Электронная библиотека » Андрей Геласимов » » онлайн чтение - страница 1

Текст книги "Утатыы"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:41


Автор книги: Андрей Геласимов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 1 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Андрей Геласимов
Утатыы

Утатыы

Арыгы барыта халадыынньыкка баппатаҕа. Бастаан туруору укпутум, онтон үрүт үрдүлэригэр сытыары сааһылаабытым. Бытыылкалар иһирдьэ дьэҥкир балык курдук дьапталлыбыттара. Кирийэннэр, лыҥкынаспат да буолбуттара. Ол эрээри уонча бытыылка син биир баппатаҕа.

Өссө урут ийэбэр бу халадыынньыгы бэйэҕэр ыл диэххэ баара. Миигин уонна ыалым уолчааны олус эрэйдиир. Хас түүн ахсын бу чиччик холбонон өрө тирилээтэҕин аайы, истиэнэ нөҥүө оҕо ытыыр. Уонна мин арыгым сырыы аайы барыта баппат. Баҕайы, кырата бэрт.

Ньаҕайдана сытыйбыт баара.

Ол иһин ыскаап үрдүгэр уурарга тиийдим. Уонна түннүккэ. Муостаҕа эмиэ. Биир тылынан эттэххэ, наар буоларын курдук. Биири суунар хоско, кирдээх таҥас угуллар иһитигэр уктум. Эҥин араас буолар түгэнигэр.

Арыгыбын барытын итинник оннун булларааппын кытта, ким эрэ ааҥҥа кэлэн тыаһатан тылыгыратта. Бастаан аһыахпын баҕарбатым, тоҕо диэтэххэ хойута бэрт, ол да буоллар син биир арыйдым. Ольгаттан ураты онно атын ким да суоҕа биллэр. Оннооҕор ийэм сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ киирэ сылдьа илик. Төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэтэбит.

– Эйигин эмиэ сүпсүгүрдэрбин баалаама, – диэтэ Ольга. – Никиитэм эмиэ айдаан бөҕө. Өссө төгүл абыраа. Кинини бэйэм хайдах да сатаан уоскуппатым.

– Туох диэтэххиний! – диибин мин.

Кууркабын кэттим уонна таҕыстым. Бэл ааммын аһаҕас хааллардым.

– Дьэ эрэ, манна ким утуйуон баҕарбатый?

Уолчаан дьигис гына түстэ уонна сибиэни көрбүттүү миигин одууласта. Бэл оонньуур кубиктарын мүччү тутта.

– Ким манна ийэтин тылын истибэтий?

Кини миигин көрөр уонна саҥарбат. Арай харахтара бүлүүһэ саҕа буоллулар.

– Чэ, хомун, – диибин мин. – Ийэҥ тылын истибэт буоллаххына, миигин кытта олоруоҥ. Биир эрэ оонньууру ылыаххын сөп.

Уолчаан саҥарбат итиэннэ айаҕын наһаа улаханнык атар.

– Ханныгы илдьэ барабытый? Массыынаны дуу эбэтэр бу киһини дуу? Бу туруусуктаах кимий? Супермен дуо? Чэ, супермеҥҥын илдьэ бар.

Кини Ольга диэки хайыһар уонна сибигинэйэр:

– Мин утуйуом. Ийээ, мин билигин бэйэм утуйа барыам.

Мин этэбин:

– Дьэ, маладьыас. Барытын начаас өйдөөтүҥ. Аны биирдэ эмэ итинник гыныаҥ даҕаны – мин кэлэн эйигин дьиҥнээхтии илдьэ барыаҕым.

Аан таһыгар Ольга миигин тохтотто:

– Чэй иһэҕин дуо? Мин сибилигин аҕай көөнньөрдүм.

Мин этэбин:

– Ааным аһаҕас хаалбыта. Туох барыта буолуон сөп…

Онуоха кини:

– Эн бырастыы гын, мин мэлдьи көрдөһөрбүттэн. Көннөрү кини… эйигиттэн эрэ куттанар… Оттон миигин төрүт истибэт буолла.

Мин сонньуйабын:

– Өйдөнөр. Мин кини оннугар эбитим буоллар өссө күүскэ куттаныам этэ. Сааһа хаһай?

– Биэһэ. Түөрт сыл уонна уон ый.

Мин этэбин:

– Мин өссө итиннээҕэр улаханнык куттаныам эбитэ буолуо.

Оттон кини өссө биирдэ көрдөһөр:

– Бырастыы гын… Бука диэн, кыыһырыма сөөп.

Чочумча саҥата суох турабыт, онтон этэбин:

– Барыта үчүгэй. Наадыйдаххына – өссө киирээр. Мин аны наар дьиэбэр олорор буолуом. Үлэлээн бүттүм. Харчыбын барытын ыллым.

Кини мин диэки көрөн баран этэр:

– Эмиэ үс ый арыгылыыгын дуо?

Мин этэбин:

– Хантан ылан инньэ диигин? Таах дьиэбэр олоробун – тэлэбиисэр көрөбүн.

Кини эмиэ мин диэки көрөр уонна мичээрдиир. Ол эрээри онто олус курустук көстөр.

– Сөп чэ, өссө төгүл миигин бырастыы гын. Бэйэҥ да киирээр – туох эрэ наада буоллаҕына. Кырдьык, чэй иһиэххин баҕарбаккын дуо?

Дьиэбэр сиэркилэ иннигэр тиийэн өр турабын. Миигиттэн туох тахсыбытый диэн көрөбүн.

Өскөтүн оччолорго Серега алҕаһаабатаҕа уонна миигин умайбыт БТР-га бүтэһигинэн хаалларбатаҕа буоллар. Ол эрээри кини миигин бүппүт дии санаабыт этэ. Онон бастаан атыттары хостообут. Ким өссө хамсыыры.

Онон, билигин оҕолору эрэ куттуубун. Ольга маннык ыаллаах буолан абыранар.

* * *

Тутуу техникумугар киирбитим кэннэ, биһигини барыбытын таһырдьа биир кэккэҕэ туруорбуттара уонна үөрэх сэбиэдиссэйэ эппитэ: «Эһиги аны – тутуу салаатын сирэйэ буолаҕыт. Аҕаларгыт аатын түһэн биэримэҥ». Ол эрээри – биһиги кими түһэн биэриэхпитий? Үөрэх сэбиэдиссэйэ тугу да билбэт этэ. Аҕаларбыт оннугар дьиэбитигэр ханнык эрэ Эдиктэр кэлэллэрэ-бараллара. Биллэн турар, соҕотох буолааччылар. Онно, төһө да ардах түһэн бардар уонна мастар сэбирдэхтэрэ суйданнар, үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ барыбытыгар, киниэхэ утары турааччыларга, туһаайан саҥарбыта. Ол иһин хомуур ахсааҥҥа эппитэ. Оттон биһиги кини иннигэр туран тымныыттан титирэстэспиппит – ким даҕаны линейка маннык уһун буолуо диэн сэрэппэтэҕэ. Ол иһин кууркаларбытын үөрэнэр кылааспытыгар хаалларбыппыт. Уонна, биллэн турар, ким даҕаны табах ылбатах этэ. Ол гынан баран, кини барыбытыгар бииргэ туһаайан эппитэ, баҕар, сөп да буолуо ээ. Ким билиэй – ол кэмҥэ хас биирдиибит куукунатыгар номнуо дьээдьэ Эдик олороро буолуо дии.

Ийэм этэрэ: «Сирэйгин адьас мырдыҥнатыма, Эдуард Михайлович биһиэхэ көмөлөһөр. Кини суоҕа буоллар, эн биһикки ханна баар буолуохпутун билэҕин дуо? Эн аҕаҕыттан син биир туох да туһа суох. Арахсыахпыт да иннинэ, арахсан да баран – кини биһиэхэ силлиир эрэ. Билэҕин, биһиги ханна тиийбит буолуохпут этэй?»

Оттон мин билбэт этим. Итиэннэ Эдуард Михайлович миэхэ Эдуард Михайлович буолбатах этэ. Кини миэхэ өссө дьээдьэ Эдик да буолбатаҕа. Кини миэхэ – ким да буолбатах этэ. Мин оннооҕор, ийэбэр тугу эрэ этээри гыннахпына, «кини» да диэбэт этим. Таах ыҥыранарым уонна баспын булкуйарым. Ол эрээри ийэм өйдүүрэ. Ол да буоллар сырыы аайы: «Сирэйгин мырдыҥнатарыҥ наадата суох», – диирэ.

Онтон мин, ийэбин уонна аҕабын кытта сайын күн уотугар сыралла барарбытын, аҕам өрүү күҥҥэ сыраллыбытын ордук биллэрэр муус маҥан тураҕас ыстаан кэтэрин, тоҕо диэтэххэ, кини этэ күҥҥэ наһаа үчүгэйдик уонна түргэнник хараарарын саныыбын. Оттон төбөтүгэр сүрдээх үчүгэй киэпкэлээх уонна араас өҥүнэн толбоннурар ачыкылаах буолааччы. Кини биһигини кытары чараас суорҕаҥҥа хаһан да бииргэ олорооччута суох. Эргийэ хаама сылдьааччы, эбэтэр аттыбытыгар турааччы, биитэр мээчиктээччи. Ханнык эрэ күн уотугар сыраллыбыт кыргыттары кытары күлээччи-салааччы. Оттон ийэм биһикки күнтэн хаххалыыр тэллэй анныгар бүгээччибит.

Ийэм этэрэ: «Костя, эйиэхэ мин тириим тиксибит. Маннык тириилээх киһи күҥҥэ сыраллара сатаммат. Сирэйиҥ наһаа элбэх эбирдээх. Кэл, мин эйигин мааһынан сотуом. Сирэйиҥ тириитэ бүтүннүү соролуоҕа».

* * *

Ольга аанын тута арыйбыта, арааһа, Никитатын утута да илик быһыылааҕа.

– Ол эрээри чэй иһэр эбиппин дии санаатыҥ дуо? Дьэ оччоҕо маладьыас. Киир, куукунаҕа аас. Мин билигин Никитканы сытыарыам.

Мин кинини көрүдүөргэ күүппүтүм, онтон кини оҕотун хоһуттан тахсыбытыгар, чэй иһиэхпин баҕарбаппын диэбитим.

Миэхэ көннөрү кини сиэркилэни ханна ыйатыан баҕарарын ыйан биэриэн наада этэ. Билигин хаһан сааллыар диэри туруоҕа. Тоҕо диэтэххэ, хойута бэрт, Никита номнуо утуйаары сыттаҕа дии. Онон, биллэн турар, истиэнэни лүҥсүйэр сатаммат. Онуоха эбии өссө – ыалларбыт бааллар. Ол эрээри бу этээскэ миигиттэн уонна Ольгаттан ураты биир оҕонньор эрэ олорор. Кини дьүлэй. Ол да буоллар оттон – Никита. Онон, сарсыарда ыйыыр ордук. Билигин сиэркилэни көннөрү ханна эрэ ууруохха наада.

Кини саҥата суох миигин көрбүтэ уонна муннук диэки ыйбыта. Таҥас ыйыыр сир аннын. Оттон атын истиэнэҕэ номнуо сиэркилэ ыйанан турара. Үкчү маннык төп-төгүрүк. Ол эрээри миэнинээҕэр арыый улахан этэ.

Мин сиэркилэни ууран баран, эппитим:

– Ити ийэбиттэн хаалбыта. Кинилэр көспүттэрэ ыраатта да, сорох-сорох малларын умнубуттара… Ити акаары холодильнигы эҥин. Арааһа, эн Никитаҥ утуйарыгар мэһэйдиир быһыылаах.

Кини эппитэ:

– Суох, мэһэйдээбэт.

Мин аан хоһу эргиччи көрбүтүм уонна өрөмүөннэнэр кэмэ кэлбит диэбитим. Онуоха кини мүчүк гыммыта уонна ону сиэбим уйуммат диэн хардарбыта.

– Эн төһөнү көрдүүгүнүй?

Мин этэбин:

– Мин аныгылыы өрөмүөнү оҥоробун. Баай дьоҥҥо. Саҥа бакыат түннүктэр, хосторго тиирэ тардыллар үрүт – араас ол-бу.

Кини син биир ыйытар:

– Дьэ ол да буоллар – төһөнүй?

Мин этэбин:

– Чэ оттон, аҕыс уон, сүүс тыһыынча. Сороҕор сүүс сүүрбэ да буолар.

Кини сөҕөр:

– Буолар да эбит!

Оттон мин этэбин:

– Харчылара баһаам. Бэйэ-бэйэлэригэр киһиргээн тарбахтарын баттаныахтарын наада.

Кини эмиэ мичээрдиир:

– Уустук олохтоох дьон диэтэҕиҥ.

Мин эмиэ мүчүк гынабын:

– Дьэ, кырдьык, судургута суох.

* * *

Мин ол курдук – ким кими албыннаабытын кыайан быһаарбатаҕым. Генка Пашканы дуу, эбэтэр төттөрү эбитэ дуу. Биллэн турар, кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин «албыннаата» дииллэр этэ. Миэхэ биир-биир джибинэн кэлэллэрэ уонна этэллэрэ: мин кинини хайдах да албынныыр кыаҕым суоҕа, эн ону билэҕин. Этиий – эн ону билэҕин буолбаат.

Оттон мин билэбин диирим, тоҕо диэтэххэ, мин кинилэргэ «суох» диир кыаҕым суоҕа. Бииригэр даҕаны, иккиһигэр даҕаны. Ол эрээри, кырдьыга хайдаҕын билбэт этим. Дьиҥэр – кырдьыгын билиэхпин да баҕарбат этим. Аата, наадалаах этэ? Эн кимниин эрэ биир БТР-га умайдаххына – сорох-сорох түгэннэри адьас атыннык көрөр буолаҕын. Кинилэр көннөрү олус табыллыбыттара. Серега кинилэри арыый эрдэ хостотолообута. Бастаан кинилэри, онтон дивизия ыстаабыттан тоҕо кэлбитэ өйдөммөт капитаны, кини кэнниттэн БТР-ы ыытар Михалиһы, онтон прапорщик Демидовы уонна саамай бүтэһик миигин.

Баҕар, кинилэр наһаа табылланнар, кэлин бэйэ-бэйэлэрин албыннаспыттара буолуо ээ. Билбэппин. Харчы – ынырыктаах мал. Мин кинилэр оннуларыгар буолуохпун төрүт баҕарбаппын. Саатар, бу сырыыга.

Арай арыый эрдэ эбитэ буоллар, син даҕаны. Серега умайбыт БТР-га киирэр кэмигэр.

Оттон харчы диэн харчы, харчы кинилэри араарбыта. Кыттыгас биисинэстэрин ыт тоҕо көппүтэ, оттон мин хаста да бэйэм иһэрбинээҕэр элбэх арыгыны ыларбар тиийбитим.

Тоҕо диэтэххэ, кинилэр арыгыны сылгы уулуурун курдук иһэллэрэ. Фрязиноларыттан кэлэллэрэ уонна мин бэйэбэр атыыласпыт арыгыбын иһэллэрэ. Ол эрээри иккиэн өрүү тус-туһунан кэлээччилэр. Бэл бэйэ-бэйэлэрин кытары көрсө түһүмээри, эрдэ төлөпүөннүүллэрэ. Оттон мин иккиэннэрин кытта иһэрим. Мин ким кими албыннаабытыгар төрүт кыһаллыбат этим. Кинилэр миигинниин бииргэ умайбыт көннөрү Пашка уонна Генка этилэр. Кинилэр иккиэн хаһан эрэ мин хоруорбут эт курдук буолбакка, сирэй курдук сирэйдээхпин билэр этилэр.

Аармыйаҕа ыҥырыллан бииргэ сыл аҥаара уонна бүтүн ыйы быһа Чечняҕа сылдьыбыппыт.

Оттон дьиэ өрөмүөннээһининэн дьарыктанарбар чуолаан Генка миэхэ өй укпута.

– Тугу сордоноҕун? – диэбитэ кини. – Эн, биирдэ баран эттэххэ, тутааччыгын дии. Тутууга сыһыаннааҕы барытын билэҕин. Миэхэ дьиэбин оҥорон биэр. Мин үчүгэйдик төлүөм. Онтон өссө оҥорторооччулар көстөн иһиэхтэрэ.

Дьиэ оҥорторооччулар көстүбүттэрэ. Өссө хас да куоракка. Бастаан, кырдьык, төлөпүөнүнэн соҕотоҕун үлэлиибин диэтэхпинэ, соһуйааччылар, онтон көрсөн баран тоҕо соҕотоҕун үлэлиигин диэччилэрэ суох. Тоҕо наһаа өр өрөмүөннүүрбүн өйдөөччүлэр. Ыксыыр дьон атыттары кэпсэтээччилэр.

Уонна оттон, дьүһүнүммүн-бодобун сөбүлээбэтэхтэр.

* * *

– Эһиги сирэйгитин көрүнүҥ эрэ, – диэн үөрэх сэбиэдиссэйэ биһиэхэ черчение уруогар хаһыытаабыта. – Эһиги көннөрү көрүҥ эрэ бэйэҕитин. Хараххытыгар ханнык да санаа кыыма суох. Мин иннибэр бараан үөрүн курдук олороҕут. Эһиги барааннар курдук дар акаарыларгыт. Аҥалаларгыт! Үүнэр көлүөнэбит!

Кини аттыбар туран мин уруһуйбунан далбаатанара. Төбөм үрдүгэр илиитигэр тутан турар кумааҕыта илибириирэ. Мин остуол сирэйин көрөн олорон төһө сил таммахтара түспүтүн аахпытым. Бастаан биир, онтон өссө. Олору таарыйымаары, сыҕарыс гыммытым, онно кини дьэ хам барбыта. Миигин көрбүтэ, өрө тыыммыта, лииһи бүк туппута уонна эппитэ:

– Дириэктэргэ бардыбыт. Малгын ыл.

Эмиэ барыбытын кэриччи көрбүтэ.

– Атыттар салгыы үлэлиигит. Уонна дьэ кылаастан тахсан көрөөрүҥ эрэ.

– Дьэ көр эрэ, Александр Степанович, үөрэнээччилэриҥ тугунан дьарыктаналларын, – диэбитэ кини, дириэктэр хоһугар киирбиппитигэр. —

Кэнэҕэски тутааччылар.

– Кинилэр биһиги уопсай үөрэнээччилэрбит, Аркадий Андреевич, – диэбитэ дириэктэр. – Уонна, баҕар, хаһан да тутааччы буолуохтара суоҕа.

Үөрэх сэбиэдиссэйэ кини остуолугар мин уруһуйбун бырахпыта уонна саҥата суох миигин тобулу көрбүтэ. Оттон мин дириэктэри көрөн турбутум. Тоҕо диэтэххэ, кинини бу иннинэ көрө илигим. Биһигиттэн кинини төрүт ким да көрө илигэ. Училищеҕа барыны бары үөрэх сэбиэдиссэйэ дьаһайара, оттон дириэктэр туһунан арааһы барытын кэпсииллэрэ.

– Тоҕо эн миигин ити үлүгэрдээх көрдүҥ? – кини сонньуйан ылбыта. – Эмиспин дуо? Эн Моргунову көрбүтүҥ дуо? Урут оннук киинэ баара, билэҕин дуо? Моргунов, Вицин уонна Никулин тустарынан.

Үөрэх сэбиэдиссэйэ дьигиһис гыммыта уонна эппитэ:

– Бырастыы гын, Александр Степанович, ол эрээри мин санаабар…

– Эйиэхэ махтал биллэрбиккэр, Аркадий Степанович, – дириэктэр кинини быһа түспүтэ. – Мин быһаарсыам. Кини миэхэ манна хаалан эрдин.

Үөрэх сэбиэдиссэйэ барбытын кэнниттэн, дириэктэр уруһуйбун остуолга уурбута уонна эмиэ мин диэки көрбүтэ.

– Чэ эрэ, ыл саҕалыахха. Онтон олоппосто ыл уонна чугас олор. Тоҕо эрэ эйигин төрүт үчүгэйдик көрбөппүн… Ситинник… Маладьыас… Дьэ билигин миэхэ ааккын эт.

– Константин.

– Константин? Олус үчүгэй аат. Эн оччоҕо биир кэм уларыйбат майгылаах киһи буолуохтааххын. Ол үчүгэй. Эн уларыйбат майгылааххын дуо, Константин? Эбэтэр аатыҥ эрэ оннук дуу?

– Билбэтим ээ, – диэбитим.

Миэхэ дьиибэ баҕайы этэ, биһиги маннык, кини үлэлиир хоһугар олорорбут уонна өссө киһи өйдөөбөт ыйытыыларын биэрэрэ. Тоҕо диэтэххэ, мин кини хаһан күргүйдээн барарын кэтэһэрим.

– Билбэккин дуо? Дьиҥэр, ол наада ээ. Бэйэҥ тускунан, Константин, төһө кыалларынан элбэҕи билэ сатыахтааххын. Эн бэйэҥ тускунан тугу билэҕин?

Мин кини диэки көрөрүм уонна туох диэн хардарыахпын билбэт этим.

– Сөп, – диэбитэ кини. – Итиннэ хардарарга билиҥҥитэ бэлэмэ суоххун. Кэлин, баҕар, өссө ыйытыаҕым. Толкуйдаа. Онуоха диэри эт эрэ: суумкаҥ туһунан тугу билэҕин?

Мин кини диэки көрбүтүм уонна төрүт тугу да өйдөөбөтөҕүм.

– Аҕал эрэ миэхэ.

Суумкабын остуол нөҥүө ууммутум. Ону ылан ыараҥнатан көрбүтэ уонна мүчүк гыммыта:

– Ыарахан эбит. Манна туохтааххыный?

Мин эппитим:

– Үөрэнэр кинигэлэрим. Өссө физкультураҕа кэтэр таҥаһым. Бүгүн баскетболлуохтаахпыт.

– Сөөп. Өссө туох баарый?

– Тэтэрээттэр.

– Өссө.

– Уруучука.

– Маладьыас.Уонна?

– Онтон атын туох да суох.

Бэйэм испэр санаабытым: табахпын итиннэ умнубатым ини?

Кини суумканы остуолга уурбута уонна эмиэ уруһуйбун ылбыта.

– Онтон атыттар суохтар дуо? Эн суумкаҕар?

– Уруһуйдар дуо?

Кини этэр:

– Ээ оттон, уруһуйдар. Эйигин ол иһин манна аҕалбыттара дии. Өссө баар дуо? Миэхэ көрдөр. Эбэтэр эн физкультураҕа кэтэр таҥаскын ырыҥалыахпын баҕараҕын дуу?

Кини тэтэрээттэрбин биэс хас мүнүүтэ кэриҥэ арыйталаан көрбүтэ. Онтон туран түннүккэ тиийбитэ, балачча турбахтаабыта, төннөн кэлэн эмиэ биэс мүнүүтэ курдук арыйталаан көрбүтэ.

– Тоҕо манна барыта сыгынньах дьахталларый? Наар ону эрэ санаан тахсаҕын дуо? Сааһыҥ хаһый?

– Уон алтам.

– Ээ, оччоҕо өйдөнөр, – диэбитэ кини. – Хомуй барытын, онно истиэнэ таһыгар олор уонна күүт. Мин өссө ону-маны ситэриэхтээхпин.

* * *

Бастаан тоҕо табыллыбата биллэр, үөрүйэҕэ

суоххуттан буолбатах, тоҕо диэтэххэ, наһаа өр күүтэргиттэн. Ол туһунан санаабытыҥ кэнниттэн, өссө үс сыл ааһар эбээт. Онно өссө эн эмискэ кинилиин иккиэйэҕин эрэ хаалаҕын, – утары көрөн олорон, оо дьэ, мин туох да үөрүйэҕим суох ээ дии саныыгын.

Оннук, эн, кырдьык, олус өр күүтэҕин. Ол иһин үчүгэйдик сатаммат. Онуоха эбии кини эмиэ оннук буолуо буоллаҕа дии. Эбэтэр кыргыттар адьас атыны саныыллара дуу?

Онон хайыаххыный, уруһуйдуургар эрэ тиийэҕин. Бастаан моонньун, онтон саннын. Оннук тахсан иһэр. Олороҕун, кинилэргэ кыйытта саныыгын уонна уруһуйдуугун. Онтон атын тэтэрээти ылаҕын. Онтон эмиэ.

Дьэ, онон мин ийэбэр – үөрэҕим кэнниттэн ханна тэлбэҥнии сылдьыбыппын кыайан быһаарбатаҕым. Киниэхэ уруһуйдарым туһунан уонна училище дириэктэрэ ол уруһуйдартан сылтаан миигин үлэлиир хоһугар үс чаас туппутун, онтон өссө ханна да ыыппакка дьиэтигэр илдьэ барбытын хайаан кэпсиэхпиний? Баран иһэн уулуссаҕа көрбүт хаамаайыларыгар барыларыгар харчы биэрбитэ, бүтэһигин дьиэтин таһыгар бүтүн бөлөҕүнэн турааччыларга түҥэппитэ. Чэ, наһаа да бөлөҕүнэн буолбатар, үс хас киһи чахчы баара. Онтон үһүс этээскэ киниэхэ тахсыбыппыт, кирилиэскэ ханнык эрэ эмээхсин олороро, онуоха дириэктэр – биллэн турар, биллэн турар, киир, мин эйигин күүппүтүм ыраатта, итиннэ куукунаҕа олус элбэх мунньулунна диэбитэ. Эмээхсин куукунаҕа бэрт өр иһити-хомуоһу тыаһаппыта. Тахсарыгар көхсүгэр улахан баҕайы үрүсээхтээх этэ, дириэктэр – ыарахан буолбатах дуо, соҕотоҕун хайдах илдьэҕин, тиэрдиэҥ дуо диэбитэ. Онуоха эмээхсин тиэрдиэм диэн хардарбыта. Онтон кини миэхэ биир ханнык эрэ кинигэни көрдөрбүтэ уонна ыйыппыта: уруһуйдаргын мантан устубутуҥ дуо? Мин суох диэбитим. Тоҕо диэтэххэ, мин хантан да үтүгүннэрбэтэҕим. Көннөрү өйбүттэн уруһуйдаабытым. Мин туохтан эрэ санаам алдьаннаҕына уруһуйдааччыбын. Онуоха кини ыйыппыта: кырдьык, мантан буолбатах дуо? Онно мин эмиэ суох диэтэҕим дии. Дьэ, онно кини ол кинигэни миэхэ биэрбитэ уонна дьиэҕэр көрөөр диэбитэ. Уонна сарсын уон биир саҕана кэлэрбэр эппитэ. Онуоха мин сарсын хонтуруоллуур үлэлээхпин, үөрэх сэбиэдиссэйэ өлөрүө диэбитим. Дириэктэр эппитэ – өлөрүө суоҕа. Дьиэлээ уонна кинигэни көр диэбитэ.

Ол да буоллар мин дьиэбэр син биир хойут кэлбитим, ийэм ол да иһин мөхпүтүнэн барбыта. Онтон мин кинини көрө-көрө хайдах да быһаарар кыаҕым суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, суумкабар били кинигэ баара. Ол кинигэни хайаан ийэбэр көрдөрүөхпүнүй! Онно баар уруһуйдары кини, биллэн турар, сөбүлээбэтэ чахчы.

Оттон Эдуард Михайлович сөбүлээбитэ. Эбэтэр сөбүлээбэтэҕэ дуу. Ону мин билбэппин. Ол эрээри киниэхэ интэриэһинэй этэ. Кини хоско киирээт, кинигэни остуолтан сулбу тардан ылан арыйталаабытынан барбыта. Сирэйэ хайдах эрэ буолан хаалбыта… Дьикти баҕайы. Онтон бэйэтэ этэр: эн тоҕо ийэҕин эрэйдиигин? Уруһуйданар аҕай, наһаа кыһаллар саҥа аҕа үһү. Кинигэни арыйталыыр уонна этэр: эн кэлэргин кэтэһэн өйүттэн тахса сыста дии. Милииссэйэҕэ эрийээри гыммыта. Бу туох кинигэтэй? Мин этэбин: оттон эн көрө тураҕын дии. Таһын көр. Онно барыта суруллубут. Кини этэр: Гойя, Капричос. Кини тугуй, худуоһунньук дуо? Мин этэбин: ону мин билбэппин. Миэхэ ити кинигэни дириэктэр биэрбитэ. Онуоха кини этэр: дьэ, сирэй-харах бөҕө дии. Эн, аны ийэҕин эрэйдээн бүт.

Мин кинини көрөбүн уонна саныыбын: хата бэйэҥ дьүһүҥҥүн көрөрүҥ буоллар. Эн суоҕуҥ буоллар, мин ити дьахталлары, баҕар, адьас атыннык уруһуйдуом этэ. Итинник мөкүтүк буолбатах.

Тоҕо диэтэххэ, кинилэр, кырдьык, миэхэ наһаа мөкү быһыыланан-таһааланан тахсаллар этэ. Ол эрээри мин уруһуйдуурбун сөбүлүүрүм. Олороҕун, уруһуйдуугун – оччоҕо хайдах эрэ чэпчиигин.

* * *

Оттон Эдуард Михайлович ол кэмҥэ миигин адьас сөп оҥорбута. Мин оннооҕор киниттэн сылтаан аармыйаттан куотумматаҕым. Дьиҥэр, куотунуохтаах этим. Ол эрээри кини оччолорго миигин чахчы сордообута.

Мин хоспор киирэн олорооччу уонна кэпсэтээччи. Биир рота курсаннара эрдэхтэринэ мин аҕам хайдах курдук акаарытын өрүү кэпсээн тахсааччы. Уонна ийэм акаарытыгар киниэхэ кэргэн тахсыбытын ырытааччы. Тоҕо диэтэххэ, оҕо үөскээбитин да кэннэ аҕам киниттэн куота сылдьыбыт, өссө түннүгүн анныгар атын кыргыттары кытары уураспыт-сылласпыт үһү. Мин төрөөбүтүм да кэнниттэн, кини куруутун ханна эрэ сүтэн хаалыталыыр эбит. Биирдэ ийэм кинилэр роталарыгар тиийэн, миигин тугунан да аһатарым суох диэбит. Мин оччолорго икки саастаах үһүбүн. Оттон аҕам ханна сылдьара биллибэт. Онуоха кинилэр ону-маны булан миигин, аччык оҕону, аһаппыттар. Онтон аҕабын хараҥаҕа имитэ түһэн биэрбиттэр. Чопчута оннук гыныахтарын баҕарбыттар, ол эрээри ол кэмҥэ аҕам номнуо рота хамандыыра эбит, кини эппит – чэ, кытаатыҥ. Онон тохтоон хаалбыттар. Чэ, биир тылынан – кини наһаа куһаҕан үһү.

Оттон Эдуард Михайлович үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, кини ийэбин иэдээҥҥэ бырахпатах. Соҕотох хаалбытын кэннэ өйөөбүт уонна көмөлөһөргө мэлдьи бэлэм. Бэл, кини номнуо маннык туох да туһата суох уоллааҕын да иһин.

Ону таһынан Эдуард Михайлович наһаа өйдөөх. Тоҕо диэтэххэ, кини ким хайа иннинэ бу уларыта тутуу туохха тириэрдэрин, Горбачев диэн кимин, бас билиигэ ылыы диэн тугун өйдөөбүт. Ол иһин аармыйаттан эрдэ барбыт. Онно хаалбыттар бары акаарылар. Оттон Америка президенэ – хоҥ мэйии.

Эдуард Михайловиһы истэр чахчы дуоһуйуу этэ. Ол гынан баран мин саҥата суох олорооччубун. Дьиҥэр, уруокпар бэлэмнэниэхтээх этим даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, ийэм миигиттэн көмөлөһөрбөр көрдөспүтэ. Дьэ ол иһин мин көмөлөһөрүм. Саҥата суох кини остуолбар хасыһарын көрөн олорорум. Онно кини тугу көрдүүрүн билбэппин. Кинилэри аармыйаҕа, баҕар, оннук үөрэппиттэрэ буолуо.

Өссө кини хаһыаттарга сурук суруйара. Ханнык хаһыаты атыылаһар да, барытыгар суруйара. Телевидениеҕэ эмиэ. Оттон биһиги кинини истиэхтээх этибит. Биирдэ тыаҕа тэллэйдии барыахтаах этибит, оттон кини телевизорынан тугу эрэ көрбүт этэ уонна тута суруйан барбыта. Биһиги тула хаама сылдьыбыппыт уонна хомуммуппут. Тоҕо диэтэххэ, эбиэккэ диэри биир эрэ автобус сылдьара. Онтон аныгыскы автобуһу үс буолуо уон биэскэ диэри күүтүөххэ наада этэ. Онтон кини айдааран барбыта, онно ийэм эппитэ: чэ, Костя, истиэххэ. Онон биһиги кууркалаах, саппыкылаах кини иннигэр олорбуппут.

Оттон кини этэрэ: суох, эн өйдүүгүн, Светлана, онно хайдахтаах курдук акаарылар олороллорун? Эн өйдүүгүн?

Халадыынньык, Ольгаҕа сиэркилэни илпитим кэннэ, сэттэ хонон баран кураанахтаммыта. Эбэтэр аҕыс эбитэ дуу. Итини быһаарар уустук.

Мин туох баар күүспүн мунньан, сиргэ уонна түннүккэ турары барытын онно укпутум. Арыгы сылааһын сөбүлээбэппин.

Итиччэ элбэх арыгыны мин аан бастаан дириэктэрим Александр Степановичка көрбүтүм. Кини хаһан даҕаны биирдии бытыылканан атыыласпат этэ. Дьону кытта дуогабардаһара, оччоҕо дьааһыгынан аҕалаллара. Төттөрү-таары сүүрбэт туһуттан.

– Мин утатан, суоһаан эрэйдэнэбин, – диирэ кини. – Хаһан даҕаны хамматтыы утатабын, Константин. Мин этим-хааным убаҕаһы эрэйэр. Эбэтэр атын тугу эрэ. Өйдүүгүн, мин улааппыт сирбэр, уу төрүт суох. Үрэх даҕаны, күөл даҕаны. Оннооҕор чалбах да баарын өйдөөбөппүн. Ардах хаһан даҕаны түспэт этэ. Ол иһин билиҥҥэ диэри иһиэхпин эрэ баҕарабын. Куруук суоһуу сылдьабын. Аҕал миэхэ, ол ыстакааны.

Кини мин иннибэр кураанах бытыылкалары, иһити, ханнык эрэ атах таҥаһын уурара, мин ону уруһуйдуурум. Оттон кини арыгытын иһэрэ.

Мин киниэхэ сылдьарбын сөбүлүүр этим. Училищеҕа миигин умнубуттара, кэлин тиһэҕэр үөрэх сэбиэдиссэйэ мин көтүтүүлэрбин бэлиэтээбэт да буолбута. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум хаста да миэхэ кэлэ сылдьыбыттара – дьыала хайдаҕый дииллэрэ. Онно мин мэлдьи барыта үчүгэй, дириэктэри кытта дипломнай үлэм буолуохтаах бырайыагы оҥоробут диирим.

Мин кини арыгыны адьас атыннык, дьонтон барытыттан уратытык иһэрин сөбүлүүрүм. Аҕам куруутун аҥаар илиитигэр үрүүмкэлээх, атыныгар уулаах ыстакааннаах өр турааччы. Бэлэмнэнээччи, тыынын ылааччы. Онтон уоһун чорбоччу туттан, хараҕын быһыччы көрөн, арыгыны бытааннык сыпсырыйан эрэрдии иһээччи. Эдуард Михайлович буоллаҕына, хоонньугар баҕаны укпуттарыныы, дьигиһийээччи.

Оттон диэриэктэр хаһан даҕаны үрүүмкэттэн испэт этэ. Кини арыгыны халыҥ таастаах ыстакааҥҥа кутан баран, онтон уу курдук иһээччи. Хайдах эрэ утаҕын ханнараары гыммыт курдук иһэрэ. Бэлэһэ куурбут киһилии.

Кини бииртэн биир ыстакааны иһэрэ, ол кэмҥэ хаһан даҕаны уһуутаабата, уруһуйдарбын көрөрө уонна төрүт итирбэт этэ. Мин иннибэр кириэһилэтигэр көннөрү олороро уонна хаһан даҕаны оннукпун-манныкпын дии санаммаппар сүбэлиирэ.

Мин оннук санаммат да этим. Миэхэ бу барыта көннөрү куотунуу буолара. Дьиэҕиттэн бараҕын, ону бары үөрэнэ сылдьар дии саныыллар. Эбэтэр инньэ дии санаабаттара дуу. Ону мин билбэппин. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго ийэм мин хайдах да буолуум, кыһаллыбат этэ. Кини Эдуард Михайловиһы тула көтө сылдьан хаптаҥныыра. Оттон мин аҕабар манныкка уган биэрбитин иһин кыыһырарым. Ама, ити Эдиги антах ротатыгар үчүгэй аҕайдык кэһэтэн биэрэр, ийэбэр иҥээҥнээбэт оҥорор кыахтара суоҕа эбитэ дуу. Онно биир эмэ кэм үчүгэй курсант баара эбитэ буолуо дии.

Биир тылынан эттэххэ, мин бэйэм уруһуйдарым туһунан туох да ураты санаам суоҕа. Туохтаах буолуохтарай? Уруһуй Африкаҕа да уруһуй буоллаҕа дии. Син биир үксүн уолаттары кытары дьиэбит таһыгар мустарбыт.

Кыргыттардыын эрийсэрбит, гитараҕа оонньуурбут, сороҕор кыһыл арыгы иһэрбит. Онтон байыаннай комиссариаты көтүрэллэрин көрө барарбыт.

Көтүллүбүт дьиэ оннугар тураҕын уонна саныыгын: манна мин хамыыһыйаҕа көрдөрөөрү сыгынньаҕын олорбутум, эмэһэҥ кушеткаҕа сыстан хаалара күлүүлээх баҕайы этэ. Быһата – аны ол дьаабы хаһан да буолбат. Кутуҥ-сүрүҥ онтон олус дуоһуйар. Хайдах эрэ Кощей Бессмертнайы кэһэппит курдук. Кэлин онтубут туох да туһата суох буолбута. Кэккэлэһэ кыбаарталга саҥа байыаннай комиссариат тутуллубута. Бу сырыыга мас буолбатах. Остуоруйаҕа курдук – Кощейы тыынын иһиллиигин, онтуҥ өссө тыыллан-хабыллан кэлэр. Тиһэҕэр тиийэ чаанын таһаарбаккын.

Генка сэриигэ сылдьан инньэ диир этэ. Мин ити тылга киниттэн үөрэммитим.

– Билигин кинилэр чааннарын таһаарыахпыт, уолаттар. Тоҕо соҥуордугут? Очукуоҕут оонньоото дуо?

БТР-га киирэр уонна күлэр. Кааскатын аптамаат маҕаһыынынан тоҥсунар.

– Ыстааҥҥытын илитимэҥ. Барыта үчүгэй буолуо. Бээ, мин манна олоруум. Чэ, чэ, очукуоҕун сыҕарыт.

Уонна мин миэстэбэр олорбута. Оттон миэхэ син биир этэ. Онно ким да билбэт этэ ээ, граната чопчу мин сыҕарыйбыт сирбэр дьөлө тэбиэҕин.

* * *

Онтон Александр Степанович эмискэ кыыһырар буолан барбыта.

– Эн болҕомтоҥ суох, – диэбитэ кини. – Эн сатаан уруһуйдууруҥ өссө туох да суолтата суох. Худуоһунньук көрө үөрэниэхтээх. Түннүгүнэн көр. Эт, онно тугу көрөҕүн?

– Мин худуоһунньук буолбатахпын, – диибин.

Онуоха кини остуолтан уруһуйдуу олорбут бачыыҥкабын ылан миигин быраҕар.

– Оттон мин – түннүккэ бар диибин!

Мин түннүккэ тиийбитим. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх сэбиэдиссэйин уруогар олоруохпун баҕарбаппын.

Бачыыҥкаттан аһаран биэрэр киһиттэн тулатыгар силэ бырдаҥалыырын билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буолардааҕар быдан ордуга. Тииһин оҥорторуо да эбит. Эбэтэр ытынан кэбиһиэ этэ буоллаҕа дуу.

– Тугу көрөҕүн?

– Туох да суох. Тииттэри, чыычаахтары көрөбүн. Хачыалга ханнык эрэ оҕолор бааллар.

– Кинилэр тугу гыналларый?

– Хачыаллыыллар, тугу гыныахтарай?

– Хайдахтарый?

Мин сирийэн көрө сатыыбын.

– Көннөрү оҕо оҕо курдуктар. Кыралар.

– Эн бэйэҥ – көннөрү кыра оҕоҕун. Куукунаҕа бар. Миэхэ өссө биири аҕал.

Мин халадыынньыкка барабын, онтон кини ол кэмҥэ ыстакаанын тобоҕолуур.

– Дьэ маладьыас. Манна уур. Айыым таҥарам, тоҕо мин маннык суоммунуй? Биэр эрэ итини. Тиийбэппин дии, көрбөккүн дуо? Миигинниин сэргэстэһэ олор эрэ. Аны уруһуйдуур наадата суох.

Мин олоробун. Кини тииһинэн бытыылканы аһар, ыстакааҥҥа кутар, арыгытын көрөр уонна мичээрдиир, оргууй сыыйан иһэр уонна өрө тыынан баран кириэһилэтигэр тиэрэ түһэр.

– Дьэ диэ, иһиэхпин наһаа да баҕарабын! Тамаҕым дэлби хатар. Оҕолор туһунан туох диэтиҥ этэй?

– Мин эппитим дии – көннөрү кыра оҕолор.

Кини сонньуйбута уонна сэнээбиттии миигин көрбүтэ.

– Көннөрү кыра оҕолор суохтар, Константин. «Көннөрү кыра оҕолору» акаарылар толкуйдаабыттара. Өйдүүгүн дуо, эн?

– Суох, – диибин мин.

– Хаһан эрэ өйдүөҕүҥ. Билигин көннөрү иһит.

Хас күн аайы эн ити оҕолор аттыларынан ааһаҕын уонна кинилэр хайдахтарын туһунан санаан да көрбөккүн. Чэ эн, холобур, кинилэр тугу эрэ этиэхтэрин баҕардахтарына бэйэлэригэр болҕомтону хайдах тардалларын этиэҥ дуо? Эппэккин? Кинилэр тугу эрэ этиэхтээх оҕолорун төбөтүн илиилэринэн бэйэлэрин диэки эргитэ туталлар. Кыракый илиилэринэн сэҥийэлэриттэн ылан, бэйэлэрин диэки хайыһыннараллар.

Кини бэйэтин суон илиилэрин көрөр, өрө тыынар уонна салгыҥҥа кинилэр хайдах атын киһи сирэйин бэйэлэрин диэки хайыһыннаралларын көрдөрөр.

– Эбэтэр бэйэ-бэйэлэрин илиилэригэр, атахтарыгар өҥнөөх фломастерынан уруһуйдаһаллар. Мантан кинилэр тугу уруһуйдууллара көстүбэт, ол эрээри ону кинилэр сөбүлүүллэрэ биллэр. Тоҕо диэтэххэ, онтон кычыкыланаллар уонна туох уруһуйдаммытын бэйэ бэйэлэригэр көрдөрөллөр. Эн хаһан эрэ хараҥа хоско ситэ сабыллыбатах аанынан сырдык тыргыллан киирэрин көрбүтүҥ дуо? Сардаҥа бастаан сип-синньигэс буолар, онтон сыыйа кэтирээн барар. Киһи син биир оннук. Бастаан соҕотох, онтон иккиэлэр, онтон икки оҕолонор, онтон түөрт сиэннэнэр. Өйдүүгүн? Киһи сардаҥа курдук сыыйа кэҥээн барар. Оннук муҥура суох бара турар. Эн өйдүүгүн?

Кини мин хаһан кэҕис гыныахпар диэри көрөн олорор.

– Маладьыас! Аны билигин эт, эн кыра сылдьан тугу гынар этигиний?

– Мин ону өйдөөбөппүн ээ.

– Оттон эн өйдүү сатаа.

– Бары тугу гыналлар да, ону.

– Оонньообутуҥ, күүлэйдээбитиҥ, уруунньукка олорбутуҥ?

– Ээ оннук.

– Ол кыра. Худуоһунньук элбэҕи билиэхтээх.

– Мин худуоһунньук буолбатахпын.

– Аҕал ол бачыыҥканы. Мин турарым ыарахана бэрт.

– Туох эрэ буолла да, тута – бачыыҥканы аҕал буоллаҕай.

– Оттон эн мунньараҥнаама! Мин эйигинниин кэпсэтэбин. Дабаай толкуйдаа, толкуйдаа.

– Оттон мин номнуо умнубуппун… Оҕо саадыгар кыргыттар ииктииллэрин көрөр аҕай этим.

– Дьэ ити быдан ордук. Уонна тугу?

– Ийэбин күүтэр этим. Кини наар миигин саамай хойут ылааччы.

– Үчүгэй.

– Соҕотоҕун олорооччубун. Оттон иитээччи этээччи, мин ийэбинээн кинини адьас сөп оҥорбут үһүбүт.

– Кини хайдах этэй?

– Улахан… Үчүгэйдик өйдөөбөппүн… Кини халыҥ килиэккэ дьууппалаах этэ. Мин биирдэ түгэх хоско киирбитим, онно кини түүҥҥү ырбаахынан эрэ турара. Ийэбэр эмиэ оннук ырбаахылааҕа. Кини төҥкөс гынан баран, миигин сирэйгэ охсубута. Оттон мин таах киирбитим. Мээчик онно төкүнүйэн хаалбыта. Миигинниин оонньуур ким да суоҕа.

– Эн кинини абааһы көрөр этиҥ дуо?

– Билбэтим. Арааһа. Ийэм кини кэргэнин Афганистаҥҥа өлөрбүттэр диэбитэ. Эписиэр үһү.

* * *

Саҥа дьону аҕаллахтарына, Генка наар – ким хантан сылдьарын ыйытар этэ. Москваттан төрүттээхтэр бииргэ тутуһа сылдьыахпытын наада диирэ. Аппаалалар, баҕар, биирдиилээн өллүннэр. Оттон бэйэтэ Фрязиноттан сылдьара. Пашка эмиэ онтон ыҥырыллыбыта. Генка сүрдээҕин табылынныбыт диирэ. Бииргэ ыҥырыллыбыттар, үөрэҕи бииргэ ааспыттар уонна манна биир чааска түбэспиттэр. Куруутун оннук буолбат. Оттон мин Подольскайтан сылдьарым. Ол иһин Серега кэлээтин кытта, Генка киниэхэ эппитэ – куттаныма. Манна биһиги номнуо үһүө буоллубут. Кимиэхэ да атаҕастатыахпыт суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Серега дьэ, дьиҥнээхтии Москваттан төрүттээх этэ. Үйэтин тухары Кулун тутар 8 күнүн үһүс уулуссатыгар олорбут. Метроҕа диэри автобуһунан уон мүнүүтэ. Биллэн турар, «Динамо» ыалдьааччыта.

– Ээ, эн ментэриҥ диэн! – диэччи Генка. – Син биир адьас сатаан оонньооботтор. Кырдьык, адьас сатаан оонньооботтор дии, Пашка?

Пашка саҥарбат. Тоҕо диэтэххэ, кини төрүт аҕыйахтык саҥарар. Ханна баҕарар наар Генканы кытта сылдьааччы, ол эрээри бэйэтэ хаһан да кэпсэппэт. Саннын хамсатааччы уонна аптамаатын көннөрөөччү.

– Онон оннук, буойун, – диэбитэ Генка Серегаҕа. – Биһигиттэн чугас сырыт. Оттон атын буоллаҕына кэннигин быһа тардыахтара – кэлин кэмсинэ сылдьыаҥ.

Ол эрээри төрдүөн бииргэ өр сэриилэспэтэхпит. Ол сарсыарда БТР-га олорорбутугар Генка Сереганы хаадьылаабыта:


Страницы книги >> 1 2 3 4 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации