Электронная библиотека » Раиса Сибирякова » » онлайн чтение - страница 2

Текст книги "Уһаабыт сааскы түүн"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:40


Автор книги: Раиса Сибирякова


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ыһыах күнэ үүннэ. Бары онно кутулуннубут. Мин дьиэбэр сылдьаары үлэбин бүтэрэ-оһоро охсон бөһүөлэккэ эрдэ киирдим. Өрүүскэ кыыһы доҕор оҕо оҥоһуннум. Дэриэбинэҕэ киирэн иһэн көрдөххө, сабыс-саҥа баҕаналар биир кэккэнэн кырыласпыттара, боробулуохалара күн уотугар күлүмүрдэспиттэрэ, урут оннугу харахтаабатах киһиэхэ, дьиктитэ да, сонуна да сүр! Кэлбитим, дьонум иккиэн бааллар, аҕам оронугар кэтэх тардыстан сытар, ийэм таһырдьа хоспох оһоҕор килиэп буһара сылдьар. Аҕыйах кырбас эт буһарбытын уонна собо үөлбүтүн хоторо уурбут. Хоноһолордонон, күн аайы килиэптиир үһү. «Тук» буолбат диэн алаадьылаабат эбит. Били уот дьоно суохтар, оҕолорго сирдэтэн Сыгытыы үрэҕэр сөтүөлүү барбыттар.

– Сайыҥҥы ампаарга олохтоотубут. Бэрт көрсүө-сэмэй барахсаттар, имиритэн-хомурутан аһыыллара-сииллэрэ үчүгэйэ, «пасыыбалара-добуруолара» элбэҕэ, киһи эрэ үөрэ-көтө буобардыыр дьоно, доҕор, – диэн ийэм өссө хайҕааһыннаах.

Өрүүскэм дьээбэлиир: «Тыый, Дьэбдьиэ нууччалыы саҥарар буолкун дуу?» – диир. Ону: «Аны дьон истэригэр инньэ диэҥҥин ийэм эрэйдээҕи күлүүгэ ыытаайаххыный», – диэммин мөхтүм. Өрүүскэ биһикки дьиэҕэ киирэн, бырааһынньыкка барар баарысыналар быһыыларынан, дьон кэлэ илигинэ сууна-тараана оҕустубут. Ийэм хоноһолордоннум диэтэҕэ, дьиэтин ып-ыраас гына сиппийбит, истиэнэҕэ оскуома саайан, хантан ылбыта буолла, хаһыат иилбит, аны мин ааҕар кинигэлэрбин, ол да соччо элбэҕэ суох, долбуурга сааһылыы уурталаабыт. Сотору дьоммут кэлэн ампаарга ааспыттара көһүннэ. Тойбо диэннэрэ чахчы бухатыыр көрүҥнээх, сып-сырдык баттахтаах, мап-маҥан киһи эбит, аргыый аҕай хааман баадаҥныыр. Хата, хайдах эрэ, баччыр оҕону улаатыннаран кэбиспит курдук. Биирдэстэрэ киэҥ харахтаах, өрүкүйэ сылдьар кугас баттахтаах орто уҥуохтаах киһи эбит. Туох эрэ көрдөөҕү кэпсиир быһыылаах, күлэ-күлэ айаҕа хам буолбат, түргэн-түргэнник быһыта баттаан хамсанар. Өрүүскэм, ол иннинэ хантан тыыннаах нууччаны харахтаабыта баарай, айаҕын атыаҕынан атан баран дьон түннүк аннынан ааһан ампаарга киириэхтэригэр, ампаар аана сабыллыар диэри батыһа көрөн турда. Мин да киниттэн соччо хаалсыбатым быһыылаах.

Аспытын тардан, бары остуолу төгүрүччү олорон аһаатыбыт. Аҕам оҕонньор: «Ас-саан баран, ыс-сыах бардаа», – диэн «нууччалаабытын», дьоммут үөрэ-көтө: «Да-да», – дэстилэр. Нууччаларбытын Өрүүскэ биһикки онно тутан олорон, дьэ, үчүгэйдик көрдүбүт. Кыыһым бухатыыры көрө-көрө: «Сирэйэ маҥаныын, быллаҕарыын!» – дии-дии күлэн быччыгынаан сүгүн да аһаабата. Ыксаан, тоҥолохтоон буойдум. Эдэрдэр, миигиттэн биэс-алта сыл аҕа быһыылаахтар. Били «саха бааһынайа быһыылаах» диэбит киһим төрүт да атын сирэйдээх-харахтаах буолан таҕыста. Кугас баттахтаах, киэҥ бөлтөркөй харахтаах, тоҥсоҕор муруннаах, кэтит таныылаах. Нууччаттан атыны билбэт буоламмын, хайа омугун сатаан быһаарбатым. Уолум кистии-саба одуулаһарбын сэрэйдэ, тугу эрэ дьээбэлээҕи санаан мүчүҥнээн иһэн, аны кыбыһынна быһыылаах, «кулук-халык» тутунна. Онтон хайдах эрэ биир түгэҥҥэ харахтарбыт харсыһа түстүлэр. Дьэ, доҕоор, хараҥа күөх харахтары уун-утары көрөн таалбыт курдук олордум. Сити кэмтэн ыла олоҕум устатын тухары ол түгэҕэ биллибэт дириҥ харахтар батыһа сырыттахтара дии.

Ол эн айбыт аҕаҥ Найыл этэ. Ити эрээри, эн арыыйда кэлин баар буолбутуҥ. Оччолорго уот лииньийэтэ дэриэбинэни тилэри тардыллан, дизель туруоруллан, хотоҥҥо кытары уоттанан, аны пилорамаланан сайдыы бөҕөтө буолбуппут. Онно барытыгар били Тойботунаан элиэктирик уонна мончуор буолан кэлэ-бара сылдьыбыттара. «Кырдьаҕастаргар этиэххэ, билиниэххэ, холбоһон ыал буолуохха», – диирэ, манна олохсуйан олоруох да курдук туттара. Ону, хайдах эрэ, дьоммор тылым тахсан эппэт этим. Өссө бүтэһик сырыытыгар: «Алмаас көстүбүт сиригэр куорат тутуллар буолбут, онно үлэҕэ кэпсэттим, барыс», – диэбитэ. Мин дьоммун ханна быраҕан барыахпыный уонна ол саҥа сиргэ, араас омук ортотугар тугу үлэлээн-хамсаан, хайдах сатаан сылдьыахпыный, нууччалыы «чуорду» да билбэт үөрэҕэ суох дьахтар. Арай, кырдьык илдьэн баран, ханна эрэ быраҕан кэбистин? Нууччаны батыһан кый бырах барсан баран, сатаан олорбокко арахсыбыт эбэтэр суккуруур тыыннара эрэ ордон дойдуларын булбут дьахталлар оччолорго да бааллара. Испин ынаппытынан хааллаҕым дии. Кини барбыта. Эн төрөөбүтүҥ.

Дьонун туһунан быһыта-орута кэпсииринэн өйдөөн хаалбыппынан, сэрии саҕана соҕурууттан кэлбиттэр эбит. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэрэ үһү. Аҕата ханна эрэ өлбүт. Дойдуларыттан элбэх буолан, ол иһигэр били Тойбо дьоно эмиэ көһөн кэлбиттэр, хоту муора кытыытыгар тиийбиттэр. Ийэтэ балык собуотугар үлэлээбит, кини онно оскуолаҕа үөрэммит, балта тиийдэхтэрин дьыл ыалдьан өлбүт. Сэрии кэнниттэн Бокуруобускайга кэлбиттэр. Оскуоланы онно бүтэрбит, салгыы Дьокуускайга туох эрэ үөрэҕэр үөрэнэн иһэн бырахпыт. Ийэтэ өлбүтүн көмөн баран, уоттарга үлэҕэ киирэн, илин тыаҕа сылдьыбыт, онтон биһиги оройуоммутугар кэлбит. Ол быыһыгар эмиэ да «аҕам быраас этэ, дойдубутугар үчүгэйдик олорбуппут» диирэ. «Оччо быраас эрдээх эрээри, ийэтэ тоҕо манна кэлэн балыкка үлэлээтэҕэй?» диэн дьиктиргиирим. Уопсайынан, кини олоҕор өйдөөбөтүм элбэх этэ, ааһа баран, сымыйалыыр дуу дии саныырым. Төһө да сахалыы быһыта-орута саҥардар уонна утарынан билсиигэ дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс-сайаҕас да курдук буоллар, биһигиттэн төрүт атын майгылаах-эйгэлээх омук буолара биллэрэ. Миэхэ сүрдээх үчүгэй этэ, туох диэн үҥсэргиэмий. Ол эрээри, сорох-сороҕор биир сири тобулу одуулаан, кытаанах баҕайытык туттан соҥуоран олордоҕуна, хайдах эрэ атыҥырыы саныырым. «Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, ким диэн ааттыыргын бэйэҥ билээр, оттон кыыс буоллаҕына, мин ийэм аатын биэрээр» диэбитин иһин, эйигин Катя диэн ааттаабытым. Онон, сэрии-сут саҕана хантан эрэ кый ыраахтан кэлэн уҥуоҕа Өлүөнэ кытылыгар хаалбыт Катарина диэн омук дьахтарын сиэнэ, саха оҕото Хотууна баар буолбутуҥ.

– Оттон дьонуҥ, эһэм аах, ону хайдах көрсүбүттэрэй?

– Аҕам бастаан улаханнык кыыһырбыта: «Оҕом курдук санаан маанылаабыт киһим, уучча ыта, тэпсэн бардаҕын көр! Баара буоллар, ытан кэбиһиэм этэ», – диэмэхтээбитэ. Ону быһаардаҕым дии, иккиэн сөбүлэспиппитин, өссө миигин «холбоһуохха» диэбитин, илдьэ бараары гыммытын, кинилэри санааммын аккаастаабыппын кэпсээтим. «Сөбүлээбэт буоллаххытына, тахсаммын быаланан өлүөм», – диэн дэлби куттаатым. Ийэм ытыы-ытыы иккиэммитин ааттаата: «Айыыһыт маанылаабытын киэр анньымыахха, аньыыга-хараҕа кииримиэххэ, киһи оннугар киһи буоллаҕа», – диэтэ. Сыыйа уоскуйан, эйэлэспиппит. Аҕам: «Ууччаҕа уччуйан, ханна эрэ тиксэн-түгэнэн эстэрээппэлээн сордонуоҥ кэриэтин, манна, төрөөбүт балаҕаҥҥар оҕоҕун мэтээл оҥостон олор», – диэтэ. Дьэ, туһугар кытаанах соҕус быһаарсыы этэ. Найыл эрэйдээх онно баара буоллар, бостуой, быстахха былдьанан хаалыах эбит. Эһэҥ эйиэхэ бастаан сыстыбатаҕа, кэлин, ханна бараахтыай, сыыйа убанан, оҕоргуур буолбута.

Үһүйээн курдук истибит аҕабын биирдэ эрэ көрбүтүм. Тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына кэлэн барбыта. Олунньу ый ортото этэ. Ол күн бүтэһик бэһис уруогунан физкультура буолбута. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныы аҕырымнаан, халлаан сылаанньыйа быһыытыйан, хайыһарга бастакы дьарык саҕаламмыта. Физкультура учуутала Иван Васильевич ханна эрэ барардаах буолан, биһигини биир биэрэстэҕэ сүүрдэн баран, эрдэ ыыталаабыта. Ханна да үөрэнэ сырыттахха, баҕар оскуолаҕа буоллун, баҕар университекка буоллун, кыратык да эрдэ бүтэр – улахан үөрүү. Онон биһиги да ол сиэриттэн туораабакка, барбах эрэ ырыанан анньан, кылааһынан аргыстаһан дьиэлээтибит.

– Хайа, Катя, эн дьиэҕэр массыына турар дии, – Дося саҥа аллайа түһэр.

Көрбүтүм, олбуорбут таһыгар ГАЗ массыына кэлэн турбут. Тыый, ким кэллэҕэй? Бу кыһын Туллуктаах ийэлэрэ ыалдьыбытыгар оройуон балыыһатыгар сопхуос дириэктэрин массыынатынан илдьибиттэрин санаан куттанным. Аны ийэм эрэйдээх туох эрэ буолла дуу? Чугаһаан көрбүппүт, төрүт хайабыт да харахтаан көрбөтөх техниката буолла, кабинатын ааныгар эмблемэ-бичик бөҕөлөөх, «ВилюйГЭС-энерго» эҥин диэн. Тыый, кимнээх буоллахтарай? Аргыстарым салгыы ааһа турдулар, мин олбуорбар киирдим. Хайыһарбын күүлэҕэ уура туран иһиттэхпинэ, иһирдьэ дьон саҥата добдугурас. Хаарбын тэбэнэн дьиэҕэ киирэбин.

Тыа ыалын дьиэтигэр оччолорго туһунан куукуна диэн суох. Киирэ түһээти кытары – оһох. Ону биир өттүнэн таҥас ыйыыр уонна суунар сир. Утары түннүк аннынан остуол турар. Бэйэтэ да кыракый остуолбутун толорон ийэбин кытары үс киһи, икки нууччаны кытары биир саха киһитэ, эбиэттии олороллор. Мин киирэн «здравствуйте» диэн дорооболоһобун. Таҥаспын устан, соммун, бэргэһэбин ыйаан, суумкабын ууран балачча хаһыспахтыы туран кэпсэтэллэрин истэбин.

– … тогда, здесь было немноголюдно, жили в юртах, – диэн кэпсиир сааһырбыт көрүҥнээх харатыҥы нуучча киһитэ. – Ол кэмтэн төһөлөөх сайдыы барбытый?

– Ноэль Ааронович, манна уот линиятын аан бастаан эһиги тартаххыт дии, – эдэр нуучча уола тойуу саахары чэйгэ уган оборорун быыһыгар ытыктабыллаахтык ыйытар. – Первопроходцы в освоении Севера.

– Оо, даа, работа была тяжелая. Куда ушли те годы молодые? – кэпсии олорооччу туран миэхэ утары кэллэ, олуттаҕастык сахалыы ыйытта:

– Катаринагын даа?

– Ыһы, – диэбиппэр, бокуой биэрбэккэ, ыга кууһан, сүүспүттэн сыллаан ылла.

Мин «уой» диэт, илиибинэн хаххалыы туттан иһэн, «куттаныма, сыллыый, ити аҕаҥ ээ», – ийэм саҥатын истэммин холкутуйабын. А-ҕ-а-м? Тугуй ол, кимий ол? Хантан, хайдах уонна тоҕо? Ийэбиттэн ураты өссө ханнык эрэ үһүс киһи баар буолуохтааҕын, атын оҕолор аҕалаахтарын көрөр буоламмын, биллэрбин даҕаны, оннук чуолаан миэхэ уонна илэ-чахчы баарын өйүм хоппот эбит. Далбааран хаалабын.

– На улице такой мороз, а ей жарко, каково? – киһи киэн туттубуттуу дьонун диэки көрөр, хайыһардаан тириппитим көстө сырыттаҕа.

Мин остуол диэки эргиллиибэр сирэйбин дьэ өйдөөн көрөн, олорооччулар соһуйан өрө көтө түһэллэр. Чочумча саҥа суох. Онтон:

– Дьэ, манна чахчы да үчүгэйдик «үлэлээбит» эбиккин ээ, Аароныч, дочь-то… ну, надо-же, как две капли воды…те же ясные глаза, тот же знаменитый файнберговский нос, – диэтэ сахата.

– Вот так номер, – нуучча уола итэҕэйбэтэх быһыынан бастаан ийэм диэки, онтон саастаах киһи диэки олбу-солбу көрө олордо.

Ийэм биһикки ити түгэни кэлин саныы-саныы күлэрбит. Мэлдьи көрөр киһилэрэ ханна эрэ ыраах тыаҕа, үрэх баһыгар бүгэн олорор саха дэриэбинэтигэр оҕолооҕо буолуо диэн түһээн да баттаппатах буолуохтаахтар. Дьээдьэлэрэ да кэлэн иһэн «оннуктаахпын» диэн төрүт эппэтэх, көннөрү «эдэрбэр үлэлии сылдьыбыт сирбэр таарыйан ааһыахха» диэбит эрэ быһыылаах. Дьэ, төһө эрэ соһуйдулар.

– Ну-с, достаточно. Вы Семеныч, с Владиком куда-нибудь…

– Понятно-понятно, – саха киһитэ тута өйдөөн уолунаан хомунар аакка бардылар. – Баһыыбаларыҥ. Спасибо, хозяйка, за хлеб-соль.

– Вас совсем оставить здесь или прийти…во-сколько? – тахсаары туран дьоно ыйыппыттарыгар киһибит «вечером» диэн хаалла.

– Ити ханналаатылар? – ийэм остуолун хомуйа туран ыйытар.

– Михаил Семенович эрэллээх киһи, булан сылдьыа.

Ийэм ити икки ардыгар остуолун иккистээн тардан, аны үһүөн олордубут. Дьээдьэ Ноэль миигин кытта сэргэстэстэ. Бу – убаабыт кугас баттахтаах, кэтит таныылаах, сүһүөхтээх муруннаах, этэргэ дылы төрүт торулуур «тоҥ» киһи миэнэ айбыт аҕам эбит буоллаҕа.

– Хайа, Катарина, үөрэх хайда-ах? – минньигэс баҕайытык саҥаран ыйытар. «Хайа» диирэ «ха-я» диэн иһиллэр.

– Үчүгэй, – диибин миин иһэрим быыһыгар.

Ол аайы, харса суох аһаан-сиэн бордурҕаппаппын. Айахпын мээнэ тыаһаппат буола сатыыбын, ньуоскабын, домоводство уруогар үөрэппиттэрин санааммын, бэркэ сэрэнэн тутабын. Быһата, ийэ тарака Хотууната омук киһитэ аҕабар «Катарина» буолан хаалбыппынан, боччумнаахтык уонна культурнайдык тутта-хапта сатыыр санаа киирдэ. Ол туораттан олуона соҕустук көстөрө буолуо диэммин, аны испэр күлэ саныыбын.

– Ха-сыс класс?

– Тохсус, девятый, – бэйэм да билбэппинэн тоҕо эрэ нууччалаан саайабын.

Салгыы кэпсэтии икки тылынан булкуллар. Ийэм биһикки нууччалыы, кини сахалыы мөлтөхтүк саҥарабыт даҕаны, онно эрэ кыһаммакка, харса суох балкыһан, хата кимнээҕэр өйдөһөр курдукпут. Бастаан кэмчиэрийбитим ааһан хаалар, дьээдьэ Ноэль даҕаны киһини симитиннэрбэт, бэрт судургу майгылаах буолан биэрдэ.

– Эһиил оскуоланы бүтэрэр эбиккин. Ханна үөрэнэ барар былааннааххыный, туох идэни талан эрэҕин?

– Быраас буолуом.

– Оҕом ити кыра эрдэҕиттэн баҕата, – ийэм киэн тутта кыбытар.

– Быраас даа? – дьээдьэ Ноэль соһуйар. – Мин дьонум эмиэ доктордар этилэрэ. Бэйэлэрэ бас билэр клиникалаахтара. Ыраах, төрүт дойдубутугар… Шауляйга… Эһэм гарнизон лекара эбитэ үһү. Эн, кинилэр сиэннэрэ, эмиэ доктор буолуоҥ… Воистину, хаан хаалбат, удьуор быстыбат. Сир уһугар да тиийэн баран, дьүһүн да кубулуйан туран, баар буола турабыт, – чахчы долгуйбут көрүҥнэннэ, куолаһа титирэстээтэ. – Өйдүүбүн ээ, эриллэн түһэр кирилиэһи, аҕам кабинетын… көмүс чаһытын… пенснетин. Ол күндү да буолара…

Аҕам, аны мантан антах наар «аҕам» диирим, ийэбиниин кэпсэтиитэ маннык буолла.

– Найыл, мин эйигин өссө мантан тиийээт да кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан ырааттаҕа диибин ээ, – диир ийэм.

– Хантан? Эн барсыбатаҕыҥ дии. Маҥнайгы сылларга кыыс да аҕыйах этэ, сытыы уолаттар мэлдьи тайҕаҕа сылдьар киһиэхэ тииһиннэрбэттэр. Бастаан наар линия тардыытыгар сылдьыбытым. Сайыҥҥы куйааска-кумаарга, кыһыҥҥы тостор тымныыга тимир боробулуоханы кыһыл илиибитинэн таҥан сордонорбут. Сатаабат да буолан уонна сөптөөх тэрил да кэмчитинэн хаста-хаста үлтү түһэн диэн… токка да оҕустаран… доруобуйабын сүтэрэн, 44 сааспар бу ыарыһах буолан олордоҕум. Оччолорго, билиҥҥи курдук, элбэх техника суох, үлэҕэ куттал суох буолуутун тэрийии мэлигир. «Маннык кэмҥэ диэри бачча усталаах линия тардыллыахтаах» диэн буолар. Бүттэ. Бара тураҕын. Алмаас куората, онтон ГЭС… Ону «уһун солкуобайы» эрэ эккирэтэн сылдьар курдук араастаан саныахтара турар… Төрдүттэн түөрэ сүргэйиллибит үүнээйи буоламмын, ханна түбэһэрбинэн, оннубун була сатыыр кыһалҕаҕа сылдьан хагдарыйан эрдэҕим.

– Ээ, эрэйдээҕим сыыһын даа, – ийэм аһынан ымманыйар, – онтон манна кэлиэххин. Аскын-таҥаскын син тэрийэр этим буолбат дуо?

– Эйигин эргэ таҕыстаҕа, миигин давно-о и совсе-ем умуннаҕа-а дии саныырым. Онтукам төрүт да тахсыбатах эбиккин дии. Таах да эн барсыбытыҥ буоллар, ыал-ыал курдук бэрт баҕайытык олоруо этибит. Ыаллары өйүүллэрэ, бастаан бараакка туспа хос, онтон дьиэ элбээн истэҕин ахсын, квартира биэртэлииллэрэ. Оттон сулумахтар эрэйдээхтэр сылы-сыллаан уончалыы буолан балааккаҕа, хоско кыбыллан, хомнуо-хойут эрэ үчүгэйгэ тиксэр буоллахпыт. Интернациональнай дьиэ кэргэннэр бөҕө үөскээбиттэрэ, билигин да элбэхтэр. Өссө ол муода курдук, норуоттар доҕордоһууларын быһыытынан пропагандаланар. Молдаванка саха уолугар, украинка татаарга эргэ тахсыбыттара, литовец нууччаны, финн кореянканы, белорус бурятканы ойох ылбыттара.

– Тыый, үгүс да омук баар эбит. Хайдах кэпсэтэн, быһаарсан сылдьалларый? – ийэм биһикки сөҕөбүт. Мин санаабар баҕас, омуктар бары, ити киинэҕэ көстөрүн курдук, национальнай таҥастарын кэтэн сылдьаннар, бэйэлэрин эрэ тылынан кэпсэтиэхтээхтэр.

– Нууччалыы буоллаҕа эбээт, бары иллээх, биир тэҥ бырааптаах сэбиэскэй омуктар. Эн да биһикки кинилэртэн итэҕэс буолуо этибит дуо, ама? Бу кыыһы таһынан, хас да уолу төрөтүөҥ этэ, тымныыны тулуйар, кыһалҕа тирээтэҕинэ, бултаан да айахтарын булунар, доруобай, чэгиэн дьону – кыра Ноэли, Рэби, Мотелени. Оччолорго саҥа ыал буолбут уолаттар билигин хайы-сах улааппыт оҕолорун батыһыннара сылдьалларын көрдөхпүнэ, ымсыырабын эрэ. Матренаны сайылыгыттан күүспүнэн да илдьэ кэлбэккэбин диирим. Ньир бааччы олорбутум буоллар, ыалдьыам суоҕа этэ. Да-а, барсыбатаҕыҥ…

– Дьэ, барытыгар кэм мин буруйдаах буолан иһээхтээтэҕим. Оттон били Тойбо бухатыыр баара дии, ханна тиийдэ?

– Тойбо? Аа, Тейвонен… ийэтин илдьэ өссө эрдэ, мин Мииринэйгэ барарым саҕана, 1962 сыллаахха, дойдулаабыта. Аймахтарын буланнар, хорошо устроились, он там женился, кучу детей-богатырей народил, назло всем. Даа, үссэнэн абыранаары, муустаах өрүс ньалыар уутугар бииргэ күөгүлүүр доҕорум Пярно Тейвонен быдан муударай буолан таҕыста ээ… Дьылҕа тиксиһиннэрдэҕинэ, көрсүөм диэн эрэнэбин.

– Оччоҕо билигин да сулумаххын дуу?

– Мантан тиийбитим үһүс сылыгар биир кыыһы ойох ыла сылдьыбытым. Ол эрээри, өр олорботохпут. Светлана детдомҥа үөскээбит буолан, майгыта-сигилитэ атына, дьиэтээҕи нус бараан олоҕу сатаан тэрийбэт этэ. Арахсыбыппыт. Таҥара оҕону биэрбэтэҕэ. Алта сыллааҕыта оҕолоох огдообону ылбытым. Регина диэн, медсиэстэрэ. Сэрии саҕана оҕо сылдьан эмиэ онно… хоту олорбут, онтон Кангаласка кэлбит. Ыалдьан балыыһаҕа сыттахпына, билсэн холбоспуппут. Уола Альбертас быйыл Армияҕа барда. Ону кыахтаах эрдэххэ, төрүт дойдутун булларан, олохтоон кэбиһээри, аны сайын көһөргө сананныбыт. Сөбүн хоту дойдуну, киэҥ Сибиири кэрийдибит диэн буолла. Онон, Матрена-ам, соҕуруу, ээ, соҕуруу да буолуо дуо, тус арҕаа баран эрэбин. Аны көрсөр биллибэт.

– Барбыт киһи баран эрдэҕиҥ, урут да кэлэ-билсэ турбутуҥ баарай?

– Эттэххин да, кэм чугас этим буоллаҕа, өйдүү-саныы сырыттаҕым.

– Һэ-һэ, албына диэн, төрүт быркыта суох сүтэн хаалан баран, хата, кини саныы сылдьыбыт аатырда дии… – ийэм күлэр. Онтон ыйытар: – Дьэ, онон букатын баран эрдэҕиҥ.

– Оннук. Ол иһин, бу сирэй көрсөн быраһаайдаһыам диэн, Дьокуускайдыыр сылтаҕы булан, анаан-минээн кэллим. Төннөрбөр самолеттаныам, ыраах айаны тулуйбаппын. Ахтарым буолуо, бу тымныы Саха сирин, хараҕым уута тохтубут, чугас дьонум көмүллүбүт, эдэр сааһым ааспыт дойдутун. Аҕам Аарон – хайа эрэ лааҕырга, балтым Эстер-Либа, кыракый Либузя – Булуҥ Тиит Арыытыгар, ийэм Катарина – Покровскайга сытан хааллахтара… Ол эрээри, бэйэм оннубар биир тыыннаах дууһаны хааллардаҕым дии, Катарину нашу, – «нашу» диэн чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ. – Өйдөөн кэбис, кыысчааныам, биһиги тоҕо уонна хайдах манна кэлбиппит туспа кэпсээн. Ону билэ да сатыыр наадата суох, улааттаххына, хойутун-хойут баҕар билиэҥ, баҕар суох. Ол эрээри, биири өйдөөн кэбис, эн аҕаҥ, ол аата мин, хаамаайы буолбатахпын, дьон курдук дьонноох этим, киһи тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Бу Бүлүү түбэтигэр уонна Мииринэйгэ электроэнергия сайдыытыгар күүспүн харыстаабатым. Эн онон киэн туттуохтааххын, дьоһуннук сананыахтааххын. Эрэнэбин, үөрэниэҥ, үлэһит буолуоҥ, дьон кэккэтигэр тахсыаҥ. Олоҕуҥ суолугар үгүс киһини көрсүөҥ, араас омугу кытары алтыһыаҥ, оччоҕуна, «эһэм – 1941 сыл сааһыгар диэри Шауляй куоракка олорбут доктор Аарон Файнберг, аҕам Мииринэйи, ГЭҺ-и тутуспут энергетик Ноэль Файнберг» диэн кыбыстыбакка, киэн тутта этэр буолаар. Киһи кимин, дьиҥэ, омуга быһаарбат, киһи быһыытынан хайдаҕа, дьэ, ол быһаарар. Биир ырыаны ыллыым эрэ, оҕо эрдэхпинэ, дьонум бырааһынньыкка бары түмүстэхтэринэ, ол ырыанан үҥкүүлүүр буолаллара. Дьээдьэ Гершель куоҕаҥныы-куоҕаҥныы скрипкаҕа тардан сыыйара, ийэм пианиноҕа охсуолуура… дьэ уонна бары сарын-сарыннарыттан ылсан үҥкүүлээн бараллара. Биһиги, оҕолор, да маппаппыт. Мин, оччолорго сэттэлээхпин, Рудерманнар кыыстара Алтаны уонна ыалбыт уола Шолому кытары киирэбин. Иккилээх Либузя үҥкүү тэтиминэн ытыһын таһына-таһына, эргичиҥнээн, атылаас былаачыйата лаглаарыйар. Тула музыка, үөрүү-көтүү… Өрүү оннук салҕанан бара туруон курдук… Ол бэйэбит ким – хоту, ким – геттоҕа… Мм-м… – аҕам куолаһын оҥоһунна, көхсүн этиттэ. Иһиттэн бэрт дириҥ дорҕооннору таһааран, оргууй аҕай саҕаланан сыыйа күүһүрэн, хамсаныылаах үҥкүү эрчиминэн сайдар ырыаны ыллаан барда:

 
Хавва… лагиллья хавва, лагиллья хавва,
Лагиллья…белис ме хавва…
 

– Ээх, куолаһым куһаҕаныгар эбэн, тылын да умнубуппун. Ийэм хоту кэлэн баран, бу ырыаны санаата түстэҕинэ, муунтуйдаҕына, айаҕын иһигэр киҥинэйэн ыллыыра. Оччоҕуна, сэргэхсийэргэ дылы буолара. Оттон мин бүгүн, төрөппүт эт-хаан оҕобун кытта көрсүбүт өрөгөйдөөх кэммэр соруйан ыллаатым… Дойдуга тиийдэххэ, быһыы-майгы, өй-санаа төрүт атын буолан, иккистээн көскө тиийбит дьон курдук буолабыт эрэ, хайыыбыт… Уруккуттан туох да хаалбатаҕа сыттаҕа… Ол туһугар кыһалыннахтара даҕаны, силистиин ылҕаан, төрдүттэн түөрэ сүргэйэн, ордубуту тэпсэн…

Аҕам ити этэрин ис дьиҥин мин, чахчыта, тугу даҕаны өйдөөбөтөҕүм. Ол эрээри, кини көрсүбүт олоҕор киһи ылбычча сатаан, кыайан быһаарбат, туох эрэ ынырык кистэлэҥэ баарын дууһам хайа эрэ түгэҕинэн сэрэйбитим. Кэпсэтэрбит быыһыгар хаартыска көрдөрбүппүт. Мин детсакка, оскуолаҕа, ийэм пиэрмэҕэ дьахталлары кытары түһүтэлээбиппит син элбэх этилэрэ. Аҕам эһээлээх эбэм хаартыскаларын көрөн үөрдэ.

– Үтүөкэн дьон этэ, оҕолорун курдук көрөн үчүгэйдик олордубуттара. Ийэбин сүтэриэхпиттэн, олус аймана сылдьыбытым. Күн сиригэр күндүтүк саныырым туох даҕаны хаалбатаҕа, сатахха, наар бииргэ суулаһан сылдьыбыт дьоммут, Рохлиннар, Эйдеманнар, оччолорго бары дойдуларыгар төннүбүттэрэ, кыаммат кырдьаҕастар, тулаайах ыччаттар хаалбыппыт. Мин, төрүт да кыыл барыах дууһа, манна үчүгэй сыһыаны көрсөн, киһитийбитим, олоххо тардыстар буолбутум. Ол иһин, бу кырдьаҕастары өрүү махтана саныыбын, – диэтэ.

Кырабар иккиэн түспүт хаартыскабытын көрдөөн ылла. Ийэм ону «кэбиис, туох абааһы хап-хара дьонун хаартыскаларын илдьэ сылдьарый диэн, ойоҕуҥ күнүүлээн хайа тардан кэбиһиэ» диэн биэримээри гыммытын, холку баҕайытык: «Мин Альбертас аҕатынаан түспүтүн алдьата иликпин ээ», – диэн кэбистэ. Былырыын, ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, Бүлүү куоратыттан фотограф кэлбитигэр, дьүөгэбин кытары оҥостон ахан түспүт, олус табыллыбыт хаартыскам баара. Ону көрө-көрө, Таайа: «Хотууна, эн олох чыыстай омук кыыһа буолан түспүккүн. Сирэйиҥ маҥана (фотограф сырдык уоту утары тыктарбыта), хараҕыҥ киэҥэ (көрүөхпүнэн көрбүтүм ахай), баттаҕыҥ будьурхайа (киэргэнэн, бугудьууланыы кытаанаҕа буолбута), муннууҥ-муннуҥ (кыратык кырыыбалыы туттан олорбутум)! Үүт-маас били сурунаалга «Христос норуокка кэлиитэ» ойууга баар, ууттан тахсан эрэр оҕо курдуккун», – дии-дии, кыргыттары дэлби өрүкүппүтэ. Омуннаах өттүлэрэ библиотекаҕа ол сурунаалы була ыстаммыттара. Школьнай формалаах, маҥан фартуктаах, пионерскай хаалтыстаах бэлтэспит кыргыттар сүр боччумнаахтык туттан түспүт ол «күлүкпүтүн» ийэм этиитинэн, суруктаан-бичиктээн бэлэхтээбитим. Аҕам хаартыскалары кумааҕы илииһинэн кичэллээхтик суулаан, тирии бартыбыалын иһигэр туспа паапкаҕа уган кэбиспитэ.

Түөртүүр саҕана дьоно кэлбиттэрэ. Саха киһитэ Михаил Семенович Чурапчыттан төрүттээхпин, Ноэль Аароновиһы кытары бииргэ үлэлиибин, доҕордуубут диир. Айаҥҥа фотоаппараттаах сылдьар эбит, биһигини үһүөммүтүн уонна миигин аҕабын кытары хаартыскаҕа түһэрдэ. «ГЭС кылаабынай энергетигэ аҕалаах кыысчаан, дьэ, үөрэххин кытаат», – диэтэ. Оттон ыалдьыппытыгар сөмүйэтин чочоҥнотто: «Маннык алмааһы саһыара сылдьаргын төрүт биллэрбэт эбиккин ээ, вот хитрец». Онуоха хардата: «Алмаас үрэх баһыттан булуллар уонна кырыыланан-чочуллан бриллиант буоллаҕына эрэ киэҥ сиргэ тахсар», – диэн буолла. Арахсарбытыгар аҕам ийэбин уонна миигин, иккиэммитин олбу-солбу сыллаан ылла, хараҕын уутун сотунна.

– Бу уол бачча сааһыгар диэри уйанын, – ийэм кэмчиэрийбиттии симиктик күлэ хаалла. Оттон ааны сабан тахсыбыттарын кэннэ атахтара чигдигэ «куучур-хаачыр» тыаһаан ыраата турбутун, массыына аана «лип» гына сабыллаат, айаннаан бирилээбитин иһиллээн саҥата суох турда.

– Барда. Көр, оҕолооҕун син саныыр эбит ээ. Барахсаммын ньии… Кырдьык барсыбытым буоллар, ама да мин буолларбын ити бэйэлээх киһини кытары сатаан олоруом суоҕа үһү дуо? Үйэм тухары сопхуос хотонугар булкуллуо суох этим, – кэбирээтэ, куолаһа титирэстээтэ, хараҕа ууланна. – Ээ, чэ, аастаҕа эбээт. Уой, хата хотоммор хойутаабыппын дии, сыллыый, бара охсуум.

Аҕам ити кэлэн барыытын туһунан дэриэбинэ дьоно билэ-истэ охсубут этилэрэ. «Хотууна аҕата били манна «Ильич уотун» аан бастаан киллэрбит киһи эбит ээ, билигин ГЭС энергетигэ, үөрэх-хаар бөҕөлөөх мааны киһи буолбут». Ол быыһыгар сорохтор: «Бу кыыстан атын оҕото суох үһү даа? Мотуруус, дьэ оччоҕуна, сэрэн! Дьэбириэй диэн киитэрэй омук, ити соруйан кэлэн барар. Бачча улааппыт, бэйэтин хаана баһыйбыт бэлэм оҕону, «үөрэттэриэм эҥин» диэн, онон-манан албыннаан, аны былдьаан ылаарай», – диэн түөрүйэлээн, ийэм эрэйдээх сүрэҕин-быарын быллыгыраталлар, килбик тапталын кэмчи үөрүүтүн үрэйэллэр…

Кини ол кэннэ кэлэ сылдьыбатаҕа. Эппитин курдук, ити сыл сайыныгар соҕуруу барбыт этэ. Эһиилигэр, сааскы уһун өрөбүл саҕана, бэрт ыраах сиртэн биһиэхэ сурук тигинээн кэлбитэ. Дойдуларыгар этэҥҥэ олохсуйан эрэллэрин, кэргэнинээн иккиэн үлэ булбуттарын, квартира атыыласпыттарын туһунан кэмчи кэпсээнинэн саҕаламмыт сурук үгүс тыллара миэхэ анаммыттар. Былырыын манна кэлэ сылдьыбытын куруук долгуйа ахтар эбит. «Кыысчааныам, эн олоххор инники сыалыҥ – үчүгэй киһи буолуу, талбыт идэҕинэн төрөөбүт дойдугар сулууспалааһын, сөбүлүүр киһигин кытары олоххун холбоон, ыал ийэтэ буолан, удьуор быстыбатын хааччыйыы», – диэбит. Саха сирин ыччаттара ордук хото Ленинград, Калининград, Рига, Вильнюс институттарыгар үөрэнэллэрин уонна мин онно тиийдэхпинэ, билсэ-көрсө туруохпутун быһаарбыт. «Регина иккиэҥҥитигэр итии-истиҥ эҕэрдэ ыытар», – диэн суругун түмүктээбит уонна туспа бандеролунан хаартыска ыытарын эппит.

Ол бандероль уһаабатаҕа, сотору кэлбитэ, арыйбыппыт, бэрт кичэллээхтик сууламмыт хас даҕаны хаартыска баара. Иккитэ – халыҥ хордуоҥҥа сыһыарыллыбыт, былыргы ательеҕа оҥоһуу, биир соторутааҥҥы соҕус эрээри, түһэриитэ мөлтөх буолан, болоорон хаалбыт уонна иккитэ били былырыын кэлэ сылдьан түһэртэрбит хаартыскалара. Кэннигэр «Семейный сбор. Справа за плечом у деда мои родители, слева, в матроске – я, а с бабушкой – Либузя. За бабушкой дядя Гершель с женою. 1940 год. Шауляй» диэн быһаарыы суруктаах хаартысканы көрөбүт. Маҥнайгы кэккэҕэ саха дьахтарыныы бэрт намылхай, номоҕон көрүҥнээх сааһырбыт түөтэ олорор. Эбэтэ. Хохуукка курдук мап-маҥан биирдээх-иккилээх кыысчааны, Либузяны көтөхпүт. Чээн, барахсаны да! Кинини кытары хара көстүүмнээх дьоһумсуйа туттубут икки аҕамсыйбыт киһи сэргэстэспит. Үрдүк сэлээппэлээхтэр, сабыстыгас хойуу хаастаахтар, сэбирийэн түспүт уһун бытыктаахтар. Ортокута – эһэтэ, онтон бу – абаҕата буолуо», – ийэм быһаарар. Эһэлэрин уҥа өттүгэр кэргэнниилэр тураллар. Эр киһи кылгас хара баттаҕын кэннин диэки ньалҕаарыччы тарааммыт, маҥан хаалтыстаах, хара көстүүмнээх, илин сиэбиттэн сыапачыка сабырыйан түспүт. Дьахтар киэнэ талыыта-талбата, кэрэтэ кинини кытары сэргэстэспит. Туруору саҕалаах кылабачыйан көстөр хараҥа былаачыйалаах, түөһүгэр броштаах, санныгар эриллэн түспүт хойуу суһуохтаах, төбөтүн кыратык кынтаччы туттубут, уоһун аҥаар уһугунан мичээрдээбит. Ийэтэ – Катарина, аҕата – Аарон. Оттон бэйэтэ? Ээ, бу. Эһэтин аттынан матроска көстүүмнээх биэстээх-алталаах уолчаан чоҕулуччу көрөн турар. Хаҥас диэки дьээдьэ Гершеллээх. Төгүрүк иилээх ачыкылаах, будьурхай кугас баттахтаах эр киһи оройугар кыра төгүрүк бэргэһэни ууруммут, хара көстүүмүн таһынан кылбаа маҥан шарфигы түһэриммит. Кэргэнэ буоллаҕа, аттыгар сэргэхтик сэгэлдьийбит эдэр кыыс турар. «Мааны, үөрэхтээх да дьоннор эби-ит, айабыын. Бу кырдьаҕастарын көрүүй, чахчы ытыктанар, сис ыаллар буолуохтаахтар. Ол сэрии саҕана ыһылыннахтара», – ийэм аһынан үөһэ тыынар. (Дьиэ кэргэни ааһан, бүтүн дойдуну, омугу үрэйбит ытылҕаҥҥа сэрии эрэ буолбакка, атын ынырыктаах сыһыан эмиэ сабыдыаллаабытын биһиги оччолорго төрүт билбэт этибит).

Иккис хаартыскаҕа наар оҕолор түспүттэр. Боччумнаахтык туттубут соломо кугас төбөлөөх, мап-маҥан алын кылаас үөрэнээччилэрин ортолоруттан хара баттахтаах Ноэли начаас булан ылабыт. Оттон били болоорон хаалбыт хаартыска куоппуйа эбит, кэннигэр «Покровск, 1952 год» диэн суруктаах. Кимнээхтэри эрэ кытары дьиэ иһигэр түспүттэр. Ноэль 18-таах хастаах быһыылаах, хап-хатыҥыр, үлэһит-хамначчыт көрүҥнэммит, боростуой сибиитэрэлээх. Ийэтэ, били талба-мааны дьахтар барахсан, ыран-дьүдьэйэн, баттаҕа убаан, сирэйэ харааран, кыччаан, хараҕа ыраах чөҥөрүйэн, мунна эрэ тоҥсойон хаалаахтаабыт. Баара-суоҕа 12 эрэ сыл иһигэр! «Кыһалҕа бөҕө кыһайан маннык көрүҥнэннэҕэ» диэн быһаарабыт. Астаах остуол тула сүрдээх иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн үөрэ-көтө олорор. Саас ортолоох саха дьахтара уонна кини бараллаата дьэбириэй киһитэ эт тутан мытырыйан эрэр сиэнчэр кыыһы ортолоругар уктубуттар. Бу – былырыын манна түспүт күлүкпүт. Онтон манна аҕабын кытары түспүппүн, кини олорор, мин турабын.

Бандероль суутугар туох эрэ кылыргыы сылдьарын ылан көрбүтүм, дьоҕус бакыат буолла. Бай, өссө маннык баар эбит дуу. Халыҥ хаартыскалар быыстарыттан түстэҕэ, туох эбитэй? Арыйбыппыт – икки үс муннугу хардарыта тутан кыракый төгүрүккэ сыһыарбыттар. Кэннигэр «Дорогой дочери» диэн кып-кыракый эриллэҕэс буукубаларынан оҥо быһан суруллубут. Ийэм ытыһыгар ууран хараҕар таҕайан көрөр:

– Тыый, кыһыл көмүс кулуон дии. Сыллыый, өйдүү-саныы сырыттын диэн бэйэтин омугун оҥоһугун ыыттаҕа.

Бу сурук биһигини долгуппута. Мин өссө былырыыҥҥыттан, аҕам кэлэн барыаҕыттан, өйбөр оҥорон көрөн тардыстар тунаархай эйгэм, ити хаартыскаларга тирэҕирэн, чопчу дьүһүннэммитэ. Сиэркилэ иннигэр өөр-өр туран, билбэт мааны дьоммор майгыннаһар өрүппүн була сатыырым. Оттон ийэм? Кыыһын, күҥҥэ көрбүтүн, Хотууна хотокутун, ким эрэ кэлэн былдьаан барыаҕын курдук санаа кинини үүйэ-хаайа туппута. Ол долгуйууну мин оскуоланы бүтэрэн, аны сайын үөрэххэ туттарса барыахтааҕым ытаһалыыра. Төһө эмит өр кэм устата, күндүтүк саныы сылдьыбыт киһитэ киниэхэ билигин уодаһыннаах санаалаах урдус буолан хаалбыта. Өскөтүн соҕуруу бардахпына, «били киһи» миигин маныы сылдьан, булгуччу булан ылан, албыннаан бэйэтигэр тардыахтаах, быһата тыыннаахтыы былдьыахтаах. Ол иһин, «төрөөбүт дойдуга сулууспалааһын, удьуору салҕааһын» эҥин диир. Киниттэн, үөрэҕэ суох, туос дьадаҥы ыанньыксыт дьахтартан, иҥниэ дуо?

Ийэм дьиксиниитин күүркэтэн, пиэрмэ ыччаттара омуннуран өрүкүнэһэллэр. Көөнньөрбөнү паарынан үрдэрэн оргутар «КВ-200» хочуол аттынан тардыллыбыт остуолга чэйдии олорон, ким тугу сатыырынан-саныырынан ыралыыр.

– Хаарыаны-ы, мин Хотууна эбитим буоллар, оччо амарах аҕабар сыстан, соҕуруу, сылаас, сайдыылаах сиргэ бэлэмҥэ олорон хаалыам этэ, – иккис сылын ньирэй көрө сылдьар, аны саас үөрэх туттарса барар былааннаах Оруоса чахчы ис сүрэҕиттэн ордугургуур.

Биһиги нэһилиэктэн Бүлүү куоратыгар көһөн киирбит Николаевтар биир кыыстара Ленингракка Герцен аатынан институкка үөрэнэ сылдьан, нуучча уолугар эргэ тахсан олохсуйан хаалбыта санатыллар. Ол кыыс үөрэнэ сылдьан «учуонайдарбыт, преподавателлэрбит үгүстэрэ дьэбириэйдэр» диэн суруйбуттаах эбит.

– Оо, ол киһи, дьэ, үөрэттэриэ да этэ, хайа уонна ыал оҥоруо дии. Биир эмит бэйэтин омугун уолун булан эргэ биэриэ, – ыанньыксыт Мааса ситэрэн биэрэр.

– Тыый! Уо-ай!

– Оксиэ, оччоҕо Хотуунабыт букатын да омук буолан хаалар ээ, баҕар ааттыын-суоллуун уларыйыа. Мааны да мааны дьахтар манна биирдэ эмит кэлэн барыа, – Даайа мин диэки сонурҕаабыттыы көрөр.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации