Текст книги "Дьикти түбэлтэ"
Автор книги: Семен Попов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 2 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Сэмэн Тумат
Дьикти түбэлтэ
Киирии тыл оннугар
Оҕо сааспын санаатарбын эрэ, хопто кынатыгар дайдаран, Хотугу Байҕал кытылыгар тиийбитим эрэ баар буолан хаалар. Ол кумахтаах, тыаллаах-куустаах, көтөрдөөх-сүүрэрдээх төрөөбүт-үөскээбит Саҕастыырым дьоно-сэргэтэ, ыт көлө моргуора субу баардыы харахпар көстөн кэлэрэ баар ээ – мин дьолум, ахтылҕаным.
Ол оҕо сааһым кэрэ-бэлиэ уонна чахчы бааччы буолбут түгэннэрэ – билигин миигинниин аргыстаһаллар, доҕор, ахтылҕан буолаллар. Онон диэн эттэхпинэ, оҕолоор, эһиги эмиэ оҕо сааскыт үтүө өйдөбүллэрин өйгүтүгэр-сүрэххитигэр сөҥөрөн илдьэ сырыттаххытына, кинилэр Олох хайа баҕарар түгэнигэр дьикти бэйэлээхтик тиллэн, биллэн кэлэр өрүттээхтэрин итэҕэйиэххит.
Күндү оҕолоор! Дьэ, билигин кэпсээннэрбитигэр киириэҕиҥ, кинилэри эһиги сэргии ылыныаххыт диэн эрэнэбин.
Сэмэн Тумат,саха норуодунай суруйааччыта
Күөс этэ
Коля иккис кылааска үөрэнэр. Кини кыһыҥҥы уһун өрөбүлүн Хомустаахха атаарда. Сиэннэрэ кэлбитигэр Маппыйдаах Маарыйа үөрүүлэрэ сүр. Буолумуна, кыратыгар эрэ көрбүт мурун бүөтэ оҕолоро, билигин лаппа боччумурбут, туһа киһитэ буолан эрэр, кылгас кэмҥэ да буоллар, эбэлээх эһэтигэр кэлбитэ аҕам саастаах дьоҥҥо олус долгутуулаах бөҕө буоллаҕа.
Коля тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, куораттааҕар быдан чуумпутун сүрдээҕин сэҥээрдэ. Хас күн аайы ааны тэлэччи астыҥ да, тута таһырдьа баар буола түһэҕин! Оттон куоракка салгын сиир эбэтэр күүлэйдиир баҕаттан күҥҥэ хастыыта да үрдүк мэндиэмэни дабайарга, төттөрү түһэргэ күһэллэҕин. Сэргэх олох диэн манна баар эбит. Далга убаһалар хоочугураһаллара, хотоҥҥо ынахтар ыҥыраналлара, хара сарсыардаттан бөтүүк хатаннык хаһыытыыра, кууруссалар курдурҕаһаллара, саҥардыыта эрэ күн сирин көрбүт торбостор иҥсэлээхтик ийэлэрин эмиийдэрин эмэн соппойон курдурҕаталлара барыта киниэхэ сонун, дьикти. Эһэтин Маппыйы кытта сүөһүлэрин ойбоҥҥо уулаталлара, туһугар, эмиэ сүҥкэн суолталаах үлэ. Оҕонньор сиэнэ улааттаҕына сатабыллаах, мындыр толкуйдаах буолуон баҕарара туох да сүрдээх. Кырдьык даҕаны, ким утумнааччыта оннук буоларын ырыҥалаабат буолуой?
Дьыл-хонук түргэнник элэҥнээн ааһар. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, сиэннэрэ Дьокуускайга төннөр күнэ бу тирээн кэлбит эбит. Маппыйдаах Маарыйа, Коляны төһө да ыытыахтарын баҕарбатахтарын иһин, дьиэлээх-уоттаах, дьонноох-сэргэлээх киһи барар буоллаҕа дии. Хайыахтарай, аны кэһии-тайма тэрийэр, дьиэтин айаҕар диэри илдьиэхтээх таксины сураһар-үлэһэр түбүгэр түһэллэр. Ити икки ардыгар ыраах айаҥҥа барарыгар суол аартыктарын алаадьынан, бэрэскинэн айах тутарыгар диэн анаан астаабыттара, ынах арыытын чаана дьиэ иһин ылан кэбистэ. Ол быыһыгар саһарчы буспут астаах иһит биирдэ үллэс гынна.
– Тоойуом, Куолуска, дьоҥҥор эйигинэн күөс этин ыытыахпыт. Тыаттан куоракка киирэр киһи хайаан даҕаны кэһиилэнэр диэн үтүө үгэс баар…, – дии-дии Маппый оҕонньор Коля төбөтүн имэрийэр.
Онуоха Коля саҥа аллайа түстэ:
– Эһээ, күөс этин ыытабыт диэтиҥ дуу? Оттон… оттон биһиги сиир эттээхпит ээ.
– Доҕоор, сиэҥҥэр «күөс этэ» диэн тугу этэллэрин өйдөттөххүнэ эрэ сатаныыһы. Оҕом ону билээхтээбэт буоллаҕа. Ээ, барахсаҥҥа ким ону куоракка быһаарбыта баарай? – Маарыйа эмээхсин оҕонньоругар тыл ыһыгынна.
Маппый эмээхсинин тылын истэ үөрэммит үгэһинэн, оһох аанын аста. Тимир күлүүкэнэн түгэххэ сытар мастары сыҕарыччы анньан сэттэ чоҕу бэттэх диэки тардан чөмөхтөөтө уонна уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу ол үрдүгэр алаадьытын уурда уонна сиэнин ыҥыран ылан, чох үрдүгэр эмиэ алаадьыны уурдарда.
Дьэ, ити курдук, сиэри-туому тутуспут дьон быһыытынан, уолу оһох иннигэр талах олоппоско олорто, бэйэтэ эмиэ ыксаласта. Ол кэннэ удьурхайтан оҥоһуллубут хамсатыгар мохуорканы толору симэн, онтун дьоһуннаах бэйэлээхтик эрбэҕинэн ыга баттаата уонна сыпсынан ытыртаран ылбыт чоҕунан уматынна, күөмэйин оҥоһунна, ол кэннэ бу курдук ис хоһоонноохтук сэһэргээн киирэн барда:
– Былыыр-былыргыттан саха дьоно хонон-өрөөн барар киһиэхэ күөс этин кэһиилээн ыытар үгэстээхтэр. Урут күөс этин биэрэбит дииллэрэ, билигин кэһии диэн тылынан ону солбуйдулар. Ол үтүө үгэс күн бүгүнүгэр диэри умнуллубакка тиийэн кэллэ.
Мин эдэр-сэнэх эрдэхпинэ, тоойуом, сырыыны-айаны сылдьымахтаабыт аҕай киһибин. Күөс этэ сахаҕа суолтата улахан. «Күөс эттээххин дуо?», «Киэһээҥҥи күөскэ анаан куобахтыы таҕыстым», «Күөс этэ кэһиилээн ыытабын» диэн, ол барыта саха киһитэ үйэ-саас тухары туттубут тыла-өһө буолар.
Күөс этэ… Булдунан аатырар хоту улуустар сирдэригэр-уоттарыгар олорооччуларга этинэн татымсыйан ылар кэм баар буолааччы, ордук сааскы ыйдарга. Хотугу Байҕал кытылыгар кыыл таба муус устар ый ортотун диэки биллээччи, мастаах сиртэн улам-улам ити кэмҥэ хоту диэки сыҕарыйар.
Бу кэмҥэ биһиги бөһүөлэкпит дьоно наарталарын бэрийэллэр, ыттарын көлүйэр сыарҕаларын, тэриллэрин оҥостоллор. Сааны-сэбиргэли сөргүтэллэр, көрүнэллэр. Сэргэхсийии буолар, түбүк үксүүр. Онтон сотору кэминэн «Хаастыырдаах аҕалара кыыллыы барбыт үһү» диэн кэтэһиннэриилээх сурах иһиллэр. Ол күн бөһүөлэк дьахталларын иһиттэрэ-хомуостара биир кэм лаҥкынас буолааччы.
Дойду дьонун сиэринэн эттэххэ, түөртүүр ыам саҕана, «Хаастыырдаах кыыллаан кэлбиттэр, бултуйбуттар үһү» диэн үөрүүлээх сурах биһиги дьоҕус бөһүөлэкпитин сонно толорон кэбиһэр.
Өр күүттэрбэт, дьиэ күүлэтигэр чэпчэки атах тыаһа хоочугураан киирэр. Аан тэлэччи аһыллар да, миискэлээх сип-сибиэһэй эти туппут оҕо барахсан сирэйэ бу мэлтэс гына түһэр: «Ийэм Оонньуурка ыытта», – диэт, дьиэлээх хаһаайкаҕа миискэлээх эти куду анньан биэрэр.
Коля эбэтэ дьукааҕын уолчаана аҕалбыт этин атын миискэҕэ сүөкүү охсоот, иһити сууйа охсон ылара уонна кэмпиэти кытта саахар улахан куһуоктарын уган биэрэрэ. Биһиэхэ иһити хаһан даҕаны кураанахтыы төнүннэрбэттэр, хайаатар даҕаны тугунан эмэ истээн ыыталлара. Иһити ылаат, оҕо дьиэтигэр төттөрү ыстанар.
Күөс этэ! Бу тылга үгүс да үчүгэй санаа, кэрэ да майгы-сигили иҥэн сылдьар. Бу эти ыыппыт дьон бэйэҕинээҕэр ордук үөрэн эрдэхтэрэ.
Биһиги Саҕастыырбыт дьоно-сэргэтэ күөс этигэр улахан суолтаны биэрэллэрэ. Туох да диэбит иһин, ыал элбэх буоллаҕа дии… Оттон ол эппит барыбытыгар тэҥинэн наада курдук. Күөс этин булар туһугар булчут дьоммут олбу-солбу айаҥҥа турунан, тайылҕаннаах сиринэн сылдьан, ыт көлөнөн кыыл табалары сойуолаһан, күөйэн-хаайан (биһиги диэки, тоҕо эрэ, «эрийтэрэн» диэн тылы тутталлара), бултууллар-алтыыллар. Икки ый кэриҥэ кинилэр өлгөмнүк бултаан, бөһүөлэк дьонун киэһээҥҥи күөстэрин быспаттара. Ону таһынан араас кэпсэтиилэргэ эти-аһы ылсар-бэрсэр ханна барыай, баар буоллаҕа дии… Ол барыта булт-алт тосхойон биэрэриттэн быһаччы тутулуктааҕа.
Үс ый курдугунан, бастакы хаас кэлиэр диэри, киэһээҥҥи күөс этэ угуллубут эттээх миискэлэр бөһүөлэги уһугуттан уһугар диэри санаабытын-онообутун көтөҕө элэҥнииллэрэ туһугар үөрүүлээх да буолара. Ону оҕо аймах үөрэ-көтө толорор этибит. Мин эмиэ оннук дьолго тиксэрим, аҕам бултаан-алтаан кэллэҕинэ. Аны санаатахпына, үтүө да үгэскэ үөрэммит эбиппин ээ мин… Хор, ону бу эйиэхэ, сиэн оҕобор, салгыыр дьолломмуппуттан үөрэбин. Тоойуом, күөс этинэн дьону-сэргэни сэлбийии – саханы саха оҥорбут үтүө үгэспит буолар. Оннук киэһэлэргэ бөһүөлэк дьоно бары тото-хана, эн ааккар махтана, бэртээхэй миини иһэн сырылаталлара баар ээ, саныахха астыга… Коля, тоойуом, эһэм Маппый оҕонньор «Күөс этэ» диэн ааттаан, анаан-минээн кэпсээбиттээҕэ диэн саныы-өйдүү сылдьаар, саха ол олоҕу өйөөбүт үтүө үгэһин салҕааччынан буолаар дуу, – диэтэ Маппый оҕоннор уонна сиэнэ Коляны чанчыгыттан сыллаан сырылатта.
Сотору кэминэн массыына тохтуур тыаһа иһилиннэ. Бары ходьох гына түстүлэр. Маппыйдаах Маарыйа:
– Аны сайын кэлээр. Оттуохпут, кустуохпут, балыктыахпыт. Оҕобут бэркэ кэлэн бардыҥ, үчүгэйдик сырыт, төлөпүөннүүр буолаар дуу! – дэһэ алгыы хааллылар.
Коля уол айан былаһын тухары «Күөс этэ» диэн эһэтэ Маппый оҕонньор сэһэргээбитин өйдүү-саныы истэ.
Сааскы ырбыы
Күндү ааҕааччыларбар, оҕолорбор, эһиэхэ анаан тарбахпар баттаан ууруна-хаһаана сылдьыбыт биир түгэни билэрбин соло-билэ булан кэпсээбэккэ-тиэрдибэккэ сылдьабын. Ол маннык.
Биһиги аҕаларбыт-ийэлэрбит: «Оо, үөспүт ырбыылаабыт!» – диэн тылы иһитиннэрдэхтэринэ, оҕо аймах өрүкүһэ түһэрбит. Ол өр кэтэспит үөрүүлээх түгэни көрө охсоорубут сиирэ-халты таҥнаат, таһырдьаны былдьаһарбыт.
Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут үс үөстээх Өлүөнэ өрүспүт Муустаах хотугу Байҕалга түһэр төрдө сүүһүнэн ааҕыллар тымыр курдук тыраадыйбыт салаа-салаа үрэхтэргэ арахсарын сир картатыгар көрөн эрдэххит. Олору биһиги дьоммут үөстэр диэн ааттыыллар, холобурга ыллахха, Улахан Тумат, Кыра Тумат үөстэрэ диэннэр бааллар. Сип-синньигэс үрэхтэр курдук олору санаамаҥ. Сүрдээх кэтит иэннээх, хас биирдиилэрэ Амма өрүс сааскы уутун киэбиттэн итэҕэһэ суох буолаллар, сорохторо оннооҕор кэҥэстэр, дириҥнэр, күүстээх сүүрүктээхтэр, ол быыһыгар сайынын уулара отой быстан хаалар, кумаҕынан көрөн сытар салаалар-тымырдар кэмэ суохтар диэн этиэхтээхпит.
Биһиги олорор сирбит Улахан Тумат үөһэ – саамай кэтиттэргэ, дириҥ уулаахтарга, түргэн сүүрүктээхтэргэ киирсэр, сайынын уута тардыбат-быстыбат буолан абырал бөҕөтүн абырыыр. Ол үөспүт, бэс ыйын бүтүүтэ, дьэ, сайар, ол аата кытыытын мууһа ууллан балайда кэтит уу балаһата тахсар, ону биһиги дьоммут ырбыы диэн ааттыыллар. Ырбыы уута таҕыстаҕына, киһилиин-ыттыын бары сэргэхсийэбит.
Онуоха туох төрүөт баарый диэн токкоолостоххутуна – хардата маннык: хомурахтаах хотугу дойдубут түөрт ыйтан ордук кэмҥэ бүрүүкүүр полярнай түүннэр үдүмүк-бадымык күннэрин аһаран, аакка-суолга киирбит салгымтыалаах улуу буурҕалар энэлгэннэриттэн ордон, олунньу ый бүтүүтэ дьэ күнэ күөрэйэн-сандааран туундара кэтит киэлитин иитэ-саҕата көстөр буолбутун кэннэ, улугура быһыытыйбыппыт ааһыыта, сааскы ырбыы уута сайан тахсарыгар тиийэн кэлэрбит биһиэхэ, олохтоох дьоҥҥо, сүдү үөрүүнү түстүүр. Ити курдук этэн туран, күннээҕи олохпутугар төннүөҕүҥ.
…Дьоммут буоллахтарына үөрэ-көтө, санаалара көтөҕүллэн туран, икки тыынан үөскэ устан тылбаардан киирэллэр уонна сабыс-саҥа таҥыллыбыт илимнэрин ууга ылыбыраччы түһэрэллэр, ол кэнниттэн биирдэ илимнэрин икки эҥээрин тэниччи тардаллар уонна тыыларыгар бэчимэлэрин быатын холбоноот, состорбутунан бараллар…
Саҥа ырбыылаабыт үөс уутун салгына сүрэххэ-быаргэ сайа охсон киирэр балык сытыгар майгынныыр ураты минньигэс сыттаах буолар. Ол ахтылҕаннаах сибиэһэй сыты киһилиин-ыттыын бары тэҥинэн олоотоһон сүр кэрэтик эҕирийэбит, оччоҕуна барыбытын күүстээх ахтылҕан тэҥинэн кууһар. Сааскы ырбыы уута тахсара ол курдук хотугу эргимтэ дьонугар көһүтүүлээх, ахтылҕаннаах, умсугутуулаах.
Сааскы ырбыы – быйаҥнаах, балык арааһа үөстэн тахсар. Балыктар даҕаны убаҕас салгыннаах ууга наадыйан эрдэхтэрэ дии, оттон биһиги аска-үөлгэ тиксээри киһилиин-ыттыын кытылга үмүөрүһэн эрдэхпит.
Тыылаах дьоммут эрдиилэрин сылбахтара сырдык уу таммахтарын күлүмүрдэтэ оонньотон ырааттар ыраатан иһэллэр, илим кынаттарын тэҥҥэ тутан усталларын, лаппыныахтар тимирэ-тимирэ күөрэҥнэһэллэрин көрөр туһугар үчүгэйэ сүрдээх. Бу кэмҥэ кытылга турааччылар харахпыт илим состоруулаах тыылаах дьоммутуттан арахпат. Бары балык тахсарын күүтэбит. Ыттарбыт барахсаттар ыйылыы-ыйылыы тулуйбакка-тэһийбэккэ кутуруктарын куйбаҥнаталлар, көрүөхтэрин көрөн, кулгаахтара чороһон, харахтара уоттанан ахан олорор буолаллар. Киһилиин-ыттыын илим тахсарын көһүтэбит да көһүтэбит…
Балайда өр буолан баран, ыттарбыт ыйылаабытынан кытылы кыйа тыылаах дьоммут диэки түһүнэн кэбистэхтэринэ: – Эргилиннилэр! – Эр-ги-лин-ни-лээр! – диэн чахчы үөрүүлээх хаһыы дуораһыйар, оччоҕуна биһиги оҕо сүрэхпит сүр күүскэ толугуруу мөхсөр, ыттарбытын кытары тэҥҥэ тилэхпит хараарар… Аны санаатахха, ол түгэн үчүгэй даҕаны өйдөбүлү хаалларбыт эбит. Ол ахтылҕан уйаҕас тардыыта билигин даҕаны мин сааһырбыт сүрэхпэр биллэргэ дылы…
Кыһыҥҥы ыйдар түлүк хараҥаларын төлө көппүт, сибиэһэй балыгы ахтыбыт буоламмыт киһилиин-ыттыын сааскы ырбыы быйаҥыттан тииһинээрибит күлүкпүтүгэр имнэнэбит, ол дохсун үөрүү син биир таска төлө көтөн тахсан эрдэҕэ эбээт!
Биһиги сир өппөппүт, аҕылаһан-мэҥилэһэн суол ортотуттан төннөбүт, ыттарбыт обургулар тыылаах дьону арыаллаһан кэлэллэр уонна кытылтан тэйиччи сиргэ туораан тахсаннар, сирэйдэрэ-харахтара чаҕылыспытынан, кулгаахтара чөрөспүтүнэн илимнэр тахсалларын (хас да илими холбооттоон түһэрэллэр) кэтэһэ, балык сытын ылан олоотоһо ахан олорор буолаллара. Ыттарбыт барахсаттар илимҥэ балык иҥнибит сибикитин биллэхтэринэ, тэһийбэккэ-тулуйбакка сүр минньигэстик ыйылаһаллара, кутуруктарын эйэҥэлэтэллэрэ, сирэйдиин-харахтыын сырдыыллара, мэктиэтигэр, тэпсэҥэлээн ылаахтыыллара.
Тыылаах дьоммут эрдинэн ныһылытан өссө да хаардаах кытылбытын буллаллар эрэ, илии-атах тиийэринэн көмөлөһүү, көх-нэм, сүпсүгүрүү бөҕөтө буолабыт. Уо, илим эҥээригэр эмис уомуллар өрөҕөлөрө килбэҥнэһэллэрин, модун күөннэринэн ууну «оргутан» лаһыйалларын саҕа үөрүүлээх муора кытылын дьонугар туох баар буолуой дии саныыгын ээ. Ол кэмҥэ атаҕыҥ сири билбэт буола үөрэн-көтөн тураҥҥын, модун долгуйууттан сүрэҕиҥ битиргэччи тэбэр, урутаан ороммут балык минньигэс сыта муннугар саба биэрэр…
Илими таһаарыы туһугар бэрээдэктээх: бэчимэни тардыһааччылар эрдэттэн күүтэн, икки өттүнэн сэлэлээн бэлэм тураллар, тыылаах дьоннор бэчимэ быатын уһугун быраҕан кыыраталлар эрэ сымса бэйэлээхтик хабан ылаллара уонна тэҥник сыыйа тардыбытынан бараллара. Илимнэр кэтит эҥээрдэригэр лаһыйа охсуоланар эмис бэйэлээх уомул балыктары, биир-биир мөҕөһүннэрбитинэн арааран ыланнар, мас хоруудаларга лоһугур гына түһүөхтэригэр диэри быраҕаллара. Бу кэмҥэ оҕо-уруу, дьахталлар уонна тэһийбэккэ кэтэспит ыттарбыт үөрүүлээхтик кыламмытынан бары тыылаах дьоммутугар саба сүүрэн киирбэппит. Балык түҥэтиллэрин тулуурдаахтык күүтэбит.
Дьоммут илимнэрин туһунан хоруудаларга чөмөхтүү бэрийэллэрэ, тыыларын кичэллээхтик кытылга өрө тардаллара, ол эрэ кэнниттэн балыгы түҥэтиигэ киирэллэрэ. Бастакы балыгы биир-биир ааттарынан ыҥыран ылбыт ыттарын иннилэригэр боччумнаахтык, дириҥ махталынан чөкө ууран биэрэллэрэ. Ыттар даҕаны кыана тутталлара, ыҥырыллалларын тулуурдаахтык көһүтэллэрэ. Балыкка тиксибит ыттарбыт барахсаттар өлүүлэрин ытырбытынан туораан тахсаллара уонна ахтылҕаннаахтык тиниктээбитинэн, тиистэрин тыаһа кычырҕаабытынан бараахтыыллара. Балыктарын сиэн бүтэрдэхтэринэ, хаарга чом сытан эрэ илин атахтарын тыстарын саланаллара, ыраас хаарынан тиистэрин-уостарын суунан, сирэйдэрин-харахтарын ньухханаллара. Биһиги дьоммут ыт көлөнү ити курдук убаастыыллара, ол иһин бастакы балыгы кинилэргэ амсаттахтарына эрэ нус-хас буолаллара.
Туораттан көрөн турдахха, ити истиҥ сыһыан уонна дьаһал олоххо илэ бааччы киирэрэ олус диэн долгутуулааҕа. Сотору кэминэн тыылаахтартан биирдэстэрэ бириһиэни ылан, тыы түгэҕэр тэлгэтэрэ. Ол кэнниттэн уомул талыытын ол үрдүгэр ууран сытыы саха быһаҕынан астаан-үөллээн тэлэкэлиирэ. Киһи айаҕар батарын курдук эмис үөрэҕэстэри быһыта баттаталаан кэрчиктиирэ уонна аа-дьуо туттан хас биирдиибитин ыҥыран ылан сиикэй балыгынан күндүлүүрэ, оҕолорго ытыспытыгар лобуччу ууран биэрэрэ. Ити курдук бары бастакы балыгы үөрэ-көтө амсайабыт. Биһиги диэки сиикэй да, тоҥ даҕаны балыгы тууһа-таймата суох сиирбит, арааһа, ити биһиги олохпут оччотооҕу кэмин биир ураты дьоһуннаах көстүүтэ эбитэ буолуо.
Сүрэхпит өрүкүйбүтүн сиикэй балыгынан хам баттаппыппытын, ахтылҕаммытын аһарына түспүппүтүн кэннэ, дьэ, эмис бэйэлээх уомуллары куулларга угаттаан ыалларынан тарҕаталлар. Быйаҥҥа тиксибит дьон киэбинэн уоппут-күөспүт сандааран олорон сааскы ырбыы балыгын бөһүөлэк ыала бары күөстэнэбит, аһаан-сиэн бөҕөхсүйэбит, ол биһиэхэ олус диэн наада этэ.
Үөспүт мууһа көтөҕүллэн Хотугу Муустаах Байҕал хомотугар киирэн толору ырааһырара өр кэми ылар. Хомо мууһун үлтү сынньар күүстээх тыаллар түһэллэр, ол кэмҥэ балыктыахтааҕар буолуох таһырдьа да быктарбат күчүмэҕэйдэрдээх түгэннэр баар буолалларын санатарым наада. Бу кэмҥэ сааскы ырбыы уутуттан тииһиммит быйаҥмытын – эмис уомулларбытын сиэн-аһаан, ити күчүмэҕэйдэри туоруубут, тыын ылабыт. Сааскы ырбыы балыгыттан тииһинэн хаалыы хотугу дойду олохтоохторугар ити курдук сүҥкэн улахан суолталаах. Мин билигин даҕаны ол кэми суохтуубун. Сааскы ырбыы уута биэрэр балыгар. Ол үөрүүтүгэр туох тэҥнэһиэ буоллаҕай?!
Аймах-хаан тамайан кэлэн барбыттара буолуо…
Тоотук дьонунуун Саһыллаах үөһүгэр сайылаабыттара. Хоту да дойдуга балаҕан ыйын ортотугар, үс-хас хонукка, дойду сиринии, куйаас күннэр буолуталаан ааһааччылар. Булчуттар бу күннэри боротуохалар сэлээннэригэр көрсөөччүлэр. Эмискэ түһэр куйаас күннэр ыгыыларын тулуйбатах уойбут кыыл табалар уулаах сирдэри былдьаһаллар. Сөрүүкээн тыын ылаары, боротуохалары быһа харбаталаан тахсаллар. Ол кэмҥэ тоһуйан, тыынан тылбаардан киирэн, сааны тыаһаппакка эрэ, үҥүүнэн кэйэн бултууллар.
Булчуттар кыылларын этин уһун ураҕастарга үөлэн, салгыҥҥа хатараллар. Итинник ньыманан бэлэмнэммит эт олус минньигэс буолар. Буһарбыт эттэрин сыатын хастаан ылан хаһааналлар. Оннук куруламмыт сыаны кыһыны быһа сиэниллэр. Тумат туундаратыгар, хахха буолар ото-маһа суох буолан, кыыл таба кыһынын тохтообот. Кыһынын сиир эттэрин бу эрэ күннэргэ булуналлар. Инньэ гынан, Тоотук аҕата иккиэ буолан бултуу барбыттара бүгүн үһүс күнэ.
Тоотук дьиэҕэ ийэтиниин иккиэйэҕин хаалбыттара. Уолчаан, өрүүтүн буоларын курдук, «кыыллыы» сылдьыбыта. Күтүр улахан буураттар муостарын төттөрү-таары сүгэриттэн сылайа быһыытыйан, дьиэ күлүгэр кумахха лаҕыччы олорунан кэбиспитэ. Куйаастан уҥааҕырҕаабыта. Устунан утуктаан киирэн барбыта. Өйө бааллыбыта эбитэ дуу? Түүл диэҕин түүл буолбатах, илэ диэҕин илэ буолбатахха дылы этэ. Түннүк үөһээҥҥи бастыҥатынан холобурдаах үрдүктээх, хантаччы хаппыт ынах этэрбэстээх, уһун кубархай дьүһүннээх, туруору саҕалаах ырбаахытын ортотунан тирбэҕэ быанан курдаммыт, уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүт киэҥ харахтаах, саҥардыы бытык торумнанан эрэр, хаһааҥҥыта эрэ көрбүт киһитин санатар оҕо киһи аттыгар эмискэ баар буолан хаалбыта.
Кини Тоотугу адьас билэр киһилии туттара. Талах иһиттээҕэ. Онтуттан талах оонньуурдары хостоон ылан, Тоотукка биэрбитэ. Оонньообуттара. Дьиктитэ баара: саҥа таһааран кэпсэппэтэллэр даҕаны, олус бэркэ өйдөһөллөрө. Онон тылынан быһаарсарга соччо-бачча наадыйбаттара. Дуоһуйа оонньообуттара. Анарааҥҥыта, күн ыраатта диэбиттии, талах оонньуурдарын эйэ дэмнээхтик хомуйан ылбыта. Кинилэр ити курдук арахсыбыттара.
Тоотук итини түһээбитин да, илэ көрбүтүн да бу диэн араарбат. Ол кэнниттэн киһитэ биирдэ да кэлэн оонньоспотоҕо. Уолчаан сааһа кыра буолан, барытын ситэрэн-хоторон өйдөөбөтө. Арай олус табыллан туран дуоһуйа оонньообуттарын туһунан үтүөкэннээх өйдөбүл баар. Өр оонньообуттара. Оччотугар ийэм биһигини көрбүт буолуон сөп дии саныыра. Кырдьыгы билиэн баҕарара батарбатаҕа.
– Ийээ, мин оннук оҕолуун, оннук талах оонньуурдарынан оонньообуппутун көрбүтүҥ дуо, ээ? – диэн үрүт-үөһэ ыйыт да ыйыт буолбута.
– Суох, тоойуом. Эн хаһан да оннук дьүһүннээх-бодолоох оҕолуун, оннук талах оонньуурдарынан оонньооботоҕуҥ. Түһээбиккин этэриҥ буолуо. Киһи ардыгар түүлү илэ буолбут курдук эмиэ ылынааччы ээ, – ийэтэ уолугар өйдөтө сатаабыта.
Ити Тоотугу астыннарбатаҕа. Кини чахчы сүрдээх уһуннук дуоһуйа оонньообута, ол оҕолуун. Өтөрүнэн ооньууттан оннук дуоһуйууну ылбытын бу диэн өйдөөбөт. Уолчаан хас да хонон баран, ийэтиттэн эмиэ ити туһунан ыйыппыта.
– Бу уол лэбээрин көрүөҥ этэ. Итиччэтигэр ол оҕо хантан кэлбитин эйиэхэ көрдөрөн тэйиэҕим, – диэбитэ.
Уһугар тиийэн, кыыһырсыы буолбута.
Ийэтэ Тоотугу илиититтэн бобо харбаан ылбыта уонна олорор биэрэктэрин хотугу хордоҕоһун туһаайбытынан сиэтэн дэллэриппитэ. Уолчаан суос бэринэн, ытаан марылаабыта. Ити курдук ыйы-хайы бүрүммүтүнэн хордоҕоско тиийбиттэрэ.
– Көр бу! Бу балар көннөрү быллаардар буолбатахтар. Манна дьоннор көмүллэ сыталлар. Ол сордоохтор сэрии саҕана манна үүрүллэн кэриэтэ ыраах Чурапчыттан, сирдэриттэн-уоттарыттан, фронт туһатыгар балыктыы диэн, көһөн күккүрээн кэлээхтээбиттэрэ. Оҕолор эмиэ бааллара. Үгүстэрэ айаҥҥа тымныйан, ыалдьан өлбүттэрэ. Бэрт аҕыйах киһи тыыннаах ордубута… – ийэ киһи санаатыгар харан, хараастан турбута.
Тоотук ытаабыта. Ийэтэ уолун өрө тарпыта. Таҥаһын буорун тэбээбитэ уонна:
– Араас аньыыга киһини тиэрдэҕин ээ… Ол уһун эрэйдээхтэр дууһалара аны да айанныы сырыттахтара. Биир кэриэс маһа да суох көмүлүннэллэр даҕаны, дьоннор этилэрэ буоллаҕа. Олор барахсаттар дойду оҕото, дойду хаана-сыдьаана диэн, аймах-хаан тамайан, кэлэн оонньоһон бардахтара. Ол иһин сүрэххин-быаргын хамсаппаттар, куттаабаттар. Өйдөөтүҥ дуо, нохоо? Аны мантан ыла итинэн ыаһыйалаама. Кимиэхэ даҕаны кэпсээмэ. Манна биһиги дойдубут дьоно сытаахтыыллар, – Ааныс уолун кууспутунан туран, ытаан барбыта.
Тоотук ол оҕо киһилиин оонньообутун билигин да умнубат. Киһи өйө-санаата сүрдээх да дьиибэ. «Оонньоспутум да үчүгэй эбит. Кини эмиэ дуоһуйбут көрүҥнээҕэ. Ол уһун эрэйдээх үйэтигэр, баҕардар, ити биирдэ дуоһуйа оонньообута буолуо. Ол сордоох дууһата нус-хас буолуутугар көмөлөспүтүм буолуо дуо? Кэлин биирдэ да көстөөхтөөбөтөҕө. Онон буоллаҕына, дуоһуйа оонньообута чахчы», – дии саныыр Тоотук.
Сэрии иэдээннээх кыһарҕана фронт уотунан түллэн ааспыт эрэ сирдэринэн кэлэн барбатаҕын, ол иэдээн Чурапчы дьонун-сэргэтин өрөспүүбүлүкэбит хоту өттүгэр – Булуҥ, Эдьигээн, Кэбээйи оройуоннарыгар көһөртөөн, балык булдугар биэс тыһыынча кэриҥэ дьону үүрэн-үтүрүйэн киллэрбиттэрин, олортон икки тыһыынчаттан ордуга өлөн-сүтэн, бу туундара улуу үөстэрин былаһын тухары кырамталара хаалбыттарын Тоотук кэлин улаатан баран сиһилии билбитэ.
Оттон кини бу иэдээҥҥэ түбэспит уһун сордоохтордуун көрсүһүүтэ, дьиҥэр ылан эттэххэ, Саһыллаах үөһүн ити биир күһүҥҥү күнүттэн саҕаламмыта.
* * *
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?