Текст книги "Киһи биирдэ олорор"
Автор книги: Софрон Данилов
Жанр: Литература 20 века, Классика
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 41 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]
Валерий маннык түбэлтэҕэ өһүргэнэр туһата суоҕун санаан, оҕонньор эҕэлээх ыйытыытын кулгааҕын таһынан аһарда.
– Ычча! Өр да күүттэрдиҥ.
– “Күүттэрдиҥ” буолан… Үлэхтээххэ дылы…
– Тымныыта бэрт ээ, – Валерий дьигиһийэн ылла.
– Кыһын буолан баран тымныйымына. Кыньараал иһэр дииллэрэ чахчы дуо? – Уордаах, соһуйбута ааһан, аны барытын токкоолоон ыйытар киһи буолла.
– Чахчы. Мин Дьокуускайдаан иһэбин. Ол кыньараал сорудаҕынан. Аппын аара кыһыллар өлөрдүлэр. Бу түүн эйиэхэ хонон баран, сарсыарда куораттыам. Миигин туора киһи көрбөтөҕүнэ сатанар.
– Кыһылларыҥ батыһан кэлбэттэр дуо?..
– Кэлиэхтэрэ суоҕа. Мин манна ойуурунан, тоҥуу хаарынан кэллим. Суолбун сүтэрбит буолуохтаахтар.
– Чэ, лаппа хараҥарарын көһүтэ түс, аны киһи хамначчыттарыттан да куттанар кэмэ кэлэн турар. Мин сотору тахсыаҕым.
Валерий, тоҥ тары сиэбит ыт курдук, титирээн, тииһэ лыһыгыраан, балбаах быыһыгар өссө да өр сытта.
Сарсыарда кинини куоракка Уордаах Уоһук бэйэтэ илтэ. Халлаан өссө сырдыы илигинэ туран атын сыарҕатыгар өрөһөлүү от тиэйдэ. Валерийын от иһигэр сытыарда, бэйэтэ үөһэ тахсан олордо. Оҕонньор айанын устатын тухары ыйытара эрэ диэн Пепеляев, кини төһө сэриилээҕэ, туох санаалааҕа, хаһан манна кэлэрэ…
Күнүһүөрэх Өлүөнэ мууһун устун халыһыттылар. Уордаах Пепеляев кэллэҕинэ улууһун дьонуттан кимнээҕи туттартыаҕын туһунан дойҕохтуу иһэн ах барда.
– Хайаҕаскын сабын. Кэтэбиллэр иһэллэр.
Хас да ат туйаҕын тыаһа утары кэллэ.
– Огоннёр, куда бардаа? – нуучча олуттаҕас саҥата иһилиннэ.
– Куорат… өрөпкүөм… бирикээс…
– Өрөпкүөм бирикээһэ уйаларыгар син ууну киллэрбит ээ, – саха киһитэ сэтэрээбиттии эттэ.
– Сэбэрэҕиттэн көрдөххө, кыахтаах соҕус оҕонньор быһыылааххын, – диэтэ атын саҥа. – Оккор туох да суох ини?
– Эс, туох кэллэҕэй.
Валерий муннун арыычча таарыйбакка тыбыс-тымныы өнчөх курдары көтөн ааста. Саабыла уһуга тиэйиилээх оту үөһэнэн-алларанан батарыта түстэ.
– Сирэйэ-хараҕа адьас контра, – били сэтэрээбит саҥа өһүөннээхтик эттэ. – Ырҕайа сытыйан, хонноҕун анныгар быһаҕын уктан иһэрэ буолуо.
– Эс, эмиэ тугум быһаҕай. Бу да оҕо тылын, – Уордаах ботугураата.
– Ну, огоннёр, бардаа…
Аттар ааһа турдулар.
– Таппатылар дуо? – Уордаах тэйэ түһэн баран ыйытта.
– Арыычча…
– Баранаактар… Олус да үрдүбүтүгэр үҥкүүлээн эрэллэр. Хаһан иэстэһиэхпит баарай, – Уордаах абатыйбытын омунугар ынчыктаан ылла. – Оо, кыахтааҕым буоллар, төһө эрэ элэ-была тылларын этитэ оонньуур этим.
– Биһиги да күммүт күөрэйэрэ чугаһаата, Уоһук. Оччоҕо бу сырыыбыт барыта аахсыллыа… Үтүө-өҥө барыта өйдөнүллүө…
– Эн эппэтэҕиҥ, таҥара эппитэ буоллун.
Сыарҕа килэҥ суол устун сыыйыллан истэ.
– Уоһук! Истэҕин дуо, Уоһук?
– Саҥарыма, Дьокуускай…
Сыарҕа куорат сыырын өрө дабайан кыычыгыраата.
3
Өлүөнэ өрүскэ туруору таас истиэнэ буолан үтэн киирбит соҕуруу Табаҕа Ытык хайатыттан хоту Хаҥалас Ытык хайатыгар диэри сэттэ көс устатыгар Улуу Туймаада хочото харах ыларын тухары көҕөрө туманныран нэлэ– һийэр. Манна соҕуруу Охотскай муораттан Хоту Муустаах байҕалга диэри, Арҕаа Хатанга өрүһүттэн илин Чукоткаҕа диэри тайыыр Саха кыраайын киин куората Дьокуускай кырса уорҕатыныы туналы маҥан сыһыы ортотугар, Сайсары уонна Таалай күөллэр иккэрдилэригэр хараара бачымахтанар.
Куораты уһаты-туора быһыта сүүртэлээбит уулуссалары икки өттүнэн онон-манан дьөлүтэ үүттэммит аал былаахытынан соппулуоттаммыт мас дьиэлэр кэккэлииллэр. Куорат киинигэр чуоҕуспут кырааскалаах ыстаабаннаах, килэркэй киэҥ таас түннүктээх дьиэлэр кытыы диэки тиийэн муус чуолҕан сыыстаах, туруору эркиннээх самнархай балаҕаннарынан солбуллаллар. Мас дьиэлэр субурҕаларын быыстарыгар онон-манан таас дьиэлэр дьэндэһэллэр. Аппа чугаһыгар хайдаары куттаан кураанахсыйбыт Реальнай училище дьиэтэ багдайар. Улахан уулуссаҕа музей кыһыл кирпииччэ дьиэтэ сиэдэрэй ойуутунан өҥнөрдүү өрөһөлөнөр. Онтон арыый олдьу уруккута уобаластааҕы суут, билиҥҥитэ ревком дьиэтэ кылбаһыйар. Куорат саамай хабыллар хаба ортотугар былыр-былыргыттан элбэх киһини ытаппыт-ыллаппыт, атыы-тутуу бөҕө дэлэйбит сирэ – Таас Көстүүнэй эргийдэххэ дьоҕойон биэрэстэ аҥаара сири сабардаан ньалҕайар. Ол чугаһыгар урут аар-саарга аҥаардастыы аатырбыт, түүлээх бөҕөнөн иирэ байбыт Кушнарев, Никифоров атыыһыттар саҥа былаас илиитигэр киирбит уоруктара, лааппылара кэккэлииллэр. Анараатах хоту киин ыскылааттар, арыгы монополиятын дьиэлэрэ көстөллөр. Куорат араас өттүлэригэр дьон уҥуохтарынан төгүрүктэммит Преображенскай, Богородицкай, Ньукуола, Собуор таҥараларын дьиэлэрин солотуулаах куупаллара күлүмүрдэһэллэр.
Урут Россия халлаанын хара кынатынан саба хаппахтаабыт баҕыырдаах тумустаах икки бастаах өксөкү кыыл биир саамай хотугу уйата манна этэ. Үс үйэ устатыгар Бүлүү уонна Өлүөхүмэ, Алдан уонна Амма, Халыма уонна Индигирка сүнньүлэригэр мантан тарҕаналлара суохтан соролуур, дьадаҥыттан талыыр, дьолго дьулуспуту сиргэ тимирдэр, көҥүлгэ көҕүйбүтү күнтэн сүтэрэр ыраахтааҕы ынырык ыйаахтара.
Бу этэ тыыннаахтыы көмүллүбүттэр кылабыыһалара, эрэһиэҥкэтэ суох түрмэ диэн ынырык сурахтаммыт тымтар тымныылаах ирбэт тоҥ муус кыраай киинэ. Нуучча ыраахтааҕылара өрөлөспүт өстөөхтөрүн, эрэйдээн-муҥнаан өлөрүөхтэрин баҕардахтарына, манна утаараллара. Ким-ким үүрүллэн-кыйданан, түгэнэн-түҥкэлийэн тиийэн кэлбэтэҕэй үрдүк таҥара таҥнары кыраабыт бу сир бүтэр уһуга дойдутугар? Манна кэлэн умсубуттара Россия халыҥ дьонун араас бииһин араҥалара – сарыыссалар бэрт былдьаһан тылларын быһан утаарбыт аристократ хотуттарыттан үгүс киһи тыынын быспыт улахан суол ороспуойдарыгар тиийэ. Манна кыйданыы сорун көрбүттэрэ нуучча революционердарын бары көлүөнэлэрин дьонноро – ыраахтааҕыга өрө тураары Петербург Сенатскай болуоссатыгар үөмэхтэспит декабристартан Россия баттаммыт аймаҕын өрөгөйдөөх пролетарскай революциятын тэрийбит, салайбыт бассабыык партиятын биллиилээх дьонноругар тиийэ. Манна көрсүбүттэрэ 1917 сыллааҕы Олунньу революциятын Ленин эрэллээх доҕотторо, төлөннөөх революционердар, тулхадыйбат коммунистар Е.М.Ярославскай, Г.И.Петровскай, Г.К.Орджоникидзе. Үгүс үйэ тухары үүрүүгэ сылдьыбыт, үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх, быстыбыт-ойдубут, түҥкэтэх норуоттарын дьолун-соргутун, кэрэ кэскилин туһугар уоттаах охсуһууга кинилэр манна уһуйбуттара саха бассабыыктарын бастакы хайҕаллаах кэккэтин…
Билигин Дьокуускай баттал-үктэл дьэбиннээх сыабын тоҕо тыыллыбыт, үлэһиттэр былаастарын туругурдубут сэбиэскэй Ийэ дойду саамай хотугу уһук киинэ. Бу кырдьаҕас куорат хахсааттаах халлааныгар Совет былааһа кыайбытын биллэрэн кыһыл знамя уотунан умайыктана күөрэйбитэ хайыы-үйэ бэһис сыла буолла. Улуу Октябрьтан көҥүлүн ылбыт саха норуота саҥа олоҕу тутар бастакы хардыылара мантан саҕаланаллар. Бу хотугу кыраайга урукку батталлаах үйэни эргитээри хааҥҥа хааҕырҕаан элиэтэһэр революция ис уонна тас өстөөхтөрүн утары кырыктаах охсуһуу мантан тэриллэр…
Бу күннэргэ Дьокуускай эргэ уонна саҥа, хараҥа уонна сырдык күөн көрсөн күрэстэһэр күүрээнигэр – өрөгөйдөөх үөрүүлээх уонна аана суох алдьархайдаах сабыытыйалар ухханнарыгар олороро.
Бастакыта, урукку ыраахтааҕылаах Россия уһуктан уһук, хаалыылаахтан хаалыылаах колонията – Саха сирэ Советскай Автономнай Республика буолбута.
1922 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр РК(б)П Киин Комитетын Политбюротун чилиэннэрин санааларын ыйыппыттарыгар Владимир Ильич Ленин:
– Саха автономнай уобалаһын буолбакка, Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийиэххэ. Ол туһунан Политбюро уурааҕын бырайыагын ылыныахха, – диэн саарабыла суох быһаарыылаах, ыйааһыннаах тылын эппитэ итиэннэ сахалар автономнай государстволара социализм сардаҥалаах суолунан барҕара сайдыа диэн бигэ эрэлин биллэрбитэ.
Олунньу 16 күнүгэр М.И.Калинин председателлээх Бүтүн Россия Киин Ситэриилээх Комитетын Президиума Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Советскай Россия правительствота бу историческай сабыытыйаҕа анаан таһаарбыт Манифеһыгар, саха норуотун истиҥник уруйдаан-айхаллаан туран, маннык кэрэ-бэлиэ тыллары суруйбута:
“Саха бырааттарбыт!
…Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ норуоттары национальнай өттүнэн баттыыр-атаҕастыыр политикаттан аһаҕастык уонна чиэһинэйдик аккаастанна. Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ бүтүн Россия биир сомоҕо федерациятыгар көҥүл өттүнэн түмсүбүт тус-туспа народностар автономнай тутулларын идеятын аһаҕастык уонна чиэһинэйдик олоххо киллэрэр…
Туругурдун Советскай былаас знамятынан норуоттар босхолонуулара!
Туругурдун көҥүл норуоттар эйэлэһиилэрэ уонна бырааттаһыылара!
Туругурдун Автономнай Саха Советскай Республиката!”
Саха АССР тэриллиитэ Улуу Октябрьскай социалистическай революция өлбөт-сүппэт идеялара күнтэн күн олоххо киирэн иһиилэрин дьэҥкэ кэрэһитэ этэ, В.И.Ленин сирдьиттээх Коммунистическай партия национальнай политиката кырдьыктааҕын чаҕылхай холобура этэ. Дьон бииһэ дьолго дьулуспут сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллаах историятын устатыгар төһө үгүс бөлөхтөр, партиялар омук-омугу барытын охтубат соргулуох, улахан оҥоруулуох буолан айаҕаламмыттара буолуой! Төһөлөөх үгүс мүөтүнэн чалҕарыйар минньигэс, албын тыллаах деятеллэр “көҥүлү”, “тэҥ быраабы” биэриэх буолан түөстэрин охсуммуттара, эрэннэрэн айдаарбыттара буолуой! Ол барыта күүгэннии уостан сүппүтэ, күл-көмөр буолан көппүтэ. Бары кыра да, улахан да норуоттар ити сырдык дьулуурдарын, истиҥ баҕаларын арай Октябрь революцията үөскэппит Советскай былааһа эрэ, арай Ленин сирдьиттээх Россия Коммунистическай партията эрэ толорбуттара. Хаһан даҕаны, хойутун хойут даҕаны, дьон бииһэ ханнык баҕарар үрдүк чыпчаалларга ыттыбытын иһин, бу улуу чахчы күлүмүрдэс килбиэннээх сырдыга өлбөөдүйүө суоҕа, норуоттар кэмэ суох элбэх күн-дьыл үчүгэйин-куһаҕанын иҥэриммит кырдьыксыт өйдөбүллэриттэн сүтүө, умнуллуо суоҕа. Хаһан даҕаны! Киһи кэрэни кэрэхсиирин, үчүгэйи, үтүөнү өйдүүрүн тухары!
Бу нуучча норуота саха норуотугар сүдү бэлэҕэ этэ. Араас дойдулар ыраахтааҕылара, хоруоллара, императордара атын дойдулар баһылыктарыгар күндү малынан, сиринэн-уотунан, бүтүн куораттарынан даҕаны үгүс улахан, сыаналаах бэлэхтэри биэрбиттэрин история билэр. Ол эрээри киһи аймах үөскүөҕүттэн ыла биир даҕаны омук атын омукка маннык сүдү бэлэҕи биэрэ илигэ. Көлөһүннээччилэр тутулларын түҥнэрбит, былааһы бэйэтин илиитигэр ылбыт революционнай нуучча норуота эрэ маннык үчүгэйи, үтүөнү, кэрэни оҥорор, айар, маннык айылгы санааланар, кэскиллээх өйдөнөр, амарах сүрэхтэнэр, киэҥ-дэлэгэй дууһаланар кыахтаах этэ. Үйэттэн үйэҕэ үрдээн-үүнэн иһэр барҕа махтал буоллун ол иһин киниэхэ!
Бу саха норуотун үлүскэн үөрүүтэ, муҥура суох дьоло этэ. Урут “санньыххай санаалаах, саппаҕырбыт дьүһүннээх, саллаҕар бастаах, саах балаҕаннаах саха урааҥхай дуо” дэнэн бэйэтин сэнэнэн-түһэринэн хоһуммут, нуучча шовинист биистэринэн “туспа дьуортулар” диэн сиргэниллэн ааттаммыт саха дьоно бэйэлэрэ туспа республикалаах, кими баҕарар кытта тэҥ бырааптаах, көҥүл советскай гражданнар буолбуттара.
Үлэһит саха муҥнаах былыр-былыргыттан, инньэ “урукку дьыл охсуһуулаах уорҕатыттан, былыргы дьыл быһылааннаах мындаатыттан”, чоҥкуйа кырыарбыт тыаны быыһынан кыһыҥҥы омоон суолунан саадьаҕай оҕуһун туора миинэн кыыкырдатан иһэн биитэр күөдүччү оттуллубут көмүлүөк оһоҕун иннигэр оллоонноон олорон, көҥүлгэ, дьолго бүтэйдии умсугуйан, ырыатыгар ыпсаран, олоҥхотугар холбоон хоһуйбут ыратын чыпчаала дьиҥ олоххо илэ-бааччы туолар кэмэ кэлбитэ. Бу кэмҥэ Саха сиригэр саамай элбэхтик этиллэр, үгүстүк ахтыллар тылынан “Аптаныамыйа” диэн дьикти, кэрэ тыл этэ. Саха отчут-масчыт киһитэ “Автономия” диэн тугун-ханныгын, дьиҥ суолтатын өйүнэн ситэри өйдөөбөтөр даҕаны, бу киһи тылынан кыайан толору ойуулаабат үчүгэй, үтүө суола буоларын сүрэҕинэн бигэтик билбитэ. Ыһыах түһүлгэтин ахсын, алаас-алаас аайытын Автономия айхалланара, тыл сүмэтэ, тойук чулуута бүтүннүүтэ Автономияҕа ананара.
Саха норуотун ити барҕа махталын, баараҕай баһыыбатын Саха сирин Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета Москваҕа БРКСК Председателигэр Михаил Иванович Калиниҥҥа, РСФСР Народнай Комиссардарын Советын Председателигэр Владимир Ильич Лениҥҥэ ыыппыт суруктарыгар бу курдук эппиттэрэ:
“Автономнай республикалар Россиятааҕы Федерацияларыгар тэҥ бырааптаах чилиэнинэн киирэн туран, Саха сирин үлэһит кылаастарын ааттарыттан, Саха Автономнай Республикатын Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета биһиги кыраайбытыгар автономнай быраабы бэлэхтээбиккит иһин истиҥник махтанар.
Гражданскай сэрии уотун үөһүгэр уһаарыллыбыт саха үлэһит норуота аан дойду үрдүнэн социалистическай идеаллар өрөгөйдүүллэрин туһугар атын бырааттыы республикалары кытта бииргэ бары күүһүн көхтөөх үлэҕэ холбуур кэмэ бэрт чугас диэн бигэтик итэҕэйэбит”.
Саҥа сэбиэскэй олоҕу тутар көҥүл, көхтөөх үлэҕэ туруна охсуохха! Саха отчут-масчыт дьонун баҕарар баҕата, дьулуһар дьулуура ити этэ.
Ол кэрэ баҕа, ол сырдык дьулуур туоларын аны туох даҕаны мэһэйдиэ суохха айылааҕа.
Түөрт унньуктаах уһун сыл устата дьон-сэргэ олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыт, үгүс үлүгэри аҕалбыт Гражданскай сэрии Кыһыл Армия регулярнай чаастарын, саха дьадаҥыларын кыһыл партизанскай этэрээттэрин килбиэннээх кыайыыларынан түмүктэммитэ. Ыраахтааҕы офицердара, саха тойотторо тэрийбит үрүҥ этэрээттэрэ 1922 сыллаах саас, сайын Киллэмҥэ, Төхтүргэ, Ньукуолускайга буолбут хааннаах кыргыһыыларга үнтү сынньыллыбыттара. Бүлүү, Өлүөхүмэ уокуруктара бандьыыттартан ыраастаммыттара.
Саха норуота өрө тыына түспүтэ, эйэлээх олоххо эргиллибитэ. Саҥа көҥүл олоҕу тутар, саҥа советскай автономия тулхадыйбат бөҕө акылаатын уурар айымньылаах үлэҕэ туруммута.
Ол эрээри…
Ол эрээри Октябрьскай революция уот холорук буурҕата түҥнэрбит, баттаммыт аймах кырыктаах кыргыһыыларга урусхаллаабыт өстөөхтөрө – баайдар, тойоттор, араас биистээх контрреволюционердар – өлөр-сүтэр дьылҕаларын кытта сөбүлэһиэхтэрин баҕарбатахтара. Кинилэр, өссө биирдэ күүстэрин түмүнэн, өрө туран, сэбиэскэй былааһы кытта күөн көрсөр санааламмыттара.
Революция иннинэ Дьокуускайга сыылкаҕа сылдьан “нуучча кырдьаҕас революционерабын” диэн түөһүн тоҥсуммут, оччотооҕу эсеримсийээччи ыччат “үҥэр үрдүк таҥарата” аатырбыт П.А.Куликовскай сэбиэскэй былаас хаан өстөөхтөрө бу үсүһүн төхтүрүйэн өрө турууларын сүрүн көҕүлээччи буолбута. Кини “Холбос” диэн Саха сирин потребительскай кооперациятын правлениетын уполномоченнайа уонна Нелькан – Эйкан суолун тутуу начальнига аатыран илин, Охотскайга, тиийбитэ.
Бу күүстээх тыал үрдэҕинэ охтон түһүөххэ айылаах дьүдьэх, хатыҥыр көрүҥнээх, суптугур сэҥийэтигэр уһун бытыктаах, уҥуох сирэйигэр киэҥ таныылаах хонтоҕор муруннаах, уота өспүт өлбөөркөй күөх харахтаах кырдьаҕас киһи, илин муора кытыытыгар үктэнээт, илиитэ-атаҕа эрчимирэ, бөкчөйбүт көхсө көнө түспүтэ, тыла-өһө нүөлсүйэн кэлбитэ. Кини Саха кыраайын бултаммыт, бултаныахтаах күндү кылааннаах түүлээҕин, хостоммут, хостонуохтаах кыһыл көмүһүн бүтүннүүтүн бэйэтин сиэбигэр уктубут, бу дойду дьылҕатын, инники кэскилин барытын ытыһыгар ылбыт кэриэтэ санаммыта. Онон үйэтин устатыгар биир да үлэһит саханы кытта киһиэхэ ааҕан айах атан кэпсэппэтэх, биир даҕаны сахалыы тылы билбэт Куликовскай “саха норуотун аатыттан” саҥа саҥарар, кэпсэтии кэпсэтэр киһи буолбута. Владивостокка тиийэн, кини японнартан кытыйа-хамыйах салаһан олорор Приморье антисоветскай правительствотын баһылыгар барон Дитерихскэ үҥэн-сүктэн, кэлин Саха сирин күндү баайынан уон оччонон төлүөх буолан эрэннэрэн, Саха уобалаһын управляющайа диэн солону ылбыта.
Дарбааннаах аакка-суолга талаһар Куликовскайга барыта баарга дылыта – бүтүн Арҕаа Европаҕа холоонноох барҕа баай киэҥ кыраайы дьаһайар үрдүк соло, ону кэрэһилиир төгүрүк, үс муннуктаах, түөрт кырыылаах бэчээттэр, типографияҕа бэлэмнэммит лаһыгырас кумааҕылаах ыраас бланкалар. Итэҕэһэ диэн биир эрэ – дьаһайыахтаах Сахатын уобалаһа суоҕа.
Саха уобалаһын управляющайа диэн ааттаныаҕыттан Куликовскай утуйар уута көппүтэ. Дьэ хайдах гынан Саха сирин бэйэ дьаһалыгар ылыаххыный? Хайдах гынан бу кыраай үтүмэн үгүс баайын бас билиэххэ сөбүй? Хайдах албастанан большевиктар былаастарын суулларыаххыный? Ким көмөтүнэн? Ким ыстыыгынан?
Куликовскай итинник санааҕа түһэн сырыттаҕына эмиэ сэбиэскэй былааһы эһэр, урукку батталлаах олоҕу эргитэр күүһү көрдөөн тиҥсирийэ сылдьар саха баайдара С.П.Попов, Г.В.Никифоров-Манньыаттаах уола кинини булбуттара. Сүбэлэспиттэрэ. Барыска баҕарар, босхоҕо суудайар хараҥа күүстэри Саха дойдутун бастар бараммат балысхан баайынан иҥсэрдэн, өрө-таҥнары сундулуспуттара.
Тиһэҕэр тиийэн кинилэр харахтара Кыһыл Армия модун охсууларынан үнтү сынньыллан кыраныысса таһыгар киэр эһиллибит Колчак генералыгар – Анатолий Николаевич Пепеляевка хатаммыта. Кинилэр санааларыгар, Пепеляев саамай сөптөөх этэ: кыайтардар да, эмиэ да кыргыһыыларга сураҕырбыт бойобуой генерал, монархияҕа тардыһыннар да, эмиэ да народниктыҥы ааттаах.
Куликовскайдаах сэбиэскэй Россияттан революция уот буурҕатынан сиппиллибит урукку баайдар, атыыһыттар, араас үрүҥ-хара сэриилэр тыыннаах ордубут одьунаастара түмсүбүт куоратыгар Харбиҥҥа тиийэллэр. Кинилэр онно куорат кытыытыгар, Модягоу диэн оройуонугар, өҥө бараммыт эргэ саһархай түрүкүө шаровардаах, имиллибит толстовка сонноох, кыҥнары соҕус ууруммут бороҥ сэлээппэлээх, ыар санааҕа баттаппыт курдук куруутун умса көрө сылдьар искэл, аҕамсыйбыт киһини булаллар. Ол хаһааҥҥыта эрэ кыһыллартан Пермь куораты ылан “аатырбыт”, көмүс куупалларынан күлүмүрдүүр сүүһүнэн таҥара дьиэлэрин куолакалларын айхаллыыр тыастарынан доҕуһуоллатан Москваҕа киирэргэ санаммыт генерал-лейтенант Пепеляев этэ. Кини билигин Харбиҥҥа оспуоччуктаан айаҕын ииттэ сылдьара.
– Хомуньуустары утары охсуһууну баһылыктаа. Биһиэхэ Саха сирин бассабыыктартан былдьаан кулу. Ол манньатын биһиги эйиэхэ санааҕын ситэргэр бары күүспүтүнэн, кыахпытынан көмөлөһүөхпүт. Саха сирин баайа-дуола барыта эн илиигэр киириэ, – диэн Куликовскайдаах “саха норуотун аатыттан” Пепеляевтан көрдөспүттэрэ.
Хара үлэнэн аһыырын нэһиилэ булуна сылдьар генерал кинилэри өр көрдөһүннэрэ барбатаҕа. Дьоҕойон, саараҥнаабыта буолан, бүк түһэн саҥата суох олорбохтоон баран сөбүлэммитэ. Кырдьыга, ити түгэҥҥэ кини өйүгэр Саха сирин кэскилин туһунан санаа кыыма да кылам гымматаҕа. Бу хотугу кыраай дьылҕата кинини букатын интэриэһиргэппэт этэ. Дьикээрдэр дойдулара, баҕардар, күн сарсын даҕаны үөдэн түгэҕэр түстүн! Киниэхэ Россия наада этэ. Ону сэриилээн ыларга туохха эмэ тирэҕирэргэ тиийиллэрэ. Ол тирэҕинэн бастаан утаа чэ Саха сирин баайа-дуола да буоллун. Генералга ол наада этэ. Ол иһин кини улгумнук сөбүлэспитэ.
Пепеляев оспуоччуктуур толстовкатыгар генерал-лейтенант погоннарын кэппитэ уонна урукку лаҥкынас саҥата дуораһыйбыта:
– Советскай былааһы умсарыан баҕалаахтар бары миэхэ түмсүҥ!
Генерал үрүҥ, күөх дьураалардаах былааҕын анныгар урукку үрүҥ армиялар тобохторо чуоҕуспуттара.
Хаан сытын ыллаҕына, торҕон бөрө бииһэ мустарын кэриэтэ Пепеляевы тула үрүҥ-хара, баай-тойот, атыыһыт-эргиэмсик аймаҕа түмсүбүтэ. Генерал сэриитин саха миллионер эргиэмсигэ Г.В.Никифоров, Дьокуускайга байбыт нуучча атыыһыта П.А.Кушнарев, Уус-Маайа атыыһыта татаар Ю.Г.Галибаров үбүлээбиттэрэ. Саха сирин кылааннаах түүлээҕэ, кыһыл көмүһэ оҕуруктаах өйдөөх омук империалистарын эмиэ үмүрү тардыбыта. Кинилэр, бу хотугу кыраай баайын-дуолун халыырга суоттанан, Пепеляевка эмиэ үрдэ суох кредити аспыттара, саанан-саадаҕынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйбыттара. “Олаф Свенсон уонна Ко” диэн Америка фирмата, “Арай-Гуми” диэн Япония фирмата, “Гудзон-Бей” диэн Англия фирмата, бэйэ-бэйэлэриттэн былдьасыһа-былдьасыһа, куотуһа-куотуһа, кыһыл көмүс манньыаттаах сейфэлэрин аанын тэлэйэн биэрбиттэрэ. Онон Пепеляев сэриитэ бу дойду иһинээҕи контрреволюционердар эрэ үбүлээн тэрийбит сэриилэрэ буолбатах, кинилэр атын дойдулар империалистарын кытта холбоһон тэрийбит сэриилэрэ буолара.
Генерал-лейтенант Пепеляев өлөр-тиллэр быһылааныгар үгүстүк түбэһэн кэрээннэриттэн тахсыбыт, эдэр эрдэхтэриттэн сэриини сүрүн идэ оҥостубут дьонтон, үксүн урукку үрүҥ офицердартан сүүмэрдэммит 700 киһилээх этэрээти кылгас кэм иһигэр тэрийэ охсубута. Ол этэрээтин Сибиир добровольческай дружината диэн ааттаабыта.
1922 сыллаахха балаҕан ыйын 6 күнүгэр Сибиир добровольческай дружината Владивостоктан үс байыаннай суднонан устан кэлэн, Саха сирин территориятыгар, Охотскай муора кытылынааҕы Аян пордугар, сүөкэммитэ.
Пепеляевецтар, ханна да тохтообокко, тыһыынчанан биэрэстэлээх аанньа суола-ииһэ суох, ооҕуй оҕус бадараанныыр обоччолоох маардарын, иччитэх сис хайалары, халыҥ хара тайҕаны суһал походнай маршынан ааһан, Дьокуускайы ылан, субу сабыс-саҥа тэриллибит советскай республиканы кыа хааҥҥа уһуннаран, Сибиир диэки ааһар санаалаахтара.
Пепеляев генерал сэриитэ ааҥнаабыт бу күчүмэҕэй күннэригэр Саха АССР Ревкома уонна Народнай Комиссардарын Совета норуокка туһаайан декларация бэчээттээбиттэрэ:
“…Саха норуотун өһүөннээх өстөөхтөрө, Россиятааҕы контрреволюция тобохторо, омук империалистарын көмөлөрүнэн хааннаах баппаҕайдарын өссө сүһүөҕэр тура илик эдэр республикаҕа уунарга сорунан эрэллэр. Өстөөх САССР территориятыгар хайыы-үйэ киирдэ.
…Пепеляев сэриитин сыала уонна соруга дьэҥкэ – кинилэр Саха Автономнай Социалистическай Советскай Республикатын урусхаллыыр, суох оҥорор, саха норуотун кулут аймаҕар кубулутар, биһиги кыраайбыт баайын-дуолун халыыр санаалаахтар.
Кинилэри утары охсуһуу саха нацията тыыннаах буоларын дуу, өлөн-эстэн сүтэрин дуу иһин охсуһуу, автономнай Саха сирин дьылҕатын иһин охсуһуу буолар…
Революционнай Комитет уонна Народнай Комиссардар Советтара Саха АССР бары нэһилиэнньэтин Советскай былаас знамятын тула түмсэргэ итиэннэ кимэн киирэн иһэр өстөөҕү утары биир ньыгыл фронт буолан турунарга саха нациятын ыҥыраллар!..”
Саха сирин киэҥ киэлитин тухары ити ыҥырыы этиҥнии ньириһийбитэ:
– Бары күүһү – Пепеляевы үнтүрүтүүгэ!
Онон бу сэһэҥҥэ ойууланар кэм Дьокуускай итиэннэ Саха сирин бүтүннүүтүн олоҕор үөрүү уонна аймалҕан, өрөгөй уонна алдьархай алтыспыт кэмнэрэ этэ.
4
Бүгүн күнүс икки чааска Дьокуускайга, Марат болуоссатыгар, өрүс уҥуор үрүҥ бандьыыт илиититтэн өлбүт икки кыһыл армееһы көмүү буолар диэн педагогическай техникумҥа үөрэҕи эрдэ бүтэрдилэр.
Томмот Чыычаахап, техникум иккис курсун үөрэнээччитэ, студеннар олорор уопсай дьиэлэригэр тиийэн кирпииччэ кэриэтэ кыбыс-кытаанах, ньып-ньыгыл хара килиэби сылбаххай чэйинэн илитэн кум-хам ыстаан ыйыһынна уонна доҕотторуттан арыый хаалан таһырдьа таҕыста. Кини Красноармейскай уулуссанан аа-дьуо хааман иһэн муннукка тохтоото. Аны ким эмэ хараҕар түбэһээйэбин диэн сэрэхэчийэн тула өттүн кылап-халап гынан ылла. Туманныра дьыбарсыйбыт уулуссаҕа билэр киһитэ көстүбэккэ дылы. Кэтит саппыйаан курунан ыга тардыммыт, кылгас маҥан бараан соннорун кытта соччо дьүөрэлэспэт хороҕор коммунарка бэргэһэлэрин тууна бааммыт икки кыһыл армеец тэҥҥэ кычырҕаччы хардыылаан уулуссаны ортотунан аастылар. Кинилэр кэннилэриттэн мууһунан килэччи тоҥмут сыарҕалаах уу баһар оҕонньор нэлбиҥнэттэ.
Чугаһынааҕы кэлииккэни хараҕын кырыытынан көрөн ыла-ыла, Томмот олбуор истиэнэтин диэки хайыһан турда. Бачча түптэлэс тымныыга бу тыал хайыта сыспыт эргэ кумааҕыларын бэркэ наҕылыйан ааҕа турар сахаҕа өгдөс уҥуохтаах хатыҥыр уолу киһи, бука, дьиибэргии көрүө эбитэ буолуо. Онуоха эбии дьыл баччатыгар киһини соччо наҕылыппат даҕаны таҥастааҕа: атаҕар тиирэ кэтиллибит саары этэрбэстээҕэ, соролообут тииҥ тириитэ саҕа сыыстаах кылгас сиэрэй суппуун соннооҕо, хата сэргэх соҕус куобах тыһа бэргэһэлээҕэ. Ону баара бу уол бэргэһэтин сыҥааҕын быатын бааныахтааҕар өссө өрө сэгэччи анньыммыт. Салгыҥҥа сиэппит хара бараан сирэйин хаана тэтэрбит, сэргэхтик көрбүт-истибит, хара көмөр хараҕа дьэрэлийэ чоҕулуйбут. Бытааны да тиэтэтэр, сыылбаны да сыыдамсытар абытай тымныы бу эдэр киһини букатын даҕаны тумнубукка дылы. Уол, төһө да сирийэн аахпыта буоллар, ити эргэ кумааҕыларга адьас наадата суоҕа. Кини соруктанан кэлбитэ атын этэ.
Томмот хараҕа аны олбуор аллараа өттүгэр салыбырыыр инньэ быһайыҥҥытааҕы театр афишатын сарымтаҕар халбарыйда. Кини бу афишаны хаста-хаста аахпыта эбитэ буолла (уулуссаҕа соҕотоҕун хайдах таах туруоххунуй, кэм тугу эмэ гыммыта буоллаххына сатанар). Онон кини ити афишаҕа туох диэн бэчээттэммитин көрбөккө да этэр кыахтаах: “Якутскай народнай театра. 1922 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр, пятницаҕа. ХАРА МЭ. Үс оонньуулаах пьеса. Прейсберг суруйуута. Режиссер Рахманов. Париктары оҥордо Боксер. Оонньууга кытталлар: Рахманов, Гайдук, Трофимов, Буланкин, Мухин, Рахманова уо.д.а. Киэһэ лоп курдук 7 чаастан саҕаланар. Спектакль кэнниттэн сарсыарда 4 чааска диэри ҮКҮҮ. Духовой оркестр оонньуур. Миэстэлэр сыаналара: 1, 2, 3, 4 эрээттэр – 15 муунта арсаанай бурдук; 5, 6, 7, 8 эрээттэр – 10 муунта, 9, 10, 11, 12 эрээттэр – 8 муунта, 13, 14, 15 эрээттэр – 5 муунта, галерея – 4 муунта…”
“Сарсыарда 4 чааска диэри үҥкүү…” Кырдьык, ити кэмҥэ Дьокуускай соҕурууттан кэлбит кыһыл сэриилэр көмөлөрүнэн үрүҥ бандьыыттар төгүрүктээһиннэрин тоҕо тыыллыбыта. Уһун кыһыны быһа куораты уот уобуруччунан иилээбит, ардыгар бэл кытыы уулуссаларга тиийэ киирэ сылдьыталаабыт бандьыыттар этэрээттэрэ үнтү сынньыллыбыттара. Аһа-таҥаһа, сэбэ-сэбиргэлэ суох, кыһыл Сибииртэн, кыһыл Россияттан эрэ буолбакка, бэйэтин улуустарыттан да быстан олорбут Дьокуускай холкутук тыына түспүтэ. Ол кэмҥэ аҕыйах муунта арсаанай бурдуктаах киһи спектакль көрүөн, сарсыардааҥҥа диэри үҥкүүлүөн даҕаны сөп этэ.
Томмот ити “Хара мэҥи” көрбөтөҕө. Атырдьах ыйыгар кини комсомолецтары кытта Бүлүү суолунан тыаҕа тахсан быйыл кыһын куорат оттор саһаанын кэрдиһэ сылдьыбыта. Итиэннэ, баара да буоллар, кини ол хантан ылбыт арсаанайа кэлиэ этэй?.. Томмот кэлииккэ диэки хараҕын быраҕан ылла. Туох да биллибэт… Кини эмиэ афишатыгар хайыста. Ол эрээри биир кэм эргэ афиша сарымтаҕын одуулаан турар соччо табыла суох буолуоҕун өйдөөн, Томмот олбуору кэриччи көрдө. Тэйиччи эмиэ кумааҕы туртайар. Уол ол диэки сыҕарыйда. Хаһыат эбит. “Автономная Якутия”. Бүгүҥҥү нүөмэр. Хаһыаты сыһыарааччылара суох этэ ээ. Туох эмэ улахан наадалаах матырыйаал бэчээттэннэҕэ дуу? Уол, төҥкөс гынаат, хараҕа партия обкомун секретара Максим Аммосов илии баттааһыннаах “Сааны-саадаҕы ылыҥ!” диэн инники ыстатыйаҕа кэтиллэ түстэ.
“Саха норуотун өлөр-тиллэр дьылҕата быһаарыллар кэмэ кэллэ, – диэн дьэбир, тыйыс тыллартан саҕаламмыт ол ыстатыйа. – Хаан утахтаах үрүҥ генерал, Дальнай Востокка урусхалламмыт контрреволюция тобох күүстэрин хомуйан, Саха сирин диэки салалынна.
Өстөөх уһуга-муҥура суох эстиигэ-быстыыга, аата-ахсаана суох өлүүгэ-сүтүүгэ тиэрдээри иһэр.
Алдьархайдаах күн-дьыл тирээтэ – Гражданскай сэрииттэн дьадайбыт, умнаһыттыйбыт, алдьаммыт-кээһэммит Саха сирэ ити алдьархайы тулуйуо дуо? Саҥа сэрии Саха сирин бүтэһиктээхтик эһиэ суоҕа дуо?
Ол иһин билигин биһиги хас биирдиибит долгуйан туран ыйытабыт: өстөөх кимиитин туруулаһан көрсөрүгэр, кинини үнтүрүтэригэр уонна төрөөбүт кыраайыттан киэр үүрэригэр ама саха норуотун күүһэ тиийиэ суоҕа дуо? Саха норуота Автономиятын көмүскэлигэр ама бүттүүн биир киһи курдук турунуо суоҕа дуо?
Автономнай Саха сирин революционнай былааһа ыҥырар: “Бука бары сааны-саадаҕы ылыҥ!”
Ааҕан истэҕин ахсын Томмот тоҕо манна турарын умнан, букатын атыны санаан, букатын атынтан долгуйан барда. Бу дороххой саһарымтыйар кумааҕыга бэчээттэммит строкалартан кини сүрэҕэр кырыктаах кыргыһыы уота-төлөнө биллэргэ дылы гынна.
Томмот ыстатыйа тиһэх строкаларын тобулу көрөн турбахтаата. Бу ыстатыйа хас биирдии тыла киниэхэ, чуо киниэхэ туһаайыллыбыкка айылаах.
“Саамай сөп! Хас коммунист, комсомолец, хас чиэһинэй киһи барыта билигин бу ааҥнаан иһэр алдьархайы суох оҥорор туһунан эрэ саныахтаах. Онтон атын туох даҕаны суолтата суох, – дии санаата Томмот. – Билигин ол-бу падежтары, теоремалары үөрэтэ сатыы олорор кэм буолбатах. Илиигэ бинтиэпкэни ылан, кыргыһа барыахха! Күн сарсын эмиэ обкомолга тиийиэххэ наада. Үнүрүүн кини Ревком, Совнарком декларациялара тахсыбытын кэнниттэн тиийбитин төттөрү үүрбүттэрин иһин сарсын, баҕар, ылыныахтара. Сарсын…”
– Томмот, эн турар эбиккин дуу? Техникумнаан иһэҕин ини?
Уол, ааҕарыгар аралдьыйан кэлииккэ аһыллыбытын өйдөөн көрбөккө, кыыс саҥата субу аттыгар иһиллибитигэр соһуйан эргиллэ түстэ. Кыыча! Маҥан таба тыһа этэрбэһинэн чигдигэ чэпчэки-чэпчэки бэйэлээхтик дугунан, кырса тыһа бэргэһэтинэн тулаламмыт сып-сырдык маҥан сирэйин сыысчаана туналыйан…
– Техникумҥа… – Томмот, хараҕын умса көрөн баран, ботугураата.
– Чэ түргэнник, аны хойутуохпут, – диэтэ кыыс уонна буруйдаммыт быһыынан аргыый эбэн эттэ: – Хотунум иһит сууйтаран хойутатан кэбистэ…
Уол сэргэстэһэ хаамсан иһэн тиэтэйэн дыбдыгырайар кыыс имигэс, намчы таһаатын хараҕын кырыытынан көрөн ылла. “…Саха норуотун өлөр-тиллэр дьылҕата быһаарыллар кэмэ кэллэ…” Субу иннинэ аҕай кини уйулҕатын долгуппут ити дьэбир тыллар өйүгэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гыннылар. Оннук! Өлөр биитэр тыыннаах буолар быһаарыллар күчүмэҕэй күннэрэ. Маннык алдьархайдаах кэмҥэ кини, комсомолец, кыыс кэлииккэтин аанын кэтээн хороллон турар, кинини уоран одуулаһа иһэр. Саат! Норуот бастыҥ уолаттара уодаһыннаах өстөөх хааннаах илиититтэн тыыннара быста турдаҕына маннык түктэритик быһыыланар мэссээни комсомолтан муус ураҕаһынан кыйдыахха сөп. Итинник санаан, кыбыстан, кэмсинэн, сирэйэ чоххо баттаабыттыы кытаран, Томмот саҥата суох төҥкөччү туттан истэ.
Марат болуоссатыгар хара таҥастаах кыһыл былаахтары санньыччы туппут колонналар бииртэн биир кэлэн истилэр. ЧОН этэрээтин байыастарын кырыылаах ыстыыктара аһаҕас иин уҥа өттүгэр кырыара кэккэлээтэ. Хаҥас өттүгэр ГПУ дивизиона кырылаата. Олор ойоҕосторугар Артдивизион, Комендантскай хамаанда турдулар. Бэтэрээтэх, өрүс диэки, партийнай, комсомольскай, сэбиэскэй тэрилтэлэр, оробуочайдар коллективтарын, үөрэх тэрилтэлэрин колонналара субурустулар. Кытыы диэки куорат олохтоохторо тоҕуорустулар.
Томмот педтехникумун знамятын хараара аҥайар иин диэки нуоҕатан колоннатын иннигэр хамнаабакка турда. Болуоссат ньим уоһуйда. Арай тыһыынчанан киһи тыынара бытарҕан тымныылыын аалсан кырылыы сыыгыныыр.
Эмискэ куорат кииниттэн таҥара дьиэтигэр кэлэн анньыллар уулусса диэкиттэн духовой оркестр көмүү маршын кутурҕаннаах дорҕооннорун дьүрүһүтэн ньиргийдэ. Ол кэмҥэ муннук эргиириттэн ыстыыктаах сааларын санныларыгар сүкпүт кыһыл армеецтарынан арыалдьыттанан кыһыл, хара таҥастарынан эриллибит дуҕалаах үрдүк томскай аттар сыарҕаларыгар мэлдьи күөх харыйа лабааларынан тулаламмыт мас хоруоптары тиэйэн таҕыстылар. Аттар кэннилэриттэн Саха сирин партийнай, сэбиэскэй тэрилтэлэрин салайааччылара, сэбилэниилээх күүстэрин командующайа, воинскай чаастар хамандыырдара иһэллэр. Оркестр киһи кутун-сүрүн эймэһитэр энэлгэнин ортотугар хоруоптары, сэрэнэн көтөҕөн, иин аттыгар анал үрдэлгэ уурталаатылар.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?