Текст книги "Баай барыылаах Байанайдан"
Автор книги: Андрей Яковлев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Яковлев Андрей Антонович
Баай Барыылаах Байанайдан!
Күн сирин кэрэтин бэлэхтээбит төрөппүттэрбэр
Иванова Фатима Наумовнаҕа,
Яковлев Антон Федоровичка аныыбын
I. Булчут үөрэҕэ
Булка сыһыаннаах быһаарыылаах өйдөбүллэр
Биһиги, булчуттар, ураты дьоммут. Улахан бултан эргиллэн киирдэхпитинэ, халба кус курдук «суохтан» атыны билбэппит. Оттон дьиэ таһыгар бултаннахпытына, оннооҕор өлөрбүт биир чыркыйбытын хонук аайы ахсаанын элбэтэн, өҥнүүн-түүлүүн уларытан, хааска тиийэ үлүннэрэн кэпсиир ураты дьоҕурдаахпыт. Хор, дьэ, итинник дьоммут биһиги – булчуттар.
Булт да араастааҕын курдук, булчуттар байанайдаах уонна байанайа суох, сүрэхтээх уонна сүрэҕэ суох диэн арахсаллар. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да бултуйуу уһун күннээх, сыралаах, дьаныардаах үлэ кэнниттэн биһирэмҥэ тиксэр. Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас бэлэҕэр тиксэн бултуйаҥҥын, булка көрсүбүт ыарахаттаргын, эрэйгин-муҥҥун барытын умнан, ыаммыт үүт үрүт сыатын халбыйан ылар курдук, өйүҥ-санааҥ бултаабыт булкуттан үчүгэй эрэ өттүн илдьэ хаалаҕын. Ол иһин бултуйбут эрэ өттүгүн өрүү тумус туттан ыаһах оҥостоҕун. Оттон булка көрсүбүт ыарахаттаргын хаппахчыҥ түгэҕэр үтэйэ кистиигин.
Мин булка саҥа уһуйулла сылдьар эдэр дьоҥҥо сүбэ курдук, бу эйгэҕэ сыһыаннаах өйдөбүллэри, бултааһын ураты көрүҥнэрин, албастарын, эҥин-эгэлгэ тэрээһиннэр тустарынан кэпсииргэ холоннум.
Бастатан туран, эдэр булчут, ханнык баҕарар булт дьаныардаах үлэнэн ситиһиллэрин кытаанахтык өйдөөн тураҥҥын, булт аартыгар11
Аартык – суол саҕаланар төрдө.
[Закрыть] турунуох тустааххын. Бултуохтаах сиргэр киирэр холлороон, ыллык, суол саҕаланар төрдүгэр ас кээһэн эбэтэр сиэл баайан, барыахтаах сиргэр бэлиэ хаалларар эбээһинэстээххин. Бу сириҥ – бултуур аартыгыҥ буолар.
Мин маннык сиргэ үксүгэр сүүмэх сиэли мас лабаатыгар баайабын. Бу үгэһи куһаҕан тыыннар батыспатыннар, бултуур турукпун ыспатыннар, сырыыбар мэһэйдэспэтиннэр диэн өйдөбүлтэн толоробун.
Бултуур Эбэбэр22
Эбэ – бултуур күөл харысхал аата.
[Закрыть] кэллэрбин эрэ Эбэм таһаатын көрө охсоору тиэтэйэбин, кэрии саҕатыгар алаадьы, сиэл кээһэбин. Бу үгэһи тутуһуу, бастакынан, сиргэ-уокка кэлбит ахтылҕаҥҥын таһаарыы бэлиэтэ; иккиһинэн, Эбэ салгынынан сайа тыынаҥҥын, Эбэ Хотун айылгытынан биир турукка киирии; үсүһүнэн, Эбэҕэ кэлбиккин биллэрии; төрдүһүнэн, ахтан-санаан кэлбиккин биллэрэн, Эбэ Хотуҥҥа дьиэттэн илдьэ кэлбит кэһиигинэн айах тутан күндүлээһин.
Курдары тартаран кэлбит Эбэҕин көрөн-истэн бараҥҥын, чэйдэнэр уугун баһаҥҥын, үүтээҥҥэр тахсаҥҥын кулуһуҥҥар33
Кулуһун – күөс күөстэнэр кутаа онно.
[Закрыть] уонна үүтээниҥ оһоҕор буруо таһааран, уот оттон ас кээһэҕин. Ол кэннэ оллооҥҥор44
Оллоон – чэй өрүнэргэ күөһү (биэдэрэни, хочуолу) ыйыыр мас.
[Закрыть] күөскүн ууран уоккун үөттүрэҕинэн55
Үөттүрэх – уоту булкуйар мас.
[Закрыть] булкуйан кутааҕын күөдьүтэ сааһылыыгын.
Мин санаабар, булчуттар үрдүк айыылары, тулалыыр иччилэри кытта айах атан кэпсэтэллэригэр уот оттоннор толорор үгэстэрэ былыргы сахтан утумнаан кэлбит сиэр-туом күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар диэн өйдөбүллээхпин. Бастатан туран, булчуттар Үрүҥ Аар Тойонтон үҥэн-сүктэн, ааттаһан, кини көҥүлүнэн тулалыыр иччилэриттэн, чуолаан, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕастан, күлэн-үөрэн чаачыгырыыр Хатан Тэмиэрийэттэн, кус, балык баайдардаах Күөх Боллох оҕонньортон, этэҥҥэ сылдьарга, өлгөмнүк бултуйарга көрдөһөллөр, уокка ас кээһэллэр. Ас кээһии тылынан домноох буоллаҕына табыллар. Ол дому судургутук бу курдук этиэххэ сөп:
Алтан сарын,
Бырдьа бытык,
Хаалык төбө
Хатан Тэмиэрийэ кырдьаҕас,
Сир гына
Сирилэччи умай,
Күлүм гына
Күүгүнэччи күлүмүрдээ.
Аал уотум барахсан,
Үөр-көт, күлүм гын.
Хара тыам баайын
Ханыылаан сылдьааччы,
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үөрдээн үксэтээччи,
Чооҥкулаах сотолооҕу
Хомуйан холбооччу,
Көтөр бииһин
Кынат оҥостооччу,
Баай Барыылаах
Баай Байанай
Тойон эһэм,
Баһаам баайгыттан
Өлүүлээн-чаастаан,
Куду анньан кулу!
Күлүм гын!
Мичик гын!
Дом! Дом! Дом!
Бултуйарыҥ сиргин-уоккун хайдах аһаппыккыттан уонна үҥэр-сүктэр иччилэргиттэн төһө ылыннарыылаахтык өс амалыйан көрдөспүккүттэн, алгыстыыр кэмҥэр сыыһа-халты тылласпатаххыттан улахан тутулуктаах.
Өскөтүн алгыстыыр кэмҥэр киһини кэтэҕинэн киирэр гына тылластаххына эбэтэр күлэ-күлэ суолтатыгар эрэ оонньуу-күлүү курдук алгыстаатаххына, бултааһын кэмигэр ол-бу барыта, оннооҕор, бэл, дэҥ-оһол кытта тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин булчуттар үксүгэр бэйэлэрин ортолоруттан, бас-көс эбэтэр иичээнниҥи дьарыктаах, сыһыаннаах киһиттэн уоту аһатарыгар көрдөһөллөр. Алгыска «сыыһа-халты тыллаһыам» диир дьон саҥа таһаарбаккалар алгыстыыллара сиэр иһинэн. Ардыгар оттуллубут уокка хас да киһи хос-хос аһатар түгэнэ баар буолааччы. Маны сыыһа дии саныыбын.
Биирдэ алгыстыыр кэммэр сыыһа быһыыланан турардаахпын. Ону хатылаабатыннар диэн эһиэхэ, эдэр булчуттарга, кэпсиибин. Болҕойон аах.
Устудьуоннуу сылдьан дойдубар, Күүлэккэ, сааскы куска кэллим. Бырааппынаан Уһун Сээккэ, Сахаар түөлбэтигэр, кустаатыбыт. Бу сырыыга иккиэйэхпит. Онон, аҕа киһи быһыытынан, отуум кутаатын отуннум уонна уотум иннигэр сөһүргэстээн олорон аҕабытын үтүктэммин туойдум, ас кээстим, уокка сиэл быраҕан сыт таһаардым. Бу олорон, туох тэһэ анньыбыта буолла, салгыы дьиибэ соҕустук: «Сээт Эбэ Хотунум! Кыра кыһалҕалаах орой мэник уолаттарыҥ ахтан-санаан кэлэммит, Эн киэҥ-куоҥ дуолгунан сылдьан бултаары оҥостон эрэбит. Кэһиилээн уурбут кэһиигиттэн, көмүс хатырыктааххыттан, санааҥ кыайарынан, көтөр кынаттааххыттан уонтан тахсалыы кураанах куста, түөртүү умсаахта уонна икки андыта өлүүлээн-чаастаан кулу», – диэн тылластым, үтүрү-батары соҕустук олуйсардыы субурутан кэбистим. Ити итинэн хаалла.
Үөрэҕим быыһыгар кэлбит киһи бултуур күннэрим да кылгастар, онон үлүмнэһэн кустаабытынан, илимнээбитинэн бардыбыт. Сээт үрэҕинэн сордоҥ, алыһар тахсан Эбэ хотун ньуурун күөс уута оргуйарын курдук чалымныы-чаллыргыы иһиллэр буолбута. Алыһар, сордоҥ илими ууга түһэртэрбэт дьаабыта. Сордоҥу дьуухалалыы сатаан бараммыт, куулунан тыраахтардаах кусчуттарынан дьиэбитигэр ыытан истибит. Устунан алыһар илимҥэ тутара наһаалаабытыттан саллан, илимниирбин тохтоттум. Илиммин бастааммын талахха ыйаан кэбистим.
Кус көтөрүнэн кустуубут, кэрийэбит. Син бултуйдубут. Дьиэлиир күммүт кэлэн, булпутун, төһө да биир дьиэттэн сырыттарбыт, булт сиэринэн, үллэһиннибит. Кустарбын үллэрэрбин көрө олорон быраатым: «Саатар иккилии диэбэккэҕин»,– диэн тыл ыһыгынна. Мин бастаан утаа быраатым туох диэбитин өйдөөбөтүм. Онтон үллэрбит кустарым маастарынан наардаммыттарын кэннэ аахпытым, бултуохпут иннигэр Эһэкээнтэн көрдөспүтүм курдук, арай, уон иккилии кураанах кус, түөртүү умсаах уонна икки атыырдаах тыһы анды буолан таҕыста. Дьэ, онно эрэ өйдөөтүм Эбэ Хотунтан тугу көрдөспүппүтүнэн бултуйбуппутун. Хайдах көрдөспүтүм курдук ордуга-хоһо суох өлүүлээбит, ирээттээбит этэ. Ити түгэнтэн ыла алгыс этэрбэр «баччаны аҕал, оччону бэрис» диирбин тохтоппутум. Ол саас оттомноохтук уоппун аһаппытым буоллар, хас да төгүллээн мончууктарбар элиэтээбит андылары ытарым хаалбыта. Сэһээккэбиттэн баран хаалбыт кэммэр, халлаан хараҥарар элбэх умсааҕа мончууктарбар түһэн мустубутун көтүтэн кэбиспитим. Кыһыыбыттан ыппатаҕым даҕаны. Арай онно барбаккабын сэһээккэбэр олорбутум буоллар дии саныыбын билигин.
Аны уокка бэриллэр ас туһунан. Уокка сибилигин аһыахтаах аскыттан (сиикэй буспут эт аһылыктартан ураты) бэриллэрэ ордук. Алаадьыны, арыыны, сүөгэйи, чэйи, табаҕы, кымыһы, арыгыны биэриэххэ сөп. Ону таһынан сиэли ас кээһиигэ туһаналлар. Сиргэ сылдьан элбэхтик мөккүһээччибит: Байанайтан көрдөһөргө үүтээн оһоҕор ас кээһэн көрдөһөр ордугун дуу эбэтэр тэлгэһэҕэ турар кулуһун уота ордугун дуу. Мин санаабар, иккиэн биир суолталаахтар. Ол эрээри тус бэйэбэр үүтээним оһоҕо ордук чугас курдук.
Айылҕаҕа кэлбит киһи бастаан үүтээн иһин-таһын ыраастыыр үгэстээх. Бөҕү-сыыһы уматан, ыраастаан сылдьар сананарга да астык. Хас да күннээх уокка оттор маскын кэлбит күҥҥэр бэлэмниигин, ууну-хаары мунньунаҕын. Ити үлэлэри толорор кэмҥэр үүтээн уораанын66
Үүтээн уораана – уһун кэмҥэ тоҥон турбут үүтээн тымныйбыт (уораана) салгына.
[Закрыть] таһаарар үлэни толоруллар. Ол аата уһуннук оттуллубакка турбут дьиэ тымныы салгынын сылытыы. Оһоҕу куурбут маһынан тигинэччи оттон үүтээн иһин күүскэ сылытыллар. Дьиэ эркиннэрэ сылыйдахтарына эрэ уораана тахсыбытынан ааҕыллар. Бу үлэ киһи сиргэ-уокка сылдьан, сыыстарбатын хааччыйар. Онон уорааны таһаарарга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыллыахтаах.
Сиргэ-уокка «уот ыла» кэлбэтэх буоллахха, хаһан баҕарар наллаан сылдьар ордук. Наллаан сылдьыы – айылҕа эргимтэтин хаамыытыгар сөп түбэһэр. Онон киэҥ-холку тыыҥҥынан холкутук, наллаан сылдьар киһи айылҕалыын биир тэтиминэн алтыһар кыаҕа үөскүүр. Оттон ууга-уокка түһэн сылдьыы сырыытын да курдук, саргы-сатаҕай буолар. Булт иннигэр эбэтэр кэннигэр түбэһэн өрүү кураанах да сылдьыаххын сөп. Улахан куораттар олорор тэтимнэрин ыһыктыбакка кэлбит куорат булчуттара биир-икки күн иһигэр барытын саба көтөн, өлөрө-өһөрө охсон барыахтарын баҕарааччылар. Итинник сыһыаны Ийэ айылҕа ылыммат, ылыныа да суоҕа.
Билигин сааскы кустааһын араас эгэлгэтин туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.
Сааскы кустааһын бултааһын бары көрүҥүттэн умсугутуулаахтара уонна тартарыылаахтара. Саха киһитэ кыстык хаар түспүт бастакы күнүттэн сааһы кэтэспитинэн барар үгэстээх. Саас бастакы харалдьык тахсыыта куска тэриммитинэн барар.
Сорохтор сааскы кустааһын ыал хармааныгар ночооттооҕун туһунан этэллэр. Мин итини кытта сөпсөспөппүн. Эдьиий Дора айылҕа уһуктар кэмигэр эр киһи айылҕалыын алтыһара туһалааҕын, өйө-санаата тобуллаҕас, этэ-хаана чэгиэн буолуутугар көмөлөөҕүн өрүү быһаарар.
Булт тэрээһинэ олус элбэх үбү ирдиир, онно мөккүөр суох. Ол эрээри кустааһын абылаҥар ылларбыт «сордоох» ороскуоту хаһан да аахсыбат. Кусчут былырыын сыыһа ытан ыыппыт «улахыын да улахан куһун» бултаары, кыһыны быһа кыһаллан туран тэринэн, суолугар көрсөр бары харгыстары сатабыллаахтык туораан бултуур уутугар хас саас аайы син биир эргиллэр.
Хомурах куһа 77
Хомурах куһа – сааскы бастакы кустар.
[Закрыть]
Кусчут бастакы сааскы булдун хомурах (хаар) куһуттан саҕалыыр.
Хомурах куһа – алаастарга, сыһыыларга, от үрэхтэргэ хаар уута сиҥэрэн88
Сиҥэ – муус үрдүнэн халыйбыт хаар былаастаах уу.
[Закрыть] турдаҕына кэлэр бастакы кус. Хомурах куһун кэмигэр бастакынан көҕөн, аҕыйах үөрдээх моонньоҕон кустар быгаллар. Устунан моонньоҕон, тыйаах халыҥ үөрдэрэ тоҕо түһэн, икки-үс күн иһигэр хоту ааһаллар.
Баччаларга ойуур өссө хаардаах буолар. Онон сир уораана тахса илик буолан, хомурах куска төһө кыалларынан ичигэстик таҥнар ордук. Хомурах куһа көтөр кэмэ кылгас. Ол курдук, киэһэ халлаан хараҥарыыта саа сыала көстөр-көстүбэт, үөл-дьүөл буолан турдаҕына эбэтэр сарсыардааҥҥы халлаан суһуктуйуута көтөр. Саас бастакы кэлэр кус олус мончуугумсах буолар. Кыра да ууга мончуук уурдахха түһэр. Ол эрээри элбэх мончуугу99
Мончуук – тыыннаах куһу үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кус күлүгэ.
[Закрыть] үтэр наадата суох. Тоҥмот уулаах сири буллаххына, тоҥоргун тулуйаҥҥын олордоххуна табыллар. Түүн үс-түөрт чаас кэннэ хомурах куһа көтүүтэ эмискэ хойдор. Ыттарбытынан мончууккар түһүөн сөп. Ол курдук, харах да саҕа сарсыардааҥҥы сиикэй уу киниэхэ олус наадалаах буолар.
Хаар быһыта сиэбит сирдэриттэн тахсар кытархайдыҥы дьүһүннээх улахан иннэлээх кумаары – хомурах кумаара1010
Хомурах кумаара – кытархайдыҥы дьүһүннээх, дыыгынас саҥалаах бөдөҥ кумаар.
[Закрыть] дииллэр. Сороҕор ити кумаары – бэс кумаара диибит. Хомурах куһа кэлиитинэн тахсар бастакы кумаар ыам кумаарынааҕар куттала, суоһа суох.
Сыымах кус 1111
Сыымах – кыралаан, сыыйан курдук, кус өлгөмө суохтук айанныыр кэмэ.
[Закрыть] кэлиитэ
Үгүс кусчут сүрүннээн сыымах кус айанныыр кэмигэр кустуур. Бу кэмҥэ кустар кыра үөрүнэн, биирдии-иккилии буолан күнүстэри-түүннэри суккуйан айанныыллар. Баччаларга тыаҕа хаар ууллан, сис үрэхтэр муустарыттан босхолоноллор, кыра күөллэр муустара ырааһырар, оттон улахан күөллэр ырбыылаабыт1212
Ырбыы – күөл мууһун быһыта сиэн ууну кытыытынан эргийэ тахсыбыт дьуххарбыт уу.
[Закрыть] кэмнэрэ буолар. Сир-дойду үрдүнэн уу дэлэйэр, үрэхтэринэн өрүс балыктара өксөйөллөр, оттон кусчуттар санаалара, тулуурдара кыайарынан уһуннук олорон куһу кэтиир-маныыр күннэрэ үүнэллэр. Маннык уһун түүннэргэ кус түспэккэ эрэйдээтэҕинэ, сөбүлээн ааҕар биир хоһооммун1313
«Арай кусчут манньыйар» – ааптар.
[Закрыть] өрүү ботугуруубун:
Ийэ сирим нухарыйар
Түүҥҥү биһик чуумпуга.
Арай кусчут утуйбат
Айан куһун кэтэһэн.
Тымныы салгын халыйар
Эти-сиини хам ылан.
Арай кусчут олорор
Күүтэр куһун кэтэһэн.
Илин саҕах сырдыыта
Кынат тыаһа куһуурар.
Арай кусчут сэрэйэр
Куһа түһэн эрэрин.
Атахтарын саратан
Чыркый түстэ сэргэхтик.
Арай кусчут долгуйар
Кыҥаан ытар чыркыйын.
Ууну хайа суруйан
Сатараата саа тыаһа.
Арай, кусчут манньыйар
Күүппүт куһун бултуйан.
Оччоҕо өр-өтөр буолбат, уум үрдүнэн кынат тыаһа сирилиирин кытта кус түһэн эрэр буолар.
Үөл кус кэлиитэ
Үөл кус 1414
Үөл кус – уу куһа. Киирэллэр: умсаах, биргинэх, орулуос, о.д.а.
[Закрыть] Саха сиригэр сайыҥҥы бастакы күнү көрсө (ыам ыйын 22 күнүгэр – Сааскы Ньукуолуҥҥа) кэлэр. Бу күнтэн саҕалаан кусчуттар кураанах кус мончуугар үөл кус мончуугун эбэн мончууктарын хойуннаран биэрэллэр. Бу кэми үгүстэр сааскы кустааһыҥҥа саҥа тыын киирэр кэмэ диэн ааттыыллар. Үөл кус кэлиитинэн сааскы салгын тыына-быара сымныыр. Халлаан сайыҥҥылыы холкутуйар. Төбөҥ үрдүнэн тыыйамнар үрдүк мэҥэ халлаан урсунунан тайаара көтөллөр. Үгүрүөлэр үөстэрин тартаран кими эрэ куттуур курдук, үөһэттэн таҥнары түһэн сурулууллар. Күөллэр кытыыларынан бараахтар үөрдэрэ эргийэ көтөр. Хохой дулҕаларга сахсас гына түһэн быыгынатар. Күөл иһэ эймэҥнэс көтөр кынаттаах араас эгэлгэ тойугунан кэрээбэккэ айманар кэрэ кэмин үөл кус кэлиитигэр бэлиэтии көрөҕүн. Ити күн сайыҥҥы бастакы ичигэс ардах түһүөн сөп.
Андылааһын
Сааскы кустааһынтан элбэх түбүгү эрэйэр иккис тэрээһиннээх түгэн анды кэлиитигэр көстөр.
Анды 1515
Анды – турпан (нуучч.) Муора куһа.
[Закрыть] биһиги сирбитин олох кылгас кэм иһигэр быһыта көтөн ааһар. Биһиэхэ анды икки көрүҥэ кэлэр. Чуус анды – кунна хохуоралаах, кытархай атахтардаах, хара дьүһүннээх, орто ыйааһына 4-5 киилэ. Андылар үөрүнэн көтөллөр. Сорох үөр сүүскэ тиийэр халыҥ үөрдээх буолуон сөп. Ол эрэн биһиги эҥээр муҥутаабыта сүүрбэҕэ-отуччаҕа тиийэр үөрдээхтэр эрэ таарыйаллар. Анды этэҕэлээх1616
Этэҕэ – бормыш (нуучч.) Таракаан курдук күөхтүҥү өҥнөөх уу үөнэ.
[Закрыть], хара уулаах күөлгэ түһэрин ордорор.
Андылыыр кэмҥэ кураанах кус уйаланар, сымыыттыыр кэмэ саҕаланар, онон кураанах кус мончуугун хомуйуллар. Ол оннугар үөл кус уонна анды мончууктарын хойуутук үтүллэр. Анды сорох дьыл тумуһахтарга тохтуур, сорох дьыл булуҥнаан атах ууларга түһэр. Андыны маныыр дурда1717
Дурда – булчут куска олорор хаххата.
[Закрыть] икки-үс киһи холкутук батан олорорун курдук кэҥэс буолуохтаах.
Анды кэмигэр ыам кумаара1818
Ыам кумаара – собо ыамын кэмигэр кыынньан тахсар бырдах бииһэ.
[Закрыть] түһэр. Ыам кумаара сааскы күн сырайарыттан сылыйбыт инчэҕэй сирдэртэн көймөстөн, кыынньан тахсар дыыгынас саҥалаах, кынаттаах, кыра, хара дьүһүннээх кумаар. Кумаар бу көрүҥэ бастаан илэ бодотун ылыар диэри уу үрдүнэн, инчэҕэй сирдэргэ эйэҥэлии хамсыыр. Салгын сылыйан истэҕин ахсын ити үөннэр салгыҥҥа өрө көптөр көбөн, остуолба курдук кыынньа турар буолаллар. Онтон анды саҕана бырдах боһуомун ыланнар, иннэлээх, дыыгынас саҥалаах, кутталлаах, суостаах харамай буола дьүһүн кубулуйаллар.
Бу кэмҥэ күөллэр кытыыларынан уу анныттан күөх от бытыгырыы анньан тахсар. Бу кэмҥэ сорох кураанах кустар, биирдиилээн атыыр умсаахтар амахтыыллар1919
Амахтаабыт кус – тыһытыттан арахсыбыт атыыр кус.
[Закрыть]. Ол аата атыыр кустар уу анныттан саҥа быган тахсыбыт күөх от төбөтүн ылгаан сиэн, сэниэ ылар быыһык кэмнэрэ үүнэр. Тыһыларыттан арахсаллар.
Андылааһын – элбэх үлэни эрэйэр булт биир көрүҥэ. Мин санаабар, сааскы кустан саамай сылаалаахтара уонна түбүктээхтэрэ. Бу кэмҥэ бырдах2020
Бырдах – киһи, сүөһү хаанын уулуур дыыгынас саҥалаах кынаттаах үөн.
[Закрыть] үөн ордук тиллэр кэмэ буолан, кустуурга олус эрэйдээх. Ол иһин бырдаҕы-көймөһү аахсыбакка андыны манаһаҥҥын бултуугун. Бултуйуу – Байанай хайдах биэрэриттэн тутулуктаах. Андыһыттар биирдэ кэлэн түһэр түгэни мүлчү тутумаарылар солбуйсан маныыр былыргы албастара күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар. Онуоха андыһыттар араас албаһы тутталлара. Холобур, күөл ортотугар түспүт үөргэ тыынан киирэннэр кэйээриҥнииллэр2121
Кэйээриҥнээһин – күөлү кыйа устан, тыалга оҕустаран, андылар кэннилэриттэн батыһан кустары үүрэн ытыы албаһа.
[Закрыть]. Андыга биир суруллубатах, ол эрэн өрүү кытаанахтык тутуһуллар сокуон – күөлгэ киирэн эргийэ сылдьар андыны ууга түһүөр диэри ыппат буолуу. Үөр анды сөбүлээбит мончуугар, дурдатыгар түстэҕинэ, сэһээккэлээхтэр бастакынан ыталлар.
Кэйээриҥнэтии
Билигин кэйээриҥнэтэр уонна быыралыыр2222
Быыралааһын – чуумпуга күөлгэ киирэн хойобул кустары умуһуннара сылдьан, көбөн тахсыбыттары ытан ылыы албаһа.
[Закрыть] ньымалар тустарынан сиһилии кэпсиим.
Биирдэ анды кэлэн турдаҕына, мончууктарбын хомуйаммын тыынан Сахаар атаҕыттан Улахан Сээккэ устан киирдим. Арай, чаҕылытар күн уотун дьэргэлгэнин быыһынан көрдөхпүнэ, тыы тардарым анараа өттүгэр кур оту кыйа харалар баар буолбуттар. Халампааһынан көрбүтүм – андылар хоһуласпытынан утуйан, тыалга оҕустара сылдьаллар. Мин эрдэрим курдук эрдэммин тыым тардарыгар таҕыстым. Мончууктарбын куурда тарҕаталыы хонууга быраҕыталаатым. Тыыбын иҥнэри тутаммын уутун сүөкээтим. Син тыаһаатым-ууһаатым. Уу дуорааныгар тыаһым доргуйа эҥсиллэр. Үрүсээкпин сүгээри тураммын халампааһынан көрдүм: харалар олорбуттарын курдук олороллор, барбах хамсыыллар. Мин саараҥнаан бараммын, дьонум «кэйээриҥнэтэбит» дииллэрин санааммын, тыыбын сулугураччы ууга астым. Эрдэр эрдибэт, тыалга оҕустараммын, андыларга чугаһаан истим. Андылар миигин көрөн дьалты туттаннар ууга быһа тимирэн хоһуласпытынан уһуннулар. Мин тыым тумсунан хайысха тутаммын андылары кэннилэриттэн ойоҕолуу батыһабын. Бырахтаран ытар холго киирдим. Андылар усталлара түргэтээтэ эрээри, мин утуйар кэмнэригэр лаппа нэмийэн чугаһаабыт буоламмын, тилэх баттаһа иһэбин. Кустар күөлү кыйаннар атах түгэҕэр киирдилэр. Улахан ууга барар сирдэрин тыылаах киһиэхэ былдьаппыттарын өйдөөтүлэр быһыылаах, хололоспутунан уу үрдүгэр дагдас гына көбөн таҕыстылар. Көрдөхпүнэ харалара, бөдөҥнөрө сүр. Икки уостаах уон алталаах саалаахпын. Онтубун санныбар бигээт, хоһуласпыт харалары ортолорун көрөөт, чыыбыспын төлө тардабын. Икки анды ууну лаһыйбытынан, миигин көрдө-көрбүтүнэн тыалы утары өрө көтөн таҕыстылар. Саабын ииттэр түгэн көстүбэтэ. Сыһыгыраан ааһан эрэр икки андыттан көстүүлээҕин халбыйан ытан түһэрдим. Иккис анды миигин ааһа көтөөт, эбэ ортотугар баар улахан хатыҥ мастардаах арыыга, анды мончууктаах сэһээккэҕэ тиийэн, элиэтээн эрдэҕинэ, онтон андаатар бэргэһэлээх кусчут быган ытта. Анды төбөтүн оройунан кулаачыхтана хойуоһунна.
Мин ууга таймаҥнаһа сылдьар икки андыны ылан тыыбар быраҕынным уонна отуубар барардыы уһуннум. Сэһээккэттэн киһи тахсан, талах кэтэҕиттэн ууга тыыны соһон таҥкынатан киллэрдэ уонна харса суох мин иннибин быһа түһэн эрдэн барда. Өр-өтөр буолбатыбыт, тыылаах киһилиин утарыта көрсөн тыыларбытын ойоҕосторунан сыһыардыбыт. Оппуонньа эбит.
– Ноо, Өндөрөй! – Оппуонньа кэлэҕэйдиир буолан бэрт эрэйинэн, ыгыста-ыгыста төлүтэ биэрдэ. Мин кини кэлэҕэйдиирин көрө улааппыт буолан, саҥарарын кэтэһэбин. – Ноо… и-ти.. мин… хойубуннарым! – диэтэ. Онтон тугу эрэ этэ сатаан ыгыста-ыгыста саҥара сатаата да, сатаан истибэтим. Онтон: «Эээээ…» – диэн баран, тыыбыттан биир хара, санаабар, саамай улахан хара андыбын моойуттан бобо харбаата да, тыыбыттан анньынан кэбистэ уонна төттөрү эрдинэ турда.
Мин бастаан утаа андыбын былдьатан тыылаах киһини эккирэтиэх курдук гынан иһэн төттөрү отуубар бардым. Кэлэммин дьоммор туох буолбутун барытын саас-сааһынан «остуоллаан» биэрдим. Миитэрэй кэпсээммин истэн баран: «Киһи хойобунун өлөрдөххө, андыны хойубуннаабыт киһи хардатын ботуруон биэрэр уонна андытын ылар. Ол андыһыттар суруллубатах сокуоннара. Оттон Оппуонньа эйигин кытта булдун өлүүлэспитин быһаара сатаабытын эн өйдөөбөтөх эбиккин. Булкутун үллэстибиккит сиэрдээх быһыы», – диэн быһаарда.
Дьэ, итинник андыһыттар кэйээриҥнэтэр уустук албастарынан мин бастакы андыларбын бултаан турабын.
Быыралааһын
Арҕаалаабыт күн тыа саҕатыгар налыйан эрэр кэмигэр уу үрдэ сиэркилэ ньуурунуу дьэҥкэрэ көҕөрүмтүйэ иһийэр чуумпута түһэр. Итинник кэмҥэ андыны умуһуннара сылдьан, ытан ылаллар. Анды тыылаах киһиттэн куотан, умсаахтаан, тыына бүтэн уу үрдүгэр көбөн таҕыстаҕына, быыраһыт куһу ытан ылар. Маннык кэмҥэ уу үрдүгэр анды умса сылдьара, уу анныгар тыынарыттан тахсар хабахтар бычыгырыыллара ыраахтан чуолкайдык көстөр буолар. Бу албаһы «быыралааһын» диэн ааттыыллар. Биир саас Миитэрэй оҕонньор биһиэхэ ити албаһы көрдөрөн турар.
Анды үгэннээн турар кэмэ этэ. Миитэрэй: «Уолаттарбар өбүгэлэргит хайдах быыралыылларын билигин көрдөрүөм, көрөн үөрэниҥ», – диэт, тыытын тэллигэр мадьаччы үктэммитинэн үөскэ эрдиммитэ. Биһиги сэһээккэбититтэн быыраһыты одууласпыппыт. Бу кэмҥэ күөл ортотугар бөлүөҕэ сылдьар андылар тыылаах киһини көрөннөр арҕам-тарҕам ыһыллыбыттара. Быыраһыт ууну икки өттүнэн талалаан андыларга чугаһаан иһэн «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна тыытын ойоҕоһун эрдиитинэн «тас» гына охсубута. Андылар үтүктүспүт курдук, уу иһигэр умсан унньулус гыммыттара. Өр-өтөр буолбатаҕа, биир анды тыылаах киһи чугаһынан уу үрдүгэр көбөн эрдэҕинэ, Миитэрэй модьугу куобаҕы куттуурун курдук иккиһин «һуу» диэн үөгүлээбитэ уонна эмиэ эрдиитинэн охсубута. Анды уу иһигэр эмиэ унньулус гына умсубута. Итинник андыны хаста да умуһуннарбыта. Сотору кэминэн анды уу үрдүгэр көппөйөн тахсан кэлбитэ. Тыын ылан хохуоралаах баһа босхо барбыта. Миитэрэй эрдиитин тыытыгар туора уурбута уонна тыын ылан хардыргыы олорор андыны быһа ытан ылбыта. Итинник ньыманан Миитэрэй түүҥҥү хойобул андылары барыларын аахтара биирдиитэ ытыалаан хомуйбута.
Кэлин Миитэрэй албаһын туһанан хойобул кустарбын умуһуннаран быыралыыры баһылаабытым.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?