Текст книги "Даайыһым, эрэлим"
Автор книги: Степан Марков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
– Биһиэхэ иккис кылааһы бүтэрбит оҕо иллэрээ күһүн кэлбитэ. Соҕотох ийэлээҕэ ол сайын өлбүт этэ, оскуолаҕа остуорастыы сылдьан. Оттон аҕата, булчут киһи, кини кыра эрдэҕинэ суох буолбут.
– Чугас аймахтардаах дуу?
– Оннук чугас да, ыраах да аймахтара суох, ол иһин манна кэлбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй, олус кыһамньылаах, сэмэй. Биир бастыҥ оҕобут буолар.
Дириэктэр кэпсэтэ олорор дьонун тус олохторун-дьаһахтарын, тугу үлэлииллэрин, оҕону иитэ ыларга бигэ санаалаахтарын өссө чопчулаан ыйытта. Түмүгэр, бастаан бэйэтэ кэпсэтэн оҕо санаатын билиэҕин, сөбүлэһиэх курдук буоллаҕына, көрсөн билсиһиэххит диэтэ. Онон күнүскү аһылык кэнниттэн кэлиэх буолан бардылар.
***
Александра Иннокентьевна, хоһугар соҕотох хаалан, элбэҕи эргитэ санаата. «Оҕолор барахсаттар, ордук кыралар, үчүгэй ыалга оҕо буола барыахтарын олус баҕараллар ээ. Былырыын сайын барбыт Саргы кыыһы кытта сибээһи тутан, билсиһэ, билэ олоробут. Ылбыт дьон астыналларын этэллэр, кыыс саҥа дьонугар сыстан, биир иллээх дьиэ кэргэн буолбуттар, ити олус үчүгэй. Оттон бу дьон хайдахтарый? Үөрэхтээх, лоп бааччы тыллаах-өстөөх, оҕо ылан иитэргэ улахан баҕалаахтара өтө көстөр. Аҕыс сыл бииргэ олорбуттар да, оҕолоро суох эбит, онтон олус санаарҕыыбыт дииллэр. Киһи өйдүүр дьыалата. Онно итэҕэйиэх санаам кэлэр. Ол иһин да мин оҕону кытта кэпсэтиэх буоллум дии. Сыыстарбатах киһи…».
Александра Иннокентьевна оҕо дьиэтигэр үөрэҕин бүтэриэҕиттэн харыс сири хамсаабакка үлэлээн кэллэ. Кини бу идэни талбытын олох кэмсиммэт, оҕолор ортолоругар сылдьан үлэлиирин олус сөбүлүүр, тулаайах оҕолору иитиигэ үлэлиир ыарахаттардаах буолуон сөп курдук да, кинилэргэ киһи ордук ылларар, аһынар, дьоллоох дьон буолалларын туһугар кыһанар, ыалдьар эбээт. Оҕо дьиэтин дириэктэрэ буолуоҕуттан, хас биирдии оҕо инники дьылҕата киниттэн улахан тутулуктааҕын ордук үчүгэйдик өйдүүр.
«Бу сарсыардаттан саҕаламмыт оҕо инникитин, дьолун түстүүр кэпсэтии ыраас халлаан курдук туох да былыта суох ыраастык, этэҥҥэ, өйдөһүүлээхтик дьоллоох суолу тутуһан барара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?» диэн саныы турдаҕына, санаатын ситимин быһан, хоско киһи киирбитигэр соһуйан дьик гына түстэ. Хата, Ирина Николаевна бэйэтинэн киирэн кэллэ. Кинилиин бу сарсыардааҥҥы кэпсэтиини ырытыһан баран, сибилигин Дашаны ыҥыран, оҕо уйулҕатын хамсаппат курдук наҕылыччы кэпсэтэргэ быһаарыстылар.
***
Оччотооҕу кэпсэтиини Даайыс күн бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр. Теплицаҕа биэдэрэнэн уу таһан кута сырыттаҕына, оҕолор: «Даша-а, Александра Иннокентьевна ыҥыттарар, бара охсор үһүгүн», – диэтилэр. «Дириэктэр миигин хаһан да ыҥыттарбат этэ, онон туох буруйу оҥордохпунуй» диэн хайдах эрэ соһуйа, куттана саныы-саныы, оргууй хос аанын тоҥсуйда. Киирбитэ, дириэктэри кытта иитээччи Ирина Николаевна баар эбит. Үчүгэй баҕайытык кыыска мичээрдээтилэр уонна ыҥыран ылан утары олоппоско олортулар. Даайыс хорсунугар түһэн: «Мин туох да буруйу оҥорботоҕум ээ», – диэн бэйэтин эрдэттэн көмүскэнэ соҕус симиктик эттэ. Онуоха дьоно күлүстүлэр уонна:
– Даша, манна олороруҥ, үөрэнэриҥ үчүгэй дуо? – диэн ыйыттылар.
– Үчүгэй…
– Билэҕин дии, былырыын сайын Саргы диэн оҕону биир ыал иитэ ылбыта, билигин сүрдээх үчүгэйдик олороллор. Ол туһунан эһиги, оҕолор, эмиэ билэҕит, Саргы бэйэтэ сурук суруйбута дии. Оттон билигин эмиэ оннук ыал оҕо иитиэхпит этэ дииллэр, кинилэр манна бааллар, эйигин кытта кэпсэтиэхтэрин, билсиэхтэрин баҕараллар. Биһиги онно эмиэ сөпсөһөбүт, үчүгэй дьоннор. Ону хайыыбыт, кинилэри кытта билсиһиэҥ дуо? – улахан киһилиин кэпсэтэр курдук, судургу соҕустук саҕалаатылар.
Даайыс соһуйан хаалла, хайдах эрэ ийэтин санаан кэллэ. Саҥата суох олорбохтоото.
– Билбэтим ээ, – ыган, бүтэҥитик саҥарда, онтон, тохтуу түһэн баран, саҥата суох тоҥхох гынна.
Итинник сөпсөһөн, кыыс төрөппүттэрэ буолуохтаах дьонун кытта билсибитэ уонна кинилэри сөбүлээн барбыта. Хаста да кэлэ сылдьыбыттара, кэллэхтэрин аайы кэмпиэт, дьаабылыка, уопсайынан минньигэс ас кэһиилээх кэлэллэрэ, куруук үөрэ-көтө кэпсэтэллэрэ. Ити Даайыска наһаа күндү этэ. Кэлиэхпит диэн болдьообут күннэрэ кыыска куруук күүтүүлээх, бырааһынньык курдук буолара. Оҕолор ордук саныыллара, ымсыыраллара. Өскөтүн Даайыс урут бэйэтэ бэйэтигэр сылдьар, сэмэй эбит буоллаҕына, билигин күлэр-үөрэр буолбута. Биирдэ кэлиэх буолбут күннэригэр кэлбэтэхтэрэ. Хас да күн итинник ааспыта. Кыысчаан, күүтэ сатаан баран, күүппэт да буолбута. Оо, онно олус да хомойбута, миигин бырахтахтара, сирдэхтэрэ диэн ытаабыта. Хас да күн уку-сакы, саҥата-иҥэтэ суох сылдьыбыта. Оннук сырыттаҕына, биир күн оҕолор сүүрэн кэлэн «эйиэхэ дьонуҥ кэллилэр» диэн эттилэр. Даайыс онтон үөрэн дуу, соһуйан дуу тугу да гынарын билбэттии турбахтаан баран, эмискэ киирэр аан диэки ыстанна – иккиэн кэтэһэн тураллар эбит. Кыыс туохха эрэ иҥнибиттии тохтуу түстэ, «чахчы кинилэр эбит» диэт үөрбүт санаатыгар сүүрэн тиийэн биирдии-биирдии кууһан, сыллаталаан ылла уонна: «Кэллигит дии, кэтэстим даҕаны», – диэт, үөрүүтүттэн тохтоло суох ытаан барда.
Оо, онно олус да үөрбүтэ, кини саҕа дьоллоох суоҕа. Аҕыйах хонон баран Даайыһы дьоно кэлэн илдьэ барбыттара.
2
Борис Гаврильевич уонна Мария Николаевна Герасимовтары инникитин ааттарын наһаа толору ааттаабакка, дьиэҕэ-уокка кэргэннии дьон истиҥник бэйэ икки ардыларыгар «Маша», «Боря» диэн ыҥырсалларын эмиэ арыый уларытан, судургутук Мария, Борис диэн ааттаан, кинилэр тустарынан ааҕааччыларбар кэпсээн ыларым тоҕоостоох дуу дии саныыбын.
Бористаах Мария, Герасимовтар диэн араспаанньаланан, үөрэхтэрин Мария соҕуруу, Борис Дьокуускай куоракка бүтэрэн, ананан кэлиэхтэриттэн ыла улуус киинигэр олороллор. Кинилэр иккиэн үөрэхтэрин бүтэрбит нөҥүө сылларыгар сайын, чугас табаарыстарын, билэр дьонун ыҥыран, ыал буолбуттарын аҕыйах киһилээх бэлиэтээбиттэрэ. Ол икки өттүттэн тулаайах дьоҥҥо кыра сыбаайба курдук этэ. Билигин төһө да таптаһан, сөбүлүүр идэлэринэн үлэлээн-хамсаан олордоллор, олох кэрэтэ толору буолуон, ону ситэрэн дьоллоох буолуохтарын оҕолоро суоҕа. Ити ордук кэнники кэмнэргэ кинилэри баттыыр санаа аргыһа буолбута. Биллэн турар, итиниэхэ кинилэртэн ким буруйдааҕын туоһулаһан, сирэй-харах анньыһан ыраас тапталларын киртитиэхтэрин баҕарбат этилэрэ. Ол иһин былырыыҥҥыттан ыла оҕо ылан иитэр туһунан саныыр, кэпсэтэр буолан барбыттара уонна быйыл ол санааларын толордулар. Мария, дьахтар киһи быһыытынан, кыра саастаах төгүрүк тулаайах кыыс оҕону иитиэн баҕарара. Борис ону утарбатаҕа, кини хаһан да таптыыр кэргэнин тылыттан тахсааччыта суох, санаатыгар кыыс оҕо дьонугар өссө ордук чугас сыһыаннаах, дьиэҕэ-уокка илии-атах, көмө буолуоҕун билэр, онон итинник биир санааҕа кэлэн бигэтик быһаарыммыттара. Кэлин киниэхэ бара сылдьыыларыгар оҕо кинилэри кэтэспитэ, биир-биир кууһуталаан, сыллаталаан ылан баран ытаан ылбыта кинилэри уйадыйан ылыахтарыгар диэри долгуппута, оҕону аһынар, бэйэлэригэр ылар санааларын өссө чиҥэппитэ.
***
Герасимовтар, санааларын, баҕаларын толорон, кыыс оҕолоннулар, оттон Даайыс саҥа төрөппүттэрдэннэ. Олоҕу дьоллоохтук олорор баҕа, онно тардыһыы абылаҥнаах күүһэ ити буоллаҕа. Оҕото суох ыал, төрөппүтэ суох оҕо бу орто дойдуга толору дьоллооҕунан ааҕыныан сөп дуо? Ыарахан…
Даайыс саҥа дьиэтигэр, дьонугар сыстан, сыыйа үөрэнэн барбыта. Биллэн турар, маҥнай утаа барыта хайдах эрэ атын, туора, чуҥкук курдуга, бииргэ сылдьыбыт, оонньообут оҕолорун, ийэтин элбэхтик саныыра, ахтара. Ол эрээри киэһэ, дьоно дьиэлэригэр кэллэхтэринэ, Даайыс сэргэхсийэ түһэрэ, күнүс соҕотоҕун сылдьан санаабыт санаа-лара көтөн хаалаллара, ити кини дьонугар олус убанан, ылларан иһэриттэн эбитэ дуу? Мария Николаевна, учуутал буолан, күнүн улахан аҥаара оскуолаҕа барар, сороҕор киэһэ хойутуура да элбэх этэ. Оттон Борис Гаврильевич – быраас-хирург, кини үлэтэ биллэр, күнүс-түүн балыыһаҕа үлэлиир аахсыллыбат түгэннэрэ куруук буолаллара ахсааҥҥа киирбэт. Ол эрээри ити кинилэр сыһыаннарыгар туох да куһаҕан сабыдыалы охсубат уонна оннук буолуон да табыллыбат. Даайыс, оскуолатыттан эрдэ кэлэр буолан, дьиэтин хомуйан-имийэн баран киэһэ дьонун кэтэһэр. Оттон Мария да, Борис да ааннарын аһаат: «Тоойуом, Даайыс, бааргын дуо?» – диэн суохтаабыттыы, ахтыбыттыы ыҥырбытынан үөрэ-көтө киирэллэр.
Биир сарсыарда Даайыс оскуолатыгар хайдах эрэ олус көҕө суох хомунарын, ыалдьыбыт киһилии туттарын-хаптарын ийэтэ бэлиэтии көрдө. «Урут итинник буолбат этэ ээ, туох буолла, ыалдьыбыт быһыыта эмиэ да биллибэт курдук, ыалдьыбыта буоллар, сарсыарда тураат да миэхэ этиэ эбитэ ини, оскуолаҕа, кылааһыгар туох эрэ өйдөспөт быһыы баар буолла дуу» диэн ийэ киһи сүрэҕэ таайтара соҕус сэрэйдэ.
– Даайыс, тоойуом, ыарыйдыҥ дуу?
– Суох, ийээ…
– Оччоҕо туох буоллуҥ? Ким атаҕастаата? Этиий.
Кыыс тоҕо эрэ ытаан сыҥсыйан барда. Мария тута сэрэйдэ: кылааһыгар оҕолору кытта боруоктастаҕа.
– Чэ, Даайыс, тоойуом, кэпсээ миэхэ, хайа оҕо атаҕастаата, мин ол оҕону кытта кэпсэтиэм дии. Барыта үчүгэй буолуоҕа, эрэн.
– Ийээ, ол оҕо үҥсүбүккүн диэн өссө атаҕастыа, иэстэһиэ суоҕа дуо?
– Суох, тоойуом, оннук буолуо суоҕа.
– Кылааска мин кэннибэр олорор Ньургун диэн уол уруокка да, көрүдүөргэ да куруук дьиибэлии сылдьар, оҕолор онтон күлсэллэр, көр оҥостоллор.
– Тоҕо, туох диэн дьиибэлиирий?
– Эн ыал иитиэх оҕотоҕун, эйигин ким да көмүскэһиэ суоҕа диир, уруокка олорон баттахпын тардыалыы олорор, көхсүбэр кумааҕылары сыһыарар, хатыйар, охсор, онтон да атын баракаастары оҥорорун олох тулуйуо суохпун, оскуолаҕа үөрэнэ барыахпын баҕарбат буоллум, – кыыс уйа-кэйэ суох ытаан барда.
Кэнники кэмҥэ Мария кыыһа оскуолатыгар урукку курдук үөрэ-көтө буолбакка, туох эрэ санаалаах дуу, ыалдьыбыт курдук дуу, уота-күөһэ суох барарын бэлиэтии көрөн, өссө биирдэ «тоойуом, Даайыс, ыалдьаҕын дуу, эбэтэр туох баарый, миэхэ этиий» диэн ыйыппыттааҕа ээ. Онуоха, хап-сабар: «Ийээ, барыта үчүгэй ээ», – диэн хардарбыта. Ол эрээри кыыһа туохтан эрэ санаарҕыырын таайа сатыы, кэтээн көрө сылдьыбыта. Оҕо диэн оҕо буоллаҕа, ийэтин, дойдутун, икки сыл бииргэ олорбут табаарыстарын ахтара, эбэтэр биһигини сөбүлээбэтэ дуу диэн араас санаалар киирбиттэрэ. Оттон биричиинэтэ ити эбит дии… Ити туһунан кэргэнигэр Бориска тугу да эппэккэ сылдьыбыта.
– Тоойуом, Даайыас, эн итинтэн санаарҕыы сырыттыҥ дуо?
– Оттон… сороҕор мин оскуолаҕа барыахпын баҕарбат буолан ылабын ээ…
– Кэбис, тоойуом, итинник саҥарыма, мин кэпсэтиэҕим, барыта үчүгэй буолуоҕа.
Мария Ньургуну уонна кини төрөппүттэрин кытары кэпсэппитэ. Ньургун аны хаһан да дьиибэлиэм суоҕа диэн Даайыстан бырастыы гынарыгар көрдөспүтэ. Онтон ыла барыта этэҥҥэ буолбута. Даайыс оскуолатыгар эмиэ үөрэ-көтө, тиэтэйэ-саарайа барар буолбута.
Даайыс бэйэтэ кыра, ол эрээри бары-барыта баар хостоох. Компьютердаах, бу киниэхэ анаммыт тэрил, манан бэчээттии, оонньуу үөрэннэ, өссө музыка, ырыа истэригэр эмиэ олус табыгастаах.
Дьоно бэйэ-бэйэлэригэр олус убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар, Даайыһы хаһан да улаханнык саҥаран мөхпөттөр, сэмэлээбэттэр, хата, куруук «тоойуом» диэнтэн атыннык ыҥырбаттар, сүбэлии-амалыы, үөрэҕин, оскуолатааҕы сонунун сураһа, билсэ сылдьаллар. Оттон кини дьонун истиҥник сахалыы «ийээ», «аҕаа» диэн ыҥырара кинилэргэ олус иһирэхтик иһиллэрэ.
Ити курдук күннэр ааһан испиттэрэ.
***
Үөрэх бүтэн сайын кэлбитэ. Мария уоппускатын ылбыта. Быйыл ханна да барар-кэлэр былааннара суох. Сорох сылларга, путевка буллахтарына, иккиэн соҕуруу сынньанан, күүлэйдээн кэлэр буолаллара. Кэнники кэмнэргэ олох-дьаһах да ыараан, баҕа хоту барыта кыаллыбат буолан испитэ.
Биир үтүө сайыҥҥы сарсыарда маннык кэпсэтии буолла.
– Даайыс, эн биһикки сайыҥҥы каникулбут саҕаланна дии, – диэн Мария кэпсэтиини саҕалаата. – Онон биһиги дьиэбитигэр тугу гынабыт, ханна барабыт-кэлэбит дуу? Аҕабыт сайын уоппуската суох. Даайыс, эн туох былааннааххыный, биһиэхэ этиий, сүбэлэһиэххэйиҥ…
– Билбэтим ээ, эһиги быһаарар буоллаххыт дии, мин барытыгар сөбүлэһэбин, теплицабын, сибэккилэрбин көрүөм-харайыам, уу кутуом, кинигэ ааҕыам уонна оҕолордуун сөтүөлүү барсыам, – улахан киһилии лоп бааччы эппитин сөбүлүү иһиттилэр.
– Оҕом сөпкө эттэ, үлэбит-хамнаспыт баар аҕай буоллаҕа дии, – диэтэ Борис.
– Даайыс эн дойдугун, дьиэҕин ахтаҕын дуо? – Мария намыыннык, сэрэммиттии ыйытта.
– Ахтабын, – симик баҕайытык хоруйдаата уонна, ити тоҕо ыйыталларый диэбиттии, дьонун хардарыта көрбөхтөөтө.
– Мин маннык этиилээхпин ээ, Даайыс, эн биһикки, уоппускалаах дьон быһыытынан, эн дойдугар, дьиэҕэр баран кыратык олоро түһэн, сынньанан кэллэхпитинэ хайдаҕый, сөп буолбат дуо? Эн да ахтылҕаҥҥын таһаарыаҥ, үчүгэй буолбат дуо? – Мария үөрбүт-көппүт куолаһынан эттэ уонна, Даайыс туох диир эбитий диэбиттии, кини хоруйун кэтэстэ.
Даайыс итини эрэ санаабакка сылдьыбыта. Кырдьыга, ийэтин да, дойдутун да санаан ылара ханна барыай? Инньэ гынан соһуйан үөрэ түстэ уонна «баҕарабын, олус үчүгэй буолуо этэ» диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Кырдьык, ити оҕо сүрэҕэр улахан долгутуулаах үөрүү да, махтаныы да этэ.
Ити быһаарсыбыт күннэриттэн дэриэбинэҕэ барарга бэлэмнэнии саҕаламмыта. Даайыс «дьиэбэр тиийэбин, эбээ Өкүлүүнү көрсүөм, кэпсэтиэм, ийэм уҥуоҕар тахсыам, сибэкки ууруом» диэн олус долгуйар, үөрэр… Маҕаһыыҥҥа сылдьаннар, эбэлэригэр, кырдьаҕас киһиэхэ, кэһиибит диэн хараҥатыҥы соҕус, сибэкки ойуулаах, киэҥ-куоҥ халадаайдыҥы ырбаахыны уонна былааты талан ыллылар. Ийэтэ: «Маны барытын эн эбэҕэр бэйэҥ туттарыаҥ», – диэбитин Даайыс наһаа астына, махтана иһиттэ. Тиийээт да маҕаһыыҥҥа ыстаныахпыт дуо, маҥнай утаа аһыыр аспытын илдьэ барабыт диэн элбэх баҕайы аһы ыллылар. Даайыс көтүөҕүн кыната эрэ суох, оннук чэпчэкитик, сиргэ үктэнэр-үктэммэт курдук санана сылдьар.
Аҕаларын «Жигули» массыынатынан бардылар. Айаннаан иһэн бары айылҕа кэрэтин саҥа көрбүттүү сөҕөллөр-махтайаллар, эчи сырдыгын, үчүгэйин, күн тыкпыта сылааһын, чаҕылхайын, салгын куйаастан ибигирии хамсаан ылар курдуга, барыта күөх, араас сибэкки… урут маны хайдах бэлиэтии, таптыы көрбөтөх эбиттэрэй?! Массыына түннүгэр элэгэлдьийэн ааһар айылҕа кэрэ көстүүтэ: алаастар, киэҥ хонуулар, тыалар, күөллэр солбуйса элэҥнэһэн ааһаллара киһини абылыыр даҕаны эбит.
Итинник кэрэ санааҕа ылларан дойдуларыгар кэлэ охсубуттарын улаханнык билбэккэ да хааллылар быһыылаах.
Даайыс тэлгэһэтигэр киирэн үөрэн турарын сэргэ курус санаа эмиэ охсуллан ааста, бу билигин ийэм утары дьиэтиттэн тахсан кууһан ылыа, «оҕом сыыһа, дьэ, кэллиҥ дии, оттон мин кэтэстим даҕаны» диэн сыллыа-ууруо диэх курдук санааҕа оҕустаран кылгас кэмҥэ туран хаалла, дьоно ыҥырбыт-тарыгар соһуйан бэйэтин санаатыттан тахсан кэллэ.
Ол киэһэ сып-сап дьиэлэрин хомуна охсон, оһохторун оттон, ас бэлэмнээн баран Даайыс эбэтин ыҥыра таҕыста, «эбээ» диэн ыҥырбытынан дьиэҕэ көтөн түстэ. Дьиэҕэ ким да суох курдук, бука, үлэлэригэр сырыттахтара. Өссө төгүл «эбээ» диэбитинэн Өкүлүүн сытар хоһугар сэрэнэн киирдэ. Эбэтэ оронугар, кыра суорҕаны бүрүнэ тардынан, утуйа сытар эбит.
– Эбээ Өкүлүүн, дорообо, бу мин кэллим.
– Кимҥиний, тоойуом?
– Эбээ, бу мин, Даайыспын ээ…
– Хайа Даайыскыный? Хараҕым, өйүм мөлтөөн киһини да билбэт буолан эрэбин быһыылаах.
Өкүлүүн эмээхсин хап-сабар оронугар олоро биэрдэ, аттыгар олоппоско уурбут ачыкытын илиитинэн харбыалаан ылан кэттэ уонна одууласпахтаан олордо.
– Эбээ, Аана оҕотобун дии…
Эмээхсин саҥа аллайа түстэ:
– Пахыай… Оҕом Даайыскаҕын дуо, бэйэм оҕобун билбэккэ олорор эбиппин буолбаат. Бу хантан кэллиҥ, кимниин, хаһан?
– Эбээ, мин дьоммун кытта бары кэллибит, эн ыарытыйаҕын дуо, тоҕо сытаҕыный?
– Тоойуом, кырдьаҕас киһи ыарытыйара кэмнээх буолуо дуо?! Дьонум ходуһаҕа оттуу сылдьаллар, кинилэри кэтэһэ таарыйа кыратык нухарыйан ыллым быһыылаах. Утатан, аччыктаан кэллэҕиҥ буолуо, чэйи уокка ууруохха…
– Суох, эбээ. Мин эйигин дьиэбэр таһаара кэллим. Онно чэйдиэхпит, бары эйигин кэтэһэ олоробут ээ. Чэ, тахсыах.
– Бэйи эрэ, хайа икки ардыгар ол дьиэҕитин хомуйа, сууйа, ас астыы оҕустугут. Мин сытан утуйбатаҕым буоллар, утары көрсө тахсыахтаах этим буоллаҕа…
Эмээхсин үөрэн букунайа түстэ. Даайыс Өкүлүүнү сиэтэн дьиэтигэр таһаарда. Эбэтигэр ийэтин, аҕатын биир-биир билиһиннэрдэ.
– Оҕолорум, мин эһигини көрөрбүттэн олус үөрэбин, үчүгэй сирэйдээх-харахтаах эдэр дьон эбиккит. Мин оҕобун, Даайыскабын, бэйэтэ эппэтэҕэ буоллар, олох да билиэ суох эбиппин, олус улаап-пыт, улахан киһи курдук буолбут. Хата, бу эһиги кэлэҥҥит миэхэ, кырдьаҕас киһиэхэ, улахан үөрүүнү аҕаллыгыт.
Ити икки ардыгар Даайыс эбэтигэр суулаах кэһиитин аҕалан илиитигэр туттаран кэбистэ.
– Эбээ, бу биһиги эйиэхэ кэһиибит.
– Бу оҕобун көр… тугуй бу… кырдьаҕас киһиэхэ эмиэ тугун кэһиитэй-тайай.
– Ити оҕоҥ, сиэниҥ эйиэхэ ырбаахы уонна былаат бэлэхтиир, – диэтэ Мария Николаевна.
– Тыый, оттон мин 80 сааспын аастым ээ, кырдьар сааспар оҕобуттан саҥа таҥас кэтэн сайбаарыыһыкпын… Баһыыбаларыҥ! Дьоллоох буолуҥ, оҕолорум барахсаттар, үчүгэйдик олоруҥ! – дии-дии, Өкүлүүн барыларын кууһан ылла.
Баай астаах остуол тула олорон билистилэр, элбэҕи истиҥник кэпсэттилэр. Эмээхсин дьиэтигэр тахсаары туран:
– Эһигини маннык кэлиэхтэрэ эрэ диэн санаабар да суоҕа. Оҕобун, Даайыспын, төлкөтө, дьылҕата үчүгэй дьоҥҥо тиксиһиннэрбитигэр олус үөр-дүм, оҕом хайаан да дьоллоох киһи буолуоҕа, – диэтэ уонна барыларын алҕаан, сыллаталаан ылла.
***
Аҕалара, үлэлиир буолан, нөҥүө күнүгэр дойдутугар төннүбүтэ, Даайыс ийэтиниин хаалбыттара.
Дьиэлэригэр сүүрбэччэ хоммуттара. Олус үчүгэйдик олорбуттара. Дьаайыс ийэтин уҥуоҕар тахсан, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурбуттара. Сир аһа кэмэ суох үүммүт буолан дьэдьэннээбиттэрэ, хаптаҕастаабыттара, балачча элбэҕи хомуйан астыммыттара. Даайыс бииргэ үөрэммит оҕолорун көрсүбүтэ, дьүөгэтэ Настя кинилэри кытта тыаҕа сылдьыһан сир астаспыта, онон Даайыс дойдутун, оҕолорун тустарынан элбэҕи билбитэ, истибитэ. Эбэлэрэ күн аайы кинилэргэ киирэ-тахса, билсиһэ сылдьыбыта. Барар күннэригэр аҕалара дьонун ыла кэлбитэ. Эбэлэрэ атаара кэлбитэ, онно ыарытыйар буоллум, мөлтөх соҕуспун диэбитэ. Аҕалара кинини көрбүтэ-истибитэ, иһиллээбитэ уонна биһигини кытта барыс, мин балыыһаҕа киллэрэн эмтэтиэм диэбитин буолумматаҕа, «ол мин кырдьаҕас киһи эмкэ-томко бэриммэт буоллаҕым буолуо ээ» диэбитэ. Борис аҕыйах эмп аҕалбытын хаалларбыта, «хаһан баҕарар биһиэхэ тиий, эмтиэхпит» диэн эрэннэрбитэ. Эһиил сайын эмиэ хайаан да кэлиэхпит, онно эн баар буолаар диэн алҕаан барбыттара.
***
Герасимовтар олорор уопсай дьиэлэригэр кэккэлэһэ ааҥҥа Хаабыһаптар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорор. Эбэлэрэ Хобороос ыалларыгар куруук киирэ-тахса сылдьар, намыын саҥалаах, холку майгылаах, кыра эмээхсин. Даайыс кинини олус сөбүлүүр, били дойдутугар баар Өкүлүүн эбэтигэр холуу саныыр. Эмээхсин да Даайыска олус үчүгэй сыһыаннаах, сүбэлии-амалыы сылдьааччы. Биир эмэ күн киирбэтэҕинэ, бары суохтууллар, эбэбит киирбэтэ диэн буолар.
Мария кэнники кэмҥэ сорох күн олус сылайбыт, сылаарҕаабыт курдук буолуталаан ыларын биллэ. Ону үлэбиттэн сылайабын быһыылаах дии саныыр уонна итини улахаҥҥа уурбат буола сатыыр. Ол эрээри сылдьан эрэн сүрэҕэ өлөхсүйэн, өҕүйүөх курдук буолуталыыр. Сороҕор олус минньигэһи – сакалаат кэмпиэти, барыанньаны сиэн баҕарар. Этигэр-хааныгар итинник эмискэ уларыйыылар баар буолбуттарын кэргэнигэр эппэт. Дьикти баҕайы, арай дьахталлар оһоҕостоох буоллахтарына итинник буолааччыбыт диэн кэпсэтэллэрин истээччи этэ. «Ама, мин оннук… арай… арай диэххэ… оҕолонор дьоллонуом дуо?! Үчүгэй да буолуо этэ, оо, кэбиис-кэбис… бу уонча сыл биллибэтэх…» итинник санаатаҕына, этэ-сиинэ сылаас сүүрээнинэн сылыйар. Мария, ити туһунан кимиэхэ да эппэккэ сылдьан, гинеколог бырааска көрдөрөн быһаартарарга сананна. Кини, билэр уопуттаах, сааһыран эрэр бырааһа Зинаида Михайловна бэркэ болҕойон көрөн-истэн баран, «оҕо үөскээбит» диэн үөрбүт саҥатын истэн, хайдах эрэ дөйөн хаалбыт курдук турукка киирэн ылла уонна хараҕыттан уу-хаар баспытын кыбыстыбыттыы нособуой былаатынан соттумахтаата. Дьиэтигэр санаата олус көтөҕүллэн, үөрэн кэллэ, ол эрээри син биир итэҕэйбэт, саарбахтыыр.
Киэһэ кэргэнэ Борис үлэтиттэн кэлэрин долгуйа кэтэстэ. Кини үчүгэй сонунун таптыыр кэргэнин кууһан олорон кулгааҕар килбиктик сибигинэйэн этиэ, оччоҕо бэйэтин дьоллоохтук да сананыа, кини бу күн сиригэр билэн эрэр үөрүүтүн доҕоругар этэн махтаныа, бииргэ үөрүөхтэрэ, инникилэрин былаанныахтара…
Кэлбитигэр сонунун үөрэ-көтө кэпсээтэ, ол киэһэ кинилэргэ, икки таптаһар сүрэххэ мантан ордук дьоллоох, дьоро киэһэ суоҕа!
Сарсыныгар ыаллара Хобороос эмээхсин киирбитигэр Мария үөрүүтүн үллэһиннэ, онуоха эмээхсин соһуйа, үөрэ иһиттэ уонна: «Былыр да, билигин да өр кэмҥэ оҕоломмотох ыал оҕо иитэ ылан баран бэрт сотору оҕолонор түбэлтэтэ элбэх буолааччы, ону былыргылар бу дьиэҕэ иитиэх киирбит оҕо холумтана тарта, кини үчүгэй иэйэхситтээх эбит диэн этэр буолаллара», – диэн кэпсээтэ. Итини Мария сөбүлүү иһиттэ, ол аата оҕобут Даайыс ымыыта тарпытын үөһээ Айыылар, Таҥара араҥаччылаатахтара, ылыннахтара диэн иһигэр үөрэ санаата.
***
Мария сайын этэҥҥэ кыыс оҕолонно. Саха дьоно саамай таптыыр, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут кэрэ сибэкки сардаана сири киэргэтэ үүммүт кэмигэр төрөөбүт кэтэһиилээх кыыска Сардаана диэн ааты биэрдилэр. Хатаннык ытаан бэбээрэр, ийэ илгэлээх үүтүн ботурҕаччы омуннаахтык эмэн соппойор кыракый туораах кыысчаантан бары да күннэрэ тахсар. Даайыс балтыламмытыттан олус астынар, үөрэр. Бу кыра киһи күн сирин көрбүтүгэр, барыларын дьоллообутугар кыыстара Даайыс кырата суох улахан єөҥөєлєөєөҕүн курдук санаан, бу кини баар буолан диэх курдук, сахалыы сиэринэн таска таһааран улаханнык эппэккэ истэригэр тутар махталлаахтар.
***
Даайыс ити сайыны олус үчүгэйдик саныыр. Дьиэлэригэр куруук үөрүү, өйдөһүү, бэйэ-бэйэҕэ сылаас сыһыан баара. Бары Сардаанчыктарын туһугар кыһаналлар-мүһэнэллэр. Даайыс маҕаһыыннарга сылдьан бородуукта, оҕо аһа ылар, теплицаны көрөр, уу кутар. Патронажнай сиэстэрэ куруук сылдьан көрөр-истэр, сүбэ-ама биэрэр. Ыаллара Хобороос эмээхсин күн аайы киирэр. Ити курдук сайын олох да биллибэккэ ааста. Даайыска дьоно олус үчүгэйдик сыһыаннаһаллар. Маҥнай утаа кини дьонун бу бэйэлэрэ кыра оҕолоннулар, аны миигин туората, атарахсыта көрүөхтэрэ диэн оҕолуу кэнэн, акаары санаатыгар күнүүлүүр курдук санаталаан ылара. Билигин санаатаҕына, кинилэр өттүлэриттэн туора көрөр хараҕы, туоратар санааны олоччу билбэтэҕэ, хата төттөрүтүн куруук «оҕобут Даайыс», «тоойуом» диэн сылаас тылларынан ыҥыран болҕомтолорун уураллара. Оттон Даайыс кинилэргэ ити сылаас сыһыаннарыгар хоруйдаан куруук санааларын хоту үчүгэйи эрэ оҥордорбун, хомоппоторбун диэн баҕалаах сылдьара. Ол уруккуну билигин санаатаҕына, дьонун барахсаттарга кинилэр үтүө санаалаахтарыгар махтанар эрэ.
Күн-дьыл биллибэккэ ааһан истэ. Даайыс тохсус кылааска үөрэннэҕин саас Мария иккиһин оҕолонно. Удьуору, аҕа ууһун салгыыр уол оҕо кэлбитигэр биир улахан үөрүү буолла, кэскили тэнитэ турдун диэн Кэнчээри диэн ааты иҥэрдилэр.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?