Текст книги "Дьикти түбэлтэ"
Автор книги: Василий Охлопков
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 4 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
Охлопков Василий Васильевич
Дьикти түбэлтэ
Кэпсээн быыһаабыта
1942 сыл. Сэтинньи ый. Ыар кэм. Ас-үөл нуорманан бэриллэр буолан, дьон аччыктаан барбыта. Үлэлиир эрэ киһиэхэ ыйга үстүү киилэ бурдугу биэрэллэрэ төһө өр барыай?! Миитээлээх бурдуктара бүтэн, сутаан эрэллэр. Килиэп сиэбэтэхтэрэ ыраатта. Ийэлэрэ, кэмчилээн, уунан убаҕас хааһы оҥорор да, ол улахан дьиэ кэргэҥҥэ үөтэлээбэт. Бэһиэ буолан кып-кыра балаҕаҥҥа симиллэн кыараҕастык олороллор. Аҕалара бэс ыйыгар бастакы хомуурга түбэһэн, сэриигэ барбыта сылтан ордон эрэр. Суруйбатаҕа ыраатта, икки эрэ суруга кэлбитэ. Билигин бу ыал тутаах киһитэ уон икки саастаах Миитээ кыһалҕаны барытын бэйэтин дьарамай санныгар сүгэн, үс кыра балтын уонна ийэтин иннигэр эппиэтинэстээҕин үчүгэйдик өйдүүр.
Дьиҥэ, муҥха саҕаланна да балык олох суох. Аттынааҕы ыаллар бэҕэһээ эбэҕэ киирбит сурахтара иһиллибитэ эрээри, тоҕо эрэ биллибэтилэр: балык туппуттара буоллар хайаан да бэрсиэ этилэр.
Көмүлүөктэрин уота аат эрэ харата сыыгынаан ылар, хардаҕастара эмиэ бүттэ. Бэҕэһээҥҥиттэн оронноруттан турбакка токуһан сыталлар. Хайдах эмэ туран, мас киллэрэн оһох оттубут киһи. Аҕата Уйбаан сэриигэ барарыгар ботуоҥкатын тутан туран: «Дьоҥҥун көрөөр-истээр, билигин кинилэр иннилэрин туһугар эн эппиэттээх хаалаҕын», – диэн эппитэ. «Хайдах гынарым буолла?» диэн толкуйдуу сытан, эмискэ уол өйүгэр саҥа санаа кылам гына түһэр: «Арба да, биһиэхэ учууталбыт Анастасия Ивановна саха советскай литературатын төрүттээччи П.А. Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» диэн кэпсээнин ааспыт нэдиэлэҕэ аахпыта. Ойуунускай аатырбыт олоҥхоһут, остуоруйаһыт, суруйааччы. Төрөөбүт дойдута Таатта. Үөрэххэ наһаа баҕалаах буолан, сороҕор куйуурдаан аһыыра үһү. «Оҕо куйуурдуу турара» диэн кэпсээнин бэйэтин эрэйдээх оҕо сааһыттан суруйбут. Мин да куйуурдаатахпына тугуй? Ойуунускай эмиэ мин сааспар куйуурдаан үөрэхтэммит, тыыннаах хаалбыт. Онтон мин… куйуурдаан дьоммун, бэйэбин быыһыахпын сөп эбит. Учууталбыт «ас суох, күүс-сэниэ баранна, онон айаххытын булунарга бэйэҕит кыһаллыҥ» диэхтээбитэ ээ. Күөлгэ киириэххэ… Дьоммун быыһыахха…»
Миитээ эрэйдээх таҥнан хачыгырыйда.
– Хайа, һыллы, ханна бардыҥ? Оһоххор хардаҕаста бырах эрэ. Хайдах эмэ гынан туран, үлэлии барыам этэ, кэтэстэхтэрэ. Балтыларгын көрөөр эрэ, – диэн ийэтэ иһиллэр-иһиллибэттик иһин түгэҕэр саҥарда. Миитээ аҕыйах хардаҕаһы оһоҕор быраҕаат, Хабырыыстаахха начаас элээрдэн тиийэр бэйэтэ бүгүн өр да хаамта. Куйуур уларыста. Оҕонньор кырдьан, муҥхаҕа кыайан сылдьыбат, хата, ол оннугар куйуурдаан дьонун абыраата, элбэх балыкка тигистэҕинэ, чугас ыалларыгар мэлдьи бэрсээччи.
– Дьонуҥ хайдахтарый? – диэн Хабырыыс сэрэммиттии ыйытта.
– Сыталлар, – уол хараҕын уутун кистээн, дьиэ үрдүн одууласта.
– Эмээхсин, балык ордубут буоллаҕына, биэр эрэ…
Балаайа эмээхсин аҕыйах балыгы туос ыаҕайаҕа биэрбитигэр махтанаат, таһырдьаны былдьаста. Илии тутуурдаах, өттүк харалаах төннөн иһэриттэн ордук долгуйда. Дьиэтигэр тиийэн, балыгын хостообутугар, балтылара үөрэн сэргэхсийэ түстүлэр, тута ып-ыраастык сиэн кэбистилэр.
Миитээ күөлгэ киирэн, Хабырыыс ыйбыт сиринэн ойбон алларан турдаҕына, эмискэ икки улахан собо төлө тэптэ… Уол үөрүүтүттэн сирэйэ сырдаата, куйуурун быдан сэниэлээхтик эргитэн барда. «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээҥҥэ уол тугу гынар этэй? диэн толкуйдуур. «Эбэттэн көрдөһөр этэ» диэн өйдүү биэрэн, бэйэтэ хайдах сатыырынан көрдөһөргө быһаарынар: «Эбэккэм, балыкта үтэлээ… Аҕам Ийэ дойдутун көмүскүү сэриигэ барбыта. Үс балтыларбын, ийэбин мин көрө хаалбытым. Ас бүтэн, дьон сутаан, киһи бөҕө суох буолан эрэр… Эбэккэм, элбэҕи көрдөспөппүн, биһиэхэ күн ахсын биэс балыкта бэрис. Оччоҕо эрэ күн сиригэр тыыннаах хаалыах курдукпут. Биһигини аһын даа… Ийэм биһикки холкуос сүөһүтүн көрөн-истэн сылы таһаарыахпыт этэ. Онтон балтыларым үөрэхтээх дьон буолан, Сахабыт сирин ааттатар дьон буолуохтара. Үөрэхтээх, үлэһит дьон буоллахпытына, эйигин араҥаччылыахпыт, үтүөҕүн өйдүөхпүт. Эбэккэм, үтэлээ… өрүһүй! Сэниэ ыллахпытына, хара тыабар тахсан хапкааммын, туһахпын көрүөм. Баҕар, байанайым тугу эмэ бэрсибитэ буолуо… Эбэккэ-эм!» – иһин түгэҕэр ботугуруу-ботугуруу уол куйуурун ылан көрбүтэ туох да суох. Миитээ хомойдо, ытыы сыыста. Куйуурун иккиһин түһэрэн, байааттаҥныы турда. Куртаҕа курулаата, сүрэҕэ өлөхсүйдэ, иэдэһинэн көмүскэтин уута тохтоло суох сүүрдэ. Хараҕын симтэҕинэ, ороҥҥо нукаай курдук сытар үстээх балта көстөр курдук. «Сатаан көрдөспөтүм быһыылаах» диэн хат Эбэтиттэн көрдөстө: «Эбэккэм, көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ахсааннаах. Сэрии бүтэн, аҕам кэллэҕинэ, киһи-хара буоллахпына, Сахам сирэ чэчирии сайдарыгар туруулаһан үлэлиэм, үөрэниэм. Оҕоҕун аһын… Балтыларбын аһын… Эбэккэм, көмөлөс!»
Миитээ балыктан мэлийбит курдук санаан, ис-иһиттэн тоҥон, титирээн барбыта, ол да буоллар, куйуурун ылан көрбүтэ… арай… уонча балык киирбит! Үөрүүтүттэн бэл саҥа таһааран саһыгыраччы күллэ!
Уол түргэн үлүгэрдик хомуна охсоот, дьиэтигэр ыстаммыта. Ааны аһарын кытта ийэтэ уонна балтылара утары сүүрэн кэлэн, Миитээ илии тутуурдаах кэлбититтэн ордук үөрэн, харахтара чаҕылыһа түспүттэрэ. Ийэтэ тута астаабытынан барбыта. Ити кэмҥэ Хабырыыс оҕонньор киирэн, куйуурун букатынныы биэрэрин туһунан этэн, Миитээ ийэтинээн оҕонньорго хайдах махтаныахтарын билбэтэхтэрэ. Ол киэһэ бары минньигэстик да утуйбуттара. Олоххо эрэл өссө күүһүрбүтэ.
Ити курдук, Миитээ уол куйуурдаан, күөгүлээн, туһахтаан дьонун аһаппыта. П.А. Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээниттэн Миитээ өй-санаа ылан, дьонун өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Итини учуутала Анастасия Ивановна истэн, долгуйа үөрбүтэ.
– Улуу киһи, убайбыт Былатыан Ойуунускай төһө да билигин биһиги аттыбытыгар суох буоллар, кини суруйан хаалларбыт айымньылара элбэҕи этэр кыахтаахтар. Холобура, бу алдьархайдаах ыар сэрии кэмигэр хайдах гынан тыыннаах хаалары этэн биэрдэҕэ дии. Айымньы бу курдук норуоту быыһаатаҕа, – диэн саҥа аллайбыта.
Аҕа быһаҕа
Миисэ бүгүн 17 сааһын туолар. Ийэтэ ас бөҕө астаата. Сотору чугас доҕотторо Кириисэ уонна Сиэнньискэ кэлиэхтээхтэр. Арай уол ийэтигэр көмөлөһө сылдьан иһиттэҕинэ, араадьыйа хардьыгыныыр, сыыгыныыр. Миисэ «тугу эрэ биллэрээри гыннылар быһыылаах» диэн араадьыйатын улаатыннарда. Арай ким да күүппэтэх, үөйбэтэх өттүттэн, Сэбиэскэй Сойууска ньиэмэстэр уоран саба түспүттэрин туһунан сөҥ куолас иһитиннэрдэ. Ийэтэ сибилигин күлэ-үөрэ турбут бэйэтэ хараҕын уутун кыатана сатаата да ытаан тоҕо барда.
Миисэ дьиэтигэр соҕотох эр киһи. Аҕата былырыын сайын илимнии сылдьан ууга түһэн өлбүтэ… Ол иһин дьиэ ис-тас үлэтин барытын кини оҥорор.
Ити алдьархайдаах сурах кэннэ тыынар тыыннаах барыта иһийбиккэ дылы, оннооҕор дьиэ, туох эрэ буолуоҕун сэрэйбиттии, тыас иһиллиир курдук чуумпу. Хас да хонон баран, суотчут Ыстапаан сэрэммиттии туттан киирдэ.
– Миисэ, бастакы ыҥырыыга барар буоллуҥ, – хайдах эрэ буруйдаах курдук туттан эттэ.
Ийэтэ уола сокуоннай сааһын туола илигин этэн көрдө да, Ыстапаан тугу да саҥарбата.
* * *
Байыаннай хамыыһыйаҕа тиийбитигэр, сүүрбэччэ киһи мустубут. Бииргэ үөрэммит уолаттара эмиэ бааллар, саҥата суох илии тутустулар. Киэһэ бары Миисэ дьиэтигэр мустан, уку-сакы аһаатылар, урукку курдук үөрбэттэр-көппөттөр, кэпсэтии да тахсыбата. Биир түгэҥҥэ оҕо саас бүтэн, бары улахан дьон буола түстэхтэрэ эбээт… Сарсыныгар улуус соҕотох массыынатынан куоракка айаннаабыттара.
Бастакы ыҥырыыга түбэспиттэр туох да анал үөрэҕи ааспакка, тута уоттаах сэрии хонуутугар киирбиттэрэ. Өлүү-сүтүү, тула кыа хаан, эчэйбит дьон ынчыктара, хаһыылара… «Сахалар бултаан олордоххут дии, оччотугар эн үчүгэйдик ытарыҥ буолуо», – диэн Миисэҕэ снайперскай бинтиэпкэни туттарбыттара.
Миисэ сэриигэ икки сыл сылдьыбыта, иккитэ бааһыран балыыһаҕа сыппыта. Хаарыан бэйэлээх куораттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр күл-көмөр буолалларыттан уол сүрэҕэ ыалдьара. Биирдэ өстөөҕү урусхаллаары түүн кимэн истэхтэринэ, уол атаҕар таптарбыта. Хаана баран, тыын быһаҕаһынан тыына сыттаҕына, кини дьолугар, санитар нуучча уола түбэһэ көрөн, кыргыһыы толоонуттан сүгэн-соһон таһаарбыта.
Госпитальтан тахсарыгар быыһаабыт санитарыгар махтанан, ийэтэ атаарарыгар биэрбит аҕатын саха быһаҕын бэлэхтээри гыммытыгар күлэн кэбиспитэ.
– Мин иэһим буоллаҕа. Бэйэҥ илдьэ сырыт, аҕаҥ быһаҕа эйигин мэлдьи араҥаччылаатын, өлүүттэн быыһаатын.
Кырдьык да оннук быһыылааҕа. Биирдэ чааһыттан уонча киһини чуҥнааһыҥҥа ыыппыттара. Ол иһигэр Миисэ баара. Кинилэр «Урал» массыынанан баран истэхтэринэ, ньиэмэстэр артиллериялара массыынаны тоҕо тэптэрбитэ. Уон киһи баарыттан иккитэ эрэ тыыннаах хаалбыта. Суоппар уонна кини… Госпитальга: «Толору дьоллоох уол эбиккин. Иккиһин төрөөтүҥ», – диэбиттэрэ. 1943 сыллаахха Миисэ сэрииттэн эргиллибитэ.
Дойдутугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан «хара сурук» кэлбит этэ.
Ийэтэ эрэйдээх уолун кууһан туран ытыырын быыһыгар:
– Оҕом толору дьоллоох эбиккин, уот сэрииттэн тыыннаах эргилинниҥ. Мин баар суох күндү киһибин сүтэрэн, хараҕым уутунан сууна олорбутум…
Миисэ саҥата суох ийэтигэр икки сылы быһа илдьэ сылдьыбыт аҕатын быһаҕын туттарбыта.
– Оо, аҕаҥ эрэйдээх быһаҕа… араҥаччылаатаҕа, – ийэтэ быһаҕы сүрэҕэр ыга туппута.
Дьулуур
Дьулус спордунан дьарыктаныан баҕарар эрээри сүрэҕинэн мөлтөх. Өр сүүрдэҕинэ, мэниктээтэҕинэ, түөһүн иһиттэн уһулу көтөн тахсыах курдук толугуруу мөхсөр, эппэҥнэс буолар. Төрөппүттэрэ спордунан дьарыктанарын көҥүллээбэттэр, соҕотох оҕо буолан, харах харатын курдук харыстыыллар.
Дьулус тустуук буолуон баҕарар, «Дьулурҕан» хаһыаты сөбүлээн ааҕар. Саха сирин ааттатар тустууктары барыларын билэр. Кинилэр тустарынан матырыйааллары хаһыаттартан, сурунааллартан кырыйан ылан, уопсай тэтэрээккэ сыһыаран, тиһэн иһэр. Оннук гынан хайыы-үйэ үс халыҥ тэтэрээттэннэ. Дьулус ордук Леонид Спиридонов курдук буолуон баҕарар, барыларыттан кинини ойуччу тутар. Леонид ааспыт сайын Олимпийскай оонньууга хотторбутугар санаата түспүтэ, тэлэбиисэри көрө олорон, бэл, хараҕын уута тахсыбыта.
Ахсыс кылааска тахсаат, дьонуттан кистээн тустуу секциятыгар суруйтарбыта. «Доруобуйата кыайара буоллар, бэртээхэй тустуук тахсыа эбит» дии саныыра тириэньэрэ. Биирдэ эрчиллэ сылдьан, кулгааҕын тоһутан кэбистэ. Ону дьоно билэн, «ыарыһах оҕону эрчийэҕин» диэн тириэньэригэр эрийэн айдаардылар.
Дьулус ити кэннэ эрчиллэн бүппүтэ, хайдах эрэ тириэньэрин иннигэр буруйдаах курдук сананара. Александр Никитич да кинини дьарыкка ыҥырбат буолбута. Ийэтин күһэйиитинэн араас эминэн-томунан уһуннук эмтэммитэ. Күннээҕи дьыалата: сытан эрэ кинигэ ааҕыы уонна көмпүүтэргэ оонньооһун.
Ол курдук Дьулус оскуолатын этэҥҥэ бүтэрээт, үрдүк үөрэх кыһатын биология салаатыгар туттарсан киирбитэ, куоракка аҕатын быраатыгар олорбута. Абаҕата эдэр эрдэҕинэ, тустуук бэрдэ эбит. Билигин Олимпийскай оскуолаҕа тириэньэрдиир. Оттон Дьулус чэпчэтиллибит бырагырааманан физкультураҕа сылдьара эрээри, ийэтэ кэпсэтэ охсон онно да сылдьара бобуллубута, преподавателэ сессия ахсын реферат суруйтаран сыана туруорара.
Биирдэ уол эр санаатын ылынан, абаҕатын кытта дьарыкка барсыбыта. Тиийэн көрбүтэ, эдэр тустууктар эрчиллэн тиритэ-хорута сылдьаллара. Кинини сэргии көрсүбүттэрэ.
– Хайа, саҥа тустуук кэллэ дуо? Бэрт, – дэһэн санныттан таптайан ылбыттара.
– Быраатым… мантан ыла эрчиллиэҕэ. Дьулус, дьиэлээх киһи курдук сананан кэбис, – абаҕатын сөҥ куолаһа саала биир түгэҕиттэн иһиллибитэ.
Уол тустуук уолаттардыын тэҥҥэ эрчиллэриттэн олус үөрэрэ, бириэмэ буллар эрэ, санаа көтөҕүүлээх саалаҕа эрчиллэ барара. Дьулус хаһааҥҥытааҕар да бэйэтин чөл эттээх-сииннээх курдук санаммыта. Эбиитин тымныы күҥҥэ иккитэ ууну куттар идэлэммитэ.
Биирдэ «Время спорта» биэриигэ олимпийскай оскуола үлэтин-хамнаһын көрө олорон, аҕата уола эрчиллэ сылдьарын түбэһэ көрөн олус кыыһырбыта, онуоха ийэтэ эмиэ аймана түспүтэ. Бэрт түргэнник хомунан, ыарыһах уолларын «быыһыы» диэн куоракка барарга быһаарыммыттара. Аҕа киһи быһыытынан, быраатыгар кыыһырбыт куолаһынан сөбүлээбэтин биллэрбитэ:
– Оҕо эрдэҕиттэн сүрэҕэ ыалдьарын билэр эрээригин оҕобун тоҕо харыстаабаккын? Охтон хааллаҕына эппиэттиэҥ дуо?
– Дьулус сүрэҕэ эһиги этэргит курдук оннук күүскэ ыалдьыбат. Спордунан дьарыктаннаҕына эрэ сүрэҕин үлэтэ тупсуо, эрчилиннэҕинэ эрэ доруобуйата бөҕөргүө. Эһиги оскуоланы бүтэриэр диэри харыстаабыта буолан, эмп иһэрдэ-иһэрдэ сытыарбыккыт. Хас күн ахсын кини ыалдьарын санаппыккыт. Онтон уолгут эбии сылбаахы буолбут, – диэн эппитигэр, төрөппүттэр саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ. Дьоно тугу кэпсэтэллэрин истэн турбут уол бэрт ылыннарыылаахтык маннык эппитэ:
– Мин тустуук буолуохпун баҕарабын, туһуннахпына «оҕолортон итэҕэс курдук санаммаппын», сүрэҕим ыалдьарын таһыччы умнан кэбиһэбин. Төттөрүтүн, урут хамсаммат буолан аҕылыыр эбиппин, билигин үчүгэйбин. Абаҕабар олорон, хата, доруобуйам бөҕөргөөтө. Эһиги олус бүөбэйдээҥҥит, кырдьык да, «ыарыһах» оҥоро сыспыккыт.
– Балыыһаҕа көрдөрдөххө мэлдьи сүрэҕэ мөлтөх, эмтэниэн наада диэччилэр, – ийэтэ иннин биэрбэттии саҥарбыта да, хатыҥыр, дьарамай көрүҥнээх уола биллэ кэтирээбитин, модьураабытын астына көрбүтэ.
– Онтон тоҕо эрэ биирдэ да балыыһаҕа сытыарбатахтара, эпэрээссийэҕэ бэлэмнээбэтэхтэрэ буолбат дуо? – уол абаҕатын саҥатын сүрэҕин ортотунан киллэрбитэ.
Дьоно хайыахтарай, тустуунан дьарыктанарын көҥүллээбиттэрэ. Уол, көҥүл ылбыт киһи быһыытынан, тустуук уолаттары кытта тэҥҥэ эрчиллэн, үһүс сылыгар ситиһиилэнэн барбыта.
* * *
Быйыл Россияҕа бастаан, сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэн, Англияҕа буолар Олимпийскай оонньууга кыттар чиэскэ тиксэн, атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрбүтэ.
Күн-дьыл ааһа охсон, Лондон устунан хаампыта эрэ баар. Күрэхтэһиигэ кытай бөҕөһүн кыайан, финалга кыһыл көмүс мэтээли былдьаһар чиэскэ тиксэр. Француз спортсменыгар хотторуох курдук буолар. Уол эмискэ сүрэҕэ кэйиэлээн ылбытыгар тэмтэрийэр, чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр хараҕар киниэхэ эрэнэр абаҕата, тириэньэрэ уонна төрөөбүт Сахатын сирэ көстөн ааһар. Кини туох баар күүһүн мунньан, биэс сэттэҕэ кыайар. Тириэньэрин үөрбүт харахтара субу чаҕылыҥнаһаллар… Тустуу саалатыттан тахсан иһэн, сүһүөҕэ уйбакка, эмискэ хабыс-хараҥаҕа «мэлис» гынар. Дьулуһу тустуу саалатыттан тута балыыһаҕа илдьэллэр. Англия Россия спортсменыгар «Кыайыыга дьулуурун иһин» диэн харчы көрөн, сүрэҕин саамай үрдүк категориялаах быраастарга көрдөрөн эмтэтэллэр.
Үс ыйынан уол балыыһаттан тахсыбыта. Олимпийскай чемпион буолбутун истэн олус дьоллонор. «Сыл харыстан, онтон тустуоххун сөп», – диэн үөрдэллэр.
Дьулус кэлин норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах тустуук буолар, университекка тириэньэринэн үлэлиир. Киһи олоххо дьулуурдаах буоллаҕына, тугу барытын кыайарын Дьулус холобуруттан көрүөхэ сөп.
Дьулуур диэн итинник күүстээх буолар!
Төрөөбүт тыл
Анна Ивановна быйыл оҕото үрдүк үөрэххэ киирэн, куоракка көстүлэр. Хата, орто оскуолаҕа учууталынан ыллылар. СР үөрэҕин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал кэлбититтэн оскуола дьаһалтата ордук үөрбүтэ. Чахчыта да, тыа оскуолатыгар сүүрбэттэн тахса сыл үлэлээбит буолан, баай уопуттаах, киэҥ билиилээх.
Бу билигин үөрэтэр тохсустара, онустара төрөөбүт тылларын билбэттэриттэн хомойор. Онуоха саха тылын уонна литературатын учуутала түптээн үлэлээбэтэҕинэн быһаарыллара буолуо. Кэнники кэмҥэ практикаларын барар устудьуоннар, идэлэрин сөбүлээбэт эдэр учууталлар солбуһа сылдьан үөрэтэн, оҕолор бэйэлэрин тылларын билбэт, аанньа ахтыбат буолбуттар.
* * *
Биирдэ бэһис кылаас учуутала ыалдьан хаалан, Анна Ивановнаны солбуйарыгар көрдөспүттэр. Уруок саҕаламмыт. Сахалыы таҥастаах, сүрдээх номоҕон көрүҥнээх учуутал бэһис кылааска киирбит.
– Нөрүөн-нөргүй! – диэбитигэр оҕолор биир киһи курдук:
– Здравствуйте! – диэн эҕэрдэлээбиттэригэр учууталлара соһуйбут да, тугу да утары саҥарбатах. Учуутал, П.А. Ойуунускай эппитинии, «айар тыл аҕата», өлбөт-сүппэт айымньылары хаалларбыт улуу суруйааччы, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай олоҕун, айар үлэтин туһунан ыйытан, үтэн-анньан көрбүт да, үгүс оҕо билбэт эбит. Сорохтор билэллэр эрээри өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи атын суруйааччылары кытта булкуйаллар.
– Мин эһигиттэн хомойдум. Сахалыы сатаан саҥарбат, төрөөбүт тылгытын аанньа ахтыбат, билбэт буоллаххытына, атын омук иннигэр хайдах сахабыт дэниэххитий? Төрөөбүт тыла суох – омук суох. Тыл сүттэ да, омук эмиэ сүтэр. Тыл ол курдук улахан суолталаах. Оттон эһиги саха тылын уонна литературатын үөрэппэт, аахпат дьон Кулаковскайы хантан билиэххитий? Өксөкүлээх Өлөксөй диэн кимий?
Кини – саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, кэрэхсэтэр тыллаах кэпсээнньит, бөлүһүөк-суруйааччы, ырыаһыт, тойуксут. Үс үйэ тухары умнуллубат айымньылары хаалларбыт, норуотун туһугар сүүрбүт-көппүт киһи. Саха суругунан литературата хас сыллаахха төрүттэммитин ким билэрий? – Анна Ивановна ыйытыытыгар харда эрэйэн, үөрэнээччилэри эргиччи көрүтэлиир. Оҕолор кыбыстан, бүк түһэн олордулар, ким да саҥарар санаата суох. Арай түгэх паартаттан сүрдээх сэмэй көрүҥнээх уол илиитин уунан маннык диир:
– 1900 сыллаахха төрүттэммитэ.
– Маладьыас, ол кини ханнык айымньытынан? – учуутал сэргэхсийэ түһэр.
– «Байанай алгыһа» хоһоонунан.
– Сөп, итини эн хантан истибиккиний? Өксөкүлээх Өлөксөй өссө ханнык айымньыларын билэҕин?
– 2000 сыллаахха Суоттуга саха литературата төрүттэммитэ 100 сылын көрсө улахан тэрээһин буолбута. Онно сылдьыбытым. «Кэччэгэй баай», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ» диэн айымньылардаах, – уол бэрт чобуотук эппиэттиир.
– Өссө Кулаковскай Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийбит, – симик куолаһынан биир үөрэнээччи эбэн биэрэр.
– Ону эн ханна аахпыккыный? – учуутал инники паартаҕа олорор кыра кыыстан ыйытар.
– Ийэм кэпсээбитэ. Саха тылын үөрэппит үһү.
– Чахчы, Кулаковскай саха норуотун фольклорун хомуйбута, – учуутал быһаарар. – Сөп, чэ, оҕолор, итэҕэс да буоллар, Алексей Кулаковскай кимин быһаарыстыбыт. Кэлэр уруокка бары ааҕан, билэн кэлээриҥ. Ыйытыаҕым. Билигин «Үрүйэ» диэн хоһоону ааҕыахпыт, үөрэтиэхпит, ырытыахпыт. Кинигэлэргитин таһаарыҥ. Ким ааҕыан баҕарарый? Ол кэннэ хоһоон тылын-өһүн, ис хоһоонун кэпсэтиэхпит.
Оҕолор умса көрдүлэр. «Илиитин ким да уумматаҕына, тылламматаҕына, учуутал кими эрэ ааттыыр?
Сыыһа-халты ааҕан аны кыбыстыыга киириэхпит» дии саныыллар. Төрөөбүт тылы, литератураны билбэт буолуу – кыбыстыылаах!..
Ыт – киһи доҕоро
1941 сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Хаабыһаптар дьиэ кэргэнтэн аҕалара Хабырыыс уонна икки уоллара сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кыыстара Маайыс соҕотох хаалбыта.
Кыыс ытын доҕор оҥостон, тулаайах курдук бэйэтин санаммата. Тиэргэннэриттэн ханна да барбакка, балаҕаннарыгар бэйэлэрэ эрэ суулаһан олорбуттара. Таайа аах кыһын олорсоллоро, онон дьон суоҕар Суолдьут соҕотох дурда-хахха буолбута, бэл, кыыска дьону чугаһаппата.
Биир сыл буолан баран, аҕата сураҕа суох сүппүтүн туһунан хара сурук кэлбитэ. Ол күн Маайыс икки хараҕа дьолтойо иһиэр диэри ытаабыта. Иккис сылыгар кыра убайа тааҥканан өстөөх кирбиитигэр киирэн иһэн, умайан өлбүтүн туһунан сурук туппута.
Сэрии сылларыгар сут-кураан күннэр буолбуттара. Маайыс уон биэһин быйыл саас туолуохтаах, ону ол диэбэккэ, холкуоска үүт астааччыга көмөлөһөөччүнэн үлэлии киирбитэ.
Биир сарсыарда аччыктаан, оронуттан кыайан турбакка сыттаҕына, ыта тыаттан куобах тутан аҕалбыта. Кыыс наһаа үөрбүтэ, оронуттан нэһиилэ туран, байааттаҥныы-байааттаҥныы куобаҕын астаабыта. Ол күн тот утуйбута. Ити күнтэн ыла Суолдьут кус, куобах тутан аҕалан, кыыһын аһатар буолбута. Сороҕор нэдиэлэни нэдиэлэнэн тугу да аҕалбата, оччоҕо буруйдаах курдук туттан, кылап-халап көрө-көрө сытаахтыыра. Күһүнүн отоннууллара, сайынын тэллэйдииллэрэ. Ытын доҕор оҥостон, кыыс тыаҕа куттаммакка сылдьара. Дьон-сэргэ да Суолдьуту хайгыыллара, өйүн сөҕөллөрө.
1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнэ үүммүтэ!
Биир сайыҥҥы нуурал киэһэ улахан убайа уонна аҕата тиийэн кэлбиттэрэ. Аҕата бааһыран госпитальга сыл курдук сыппытын билбэккэ хара сурук ыыппыттар эбит.
Иччитигэр бэриниилээх ыт туһунан дьон кэпсээнин, аҕалаах убайа долгуйа истибиттэрэ. Ыт киһиэхэ дьиҥнээх доҕор буоларын кинилэр чахчы итэҕэйбиттэрэ.
Дойду ахтылҕана
Саша Пекиннээҕи циркэ оскуолатыгар, элбэх оҕоттон талыллан, үөрэнэ киирбитэ. Күҥҥэ уон икки чаас устата дьарыктаналлар. Уолаттар устуойкаҕа туран, алта уонтан тахсата анньыналлар, оттон Саша сүүскэ тиэрдэр. Кини үөрэҕин ыарырҕаппат, кытаанах дьиссипилиинэҕэ үөрэнэн эрэр. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар. Холобура, бу дьарыктанар саалаларыгар көлөһүн эрэ буолбакка, харах уута күннэтэ тохтор: туох эрэ сатамматыттан, табыллыбатыттан, кыра эчэйииттэн.
Соторутааҕыта Пекиҥҥэ ыытыллыбыт Кытай оонньууларын күрэхтэһиилэригэр саха оҕолорун «наһаа күүстээх оонньооччулар, профессионаллар» диэн киллэрбэтэхтэрэ. Оҕолоро финал аһыллыытыгар тугу сатыылларын дьоҥҥо көрдөрбүттэрэ.
Саха сириттэн сылдьар устудьуоннар Пекин куоракка син элбэхтэр, циркэ оскуолатыгар үөрэнэр оҕолорго эдьиий-убай курдук сыһыаннаһаллар. Оҕолор бары бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, араас тэрээһиннэргэ бииргэ сылдьаллар. Кытайга тиһигин быспакка кэлэр «Кэскил» хаһыаты олус кэтэһэллэр, күүтэллэр. Ахтылҕаннаах дойдуларын, бииргэ үөрэммит оҕолорун туһунан ааҕаннар тэҥҥэ үөрэллэр-көтөллөр, Саха сиригэр сылдьар курдук сананан ылаллар.
Ол да буоллар, Саша төрөөбүт дойдутун, ордук ийэтин, бырааттарын олус ахтар. Утуйаары сытан дьонун-сэргэтин, төрөөбүт түөлбэтин санаатаҕына, хараҕын уута ыгыллан тахсар.
* * *
Ийэтэ үс кыра оҕотун кытта дэриэбинэҕэ олорор. Саша дойдутуттан тэйбитэ хайыы-үйэ сыл буолла. Ийэтигэр нэдиэлэ аайы сурук суруйар, биирдэ эмэ төлөпүөннүүр.
Биир күн дьиэлэригэр тохтоло суох төлөпүөн тырылаата. Ийэтэ уолум эрийэр диэн сэрэйэн, ыксалынан сүүрэн тиийбитэ. Ыраахтан эрийдэхтэринэ итинник тохтоло суох тыаһааччы. Туруупканы ылбытыгар, сэрэйбитин курдук, уола Саша эбит. Ийэтин кытта түргэн үлүгэрдик (харчы бараамаары) саҥаран барда.
– Ийээ, мин үөрэхпин быраҕаары гынабын. Эһигини, дойдубун наһаа ахтабын.
– Эн биһигини санаама. Икки сылынан үөрэххин бүтэрэн төннөн кэлиэҥ дии. Сахаҥ сирэ эрэнэн ыыппыта. Тулуй, биһиги үчүгэйдик олоробут, – ийэтэ эрэйдээх, оҕотун төһө да аһыннар, кытаанах санаатын киллэрэн, төлөпүөн туруупкатын уурда. Ийэ уолун кытта кэпсэтэн бүтээт, уйадыйан, хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ.
Уол, санаарҕаан, ол күн утуйбата. Хас да күн, саҥатыттан матан, хаҕа эрэ сырытта. Оҕолор уоскута сатаан:
– Эн ийэҕин санаа, ити кэпсэтии кэнниттэн төһө эрэ санаата түстэ. Куоракка киирэн, хайдах эмэ эйигин түргэнник төннөрөр туһунан толкуйдуур түбүгэр түстэҕэ…
Биир күн уол, эр санааны ылынан, ийэтигэр эрийдэ.
– Ийээ, мин икки сылы тулуйуом, эн санаарҕаама. Үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар, Сахам сиригэр, туһалаах киһи буолуом диэн эрэннэрэбин. Аны итинник саҥарыам, эйигин хомотуом суоҕа.
Ийэ эрэйдээх оҕотун куолаһа уйадыйан, быстан ылбытын биллэр да, бэйэтэ долгуйбутун биллэрбэккэ буола сатыыр.
– Оҕом маладьыас, кытаат, биһиги эйиэхэ эрэнэбит. Бырааттарыҥ, эн циркач буолан кэлэргин кэтэһэллэр.
Уола ытамньыйбытын сүрэҕэ сэрэйэн, төлөпүөнү бастакынан уурда. Оҕото кытаанах санааны ылыммытыттан үөрэ санаата. Ол аата өйүн тутан эрдэҕэ, ол аата киһи буолан хатарыллан эрдэҕэ…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?