Текст книги "Утатыы"
Автор книги: Андрей Геласимов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
– Сыылын! Көрөҕүн дуо, мин атаҕым тостубут?! Сыылын! Мин киниэхэ тиийэр кыаҕым суох! Пашка! Истэҕин дуо миигин? Пашка! Ол онно түннүккэ снайпер. Саай кинини, Серега БТР-га сүүрдэҕинэ. Онтон мин ол олору биэртэлиэм. Аҕал миэхэ өссө ботуруонна. Били дөйүөрбэ капитан ханна баарый?! Чэ, Серега! Бэлэмнэнниҥ? Биир, икки, үс! Бардыбыат!
Хас да аптамаат өрүһүспүттүү ытыалыыр. Онтон бүтэҥи тыас.
– Бу баар, ыттар! – Генка хаһыытыыр. – Саай кинини өссө, Пашка, гранатанан!
Серега миэхэ БТР-га, илиитинэн төлөнтөн хаххалана-хаххалана, ойон киирэр. Буулдьа ардах курдук. Эркиҥҥэ түһэн батыгыраһаллар.
– Костя! Костя! – кини хаһыытыыр. – Эн тыыннааххын дуо? Истэҕин дуо миигин?
Мин айахпын атабын. Серега куттанан ханньайбыт сирэйдээх. Ытыһынан мин умайа сылдьар таҥаспын сабыта тутар. Мин харахпын сабыахпын баҕарабын, ол эрээри халтаһаларым номнуо суохтар. Умайан хаалбыттар.
– Билигин биһиги эйигин таһаарыахпыт! Капитан номнуо биһиэннэрин ыҥыра сүүрбүтэ. Оттон прапорщик Демидовы өлөрдүлэр. Айыым таҥарам, хайдах манныгый? Эн бүтүннүү умайбыккын дии! Онтон мин эйигин өлбүт диэбитим! Костя, миигин бырастыы гын! Костя! Мин эйигин өлбүт диэбитим!
– Серега, – Генка саҥата. – Эн итиннэ ханна бааргыный, блин?! Түргэнник кинини итинтэн таһаар! Барыахха наада. Манна биһиги уһуннук туруулаһар кыахпыт суох! Миэнэ сотору ботуруонум бүтүө!
Эмиэ аптамааттар ытыалыыллар. Онтон бүтэҥитик гранотомет тыаһыыр.
– Пашка! Бэлэмҥин? Биир, икки, үс! Чэ, Серега! Барда!
Серега миэхэ төҥкөйөр, онтон мин ыарыыбыттан уһуктан кэлэбин.
Ити курдук мин өйдөөн кэлбитим. Түһээн.
Ол иһин аны утуйуохпун куттанарым. Сиэстэрэ укуоллаах кэлэрэ ынырык дьулаан буолбута.
«Эн туох буоллуҥ? Тоҕо куттанаҕын? Билигин укуоллуом – оччоҕо тута утуйуоҥ. Сор бөҕөнү көрсөөхтөөтүҥ. Туох да буолуо суоҕа, аны икки мүнүүтэ – уонна ыалдьыа суоҕа. Тулуй, билигин барыта ааһыа».
* * *
«Хайа, хайдаҕый? Иһиҥ ыалдьар дуо? – диэбитэ быраас, миэхэ төҥкөйө-төҥкөйө. – Туох да куттала суох. Муҥурдаах диэн – таах. Билигин эйигин утутуохпут, онтон уһугуннаххына – барыта үчүгэй буолуо. Көрөҕүн, ол көрүдүөр уһугар уоту? Онно бар. Ол эпэрээссийэлиир сир».
Кини аҕабынаан миигин сыгынньахтаабыт хосторугар хаалбыттара, оттон мин хараҥа көрүдүөргэ тахсыбытым. Муоста тымныы этэ.
«Эн итиннэ атах сыгынньах турума! – диэн хаһыытаабыта луохтуур. – Остуолга таҕыс уонна сыт. Мин билигин тиийиэм».
Мин уп-уһун, сиргэ тиийэ сыһар ырбаахылаахпын эрэ. Уҥа өттүнэн хайаҕастаах. Төгүрүк, дьаабылыка саҕа, ол эрээри биллэр улахан эбит. Ким эрэ арбуһунан ырбаахыны дьөлөн кэбиспитин курдук. Наһаа улаханынан буолбатах. Ол хайаҕаһынан испин имэринэбин уонна салгыы барабын. Тула хараҥа, арай иннибэр аһаҕас аан сырдыыр. Онно ким да суох. Мин барабын – биир хардыы, иккис хардыы. Түргэнник хаамар ыарахан. Ыалдьар, ырбаахы хайаҕастаах сиринэн. Уонна атахтарым тоҥоллор. Хараҥа.
Оттон хоско ким да суох. Сырдык эрээри, син биир тымныы. Тоҕо диэтэххэ күһүн, ийэм куруутун этээччи, дьиэни-уоту көрөөччүлэртэн итиини биэрэллэрин өтөрүнэн күүппэппит буолуо – кинилэри суукка да биэр, дар акаарылар баара, кинилэр арыгыны иһэри эрэ уонна төлөпүөнүнэн маатыралыыры эрэ сатыыллар. Үчүгэйдик таҥын, Костя, сылаастык. Оннук гымматаххына тымныйыаҥ, үөрэххин көтүтэргэ тиийиэҥ. Сибиитэрэҥ ханнаный?
Ханнаный? Ханнаный? Дьыбаан анныгар – ханна буолуой. Биирдэ кэппиппэр – таһырдьа уолаттар «подсолнух» диэн күлүү гыммыттара. Араҕас чыычаахтар, тэтэркэй сибэккилэр.
Билигин баара буоллар – үчүгэй буолуо эбит. Бу хайаҕастаах ырбаахы үрдүнэн кэтэн кэбиһэн баран ханна эрэ түүрүллэн сытыам этэ. Тоҕо диэтэххэ, ыалдьара бэрт. Уонна өҕүйүөх курдукпун. Ол эрээри түүрүллэн сытар сир ханна да суох. Хос ортотугар туох эрэ таҥас өтүүктүүр хаптаһын турар. Ийэбэр үкчү маннык баар, ол эрээри курдара суох. Уонна киниэхэ маннык лаампалар суохтар. Улахыын баҕайы – суунар таастааҕар да улахан. Онтон иһигэр өссө түөрт лаампа умайар. Дьиҥнээх прожектор. Өтүүктүүрбүтүгэр биһиэхэ маннык наадата суох. Мин ийэм өтүүктүүрүгэр куруутун көмөлөһөбүн.
«Эн тоҕо муостаҕа олороҕун? – көрүдүөртэн луохтуур саҥата иһиллэр. – Чэ эрэ, тура тарт! Мин эппитим дии, остуолга таҕыс диэн. Эн тоҕо муостаҕа олороҕуҥ? Сэбиргэхтэтээри сананныҥ?».
«Синньигэс баҕайы дии. Охтон хаалыам».
«Таҕыс! Саҥаран бүт. Көмөлөһүҥ киниэхэ. Кини итинник буоллаҕына хаһан да туруо суох».
Мин төбөбүн эргитэбин уонна – миэхэ дьахтар түүппүлэтин кэппит атах иһэрин көрөбүн. Оттон быраас кэннибэр ханна эрэ саҥарар. Эр киһи саҥата: «Көр эрэ, манна биһиэхэ сытан эрэ забастовкалаары гыммыт. Муостаттан туруоруҥ кинини».
Дьахтар илиитэ эмиэ тымныы баҕайы, ол эрээри миэхэ аны барыта син биир.
«Чэ эрэ, кыратык өндөй».
«Ыалдьар ээ».
«Билэбин. Билигин мааскаҕа тыыныаҥ да – барыта ааһыа».
«Ханнык мааскаҕа?».
«Оттон тур ээ – мин эйиэхэ көрдөрүөм».
Остуол наһаа синньигэс. Дьахтар миигин сирэйин хараҥа аҥаарынан көрөр уонна илиибин курунан баайар.
«Дьэ тугуй, билигин ытыыгын дуу? – кини куолаһа бэбээски нөҥүө атыннык иһиллэр. – Эн саллаат буолуоҥ дии. Оттон саллааттар ытаабаттар. Эн сэриилээх киинэни көрөргүн сөбүлүүгүн дуо?.. Туох диигин? Улаханнык саҥар. Тугу сибигинэйэҕин?».
Мин хатылыыбын: «Сөбүлүүбүн».
«Дьэ ити баар. Оттон саллааттарга, билэҕин, ардыгар хайдах курдук ыарыылааҕын? Уонна кинилэр ытаабаттар. Кинилэр тулуйуохтаахтар. Эн тулуйуоҥ дуо, арай сэриигэ бардаххына?».
Мин төбөбүн кэҕиҥнэтэбин, ол да буоллар хараҕым уутун кыайан соттубаппын. Кини икки илиибин баайан кэбиспитэ.
«Маладьыас. Билигин мин бу манан тугунан эрэ сотуом – арыый тымныы соҕус буолуо, ол эрээри эн тулуй. Сөп?».
Мин эмиэ төбөбүн кэҕиҥнэтэбин, оттон кини туох эрэ инчэҕэйинэн ырбаахым хайаҕаһа баар сиринэн сотор.
Миэхэ көстүбэт – онно тугунан соппута. Арай туох эрэ сыстаҥныыры эрэ билэбин. Уонна өссө эбии тымныы буолбута.
«Чэ наркозтааҥ», – диир быраас. Кини сирэйэ эмиэ бэбээскилээх.
«Куттаныма, уолчаан, – диир дьахтар. – Мааска үчүгэйдик хам сыстар дуо? Төбөҕүн эргичиҥнэтимэ».
Ол эрээри мин эргичиҥнэппэтэҕим. Мин үчүгэйдик хам сыстар диэн төбөбүн кэҕиҥнэтээри гыммытым.
«Билигин мин гааһы холбуом, онтон эн сүүстэн бииргэ диэри аах. Төттөрү өттүгэр. Өйдүүгүн миигин?.. Төбөҕүн эргичиҥнэтимэ».
Онтон мин ааҕан барбытым. Ол эрээри буккуллубутум, тоҕо диэтэххэ харахпын арыйа сатаабытым. Кинилэр миигин утуйда диэбэттэрин туһугар. Уонна испин хайытан барбатыннар диэммин.
«Эн ааҕаҕын дуо?.. Төбөҕүн эргичиҥнэтэн бүт эрэ! Тугу эрэ үчүгэйи санаа».
Оттон мин эмискэ били кинини, уһун баттахтааҕы, көрө түспүтүм. Кини аҕам боруотатыгар сүүрэрин уонна гол киллэрэрин. Онтон харахтарым сабыллан хаалбыттара. Мин кинилэргэ тугу эрэ этиэхпин баҕарбытым, ол эрээри хойутаабытым. Арааһа, саҥаттан ааҕарым ордук буолуо диэри гыммытым быһыылааҕа.
* * *
– Оттон Пашка ханнаный? – диэбитим мин, Генка джибин инники олбоҕор олоро-олоро. – Эмиэ охсустугут дуо?
– Бүгүн Сереганы кинитэ суох көрдүөхпүт, – Генка хардарбыта. – Кини дьиэтигэр туох эрэ кыһалҕалаах.
– Оттон бэҕэһээ тоҕо кэлбэтэххитий?
– Бэҕэһээ биһиэхэ иккиэммитигэр кыһалҕалаах этибит.
– Оттон мин эһигини күүппүтүм.
– Туох буолуой, – Генка мүчүк гыммыта. – Эйиэхэ саҥа дьиэ кэргэн көһүннэҕэ дии. Бириэмэни атаарарга туох эрэ көһүннэ ини.
– Көстөн. Бырааппын оскуолаҕа «Көрдөөх стартарга» илдьэ сылдьыбытым.
– Оттон ийэтэ тугуй? Эйиэхэ уолун сэлээннээбитэ дуо?
– Ээ, суох. Киниэхэ ханнык эрэ американскай суруналыыстар кэлбиттэр этэ. Олору кытары көрсүбүтэ.
– Американскай даа? – кини эмиэ күлэн ылбыта. – Оттон аҕаҥ тугу көрө сылдьарый? Илдьэ барыахтара. Кини оннук, куһаҕана суох.
– Ээ ол барыта үлэтинэн буоллаҕа.
– Кинилэр үлэлэрин билэбин. Бэйэлэрин эрэдээксийэлэригэр таптаһан эрэ тахсаллар. Мин бэйэм кинилиин үөрүүнэн эрийсиэм этэ. Икки өттүттэн сөбүлэһэн уонна туох да хос санаата суох таптал туһугар. Аҕаҥ номнуо кырдьаҕас дии. Киниэхэ, арааһа, чуҥкук буолуо ээ. Эн туох дии саныыгын, кини чечен сэриитин бэтэрээнин таптыа дуо? Эбэтэр бэйэҥ номнуо сымыыккын имитэҕин дуу? Ээ, Константин?
Мин саҥарбатаҕым уонна кууркабын устан барбытым. Массыына оһоҕо ип-итиинэн үрэрэ.
– Өһүргэнниҥ дуо, Костя? Эн туох буоллуҥ? Кини эйиэхэ тугуҥ да буолбатах ээ. Аҕаҕын эн эмиэ, биирдэ баран эттэххэ, көрүөххүн баҕарбат этиҥ дии. Мин суоҕум буоллар, кинилэргэ төрүт хаалыаҥ да суоҕа этэ.
– Өһүргэммэппин, – диэбитим мин.
– Онно, кэнники олбоххо бырах. Тоҕо илиигэр имитэ олороҕун?
Мин кууркабын уураары тэниппитим, онуоха сиэппиттэн кумааҕы түһэн кэлбитэ.
– Оппаа! – кини ону тута хаба тардан ылбыта, аҥаар илиитинэн джибин ыытан иһэн. – Бу эн туоххунуй? Бэйэҥ уруһуйдаатыҥ дуо? Туох ааттаах үчүгэйдик уруһуйдуугунуй! Таһыччы! Оттон тоҕо хаһан да эппэт этигиний?
– Мин бэҕэһээ эрэ уруһуйдаан көрбүтүм.
– Ээ, наһаа дии, доо! – Аҥаар хараҕынан суолун көрө иһэн, уруһуйу одууласпыта. – Тута маннык уруһуйдуу үөрэнниҥ дуо?
– Аармыйаҕа барыам иннинэ кыратык уруһуйдуур этим. Биир киһи күһэйбитэ.
– Өйдөөх киһи эбит. Киниэхэ махтан. Дьэ уонна кыргыттар миигин интэриэһиргэппэттэр диэ. Көрүүй, хайдах курдук кыыһы уруһуйдаабыккын! Өссө уһун баттахтаах! Билэҕин дуо, мин уһун баттахтаах кыргыттары хайдах курдук сөбүлүүрбүн? Кимий бу?
– Аҕам билсиилээҕэ.
– Иһит, аҕаҥ дьэ маладьыас! Көрдөххө, утуруксут утуруксутунан, ол эрээри кинини тула кыргыттар бары – саамай талыылар. Оҕонньоргор эдэрдэр адьас сыстаҥныы сылдьаллар. Киниттэн сүбэлэтиэххэ наада.
– Билигин кини биэс уончата буолуо.
– Дуо? – кини суолун төрүт көрбөт буолбута, кыыс сирэйин эрэ сирийэн көрө олорбута. – Оттон тоҕо эдэр баҕайы көрүҥнээҕий? Дьээбэлиигин дуу? Истиий, бүгүн эн хайдаххын эрэ.
– Суолгун көр, онто суох туохха эрэ сааллыахпыт.
– Ээ мин көрөбүн дии. Онтон бу кыыс туһунан миэхэ кэпсиэххин баҕарбаккын дуу.
– Тугу кэпсиэхпиний, мин оччолорго кыра этим.
* * *
Оттон билигин мин улахаммын. Генка эмиэ. Улааппыппыт уонна вокзаллары кэрийэбит – Сереганы көрдүүбүт. Кини буоллаҕына ханна да суох. Хаамаайы дьон, милииссийэлэр – ким даҕаны, тугу даҕаны билбэт. Оттон Генка милииссийэлэри адьас абааһы көрөр. Мин кэпсэтэбин, кини атын сир диэки көрөн турар. Эбэтэр этэр – баран табах атыылаһыам. Түмүгэр массыынаҕа олороҕун, анныгар мэлдьи туох эрэ хачыгырыыр. Джиби биир гына ыһылла сылдьар. «Парламент» эбэтэр «Давидофф». Тоҕо диэтэххэ, Генка куруутун ыарахан сыаналааҕы эрэ ылар. Акаары баҕа санаата туолбута. Американскай джип. Сиргэ табах ыһылла сытар. «Мальборо» да буолбатах. Оттон оскуолаҕа эрдэҕинэ, баҕар, табах тобоҕун тардара эбитэ буолуо. «Иһит эрэ, атаһым, табахтыахха. Миэхэ ордоруоҥ дуо?». Култуура киинин таһыгар кэпсэтии. Фрязино ыччаттара ханна мусталларын сөбүлүүллэрэ буолла?
– Эн оҕо сылдьан кыра уолаттары сахсыйар этиҥ дуо?
Кини миигин көрөр уонна өйдөөбөт.
– Кыра уолаттартан бытархай харчыларын былдьыыр этиҥ дуо диэн ыйытабын дии?
– Ээ! Эн ол туһунан дуо? – кини өйдүү сатыыр, мичээрдиир. – Ээ оттон, биллэн турар. Эн хайдах дии саныыгын?
Мин хайдах да саныахпын баҕарбатаҕым. Кини музыкальнай оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ өйдөнөрө.
– Кырбыыргыт?
– Кими?
– Олору, сахсыйар уолаттаргытын?
– Араас буолааччы. Уопсайынан, мин охсуһарбын сөбүлүүр этим. Тураҕын, кинилиин өссө кэпсэтэҕин, оттон төбөҕөр номнуо маннык… билэҕин… көрүлүүгүн. Дьэ уонна искэр тыҥаан хаалар… Тоҥон хаалбыт курдук.
* * *
Милииссийэ тирии кууркалаах этэ. Хара, кылабачыгас, ньап-ньалҕааркай. Киниэхэ куйах курдук олороро уонна тоҕоноҕунан да токуруйбат курдук этэ. Орто үйэтээҕи куйахтаах харабыл. Маннык халыҥ тириилээх туох тириитин сүлбүттэрэ буолла? Фуражкатын тэллэҕэрэ Гагарин космос куйаарыгар көппүтүгэр анаммыт пааматынньык курдуга. Кыра баҕайы, ол да буоллар кыратыгар төрүт кыһаммат, күлэн мытырыйбыт сирэй. Кылаабынайа, кини үрдүгэр хахаарда баара. Икки синньигэс лычка. Ол эрээри, киниэхэ: «Киэр бар, на фиг, козел!» дииргинээҕэр быдан кэтит. Биллэ кэтит. Хаҥас хараҕын аннынан тэп-тэтэркэй кып-кыра мэҥнээх. Үөн эбитэ дуу, туох эбитэ дуу.
Дьэ ол үөнү Генка охсон ньиргиппитэ.
Куруутун дьиибэргиир этим: хайдах дьон онно үлэлии бараллар буолла? Төрөппүттэрэ Москваҕа лимиит быһыытынан көһөн кэллэхтэрэ. АЗЛК-ҕа эбэтэр ханнык эрэ араадьыйа оҥорор собуокка. Сүүрбэ сыллааҕыта. Аймахтарыгар суруйаллар: аны биһиги Москва олохтоохторобут! Итини суруйаргар – бэйэҥ астынаҕын аҕай. Суруккун онтон саҕалыыгын. Ол эрээри уолбун көрө, ыалдьыттыы кэлээр диэн ыҥырбаккын. Тоҕо диэтэххэ, уопсай дьиэ. Ханна эрэ утутуохха наада. Биир эрэ хонукка буолбатах. Эппэт буоллаҕыҥ дии: кэлиҥ манна биһиэхэ, ынырыктаах метро баар! Эскалаторга хатааһылыахпыт, онтон киэһэ эһигини төттөрү барар поезка олордуохпут. Дойдугар туох диэхтэрэй? «Кинилэр хантан Москва олохтоохторо буолуохтарай? Уопсай дьиэ, блин, Химка таһыгар. Лимиит!» Бэйэлэрэ онно олорон көрүөхтэрин. Онтон ийэлэрэ суруйар: сиэннэри көрө кэлиҥ. Убайыҥ номнуо үһүс оҕото. Биһиги күһүн сибиинньэ өлөрбүппүт. Саатар кыратык сыа ылыаххыт этэ. Оттон Витька кэм да иһэр. Эһиэхэ Москваҕа сибиинньэ этин булар уустук ини? Кэмбиэр таһыгар аадырыһа суруллубут – Звизжи дэриэбинэ. Онтон сурук бүтүүтүгэр өрүү буоларын курдук суруллубут: «Досьвидания». Холбуу уонна сымнатар бэлиэлээх. Дьэ, итиннэ туох диэн хоруйдуоххунуй? Аҥаардас кэһии да ыларгар хамнаһыҥ тук буолуо суоҕа. Ол иһин, тиһэҕэр, ити сүүрбэ сыл ааһар. Дьэ онтон АЗЛК дьиэ биэрэр. Икки хостооҕу. Ол эрээри ийэҥ өлбүтэ. Абаҕаҥ Витя буор иһээччи буолбута. Онон, уолуҥ туһунан саныаххын наада. Убайыҥ баар да, кинилиин сыһыан дьону кытта курдук буолбатах. Аҕыс сыллааҕыта кэлэ сылдьыбыта. Иһэн баран, охсуспуккут. Эппитэ: уолуҥ эмиэ эн курдук. Ол аата хайдаҕый? Киһи киһи курдук. Кэмэ кэлбитэ – милииссийэҕэ үлэлии барбыта. Дьэ итинник олох.
Онно дьэ биһиги Генкалыын тиийэбит, уонна Генка кинини сирэйгэ сырбатар.
– Акаарылар эбиккит, – диэбитэ Марина. – Милииссийэни кытары охсуһар.
– Зеленканан сотума, – диэбитэ Генка. – Аһытыаҕа.
– Эһиги Чечняҕа сэриилэспиккит дии. Онтон билигин зеленкаттан куттанаҕын. Тохтоо, төбөҕүн эргичиҥнэтимэ. Билигин манан сотуом.
– Зеленканан сотума. Мин этэбин ээ – ону сөбүлээбэппин.
– Ону ким сөбүлүүрүй? Билэҕин дуо, мин оҕолорум онтон хайдах курдук сарылаһалларын. Эһигини тугуй, милииссийэни кытары охсуһарга күһэйбиттэрэ дуо?
Оттон биһиги кинилэри кытары охсуспатахпыт даҕаны. Көннөрү ол кыра мент эн курдук сирэйдээх киһи вокзаллары кэрийбэккэ, дьиэтигэр олоруохтаах диэбитэ. Айанньыттары куттаабат туһугар. Итиэннэ Серега хаартыскатын биһигиттэн былдьаан ылбыта. Онуоха эбии Генка паспорын ылбатах этэ. Ол милииссийэ, дьиҥэр, мин сирэйим туһунан дьээбэлэнэн эппитэ.
Ол гынан баран Генка ону өйдөөбөтөҕө.
Ол оннугар биһиги капитаны буллубут.
* * *
– Ол өссө ханнык капитаны? – диэбитэ Марина, остуолтан эми-тому хомуйа сылдьан.
– Биһиэнин. БТР-га бииргэ айаннаабыт. Граната үлтү тэппитин кэннэ, кини блокпоска сүүрбүтэ. Уолаттары ыҥыра. Атахтара бүтүн этэ. Кини суоҕа буоллар, БТР таһыгар биһигини снайпердар охторуохтар этэ. Бары онно хаалыахпыт этэ.
Марина эмискэ куукуна ортотугар чаанньыгын илиитигэр туппутунан таалан хаалбыта уонна Генканы көрбүтэ. Онтон миигин көрбүтэ. Онтон эмиэ Генканы.
– Тугуй? – диэбитэ кини. – Аны зеленканан төрүт сотторуом суоҕа.
– Хайдах оннугуй? – диэбитэ Марина. – Эһиги адьас кыракый уолчааннаргыт дии.
– Онно кырыыһаттан эмиэ кыргыттар ытыалаабаттар ээ. Ол эрээри ардыгар кыргыттар да баар буолааччылар… Биһиги биирдэ кварталы ыраастаабыппыт, оттон онно биир оскуола кырыыһатыгар…
Мин остуол аннынан Генканы атахпынан күүскэ тэппитим. Кини саҥата суох барбыта уонна миигин супту көрбүтэ.
– Дьэ тугуй? – диэбитэ Марина, чэй кута-кута. – Ол оскуолаҕа туох буолбутай?
– Туох да буолбатаҕа, – диэбитэ кини. – Манан өссө зеленканан сотуоххутун сөп дуо? Мин санаабар, биһиги биир дьуккуруйууну көтүппүппүт. Онтон мин эйиэхэ ол кэмҥэ капитан туһунан кэпсиэм.
Аҕам киирэригэр Марина аҥаар илиитинэн Генка төбөтүн түөһүгэр сыһыары кууһан турара, аҥаарынан төбөтүн үрдүнэн сапсыйара уонна өссө сүүһүн үрбэхтиирэ.
– Дорооболоруҥ, – диэбитэ аҕам. – Хайа, бу манна туох дьиибэтэ буола турарый?
– Эҕэрдэ, – диэбитим мин. – Марина биһигини эмтиир.
– Эмтиир? – кини дьүһүнэ өссө уларыйбыта. – Оттон оҕолор ханналарый?
Марина Генка төбөтүн ыыппыта.
– Билигин мин кинилэри аҕалыам.
– Дорообо, – диэбитэ Генка, сүүһүн сотто-сотто.
– Манна туох буолла?
Кини «дипломатын» муостаҕа уурбута.
– Бастаан сыгынньахтаныаҥ буолаарай? – диэбитэ Марина.
Кини куолаһа эмиэ тута уларыйбыта.
– Константин, быһаараргын күүтэбин. Константин, истэҕин дуо? Костя! – диэбитэ аҕам.
Мин кинини истэрим. Син биир урукку курдук үчүгэйдик, хаһан эрэ массыынаҕа курдук. Күнүүһүт акаары, диэбитэ кини онно ийэбэр. Күнүүһүт акаары. Эн күнүүһүтүҥ кимиэхэ нааданый? Олороҕун, «күөх чулку» дииллэрин курдук, тулаҕар атыттар үөрэллэр-көтөллөр. Онно ийэм кинини таах көрөн эрэ кэбиспитэ уонна саҥарбатаҕа. Аҕам туох диэбитин үчүгэйдик истибитэ эрээри. Арай сыҥааҕа эрэ эйэҥэлээбитэ.
– Эн миигин истэҕин дуо, Костя?
– Мин эйигин истэбин. Миэхэ уонна мээнэ хаһыытаама.
– Туох? Туох диэтиҥ эн?
– Мин эйиэхэ эттим, хам буол диэтим.
Марина эмискэ миэхэ эргиллибитэ уонна илиибиттэн хабан ылбыта.
– Костя, тохтоо!
– Суох, суох, Марина, халбарый киниттэн! Эн дьэ миэхэ туох диэтиҥ, уолум?
– Мин эйиэхэ уолуҥ буолбатахпын. Эн уолгун Грознайга өлөрбүттэрэ, биһиги БТР-быт умайбытыгар. Мин – атын киһибин. Ол уолчаан, эйигиттэн куттанааччы, онно БТР-га хаалбыта.
– Тохтооҥ, эһиги иккиэн! – Марина эмиэ да киниэхэ, эмиэ да миэхэ ойоро. – Николай! Көннөрү уолаттар милииссийэни кытары охсуспуттар. Кинилэртэн, били, көрдүүр уолларын хаартыскатын былдьаабыттар. Ким диэн ааттаах этэй? Мин өйдөөбөппүн! Онтон кинилэри били капитан быыһаабыт. Өйдүүгүн? Костя кэпсээбитэ, Грознайга кинилэри кытары бииргэ айаннаабытын, ол түгэн буоларыгар. Кини вокзалга милииссийэҕэ үлэлиир эбит. Онно уолаттары көрбүт, ол эрээри милииссийэлэр номнуо кинилэри кырбаабыттар. Өссө кини били уолу буларга көмөлөһүөх буолбут. Мин кини аатын өйдөөбөппүн!
– Сергей, – диэбитэ Генка. – Уол аата Сергей. Ол эрээри кини былыр үйэҕэ уол буолбатах.
– Да? – диэбитэ аҕам. – Тоҕо миэхэ тута кэпсээбэтэххитий?
– Эн истэ сатаабатаҕыҥ. – диэбитим мин. – Бардыбыт, Генка.
– Эн тугуй, биһиэхэ хаалбаккын дуо? – диэбитэ Марина.
– Суох, – диэбитим мин.
* * *
Генка миигин Подольскайга илдьиэн баҕарбатаҕа. Миэхэ хонуоҥ диэбитэ. Ийэ кынна аймахтарыгар Рязаҥҥа барбыт үһү.
– Төрүт да онно баран хаалара буоллар ордук буолуо этэ.
– Ыарахан дуо?
Кини хардарбатаҕа, ол эрээри сирэйиттэн сэрэйбитим, оннуга чахчы. Мин кини кэргэнин өйбөр оҥорон көрбүтүм: нүксүгүр буолуохтаах, эбии мырчыстаҕастары ойуулаабытым, убаҕас баттахтаах, дьиэтээҕи халаат кэтэрпитим уонна туох тахсыбытын одууласпытым. Онтон аттыгар Генканы ойуулаан көрбүтүм. Кини отут сылынан хайдах буолуохтааҕын. Онтон Пашканы, онтон Маринаны, онтон бэйэбин. Биһиги кыра этибит уонна бары лиис уҥа муннугар баппыппыт. Атын өттө ыраас хаалбыта. Сэрэйбитим, онно туох эрэ баара, ол эрээри ону тыытарга илиим барбатаҕа.
Бэйэм сирэйбин уруһуйдуур туохтааҕар да чэпчэки этэ. Кини кырдьыбатаҕа. Көннөрү өссө хараарбыта.
– Эн туох санаатыгар ыллардыҥ? – диэбитэ Генка.
– Таах. Көннөрү саныыбын – биһигини туох күүтэрин.
– Онно туохха санааргыыгын? Билигин тиийиэхпит – арыгы иһиэхпит.
Арыгы иһэргэ мин сөбүлэспитим. Барыта итинник буолбутун кэнниттэн, арыгыта суох ыарахан буолара биллэр.
Арыгы иһимиэххэ сөп, ол эрээри хайдах эрэ.
– Тохтоо, – диэбитэ Генка, бары утуйаары сыппыттарын кэннэ. – Билигин мин таайыам – ити кимин.
Кини иккиэммитигэр кутара, иһэрэ, мин уруһуйдарбын көрөрө уонна этэрэ:
–Замкомвзвод. Чахчы? Урус-Мартаҥҥа кини тыҥатын курдары ыппыттара. Мин өйдүүбүн. Чэ, өссө аҕал.
Мин уруһуйдуубун, кини сүүһүн мырчыһыннарар, эбии арыгы кутар.
– Тоҕо эрэ бу кинини өйдөөбөппүн. Кимий?
Мин шлемофон эбии уруһуйдаабытым.
– Аа! Бу Петька – транспортнай биригээдэ суоппара.
Мин өссө уруһуйдаабытым.
– Таанньыска – сиэстэрэ… Артиллеристар – мин саппыкыбын кинилэргэ испииргэ атастаспытым… Батальон хамандыыра… Онтон бу… Тохтоо… Эн туоххунуй бу?
– Бу дэлби тэбии. Кумулятивнай сэнэрээт куйаҕы дьөлө сиир… Онтон… мин санаабар, кини итинник дьөлө сиир.
– Өйдөнөр. Оттон бу тугуй?
– Ити куһаҕан тыыннар кырыыһаттан ытыалыыллар.
– Ханна баалларый кинилэр? Манна эйиэхэ түннүктэр эрэ көстөллөр.
– Оттон көр бу уоттары. Көрөҕүн? Хас биирдии уот – ытар.
– Эн боростуой харандааһынан уруһуйдуугун дии. Эйиэхэ манна барыта, блин, бороҥ буолан көстөр. Күүт, билигин мин кыыспыттан өҥнөөх харандаас көрдүөм. Ханныгы аҕалабын? Эбэтэр барытын дуу?
– Ээ наадата суох. Уһугуннарыаҥ.
Ол эрээри кини барбыта, аара остуолга кэтиллэн ылбыта. Кини суоҕар мин син биир уруһуйдуубун. Төннөн иһэн кини эмиэ остуолга кэтиллэн өҥнөөх харандаастарын тоҕо түһэрбитэ.
– Ээ бырах итилэри, – диибин. – Мин боростуойунан уруһуйдуурум ордук.
– Оо, чахчы даҕаны ээ! – диир кини, иэдэспэр арыгы минньигэс сытынан тыына-тыына.
Кини көрөр, кыараҕас уулуссаҕа тоһуурга түбэспит уонна мүнүүтэ иһинэн дэлби тэптэриллэрэ эрэ хаалбыт тааҥканы. Кини одуулаһар, БМП-тан түөһэ тырыттыбыт саллааты хостоон эрэллэрин. Кини көрөр, биир саллаат иһэ тэлэ тэптэриллибитин сонно сиргэ тигэн эрэллэрин. Кини көрөр, пехотаны утары миинэ дэлби тэбэн киһи өрө эһиллэн эрэрин. Кини көрөр, биһиги уолаттарбыт бөкчөччү туттан баран, хахха сиргэ сүүрэн эрэллэрин, кинилэртэн биирдэрэ буулдьаҕа таптаран, онтун өссө ситэ өйдөөбөккө да эрэ даллах гынан баран, чыычаах курдук, олоро түһэн эрэрин. Генка мин хайдах уруһуйдуурбун көрөр, оттон тыынара кэтэхпэр биллэр.
– Тохтоо, онтон бу тугуй?
– Бу биһиги лейтенаммыт. Оҕолорун кытта.
– Кинини өлөрбүттэрэ дии. Онтон манна эн кинини отут биэстээх хастаах гынан уруһуйдаабыккын. Кини адьас эдэр этэ эбээт. Уонна оҕолоро суоҕа.
– Онно тугуй? – диибин мин. – Оттон манна оҕолордоох. Кини кэлин оҕолордонуон сөп этэ буолбат дуо?
Генка өр саҥата суох уруһуйдарбын көрөр.
– Эн, хайдах гынаргын билэҕин дуо? – диир кини кэмниэ кэнэҕэс. – Маны миэхэ аҕал. Барытын.
– Ыл, – диибин мин. – Мин итилэри мээнэ уруһуйдаабытым.
* * *
Сарсыарда Пашканы ылан ааспыппыт уонна үһүөн Ярославльга барбыппыт. Генка, баҕар, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарбытыттан ким эмэ Серега туһунан тугу эрэ истибитэ буолуо диэбитэ. Кини хайа диэки халыйбытын ким билиэ баарай. Ярославльга биһиги ротабытыттан биир уол олороро.
– Оттон вокзаллары кэрийэр аны туһата суох. Онно дьэлликтиир дьону барытын сөп оҥордубут. Көрдүҥ дуо, Пашка, милииссийэлэр биһигини хайдах курдук имиппиттэрин?
Генка олбоҕор эргийэн сирэйин Пашкаҕа көрдөрбүтэ. Мин эмиэ кини диэки хайыспытым, дьиҥэр, ити дьуккуруйуулары хаста да көрбүт эрээрибин. Тоҕо диэтэххэ, Генка бу сылдьарбыт тухары аан бастаан Пашкалыын кэпсэппитэ.
Анараата түннүк диэки иҥнэх гыммыта, хайдах эрэ киэр хайыһыан баҕарбыт курдуга, ол гынан баран биирдэрин сирэйэ кинини уун утары мэлтэйэн олороро. Бүтүннүү зеленканан сотуллубут. Билбэппин – тоҕо Генка атаакалаан барбытын:
– Оттон эн билэҕин дуо Костя тугу уруһуйдуурун? Өйүҥ көтүөн сөп. Мин эйиэхэ онтон көрдөрүөҕүм. Онно, ол уруһуйдарга, барыта биһиги дьоммут.
Биһиги хас күн аайы барар буолбуппут. Тверьгэ сылдьыбыппыт, онтон Калугаҕа барбыппыт. Владимирга тиийэ сылдьыбыппыт. Нэдиэлэ иһигэр биэс куораты кэрийбиппит. Мин Фрязиноҕа сороҕор Генкаҕа, сороҕор Пашкаҕа хоно сылдьыбытым, онтон сарсыарда джипкэ олорон кимиэхэ эрэ, Чечняҕа бииргэ сулууспалаабыт уолбутугар барарбыт. Арыгы иһэрбит, кэпсэтэрбит, сэриилэспиппитин ахтыһарбыт, дьоннорун-сэргэлэрин, дьиэ кэргэттэрин туһунан истэрбит. Сороҕор мин табахтыы таҕыстым диирим, подъезка өөр-өр турарым, тоҥон титириирим уонна хабыс-хараҥаҕа үрүҥ паарынан төлүтэ тыыммахтыырым. Бастакы биэс мүнүүтэ уоскуйаары, онтон кэнники дьылҕата кимиэхэ тугу итэҕэс анаабытын ойуулаан көрөөрү.
Бииргэ атаҕы, иккискэ кэргэни эбии уруһуйдаан биэрбитим. Үһүскэ – өлбүт доҕотторун. Төрдүскэ – оҕотун доруобай, чэгин-чэбдик гына. Мин ити уолаттары күүстээх-уохтаах, кэргэттэрин кыраһыабай, оҕолорун көрүдьүөс гына уруһуйдаталыырым. Мин кинилэргэ туох суоҕун ойуулуурум. Харандааһынан миэхэ итинник кыайан тахсыа суоҕа этэ.
Ол эрээри кинилэртэн ким даҕаны Серега туһунан билбэт этэ.
– Эмиэ ханна сүтэ сырыттыҥ? – диирэ Генка, мин табах буруотуттан киһи тыыммат буолбут куукунатыгар төнүннэхпинэ.
– Табахтаатым.
– Оонньоон эттиҥ ини? Бардыбыт. Бүгүн эмиэ мэлийдибит.
– Чэ, кытаат, быраат, – диирэ кини быраһаайдаһарыгар. – Эйиэхэ, баҕар, туох эмэ эмп аҕалар наада буолаарай? Быраастар тугу суруйан биэрбиттэрэй?
Онтон, бэйэбит да билбэппитинэн, ол куораттарга иккистээн тиийбиппит. Сорохторго үһүстээн да тиийэн хаалбыппыт. Ол барытын биирдэ булан илдьибиппиттэн – илдьибэтэхпиттэн тутулуктааҕа.
– Көр бу, манна эйиэхэ быаргар аналлаах эмп. Онтон бу хаан эргиирин тупсарар. Аптекаҕа миэхэ көмөлөһөр диэбиттэрэ – адьас үчүгэй үһү. Таах дьиэ үрдүнэн сүүрэр буолуоҥ. Онтон бу битэмииннэр – маны сиир эмиэ туһалаах.
– Оттон хаан баттааһынын кэмниир тэрил?
Генка кинини, онтон Пашканы, онтон миигин көрөр.
– Ити баар, блин! Тоҕо эһиги өйдөппөтөххүтүй? Чэ сөп, быраат, биһиги ол тээбирини аныгыскы сырыыга аҕалыахпыт.
Онтон аны кинилэргэ харчы хаалларан барбыта.
– Эн билэҕин, эн хайаа, бэйэҕэр тугу эрэ атыылас. Эбэтэр кэргэҥҥэр. Манна оччо элбэҕэ суох, оттон биһиги хаста төттөрү-таары мэскэйдэниэхпитий? Ээ чэ, бүт эрэ эн… Онтон аахсыахпыт. Сир төгүрүк – онтон таах туох да сууллуо суоҕа. Барыта онно хаалар.
Пашка Генка харчы биэрэрин көрөр, ол кэнниттэн, дьиэбитигэр баран иһэн, мин кини кэнники олбоххо хайдах олорорун көхсүбүнэн сэрэйэбин. Биллэн турар, инники олбоххо көһөн олоруо суоҕа, мин, дьиҥэр, ханна да олорорум син биир – ол эрээри уруккутун курдук аан аттыгар симиллэн уонна сирэйин Генка кэтэҕэ баар сириттэн тоҕус уон кыраадыс туора туттан олорбот.
Ити эрээри биһиги Серега туһунан тугу да истибэтэхпит.
* * *
Кэтэһиини хайдах уруһуйдуохха сөбүй? Уһун да уһун, ханна да тиийэн тиксибэт көнө сурааһын гына? Лиискэ уруккуҥ туһунан өйдөбүл эрэ хаалар. Маҥан уонна түөрт муннуктаах. Оттон, дьиҥэр, уруһуй буолуон сөп этэ. Куоска эбэтэр ыт. Эбэтэр оҕо уонна дьиэ. Ол эрээри эн сурааһын тардан барбытыҥ. Билигин эйигин кыайан тохтоппоккун.
Грознайга нуучча дьахтара. Биэс уончалаах.
Биһиги кэлэн БТР-тан ыстанан түспүппүтүгэр, ытаабыта. Баҕар, биһиги кэлиэхпит да иннинэ ытыыра буолуо. Тоҕо диэтэххэ, эрэ чеченец эбитэ үһү. Педагогическайга бииргэ үөрэммиттэр. Чернокозовоҕа хаайыыга силиэстийэ кэмигэр кырбаан өлөрбүттэр. Биһиэннэрэ. Сэрии иннинэ биологияны үөрэппит. Кэнники атын нуучча дьахталларын уонна оҕолору кытары дьиэ анныгар саһа сылдьыбыттар. Чеченнэр онно граната бырахпыттар. Бастаан биири, онтон иккиһи, онтон, арааһа, үсүһү эмиэ. Чопчу өйдөөбөт. Арай киниэхэ билигин кимэ да суоҕун эрэ билэр. Дэлби тэбиилэри уонна өссө оҕолор сирэйдэрин өйдүүр. «Киһи хаайыыга олорор – киниэхэ болдьохтоох. Кини билэр тугу күүтэрин. Оттон миэхэ бэл болдьоҕум даҕаны суох». Сирэйбитигэр ардах бытархай таммахтара ибиирэр, оттон биһиги чалбахха турабыт. Аптамааттар бэйэ-бэйэлэригэр охсуллар тыастара иһиллэр, тоҕо диэтэххэ, чалбахха туран тэпсэҥнэһэбит. Хамаанданы кэтэһэбит. Оннооҕор ким даҕаны табахтаабат.
Кэтэһиини хайдах уруһуйдуубун?
Көнө сурааһын тоһута барар уонна ардах сыыйылларыныы тардыллар. Ол быыһыттан мастар тахсан кэлэллэр, онтон суол, намыһах былыттар уонна биһиги үс. Суол устун, үс дьэбир күлүк курдук, оргууй устабыт. Иннибитигэр чуумпу.
Арай тураах дааҕырҕаабытынан мастан өрө көтөр. Биһиги тумарыкка симэлийэбит.
Кумааҕы лииһэ бороҥ буолар.
* * *
– Миигин манна күүтүҥ, – диир Пашка массыынаттан тахсан иһэн. – Мин дьиэбэр илдьэрбэр ону-маны атыылаһыахпын наада.
Кини ааны сабаатын кытта, Генка табах уматтар уонна тарбахтарынан уруулун табыгыратар.
– Бүт эрэ, – диибин чочумча буолан баран.
– Тугуй?
Кини тугу да өйдөөбөтөхтүү көрөр. Саҥа уһуктубут курдук.
– Тарбаххынан тоҥсуйан бүт.
– Ээ! – кини миэхэ кэҕис гынар. – Сөп.
Мүнүүтэ буолаат:
– Истиий, Костя?
– Тугу?
– Мин ити эн уруһуйдарыҥ туһунан…
– Ханнык?
– Оттон, өйдүүгүн, мин дьиэбэр уруһуйдаабыккын? Сэрии туһунан.
– Өйдүүбүн.
Кини чочумча саҥарбат уонна өрүһүспүттүү үс төгүл буруону эҕирийбэхтээн ылар.
– Биһиэннэрин онно элбэҕи өлөрбүттэрэ. Лейтенаны аһыйабын. Өйдүүгүн кинини?
Мин, кини миигин көрбөтүн биллэрбин даҕаны, төбөбүн кэҕиҥнэтэбин. Ол да буоллар мин билэбин, кини мин кэҕиҥниирбин билэрин.
Тоҕо диэтэххэ, ыйытыыта акаары баҕайы.
Ол эрээри, оннук акаары буолбатаҕа да буолуо, санаан көрдөххө – лейтенаҥҥа биһиги кинини өйдөөн хааларбытыгар төһө бириэмэлээх этэй. Икки нэдиэлэ. Биир нэдиэлэ уонна өссө биэс күн. Тоҕо диэтэххэ, кини уон үһүс күнүгэр номнуо «200-тээх куруус» буолбута. Ол иннинэ, уон үс чыыһылаҕа итэҕэйбэппин диирэ. Уонна хара куоскаларга эмиэ. Уопсайынан – ити туох туһата суохха барытыгар. Киниэхэ училищеҕа кэпсээбиттэрэ, ол барыта сымыйа диэн. Тактическай сатабыл уонна өстөөх эрэ баар дииллэрэ. Ол эрээри биһиги ол барыта баарын билэрбит. Ол иһин кириэстэнэргэ үөрэммиппит. Бастаан хайдах эрэ да буоллар – илииҥ мастыйан хаалар. Бэйэҕин сүүскэ уонна искэ таарыйаҕын – барыта сөп курдук, тоҕо диэтэххэ, эн чопчу оннук буоларын билэҕин, сүүскүн уонна искин таарыйары, оттон дьэ санныҥ туһугар, хайатын бастаан таарыйыахтааххар ыарахаттар үөскүүллэр. Тута өйдүү охсубатахпыт – хаҥаһын дуу, уҥатын дуу. Сорохтор ол курдук ситэ өйдөөбөккө хаалаахтаабыттара. Ол иһин санныбыт туһугар ордук болҕомтолоох буолбуппут. Тоҕо диэтэххэ, туох билиэй, арай сыыһа кириэстэнэн баран, эмискэ растяжканы таарый.
Онтон дьэ чэпчиир. Илииҥ үөрэнэр. Таах бэйэтэ барар. Аптамааккын санныгар иилэ быраҕыныаҥ эрэ кэрэх. Эбэтэр кинилэр онно урусхал быыһыгар хаһыытаһалларын иһиттэххинэ.
Уҥа санныҥ, онтон хаҥаһыҥ. Уҥаттан хаҥас. Суруйарыҥ курдук буолбатах, төттөрү өттүгэр. Онно-манна, онно-манна. Аптамаат сомуоҕун курдук. Ол эрээри оннук түргэнник буолбатах. Тоҕо диэтэххинэ, илии эбээт, сомуок буолбатах. Ол эрээри, кыаллара буоллар, сомуок да курдук түргэнник элэҥнэтиэм этэ. Тоҕо диэтэххэ, наада.
Онтон урусхалларга хаһыытыыллар: «У-аллах акбар!» Оччоҕо эн уҥаттан хаҥас сапсыммытынан бараҕын. Номнуо тугу да бутуйбаккын.
– Лейтенаны өйдүүгүн? – диир Генка.
Мин хардатын кэҕис гынабын.
Сүүскэ уонна искэ. Тута өлөрөрдүү. Баҕар, икки снайпер тэҥҥэ ыппыта буолуо. Билбэппин. Арааһа, тутуу былдьаһыстахтара. Кинилэргэ эписиэр иһин элбэҕи төлүүллэр. Интэриэһинэй, ким кинилэртэн биһиги лейтенаммыт иһин харчы ылбыта буолла!
Бастаан сүүскэ, онтон искэ, онтон уҥа санныгар, онтон хаҥаска. Хайаан да бутуллумуохха наада. Биһигини барыбытын сүрэхтээбит аҕабыыт ити туһунан тугу эрэ кэпсээн эрэрэ. Тоҕо бастаан сүүскэр, онтон тоҕо искэр, ол кэнниттэн уҥа санныгар буолуохтааҕын. Ханан ханнык миэстэҕэ Сибэтиэй Тыын баарын. Ол эрээри аҕабыыты сотору буолаат өлөрбүттэрэ, ол иһин кини биһиги өйбүтүгэр хатыырбыт курдук элбэхтик эппэккэ хаалбыта. Оттон биһиги өйдөөн хаалбатахпыт.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?