Текст книги "Нимкакич"
Автор книги: Платон Ламутский
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Платон Ламутскай
Нимкакич
П. Ламутскай «Нимкакиһын» ураты суолтата
Платон Афанасьевич Степанов-Платон Ламутскай – эбээн бөдөҥ поэта, суруйааччыта – төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Кини төрөөбүт тылынан элбэх хоһоон, поэма, оҕолорго аналлаах кинигэлэри биэрбит, Саха сиригэр уонна нууччалыы тылбаастанан Россияҕа киэҥник биллибит поэт.
Псевдонимын «ламут» диэн эбээннэри нууччалыы ааттаабыттарыттан таһаарбыт быһыылаах. Сахаларга Лаамы – Охотскай муора аата. Кырдьыга да, кини төрүттэрэ Охотскай муора кытылларыттан тэнийэн, хотугулуу илин түһэн, билигин эбээн диэн ааттанан, көһө сылдьар былыргы биистэн тахсыбыт. Платон Афанасьевич норуотун түҥ былыргытын, үгэстэрин, олоҕун илгэтин бэркэ мындырдаан хомуйбутун, үөрэппитин түмүгэр «Сир иччитэ» диэн эбээн бастакы романын бэчээттэппитэ.
Мин 90-с сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиир кэммэр Ламутскай романа издательствоҕа сахалыы тылбаастанан (тылбааһы биллиилээх прозаик уонна тылбаасчыт Петр Аввакумов оҥорбута) киирбитэ. Ол иннинэ эбээн суруйааччыта Андрей Кривошапкин бастакы романа бэчээттэнэргэ мэктиэлэнэн киирбитэ, уочаракка сытара. Андрей Васильевич учууталыгар, ытыктыыр киһитигэр – Платон Ламутскайга бэйэтин уочаратын туран биэрбитэ. Кырдьаҕас суруйааччы итинник норуотун бастакы романын ааптарынан ааттаммыта. Андрей Кривошапкин, эдэр киһи быһыытынан, ити үтүө быһыытын түмүгэр Ламутскай романа уочарата суох быһа бэчээттэнэр, ааҕааччыга тиийэр кыахтаммыта.
Платон Афанасьевич төрөөбүт тылын тэҥэ бииргэ олорор сахаларын тылын бэркэ баһылаабыт киһи этэ. Ол курдук, сахалыы уус-ураннык маннык этэрэ: «Уонна, доҕоттоор, эһиэхэ эбии тугу баҕарыамый? Баҕарыам этэ эһиэхэ ол уулуу турар оҕус хараҕын курдук үтүө доруобуйаны!» Итинник уратытык, уу сахалыы этии кини сахалары кытта алтыһан олорбут Ламыҥха ууһуттан төрүттээҕиттэн эбитэ буолуо. Дьиҥ саха да киһитэ итинник уобарастаахтык, адьас харахха көстөрдүү этэрэ биллибэт. Мин кинини кытта кэлин эрэ сылларыгар алтыспытым да, кини киһи уонна суруйааччы быһыытынан умнуллубат сэбэрэтин ончу умнубаппын: кыра уҥуохтааҕа, арылхай харахтааҕа, ураты оонньуулааҕа-күлүүлээҕэ.
Биирдэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун съеһигэр киниэхэ ыраах Халыматтан, Березовкаттан, кэлбит суруйааччы быһыытынан тыл биэрдилэр. Платон Афанасьевич бэрт дуоспуруннаахтык, лоп бааччы хааман тырыбынаҕа таҕыста. Арай тырыбынаттан киһибит сүүһэ эрэ көстөр. Онтон эттэ: «Бээрэ, бу мин турабын дуу, олоробун дуу?.. Арааһа, сатанымаары гынным…» – диэн тырыбына ойоҕоһугар туран эрэ тыл эппитин өйдүүбүн.
Оттон Үөһээ Халыма Арыылааҕар ыытыллыбыт хотугу норуоттар түмсүүлэрин дьонун кытта оскуолаҕа көрсүһүүгэ киһибит эбээн оҕолоругар сахалыы тыл эппитэ. Кинини биһиги бөлөхпүт сүрүн киһитэ норуодунай поэт Күннүк Уурастыырап олус ытыктыыра. Киэһэ интэринээккэ хоннорбуттарыгар, харабыл дьахтардыын эбээннии кэпсэттэ. Онуоха дьахтара: «Ээ, бу киһи албыннаан саҥарар, кинини мин өйдөөбөтүм», – диэтэ. Мин эттим: «Платон Афанасьевич, хайа, доҕоор, төрөөбүт норуотуҥ дьоно эн тылгын өйдөөбөт эбит дуу?» Платон Афанасьевич маннык холкутук хардарда: «Эбээн тыла элбэх диалектаах. Бу Үөһээ Халыма эбээннэрин тыла, кырдьык, биһиги, ламыҥкылар, тылбытынааҕар улахан уратылаах. Ону этэр». Ол иһин, быһыыта, оскуолаҕа сахалыы саҥарбыт эбит.
Олунньуга балачча тымныы этэ даҕаны, Платон Афанасьевич бэргэһэтин сэгэтэн, көлөһүн бачыгыраабыт кэтит сүүһүн маччата сылдьара. Кини Березовкатыттан Орто Халыманан эргийэн хойутаан кэлбитэ уонна, көрсүһүүлэр бүтэ иликтэринэ, Орто Халыматыгар эрдэ көппүтэ.
Мин биир түгэҥҥэ Ламутскай «Эвен икэн» диэн хордуон тастаах дьоһун хоһооннорун уонна поэмаларын кинигэтин, эбээн тылын билбэтэрбин да, эрэдээктэр быһыытынан бэчээттэтэн таһаартаран турабын. Буукубанан көрөн. Ол бэрт эрэйдээх мындыр үлэбэр миэхэ Андрей Васильевич Кривошапкин уонна Варвара Григорьевна Белолюбская-Аркук көмөлөһөн тураллар. Мин эбээн суруйааччыларыттан Василий Лебедеви уонна Василий Кейметинов-Баргачааны кытта билсэр, доҕордоһор этим. Билигин Аркугу, Нулгынэты кытта билсэбин.
Ааспыт 2019 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр миэхэ, Ойуунускай музейыгар, эбээннии, сахалыы, нууччалыы хоһоон, кэпсээн кинигэлэрдээх Анатолий Платонович Степанов кэлбитэ. Кини аҕата сахалыы суруйан хаалларбыт «Нимкакич» диэн обургу поэматын: «Аҕам 100 сылыгар, эһиил, бэчээттэппит киһи», – диэн миэхэ аҕалбыта. Дневникпэр маннык суруллубут: «Поэманы билиһиннэрэ, аахтара аҕалла. Балачча халыҥ. Ааҕан эрэбин. Сахалыы суруллубут да, үгүс эбээн тыла баар. Олору быһаарбыт киһи. Холобур, өрус диэн тыл баар. Ол, арааһа, биһиги өрүспүт буолбатах быһыылаах. Ааҕааччыга, саха ааҕааччытыгар, быһаарар сөп. Айымньытын түҥ былыргыттан саҕалыыр. Онно жужан бииһэ ахтыллар. Ону кылгатан жуан диэн суруйар. Былыргы түүрдэр бааллар. Урукку, билигин биллибэт холбоһуктар ааттара элбэх». Итинник бэлиэтэммиппин. Уолугар төннөрөрбөр элбэх тылларга сноска, быһаарыы биэрэр наадатын ыйбытым.
Мин бэйэм, «Быралыйбат былыргы» (2005), «Умнуллубат урукку» (2015) уонна ити икки кинигэҕэ киирбит уонна киирбэтэх былыргы тыллар, ааттар тустарынан «Хаппаргар хатаа» (2015) кинигэлэри бэчээттэппит киһи быһыытынан, Платон Афанасьевич төрүттэрин төрдүн поэматыгар сырдаппытын, бэрт элбэх историческай матырыйаалы көтөхпүтүн, ырыппытын, аан бастаан уус-уран суруйууга киллэрбитин кэрэхсии аахтым. Эбээн кырдьаҕас поэта уонна суруйааччыта Платон Ламутскай «Нимкакич» поэмата бэчээттэнэн таҕыстаҕына, ааҕааччылар сэҥээриэхтэрэ дии саныыбын. Эбээн норуотун төрдүн үөрэтиигэ Ламутскай туспа көрүүтүн, бука, сыаналыахтара.
Билиҥҥи хараҕынан көрдөххө, сорох сирдэргэ ситэ сырдатыллыбатах, чочуллубатах түгэннэр баалларын да иһин, ааҕааччы эбээн кырдьаҕас суруйааччытын көрүүтэ киэҥин, дириҥин, мындырын өйдүө. Бу айымньы, баҕар, эбээн норуотун былыргы историятын уус-уран ойуулааһын бастакы холонуутун да быһыытынан кэрэхсэтиэ. Эдэр чинчиһиттэргэ, суруйааччыларга саҥа санааны угуо, Саха сирин биир айымньылаах литературатын кэриҥин кэҥэтиэ, ураты жанрынан байытыа.
Николай Винокуров-Урсун,
поэт, кириитик, кыраайы үөрэтээччи,
СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата
Нимкакич[1]1
Нимкакич – номох.
[Закрыть]
Маҥнайгы сүһүөх торума
Өбүгэлэри быһа охсуу (холуйуу)
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Кыыл киһи икки ардынан
Ҥивэничэн өбүгэлэрдээх,
Иҥаричан төрүттээх
Өлө-өлө тиллибит,
Тимирэ-тимирэ күөрэйбит.
Ийэ буор дойдуларын,
Үөскээбит алаастарын
Быраҕан кэбиспиттэрэ
Быданнаабытын кэннэ,
Былдьаһыктаах үйэлэргэ
Үтүрүйтэрэн-үтүрүйтэрэн,
Үҥүүлээх батыйаҕа
Кэйдэрэн-кэйдэрэн,
Эвэскэн уус удьуордара
Хантан эрэ күөрэйтэрэ.
* * *
Үһүйээн, номох сураҕынан
Иһиллэр ээ киэҥник:
Соҕуруу дойду сылааһыгар,
Дьоллоох күн уотун анныгар,
Төгүрүк ыйдаах күөх уйгу
Лиҥкинэс мастарын быыһыгар,
Киэҥ истиэбин иэнигэр,
Оччолорго киэҥ сурахтаах
Эвэскэн судаарыстыбата
Туругуран ахан турбут,
Атыттары ымсыырпыт
Диэн номох баара эбитэ үһү.
* * *
Ол маннык эбитэ үһү:
Наһаа былыр Азияҕа
Гууннар биис уустарын
Бастакы сойууска Модэ —
Улахан деятель түмпүтэ.
Сүрүн уустар сүөһүлэнэн,
Сорох бараан мэччирэҥинэн
Биир күҥҥэ манна истиэпкэ,
Иккис күҥҥэ ол хайаҕа
Көһө сылдьан бытарыйар,
Мөлтөх да тэрээһин буоллар,
Киэҥ сири тилийэ сабардаабыт,
Модэ сойуус баара киэптээбит.
* * *
Бу судаарыстыба иһигэр
Эвэскэннэр эмиэ бааллара.
Ол иһин биис уустара,
Сэриигэ хотторбут биис буолан,
Гууннар кулуттарын курдук
Даан төлүүртэн куоппаттара,
Харахтарын өрө көрбөттөрө.
* * *
Ол эбиитигэр
Хас да үйэлэр усталарыгар
Гууннар баһылыктара Модэ
Хоту-соҕуруу походтары
Тэрийтиирэ, байаары.
Ол походтар дьалхааннара
Эвэскэннэр олохторун
Огдолутан барбыта.
Гууннар баһылыктарын иннигэр,
Жуаннар[2]2
Жуан – номоххо биллэринэн: жужан.
[Закрыть] сирэйдэрин ортотугар
Эвэскэннэр аймахтарыныын
Кыыл курдук көстөллөрө.
Ол иһин кырыктаахтык:
– Сэрииһитэ бэрт кыыллар,
Ураһаларыгар баттыахха,
Талыахха, кыдыйыахха! – диэннэр,
Эвэскэн түһүлгэтин
Биир-биир кыдыйар буолтара.
* * *
Ити Эвэскэн биис тарҕаһан,
Сир устун барыах эбиттэр.
Онуоха
Үҥүү-батас күүһүнэн
Омуктарга кыайтаран,
Сир устун үүрүллэртэн,
Наматкан удьуора биир уол —
Сэрииһит хоһуун Чибдэбил
Эвен удьуорун түмпүтэ,
Биир сойууһу тэрийбитэ,
Ону Сяньби[3]3
Сяньби – Л. Гумилев суруйарынан, бу биистэн монголлар үөскээбиттэр.
[Закрыть] диэн ааттаабыта.
Ол биис уустарын ааттара
Төрүт түөрт бырааттыы эбиттэр:
Улахан уус – Эвэскэн,
Үгүс аймах – Намасхаан,
Кыахтаах – Увань Отласив,
Амартан симиэстээх – Орогон.
Ити ааттара үйэлэргэ
Омугун көрдөрө иҥпитэ.
Кинилэр ыаллар көс аймах
Жуан сойууһун тэриммиттэр.
Инньэ гынан чугаска
Кырыктаах ыал баар буолта.
* * *
Ол да буоллар ыаллаһан,
Сойуустар син олорбуттара.
Чибдэбил хоһуун уолаттара,
Кини көтөр кынаттара,
Аймахтары түмэллэрэ.
Биир талаанньыт киирдэҕинэ,
Бары саба түһэллэрэ.
Сяньби сойууһун көмүскүүллэрэ.
Кырдьыга,
Бастаан кинилэр күүстэрэ
Итиниэхэ эрэ сөп этэ.
* * *
Бары барыта төрүөттээх,
Куһаҕан хайаан да оҥоһуулаах.
Сөрөгө дьоно Орочоллор
Икки ыал ураһата
Быстах бултуу сырыттахтарына,
Жуан сэриитэ кэлэн,
Ньимси сотон барбыттар,
Сурт ураһатын эрэ хааллартар.
Ону кэлэн,
Орпут биир кыыс оҕо
Сөрэчэҕэ тыллаабытын
Чибдэбил истэ оҕуста.
* * *
Талаанньыт ыалдьыттыын
Өр ыаллаһар сатамматын
Чибдэбил кагана өйдөөбүтэ.
Туора сылдьар атаҕастабылыгар,
Сорго-муІҥа киириэн
Аны төрүт баҕарбатаҕа.
Ол иһин
Саа-саадах эрэ күүһүнэн
Утары кимэри ордорто.
* * *
Манна ыҥырсыы тыаһын,
Сэриигэ бэлэм түбүгүн
Жуан сойууһун каганата
Истэ охсубут этэ.
Кини дьонун түмэ тардан
Урут сэриилиир санаалааҕа.
* * *
Ол да үрдүнэн Чибдэбил
Жуан кагана хайаларыгар
Уруттаан тиийэ охсон,
Ох саатынан куһуйуон,
Үҥүүнэн өтөрүтэ түһүөн
Баҕаран, суһаллык тэриммитэ.
(Ол кэмҥэ Чибдэбил каган
Саталлаах сэрииһитинэн
Сураҕа киэҥник иһиллэрэ).
* * *
Хамначчыт Жуан хаанынан
Сааны-саадаҕы хааннаатылар;
Эйэҥкэ Ачурма удаҕан
(Оччолорго эр ойуун суоҕа)
Сэрииһиттэр суолларын
Алгыы охсон атаарда.
Чибдэбил хара быыһык
Саҕынньаҕын иһинэн
Икки хос атыыр тириитэ
Куйаҕын кэтэн кэбистэ.
* * *
Жуан хайатын быыһыгар,
Чибдэбил сэриитин тоһуйа,
Жуан каганата утары көрүстэ.
Дьалхааннаах элбэх сэриини
Манна түмпүт эбит этэ.
Кырыктаах кырыыс сирэ
Манан буолуон сөп диэн,
Сабаҕалаабыт курдуктара.
* * *
Хаһан Чибдэбил сэриитэ
Ойууру-тыаны сирэйдэниэҕин
Жуан каганата сэрэйбэтэҕэ.
Кини сэриитин түмэн
Иннигэр куйахтаммыта.
Ол кэмҥэ Чибдэбил сэриитэ
Инники күөҥҥэ дуона суох,
Ол оннугар өстөөх кэтэҕэр
Сүрүн күүһүн илдьэн,
Окко-маска саһыарта.
* * *
Кыргыһыы илдьитэ буолааччы
Икки өттүттэн тыҥ хатыыта
Барыта ньим барда.
Онуоха бэйэ бодотун көрүнүү,
Өйү-төйү булунуу
Суоһа-суодала тирээтэ,
Өлүү аана аһыллаары турара.
* * *
Дьэ кэллэ… Чибдэбил хаһыыта,
Батыйата күҥҥэ килбэҥнээтэ,
Үҥүүтэ кытта имэҥирдэ.
Ону кытта тэҥҥэ ох саалар
Өстөөххө ыалдьыттаатылар.
Жуан оннооҕор элбэх оҕо
Чибдэбил үрдүгэр кыырайда.
* * *
Инники күөннэр өлөрсөн
Ортолоон эрдэхтэринэ,
Чибдэбил хаһаас сэриилэрэ
Өстөөх кэтэх ойууруттан
Оннооҕор уон алдьархайдаахтык,
Өстөөҕөр саба түһэн,
Аҥаар уһугуттан имиттэ.
* * *
Дьэ манна баара:
Өрө-таҥнары эккирэтиһии,
Үрүө-түрүө сырсыакалаһыы,
Онно бааһыран ынчыктааһын.
Аппа-дьаппа быыһынан
Куотан эрээччи да элбээтэ,
Хойуу ойуур быыһыгар
Саһааччы да үксээтэ.
* * *
Жуан каган тиһэх күүһүн
Арҕаҕар саба баттаата.
Каган төбөтүн быһа баттаан
Чибдэбил бэлиэ астарда.
Кыайыы-хотуу бэлиэтин
Хааннаах илкэни туруортарда.
Онтон
Баайы-дуолу олоччу талаан,
Хотторбут хамначчыты үүрэн,
Чибдэбил суолун анаан биэрэн,
Кыайбыт аатын иҥэрэн,
Тыаһаан-ууһаан, хаҥкынаан,
Соруйан суос бэринэн
Дойдутугар тиийбитэ.
* * *
Мантан Чибдэбил баһылыктаах
Сяньби сойууһа улахан суостанна:
Оннооҕор тюрк-каганат
Эвэскэннэри өҥөлдьүйбэт,
Тула өттүнээҕи ыаллары
Аны сабдыҥнаабат буоллулар.
Төһө өр маннык буолуоҕун
Ким дьылҕалыах муҥай!
* * *
Чибдэбил син сүгүн олорбот,
Наҕыллык кырдьыан баҕарбат:
Тула өттүн көрүнүөн —
Походтары оҥортуон
Санаата кыдьыгыран барар,
Күүһүн-уоҕун түмэр.
* * *
Өр-өтөр тардыллан турбакка,
Поход Амары[4]4
Амар – Амур өрүс.
[Закрыть] таҥнарда.
Бу киэҥ сир иэнигэр
Иччитэх курдук этэ.
Арай
Маньчжурия диэкиттэн кэлэн
Сүөһүлээх оронойдор
Олохсуйбут эбиттэр.
Кинилэр төрдүлэрэ
Эвэскэннэр удьуордара эбит.
Ол иһин Чибдэбил кагана
Бэйэтигэр холбообута
Уонна, тугу да тыыппакка
Төннөн бардар даҕаны,
Бу киэҥ Амар устун
Эвэскэннэри олохсутан,
Бултаах-астаах дойдуну
Баһылаабытынан барбыта.
* * *
Чибдэбил санаата син сиппэт:
Аны Лами[5]5
Лами – сахалыы Лаамы, Охотскай муора.
[Закрыть] обургу кытылын
Өҥөйтөлүөн баҕарар;
Маннык сүдү Ламига
Туохтар тоҕуоруйбуттарын,
Ойоҕостоһор ыал буолуон,
Кимнээх баалларын билиэн
Сүрдээҕин баҕарбыта.
* * *
Бу поход айана дохсуна,
Туох баарын тоҕо үктээн
Лами кытылын булбута.
Онно булчут уйгурдар
Биирдии бултана сылдьалларын
Селенга диэки кыйдаабыта.
Ох саа бастакы тыаһа
Эвэскэннэргэ уйгурдар
Үйэлээх өстөрүн тэрийтэ.
* * *
Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр
Бигэ эрэллээх буолан,
Ол уйгур өс-сааһын
Төрүт да билэ сатаабатаҕа.
Кинилэр сирдэрин олоччу,
Баай хара тыаны ботуччу
Баһылаан ахан киирбитэ,
Сырыыта мэнээх хаалбата±а.
* * *
Хас да походтар дьалхааннара
Чибдэбил күүһүн ылбыттара.
Бүтэһик походун кэнниттэн
Улаханнык илистибитэ.
Кырдьардыын-ыарыылыын
Кыаҕын былдьатан испитэ.
Каган Чибдэбил бэйэтэ,
Кырдьар кырыыс кэлэн,
Түҥкүрэ кырдьыбыта.
Ол эбиитигэр ыарыыта
Сойууһун салайар кыаҕын
Букатыннаахтык эһэн,
Соҕурууттан, арҕааттан
Суоһуур өстөөх алдьархайтан
Эвэскэн аймаҕы көмүскүүр
Кыаҕын букатын сүтэртэ.
* * *
Оҕолоро алдьархай чугаһын
Бэркэ дьиксинэ көөртөрө:
Каган оннугар баһылык,
Сяньби сойууһу иилиир,
Хоһуун оннугар хоһуун,
Норуотун бииргэ түмэр
Эрэллээх тойон наадата.
Ону Чибдэбил аҕа аныыр
Киэҥ-дэлэй былаастааҕа.
* * *
Бу иирсээн дириҥэ суох,
Киэҥ айгыр улаҕата суох
Мөккүөн дуола буолуоҕун
Өйиндьэ туора түстэ,
Сяньби сойууһун үрэйээри сорунна.
Оччотооҕу дьиикэй дьон
Санаалара улахан хабыра
Маннааҕы иирсээҥҥэ тиэртэ.
Ол хайдах силистэммитин
Мин манна кэпсиим.
Сөрөгэ:
Аҕа баһылыкпыт,
Кырыйда диэн атаҕастаабаппын,
Быһыы-майгы күһэйдэ.
Эн истэн сэргии түс эрэ.
Биһи эмиэ соторунан
Жуаннар кэптэрин кэтиэхпит.
Ол иһин эрдэтинэ,
Эн оннугар бу сойууһу
Убайбыт баһылыыра
Төһө-хачча буолуо этэй?
Биһи хайдах буолабытый?
Хайдах көмүскэнэбитий?
Ону тобулар уолдьаста.
Кырдьаҕас Чибдэбил тойон
Халтаһатын тордуоҕунан
Өрө тардан атытта.
Уота өспөт хараҕынан
Сөрөгэни көрөн ылла.
Кэһиэхтээх куолаһынан
Саҥаран киирэн барда,
Тохтуу-тохтуу онолуйда.
Чибдэбил:
Сөбү этэҕин.
Барыта бүттэ манан.
Солуни убайыҥ арай
Соргулаах суолу тобулуо.
Сөрөгэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Эн тугу тобуларгын,
Бырааттыылар биһи барыбыт
Күүтэбит туох дииргин.
Чибдэбил:
Истиэп иэнэ кыараабыт,
Бултуур да сир былдьаһыктаах.
Онон убайдаргын ыҥыр,
Сүбэлэһэр кэм да ыгым.
Кырдьан эмиэ буорайдым,
Бүтэр тиһэх күн тилиннэ.
Оо, хаарыан тэрийбит сойууһум
Үрэллиэх муҥа буолуо дуо?!
* * *
Итинник сорудах кэнниттэн
Олоруох бокуой кэлиэ дуо?!
Уучах кыыл тыынынан
Сүүрдэн эргийэ оҕустулар.
Уолаттар кэлэ охсоннор
Аҕаларын тула олордулар.
Кэһиилээх матаҕа тутан
Аҕаларыгар үҥүлүттүлэр.
Уонна кини тылын күүтэн
Аҥаһан аххан олордулар.
* * *
Чибдэбил:
Оҕолоруом, мин сотору
Үөһээ дойдуга барабын.
Холболоон бараҥҥыт ону
Үс тииккэ араҥастаарыҥ.
Бөҕө гына оҥорооруҥ,
Хараллар иэспин толорооруҥ!
* * *
Бары да хоп курдук:
Хараллар иэскин толоруохпут.
Биһигиттэн бардаххына
Хайдах ыал буоларбытын
Инникитин ыйыах этиҥ!
* * *
Чибдэбил:
Сяньби сойууһу тэрийэн
Аймахтары бииргэ түмтүбүт.
Ол үрдүнэн сорохторбут
Ыраах куотан барбыттара,
Нанахайдаах күрэммиттэрэ.
Кинилэри ситтэххитинэ
Урууларбыт дии санаарыҥ!
Ол оннугар Тюрк-каганат
Улаханнык кыаҕырда.
Кэннибититтэн кэнэйдээн
Сүгүн олордоро суох!
Дьэ, уолум Ньөлбуни нохоо,
Каган оннугар каган
Билиҥҥиттэн буолуоҥ буоллаҕа.
Итини бары истиҥ,
Барыгыт бас бэриниҥ!
Солуни:
Каган оннугар каган
Ньөлбуни буолара сөбө.
Оччоҕо сойууһу араҥаччылыыр,
Олоҕу инники түмэр
Баһылык оннугар тойон,
Аҕа анаммыта эскэн!
Өйиндьэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Олоҕум салҕаннын диэммин
Үлүгэрбит өҥөйөөтүн
Үтүө, төрүт аҕабыттан
Өрүһүйэр суолу тобул диэн
Каган үс-бараа күлүккэр
Сүгүрүйбүтүм баара.
Дьэ, алаатыка, оҕолоор,
Олохпутун өрүһүйүө диэн,
Күнү-дьылы күөнтүөҕэ диэн,
Өй-санаа бүгүҥҥүлээҕин,
Дьаһалынан сарсыҥҥылааҕын
Булан-булан ордороҥҥун
Хаарыан күнү өһө±үрдэн,
Түҥнэри төлкөлөөтөҕүҥ!
Олорбуппут эрэ сыччах
Буолуо суоҕа дуо, аҕаа?
Ньөлбуни:
Харыс иннин көрбөккө
Кыччаҕар тугу диирий?
Улуу үрэхтэн уларыйан,
Туспа дойдуга тиийэн
Каган буолаары тиистэ дуо?
Хомуруйбут иэстэлгэр,
Ити баламат тылгар
Батас оонньуутун ыҥырдыаҥ?
Ээххин этитиэхпин санаан,
Быраатым диэммин тохтоотум.
Ньүдьү-балай эйигиттэн
Ас тахсыан көрбөппүн ээ.
Өйиндьэ:
Каган буолан өйүүргүн,
Түскэн олоҕу тускулуоххун
Ончу көрбөт буолуохпут,
Иҥсэҥ адьас кыайыа эбээт!
Сирэйбин кэрчиктэнэрбин
Отой туохха да уурбаппын.
Миэхэ суох үһү дуо батыйа?
Толлуо диигин дуо, адьарай?
Чибдэбил:
Мин аҕа курдук аҕаҕыт
Тиһэх тылбын этэбин:
Аны күөн көрсөн эрэҕит дуо?
Мин түмүк тылым маннык:
Иирсээҥҥитин көннөстүҥ!
Иирсээннээх эрилкэй мас курдук
Дьоҥҥо абааһы көрдөрүмэҥ!
Ону истибэт буолларгыт,
Өбүгэ дьүүлүн ылыаххыт.
Ньөлбуни:
Иирээни тардар килчэгэр
Тылын ылан көннөрдүн.
Үөҕүллүбүт мин буруйбун
Тугу да билбэккэ олордум.
Быраат убайы ытыктаабакка
Көмүрүө курдук эппитигэр
Ити күтүр иннин ылыҥ,
Өбүгэ дьүүлүн көрдөрүҥ!
Өйиндьэ:
Ньөлбуни күтүргэ
Баһылатыам эрэ суоҕа!
Өбүгэ дьүүлүнэн кыраныам,
Аҕаа, миигин күүһүлээмэ!
Чибдэбил:
Дьэ, уолум, эн иһит эрэ,
Биир силискэ үүммүт
Түөрт мас бииргэ эмэҕирэр.
Ону эрдэ араартаатахха,
Сонно үргүлдьү өлөр-хатар
Диэн ыччакка этиллэр.
Өбүгэ дьүүлэ кытаанах,
Күүһүлэниэхтээҕэр үүрүллүөҥ!
Ону өйдүүгүн дуо, адьарай?
Өйиндьэ:
Дьэ бу кынчарҕан кэнники
Сири кыаратар ини.
Ох саа кыырайан тиийбэт
Сиригэр дьүгэлийбит ордук.
Чибдэбил:
Хаан уруугуттан тэскилээн
Син кырыыска бараҕын!
Үйэлээх сааскар удьуоргун
Харахтаабат гына андаҕай!
Ол өбүгэҥ бастакы дьүүлэ.
* * *
Мас эмэгэт иннигэр
Өйиндьэ андаҕайар.
Барыларын иннилэригэр
Өйиндьэ тыла өрөлөһөр:
Өйиндьэ:
Ньөлбуни каган түөһүгэр
Сүгүрүйүөм кэриэтин
Дьоммуттан арахсан быралыйыам,
Ыт курдук киэр үүрүллүөм!
Ийэлээх аҕаттан арахсар
Ыараханын да иннигэр
Уол оҕо санаата биир —
Ол кэриэтэ буруйум иһин
Абааһы аймах аргыстаныам.
* * *
Өйиндьэ өбүгэ дьүүлүн
Күтүр киҥигэр ыллаҕа.
Аҕа-ийэ кэриэһэ диэни
Төрүт билбэккэ бардаҕа.
Орочон дьоҕус аймаҕын
Хаан уруутуттан араардаҕа,
Ахтыһыы-ытаһыы муҥун
Бастакы бу биллэҕэ.
* * *
Нанахай диэн убайдара
Урут Амары таҥнарта.
Ол амыдай туохтан оннук
Дьүгэлийтин билбэппин.
Кини кур суолун суоллаары
Өйиндьэ соруммут этэ.
Икки улахан удьуор
Туора хааман биэрдэ±э.
* * *
Ити кэнниттэн сотору
Каганнар каганнара тэгмэр
Аатын ылбыт аҕа Чибдэбил
Таҥараҕа барбыт диэн аатырда.
Холботун үс салаалаах
Адам тииккэ ыйаатылар.
Уолаттар аҕаларын
Кэриэстээн андаҕайдылар.
* * *
Удьуору бүтүн хаалларарга,
Бииргэ ханыыны түмэргэ,
Туора ыал күһэлтиттэн,
Бүтүн хаалар туһуттан
Ыраах дьаадьыйан биэрэн,
Бүччүм сири булан баран,
Олохсуйарга баҕардылар.
Ньөлбуни баһылык буолла,
Каган титулун ылла,
Саатын-саадаҕын иилиннэ,
Дойдутун үстэ эргийдэ.
* * *
Кинилэр эрэйдээхтэр
Быстан-ойдон тиийэн,
Амар Сэрэндьэтин,
Эгдьэн[6]6
Эгдьэн – улахан.
[Закрыть] нам Сэлэнгэтин,
Лами күөл кытылын,
Өлэньэ Босагандьатын
Сир-дойду оҥостоннор,
Хара тыатыгар бултааннар,
Далай уутугар балыктааннар
Киһи-хара буолбуттара.
Оччоҕо эрэ
Өстөөх күөнүн утары
Үҥүү-батас көрсөр кыахтааҕа.
Ол күүһүн өҥө оҥостон,
Хас да үйэлэргэ өнүйэн,
Тигинээн олорбуттара.
* * *
Хайа танмаритын курдук
Хойуу ной буруолаах,
Халаан уутунуу күүстээх,
Эрчим, хоһуун дьонноох
Эвэскэн аймах удьуора,
Бэһэл эвен аатыран,
Увань хаана, «дьиҥнээх киһи»,
Тоҕуоруйан олорбуттара.
* * *
Кинилэр чугас ыаллара
Сүрдээх быһый кижи,
Билигин мөлтөөтөр даҕаны,
Сэрииһит удьуор бүрээт,
Бэрт үгүс дарбаан тыастаах
Курикэн омук баара,
Ханна эрэ кыргыс диэн
Атастар бааллара үһү.
* * *
Манна кэлэн эвэскэннэр
Сорох ыаллары кытары
Кырыктаах кыр өстөөҕө,
Сорох аймахтардыын
Уруулуу курдук эйэлээҕэ.
Кинилэр үтүө үгэстэрин
Кыра кыралаан ылбыттара,
Бэйэ сорох абыычайдарын
Атыттарга бэрсибиттэрэ.
* * *
Оо, бу удьуор тыынын салҕаан
Дьиҥнээхтик киһитиппит
Табаларынан көспүттэрэ,
Таба ииттэн дьарыгыртара.
Көлөлөөх омук аатыран
Эвен Сибиири тунуйбут,
Истиэп устунан сэмсээбит,
Хоту-соҕуруу тиийтэлээбит.
Оҕо төрүүр
Сяньби сойууһун тобоҕун
Ньөлбуни каганкан сирдиир.
Үс аҕа ууһун биир-биир
Бөлөхтөөннөр өйөннүлэр.
Тэйдэр тэйэн, бардар баран,
Тюрк-каган судаарыстыбаттан
Быдан ыраах күрэннилэр.
Күннэтэ үтүрүллүүттэн,
Быһыта хадьырыллыыттан
Быстах эрэ уоскуйдулар.
* * *
Мантан ыла сыал-сорук
Дуоннаах син уларыйбатах.
Тыыннаах буолар иннигэр,
Булду бултуур туһугар
Киэҥ сири тилийэ сүүрүөххэ,
Иҥиир-күүс эрчимин
Харса суох туттуохха.
Күн ахсын ол оннук этэ.
* * *
Наматкан удьуор ыччата
Ньөлбуни диэн аҕалаах,
Буркан диэн ийэлээх
Бэһэ эвен наматканнар,
Элбэх хаан аймахтардаах,
Кинилэр эрэ дэтэннэр,
Баһылык удьуор сураҕыран,
Бу дойдуга олорбуттара.
* * *
Онно
Хотун Буркан дьонугар
Кистээн үөрдэр кэһиилээх.
Кини дьолуота сотору
Уолу төрөтөн дьоллуохтаах.
Оччоҕо үөрэн
Хара тыата дьигиһийиэ,
Далай уута долгуннуруо,
Ойууртан кыыллара кыҥыа,
Үрдүттэн көтөрө өҥөйүө.
* * *
Оҕо төрүүр – киһи төрүүр.
Дарбаана суох буолуохтаах.
Көтөҕөөччү эмээхсин
Соҕотоҕун алгыахтаах.
Оҕо төрүү соруммутунан
Суукка иһинэн төрүөхтээх.
Малааһыннаах үөрүүтэ
Номнуо буолбут буолуохтаах.
* * *
Ийэ Буркан хоһулайан
Үһүс хонугар төрөттө.
Уол оҕо одьунааһын,
Мөхпүтүнэн кэлээччи,
Хайалар төбөлөрүн
Логлорута хаһыытааччы,
Үстээх үөҥэс сарыытын
Хайыта тэбиэлээччи
Оҕо дэнэр аарыматын.
* * *
Маннык сүдү сонуну,
Кырдьык сөҕүмэр быһыыны
Үөһээ халлаан диэкиттэн,
Олох дьолун түстээччиттэн
Таҥнары өҥөйөн көрдүлэр,
Ханнык оҕо төрөөбүтүн
Билгэлээн көрөн бардылар,
Уолу бэлиэҕэ ыллылар.
* * *
Маны көрөн Орто дойду
Аймах дьоно мустаннар,
Үҥүүлэрин ууналаатылар,
Үөрэ-көтө айхаллаатылар,
«Алике! Алике!» – диэтилэр.
Ону билэн аллараттан
Өксүөннээх тыал түстэ,
Этиҥнээх ардах кутта.
Ариҥка оҕонньор өҥөйөн
Тылын салбанан барда,
Ынчык бөҕөтүн түһэрдэ.
* * *
Дьэ онтон эһэтэ,
Дууһата хомойуоҕа диэн,
Муннугар силиинэн бистэ,
Хоһуун буоллун диэн эбэтэ
Муустаах тымныы уунан сууйда.
Алгыс үтүөтүн алҕааннар,
Инникитин түстээтилэр,
Малааһыны тэрийэннэр,
Дьону-сэргэни үөртүлэр.
* * *
Үөрүү-көтүү ортотугар
Кырдьаҕастар сылыктааннар
Оҕо хоһууна чинчилиннэ,
Дьүлнэкун диэн аат бэрилиннэ.
Такымын иҥиирин көрөн:
«Аҕатын эрэ туйаҕын
Хатарыах оҕо», – дэстилэр.
Мантан ыла кинини
Им-дьимкээн ииттилэр,
Күҥҥэ да көрдөрбөттүү
Күндүтүк туттулар.
* * *
Күөх оттуу үүнэр оҕобут,
Баардаах баара өтөн, уолбут:
Үстээҕэр үчэһэ үрдүгэр,
Биэстээҕэр эһэҕэ киирэр,
Тоҕустаах лөкөйү соһор.
Онтон ыла аҕата куруук,
Бэйэтин тэҥнээҕин курдук,
Уолун эрчийэр идэлээх.
Атаҕар чэҥкээйилээх
Хайаны өрө сүүрдэрэ,
Уоттаах чоҕунан быраҕан
Аһырык оҥороро,
Кэнниттэн ыппыт оҕун
Тиҥилэҕинэн хаптарара.
Онтон ыла уоллара
Аһырык чинчилэннэ,
Туоллан киһи ахан буолла.
Тыаҕа бултана сүүрэр:
Муостаах күтэрэттэри
Муостарыттан сыһан таһар,
Күтүр киҥнээх адьарайдары
Сабырҕахтарыттан сыһар.
Кэргэннэнии
Уол дьүһүнэ
Симиллибиттии лаппаҕар,
Бодолоох эбит Дьүлнэкун:
Дараҕар кэтит сарыннаах,
Маҥан төгүрүк сирэйдээх,
Хара өрүү баттахтаах,
Буут эти уурталаабыттыы
Лоппоруспут быччыҥнардаах,
Дүлүҥ саҕа сотолордоох —
Чахчы бухатыыр көрүҥнээх,
Киһи киэнэ модьута эбит.
* * *
Тоҕуһуттан сэрииһит дьонун (хөнэллэрин)
Бэйэтин тула хомунна,
Эрчим хорсун походтарга
Бааттаах аата ааттанна.
Киһи буолар кэскили
Тэринэр кэмэ уолдьаста.
Ол гынан баран, доҕоттор,
Дьээбэ киһи дьээбэтик
Кэргэҥҥэ тиксибит эбит.
Дьэ ону анаан иһит.
Дьэ маннык диэн мин кэпсиим.
Сырыы киһи ибэдьитэ,
Булчут киһи томадьыта,
Биир сиргэ олоруо дуо,
Түбүнэрин тохтотуо дуо?
Ол сылдьан ийэтигэр этэр:
Дьүлнэкун:
Ийэ, сарсын ыраах барабын,
Этэрбэспин алта хос уллар.
* * *
Ийэтэ сөҕө-махтайа,
Түүннэри, күнүстэри түбүйдэ,
Үйэҕэ да тэстибэт гына
Уллуҥнаан бүтэрдэ:
Мэнээх киһиэхэ анала суох,
Арай бухатыыр кыайыа.
Кырдьык даҕаны биһи уолбут
Ааттыын ааттаах бухатыыр,
Сүдү атаҕар кэтэн,
Санаата дьэ ситэн
Сэбин-сэбиргэлин иилиннэ,
Ыраах бултуу аттанна.
Арай
Үрэх уҥуоргутугар түбэҕэ
Аарыма кыылы өлөрөн
Сүлэн астыы олордоҕуна,
Кэлин өттүттэн киһилии
Саҥа дорҕооно иһиллибит.
Ол хоту өҥөйөн көрбүтэ,
Батыйанан дайбаары гыммыта,
АнарааҥІыта киһилии саҥалаах
Хагдаҥ эһэ энэлийбитэ,
Аҥаар мааны атаҕынан
Муннун саба туттан,
Кырыытынан кылыылаан
Саҥа саҥалаах буолбута.
Эһэ:
Һэ! Һа! Дьаа, абыраа!
Миигин өрүһүй, харыһый!
Саатар өһөҕү да бэрсиий!
Ыран өлөр кэллэ дии,
Ас көрдөөн булбакка дьүүкэрдим,
Абыраа, өрүһүй! Ар-ар!
* * *
Дьүлнэкун саҥата суох
Кыылын буутун үІүлүттэ.
Кырдьык итэҕэйэн онно
Аһына одуулуу олордо.
Эһэтэ аһыы сатыыр, мүлүктүүр,
Айаҕыттан эт куота турар.
Эһэ:
Дьүлнэкун, бэрсибиккин дэ кыайбатым.
Үйэлэргэ чөлэпкиннэммитим,
Айахпын туора үүннэммитим.
Ону эн эрэ босхолуургар
Онир анаан кэбиспиттэр.
Кытаат, дьа, абыраа даа!
Кисо-кисо![7]7
Кисо-кисо – хос тыл.
[Закрыть]
* * *
Дьүлнэкун хас да хос куйаарга
Эриэһин тимирин ылан
Батыйанан бысталаабыта,
Эһэ чөлэпкинин босхолообута.
Онтон үөрэн эһэ эймэммитэ:
Эһэ:
Аны үүммүн өһүлэҥҥин
Дьоллоон абыраа, тоойуом!
Өө-өө-ө!
* * *
Бастакытын үөнү итэҕэйэн,
Иккиһин абыраары,
Дьабадьытыттан харбаабыта —
Хаҥас илиитэ хам сыһынна.
Ону эрэ күүппүт адьарай
Иннин диэки ыстанна,
Бии ытылҕаҥҥа түһэрдэ.
Дьүлнэкун уол эрэйдээх
Үктэнээт,
Көтөр сиригэр көттө.
Айан дьоно диэн ааттаан
Ыыра тохтоон көрбөтүлэр,
Сырыы дьон сылайдыбыт диэн
Сынньанаары санамматылар.
Төһө-хачча барбыттарын
Бэйэлэрэ да билбэтилэр,
Ол иһин, Дьүлнэкун
Өй ылан батыйатынан
Эһэ төбөтүн туһаайан,
Чаалкайа, таһыйа истэ.
Ап куйах тоһуура түбэһэн,
Хотторбокко чаҕыллар.
Ону ол диэбэккэ эрэн,
Үрдүк хайаны өрө сүүрдэ.
Эһэ:
Эдэр оҕо талыыката,
Төһө хачча хорсун эбиккин
Манна сүрэхтэнэн көр!
Эн маҥнайгы дьоҕуланар
Төрүөккэр бу тириэртим-ээ.
Уол оҕо одьунааһа,
Сэрэн-сэрбэн эрэ, нохоо!
* * *
Дьүлнэкун көрдөҕүнэ, арай
Туруору хайа оройо,
Түгэҕэ суох дьаппа иһэ.
Эһэтэ таҥнары төкүнүйдэ.
Ону кытта барсан иһэн
Уол өлбөт сүбэтин тобулла:
Тааска бастакы охсуллууга
Батыйатын тайыыланна,
Иккис иэдээн кэлбитигэр
Иккистээн тайыыланан
Таас анныгар кыырайда.
Хайа анныгар эһэтэ
Атаҕын сыһа сылдьар,
Төбөтүн алларар куттал
Айаннарын эмиэ салҕаата.
Эһэ:
Уол оҕо одьунааһа,
Бастакы буому туораатыҥ.
Аны иккис тоһуургуттан
Куотарыҥ биллээхтээбэт.
Эйигин дьоҕулуур далай
Ооҕуй бадараанныыр дьэбэрэтэ
Хоһуун киһи хоһуунуҥ.
* * *
Арай
Уол иннин көрдөҕүнэ:
Уһуга-туората биллибэт
Биир кэм далай былҕайбыт,
Арай биир кэм будулуйар.
Эһэ уу иһинэн-үрдүнэн
Балыктыы ундьулуйда,
Дьүлнэкуну тимирдэ сатыыр.
Онуоха киһи киһилии хоһулайда,
Ох саатын харбаан ылла,
Уҥуоргу диэки туһаайда,
Ытан аптаан кэбистэ.
Далай уута тоҥмуттуу
Мууһуран суол буолла.
Ол устун дыбдыйда.
Эһэ уҥуор дууһата эрэ
Сыккыраан тиийбитин
Оройго биэрбитигэр
Айанын салгыы турда.
Этэҥҥэ ааспыт аастаҕа,
Инники тоһуур турдаҕа.
Айан дьоно айанныыллар.
Сылайыы диэн манна суох,
Сырыы суһалсыйан истэ,
Кэннинэн кэхтэр диэн суох.
Эһэ:
Туох-ханнык үс туомнаах,
Дьүлэку, маны ааспаккын.
Уот кыһыл тылынан салатан,
Эйигин сиэтэ илдьэбин.
Ааттаах аатыҥ сураҕыран
Арай эр сүрэх быыһыаҕа.
Өлөр да буолларгын,
Хайдах өлөргүн кэтэн эрэ.
Ол эрээри,
Сэбэрэҕин тардын эрэ!
* * *
Дьүлнэкун көрдөҕүнэ тула:
Сири уот тылынан салаабыт,
Кулуһун умайан куйаарбыт.
Эһэ оройунан уокка түстэ.
Уот төлөн салаабытынан
Туора эрийиэх буолла.
Онуоха
Дьүлнэкун батыйатын килбэҥнэттэ,
Уот тылы быһыта оҕуста.
Ол ахсын уот мөлтөөтө,
Кэнникинэн умулунна.
Уот уҥуоргутугар эһэ
Түүтүн ньылҕаарыччы саланна.
Уонна айаны салҕаан
Сүүрбүттэрин тохтоппотулар.
Ол тухары оройун
Алларар алдьархай тирээтэ.
Кэнникинэн сотору-сотору
Часкыйар буолла эһэ:
«Айа, өлөрүмэ, түксү!»
Уол сэтэрэ-сэтэрэ
Ордук омуннура истэ,
Буомнары туораатаҕын ахсын
Күүһүгэр күүс эбилиннэ.
* * *
Төһө-хачча сүүрбүттэрин
Оччо диэн мээрэйдээбэттэр.
Кырыаран кыһыгыраттаҕына,
Кыһын эбит дии саныыллар,
Ирдэҕинэ, сайын ээ дэһэллэр.
Эһэ:
Кыыс оҕонон итэйэр
Уолан сааһыҥ сиппит эбит,
Кэргэннэнэр уочаратыҥ
Уолдьаспыт, туолбут эбит.
Ол иһин күтүөт оҥостуом,
Кыыс дьахтар талыытын биэриэм.
Миигин өлөрүмэ, тоойуом.
Айа, оройбун тобулума.
* * *
Түһүлгэ ортотугар
Эмискэ баар буола оҕустулар:
Иннилэригэр маҥан ураһа
Дыгдаллан ахан турар.
Били илиитэ сыстыбыта
Хаһан, ханна хоҥнубутун
Бэйэтэ да билбэккэ соһуйда.
Отласив (Увань)
Эчуллэ, эчуллэ[8]8
Эчуллэ, эчуллэ – маннык, маннык.
[Закрыть],
Ааспыт үйэ тобоҕуттан
Ордон хаалбыт ытык аҕаҕыт
Кырдьар үйэм кэлбиччэ
Кэриэс-хомуруос буоллун диэн
Бу саҥа үйэни арыйтарар
Аартык оҥостор күтүөппүнэн
Дьүлнэкуну ааттаан-суоллаан
Кэскил көрдөһө аҕаллым.
Биаганка, аанна астар,
Олбоххун ууран тоһуй,
Дьолло-соргута түстээ! —
диирин кытта,
Чаҕар уолаттар кэлэннэр
Илиититтэн сиэттилэр,
Ураһа иһигэр киллэрэн
Кыыс аттыгар олортулар.
Айан киһитин быһыытынан
Дьүлнэкун тас таҥастарын
Устарын кыыс харбаата,
Илийбитин хатара[9]9
Хатара – куурда.
[Закрыть] ыйаата.
* * *
Ол олорон уол көрдөҕүнэ:
Ураһа уҥуоргу улаҕатыгар
Уу чаккыраабыт киһитэ олорор,
Көлөһүнүн сотто-сотто
Өрө тыынан уһуурталыыр.
* * *
Дьүлнэкун тула өттүн
Сэрэххэ чинчилии көрөр:
Аттыгар эдэр кыысчаан
Кинини одуулаһар.
Хайа үйэтинээҕи кэргэннии
Буолбут курдук туттар арай.
* * *
Болҕойон өйдөөн көрбүтэ:
Увань[10]10
Увань аҕа ууһа – Байкалтан Амур, Лена икки ардыгар олохтоох эвен удьуора.
[Закрыть] удьуора удьуордаах,
Эвен хаана хааннаах хундул
Аҕа, эһэ ханыылара
Отласивкан Увань эбит.
Көлөһүнүн сотторун быыһыгар
Тыл саҥара тураахтыыр.
Отласивкан ырыата:
Эчуллэ,
Эчуллэ,
Монгур диэн тэлгэһэлээх,
Амар диэн эбэ хотуннаах,
Оролкон диэн аат ааттанан,
Урааҥхай диэн ыалланан
Увань удьуора дэлэйиэҕиттэн
Оси дьалан Ҥивэничэнтэн,
Оси дьалан Иҥаричантан
Тымыр сыдьаан тардыммыт,
Үөр оран[11]11
Оран – таба.
[Закрыть] иитимньилээх,
Өмчэни диэн аҕалаах,
Ҥивэничэн ийэлээх,
Отласив диэн ааттаах,
Инари-Буркан диэн хотуннаах
Төрүт ыал удьуора буолабыт.
Үйэ кэрдиис үктэллээх,
Олоҕу тэрийэр дьылҕалаах,
Онир тойонтон ыйаахтаах,
Бугу Бугунтан оҥоһуулаах,
Ньиҥа Ньивтантан кэскиллээх,
Оси дьалан Чириничээн диэн
Киһи аймах кэрдииһигэр
Аймах удьуоргун киллэрэн
Үйэни тэрий диэннэр
Кыыһы (олоҕу) туттаран кээстэрэ.
Дьэ онуоха
Бүтүн үйэ кэрдииһин
Нус-хас олоҕор удьуорбун
Суоллаан-иистээн киллэрээри
Үс тоҕус сылы быһа сүүрдүм,
Сэниэбин онно бараатым.
Удьуор-билэ дьоммуттан
Бу үйэ баһылыга буолуох
Уолан ахан киһини
Дьэ, таба харбаатым курдук.
Айон[12]12
Айон – үчүгэйиэн.
[Закрыть]-айон-айон-айон,
Эчуллэ,
Эчуллэ.
Биаганка, кыыс хотун,
Эйиэхэ сөптөөх доҕору,
Булан-талан аҕаллым ээ.
Чирини үйэтин түстүөх киһини,
Холоонноох уолу ииттим ээ.
Ону хоойгор уктаҥҥын
Сылааскар сым курдук сытыар,
Итии дьиэҕэр киллэрэҥҥин
Сылайбытын сынньат эрэ.
Айон-айон-айон-айон,
Эчуллэ,
Эчуллэ.
Хоһуун киһи, Дьүлнэкун,
Эндэкэкэн[13]13
Эндэкэкэн – баай киһичээн.
[Закрыть] киһини булбучча,
Күүскүн-уоххун кэмнэстибит:
Сири бастакы эргииргэ
Төһө-хаччаҕын көрбүтүм,
Сири иккис эргииргэ
Ийэ сиргин кэрийтэрбитим,
Сири үһүс эргииргэ
Эбии күүһү эрчийбитим.
Эчуллэ,
Эчуллэ.
Сүдү киһи эн аналыҥ:
Чирит үйэтин баһылааһын,
Аймах дьоҥҥун дурдалааһын,
Ийэ буоргун талаанньыттан
Дууһаҕынан харыстааһын.
Ол
Одун хаан ыйааҕа,
Бугу-Бугун оҥоһуута,
Онтон кыратык да кэчэһэр
Сатаныа суоҕа,
Ону бэйэҥ билээхтээ!
Айон-айон-айон-айон!
Эчуллэ,
Эчуллэ.
Өлэнэ үрэх эйгэтигэр
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?