Электронная библиотека » Рустам Каженкин » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Рустам Каженкин


Жанр: Поэзия, Поэзия и Драматургия


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Каженкин Рустам Николаевич
Сааьа суох сурэх ырыата

АҔА ХАЛЛААН АЙХАЛЫНАН

Дэгиттэр

Ил Дархаҥҥа


 
Ханнык да сиргэ буоллун,
Очуос эрэ ыраахтан көстөр,
Сир хайа да муннугуттан
Үрдүк оҥоһуутунан өҥнөр.
Ол эрэн Аан дойду атаанын
Маҥнай эмиэ очуос билэр,
Сиргэ сатыылаабыт аргыары
Үрдүк аналынан күөйэр.
Омук эмиэ очуос дэнэр
Дэгиттэр дьонунан биллэр.
Аан дойдуга, бары омукка
Очуос – очуоһу эрэ билинэр.
 
Торҕон тулаайах сураҕа
 
Эр Киһи сур бөрө тылынан
Кэпсэтэр-өйдөһөр кэмигэр —
Торҕон кыыл ыллыгын тутуһар,
Үөрдүһүү үгэһин тумнар.
Туолар ый өлбөөркөй уотугар
Алаастар, сис тыалар, хочолор
Торҕон кыыл күлүгүн кэтииллэр,
Иһийии тыынынан туолаллар.
Үүнэр күн ыксаабат уотугар
Тиһэх төгүл эрэл күөрэйэр,
Ону билбит кырдьаҕас суор
Саҥата суох көхсүн этитэр.
Мин эмиэ ол түүн үүммүтүн
Көхсүм хараҕынан билбитим,
Үүнэр күнтэн куотар улуйуу
Тулаайах тылын истибитим…
 
Төрөөбүт дьиэ туһунан

Николай Лугиновка


 
«Киһи төрөөбүт дьиэлээх буолуохтаах…»
Убайбыт эппитэ холку, судургу.
Мантан аартык, өй-санаа сатыылыыр,
Аан дойду маҥнайгы саҕаҕа арыллар.
Ханнык да солооһуннаах суоллартан
Ол дьиэҕэ булгуччу эргиллэн кэлиэхтээх.
Оччоҕо олохтоох олох, толору буолуу
Кэм-кэрдии кирбиитигэр мэлдьи көстүөхтээх.
Мантан саҕыллан тахсыбыт өй-санаа
Дэбигис халбаҥнаабат, бигэ кырыстаах.
Бу мөккүөрдээх үйэлээх олоххо —
Киһи төрөөбүт дьиэлээх буолуохтаах!
 
Кыайыы күнүгэр
 
Кыһыл уонна Күөх Маай
Дьокуускайга марштыыр,
Ильич кырдьаҕас олбоҕо
Үрүҥ тастаах тураахтыыр…
Оттон Чочур Мыраан тэллэҕэр
Ньургуһун нуоҕайа үүнэр,
Күөх Хонуу киэҥ-холку ньууругар
Талах төбөтө тыллар.
Кытара кыыспыт Кыһыл халлаан
Саҥа Күөх окко иҥэр,
Бу кэмҥэ мин күндү Эбэм
«Өлбөт полк» кэккэтигэр…
Кыһыл уонна Күөх маай
Дьокуускайга марштыыр,
«Өлбөт полк» иннигэр —
Ньургуһуннаах ыччат.
 
Өлбөт полк
 
Сэрии бүппүт улуу күнэ.
Дьокуускайга дьон хаамсар.
«Өлбөт полк» ытык сүүрүгэр
Мэтириэт тутуурдаах кыттыһар.
Хаамсаллар саҥата суох,
Олох сүүрүгүн салҕаары,
Бүгүҥҥү күҥҥэ тиийбэтэх
Бэтэрээн санаатын ситээри.
Кыра үрүйэ – өрүс буоларыныы,
Хаамтах аайы полк хаҥыыр.
Ыччат өбүгэтин кэриэстиир,
Олох өрүһүн сүүрүктүүр.
 
Ийэ сүрэҕэ

Февронья Малгинаҕа


 
Айан суолун төрдүгэр
Сарсыардаттан ийэ турар,
Ырааҕы одуулуур хараҕар
Биэс оҕо мөссүөнэ көстөр.
Кинилэр уот сэрии үөһүгэр
Эргийбэт аартыкка хаамаллар,
Кинилэр соҕотох ийэ сүрэҕэр
Өрүүтүн тыыннаах сылдьаллар.
Биэс оҕо сүрэҕэ хорсуннук
Аҕа дойдутун туһугар тэппитэ,
Сэрии бүппүтүн да кэннэ,
Ийэ саныыра: «Эргиллиэхтэрэ…»
Күнү-дьылы күүтэргэ анаабыт
Ийэ сүрэҕэр билигин да сэрии!
Кыргыһыы үөһүгэр – Өлөксөйдөр,
Бүөтүр, Баһылай, Испирдиэн…
…Ытык киһи таптыыр сүрэҕэ —
Ийэттэн ийэҕэ, сүрэхтэн сүрэххэ:
Ийэ сүрэҕэ өрүүтүн тэптин,
Саллаат барыта эргилиннин!
 
Кыайыы сураҕа

«…ол олордохпуна, бэс ыйын диэки

Өлөөнтөн Ыстааннаахха кэлэн иһэр киһи "сэрии бүппүт, Германия кыайтарбыт" диэн үөрүүлээх сонуну кэпсээн ааспыта».

Эһэм, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, үлэ, тыыл ветерана

Каженкин Е.В. ахтыытыттан

 
Хара уулаах, көмүс долгуннаах
Өлүөнэ Эбэ холкутук устара.
Дойду ахтылҕана, алаас ырыата
Бу сири булбута ыраатта.
Эһэм оҕонньор Кыайыы Күнүн
Булуҥ тыатыгар көрсүбүтэ,
Үрдээбит күнү, кэҥээбит халлааны
Эйэлээх диэн өйдөөн хаалбыта.
Киэҥ туундараҕа муна сыспыт
Кыайыы туһунан улуу илдьит
Бэйэтин саллаатын булбута,
«Сэрии бүттэ» диэн эппитэ.
Бэл Көһөрүү кытаанах суола
Ол сыл күөх отунан үүммүтэ,
Харах уулаах, көҥүл долгуннаах
Өлүөнэ Эбэ холкутук устара.
 

КҮҺҮҤҤҮ ХОҺООННОР

Кийиит күһүн
 
Көмүс дуйун кылдьыыланан
Кийиит күһүн таҥнан-саптан
Сүктэр суолун оҥоһунна,
Күөх отунан хааман киирдэ.
Кини ааспыт аартыгынан
Илгэ-быйаҥ тардыыланан —
Оһуор-мандар үүнэр-ситэр,
Санаа-толкуй сааһыланар.
Оһох тула олоҥхоһут
Оҕо дьону түмэ тарта,
Аҕыс ыйдаах Кэрэ айан
Киэҥ аартыга саҕаланна.
 
Күһүҥҥү иэйии
 
Ытыспар саһарбыт сэбирдэх
Кэлии тыал көҥүлүн ордордо,
Сүрэхпэр хатаммыт ахтылҕан
Күүппэтэх кынатын анньынна.
Сэбирдэх көтүттэ миигиттэн
Сүрэҕим сөбүлүүр тылларын.
Көҥүлү амсайбыт иккиһин
Эргийиэ биллибэт билигин.
Мин син биир сайыһа хаалабын
Ааспыты, буолбуту… барытын.
Эргийбэт ахтылҕан сылааһа
Миигиттэн тэйдэр тэйэрин.
Сэбирдэх бүрүйүө сайыҥҥы
Быстах тылларбыт күннэрин,
Эйигин ахтылҕантан арааран
Эһиилгэ диэри күрэтиэ.
 
Күһүҥҥү түүн
 
Саас күнүс кэлэр буоллаҕына,
Күһүн түүн үөмэр идэлээх.
Барыны бары дьон көрбөтүгэр
Силигин ситэрэр дьиэктээх.
Эн күһүн тыынын санатаҕын,
Тымныы көрүүгүнэн абылыыгын,
Аттыбар хаһан да суоххун эрээри,
Кэлэн ааспыккын өрүү билэбин.
Эйигинниин сүрэҕим сорҕото
Сэбирдэх ардаҕыныы тохтор
Уонна эн курус тыалгар олорсон
Сулус куйаарыгар айанныыр.
Саас күнүс кэлэр буоллаҕына,
Күһүн түүн үөмэр идэлээх.
Поэт сүрэҕин дьон көрбөтүгэр
Сэбирдэх оҥорон көтүтэр күүстээх.
 
Күһүн күөһэ
 
Үүнэр түүн күлүгэр сөрөнө
Көй күһүн тоҥ күөһүн өрүнэр,
Тула күөх отуорун хамсата
Үөр сулус кыымнарын күөдьүтэр.
Эн эмиэ иччилээх түүллэриҥ
Бу туому батыһа көстөллөр,
Аан дойду ханнык да муннугар
Чаҕылхай сулустуу күндүлэр.
Күн тахсар туомугар умнуллар
Кистэлэҥ күһүҥҥү күөстэнии,
Аан дойду көмүстээх күөнүгэр
Бэриннэ түүҥҥү ыраланыы…
 
Күһүҥҥү ньургуһун
 
Тоҕо тылынныҥ, күһүҥҥү ньургуһун,
Оспут сааскыбын «хастыы»,
Түүҥҥү хаһыҥныын далла мэндэһэ,
Олох дуоҕатын дьыбарга күөрэтэ?
Күүппэтэҕим бу көрсүһүүттэн
Санаа күүстээх долгуннарын,
Сүрэҕи дүҥүр оҥостон кыырар
Күһүҥҥү иэйии кутуруутун.
Тоҕо тылынныҥ, соҕотох ньургуһун,
Бүппүт сааскыны хос эргитэ,
Дүҥүр сүрэхпин ытата-ыллата,
Орто Дойду олоҕуттан аралдьыта?
 
Күһүҥҥү илдьит
 
Дьокуускай. Күһүҥҥү уулусса.
Сэбирдэх долгуна ытыллар.
Дьыбардаах. Тулаайах сарсыарда.
Күн ньулуун уотунан ыллаһар.
Ахтылҕан. Күһүҥҥү былыттар.
Баар бары соҕуруу хайыһар.
Кынат суох, сайыһа хаалабын,
Доҕорбор илдьиппин ыытабын:
Сулустаах халлааҥҥа ити мин —
Эн түүлгүн абылыы сырдыыбын.
Сарсыарда дьыбарга ити мин —
Эн суолгун көрөөрү хатыыбын.
 
Маҥнайгы хаар кэлиитэ
 
Хас ойуур күөҕүнэн көрүлүү,
Хас халлаан уутунан сайҕана —
Күһүн ыҥырар маҥнайгы хаарын,
Хара сиргэ үктэммэт хотунун.
Кини сүүс эгэлгэ илдьитэ,
Айанын аартыгын талыныыта —
Үөр сулус ахсынан уларыйар,
Бит-билгэ тылыгар кубулуйар.
Кини хайдах киирэн кэлэриттэн,
Санаабар, эн эмиэ долгуйаҕын,
Сүрэҕиҥ этитэр чараас илдьитин
Күһүннүүн кыттыһан хоту ыытаҕын.
 
Таҥнарыахсыт сулус
 
Күһүн, сулус үөрдүһэ сүүрэр
Күлүмүрдэс үөһүттэн
Сулус суулларын көрөбүн,
Ырабын саныы охсобун.
Билбэт этим оччолорго
Ити таҥнарыахсыт сулус
Халлааны утарбытын иһин
Бу ыһыахтан кыйданарын.
Ол таҥнарбыт аньыытыгар,
Аналын алдьаппыт аатыгар —
Тиһэх көтүүтэ дьоҥҥо көстөр,
Сирдээҕи ыралары толорор.
Кини тиһэх көтүүтэ чаҕылхай,
Аньыылаах тэҥнэһиэ дуо…
Арай дьон сулус буоллун —
Хас киһи сулуска тэҥнэһиэй?
 
Хойутаабыт ньургуһун
 
Ханна эрэ
Хойутаабыт
Ньургуһун
Ырыа ыллаары
Үрүҥ күҥҥэ
Тардыһар.
Хаһан эрэ
Ылламмыт
Таптал тылын
Хатылаары
Сайынныын
Ханыылаһар…
Тоҕо эрэ
Киниэхэ
Сааскы кэм
Ааспытын
Ким даҕаны
Этиэн баҕарбат.
Тоҕо эрэ
Хойутаабыт
Ньургуһун ырыата
Үрүҥ күҥҥэ
Талаһыыта
Ордук күүстээх.
 
Күһүҥҥү үҥкүү
 
Суолдьут сулус, ыраах сулус
Күһүҥҥү халлааны таптыыр.
Күҥҥэ көстүбэт үҥкүүтүнэн
Көмүс күлүмүн сиргэ тэлгиир.
Үктэнэн киирэр бу олбоххо
Чуумпуруу уонна улугуруу,
Дойдубут отуорун булларар
Маҥнайгы маҥан алгыс.
Эн эмиэ сүрэҕиҥ тэбиитэ
Хаар түһэр тылыгар кыттыһар,
Ол аата олохпут салҕанар,
Хаар түһэн, саҥа суол арыллар.
 

СИР-ХАЛЛААН СИИГИНЭН

Иэйии айан
 
Эмиэ ыраах, кый ыраах
Кынатым көтүтэн илдьэр,
Харах уулаах былыттары
Үрдүлэринэн тумнар.
Сэрэйэбин ыраах айан
Судургута суоҕун,
Билэбин кэннибин хайыһар
Билигин оруна суоҕун.
Куотуу диэҕэ ким эрэ
Бу көстүбэт кэлии үүтүн,
Ааһыа диэҕэ ким эрэ,
Кэннибэр көрө хаалан.
 
Сир-халлаан сиигинэн
 
Эмиэ сир-халлаан сиигин буллум…
Эмиэ сир сылааһыгар наадыйбат,
Халлаан куйаарыгар аахайбат
Хаҥыл кынаппын анньынным.
Халлаан киэҥ далайа ыраах,
Сир сылаас иэнэ тэйиччи.
Манна олоҥхо иһиллибэт,
Манна көтөр кынаттаах кэлбэт.
Арай биирдэ эмэ мин курдук
Муҥкук сананан ким эрэ
Булар бу сир-халлаан сиигин,
Таҥара да билбэт эйгэтин.
Бу быстах, манна хоммоттор,
Онон сотору төннүөҕүм.
 
Көрдөһүү
 
Тыытымаҥ
Мин хоһоон айар
Кыра муннукпун,
Көҥүл кынаппын
Куурда уурар
Киччим муннукпун.
Тэпсимэҥ
Үөрүүм-хомолтом
Тыын ылар сирин,
Аналбын толорор
Тойон түһүлгэбин,
Миигин бэйэбин…
Кэпсээмэҥ
Арҕаа халлаан
Дьааһыйбытын,
Көҥүл кынаттаах
Аахтара ахсаан
Бараммытын!
Тыытымаҥ
Мин хоһоон айар
Кыра муннукпун,
Көҥүл кынаппын
Куурда уурар
Киччим муннукпун.
 
Көлүөнэбэр
 
Мин – омугум далан кынатын
Элбэхтэн биир куорсунабын,
Кини улуу айанын түстэһэр,
Халлаантан чаҕыйбат уолабын.
Мин кини кынатын кытары
Биллим халлаан тыйыһын,
Үөһэ көтүппэт тимир адаҕа
Ыйааһына ыараханын.
Кынакка тостубут куорсуннар
Ыраахтан аҥайан көстөллөр,
Солбуллубат уолаттар-куорсуннар
Билигин сиргэ сыталлар.
Кынат уйар, айан салҕанар
Көҥүл халлаанынан,
Уолаттар-куорсуннар уйдаллар,
Ким да тостубатар!
 
Поэт доҕорбор
 
Билэҕин дуо поэт бастыҥ хоһооно
Олоҕун сылынан сурулларын:
Түмүгэ да, тиһэҕэ да суох этиллэрин?
Үүнэр үйэҕэ ытыллыбыт
Быыра ох курдук хоһоон:
Ханна түһүөй? Ким булуой?
Им-балай буолуо дииллэр
Дьон сыһыана, айылҕа:
Көрдөөҥ хоһооннорбун…
Оччоҕо поэт үйэтэ
Өлбөт үйэ үөһүгэр түһэр:
Олоҕун сыла салгыы суруллар!
 
Умнуллубат тыл
 
Дьылҕа Хаан
Күүстээх эмэгэтин
Күрдьүккэ илтим,
Өрүү тугу эрэ көрдүүр
Тойон сүрэҕим баҕатын
Илин тыаларга хатаатым.
Эн суоххун ол чуумпу
Иэйиилээх-илбистээх
Эрэкэ-дьэрэкэ ньууругар,
Эн бааргын тойон сүрэхпэр,
Өрүү эйиэхэ ханыы булбат
Нохтолоох тойон сүрэхпэр.
 
Хоһоон сүрэҕэ
 
Сүүдүҥүй хаарынан,
Сойуҥу халлаанынан
Таптыыр сүрэхтэр
Тэбиилэрэ иһиллэр.
Бүппэтэх түбүктэн,
Кылгыы турар күнтэн
Быыс булан ахталлар
Бэйэлэрин аҥаардарын.
Үүнэр түүн үөһүгэр,
Сулуһа суох халлааҥҥа
Хаайтаран хаалаллар,
Хоһоон буолаллар…
 
Күһүҥҥү сүбэ
 
Күһүҥҥү сулуска итэҕэйимэ,
Кини саас кэлэн сүтэн хаалыа,
Уһун түүннэргэ эрэммит эрэлгин
Үрүҥ түүн үөһүгэр суурайыа.
Сулустан сиргэ түспүт сааһым
Аны итинтэн атыны кэпсээбэт,
Куйаартан түспэт «үөһээ» дьону
Ол иһин тойон сүрэҕим ылыммат.
Ити кэриэтин дьон дьоһун дьолун
Хайдах булбутун олоҥхоҕо холуур,
Ыраах буолбатах, аттыгар бааргын
Өйдөөн көрбүтү ордук кэрэхсиир.
Үлэ үөһүттэн үөрүү хостуур —
Сааһым, сэниэм, үүммүт үйэм.
Бүппэт түбүктэн ырыа булар —
Сулуһа суох соҕотох суолум.
 
Холкутуйуу
 
Дьон ханнык сулуһу көрөр буолан
Барыны бары холкутук ылынар?
Сир ийэ бүппэт мүчүөрүйэтин
«Буолар буоллаҕа» диэн кэбиһэр?
Аҕа халлаан ол ыраах сулуһа
Харах далыгар хаһан киирэр?
Биитэр ол сулуһу көрөр саас
Олох тиэргэнигэр хаһан үктэнэр?
Тоҕо дьорҕоот санаа муҥур уххана
Күүскэр күүс эппэтий? Көтүппэт!
Кэми-кэрдиини ыйыстар баламат
Аастар ааһан испэт! Кыйыттар?
Көтөллөр сир-халлаан сиигинэн
Поэттар сөрүүн ордууга,
Көстүбэт кылларын ытата,
Орто Дойдуга ырыа аҕала!
 
Туолбатах ыралар
 
Туолбатах ыралар хоту көтөллөр,
Санньыар былыкка сөрөнөн,
Мин кинилэри Булуҥ биэрэгэр
Оҕо сылдьан өрүү көрөрүм.
Кинилэр эргиллэр күннээхтэр.
Оччоҕо биһиэхэ хаар түһэр.
Улуу Эбэлэр көҥүллэринэн,
Улуу Дьааҥылар ыйыыларынан.
Үйэ тухары маннык эбит.
Хаар ол да иһин маҥан өҥнөөх.
Хаардаахха саҥа суол көстөр,
Хаардаахха ааспыт умнуллар.
 
Санаа долгуна
 
Этимэҥ миэхэ хоһоон тыла
Өрүү үрүҥ буолуохтааҕын,
Санатымаҥ ыппыт оҕум
Ханна эрэ түһүөхтээҕин.
Сороҕор долгуннаах да ууга
Кыра тыылаах киирэр эбээт,
Хаһан да муҥу билбэтэх
Кыраны дьол диэбэт.
Тыл эмиэ ардыгар оннук
Олох өрүһүн кэҥэтээри
Санаа долгуна охсубут
Үрдүк сыырыттан үөскүүр…
 
Сааһа суох сүрэх ырыата
 
Сыл-хонук буорунан тыына
Айаным тэтимин эбэбин,
Сааһа суох сүрэҕим ырыатын
Үүнэр күн уотугар уунабын.
Ол эрэ саҕахха көрөбүн
Өбүгэм өлбөөрбөт оһуорун!
Олоҥхонон тыыннаах хаалбыт
Айыы саҕанааҕы тылбын!
Бу үйэ тыалларын үүнэр күн
Билэбин сайгыы тыгыаҕын,
Тэтимнээх айаммыт буоруттан
Сир аайы илгэ сатыылыаҕын!
Айаным тэтимэ эбиллэр,
Сааһа суох сүрэх ыллыыр.
 
Иэйии туһунан
 
Биир да саҥа ырыаны
Бу түүн сатаан айбатым,
Ааммын тоҥсуйбут иэйиигэ
Туран, аһан биэрбэтим.
Билэбин кини аантан иҥнибэт
Кубулҕаттаах кыһыл кыдьыгын,
Миигин хаһан да тумнубат
Бары суолбун тилэри билэрин.
Ол эрэн, саатар бүгүн түүн
Кинини аан кэннигэр туруоруум,
Син биир кэлэр түүҥҥү ырыаны
Түүлбэр диэри күүттэриим.
 

КИЭҺЭЭҤҤИ САНААЛАР

Алгыс тыла
 
Арҕааттан тыалырдаҕына —
Айылҕа илин диэки хайыһар,
Арҕаһыттан тэһииннээххэ
Айыы тылынан этиттэрэр.
Алгыс баһын сыалыыр дорҕоон
Араҥаччы утаҕа өрүллэр,
Үс дойду ситиинэн курданан
Отуорун оннугар аҕалар.
 
Сааскы олоҥхо туһунан
 
Сир синньигэс кылдьыытынан
Күммүт аа-дьуо сыҕарыйда,
Имэ тэтэрбит сир хотун
Иэдэһин кистии тиэтэйдэ.
Сир-халлаан оонньоһуутун
Тыаҕа суор обургу иһиттэ,
Бүппэт түбүгүн умнан туран
Биир кэм үөһэни одууласта.
Маннык иэйиилээх күннэри
Тэбэр тымырдаах барыта кэтэһэр,
Өссө биир олоҥхо айыллар,
Олох саҥа олуга охсуллар.
 
Буугунай Тойоно
 
Күн-ый көрдөөх оонньуута
Күүстээх күөнэ күөрэйэн,
Көһүйэ сыппыт кыдьыга
Көхсүн этитэн бардаҕына…
…Харахпар көстөн кэлэр,
Хатаммат халлааммын булар
Хаарты хонуутун баһылыга —
Халбаҥ Буугунай Тойоно.
Кини күннээҕиттэн күрэтэн,
Кыыбаҕатыгар кыаһылаан
Кыһалҕа дэттэрэр үгэстээх,
Көөчүктүүрэ дьолуо бадахтаах.
Ол омуннаах оҕонньор дойдута
Ордурҕас ордуунан үллэҥнэс,
Ороһулаабыт оҕонон толору,
Отуора суоҕунан ситэри…
Күн-ый көрдөөх оонньуута
Киҥэ-наара холунна,
Көһүйэ сыппыт кыдьыга
Кэмэ суох дьааһыйда…
 
Олох салгына
 
Сиринэн сылдьа үөрэммит
Кынат туһунан санаабат,
Көппүтүнэн төрөөбүт —
Сиргэ дьол баарын билбэт.
Ханан эрэ ыпсан, алтыһан
Икки эйгэ биир салгыннаах,
Аллараттан – түгэҕэ суох,
Үөһэттэн – бүппэт симэхтээх.
Эн-биһи олохпут, сороҕор,
Эмиэ бу икки эйгэҕэ ханыылыы:
Ханан эрэ баар көстүбэт сиигинэн
Биир салгын олох атылыы.
 
Чэрдээх сүрэх
 
Сүрэх бааһын чэринэн бүрүйэр
Саас да, кыах да ситэр эбит.
Аны сүрэҕи-быары бааһырдыбат
Ыллык көстөн иһэр эбит.
Ырыата суох саҥа сарсыарда
Киэһэ аайы кэпсээн мөккүөрдээх,
Хаалбыт күн үтүөтэ бүтүннүү
Хоту айаннаары айгыста үөрдүһэр.
Үүнэр күн бүппэт сардаҥата
Сөбүлүүр-сөбүлээбэт сирдээх,
Арааһа, кини эмиэ сааһын тухары
Сүрэҕэр биир эмэ оспут чэрдээх.
 

СУОЛА СУОХ СААСКЫ ХАЛЛААН

Туймаада сааскы халлаана
 
Суола суох сааскы халлаан
Сырдыыр Туймаада үрдүнэн,
Сыыйа сүтэр тымныы дьыбар
Күнү сирдээн киллэрэр.
Манна туллук кыра да үөрэ
Хаһан да көтөн ааспат,
Ол да эрээри саас кэлиитин
Ытык хочо син биир билэр.
Билэр – ыччат оҕолоро
Сыыртан түһэ оонньуулларыгар,
Дьылы туоруом диир кырдьаҕас
Мүчүк гынар хараҕар.
Суола суох сааскы халлаан
Сырдыыр хоһоонум үрдүнэн,
Сыыйа сүтэр тымныы дьыбар
Иэйиибин сиэтэн киллэрэр.
 
Кэрэ эргиллиитэ
 
Ньургуһун сибэкки өҥүнэн,
Үөр туллук кынатын тыаһынан
Саас кэлбит билгэтэ этиллэр,
Дойдубар Кэрэ эргиллэр!
Үүт маҥан былыты мииннибит
Сааскы тыл иэйиилээх кыллара
Үөһэттэн кутуллан бараллар,
Хаар тиһэх суолларын баттаһа.
Саас, хоһоон үөскүүр кэмигэр,
Төрүүллэр Кэрэ да дьоннор,
Үлэһит, ырыаһыт куттаах
Кэрэни кэрэхсиир сахалар.
Саас аайы куруутун эргиллэр
Бу иэйии ураты кэмнэрэ.
Аан дойду Кэрэ диэни билэр
Саас төрөөбүт күннээх дьонунан.
 
Анабыл ырыа
 
Эйиэхэ, сааскы ырыа
Сөҥмөт Кэрэ тылыгар,
Кустук маҥнайгы өҥүн
Оһуордаан көрдүм.
Эйиэхэ, сааскы таммах
Маҥнайгы күнүгэр,
Саҥа тыллар ньургуһун
Нуоҕалынан дьулустум…
Эйиэхэ эргиллибит
Үрүҥ түүн үөрүүтүгэр
Үөр үрүмэччи өҥүнэн
Халлааҥҥар ойуу тистим!
Эйиэхэ, кэтэһиилээх
Көҥүл дорҕоонугар,
Оҕуспун миинэммин
Ырыа ыллаатым.
 
Айыыһыттаах саас
 
Үрүҥ күн өҥөйөн туран
Тугу эрэ сэһэргиир,
Айыылар тустарынан,
Арааһа, кэпсии сатыыр.
Айыыһыт Хотун уһуктаат
Орто дойдуга эргийэр,
Уйгу-быйаҥ дьолуо хомуһун
Халлаан тылынан оонньотор.
Ол дьүрүскэн үөрүүтүгэр
Сүрэхтэр сир тэбэр тымырын
Сүрдээҕин сөбүлүү истэллэр,
Саас тэтимин дьүөрэлии сатыыллар…
Үрүҥ күн кэпсээнэ итинник,
Үрдүк уонна өрүү сырдык.
Дьиҥнээх сааһы Айыыһыт аҕалар,
Тоҕус халлаан хаттыгаһын аһар.
 
Сааскы киэһэлэр
 
Тапталынан туолбут
Сүрэххин харыстаары
Сааскы киэһэлэр сөрүүннэр…
Дьолунан тыыммыт
Куорат уулуссалара
Кими эрэ көрдүүллэр.
Үүнэр күн ол иһин
Сүрэххэр суол көрдөөн
Күннэтэ тэтимин эбэр.
Сөрүүн киэһэ ол иһин
Уулусса нөҥүө-маҥаа
Сүрэх сүрэххэ тардыһар.
 
Ньургуһуннаах сиргэ
 
Ханнык тыал хайысхатын тутан
Сиртэн тэйитэн эрэҕин?
Эрэммэтэх кэммин күөдьүтэн
Эмиэ хаар былытын ыҥырдыҥ?
Тулуйуо дуо саҥа быкпыт
Ньургуһун төбөтө ол хаары?
Тыллыа дуо быйыл саас
Биһиги ньургуһуннаах сирбит?
Мин бүгүн мыраан аннынан
Саас ааһа охсуон баҕардым:
Хара сиргэ күөх от тахсыаҕын,
Эрэлим саҥалыы ыллыаҕын.
 
Сааскы хаардыын кэпсэтии
 
Кэлимэ, көстүмэ үрүҥ хаар
Ньургуһун тутуурдаах сааскыбар,
Халлааны өссө да ытатар
Сөбүлүүр, куттанар ырыабар.
Эн син биир наар хоту устаҕын,
Уу балтыҥ сүүрүгэр олорсон,
Эн син биир күһүннүүн кэлсэҕин,
Көтөҕө ардаҕар ымсыыран.
Баран иһэн эргиллэ да сатаама
Күөҕү кэтэһэр иһийиигэ,
Сүрэх тэбиитинэн суруллар
Саас эрэ ылланар ырыаҕа.
 
Тиэтэл сааскы күннэргэ
 
Куотан кэлбит мэник саас,
Эн ханна тиэтэйэҕин?
Буолан ааспыт эдэр саас
Иэйиитин ириэрэҕин?
Билэҕин дуо эйигинниин
Хоһоон киэһэ сурулларын?
Истэҕин дуо киэһэ ахсын
Ким эрэ кимниин хаамсарын?
Тиэтэйэҥҥин, дьиҥнээх саас
Иэйиилэрин иирдэҕин,
Илин-кэлин түсүһэҥҥин
Мэйиилэри эргитэҕин.
Арай биирдэ эмэ сааһыары
Кэлбэтэххинэ эмиэ атын,
Хоһоон күнүс да суруллубат,
Киэһэ ким да хаамсыбат…
 
Эн мичээриҥ
 
Саас уонна сайын сиигин
Эн мичээриҥ ыпсарар:
Үрүҥ түүнү чугаһатар,
Халлаан сулуһун сотор.
Ийэ сир онтон үөрэн
Киэргэл-симэх көрдөнөр,
Аҕа халлаан айхаллыы
Тунах тылынан туолар.
Кэлиий миэхэ бүгүн киэһэ,
Иэйиим соҕотох иччитэ,
Хаамса тахсыах сулус сото,
Үрүҥ түүнү тиэтэтэ…
 
Саха сааскыта
 
Саха сааскыта ньургуһуннаах буолан,
Бары олоҥхоҕо ыһыах ыһаллар.
Саха сааскыта туллуктаах буолан,
Айыыһыт хотун маҥнай уһуктар.
Саха сааскыта, эн баар буолаҥҥын,
Миэхэ өрүү күүтүүлээх буолар,
Саха сааскыта олоҕу таптыыр буолан,
Баар барыта саҥалыы салҕанар.
 

ЭН КӨСТҮБЭТ КЭРЭҔИН

Халлаан кубулҕата
 
Эн эмиэ атын халлаан
Хаттыгаһын ааҕан бардыҥ,
Өлгөм былыт анныттан
Дьыбардаахха күрэнниҥ.
Онно көҥүл салгыннар
Олох туһунан ыллыыллар,
Бүппэт үөстээх кумахтан
Эгэлгэ тылы өрөллөр.
Буору кытта буор буолуу —
Ол көҥүл кубулҕата,
Дьыбардаахха тыыннарыы —
Ол халлаан хаттыгаһа.
 
* * *
 
Ханнык халлаан тылынан
Бүгүн көрөн соһутаҕын?
Эйиэхэ анамматах хоһоон
Ханыыларын көрдөһөҕүн.
Сатыы сылдьар ырыаһыт
Бүгүн сылдьара көстүбэт,
Ааһан иһэр сөрүүн тыал
Кими да манна билбэт.
Мин эмиэ үүнэр күнтэн
Саҥа ырыаны көрдөһүөм,
Ааһар тыаллыы көтөн тиийиэм,
Эйиэхэ анаан ырыа ыллыам…
 
Саҥа хаарга
 
Силлиэ сиһик ойуулара
Уулусса киэбигэр түһэллэр,
Атах суолунан оһуорданан
Силиктэрэ ситэн иһэллэр.
Түргэн туттуулаах иис былыт
Тиһэх мандарын ситэрэр,
Оһуохайдаах сандал саас
Күннээх ырыатыгар бэринэр.
Эн биһикки бу киэһэ хаамсыах
Хаар мандар силигин ситэрэ,
Уулусса билэтин ойуулаһа,
Саҥа хаарга ааппытын суруйа.
 
* * *
 
Хараххар халлаан оһуора
Саһан сытан имнэммит,
Көрбүт эрэ киһиэхэ
Кэрэ диэн тугун сэгэппит…
Айыы икки, аньыы икки
Манна кэлэн тэҥнэспиттэр,
Оҥоһуу ытык ыйааҕын
Кыл түгэнэ умнубуттар.
Ол харах уотуттан тулам
Бэркэ кэҥээбиккэ дылы,
Хараҕым далыгар Кэрэ
Эйиэхэ эрэ ханыылыы.
 
Атаарыы ырыата
 
Эргиллээр, доҕоруом, эргиллээр,
Мин күүтүөм бу үрдүк биэрэккэ.
Соҕотох ордубут сэргэлии
Чуҥкуйбут өтөхпүн кытары.
Эйигин кэлэргин билгэлии
Илиҥҥи халлааны одуулуом.
Эбэни уҥуордуур баарыскын
Мин булан аан бастаан көрүөҕүм.
Эргиллии үөрүүтэ аны мин
Соҕотох кэтэһэр кэтэһиим,
Ол ыраах биэрэги одуулуур —
Соҕотох сөбүлүүр дьарыгым.
 
* * *
 
Ханнык халлаан
Хараҕыҥ далын
Үөрүүнэн толорон,
Үрдүк кытылга тураҕын?
Санааҥ сааһынан
Сайа тыынар
Иэйии кылларын
Былыт үөһүгэр көрдүүгүн?
Ытык мыраантан
Алгыы хаалар
Күн сылааһын
Кимиэхэ анаан
Иэдэскэр иҥэрэҕин?
 

САЙЫҤҤЫ ХОҺООННОР

Үс иэйии
 
Дьолунан сыдьаайар киэһэлэр,
Ааспатах амтаннаах күүлэйдэр
Дьокуускай устунан хаамтылар.
Саас тиһэх көрүнэн көрүлүүр.
Сыл аайы эргиллэр иэйиилэр
Сыллата саҥалыы төрүүллэр,
Ким эрэ ол тылы кэтэһэр,
Ким эрэ ол тылтан куттанар.
Бу киэһэ миигинниин сиэттиспит
Имэҥнээх үс иэйии кыргыттар
Сайыҥҥы хонукка көттүлэр,
Күөх мыраан кэтэҕэр сүттүлэр…
 
Сулуһа суох халлаан
 
Үрүҥ түүнүнэн туолар халлааҥҥа,
Баҕар, көрүөм диэн көрдүүбүн…
Онтон бэйэбиттэн күлэ санаан
Соммор күүскэ сууланабын.
Суох, умна сатаабаппын эбээт.
Эйигин умнуу – олоҕу тумнуу.
Ааспыт хаһан да эргийбэт,
Олорон хаалыы – соҕотохсуйуу.
Олоххо соҕотох сананыы сүрэ —
Тулаайахсыйыыттан эрэ атын.
Соҕотохсуйууттан куотар суол
Аны эн тиэргэҥҥинэн ааспат.
Кэлин этиэҥ: «Барыта этэҥҥэ этэ,
Дьоһун дьукаах этибит», – диэн…
Үрүҥ түүҥҥэ сулус көстүбэт,
Быйылгыттан халлааным оннук.
 
Үрүҥ күҥҥэ
 
Туймаада Хотун үрүҥ күнэ
Тунах үөрүүтүнэн туолар,
Эн сарсыардааҥҥы суолгун
Сииги кытта көтүтэр.
Ахтылҕанын таһаарардыы
Түүҥҥүтүн эмиэ симиир,
Үрүҥ үөстээх халлаанын
Таптал тылынан хадаҕалыыр.
Күөҕү кытта тэҥҥэ үүнэн
Ахтылҕаным ситтэ-хотто,
Таптал салгынын тыына,
Кимиэхэ бу ырыа ананна?
 
Амма кытыла
1
 
Аммаҕа саҥа хоһоон
Дорҕоонноро ордук намчы,
Ааһан биэрбэт санаа-оноо
Сайҕанара дьиҥ чахчы.
Манна буолбут кэпсэтии
Олох үөһүгэр умсар,
Бэл кыһалҕа кыаһылара
Аммаҕа сымныыллар.
Көҥүл күөннээх Аммаҕа
Тоҕус сылынан эргилинним,
Өссө муударай буолуом диэн
Тоҕо эрэ санаан ыллым…
 
2
 
Сойон эрэр үрүҥ түүн
Көөчүктэнэр күөнүгэр,
Амма эбэ уутугар,
Долгуна суох суһуоҕар
Эн мөссүөҥҥүн көрөөрү
Уһуннук да олордум…
Амма Кэрэ дойдутугар
Ыраах-чугас оҕолорун
Оонньууларын иһиттим,
Аргыс буолар көтөр кыыл
Ойуу суолун батыстым:
Сииктээх салгын ыллыгынан
Өрө көтөн таҕыстым,
Кынатым уот баастарын
Ол сөрүүҥҥэ сойуттум,
Устар олох үөһүн көрдүм,
Иҥиэттэн ыллым, өрө тыынным,
Ааспыт дорҕоон тобоҕун
Сүүрүккэ олордон ыыттым…
 
3
 
Амма эбэ сырдык уута
Былыргыны санатар,
Түптэ сытын, алаас тыынын,
Саха дьоһун олоҕун.
Амма эбэ сөрүүн уута
Күүскэр күүс эбэргэ дылы,
Олоҕуҥ суолун билэрдии,
Ааспыттан араарардыы.
Амма эбэ чуумпу уута
Сарсыҥҥыга эрэннэрэр,
Сахаҕа Амма баар буолан
Кэрэ тыла өрүү тыыннаах!
 

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации