Текст книги "Сүлүһүннээх таптал"
Автор книги: Сардана Сивцева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 14 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]
– Оннук.
– Бээрэ, Маайа, тахсан сүөһүгүн ыа эрэ. Биһиги Куокалыын кыратык сытан ылыахпыт. Эбэтэр, һычы, эн убайдаргын кытары оонньуоххун баҕараҕын дуу? – Өкүлүүнэ уолтан ыйытар.
– Суох, баҕарбаппын, – Куока төбөтүн быһа илгистэр.
– Оо дьэ, бу уол сылдьан эрэ туох эрэ буолбут. Төмпөрөтүүрэлээх дуу, хайдах дуу? – Өкүлүүнэ уол сүүһүн тутан көрөр. – Эмиэ да үчүгэйгэ дылы. Чэ, сытыахха. Кыратык нуктаан ылыахха.
Маайа таһырдьа ынах ыы тахсар, Өкүлүүнэ Куокалыын ороҥҥо сыталлар.
– Утуй, һычы, сынньан… Туохтан бачча айыылаах куттаннаххыный? – Өкүлүүнэ, уолу кууһаат, кэтэҕиттэн сыллыыр.
– Эппитим дии, саһылтан… – уолчаан иһиллэр-иһиллибэттик хоруйдуур.
– Ээ, балыыҥкалаама, манна ханнык да саһыл суох…
– Баар, мин көрбүтүм…
Өкүлүүнэ, уол уутун үргүмээри, туох да диэбэт, мөккүһэ барбат. Утуйдун эрэ… Сыыйа-баайа бэйэтэ да нуктаан барар уонна… түһүүр.
Түһээтэҕинэ, билиҥҥитэ буолбатах, эдэр курдук. Арааһа, биэс уончалаах. Кыракый миискэҕэ миин кутан баран, туруорбах балаҕаҥҥа киирэр.
– Ийээ, аскын аҕаллым. Саатар кыратык аһыы түһүүй, – диир ааттаһардыы… уонна ах барар. Арай көрдөҕүнэ, муннукка турар бурдуктара дэлби ыһыллыбыт. Ийэтэ эмээхсин маҥхайа сатаан баран саһарбыт баттаҕын ыһан кээспит уонна эбиитин өлбөөдүйбүт харахтарынан кини диэки дьүккүччү көрөн ахан турар эбит. Мары-маадьаҕар атахтарынан өттүктэрин хомурдуос курдук нэһиилэ сыҕарытан хаста да хардыылаабытыгар, кыыһа кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһар, куотуон баҕарбыттыы, кэннин диэки чугуруйар. Эмээхсин илиитигэр, киһи дьулайыах, икки этэрбэһин туппут, онтуларыгар бурдугу ыбылы симпит.
– Өкүүчэ, иэдээн буолсук! Хоргуйан өлүүһүкпүт. Ойбоммут уолбута, оппут үүммэтэ, бурдукпут бүттэ! Мэ, Өкүүчэ, маны ыл. Кыра да буоллар, хаһаастан!
Эмээхсин сарыы этэрбэстэрин кыыһыгар үҥүлүтэр. Өкүлүүнэ кутталыттан миискэлээх миинин ыһыктар, аһа сиргэ ыһыллар.
– Оо дьэ, бачча ас суоҕар, аһынан ыһыахтанаҥҥын! – диэн ийэтэ кыыһын мөҕөр…
Өкүлүүнэ кутталыттан уһукта биэрэр. Дэлби тириппит, уолун ыбылы кууспут.
* * *
Августа суумкатыттан биир-биир кэһиитин таһаарар. Эдьиийигэр былаат уунар. Мотуруона саҥа былааты астыммыттыы эргитэ-урбата көрөр.
– Бу бэйэлээҕи ханна баанан барарым буолла? – диир.
– Хайдах ханна? Первэй сэнтээпкэ, уолгунаан оскуолаҕа бардаххына, баанаар ээ, – Уйбаан этэн биэрэр.
– Ээ, кырдьык даҕаны! – истиэнэҕэ ыйанан турар быыкаайык сиэркилэҕэ Мотуруона бэйэтин «маанымсыйдахпына син да эбиппин» диэбиттии, көрүнэ туран, саҥа аллайар.
– Оттон бу эйиэхэ, Уйбаан! – Августа күтүөтүгэр улахан истээх чааскыны уунар. Ити бэлэххэ Уйбаан наһаа үөрэр.
– Һок, миэхэ саамай сөптөөх эбит! Истээх иҥин!
– Любускалаах Лидыккаҕа – футболка, – Августа суумкатыттан бэлэхтэрин салгыы хостуур.
– Уа-ай! Аата астыгын! – кыргыттар үөрсүү бөҕөлөрө. Ити кэмҥэ дьиэҕэ Баанньыска киирэр. Августаны уонна билбэт киһитин көрөн, соһуйар, кэмчиэрийэр.
– «Дорооболоруҥ!» диэ, һыллы! – Мотуруона уолугар этэр. Анарааҥҥыта аан аттыгар турбахтаан баран, нэһиилэ иһиллэр-иһиллибэттик дорооболоһор. Бары күлсэллэр, үөрсэллэр.
– Хайа, төһө мундулаатыҥ? Көрдөр эрэ! – Уйбаан уолун бөтүөнүн ылан көрөр. – Хайа-а, толорбуккун дии? Маладьыастаабыккын!
– Хата, Баанньыска эһиги кэлэргитин сэрэйбит курдук, мундулаабыт. Уйбаан, үтүөххэ баар эбит! – Мотуруона үөрбүт сирэйдээх.
– Аата астыгын!… Һычы, Баанньыска, мин эйиэхэ эмиэ кэһиилээхпит ээ, – диир Августа, мичээрдии-мичээрдии. «Тугу бэлэхтиир эбитий?» диэбиттии, уолчаан саҥата суох, кэтээн турар. Августа суумкатыттан сабыс-саҥа бистэлиэт таһаарар.
– Уа-ай! Бистэлиэт! – уолчаан баҕа санаата туолан, үөрүүтүттэн ойуоккалаан ылар. Арааһа, саамай дьоллоох киһи кини!
* * *
Өкүлүүнэ, Куоканы уһугуннарымаары, сэрэниин-сэрэнэн турар. Кырыбыайканан баттаҕын көннөрүнэр уонна таһырдьа тахсар. Сурдьа Ньукулай хотуурун сытыылыы сылдьар эбит.
– Хайа, уолаттар күөлтэн кэлэ иликтэр дуу? – диэн Өкүлүүнэ ыйытар.
– Сөтүө кэнниттэн тыаҕа мас мастыы барыахтаахтар этэ.
– Ээ, сөп… Ньукулай?
Ньукулай эдьиийин диэки хайыһар. Өкүлүүнэ дьикти туруктааҕын көрөн, иһигэр муодаргыыр. Ол эрээри эдьиийэ күн аайы да кэриэтэ итинник сылдьар буолбатах дуо?
– Тугуй?
– Кыратык нуктаан ылаарыбын, ийэбитин көрдүм ээ.
– Ийэбитин даа?
– Ийэбитин.
– Ээ… хайыырый?
– Өйдүүгүн өлүөн иннинэ сарыы этэрбэстэригэр бурдук кутан баран «эстэн-сутаан эрэбит» диэн киһини куттаабытын?
– Хайдах өйдүөм суоҕай?
– Ону түһээтим.
– Эчи, ынырыгын…
– Дьэ, диэмэ…
– Бэйэҥ билэҕин хайдах ийэбит өлүөн иннинэ буккуллубутун.
– Ээ, ону санаан да диэн, – Ньукулай өрө тыынан ылар.
– Даа, саныырга ыарахан… титииктэн ынахтар быаларын сүөрэн, бэйэтигэр баанан баран, «Эстэн-быстан эрэбит, кэнчээри ыччаппыт кэхтээри гынна» диэн кэбилэммитин хаһан да умнубатым буолуо.
– Дьэ, быһа… Эн санааҕар, эдэр сылдьан үчүгэй бэйэтэ кырдьар сааһыгар тоҕо итинник буолбута буолуой?
– Ким билэр… Ыарыы кими да аһыммат дииллэр, – Өкүлүүнэ сурдьугар эрэ этэр тылларын эттэҕэ.
– Төбөтүнэн буккуллубута буолуо дуо? – Ньукулай сэрэнэн ыйытар.
– Оннук ини… Уонна хайа бэйэлээх киһи итинник дьаабыланыай?
– Оттон, эн санааҕар, баҕар, кини тугу эрэ эрдэттэн биттэммитэ, сэрэйбитэ буолаарай?
– Эс, ама хайаан! Дьонтон итэҕэһэ суох, быр-бааччы олоробут дии? – Өкүлүүнэ сөбүлээбэтэхтии хоруйдуур.
– Оннугун оннук эрээри, инникини ким өтө көрбүтэ баарай?
– Ээ чэ, ийэҥ эмээхсин аайыттан куһаҕаны санаама. Айыка, ити түүлтэн, бэйэм да салынным….
– Буолумуна… Ол эрээри былыргыны санаан туһа суох… Хайа-а, көр эрэ ол, Һаанньыкаба эмээхсин төкүнүйэн иһэр дии? – Ньукулай ыйа-ыйа этэр.
– Айабы-ын! Арааһа, биһигини олоххо-дьаһахха үөрэтэ истэҕэ, – Өкүлүүнэ оччо үөрбүт сирэйэ-хараҕа суох. Ол эрээри, төһө да сөбүлээбэтэр, сабараанньаҕа олорон эрэ, эмээхсин хаһан кэлэрин көһүтэр.
– Хайа, ыаллар, дорооболоруҥ! – Ылдьаана дорҕоонноохтук дорооболоһор.
– Дорообо-дорообо!
– Хайа, олоххутун этэҥҥэ оҥоһуннугут ини?
– Ээ, оттон туох баарынан диэбиккэ дылы, – Өкүлүүнэ аат-харата хоруйдуур.
– М-мм… Чэ, бу сир-дойду эриэккэс үчүгэй. Сыыйа-баайа эһиги да ылларыаххыт, – Ылдьаана Өкүлүүнэни уоскутардыы этэр.
– Дьэ, ким билэр! Ылларабыт эрэ, суох эрэ! Барыта эрбэһин үүммүт дойдута эбит дии! Сыта-сымара дьаабытын! – Өкүлүүнэ иннин биэрбэт.
– Хас да сыл өтөхсүйэн турбут сир туох аанньа буолуой? – Ылдьаана тииһэ суох айаҕынан ньаамырҕаан саҥарар.
– Бээрэ, оттон били Далбараевтар ханна олорбуттарай? – Өкүлүүнэ эмискэ саныы биэрэр.
– Ээ, анараатах, куула диэки, – Ылдьаана ыйар.
– Биһиги олохсуйбут дьиэлэрбитигэр буолбата ини?
– Эс, ама хайаан…
– Ылдьаана, уолгунаан иккиэйэҕин олороҕут дуо? – кэпсэтиигэ Ньукулай кыттыһар.
– Ээ, иккиэйэҕин буолбакка, киммит уонна кыттыһыай?
– Эһигини кыһыннары-сайыннары манна олороллор диэбиттэрэ ээ, ол кырдьык дуо?
– Кырдьык буолбакка. Дэриэбинэҕэ наадабытыгар эрэ барааччыбыт.
– Ээ, оттон маннык олоххо чуҥкуйбаккыт дуо?
– Дьарыктаах буолан баран, тоҕо чуҥкуйуохпутуй? – Ылдьаана сөбүлээбэтэхтии хоруйдуур.
– Оннугун оннук эрээри, кэм аттыгар ыаллааҕыҥ, сэлэһэр дьоннооҕуҥ ордук ини, – Өкүлүүнэ санаатын этэн баран тэйэр.
– Дьэ, билбэтим. Дэриэбинэҕэ олорон, оччо үчүгэй дии санаабатаҕым. Ыаллыы олорор дьоммут туой оттук маспытын биир-биир сыыйан оттоллоро. Ол диэн сөптөөх үһү дуо? Онтон биирдэ уолум ыалдьан, кинилэртэн төбө эмэ көрдүү тахсыбыппар, саараама, биэрбэтэхтэрэ.
– Баҕар, кинилэргэ кырдьык суоҕа буолуо дии? – Ньукулай анараа дьону көмүскэспитэ буолла.
– Баар, баар! Хантан суох буолуой? Көҥөстөрө сыттаҕа, ол иһин биир да тэбилиэккэни биэрбэттэр.
– М-мм…
– Бээрэ, ол эрээри мин эһиэхэ атыны этээри кэллим… Уолум бу тыаны биэс тарбаҕын курдук билэр. Бу барыта кини сирэ, – диэт, Ылдьаана эргиччи ыйар. – Ону мааҕын сарсыарда тыаттан, хотой уйатын алдьаппыттар диэн, хомойон ахан кэлбитэ. Ити эһиги уолаттаргыт мэнигилээбиттэрэ буолуо дуо?
– Ээ, оттон ити уолаттар, оҕо оҕо курдук, алҕаска мэнигилээтилэр ини, – Өкүлүүнэ хайыай, бастакынан охсууну ылынар.
– Эс, оннук диэн сатаммат! Бүгүн көтөр уйатын алдьатыахтара, сарсын – ы?? – ! ты-куһу, өйүүн киһини да эчэттэхтэринэ, көҥүл буолсу! – Ылдьаана Өкүлүүнэ хоруйун ылымматын биллэрдэ. – Туох барыта кыраттан саҕаланар! – диэн кини тоһоҕолоон эттэ.
– Ону баҕас, эйигинэ да суох, бэйэбит да билэбит! – Өкүлүүнэ сымала курдук эмээхсинтэн сөп буолан, кыйыттан барар.
– Уолаттаргытын кытаанахтык туттаххытына сатаныыһык, аһара бас-баттах барыыһыктар! – этэрбин чэ эттим диэбиттии, Ылдьаана дьиэтин диэки барар.
– Эмээхсин обургу уолун аһара кытаанахтык туппут быһыылаах. Дьэ, дьикти киһи баар дии! – Ылдьаананы көхсүттэн батыһыннара көрөн туран, Ньукулай санаатын этэр.
– Оннук ээ… Ити уолугар Дьөгүөргэ туох эрэ киһи атыҥырыыра баар. Эчи, түҥкэтэҕин! Киһиэхэ куруук көхсүн көрдөрө сылдьар.
* * *
Силэпсиэптэр, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэлэр, киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олороллор.
– Эдьиий, куоракка олорор хайдаҕый? – Любуска ыйыталаһар.
– Үчүгэй бөҕө. Ол эрээри дойдубун син биир наһаа ахтабын.
– Чэ, мантан инньэ оччо ахтыаҥ суоҕа. Кэргэннээх киһи, ыал ыал курдук туспа олохтонон барыаҥ буоллаҕа, – Мотуруона балтын диэки мүчүк гынан көрөр.
– Кырдьык даҕаны, хайа муҥун наар дойдугар тиэстэн хаалыаххыный? – Уйбаан сөбүлэһэр.
– Дойдубун олус ахтабын.
– Өлөксөй, оттон эн арай манна көһөн кэлиэҥ этэ дуо? – Мотуруона эмискэ күтүөтүттэн ыйытар.
– Эс, ама хайаан… Мин куоракка үчүгэй үлэлээхпин, дьиэ ыларга уочаракка турбутум. Онон хайдах да көһөр кыахпыт суох, – Алексей өрөлөспүттүү хоруйдуур.
– Ээ, сөпкө этэҕин, манна кэлэн тугу гыныаххытый? Аҕыйах сылынан Любускалаах Лидыкка тиийиэхтэрэ дии? Августа, балтыларгар көмөлөһөр инигин?
– Көмөлөһөн бөҕө буоллаҕа дии. Кыргыттар үчүгэйдик үөрэниэхтэрин эрэ наада.
– Кыргыттар, иһиттигит эдьиийгит туох диэбитин?
– Истэн-истэн! – Любуска эппиэттии охсор.
– Биһиги үөрэхпитигэр үчүгэйбит! – Лидыкка эмиэ тыл кыбытар.
– «Бэрди бэрт баһыйар» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон эһиги атыттардааҕар да үчүгэй буоларга кыһаллыах тустааххыт!
– Арба да, Ыстапаан Ыстапаанабыс эһигини бу Өллөөххө нэһиилэ сөбүлэһэн кэлбиттэрэ диэбитэ. Ол кырдьык дуо? – Августа сэрэнэн ыйытар.
– Кырдьык, кырдьык! Бу дойду эчи ырааҕа, быраҕыллыбыта да бэрт! Урукку сайылыкпытыгар тиийбэт! – Мотуруона баары баарынан этэр.
– Ээ, оннук да буолуо. Оттон сыыйа-баайа син үөрэнэр инигит?
– Ким билэр, дьэ, – Мотуруона өрө тыынан ылар. – Оннооҕор бу оҕолор тэһийбэттэр, сайын хаһан бүтэ охсон, үөрэхтэрэ саҕаланарын күүтэллэр.
– Дьикти эбит. Сайын диэн саамай кэтэһиилээх кэм буолбатах дуо? – Алексей соһуйбуттуу этэр.
– Тоҕо эрэ чуҥкуйдулар, дьэ.
– Мин эмиэ оскуолабын аҕынным, – Баанньыска, бирээнньик кирэ олорон, кэпсэтиигэ орооһор.
– Чэ, номнуо оскуолаҕытын ахтыбыт буоллаххытына, ол аата маладьыастаргыт! – Уйбаан оҕолорун хайҕаабыта буолар.
– Һ-м, чэ ол да буоллар, санаабытын түһэрбэппит! Бачча эдэрдэр кэлбиттэрин кэннэ курус санаабытын долуой кистиэххэйиҥ! Бу үрүүмпэни эдэрдэр тустарыгар көтөҕүөҕүҥ! – Уйбаан этиитин кэннэ, улахан дьон үрүүмкэлэрин охсуһуннараллар.
– Хата, мин көнньүөрбүччэ ыллыырым дуу? – Уйбаан барыларын диэки мичээрдээбит харахтарынан көрөр.
– Ыллаа, ыллаа!
Уйбаан «Сардаана» диэн ырыаны тардыбытыгар, бары иилэ хабан ыллаһан киирэн бараллар.
* * *
Алаастыыраптар остуол тула олорон, нэлэгэр миискэттэн улахан ньуосканан баһан суорат сииллэр.
– Куока түөһүгэр моойторуктаах саһылы көрдүм диир, – Оппоо саҥата иһиллэр.
– Ити баҕас айан кэпсиир, – Өкүлүүнэ сөбүлээбэтэхтии этэр.
– Баҕар, кырдьык буолуо. Кырдьык даа, Куока? – Оппоо Куока диэки хайыһар.
– Кырдьык… – Куока саҥата нэһиилэ иһиллэр.
– Хантан манна саһыл кэлбит үһүнүй? – Ньукулай санаатын этэр.
– Чэ, туох да диэбит иһин, уолаттар, сэрэнэн сылдьыҥ. Мээнэ айдаарымаҥ, сир иччитин уһугуннарымаҥ, – Өкүлүүнэ, куолутунан, эмиэ уолаттары үөрэтэн барар.
– Сир иччитэ диэн тугуй? – Лөглөө таах олоруохтааҕар, мээнэ ыйытар.
– Ол аата туох барыта иччилээх диэн буолар, – Өкүлүүнэ ити туһунан уһуну-киэҥи этиэн баҕарбата өтө көстөр.
– Оттон абааһы диэн баара буолуо дуу? – Оппоо сөрүүн суораты син олорон ыйытар.
– Баар буолбакка, – Өкүлүүнэ хоруйдуур.
– Эс, ама хайаан! Физикабыт учуутала абааһыны сымыйа диэбитэ ээ, – Оппоо мөккүһэр.
– Чэ, билбэтим. Науканы кытары мөккүспүт суох эрээри, дьон арааһы кэпсииллэр. Ол аата баар буоллаҕа? Хайа муҥун, бары албынныахтарай?
– Холобура, тугу кэпсииллэрий? – Лөглөө билиэн баҕарара сүр.
– Холобура, мантан чугас, соҕуруу диэки бардахха, самналлыбыт өтөх баар. Онно сороҕор урут олоро сылдьыбыт дьону көрөллөр үһү диэн баар, – Өкүлүүнэ уолаттары куттаата быһыылаах.
– Ол аата хайдах?
– Ол аата дуо? Ол аата урут, хаһан эрэ былыр олоро сылдьыбыт дьон олорбут сирдэриттэн барыахтарын баҕарбаттар диэн буоллаҕа… – Өкүлүүнэ хайдах сатыырынан быһаара сатаата.
– Өлөн да баран дуо? – Оппоо ыйыталаста.
– Оннук, өлөн баран.
– Эс!
– Баҕар, куһаҕаннык көмпүттэрэ буолуо, ким билиэ баарай?
– Эчи, кутталын…
– Кутталлааҕа биллэн турар, онон эһиги тугу да алдьаппакка, аймаабакка, сэрэнэн сылдьыаххытын наада. Өйдөөтүгүт? – Өкүлүүнэ эмиэ буойан барда.
– Өйдөөтүбүт эрээри, хайдах эрэ син биир кутталлаах баҕайы…
– Эдьиий, таах сибиэ итини утуйуох иннинэ кэпсээтиҥ, – Ньукулай ити кэпсэтиини сөбүлүү истибэтэ быһыылаах.
– Буоллун! Ити аата халы-мааргы тылласпатыннар диэн, үөрэтэ-такайа сатыыр дьүһүнүм. Чэ, суораккытын сиэн бүтэрбит буоллаххытына, хаптайыаххайыҥ. Сарсыарда эрдэ турабыт…
4
Сарсыардааҥҥы күн сардаҥалара түннүгүнэн дьиэҕэ кутуллаллар. Мотуруона, күөрчэҕин ытыйаат, ытыгын Августаҕа биэрэр. Августа, мичээрдии-мичээрдии, күөрчэҕи салыыр.
– Эдьиийим барахсан, билиҥҥээҥҥэ диэри миигин кыра оҕону курдук хатаҕалыыгын!
– Оннук буолбакка! Саамай аччыгый балтым буоллаҕыҥ дии!
– Эдьиий, күтүөккүтүн төһө сөбүлээтигит? Хайдах киһи эбит дии санаатыгыт? – Августа сибигинэйэн кэриэтэ ыйытар.
– Сөбүлээн бөҕө! Култуурунай, үөрэхтээх киһини көрөн туран, ама хайаан сириэхпитий?
– Ээ, чэ бэрт эбит оччоҕо! Испэр хайдах эрэ долгуйбутум ээ, ылыналлар дуу, суох дуу диэн.
– Эн дьолгор түбэспит киһи эбит, онон төһө кыалларынан кинини харыстаан, таптаан илдьэ сырыт.
– Оннук ээ, сөпкө этэҕин.
– Аныгы дьахталлар наһаа хаппырыыстар. Эн оннук буолума! Истиҥ сыһыан курустаал тэҥэ кэбирэх. Ону өйдөө.
Августа, сөбүлэһэрин биллэрэн, кэҕис гынар. Кини эдьиийин тылын хаһан да утарбат, улгум.
– Эдьиий, оттон ити Алаастыыраптары кытта бииргэ үлэлиириҥ эйиэхэ хайдаҕый? – сэрэнэн эдьиийиттэн ыйытар.
– Ээ, туох диэхпиний? Ыарахан… – Мотуруона өрө тыынар.
– Ама, билиҥҥээҥҥэ диэри кинини умна иликкин дуо?
– Хайаан умнуохпунуй? Умнар кыаҕым суох.
– Ама, билиҥҥээҥҥэ диэри таптыыгын?
– Суох… Барыта аастаҕа. Ол эрээри умнубаппын.
– Ол аата таптыыр буоллаҕыҥ…
– Ээ, суох! Олохпор итиччэ улахан оспот бааһы хаалларбыт киһини тугун иһин таптыахпыный? – төһө да инньэ диэтэр, ааспыт олох тоороххойо буолан, өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт түгэн тиллэн кэлэр.
* * *
Эдэркээн Мотя, кыыс оҕо кылааннааҕа уонна Ньукулай, дьон хараҕын далыттан саһан, айылҕаҕа, от-мас анныгар көрсүбүттэрэ.
– Коля, эн биһикки бу курдук уоран сылдьыһарбыт куһаҕан даҕаны! – Мотя син балайда иһигэр ииппит санаатын таптыыр киһитигэр хайдах баарынан этэр.
– Хайыыр да кыах суох, Мотя, мин эйигин таптыыбын. Оттон эн миигин?
– Мин эйигин эмиэ… Ол эрээри эн кэргэннээххин, оҕолооххун…
– Олоххо араас буолар. Туохтан да куттаныма!
– Хайдах куттаныам суоҕай? Арай туттуннар? Оччоҕуна айдаан тахсар дии?
* * *
– Эдьиий, оттон Уйбааҥҥын таптыыгын дуо? – Августа эдьиийин, курус санааттан аралдьытан, ыйытар.
– Уйбаан диэн оҕолорум аҕалара буоллаҕа.
– Суох, мин эйигиттэн «Уйбааҥҥын таптыыгын дуо?» диэн ыйытабын эбээт, – Августа арахпат.
– Ээ чэ, эн, тапталга уйдара сылдьар кыыс, итинник ыйытарыҥ өйдөнүллэр.
– Ханныгын да иһин тапталынан олорор быдан ордук ини?
– Оннук буолумуна, – Мотуруона сөбүлэһэр. – Ол иһин этэбин дии эйиэхэ, Алексейгын таптаа, сыһыаҥҥын хара маҥнайгыттан харыстаа диэн.
– Биллэн турар, – Августа сөбүлэһэр. – Бу олоххо киниттэн ураты кими да таптыахпын баҕарбаппын. Мин сүрэхпэр кини эрэ баар буолуохтаах.
Мотуруона балтын тылларын саҥата суох истэн кэбиһэр.
– Эдьиий, күһүн дэриэбинэбитигэр көрсүһүү тэрийэр инибит дии?
– Хайаан да тэрийиэхпит. Ол эрээри, дабаай, кыһыары оҥоруохха, идэһэ кэннэ.
– Оннук да гыныахха сөп.
– Ыалдьыттары тото-хана аһатарга ас-үөл дэлэйэ ордук.
– Сөпкө этэҕин, эдьиий.
– Августа, чэйдээт да, тута айанныыгыт дуо?
– Оҕо эрдэҕинээҕибин саныы таарыйа, ньирэйдэри аһатыахпын баҕарабын ээ, – арааһа, дьоллоох оҕо сааһын санаан, Августа мичээрдиир.
– Саатар эрэ! Кэлин, санаатаҕыҥ аайы, сайылыкка үктэммэтиҥ чуолкай.
Августалаах Алексей оонньуу тэҥэ, күлэ-сала ньирэйдэри аһаталлар. Аттыларыгар Любускалаах Лидыкка курбачыһаллар. Мотуруона тэйиччи соҕус туран, эдэрдэр диэки хайҕаабыт харахтарынан көрөр. Оттон Куока кэм да Эриэнчикэйин кытта булкуһа сылдьар. Уонна, дьиктитэ диэн, Эриэнчикэйдиин киһи курдук кэпсэтэр.
– Эриэнчикэй, бэҕэһээ саһылы көрбүтүҥ дуо? – «Аһа, көрөн!» – Куттаммытыҥ? – «Наһаа куттаммытым!» – Тоҕо куттаммыккыный? – «Билбэтим». – Эриэнчикэй, мин ити саһыл туһунан дьоммор кэпсээбиппэр, ким да итэҕэйбэтэҕэ. – «Ээ… ким итэҕэйиэй?» – Ол эрээри саһыл дьиҥнээхтии баар буолбат дуо? – «Баар». – Кини кутталлаах дуо? – «Кутталлаах». – Хайдах киниттэн быыһанабыт? – «Билбэппин»…
– Куока, кимниин кэпсэтэҕиний? – Куокаҕа ийэтэ чугаһыыр, дьиктиргээбиттии.
– Ээ, бэйэм бэйэбин кытары, – Куока мух-мах барар.
– Дьикти эбит… Кимниин эрэ кэпсэтэр курдуккун.
– Ийээ, мин Эриэнчикэйгэ өссө биир бытыылка үүтү биэрэбин? – Куока ийэтиттэн сибигинэйэн ыйытар.
– Чэ, биэр даҕаны, ол эрээри ким да көрбөтүнэ.
– Сөп, ийээ, ким да көрбөтүнэ.
– Куока, тоҕо эн бу ньирэйи барыларыттан талан ыллыҥ? – Маайа уолуттан ыйытар.
– Бу ньирэй барыларыттан ордук… Киһи курдук дии, көрбөккүн дуо?
– Эс, инньэ диэмэ! Хайдах киһи курдук буолуой? – Маайа уолун тылларын атыҥырыы истэр.
– Кини барытын өйдүүр… ол аата киһи курдук буоллаҕа дии?
– Оттон атыттар хайдахтарый?
– Атыттар дуо? Атыттар көннөрү ньирэйдэр.
– Куока, мин эйигиттэн биир көрдөһүүлээхпин!
– Туох, ийээ?
– Итини мээнэ кимиэхэ да этимэ. Сөп?
– Сөп…
* * *
Алексей малларын матассыыкылга уурталыыр. Эдэрдэр барар түгэннэрэ бу кэлбит.
– Эдьиий, эһигини кытта көрсүбүппүт үчүгэйин!
– Оннук ээ. Кэм кэлэн биһигини сэргэхситтэххит дии! Ол эрээри өр буолбатаххыт хомолтолоох!
– Оннугун оннук эрээри, ол хайдах да кыаллыбат. Онто да суох үлэбит быыһыгар нэһиилэ көҥүллэтэн кэлбиппит.
– Оннук буолуо…
Эмискэ Мотуруона, уйадыйбыта бэрдиттэн быһыылаах, уоһа ибигирээн барар.
– Һычы, мин эйигин наһаа таптыыбын! Уонна наар, наар саныыбын.
– Эдьиий, мин эйигин эмиэ наһаа таптыыбын уонна мэлдьи суохтуубун.
Мотуруона хараҕа ууланар, Августа эдьиийин кууһан ылар.
– Эдьиий, туох буоллуҥ?
– Ээ, бэйэм да билбэппин ээ. Тоҕо эрэ наһаа уйадыйдым, – диир Мотуруона хараҕын уутун сотто-сотто.
– Эдьиий, сотору көрсүөхпүт дии? Ытаама!
– Ытаабаппын, ытаабаппын… Тоҕо ытыахпыный? Чэ, һычы, харыстана сырыт.
– Сөп, эдьиий. Эн эмиэ бэйэҕин харыстан уонна биһигиттэн аһара долгуйума. Барыта этэҥҥэ буолуо, сөп?
– Оннук эрэ буоллун!
Эдэрдэр матассыыкылга олорон, элээрдэ тураллар. Айаннаан иһэн, Августа эргиллэн көрбүтэ, бары дьиэлэрин таһыгар тураахтыыллар эбит.
* * *
Уолаттар күрүөнү өрөмүөннүү сылдьаллар. Ким эрэ өтүйэнэн саайар, ким эрэ тоһоҕо биэрэр, ким эрэ сиэрдийэлэри уларытар.
– Бу кэнниттэн били бэҕэһээ Өкүлүүнэ кэпсээбит өтөҕөр бара сылдьыбаппыт дуо? – Лөглөө ыйытар.
– Эс, куттала бэрт дии? Арай, чахчы, онно абааһы баар буоллун?
– Оттон баар буоллаҕына, оһуобай дии? Саатар биирдэ илэ харахпытынан көрүөхпүт этэ буоллаҕа. Туохтан эмиэ куттаннахпытый? Биһигини ол тутан ылан сиир үһү дуо?
– Бара сылдьыахха да сөп. Биир сайылыкка тэпсэҥнииртэн хал буолаары гынным, – Оппоо сөбүлэһэр.
– Оннук ээ… Оппоо, хата дьоммут табахтарыттан хаһы да сыыйан ылаар эрэ уонна өссө испиискэтэ.
– Мин даа? – Оппоо соһуйа истэр.
– Эн буолбакка? Эйигин, көрсүө-сэмэй оҕо диэн, ким да уорбалыа суоҕа.
– Ээ суох, мин итинниккэ кыттыспаппын!
– Пахай! – диир Лөглөө кэлэйбиттии, – Таарыччы табахтыа этибит буоллаҕа, ким да көрбөтүгэр.
– Оттон арай Баанньыскаҕа эттэххэ?
– Баанньыскаҕа да-а?
– Ол уол иһиирдэрбит эрэ, кэлиэ. Ханна барар үһүнүй?
– Ээ, кырдьык даҕаны. Кини онто да суох мин иннибэр буруйдаах. Онон туһаныахха наада эбит.
Ньукулай дьиэтин таһыгар илимин бэрийэр. Аттыгар Маайата кэлэн олорор. Ньукулай ойоҕун диэки ахтыбыт харахтарынан көрөр.
– Эн биһикки тыалаабаппыт дуо?
– Ээ суох, – диир Маайа, оҕонньоро туох санаалааҕын сэрэйэн.
– Тоҕо суох? Барыахха, Маайа.
– Оҕолор көрүөхтэрэ.
– Ээ, чэ… Начаас баран кэлиэххэ.
– Хайдах баччааҥҥа диэри эн уоскуйбат киһигиний?
– Оттон… баҕарар буоллаҕым дии. Чэ, мин уруттуум. Эн миигин батыһаар.
Ньукулай, харда тылы көһүппэккэ да эрэ, илимин сиргэ быраҕаат, тыа диэки хаамар. Маайа, хайыа баарай, оҕонньорун батыһар.
* * *
Куока уруһуйдуу олорон, түннүгүнэн ийэлээх аҕатын өйдөөн көрөр.
– Эдьиий, ийэлээх аҕам иккиэн ханна эрэ бардылар, – диир кини таҥас абырахтыы олорор эдьиийигэр.
– Ээ, ханна барыахтарай?
– Оттон о-ол иккиэн тыа диэки баран эрэллэр дии?
– Тыа диэки да-а? – Өкүлүүнэ түннүккэ сыстар.
– Мин кинилэри эккирэтиим!
– Ээ, нохоо, эккирэтимэ! – Өкүлүүнэ кыккыраччы бобор.
– Тоҕо?
– Тоҕо диэн тоҕо. Наадата суох.
– Суох, суох, мин син биир барсабын! – Куока өҥнөөх харандаастарын остуолтан хомуйбутунан барар.
– Нохоо, хаал диэтим дии! Мэһэйдэһимэ кинилэргэ!
– Тоҕо мэһэйдэһиэхпиний? Көннөрү аттыларыгар сылдьыам буоллаҕа! Баҕар, хаптаҕастаах сиргэ түбэһиэхпит, – уол туох иһин хаалыан баҕарбат.
– Суох-суох, хаал! Хата, мин саҥа «Кыымы» ааҕарбын болҕойон иһит эрэ! Ол ордук буолуо!
– Ээ, пахай, хаһыаты аахтаххына, тугу да өйдөөбөппүн!
– Өйдөө-өйдөөмө, иһит! Кэлин хомуньуус партия киһитэ буолуоҥ! Оччоҕо ыраатыаҥ! Тойон буолуоҥ!
– Биригэдьиир Ыстапаан курдук дуо?
– Ээ, пахай, кини диэн биһиэхэ эрэ тойон буоллаҕа! Кинитээҕэр да улахан тойоттор бааллар. Оннук буолуоххун наада!
Өкүлүүнэ хаһыаты тэнитэн баран, дорҕоонноохтук ааҕан барар: «ССКП киин комитетын генеральнай секретара Леонид Ильич Брежнев Францияҕа баран кэллэ».
– Эдьиий, ити эн бэҕэһээ киэһэ кэпсээбит абааһылаах сириҥ чахчы баар дуо? – Куока уолга Брежнев эрэ, ким эрэ.
– Һычы, итэҕэйимэ. Мин ити чолопоойдор сүгүн сырыттыннар диэн, соруйан куттаан кэпсээбитим.
– Ол аата албыннаабытыҥ дуо?
– Аһара бас баттах бараары гыннылар диэн оннуларын буллараары.
– Ол аата син биир албыннаабыккын… Оттон мин саһыл туһунан кырдьыгы эппитим.
– Ээ чэ, ээх, бүт. Ким да эйиэхэ син биир итэҕэйбэт. Арааһа, күн сыралҕаныттан төбөҥ ыалдьыбыт быһыылаах. Бу, төмпөрөтүүрэлээх курдуккун. Кэл, хата, ким да суоҕар, чуумпуга кыратык сытан ылыахха. Мин эйиэхэ остуоруйа кэпсиэм.
Куока Өкүлүүнэлиин ороҥҥо сыталлар. Өкүлүүнэ сымыйанан-кырдьыгынан остуоруйалаан барар.
– Былыыр-былыр биир судаарыстыбаҕа хоруол олорбут. Кини үс кыыстаах эбит…
* * *
Баанньыска таһырдьа оонньуу олордоҕуна, Лөглөө кэлэр.
– Оонньуу сылдьаҕын даа? – туох да буолбатаҕын курдук кини ыйытар. Баанньыска төбөтүн кэҕис гыннарар уонна Лөглөө кинини кытта кэпсэппититтэн иһигэр, арааһа, наһаа үөрэр. Туох да диэбит иһин, соҕотох тэйбэҥнии сылдьартан куһаҕан суох!
– Көр бу! – Баанньыска сиэбиттэн саҥа бистэлиэтин таһааран көрдөрөр.
– Уа-ай?! Аата астыгын! Туттаран көрдөр эрэ.
Баанньыска, төһө да харыстаатар, доҕордоһор туһуттан Лөглөөҕө туттарар.
– Олох дьиҥнээх курдук дии! – Лөглөө, кырдьыга эбитэ дуу, сымыйата эбитэ дуу, оонньуур бистэлиэти туох эрэ күндү малы курдук хайҕаабыттыы тутар-хабар.
– Ааһа… Дьиҥнээх курдук. Уруккубунааҕар өссө ордук.
– Баанньыска, туох диэри гыммытым. Мантан чугас абааһылаах өтөх баар үһү.
– Кырдьык абааһылаах дуо? – уол чөрөйө түһэр.
– Кырдьык бөҕө. Биһиги онно бараары гынабыт, барсаҕын?
– Ааһа, барсабын! – Баанньыска уолаттары кытта ханна баҕарар барсыах курдук. Ыҥырыахтара эрэ кэрэх.
– Баанньыска, өссө туох диэн этээри гыммытым… биһиги таарыччы табахтаары гынабыт. Дьонуҥ бөппүрүөскэлэриттэн сыыйан ылыаҥ дуо?
Баанньыска саарбахтыыр. Биир курдук, кини уоруйах буолуон баҕарбат, иккис курдук, оннук гымматаҕына, ким кинини бэйэтин хампаанньатыгар ылыай, доҕордоһуой? Оо дьэ, моһуок эбит.
– Сөп, ылыам, – диир Бааньыска, толкуйдаан баран.
– Маладьыас! Уонна өссө испиискэтэ ылаар. Чэ, сотору көрсүөхпүт.
Лөглөө тэйээтин кытары, Баанньыска дьиэтин кэтииртэн соло булбат. Кэмниэ кэнэҕэс бары тахсыбыттарын кэннэ, кини түргэн үлүгэрдик дьиэтигэр киирэн, аҕатын бириһиэн кууркатыттан бөппүрүөскэлээх паачканы ороон, хаһы да онтон сыыйан таһаарар. Испиискэни оһох сэҥийэтиттэн ылар уонна ыстаанын сиэбигэр итини барытын уктар. Өр-өтөр гыммакка, таһырдьа сырыттаҕына, Лөглөө кэлэр.
– Хайа, сорудахпытын толордуҥ дуо? – диэн кини ыйытар.
– Толорон.
– Оччоҕуна биэр.
Баанньыска, ким да көрбөтүнэ, бөппүрүөскэлэрин уонна испиискэни Лөглөөҕө туттарар.
– Чэ, биһиги били өтөххө бардыбыт. Эн барсаҕын дуу, хаалаҕын дуу?
– Барсабын!
– Чэ, оччоҕо киэһэрэ илигинэ барыахха!
Уолаттар үһүөн баран истэхтэринэ, кинилэри Куока эккирэтэн ситэр.
– Дьиэҕэр хаалыаххын? Тоҕо биһигини батыстыҥ? – диэн Лөглөө кыыһырбыта буолар.
– Ээ, айыка. Дьиэҕэ тэһийбэппин. Эдьиий олорон эрэ наар «Кыымы» ааҕан тахсар.
– Оччоҕо хаппырыыстаммакка сылдьаар. Ыйылаан көрөөр эрэ! – убайа туос-маас курдук этэр.
Уолаттар тыа диэки баран иһэллэрин Дьөгүөр ыраахтан бэлиэтии көрөр. Кини, ити чэмэйдэр мээнэ хаампаттарын сэрэйэн, уолаттары батыһар.
Уолаттар ыллык суолунан эдьиийдэрэ эппит сирин диэки бараллар. Балай да өр хаамаллар.
– Биһиги бу сири үчүгэйдик билбэппит ээ. Арай ол өтөх төрүт да суох буоллун? Арай эдьиийбит таах, биһигини куттаары кэпсээбит буоллун? – Оппоо саарбахтаабыттыы этэр.
– Эс, хомунньуус партиялаах буолан баран ама хайаан албынныай? – Лөглөө иннин диэки дьүккүйэн иһэн этэр.
– Албыннаабыт үһү, миэхэ бэйэтэ инньэ диэбитэ, – Куока Өкүлүүнэ эппитин саныы биэрэр.
– Хаһан ол эппитэй? – Лөглөө итэҕэйбэтэхтии ыйытар.
– Бүгүн күнүс.
– Ээ, ол эйигин, куттаммыта буолуо диэн, уоскутаары эппитэ буолуо.
– Билбэтим, баҕар буолуо даҕаны.
* * *
Любускалаах Лидыкка күөлтэн сөтүөлээн таҕыстылар.
– Һуу, хата, ити уолаттар баран абыраатахтарын! – Лидыкка күөх окко сотторун тэлгээн, онно сытар.
– Оннук ээ. Кинилэри хайдах эрэ гынан бу күөлтэн үүрүөххэ наада, наһаа да кинилэр эрэ күнү күннээн сөтүөлээбэтэллэр! Олох атын дьарыктара суох быһыылаах.
– Ити Лөглөө акаары баҕайы уол, эйигин көр да көр буолар. Сөбүлээн кэбиспит быһыылаах, – Лидыкка, эдьиийин диэки үөннээх баҕайытык көрө-көрө, этэр.
– Чэ, төһө баҕарар сөбүлээн көрдүн! Мин киниэхэ эрэ наадыйбаппын! – Любуска тыбыыра түһэр.
– Ол аата ханнык эрэ атын уолу астынаҕын дуо? – Лидыкка арахсан бэрт.
– Суох, кими да астыммаппын. Мин сыалым-соругум биир: бастатан туран, үөрэхтээх киһи буолуохтаахпын, ол аата оннук-маннык уолаттарга аралдьыйыа суохтаахпын.
– Уолаттар үөрэхтэнэргэр мэһэйдииллэр үһү дуо?
– Мэһэйдээминэлэр. Ити Ира баар дии, Егорова, университекка киирэн баран, тута кэриэтэ кэргэн тахсыбыта уонна ол айыыта онон: үөрэҕин быраҕан, кэргэнин кытары дьонугар көһөн кэлбитэ. Билигин үс оҕолоох.
– Оттон арай кими эмэ таптаан кэбис?
– Ээ суох. Оччо акаары буолбатахпын!
– Чэ, ким билэр, көстөн иһиэ.
– Оттон эн, Лидыкка, оскуола кэнниттэн тута эргэ бараары гынаҕын дуо?
– Тута да буолбатар, кэлин, үөрэхпин бүтэрэн баран, дьон сиэринэн, ыал буолбут киһи дии саныыбын. Ити, холобура, атын дьон оҕолорун көрө-көрө, онон дьоллонон олорор Өкүлүүнэ курдук буолуохпун баҕарбаппын.
– Сөпкө этэҕин. Мин эмиэ үөрэхпин бүтэрэн баран, кэргэн тахсыам. Ону даҕаны үчүгэй киһини көрүстэхпинэ биирдэ.
– Уонна мин икки эрэ оҕолонуом.
– Мин эмиэ! Чиэһинэ эттэххэ, элбэх оҕолоохтору мин аһына көрөбүн.
– Оннук ээ. Оҕоҕо баттатан баран олороохтууллар дии? Туохха наадалааҕый ол?
* * *
Уолаттар, син балай да хааман, туох эрэ сыһыыга кэлэллэр. Ити былаһын тухары кинилэри Дьөгүөр кэннилэриттэн батыһар.
– Уолаттар, көрүҥ эрэ! – Лөглөө ыйар.
Көрбүттэрэ: өтөхсүйбүт балаҕан сиҥнэллэн турар.
– Арааһа, бу өтөх туһунан Өкүлүүнэ кэпсээтэҕэ… – Оппоо сэрэхэчийэ түһэр.
– Кырдьык, бу өтөх туһунан буолуо дуо? – Баанньыска куттаммыт сирэйдээх.
– Оннук курдук. Бу сиргэ урут хаһан эрэ олоро сылдьыбыт дьон көстөр үһү диэн кэпсээбитэ, – Лөглөө, уолу эбии куттаан, кэпсээн биэрэр.
– Уой, оччоҕо тоҕо биһиги манна кэллибитий? Төннүөххэ!
– Эс, абааһылаах сиргэ барабыт диэн хара маҥнайгыттан эппиппит буотта? Бачча кэлэн баран, тоҕо төннүөхпүтүй?
– Оннук ээ… Биһиги абааһыны көрө кэлбиппит, баарын-суоҕун билээри. Ким куттанар манна хаалар, ким куттаммат салгыы барсар.
– Оттон мин аҕам «сири-уоту мээнэ аймаамаҥ, сэрэнэн сылдьыҥ» диэччи ээ… – Баанньыска ити түгэҥҥэ, арааһа, дьиэтигэр ийэтин аттыгар баар буолуон баҕарда быһыылаах.
– Һы, хаһааҥҥа диэри наар ийэлээх аҕабыт этиилэринэн сылдьыахпытый? – Лөглөө хорсун курдук тутта сатыыр. Кини быраҕыллыбыт өтөх диэки бастакынан хаамар. Кэнниттэн Оппоо батыһар. Баанньыска саарбахтаабыттыы турар.
– Хайыыбытый? – диир кини сибигинэйэн кэриэтэ Куокаҕа.
– Ээ, хаалыахха. Куттала бэрт. – Куока эмиэ куттаммыт сирэйдээх.
– Оннугун оннук эрээри, хаһан уонна абааһыны көрүөхпүтүй?
– Баанньыска, барыма. Хаалыахха! – Куока ааттаһардыы этэр.
– Барбатахпытына, куттастар диэн аны күлүү гыныахтара. Барыахха… – диир Баанньыска, чочумча саҥата суох туран баран.
Уолаттар өтөхсүйбүт балаҕаҥҥа киирэллэр.
– Уа-ай, ама манна хаһан эрэ дьон олоро сылдьыбыта буолуо дуо? – диир Оппоо саарбахтаабыттыы.
– Олорумуна! Көрөҕүт, оннооҕор эргэ маллара хаалбыттар дии? – Лөглөө сиргэ сытар иһит-хомуос диэки ыйар.
Уолаттар барытын сирийэн көрөллөр. Ити сылдьан Баанньыска тугу эрэ суулларар дуу, иҥнэн охтон түһэ сыһар дуу! Дьэ, тыас бөҕөтүн таһаарар. Итиччэ үлүгэр тыастан бары сүрэхтэрэ хайда сыһар.
– Йоппашмаат! Киһи сүрэҕин хайыта сыстыҥ дии! – Лөглөө кыыһырыан кыыһырар.
– Ээ, оттон алҕаска! – диир Баанньыска, буруйдаах киһи быһыытынан.
– Эйиэнэ барыта «алҕаска»! – Лөглөө сүгүн уоскуйан биэрбэт.
– Айдаарымаҥ! Чуумпуруҥ, – Оппоо барыларын буойар. Уолаттар балаҕан иһин салгыы чинчийэллэр.
– Даа, хаһан эрэ манна төһө эрэ бэркэ олордохторо буолла? Сарсыардатын биһиги курдук остуол тула олорон, күөрчэх сииллэрэ буолуо. Киэһэтин – суорат… – Оппоо хараҕар былыргы олох тиллэн кэлэр быһыылаах.
– Оттон билигин ол олохтон туох да хаалбатах… Көмүлүөк оһохторо сууллубут, түннүктэрэ-үөлэстэрэ алдьаммыт…Тыал эрэ күүлэйдиир.
– Наһаа кутталлаах сир, – Куока эрэйдээх кубарыйыар диэри куттаммыт.
– Һы, туох кутталлаах үһүнүй? Көннөрү эмэх буолбут дьиэ дии? Ама онтон куттанаҕыт дуо?
Куока сиртэн былыргы оҕо оонньуурун булан ылар. Илиитинэн быылын сотоот, кимиэхэ да эппэккэ-көрдөрбөккө да эрэ, ыстаанын сиэбигэр уктар. Эмискэ дьулаан тыас иһиллэр. Суох, суох, Баанньыска иҥнэн охтон түһэ сыспытын курдук буолбатах! Бу сырыыга олох атын! Истиэнэҕэ тугу эрэ саайалларын курдук бүтэй тыас. Уолаттар сүрэхтэрэ хайда сыһар. Хаһыытаабытынан таһырдьа ыстаналлар. Бастакынан улахан уолаттар адаарыҥнаһаллар, кэннилэриттэн нэһиилэ тыын ыла-ыла, кыралар саппай уопсаллар. Ол сүүрэн иһэн, Лөглөө сыыһа үктэнэн, охтон түһэр. Арааһа, тугун эрэ өлөрдө быһыылаах. Ол эрээри куттаммыта бэрдиттэн, ойон тураат, салгыы буута быстарынан ыстанар. Уолаттар хайдах сырсыаккалаһан тахсыбыттарын Дьөгүөр ыраахтан кэтээн турар. Арааһа, киниэхэ күлүүлээх быһыылаах, ымах гынар. Тыаҕа киирээт, уолаттар аҕылаһа-аҕылаһа сиргэ охтон түһэллэр.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?