Электронная библиотека » Сомоҕо » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Сомоҕо


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 15 страниц) [доступный отрывок для чтения: 5 страниц]

Шрифт:
- 100% +
 
Сиртэн үүммүт сибэккилии
Ситэн, тупсан кэрэҕин.
Таба көрөн, талан ылан
Таптаабыта сүрэҕим.
Долгун нуоҕай суһуохтааҕым
Долгуйабын, күүтэбин…
Хайгыыр хара харахтааҕым
Хайа, хаһан кэлэҕин?..
 

Эрчим тула эдэр саас үөрэрэ-көтөрө… Олоххо барыта дьол-соргу аргыстаах сырдык ыраны түстүүр кэрэ киэһэ кинилэри арыаллыырга дылыта. Ханна эрэ ыраах баян доҕуһуоллаах кэрэ кыыс нарын ырыата иһиллэр курдуга…

Уол ол сырдык иэйиигэ куустаран, сарсын аармыйаҕа барыахтааҕын саныы-саныы, утуйан хаалбыта…

Сарсыарда туран баран аһаат, малын-салын хомунна. Долбууртан Зоя бэлэхтээбит хаартыскатын ылан чочумча одуулаан тураат, сиэбигэр укта сылдьар байыаннай билиэтин иһигэр кыбыта аста. Ийэтэ остолобуойга иһит сууйааччынан үлэлиирэ, ол иһин сарсыарда олох эрдэ туран, хайыы-үйэҕэ үлэтигэр барбыт этэ.

Болдьоммут кэмҥэ военкомакка тиийбитэ, олбуор иһигэр толору дьон бөҕөтө баара. Аармыйаҕа барааччы диэн, атаара кэлбит дьон диэн тус-туһунан бөлөх-бөлөх буолан аалыҥнаһа сылдьаллар. Кинини кэтэһэн доҕотторо күүтэн тураллар эбит. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө, атаарыы дьалхаана түүнү быһа салҕаммыт быһыылааҕа. Эрчим кинилэр билиҥҥи туруктарын өтө сэрэйэн, спортивнай суумкатыгар эрдэ хаһааммыт водкатын ылан уолаттарга туттаран кэбистэ. Кини өссө военкомакка чугаһаан иһэн, син балачча тэйиччиттэн баян тыаһын уонна уолаттар армейскай ырыаларын истибитэ. Сергей баянын тардан кэбиспитэ, Еремей ону иилэ хабан ылбыта. Атын уолаттар эмиэ хаалсыбатахтара, байыаннай ырыалар бииртэн биир доргуччу ылламмыттара. Ону дэриэбинэттэн сылдьар уолаттар бэркэ сэҥээрэ истибиттэрэ, ол эрээри хайдах эрэ дьааххана соҕус туттан тэйиччи сылдьаллара.

 
…Не много прошагал, пока не генерал,
Но, может быть, я стану старшиной.
Прости, что не сумел сказать, что буду смел
И то, что будешь ты моей женой.
Не плачь, девчонка, пройдут дожди,
Солдат вернется, ты только жди…
 

Сотору буолаат военкомат үлэһиттэрэ тахсан, уолаттары кэккэлэччи туруортаатылар уонна испииһэгинэн биир-биир ааттаталаан, ким баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр:

– Бу сааскы суол алдьаммытынан, билигин өрүс суола сабыылааҕынан сибээстээн, куоракка самолетунан көтөҕүт. Маҕан аэропордугар көтөн тиийдэххитинэ, эһигини куорат военкоматын үлэһиттэрэ көрсүөхтэрэ. Уонна «Маяк» лааҕырга сборнай пуун баар сиригэр автобуһунан арыаллаан киллэриэхтэрэ. Ким да, ханна даҕаны ыйытыыта суох мээнэ барбат, кэлбэт… Бэрээдэги кэһии, арыгыны иһии кытаанахтык бобуллар… Эһиги бүгүҥҥэттэн саҕалаан байыаннай бэрээдэги тутуһаҕыт. Билигин биэс мүнүүтэ атаарааччылары кытта быраһаайдаһыҥ. Ол кэнниттэн быстах кэмҥэ самолет түһэр сиригэр, сыыр үрдүнээҕи бааһынаҕа, бары стройунан тахсабыт. Самолет көтөн кэллэҕинэ, испииһэгинэн биир-биир ыҥырдахпытына, ааттаммыт дьон киирэн олороҕут. Атыттар аныгы кэлэр самолету кэтэһэҕит. Бүгүн барыта уонча рейс оҥоһуллуохтаах, – диэн оройуон военкомун начаалынньыга, аҕам саастаах капитан мас-таас курдук хамаандалаан сэрэттэ.

Атаарааччылары кытта быраһаайдаһыы буолбутугар атаһа Еремей, Эрчим санныгар бүк түһэн, ытамньыйан ылла…

Эрчим: «Аата, дьиҥнээх сэриигэ баран эрэр киһиэхэ дылы… Музыка, ырыа-тойук доҕуһуоллаах, кыра харах уулаах… Аармыйаҕа сулууспалыы баран эрдэҕим», – диэн сонньуйа санаата.

Барыларын стройунан үөһэ, сыыр үрдүгэр таһаардылар. Киэҥ нэлэмэн хонууну быстах самолет түһэр гына бэлэмнээбиттэр.

– Сотору самолет кэлиэҕэ, бэлэм сылдьыҥ…Тарҕаһан хаалымаҥ, – диэн арыаллаан таһаарбыт прапорщик уол сэрэттэ.

Уолаттар, үөрэ-көтө, саҥардыы көҕөрбүт хонууга олордулар. Дойдуларыттан арахсан эрэр дьон быһыытынан, сааскы уһуктубут айылҕаны, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугун сэҥээрэ иһиттилэр. Арай Эрчим соһуйуон иһин, ийэтэ барахсан остолобуойга бииргэ үлэлиир кыыһыныын, аара сыһыыттан ньургуһун сибэкки дьөрбөтүн хомуйбуттарын туппутунан, тиийэн кэллилэр. Уол итини көрөн наһаа уйадыйда: ийэтэ барахсан оҕотун аармыйаҕа атаараары, кини хаһан да көрбөтөх кыыһын аргыс оҥостон кэлээхтээбит.

– Маарын сарсыарда үлэбэр эрдэ тахсаммын, оҕобун кытта үчүгэйдик быраһаайдаспакка хааллым диэммин, хата бу аргыс булан, бакаалаһа кэллим. Икки сыл диэн уһун кэм, онон, оҕобун үчүгэйдик сыллаан, санаабын этэн хаалаарыбын… Урут убайбын, эн таайгын, уоттаах сэриигэ барарыгар мин, эдэр кыыс, киирэммин атааран турабын. Ол иһин убайым этэҥҥэ сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ… – ийэтэ, ньургуһунун дьөрбөтүн уолугар ууна-ууна, баҕа санаатын этэ турда.

– Ийээ, билигин сэрии буолбатах. Эйэлээх кэм, онон, санааҕын түһэримэ… Хата саҥа сири-дойдуну көрөн, эр киһи оскуолатын ааһаммын этэҥҥэ кэлиэҕим… – дии-дии, Эрчим ийэтин чараас санныттан кууста уонна сүүһүттэн сыллаан ылла.

Кинилэр тэйиччи баран, истиҥник-иһирэхтик кэпсэттилэр. Онтон ийэтэ кууһан ылан, оҕотун сүүһүттэн сыллаан ыла-ыла:

– Чэ, кытаат үчүгэйдик сырыт, сурукта суруйаар… Биһиги оттон, манна дойдулаах дьон, этэҥҥэ олоруохпут. Улахан балтыгар Алма-Атаҕа эмиэ сурукта суруйаар, сибээстэһэ сырыт… – диэн баҕа санаатын, алгыһы кытта этэн баран, аргыс кыыһыныын аллара бөһүөлэк диэки аргыый хаамса турдулар.

Эрчим ньургуһунун түөһүгэр хам тутан туран эрэ: «Ийэм барахсан кэм да оҕотун туһугар, кыһалла-мүһэллэ, долгуйа сылдьаахтыыр. Оо, бу Орто дойдуга ийэттэн ордук күндү ама ким баар буолуой? Бастакы оҕо буоламмын, чахчы да ийэм барахсан күнэ-ыйа миигиттэн тахсара. Кыра сылдьан ыалдьан ыҥаалаатахпына, түүннэри утуйбакка биэбэйдиирэ. Улаатан онно-манна бардахпына, үөрэнэ сырыттахпына, кэтэһэн да биэрээхтиирэ. Аны аармыйаҕа барарбын истэн, олох даҕаны аймаммыта. Ыытар санаата суоҕа: «Тоҕо үөрэххин салгыы барбатыҥ? Эрдэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, балтыларгын бырааккын атахтарыгар туралларыгар миэхэ күүс-көмө буолуохтаах этиҥ буоллаҕа дии…» – диэхтээбитэ.

Сотору самолет көтөн кэллэ. Эрчимнээх бастакы рейскэ түбэһэн куораттаатылар. «Маяк» лааҕырга тиийбиттэрэ, сүүһүнэн ыччаты аармыйаҕа ыытаары муспуттар этэ.

Оҕолорго аналлаах сайыҥҥы лааҕыр буолан сороҕо бэрэбинэнэн, сороҕо хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэрдээх. Мэҥэлэри син обургу мас дьиэҕэ олохтоотулар. Сотору-сотору араас сиртэн мустубут ыччаттар киирсээри айдаан буоллар эрэ, олорор дьиэлэриттэн сууласпытынан таһырдьа ыстанан тахсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта дайбаһа сылдьар уолаттар быыстарыгар, биир алюминевай хайыһар торуоскатын тута сылдьар прапорщик, онтукатынан саабыла курдук далбаатанан уолаттары тохтото сатыыр. Ол курдук мучумааннанан биир түүн хоннулар. Сарсыныгар Эрчимнээх байыаннай хамыыһыйаны аастылар. Алта уолу «Забайкальскай байыаннай уокурукка, Читаҕа танковай чааска сержант оскуолатыгар бараҕыт», – диэн талан ыллылар. Олор истэригэр Эрчим эмиэ түбэстэ, кинилэри: «Өйүүн көтөҕүт, бэлэм сылдьыҥ», – диэн сэрэттилэр. Уолаттар бэлиэр сержант буолбут курдук сананан чиккэҥнэһэ сырыттылар, атыттар кинилэри ордугурҕуу санаатылар.

Сарсыныгар эбиэт саҕана кинилэр олорор дьиэлэригэр капитан формалаах саастаах киһи киирэн кэллэ. Кини кими эрэ сураһар быһыылаах. Сотору буолаат, уолаттар: «Эрчим, эйиигин ыҥыраллар», – диэн эппиттэригэр, уол, саарбахтыы-саарбахтыы, капитаҥҥа тиийдэ.

– Быганов, кем работал на гражданке? – диэн, оруобуна «Бег» диэн киинэҕэ генерал Хлудовы оонньообут артыыс Владислав Дворжецкай курдук эриличчи көрбүт капитан киниттэн ыйытта.

– Учителем черчения и рисования…

– А где учился?

– В Хабаровском педагогическом институте, на художественно-графическом факультете. Окончил два курса и дальше работал учителем Тыллыминской средней школы Мегино-Кангаласского района.

– Хочешь со мной поехать?

– А куда это? Так-то я завтра должен улететь в Читу, учиться в школе сержантов. В танковые войска, уже все решено, я жду только отправления.

– Это не имеет значения, я уже договорился. Если ты согласен, то поедешь со мной, – капитан хоҥоруутугар холооботтуу, холкутук хардарда.

– А, куда это, товарищ капитан?

– В Дальневосточный военный округ.

Эрчим хайдах эрэ чэпчии түспүтэ: «Хабаровскай биитэр Приморье буоллаҕа дии. Хата, увольнениеҕа үөрэммит сирбэр, Хабаровскайга бара сылдьыам», – диэн астына санаата.

– Согласен, товарищ капитан! – үөрүүнэн эппиэттээтэ.

– Хорошо, собирай вещи и пойдем со мной. Ваши документы у меня, – тута сылдьар папкатын ыйан көрдөрдө.

Эрчим түргэн соҕустук малын ылаат, уолаттары кытта быраһаайдаста.

– Хайа, Эрчим ханна барар буоллуҥ?

– Дальневосточный военный округ, Хабаровскай эргин биитэр Приморье улыбается… – диэн үөрэ-көтө хоруйдаат, капитаны батыһан таҕыста.

* * *

Капитан кинини хаптаһынынан оҥоһуллубут дьиэлэргэ илдьэн киллэрдэ:

– Сержант Гаркуша, принимай новобранца… Он поедет с нами, художником полка… – диэн биир уһун доруобай нуучча уолугар кинини туттаран кэбистэ.

Эрчим саҥа тиийбит киһи быһыытынан тулатын сонургуу көрдө-иһиттэ. Уолаттары кытта кэпсэтэн билсибитэ, бары кэриэтэ биир оройуонтан сылдьар ыччаттар: «Горнайдарбыт», – дэһистилэр. Үксүлэрэ оҕо эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэр, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьон буолан биэрдилэр. Өссө Андреевтар диэн ини-бии уолаттар Маҕарастан бааллар. Кэргэннэһэн бардахха, сүрдээх элэккэй, сэргэх кэпсээннээх ыччаттар эбит.

– Биһиэхэ, Бэрдьигэстээххэ, военкомаппыт суох, ол иһин бу Дьокуускай куорат военкоматыгар учуокка турабыт. Ити икки Гаркуша уонна Свинолупов диэн байыаннай чаастан кэлбит сержаннар кэпсээннэриттэн иһиттэххэ, эйиигин аҕалбыт капитан үлэтин судургутуппут. Бу куорат военкоматыттан биһигини барыбытын, биир оройуон уолаттарын, аҕыс уонча киһини, биир байыаннай чааска сулууспалата илдьэ баран иһэр, – диэн кэпсээннээх буоллулар.

– Оттон атын оройуоннартан ким да суох дуо? – Эрчим соһуйбучча ыйытта.

– Ээ, атын оройуонтан аҕыйахтыы уол баар быһыылаах. Эн хантан сылдьаҕын?

– Майаттан.

– Манна биир майабын дэнэр, үрдүк үөрэхтээх, саастаах уол баар этэ. Бүлүүттэн аармыйаҕа бараары кэллим диир быһыылааҕа, – уолаттар истибит сонуннарын кэпсээбиттэригэр, Эрчим ол уолу көрдүү барбыта.

Уолаттар сотору буолаат, биир хара-бараан дьүһүннээх, модьу-таҕа, үрдүк уҥуохтаах уолу билиһиннэрбиттэрэ.

– Эн, майаҕын дуо? – Эрчим ол уолтан туоһуласта.

– Майабын, эн эмиэ мэҥэҕин дуо? – анарааҥҥыта утары ыйыталаста.

– Эн ким диэҥҥиний? Мин Эрчим Быгаанап диэммин, – илиитин биэрэ-биэрэ, саҥа аргыһын кытта билистэ. – Бэйэм чурапчыбын, ол эрээри Майаҕа олорбутум хас даҕаны сыл буолла. Онно оскуоланы бүтэрбитим. Биһиги манна «Маякка» кэлэрбитигэр, майалар ортолоругар суох этиҥ дии.

– Ээ, суох, мин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бараммын, идэбинэн Кыһыл Сыырга үлэлии сырыттахпына, военкоматтар ыҥырбыттара.

– Онно тугу үлэлээбиккиний?

– Бэйэм горнай инженер, геофизик идэлээхпин. Коми АССР-га, Ухта куоракка индустриальнай институкка үөрэммитим. Быһаччы эттэххэ, геологпын, Кыһыл Сыырга ньиэп, гаас разведкатыгар каротажнай үлэлэргэ сылдьыбытым. Майаҕа, Хараҕа олорбутум. Онно билигин ийэлээх быраатым бааллар. Бэйэм эмиэ оскуоланы Майаҕа бүтэрбитим. Ананий Павлов диэммин. Аармыйаҕа олох даҕаны барар санаата суох сылдьарым. Ону военкоматтар ыҥыран ылан: «Сүүрбэ алтаҕын туолбуккун, онон быйыл хайаан даҕаны булгуччу аармыйаҕа бараҕын», – диэн мас-таас курдук этэн, бу сулууспалыы баран иһэбин. Биирдэ санаатахха, сүүрбэ сэттэҕин туоллуҥ да, баҕар-баҕарыма, ылбаттар эбит.

– Мин эмиэ сааспын баттаһыннара, бэйэм тылланан аармыйаҕа баран иһэбин. Аҕыйах хонугунан сүүрбэ үс сааспын туолабын, онтон сааһыран бараммын уон аҕыстаах оҕолору кытта сулууспалыах диэтэххэ ыарахан буолуо ээ. Эн, үрдүк үөрэхтээх киһи, биир сыл сулууспалыырыҥ диэн олох да биллибэккэ ааһар буоллаҕа дии саныыбын, – Эрчим хайдах эрэ ордугурҕаабыттыы саҥарда.

– Ким билэр… Ханнык чааска түбэһэргиттэн буолуо? Сорох чаастарга, «дедовщина» баар сиригэр, уустук соҕус буолара буолуо ээ…

– Дьэ, кырдьык хайдах чааска түбэһэн, ханна тиийэбит, түгэнэбит? Ити миигин илдьэ баран иһэр капитан: «Дальневосточный военный округ», – диир дии. Оччотугар Хабаровскай, Приморье эргин буолуон сөп. Мин аармыйаҕа эрдэ барбатах биричиинэм – орто оскуола кэнниттэн биир сыл үлэлээн бараммын, Хабаровскай куоракка пединститукка, худграфка туттарсан киирбитим, иккис курсу бүтэрээри сылдьаммын, биир түгэҥҥэ сыыһа-халты туттан сэмэлэммитим. «Дойдугар бараҥҥын учууталлаа уонна биир сылынан үчүгэй характеристикалаах кэллэххинэ, салгыы үөрэниэҕиҥ», – диэбиттэрин иһин, ааспыт сылга дэриэбинэҕэ тахсан учууталлаабытым. Ол гынан баран, идэбин сөбүлээбэккэ, бу аармыйалаан эрэбин.

– Эс, ол тоҕо? Учуутал үлэтэ үчүгэй буолбатах дуо? Уруоккун биэрдиҥ да, холкутук сылдьар буоллаҕыҥ дии…

– Чэ, билбэтим. Баҕар, кырдьык сыыстарбытым буолуо, билигин даҕаны эдэрбин. Эбэтэр аармыйа кэнниттэн кэлэн бараммын үөрэхпин салҕыаҕым, баҕар, олох даҕаны атын үөрэххэ туттарсан идэбин уларытыахпын сөп дии саныыбын, – Эрчим соччо улаханнык баардыылаабакка, холкутук эппиэттээтэ.

Кинилэр итинтэн ыла биир дойдулаах дьон быһыытынан наар бииргэ сырыттылар.

Киэһээ аһылык кэнниттэн кинилэри арыаллаан илдьэ баран иһэр сержаннар Гаркуша уонна Свинолупов барыларын таһааран плацка стройдаттылар. Ол кэнниттэн капитан Прозоров строй иннигэр тахсан туран:

– Бүгүн эһиги сулууспалыыр чааскытыгар көтөҕүт, айан кэмигэр бэрээдэги кытаанахтык тутуһаҕыт. Үрдүкү дуоһунастаах байыаннайдар – сержаннар, прапорщиктар, эписиэрдэр хамаандаларын халбаҥнаабакка толороҕут! – диэн, кытаанахтык сэрэттэ. – Билигин сержаннар испииһэгинэн көрөн ыҥырдахтарына, ыҥырыллыбыт дьон ити тэйиччи турар автобустарга киирэн олороҕут, – диэтэ уонна уонча автобус турар сирин диэки ыйан көрдөрдө.

Дьэ ити кэнниттэн сержаннар биир-биир ааттаталыы-ааттаталыы, уолаттары аэропорка киллэриэхтээх автобустарга олордон истилэр. Айаннаары стройдаан турар уолаттары кытта чугастааҕы дьиэлэргэ олорор, атын сиргэ барыахтаах уолаттар өйдөөбөккө кэлэн, булкуһан хаалан, улахан бутууру таһаара сырыттылар.

Саатахха, Ивановтар, Петровтар, Сидоровтар элбэхтэрэ да сүрдээх. Ол былаһын тухары ким даҕаны Эрчим араспаанньатын ааттаабата. Уол саҥата суох капитан диэки көрөр, ону биирдэстэрэ илиитинэн «саҥарыма» диэн көрдөрөн истэ. Эрчим ыҥырыынан баран иһэр киһи быһыытынан астынан, саҥата суох турда. Син барыларын испииһэгинэн, балачча булкуллан да баран буоллар, саамылаан автобуска олортулар. Онтон капитан Прозоров уолга чугаһаан кэлэн: «Быганов, быстро в автобус…» – диэн хамаандалыырын кытта, Эрчим спортивнай суумкатын сүгээт, хап-сабар автобус иһигэр дьылыс гынан хаалла. «Испииһэккэ мин тоҕо суохпунуй? Арай Читаҕа барар уолаттар истэригэр мин суохпун көрөн, айдааны тартыннар?» – диэн санаа кинини үүйэ-хаайа тутта. Ол быыһыгар капитан кини дьыалата баар паапкатын тута сылдьарын санаан, арыый уоскуйда.

Аэропорт иһигэр киллэрэн, барыларын стройдатан баран, испииһэгинэн хаттаан бэрэбиэркэлээтилэр. Бу сырыыга Эрчим аатын эмиэ ааттаатылар. Уол дьэ арыый даҕаны уоскуйан, холкутук сананна, өссө ити иннинэ Ананийга: «Мин испииһэккэ суохпун ээ… Тоҕо эрэ миигин ааттабаттар…» – диэбитигэр, «Ол аата, капитан бэйэтэ худуоһунньукка наадыйан, эйиигин илдьэ баран истэҕэ», – диэн табаарыһын уоскутта.

Сотору барыларын самолекка киллэрэн олордуталаатылар. Призывниктар иннилэригэр туох күүтэрин уонна ханна баран иһэллэрин билбэт буолан, холкулар. Икки чаастан ордук салгыҥҥа көтөн баран, самолет сыыйа намтаан аллара түһэн истэ. Онтон көтөр балаһаҕа көлүөһэлэринэн таарыйан, өрө-таҥнары тилигирээн баран, сотору буолаат тохтоото. Чочумча тохтуу түһээт, уолаттары тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Эдэр дьон трапка үктэнээт, сонурҕаан тулаларын көрүннүлэр: арай ыраах хайалар көҕөрүмтүйэн көстөллөр. Тэйиччи «Магадан» диэн суруктаах аэропорт дьиэтэ дьэндэйэн көстөр.

Иһирдьэ киирбиттэрин кэннэ, сержант уолаттар, күлсэ-күлсэ:

– «Соски», вы летите на бухту Провидения… Идите, смотрите на карте… – диэтилэр.

Эрчим иһигэр: «Туох ааттаах үчүгэй, дьикти ааттаах сирэй?» – диэн дьиибэргиир санаа өйүгэр элэс курдук охсуллан ааста.

Уолаттар аэропорт аллараа этээһигэр баар картаны көрөн: «Чукотка…Чукотка эбит… Оо, туундараҕа… Заполярьеҕа сулууспалыыр буолбуппут…» – сорох хомойбут, атыттар сөхпүт саҥалара иһилиннэ. Эрчим били «Хабаровскай эбэтэр Приморье» диэбит ыра санаата күдэҥҥэ көттө. Бэйэтэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук буолла…

Ити күн Анаадыр аэропорда сабыылаах диэн, самолет салгыы көппөт буолла.

* * *

Киэһэлик аармыйаҕа баран иһээччилэргэ холуочук туруктаахтар кыралаан көстүтэлээн бардылар. Аэропорт комендатуратыттан ыҥырбыттар быһыылаах, биир мичман икки моряк арыалдьыттардаах патруль тиийэн кэллэ. Дьокуускайтан айаннаан иһэр призывник уолаттары барыларын аэропорт иһигэр стройдаттылар. Эрчимнээх Ананий арыгылааһын биричиинэтин билбэтэллэр да, саҥата суох барыларын кытта бииргэ стройга турдулар. Кинилэри арыаллаан иһэр капитан Прозоров уонна сержаннар, стройу кэрийэ сылдьан ким холуочугун быһаардылар. Уонна тэйиччи илдьэн туспа бөлөхтөөн туруордулар.

Арай ол кэмҥэ строй иннинэн үрүксээгин санныгар иилинэ сылдьар, биир уһун хара бэкир уол, хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн баран, строевой хаамыынан кытаанахтык тиҥилэҕинэн либиргэччи үктээн, туалет баар сирин диэки ааһа турда. Моряктар уонна мичман соһуйан, көрөн эрэ хааллылар. Сотору буолаат били уол төттөрү тиийэн кэллэ уонна саҥардыы хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн, эмиэ строевойунан хааман эрдэҕинэ, бу сырыыга патрулга сылдьар моряк уолаттар, мичман хамаандатынан кинини тараччы тутан ыллылар. Ол кэнниттэн атын арыгы испит уолаттар бөлөхтөрүгэр илдьэн холбуу уган кэбистилэр. Капитан Прозоров улаханнык кыыһыран:

– Я заранее предупредил! Кто не соблюдает дисциплину, того будем наказывать… – диэн суоһурҕанна.

Салгыы уһуннук-киэҥник өйдөтөр бэсиэдэ ыытта.

Ол кэнниттэн строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбит уолу патруллар гаупвахтаҕа илдьэ бардылар. Атын бэрээдэги кэспит уолаттартан мичман «Мантан салгыы арыгылаабатыннар» диэн, харчыларын туура тутан ылла.

Патруль барбытын кэннэ, уолаттар ортолоругар араас кэпсэтии буолла:

– Ити строй иннинэн ааспыт уол хайа оройуонтан сылдьар үһүнүй?

– Томпоттон сылдьар дииллэр, Былааһап диэн үһү… Муҥ саатар, туалекка сылдьан баран, патруллар барбыттарын кэннэ кэлиэҕин… Дьэ, артыыс дии…

– Ээ, оттон аһаан чэпчээбит киһиэхэ, этэргэ дылы, «море по колено» буоллаҕа ээ…

– Ити кини хантан кэлэн хаалла? Биһи хамаандабытыгар суохха дылы этэ…

– Оннук, биһиэхэ суоҕа… Хайдах эрэ атын сиртэн, ойоҕостон кэлбит буолан строй иннинэн ааста ини. Биһиэнэ эбитэ буоллар, хайдах патруллары көрөн туран стройтан тахсыаҕай?

– Дьиҥэр, оннук бөҕө буоллаҕа дии… Тоҕо эрэ киһи билбэт киһитэ элбэх. Арааһа, биһиги кэннибититтэн көтөн кэлбит самолеттан сахалар түспүттэрэ быһыылаах…

– Сарсын Анаадырбытыгар көтөбүт дуу, суох дуу? Онно көрүөхпүт.

Ити кэнниттэн туох да араллаан буолбакка, ким ханна миэстэ баарынан утуйуу буолла. Хата Ананийдаах Эрчим айан дьоно олорбот ыскамыайкаларын муннукка булан, иккиэн төбөлөһө бэрт үчүгэйдик утуйан турдулар. Сарсыарда таһырдьа тахсыбыттара, сииктээх баҕайы салгын саба биэрдэ, чугас муора тыына баара биллэр курдук эбит. Тула барыта сопкалар. Аэропортан чугас баар эниэҕэ кыра баҕайы иинэҕэс тииттэр үүнэн тураллар. Тэйиччи сопка тэллэҕэр таас тутууларынан дьэндэйэн, Магадан куорат килэйэн-халайан көстөр. Муора туманынан бүрүллэн турар. Туманы үрдүнэн таһаҕас сүөкүүр кырааннар баараҕай кыыллар курдук, дьөндөһөн көстөллөр. Манна улахан муора пуорда баарын туоһулуур курдуктар. Ыраах борохуот хаһыыта иһиллэр.

Эбиэт саҕана барыларын стройдатан баран:

– Сотору Анаадырга самолет көтөр, онно-манна мээнэ ыһыллан хаалбакка бэлэм сылдьыҥ, – диэн сэрэттилэр.

Эрчим Ананийдыын буфекка аһаатылар: «Мантан салгыы ханна тиийэн аһыырбыт, хонорбут биллибэт», – диэн уолаттар сэрэхэчийэ санаатылар.

Балачча кэтэспиттэрин кэннэ, сорохторун сабыссаҥа ЯК-40 самолекка киллэрэн олортулар. Самолет көтөр балаһа устун түргэн үлүгэрдик сүүрэн куугунатаат, өндөл халлааҥҥа көтөн куһууран тахсан, тус хоту диэки айанын тутта. Үрдүгү ылара түргэнэ сүрдээх эбит. Кэлин истибиттэрэ, бу саҥа реактивнай самолету Хоту сиргэ бастакы боруобалааһын көтүүтүн ыыта сылдьаллар эбит этэ.

Иллюминаторынан аллара көрдөххө, хаар маҥан былыттар хас эмэ хаттыгас буолан өрөһөлөнөн көстөллөр. Төһөнөн хоту диэки тэйэн истэхтэрин аайы, муус кыаһаан тоҥ хаарынан бүрүллүбүт таас хайалар төбөлөрө өрө чочумаастанан килбэһэн тураллара киһини сөхтөрөр. Эргиччи хараҕыҥ дала ыларын тухары, муус-хаар дойдута ыраахха диэри нэлэһийэн көстөр. Ханан даҕаны күөх үүнээйи, мас-от суох. Күлүмүрдэс уунан кылбайа сытар күөллэр, үрэхтэр көстүбэттэр. Син балачча икки чаас курдук көппүттэрин кэннэ, эмискэ самолет умса хоруйан, аллара диэки намтаан барда. Иннилэригэр аэропорт таас балаһата көһүннэ, самолет дугус гынаат, көтөр балаһаҕа түһэн сүүрэн дьигиһийдэ. Реактивнай мотуор тыаһа тохтообутугар, барыларын самолет кэннигэр баар тахсар ааҥҥа ыҥырдылар. Призывниктар таһырдьа тахсан тыраап устун түһэн иһэн, тулаларын эргиччи көрө-көрө, улаханнык соһуйдулар. Самаан сайын кэлэн эрэр сылаас Сахаларын сирдэриттэн аҕыйах хонуктааҕыта арахсыбыт дьон халыҥ хаарынан бүрүллүбүт, тымныы сытыы тыалынан сирилэччи үрэ турар дойдуга эмискэччи баар буолан хааллылар! Чараас сайыҥҥылыы таҥастаах уолаттар, эмискэ тымныы сиргэ кэлэн сөҕүү бөҕөнү сөхтүлэр. Тымныы тыалтан кумуччу туттан, тэйиччи «Аэропорт Анадырь» диэн суруктаах кыра мас дьиэ диэки харбыаластылар.

Уҥуор лиман нөҥүө аҕыйах таас дьиэлэрдээх, үксэ мас тутуулардаах Анаадыр куорат тумарык быыһынан намтаан көстөр. Тула сопкалар хаарынан бүрүллэн боруһан тураллар. Киһи кутун-сүрүн баттыыр намыһах хара былыттар усталлар, үөһэттэн инчэҕэй хаар тохтоон ыла-ыла түһэр. Аэропорка киирбиттэрэ, аҕыйах айан киһитэ баар эбит. Онно аармыйаҕа баран иһээччилэр тоҕо сууллан киирэн, кыра мас дьиэ соҕотохто туола түстэ. Көтөөрү сылдьар дьон кинилэри муодарҕаабыттыы көрдүлэр-иһиттилэр. Саха уолаттара чараас таҥаһынан, үгүстэрэ бинсээгинэн, сайыҥҥы куурканан сылдьаллар. Сорох уолаттар «Маякка» баттахтарын киччэччи, тараҕай гына кырыйтаран, онтукаларын көрдөрүмээри хаһыатынан оҥостубут кумааҕы бэргэһэлээхтэр.

– Вы, ребята, из Средней Азии?.. Казахи или киргизы? – иһирдьэ баар дьон, тас көрүҥнэрин көрөн, мунааран ыйыталаспыттара.

– Нет, из Якутии… – диэн хардарбыттарыгар, соһуйбут дьон:

– Что, у вас там в Якутии разве не холодно, как у нас?..

– Нет, у нас там уже лето… Все вокруг цветет, плюс 25–28 градусов тепла… – диэн уолаттар эппиэттээбиттэригэр, хайдах эрэ итэҕэйбэтэхтии тутуннулар.

Аҕыйах бириэмэнэн өссө Ил-18 самолет Магадантан кэлэн түстэ. Ол самолетунан хаалбыт уолаттар көтөн кэлбиттэр. Бу кэлбит уолаттары кытта били патруллар гаупвахтаҕа илдьибит, Томпо уола Былааһап эмиэ баар эбит.

Аармыйаҕа баран иһээччилэри барыларын аэропорт иннигэр таһааран стройдаппыттара.

– Мантан салгыы Провидение буухтаҕа Ил-14 самолетунан көтүөххүт. Бүгүн төһө кыалларынан хас даҕаны рейси оҥоруохпут, хаалбыт уолаттар сержант Гаркушаны уонна Свинолуповы кытта манна аэропорка хонуоххут. Ол аэропорт дьиэтин утары, уулусса нөҥүө өттүгэр остолобуой баар. Онно уочаратынан бараҥҥыт, бэрээдэктээхтик аһаан кэлиҥ уонна сержаннар этиилэрин халбаҥнаабакка истэҕит. Ким бэрээдэги кэспит киһини, миэстэтигэр тиийдэххитинэ, кытаанахтык кэпсэтиэхпит, – диэн капитан Прозоров стройга турар уолаттары күүскэ сэрэттэ.

Бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержант Гаркуша сорох уолаттары батыһыннаран остолобуойга илдьэ барда. Ананийдаах Эрчим иккиэн, тулалыыр айылҕаны сэҥээрэн көрө-көрө, аргыый аҕай хаамса сырыттылар. Тымныы баҕайы тыал сирилэччи үрэр, хаар кыыдамныыр – хайдах эрэ хобдох бороҥ хартыына. Эрчим дойдутун санаан, хайдах эрэ курус санааҕа ылларда. «Онно Сахабыт сиригэр, самаан сайын кэлээри билигин күп-күөҕүнэн чэлгийэн турдаҕа. Сыһыыга-хонууга араас дьэрэкээн тэтэркэй сибэккилэринэн киэргэнэн, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугунан туолан. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйарын истэр үчүгэй даҕаны этэ. Алааска, сыһыыга, хонууга атыыр оҕустар айаатыыллар, түптэ күөх буруота унаарар. Сахабыт сирэ барахсан…»

– Дьэ, кырдьык курус көстүү. От-мас суох дойдута эбит, хаһан бу сайыннара кэлэн сылыйар буоллаҕай? – Ананий эмиэ бу хобдох көстүүнү көрөн, санаарҕаабыттыы саҥарда.

Син балачча буолан баран Ил-14 самолет кэлэн түстэ. Бастакы бөлөх уолаттары капитан Прозоров бэйэтэ салайан, Провидение буухтатыгар илдьэ барда. Кыһыл кутурук Ил-14 уһун баҕайы балаһа устун тирилээн-тарылаан сүүрэн өҥдөрүҥнээт, көтөн тахсан сопкалар быыстарынан көтө турда.

Эрчимнээх Ананий остолобуойга аһыы бардылар. Арай утары эргэ саллаат бэргэһэлээх, чараас ырбаахылаах сэргэх сирэйдээх-харахтаах уол сүүрэн тэлэкэчийэн иһэр эбит.

– Хайа доҕоор, бу тоҥмоккун дуо? – диэн Эрчимнээх соһуйан ыйыппыттарыгар, уоллара олох да үөрэн-көтөн туран:

– Кожанай кууркабын биир гражданскай нуучча киһитигэр сүүрбэ солкуобайга атыылаатым. Киһим: «Байыаннай чааска тиийдэххинэ, «дедтар» син биир былдьаан ылыахтара, хата миэхэ сүүрбэ солкуобайга атыылаа», – диэтэ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сүүрбэ солкуобай диэн улахан харчы дии санаан үөрүүнэн атыылаан кэбистим. Саатахха, бэҕэһээ Магадаҥҥа, уолаттары кытта буфекка ыстакаанынан кыһыл арыгы атыылыылларын ылан иһэммит, патруллар харчыбытын туура тутан ылбыттара. Ол иһин аччыктааммын ыксаан, ити кууркабын атыылаатым. Итиэннэ остолобуойга баран аһаан абыранным…

– Оттон бэйэҥ ким диэҥҥиний? Хантан сылдьаҕын?

– Горнай Солоҕонуттан сылдьабын, Олег диэммин… Семенов…

– Оттон, бу саллаат бэргэһэтин хантан ыллыҥ? – Эрчимнээх сытыы-хотуу биир дойдулаахтарын сөҕөн, күлсэ-күлсэ, ыйыттылар.

– Ээ, биир чукча уолун кытта хаһыатынан оҥорбут кумааҕы бэргэһэбэр атастастым… – уоллара эмиэ күлэ-күлэ, тымныы тыалтан көмүскэнэн ыгдаччы туттан баран, аэропорт диэки сүүрэ турда.

Кэнники рейстэн хаалбыт уолаттар, аны Провидение буухтаҕа самолет көппөккө, арыаллаан иһэр сержаннары кытта хоно хаалар буоллулар. Эрчимнээх иккиэн утуйар сири булан, утуйардыы оҥоһуннулар. Олорон эрэ айан дьонун көрө-истэ олордулар. Эрчим бэркэ сэҥээрэн уонна дьиибэргээн, олохтоох омуктар таҥастарын көрдө-иһиттэ. Чукчалар саастаах, кырдьаҕас өттүлэрэ таба тириититтэн тигиллибит кухлянкаларын түүтэ бурҕаҥнаабатын диэн, тас өттүгэр араас дьэрэкээн ойуулаах сиидэс таҥаһынан, хах тигэн бүрүйэллэр эбит. Хата онтукалара бэрт сиэдэрэйдик көстөр. Ордук кинини эмээхситтэр, сааһырбыт дьахталлар сирэйдэригэр татуировкалаахтара сөхтөрдө. Ол курдук, муннуларын төбөтүттэн саҕалаан, икки күп-күөх сурааһын ойуу сүүстэринэн үөһэ тахсан, баттахтарын саҕатыгар тиийэн холбоһон хаалаллар. Уонна уостарын аллараа өттүттэн уонча көнө сурааһын сэҥийэлэрин аллараа өттүгэр тиийэн түмүктэнэллэр. Иэдэстэрин ойуута араастаан эриллэн, чэчэгэйдэриттэн үс сурааһын буолан сыҥаахтарын ортотугар тиийэн бүтэр. Уол худуоһунньук буолан ити ойуулары улаханнык сонургуу көрдө. «Индеецтэр курдук тигиилээх сирэйдээхтэр эбиттэр дуу?» – дии санаата. Ол иһин олохтоохтортон ээр-сэмээр ыйыталаһан көрдө да, күттүөннээх эппиэти ылбата. Дьон араастаан быһаарар. Сорохтор: «Ити ойуу кинилэр баай төрүттээхтэрин көрдөрөр…» эбэтэр судургутук: «Кыраһыабай буолан көстөөрү, киэргэнэн сирэйдэригэр национальнай оһуор курдук татуировка оҥортороллор…» – диэн быһааран биэрдилэр. Ону таһынан Эрчим Чукоткаҕа эскимостар олороллорун истэн наһаа соһуйда. Кини эскимостар Аляскаҕа эрэ олохтоох омуктар диэн толкуйдааҕа. Онтуката баара, манна аҥаардас эскимостар олохсуйан олорор бөһүөлэктэрэ хас даҕаны сиргэ баарын саҥа биллэ.

Сарсыныгар дьэ аналлаах сирдэригэр – Провидение буухтатыгар – көтөн тиийдилэр. Кинилэри массыыналар күүтэн тураллара.

Аэропортан айаннаан иһэн уолаттар тула өттүлэрин сэҥээрэ көрө истилэр. Күннээх сааскылыы чаҕылхай күн турар. Буухта тула өттө барыта халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар. Уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэндэһэн көстөллөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллар, кытыыга таһаҕас сүөкүүр кырааннар элбэхтэрэ сөхтөрдө. Бу Уһук Хоту диэки биир улахан муоратааҕы порт буолара харахха быраҕыллар. Бэтэрээ эҥээргэ барыта бачымах курдук мас дьиэлэр самналлан тураллара, арыый тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх таас дьиэлэр көстөллөр. Ону сержант уолаттар: «Ити пограничниктар олорор городоктара», – диэн ыйан көрдөрдүлэр. Муора кытыытыгар баһаам элбэх тимир буочука бөҕөтө, эргэ хараабыл уонна быраҕыллыбыт самолет кырамталара ыһыллан сыталлар.

Массыыналар Саха сирин кыра дэриэбинэтигэр баар мас спортивнай саалатын санатар дьиэ аттыгар тиийэн тохтоотулар. Тула сопка тэллэҕэр уһун субурҕа мас бараахтар курдук оҥоһуулаах хаһаармалар тураллар. Эргиччи барыта мас дьиэлэрдээх, кинилэр сулууспалыахтаах байыаннай чаастара эбит.

Кэлин билбиттэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус уонна Эмиэрикэ икки ардыларыгар «тымныы сыһыан» олохтоммутун түмүгэр, «Аляска өттүттэн Эмиэрикэ сэриинэн саба түһүөҕэ» диэн өйдөбүлтэн, дьоппуоннары утары сэрии бүтээтин кытта, Рокоссовскай десантнай чааһын Провидение буухтатыгар көһөрөн аҕалан, байыаннай базаны тэрийэргэ быһаарыммыттар. Ол түмүгэр, билигин бу байыаннай чаас турар Урелики бөһүөлэгэр 1946 – 1947сс. баһаам элбэх байыаннай сэбилэниилээх күүстэр түмүллүбүттэр эбит.

Эрчимнээх «приемник» буолан турар спортсаалаҕа киирдилэр. Бэҕэһээ кинилэр иннилэринэ көтөн кэлбит уолаттар, хайыы-үйэҕэ байыаннай таҥаһы кэтэн хааман-сиимэн чиккэҥнэһэ сылдьаллар.

– Оо, молодойдар кэллилэр… – диэн уолаттар, кинилэри күлсэ-салса, дьээбэлэһэ көрүстүлэр.

Саала икки өттүнэн этээстээх тимир ороннор кэккэлээбиттэр. Хаҥас өттүгэр Саха сириттэн кэлбит призывниктар, уҥа өттүгэр Иркутскай уобаластан ыҥырыллан кэлбит нуучча уолаттарын сытар гына дьаһайбыттар.

Сотору Эрчимнээҕи барыларын стройдатан баанньыкка илдьэ бардылар. Таһырдьа төһө да ылааҥы сааскы күн турдар, тула барыта хаар. Сорох сиринэн дьиэлэр үрүттэригэр тиийэ хаарынан бүрүллэн тураллар.

Эргэ мас баанньык дьиэҕэ тиийэн иһирдьэ симиллэн киирдилэр. Иккис сылын сулууспалыы сылдьар саллааттар саҥа аармыйаҕа ыҥырыллан кэлээччилэри кэтэһэ сылдьаллар эбит. Таҥастарын устан сыгынньахтаналларын кытта, арыый сэнэх соҕус гражданскай таҥастары үллэстии саҕаланна. Эдэр уолаттар сөрүүн соҕус суунар сиргэ киирэн, тымныы диэбэккэ син балачча мүлүркэй соҕус уунан суунан булумахтаннылар. Ол кэнниттэн бүтэн тахсыбыттарыгар, кырдьаҕас прапорщик, хас биирдиилэриттэн кээмэйдэрин ыйыта-ыйыта, сабыс-саҥа байыаннай таҥастары үллэрэн биэртэлээтэ. Уолаттар түргэн үлүгэрдик, бэйэлэригэр сөптөөх таҥаһы булан ылан, бастарыттан атахтарыгар диэри таҥна оҕустулар. Байыаннай таҥаһы таҥнан тас көрүҥнүүн, быһыылыын-таһаалыын уларыйа түстүлэр.

– Билигин «войсковой приемникка» тиийэн бараҥҥыт, хас биирдиигит хлорканан байыаннай чааскыт нүөмэрин, ааккытын-суолгутун бэргэһэҕитигэр, синиэлгитигэр, гимнастеркаҕыт ис өттүгэр суруйан бэлиэтиигит. Биир ый устата карантиҥҥа олороҕут, «эдэр байыас курсун» барыаххыт. Эһиги сулууспалыыр чааскыт радиотехническэй чаастарга киирсэллэр. Онон, радиотелеграфист, РЛС оператора, планшетист идэлэрин сулууспалыыр кэмҥитигэр баһылыахтааххыт. Полка штаба бу Урелики бөһүөлэгэр баар, байыаннай бирисээгини ылбыккыт кэннэ, байыаннай чаастарга сыһыаннаах туочукаларга эһигини тарҕатыахтара. Сорохторгут манна полкаҕа сулууспалыы хаалыаххыт… – прапорщик барыларыгар өйдөнөр гына быһааран биэрдэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации