Электронная библиотека » Валерий Андросов » » онлайн чтение - страница 1


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 10:00


Автор книги: Валерий Андросов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Валерий Андросов
Байанайдыын көрсүһүү


Ааҕааччыга

Быйылгы от ыйыгар Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» мусуойугар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева иилээн-саҕалаан ыыппыт 6-с сэминээригэр эдэр суруйааччылар айымньыларын 3 хонук устата ырыттыбыт. Олор ортолоругар эдэркээн Валерий Андросов баара.

Валерий Андросов сорох кэпсээннэрин ааспыт 5-с сэминээргэ ырытыспыт буоламмын, бу сырыыга кини айымньыларын сэргэхтик ылынным. Бу иннинэ «Байанайдыын көрсүһүү» диэн кэпсээнин биһирээн аахпытым. Түгэни, санаа психологизмын таба туһаммытын, ону сылаас, сымнаҕас юморынан    арыаллаабытын сөбүлээбитим. Өссө «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэригэр рекомендация биэрбитим. Олоҕу, түгэннэри уратытык, сэргэхтик суруйар киһи баар буолан эрэр эбит диэн күлүкпэр имнэммитим.

Быйылгы сэминээргэ Валерий Валериевич Андросов көрдөрүүгэ-ырытыыга киллэрбит айымньыларыттан «Булчут төрөөһүнэ», «Оҕонньор уонна Суор», «Чохороон» диэн кэпсээннэрин биһирээтим, чахчы үчүгэйдэр, торумнаахтар. Бу сыанабылы биэрэрбэр мин туохха тирэнним этэй? Булт-алт үтүө үгэстэрин, саха дьонун төрүт итэҕэллэрин бу дьоҕускаан кэпсээннэр олус харыстабыллаахтык илдьэ сылдьалларыгар уонна ону салгыырга ааптар ис сүрэҕиттэн бэриниитигэр тирэнним, бу этэрбин ааҕааччы да өйдүө дии саныыбын.

Биһиги эдэр семинариспыт Валерий Андросов – инникилээх киһи, айар-тутар баҕалаах, олох түллэр үөһүттэн кэллэ. Идэтийбит үлэтэ даҕаны дьоһуннаах – ыксаллаах түгэннэргэ дьону өрүһүйүү (билиҥҥинэн эттэххэ МЧС үлэһитэ). Ону таһынан айылҕаттан айдарыылаах – худуоһунньук дьоҕурдаах. Аны туран ис култууралаах киһи – ону «Күннүк» ааттаан суруйбут бэлиэтээһиннэрэ да кэрэһилииллэр. Ити курдук тосхоллоон тураммын, Валерий Андросов инникитин даҕаны дьоһуннаах суруйуулары айыа диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин.

Күндү ааҕааччы, бу кэпсээн кинигэтэ эдэркээн киһи бастакы саҕалааһына буоллаҕа дии. Эдэр киһини үөрэ-көтө көрсүөххэ, киниэхэ бастакы кинигэтинэн өйөбүллээх санаабытын биллэриэххэ. Ити курдук кэскиллээх өйтөн тирэнэн, Валерий Андросов бастакы кинигэтин өйөөтүм, аҕа саастаах киһи сиэринэн Алгыспын этэбин, сиэрдээх, үчүгэй айымньылары инникитин да айа-тута туруо диэн эрэнэбин!

Сэмэн Тумат,

саха норуодунай суруйааччыта

Байанайдыын көрсүһүү

Кыһын, Саҥа дьыл чугаһаата. Дьонум, Сааскалаах Нелля, ыстаадаҕа көстүлэр. Сааска, биригэдьиир сололоох киһи буолан, булчуттартан таба тутуохтаах. Мин бултуур сирбитигэр соҕотох хааллым, балаакканан олоробун. Аҕыйах көлүүр табалаахпын. Хаар халыҥаан, ытынан саарбалааһын бүттэ. Билигин хапкаан, сохсо, күлээмэ эрэ булда хаалла. Оо, бэрт да күһүн ааста, түүлээҕи бойумнук бултаатыбыт, эппитин эрэ кыайбатыбыт. Мин ол иһин кыыллаары, тайахтаары хааллым. Дэриэбинэҕэ хайдах этэ суох тиийиэхпитий? Аны туран халлааммыт тымныйдар тымныйан иһэр, наһаа чуумпу күннэр тураллар. Күн аайы хайыһарынан кыылы сонордоһобун, ол эрээри, чуумпута бэрт буолан, эрдэттэн тыаспын истэннэр ыстана тураллар, үксүн харахпар да көрбөппүн. Чугастааҕы    куруҥ аллараа, үрэхпит талах толоонноругар, икки тайах киирбитин билэбин. Олор тыала-кууһа суох, чуумпу күн киһини чугаһаппаттара биллэр, ол иһин санаммаппын даҕаны. Чопчу ханан баалларын билэн, чуҥнаан баран хаһаана сылдьабын. Дьэ, оннук олордум, күнтэн күн бүттэр бүтэн истэ.

Арай биир күн бэрт киэҥ сиринэн сырыттым, кыыллар саҥа суолларыгар түбэһэн табаларбын өртөөн баран хайыһарынан батыстым. Киэһэ олох хойут, ыйдаҥа саҥа тахсан эрдэҕинэ, өртөөн хааллартаабыт табаларбар дьэ кэллим. Кыылларбын сиппэккэ быраҕан төнүннүм. Балааккабар букатын хойут кэллим. Хас чаас эбитэ буолла, рация киэһээҥҥи эфирэ бүппүт этэ. Ону-маны үссэнэ түһээт, охтон хааллым, сылайыы барбыт.

Өр утуйбатым быһыылаах, эмискэ баҕайы туохтан эрэ уһуктан кэллим. Балаакка иһэ ыйдаҥаттан сып-сырдык, уу чуумпу, оһох сойбута ырааппыт. Хос суорҕан иһигэр киириэхчэ буолан эрдэхпинэ, балаакка аана арылла түстэ. Арай кыра уҥуохтаах оҕонньор турар:

– Дорооболоруҥ! – диэтэ.

Киһилии саҥарбытыгар «Һуу» дии түстүм, соһуйбутум ааһан хаалла. Түргэн үлүгэрдик чүмэчи умата охсоот, оһохпун отуннум. Сарсыардааҥҥы оттор мас, кыспа илиим анныгар бэлэм. Оҕонньор уокка чугаһаан кэлэн тирии тэллэххэ чөкөччү олорунан кэбистэ. Дьэ, доҕоттоор, үүт-үкчү Баай Байанай эһэбит маннык буолуо диэн өйбөр оҥорон көрөр оҕонньорум илэ бэйэтинэн бу мичээрдии олорор эбит. Ханан да маҥана суох ыас хара баттахтаах, убаҕас бытыктаах, сэмэй, ис киирбэх дьүһүннээх, таҥаһа-саба даҕаны ураты. Чэпчэки быыһык саҕынньахтаах, бэдэр бэргэһэлээх, бөрө сутуруолаах, түнэ этэрбэстээх. Балаакка иһэ начаас сылыйда, таҥна охсон ас тартым, чэй сылыта уурдум. Ыалдьыппын кытта дьэ өй-төй булан билсиһээри гыммыппар: «Билэбин ээ, эйигин. Зоя уолунаҕын, Бэлиэрийгин», – диир. Аны туран бэйэтин аатын эппэтэ. «Ээ, маннааҕы оҕонньорбун» – диэн мух-мах ыытта. Маннааҕы дьону барыларын билэр курдук этим, уонна саамай чугастара, арҕаа диэки баар община дьоно, мантан биэс көс ыраахтар, атыттара өссө тэйиччилэр. Маннык кырдьаҕас оҕонньордоохторун билбэт эбиппин. Ону-маны токкоолоһо барбакка, ыалдьыппын аһатан, чэйдэтэн бардым. Оҕонньор үөр да үөр буолар, туох баар күндү диэбиппин барытын таһааран аһаттым. Ол быыһыгар таһырдьа өҥөс гыммытым, икки уучахтаах эбит. Онтукалара улахаттара диибин диэн, өссө улахан толкуйга түстүм. Киирэн хантан кэлбитин, ханна айаннаан иһэрин ыйыталастым. Онуоха оҕонньор мичээрдиир эрэ. «Таах дьаарбайа сылдьабын», – диир.

– Кырдьаҕас, сынньан, табаларгын аһылыктаах сиргэ өртүөм, – диэн баран таҕыстым.

Уучаҕын ньээмэтэ былыргылыы оҥоһуулаах, сэтии таба ындыыта ындыы курдук, кыра хааһах кэлгиллэ сылдьар. Уучахтар таба-таба курдуктар эрээри, улахаттара дьэ, сүр. Аһылыктаах сиргэ өртөөн баран киирдим. Оҕонньор үүттээх чэй иһэн сырылата олорор, мин син биир харахпын араарбакка одуулуубун да одуулуубун.

– Чэ тоойуом утуйуох, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, – диэтэ уонна: – Ити үс кыылга арыый тиийбэккэ бырахпыккын дии, – диэн соһутта.

– Ону хантан биллиҥ? – диибин.

– Ээ, мин барытын билэбин. Чэ, эн сыт, мин эйиэхэ сүбэлиэм, – дии-дии мичээрдиир.

Оҥостон сытыам иннинэ оҕонньорго икки суорҕан бэлэмнээтим, таһырдьаттан өссө биир таба тэллэх киллэрдим. Хараҕым кырыытынан дьиибэ ыалдьыппын чинчийэ көрөбүн. Адьас хойукка диэри үөрэтэр курдук кэпсээтэ.

– Олус мээнэ ырааҕынан ыырданаҕын, кыаххын билинэ соҕус сырыт. Омуҥҥар чугас баары өйдөөн көрбөккө ойоҕун. Ити утары да хотоолгор биэс-алта кыыл бэркэ ньэкээрэн тураллар дии. Эн буоллаҕына төһөнөн ыраах да булт-алт хойуу курдук саныыгын, – диир.

Уум быыһынан истэ-истэ аа-дьуо нуктаан, утуйан бардым. Ол быыһыгар: «Чэ, сарсын ити үрэххэ киирбит тайахтары кулгаахтарын саба тутуом. Бэркэ көрүстүҥ», – диирин иһиттим дуу, истибэтим дуу, утуйан хааллым.

Уһуктубутум, халлаан номнуо суһуктуйа сырдаабыт. Ойон туран оһох оттон баран, оҕонньорбун уһугуннараары гыммытым, төрүт да суох эбит. Эрдэ айаныгар туруммут буоллаҕа дии санаатым. Арай, өйдөөн көрбүтүм, бэҕэһээ оҕонньорго биэрбит суорҕаннарым хостоммокко да сыталлар, таһырдьаттан киллэртээбит тирии тэллэхтэрим холбоҕо сыппыттарын курдук сыталлар. Дьэ, доҕор, мунаарыы бөҕө буоллум. Бэл, аһаабыт иһитэ чуоҥаалтан хостоммотохтор, биир тылынан эттэххэ, киһи кэлэн хонон барбыт сибикитэ да суох. «Ээ, арба табаларын өртөөбүт суолум хаалыахтаах», – диэн таһырдьа ыстанным. Табалар өртөнөн хоммут сирдэрин быалара төһө тиийэринэн хаарын сир харатыгар диэри хаспыт буолааччылар. Тиийбитим, табалар өртөммүт суоллара суох. Хата, бэйэм табаларым онон-манан хаамыталаабыт, чэҥкээйилэрин соспут суоллара баар. Дьэ, моһуогуруу буолла… Хайдах-хайдах буоллум, түһээн баран булкулла сылдьабын дуу дии санаатым. Адьас илэ этэ ээ…

Чэйдии-чэйдии тугу кэпсэппиппитин, тугу сүбэлээбитин саныы, ырыта олордум. Дьэ, дьиибэ түүн, дьикти хоноһо диэтэҕиҥ. Байанай бэйэтинэн түүлбэр кэлэн барбыт диэн кырдьык итэҕэйиэхчэ буолан ыллым. Уоппун арыылаах лэппиэскэнэн аһаттым. Чэ, иччи көстүбүт да буоллаҕына, куһаҕаҥҥа эрэ буолбатын дии санаатым. Халлаан дьыбара сэтэрэн, тымныыта күүһүрдэн күүһүрэн иһэр. Оһоҕум да хоттороору хаайар, балааккам иһэ аҥаарыгар диэри кырыа буолбута бэриммэтэ. Олоруом дуо, табаларбын аҕалтаан, бэриэтчити уонна хос табаны тутан көлүнэн, бултуу айаннаатым. Били, бөлүүн оҕонньор тайахтары бултас диэбит толоонугар тиийдим. Тоҥ үүт курдук кыһыҥҥы тунаархай күн үрэх киэҥ талах толоонун барбах сырдатар. Табалар тыыннарыттан будулуйар туман быыһынан инним аанньа көстүбэт. Маннык сатаныа суох диэн табаларбын хааллартаан, хайыһарынан толоону киэҥник эргийэ хайан көрөргө сананным. Өр хаампатым, өйдөөн көрбүтүм, толоон ортотун диэки, үрдүк талахтар кэтэхтэринэн, биир сиринэн хойуу тыын туман буолан будулуйан көстөр. Үс сүүс миэтэрэни кыайбат сиргэ, талах быыһыгар, тайахтар арҕастара хараарыҥнаһар. Аһыы да тураллара биллибэт, дьиҥэр, эрдэ аһаан баран сытар кэмнэрэ ээ. Оҕонньор эппитин өйдүү биэрээт, уун-утары аа-дьуо хайыһарынан киирдим. Көбүс-көнөтүк хааман балачча чугаһаатым. Син чуолкай соҕустук биир тайах агдаката көстөр буолбутун кэннэ харабыыммын ылан ытан хабылыннардым, сүтэн хаалла, ол кэм иккиһэ талаҕы кыйа ырааска утары сиэлэн таҕыста. Турунан кэбистэ, доҕорун кэтэспиттии кэннин хайыһар. Миигиттэн балтараа сүүс эрэ миэтэрэлээх сиргэ үчүгэй баҕайытык ойоҕоһунан турар. Бачча баайыллыбыт бэлэҕи мүччү тутумаары эмиэ кыһаллан кыҥыы охсоот, ытан түһэрдим. Хата, турбут сиригэр оҕунна. Үөрүү бөҕө буоллум. Биир чахчы иннибэр сытар, иккиспин көрө ыстанным. Син ыраахтан ыппыт эбиппин, балачча хаамтым. Бастакы ыппыт тайахпын чуут сыыһан кэбиһэ сыспыппын, эбиитин өрөппүт эбиппин. Хата, сиһин уҥуоҕун тосту ыппыппын. Булду эрэйдээбэккэ хос ыттым. Дьэ, доҕор, үөрүү бөҕө: булт тосхойдо, үс ыал кыстыыр этин бултаан кэбистим. Бу санаатахха эчи дөбөҥүн, ааспыт күннэрим харахпар көстөн аастылар. Кыыл табалары эккирэтэн төһөлөөх күүһү-уоҕу бараабыппыный. Дьэ, илэ да буоллун, түүлбэр да буоллун Байанай бэйэтинэн ыалдьыттаан барбыт эбит. Били, кулгаахтарын саба тутуом, истибэт оҥоруом диэбитин санаан ыллым.

Үлэ бөҕө буолла, борукка-сорукка диэри астастым. Тайах улахан, кыыл табаны сүлэр, астыыр курдук буолбатах. Оннук үөрэн-көтөн, эт бөҕөлөөх дьоммор көстүм. Байанай туһунан кэпсиэхпин тоҕо эрэ туттуннум. Түүл да буоллун, илэ да буоллун – кэлин кэпсиэм дии санаатым. Ол эрээри Байанайдыын көрсүһүүбүн саныы-саныы испэр наһаа үөрэбин. Байанай киһи аайы көстүбэт. Элбэҕи ыйыппатахпын эрэ диэн кыра хом санаалаахпын. Иккистээн көстөрө, дьэ, саарбах.

…Кулун тутар үүннэ. Хатыыстыырга үгэскэ кубулуйбут таба бырааһынньыга буола турар. Мууска киһи баһаам, улуус араас муннуктарыттан табаһыттар кэлбиттэр. Арааһынай бэйэлээх киэргэллээх табалар бааллар. Кэлии ыалдьыттар да элбэхтэр, атыы-тутуу, ырыа-үҥкүү бөҕө. Күн ортото ааһыыта таба сүүрдүүтэ саҕаланна. Маҥнай оҕолор уучаҕынан ойуттулар, онтон дьахталлар ыстаннардылар. Эр дьон бөлөҕүнэн сүүрдүүгэ күрэхтэстилэр. Бүтэһигин кырдьаҕас табаһыттар сиэллэриигэ бардылар. Кэргэмминээн, оҕолорбунаан түһүлгэни кэрийэ хаамсабыт, таба сүүрдүүтүн кэмигэр бэйэбит ыстаадабыт дьонугар ыалдьан, биэтэккэ хаһыы-ыһыы бөҕө буоллубут.

Арай, доҕор, кырдьаҕастар сүүрдүүлэригэр биэтэккэ бастакынан, били, Байанай оҕонньорум элээрдэн ааста. Бэргэһэтэ көхсүгэр түспүт, бытыга, баттаҕа бүтүннүү кырыа буолбут, үөрбүт чаҕылхай харахтарынан мин диэки дьээбэлээхтик көрөн ааста. Мин маҥнай көрсөрбөр соһуйбутум курдук эмиэ наһаа соһуйдум. Эккирэтэн тиийэн табаларын баайарга көмөлөстүм.

– Хайа, тоойуом, дорообо, – диир, сып-сылаастык мичээрдиир.

Илии тутустубут, дьэ киһилии билистибит. Наҕараадалааһын кэнниттэн оҕонньордуун дьону аһатар улахан ураһаҕа киирэн чэйдээтибит, ирэ-хоро кэпсэттибит. Күлэн аҕай биэрдибит. Бэйэтэ биһигиттэн сэттэ көстөөх сиргэ кэргэнинээн, эбэ Фенялыын, олорор ытык кырдьаҕас эбит. Оччолорго 78 сааһыгар сылдьара. Үйэлэрин тухары тыаҕа олорор, дэриэбинэҕэ сыл баһыгар-атаҕар киирэр буоланнар көрбөтөх эбиппин. Кыһын атын сиртэн атыыласпыт табалара хаампыт буоланнар, олору көрдүү сылдьан миэхэ хонон ааспыт. Дьэ, хоһуун оҕонньор. Бэйэтэ ис-иһиттэн дьиибэлээх-дьээбэлээх буолан, миигин, соһуйуоҕун соһуйбут, быччаччы көрбүт эдэр булчуту дьээбэлээбит эбит. Сэрэйдэҕэ дии, кимиэхэ маарыннаппыппын. Аны ол кыыллары эккирэтиспит ыырбынан эргийэ көтүтэн ааспыт буолан сырыым туһунан тойоннообут. Дьиҥэр, санаан да көрдөххө, рациянан ким ханна сылдьара барыта иһиллэ турдаҕа дии. Ханна куоттарарбын, дьонум кэтэһэллэрин, долгуйалларын барытын истэ сырыттаҕа. «Бу уол эмиэ хойутаата, хараҥардаҕына кэлииһи», – дэспиттэрэ чахчы. Аны бастакы эфир сарсыарда 5 чаастан саҕаланар. Биллэн турар, эрдэһит оҕонньоттор кэпсэтэн эрдэхтэрэ. Онон мин туспунан барытын истэ-билэ сырыттаҕа дии. Эбиитин, дьээбэлии сатаан баран ситэри диэбиккэ дылы, эрдэ туран иһити-хомуоһу, утуйар таҥаһы барытын миэстэтигэр ууран, хомуйан барбыт эбит. Кэлэ сылдьыбыт суола кытта биллибэт гына. Түүн өртөөбүт табаларбын соруйан атын сиргэ баайталаабыт. Аны туран, «Гыным» общинаттан атастаһыыга кэлбит табаларын миинэ сылдьар буолан, улахаттара сүр эбит.

– Дьэ, оччоҕо хайдах тайахтар кулгаахтарын саба туттуҥ? – диэбиппэр, эмиэ мичээрдээн эрэ кэбистэ. Кэнниттэн батыһа сылдьан кистэлэҥҥин ситэри арый диэн хаай да хаай буоллум. Оҕонньор эмиэ дьээбэлээх баҕайытык көрөн кэбистэ уонна кулгаахпар сибигинэйэн: «Тымныы саамай өрөгөйүгэр, тыынарыҥ сырдырҕаччы тыаһыыр кэмигэр, тайах даллайбыт кулгааҕар ол мэһэйдээн чуора олох мөлтүүр», – диэтэ. Кырдьык даҕаны, киһи бэйэтэ да ырааҕы истээри, ытыстарын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайдаҕына, бэйэҥ тыыныҥ сырдыргыыра отой тугу да иһитиннэрбэт ээ. Ол саамай тымныы, дьыбар сэтэрээбит кэмигэр буолар эбит. Дьиҥнээҕин билэн, кыратык хомойо санаабытым эрээри, сүбэһит-амаһыт үтүөкэн доҕордоммуппуттан күн бүгүнүгэр диэри үөрэбин. Оҕонньор билигин 90 сааһыгар сылдьар, ол да буоллар бултуур-алтыыр. Мин тыыннаах Байанай кырдьаҕаһым дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык ытыктанар.

Атамаан моонньоҕон

Кураанах кустартан ханныга саамай улахан эбитий? Биир саас маннык түбэлтэ буолан турар. Өрүспүт эрдэ ырбыыланан, көҕөннөрү муус устар сүүрбэтиттэн номнуо бултаан бардыбыт, бураанынан сааһыырбытыгар эрдэ көһөн кэллибит, балаакка тиирэн, бородуукта бөҕө холболоон, дугдалары сөргүтэн, олох бэлэм буоллубут. Көҕөннөр үс күн, үс түүн биллэн баран ааһан хааллылар, биир да кус көппөт кэмэ. Таах күнү-дьылы ыытымаары, сарсыарда аайы бэс тумулбутугар улардыы тахсабын. Ол саҕана үтүө сарсыарда сүүрбэччэ улар тэҥинэн охсор буолара, бииргэ эмэ үөмэн киирэн туоһапканан ытан ыларым. Оннук ыам ыйын бастакы күнэ буолла, убайым хаһаас бытыылка арыгы хостоото, кыттыгаспыт Баһылай эмиэ биири таһаарда. Балааккабыт айаҕар кыракый остуолга ас-үөл тардан, күҥҥэ сыламныы-сыламныы, аһаан-сиэн бардыбыт. Иннибитигэр өрүспүт ырбыыта номнуо кип-киэҥ байҕал буола ирбит. Үөрэ-көтө баллыгыраһа олордубут. Арай таҥнарыттан халыҥ үөр моонньоҕон сирилээн кэллэ, мэктиэтигэр остуолбут кэннигэр саспыта буоллубут. Иккитэ, үстэ эргийээт, ырбыыбытыгар кэлэн түстүлэр. Балааккабыт турар эмпэрэтэ үрдүк буолан, сыыллан киирэн одууластыбыт, сүүсчэкэ кустаах үөр. Сир-халлаан барыта моонньоҕон иһиириитинэн туола түстэ, чуумпуран турбут кытылбыт сэргэхсийэ түстэ. Дьэ, доҕоттор, хайдах гынабыт? Ырбыыбыт кэҥээбитэ сүрдээх, доруоп сааларбыт тэппэт сиригэр түһэн олороллор. Мин балааккаҕа сыыллан киирэн халампаас ылан, хас кус баарын ааҕа сыттым, убайдар тугу эрэ сибигинэһэллэр, маскхалааттары хостоотулар. Арай ол одуулаһа сытан өйдөөн көрбүтүм, биир аарыма улахан моонньоҕон атыыра уста сылдьар, үөлээннээхтэриттэн омуннаатахха үс төгүл бөдөҥ эбит. Убайдарга эппитим, халампааһы былдьаһа-былдьаһа сөҕүү бөҕө. Миигин, быһый киһини, чугас кустуур күөлбүтүгэр ыыттылар, биир дугдабытыттан туоһапкалары ыллара. Начаас эргиллэн кэллим, былаан Барбаросса, балаһыанньа байыаннай буолбут. Биһиги икки убайбынаан маскхалааттаах, туоһапкалардаах өртөөҕү талахтар быыстарынан үөмэн аллара эмпэрэ анныгар киириэхтээхпит, онон ытар дистанциябытыгар чугаһатыахтаахпыт, эбиитин кустар чугаһыы түһэллэрин көһүтүөхтээхпит. Баһылай, аптамааттаах киһи быһыытынан, эмпэрэ үрдүгэр күөрэтиигэ хаалар буолла, баҕар, үрдүнэн көтөн таҕыстахтарына диэн. Билигин сирэйдэрбит боччумун көрөр киһи күлүө эбит, саатар орто холуочук буойуттар, дьэ байыаннай садаанньабытыгар бардыбыт. Доруоптар уостарыгар хаар симиллибэт гына тирээпкэлэри анньыалаатыбыт, туоһапкаларбытын илиибитигэр туппутунан, таҥнары сыыллан киирдибит. Кустарбыт бэйэлэрин аймалҕаннарыгар буолан, кыһаллыбатылар даҕаны. Манаан, ытар сирбитигэр тиийдибит. Тиэрэ сытан хайыһан хамандыырбыт Баһылай сирэйин көрөбүт. Киһибит эрбэҕэ көстөр, былаан туолан эрэр диэн буолла. Балачча сытан баран тулуйбатыбыт, хата оруобуна атамаан моонньоҕон мууска таҕыста, атын доҕотторуттан лаппа улахана дьэ бэркэ да көһүннэ. Сүүстэн эрэ тахса миэтэрэ. Убайбынаан эрэбил гына, иккиэн тэҥинэн ымсыырбыт моонньоҕоммутун ытан саайдыбыт. Хата, онтукабыт мууска тиэрэ таллас гынан хаалла. Атыттара былааммытын тутуспуттуу, тыалы утары биһи диэки хайысхалаах өрө сирилээн таҕыстылар. Тыал тыаһынааҕар дьэ халыҥ тирилэтии буола түстэ, сүүс кус уун-утары барылас гыммыта аанньа буолуо да. Дьэ күүстээх артиллерия үлэлээн барда, Баһылайбыт биэстэ ытан аҕыс куһу үрдүбүтүгэр таммалатта. Биһиги да хаалсыбатыбыт, үһү охтордубут. Кустарбыт үрүө-тараа барыахча буолан баран холбоһон өрүһү өксөйө турдулар. Эмиэ эдэр саллааты күөлтэн эрэһиинэ тыыны ыллара ыыттылар, абакка. Төттөрү-таары сүүрэкэлээн, хата, өйдөнөн хааллым. Дьонум остуолга олорон иһиттэрин тобоҕолообуттар. Тыыны соһон киллэрэн ууга түспүт кустары хомуйдум, күүстээх сүүрүгү кытта киирсэн, ырбыы утары тиийэн, эрдиинэн тардыалаан били аарыма моонньоҕоммутун ыллым. Улахана сүр дьэ, били кыра хардырҕас хаас саҕа буолсу. Тахсыбытым кэннэ эргитэ сылдьан үөрэтии буолла, дьүһүннүүн, быһыылыын олох моонньоҕон моонньоҕонунан.

Арай ол олордохпутуна, таҥнарыттан икки бураан айаннаан иһэллэр. Убайым дьиибэ баҕайытык туттаат, кустары хомуйан кистэтэлээн кэбистэ. Алданы өрө сааһыы көһөн иһэр нуучча атастар эбит, бэһиэлэй айаннаан иһэллэр. Тохтоон сынньаннылар, кыратык кэһии бэристилэр, тост бөҕө көтөҕүлүннэ, убайым дьиибэ боппуруоһун эттэ: «Какая порода уток самая большая у нас?» Мөккүөр бөҕө буола түстэ, икки нуучча: «Көҕөн!» – дии түстүлэр, биирдэрэ: «Атыыр орулуос көҕөннөөҕөр ыйааһыннаах буолар!» – диир, төрдүс киһилэрэ «Улун!» – диир. Балачча өр мөккүһүннэрэн баран, убайым: «Самая большая утка – шилохвость!» – диэтин кытта күлсүү. «Поспорим на ящик», – диэн буолла. «На пол-ящика», – диэн хардардылар. Илии тутустулар. Балааккатан таһааран иннилэригэр бырахта. Күөх харахтар сиргэ таммалаһа сыстылар, киһи сатаан сахалыы үтүктүбэт нууччалыы тылынан сөҕүү бөҕө буолла. Биирдэрэ аллараа киирэн сыарҕаларыттан саҥата-иҥэтэ суох уон буокканы аҕалан остуолга кэккэлэтэн кэбистэ. Биирдэрэ фотоаппарат хостоон тута-тута түһэрдэ.

Итинник эргинии дьыалаҕа маастар убайым: «Один снимок – пузырь!» – диэн саайда, аннараалар сөбүлэнэн үстэ түстүлэр. Сотору ыраах ыырдаах дьон айаннаатылар. Оо, накаас дьыала буолла, түгэҕин көрүөхтэригэр диэри тохтуохтара баара дуо, ыксаан көмөлөспүтэ буолабын да, уйуммаппын, утуйа мээрик киһибин. Кус киирэр эрэ киирбэт, икки күн хайдах ааспыта буолла. Үһүс күн, өй-төй булан, син кустаатыбыт. Мууспут сүрдээҕин хараарбыт, сотору хамсыыһы. Киэһэлик үс киһилээх этэрээт хааман иһэрин көрдүбүт, улахан сүгэһэрдээхтэр, мууска киирбэккэ кытыл устун иһэллэр. Убайым үөнэ эмиэ хамсаата, ол дьону отой абырах курдук көрөр. Бэйэбит дьоммут эбит, биһигиттэн аҕыйах килэмиэтир тэйиччи сытар күөллээхтэр. Убайдар үөрэ-көтө көрсөөт, сакалааттаһар айдааҥҥа бардылар, ханнык кус улаханый диэн. Дьоммут кэһиилэрин санныларыгар сүгэр буолан тыыннаах испиири аҕалбыттар. Мөккүһэн кыайтаран, испиир аҥаарын хаалларан бардылар. Эмиэ икки күн ханна эрэ сүттэ. Мин баҕас олох сөп буоллум. Эмиэ бултаан бардыбыт. Кыайыы күнүгэр өрүс эһиннэ. Кус бөҕө киирдэ. Иккис күнүгэр мотордар сүүрдэн бардылар. Кус бөҕөнү эккирэтэ сылдьан ыттылар. Биһиги да күөлбүт таттарыылаах буолан бэркэ бултуйдубут. Биирдии куул буолла. Мотор кэллэ да дэриэбинэҕэ ыытыахтаахпыт. Табаарыһым киэһэлик сүүрдэн кэллэ, эмиэ кыра кэһиитин, биэрэккэ үктэнээт, былдьатта. Сарсыныгар кустарбытын тиэйэн убайым дэриэбинэлээтэ, ол күн төттөрү кэллэ.

Дьэ, доҕоттор, уйгу-дэлэй аһылык диэн, ботуруон диэн – икки дьааһык аҕалбыт. Моонньоҕоммутун үрүксээгэр укта сылдьар. Валюта диир. Дэриэбинэ аҥаарын аймаан кэлбит ээ! Өссө да барыа эбиттэр, хайа эрэ өрүөл утуйа сыттахтарына «валюталарын» уорбут үһү. Төһөтө кырдьыга, төһөтө чахчыта: Томмот куоракка тиийэн, моонньоҕоммут моойо быстан куска маарыннаабат буолуор диэри быары-бүөрү сордообут үһү.

Биир буулдьа

Хара маҥнайгыттан ыарахан күһүн саҕаламмыта. Бултуур учаастакпар биэс күнү быһа айаннаабытым. Уон икки көһү, хаарын сөбүн түһэрдэҕинэ, үс хонугунан ыксаабакка тиийэр этим. Ол дьыл аанньа хаардаабакка, сотору-сотору ириэрэн, үрэхтэр муустара ууллан туоруурга моһуок бөҕө буолбута.

Уон икки көлүүр, икки мииннэр[1]1
  Мииннэр – (түөлб.) миинэр таба.


[Закрыть]
табанан, биэс көтөл таһаҕастаах, сүүрдүүлээх[2]2
  Сүүрдүү – (түөлб.) бэриэччит табаларга көлүллэр чэпчэки сыарҕа.


[Закрыть]
айаннаан, дьэ дойдубар кэллим. Икки саарбаһыт ыттарым кэлин көтөлгө бааллан кэлбит буоланнар босхо бараары үр да үр, сүүрээри-көтөөрү, бултуу охсоору ойуоккалыы тураллар.

Хас айан барыта тус-туспа кэпсээннээх, бэйэ-бэйэтигэр маарыннаабат буолаллар. Бу көһүүгэ хаста да ылах уларыттым, сыарҕалар сыҥаахтарын аһынан ыллыктыы-ыллыктыы кэллим.

Дьүүктэкээн туорааһыныгар муус уйбакка кыратык ууга булкуллан ыллыбыт, туораан баран хонорго тиийдэхпит. Оллонгоро да үрэххэ өрөөн, титириктэри кэрдэн, чараас мууска тэлгэтэн муоста курдук мууһурдан баран биирдэ туораабыппыт.

Бастакы сарааммар[3]3
  Сараан – (түөлб.) көс сирэ, урут балаакка турбут сирэ.


[Закрыть]
кэлэн, чэпчээн, уоскуйан, булду саҕалыырга бэлэмнэнним. Быһа эттэххэ, кыһын устата мэлдьи көһө сылдьан бултуубут, биир миэстэҕэ биэс-алта күн бултаан-алтаан, кэннибититтэн тоһуур сохсолору иитэ-иитэ көһөбүт. Маҥнайгы күн үксүн балаакка туруора охсоот, өрөөн, мас мастыыгын, табаларгар хорууда кэрдэҕин, чэҥкээйилэри бэлэмниигин. Ыттарга да уйа-хахха оҥорорго бириэмэ балачча барар. Киэһэтин дьэ үөрэн, бэйэҥ бэйэҕин кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ, олуккун оҥостон, аһаан-сиэн баран, рацияҕа сибээскэ тахсан, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэҕин. Бөһүөлэккэ дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ долгуйар буоллахтара, этэҥҥэ айаннаан тиийбитиҥ бэйэтэ үөрүүлээх сонун буолар.

Дьэ, онтон саҕаланнаҕа, саарба соноро. Күн аайы сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥаҕа диэри. Тула аан дойду кыһалҕата, дьиэтээҕи олох-дьаһах толкуйа ханна эрэ кэтэххэ түһэр. Бэйэҥ бэйэҕэр, кыыллыйбыттыы, суолтан суолу ирдии, тыаҕар тэлэһийэ сылдьаҕын. Ону-маны: айыылары, иччилэри, түүллэри, итэҕэллэри дьэ чугастык ылынар кэмиҥ буолар.

Бу да сэһэн сииҥкэн[4]4
  Сииҥкэн – (эбэҥк.) Байанайдыын атылыы.


[Закрыть]
кытааппытын туһунан.

Бэһис күммүн мэлийэ сылдьабын. Бу сарааммар биир да саарбаны сүлэ иликпин. Араас санаа барыта ыган барар, дьиэ кэргэниҥ, оҕолорун, ийэҥ – бары эрэнэ-кэтэһэ хааллахтара. Аҕабыт үчүгэйдик бултаатар, сайыны да быһа тот олох буолуо, үп-харчы соҕуруу да сынньалаҥҥа тиийиэ диэн. Аҥаардас эдэр кэргэммэр төһөлөөх ыарахан буолуой, соҕотох детсад саастаах оҕолору аһатан-таҥыннаран, сарсыарда эрдэ туран оһох оттон, сөбүгэр сабан, оскуолатыгар үлэлии сүүрэр. Киэһэ да сылайан кэлэн, эмиэ оһох отто охсоот, оҕолору садиктан ыла сүүрэн эрдэҕэ. Ийэҥ да, бултуур дьоно суох аймахтарын да – бары эт кэтэһэллэр. Итиччэ элбэх эрэли сүгэ сылдьан табыллыбат дьэ кытаанах.

Төһө да саҥа дьылга диэри бултаатаргын саарба саамай дөбөҥнүк, элбэхтик кыайтарар-бултанар кэмэ билигин – сэтинньи саҕаланыыта. Дьэ онно да дьыл-дьыл араастаах, сорох кэм хаар быһа түһэн ытынан киһи баттаһан бултаабакка хаалар, аны тоҥот буоллаҕына эмиэ ыттар тыстара килэччи баран уйдара сылдьар саарбаны сиппэттэр. Ол иһин хас биирдии булт күнэ күндү буолар, күн былдьаһыга.

Тугу сыыһа гыммытым буолла, туох аньыыны кэстэҕим, быйыл дьэ кыайтарбакка турар булт. Кыыл да табалары ыстаннартыыбын, улардары да сыыһа ытабын, эгэ ыттарым саарба ситиэхтэрэ дуо. Хата табаларым үчүгэйдик тураллар, биир да туора хаампакка, кутуруктаах аймаабакка этэҥҥэ этэ.

Хас киэһэ аайы рацияҕа чугастыы сытар булчуттары кытта кэпсэтэбин, тула бары бэркэ диэн сезону саҕалаабыттар. Хардьыгынас тыас быыһыгар:

– Бүгүн иккини аҕаллым! – диир Подкова 21.

– Биир саарба, биир кыыл! – үөрэр-көтөр Подкова 4.

– Киэҥ Үрэх, Киэҥ Үрэх, Валерка-Киэҥ Үрэх? – хос-хос Олонгоро ыйытар.

– Хайа, эмиэ мэлийдиҥ дуо? Санааҕын түһэримэ, тургутуу ити, – диир Олонгоро.

Кыбыста-кыбыста син сибээскэ тахсабын, кэпсэтэбин ону-маны: халлааны, ыттары, табалары, ким эрэ кими эрэ дьээбэлиир… Рация хойукка диэри оргуйа, сэһэргии турар. Түүҥҥэ диэри. Төһө да тэҥинэн сүүс киһи кэпсэттэр, син наадалаах киһигин булан кэпсэтэҕин, рация кэннэ киһи син сүргэтэ көтөҕүллэн, эмиэ сарсыҥҥа эрэллээх утуйаҕын.

Алтыс күн суһуктуйа сырдыыта, чэйдии охсоот табалыы ыстанным. Хата табаларым эмиэ чугас хоммуттар.

Мииннэрбин Мукучугу тутаат, ыттарбын сиэтэн саҥа эрэллээх хаамтардым. Эмиэ ааспыт күннэртэн уратыта суох курдук буолан истэ, систэн сиһи, кыра үрэхтэр бастарынан, баран иһэбин. Саарба саҥата[5]5
  Саҥа – кыыл саҥа суола.


[Закрыть]
көстүбэт, өрдөөҕү суоллар эрэ, онно-манна биирдиилээн тоҥ сугун аһылыктаах улар көтөн тахсар, ыттарар бокуой биэрбэккэ көтө турар. Баччаларга эмиһэ бэрт буолан олох маска олорон биэрбэт.

Арай, биир бэс тумулу ааһан эрдэхпинэ, ыттар иккиэн салгын сымардаан дьүккүҥнээн бардылар. Мииннэрбиттэн ыстанан түһэн бастаатым, ыттары буойа-буойа. Бэрдээн ыркыйы туораабытым, субу иннибэр аҕай үөр кыыл таба ааспыт, суоллара бурхайа сытар. Ыттар олор сыттарын ылан тардыаласпыттар эбит. Тохтоон быһаарынным. Мииннэрбин өртөөн хааллардым, ыттары тус-туспа баайталаатым (кыыл табаны ытынан бултаммат – үөмэн, сатыы эрэ). Биир моһуогум диэн – эдэр ытым соҕотох хааллаҕына үрэн барааччы, инньэ гынна эрэ кыылларбын ыстаннартыыр дьэ. Албыннаан ындыыбыттан лэппиэскэ быраҕан биэрдим, онно аралдьыйар кэмигэр аа-дьуо бардым. Саатар карабины саарбалыырга сүгэ сылдьыбаппын, чэ, тозовканан да бултуур этим диэн, ботуруон эбэргэ сананным. Түөрт ботуруону буулдьаларын сэрэнэн туураҕын, төрдүс ботуруон буораҕын хаалбыт үс ботуруоҥҥа тэҥ гына үллэрэн кутаҕын уонна буулдьаларын төттөрү олордоҕун – ыга. Оччотугар уохтаах, кыыл уҥуоҕун дьөлө көтөр күүстээх ботуруоннар буолаллар. Үөрэннэххэ түргэнник оҥоһуллар дьыала.

Дьэ, инньэ гынаары мотурускабын[6]6
  Мотуруска – (түөлб.) патронташ.


[Закрыть]
илиибинэн убахтаатым да… Оо, абалаах да буолар эбит! Олох да умнан кэлбиппин. Балааккабар киириигэ мутукка ыйаабыппынан оннук хаалбыт. Күнү быһа ботуруона суох бултуу сатыы сылдьыбыппын. Кыһыы бөҕө, бэйэбин эрэ буруйданабын, акаары, ыксаабыта буолан. Аны балааккабыттан номнуо көстөн ордугу тэйдэҕим дии, кыыл буоллар биир сиргэ турбат буоллаҕа. Дьээбэҕэ сиэптэрбин таптайан көрдүм, хата, дьолго биир ботуруон буллум, тозовка ботуруона кырата бэрт буолан суппуун сонум ис сиэбигэр кистэнэ сыппыта ырааппыт быһыылааҕа. Чэ, сииҥкэним мээнэҕэ ордорботоҕо буолуо диэн баран, онтукабынан ииттэн, кыылларбын салгыы ирдэстим. Өр-өтөр буолбакка кыла[7]7
  Кыла – (түөлб.) очуос.


[Закрыть]
үрдүтэн кыылларым аллараа киирдилэр. Оргууй үөмэн киирэн истим да, кэннибиттэн тыгар күнү учуоттаммаккабын аллараа, кыла анныгар сыппыт кыыллары ыстаннартаан кэбистим. Үөһэттэн түһэн иһэр күлүкпүн биэрэн үргүтэлээтэҕим ол. Кыра кэм икки ардыгар элэс-элэс ыстаҥалаһан хааллылар. Оо, карабиммын сүгэ сылдьыбытым буоллар кэннилэриттэн субурутан ытан хаалыам хааллаҕа. Абара сатыы туруом дуо, төнүннүм. Ыттарым араҕа сырыппыппын өйдөөбөтөхтөр. Дьэ доҕор, күн ыраатта, киирэрэ да чугаһаата диэммин, аллараа киирэн үрэҕи батан төннүүһүбүн диэтим. Уоспар биир эрэ ботуруоннааҕым да онно кыһайар, мастан маска ойо сылдьар саарбаны биирдэ ытан ылар эрэбилэ кыра.

Санаа эмиэ баттаан барда. Борук саба түһэн эрэр дуу, үрэх иһин хойуу харыйата хараҥардар дуу, саарба саҥа ойбут суолун өйдөөн көрбөккө хааллым. Кырдьаҕас ытым сыт ылан мииннэрбиттэн түҥнэрэ сыста.

Ойон түспүтүм, арычча бөһүөнэх соҕус суол кэллэ. Ытым бултуур баҕаттан олох ыстанаары дьүккүйэ турар. Эдэрим да үтүктэн сүгүн хаамтарыа суохтар.

Кырдьаҕаһы төлө тардан кэбистим. Бэйэм ойоҕолуу хайсан истим. Сири хаама сылдьар булчукка ыт үрэн баргыйара кулгааҕы сымнатар, долгутар муусуката буолар. Дьэ сотору үрүө, саарбаны ситэн ылан маска таһаарыа диэн иһиллии-иһиллии барсан истим. Эккирэтиспиттэрэ уһаата эрээри, син ыт сүтэрбэккэ сонордоон иһэр суола хаарга сурулла сытар. Ханна үрэрэ иһиллибэт. Үрэҕим баһыгар чугаһатан эрэбин, халлаан да хараҥаран эрэр, борук. Арай дьэ баҕалаах саҥам иһиллэн кэллэ, ыраах да буоллар, чуолкайдык үрэҕим олох баһыгар, ньиирэ[8]8
  Ньиирэ – (эбэҥк.) маар.


[Закрыть]
диэки. Уу чуумпу буолан үрэрэ ыраахха диэри иһиллэр. Эдэр ыты көмө буоллун диэн ыыттым, убайа үрэрин хоту ыстанна. Төһө да ыксаатарбын, быһа ыркыйа-лааҥкыта бэрт буолан, бытаан соҕустук иһэбин. Айыыларбыттан ааттаһабын, куоттарбатын эрэ диэн, эбиитин тиит маска таһаарбыт буоллун диэн.

Кэлбитим, өлүү түбэлтэлээх, улахан, киһи кыайан кууспат хойуу да хойуу лабаалардаах үрдүк харыйаҕа таһаарбыттар быһыылаах. Ыстанан тахса-тахса үрэллэр. Тиритэн-тиритэн баран, аны тоҥоору гынным. Харыйаны тула хаама сылдьан көрө сатыыбын да, саарба баара көстүбэт. Хантан көстүөй, бу үлүгэр хойуу лабаалар быыстарыгар кирийбит кыыл. Баҕар сиргэ, дүлүҥҥэ киллэрбиттэрэ буолаарай диэн суолларын көрө сатаатым да, барытын үлтү тэпсибиттэр.

Хараҥарда, ол гынан саарбабын быраҕар санаа суох, кыһыыта да бэрт. Ыйдаҥа да ааспыт кэмэ этэ, тымныы дьыбар күүһүрдэ, арай мииннэрим эрэ кыһаллыбакка утуйа сытар, охтоохтообут. Эмискэ убайым барахсан сүбэтэ өйбөр көтөн түһэн абыраата: «Улахан кутаа уотта арыый тэйиччи оттор буол, оччоҕо ол сырдыгар саарбаҥ харахтара көҕөрөн көстөн кэлиэ», – диирэ. «Уот оттору баҕас!» – диэтим да, чохорооммун хостоон мас кэрдэн бардым. Улахан үрдүк кутаа уот отууну отуннум, тула өттүм сырдыы түстэ, харыйабын одуулаһабын. Ыттар сүрэҕэлдьээтилэр дуу, сылайдылар дуу, харыйаларын анныгар сыталлар. Кырачаан олох да утуйбут.

Толкуйдуу түһээт, харыйа нөҥүө өттүгэр эмиэ уот отуннум. Бу сырыыга син өр бадьыыстастым, сырдыкка даҕаллыбыт харах хараҥаҕа балайданна. Төһө бириэмэ барда эбитэ буолла, хаптайан моонньум ыарыйда, одуулаһа сатаан баран, хонорум дуу диэн санаа көтөн түстэ. Ол мөхсө сылдьан эмискэ харыйа ортотун соҕус диэки лабаалар быыстарыгар икки харах кылбачыйарын көрдүм. Үөрдүм аҕай, араастаан чугаһаан да, тэйэн да көрүтэлээтим. Адьас кини харахтара быһыылаах, саарбачаан.

Уот сырдыга түспүт саһархай хаары саабынан кыҥаан көнөтүк туппутунан саарбабын кыҥыыбын. Мушкам да, целигым да саам уоһугар көстүбэт. Саабын санаабар көнөтүк туппутунан туох баар билэр-билбэт айыыларбар үҥэн баран ытаары оҥоһуннум. Биир эрэ түгэн, биир эрэ ытыы, биир эрэ буулдьа. Сыыһарбын саныахпын да баҕарбаппын, атыннык ылар кыах суох уонна бу саарбаны. Ыттым, тозовка «тас» эрэ гынна, таптым дуу, сыыстым дуу, кылбайар да харахтар көстүбэттэр, саарба өлөн түһэрэ да көстүбэт, ыараан ырдьыгыныыра да иһиллибэт. Төбөбөр туох да суох, туох да толкуй киирбэт. Мэлэччи көрөн иһиллээн турабын эрэ, арай икки мөлтөөн эрэр отууларга мас умайар тыаһа иһиллэр.


Страницы книги >> 1 2 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации