Электронная библиотека » Сардана Сивцева » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Сардана Сивцева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 8 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Дима, мин төрөөбүт күнүм ааспыта быданнаата, өйдүүр инигин? – диэн эрэ хаалбытым.

– Өйдүүбүн-өйдүүбүн… Варя, мин эйигин сатаан умнуо суохпун…

– Мин эйиэхэ хайдах да көмөлөһөр кыаҕым суох. Бэйэҥ быһаарыммытыҥ дии… – дьон истибэтиннэр диэн, сибигинэйэ былаастаан эппитим.

– Варя, ол туһунан санатыма даҕаны, – Дима түннүккэ чугаһаан, уулуссаны одуулуу турбута. Онтон эмискэ эргиллэ биэрбитэ, – арай мин биирдэ эмэ эйиэхэ кэллэхпинэ хайдаҕый?

– Эн кэргэннээх киһигин, онон сатаммат.

– Эн биһикки биэс сылы быһа бииргэ олорбуппут, ханныгын да иһин аймахтыы буоллахпыт.

– Дима, эн бэйэҥ биһиги сыһыаммытын быспытыҥ…

– Мин эйигин ахтабын.

– Мин коллегаларым бука бары биһиги арахсыбыппытын бэркэ диэн билэллэр, онон эн манна өр турарыҥ табыгаһа суох.

– Биллиннэр! Кинилэр да робот курдук биир тэҥник олорботтор ини…

– Дима, эн үлэҕэр хойутаан эрэҕин, пока, – мин кабинетым диэки хардыы оҥорон истэхпинэ, кини миигин илиибиттэн хаба тардан ылбыта, – мин эйиэхэ син биир тиийиэм.

Мин тугу да хоруйдаабакка эрэ кабинеппар киирбитим. Компьютербын холбообокко толкуйдуу сатыы олорбутум. Ити аата хайдаҕый? Сир күнү тула эргиирин уларытта дуу, эбэтэр мин тус бэйэм төбөбөр сиэрэй веществом хамсыыра түргэтээтэ дуу? Өр кэмҥэ, бэл диэтэр, киһи тыынара да иһиллэр чуумпу кэнниттэн, эмискэ араас бэйэлээх тыас тоҕо кутулла түспүтүнүү, тулалыыр эйгэм уларыйбыкка дылы. Холобура, тоҕо соһуччу бары миэхэ харахтарын хатыыр буоллулар? Бэл диэтэр, хас да хонуктааҕыта начальнигым: «Варвара, эн… хайдах эрэ уларыйбыт курдуккун, тупсубуккун. Биричиинэтэ тугуй?» – диэн баран, үөннээх баҕайытык көрөн ылбыта.

Ол күн киэһэ, үлэм кэнниттэн дьиэбэр чугаһаан иһэн, Дима 92-с сыллаах хара өҥнөөх «Чайзера» подъезд таһыгар турарын көрбүтүм. Нүөмэриттэн тута билбитим. Бастаан утаа, атын сир диэки туора хаамаары гынан баран туттуммутум. Тоҕо мин куттаммыттыы чугуруйуох тустаахпыный? Дьиэлээх киһи дьиэбэр киириэхтээхпин. Ити курдук бөҕөх санаалаах, хаамыыбын өссө түргэтэтэн биэрбитим. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, ол аата ньиэрбинэйдээбит. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин сымыйанан атын сир диэки көрө-көрө аттынан ааһан истэхпинэ, кини саҥата иһиллибитэ:

– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?

Мин соһуйбуттуу:

– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим.

– Тоҕо хойутаатыҥ? – диэн массыынатыттан тахсан иһэн ыйыппыта.

– Дима, эн миигин чахчы да соһутаҕын! Биһиги туспа-туора дьон буолбатахпыт дуо? Уонна биирдэ баран эттэххэ, мин эйигин ыҥырбатаҕым.

– Биһиги аймахтыыбыт, умуннуҥ дуо? Хаһан кэлэрим көҥүлүм.

– Алҕаһыыгын.

– Чэ-чэ, манна аахса туруохпут дуо, дьиэҕэ киириэххэ. Кэпсэтии баар.

– Дима, миэхэ ыалдьыттар бааллар, тыаттан хоноһолор кэлбиттэрэ, – диэт, кирилиэһинэн өрө тахсыбытым уонна подъезд аанын «лип» гына бырахпытым. Мин өһөспүн Дима бэри бэркэ билэр. Мээнэҕэ даҕаны гороскоппунан оҕус буолуом дуо? Квартирабар киирээт, түннүк сабыытын сэгэтэн Дима «Чайзера» олбуортан тахсан эрэрин көрбүтүм. Һуу, хата барда. Ол кэнниттэн душтаммытым. Телевизоры холбообутум, сериал кэлэ турара. Аччыктаабыппын өйдөөбүтүм. Спагетти буһарыахпын баҕарбатаҕым, бэҕэһээ эрэ сиэбитим. Пельменим бүппүт. Арай кефир турара. Ыскаабым полкатын хаспытым. Сэрэйбит сэрэх, биир да кэнсиэрбэ, чипсы, эриэхэ суоҕа, морозильнигы өҥөйбүтүм, салапааҥҥа дөөдөччү симиллибит французскай куурусса таһыгар крабовай палочка сытара. Хайыахпыный, кефири кытта буулка сиэбитим. Ити курдук аһаабыта буолбутум… уонна устунан утуйан хаалбытым…

Эмиэ ити түгэн. Дима 92-с сыллаах «Чайзера» мин подъеһым аттыгар турара. Дима массыынатыгар табахтыы олороро, кини кэтэҕин олоруутуттан ньиэрбинэйдээбитин сэрэйбитим. Ньиэрбинэйдээн көрдүн. Мин билбэтэх курдук туттан аттынан ааһан истэхпинэ, Дима саҥата иһиллибитэ:

– Варя, хайа билбэтэх киһи курдук ааһа тураары гынаҕын дуо?

Мин соһуйбуттуу:

– Хайа, эн эбиккин дуу? – диэбитим. Онуоха кини массыынатыттан тахсан иһэн:

– Тоҕо хойутаатыҥ, ханна сырыттыҥ? – диэн туоһуласпыта.

– Дима, эн миигин чахчы да соһутаҕын! Биһиги туспа-туора дьон буолбатахпыт дуо? Уонна биирдэ баран эттэххэ, мин эйигин ыҥырбатаҕым.

– Биһиги аймахтыыбыт, умуннуҥ дуо? Хаһан кэлэрим көҥүлүм.

– Алҕаһыыгын.

– Чэ-чэ, манна аахса туруохпут дуо, дьиэҕэ киириэххэ. Кэпсэтии баар.

Кини күлүүһэ суох, ол аата таах үүрүөххэ сөп… Ол эрээри баҕар кырдьык туох эрэ улахан наадалааҕа буолаарай? Кыратык олоро түһэн баран дьиэлиэ. Кини этэринии, ханныгын да иһин, биһиги «аймахтыы» дьон тэҥэ буоллахпыт. Биэс сыл бииргэ олорбуппутун тугунан да соппоккун.

Саҥата суох үһүс этээскэ тахсыбыппыт. Дима киирдэ киирээт, дьиэни сыныйан туран үөрэппитинэн барбыта, бэл диэтэр, сытырҕалыырга дылыта. Хаама сылдьан саҥа сувенирдары, хаартыскалары көрүтэлээбитэ, утуйар хоһу өҥөйөөт, соһуйан саҥа аллайбыта: «Хайа, Варя, испанскай ороммутун ханна гынныҥ?»

– Орону атыылаабытым. Эн эргэ таҥастаргын, малларгын таһырдьа бырахпытым.

– Саатар этиэххин, кэлэн наадалааҕын ылыам этэ буоллаҕа дии?

– Умуннуҥ дуо, аны хаһан да манна кэлиэм суоҕа диэбиттии, уот ыстанарын курдук түргэнник хомунан барбыккын?

– Кытаанаххын даҕаны! Чэ, былыргыны быһаарсан да диэн. Хата чэйдиэххэ.

Мин электрическэй чаанньыгы холбообутум, ыскааптан икки чааскыны орообутум. Аҕыйах мүнүүтэнэн чаанньык оргуйбутун биллэрэн, уоттан арахсан «тыш» гыммыта. Дима итии үүттээх чэйи ордорорун мин өссө да өйдүүр буоламмын, баҕатын хоту итии үүттээх чэйи куппутум, оттон бэйэбэр китайскай күөх чэйи. Утары олорон чэйдээн барбыппыт. Дима, чэйин үрэ-үрэ, миигин одуулаабыта, мин сирэйбэр сир шарын картата ойууламмытын курдук. Онтон эмискэ санаабыт санаатын «пал» гыннарбыта:

– Варя, куһаҕаннык утуйаҕын дуу, хайдах дуу?

– Суох, хата кимнээҕэр кытаанахтык утуйабын.

– Хайдах эрэ сылайбыт көрүҥнээххин. Ол иһин ити этэбин. Хараҕын анна оспоччу испит курдук.

– Оспоччу испит буолан! Эн анаан миигин тыытаары кэлбиккин быһыылаах. Бэйэҥ да дьүһүнүҥ холоон. Дөөдөллөн, уойбутуҥ сүрдээх! Ойоҕуҥ аһара аһатар быһыылаах. Дима, билэҕин дуо, киһи сааһырдаҕын аайы, аһыырын аччатыахтаах, – мин бэйэм оргуйан турбутум. Дима киһини кыынньыырын сатыыр даҕаны… Ол эрээри, ханныгын да иһин, бэйэни туттунуох баара. – Эбэтэр сексинэн аҕыйахтык дьарыктанаҕын дуу? Ха-ха-ха…

– Һы, сытыырхайбыккын дии! Эт эрэ, хата, ханна сырыттыҥ?

– Истиэххин баҕардаххына, мин киэһээҥҥи аһылыкпын номнуо аһаан кэллим. Онон топпун!

– Эт, кимниин, ханна ужиннаатыҥ? – киһим, иһиттэ эрэ истибэтэ, күүдэпчилэнэн турбута.

– Ол эн дьыалаҥ буолбатах.

– Алҕаһыыгын! Мин билиэх тустаахпын!

– Не смеши, дьиэҕэр бар!

– Барбаппын.

– Бар! – мин, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, остуолтан ойон турбутум. Онуоха киһим, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүбүттэн быһыыланан турбута: миигин икки илиитинэн харбаат, утуйар хос диэки соспута. «Мин эйигин таптыыбын» дии-дии дьаабыламмыта. Күүһэ сүрдээх, хоско анньаат, миигин биирдэ сиргэ суулларан түһэрбитэ. Өссө аҕылыырын быыһыгар, эн орону сыыһа атыылаабыккын диэн тылласпыта. Таҥаспын кум-хам тутан, хайыта сыһа-сыһа, күүһүнэн устубута. Хаһыытаабатын диэн уоспар табах амтаннаах уоһунан түспүтэ. Салгыы мин, хаһан бу иэдээн бүтэрин кэтэһэ, дьиэ үрдүн одуулуу сыппытым…

Бүтэр бүппүтүн кэннэ Дима, туох да буолбатаҕын курдук туттан, душка киирбитэ. Мин бырастыынабынан ыбылы сууланан, истиэнэ диэки эргиллэн сыппытым. Испэр тыһыынча үөн батары анньыллыбытын курдук этэ. Миэхэ чугаһаа эрэ, ити үөн хаатыттан дэлби барыах айылааҕа. Аҕыйах мүнүүтэнэн Дима душтан тахсыбыта уонна сиргэ ыһыллыбыт таҥастарын хомуйан, тиэтэйбэккэ эрэ таҥныбытынан барбыта. Суобаһа оонньообото чахчы. Ол эрээри кини бырастыы диирэ миэхэ да наадата суоҕа. Түргэнник бардын эрэ. Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс Дима таҥнан, миэхэ төҥкөйбүтэ. Кини чугаһаабытыгар, мин өссө эбии кумуллан биэрбитим. Бырастыынаны арыйаат, киһим кэлэйбит куолаһынан саҥарбыта: «Варя, хата киһини күллэримэ. Кыыс оҕоҕо дылы, туох ааттаах эҥин араастаан туттаҕын. Биэс сылы быһа бииргэ олорбуппутун умуннуҥ дуо?» Ити тыллары истээт, арааһа бу киһийдээн санаатаҕын аайы манна кэлээри гынар быһыылаах диэн санаа миэхэ көтөн түспүтэ. Күлүүс! Күлүүс ааҥҥа анньыллан турар! Бу акаары! Мин ойон турбутум да, аан диэки ыстаммытым уонна күлүүс тылын уйатыттан туура тардан ылбытым. Дима итини көрөн, күлэн алларастаабыта. Эбиитин, хаадьылаан дуу, эбэтэр дьиҥнээхтих эбитэ дуу, күлүүһү былдьаспыта буолбута. Эмиэ хадьыктаһан барбыппыт. Мин аҥаар илиибинэн полкаҕа турар туох эрэ ыйааһыннаах сувениры ылаат, хаһыытаабытым: «Чугаһыаҥ да саайыам!» Дима мин диэки ыйа-ыйа кыһыылаах баҕайытык алларастаабыта: «Оой-ой, Варюха, хата ужас киинэтин санаттыҥ дии!»

– Бар!!! Билигин милицияны ыҥырыам! – диэн онуоха мин сарылаабытым.

– Бардыым-бардым, спасибо дорогая за все… – диэн эҕэлээх баҕайытык саҥараат, тахсан барбыта. Мин ааны түргэн үлүгэрдик хатаабытым. Эмискэ хараҕым сиэркилэҕэ хатаммыта: мин утары чахчы ужас киинэтин персонаһа илэ бэйэтинэн турара. Бырастыынам сиргэ түһүөхчэ намылыйбыт, баттаҕым арбаллан, тыалга ыһыллыбыт бугулу санатар, оттон харахтарым электрическэй лаампалары холбообуттарын тэҥэ дьэргэччи умайаллар, эбиитин илиибэр тугу эрэ бобуччу туппут этим. Көрбүтүм хаһан эрэ Дима Америкаттан аҕалбыт сувенира. Статуя Свободы. Хайдах баччааҥҥа диэри быраҕыллыбатаҕай? Бөх кутар биэдэрэҕэ сувениры тута кыыраппытым уонна тарбаҕым иминэн истиэнэҕэ ыйанан турар иһит ыскаабын үрдүгэр кистээбит табахпын булбутум. «Парламент лайт». Бэрт даҕаны, табах хаалларбытым… Саҥа паачыкаттан биир сигаретаны ойутан таһаарбытым уонна сиргэ олорон эрэ буруо таһааран барбытым…

…Уһуктан кэлбитим, түүн ортото этэ. Бастаан утаа мин өйдөөбөтөҕүм: түүл дуу, илэ дуу. Уу чуумпуну иһиллиирдии, балайда өр сыппытым. Сыыйа-баайа дьэ дьиҥнээх олоххо төннүбүтүм: таһырдьа ыт үрэн баргыйара, подъезд тимир аана дөрүҥ-дөрүҥ тыаһыыра, үөһэ турбанан водопровод уута кутуллара иһиллэрэ. Туран полкаҕа чугаһаабытым. Статуя Свободы – хаһан эрэ Дима Америкаттан аҕалбыт сувенира. Хайдах баччааҥҥа диэри быраҕыллыбатаҕай? Бөх кутар биэдэрэҕэ сувениры тута кыыраппытым уонна тарбаҕым иминэн истиэнэҕэ ыйанан турар иһит ыскаабын үрдүгэр кистээбит табахпын булбутум. «Парламент лайт». Бэрт даҕаны, табах хаалларбытым… Саҥа паачыкаттан биир сигаретаны ойутан таһаарбытым уонна сиргэ олорон эрэ буруо таһааран барбытым…

Сарсыарда. Звонок.

– Алло, – трубкаҕа Дима саҥата иһиллибитэ. Хаһан эрэ мин ити куолаһы наһаа да сөбүлүүрүм. Тоҕо диэтэргит ити куолас мин сөбүлүүр артиһым Аль Пачино куолаһын санатара. Биир өттүнэн хайдах эрэ сэниэтэ суох курдук, ол эрээри олус таайтарыылаах. Биллэн турар, Дима мин түүлүм туһунан сэрэйэн да көрбөтө чуолкай. Итии кофетын ыймахтыы-ыймахтыы эрийдэҕэ. Үлэтиттэн. Люськата утуйа сыттаҕа.

Мин трубканы уурбутум. Бэҕэһээҥҥи түүлүм мин дууһабын аймаан, өссө да илэ курдуга.

Хас да хонон баран, Денис эрийбитэ.

– Алло, – диэбитэ.

– Эн миэхэ аны эрийимэ, – трубканы талыр гына бырахпытым. Ким да миэхэ наадата суох…

Биир ый кэриҥэ буолан баран, Денис эмиэ эрийбитэ.

– Алло, трубканы баһаалыста уурума, – диэбитэ кини көрдөһөрдүү.

Мин кини тылын истибитим, трубканы уурбатаҕым…

Эмиэ били «О…» рестораммытыгар тиийбиппит. Публика уруккуттан уларыйбатаҕын тэҥэ этэ. Саас ортолоох эбэтэр кырдьа барбыт парочкалар бэйэ-бэйэлэриттэн манньыйа аҕай олороллоро. Саалга киирбиппитигэр биһиэхэ эрэ наадыйбатахтара. Кинилэргэ бэриллибит күүтүүлээх күндү күннэриттэн биир да түгэни мүччү ыһыктыбат, сүтэрбэт кэриҥнээхтэрэ. Мин кинилэри сүөргүлүү санаабатаҕым. Манна диэн эттэххэ, күн сиригэр киһи дьиҥнээхтик дьоллоох буолар түгэнэ бэрт аҕыйах.

Бу сырыыга биһиги Денистиин ө-өр баҕайы көрсүспэккэ буолан баран, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс булсубут дьон тэҥэ ирэ-хоро кэпсэтэн барбыппыт. Киһи кэпсэтиэн баҕардаҕына аһыллар да эбит! Өр кэмҥэ саҥата суох, бэйэбэр бэйэм бүүрүктэнэн сылдьыбыт буоламмын эбитэ дуу, ол киэһэни быһа тохтоло суох саҥарбытым, күлбүтүм-салбытым. Аттыбар наһаа чугас, истиҥ табаарыһым, миигин өйдүүр киһи олорорун тэҥэ Денискэ сыһыаннаспытым.

Ресторан кэнниттэн, айаннаан иһэн Далида ырыаларын истибиппит. Оо, хайдах курдук кини долгутуулаах куоластааҕый, аҥаардас ыллыыр эрэ буолбакка, бу орто дойдуга баар күүстээх иэйиилэри кэпсиир курдуга. Далида, Далида… Уот араҕас хойуу баттахтаах олус кыраһыабай дьахтар. Туора дьон ымсыырыан курдук. Кини олоҕор сирдээҕи баай барыта баара: талааныгар сүгүрүйэр тыһыынчанан дьон, талаан… Тоҕо Далида бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ буолуой? Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах боростуой дьон, күннээҕи кыһалҕаҕа эриллэн, сиэрэй маассаҕа кубулуйаллар, бэйэлэрин сирдээҕи үйэлэрин итинник моҥууллар, оттон аҕыйах ахсааннаах сулустар, улуу дьон, халлааҥҥа кылам гына умайан баран, тугу эрэ тулуйбакка, түргэнник симэлийэн хаалаллар, олох эргиириттэн баҕа өттүлэринэн туорууллар…

– Денис, эн урукку французскай эстраданы сөбүлүүр эбиккин дуу? – диэн ыйыппытым.

– Сөпкө бэлиэтээтиҥ. Французтар ырыалара романтичнай, киһи дууһатын таарыйар. Бу курдук киэһэ айаннаан иһэн истэргэ олус үчүгэй, – диэн хоруйдаабыта. Денис массыыната дьиэм таһыгар тохтообута. Далида «Salma ya Salama» диэн ырыата динамиктан кутуллара. Денис миигин уоспуттан уураан ылбыта. Ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ мин кини көмүс фиксаларын туһунан санаан да аһарбатаҕым. Salma ya Salama…

– Мин пластинкаларбын истиэххин баҕараҕын дуо? – диэбитэ.

20-с үйэ бүтэһигэр, виниловай пластинка үйэтин моҥообут кэмигэр, итинник тыллары истэр дьикти этэ. Биллэн турар сонун.

Денис миигин үлэлиир офиһыгар аҕалбыта. Дьоҕус кабинет, иһинээҕи тэрилэ бэрт кэмчи. Остуол, эргийэр кириэһилэ, утары олоппостор, истиэнэҕэ сир шарын картата, халандаар, түннүктэргэ сабыылаах жалюзи. Кабинет иһэ борук-сорук этэ. Ханнык да Штыров, Путин да хаартыскалара суохтара. Арай муннукка «Вега» диэн икки колонкалардаах стереопроигрыватель турара. Денис полкаттан биир пластинканы ороон таһаарбыта уонна сэрэнэн холбообута. Поль Мориа оркестра оонньоон барбыта.

– Тугу эмэ иһэҕин дуо? – диэт, Денис кыракый холодильниктан шампанскай таһаарбыта. Мин суох диэм иннинэ, Денис фужердарга кыынньа сылдьар утаҕы кутуталаабыта.

– Эн тускар, – диэбитэ.

– Эн тускар, – мин ой дуораана буолан хатылаабытым.

– Бу мелодия «Любовь синего цвета» диэн ааттаах, – биһиги Денистиин оргууй аҕай үҥкүүлээн барбыппыт. Музыка тыыннаах курдуга. Любовь синего цвета… Уостарбыт бэйэ-бэйэлэрин иҥсэлээхтик булсубуттара. Денис, миигин кууспутунан, остуолга сытар хаһыаттары сиргэ тарҕата бырахпыта. Биһиги ол үрдүгэр биирдэ баар буола түспүппүт. Кини тэрэгэр эмиийдэрбиттэн саҕалаан, атахтарым тыҥырахтарыгар тиийэ өөр да өр уураабыта. Мин кыбыстарбын да умнан, ити уохтаах таптал уйдараҥар бүүс-бүтүннүү ылларбытым. Онтон кини итии, кытаанах этэ оргууй аҕай миэхэ киирбитэ. Ыксаабакка, хамсанан барбыта, онтон түргэнник, эмиэ бытааннык… Мин ис-испиттэн хатаннык хаһыытаабыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Санаабар, «Варя» диэн планета тыһыынча бытархайдарга ыһыллыбыкка дылыта. Иккиэн бүтэн, өөр-өр таалан сыппыппыт. Пластинка тохтообутугар, биирдэ олоххо төннүбүккэ дылы буолбуппут. Денис туран эргиппитэ. Намыын музыка кабинет иһигэр эмиэ кутулла түспүтэ.

– Онтон бу мелодия аата «За любовью», – диэбитэ. Биһиги таптал кутаатыгар иккиһин түспүппүт…

Таҥнан тахсаары туран, Денис муостаттан кумаламмыт хаһыаттары хомуйан урнаҕа бырахпыта. Мин кабинеты эргитэ көрбүтүм, аны манна кэлиэм дуо? Саарбах. Тоҕо эрэ Денистиин хас биирдии көрсүһүүбүт, таҥара бэлэҕин тэҥэ, хатыламматын туһунан санаа миигиттэн арахпата…

Сайын бүтэн, күһүн кэлбитэ. Күһүн мин кырдьыбыт курдук сананабын. Оннооҕор биэс саастаахпар итинник санаа баара. Тула өттүм уу чуум-пуга кубулуйара, атаҕым анныгар сэбирдэхтэр олох хаһан эрэ бүтэр уһуктааҕын сибигинэйэрдии хачыгырыыллара. Түҥ балай хараҥаҕа киһи киирдэҕинэ, тоҕо эрэ хараҕын быһа симэр идэлээх. Ол тэҥэ мин күһүнүн хаҕым эрэ хааларга дылыта, олохтон бэйэбин баҕа өттүбүнэн «арааран» кэбиһэрим. Денис мин ыарыым буолбута. Кини «алло» диэтэр эрэ, мин туохпун барытын быраҕан туран сүүрэрим. Арааһа дьиҥнээх олоххо кини эрэ миигин төнүннэрэрэ. Ол эрээри хаһан да бэйэм бастакынан киниэхэ эрийбэтим, оннооҕор төлөпүөнүн нүөмэрин ыйыппатым. Тоҕо? Мин киниэхэ маҥнайгынан эрийэр кыаҕым суоҕа. Арай трубканы кэргэнэ ыллын? Оччоҕуна туох диибиний? Машаны трубкаҕа ыҥырыҥ диибин дуо? Суох-суох, мин итинник балаһыанньаҕа киириэхпин туох да иһин баҕарбатым. Ол иһин күүтэргэ эрэ тиийэрим. Күнүһүн үлэлиирим, сулууспалаах дьахтарга кубулуйарым. Оттон киэһэтин эротическай ис хоһоонноох киинэлэри холбуурум уонна Дениһи, кинилиин сылдьыбыт түгэннэрбин саныы-саныы, бэйэбин бэйэм таптыырым…

Түмүгэр кимниин да бодоруспат буолбутум. Бэл Аринам кэллэҕинэ, кылгастык кэпсэтэ түһэн баран, араас биричиинэнэн дьиэтигэр ыытарым. Биллэн турар, кини тута сэрэйбитэ: «Табаарыстаммыккын быһыылаах, кэпсээбэккин даҕаны», – диэбитэ. Мин киниэхэ арыллыбатаҕым. Сүрэҕим кистэлэҥэ сэттэ күлүүһүнэн хатана сылдьара, туора киһи, төһө да дьүөгэ буоллун, онно киирэр ханнык да бырааба суоҕа.

Күһүн-кыһын… Бириэмэни да билбэт буолбутум, тоҥнохпуна таҥаспын эрэ уларыттарым. Урукку курдук, бүгүн күн-дьыл хайдаҕый диэн халлаан уларыйыытын кэтиир миэхэ төрүт да наадата суох буолбута. Мин күнүм-дьылым испэр баара, мин ону чопчу билэрим.

Саҥа дьыл тигинээн кэлбитэ. Мин ээл-дээл биир корпоративнай вечеринкаҕа сылдьыбытым, ону даҕаны аҥаарыттан күрээбитим. Арина Ороһуоспа кэмигэр Кытайга сынньана барар, сыаната улаханнык түспүт путевканы бэлэхтээри гыммытын, мин кыккыраччы аккаастаммытым.

– Суох-суох, улахан баһыыба, ол эрээри мин ханна да барыахпын баҕарбаппын.

– Уон күнү быһа оччоҕо тугу гынаҕын? – Арина кыараҕас харахтарынан миигин сөбүлээбэтэхтии одуулаабыта.

– Сытыам, сынньаныам.

– «Сытыам, сынньаныам», – дьүөгэм миигин эҕэлээх баҕайытык үтүктүбүтэ.

– Кыыһырымаарыый…

Саҥа дьыл түүнүн соҕотоҕун көрсүбүтүм. Кремлевскай курааннар өссө биир саҥа дьыл үүммүтүн биллэрэн лаҥкынаабыттарыгар, мин мууска турар шампанскайбын аспытым, утаппыт киһилии биир толору бакаалы иһэн кэбиспитим, онтон остолобуой ньуосканан «оливье» салааты баһа-баһа сиэбитим, бэркэ кыһаллан оҥорбут бүлүүдэлэрбин барытын алдьаппытым. Мин тапталым дьиҥнээх ыарыыга кубулуйбута, ол эрээри ити ыарыыттан ама эмп баар үһү дуо? Биир өттүнэн мин ити ыарыыттан босхолонуохпун олох да баҕарбат этим. «Буоллун» дии-диибин иккис салааппар түспүтүм. Салгыы аһыыр кыаҕа суох «Голубой огонегу» көрө сыппытым. Бииртэн биир, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаһар ырыаһыттар мускулла-мускулла ыллаа да ыллаа. Ити курдук сытан, телевизорбын да араарбакка, утуйан хаалбытым…

Звоноктан уһуктубутум. Ааҥҥа звоноктууллара. Мин ыт оҕотун курдук аан диэки сүүрбүтүм.

Денис миигин көрөн соһуйбута:

– Түүнү быһа бачча айылаах тугу гынныҥ? – диэбитэ. Мин бэйэбин сиэркилэҕэ көрүнээт, кыбыстыбытым: бүрүчүөскэм ыһыллыбыт, косметикам ньаҕайдаммыт, былааччыйам кумаламмыт, эбиитин сыыһа сыппыппыттан сирэйбэр сурааһын хаалбыт. «Уой!» диэт, мин тута ваннаҕа ойбутум уонна итии уу анныгар турбутум. Аҕыйах сөкүүндэнэн көхсүбүттэн Денис күүстээх илиилэрэ миигин ыбылы кууспуттара…

Арааһа ити түгэнтэн ыла мин Денистэн сыыйа-баайа тэйэн барбытым. Биллэн турар, кинилиин сыһыаммыт хаһан эрэ тыа суола быстарыныы бүтүөхтээҕин билэр этим, ол эрээри барыта итинник соһуччу буолуо диэн сэрэйэн да көрбөтүм. Быһатын эттэххэ, мин уу мээрик буолбутум. Сарсыарда нэһиилэ хойутуу сыһа-сыһа үлэбэр тиийэрим, оттон киэһэтин дьиэбэр эргиллээт, чэйдээбитэ буолан баран, ороммор сууллан түһэрим. Өрөбүл күннэргэ дьэ, төһө баҕарар утуйарым. Бэл диэтэр, сороҕор төлөпүөн тыаһын истибэт буолбутум, эбэтэр мэһэйдээбэтиннэр диэммин арааран кэбиһэрим. Бэрт соторутааҥҥыга диэри умайа сылдьыбыт тапталым испэр иһийбиккэ дылыта…

Биэс уонуттан тахсыбыт гинеколог дьахтар көрөн баран: «Чэ, хайыыгын?» – диэн ыйыппытыгар мин, бастаан утаа өйдөөбөккө, чочумча саҥата суох олорбутум. Онуоха кини ньиэрбинэйдээбит курдук: «Оттон төрүүгүн дуу, суох дуу?» – диэбитигэр, ыксаабыттыы: «Төрүүбүн!» – диэн хоруйдаабытым.

Таһырдьа тахсыбытым, барыта уруккутунан этэ. Дьиэлэр, дьон, массыыналар – туох да уларыйбатах. Арай мин тус бэйэбэр саспыт кистэлэҥмин кимиэхэ да арыйбакка, таһынан дьалкыппакка хааман испитим…

Денис кэллэҕинэ кэпсиэм дии санаабытым. Оҕо туһугар мин киниттэн араспаанньа да, харчы да көрдүүр санаам суоҕа. Биллин эрэ. Онтон ордук туох да наадата суох.

Денис биир киэһэ кэлбитэ. Кыһыл өҥнөөх кууркатын ыйаабыта, атаҕын таҥаһын устубута уонна «хайа, чыычаах, дорообо» диэбитинэн миэхэ чугаһаабыта. Уруккута эбитэ буоллар, мин кини моонньутугар ыйаныам этэ. Оттон ол сырыыга көннөрү «чэй иһэҕин дуо?» диэн куотуммутум. Денис иһигэр туох буоллаҕай диэн соһуйбута буолуо эрээри, таһыгар биллэрбэтэҕэ. Олоппоско саҥата суох миигин көрө олорбута. «Билигин таайыа» диэн испэр кэтэспитим да таайбатаҕа. Хантан таайыай, тас көрүҥмэр туох да уларыйыы суола өссө көстө илигэ.

Арай көрдөхпүнэ, лаампа уота сыыһа тыгарыттан эбитэ дуу, кини сылайбыт көрүҥнээҕэ.

– Үлэҕэр туох сонун баарый, барыта этэҥҥэ дуо? – диэн ыйыппытым.

– Үлэбэр – араас. Хайдах эрэ кэлин барыта күөрэ-лаҥкы курдук.

– Ол аата хайдах?

– Э-ээ, оттон тэрилтэбитигэр бииртэн биир моһол тахсан иһэр.

– Туох моһоло?

– Туох? Гараж умайда, биир үлэһиппит улахан аварияҕа түбэстэ, биир объекпытын халаатылар. Этэргэ дылы ууга-уокка киирэн биэрдибит.

– Чахчы моһуок эбит.

– Этимэ даҕаны.

– Эн санааҕар ити туох эрэ сэрэтии курдук буолбатах дуо?

– Ол аата хайдах?

– Оттон этээччилэр дии, туох эрэ быһылаан кэнниттэн киһи булгуччу толкуйданыахтаах, ыраастаныахтаах, мээнэҕэ туох да буолбат диэн.

Денис чочумча саҥата суох олоро түһэн баран эппитэ:

– Варя, эйиэхэ ити туһунан сыыһа кэпсээтим быһыылаах. Биирдэ баран эттэххэ, кыһалҕата суох киһи диэн суоҕа биллэр. Бырастыы гын. Ол эрээри эн биири өйдөө, мин эйигин ханна да сырыттарбын, туохха да түбэстэрбин мэлдьи саныыбын уонна онтон чэпчиибин. Ардыгар, бэл диэтэр, соһуйабын ээ, тоҕо итиннигий диэн? Эн наһаа үчүгэйгин, Варя.

Кини тахсаары аан аттыгар турдаҕына: «Денис, бэйэҕин харыстан», – диэбитим. Онуоха кини: «Эн эмиэ», – диэн хоруйдаабыта. Күөх харахтар, истиҥ мичээр… Мин тоҕо эрэ Денискэ ис дууһабыттан махтаныахпын баҕарбытым. Аан сабыллыбытын кэннэ «аныгыскы сырыыга кэпсиэм» дии санаабытым.

Ити кэнниттэн, уонча хонук буолан баран, Арина төлөпүөннээбитэ. Санаарҕаабыт куоластааҕа.

– Туох буоллуҥ? – саҥа табаарыһынаан бурайыстаҕа дуу дии санаатым.

– Бэҕэһээ похоронаҕа сырыттым, – үөйбэтэхахтыбатах өттүбүттэн хоруй буолан тахсыбыта.

– Ким похоронатыгар?

– Биир дойдулааҕым өллө, Денис диэн эдэр киһи, – ити ааты истээт, сүрэҕим тохтуурга дылы буолбута. Итэҕэйбэтэхтии:

– Денис? – диэн хос ыйыппытым.

– Эн кинини билэҕин дуо? – Арина, бадаҕа, соһуйбута.

– Суох. Ол эрээри хаһан эрэ эн билиһиннэрэ сатаабыт киһиҥ буолбатах дуо? – диэн долгуйуубун кыатана сатыы-сатыы ыйыппытым.

– А-а, хата наһаа өйдүү сылдьар эбиккин дии. Чахчы кини.

Салгыы Арина кэпсээн барбыта. Покровскайдыыр суолунан айаннаан иһэн Денис массыыната эргийбит үһү. Салон иһигэр олорор дьонтон ким да эчэйбэтэх, аҥаардас кини эрэ күн сириттэн бараахтаабыт. Буолар да эбит. Бүттэҕэ ол. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Бүгүн бааргын, сарсын суоххун…

Мин Арина кэпсээнин истэ олорон, харахпын быһа симпитим уонна ити хартыынаны өйбөр оҥорон көрбүтүм.

Кини массыыната асфальт суолунан айаннаан иһэн (халтарыйбыта, эбэтэр Денис уруулун сыыһа туппута буолуо дуо?) туора барбыт… Бүттэҕэ ол.

Кулгаахпар Денис саҥата иһиллэрэ: «Ол эрээри эн биири өйдөө, мин эйигин ханна да сырыттарбын, туохха да түбэстэрбин мэлдьи саныыбын уонна онтон чэпчиибин. Ардыгар, бэл диэтэр, соһуйабын ээ, тоҕо итиннигий диэн? Эн наһаа үчүгэйгин, Варя».

Бүтэһик көрсүһүүбүтүгэр кини тахсаары турдаҕына, «Денис, бэйэҕин харыстан» диэбитим. Онуоха кини «эн эмиэ» диэн хоруйдаабыта. Күөх харахтар, истиҥ мичээр… Мин тоҕо эрэ Денискэ ис дууһабыттан махтаныахпын баҕарбытым. Аан сабыллыбытын кэннэ: «Аныгыскы сырыыга кэпсиэм», – дии санаабытым.

Ким онно билиэ баарай, аныгыскы сырыы хаһан да буолбатын?

Сотору кэминэн Лиза төрөөбүтэ. Роддомтан тахсарбар Арина баара, кини аттыгар Димуль сибэкки дьөрбөлөөх, билбэт дьоннор «дьоллоох папаша» диэхтэрин курдук үөрбүт-көппүт сирэйдээх турара. Кыыһы көрөөт, кини ымсыырбыта. Кини туохха эрэ ымсыырдаҕына, сирэйэ-хараҕа итинник уларыйан хаалар идэлээх. Мин ону бэркэ диэн билэбин. Биэс сыл иһигэр син үөрэттэҕим дии. Ол эрээри «холбоһуохха, кыыһы бэйэм анныбар суруттарыам» диэбитигэр, «суох» диэн аккаастаабытым. Барбыт киһи бардаҕа.

Үс сыл буолан баран Иванныын билсибитим. Биһиги холбоспуппут, аны икки ыйынан уол оҕо күн сирин көрүөхтээх. Оттон бүгүн, ити даачам бөҕүн бэрийэ сылдьан, соломо корзинканы булан, ааспыты санаатым. Лизанька мин киэҥ-куоҥ ырбаахыбын тардыалыыр: «Папаҕа бардыбыт», – диир. Мин «билигин, билигин, тоойуом» диэн кинини тохтото сатыыбын уонна күн уотуттан куурбут-хаппыт корзинканы муннубар таҕайан, сытырҕалыыбын да, эчи суох, клубника сыта салгыны кытта симэлийэ сүппүт…

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации