.
Хайдах эрэ оччоҕо,
Хараҕым сырдаан кэлэр,
Күөмэйим чөллөрүйэр,
Бэл, сүрэҕим төлөннүрэр.
Ол сыллар быыстарыттан
Эн саҥаҥ,
Эн лыҥкынас күлүүҥ,
Ыллыыр курдук барытын,
Бу кумах, бу таас кытыл устун
Сэргэ хаамсыбыт чааспытын.
Ол көстөр үрдүк тумулга
Сүүрэн тахсан турбуккун,
Амма тыллыбыт сардаанатыныы,
Аалай уотунан кыыспыккын.
Онтон ылата
Быдан сыллар аастахтара.
Умнубатым
Ол кэрэ хартыынаны.
Хайдах эрэ,
Өрүү истэбин
Эн куоласкын, ол ырыаны
Бу өрүс үөһүнэн устарын.
Өрүү чуҥкуйар санааны
Кини миэхэ аҕаларын.
«Сипсийдим кулгааххар – Таптаатым…»
Сипсийдим кулгааххар – Таптаатым!
Сааһырбыт киһилии килбиктик.
Умнумаар, быһыыта, көрдөстүм
Тэбиэстик тэппитэ сүрэҕим.
Бу түгэн күрэнэн сүтүмэ,
Эргиллэн мин кэлэ туруоҕум.
Букатын күүтэртэн салҕыма,
Эн турбут хатыҥҥын кууһуоҕум.
Элэккэй эйэҕэс киһини
Элбэхтэ көрсүбэт буолбутум.
Чаҕаарар лыҥкынас күлүүнү
Абылаҥ кэриэтэ билбитим.
Мин доҕор дьоннорум быыһыгар
Аастаҕа күөгэйэр күннэрим.
Тапталы таҥара оҥостор
Саастарым куоттаҕа дэнэрим.
Махтанным, эйиэхэ, ол иһин
Быстахтык сыдьаайан кэлбиккэр.
Түбүктээх олохпор иккиһин
Быстахтык күлүмнээн сүппүккэр.
«Холоонноох доҕорум хоргута…»
Холоонноох доҕорум хоргута,
Хоһооммун ааҕаҕын кистээҥҥин.
Айманар эбиккин, быһыыта,
Эн миигин атыннык өйдүөҕүҥ.
Биһиги эдэр да этибит.
Элбэҕи сирэрбит-таларбыт,
Өйтөн да ааҕаммыт билэрбит,
Тус-туспа геройдаах буоларбыт.
Хомолто, хоргутуу ыарыыта
Мэлдьитин кэрэҕэ талаһар.
Ааттаһыы, ахтыһыы барыта
Соҕотох аанньалга тардыһар.
Хомолто буолбатын, хоһооммор,
Эн тыыныҥ ол онно сылдьыһар.
Оттон мин, эн эрэ күлүккэр,
Махтана, хай±ыы дуу үҥүөҕүм.
Эн билбэккин
Сай тыа баһын сатарытан,
Куула иһин куугунатан,
Көтөрүн-сүүрэрин үүртэлээн
Тыал ытыллар, тугу мэктиэлээн?
Бу тыал курдук күүстээхтик,
Бу тыал курдук эрдээхтик,
Мин эйигин таптаабыппын,
Мин эйигин суохтаабыппын
Эн – билбэккин!
Бу тыал курдук абаккара,
Бу тыал курдук аймана,
Мин соҕотох хаалбыппын,
Мин барытын тулуйбуппун
Эн – билбэккин!
Бу тыал курдук уостубакка,
Бу тыал курдук быстыбакка,
Эн аттыгар сылдьыбыппын,
Эйигин күүтэн олорбуппун
Эн – билбэккин!
«Хаһан эрэ эйигин түһээбиппин…»
Хаһан эрэ эйигин түһээбиппин
Букатын умнубат эбиппин.
Кырдьыктанан барар буоллум
Түүл буолуон, чахчы курдугун.
Мин эйигин көрсүбүппүн
Үчүгэй түүллүү өйдүү сылдьабын.
Биирдэ түһээбит түүлүм
Үгүстүк олорбут күннэрим.
Ол кэми эн умнубатаххын,
Ол аата, түһээбэтэх буоллаҕым.
«Сааһыран истэх аайытын…»
Сааһыран истэх аайытын
Санаһарбыт күндүтүйэр.
Айаннаатах ахсытын
Ахтылҕаммыт сылааһырар.
Дуона суохтан дэҥи көрбөт,
Кыраттан да кынаттанар
Кыра мыынньык оҕолордуу
Биһи буолан иһэбит дуу?
Сэгэртэйим оҕото,
Сыллаа-уураа, Суоппуйа,
Ити сүрэх баҕата,
Сылдьыһыахтын соҥуйа…
Көрсүһээри хаһан эрэ
Устудьуон уол кэлэрэ
Киинэҕэ, үҥкүүгэ ыҥыра,
Дьиэҕэр тиэрдэ, атаара.
Үйэ аҥаара номнуо ааһар,
Ол уол кэм да кэтэһэр.
Олох тоҥуу хаарын кэһэр
Буолбут аны сүгэһэр.
Син биир кэтэс, кэлиэҕим.
Санаарҕаама, салҕыма.
Эмиэ умнан, арыт эрдэлээн,
Эмискэ үөрдүөм, эҕэрдэлээн.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?