Электронная библиотека » Раиса Сибирякова » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Уһаабыт сааскы түүн"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Раиса Сибирякова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Раиса Спиридоновна Сибирякова-Аайа
Сааскы уһаабыт түүн

Хотууна хотоку
Быраас сэһэнэ

– Пахыый, бу эбээ мааны хотокута Хотууна харатыын! Мунна сүһүөхтээх эбит дуу? Хараҕыын, тураах оҕотун курдук эп-эриэнинэн эрилис-турулус көрөн түһээн. Мотуруус, туох быстар мөкү дьүһүннээх нууччатыгар кыыскын оҥотторбуккунуй? – бобуонньуктуу бааммыт былааттаах, хара малаҕар сирэйдээх дьахтар мин наһаа мара дьүһүммүттэн бэркэ кэлэйэн, чыпчырынан кэбиһэр.

– Дьэ диэмэ да, сорунаары сорунан, кырасыабай да соҕустан булуохха баар эбит, – ким эрэ сэҥээрэн чалаарар. – Микииттэ Маайаттатын били эспэдииссийэ киһититтэн кыыһа олох «тоҥ» дии. Сып-сырдык, ып-ыраас, мааска оҕотун курдук. Дьэ, улааттаҕына, баасынай баарысынатын ааттааҕа буолан тахсыа. Уол бөҕөтө эккирэтэн бурукучутуо.

Мин куһаҕаным бэрдиттэн кыбыстан ийэбэр саба түһэбин. Киниттэн ураты тугу барытын, кими барытын, ол иһигэр, аан бастаан ити тыллаах дьахталлары, ол ханна эрэ баар Маайатта бааһынай кыыһын абааһы көрөбүн. Сарылыы-сарылыы ытыах эрэ санаам кэлэр.

– Чэ-чэ, бээ хотуйдаар, тохтооҥ, бэлэскит үөнүн хончоҥнотон бүтүҥ! Бии бэйэлээх ийэтин көрсөөрү кэлбит оҕону моһуоктаан түһэҥҥит, – ийэм буойар саҥатын истэммин эрдийэбин.

Дьахталлар күлсэ-күлсэ тахсар тыастара иһиллэр. Мин ийэбиниин көтөхсөн иккиэйэҕин хаалабыт. Ийэм эбээлиин хайдах олорорбутун, детсакка туохха үөрэтэллэрин, тугу аһаталларын ыйытар. Хоһоон ааҕан лабыгыратабын:

 
Түргэн сыыдам «Газикка»
Төрдүө буолан олорон,
Тиийэн кэллим детсакка.
Чүөчэ эдьиий, дорообо…
 

«Газик» диэн тугуй? Мин ону билбэппин, билэ да сатаабаппын. Аттыбар ийэм эрэ баар буоллун. Детсакка сарсыарда арыылаах, саахардаах хааһы, күнүс миин уонна торуой сиэтэллэрин, кисиэл иһэрдэллэрин, онтон киэһэ үүтү кытары халаачык биэрэллэрин истэн үөрэр.

– Миигин батыһан манна кэлсибитиҥ эбэтэр дьиэҕэр олорбутуҥ буоллар, билбитиҥ эрэ балаҕан иһэ буолан, наай гыннар арыылаах килиэби мотуйуоҥ этэ. Көр, ол детсад барахсан аһа-үөлэ үчүгэйин, оҕо бөҕөтө баар ини, сыллыый?

Сөбүлэһэн кэҕис гынабын. Дьиҥинэн, мин дьиэҕэ олорорбун баҕас сирбэппин. Күнү быһа бэйэ талбытынан сылдьарыттан ордук, ама, туох үчүгэй баар буолуой? Эһэм туһахтаан кэлэрин кэтэһэн эбэбин кытары түннүгү маныыбыт. Ат туйаҕын тыаһа табыйан кэлэрин истээт, эбэбин туох эрэ диэн хаһыытаппытынан, таһырдьа ойон тахсабын. Эһэм бэрэмэдэйиттэн куобах, сороҕор курупааскы хостоон биэрбитин моонньуттан бобо харбаан, сыһа-соһо былаастаан дьиэҕэ киллэрэбин. Эһэм эбэбин мөхпүтүнэн киирэр:

– Кыыһы, аты баайа иликкэ, тоҕо ыытаҕын? Сунаакы бэйэбэр дылы, кырдьан, сиргэмтэҕэй буолбут, соһуйан, оҕону тэпсэн кэбистэҕинэ, тугу булан ылыахпытый!

Күһүнүгэр эһэм ыалдьыбыта, эбэм этэринии «охтор охтуутугар охтубута». Мин эһэбэр хамсатын уматан биэрэр үлэлэммитим. Удьурхай төбөлөөх хамсаҕа мохуорканы ыга симэммин, испиискэни уматан уот саҕабын, оборон соппойобун. Сороҕор олус күүскэ оборон кэбиһэбин, айахпар кэлбит ап-аһыы буруоҕа чачайан, сөтөллөбүн. Хамсаны эһэм айаҕар үҥүлүтэбин. Эһэм эрэйдээх иитиллибит саҕа сананан үөрээхтиир. «Көр, оҕолоох буолан туһаннаҕым». Эбиитин сыттыгын көннөрөн биэрэбин. Эһэм «хотокубун имэрийиэхпин, илиибин да кыайан көтөхпөт буолпун ээ… чэ, оом баахсан, баран оонньоо», – диэн ботугуруура иһиллэр. Хамсатын дириҥ-дириҥник оборо-оборо, буруону аҥаар дьабадьытынан таһаарар, утуйар-утуйбат сытар. Мин оонньуу сылдьаммын харахпын киниттэн араарбаппын, таҥаска уот кыыма түспэтин көрөбүн. Сотору хамса умуллар, ону ыламмын олоппоско уурабын.

Өтөр-өтөр үөлээннээхтэрэ кырдьаҕастар киирэллэр. Ааспыты сэһэргэһии буоллаҕына, эһэм сүрдээҕин сэргэхсийэр: «Ээ-э, дьэ, диэ да…Били Түөрдүөн Арыыга…» – диэн сэниэтэ суоҕунан сэҥээрэр. Онтон кэпсэтии дьиэ эргининээҕи сонунунан эргийэн, оҕоҕо-урууга кэллэҕинэ, соҥуорар.

Мэхээлэ уола Артыамый үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолбут, Ньукуу кыра кыыһа эргэ тахсыбыт, Микииттэ кийиитэ балыыһаҕа киирбит, оҕолонуохтаах үһү. Ити барыта киниэхэ ыараханнык тиийэр.

– Оо, Өлөксөйүм арҕааттан этэҥҥэ эргиллибитэ буоллар… сатаатар Бөдүөрэ эрэйдээх… – диир, үөһэ тыынар.

Уйбаан оҕонньор уоскутардыы:

– Буолар буолтун кэннэ хайаныллыа баарай, Адаам. Уодаһыннаах сэрии үгүс да ыччаппытын мэҥиэстэн барда. Манна да, боруоҥҥа да. Чэ, ити гынан, баар быстыбат, Мотурууһуҥ биир кыыс оҕону көрдөрдө дии.

– «Хонууттан булла» диэ. Ыал-ыал курдук ньир бааччы олоруох кисилэрбиэт… – сөтөллөн күпсүйэр, устунан иэрийэн, тыына хаайтаран барар.

Мин ойон туран, силлиир иһитин ылан биэрбиппэр, нөрүйэн силлиир, өрүтэ бөтүөхтүүр. Уйбаанныын көмөлөһөн сыттыгын булларабыт. Эһэм сүүһүн тутан көрөбүн, үнүр кэлэ сылдьыбыт биэлсэри үтүктэбин быһыылаах.

– Хайа, Адаам, бу кыыччааныҥ, хата, кимнээҕэр бэркэ ыарыылыыр эбит буолба-ат.

– Ээ, Дьэбдьиэ ханна эмит тахсан бардар эрэ суохтаппат, көрөөхтүүр. Оо, ол эрээри, бачча кыра киһиэхэ ыарыылаппыт да диэн, Айбыт иннигэр аньыыта бэрт буолаарай…

– Кэбиис, туох диэн эттэҥий, бэйэлээх бэйэҥ бас билэр балаҕаҥҥар сытан, бэйэлээх бэйэҥ эт-хаан сиэҥҥэр көрдөрбөккөҕүн…

Эһэм хаар түспүтүн кэннэ өлбүтэ. Миигин дьонум сүбэлэһэн «Хотууна эһэтин манаан сөбүн дьиэҕэ олордо, оҕо тэрилтэтигэр сырыттын» диэн уураахтыыллар. Бастаан утаа үөрэнэн быстыбакка, детсакка бэрт эрэйинэн барарым. Эбэбэр хас эмит төгүл хос-хос соруйтаран, элэ-была тылын этитэн, көрдөһүннэрэн сордуубун. Ыксаан кыйахаммыта буолан: «Дьэ, оччоҕуна, били чыпчаххайбыт ханна этэй, мээскэҕэр ыаллаатаҕым ээт», – дии-дии оһох кэннин өҥүөлүүр, оччоҕуна түргэн үлүгэрдик хомуна охсобун. Эбэм ону: «Оҕом ийэтин ахтаахтыыр быһыылаах. Иккиэйэх бэйэлэрэ икки аҥы сырыттахтара, бу хаһан пиэрмэ кыстыгын бөһүөлэккэ киллэрэн абырыыллар», – диэн кимнээҕи эрэ мөҕүттэрин быыһыгар ытамньыйан ылар. Биир эмит өрөбүлгэ, аргыс көһүннэҕинэ, бөһүөлэктэн сэттэ биэрэстэлээх сиргэ баар ферма кыстыгар, тэрийэн, ийэбэр хонноро ыытар. Дьэ, онон, бу кэлэн олоробун.

– Мин хотокум сотору улаатыа. Дьэ, көрөөрүҥ эрэ, кыыс оҕо кылааннааҕа буолан кынталдьыйан тахсыа. Чыычаах, кыыһырыма, ити оонньоон этэллэр, – ийэм ыга кууһан олорон төбөбүттэн сыллаан сырылатар. Ити миигин маратыттан хомойон ытаабатын диэн, алы гынан албыннаан этэр быһыылаах дии саныы-саныыбын, көтөххө олорон нухарыйан барабын.

Сарсыарда уһуктубутум – соҕотоҕун сытар эбиппин. Балаҕан иһигэр ким да суох, ийэм уонна атын дьахталлар бары хотонноругар тахсыбыттар. Оронум иннигэр тардыллан турар өрбөх быыс бадаархай ойуутугар баар туох эрэ үс муннуктаахтары бутулла-бутулла, хат-хат ааҕабын. Сотору ийэм хотонтон киирэн миигин таҥыннарар, сирэйбин сууннарар, баттахпын өрөр, аһатар. Бэҕэһээ кэлсибит сыарҕалаах аттаах киһинэн бөһүөлэккэ төннөр, миигин тулуупка хороччу суулаан уонна сирэйбиттэн сыллаан-сыллаан баран, эбэбэр төттөрү ыытар. «Хотууна минньигэс сыта бүттэ-э, Эбээ Дьэбдьиэҕэ туох да хаалбата-а…» – били тыллаах дьахталлар күлсэ хаалаллар.

Ити «дьүһүммүнэн олус да бүрэбин» диир санаа миигин балачча кэмҥэ диэри батыһа сылдьыбыта. Детсакка кыргыттар нэдиэлэ саҕаланыыта мааны былаачыйа кэтэн кэлбиттэринэн, хайдах дьүһүннээх лиэнтэлээхтэринэн «өҥнөнөр» идэлээхтэрэ. Аны онно утары туруоруллан, хайаан да кимиэнэ эмит куһаҕана, мөлтөҕө арыллара. «Муочукка былаачыйата көрүүй, сиэбэ маннык оһуордаах», онтон «Оо, Таайа киэнэ абырахтаах», эбэтэр «кыччаан хаалбыт дии» диэн. Итинник туох эмит итэҕэстээҕэ «булуллубут» оҕо ол күнү быһа настарыанньата «алдьанара». Дьоммор соҕотох буоламмын, таҥаспынан баҕас маанылартан соччо хаалсыбат этим. Баттахпын эбэм сатаан өрбөт этэ, уоллуу кырыйан кэбиһэрэ. Оттон дьүһүнү ырытыы миэхэ саамай «кутталлаах» өрүтүм. Мин саҕа харалар син балачча бааллара буолуо эрээри, сирэйим харата, муннум сүһүөхтээҕэ, онуоха эбэн хараҕым хайдаҕа эрэ ахтылыннахтарына, чахчыта даҕаны сиилэммиккэ-хоһуламмыкка холонорум. Ырыаҕа-тойукка, үҥкүүгэ-битиигэ мээнэ кытта сатаабат этим. Иитээччилэр «Байатаанаба Катя түргэнник өйүгэр тутар, саҥата чуолкай» диэн хайгыыллара, онон кэнсиэртэргэ хоһоон аахтараллара. Онтон үҥкүүгэ, Өктөөп 50 сылыгар анаммыт фестиваль кэнсиэрдигэр бэлэмнээбит кулууп түөтэтэ: «Эс, бу кыыс сыыйыллар, ансаамбылга барсыбат, бөдөҥө-садаҥа, оҕоттон эрэ уһулу чоройон» диэҕиттэн, төрүт чугаһаппаттара.

Ийэм пиэрмэ үлэтиттэн орпот буолан, детсаттан эрэ кэллэрбин, булкуһар киһим – эбэм. Халдьалаах тимир солууру таҥкынатан, иккиэн сэнньилиһэн хотоҥҥо тахсабыт. Эбэм ынахтарын ыыр кэмигэр мин ньирэйдэрбин имэрийэбин, тарбахпын эмтэрэбин. Сороҕор хоспох оһоҕор мас киллэрэ чугас тыаҕа тахсабыт. Эбэм чөҥөчөк кэбирээбит төрдүн чохороонунан үлтү сынньар. Мин сытыган хатыҥтан туоһун арааран титириккэ тэбээммин, таҥаспын бүтүннүү саркаах оҥоробун. Биирдэспит ураҕаска хоҥхолойу толору үөлэн, иккиспит тирбэҕэ быаҕа мас сүгэн, бэркэ кыайбыт-хоппут киэбин туттан, төннөбүт. Ойуур саҕатыттан бу көстөн турар дьиэбитигэр аара хаста даҕаны сынньанан тиийэбит. Мин лыахтаан сүүрэкэлээммин, эбэтэр моҕотойу эккирэтэммин, эбэтэр күөх халлааҥҥа кый ырааҕынан куһуура көтөр сөмөлүөтү мыҥаан аралдьыйан хааллахпына, арыт-ардыгар сынньалаҥмыт аһары уһаан хаалар. «Уу, олордохпутун ньии, күн ырааттаҕа, сыллыый, хоҥхолойгун хомуй…» – эбэм туран үнүөхтүүр. Маһын кыайбакка, миэхэ үттэрэн сүгэр. Бытаан-бытааннык лэппэрдэтэлээн айаммытын салгыыбыт. Эбэм киҥинэйэн ыллыыр:

 
Кэрэкэчээн эрэ бэрэкэчээн,
Кэрэхсэллээх эрэ бэрэкэчээн…
 

– Эбээ, ити Кыһыл Бэргэһэчээн туһунан тоҕо ыллыыгын?

– Ханнык Кыһыл Бэргэһэчээн?

– Оттон «кэрэчээн эрэ бэргэһэчээн, кэрэхтээх эрэ бэргэһэчээн….» диигин дии.

– Аат-туол-оҕун да, оннук иһиллэр эбит дуу. Оо, былыр ити ырыаны ыллаан бөҕөтөө… Ээ-һэ, ээ-э… – хоһооно суох киҥинэйэр. Ол аайы сүгэн иһэр маһа «лыкыр-лыкыр» ыллаһар.

Сүгэһэрбитин хоспоххо киллэрэбит. Эбэм маһын оһох чанчыгар «сарк» гыннара түһэрэр, «эҥил баһым бүттэ» диир, имэринэр. Мин хоҥхолойбун ол аттыгар быраҕан «тарк» гыннарабын, «эҥил баһым бүппүт» диэн эбэбэр көрдөрөбүн, эмиэ имэринэбин. Ону: «Ээ, и-һоом баахсаны та (оҕом барахсаны да)», – диэн күлэр. Тэбэнэн-сахсынан, чуолкайдаан эттэххэ, кини миигин эргитэ сылдьан тэбээн, бэл баттахпар хатаммыт мас сыыһын ылан, дьиэбитигэр киирэбит. Сылайбыт-элэйбит дьон быһыытынан чээйдээн сыйгытабыт.

Маҕаһыыҥҥа барыы биир туспа кэтэһиилээх кэрэ түгэн. Ыраахтан көрөн, маҕаһыын таһыгар мустар оҕо-уруу: «Оок, Адаамкалар иһэллэр!«– дэһэн уруйдуу көрсөллөр. Эһэм Адаам диэн ааттааҕын иһин, биһиги ыалы «Адаамнар» эбэтэр «Адаамкалар», өссө тупсаран, араспаанньабытыттан таһааран эбитэ дуу, «Баай Адаамкалар» диэн ааттыыллар. Эбэм дьүөгэлэрэ эмээхситтэри көрсөн кэпсэтэр. «Хайыы, хотукаа, кыыһыҥ бачча буола охсубут дуу», – уҥуоҕунан кып-кыра, төп-төгүрүк, мытырыйбыт сирэйдээх Татыына миигин көрдөҕүн аайы соһуйар. «Бээ, мантыкаҕыт тупсарыллыбыт сомуорускай боруода Адаам Дьэбдьиэ эбит буолбаат. Иккиэн хааман иһэргитин көрдөххө, ырбаахыгыт байбарыта сайбаһан, илиигитин тиэрэ дайбаһан хаамаргыт үкчүгүт сүр», – дэһэллэр атыттара. Көрүү-истии түмүгүнэн хайгыыллар: «Сыыҥа суох, сирэйэ-хараҕа арылыйан ып-ыраас, киинэ оҕотун курдук». Кинилэргэ «киинэ киэнин курдук» диэн саамай үрдүк сыанабыл. Эбэтин аттыгар нээтэллэн турар сэрбэллибит баттахтаах кыыс муннун анна субуруйа сылдьарын уонна илиитин көхсө харааран хаалбытын көрөн киэмсийэ туттабын. Ырыа ыллыыбын:

 
Сиэхтээ-сиэхтээ,
Байбадуок-байдабуок, байдабуок,
Суол мууска миитэрэбии,
Аптабуутара пиика-а-а
 

Араастаан тардабын, уһатабын. Эмээхситтэр оҕолуу үөрэллэр, ытыс таһыналлар, эбэм үөрэр: «Ити детсакка үөрэтэллэр». Маҥнайгы кылааһы бүтэрбит Татыына сиэнэ кыыһын сиэтэн аҕалан, мин аттыбар туруораллар, иккиэммитин хаттаан ыллаталлар:

 
Солнышко во дворе,
А в саду тропинка-а…
 

Мин хайҕанаммын, эбэм саха тэҥэ суох буолар, кэмпиэт ылан биэрэр. Кини үөрэриттэн мин эмиэ үөрэбин, кэмпиэтиттэн оҕолорго бэрситэлиибин, эбэбин харбыйбыт иэдэһиттэн уураан «чоп» гыннарабын. Кырдьаҕастар: «Хор, сиэнчэрбин буолан, сылламтаҕай эбит ээ уонна ити амараҕын оҕоккотун!» – дэһэллэр. Ас-үөл бөҕөтүн ылан, суумкабытын толору хаалаан, ырыа аргыстанан дьиэлиибит.

Эбэм эрэйдээх көрбүтэ эрэ мин этим. Уончата оҕоломмутуттан үһүн эрэ тутан хаалбыт. Уола Өлөксөй куоракка учуутал үөрэҕэр үөрэнэн иһэн, сэриигэ барбыт, онтон эргиллибэтэх. Улахан кыыһа Бөдүөрэ, уон алталааҕар, күһүөрү кыһын маныы саҕана, холкуос сүөһүлэрин быысаһа сылдьан ууга түспүт. Онно тымныйбыта сэтэрэн, кыһыны быһа ыалдьан, 1943 сыл сааһыгар өлбүт. Сундуугун түгэҕиттэн убайым саһаран хаалбыт хаартыскатын, фронтан ыыппыт аҕыйах суругун уонна эдьиийим чап-чараас сиитэс былаатын хостоон таһааран, сүрэҕэр ыга туттар. «Кырыыстаах сэрии чыычаахтарбын сиэн барда. Тутан хаалбытым бу эрэ», – диэн хараҕын уутунан суунаахтыыр. Оҕолорун саастыы дьону көрө-көрө уйадыйар, «Өлөксөй быйыл 45-һэ, Бөдүөрэ 40-на буолар» диэн муҥнанар. Кыра кыыһа – мин ийэм соҕотох сиэни биэрбит буолан, олус таратара. Миигин хайҕаатахтарына, бэйэтин эппиттээҕэр ордук үөрэрэ-көтөрө, ону дьээбэлээх тыллаахтар «Адаам Дьэбдьиэ сиэнэ кыыһы «үчүгэй» диэбиккэ, кыахтааҕа буоллар, Элиэнньин уордьанын да биэриэх эбит», – дэһэллэрэ иһиллэрэ. Оттон алҕас холустук саҥаран кэбиспити ирдээн тиийэн үлтү мөҕөн, «ээҕин» этитэн тэйэрэ.

Оскуолаҕа киириэм иннинээҕи саас. Хонуу кууран таһырдьа оонньотоллор. Биирдэ улахан бөлөх оҕолоро бэркэ астынан, мааспыт табыллан сырсыакалаһа оонньуу сырыттыбыт. Остуорастыыр Мааса, туохтан сылтаан эбитэ буолла, миигин саҥаран турда: «Оо, бу Баай Адаамка хаамаайы нууччаттан сиэнэ, дьэ, эмиэ дьэрэкэччийэн эрэр дии. Хотуой, туох ааттаах мэниктээн хааллыҥ, сарылыы-сарылыы сүүрэн адахаччыйан. Аны өһүргэнэн толлойдо дии, ити күлтэччи көрбүккүнэн миигин куттаары гынныҥ дуо?». Ону эбэм тастыҥ балта асчыт Илибиэтэ түбэһиэх истэн кэбиһэн эбэбэр кэпсээн биэрээхтээбит. Дьэ, эбэм оччону истэн баран, ол Маасаны кэлэн оҥочолооҕун оҥорбото дуо? Оҕолор, иитээччилэр, бэл, сэбиэдиссэй Анна Руфовна, бары баалларыгар детсакка кэлэн бэрт элбэҕи саҥаран-иҥэрэн уйманыктаммыта. Онтон быһыта-орута өйдөөн хаалбытым диэн маннык: «Сэрии-сут саҕана аҥаардас ийэҕитигэр түөрт оҕо буолан сутаан иэҕэйбиккитигэр, ол Баай Адаамкаҥ булда-аһа абыраабатаҕа дуо? Хааннаах басыыһы утары сэриигэ ол Баай Адаамкаҥ баар эрэ соҕотох уола баран умсубатаҕа дуо? Уонна баран, очоҕоһуҥ сонообутун уйбакка тотон өлөҥҥүн, бүтүн аймахтан бу биир куһаҕан оҕо баарыгар кылар хараххын ааллардаҕыҥ! Сэбиэскэй дьассаат тутаах үлэһитэ буолан бараҥҥын. Дьэ, аны ити курдук биирдэ эмит бэлэстэтэн көр эрэ, сэбиэккэ үҥсэн үлэҕиттэн үүрдэриэм. Биһиги эйиэхэ таах үөхтэрэн кэбиһэр дьон буолбатахпыт, ысынаайпыр Кыһыл Аармыйа кэргэнэбит….» – эҥин диэн. Өлөксөй снайпер эбитэ үһү, онон, бу «снайпер Кыһыл армеец кэргэнэбит» диэн тыллары эбэм дэҥҥэ, бэркэ ыксаатаҕына эрэ, баттанным-атаҕастанным дии санаатаҕына эбэтэр тугу эмит аахсаары гыннаҕына ыһыктара. Итинник суоһар тыллартан «сэбиэскэй детсад тутаах үлэһитэ», киһи эрэ буоллар, саллыбыта быһыылааҕа. Икки-хас хонукка «куһаҕаннарын харайтара сылдьаннар, оҕолорбут хобулааннар ыттыы үөхтэрэллэрэ итэҕэс», – дии-дии айаҕын иһигэр ботугураамахтаабыта. Ол эрээри, миигин эрэ буолбакка, атын да оҕолору мээнэ хоһулуура, саҥарара тохтообута. Сотору сайын буолан, бары тарҕаспыппыт, күһүнүгэр оскуола боруогун атыллаабытым. Ити 1968 сыллаахха этэ.

Оскуолаҕа ыарырҕаппакка үөрэммитим. Математикаҕа хара маҥнайгыттан үчүгэй этим. Онтон нуучча тылыгар син оҕо тэҥинэн барсан испитим. Детсакка «Бастыҥ хоһоон ааҕааччы» аатын ылбытым манна даҕаны туһалаабыта, кэнсиэр ахсын мин хоһоон ааҕарым. Ол кылаас биир солбуллубат нүөмэрэ этэ. Маҥнайгы кылааска сылдьан, тутуспутунан, Өктөөп күнүгэр «Элиэнньин эһээбит сиэннэрэбит» диэн «октябренок» буолбуппут, оттон үһүскэ үөрэнэ сылдьан, «киһи аймах улуу сирдьитин» төрөөбүт күнүгэр, саас муус устар 22 күнүгэр, пионерга киирэн, аалай кыһыл хаалтыһы бааммыппыт. «Саҥата үчүгэй, уҥуоҕунан улахан» диэн баһаатайбыт Прасковья Петровна миигин этэрээт хамандыыра оҥорон, стройу иилээн-саҕалаан, речевка тылын таһаарааччы буолбутум.

 
…Раз-два!
Три-четыре!
Кто идет?
Мы идем —
Юных ленинцев отряд!
 

Иэдэс тэтэркэй, хаалтыс кытархай, хобулук тыаһа баһархай, шеренга образцовай!

Үһүс кылаастан ылата быраас буолуохпун баҕарбытым. Ол баҕам биир кэрэ киһини кытары билсиһииттэн үөскээбитэ. Күһүөрү кыһын эмискэ ыалдьан ийэлээх-эбээбин ууга-уокка түһэрбитим. Мария Макаровнаны ыҥырбыттара, көрөөт «саһарардаабыт» диэн, «Бодобуос» массыынанан тиэйэн илдьэ барбыта. Балыыһаҕа аҕыйах хоммутум кэннэ бэйэбит биэлсэрбит көстүбэт буолбута, кэлин билбитим, декретнэй уоппускаҕа барбыт үһү. Кини оннугар оройуонтан Альхимович Ольга диэн эдэркээн кыыс кэлбитэ. «Соҕурууттан үс сылга дуогабардаһан кэлбит, икки сыл Бэстээххэ үлэлээбит, быйылгынан болдьоҕо бүтэн дойдулуур үһү» диэн барыны бары истэ-билэ охсооччулар кэпсээбиттэрэ.

– Откуда такое божье создание? – саҥа биэлсэр миигин көрөөт, аан-бастакы саҥа аллайыыта итинник этэ.

Иһиллиир, айахпын атытан көрөр кэмигэр дьиэ сууйар, оһох оттон ас астыыр санитарка Буойа «чап» гыннарар:

– Ээтэ диэбэчикэ баа-сынай, паа-шенная. Отиэс уруускай.

Сарсыарда аайы балаатаҕа Ольга киирэн иһиллиирин, температура кээмэйдиирин сүрдээҕин сөбүлүүр, кэтэһэр буолбутум. Бу көрдөҕө-иһиттэҕэ үчүгэйин, илиитэ сымнаҕаһын-сылааһын, халаата маҥанын, бэйэтэ кырасыабайын-маанытын! Биллэ-биллибэт эмп сытыгар булкуспут духуутун сыта дьиктитин! Тахсыбытын кэннэ тугу гыммытын барытын өйбөр оҥорон көрөн үтүктэбин. Улааттахпына, быраас буолуом диэн быһаарынным. Ольгалыын кэргэнниһэн-бодоруһан хаалбытым, нууччалыы төһө да мөлтөхтүк саҥардарбын, булкуйан-талкыйан, ону-маны мээнэ кэпсэтэр буолбутум. Ону барытын көрө сылдьан Буойа ийэбэр:

– Мотуруус, Хотуунаҕа биэлсэр кыыс сүрдээҕин убанна. Кыыһыҥ бааһынай буолан, хаан тардан, оҕоргуур быһыылаах, – диэн кэпсиир. Чочумча иккиэн «тыый-таай» дэһэллэр. Онтон:

– Эмиэ да сөп ээ, биһиги да үөр нуучча ортотугар сылдьарбыт буоллар, биир эмит сахалыы дьүһүннээххэ, хайа, тардыстыахпыт суоҕа этэ дуо? Ыраах сиртэн кэлбит барахсан дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтан-туоххаһыйан эрдэҕэ, – диэн сиэрдээх түмүгү оҥороллор.

Ольга дьоммун, ийэбин, үөрэхпин, оскуоланы ыйытар. Баттахпын тарыыр, өрөр. Улааттаххына туох үлэһит буолуоххунуй диэн ыйытар. Ону «эн курдук быраас буолуом» диибин. Ол аайы үөрэр. Биирдэ докумуон толорбутун көрөн ыйытабын:

– Ольга, эн аҕаҥ аата «Альхим» диэн дуу, «Альхом» диэн дуу?

– Суох, Михаил диэн.

– Оттон тоҕо «Альхимович» диэҥҥиний?

– Аа, ити араспаанньам. Толору аатым маннык, – илиискэ суруйан эрилитэр. «Альхимович Ольга Михайловна». – Чэ, аны эн ааккын суруйуох эрэ.

Тураах хаампытын курдугунан суруйан адаарытабын. «Баятанова Кат… («Катя» диэн баран, «толору ааккын суруй» диэбитин өйдөөммүн эбэн биэрэбин)…рина Адамовна». Ылан көрөр, соһуйар:

– Катерина Адамовна? Даа, биэбэкэйим, чахчы даҕаны, Адаам оҕото быһыылааххын ээ, – диир, сирэйбин-харахпын чинчилиирдии көрөр.

Ити эһэм аата буоларын, миигин онон суруйбуттарын быһаара сатыыбын даҕаны, сатаан өйдөппөппүн. Кыыһым күлэн күөх харахтара чаҕылыһаллар: «дитя Адама» дии-дии, иэдэспин уонна били хоһуу-одуу төрүөтэ буолан сордуур муннубун сып-сымнаҕастык бобо тутар. Биир ырыаны үөрэттэ, олус судургу тыллаах, үчүгэй мелодиялаах диир. Ол тылын мин өссө тэтэрээппэр суруннум:

 
Тум-бала, тум-бала, тум-балалайка,
Тум-бала, тум-бала, тум-бала-лаа,
Тум-балалайка шпиль балалайка,
Шпиль балалайка, тум-бала-а…
 

Балыыһаҕа лоп курдук биир ый сыппытым. Өрөбүлгэ ийэм кэлэн таҥаспын уларытан, сууннаран барар. Биэлсэри көрсөн турукпун ыйытар. Нэдиэлэ атын күннэригэр эбэм ас таһан аһатар, «бу оокком сыыһа ырбыт» дии-дии сыллаан сыыбырҕатар, Буойаҕа кырыыҥканан сүөгэй биэрэр: «Ити эйигин үчүгэйдик көрдүн диэн ньымааттаһабын», – миэхэ сибигинэйэн улуу «кистэлэҥин» арыйар. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум ханнык предмеккэ тугу барбыттарын кэлэн кэпсииллэр, биэлсэри сонургууллар, хайа эрэ киинэҕэ оонньообут артыыскаҕа майгыннаталлар.

Отут хонук начаас элэстэнэн ааспыта, мин үтүөрэммин, Ольгаттан көрдөһөн араас эмп, битэмиин хааларын хомуйан, үөрэн-көтөн таҕыстым. Дьиэбэр кэлэн балыыһалаах оонньуубун, эбээбин «ыарыһах» оҥорон иһиллиибин. Илиитин хорук тымырын тэбиитин бэрэбиэркэлиибин. Эбэм ону маҥнай утаа көр оҥостон сөбүлээтэ, кэнникинэн хал буолан «Бэйэ-бэйэ, хотокуо, майаачылаама», – диэн силбиэтэнэн кэбиһэр идэлэннэ. Ийэм мин баҕабын истэн үөрэр, мэктиэтигэр хайы-сах быраас буолбут оҕолоох курдук сананар.

– Чээн, мин Хотуунам эмиэ ити Ольга курдук мап-мааны, үчүгиий баҕайы быраас буолуоҕа. Оттон мин, эрийэ хатан хаалбыт эмээхсин, үөрэхтээх оҕом бэлэмигэр түөспэр силлэнэ-силлэнэ сытыам… – бэйэтэ-бэйэтиттэн тэптэн, ымманыйан киирэн барар.

Сааһыары сайын Ольга Михайловна дэриэбинэ дьонун барыларын кытары истиҥник быраһаайдаһан дойдулаабыта. Эрдэ тиийэн бэлэмнэнэн, быраас үрдүк үөрэҕэр туттарсаары болдьоҕун арыый иннинэ көҥүллэппит сураҕа иһиллибитэ. Миигин төбөбүттэн сыллаан ылбыта уонна: «Улаат, мой маленький доктор», – диэбитэ. Урутаан эттэххэ, быраас буола ыраланан оонньуурум кэлин эбэбин көрөрбөр көмөлөспүтэ. Сүрэҕин ыарыытын тииһигэ киирэр кэмин эндэппэккэ билэн, маҥнайгы суһал көмөнү оҥорор этим. Биэлсэр Мария Макаровна: «Хотууна эмкэ хайдах эрэ ис-иһиттэн сыстаҕас эбит ээ, бу суурадаһыны табан оҥорорун көрүҥ», – диэн хайгыыра. Ол аайы ийэм үөрэр: «Оҕом өссө түөрт саастааҕар эһэтэ оҕонньору ыарыылаан турардаах».

Үрдүкү кылааска тахсан истэҕим аайы оройуоннааҕы олимпиадаларга кыттан, «оскуола чиэһин көмүскээччи» аатын ылбытым. Ордук математикаҕа, кэлин төһө даҕаны ыарырҕаттарбын, атын кыттааччы суох буолан, физикаҕа, химияҕа холоһорум. Оскуола директора Валерий Николаевич линейка иннигэр: «Сэттис кылаас туйгун үөрэнээччитэ Катя Баятанова оройуон үрдүнэн үс саамай ыарахан предмеккэ бастыҥнар кэккэлэригэр бигэтик киирдэ», – диэбитэ. Дьөксө Үөһээ Бүлүүтээҕи физмат оскуолаҕа, народнай учуутал Михаил Андреевич Алексеевка үөрэттэрэ ыытаары гыммытын, бэйэм буолумматаҕым. Эбэбин саҥардыы көмпүт кэммит этэ, ийэм эрэйдээх хайдах соҕотоҕун хаалыаҕай? Пиэрмэҕэ ыанньыксыт дьахталлар: «Хотуунаҕа тардыстан Дуосаппыйдаах үөрэхтэригэр кыһаллаллар. Оскуола кэнниттэн, хайа, бары тутуспутунан үөрэххэ барыахтара дии», – дэһэн инники олохпутун түстүүллэр. Эбиитин кыайыгаһым-хотугаһым, ийэбэр туһа киһитэ буолбутум ааҕыллар. Биир тылынан эттэххэ, миигин биһиги кыракый дэриэбинэбит биир кэскиллээх ыччатын курдук көрөр сыһыан олохсуйан испитэ. Онуоха сэрии иннинээҕи Арбаҥда чулуу ыччаттарыгар – убайым Өлөксөйгө, эдьиийим Бөдүөрэҕэ, сэрии-сут саҕана нэһилиэгин абыраабыт сорсуннаах булчут эһэм Адаам оҕонньорго уонна холкуос бастыҥ ыанньыксыта эбэм Дьэбдьиэ эмээхсиҥҥэ ытыктабыллаах сырдык өйдөбүл бигэ тирэҕинэн буолбута.

Ол быыһыгар-ардыгар били сиэнчэр итиэннэ «булумньу оҕо» буоларым алҕаска санатыллан, куһаҕан буолан ылаттыыбын. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум дьээбэлээтэхтэринэ, ончу кыһаммаппын. Тустан кумахтаһа сырыттахха, уолаттар хоттороору эрэ гынналлар: «Айаккаа, ыыт-ыыт, нуучча буолан, бу кыыс баабыйа сүрдээх ээ, төрүт бухатыыр», – дииллэр. Ол миэхэ, хата, хайҕабыл курдук иһиллэр, быыкайкаан дьарамай бэйэлээхтэри начаас кум-хам тутаттыыбын. Ити гынан, оҕолор мээнэ тыыппаттар, хайа, бары да кэриэтэ пиэрмэ үлэтигэр миккиллэр дьон ыччаттара буоллахпыт! Сайын сайылыкка от-мас үлэтигэр уонна сүөһү көрүүтүгэр булкуллабыт. Аһа дэлэйинэн, таҥаһа маанытынан уһулу чорбойооччу суох. Аны үөрэхпэр үчүгэйим эмиэ туһалыыр, үгүстэр миигиттэн усталлар, өйдөөбөтөхтөрүн быһаартараллар. Пионерскай этэрээт хамандыыра буоларым эмиэ ыйааһынныыр. Уолаттар бэйэлэрин истэригэр: «Дьэ, тылын истибэккэ баҕалааҥ эрэ, Хотууна халыҥ сүүһүн аннынан бөлтөччү көрүтэлээн баран, хаамыталаан кэбиһиэ», – диэн буолар. Оттон улахан дьон ону-маны саҥаралларын олус ыарыылаахтык ылынарым.

Ракета Семеновна ахсыстары уонна сэттистэри мунньан олорон уруок аахтарар, сыл аҥаардааҕы хонтуруолунайга бэлэмниир. Сорудах биэртэлээн баран кэтэһэн олордоҕуна, ыалдьыбыт учууталы солбуйан, соторутааҕыта хантан эрэ кэлбит алын кылаастары үөрэтэр учууталынса киирэ-тахса элэстэнэр. Тугу эрэ кэпсэтэллэр, күлсэллэр. Санааларыгар сибигинэһэллэр быһыылаах эбит даҕаны, саҥалара бу турардыы иһиллэр.

– Хайа, манна эмиэ бааһынайдаах эбиккин дуу, – дьахтар миигин таба көрөр.

– Баар бөҕө. Эйиэхэ эмиэ баар дии, Павлова Ньургу.

– Онтукаҥ сырдык ээ, бу кыыс хара дии? Аҕата татаар буоллаҕа дуу?

– Дьэ, фермаҕа араас омук оҕото элбээн турар, дьахталларбыт, хата, нууччалыы даҕаны билэллэрэ бэрт. Матардыыр Дуора «улахан оҕом бүрээттэн, кырам – хохуолтан» диир үһү ээ. Һэ-һэ… Мииринэй суолун миинэн олорорбут бэлиэтэ, дьэ, ити… Бу да кыыһы ийэтэ туох омуктан буллум диирэ буолла? Ону да быһааран билээхтээбэтэ дуу…

Оҕо барыта мин диэки көрө түһэр, санаабар бары күлэллэр. Оннооҕор баар эрэ дьүөгэм ааттаах Таайа хаалсыбат! Хараҕым уута ыгыллан тахсар, паартабар бүк түһэбин… Сотору дьахтар тахсан барар. Ракета Семеновна туох да буолбатаҕыныы туттан үлэбитин хомуйар, тугу эрэ быһааран уоһа орбоҥнуур. Мин кулгааҕым бүөлэнэн хаалбыкка дылы, тугу да истибэппин, кими да көрбөппүн. Таайа аргыстаһыан баҕарбытын, садьыйан кэбиһээт, сүүрэ турабын. Дьиэбэр кэлэн сиэркилэҕэ көрүнэбин. Кэтит маҥан сирэйдээх, хойуу сабыстыгас хаастаах, сүһүөхтээх муруннаах, дириҥ таныылаах, дьирбиилээх халтаһалаах, киэҥ бөлтөркөй харахтаах, будьурхай хараҥа кугас баттахтаах бааһынай кыыс сиэркилэттэн сырдыгынан тэһэ көрөн турар. «Ымах» гыннаҕына, иэдэһигэр «ямочка» тахсан кэлэр. Ити мин. Кырдьык даҕаны, оҕо барыта аҕалаах буолуохтаах эбит буоллаҕына, миэнэ айбытым кимий? Сатаатар, ханнык омугуй? Кыһыыга, билиэххэ баар эбит. Эбэтэр ийэм миигин хантан эрэ иитэ ылбыта дуу?

– Ийээ, эт эрэ, мин аҕам кимий? – диэтим биир үтүө күн.

Ийэм бастаан ону сөбүлүү истибэтэ, «эмиэ тугун баран ону-маны ыатаран» диэтэ. Ол эрээри, мин да эппиппин этэ турар киһи буоллум.

– Чэ-чэ, кэпсиим даҕаны. Син хаһан эмит билиэхтээх буоллаҕыҥ. Эн – уот киһитин оҕотоҕун.

– Хайдах уот? Туох уота?

– Чэ, иһит. Манна, Арбаҥдаҕа, оскуола сэрии бүттэҕин иккис сылыгар аһыллыбыта. Онно биһиги, ити Нааныйдаах ийэлэрэ Дьуунна, Иитиҥкэлээх ийэлэрэ Мааппа, Таайалаах ийэлэрэ Таанньа, Уйбааскы аҕата Баһылай эҥин буоламмыт, чэ, барыта аҕыстаах-тоҕустаах, ол быыһыгар эмиэ да уонун туолбут уонча оҕо маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбиппит. Сорохпут үөрэҕин ыарырҕатан, кылааска иккис-үһүс сылларын олорон хаалбыттара. Сорохпут, ол иһигэр мин, төһө да биир сыл хаалларбын, кылаастан-кылааска лабырҕаччы тахсан, сэттискэ салгыы үөрэнэ Хампа оскуолатыгар барбыппыт. Хампаҕа интэринээккэ олорон үөрэнэн иһэн, ыалдьаммын төннөн кэлбитим. Биир сыл таах олорбутум. Эһиилигэр саастарын сиппит оҕолору оскуолаттан ууратан производствоҕа үлэлэтэ таһаарар туһунан уураах таҕыста. Онон, биһиги – уон алталаах, уон сэттэлээх, уон аҕыстаах уолаттар-кыргыттар хаһыа да буолан тутуспутунан холкуоска үлэлиир буоллубут. Иэһэрдээх пиэрмэтэ «Ыччат пиэрмэтэ» диэн ааттанна. Ыарахан уруогу үөрэтэр курдук буолуо дуо, үөрүйэх үлэбин ыарырҕаппат этим. Оччотооҕу акаары санааҕа өссө үлэлиир үөрэнэрдээҕэр сынньалаҥ курдуга. Ол сэтигэр бу саах күрдьэ сырыттаҕым. Дьэ, ол сылдьан ити Дьуунна Дуоналыын ыал буоллулар, онтон Таанньа кэргэн таҕыста. Миигин да дьонум аах сэмээр кэтэһэллэр, баар эрэ уоллара, убайым Өлөксөй арҕаа фронтан «хара суруга» кэлиэҕиттэн, эдьиийбин Бөдүөрэни уҥуох тутуохтарыттан, бэйэлэрэ да олус кэбирээн, хотторон-сорсуйан эрэллэрэ. «Бу кыыс ыал буолан, сиэн оҕону көрдөрдөр харахпыт уутун соттуо этибит» дэһэллэрэ. Мин кимиэхэ эргэ тахсыахпыный? Ыччаттар манна кыра дэриэбинэҕэ аҕыйахпыт, тарбахха эрэ баттанабыт. Түөрт кыыска үс эрэ уол баар. Ону да иккитэ мин аймахтарым, үһүспүт ол ойох ыллаҕа. Ити курдук сылдьан истим. Билбитим эрэ үлэм, пиэрмэ хотоно. Били биһигини кытары маҥнайгы кылааска үөрэммит, барыбытыттан балыспыт Маайа кыыс сэттис кылаас кэнниттэн Бүлүүгэ учуулуксаҕа үөрэнэн учуутал буолан кэллэ, «Мария Дмитриевна» диэн ытыктабыллаах ааттаах. Санаабар, мааныта бөҕө, ымсыырабын аҕай.

1958 сыллаахха этэ. «Дэриэбинэҕэ уот лииньийэтэ тардыллар үһү. Ону оҥоро куораттан дьоннор кэлэллэр» диэн сурах тарҕанна. Дьэ үөрүү буолла: «Кыраһыын лаампаны уонна чүмэчини уматынарбыт уурайыыһы, Ильич уотунан сырдатыныахпыт, дьиэбитин, хотоммутун эмиэ», – дэстибит. Оннук лаампа Бүлүү куоратыгар уонна Хампаҕа баарын син истэр эбиппит уонна «көрбүтүм» диэччи да элбээтэ. Саас хаардаахха киһини барытын туруоран, лииньийэ баҕанатыгар диэн уп-уһун бэрэбинэлэри кэрдэн киллэрдилэр. Суолу баттаһа куораттан кып-кылабачыгас боробулуоха кииппэлэммитин тиэйэн таһааран бырабылыанньа дьиэтин иннигэр туруоран кэбистилэр. Биир оннугу алын Арыылаахха илтилэр. Ону кэлэ-бара мэлдьи көрөбүн. Оҕонньоттор баҕаналары хатырыктыылларын быыһыгар боробулуоханы ыатаран тахсаллар. «Бу тимиринэн уот хайдах айанныыра буолла» дэһэллэр, дьиктиргииллэр. Ону сэриигэ сылдьыбыт бырантабыыктар, Сэмэннээх Ньыыкан, туох эрэ диэн быһаара сатыыллар даҕаны, төрүт өйдөөбөттөр. Киһи бэйэтэ эт хараҕынан көрбөтөҕүн сатаан итэҕэйбэт эбит.

Саас, сир хараарбытын кэннэ, мин пиэрмэ сайылыгар көстүм, холкуос уон биэс ыанньыгын оҕолору-байдары тутан. Дьонум өтөхтөрүгэр, манна, хааллылар. Ыһыах иннинэ били эппит уот тардааччылара кэлбиттэр. Иккиэлэр, нууччалар, биирдэстэрэ икки саһааннаах улахан баҕайы, иккиһэ кинитээҕэр намчы соҕус диэн буолла. Бастаан холкуос хонтуоратыгар хоммуттар. Били баҕананы көрбүттэр-истибиттэр, сороҕун кылгас, сороҕун аһары синньигэс диэбиттэр. Биһиэттэрэ эбии баҕана кэрдэр түбүгэр түспүттэр. Ити икки ардыгар билсэ-көрсө охсон, «бөҕө Тойбо сахалыы олох билбэт, төрүт «тоҥ», иккиһэ Найыл кэм «ириэнэх», наадатын син быһаарсар эбит» диэн кэпсээн тарҕаммыт. Сотору соҕуһунан бырабылыанньа мунньаҕар: «Дьоммут сатаан астанан аһаабаттар, наар кэнсиэрбэни сылытан сииллэр, ыраах сиртэн кэлбит үлэ дьонун көрбөт-истибэт сэмэлээх буолуо, онон ыалга олохтуохха», – диэбиттэр. Итиэннэ «иллэҥ эмээхсиннээх оҕонньорго Адаамкаларга олордорго» уураахтаан кэбиспиттэр, «дьоҥҥут айахтара» диэн эт-арыы, бурдук нэрээттээн биэрбиттэр. Онон, биир үтүө күн дьонум, икки лиҥкир нуучча дьукаахтанан хаалбыттар.

Баҕана туруоруута эмиэ туспа биһирэмнэнэр кэпсээн буолла. Биэс-алта эдэр уолаттары, ол иһигэр киһи кэмчитинэн, оскуолаҕа үөрэнээччилэртэн улахаттарын талан, ол дьоҥҥо көмөлөһүннэрэ сыһыарбыттар. Бастаан оҕус көлөнөн баҕаналары дэриэбинэ былаһынан хас биирдии ыалга тиэрдэ таспыттар. Онтон балтараа миэтэрэ дириҥнээх баҕана үүтүн хаһан астаспыттар. Дьэ, баҕана туруоруута буолбут. Биһиги оҕолорбут бастаан тугу гыныахтарын билбэккэ булумахтаһа сырыттахтарына, били бухатыыр нууччалара уонтан тахса миэтэрэ усталаах баҕананы ортотуттан ылан көтөҕөн мадьалытан таһааран төрдүнэн дьааманы булларбыт, «давайте, молодцы!» диэбит. Ону биһиэттэрэ ый-хай бөҕөнөн кымырдаҕас курдук саба түһэн, ким баҕыырынан, ким ураҕаһынан өрө анньан таһааран: «дьип» гыннара олордубуттар уонна көмөн табыгыратан кэбиспиттэр. Кэннилэриттэн иккис нуучча хап-халыҥ курунан чиэстэнэн, атаҕар баҕыырдаах тимири кэтэн, онон куоска курдук хатаастан, үөһэ ыттан, кииппэттэн боробулуоха быһа-быһа, лииньийэ тардан испит. Оҕонньоттор ону кыра оҕо курдук батыһа сылдьан көрбүттэр, «дьэ, мыыдарысымаан үлэ эбит!» диэн түмүк оҥорбуттар. Бэркэ диэн саллыбыттар, «бу кэриэтин киһи төһө баҕарар оту охсуо этэ» дэспиттэр. Баҕыырдаах тимири чинчийэн көрөн баран, «аныгы албас обургу» диэн сыана быспыттар. Ордук бухатыыртан дьулайбыттар, хайҕаабыттар да хайҕаабыттар, быччыҥын туппахтаабыттар, саннын кээмэйдээбиттэр, баппаҕайын тутан-хабан көрбүттэр. «Туох бэйэлээх дьахтара төрөппүт барахсанай?» Сэриигэ баран өлбүт Бөҕө Бүөтүркээни, Күүстээх Куонааны, Буордьут Буокайы санаан уйадыйбыттар. «Үйэ төннөн, ыччаппыт кус мөлтөх буолбут» диэбиттэр. Чахчыта даҕаны, оччотооҕу ыччаттар диэн сэрии-сут сылларыгар кыл саҕаттан тыыннаах ордубут иринньэх оҕолор улааппыттара, отох дьон буоллахтара. Ити барыта биһиэхэ, сайылык дьонугар, үһүйээн курдук иһиллэр.


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации