Электронная библиотека » Андрей Яковлев » » онлайн чтение - страница 3


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Андрей Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Билгэлээһиннэр

Сиргэ сылдьар киһи күнү-дьылы куруутун кэтээн көрүөхтээх. Сылдьарын тухары тулатыгар буолар уларыйыылары болҕойон көрөн, көтөрдөр сырыыларынан, халлаан туругунан, тыалынан-кууһунан билгэлииргэ, күнү-дьылы быһаара үөрэниэхтээх.

Сааскы билгэ

Тыаллаах-куустаах, ардахтаах күннэр үүнээри гыннахтарына, көтөрдөр сырыылара тосту уларыйа түһэр. Холобур, ардах кэлээри гыннаҕына, кураанах кустар от быыһыгар түһэ уонна төттөрү-таары көтө мээрик буолаллар. Оччоҕуна уһун ардахтаах күннэри күүтэҕин.

Халлаан көнөөрү гыннаҕына, тыыраахылар халлаан оройугар тахсан тайаара эргийэллэр. Тыыраахы көтө сылдьан тоноҕосчутунан, онтон да атын кынаттаах бырдах үөннэринэн аһыыр. Халлаан былытырдаҕына, салгын баттааһына улаатар, сиик хойдор. Бырдахтар кынаттара сиигирэн сиргэ түһэллэр, окко-маска хорҕойоллор. Оччоҕуна ити көтөрдөрүҥ астарын батыһаннар хонууга хаамса сылдьар буолаллар.

Туллук үөрүнэн сааскы кус үөрүн быһаараллар.

Үгүрүө көтө-көтө үөһэттэн таҥнары куугунаан түһэрэ хойуннаҕына, салгын сылыйар, халлаан көнөр. Сааскы ичигэс салгын илинтэн, соҕурууттан илгийэр.

Бараах үөрэ кэллэҕинэ, кус бары көрүҥэ күргүөмүнэн айанныыр кэмэ саҕаланар.

Хонуу барааҕа кэлиитинэн андыны кэтэһэҕин.

Сааскы халлаан хатаатаҕына, тоҥсоҕой маһы торулата тоҥсуйар. Өскөтүн тоҥсоҕой уһуннук маһы торулата тоҥсуйдаҕына – халлаан уһуннук, оттон кылгастык буоллаҕына – кылгастык хатыыр.

Сааскы салгын арҕааттан, хотуттан ыллаҕына, халлаан хатыыр, тымныы, кэмсиин күннэр үүнэллэр. Кус көтөрө аҕырымныыр.

Илинтэн илгийдэҕинэ – ичигэс ардахха. Үөл кус кэлэр түүннэрэ үүнэллэр.

Күн кытара кыыһан саҕахха олорон киирдэҕинэ – кураан күннэр саҕаланаллар.

Хонуктаан кэлбит ардах хас да күн устата түһэр. Онон уокка оттор маһы элбэҕи бэлэмниир ордук.

Сарсыардаттан саҕалаабыт ардах киэһэнэн астар, онон барыыны-кэлиини ыксаабакка былаанныахха сөп.

Сайыҥҥы билгэ

Ньукуолун таҥаратын күнүгэр ичигэс ардах түстэҕинэ – сайына быйаҥ буолар.

Күөл туманын сиигэ окко түстэҕинэ – сарсыныгар кураан күн үүнэр.

Сарсыарда күөл тумана салгыҥҥа көттөҕүнэ – халлаан былытырар, ардаҕар барар.

Элиэ кистээтэҕинэ – ардаҕы кэтэс.

Тыыраахылар охсуллубут хадьымалга түһэр, бугуллар үрдүлэригэр олортолуур буоллахтарына – ардаҕы күүтэҕин.

Баҕа хадьымалга, хонууга тахсара – ардахха.

Тураах хадьымалга сылдьан баҕалыыра – ардахха.

Тойон ыҥырыа киэһэ хойукка диэри лоҥкуначчы тыаһаан көтөрө – курааҥҥа.

Сайынҥы киэһэҕэ хаһыытаабыт саҥаҥ ыраахха диэри эҥсиллэн дуораһыйар буоллаҕына – кураан күннэр үүнэллэрин бэлиэтэ.

Күһүҥҥү билгэ

Күн чаҕылыйан саҕахха киирдэҕинэ – тымныы хаһыҥнаах түүн буолар.

Мас сэбирдэхтэрэ, мутукчалара хойут түстэхтэринэ – күһүнэ уһуур.

Мутукчатын ыһыктыбака туран, кыстык хаар түстэҕинэ – эһиилги сааһа кураан буолар. Хаары кытта булкуспут мутукча хаара эрдэ ууллар, уутун-хаарын сааскы тыал куурдар, оччоҕо кураан сайыны кэтэс.

Күөл мууһа тыаһаан тоҥноҕуна – күөл балыга үөрдүүр, уу дириҥэр мустар.

Кыһыҥҥы билгэ

Саҥа үүнэр ый туруору таҕыстаҕына – хаара суох, тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Саҥа ый иттэннэри эбэтэр сытыары таҕыстаҕына – былыттаах, хаардаах ичигэс ый үүнэрин билгэтэ.

Сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйар.

Кыһынын салгын соҕурууттан, арҕааттан ыллаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

Хаар көмүрүөтэ элбэх буоллаҕына уулаах, ардахтаах сайыны кэтэһэҕин.

II. Байанай бэлэҕэ

Сонор аартыга

Кэтэспит күһүммүт син тиийэн кэлбитэ эрээри, киһи хайдах да көмүс күһүн дуйун аннынан сылдьабын диэҕин тыла тахсыбат курдук, сайыҥҥылыы күннэр бэрт уһуннук сатыылаабыттара. Хатыҥнар саһарбыт сэбирдэхтэрэ, тиит мас мутукчата түспэккэ тыаһы-ууһу, сыты-сымары эркин курдук хаххалыы турбуттара. Тарыҥнар, маардар тоҥмокколор кута курдук кутаҥнаһан, тыынар тыыннааҕы аһардыбаттыы быһыттаан сыппыттара. Ол эрэн төһө да дьыл хойутаабытын үрдүнэн, булчуттар болдьоспут «тоҥус болдьоҕунан» бултуур ыырдарыгар тахсаллар.

Эр киһи барахсан, маннык түгэҥҥэ түмүгэ хаһан да көстүбэт дьиэ үлэтиттэн босхоломмут үөрүүтүттэн, булт абылаҥнаах соноругар курдаттыы тартарар соргутуттан, доҕотторун кытта көрсүбүт балысханнаах түгэниттэн, туттардыын-хаптардыын, саҥалыын-иҥэлиин уларыйар, сүөм үрдээн, өйө-санаата эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр уолан курдук ис-иһиттэн кыдьыктанан уһуктар.

Булт ыыра төһөнөн кэҥиир да, оччонон айаныҥ эрэйдээх эндирэ элбиир. Ол эрээри булчут киһи бултуур ыырыгар тиийэ охсоору сэттэ моһолу туораан, сылайарын-элэйэрин аахсыбакка, айаҥҥа, булка көрсүбүт ороскуотун аахпакка, биир бэргэн, хатыламмат ытыыны оҥороору ханна-ханна тиийбэтэҕэй, туохха-туохха түбэспэтэҕэй?

Биһиги эмиэ биир итинник күн үҥэр-сүктэр Аар Тойоммут көҥүлүнэн, Аан Алахчын Хотун көмөтүнэн, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас кэһиитинэн, Бырдьа Бытык – Хатан Тэмиэрийэ холумтанынан баай хара тыабыт хоннохторун арыйаммыт, уостан бараммат уулардаах үрэхтэрбит систэрин сыыйаары, саныыр-саныыр сирдэрбитин өҥөйтөлөөн көрөөрүбүт бултуур ыырбытыгар кэлбиппит.

Олохтоммут үгэс быһыытынан, бастакы үүтээҥҥэ бары кэлэн уот оттон, ас кээһэн, күөс буһарынан, кэргэттэрбит астаабыт ыһык астарынан сандалыбытын хоточчу ууран баран, налыйан олороммут аһаатыбыт. Баай хара тыабыт хоннохторунан сылдьан ким хайдах бултаабытын кэпсиирин болҕойон истэ олорон, онно эмиэ кыттыыны бииргэ ылбыт курдук сананан, үөрэн мичиҥнэһэбит.

Булчут ыыра

Сүбэ быһыытынан, икки бөлөххө араҕыстыбыт. Итинник быһаарыныы төрүөтэ судургу. Бастакытынан, бары биир үүтээҥҥэ батан хоммоппут. Иккиһинэн, бултуур ыыры кэҥэтээри, кыыллар ыырдарын кылгас кэм иһинэн сөпкө быһаарар сыалтан.

Бастакы бөлөхтөр – полковойдар. Иккистэр – куочуктар.

Полковойдар – сир быта дьон. Кинилэр бултуохтаах сирдэрбитинэн, урукку өттүгэр курдарыта түһүтэлээн, бу эргин баар тукулааннары, маардары, тарыҥнары барыларын биэс тарбахтарын курдук билбит дьон. Аҥаардас Сэмэҥкэ-Полковой бу дойдуга биһигин ыйаабыт киһи. Оттон Битээлий үчүгэй «дьы-пы-с» курдук көнө «сүнньүлээх». Кини хайысхатын сөпкө тутарынан, хайдахтаах да балаһыанньаҕа эрийэ-буруйа хаампакка тиийиэхтээх сиригэр ыппыт охтуу тиийэр киһи.

Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, маннык буолбуттаах. Биирдэ уолаттар лаабыс оҥороннор хараҥаҕа ылларбыттар. Сиргэ хонуохтарын таҥастара чараас уонна ыһыктара суох. Массыыналара буоллаҕына лаабыстаах сирдэриттэн икки көстөөх сиргэ бэс ойуур быыһыгар хаалбыт. Сис оройугар турар массыынаны им балайга булар уустуга чахчы. Ким бэриэтчиттиирин быһаарсыбыттар. Өрүү бастыыр Куочук «уҥа атаҕым халытар» диэн аккаастаммыт. Куола уол «сирбин үчүгэйдик билбэппин» диэн батан кэбиспит. Кэлин тиһэҕэр «Битээлий бастаатын» диэн уолаттар Битээлийдэрин кэннигэр киирэн субуруһа турунан кэбиспиттэр. Битээлий көхсүн этитэн баран, барыара халыйбыт хараҥаны хантайан одуулаамахтаабыт, ол кэннэ «бу диэки» диэт, хаампытынан барбыт. Ити курдук, ытыс таһынар хараҥаны ортотунан хаамсан массыыналарыгар уон хаамыынан туора тахсан кэлбиттэр. Уолаттар үөрүүлэриттэн Битээлийдэригэр: «Халытаҥҥын, уон хаамыыны ордук хаамтардыҥ!» – диэн хаадьыласпыттар.

Тээппин. Кинини лөкөчөөттөр итинник ааттыыллар. Тээппин аҕата эдэр сылдьан бу сирдэринэн сылдьан бултаабыт, онтон сиэттэрэн бу сиргэ бултуур үгэстэммит. «Бастаан утаа доруоп саанан, сүнньүөҕүнэн бултуурбут. Табаларга чугаһыы сатаан оннооҕор бэйэбит таба буоларбыт», – диэн Тээппин кэпсээнин саҕалыыр.

– Тарыҥ үрэххэ киирэн кэлбиппит, арай, табалар мэччийэ сылдьаллар. Туохха эмит хаххаланан чугаһыахпытын, киһи наадыйдаҕына, сүөм да саҕа мас суох буолан биэрдэ. Остуол сирэйин курдук киллэм ыраас сиргэ киирэн хааллыбыт. Балаһыанньа уустугурда. Толкуйдуу түһэн баран, «табалыы хаамыахха» диэн өй көтөн түстэ. Куочук атыыр табаны үтүктэн илиитигэр саатын туора тутан баран илиитин өрө уунна. Оттон мин Куочугу биилиттэн кууһаммын, таба кэннэ буолан хаамыстыбыт. Арай, атыыр табабыт биһигини боотургуу көрдө быһыылаах, утары сүүрэн кэллэ эрээри икки сүүс миэтирэттэн ордук чугаһаабат. Одуулуур. Тула холоруктуур, сири табыйар, муоһунан суоһурҕанар.

Ити кэмигэр биһиги ытан тигинэтэбит да сүнньүөхпүт хантан тиийиэй. Сүнньүөхтэрбит атыыр иннигэр сиргэ түһэн муоҕу бурҕаҥнаталларын көрөбүт эрэ. Ыттыбыт да табабыт тэйэн хаалар. Онтон өтөр соҕус буолаат, эмиэ төннөн кэлэр. Ким эрэ салгыҥҥа суруйан кэбиспитин курдук, көстүбэт кыраныыссанан ордук хос чугаһаспаппыт. Абалаах баҕайы этэ, ааста эрэ диэн. Билиҥҥибит курдук күүстээх саалардаахпыт эбитэ буоллар, – диэн Тээппин үөһэ тыынар, саҥа атыыласпыт «Тигр» карабинын илиитигэр ылан кыҥаталаан көрөр.

Уолаттар күө-дьаа буолан бултуохтаах сирдэригэр «Иччилээххэ» бардылар. «Куочуктар» бөлөхтөрүгэр мин бырааппынаан хааллыбыт. Биһигини кытта «Кулууп Өлөксөйө» бултаһар буолла. Өлөксөй Уоһукап – Куола бииргэ төрөөбүт убайа. Кини ыал буолан дойдутуттан көһөн, Нам Хатырыгар олохсуйбут. Бу олорор үүтээммитин Өлөксөй Халбаакы Бааската уонна Быччах Баһылай диэн булчуттары кытта бу эргин бултаары туттубуттар. Онон, дьиҥэр, Өлөксөй туппут үүтээнигэр күөлэһийэ таалалыы сылдьар эбиппит. Быйылгы булка Өлөксөй сиригэр-уотугар ыалдьыт курдук ахтылҕанын таһаара кэлбит.

Куочук сааһынан төһө да эдэрин иһин, бу сиргэ бас-көс киһибит. Кини былаанныырынан кэлии-барыы оҥоһуллар. Кини бу сиргэ егерь курдук сылдьар. Кыһыннары, сайыннары эргиччи бокуойа суох түбүгүрэр. Кини бултуурун таһынан, сайынын дьахтар аймаҕы батыһыннара сылдьан, сир астатар үгэстэммит. Дьахталлар бу сиргэ ордук сугуну кыайа хомуйар буолбуттар.

– Дьахталлар бааллар эбит туохтан да толлубат, чаҕыйбат дьон. Массыына батылыннаҕына кымырдаҕастар курдук мас хомуйа бытарыһаллар, массыына анньыыта тирээтэҕинэ кытай аармыйатын саллааттарын курдук, массыына тула саба түһэн, үтүрүйэн эбэтэр соһон, ороон ылаллар. Дьахталлар диэн итинник дьон, – диэн сөҕөр Куочук. – Бэл, кинилэри эһэкээн чаҕыппат. Төһө да эһэкээн аттыларыгар баарын араастык биллэрдэр да, отоннооһун абылаҥа син биир баһыйар. Син мэһэмээннэрин, биэдэрэлэрин толорбут буолаллар, – диэн кэпсиир.

Бу да сырыыга Куочук төбөтүгэр оҥоһуллубут былаанынан булт соноругар турдубут. Өлөксөйдөөх Антон бииргэ, оттон мин Куочуктуун хаамар буоллубут.

Эт быстыыта

Былырыын баччаларга, ол аата балаҕан ыйын ортотугар, самахпытыгар диэри хаары оймуу сылдьыбыт буоллахпытына, билигин хара сиринэн хаамсабыт. Былырыын манан үрэх тардыытыгар бары кэккэлэһэн олорон хаартыскаҕа түспүт, сынньаммыт маспытын сааскы уу сыҕарыппатах.

Мин сылдьыбыт сирбин билэн, бэрт сэргэхтик туттабын. Куочук тукулаан кумахтарыгар ойууланан хаалбыт кыыллар суолларын кыҥастаһар уонна илиитинэн салгыны хайыта суруйтуур. Ити аата кини кумахха суолларын хаалларбыт кыыллар хайа туһунан барбыттарын уонна ханна тиийэн тохтуохтаахтарын быһаарар быһыыта.

Сэргэлээх күөлгэ кэллибит. Былырыын бу күөлгэ бырдыбыт быстан, чэйдээбиппит, гречка хааһы сиэбиппит. Онно гречка хааһы минньигэс да этэ. Кырдьыга баара, аччыктаатахха оннооҕор хоручуоска кытта минньийэр. Оттон гречка арыыга тумаламмыта минньигэһэ ураты этэ. Манна Дьаакып сойоору этин хаарынан сууммута. Оттон быйыл чэй өрүнэргэ ытыс уу булбаккабыт, ыксааммыт тайах маары туорууругар бадарааннаабыт олугуттан куруусканан сомсон ууланныбыт. Ити курдук сир-дойду улаханнык да курааннаабыт этэ. Сискэ, тарыҥҥа адьаһын уу суох буолбут. Онон тайахтар уулаах сирдэринэн үрэхтэри бата үөл сиргэ тохтообут чинчилэммиттэрэ. «Сарсын бу сиртэн бардахха табыллыыһы», – диэн Куочук тойоннуур.

Сэргэлээххэ иккиһин эргиллэн кэллибит. Чэйдээтибит. Күөл уута тайах олугун уутун курдук буолуо дуо, быдан ыраас, утаҕы ханнарар амтаннаах. Чэйдии олордохпутуна, үөһэттэн кынаттарын сараппытынан куоҕас түһэн ууну барылатта. Чэрэс диэн ыппыт урут харахтаабатах көтөрүн көрөн соһуйда, күөл кыламаныгар диэри киирэн, күөнүнэн ууну ыга анньан, хамсаабакка одууласта. Өр-өтөр буолбата, аны иккис куоҕас тайааран кэлэн түстэ.

Бастакы күҥҥэ олус уһуннук хаамтыбыт, онон атахпын ыарыттым. Ордук хаҥас быттыгым атахпын атыллаппат гына быһа тардан ыарыйда. Маннык туругунан сарсын хаамар саарбахтанна. Үүтээммитигэр им балай хараҥаҕа кэллибит. Сүүскэ кэтэр банаардаах буоламмыт суолбутун сырдатынан эрэйдэммэтибит. Ити күн уон икки чаас хаампыт этибит.

Эти үөрэппэккэ эрэ итинник уһуннук тоҕо түһэн хаамыы эрчиллиитэ суох, этэ куурбатах киһи сэниэтин эһэр, этин-сиинин ыарытыннарар. Онон булт бастакы күннэригэр харыстана соҕус хаамыллыахтаах.

Саҥа хаар

Сарсыарданан халлаан суһуктуйуута таһырдьа тахсан киирдим. Арай, тула өттүм сып-сырдык буолбут. От-мас, сир-дойду сыа хаарынан тэлгэммит. Хаар түспүтүн туһуна сонуннаах үүтээммэр киирэбин. Ону истэн, дьонум күө-дьаа буола түстүлэр. Киирии-тахсыы элбээтэ.

Ханнык булчут күүппэтэҕэй, – кыраһа хаары, бастакы хаары. Бары да сүргэбит көтөҕүллэн ким итии чэй, ким хатан кофе истибит. Бу олорон ким тугу түһээбитин ырытыы буолла. Аҕа киһибитигэр түүл көстүбэтэх. Антон «түһээччим суох» диэн батан кэбистэ.

Оттон мин түһээтэхпинэ, арай Куочук массыынатыгар бу сир олохтоох уолаттара ыгыта симсэн олорон иһэллэр. Бэс тукулаанын туораан тахсыыларыгар үс дьахтар массыынаны тохтотор уонна массыына иһигэр аҕамсыйбыт көрүҥнээх дьахтар киирдэ да, кып-кыһыл уостарын чорбоҥноппутунан уолаттары кырыыламмыт харахтарынан сып-сытыытык тэһитэ көрүтэлии-көрүтэлии саҥаран талыгыраабытынан барар. Дьахтар төтөлө суох кылыгыраабыт саҥата массыына иһигэр дуорааннанан ньуу-ньаа умайыктанна. Кини чопчу туох диэн саҥарарын сатаан истибэппин эрээри, олохтоох уолаттарга туохтан эрэ улаханнык кыыһырбыт көрүҥнээх.

Түүлү тойоннооһун саҕаламмытыгар, Өлөксөй: «Уоккутун аһатыҥ!» – диэтэ. Куочук оһоҕун күөдьүтэн, уотугар ас кээстэ.

Ыт диэбитим бөрө эбит

Ити күн Антоннаах Өлөксөй иккис үүтээҥҥэ барбыттара. Биһиги Дьороон тамаҕын көрөөрү хаалбыппыт. Атаҕым үктэннэрбэккэ аараттан төнүннүм. Силбиктээх, инчэҕэй күн үүммүт. Үүтээммэр кэлэн сыттым. Утуйан ылбыппын, таһырдьа тахсыбытым остуол үрдүгэр Полковой ыта тахсан турар эбит.

Ыт аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбытын өйдөөн көрөммүн, ыты аһыммычча, ас биэрэрдии илиибин ууммуппар, ытым тиистэрин килэтэн көхсүн суостаахтык киҥинэйэ тыаһатта. Онуоха болҕойон сирийэ одуулаабытым, доҕоор, атын кыыл мардьаллан турар эбит. Бөрөтүн билэммин, тымныы уунан саба ыстарбыттыы, тилэхпиттэн саҕалаан кэтэхпэр диэри этим аһыллан «дьар» гына түстэ. Уолуйа соһуйбуппуттан, тыыным кылгаата, кэннибинэн чынарыҥнаан иһэммин, эргичис гынным да, кыаһыланан хаалбыт атахтарбын соһоммун үүтээммэр сүүрдүм. Тыын быһаҕаһынан тыынаммын, ааммын саба тардан эрдэхпинэ, ааным быыһынан кыбылла-кыбылла, сүр улахан бөрө төбөтө былтас гына түстэ. Ынчыктаһыы буолла. Бөрөнү иһирдьэ киллэримээри кыаҕым тиийэринэн ааммын хам тардан чиччигинээтим. Бөрө ааҥҥа моойдоох баһын кыбыттаран, хабырынар икки, ырдьыгыныыр икки ардынан кырдьыгынаабытынан ааммын тоҕута кэйиэлээн, лиһиргэтэн, устунан ньылбырыйдар-ньылбырыйан, эмискэ үлүгэр үүтээним ортотугар баар буола түстэ. Иэдээн буолла. Бөрө миигин сиэри түүрүллэ түстэ да, сүр улаханнык айаҕын аппытынан үрдүбэр ыстанан кэбистэ. Үрдүбэр ыстанан иһэр бөрөнү сабарҕайыттан харбаабытынан, наараҕа тас иэмминэн баран түстүм. Кулаачыктаспытынан кус түүлээх матарааһы хайа тэбэн аастыбыт. Эмискэ үүтээн иһэ кус түүтүнэн ыһылынна, тыас-уус өрө тилигирии түстэ. Бөрө сиирэ буолла. Ыарахан баҕайы атахтарынан түөспүттэн сиирэ-халта үктэнитэлээтэ. Хабарҕабын быһа хадьырыйыахтыы тииһин тииһигэр лаһырҕатта. Айаҕыттан унньулуйа санньыйбыт сыраана икки дьабадьытынан сирэйбэр, түөспэр тоҕунна. Барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ буолла. Тутуһуу кытаанаҕа, тыын-тыыҥҥа харбас үлүгэрэ буолла. Уһуну-киэҥи өйдүү барбакка, бөрө дьаллаччы аппыт айаҕынан, тоҕонохпор диэри илиибин батары саайдым уонна тылын төрдүттэн күүһүм тиийэринэн бобо туттум. Бөрө сыҥааҕа ытыстан, хараҕын үрүҥүнэн бүлтэччи көрөн, эрбии тииһинии кэчигирэспит ардай аһыытынан айаҕын иһигэр батары укпут харыбын сатаан быһа хадьырыйбакка өрүтэ чиччигинээтэ. Аны бөрөм миигиттэн төлөрүйэ сатаан, миигин наараттан муостаҕа состо. Аны муостанан төкүнүстүбүт. Остуолу түөрэ тэптибит. Иһит-хомуос күөрэ-лаҥкы ыһылынна. Биирдэ өйдөөбүтүм быһахпын илиибэр ылбыт этим. Тыын-тыыҥҥа харбас, туох баар күүспүнэн өрө кэдэрийэ түһээт, бөрөнү быһаҕым уга ойоҕоско сааллыар диэри «кип» гына кибилиннэрдим. Ону кытта сибилигин аҕай сиэх-аһыах буолбут адьырҕам үөһүн тартарбыттыы орулаабытынан таһырдьаны былдьаста.

Өйдөнөн кэлбитим, наарабар олорор эбиппин. Кус тэллэх матараас хайдыбатах, үүтээн иһигэр кус түүтэ ыһыллыбатах, остуол түөрэ тэбиллибэтэх, иһит-хомуос ыһыллыбатах, кыыннаах быһаҕым өттүкпэр иилиллибит, оттон сүрэҕим буоллаҕына, айахпынан уһулу ойон тахсыахтыы баллыгыраччы тэппит. Уоскуйаарыбын таһырдьа тахсыбытым, аҥаар хараҕа сүүлэ иһэн хаалбыт, «полковой» ыта, остуол үрдүгэр тахсан турар эбит. Ыт миигин көрөн, мөҕүллүмээри ыйылаабытынан сиргэ ыстанан, куотан унньулуйда.

Тула өттүбүн сирийэн одуулаһа көрбүтүм, сарсыардааҥҥы хаар ууллан, хаһан да хаар түспэтэҕин курдук, от-мас силбигирэн, ардах түһэринии, таммахтар тобугуруу саккыраабыттар.

Сотору соҕус массыына сыыгынаан кэлэн, үүтээн кэтэҕэр тохтоото. Тээппин Дьокуускайтан кэлиэхтээх биллэҕин көрсө дьиэлээн иһэрин кэпсээтэ. Мантан лебедка ылаары суолтан туораабыт.

Тээппиҥҥэ түһээбиппин дуу, баттаппыппын дуу эбэтэр илэ дуу, түүл дуу аҥаардаах кэпсээммин кэпсээбиппэр уолум саҥата суох истэн кэбистэ уонна бараары олорон: «Урут бу эргин бөрө саҕынньахтаах идэлээх кырдьаҕас олорбута дииллэрэ. Түүлгэр ол билиннэ ини. Ол гынан баран, ол кырдьаҕас ыыра манан буолуо суохтаах этэ?!.. Тоҕо манна биллибитин быһаарар кыаҕым суох… Ноо, сотору тойонуҥ ньылбы сытыйан кэлиэҕэ. Уоккун-күөскүн кытаат. Эһэкээҥҥин аһат, ааттас. Чэ, мин бардым», – диэтэ.

Түүллээх булт

Биһиги эрдэ туран, сып-сап хомунан «Быччах» үүтээнигэр бардыбыт. Умайбыт бэс ойууру сыыйан дьоммут саҥа туран сарсыардааҥҥы чэйдэрин саҥардыы иһэ олордохторуна баттыы кэллибит. Куочук Өлөксөйгө тайаҕы ыппытын, ол тайах барбыт хайысхатын ыйан, бүгүн хаамыахтаах хайысхаларын быһааран биэрдэ. Антон ыттар тайахха барбаттарын, ордук эриэн ыт сүрэҕэлдьиирин, киһи кэнниттэн сылдьарын, тайаҕы сатаан ирдээбэттэриттэн бултуйбакка сылдьалларын абаккаран кэпсээтэ.

Дьоммутуттан арахсан, илим үтэ бардыбыт. Куочук этэринэн, бу күөл уоннаахха тутар бөдөҥ соболоох. Киһини уйар муох быыстаах кутаҥнас кутанан эрэһиинэ тыыбын соһон, биэрэгиттэн эмпэрэтиҥи болоорхой уулаах, төгүрүктүҥү моһуоннаах күөлгэ икки илими үөс чорооххо холбуу баайталаан, илимнэрбин икки аҥыы атытан сэлэлии биэрэги бата үтэн кэбистим. «Эбэ Хотун бэристэҕинэ бэйэбит айахпытыгар уонна ыттарга ас баар буолуоҕа», – диэн бигэ санаалаах кытыыга таҕыстым. Мантан салгыы Тарыҥ үрэх уҥуор тахсыахтаахпыт. Сынньана олорон Куочукка түүлбүн кэпсиибин.

Арай түһээтэхпинэ, Тойон Хонууга сахалыы тутуулаах, туруору эркиннээх балаҕан дьиэлээх, сүрдьүгэс күрүө олбуордаах ыалга тиийэн кэлэбин. Олбуор ааныгар киирэрдии кэлиибэр дьиэттэн уончалаах кыыс оҕо ийэтиттэн түспүтүнэн кус сыгынньах сүүрэн кэлэн миигин көрдө-көрбүтүнэн утары чохчойоот, ииктээбитинэн барар. Кыыс ииктиирин көрө-көрөбүн аһаҕас аанынан дьиэҕэ киирэн кэлэбин. Арай, дьиэ ортотугар улахан кыыс миэхэ көхсүнэн олорон эрэ, сыыҥкабай тааска биилин сууна олорор эбит. Илиитинэн ньухханнаҕын ахсын биилиттэн кир бөҕө тохторун көрөммүн сөҕөбүн. Бачча улахан кыыс лаҕыыр буола киртийиэр диэри хайдах сылдьарый диэн сөҕө саныыбын. Кыыс суунарын одуулаһа турдахпына, аны биир сиппит кыыс ийэттэн түспүтүнэн сыгынньах тахсан кэлэн миигинниин оонньоһон кэпсэппитинэн барар. Кыыс сыгынньаҕыттан олох кыбыстыбат курдук туттар. «Миигин мантан илдьэ бараар. Эйигин кытта кэлин барсыаҕым», – диир. Итинник кэпсэтэ турдахпына, аны хостон ийэлэрэ утуйар ырбаахытынан тахсан кэлэр. Мин аттыбынан ааһа хааман иһэн: «Хойутаан хааллыбыт. Саатар утуйан хаалбыппыт», – диэн муннун анныгар ботугуруур. Тугу-тугу түһээбитим эбитэ буолла?

Тарыҥ үрэх, билигин туоруохтаах сирбитинэн, саамай кэҥиир сирэ эбит. Биэрэстэттэн ордук кэтиттээх сэппэрээгинэн, ыарҕанан тэлгэммит киэҥ баҕарах иннибитигэр нэлэһийэр. Үрэх уҥуор вышка төбөтө бэс ойуур үрдүнэн тумарыктыйар. Вышка анныгар күөллээх үһү. Күөлү «Илимниир» диэн ааттыыллар эбит. Туоруохтаах сирбит уҥа өттүнэн, бөлкөй хатыҥнарынан күлүктэнэн үрэх элгээнэ күн уотуттан дьураалана дьиримнии көҕөрүмтүйэр. Куочук элгээни сордоҥноох диир. Ити үрэхпит, аатын да курдук, бу эргиннээҕи тарыҥнары, маардары сыыйталаан, олор ууларын үмүрү тардан, мантан салгыы Баппаҕаайы үрэҕэр буор тыыран күҥкүһүрэн түһэр үрэххэ кубулуйар.

Биһиги бастаан бэрт уһуннук ыт кэтэҕэ үктэллээх сэппэрээги, ыарҕаны быыһынан, сүтэ-сүтэ көстөр ыллыгы батаммыт, үктээтэххэ күөгэҥнии хотолдьуйар кырыс от куталаах үрэх сүнньүгэр кэлэн бэрт эрэйинэн үрэхпит сүнньүн туораатыбыт. Соҕотоҕун кэлбитим буоллар, бу сиринэн сатаан туоруо суох эбиппин. Куочук: «Бу дойду хайдах маннык ууламмытай?» – дии-дии уҥуоргу биэрэги этэҥҥэ булларда. Мин киһибин саҥата суох ньүдьү-балай батыһабын эрэ.

Үрэх уҥуор тахсаммыт бэс тыа налыар сирдэрин батар уулаах элгээннэри көрө олорон сынньанныбыт. Куочук табахтыырын быыһыгар маннык элгээннэр кустарын этэ сымнаҕастарын, уола, Чаҕыл, күһүн ахсын бэс элгээннэрин сөбүлээн кэрийэн кустуурун кэпсии олордо. Баран иһэн көҕөн кынатын долуота сытарын көрөн, арааһа, Чаҕыл уол хойобуннаабыт куһун долуота быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.

Илимниир күөл хоту баһынан баран иһэн Куочук хаптас гына түстэ. «Нокуо, табалар. Үстэр,» – Куочук ыга сыстан, кулгаахпар сибигинэйэр. Сыныйан одуулаан көрбүтүм, мааҕын көрбүт вышкабытын тэллэхтии эҥэлдьийэр ырааһыйа саҕатыгар үс кылбаҥныыр көстөр. Билбэт киһи өйдөөн да көрүө суох. Сүбэлэстибит. Мин ыттары муннаран, кэлбит суолбунан төннөр буоллум. Үс ыттаахпыт. Ыттарбын дьарыйар икки аҥаардаах ыҥыра-ыҥырабын кэлбит суолбунан төттөрү сүүрдүм. Ыттарым миигин өйдөөбөтөх курдук туттаннар, син батыстылар. Куочук биһиги тэйдэхпитинэ, ойуур кэтэҕинэн быһа киирэн, ытан көрүөхтээх. Ыттарбынаан күөлбүтүн эргийэ бэс кырдалынан сүүрдүбүт. Күөлбүт соҕуруу баһыгар кэлбиппитигэр үрдүк бэс ойуура бүтэн, уу сиҥэлээх аһаҕас оттоох сир нэлэйэ түстэ. Аһаҕас сиргэ тахсааппытын кытта ыттар таба сытын ыланнар бу супту сүүрэн киирдилэр. Мин хаххаланар сирим бүтэн, күөлү эргийэ барарбын тохтоттум. Чөҥөчөххө сөрүөстэн табалар мас быыһынан кылбаҥнаһан хаамсалларын одуулаан олордум. Бу олорон биирдэ өйдөөбүтүм, Куочук ыта баран хаалбыт эбит. Хаалбыт икки ытым кини суолун ирдээн баран эрэллэрин көрөн ыҥырталаан тохтотолоотум. Саҥа уоскуйан эрдэхпинэ, күүтүүлээх саам тыаһа дьэ таһыргыы түстэ. Тохтуу-тохтуу карабин тыаһа күөл уҥуортан, мас тосторун курдук, бачыгырыы таһырҕаата. Көрдөхпүнэ, икки таба сэппэрээк ырааһыйаҕа хорохочуйан таҕыста. Тула эргичиҥнииллэрэ чуолкайдык көстөр буолла. Мин саа тыаһыттан хааным оонньоото. Тулуйбатым, бултуу кэлбит киһи быһыытынан, хойуу адаархай муостаах табаны сыалга ылаат, бырахтаран, ытан хабылыннардым. Аны туран, оҕус да дугдуруй диэбиккэ дылы, ыттым да ытан киирэн бардым. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр маҕаһыын ботуруонун кураанахтаан кэбистим. Саахымат харатын курдук көстөр табалары биир төгүллээн холбоон ыта сырыттым. Ол сылдьан өйдөөн көрбүтүм, биирэ хамсаабат буолбут. Таптарбытын сэрэйдим. Саҥа маҕаһыыны саабар холбоот, аны улахан, хойуу муостаах атыыры ытыалаабытынан бардым. Ытыалыы олорон «буулдьам тиийбэт быһыылаах» дии санаатым. Былырыын кыһын Дьыыппаҕа икки сүүһү кыайар-кыайбат холобурдаах сиргэ сибиниэс төбөлөөх буулдьанан тайаҕы ытан турабын. Ыппыт буулдьаларым тайахха тиийбэккэ хаарга батарыта түспүт суолларын көрбүтүм. Бу да сырыыга буулдьам тиийбэт быһыылаах диэн уорбалыыр санаам баһыйда. Сүүрэн холоруктатан иһэр атыыры арҕаһынан көрөн ытыалаан эрдэхпинэ, уҥуортан, Куочук «күөй, күөй» диэн үөгүлүүр саҥатын иһиттим. Олорбут сирбиттэн сулбу ойон турдум да, табабын күөйэрдии уулаах оту кэһэммин, сүүрэн ыһыллыҥнаатым. Таба мин уунан ойуоккалаан сүүрэр тыаспын иһиттэ быһыылаах, хорус гына тохтуу биэрдэ, онтон эргичис гынна да, сигириэ курдук хойуутук үүммүт хатыҥ аабы быыһынан, муоһугар күнү көтөҕөн илдьэ барардыы, күнү аннынан аҕыйахта көстөн хаалла. Таба кэнниттэн Чэрэс ирдээн, кутуруга эйэҥэлии турда.

Ити күн кураанах хаалбатахпыт. Куочук иккини охторбут. Онно кэлиибэр, сиһин булгу ыттарбыт таба тураары гыннаҕын аайы ыттар биирдэрэ табаны кулгааҕыттан, биирдэрэ сэҥийэтиттэн ытыраннар ынчыктаһан эрэллэр этэ. Табалыын, ыттыын көхсүлэрин тыаһа кип-кирдиргэс буолбут. Байанай бэлэҕиттэн тиксибит дьон быһыытынан истиҥник эҕэрдэлэстибит. Уоскуйан, налыччы табахтаатыбыт, устунан чэйдээтибит. Кыылларбытын астаатыбыт, истэрин тарыҥ хараҕар соһон илдьэн кылбаччы сууйан кэбистибит. Булпут үчүгэйиттэн сүгэммит, кэпсэтэ-сэлэһэ дьиэлээтибит. Бултуйдахха булт тардыылаах буолар дииллэринии, аны илиммититтэн балтараа сүүс собону ылан ууттан, тыаттан ити күн ботуччу бултуйбуппут.

Үүтээммитигэр тиийбиппит, дьоммут кэлбиттэрэ ырааппыт. Оллооҥҥо күөс уурбуттара номнуо буруота-тараата ырааппыт. Биһиги, бултуйбут дьон сиэринэн, таайтара соҕустук даадаҥнаһабыт да, дьоммут тугу да сибикилээбэттэр. Антоҥҥа таба иһин булкуйбут илиибин сыттаппыппар, быраатым сирэйин мырдыҥнаппытынан өрө чынарыҥныы түстэ. Кэмниэ кэнэҕэс, хомнуо хойут Өлөксөй бырааттыылар хамсаныыларын кэтии олорон: «Бай! Бултуйдугут дуо?»– диэн уорбалыырдыы саҥа аллайда. Онуоха Куочук кулуһун иннигэр табаҕын уматта олорон, аахайбатах курдук туттан: «Иккини Илимниир баһыгар охтордубут», – диэбитигэр Өлөксөй олорбут сириттэн сулбу ойон турда да, икки илиитин холбуу туппутунан, бултуйбут дьону кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээтэ. Ити үөһэ кэпсээбит түүлүм итинник туолан турар.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации