Текст книги "Киһи биирдэ олорор"
Автор книги: Софрон Данилов
Жанр: Литература 20 века, Классика
Возрастные ограничения: +12
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 41 страниц) [доступный отрывок для чтения: 13 страниц]
– Кэһии аҕала киирбэтэх, өрөпкүөмнэр таһаҕастарын киллэрбит, – дьиэлээх оҕонньор, куорат биир биллэр эргиэмсигэ Ыллам Ыстапаан, мас дуобат ньыхаатыгар маарынныыр лыры-лыхаҕар киһи, быһа түһэн быһаарыста. – Инньэ гынан ити киһиҥ докумуоннара эҥинэ баһаам. Өрөпкүөм киэнэ наар тиэтэл буолааччы, кэһии ыллаттарар бокуой биэрэллэр диэтэҕиҥ дуу.
Кыыча, үүтүн тохпут оҕо курдук буолан, саҥата суох чэйин иһэн таҥныбытыгар Суонда, дьиксиммиттии, кыыс уонна дьиэлээх киһи сирэйдэрин олбу-солбу көрбөхтөөтө.
– Кыычаҥ аны луохтуур. Балыыһаҕа кыһыл хамандыырдары эмтэһэр, – диэтэ Ыллам Ыстапаан ыалдьытын уоскутар быһыынан. – Киэһэ ахсын онно сүүрэн үлэлээн кэлээччи. Суонда, бэйэҥ эмиэ наадаҕар барбаккын дуо? Аны куораккар олус хойут сылдьарыҥ сатаммат ээ.
Кыыча балыыһаттан киэһэ утуйбуттарын кэннэ кэллэ.
Кыыс сарсыарда арыый хойутаан туран, тиэтэлинэн суунан-тараанан, үөрэҕэр бараары аһыы олордоҕуна, Ыллам Ыстапаан, бүлүүһэлээх хойуу чэйи иһэн сыймаарда-сыймаарда, соччо улахаҥҥа уурбатахтык эттэ:
– Тукаам, тиэтэйимэ. Тото аһаа. Уонна ичигэстик таҥын. Ыраах айаннаары олороҕун.
– Ханна… ыраах?.. – кыыс соһуйан лэппиэскэҕэ хара сыста.
– Суонда таарыччы эйигин дьиэҕэр таһаараары киирбит. Бээһээ киэһэ сыарҕатыгар бэртээхэй диэн бобуоска оҥордо. Дьиэ курдук. Аҕаҥ инньэ диэн соруйбут. Сэрии ааһыар, нам-нум буолуор диэри дойдутугар тахсан олордун диэбит.
– Мин ханна да барбаппын!
– Тыый, тукаам, кэбиһиий, – дьиэлээх киһи ньалҕаарыйда. – Төрөппүт аҕа тылын итинник гынар диэн баар дуо? Оҕонньор оҕотугар үтүөнү баҕаран дьаһайан эрдэҕэ дии. Сэрии чугаһаатаҕына манна араас алдьархай буолуо. Оччоҕо…
– Ханна да барбаппын! – кыыс бүлүүһэлээх хончоҕорун түҥнэри садьыйбытынан ойон турда. – Үөрэхпин быраҕыам суоҕа!
– Барыаҥ, сэгэттэйиэм, барыаҥ, – Ыллам Ыстапаан ымманыйбыта мэлийэ оҕуста. Сирэйэ дьэбин уоһуйда. – Аҕаҥ дьаһайбыт – онон бүтэр. Бар хата таҥын!
Кыыча хоско киирэн сонун, бэргэһэтин кэттэ, суумкатын ылан сүүрэн таҕыста. Тас ааҥҥа чугаһаан эрдэҕинэ дьиэлээх киһи күөйэ турда.
– Ол-бу буолума!
Кыыча Ыллам кыыһырбытын бу эрэ көрдө, урут биир кэм уҥунуохтаан кэбиспиккэ дылы аргыый ньылбаарыйа сылдьар идэлээҕэ.
– Барыам! Эһиги миигин күүскүтүнэн илдьэр быраапкыт суох!
– Киниэхэ өссө быраап наада. Үтүө тылы истибэт буоллаххына, күүспүтүнэн дьарыйыахпыт. Кэлгиллэн барыаҥ. Аҕаҥ оннук дьаһайбыт. Быраабыҥ ол баар.
– Ыытыҥ!.. – Кыыча хара күүһүнэн ааны былдьаһа сатаата.
– Киэр!
Ыллам Ыстапаан илиитин таһынан садьыйбыта кыыс, олоппоһу түҥнэри көтөн, тиэрэ баран түстэ.
– Эмээхсиэн, кэл! Ааттаһа сатаан кинини кытта мачайдаһар соло суох. Киллэрэн таҥыннарыах. Суонда, атыҥ бэлэм ини?
Дьиэлээх тойон эмээхсининээн кулуннуу мөхсө сылдьар кыыһы көтөҕөн ыллылар. Хоско киллэрэн эрдэхтэринэ Кыыча киһи куйахата күүрүөхтүк сарылаата:
– Суонда-а!.. Суон-да-а!.. Абыра-а-а!..
Суонда, хамсатын болточчу уобан, төҥкөччү түһэн олордо.
Күөс быстыҥа холобурдааҕынан Ыллам Ыстапааннаах олбуордарыттан бобуоскалаах сыарҕалаах ат таҕыста. Сыарҕа иннигэр Суонда нүксүллүбүт.
– Аны сүөрэ оонньуу сылдьаайаҕын, – диэн дьиэлээх киһи ойоҕолоон иһэн киниэхэ сибис гынна. – Босхо бардаҕына, төттөрү сүүрдэҕинэ көҥүлэ. Тоҥнун. Кыратык тоҥмутунан туох да буолуо суоҕа. Итиэннэ итии хааннаах эдэр кыыс оҕо итиччэ үлүгэр таҥаһынан тоҥо сырыттаҕай!
Кыыча, кырдьык даҕаны, ылбычча тымныыга хотторуо суохха айылаах: таба тэллэхтээх, куобах суорҕан үллүктээх. Синньигэс биилиттэн үөһээ өттө сабыылаах бобуоска иһигэр. Илиитэ, атаҕа хороччу кэлгиллибит. Харса суох айдаарбытын иһин айаҕар таҥаһы симэн баран былаатынан саба баайбыттар. Кыыча күүһүн муҥунан мөхсө сатаан сэниэтэ эстэн, абатыгар саҥата суох ытыы сытар.
Суонда дьиэттэн умса туттан сири көрбүтүнэн тахсан сыарҕатыгар көхсүнэн буолан олорбута. Ол курдук, киһи баар диэн кэннин диэки хайыспакка, сыарҕа сыҥааҕын анныгар сыыйыллар суолу одуулаан нүксүллэн иһэр.
Хатыыстаах арыытын ааһан эрдэхтэринэ икки аттаах, саалаах киһи ойутан кэллилэр.
– Тохтоо! Ханна бардыҥ? – ыҥыыр үрдүттэн тоҥон бөҕүөрбүт эдэр саха уола ыйытта.
Суонда саҥата суох илиитин хоонньугар укта.
– Тоҕо саҥарбаккын? Ычча-ычча, түргэнник!
Суонда кумааҕыны хостоон уунна.
– Ээ, өрөпкүөм таһаҕаһын киллэрбит, – уол кумааҕыны аргыһыгар, бар курдук кыһыл түүнэн саба үүммүт сирэйдээх нуучча киһитигэр, уунна. – Бобуоскаҕар тугуй? Киһи дуо? Кимий?
Суонда саҥата суох кэннин диэки сапсыйан кэбистэ.
– Баатыгарын, тыла суох дуу? – саха уола бинтиэпкэ тимиринэн бобуоска сабыытын арыйа тарта. – Һы, дьахтар сытар. Ыарыһах дуо? Ньомуой күтүр дуу, таас дьүлэй дуу? Чэ-чэ, бар. Мэ, кумааҕыгын ыл.
Кыыча, соһуйбучча дуу биитэр өссө тугу эрэ күүппүччэ дуу ньимийэн сытан баран, бобуоска сабыыта саба түспүтүгэр эрэ өйдөнөн, ыҥырана-ыҥырана, мөхсөн тиргиллимэхтээтэ да, аттар туйахтара сыарҕа кэннин диэки лаһыгыраһа турдулар. Аҕатын ытарча илиититтэн төлө көтөр бэртээхэй түбэлтэни – тиһэх эрэлин мүччү туппутуттан кыһыйан, кыыс эмиэ уйа-кэйэ суох ытаан барда. Аны кинини туох да быыһаабат. Этэргэ дылы, көмүскэтэрэ эрэ көмүскэтин уута, харыстатара эрэ хараҕын уута хаалла…
Аллаах ат өрүс килэҥ суолун устун уҥуоргу кытылы туһаайбытынан айаннаан халыһытта. Иннилэрин диэки дьулуруйан иһэн тымныы модун илиитин күөйэ туппутугар эмискэ хам тоҥон хаалбыт кыдьымах муустар бачымахтаһаллар. Төһө да өрүс түөһүгэр хамнаабаттык эпсэри тоҥмуттарын иһин ол муустар үрүт өттүлэрин хоту диэки арыый иэҕэччи анньыбыт киэптэригэр инники диэки дьулусханнаах айан тыына биллэр. Өрүс киэҥ үөһүгэр харах ыларын тухары ыга симсибит кыдьымах, халыҥ хаар суорҕаны үрдүгэр саба тардынан, нуктуу таалбыкка дылы. Ол нуктуу туран, билигин төһө да чымараан тымныы ыга ылан букатыннаахтык тойорҕообут курдук туттубутун иһин, кыыдааннаах кыһын самаан сааһынан хайаан да солбуллуоҕун, көмүөл күлүмэх күүһүгэр көтөхтөрөн, ылыбырайар ыраас сүүрүккэ сүктэрэн, эмиэ инники, инники кылбаһыйа устар кэмэ кэлиэҕин түһүүргэ дылы. Ханнык да бэйэлээх чысхаан тымныы, хараҥа түүн, ытыллар буурҕа ол кэм кэлэрин тохтотор, уталытар кыаҕа суох!
Суонда кыыс атаҕа дьигиҥниириттэн кэм да ытыы сытарын биллэ. Кини, иҥнэх гынан, кымньыытын уунан, бобуоска сабыытын үөһэ бырахта. Барахсан сатаатар ыраас салгынынан сайа тыыннын, аан дайдытын анаардын. Аһынары билбэт муус сүрэхтээх күтүр диэн кэлэйэн сытаахтаатаҕа. Суонда нүксүйбүт көхсүн иһигэр санаа бөҕө көймөстөн кыынньа иһэрин билээхтээбэт. Ити гынан баран Кыычаны Суонда курдук ис сүрэҕиттэн аһынар, харыстыыр, киниэхэ үтүөнү баҕарар киһи ийэтиттэн ураты атын ким да суоҕа чахчы. Бу күн сиригэр төрөөн Суонда саамай таптыыр киһитэ – Кыыча. Төрөппүт киһи даҕаны оҕотун бу курдук күүскэ таптыыра аҕыйах буолуо.
Суонда Кыычаҕа быыкайкаан иккилээх-үстээх сэрбэкэчийбит кыысчаан эрдэҕиттэн ылларбыта. Киһи да киһиэхэ убанар буолар эбит этэ. Кыысчаан, өйүнэн да буолбатар, уйулҕатынан, сүрэҕинэн ону билэргэ дылыта. Суонда үлэтиттэн босхолонон таһырдьаттан киирэн оһох аттыгар аргынньахтаатын да, кыысчаан сонно сүүрэн татыгырайан кэлэн моонньугар иилистэ түһэрэ итиэннэ араастаан көтөхтөрөн-сүктэрэн үлбүрүйбүтүнэн барара. Ол үлбүрүттэрэ олорон, Суонда кыысчааны дьонтон кистээн сыллаан ылара. Кини саамай улахан манньата диэн ол этэ. Ити туһугар кини төһө да үлүгэр эрэйи көрөрүн, ыар үлэни үлэлиирин, тоҥорун-хатарын кэрэйбэтэ. Кыысчаан таҥаһыттан, сахсайбыт баттахтаах төбөтүттэн, быыкайкаан ытыһыттан аһыйбыт үүт сүрэххэ сайа охсон киирэр сытыы сытын эҕирийдэҕинэ кини барытын умна түһэрэ: хамначчыт төрөөбүт аналын, уруккутун, хойуккутун…
Суонда таҥараҕа андаҕайыа этэ: төрөппүт аҕата кыыһын хараҕын далыгар киллэрдэҕинэ эрэ саныыр быһыылааҕа. Оттон кини мэлдьи саныыра: түүнүн-күнүһүн… Түүн түһээн кинини кытта тэбис-тэҥҥэ оонньуура. Арыт кыыс алдьархайга түбэстэҕинэ быыһыы сатаан ийэ-хара көлөһүнэ саккыраан уһуктара. Күнүс туохтан эмэ хомойдор, туоххаһыйдар эрэ Кыычаны саныы түһэрэ. Оччоҕо хараҕа сырдаан, көхсө кэҥээн кэлэрэ. Хантан эмэ ыраахтан төнүннэҕинэ, балаҕан иһигэр кыыһы хараҕынан көрдөөбүтүнэн киирэрэ. Кыыча барахсан, кинини көрөөт: “Оо, Суон-таа… Иэхэй! Иэхэй!..” – диэн чаҥкынаабытынан бу утары сүүрэн далларыйан кэлэн атаҕын кууһа түһэрэ. Суонда ханна эмэ сырыттаҕына кистээн кэһии аҕалар идэлээҕэ. Онтукатын оҕотугар эмиэ дьон көрбөтүгэр биэрэрэ. Кыысчаан барахсан ону кистиир наадатын букатын өйдөөбөт этэ. Биирдэ Суонда тойонунаан ыаллыы нэһилиэк баайыгар ыалдьыттаабыттара. Онно аһыы олорон, кини биир тооромос саахары айаҕар илдьибитэ буолан иһэн сиэбигэр түһэрбитэ. Сарсыныгар онтукатын сиэбин кириттэн ыраастаан үрбэхтии, имэрийэ түһэн баран Кыычатыгар биэрбитэ. Кыысчаан ону көмүллээн кучугурата сылдьан: “Суонтаа миэхэ саахар биэртэ-э…” – диэн айдаараахтаабыта. Аҕата саахары былдьаан ылан оһоххо бырахпыта: “Пахай, бу хара балах кирдээҕи айаххар уктаҕын дуо! Оҕоҕо ону-маны биэрбэт буолуҥ!” Кыыча онуоха ытаан айдааран турбатах үһү дуо! Эҥин араас улахан куһуок саҥа саахары аҕалан үҥүлүтэ сатаабыттара. Кыысчаан онтукаларын көрүөн да баҕарбатаҕа. Биир кэм ытыы-ытыы оһоххо талаһара: “Суонтаа саахарын аҕалыҥ!.. Суонтаа саахарын аҕалыҥ!..” Оннук…
Барахсан көмүскэһэ диибин диэн. Аргыылап былыр биирдэ от тиэйэр саҥа хатыс өтүү сыарҕаҕа алҕас сүгэ биитигэр түбэһэн быһа ыстаммытыгар кыыһырбыта, Суонданы үнтү ыххайбыта: “Тугу да харыстаабаккын! Хараҕыҥ тэһэ ыстаммыта дуо? Тоҕо көрбөтөххүнүй?!” Суонда аһарынан тыл быктарыа баара дуо, саҥата суох буруйданан умса көрөн турдаҕа дии. Онуоха Кыыча сүүрэн туотарыйан кэлбэтэх үһү дуо! Кэлэн, Суонданы илиититтэн харбаабытынан аҕатыттан быыһыы түспүтэ уонна, быыкайкаан атаҕын сыыһынан дибдигирии-дибдигирии, умайыктаммыта: “Суонтааны эн мөҥүмэ! Эн күргүйдээмэ! Мин Суонтаам. Эйиэнэ буолбатах. Мин Суонтаам! Мин кырбатыам суоҕа! Эн киэр бар!” Оо, онно сыччыый сыыһа кыыһыран чорбойбут уоһун, уоттаммыт хараҕын! Бэл улуус бүтүннүүтэ куттанан утары көрбөт Аргыылаба соһуйан ах баран чыпчылыҥныы турбута. Суонда сонно таһырдьа ыстаммыта уонна, уйадыйан, айманан, кыс мас кэтэҕэр саһан олорон ытаабыта…
Ол бэйэтэ бу билигин Кыычата барахсаны хараҕын уутунан сууннаран тиэйэн иһэр. Кини атын хайыыр да кыаҕа суох. Тойоно оннук дьаһайбыта. Ону толордоҕуна эрэ сатанар.
Суонда уончалаах уолчаан эрдэҕинэ аҕата-ийэтэ өлөн төгүрүк тулаайах хаалыаҕыттан Аргыылап илии-атах киһитэ буолбута. Онтон ыла бу орто дойдуга үҥэр таҥарата, үрдүк суута, муҥур тойоно – Аргыылап. Өйдүүрүн тухары наар кини үлэтин үлэлиир, мэлдьи кини дьаһалын толорор. Оҕо эрдэҕиттэн оҕонньор буолара чугаһыар диэри кини биирдэ даҕаны тойонун тылын быһа гына илик, кини дьаһалын биирдэ эмэ кэспит аньыыта суох. Онон Аргыылап кинини таас хайа кэриэтэ эрэнэр, кинини муҥура суох итэҕэйэр. Итиэннэ Суонда тойонум миигин куһаҕаннык тутар диэн үҥсэргиэн эмиэ сатаммат. Кини атын баайдар хамначчыттара быстан-ойдон, дьүдьэйэн-дьаарайан, илбирийэн сылдьалларын көрөр. Аһыахтарын астара, таҥныахтарын таҥастара суох буолар. Суонда билиҥҥитэ куртаҕа кураанахсыйа, санна килэйэ илик. Ол эрээри Аргыылап ама кинини биир оҥойор айаҕар аһатыа суоҕа дуу? Суонда саллар сааһыгар үлэ бөҕөнү үлэлээтэ ахан. Үлэлэтиэхтэрин баҕардахтарына, оннооҕор көлүүр оҕуһун хадаҕалыыллар. Суонда үлэтэ айаҕын уон, сүүс төгүл бүктүүр ини. Аргыылап биир таммаҕы кумахха куппатах обургу буолуо. Оо, обот, иҥсэ баҕас чааһынан баардыҥы кырдьаҕас. Барыһырарын туһугар кими даҕаны хаанынан ытатарын, ыал устун ыытарын кэрэйбэт киһи. Чэ ол кини эрэ да буолуо дуо: бэйэ бэйэни торҕон бөрө кэриэтэ хадьыктаһыы бу орто дойду адьыната быһыылаах. Ким күүстээх, ким үптээх, ким сытыы тиистээх – ол быраап. Күүһү, үбү, тииһи даҕаны Аргыылапка айыы таҥара биэрэ түспүт ахан…
Онон хамначчыппын диэн үҥсэргиэҕи кэрэгэйгэ дылы. Оттон ол Суонда үйэтин-сааһын тухары бэйэтэ анал алаһа дьиэлэммэтэҕэ, аал уоту оттубатаҕа, хотун ойох хоонньун билбэтэҕэ, төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөҕө, иитэр сүөһүнү күрүөлээбэтэҕэ, наар баай ыал холумтанын кэтээн аҥаардас аналламмыта дьылҕата, ыйааҕа оннук буоллаҕа дии. Ону хайыа баарай.
Аҕыйах сылтан бэттэх аан дойду атыйахтаах уулуу айманна. “Кыһылбыт”, “үрүҥмүт” дэһэ-дэһэ, саа тута-тута өрө-таҥнары субуллаллар. Хаан бөҕө тоҕунна, тыын бөҕө быһынна. Киһи өлөрө диэн аны кумаар өлөрүн кэриэтэ буолла. Хайалара үчүгэйин, хайалара куһаҕанын туох да билбэт. Араатардаатахтарына хайаларын да айахтарыттан күөх от үүнэр. “Мин куһаҕаммын” диэччи өссө үөскүү илик быһыылаах. Ким кырдьыгын, ким сымыйатын Суонда билбэт, ону быһаарарыгар өйө да тиийбэт ини. Итиэннэ биир өттө наар үчүгэйэ биитэр наар куһаҕана эмиэ саарбах. Кыһыллар дьадаҥылары көмүскээн кыргыһабыт дииллэр эрээри, дьадаҥылара үрүҥ буолан эмиэ сарахачыһа сылдьаллар ээ. Көмүскэттэрэр дьон тоҕо үрүҥ буолуохтара эбитэй? Суонда билиҥҥитэ саллаат буолан сарайбыт баайы көрө илик. Баайыҥ кэм хамандыыр, тойон буолар биитэр, саҥаран салайан кэбиһэ-кэбиһэ, күлүккэ түһэн дьиэтигэр олорор. Баайыҥ хаһан да бэйэтэ сэриилэспэт, хамначчыттарынан сэриилэһиннэрэр. Оннук-оннук… Чэ көрүлээтиннэр. Суонданы эрэ тыыппатыннар. Кини билиҥҥитэ үрүҥҥэ да, кыһылга да кыттыһар санаата суох. Кыттыһыа да суоҕа. Туоҕун харыстаһан саа тутан саллаҥныаҕай? Туора киһи киэнигэр эмиэ умсугуйбат. Атын киһи тыыныгар туруохтааҕар бачча сааһыгар диэри биир эмэ көтөр-сүүрэр тыыныгар да турбута суох. Саханы сааһыт, булчут дииллэр даҕаны, кини саа чыыбыһын төлө тарда илик. Икки быччыҥын үлэтиттэн атыны билбэт. Билбэтэ ордук! Аргыылап даҕаны кинини бэйэтиттэн араарбат санаалаах. Сатаатар эрэ! Тойоно туох үчүгэйин, туох ордугун, туох барыстааҕын билэрэ буолуо. Алҕаһыа суоҕа. Кини баччааҥҥа диэри тугу эмэ алҕаһаан сыыһа туттубутун, ночоотурбутун, хотторбутун Суонда өйдөөбөт. Кэм кини түмүгэр хабыылаах тахсыбыта, сүүйүүлэммитэ баар буолааччы.
Билиҥҥи кэмҥэ ол-бу айаҥҥа сылдьар кутталлаах. Көлөҕүн былдьаан ылыахтарын, тыыҥҥар туруохтарын даҕаны сөп. Суонда дьиэтин тэлгэһэтиттэн тэлэһийбэт санаалаах этэ. Ол гынан баран үнүрүүн Аргыылап таһаҕас киллэрбитэ аатыран куораттаа, ээр-сэмээр Бэлиэрий хайдах сылдьарын бил уонна Кыычаны илдьэ таҕыс диэбитигэр үөрбүтэ. Бэлиэрий хайдах баҕарар сылдьарыгар кини соччо кыһаллыбат. Оҕо эрдэҕиттэн аҕатын туйаҕын хатарбыт баҕайы. Остуолтан быга илигиттэн Суонданы киһи диэбэт этэ, көлүүр оҕуһунуу көрөрө, көҥүл үүрэрэ, мөҥөрө. Күлүү-оонньуу оҥосторо. Көхсүн чаачар саа оноҕоһунан батарыта ыттаҕына – ол суох, утуйа сыттаҕына муннугар сыҥсыыр табаҕы куттаҕына – ол суох. Оройунан көрбүт бэдик. Аҕатын курдук бардам, баламат, дьэбир, тыйыс, харса-хабыра суох.
Суонда бэҕэһээ Испирдиэҥкэ дьиэтигэр сылдьан истибититтэн, кырдьыга, соччо курутуйбата: Бэлиэрийи, Испирдиэҥкэ оҕонньору эмиэ чыкаалар хаайбыттар үһү. Бука, туох эмэ куһаҕаны оҥорон түбэспит күтүрдэр буолуо ээ. Бэлиэрий үнүрүүн бэркэ түүнү сирэйдэнэн ааспыта. Аанньаҕа инньэ гымматах баҕайы ини. Оҥостубутугар түбэһэ сырыттын…
Суонда Кыычатын илдьэ иһэр. Онтон ордук киниэхэ туох да наадата суох. Аргыылап оҕонньор обургу кэм өтө көрөн дьаһайбыт. Бэлиэрий улахан буруйу оҥорбут буоллаҕына, бука, балтын даҕаны сүгүннүөхтэр суох этэ. Уонна кыргыһыы кэмигэр кыыс оҕо куоракка араас алдьархайга тиксиэн сөп. Тойоно ону билээхтээбэт, сэрэйээхтээбэт буолсу дуо? Кэбис, бу долгуннаах күҥҥэ-дьылга оҕо дьиэтигэр, харах анныгар олорбута ордук.
Кыыча барахсан ытыы сытар быһыылаах. Оҕо муҥнаах хайдах гыннаҕына үчүгэйин бэйэтэ да билбэтэ буолуо. Үөрэҕиттэн, доҕотторуттан арахсан айманнаҕа. Уонна ити Ылламнаах баҕайылар туппуттара-хаппыттара олус хабыра бэрт. Оннук буолбатаҕына эмиэ да сатаныа суох курдук этэ ээ. Итиччэ киһи буолумматын хайыахтарай, күүһүлээтэхтэринэ эрэ табыллыах быһыылааҕа. Суонда бу билигин сүөрэн босхолоон кэбиһэрэ эмиэ сатаммат. Эрэйдээх кэлгиэтэ сөллүө да, төттөрү куоратыгар ыстаныа, ону эмиэ бохсоругар тиийиэ дуо? Оо, кэбис, ол кэриэтин маннык барбахтыы түһүөххэ. Ырааттаҕына хайаан төннүөй – барсара эрэ хаалыа.
Ытыы сытаахтыыр. Суонда Кыычаны хомотон, санаарҕатан, биир эмэ таммаҕы түһэртэриэм, ону ааһан ытатыам, уһун суолу быһа хороччу кэлгийэн хараҕын уутунан сууннарыам диэн хаһан да санаабатаҕа. Хата: “Кинини атаҕастыыр, күөмчүлүүр киһи мин өлөр өстөөҕүм буолуо, кинини хайа кыайарбынан бары куһаҕантан, эрэйтэн, кыһалҕаттан көмүскүөм, бары алдьархайтан араҥаччылыам, кини үөрэ-көтө сылдьарын туһугар тыыммын даҕаны кэрэйиэм суоҕа”, – диирэ. Барахсаным сыыһа бу барыта кини туһугар, кини туһатыгар оҥоһулларын, Суонда киниэхэ наар үтүөнү, үчүгэйи эрэ баҕарарын өйдүүрэ буоллар дуу! Тылынан инньэ диэн быһааран биэриэҕин Суонда ол ким биэрбитинэн оннук саҥаран чуопчаарыаҕай. Айыы таҥара ханнык дьоллоохторго устар ууну сомоҕолуур уус тылы биэрэрэ эбитэй! Суонда сордоох биэс тылы да сатаан холбоон саҥарбат. Саҥарыан кэриэтин оҥорорун ордорор. Ону сорохтор ааргы, акаары дии саныыллар. Тылынан да тылыбыраабатар, кини көҥдөй көхсүн иһигэр тугу барытын буһара сылдьарын билбэттэр. Кинини оҕус курдук халыҥ тириилээх, балык курдук тымныы хааннаах дии саныыллар. Киһиэниттэн эрэ уйаҕас уйулҕа, киһиэниттэн эрэ итии хааннаах сыгынньах сүрэх киниэхэ баарын билбэттэр. Киһи билэр буоллаҕына, ону арай Кыыча билиэн сөп этэ. Кини эрэ. Баҕар, ону билэр буолан, хомойон, хоргутан, кэлэйэн, ити ытыы иһээхтиирэ буолуо. Барахсан бэҕэһээ киэһэ көрөөт моонньуттан кууһа түспүтэ ээ…
Суонда таһырдьаттан киирэригэр кыыс кыра эрдэҕинэ “Суонтаа!..” диэбитинэн утары сүүрэн далларыйан иһэрин субу хараҕар көрөргө дылы гынна. Кыысчаан төбөтүн минньигэс сыта муннугар субу биллэн кэллэ. Устунан кини кэҥэриитэ аһыйан барда. “Мөҥүмэ, хоргутума даа, чыычааҕыам. Оо, олох кыһалҕата арааһы, киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын даҕаны оҥотторон эрдэҕин. Таҥара көрөр, мин маннык буолуон букатын баҕарбатаҕым. Кыыһырыма даа, тоҕойуом…”
Суонда, көхсө улам нүксүйэн, төбөтө улам санньыйдар санньыйан истэ…
Бу хам кэлгиллэн сытан Кыыча санаата бүтүннүүтэ кэннигэр. Кэннигэр – туманынан оргуйа хаалбыт куоракка, техникумҥа, бииргэ үөрэнэр оҕолоругар. Кини өтөрүнэн төннүбэт суолугар киирдэ быһыылаах. Аҕата аны кинини ытарча ытыһыттан ыһыктара биллибэт. Манан үөрэнэн бүппүт буоллаҕына да боруок суох. Аргыылап оҕонньор дьахтар элбэх үөрэхтэнэрин сөбүлүө суохтаах. Итиэннэ кыыһын коммунист, комсомол уйата куоракка ыытарын даҕаны кэрэйиэҕэ. “Онон дьэ, быраһаай, Якутскай! Быраһаай, техникум! Быраһаайдарыҥ, ыарыһахтарым! Доҕотторум…” Ити эрээри бу балтараа сыл устатыгар кини соччо-бачча доҕоттордоммокко эрэ арахта дуу, тугуй? Кини соторутааҕыга диэри биир курска үөрэнэр оҕолорун доҕотторум диирэ. Тоҕо да оннук саныа суох этэй? Бииргэ үөрэнэрэ, бииргэ оонньуура, үөрэрэ, бииргэ үлэлиирэ ээ. Онтуката сыыһа эбит. Ону комсомольскай мунньах үчүгэйдик өйдөттө. Ол да буоллар, төһө да бэйэлэрин кэккэлэриттэн үүрбүттэрин иһин, Кыыча кинилэргэ өстүйбэт. Дьиҥинэн кинилэр сөпкө гыннахтара дии. Баай дьадаҥыга, дьадаҥы баайга атас, доҕор буолуон сатаммат. Били этэллэригэр дылы, аҥаара күрдьэх маһа, аҥаара таҥара маһа. Кинилэри иллэһиннэрэн холбооттуур күүс бу күн сиригэр суох. Кыыча – баай кыыһа. Өстөөх кыыһа. Ону кинилэр тоҕо итэҕэйиэхтээхтэрий? Тоҕо эрэллээх доҕорунан ааҕыахтаахтарый? Сөпкө үүрбүккүт, оҕолоор…
Оо, ол эрээри, оҕолоор, эһиги сыыһаҕыт ээ: Кыыча баай Аргыылаптан төрөөбүт, киниэхэ иитиллибит эрэ буруйдаах. Эһиги тоҕо кини сүрэҕэ тугу сөбүлүүрүн, санаата ханна салалларын билиэххитин баҕарбаккытый? Балтараа сыл эһиги ортоҕутугар, эһигини кытта биир олоҕунан олорон, эһиги үөрэтэргитин үөрэтэн, эһиги идеалгытыгар уһуйуллан сылдьыбыта барыта киниэхэ суола суох ааспыта буолуо диигит дуо? Балтараа сыл кыһыл Дьокуускай көҥүл салгынынан тыыммыта, кини революционнай тыалларыгар эрчиллибитэ барыта суолтата суоҕа эбитэ буолуо дуо? Бастаан көннөрү интэриэһиргээн, өйдөөбөккө ыарырҕата-ыарырҕата, кэлин улам умсугуйан, таттаран ааҕыталаабыт үгүс кинигэлэрэ – политграмота учебниктара, “Коммунистическай манифест”, Плеханов, Ленин, Крупская – сымыйанан хаҕыра үүммэтэх, кырдьыкка аһаҕас сүрэххэ ол барыта хайдах тиийиэхтэрэ суоҕай? “Оттон Томмот… Кини баай аймахха кыр өһө, коммунизм идеятыгар муҥура суох бэриниитэ, пролетариат кыайыытыгар үрдүк итэҕэлэ… Кини ол өһүн, ол бэриниитин, ол итэҕэлин миэхэ эмиэ биэрбитэ. Ону мин, аатыгар эрэ буолбакка, ис сүрэхпинэн ылыммыппын билэрэ. Ол иһин миэхэ эрэнэрэ. Ити иһин этэбин ээ мин, оҕолоор, эһиги сыыстыгыт диэн. Мин эһиги комсомольскай мунньахтан холдьохпут Аргыылабаҕыт буолбатахпын. Мин атыммын. Мин Томмот мэктиэлээбит Кыычатабын. Эһигини кытта бииргэ саҥа олоххо, үлэһит дьон бары дьоллонор олохторугар дьулуһар Кыычабын. Ону эһиги киэр астыгыт. Сыыстардыгыт да, эһиги буруйгут суох. Эһиги ити курдук этиэхтээх этигит. Оччоҕо ким буруйдааҕый? Ким?..
Бүгүн мин үөрэхпэр тиийбэтим. Сарсын эмиэ суох буолуом. Өйүүн эмиэ. Сүппүт аатырыам. Онтон илин тахсыбытым иһиллиэ. Ону эһиги, бука, дьиктиргиэххит суоҕа. Баай кыыһа, барыах киһи, бардаҕа диэххит. Өссө “барбыт” диэххит суоҕа, “баай дьонугар күрээбит” диэххит. Сөпкө үүрбүппүт диэн революционнай сэргэххитин хайҕаныаххыт. Томмокко туһуланар тылгыт өссө ордук кырыктанара, киниэхэ сүктэрэр буруйгут өссө ордук ыарыыра чахчы…”
Кыыча, саҥа таһаара сатаан ыҥырана-ыҥырана, кыаҕын муҥунан мөхсө сатаата да кэлгиирэ холкутуох быһыыта биллибэт. Суонда саатар эргиллэн да көрбөт, соруйан көҥөнөн түҥнэри хайыһан иһэр. Чэ кэбис…
“Оо, Томмот, Томмот!.. Миигин итэҕэйэҥҥин буруйга-сэмэҕэ тиксэн эрдэҕиҥ. Миигиттэн сылтаан доҕотторгуттан туора көрүлүннэҕиҥ. Көрүллүөҥ да турдаҕа. Мин эйиэхэ хаһан даҕаны атын оҕолорго этэр эйэҕэс тылбыттан ордугу эппэт, кинилэргэ мичээрдиирбиттэн атыннык мичээрдээбэт этим. Ол эрээри, итэҕэй, сүрэҕим саамай кистэлэҥ муннугар эйиэхэ истиҥтэн истиҥ иэйии – киһи киһиэхэ тылынан сатаан эппэт иэйиитэ уйалана сылдьара. Эн миэхэ бары атын оҕолортон ураты этиҥ. Эн Томмот этиҥ. Эн истибэккэр, бэйэм даҕаны истибэппэр түүн түһээн мин эйиэхэ дьикти нарын тыллары этэрим. Эйигиттэн кистээн, бэл бэйэбиттэн даҕаны кистээн мин эйигин таптыыр харахпынан көрөрүм. Эн мин Томмотум этиҥ. Эн бэйэҥ ону билбэтэргин даҕаны. Бэл мин бэйэм бэйэбэр ону билиммэтэрбин даҕаны. Мэлдьитин. Куруутун. Суох, ити сымыйалаатым. Мэлдьитин буолбатах. Кэлин миэхэ ити курдук, мин эйигин күнү, халлааны көрүөхпүттэн билэрим курдук санаа үөскээбитэ. Мин эйигин бастаан атын оҕолортон соччо араарбат этим. Былырыын, саҥа үөрэнэрбит саҕана, Томмот Чыычаахап да, Сэмэнчик Долгунуоп да миэхэ син биир курдуктара. Бэйи эрэ, туохтан саҕаланна этэй мин эйигин атын доҕотторгуттан арааран көрөр буолбутум? Туохтан? Киһи киһиэхэ сыһыана уларыйара, киниэхэ саҥа иэйии үөскээһинэ хайаан да туохтан эмэ саҕаланар төрүттээҕэ буолуо дуо? Билбэтим. Сороҕор, баҕар, суоҕа буолуо. Мөккүспэппин. Таммахха таммах эбиллэн, күрүлгэн быһыты тоҕо көтөрүн кэриэтэ буолуо. Оттон эн биһикки сыһыаммытыгар, чопчута мин эйиэхэ сыһыаммар, уларыйыы саҕаланыыта баара. Чахчы, баара. Бэйи, хайдах-хайдах буолла этэй?..”
Бастаан үөрэнэр күннэригэр техникумҥа атын үөрэнээччилэртэн барыларыттан ойуччу турар бөлөх үөскээбитэ. Ким да ону тэрийбэтэҕэ, бэйэтэ дьаалатынан үөскээбитэ диэххэ сөп. Онно мааны таҥастаах, эмис-тот сирэйдээх, кыанар дьон оҕолоро түмсүбүттэрэ. Уон биэс-алта уол, кыыс. Кыыча кинилэргэ сыстыан соччо дьулуспатар даҕаны, бэйэлэригэр ыҥыралларын, угуйалларын аанньа чугасаһан хаалбыта. Кинилэртэн ураты ким да кинини бэйэтигэр кытыара сатаабат этэ. Ити бөлөххө сыстыһаат, Кыыча ньылбаарыччы тарааммыт, уос-тиис оҥостуммут мааны уолаттар-кыргыттар аныгы олоҕу, аныгы сууту-сокуону, быһыыны-майгыны барытын сүөргүлээн, үгэргээн сааҕынаһалларын, сөбүлээбэтэр да, күн ахсын истэригэр тиийбитэ. Кинилэр абырахтаах сиидэс ырбаахылаах, түрүкүө ыстааннаах, ынах этэрбэһи бэллэччи анньыммыт тыаттан саҥа киирбит дьадаҥы оҕолору, ол оҕолор аҥалаларын, кэнэннэрин, нууччалыы мөлтөхтөрүн, дорооболоһору, баһыыбалыыры да сатаабаттарыгар, тойон эрбэхтээх сөмүйэлэринэн ыга тутан сыыҥтыылларыгар тиийэ күлүү-элэк оҥостоллоро. Кырдьык, кинилэр симэнэ-киэргэнэ таҥналлара, дорообону-дыраастыйы да сатыыллара, имигэстик үҥкүүлүүллэрэ, тупсаҕайдык ыллыыллара, нууччалыы уулуу суккуйаллара, сахалыы саҥаралларын даҕаны саатыргыыллара.
Итилэр ортолоругар биир Пана диэн уол баара. Бүлүү умнаһын диэкиттэн. Бэрт сэниэ киһи оҕото. Эппит-тыыммыт, кэлбит-барбыт сытыы уол. Ол уол Кыычаҕа иҥээҥниир идэлэммитэ. Кыыс ону төрүт чугаһаппат этэ. Кини үөрэнэр сылларыгар ол-бу ухаасыбайдаһыыга аралдьыйбат кытаанах санаалааҕа. Былырыын, маҥнайгы курска эрдэхтэринэ, Өктөөп бырааһынньыгын биэчэригэр, ол Пана айаҕар арыгы сыттаах кэлбитэ уонна Кыычаны үҥкүүлүү барыах, сээкэйи сэһэргэһиэх, кылааспытыгар киирэн олоруох диэн арахсыбакка эрэйдээбитэ. Кыыс күрэнэ хааман куота сатаабыта. Табыллыбатаҕа. Уол адьас сымала курдуга. Томмот ол киэһэ дьуһуурунай эбит этэ: сиэҕэр кыһыл таҥастааҕа. Айаҕалыы сатаан Кыыча дьиэлииргэ быһаарыммыта. Иккис мэндиэмэнтэн кирилиэһинэн түһэн эрдэҕинэ Пана ситэн харытыттан харбаабыта уонна үөһэ соспута. Кыыс, кыһыытыттан ытамньыйа сыһа-сыһа, чирэкэчиспитэ. Уол күүһүнэн кинини киһилииһи дуо: үөһэ ньылбы соһон таһаарбыта. Онуоха Томмот баар буола охсубута. Уолу санныттан эргилиннэри тардыбыта:
– Ыыт!
Пана, кыыһы ыыппакка туран, Томмоту сэнээбиттии үөһэттэн таҥнары көрбүтэ, онтон аллараттан өрө көрөн таһаарбыта.
– А эн кто такой? – диэн сиргэммиттии чараас уоһун хаанньатан нууччалыы саҥарбыта. – Тебе какое дело? Она моя барышня. Понимаешь ли ты слово “барышня”? Ну, она моя девушка. Понятно? Ну тогда уходи. Прочь!
– Кини миэнэ да буолбатах, эйиэнэ да буолбатах, – Томмот тылларын биир-биир араартаан кытаанахтык эппитэ. – Кини – киһи.
– Говорят тебе: уходи! Прочь отсюда, нищий, – Пана суоһурҕанан түөһүн өтөппүтүнэн дьохсооттоммута. – Ты по-онимаешь русский? Иль нет?
– Оттон эн маны өйдүүгүн дуо? – Томмот куттамматаҕа: ынан кэлбит Пана муннугар сутуругун үҥүлүппүтэ уонна кыыс харытын уол илиититтэн төлө тардан ылбыта.
Анарааҥҥыта бабдьыгырыы түспүтэ. Томмоту уолугуттан харбаан истиэнэҕэ ыга аспыта:
– Я тебя проучу!
Томмот онуоха даҕаны улаханнык уолуһуйбатаҕа.
– Ыыт, – диэбитэ аргыый, киһитин тарбахтарын биир-биир түөһүттэн араартыы-араартыы.
Кыычаны ким да туппат этэ. Ол үрдүнэн кини бу күрэстэһии тугунан бүтэрин көрөөрү хамсаабакка турбута. Томмот уол илиитин араарара чугаһаабыта: икки эрэ тарбах ордубута. Түөһүн босхолоотор эрэ киэр хаама туруо, күрэстэһии онон бүтүө эбитэ буолуо. Ону баара Пана, илиитин өссө да ыһыктыбакка туран, садьыс гыммытыгар Томмот кэлтэгэй уолуктаах хара сатыын булууһата хайдан маҥан ис ырбаахыта килбэйэ түспүтэ. Дьэ онтон туох-ханнык буолбутун Кыыча кыайан өйдөөбөккө хаалбыта. Биирдэ көрбүтэ: Пана түөрт лабаата адаарыйбытынан кирилиэһинэн аллара курулаабыта. Түһэригэр уйан сирдэринэн охсуллубут быһыылааҕа. Кирилиэс анныгар сыппахтыы түһэн баран, таҥас ыйыыр сир диэки салбыҥнаабыта. Онтон ыла кыыска чугаһаабат буолбута. Хаһан эмэ кынчарыйан ылара уонна үгэргээтэҕим оҥостон “комсомоллар барышнялара” диэн ааттыыра.
Томмот даҕаны биирдэ эмэтэ холуочук уолтан быыһаабыттааҕым диэн ахтыбатаҕа, үтүөлээх киһилии туттубатаҕа. Кыыча буоллаҕына сарсыныгар баһыыбалыырын оннугар хата тугун эрэ күөмчүлэттэрбит киһилии өс-саҕа буолан охсурҕаламмыта:
– Махтаныа диэн күүтэҕин дуу? Кураанаҕы күүтэн эрэйдэнимэ. Нахааллары да, көмүскэстэри да хайаларын баҕарар абааһы көрөбүн.
Томмот тугу даҕаны саҥарбатаҕа, кыыһы өйдөөбөтөхтүү көрөн эрэ кэбиспитэ. Дьиҥинэн ити Кыыча тыла эрэ этэ. Кырдьыгы эттэххэ, кини сити киэһэттэн ыла Томмоту атын оҕолортон барыларыттан арааран көрөр буолбута. Томмот аны көннөрү студент Чыычаахап эрэ буолбатаҕа, “били кинини холуочук Панаттан быыһаабыт уолга”, “били киэбириҥсэ Пананы үчүгэй аҕайдык кэһэппит уолга” кубулуйбута. Итиэннэ ити “абааһы көрөбүн” диэбитэ эмиэ сымыйа. Чэ Пананы буоллун даҕаны. Оттон Томмоту абааһы көрөрө кэлииһи дуо? Иһигэр сөбүлүү санаабыта диэххэ сөп. Ол кырдьыкка арыый чугас.
Ити итинэн бүтэн хаалбыта буоллар, баҕар, кэлин умнуллан барыах этэ. Киһи киһини омнуолаан биитэр сөбүлээн ылара кэмнээх үһүө. Онтукаҥ үксэ улахан, дириҥ иэйиигэ кубулуйбакка, күн-дьыл тумарыгар сүтэн-оһон барааччы. Кыычалаах Томмот сыһыаннара эмиэ оннук дьылҕаланыах эбитэ дуу, өскөтө… арай били сааскы саһаан кэрдиитигэр тахсыбатыннар? Ким билэр… Барыта түбэлтэ курдук. Киһи олоҕо диэн, баҕар, түбэлтэттэн түбэлтэлэр ситимнэһиилэрэ буолуо. Эбэтэр ити биһиги түбэлтэ диэн ааттыырбыт дьиҥэр түбэлтэ ааттамматтара, хайаан да мүччүрүйбэккэ буолуохтаах суоллар эбиттэрэ дуу? Чэ хайата да син биир…
Саас этэ. Бүтүн курсунан Кэҥкэмэлиир суолунан тахсыбыттара. Хаар харааран, мутукча саҥардыы тыллан турара. Дириҥ аппалар түгэхтэригэр эрэ хаар тобоҕо, куобах тириитин тырыта тыытан ыһан кэбиспиттии, онно-манна туртайара. Кыыдааннаах кыһын кэнниттэн куораттан саҥа таҕыстахха, хара тыа төбөнү туймаардар дыргыл сыта сытыытын, минньигэһин, үчүгэйин эриэхсит! Итиэннэ куораты тулалыыр бэс чагдаҕа холуйдахха, тиит ойуур эчи сымнаҕаһын, эчи намылхайын!
Саһаан кэрдиитигэр араарсыыга Кыыча эмиэ били бөлөх уолаттары, кыргыттары кытта түбэспитэ. Кырбанналлар, “комсомол барышнята” диэн хомуруйдаллар даҕаны, ол уолаттар кыыһы бэйэлэриттэн араарыахтарын баҕарбаттар этэ. Итиэннэ төһө да “барышнята” аатырдар, Томмоттоох Кыыча икки ардылара ырааҕын харахтаах дьон ама көрөллөр буоллаҕа дии. Дьэ ол курдук кыыс кинилэри кытта үлэлэһэ сырыппыта. Аттыларыгар Томмоттоох үлэлииллэрэ. Кыычалаах биир сүрдээх баараҕай тиити охторорго быһаарбыттара. Икки уол эрбээбитэ. Кыыс үс уоллуун тугу эрэ суолтата суоҕу сэлэһэ турбуттара. Тиит эрбэнэн охтуо ыраахха дылыта. Онтон… ыарахана бэрдиттэн иҥнэри баттаан эрдэлээбитэ дуу, эрбээччи уолаттар эмискэ: “Тиит суулла-а!” – диэн хайа барбыттара. Кыыча аттыгар турбут уолаттар көрүөх бэтэрээ өттүнэ туора ыстаммыттара. Кыыс, соһуйан буолуо, даллайан туран хаалбыта. Үрдүгэр халлааны күлүктүүр аарыма тиит иэҕэйэн эрэрин көрдөр да, атаҕа сиргэ хам сыстыбыкка дылыта. “Бүттүм…” – диэн оччо чуолкайа суох, үдүк-бадык санаа төбөтүгэр кылам гыммыта. Көмүскэннэҕэ буолан, хараҕын быһа симмитэ. Онтон биирдэ өйдөнөн кэлбитэ: сирэйинэн отон угар умса түһэн сытар этэ. Хайдах буолан манна сытарын, хаһан манна охтубутун билбэтэ. Тиит сиргэ барчаланар тыаһын даҕаны истибэтэҕэ. “Хайдах хайдаҕый?” – диэн дьиктиргээн кэннин хайыспыта. Тиит сууллан мутуктара адаарыйан сытара. Кыыс кэнниттэн мутуктар быыстарыттан Томмот туран эрэрэ. Аҥаар атаҕынан үктэнэн иһэн сирэйин куһаҕаннык туттан ылбыта.
– Хайа, хайдаххыный? – диэбитэ кини кыыс аттыгар кэлэн, өрө тардаары илиитин уунан туран.
– Хайдах да буолбатахпын…
Кыыча тоҕо эрэ илиитин биэрбэтэҕэ: урукку охсурҕаланар үгэһинэн эбитэ дуу?
Уол саҥата суох үлэлиир сирин диэки доҕолоҥнуу турбута.
Кыргыттар саба сырсан кэлбиттэрэ. Һуу-һаа буолбуттара. Саҥаран-иҥэрэн көбүөхтэспиттэрэ. Кыыча туох-ханнык буолбутун онно эрэ өйдөөбүтэ: Томмот, хаһыыны истэн, сууллан эрэр тиит анныгар кыыс турарын көрбүт уонна ыстанан кэлэн бүтүн бэйэтин ыараханынан кыыһы киэр түҥнэри анньыбытынан охтон түспүт. Инньэ гынан Кыыча тыыннаах ордубут, бэл биир да мутукка таарыйтарбатах этэ. Ону өйдөөн, бүтэр бүппүтүн, алдьархай этэҥҥэ тумнубутун кэннэ кыыс дьэ куттаммыта: оо, өлө да сыспыт эбит. Томмот быыһаабатаҕа буоллар, билигин кини ити мас анныгар илдьи баттатан сытыах эбит. Уол арыычча, чыпчылыйыы түгэнэ хойутаан ыстаммыта буоллар, кыайан өрүһүллүө суох этэ, иккиэн өлүө этилэр. Били сэргэ турбут “мааны” уолаттар киниэхэ кыһаллыбатахтар, тыыннарын куоттарбыттар. Томмот буоллаҕына бэйэтэ да өлөрүн кэрэйбэтэх. Онуоха баһыыбалаан махтаныахтааҕар муҥ сатаатар илиитин уунан “абыраабата”. Оо, дьэ дууһа… Кыыча сирэйин саба туттубутунан чөҥөчөккө олоро түһэн ытаан барбыта: хойутаабыт кутталыттан, бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэнэн…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?