Текст книги "Байанайдыын көрсүһүү"
Автор книги: Валерий Андросов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Тоҕо эрэ ыттар да үрбэттэр. Иһиллии турабын. Сиирэ-халты ыппытым буоллар, соһуйан өрө сүүрэн тахсар тыаһын ыттар истэн үрүө этилэр. Суох. Туох да суох.
Чэ, аны кэлэн харыйабын кэрдэр эрэ хаалла. Саа туһата бүттэ, чохороонум үлэтэ саҕаланна. Дьэ кини баҕас үлэттэн куттаммат. Ууга да түспүт бурааны хостуур, түүннэри хонугулуур маһы да кэрдэр, ыркыйга саҥа суол да солуур, чоҥкуну тоһута охсон силии да сиэтэр уол оҕото буоллаҕа.
Эттээх-сииннээх сымнаҕас мас, дьэ, өр кыайтарбата. Футболкабар тиийэ сыгынньахтаныахпар диэри кэртим. Төһө өр эбитэ буолла, аарыма халыҥ харыйа оҕунна.
Саарбабытын көрдөөн үһүөн арбаллыбыт лабаалар быыстарынан булкулла сылдьабыт. Өр буолбата, улахан ыт ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тугу эрэ соскойдоон барда. Лабаалары хам баттаабытынан ойон тиийбитим, эһэлэрэ саарбаны убахтыыр эбит!
Оо, үөрүү-кыайыы өрөгөйө бу этэ. Хап-хара хойуу түүлээх, үрүҥ көмүс кырымахтаах улахан атыыр саарбачаан. Лоп курдук көрбүт сирбэр – хараҕын икки ардыгар табыллыбыт. Хата тириитин алдьаппакка кэтэҕинэн тахсыбыт, биир буулдьа.
Ыттарбын хайҕыы-хайҕыы, сыллаан ыла-ыла хомуннум, мииннэрбин кытта уураан соһуттум.
Кыайыы кынаттаах балааккам диэки ырыа ыллыы-ыллыы киирэн лэппэрдии турдум. Ырааппыт эбиппин. Санаабар халлаан илин өттө суһуктуйуох курдук. Тиийбитим, номнуо сарсыарда түөрт чаас буолбут. Оһох оттон балтараа чаанньык чэй иһэн баран охтон хааллым. Сарсыардааҥҥы алта аҥаардаах рация эфирин куоттарбыппын. Күнүс уон биир саҕана биирдэ турдум. Дьол!!! Хос-хос саарбабын хаабыттан ойутан таһааран көрөбүн, кырдьык дьэ, мааны кыыл.
Уон иккилээх рацияны холбообутум бүтүннүү дьахталлар кэпсэтиилэрэ, чум үлэһит, эрдэрин кытта бииргэ көһө сылдьан бултуур дьахталлар, эбэлэр элбэхтэр. Тыа ыарахан үлэтин эр дьону кытта тэҥҥэ үллэстэр барахсаттар кэпсээннэрэ элбэҕэ.
Сылаабын тарҕата манньыйа сыттым. Ол күн өрөөн, эмиэ мастаан, килиэп охсон, сарсыҥҥы көскө бэлэмнэнним. Ыалым, түөрт көстөөх сиртэн Элиэнчэ «Сиҥкэниҥ» аһылынна диэбитинии, дьэ төлө барда, ыга тутуспут сатабыла суох кэм ааста.
Кэлэр сарааннарбар дьон-дьон курдук күн аайы биирдии, иккилии – биэскэ тиийэ хара тыам мааны күндү түүлээҕэ бултана турда. Сорох-сорох дьону ситэн, орто бултаах, баһаам кыыл эттээх саҥа дьыл чугаһыгар аргыс булчуттары кытта караван буолан, үөрэн-көтөн алта уонча табанан бөһүөлэкпитигэр айаннаабыппыт.
Булчут төрөөһүнэ
Оҕолор тэлгэһэ иһигэр мэниктээн сүүрүү-көтүү, сэриилэһэ оонньуу сырыттылар. Оҕонньор күлүк сиргэ, сөрүүҥҥэ хотуурдары таптайаары табахтаан бусхата олорор. Чолоччу көрбүт уон биирдээх уолу эһэтэ ыҥыран ылан сорудахтаата. Эргэ хаптаһын сарайга ыытта. Истиэнэҕэ субуруччу хатаммыт мас долбууртан кыстык аҕалыахтааҕа эбитэ үһү. Төбөтүн оройунан көрбүт Уолчаан аанньа өйдөөбөкө хата хос ыйытааччы буолла, мэник мэйиитигэр оонньуутун ойуута өссө да салҕана турара. Эһэтэ маска батары охсуллубут, өтүйэ өнчөҕөр маарынныыр тимири ыйан көрдөрдө. Сиэнэ хараҕар хатанан, кыстык быһыытын-таһаатын умна иликкэ диэбиттии сарай диэки ойо турда. Күҥҥэ, ардахха, сааскы салгыҥҥа сиэммит, кэтит хаптаһыннарынан оҥоһуллубут хара хаптаҕай сарайтан уолчаан тоҕо эрэ оҕо эрдэҕиттэн куттанара, хаһан да иһин киирэн көрбөтөх сирэ.
Туох баар хорсунун хомунан, сүгэ сылдьар мас саатын утары туппутунан сарай икки кэтит ааннааҕыттан арыый кыратын киэҥник тэлэччи арыйда. Быылы кытта булкуллубут массыына арыытын сыта муннугар билиннэ. Бириһиэнинэн сабыллыбыт эһэтин эргэ матасыыкыла турар. Хаҥас истиэнэ устатын тухары хаптаһын долбуур, түгэх өттүгэр – халыҥ быылынан бүрүллүбүт кинигэлэр. Долбуур хас да этээстээх, арааһынай тэриллэр, сапчаастар, уһанар сэп эгэлгэтэ орун-оннуларын булан сыталлар. Уол хараҕа хаһан да көрбөтөх тэриллэрэ сорудаҕын умуннарыахча буоллулар.
Ол быыһыгар туспа хоруопкаҕа эргэ ботуруоннар сыталлара болҕомтотун барытын тартылар. Санаатыгар тыытыллыа суохтааҕын харбаан эрэрэ ханан эрэ ырааҕынан элэс гынан ааста. Хортуон хахтаах ботуруоннар көтөн эрэр кус ойуулаахтара. Куостук өйүн-санаатын олох атын, аптаах сиргэ илтилэр. Убайа аах сааскы кус булдуттан кэлэн кэпсиир сырыылара бу тиллэн кэллилэр. Уолчаан кус саҥатын, кынатын тыаһын кытары истибиккэ дылы буолла.
– Хайа нохоо, Куостук, ханна дьөлө түстүҥ? – эһэтэ сүтүктээбит саҥатыттан соһуйан ойон турда. Мааҕын көрбүт тимирин, хата, тобулу көрөн орто долбууртан булан ылла. Кыстык аллараа өттө, маска киирэрэ сытыы тумсулаах буолар эбит дуу дии санаата. Ботуруону миэстэтигэр уураат, түргэн үлүгэрдик эһэтигэр ыстанна.
Эһэтэ хайгыы-хайгыы сиэнигэр хотууру хайдах, тоҕо таптайарын көрдөрдө. Куостук хараҕа эрэ көрөр, өйө-санаата олох атын сиргэ. Быыс булан аптаах сарайга өссө киириэн баҕарда. Онтон бырааттара сүтүктээннэр аттыгар элиэтии сырыттылар.
– Куостук, оонньоон бүттүҥ дуо? – даллаҕар кулгаахтаах, киччэччи кырыллыбыт төкүнүк төбөлөөх быраата аттыгар аалыҥныы сатаан баран ыйытта.
– Баран бэйэҕит оонньооҥ, үөдэттэр, мэһэйдэһимэҥ, хотуурга быстаары, – холдьохто эһэлэрэ. – Убайгыт хотуур таптайарга үөрэнэр. Бу маннык хотууру умса тутан, биитин тэнитэҕин, кыстык устатын тухары сытыары сыһыаран аа-дьуо таптайан иһэҕин. Тимирэ тэнийэн арыый чарааһыыр, оччоҕо игиинэн кыратык да аалаат, хататтаан эрэ кэбиһэҕин.
Оҕонньор балачча өр сиэнин үөрэттэ. Уола тугу эрэ ыйытыах дьүһүннээх турарын өйдүү көрдө:
– Тугуй? Өйдөөбөккө тураҕын дуо? – күллэ оҕонньор. Эһэтэ сымнаабытын сэрэйэн: «Миигин хаһан бултуу илдьэ бараҕыт?» – палк гыннарбытын Куостук бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.
Оҕонньор балачча өр саҥарбакка олордо, табахтаата. «Дьэ, нохоо, булка барсар гына улааппыккын от үлэтигэр көрдөрөөр, быйыл бугул түгэҕин харбааһынтан эбээһинэһиҥ элбиэ, – хоруйдаата. – Онтон көстөн иһиэ, күһүөрү кус оҕолоруттан боруобалаан көрүөхпүт».
Киэһээҥҥи аһылык кэннэ улахан дьон хотоҥҥо таҕыстылар, оҕолор түптэ оттон баран эмиэ оонньуу сүүрэкэлэстилэр. Куостук биллибэтинэн сарайыгар сыбдыйда. Тиийбитэ, сарай иһэ хараҥа буолан биэрдэ. Уол куттанан киирбэккэ тула хаама сырытта.
– Куостук, балаҕан аанын арыйан кул эрэ! – көмө көрдөөтө эдьиийэ. Улахан дьоҥҥо илии-атах буолан, хотонтон икки толору ыаммыт үүт ыаҕайалаах иһэр эбит. Куостук сүүрэн кэлэн ээх хоту кыра бабаарына балаҕан аанын арыйан биэрдэ. Балаҕан да иһэ хараҥа соҕус, икки сылынан аҕа эдьиийэ Таанньыска улахан киһи курдук боччумнук туттар, аҕалбыт үүтүн сиидэлээри эмээллээх солуурга маарыла саба тутта. Аан үрдүнээҕи долбууртан банаар ылла, уотун холбоото уонна быраатыгар туттарда.
– Сырдатан тур, үүтү сиидэлиэхпит, – диэтэ. Үүттэрин харайдылар, Таанньыска ыаҕастарын сууйда, күрүө көхөлөрүгэр таҥнары ыйаан баран, дьиэҕэ киирэн хаалла. Куостук обургу, банаар ханна харалла сытарын бэркэ өйдөөтө. Соторунан дьонноро хотонтон кэллилэр, суунан-тараанан баран, эмиэ улахан дьиэҕэ киирдилэр, оҕолору утуйа ыҥырталаатылар. Ким эрэ саалаҕа хойукка диэри телевизор көрөр, оҕолор хосторугар Куостук бырааттара хаһан хаптаһа охсоллорун кэтэһэ сытта. Өр-өтөр буолбакка, уһун күнү быһа мэниктиир бырааттара биир-биир муннулара сыыгынаһан бардылар. Куостук куоскалыы сыбдыйан, ааны аа-дьуо арыйан таһырдьа сылбыйда. Таһырдьа салгын сөрүүкүтүйбүт, тэлгэһэ иһэ түптэ тумарыга боруктаммыт. Балаҕаҥҥа киирэн, олоппоско салҕанан, хаптаҕай банаары ылла. Аптаах сарай аана сайыҥҥы түүн чуумпутун кыычыгыраан соһутта. Түүҥҥү түөкүн тыаһы аччатаары чохчос гынан ылла. Банаар уотун холбоон сарай иһигэр киирдэ. Хостоон ботуруоннары туппахтаата, саа уһугар угардыы илиитигэр хам тутта, ытан көрөрдүү сэрээтэ көтөрүн ойуулаан оонньоото. Онтон салгыы сэби-сэбиргэли хасыһан барда, ботуруон иитэр тэриллэри эргитэлээтэ да, соччо быһаарбакка төттөрү уурда. Банаар саһархай уотунан быыл сүкпүт кинигэлэри сырдатан көрдө. Хостоон ыла-ыла ойуулара суоҕун иһин төттөрү симитэлии сатаата. Арай, үөһээ эрээттэн соһуччу сурунааллар саккырастылар. Саалаах киһи муостаах төбөнү сүгэн турар ойуута көстөн ылла. Куостук сүһүөхтээн да буоллар туох диэн суруллубутун өйдүүр гына үчүгэйдик ааҕар. Сөмүйэтин төбөтүнэн тирээн туран «Охота и охотничье хозяйство» диэн сурунаал аатын ааҕан дьол бөҕө буолла. Түргэн-түргэнник атын сурунааллары бурҕаҥнатта. «Хотугу сулус», «Огонек» сурунааллар соччо сэҥээриитин ылбатылар. Хата өссө биир 81 сыллаах «Охота» сурунаалы булла. Аа-дьуо үөмэн, икки сурунаал кыбыныылаах төттөрү таҕыста. Дьиэҕэ киирбитэ, хата ким да сүтүктээбэтэх, бары номнуо утуйбуттар. Уолчаан хантан утуйуой? Суорҕан анныгар сытан сурунаалларын банаарын батарейката олоруор диэри аахта. Дууһатын, өйүн-санаатын сурунааллар кэпсээннэрэ, ойуулара олох атын аптаах булт дойдутугар көтүттэхтэрэ ити.
Кэлин эһэтэ сарайга киирэ сылдьан сууллубут кинигэлэрдээх ыскаабы көрөн дьаарыстаабыт этэ, онтон сиэнэ ханнык сурунааллары ылбытын сэрэйбитэ. Маҥнай түөкүннүү быһыыламмытыттан кыдьыгыран ылбыта да, соторунан буруйа кыратын өйдөөбүтэ. Эбиитин сорох булт сурунааллара ампаарга харалла сыппыттарын булан киллэрэн саала төгүрүк остуолугар ыһа тардыбыт. Куостук үөрбүтүн туораттан көрө сылдьан, оҕонньор бэйэтэ да дьолломмут этэ.
От кэмэ саҕаланан, ходуһаларга үлэ күөстүү оргуйда. Куостук улахан дьону кытта тэҥҥэ от мунньуста, лэкээ бугуллары түстүүргэ да үөрэннэ. Киэһэтин, отууга хоно сытан, сурунаал кыбыныылаах буолара. Кыра бырааттара убайдара оттоһо барбытыттан тэһийбэккэ, күнү-күннээн бүтэй күрүөҕэ иилистэн күүтэн тахсаллара. От бүппүтүн кэннэ эһэлэринээн салгыы кус оҕолуу хааларын билээхтээбэттэр буоллаҕа. Атырдьах ый ортото отчуттар кэлитэлээтилэр. Оҕолор Куостуктарын суохтаан дьонноруттан ыйытан сураһан да биэрдилэр.
Оҕонньор сиэнинээн иккиэн хааллылар. Эһэтэ Куостукка биир уостаах уон алталаах сааны сэрэхтээхтик туттарга үөрэтэн баран, хаста да сыал ыттарда.
– Дьэ тоойуом, ити күөлбүт атаҕар киэһэ аайы кус оҕолорун таһаарарын көрбүппүт дии, билигин оҕолоро улаатан кынакка турдулар буолуо. Онон сарсын эрдэ туран онно барыахпыт! – оҕонньор сиэнин үөртэ. Куостук кустар ханан баалларын хаста да көрбүт этэ, өссө биир түүн саата суох үөмэн тиийэн өр одууласпыт, кыҥастаспыт эбит. Утуйар уута көтөн, отууга өр мөхсө сытта, идэтинэн киэһэ аайы ааҕар сурунаалларын да тыыппата, сарсын дьэ дьиҥнээх булка барсара долгутан.
Эһэтэ сиэнинээн хойуу туман быыһынан, тула өттө охсуллубут ходуһалаах, кытылларынан чараас үрдүк оттоох күөлгэ аа-дьуо үөмэн киирдилэр. Эргэ самныбыт дугда элээмэтигэр киирэн кирийэн хааллылар. Дьон кэлэн иһэллэрин истэн, күөлгэ икки ийэ ууһа кустар саһан, чуумпуран хаалбыттар. Өр-өтөр буолбакка, онтон-мантан устан таҕыстылар. Күөлү биир гына субуруһа сылдьан аһаан, суунан бардылар. Куостук сүрэҕэ бип-биллигирэс, ол гынан баран тымныы саа тимирэ илиитин салыбыраппата. Эһэтэ Куостукка кэннигэр олорон кулгааҕар сибигинэйэн сүбэлиир. Чугаһата түһэн баран иккини-үһү холбоон ытар гына санатар. Күөл түгэх өттүгэр баар үөр көтөн тахсан уолчааны соһуттулар, ууну кырсынан төттөрү-таары күөлү эргийбэхтээтилэр. «Чөркөйдөр көтөллөрө түргэнин-сытыытын, дьарыктанар буоллахтара, атын күөлгэ баран эрэ хаалбаталлар!» – диэн Куостук ньыкыйан олорон санаата. Үһүс эргиир кэннэ уун-утары дугдаларын иннигэр кэлэн саккыраһа түстүлэр. Ыһыллан-тоҕуллан, холбоспокко тус-туспа олордулар. Сотору хата үс кус эккирэтиспиттии эрээтинэн устан бардылар.
– Чэ, нохоо, ыксаабакка, ити үһү кыҥаа, сааҕын санныгар ыга тутан олорон ыт, – эһэтин сибигинэйэрэ иһилиннэ. Куостук тыынара сүрдэннэ, саатын уоһун бытааннык көтөҕөн, өр кыҥаабакка ытан хабылыннарда. Кулгааҕа чуҥкуйуор диэри буолла, хараҕар үс кус иннигэр тэлгэнэр сыталларыттан дьол уота ойуоккалыы оонньоото.
Эһэтэ сиэнин төбөтүн кэнниттэн туран имэрийдэ, сыллаата, хайҕаата. Ыраах халыҥ сис тыа диэкиттэн хара суор көтөн кэлэн үстэ кыланан эргийэн ааста, саҥа булчут үөскээбитин уруйдуу тула эйгэҕэ сонуннаата.
Ураты киһи
Куура хаппыт тиит мастаах тыа быыһынан аа-дьуо трактор айаннаан иһэр, бырысыаптаах, иннигэр-кэннигэр дьон хаамсан иһэр. Кэннилэриттэн өссө биэс-алта массыына субуруста, тэйиччиттэн тыа иһиттэн көрөн хааллым. Тугун, кимнээҕин соннук таайбакка, дэриэбинэм диэки хаама турдум. Күн-дьыл бороҥ дьүһүннэммит, баттыыр намыһах былыттардаах.
Төһө өр хаамтым эбитэ буолла, син тиийдим дьиэбэр, бириэмэ да тохтообут курдук. Кэлииккэбин арыйан иһэн тута бэлиэтии көрдүм: дьиэбэр дьон бөҕө мустубут. Киирбитим, детсад дьахталлара ас астыы, алаадьылыы аҕай сылдьаллар, дьоммун булбатым, кэргэммин да, оҕолорбун да, ийэбин даҕаны. Ким да ыйыттахха эппиэттээн да абыраабат. Эгэ дорооболоһо сылдьыахтара дуо. Ханна бардахтарай диэн мунаахсыйа олорбохтоон баран, таһырдьа көрдүү таҕыстым. Кынным аах дьиэлэригэр тиийдим – иччитэх… Хата иттэ таарыйа спорткомплекска киирэн тренер табаарыспын көрдөөтүм. Буоларын курдук, оҕо бөҕө мээчиктээн көрүлүү сылдьар, хаһыы-ыһыы, ыскамыайкаҕа олорон көрө түстүм, санаабар табаарыспын күүттүм. Оҕолортон ыйыта сатаатым да, оонньууларыгар буолан, хата, киһини түҥнэри көтө сыһаллар.
Дьэ онтон саамай дьээбэтэ буолла. Мээчик мин диэки төкүнүйэн кэлбитин тута сатаатым да сатаммата… Биир уолчаан сүүрэн кэлэн миигин курдаттыы дьөлө сүүрэ турда… Куттанаммын, соһуйаммын таһырдьа ыстанным, номнуо хараҥарбыт. Итиччэ өр олорбут буоллаҕым дуу спортзалга?
Дьиэбэр сүүрэн тиийбитим – бары утуйбуттар. Кэргэним хоһугар ытыы сытар… Ороҥҥо чугаһаан: «Туох буоллуҥ?» – диэн ыйытабын, кууһабын, сыллыыбын… Мин диэки эргиллэн көрөр да, тугу да саҥарбат, ытыыр эрэ. Аттыгар кууһан сыттым, доҕорум туох буоллаҕай диэн муодарҕыы саныы-саныы сытабын, эбиитин бэйэм хоргутан бараары гынным. Иннинээҕини саныы сатаатым да олох өйдөөбөппүн, тыаттан саҥа кэлбит буолуохтаах этим дии. Уу да кэлбэт уһун ыар түүн буолла, кыыһыран кэргэммин илгиэлээн көрдүм, хамнаппат да эбиппин. Олох иирээри гынным дуу диэн, таһырдьа ыстанным.
Эмиэ да кыһын диэтэххэ ичигэс курдук. Хаардыы турар. Соно, бэргэһэтэ суох уулуссам устунан төттөрү-таары хаамыталаатым, арай утары Киимчик иһэр, идэтинэн итирик. Кыратык өйүнэн булкуллар орто саастаах маннааҕы олохтоох. Эмиэ да өйдөөх, эмиэ да акаарычаан курдук, бу диэн тугу да үлэлээбэт, наар арыгы эрэ эккирэтэр эр киһи дьэ баар. Ол иһин дэриэбинэҕэ дьон соччо аанньа ахтыбат, эдэр, оҕо өттө эбиитин дьээбэлиир, үөхсэр. Дьэ Киимчик да баҕалаах эбит, дорооболосто, итирик диэн көрбүтүм, хата киһим өйдөөх курдук.
«Куттаныма, сотору дьонуҥ кэлэн ылыахтара, тоҕус хонуккар диэри сылдьымахтаан, кэрийбэхтээн хаал, – диэн киһини соһутта. – Мин эйигин атаарсыам, маҥнай бары куттанааччылар, соһуйааччылар, начаас ааһыа!» – диир… Эс! Тугу-тугу эмиэ кэпсээн булкуллан эрэр диэн кыыһырдым, ама өлөн баран сылдьар үһүбүн дуо?! Киһибин тиэрэ анньан бара турдум.
Эмиэ дьиэбэр киирэн ийэбин уһугуннардым, ийэм эрэйдээх мээнэнэн уун-утары көрөн олороохтуур. Тугу да саҥарбат, ыйыта сатыыбын. Ыксаан ытаатым, ама, хайдах маннык өлөн хаалыахпыный диэн. Хоспор ыстанан киирэн кэргэммин кууһа сытан өр да өр марылаччы ытаатым…
Сүүрэн аҕай иһэбин. Уулуссалар быыстарынан, туора суолларынан түргэн да түргэнник… Киимчиги булан ыллым, уоскуйан, маҥнай бырастыы көрдөстүм, дьэ уонна: «Тугу билэргин кэпсээ!» – диэтим. Аны киһим кыыһырбыт, итирэ охсубут. «Мэһэйдээмэҥ!» – диир. Хата, кылгастык кэпсии оҕуста:
– Тыаҕыттан айаннаан кэлэн иһэҥҥин сүрэҕиҥ тохтообут этэ, «Бураҥҥар» соннук олорбутунан өлбүт этиҥ. Өрүскэ уу баһа киирбит дьон булбуттар этэ.
– Тоҕо? Хайдах? Үчүгэй этим дии!
– Мин хантан билиэхпиний, эһиги суолгутун, эһиги бириэмэҕитин, айыкка, мэһэйдээмэҥ! – орулуур.
Суох, эппитин курдук уоскуйбатым, хайдах маннык судургу баҕайытык эмискэ өлөн хаалыахпыный? Киһи уҥуоҕар баар буола түстүм. Чахчы бүгүн сарсыарда миигин харайбыттар эбит…
Хайыахпыный, ити кэннэ, эмиэ дьиэбэр тиийдим. Кэргэним аттыгар сытабын. Саатар сарсыарда да буолан абыраабат.
…«Өлөн баран киһи сүрэҕэ хайдах ыалдьыай, мөхсүөй?» – диэбитинэн уһуктан кэллим, дьэ, доҕор, иэрийиэхпэр диэри ытаабыт эбиппин, тыынарым салыбыраан, долгуйан сүрдээх. Суһуктуйа сырдаан эрэр, оҕолор муннуларын тыаһа сыыгыныыр, кэргэним мип-минньигэстик утуйа сытар. Һуу, ыарахан түүл дии дьэ, уоскуйа, ырыта сыттым. Кимиэхэ да кыбыстан кэпсээбэтим, соторунан умнулунна даҕаны.
Дэриэбинэҕэ кэлэн, нэдиэлэ сынньанан, төттөрү тыабар айаннаары хомуна сырыттым. Арай маҕаһыыҥҥа сылдьан алҕас Киимчиги уун-утары көрсө түстүм. Киһим үөннээх, дьээбэлээх баҕайытык көрөн баран: «Хайа, ыксаатыҥ дуу, үнүргү түүн, син наада эбиппин ээ…» – диэтэ. Тиэрэ баран түһэ сыстым, тута түүлбүн барытын өйдүү биэрдим. Таһырдьа сиэтэн таһааран ыйыттым, тугу билэрин. Сүгүн эппэтэ эрээри, кэпсэппиппитин барытын лоп бааччы эттэ, хата уонна арыгытыгар харчы көрдөөхтөөтө. Ыларын ылан, үөрэн-көтөн, дэриэбинэ хайа эрэ муннугар баллыгырыы-баллыгырыы киирэн түһэ турда. Дьэ, ол кэннэ олорор олохпун олох атыннык сыаналыы көрөбүн, хас эмэ төгүл сэрэхтээх буолбуппун, Киимчик курдук дьону аһына, атын харахпынан көрөбүн.
Чохороон
– Гоша, ити чохороону угун уларытаар эрэ, хаппыт хатыҥ сарайга баар.
– Хантан сатаан оҥоруой, бэйэҥ оҥор! – ийэтэ кыттыста.
– Киһи сатаабата туох баарый? Көнөтүк олорто да бүттэҕэ дии.
– Хаһан ол үөрэппит киһиэхэ диэри, эмиэ булан дьаһайдыҥ дии.
– Оттон көрөн үөрэнэр да кэмэ кэллэ ини, ыйыттаҕына көрдөрөн биэриллиэ буоллаҕа.
Уол олох да истэрэ дуу, суоҕа дуу, телефон хаһа олорор.
– Нохоо, Гоша, чэ кытаат, доҕор!
– Cөп-сөп, папа, билигин тахсыам.
Телефонун оонньуутун кыайда быһыылаах, үөрэн-көтөн, туох эрэ диэн омуктуу этэн баран, бэрт сылбырҕатык ыстанан турда, сытыы саха быһаҕын туппутунан таҕыста.
– Дьэ билигин илиитин быстар дуу, хайыыр дуу? – хообурҕаан-үөгүлээн барда ийэтэ. Соччо өйдөөбөккө олордум, уолун көмүскэһэр дьүһүнэ дуу, миигин мөҕүттэрэ дуу?
– Бэйи эрэ, эн туохха онно кыттыстыҥ, холонон көрүө буоллаҕа, ама, сүүрбэтин ааспыт киһи, армияны ааспыт өрүөл.
– Уопсайынан, уолу хайдах эрэ ииттиҥ ээ, үөрэтэргин-такайаргын олох көрбөтүм уонна кини сааһыгар ону сатыырым, маны кыайарым диэн кэпсэнэҕин! – тохтоомоору гынна, собуоттанан эрэр. Таһырдьа куоттум, гарааска киирбитим, уол уһана аҕай сылдьар, тириппит-хоруппут.
– Сааһа хайдах эрэ, угун төрдүттэн кыҥаатахпына, син биир туора олорор дии, сүгэм.
– Сөпкө көрбүккүн, сааһа арыый кыҥнары, маны биир өттүттэн эрэ сирэйдээ, дьиппийэн ыга олордон биэрэргэр тардан ылыа, – ыйан биэрдим.
Кырдьык даҕаны, уһанарга бу диэн анаан үөрэппэтэх курдукпун ээ, син сатаан эрэр. Өссө биирдэ угун кэдэгэрин, хайдах моһуоннаах буоларын көрдөрөн биэрдим уонна таҕыстым.
Биирдэ, оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ, мотуорунан өрөтөөҕү[9]9
Өрөтөөҕү – (түөлб.) өрүс баһыгар, хайалардаах дойдуга туттуллар тыл.
[Закрыть] сирбитигэр сорудахха ыытаары гыммыппар, эбэлиин-ийэлиин отой утары турбуттара баара, оҕо ууга түһүө, суолу билбэт, мотуор моһуогуран ол-бу буолуо диэн буолбута. Оччолорго бэйэм туохха эрэ тардыллан солото суох кэмим этэ. Ол да буоллар, син иккиэн бултуу-алтыы балачча сылдьар этибит ээ, кыра эрдэҕиттэн. Дьиҥэ баара, чахчы соччо такайбат, үөрэтэ сатаабат буоларым. Бэйэтэ көрөн үөрэнэрэ ордук дии саныырым, сүбэ-ама бэйэтэ ыйыттаҕына эрэ биэрэр кырыымчык кэпсээннээх аҕа дуома эбиппин. Улахан кылаастарга тахсыаҕыттан үөрэххэ умса түспүтэ буолан, тэҥҥэ алтыһарбыт, сир хаамарбыт аччаабыта, кэлин олох да тохтообута.
Онтон мин да оҕо сырыттахпына, ким да бу диэн үлэ, олох үөрэҕин анаан умсугуппатаҕа ээ, убайым булка батыһыннаран улаатыннарбыта да, үөрэҕи харахпынан көрөн, үтүктэн, сыыһан-таайан ылыммыт буоллаҕым.
Олох үөрүйэҕэ киһиэхэ бэйэтин эрэ сырыыларыттан мунньуллар диэн толкуйдаахпын. Үчүгэй анал иитии да диэн хайдаҕа эбитэ буолла.
Гошик үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан каникул кэмигэр тыаҕа балачча сылдьыспыттааҕа. Уолбунаан балаакканан көһө сылдьан кыыллаабыппыт, онно улахан булт оскуолатын ылбатаҕа чуолкай. Ол оннугар табанан көһө сылдьар көс олоҕу, хоһуун соҕус сырыылары син биллэҕэ. Аҕата ыксал быһыыга-майгыга холкутун көрөн, кини да ыксаабат буолара. Арай биирдэ эрэ оҕом сыыһа соҕотох хаалан ытаабытын санаатахпына, сүрэҕим хараастан ылар түгэннээхпин.
Сүүрдүүнэн сиэллэрэн иһэн биир тумулга кыыл табалар суолу саҥаларынан туораатылар. Табаларбын тус-туспа өртөөн хааллардым, Гошаны суолга сүүрдүүтүгэр хааллардым.
– Тоҥноххуна отуута оттоор, манна кэтэс, бу кыыллары сонордоһон көрүөм.
– Биири бултуу охсон баран түргэнник кэлээр, сөп? – диэн хата киһим алгыстаах хаалла. Соҕотох хаалар киһиэ– хэ санаатын көтөҕө таарыйа туоһапкабын хааллардым:
– Табаларгын харабыллаа.
– Аһа! – диэн, садаанньалаах киһи боччумнук туттан сыарҕатыгар олорон хаалла.
Кыра оҕо «сииҥкэнэ», баата күүстээх диэн этэллэрэ кырдьык буолар эбит. Өр эккирэппэтим, икки биэрэстэни батыһаат, хаары хаһан аһыы турар ньэҥчээни тэйиччиттэн харахпар көрдүм, иккиһин одуулаһа сатаатым да, көстүбэт. Уолум ойууннаабытын курдук биир көстүбүтү бултаатым, санаабар түргэн соҕустук сүлэн хол-буут арааран астаатым. Түргэн-түргэнник дэвун[10]10
Дэвун – (эбэҥк.) кыыл бултанан, этэ хараллыбыт сирэ.
[Закрыть] оҥорон төттөрү сүүрдүм. Биллэр-биллибэт боругураары гыммыт номнуо. Арай тумулу таҥнары киирэн чугаһаан истэхпинэ, туоһапка тыаһа «тас» гынан утары иһилиннэ. Сүрэҕим отой «парк» гына түстэ, ол-бу санаалар өйбөр охсуллан аастылар, һуу… Хата уолум суолбун батыһан саатын сүкпүтүнэн өрө оймоон иһээхтиир эбит. Миигин өйдөөн көрбөккө, тохтуу түһэн, иэрийэн ыла-ыла «паа-пуо-о!» диэн хаһыытаан көрөр. Оо, барахсаным сыыһа, кырачаан да киһини олус өр күүттэрбиппин дии, быраҕан, аар тайҕа быыһыгар барбыппын. Утары сүүрэн тиийэн уолбун өрө көтөҕөн ыллым, ытаабыта биллэр, хараҕын уута таммалыыр, бэйэм да уйадыйа сыстым: «Бултаатыбыт, Гошик, маладьыас, задание выполнено!» – диэн үөрүү үллэстибитэ буолан, албыннаан саарата, аралдьыта тоһуйдум. Соннук көтөхсүбүтүнэн аллара табаларбытыгар тиийдибит. Көлүнэн балааккабытыгар тиийдибит. Оҕо-оҕо курдук түргэнник аһарынан, кэпсээн бөҕө буолан айаннаттыбыт. Дьэ ол айан устата элбэхтэ да сыллаатым буолуо, уолбун.
– Тоҕо туоһапканан ыттыҥ? Куттанныҥ дуо?
– Суох, эйигин иһиттин диэн халлааҥҥа ыппытым, быраҕан барбыт дии санаабытым, – салгыны эҕирийэ-эҕирийэ хоруйдуур. Сарсыҥҥы күн үөрэн-көтөн, кыылбытын иккиэн ньүһүдьэллээбиппит[11]11
Ньүһүдьэл – (эбэҥк.) бултаммыт эти тиэйии.
[Закрыть], онно маҥнайгытын илии-атах буолан булт үлэтин биллэҕэ.
Ол курдук өссө биир кыылы бултаан дьиэбитигэр этэҥҥэ төннүбүппүт. Хорсун буолууну, тулуур диэн тугун киһи хайдах үөрэтиэ эбитэ буолла?! Кэпсээни истиэхтээҕэр бэйэтэ этинэн билбитэ эмиэ да ордук курдук эрээри, барахсаным, кырачаан да киһини эрдэттэн улахан булка соспуппун. Кэлин син балачча кус булдугар, балыкка сылдьыспыта да, тугу-тугу көрөн иҥэриммитэ биллибэт. Дэриэбинэ, куорат олоҕор хайдах иитии-такайыы ордуга буолла, уол оҕоҕо? Спорка кыратыттан сыһыарыы буолуо дуу? Чэ, мин тус бэйэм саныахпар, төрөппүттэрин көрөн, үтүктэн үүнэллэр ини, куруутун бэйэбит үтүө холобур буолан этэҥҥэ олорор киһи, оҕолорго ол да киһилии иитии буолуо этэ. Үлэттэн-үөрэхтэн куттаммат гына бэйэбит суолбутун көрдөрбүт киһи, хоһуун сырыылартан саллыбат гына кыраларыттан тыаҕа, дойдуга батыһыннарыахха наада.
Оттон уонна бэйэлэрин дьоҕурдарын арыйалларыгар, күүһүрдэллэригэр көмө буоллахпытына, этэҥҥэ буолуо этэ буоллаҕа.
– Тугу гына тураҕын итиннэ? Уолуҥ? Кырдьаары гыммыккын дуу, – арай эдэрдии саһыгыраччы күлэ турар кэргэним. – Өр баҕайы турдуҥ дии, киирээриҥ, аһылык буһан бэлэм! – күүлэ аан сабылынна.
Дьэ, сүбэлиирим-амалыырым мунньуллан аҕай гарааска төттөрү киирбитим, уолум хата бэртээхэй угу кыһан, уктаан, көбүс-көнөтүк чохороонун олордон, ытаһатын төбөтүн эрбии турар эбит. Элбэҕи эллээбэккэ эттим:
– Үчүгэй, табыллыбыт, салгыы төһө сатаабытыҥ үлэтигэр көстүө, киирэн аһыах.
– Есть, товарищ капитан! – уол тиистэрэ кылбаҥныыр, мичээрдиир, уга табыллыбытыттан астыммыта көстөр.
Оҕонньор уонна Суор
Төһө да ыарахан булт дьыла буоллар, доҕордуулар бэркэ диэн сырыттылар, сонордоотулар. Уол барда. Оҕонньор соҕотох чуҥкуйан хаалла. Хас арахсыы аайы сайыһар санаа сааһырдаҕын аайы күүһүрэн иһэр. Уол бураанын тыаһа иһиллибэт буолуор диэри оҕонньор таһырдьа өр иһиллээн турда. Тымныы салгын дьыбара сүрдээх, үүтээҥҥэ батыһан бурҕалдьыйан киирэн, муостаны бүрүйэн, сыыйа симэлийдэ. Оҕонньор аа-дьуо оронун үрдүнээҕи долбууртан дабылыанньа кээмэйдиирин ылла. Эмиэ 180 буолбут. Тэҥниир эмин ылан истэ. Рацияны холбоон, дьон кэпсэтэллэрин иһиллээтэ. Соҕотох хаалан тута кимниин эмэ кэпсэтэ охсуон баҕарда да, эргэрбит рация «передача» биэрбэт, радио эрэ курдук саҥарарыгар махтал буолла. Хайыай, чэй, эмп иһэн баран, сыта түстэ.
Тумсун хайаҕастара кырыалаах улахан хара Суор ахсынньы халлаанынан дойдутун эргийэ көтөр. Куруҥ Үрэҕи өксөйө икки сыарҕалаах бураан соҕуруу элээрдэн иһэн, тохтоото. Саҕынньахтаах эр киһи ыстанан түһээт, Куруҥ Үрэх баһыгар бэлиэ сиргэ алаадьы уураат, салгыы тирилэтэ турда. Ити аата Уол дэриэбинэлээтэ. Суор киниэхэ кэһии хаалларбытын биллэ. Уһун, синньигэс толооннор, бураан суоллара эрийэ-буруйа быстыбат быа буоланнар үөһэттэн көстөллөр. Киэҥ Үрэҕи өксөйө сыныйа көтөн иһэн хотоолго баар дьиэ диэки халыйда. Харыйа, бэс быыһыгар турар үүтээн буруотун эргийэ көттө, Оҕонньор бүгүн хаампатах, ол аата дьиэҕэ өрөөтөҕө. Уол оттук мас бөҕөтүн бэлэмнээн барбыт диэн, Суор сытыы харахтара тобулу көрөн ааста. Өссө бэҕэһээ эрэ Оҕонньор сайыһыахча буолбут этэ, тыа олоҕор бэртээхэй дьоро киэһэ ааспыта. Уол сезонун түмүктээн, хаһааммыт кэһиитин үөрэ-көтө испиттэрэ. Аһыы утах өр амсайбатах дьоҥҥо минньигэстик киирбитэ, иһи сылыппыта. Иккис-үһүс курууска кэннэ кэпсээн-ипсээн хойдон, ааспыт күһүннэрин күүскэ ырытыы саҕаламмыта.
Өр көрсүбэтэх дьоннордуу куустуһан ыла-ыла, күлсэн, кэпсээннэрэ уоттуу күөдьүйэн бэрт хойукка диэри олорбуттара. Утуйалларын саҕана Оҕонньор Уолу өр одуулаан олорбохтообута. Сүүрбэлээх уолтан сүүнэ булчут оҥорбут: түөрт уонун ааспыт, эдэрдии көрбүт уолу куруутун оҕо курдук көрөрө. Киһитэ улаатан, өйө-санаата, этэ-сиинэ буспут-хаппыт эбит. Иһигэр наар киэн тутта саныыр. Үлэһит киһи уоппуската бүтэн, сарсын бараары оҥостон эрэр эбит диэн сэрэйдэ.
Күнүс, дьыбар арыый көппүтүн кэннэ, Оҕонньор туран хамсанан барда. Дьиэни өрө тардыбыта буолла, иһити аҕыйатта. Мантан салгыы саҥа дьылга диэри соҕотох буолар.
Алта уонун лаппа ааспыт, кыраһа баттахтаах, кыра уҥуохтаах, эрийэ хаппыт тутуулаах, төкүнүк, мичээр кэрдиис хара сирэйдээх, убаҕас сытыы бытыктаах саха оҕонньоро. Уруккута тустууга бэркэ бэриниилээҕэ, маастарын бэлиэтэ – тостубут кулгаахтаах, илиитин иҥиирэ билигин да быыппастан, тымыра толору быган сылдьара кыахтааҕын көрдөрөр. Ол да буоллар абааһы дабылыанньата, сорох ис биллибэт ыарыылара Оҕонньору муҥнаабыттара ыраатта. Ыарахан тыа олоҕо, саас да биллэрэн эрэр буоллаҕа. Оргуһуох сүгэн, икки биэдэрэлээх үрүйэҕэ киирэн, тарыҥ сымнаҕаһын булан, хаар үрүйэ анныттан сүүрэ сытар ууну баста. Үрүйэ уҥуор дойдулаах улахан Суор хаппыт мас үрдүттэн одуулуу хаалла. Бэҕэһээ Уолу кытта салгыы былааннаммыттарын курдук, үүтээн истиэнэтигэр ыйанан турар синньигэс торуостары ылан дьиэҕэ киллэрдэ. «Дьэ бээ, бээ, биһиги да сүгүннээбэтэххитин көрдөрүөхпүт, ахсааҥҥытын аҕыйатыахпыт, ыырбытын тумна сылдьар гына оҥоруохпут!» – диэн ботугуруу-ботугуруу торуостарын икки аҥаардыы былас саҕа быһыталаан, туһахха бэлэмнээтэ. Саҥа торуос килэбэчийэн-кылабачыйан сырдыга диэн, сэттэ туһахха эрэ тиийдэ. Таһырдьаттан суунар сыыҥкабай тааһы булан киллэрэн, аҥаарынан уулаан, оһох үрдүгэр оргутардыы уурда.
Боругуран эрдэҕинэ Суор хонордуу көттө, харыйа лабаатын тоһута сылдьар Оҕонньору үөһэттэн көрөн кыланан ааста. Эппиэттээн, көтөргө Оҕонньор далбаатаан ылла. Киэһэни быһа харыйа лабааларын кытта туһахтарын таастаах ууга оргутта. Санаан кэлэ-кэлэ абарар: «Уолбун сүгүн бултаппатаххытын көрдөрүөм мин эһиэхэ». Тымныы сытыырхайда. Доҕор буола хаалбыт кырдьаҕас тыһы ытын Динаны дьиэҕэ киллэрдэ. Дьэ соҕотохсуйбута син ааста, ытын кытта кэпсэтэ үөрүйэх, биирэ да өйдүүрэ хараҕыттан көстөр. Олус үчүгэй ыттанан Оҕонньор абыраммыта. Орто соҕус уҥуохтаах кыһыллыҥы маастаах маннааҕы ыт. Оҕонньорго Чомпуула үрэх ытык кырдьаҕаһыттан тиксибитэ. Икки-үс саастааҕар аара айаннаан иһэн Чомпуула оҕонньор: «Бултаан бүтүүһүбүн, кырыйдым», – диэн быраатыгар бэлэх хаалларан барбыта. Онтон ыла номнуо сэттэ сыл ааста. Сэттэ сыл Оҕонньорго тайах, эһэ, саарба үрэн биэрэн бэркэ бултатан абырыы сылдьар. Арай кэлин кыралаан ыарытыйара дуу, саарбатыгар мөлтөөн ылара. Туһахтар арыый кубарыччы буолуулара, ороон мас хатырыгар сойута, куурда уурталаата, туһахтары бөчөөхтөрүн төттөрү сүүрбэт гына баайталаан бүтэрдэ, куурбуттарын кэннэ таһырдьа харыйаҕа таһааран ыйаталаан кэбистэ.
Күһүн Уол эрдэ кэлэн, эт көрдөөн сир бөҕөтүн хаампыт этэ. Алтынньы чараас хаарынан сонорун ситиһэ сатаан систэри, үрэхтэр бастарын хонугулаан туран бараабыта. Хаһааҥҥытааҕар да кытаанах мэлийии буолбут, ханна да тиийдэр, бөрөлөр сирдэрин баһылаабыт бэлиэлэрэ сыталлара. Үс сиргэ кыыл табалары тардыбыт суолларын булан хомойуу. Ол курдук, уон хонук халтай хааман баран аккаастанан, түүлээххэ түһүнэн көрбүтэ да, онно эмиэ моһуогурбута. Оҕонньор хойутуу кэлэригэр, Уол нэдиэлэ кэриҥэ саарбаҕа хапкааннарын, тоһуурдарын бүтүннүү үтэн бүтэрбит этэ. «Дьэ иэдээн, аһыылаахтар кэллилэр, сирбитин буулаатылар!» – диэн, Оҕонньорго үҥсэ көрүстэ. Кутуруктаахтары ахсааннарынан ааттыы, ханан, ханна дугуйдана, ыырдана сылдьар үөрдэри кэпсии тоһуйда.
«Өрөтөөҕү үрүйэ уон биэс кутуруктаах кэлэ-бара баһылыыр сирдэрэ буолбут. Киэҥ Үрэх орто уутунан, Лэглээринэн биэс бөрө, итиэннэ үстээх үөр бааллар. Элбээннэр сиэрдэрин сүтэрбиттэр, бурааным суолун устун кэннибиттэн кутталы билбэккэ сүүрэкэлииллэр. Икки түүн, өртөөҕү балааккабар хоно сыттахпына, кэлэн эргийэ тиҥсирийэн биэрдилэр. Ыттарбынан аһылыктанаары сээмэрэ сылдьаллара чуолкай!» – диэн Уол дьиксиммитэ сирэйигэр сурулла сылдьара.
Хараҥа үүтээн иһигэр Дина ыйылаан уһугуннарда. Банаарын уотунан сырдатан, сойон эрэр оһоҕор эбии мас бырахта, ытын таһырдьа таһааран баран балачча көһүтэн олордо. «Үүтээн ичигэс курдук, улаханнык хотторботох ээ, тымныыга», – дии олордо. Күөдьүйэн эрэр оһох уота быһаҕас чаанньыгы тыаһатан барда. Оҕонньор аа-дьуо чэйдээн барда. Өр буолбакка, Дина аны таһырдьаттан ыйылаата. «Ээ, киирээри», – ааны аһан, доҕорун киллэрдэ. Иккистээн утуйуон, уута кэлбэккэ таах сытта, туран хамсанан барыаҕы өссө да эрдэ, үс эрэ чаас буолбут. Бу сытан Оҕонньор күһүҥҥү сырыыларын төбөтүгэр хос эргитэн барда.
Уол Лэглээринэн, Киэҥ Үрэҕи бастарынан хапкааннарын эргийэн кэллэ, Оҕонньор саҥа кэлбит киһи быһыытынан саҥа үтээри бэлэмнэнэр. Сииктээх силбик күннэрдээх сэтинньи саҕаланыыта, Оҕонньор хапкааннарын үтэн саҕалаата. Саарба суола син баар курдук, сорох сиринэн хойуутук көстөр. Ичигэс күһүн, хаар этэрбэс эрэ быатынан өнньүөрэн өлөрөөрү куттуур. «Абыраары, тоҥортуо өссө», – диэн Оҕонньор мөҕүттэр. Киэһэ Уол Лэглээри бураанынан эргийэ көтөн сүүрдэн кэллэ. Таһырдьаттан кутуруктаахтары «мааттаабытынан» киирдэ. «Дьэ, олох иирбиттэр, аны Салтарайга (Сиэгэҥҥэ) дылы хапкааннары кэрийэ сылдьан аһыыр идэлэммиттэр! Икки түбэспит саарбабын сиэбиттэр. Бурааным суолунан парааттаабытынан сылдьар буолбуттар. Тимир хапкаан эрэ, туох эрэ, отой толлубат буолбуттар!» – абарыы, кыһыйыы бөҕө. Илиитигэр саарба атаҕын тута сылдьар. «Бу маннык буоллаҕына, быйыл бултатыа суохтар! Куораттан дьонтон хомуйсан, маҕаһыыннартан, ырыынактартан буорту буолбут балык, той-май мэҥэ булунан аҕалбыппын, дьэ бэркэ да сөбүлээн көрүлэппиттэр ээ!»
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?