Текст книги "Киһи биирдэ олорор"
Автор книги: Софрон Данилов
Жанр: Литература 20 века, Классика
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 41 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]
Софрон Данилов
Киһи биирдэ олорор
Киһиэхэ саамай күндүтэ – олоҕо.
Киһиэхэ олох биир төгүл бэриллэр,
ону көлдьүннүк бараатым диэн
кэмсинэн муҥнаммат гына,
сидьиҥник, тирбэҕэлэһэн аһарбыт
кэмиҥ иһин саатан сир-буор
сирэйдэммэт итиэннэ өлөөрү
сытан: “Олохпун бүтүннүүтүн, күүс-
пүн бүтүннүүтүн сир үрдүгэр баар
саамай кэрэ суолга – киһи аймаҕы
босхолуур иһин охсуһууга биэрдим”, –
диэн этэр гына олоруохха наада.
Н.А.Островскай
Бастакы чааһа
1
Кыһыҥҥы кылгас күн киэһэрэн, им сүтэн барда. Уһуга-муҥура биллибэт халыҥ тайҕаны соҕурууттан хоту хайа солоон түһэр Амма өрүс көҕөрө тумарыктыйбыт хаардаах сыһыылара суһуктуйдар суһуктуйан, уҥуоргу хара тыаны, күлүгүрбүт халлааны кытта силбэһэн, боруора симэлийэн истилэр. Тыаһа суох үөмэн, чугаһаатар чугаһаан испит барык улам хойдон, харааран, уһун субурҕа мырааннары, өрүс туналы маҥан иэнин, бөлкөй талахтардаах кытыллары, аппалары, томтордору, сыһыынан сыыйыллар киэҥ айан суолун бүтүннүүтүн ыйыстан кэбистэ. Бу орто аан дойдуга субу саба халыйан сири-халлааны силбэһиннэрбит хараҥаттан, киһи тыынын-быарын тумнарар бытарҕан тымныыттан ураты туох даҕаны суоҕун курдук. Арай илиҥҥи мыраан анныгар, сыһыы хонноҕор, хараара багдайбыт балаҕан үөлэһинэн түүтэх кыымнар өрүтэ ыһыахтаналлар. Хамнаабат халыҥ хараҥа олору даҕаны, үөлэстэриттэн ыраатыннарбакка, сабыта тутан киэҥигэр кистээн иһэр.
Тымтар тымныылаах им балай киэһэ өссө ордук хабараан тымныылаах бүтэй хараҥа түүнүнэн солбуллара чугаһаата.
Үөлэс кыымнара аҕыйыылларын саҕана балаҕан хаһаайына Миитэрэй Аргыылап оҕонньор таһырдьа таҕыста. Кини бэргэһэтин кулгааҕын сэгэтэн тэлгэһэҕэ, ат баайар сэргэ аттыгар, чочумча иһиллээн турбахтаата. Туох да биллибэт, им-ньим. Антах, дал диэки эрэ сылгылар хаамсан куучурҕаһаллар. Оҕонньор балаҕан иннигэр барыһан турар ампаардарын күлүүстэрин тардыалаан көрүтэлээтэ. Урут дьиэ-уот хатыылааҕар дуу, суоҕар дуу соччо кыһаныллыбат буолуллара. Аны киһи күлүүһү даҕаны эрэммэт кэмэ кэллэ. Аан дайды атыйахтаах уу курдук аймаммыта түөрт-биэс сыл буолла. Ол тухары сарсыҥҥы күнү мин чахчы көрүөм диэн киһи иннин кыайан быһа этиммэт үлүгэрэ түбүлээтэ. Билигин даҕаны уруккулуу нус-хас олох өтөрүнэн эргийэр чинчитэ биллибэт быһыылаах. Аҕыйах сыллааҕыга диэри Аргыылап оҕонньор улахан атыы-тутуу, кэлии-барыы ааныгар, Ньылханныыр суол чугаһыгар, олоробун диэн астына саныыра. Манна балаҕанын түһэриммит эһэтэ оҕонньору ырааҕы эргитэ саныыр кырдьаҕас эбит диэн иһигэр хайгыыра. Онтуката бу сылларга букатын атыннык көрөн таҕыста. Бу суолунан түүн-күнүс аарыгырар кыһыллар саа бырыкылаатынан дибдигирэйэн атын, аһын-үөлүн тутан бардахтарын ахсын аны былыр үйэҕэ өлбүт эһэтин үөхсэн кыбдьыгырыыр идэлэннэ: “Түөһээҥки, ак-каары! Суол ааныгар ордууламмыт буола-буола!..”
Аргыылап ол-бу диэки олоотоон эмиэ иһиллээмэхтээтэ уонна тугу эрэ күүппүт курдук эргичиҥнээтэ. Туох эрэ итэҕэскэ дылы. Туох? Оҕонньор умса көрөн турбахтаата итиэннэ дьэ өйдүү түстэ. “Ээ, сөп!.. Били барахсаным… Баһырҕаһым… Киэһэ ахсын бу курдук ампаардарым күлүүһүн көрө таҕыстахпына, ойон кэлэн икки илин атаҕынан түөспэр чарбачыйан эккэлиир буолаахтыыра…” Аргыылап хараҕын кырыытынан ампаар муннугун диэки хараарар ыт уйатын көрөн ылла. Итиннэ билигин кураанах. Үнүрүүн эмиэ көлө, ас көрдөөн дибдигирэйбит кыһыл саллааты уйатыттан сулбу ойон тахсан түҥнэри көтөн кэбиспитэ. Онуоха иккис кыһыл саллаат ыт төбөтүн хампы ыппыта.
Оҕонньор онно аны бэйэбин кытта ытыахтара диэн дьулахачыйбыта. “Баһырҕас эрэйдээх иччибин көмүскэһэбин диэн өлөөхтөөбүтэ. Ыт акаары дииллэр да, барахсаныҥ ким кыһылын, ким үрүҥүн хата эндэппэккэ билээхтиирэ. Кыһыллар эрэ кэллэллэр, уйатыгар киирэн ырдьыгыныы сытар буолаахтыыра… Үрүҥнэргэ эккэлэс бөҕө этэ… Ээ, чэ!..” Аргыылап, күрдьүккэ баран турбахтаат, балаҕаныгар киирдэ. Балаҕан таһырдьаттан хараҥаҕа эрэ улаатан көстүбэт, иһирдьэ киирдэххэ да, кырдьык, киэҥ уорук эбит. Аҕыс саһаан усталаах, биэс саһаан туоралаах толуу бэрэбинэ балаҕан ортотунан хаппытаалынай истиэнэнэн быыһаммыт. Бэтэрээ өттө – үрүҥ аҥаар, дьиэлээх тойон бэйэтэ дьонунаан олорор өттө, анарааҥҥы – хара дьиэ, хамначчыттар, чаҕардар уйалара. Ол дьиэ бэйэтэ кэннинэн таһырдьа тахсар туспа ааннаах. Ону таһынан өссө тэлгэһэҕэ чугас туруору эркиннээх балаҕан баар. Онно эмиэ илии-атах дьон олороллор. Үрүҥ аҥаар хара дьиэ өттүгэр икки хаппахчылаах. Хаппахчылар иккиэн анараа да, бэтэрээ да тахсар ааннаахтар. Балаҕан киирэ түһээти кытта көстөр өттүн түгэҕэ хос ортотугар диэри соҕуруокканан быһа анньыллыбыт. Үрүҥ аҥаары икки сирэйдээх баадай бэйэлээх көмүлүөк оһох ититэр эбит. Оһох биир сирэйэ бэттэх, киирэ түһэр хос диэки, иккиһэ тойонноох хотун сытар түгэх хаппахчыларын диэки хайыспыт. Улахан балаҕан хара аҥаарыгар уонна тэлгэһэтээҕи кыра балаҕаҥҥа урут аҕыс-сэттэ кэргэн ыга симсэн олорор буолаллара. Ол аны аҕыйаан турар. Кыһыллар былаастара олохтоноотун кытта түөрт хамначчыт ыал арахсан өссө саҥа былааһынан кыһарыйтаран хамнас уурдаран, сүөһү-ас чаастатан ылан, туспа буруо таһаарыммыттара. Билигин тэлгэһэтээҕи балаҕаҥҥа Хоохойдоох диэн элбэх ньидьири оҕолоох ыал, оттон хара аҥаарга былыргыта олус баартаах булчут кырдьыбыта, оҕото-уруута суох Айаһыт оҕонньор эмээхсининээн итиэннэ Халытар диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэппэт сымыйа-кырдьык иккэрдинэн сиикэрик тыллаах-өстөөх, дэбдэҥ, өйүнэн да соччо чуолкайа суох гынан баран кыайыылаах туттуулаах, хотуулаах үлэһит киһи олороллор. Олор аны хамначчыт диэн аатырбаттар. Дьукаахтар диэн буолаллар. Арай үрүҥ аҥаарга тойотторун кытта бииргэ олорор, үйэтин тухары кэргэн, оҕо диэни билбэтэх саас ортолоох Суонда хамначчыт аатырыан сөп этэ. Иллэрээ сыл өрөпкүөмнэр хамначчыттанаргын уурат диэн Аргыылабы ыкпыттара. Онуоха оҕонньор Суонданы барар буоллаҕына бардын, мин төрүт туппаппын диэбитэ, өссө ааһа түһэн, хамначчыт аатыран миигин сирэй-харах астара сылдьыбатын, араҕыстын, инньэ диэн эһиги киниэхэ тылгытын ылыннарыҥ диэн өрөпкүөмнэртэн бэйэлэриттэн көрдөспүтэ. Өрөпкүөмнэр баай батталын, хамначчыт сордоох дьылҕатын, көҥүл үчүгэйин туһунан араас элэ-была тылларын этэ сатаан кэбиспиттэрэ да, Суондалара Аргыылап оҕонньордоохтон арахсарга төрүт сөбүлэспэтэҕэ, наар төбөтүн илгистэ олорбута. Онон көҥүл өттүнэн, ону ааһан хара күүһүнэн хаалбыт киһини хамначчыт диир хайдах эрэ сатамдьыта суохха дылы. Ол эрээри дьиҥэр ама кини хамначчыт буолбатаҕына, ким хамначчыт аатырыан сөбүй?
Дьиэлээх тойон, таһырдьаттан киирэн, аан аттыгар сыгынньахтанан, онон-манан соролообут тииҥ истээх сонун ыйаан, эргэһиэр быыһык бэргэһэтин, кытарымтыйбыт саарба кутуруга моойторугун, уостаах сарыы үтүлүгүн оһох иннигэр кирээдэҕэ ууран баран, сөҕүрүйэн эрэр уокка аргынньахтаан багдаллыбыт Суондаҕа дьаһайар быһыынан эттэ:
– Утуйаргар үөлэскин бүөлээр, ааҥҥын хатаар эрэ.
Анараа киһитэ, тойонум саҥарда диэн соччо ороһуйбакка, көхсүн түгэҕэр иһиллэр-иһиллибэттик хордьугунаата:
– Ыык…
Дьиэлээх тойон хаппахчыга киирдэ. Кэргэнэ хайыы-үйэ орон түгэҕэр түһэн истиэнэ диэки хайыспыт. Аргыылап урут утуйар үчүгэйин, минньигэһин туһунан этэллэрин сонньуйа истэрэ. Сүрэҕэ суохтар дойҕохторо диирэ. Киһи төбөтүн уурдар эрэ хайаан да туох да тутула суох утуйуохтааҕын курдук саныыра. Хата кыратык утуйар киһи абыраныа, үлэни-хамнаһы ордук үмүрүтүө этэ диирэ. Ол аньыытыгар буолуо, утуйар уу диэн күндүтүн бу дьылларга дьэ бэйэтин этинэн-хаанынан биллэ. Утуйбат диэн баар эбит бу күн сиригэр саамай улахан сор. Бу да киэһэ Аргыылап уута кэлэн быстыбата. Хараҕын симнэр эрэ, урукку, билиҥҥи кэм туһунан, ииссибит илим курдук, ииччэх-бааччах санаалар сүтэ-сүтэ күөрэйэн кулахачыһан бараллар. Ол ахсын халтаһата улам ыпсыспат буолан кэлэр. Оһох уота бүтээтин кытта тас аан диэки мурун хаһыҥыраата. “Били баҕайы төбөтүн сыттыгар даҕайыа эрэ кэрэх, – Аргыылап хамначчытын сөҕөн дуу, мөҕөн дуу чыпчырынан кэбистэ. – Ити күтүр туох санаалаах буолан утуйбакка эрэйдэниэй? Хаарыаны!..”
Итинник бэйэтэ да сөбүн эрэйдэнэ сыттаҕына, аны улаҕа диэки суорҕана дьигиҥнээн барда. Киҥэ холлон сытар оҕонньор абатыйан орон түгэҕин тоҥолоҕунан хаһыйбахтаата.
– Өссө тугуҥ тутах буолан сыҥыргыы сытаҕын? Эмиэ кыыскын санаан ытаан ыгыллаҥнаатыҥ дуо? Куттаныма: кыыскын туох да сиэ суоҕа. Бэркэ муҥутаатаҕына эргэ барыаҕа. Хата уолгун санаа. Өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт уолгун. Кини туһугар таҥараттан көрдөс. Ол туһалаах буолуо!..
Суорҕан ньим барда.
Аргыылап уута букатын көтөн хаалла. Өр сытта. Кэнникинэн кыыһырбыта улам уҕараата. Абатыйбыт уоҕа ааһыыта аны кэмсинэ быһыытыйда. Соҕотох мин эрэ уһун түүн утуйбакка килэччи көрөн тахсабын диэн алдьаммыта, Ааныһа эмиэ санаарҕаан, мунчааран муҥнана сытар эбит. Ону аралдьытыан, уоскутуон оннугар күргүйдээн бобуллаҥнаата дии. Ол эрээри, киһи кыыһырыах, Ааныс даҕаны көхсүнэн сытан көрсөр дии. Итиэннэ “манныктан мунчаарабын” диэн саҥа таһааран кэпсиэн даҕаны тоҕо сатамматый?.. Оннугун оннук буолуо да, кырдьыга, хаһан эйэргэһэ үөрэнэн илиитин даллатан тоһуйуой? Уонна киһи кэм сэҥээрэр, сэлэһэр киһитигэр онтун-мантын кэпсиирэ буолуо. Кинилэр буоллаҕына отуттан тахса сыл бииргэ олордулар да, истиҥник эйэргэһэн хоммут түбэлтэлэрин Аргыылап дьиҥэ бэрт ахсааннааҕы өйдүүр. Эдэрсин эрдэхтэринэ аҕыйах оннук түбэлтэ баара. Баар быһыылааҕа. Билигин, кырдьан-бохтон, кэлэр-барар кыах мөлтөөбүтүн, күүс-уох аҕыйаабытын кэннэ санаатахха, ойох киһиэхэ кини хаҕыс соҕус эр эбитэ буолуо ээ.
Дьахтар муҥнааҕыҥ кэм эйэргэһэри, атаахтыыры, имэриттэрэри-томоруттарары, сыллатары-ууратары, сымнаҕас сыһыаны, сылаас хоонньу сөбүлүүр буолуохтаах. Оттон Аргыылап мөҕөр, дьарыйар күргүйтэн, ардыгар сутурук да ыарыттан, хаһан эмэ таҕылы тарҕатан тиргиллэртэн ураты тугу биэрдэ киниэхэ, хоойго сытыарар хотун ойоҕор? “Хотун ойох…” Кырдьыга, Аргыылап кинини соччо-бачча хотун да курдук санаабат, бэйэтигэр тэҥнээбэт, дьүөрэлээбэт этэ. Аҕата оҕонньор ыаллыы улуус баайын кыыһын ыллаттараары гыммытын буолуммакка, сэргэ нэһилиэк сэниэ эрэ соҕус ыалын кыыһын кэргэн кэпсэппитэ. Дьүһүнэ тупсаҕайыгар умсугуйан. “Кэпсэппитэ” диэн, тылга эрэ итинник. Дьиҥэ кыыһы кытта кэпсэтэр, кини сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин ыаспыйалаһар диэн кэлиэ дуо? Ымсыы соҕус аҕатыттан син көбүччү харчыга, отучча сүөһүгэ атыылаһан ылбыта. Ол да иһин эбитэ дуу, кини кэргэнин хара маҥнайгыттан атыылаһыллыбыт мал, кэрэ, кыраһыабай мал кэриэтэ көрбүтэ. Бу мал киниттэн тугу даҕаны, истиҥ сыһыаны, ичигэс тылы, эйэргэһэр тапталы даҕаны эрэйэр бырааба суоҕа. Кини соруга диэн эрин наадатын толоруу, кини дьиэтин-уотун көрүү эрэ этэ. Хайа уонна таптаһан илэ-сала көтүһэргэ соло-билэ наада ээ. Аргыылап буоллаҕына сүһүөҕэр туруоҕуттан биир кэм тыын былдьаһыгынан сылдьар курдуга: баранары-уҕарыыры билбэт үлэ-хамнас, атыы-тутуу, кэлии-барыы. Ол үлүскэнигэр күнэ-түүнэ да тиийбэт, түптээн да утуйбат этэ. Ыгылыйбыт киһи илиитигэр туох түбэспитин хабыалаан ааһарын кэриэтэ кини суорҕан анныгар тиэтэйэ-саарайа киирэн тахсара. Онно хайаан силигин ситэрэн эйэргэһэ, сыллаһа-уураһа сатыы сылдьыаҕай?
Билигин өйдөөтөххө, Ааныс бастаан сүктэн кэллэҕин утаата сымнаҕас илиини, итии сүрэҕи, уоттаах уоһу эрэйэр эбит быһыылааҕа. Биирдэ улаҕа диэки хаһыйыллан баран, ытамньыйа-ытамньыйа, хоргуппуттуу тыл ыһыктыбыттааҕа: “Айыкканыый… Мин эмиэ ыалдьар эттээх, тэбэр хааннаах киһибин ээ…” Ону оччотооҕуга улахаҥҥа ууруллубатаҕа.
Төһө да мал кэриэтэ атыыланан кэллэр, Ааныс, аны санаатахха, кинини чахчы сөбүлүүр, таптыыр этэ. Ханна эмэ өр буолан кэллэҕинэ, үөрэн, сирэйэ оҕолуу мичилийэн, сардаҥаран көрсөрө, арыт утуйа сытан уһугуннаҕына кини ойоҕоһугар сымнаҕас түөһүнэн саба түһэн ыга кууспут, төбөтүн кини төбөтүгэр холбуу аспыт буолара. Ону баара киһи утуйарын мэһэйдээмэ диэн халбарыччы анньан кэбиһиллэрэ. Хардата суох таптал өр буолсу дуо, сотору сойон, эйэҕэс мичээр тымныы хараҕынан, сылаас тыл тоҥуй саҥанан, чаҥкынас күлүү ньимийбит уоһунан солбуллан барбыттара. Бу курдук, биир суорҕанынан саптар эрээри, икки тус-туспа оронноох курдук, орон икки өттүгэр чугаһаспакка сытар буолбуттара, арааһа, сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Оо, ырааппыт даҕаны…
Аргыылап аттыгар Ааныс мэлдьи баар буолуохтааҕар үөрэнэн хаалбыт. Мэктиэтигэр бу сэргэ киһи сылдьар ээ диэн соччо баардылыы да санаабакка дылы. Арай суох буолан хааллар, итэҕэстийэ саныа эбитэ дуу. “Муҥнаах… Ити курдук эдэр сааһыттан эмээхсин буолуор диэри мин туспар, мин оҕолорум тустарыгар букунайан, хардата диэн биир ичигэс тылы истибэккэ, олох олорон бүтэн эрдэҕэ дии”. Аргыылап оҕонньор бу билигин, кырдьан баран, эргитэ санаан көрдөҕүнэ, дьиҥ эрэллээх киһитэ диэн соҕотох бу кини, кэргэнэ Ааныс эрэ эбит. Ону баара… Киһи бытыгын быһа үктээтэҕинэ биирдэ өйдөнөр дииллэрэ чахчы буоллаҕа.
Аргыылап улаҕа уунан суорҕаны таарыйда:
– Ааныс…
Харда иһиллибэтэ.
Аргыылап төбөтүн өндөтөн иһиллээтэ: уһуктаҕас. Кини, суорҕан саҕатын арыйан, хатырбыт бакыр тарбахтарынан дьахтар төбөтүн холустук имэрийдэ:
– Аа… ныс… Кыыһырыма… дуу…
Дьахтар ибир да гыммата. Аргыылап, урут соччо-бачча ыйыта барбакка да эрэ тутар-хабар бэйэтэ, бу сырыыга хайдах эрэ бохсуллубут курдук буолла. Кини, саҥата суох сыппахтыы түһэн баран, үөһэ тыынна уонна дьахтары санныттан аргыый эргилиннэри тардан көрдө да, анарааҥҥыта буолуммата, эрчимнээхтик хамнанан кини ытыһын төлө илгиһиннэ. Сибилигин аҕай сыалыһар быарыныы сымнаабыт Аргыылап айа кирсинии быыппаста түстэ, ытыһын тилэҕинэн дьахтары көхсүттэн истиэнэ диэки умса аста:
– Өссө… ол-бу буолардаах… Сүптүр…
Аргыылап оҕонньор хабырынан кычыгыратта. “Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас” дииллэрэ чахчы. Киһи эккэлэтээри гыннаҕына аны өсөһөн өрөлөһөр дии. Били манныгы ситиһээри. Ак-каары! Аны мин ааттаһарбын көрбөтөх да, истибэтэх да баҕайыҥ ини. Баҕарыам да, мин эйигин хайдах таптыырбынан тутуом: анныбар баттаатахпына да көҥүлүм, баттаххыттан состохпуна да көҥүлүм. Эн ол көхөҕө ыйаабыт соммуттан туох атыннааххыный? Суох. Син биир мин бас билэр малым буолаҕын. Атыныҥ диэн тыынар тыыннааххын эрэ. Уонна өссө буолумматтаах ээ. Үөдэни баара, мин өссө таптыыр этэ диэн сылаанньыйбытым ээ, ааргы! Таптаабатах баҕайыта ини. Хата абааһы көрөр. Ол кырдьык. Өссө бэйэтэ эрэ да буолбатах – кыыһа эмиэ. Кыыһа сатана быһайын куораттан сынньалаҥар тахсан олоро түһээри сүгүн кэпсэппэт, хаан өстөөҕүн кэриэтэ көрөр-истэр этэ. Мантан инньэ, арыый нам-нум буоллаҕына, барахсаттарбын кэһэтэлиир инибин. Ол-бу буолан муунньаҥнаспыккытын кэмсиннэриэм. Чэ, сатаналары ыаһахтаан…”
Аргыылап хараҕын симнэ. Аралдьыйаары туох эмэ үчүгэй туһунан саныы сатаата да, оннук айылааҕы тугу да чопчу өйдөөбөтө. Кини төбөтүгэр наар хатыылаах санаалар күөрэйэ тураллар. Ол курдук утуйар-утуйбат иккэрдинэн үдүк-бадыкка түһэн сыттаҕына, эмискэ сүрдээх үлүгэр тыас тоҕо барда. Аргыылап оҕонньор соһуйан өндөс гыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Кини, чочумча өндөйөн сыппахтаат, дьиэ муннугун муус сыбаҕа дэлби ыстаммытын өйдөөн, ботугураан үөҕүстэ.
“Саа тыаһыгар дылы буолан… – дии санаата кини. – Эчи, дьиэҥ аттыгар сэрии тыаһа түптэлэстэҕинэ даҕаны киһи дьиктиргээбэт үйэтэ кэллэ. Ити суолунан бу сылларга үрүҥ, кыһыл бөҕө субуһан ахан биэрдэ. Аны билигин илин, Охуоскай кытылыгар Айааҥҥа, Бэппэлээйэп кыньараал Дьоппуонньаттан кэлэн халыҥ аармыйаны сүөкээбит үһү диэн сурах баар. Төһө кырдьыга-сымыйата биллибэт. Таҥара туһугар кырдьык буоллар сөп этэ. Сатаатар оҕом Бэлиэрий тугу да биллэрбэт. Инньэ быһаас Артыамыйабы кытта барсыбыта да, ол аньыыта онон. Чэ оҕом, бэйэм туйаҕым, төбөлөөх соҕус уол буолуохтаах этэ, айа кылын тумна хаамар ини…”
Санааттан санаа ситимнэнэн истэ. Аргыылап оҕонньор мааҕын ампаардарын күлүүһүн тардыалаталаан көрбүтүн санаан сонньуйда. “Тугу эрэ симэн сытыарарга дылы хатыыбын ээ. Хата “табаарыстарга” былдьаппатаҕым. Арыый хойутаан кэлэннэр, ханнык эмэ тобох-ибэх туораах бурдук баарын эрэ хоруйан барбыттара. “Баайгын ханна кистээтиҥ?” – диэн онно-манна соһон дибдийэ сатаабыттара да, сиһим үөһэ быста илигинэ кинилэргэ эппэтэх баҕайым ини. Баайы мүччү туппут абаларыгар: “Хомуунаҕа дьиэҕин былдьаан ылыахпыт, бэйэҕин сир-халлаан иккэрдигэр үүрүөхпүт”, – диэн айаҕаламмыттара да, кэнникинэн ылы-чып бардылар дии. Бука, Бэппэлээйэп сураҕа уйаларыгар ууну киллэрдэҕэ. Ол кыньараал кэлэн урукку былааһы олохтоотор, хомууна буолан хончоҥноспут илэчиискэлэри сөптөрүн көрдөртүөм этэ. Дьэ бэйи…”
Оҕонньор баайын тутуу баттаһан хара тыаҕа таһааран көмөн куоттарбытыттан, сотору, баҕар, урукку олоҕум эргийиэ диэн эрэх-турах санаатыттан көнньүөрдэ. Кини ити ичигэс санааларыгар бигэтэн устунан нухарыйан барда.
Нухарыйан түлэс-балас сытан, Аргыылап оҕонньор ыраах, инньэ айан суолун диэки сыарҕа кыыкырдыырын чуор кулгааҕынан иһиттэ. Сыарҕа улахан суолтан туораата, бэттэх салалынна быһыылаах: тыаһа эбилиннэр эбиллэр. Чугаһаата. Сырылатан түргэн айаннаах киһи буолаарай. Тыый, субу тиийэн кэллэ дии. “Түүл дуу, илэ дуу?” – дии санаабытынан оҕонньор хараҕын аста. Чөрбөйдө. Чахчы эбит. Тэлгэһэ сүрдьүгэс аанын аһар. Иһирдьэ киирдэ. Сэргэҕэ тохтоото. Хайалара буоллаҕай? Эмиэ өрөпкүөмнэр баҕайылар ньэҥньийэн, дибдийэн баай булаары түүннэри сирэйдэннилэр буолуо дуо? Аргыылап төбөтүн өндөтөн иһиллээн сытта. Оо, айыы таҥара, сатаатар түүн да сүгүн утуттахтара дуу…
Ааны тоҥсуйдулар. Бастаан оргууйдук, онтон улам күүстээхтик. Суонда баҕайы уһуктуо суох: муннун тыаһа сааскы күрүлгэн кэриэтэ куп-курулас.
– Суонда! Нохоо!
Хата мурун тыаһа эбии улаатта: өрүс мууһа эстэригэр маарыннаан барда.
Ааны аны тэбиэлээн кибиргэттилэр.
Аргыылап, уоһун иһигэр “утуйан оҥторбут” хамначчыты, “түүннэри түбүлээбит” түөкүнү үөхсэ-үөхсэ, тиэтэлинэн этэрбэһин анньынна. Тахсан иһэн кэргэнэ, суорҕанын саба тардынан, оронугар хоройон олорорун көрөн аһарда. Харбыалаһан аан тимир күрүчүөгүн булла. “Кимҥиний?” диэн тахсыахча буолбут саҥатын төттөрү ыйыһынна. Ыйытан да диэн, сөбүлээбэт киһигин киллэрбэт кыахтааххар дылы. Билигин саалаах барыта тойон. Күрүчүөгү үөһэ эстэ. Тымныы аҥылыс гынна. Үллэҕэр саҕынньахтаах киһи ааны бүтүннүүтүн киэптээн иһирдьэ киирдэ.
– Дорооболоруҥ! Маннык кэмҥэ утуйаргыт кытаанаҕа сүрүн!
Аргыылап оҕонньор сэрэхэчийэн, дьиксинэн тилигирии мөхсө турбут сүрэҕэ тохтоон хаалбыкка дылы буолла. Тыынын кыайан ылбатахтыы кэлэҕэйдээтэ:
– Бэ… Бэлиэрий?..
– Мин. Мин, аҕаа, – тоҥмут, кэһиэхтээх куолас хардарда. – Суондаҥ ханнаный? Баар дуо? Тоҕо үнтү тэбиэлээн туруорбаккын?
Таһыттан киирбит киһи испиискэтин “сыр” гыннарда. Аан ороҥҥо саҥардыы уһуктаары ыҥыранан эрэр киһиэхэ дьулуруйан эрдэҕинэ, аҕата сиэҕиттэн тарта.
– Кэбис… аны… – диэн ботугураата оҕонньор уонна бэйэтэ ороҥҥо тиийдэ. – Суондаа, Суондаа! Бэлиэрийбит кэллэ! Туран оһохто отун!
– Барыттан бары куттанан… – диэн кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы, саҕынньахтыын сылдьар Валерий уҥа үллэрэҥнээн кэлэн төгүрүк остуолга турар ыһыырынньыгы уматта.
– Чэ, тукаам, сыгынньахтаныый… – Аргыылап уолун саҕынньаҕын сыппатын төлүтэ тардыталаата. Түүтэ бурҕалла сылдьар таба саҕынньаҕы атыҥырыы көрдө. – Бу хантан кэллиҥ?
– Ньылхантан.
Саҕынньахтарын мадьыктаһан саҥардыы устан эрдэхтэринэ хаппахчыттан ырбаахытын анньыммыт Ааныс таҕыста уонна туох да саҥата суох уһуутаабытынан уолугар саба түстэ. Төбөтүн кини тымныы түөһүгэр анньан, икки илиитинэн хайа түбэһиэх кини сиэҕин, бүлгүнүн, саннын туппахтыы-туппахтыы, көрбүтүгэр бэйэтин бэйэтэ итэҕэтэ сатыырдыы, үрүт-үрдүгэр ботугураата:
– Тоойуом… сыччыый… тоойуом…
– Чэ-чэ, мин-мин, – эдэр киһи сөбүлээбэтэхтии тоҥуйдук хардарда итиэннэ ийэтин халбарыччы аста.
– Киһини сыгынньахтат эрэ бу! – оҕонньор бордурҕаата. – Хата бар, чаанньыккын оргута оҕус. Оҕоҥ итии киллэриэ этэ. Тоҥноҕо буолуо.
Ааныс кумуччу туттан тас аан аттынааҕы хаппахчыга сукуҥнаата.
Валерий, сонун ньылбы баттаат, тарбаҕын сараппытынан күөдьүччү оттуллубут көмүлүөккэ барда. Кини оһох аттыгар турар Суонда диэки, киһи баар диэн, хайыһан да көрбөтө.
Аргыылап оҕонньор, сону ыйыы-ыйыы, уолун батыһа көрдө. Куруҥ хардаҕастары хабан күөдьүйбүт көмүлүөк сырдыгар Валерийын киэбэ-таһаата ойуулана түспүтүн хайгыы одууласта. “Барахсан, дыраллан, саха оҕотугар үчүгэй уол. Ийэтэ биһикки соччо үрдүгэ суохпут да, икки намыһах киһиттэн өгдөс уҥуохтаах киһи син төрүүр эбит. Сахаҕа улахан киһи, – диэн астына санаата кини. – Уҥуоҕа көнөтүнэн да нууччалары кытта барсымахтаһара буолуо. Арыы саһыл хааннаах ньолбуһах маҥан сирэйэ, саһархайдыҥы ньаассын баттаҕа, сырдык соҕус кылдьыылаах хараҕа – ити барыта ийэтин киэнэ. Сирэйинэн эрэ ийэтин удьуордаабыт. Уоннааҕыта барыта миэнэ. Быһыыта-майгыта, тыла-өһө, өйө-санаата. Арыый атына диэн эдэр, имиллэ-хомулла илик буолан бардам, холуон эрэ…”
– Суондаа, аты сыгынньахтаан сарайга киллэрэн…
– Ээ, һуох-һуох, – Валерий аҕатын ситэ саҥардыбата. – Сити турар сиригэр хабыалата түһүөххэ эрэ наада… Мин күөс быстыҥынан бардахпына сатанар.
– Ээ-э?.. Сатаатар хоммоккун дуо?..
– Суох.
– Туох үлүгэр ыксалай, – оҕонньор утары этиппэт, дьаһайар быһыынан саҥарда. – Сарсыарда бар. Ол кэриэтин эрдэ тур.
– Ээ, суох-суох. Бар, Суонда, аппын хабыалат. Таарыччы кырыалаа, – Валерий, аҕатын дьаһалыгар кыһаллыбакка, Суонданы тиэтэттэ.
Аҕата уолун диэки сөбүлээбэтэхтии көрөн эрэ кэбистэ, тугу да саҥарбата.
Суонда таҕыста.
– Аммаҕа, Солобудаҕа, кыһыллар төһө элбэхтэрий?
– Икки сүүсчэкэлэр ини. Аахпатаҕым.
– Манна сылдьаллар дуу?
– Сылдьаллар.
– Итиэннэ миигин хонноро сатыыгын дуо? Арай сарсыарда дуу, түүн дуу тиийэн кэллиннэр?
– Бэйи, эн тоҕо манна кэллиҥ? Ханналаан иһэҕин? – Аргыылап оҕонньор хардарбакка хардары ыйытта.
– Бу дьонноруҥ истибэттэр ини? – Валерий хаҥас аҥаар диэки кыҥнах гынна.
– Ээ, утуйа сыталлар… – оҕонньор оһох диэки атыллаата. Кини тылын ылыннарбатаҕыттан, уола тук курдук эйэҕэстик кэпсээбэтиттэн кыыһыра быһыытыйан, тоҥуй соҕус куолаһынан көхсүнэн туран иккиһин ыйытта: – Ханна баран иһэҕин диибин дии?
– Ыраах.
– Ол ханна?
– Дьокуускайга.
– Ха… ханна даа? – оҕонньор эргиллэ түстэ.
– Дьокуускайдаан иһэбин диибин.
– Онно… кыһылларга дуо?
– Кыһылларга.
– Тугу-тугу дойҕохтуугун? Миигин, түөһэйбити, күлүү оҥостор дьүһүнүҥ дуу?
– Кырдьыгым, аҕаа, – аҕата соһуйбут сирэйин көрөн, уол куолаһа сымнаата.
– Онно… тоҕо бардыҥ?
– Куттаныма, аҕаа. Хомуньуус буола иликпин. Билиҥҥитэ бэринэр даҕаны санаам суох.
– Оччоҕо… тоҕо?
– Кыылы өлөрүөҕү баҕардахха, арҕаҕар киирэр баҕайы буолбат дуо?
– Ха… хайдах?
– Чэ ол уһун кэпсээн, аҕаа.
– Уһаатын! – Аргыылап талах олоппоһу ылан уот иннигэр олордо, уолугар атын олоппоһу халбарыччы аста. – Эн миигин кытта үһү-таамах курдук кэпсэтимэ. Төрөппүт аҕаҥ буолабын. Онто суох быһаас барыаххыттан сүтэн хааллыҥ, дьонноохпун диэн, дьон курдук, биирдэ эмэтэ илдьит да ыыппаккын. Аны туран, бачча өр сылдьан кэлэн баран, хайдах-туох олордугут диэн ыйыталаһа да соруммаккын. Тиэтэйэриҥ оччо дуу, кыһамматыҥ оннук үлүгэр дуу?
Валерий аҕатын чиҥ-чаҥ куолаһыттан кыыһырбытын өйдөөтө. Ол да буоллар олус холурдук кэпсэттим дуу диэн буруйдана санаммытын таһыгар биллэрбэтэ, олоппоско олорбокко, көмүлүөк хардаҕастарыгар күөх төлөн үҥкүүлүүрүн одуулаһа турда. Ити туран аҕатын дьэбир харахтарын уота тирэммититтэн көхсө кэдэйэн барарга дылы буолла. Уол онтукатыттан, баччааҥҥа диэри кыра оҕо курдук аҕатыгар сүрүн баттатарыттан, бэйэтэ да кыйахана быһыытыйда.
– Мин күүлэйдии, көрүлүү сылдьар үһүбүн дуо? Сорох баҕас сарсыҥҥы күн тыыннаах буоларын дуу, суоҕун дуу билбэт даҕаны. Эһиги буоллаҕына сылаас дьиэҕитигэр бүгэн олорон арааһы дойҕохтуугут.
Оҕонньор уола буруйданан илэ-сала түспэтэҕин, хардары өһүргэнэн саҥарбытын иһигэр сөбүлүү санаата: “Чэ сити, үүт-үкчү мин… Сынньылба сыраан буолбатах, хатан тимир киһи. Өҕүллэҥниэн кэриэтэ тостуо…” Кини кыыһырбыта арыый уҕараан, куолаһын сымнатан, эйэ дэмнээхтик эттэ:
– Ким да эйигин көрүлүү сылдьаҕын диэбэт. Билигин күнэ-дьыла оннук. Киһи хонон турдаҕына турдум диир кэмэ. Сурахтыын сүтэн хааларыҥ куттала үлүгэрэ бэрт ээ. Ол иһин этэбин.
– Төһө да сүттэрбин, эһиги хайдах олороргутун барытын истэ-билэ сылдьабын. Ол иһин да бу быһа тиийэн кэллэҕим дии.
– Чэ сөп. Ити хааллын. Тыыннаах көрүстүбүт – үчүгэй. Ол эрээри өйү-төйү булунан, итиини-буһууну тумнан сылдьыахха баара.
– Ол аата хайдах?
Оҕонньор уолун саҥатыгар дьиэк киллэрбэт дьэбир дорҕоону, ону ааһан өссө улаханнык өһүргэниэх чинчини иһиттэ. Син биир тылын ылыннарбатын билэн, кини бу кэпсэтиини уһатар-кэҥэтэр туһата суоҕун өйдөөтө.
– Хайдаҕын бэйэҥ быһаар. Улахаҥҥын, – оҕонньор иҥиэттэн кэбистэ, уолун өрө көрдө. – Тиэтэйэр буоллаххына ньимийэн турума. Тугу да истибэккэ, бүтэй хааһахха хааттарбыт курдукпут. Илин тугуй-ханныгый? Олор. Кэпсээ. Бэппэлээйэп кыньараал сэриитэ кэлэн иһэр дииллэр. Кырдьык дуо?
– Кырдьык, – Валерий олоппоһу ылан, көхсүнэн оһоххо олордо. – Бу күһүн Пепеляев этэрээтэ Охотскайга, Аяҥҥа кэлбитэ. Сэттэ сүүсчэкэ киһилээх. Бары, муҥха соботун курдук, ыллар саһааннаах талыы нуучча дьоно. Үксүлэрэ офицердар. Генерал үөһэ генерал, полковник үөһэ полковник. Сэрии бөҕөнү ааспыт, итиини-буһууну билбит дьон. Пепеляев манан кэлэн Дьокуускайы ылар, онтон Сибиири сэриилээн, Россияҕа ааһар былааннаах. Сэбиэскэйи утары санаалаах барыта онно мунньуһунна. Артемьев этэрээтэ эмиэ холбосто. Пепеляев, былыр үйэҕэ манна кэлиэх киһи, тоҥустар табаларын аанньа биэрбэккэлэр, Ньылхаҥҥа тутуллан хаалла. Билигин дьэ саҥардыы бу диэки салаллан иһэр.
– Оо, айыым таҥарам… – Аргыылап оҕонньор ытыһынан сирэйин саба туттан бүк түстэ, үөһэ тыынна. – Аата, кэлиэ баар эбит…
Ааныс хаҥас диэкиттэн кэлэн остуолу оһох чугаһыгар сыҕарыччы аста, ол-бу астаах миискэлэри, тэриэлкэлэри аҕалан уурталаата, чэй кутта:
– Аһаа, тукаам. Бу алаадьыта сиэ. Бу көбүөр баар. Ахтыбытыҥ буолуо.
Итиэннэ бэйэтэ ойоҕостон ахтыбыт амарах хараҕынан уолун имэрийэ көрө олордо.
Аҕалаах уол сулбу-салбы аһаан бардылар.
– Аны бэйэҥ тускунан кэпсээ, – диэтэ Аргыылап оҕонньор.
– Бэйэм бу баран иһэбин.
– Баран иһэргин көрөбүн. Тоҕо бараргын ыйытабын.
– Генерал Пепеляев сирэй бирикээһинэн.
– Ол эйигиттэн атын киһини булан ыыппаттар үһү дуо?
– Ону ыйыталаспатаҕым, – Валерий өһөстүк хардарда.
– “Ыйыталаспатаҕым!” Ыйыталаһыахха наада. Бары туора киһиэхэ тиитин охтотторон баран тииҥин ичигэстиэхтэрин баҕараллар. Ыйыталаспат буоллаххына, үйэҥ тухары тиитин охторо сылдьыаҥ, тииҥигэр тииһиниэҥ суоҕа.
– Эн уолуҥ оннук акаары буолбата ини. Ким элбэх тииҥҥэ тиксэрэ өссө биллибэт.
Оҕонньор ситэ испэтэх чэйин холумтаҥҥа эстэ, бүлүүһэтин үөс диэки аста уонна кэргэнигэр эттэ:
– Бар, оҕоҕор өйүөтэ бэлэмнээ. Лэппиэскэтэ, арыыта, буспут эттэ суулаан Суондаҕа биэр. Үчүгэйдик уурдун.
Ааныс тугу эрэ ыйытыах курдук гынан иһэн оҕонньоро кырыктаахтык кынчарыйбытыттан тохтоото уонна саҥата суох хаҥас диэки барда.
Аргыылап дьахтар хаппахчытыгар киирэрин кэтэһэн олорон хамнаабат хараҕынан уолун тобулу көрдө:
– Эн билэҕин дуо ханна, туохха баран иһэргин?
– Билэбин.
– “Билэбин”, – оҕонньор, кыһыйан, эмиэ уолун үтүгүннэ. – Билэриҥ буоллар, итинник сулбуччутук хардарыаҥ суох этэ. Кыньараалыҥ тугу бирикээстээтэ? Онно туох соруктааххыный?
– Сэриигэ тугу бирикээстииллэрэ биллэр ини.
– Сэкириэт дуо? Аҕаҕыттан кистиигин дуо?
– Кистээбэппин. Билиэххин оннук умсугуйар буоллаххына, иһит, – Валерий кумааҕыттан ыйааҕы ааҕан эрэргэ дылы бүтэҥи куолаһынан саҥарда. – Биһиги диэки санаалаах дьону кытта сибээстэһиэхтээхпин. Кинилэри түмүөхтээхпин. Кыһыллар хас хардыыларын биллэрэ олоруохтаахпын. Пепеляев куоракка чугаһаатаҕына, өрө турууну тэрийэн, сэбиэскэй салайааччылары суох оҥортуохтаахпын…
Таһырдьаттан Суонда киирдэ.
Валерий ах барда.
– Кыһаллыма, кэпсээ. Суонда, кэл, итиитэ киллэр.
Валерий сөбүлээбэккэ көхсүн этиттэ эрэ, таһыгар онтун биллэрбэтэ.
– Соругум сүнньэ итинник. Оттон ымпыгын-чымпыгын билиҥҥитэ бэйэм да билбэппин.
– Онно дьоҥҥут элбэх дуо?
– Бааллар.
– Ол киһи эрэнэр дьонноро буолуо дуо?
– Билбит суох.
– Билбэккин… уонна баран иһэҕин, – оҕонньор аа-дьуо тииһин быыһынан сыыйан саҥарда. – Чыкааҕа акаарылар олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Онно сылдьар буулдьа ардаҕын ортотунан сэриигэ киирэрдээҕэр ордук кутталлааҕын өйдүүгүн дуо?
– Эйиэхэ барыта сатаммат: “билэр” эмиэ сатаммат, “билбэт” эмиэ сатаммат, – Валерий чааскытын тыастаахтык халбарыччы аста. – Өйдөөтөрбүн да, баран истэҕим дии. Бэйэбит быар куустан олордохпутуна, ким биһиги туспутугар охсуһуой?
– Өйдөөх киһи уоттаах чоҕу атын дьон илиитинэн тарыйтарар баҕайыта.
– Түмүк күн тиийэн кэллэҕинэ оннук “өйдөөхтөр” абыраныахтарын билбэтим.
– Саарбаҕалаама: өлүүлэриттэн матыахтара суоҕа. Өссө атын киһи өлүүтүн кытта куду харбыыллар ини.
– Көрүллүө.
Мөккүһэн да уолун иннин ылыа суоҕун билэн, оҕонньор тохтоото. Кини төһө да эппитин иһин, уола барар хаанын ылыммыт быһыылаах.
Валерий остуолтан туруоҕун саныы-саныы, аҕата хамнаабакка олороруттан турбата. “Быһааскы кэннэ оҕонньор биллэ хоттороохтообут. Төрүт да намыһах, хатыҥыр бэйэтэ өссө ордук намтаабыкка, синньээбиккэ дылы буолбут. Урут даҕаны көтөх сирэйэ өссө суптуйбут. Омурда харбыйбыта улааппыт. Арай хараҕа уруккутунан. Өссө ордук уоттаммыкка айылаах. Итии уотунан буолбатах, тымныы уотунан. Ол оннугар хата Суонда эбии соноон көскөйбүт. Били хомсомуоллар “күөх истээх баай” диэн ыллыылларын курдук. Омос көрбүт киһи Суонданы тойон, аҕабын хамначчыт дииһик”. Ити санаатыттан сонньуйуох курдук буолан иһэн, Валерий аҕата бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии ботугуруурун иһиттэ.
– Ыттар… Бэйэлэрэ барбаттар, кинини ыыталлар… Дьиккэрдэр…
Ааныс сүөгэйдээх бүлүүһэни тутан иһэн тохтуу түстэ:
– Ол ким?.. Бэлиэрий, ханна бараҕыный?..
– Дьокуускайга, – уол баҕарбатар да хардарда.
– Ханна да бардын, эйиэхэ наадата суох, – оҕонньор сүөгэйдээх бүлүүһэни кэргэнин илиититтэн сулбу тардан ылан, дьалкылдьыппытынан остуолга бырахта. – Эр киһи ханна барара-кэлэрэ дьахтар дьыалата буолбатах.
Эрин тылыгар кыһаллыбакка, Ааныс уолун аттыгар кэллэ.
– Тоойуом, хаһан бараҕыный?
– Билигин.
– Тыый! Түүннэри дуо? Бачча тымныыга… Кытаатан сэрэнэн сылдьыый. Тымныйаарыгын. Ити бэйэҥ саһыл саҕынньаххын кэтиминэҕин туох абааһы баҕайытын кэттиҥ? Сонуҥ эмиэ бөрүкүтэ суох.
– Бассабыыктар саһыл сонноох дьону сөбүлүүллэр үһү дуо, дьахтаар?! – Аргыылап оҕонньор сөҥүдүйдэ. – Саҥам диэн саҥарар ээ…
– Дьокуускайга?.. Онно… – Ааныс тугу эрэ өйдүү сатыырдыы оҕонньордоох уолун сирэйдэрин олбу-солбу көрүтэлээтэ итиэннэ, чугаһаан, уолун саннын имэрийдэ. – Онно… тукаам, балтыгын Кыычаны булан көр-иһит эрэ. Суруга кэлбэтэҕэ ыраатта. Хайдах сылдьаахтыыра буолла.
– Бу акаарыны, уолуҥ онно уруу-хаан көрсө баран иһэр үһү дуо? – оҕонньор эбии кыбдьырынна.
– Ээх-ээх… – Валерий ийэтиттэн арахса охсоору эрэ сөбүлэммитэ буолла. – Чэ мин бардым. Түүн ыраатта. Хараҥаҕа кыһыллары ааһа түстэрбин сөп этэ.
– Кыһыллар манабыллара айан суолун устун баар буолуохтаах. Эн бэтэрээ туора суолунан бардаххына сатанар. Бэйи, Суонда эйигин буом сирдэри ааһыаххар диэри тиэрдэн биэриэ. Суонда, тахсан мин аппын Бэлиэрийгэ көлүйэн биэр. Арыый сэниэлээх буолуо. Кини атынан бэйэҥ айаннаа.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?