Электронная библиотека » Андрей Яковлев » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:41


Автор книги: Андрей Яковлев


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 10 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]

Шрифт:
- 100% +
Сорсу куһа 2323
  Сорсу куһа – сайын тыһыларыттан арахсан, үөрдээн сылдьар атыыр кус.


[Закрыть]

Былыргы өбүгэлэрбит кус кэлиэҕиттэн кус барыар диэри араас кэмҥэ арааран айахтарыгар бултууллара. Олору бу курдук ааттыыллара.

Анды кэмигэр кураанах кустар тыһыларыттан арахсаллар. Тыһы кус сымыытын ахсаанын ситэриннэҕинэ, атыыра тыһытыттан арахсар уонна атыыр кустары булсан, үөрдүһэр кэмин сорсу диэн ааттыыллар.

Сорсуга күөллэр тумуһахтарыгар, арыыларга, күөллэр биэрэктэрин бата атыыр кураанах кустар мончууктарын тарҕаччы уурдахха, атыыр кустар ыраахтан саҥарбытынан, боотурҕаабытынан тайааран кэлэн түһэллэр. Сороҕор үөрдүспүт атыыр кустар саҥа-иҥэ буоланнар субуруспутунан биэрэктэн тэйэ олорор буолаллар.

Сара 2424
  Сара – сайын түүлээн, көппөт буолан биир сиргэ сылдьар кустар.


[Закрыть]

Сорсулаабыт, ол аата үөрдүспүт атыыр кустар, күүс-сэниэ ыла мусталлар, онтон тыатын саҕатыттан халыҥ куталаах, угуттаабыт күөллэргэ сааскы түүлэрин үргэнэн аны сараллар. Сара – сиикэй кынаттаах бэйэ кус. Сарбыт куһу ытынан бултуур ордук хотоойу. Кус этэ сара кэмигэр ордук минньийэр.

Көччөх 2525
  Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото.


[Закрыть]

Көччөх – саҥа көппүт күһүҥҥү кус оҕото. Ылдьыын таҥара, ол аата атырдьах ыйын иккис күнүттэн күһүҥҥү кустааһын саҕаланар кэмигэр бултууллар.

Нэмэнэ

Нэмэнэ – систэн киирэр күһүҥҥү айан куһа.

Куһу ытыы албастара

Куһу мончуукка түһэрэн, холбоон ытыы. Холбоон ытыы – булчуту тулуурдаах буолууга, саахыматчыт курдук түргэнник толкуйдуурга, ырааҕы-чугаһы холуу көрөргө үөрэтэр ньыма.

Куһу мончуукка тартаран салгыҥҥа күөрэтэн ытыы. Мончуукка элиэтиир кус көтүүтэ бытаан уонна түһээри уутун көрүнэр буолан сэрэҕин сүтэрэн, иһин салыбыратан эйэҥэлиирэ саа сыалыгар көстүмтүөтүнэн уратылаах.

Куһу олоххо ытан баран, көтүүгэ ытыы. Мончуукка түспүт куһу саа ылар холунан олорор кустартан холбоон ытан баран, көтүүгэ сэһээккэттэн чугаһын күөрэтэр албас.

Куһу көтүтэн ытыы. Кэрийэ сырыттахха, от быыһыгар түспүт куһу саа ытар холугар киирэн туран, соруйан тыаһаан, көтүтэн ытыы.

Үөмэн ытыы. Кытыылаан тиксэ сытар кустары окко, дулҕаҕа хаххаланан, үөмэн киирэн, холбоон ытыы.

Кэрийэн ытыы. Ходуһа ууларынан кэрийэн, куска чугаһаан ытыы ньымата.

Тыынан уста сылдьан, көтүтэн ытыы. Куталаах күөлү кытыылаан, кутаҕа саһан олорор кустары көтүтэн, дайдаран тыыттан ытыы.

Быыралаан ытыы. Куһу умуһуннара сылдьан, тыынан эккирэтэн ытыы.

Күөл тумуһахтарыгар тоһуйан ытыы. Кустар күөлү эргийэ көтөр үгэстээхтэр. Тумуһахтыы өтөн киирбит сирдэри кустар быһыта көтөллөр. Итинник сиргэ саһан олорон ааһар кустары халбыйан2626
  Халбыйан ытыы – кус иннин күөйэ көрөн ытыы.


[Закрыть]
ытыы албаһа.

Ытынан ирдэтэн, көтүтэн ытыы. Ардахтаах күҥҥэ кус от быыһыгар хорҕойор. Онно ытынан көтүтэн бултааһын.

Уу ньарыктаабыт от быыһын уутугар түһэ кэлбит куһу тоһуйан ытыы. Бу ньыма күһүҥҥү куска ордук. Кус аһаары күөл кытыытынааҕы ходуһаны ылбыт ньамах уулаах сирдэргэ түһэн аһыырын, тоһуйан2727
  Тоһуйар – үөһэттэн иһин ыһыктынан, эйэҥэлээн түһэн эрэр куһу утары тоһуйан тумсун кыһарыйа ытыы.


[Закрыть]
ытар ньыма.

Ырбыы кыарыыр сиригэр саһан олорон, ырбыыны бата көтөр куһу халбыйан ытыы. Сааскы кус ырбыылаан турар күөлгэ ырбыыны бата эргийэ көтөр үгэстээх. Олору мончуугунан тартаран эбэтэр ааһан истэхтэринэ иннилэрин күөйэн ытар албас.

Сырыһыннаран 2828
  Сырыһыннарыы – саҥа тэйэн эрэр куһу кэнниттэн ытыы.


[Закрыть]
ытыы. Иннигиттэн көппүт куһу сырыһыннаран кэнниттэн ытыы ньымата.

Сэһээккэни 2929
  Сэһээккэ – үрдэ аһаҕас кус маныыр хахха.


[Закрыть]
хайдах оҥостобут

Сааскы кусчут сэһээккэтин кыһаллан оҥостуохтаах. Сэһээккэни сөпкө оҥосторгуттан бултуйарыҥ улахан тутулуктаах. Сорох кусчут түүн устатыгар үстэ-түөртэ көһөн, саҥаттан саҥа сиргэ сэһээккэ туттар кыһалҕаланар. Онон кусчут сэһээккэни оҥосторуттан сүрэҕэлдьиэ суохтаах.

Билигин булт маҕаһыыннарыгар сэһээккэ арааһа атыыланар. Ол эрээри олор биһиги сирбитигэр-уоппутугар сөп түбэспэттэр. Маҕаһыын сэһээккэлэрин күөл кытыытыгар туруордахха, түһэн иһэр кустар сэһээккэ багдайан турарын көрөннөр өрө ханарыйан тахсаллара элбэх буолар. Ол иһин кур отунан бэйэ оҥостубута ордук. Маннык сэһээккэ кустарга көстүмтүөтэ суох буолар.

Сэһээккэни туруорарга, бастатан туран, тыалы, салгыны учуоттаан оҥостуохтааххын. Хаһан баҕарар кус тыалы утары түһэр уонна тыал утары көтөн тахсар. Сороҕор баҕаҥ хоту тоҕоостоох сири булбаккаҕын, чиэски сиргэ туттар түгэниҥ эмиэ баар буолар. Сэһээккэни кус киирэр сирин бүөлүү эбэтэр тоһуйа туттуллуо суохтаах. Кус киирэр сириттэн ойоҕолуу туттар табыгастаах. Өскөтүн олоруохтаах сириҥ түмүк уу буоллаҕына, сэһээккэни уу түгэҕэр оҥостуохха сөп. Төһө кыалларынан харахха быраҕыллыбат гына оҥоро сатааҥ. Манна соҕотоҕун олорор ордук. Икки киһи урут-хойут хамсыыр, онон түһэ кэлбит кус хамсыы олорор кусчуттары көрөн, түспэккэ барыан сөп. Хайа да балаһыанньаҕа түһэ кэлбит кус олус сэрэхтээх буоларын умнуллуо суохтаах. Онон сэһээккэҕин оҥостуохтаах сириҥ хаххалаах өттүн талаҥҥын оҥороруҥ ордук.

Булчут биири кытаанахтык өйдүөхтээх: кусчут бэйэтигэр табыгастааҕын көрбөккө, куска табыгастаах өттүн талыахтаах. Ол аата кусчут ууга кустар хайа өттүттэн кэлэн эргийиэхтээхтэрин уонна түһүөхтээхтэрин сөпкө быһаара үөрэниэхтээх. Ол инниттэн кусчут салгыны сөпкө быһаарыахтаах. Кус бастаан ууну, онтон мончууктары көрөн куттаммакка түһэрин ситиһиэххэ. Түһэн эрэр кус өрө тырыкынайар буоллаҕына, кусчут алҕастарын түргэнник туората охсуохтаах. Сэһээккэ уонна кусчут кус хараҕар бастакынан быраҕыллыа суохтаах.

Уулаах, инчэҕэй сиргэ сэһээккэни үрдүк, оттон кураанахха намыһах гына оҥостор ордук. Сэһээккэҥ кэтэҕэр үрдүк тыа ойуур күлүктүүр буоллаҕына, кэннин аһаҕас гыныахха сөп.

Күөрэтэн ытар киһи сэһээккэтин намыһах уонна үрдүн кыараҕас гына үмүрүтэрэ табыгастаах. Түгэх ууга олорор буоллаххына, иннигэр хахха эрэ оҥостуохха эмиэ сөп.

Сэһээккэни төһө кыалларынан туттар сириҥ таһынааҕы отунан-маһынан оҥостор табыгастаах. Ото чараас буолара ордук. Халыҥ оттоох сэһээккэ харааран көстөр, ону кус көрөр.

Сэһээккэни оҥостуоҥ иннинэ, бастаан олорор сиргин оҥоһун. Олорор сириҥ өйөнөрдөөҕө сынньалаҥ. Олох оҥоһуллубутун кэннэ хахыйахтарынан хатыйан сэһээккэ атахтарын, ойоҕосторун оҥоруллар. Онтон кур оту үргээн дьардьаматыгар оттору туруору кэккэлии ууруллар. Тыал көтүппэтин диэн синньигэс ньырҕа талахтарынан оту тиһэн тыал көтүппэтин курдук баайыллар. Ол кэнниттэн сэһээккэни ис өттүттэн олорон эрэ көрөргүн мэһэйдиир оттору быһан, намтатан, өрө тардан сааһылыыр бүтэһик үлэни толоруллар.

Сэһээккэни киллэм аһаҕас сиргэ туттар буоллахха, тулатынан талахтары быһан хороччу анньыталаатахха, кус хараҕын албынныаххын сөп.

Сэһээккэни араастык оҥоруохха сөп. Холобур, үс муннуктуу, түөрт эркиннээн, төгүрүк гына, үрүттээн, үрдэ суох, эркинин туруору, үмүрүччү, болуот охсон, атахха туруоран, көһөрө сылдьар араама сэһээккэ, кэтэх өттүн эркинэ суох, ааннаах, аана суох, о.д.а. Уулаах сиргэ тыыга олорон ытарга күһэлиннэххэ, тыыҥ саһарын курдук эркиннээх сэһээккэни оҥостуохха. Сэһээккэни оҥостуу кустаары турар сириҥ балаһыанньатыттан, отуттан-маһыттан, уутуттан-хаарыттан улахан тутулуктаах. Манна кусчут өйүн ууһа эмиэ оруолу оонньуур.

Кусчут сэһээккэтин хайдах оҥосторуттан сааскы куска сыһыанын уонна бултуон баҕатын быһаарыахха сөп дии саныыбын.

Мончуугу хайдах үтэр ордугуй

Мончуугу сөпкө үтүү – бултуйуу биир сүрүн төрүөтэ. Сөпкө үтүллүбүт мончуукка кус супту кэлэн түһэр.

Оттон сыыһа үттэххэ, кус ууга түспэккэ эрэйдэнэр уонна бүтэһигэр чиэски сиргэ түһэн, уһун түүҥҥэ олорон кустары бэйэтигэр тарда олоруон сөп. Кустаргыттан көрө маттаҕыҥ ити. Ол иһин, эдэр кусчут, мончууктары үтүү албастарын эрдэттэн үөрэтэриҥ ордук.

Бастакытынан, кыра, тимэх ууга3030
  Тимэх уу – сүрүн ууттан арахсан турар көлүччэтиҥи эбэтэр ходуһа хотоолугар тахсыбыт уу.


[Закрыть]
олорордуу тэриммит буоллаххына, уугар элбэх мончуук мэһэйи эрэ үөскэтиэҕэ. Маннык ууга элбээбитэ алта мончуугу олортуохха сөп. Кыра ууга моонньоҕон мончуугуттан сорох кустар куттаналлар. Ол иһин чыркымай, тыйаах, көҕөн, халба мончууктарын уурар табыгастаах.

Иккиһинэн, икки өттүнэн сэһээккэҥ аннын, ол аата куһу түһэрэн ытыахтаах сиргин, мончуугунан бүөлэтиэ суохтааххын.

Үсүһүнэн, дэлэй уулаах сиргэ күөлгэ олорор кусчут мончууга куһу тартарарга элбэҕэ ордук. Сэһээккэ иннигэр кустар түһэр үс-түөрт площадкаларын таһааран, мончууктаргын биэрэктэн үөс диэки субурутан үтүллэр. Оттон мончууга аҕыйах кусчут сэһээккэ иннигэр биир сиргэ арҕам-тарҕам ыһан олордоро ордук.

Төрдүһүнэн, ырбыыга олорор кусчут мончууктарын сэһээккэни икки өттүнэн бөлөхтүү ыһан баран, сэһээккэ анныгар хоруол мончуугу3131
  Хоруол мончуук – сэһээккэ иннигэр олордуллар соҕотох мончуук.


[Закрыть]
олортоҕуна, ырбыыны бата көтөн кэлбит кустар супту ол ыксатыгар кэлэн түһүөхтэрэ. Кынат мончууктары3232
  Кынат мончууктар – сэһээккэни икки өттүнэн үтүллэр мончууктар.


[Закрыть]
кус түһэригэр кыараҕас гына үттэххинэ, кустар аһара көтөн бараллар эбэтэр мончууктартан тэйэн, саа ылбат сиригэр түһэллэр.

Сымаһыттар

Бүлүү дьонун «сымаһыттар»3333
  Сыма – былыр күһүн мундуну буһаран баран, сири хаһан эбэтэр уһаакка симэн салгын киирбэт гына сабан хаһааныллыбыта.


[Закрыть]
дииллэр. Итинник этии оруннаах. Оҥойор айахтарын ииттинээри, ууну булкуйан балыктааһынынан идэтийэн кэлбит өбүгэлэрбитин улуу добдурга сахтарыгар, кэрээнэ суох кыргар кырыыстаах кыргыс үйэлэр кэмнэригэр «уу үөнэ сыма аһылыктаах мас сахалар» диэн сэнээн ааттаабыттарыттан иҥэн хаалбыт.

Ол эрээри билигин ити өйдөбүл уларыйан, балыктыыр албастары ымпыктаан-чымпыктаан баһылаабыт, мындыр, хоһуун балыксыты «сымаһыт» дииллэр. Онон булчут сымаһыт курдук илимниири эмиэ сатыахтаах. Мантан салгыы эйиэхэ, эдэр кусчукка, туһалаарай диэн тыыны хайдах эрдинэ үөрэммиппин, илими үтүү албастарын туһунан суруйабын.

Тыыга сүрэхтэнии

Бэһис кылааска үөрэнэр күһүммэр аҕабын кытта «Чачаҥда» пиэрмэтин учаастагар киинэ көрдөрө кэллибит. Сопхуостар уларсыкка Саахардаах диэн хара эриэн көлүүр оҕуһун биэрбиттэрэ. Мин ол оҕуһу миинэн иһэн ууга тыынан уста сылдьар кыыһы көрөн соһуйдум.

Кыысчаан күөлтэн тахсарын кэтэһэн тыы тардарга киирэн олордум. Хараҕым күөлтэн арахпат. Син көһүппүтүм кэннэ күн уотуттан уонна сайыҥҥы салгынтан тэтэрэ буспут иэдэстэрдээх, кылабачыгас бөдөҥ тиистэрдээх тыылаах кыысчааным эрдэр-эрдибэт устан кэллэ. Болҕойон көрбүтүм, бииргэ үөрэнэр кыыһым Марыыҥка эбит. Тыытын иһигэр соболор мөхсөллөр.

– Марыыҥка, илими сатаан көрөр эбиккин дуу? – диэн күүппэтэхпин көрөн соһуйабын.

– Көрбөккөбүн. Киинэ көрдөрө кэллигит дуо? – Марыыҥка мин соһуйбуппар кумаардаан да көрбөккө, утары ыйыталаспытынан тыытыттан тахсыбыта. Ити итинэн хаалбыта.

Бу көрсүһүү кэнниттэн «тыыны эрдэргэ үөрэппэккин, оннооҕор бииргэ үөрэнэр кыыһым илими көрөр эбит. Мин буоллаҕына тыыны эрдэри да сатаабаппын» диэммин аҕабын үүйэ-хаайа тутан мээрилиир буолбутум.

Биирдэ күнүскү омурҕан кэнниттэн күөлбүт атаҕар баран от охсор буоллубут. Хотуурдарбытын ылан уу баһар ыллыкпытынан күөлбүт диэки хаамтыбыт. Мин тыынан барар буоллубут диэн испэр үөрэ иһэбин, аҕабын кэнниттэн батыһабын. Аҕам тыы тардарга кэлэн умса быраҕыллыбыт кырааската суох мас тыыны олордьу уурда уонна ньамах ууга тыыны үтүрүйэн киллэрдэ. Төннөн таҕыста. Сатала суох модьу уктаах эрдиини ылан илиибэр туттарда уонна «уҥуор тиийээр» диэн баран хотуурдары холбуу тутан сүктэ да, хадьымал устун дайбана турда.

Мин эмискэччитэ бэрдиттэн кулахачыҥныы түстүм. Аҕам соһуччу соругуттан соһуйдум даҕаны, куттанным даҕаны. Ол эрэн тыынан устар баҕам кэтэмэҕэйдиирбин баһыйан, «миэхэ киирэн олор, уһуннубут» диир курдук ньамаҕынан бүрүллүбүт уу үрдүгэр дагдайан турар тыыны толлубуттуу одууласпахтаат, турар сирбэр «лах» гына олоро түстүм да, атаҕым таҥаһын уонна наскыбын устуталыы оҕустум. Быллаҥныы сытар бадарааннаах, никсик сыттаах кырыһы батарыта үктээбитинэн тыым иһигэр биирдэ баар буола түстүм. Эрдиибинэн анньыммыппар тыым өсөһүөх курдук гынан иһэн, эмискэччи устан күөгэс гынна.

Тыыбын икки өттүнэн түөрэҥнэтэн ууну баһа сыһан тыым олбоҕор «лах» гына олоро түстүм. Тыыбын өрө-таҥнары уһуннаран эргичиҥнэтэн эрдинэн кулупаайдаатым. Ол ахсын ньамахтары, уулары далбаатаммыппыттан сиэҕим иһинэн, хоонньубунан уу сүүрдэ. Ууну баллырҕаччы чалбааттыырбыттан түргэн үлүгэрдик ньылбы сытыйдым.

Онтон өйбүн-төйбүн булан, сыыйа-баайа тыым сүнньүн көннөрөн, кыралаан сыҕарыйдар сыҕарыйан истим. Устуохтаах сирим хоту тыыбын хайыһыннаран күөлүм уҥуоруттан долгуннура мөхсөр кулун кутуруга оттоох сири одууластым. Аҕам бэлиэр тиийэ охсон, отуостаан эрэр эбит. Хойутаары гыммыппын дии санаат, күөлбүн кытыылаан эрдибитинэн бардым. Тыым эрэһэ долгуну силэйбитинэн, күөгэҥнээбитинэн устан истэ. Туох баар күүспүн мунньунан, дьүккүччү туттан, сыыһа-халты далбаатаан харса суохпар түһэн, эрдинэн кулупаайдаан истим. Устунан илиим үөрэнэн, эрчимнээхтик эрдинэн, аҕабар ньылбы сытыйан тиийдим. Үөрүүбүттэн сүөм үрдээн, тыыбыттан ойон тахсан сонуммун кэпсии аҕабар ойбутум. Ити мин тыыга бастакы сүрэхтэниим этэ.

Илими үтэ үөрэнии кистэлэҥнэрэ

Тыынан устары сатаабыт киһи кэбэҕэстик илими үтэ үөрэнэр. Илими ыллыҥ да үтэн киирэн барыллыбат. Манна эмиэ туспа үөрэх наада.

Илими иилиһиннэрбэккэ үтэр инниттэн илим сааһыланыахтаах. Ол аата – бастаныахтаах. Бастаммыт илими үтэргэ чэпчэки. Саха илимин таастыганнарын уу иһигэр уган олорон, тыыгын тыалга оҕустаран түһэрэр ордук.

Күүстээх тыалга илим үтүллүбэт. Тыыгын долгун түөрэҥнэтэн уунан сабыта охсон тимирдиэн да сөп. Онон эрэһэ долгуҥҥа эбэтэр хара чуумпуга киирэн үтэр хаһан баҕарар ордук буолар.

Билигин саха илиминэн илимниир киһи суоҕун кэриэтэ. Илимньиттэр бары кэриэтэ омук араас илимнэринэн туһаналлар. Илими үтээһин да албастара улаханнык уларыйдылар. Ол эрээри илимнээһин сүрүн ньымата оннунан хаалла.

Кытай илимин саха илимин курдук түһэрдэххинэ, таастыганын сибиниэстэрэ илим хараҕар киирэн иилиһиннэрэллэр. Ол иһин кытай илимин ууга түһэрээри олорон, илим хотоҕосторун уонна таастыганнарын бобо тутан ууга уган сытытар ордук. Онтон таастыганнаах өттүн илими түһэрэр өттүнээҕи атаҕыҥ ньилбэгэр чөмөхтүү ууран, хотоҕостоох өттүгүн биир атаҕыҥ ньилбэгэр кыһарыйа тыыҥ ойоҕоһугар биллэхтии ууран баран, илим харахтаах сиэккэтин атаҕыҥ икки ардынан сахсайбытын хаптата баттыыгын. Чороох маска илим баһын баайаҕын, илими хотоҕостоох, таастыганнаах өттүттэн илиилэргинэн нэлэччи уунаҥната тардыалаан, уу үрдүгэр нэлэччи быраҕа-быраҕа, тыалга үрдэрэн эбэтэр эрдинэҥҥин барбах сыҕарыҥнаан түһэрбитинэн бараҕын. Маннык албаһынан омук илимнэрин хайдах баҕарар күҥҥэ иилиһиннэрбэккэ үтүөххэ сөп.

Илими сарсыарда эрдэ, күнүскү тыал түһэ илигинэ, үтэр, көрөр ордук. Оттон киэһэ күн арҕаалаабытын, күнүскү тыал астыбытын кэннэ көрөр да, үтэр да сынньалаҥ буолар.

Илимниир кэм уонна албастар

Саха киһитэ муус ырбыылаата да илимнээбитинэн барар үгэстээх. Бастакы илим соботун быгыы собото диэн ааттыыллар. Кыстаан, ыран, дьүдьэйэн тахсыбыт собо төһө да амтана мөлтөһүөр буоллар, харарҕаабыт киһи бастакы быгыы собону үөрэ-көтө сиэн ахтылҕанын таһаарар.

Оттон күөллэр муустарыттан босхолоннохторуна, соболор хонуу уутугар истэринэн сына сылдьан ыыллар. Бэс күөлүн собото икки төгүллээн ыыр. Соболор ыамнаан искэхтэрин сылаас ууга ыһан ыарыыланаллар, онон күөллэр чүөмпэлэригэр сөҥөллөр. Ол кэми «дьуоҕарбыт» дииллэр. Собо дьуоҕаран турар кэмигэр илимньит илимин күөл дириҥэр үтэрэ ордук.

От ыйын ортотуттан саҕалаан собо күөл дьаратыгар тахсан, харса суох аһыыр кэмэ саҕаланар. Итинник сайыҥҥы сылаас үрүҥ түүннэргэ маарылыахха, унньуктуохха сөп. Собо кытыылаан аһыыр кэмигэр күөллэр атахтарыгар, саппыйаларыгар илими улахан уу өттүн быһыттыы үтэн, кытыыттан саҕалаан, тыынан төттөрү-таары устан собону үүрэр ньыма – маарылааһын диэн ааттанар. Оттон маарылыан баҕарбат киһи унньуктуур. Ол эбэтэр сайын оройугар илими биэрэги бата кытыылыы үтэн биир-икки чаас кэриҥинэн илими эһэн ылаҕын. Итини унньуктааһын дэнэр.

Сайыммыт сөрүүкүтүйэн күһүнүгэр баран истэҕин ахсын, собо чүөмпэтиттэн тахсан үөрдээн эргийэ устара элбиир. Онон аны тоһуур ньыматынан илими үтүллэр. Ол аата күөллэргэ собо кытыылаан үөрүнэн устара саҕаланнаҕына, илими кытыыттан үөскэ туора үтэн таһааран балыктааһын.

Ити кэмҥэ мутукча көмнөҕө кытарар. Собо кытарбыт ойуур күлүгүттэн куттанан, күнүһүн уу үөһүн былдьаһар, оттон түүнүн үөрүнэн күөлү кытыылыы эргийэр.

Собо баччаларга саамай тупсубут кэмэ. Өлө элбиир, миинэ хоргуннанар. Онон күөллэр тоҥуохтара биэс-алта хонук хаалбытын кэннэ үлүмнэһэн содуоктааһын саҕалананар. Ол аата собону илимтэн арааран, тыыннаахтыы иһиккэ хаайааһын. Содуокка собону хатырыгын алдьаппакка, хааннырдыбакка арааран угуллар. Содуокка сап илим эбэтэр сахалыы өрүллүбүт хоппуруон илим табыгастаахтар. Кытай илимэ собону олус муомахтыыр буолан, собо олус бааһыран ырар-дьүдьэйэр, устунан өлөр.

Күөллэр турдахтарына, муус киһини уйдаҕына, муус аннынан илимнээһин саҕаланар. Итини хомолооһун диибит.

Илимньит, ити курдук илимнээһин араас албастарын туһанан, сылы эргитэ ууттан балык арааһын таһааран, сандалыгын байытыаххын сөп.

Сайыы

Биир дьыл II Күүлэккэ сырыттахпына, анды кэлиитин саҕана кустуур күөлбүт мууһа көтөҕүллэн тахсыбыта. Сааскы тыалтан муус кырылас тыаһа кылыгырыы суугунаабыта. Ити күн олохтоохтор «сайыыны3434
  Сайыы – саас күөл кытыытынан тэстэн, ирэн ойбон курдук дьөллөрүйбүт сир.


[Закрыть]
булан илимнэ үт» диэтилэр. Андылыахтаах күөлбүтүгэр саас ахсын тахсар сайыыны ыйдылар. Систэн киирэр сыккыс уонна хоруу сааскы муус уутун хамсатар буолан, эрдэ сайыы тахсар диэн быһаардылар.

Мин илим ылан сайыыны көрдүү бардым. Илиммин үтүөхтээх түөлбэм саппыйатыгар кэлэн көтөҕүллүбүт муус кытыытынан устабын уонна эрдиибин хороччу көтөҕөн, тоҥсуйан сайыыны көрдүүбүн. Эрдиим баһынан тоҥсуйдаҕым аайы мууска сааллан бүтэҥитик лүҥсүйэр. Сайыыны көрдүүр сирим син дириҥ, киһи турарынан. Хобордообут3535
  Хобор (хобур) – сиҥэ уута аллара түһэн көтөҕүллүбүт халтаҥ муус.


[Закрыть]
муус кытыыта долгун сынньарыттан көөрөттөн кылыгырыы тохтор. Мин төттөрү-таары устабын. Мууска ыкса сыһыннахпына, тыым муус үрдүгэр олорон хаалаары ыксатар. Ол иһин муустан тэйэ соҕус туттан сайыыбын көрдүүбүн да булбаппын. Устунан аккаастанан эрдэхпинэ, эрдиим баһа сымнаҕаска ньимис гына киирэн хаалла. «Сайыыларын буллум быһыылаах» дии санаан, чороох маспын сымнаҕас бадарааннаах сиргэ батары анньаат, тыалга оҕустарбытынан илиммин үтэн кэбистим.

Сарсыардааҥҥы кус көтүүтүн кэнниттэн, отуубар тахсаары илиммин көрдүм. Кытыы чороохтон өгдөтөн көрбүтүм, илимим ыраас сытар. Собото суох. Хайыамый, илиммин илиибэр хомуйан эспитинэн бардым. Өр-өтөр буолбакка, ол хомуйа турдахпына, илим ортотугар биир уоннаахха тутар бору-боллоҕор собо бөрөөн туппута ууттан мөхсүбүтүнэн таҕыста. Онтон устунан иккилии, онтон үстүү-түөртүү соболору тыыбар таһаарталаан бардым. Чорооҕум таһыгар ылара-биэрэрэ суох гына илиммэр собо сэбирдэх курдук хойуутук аспыт. Ити күн тыым түгэҕин өрөһөлүү сааскы быгыы собонон толорон отуубар тахсыбытым.

Хайа күөл собото ордугуй

Күөл арааһа элбэх: бэс күөлэ, хара мас күөлэ, алаас күөлэ, тэҥкэ күөлэ, тукулаан күөлэ, о.д.а.

Бэс күөлэ. Аата да этэрин курдук, бэс чагда, маардар, тарыҥнар тардыыларыгар баар кытыытыттан кумах биэрэктээх, үөһүгэр чайдаах, сапропеллаах, бэс сымалатынан угуттаммыт, киһи илиитигэр сыстаҥнас уулаах күөл. Бэс күөл собото атын күөллэртэн уратыта – бөдөҥ, эттээх уонна сиһин уҥуоҕа кытаанах буолар.

Хара мастаах күөл. Алаастыҥы, оттонор ходуһалаах, тулата тиит тыалаах, куталаах, күөлүн анна былыыктаах, муохтаах, собо эриллэр араас оттоох күөл. Маннык күөл собото бэс күөлүнээҕэр көрүҥүнэн кыра, ол эрээри амтанынан, миинэ барарынан, өлө хойуутунан улахан уратылаах.

Алаас күөлэ. Бүлүүһэ ортотугар сытар курдук дьоҕус күөл. Ойуурун саҕата үрдүк таалалардаах. Ардах-хаар уута алаас ортотугар сытар күөлгэ сиҥэрэн киирэрин быһыытынан ходуһатыгар үүнэр ото олус иҥэмтэлээх буолар. Ол да иһин буолуо, собото, быччыыката, мундута, күөнэҕэ олус минньигэһинэн, этэ сымнаҕаһынан уратылаах.

Тэҥкэ күөлэ. Өрүстэр, үрэхтэр тардыыларыгар үөскүүр уута сааһын аайы сайҕана турар уулаах күөл. Тэҥкэ күөлэ өрүһү, үрэҕи кытта сибээстээх буолан, уутугар өрүс балыктаах буолар. Үрэх сүнньүн санатар курдук биэрэгиттэн эмпэрэ сүнньүлээх. Собото өрүс балыктарын кытта алтыһар буолан, лэппиэскэ курдук бөдөҥ. Тэҥкэ күөл олус тыаһырҕас, сыыдам соболордоох.

Тукулаан күөлэ. Бэс тыаҕа сыҕарыйа сылдьар кумахтаах, тукулааннаардаах сир тулааһыннарынан үөскүүр күөл. Тукулаан күөлүгэр өрүс балыгын бары көрүҥүн көрсүөххэ сөп. Маннык күөлгэ быраҥаатта сөбүлээн үөскүүр. Собото бэс күөлүн соботуттан этэ сымнаҕас уонна миинэ барымтыатынан ураты минньигэс амтаннаах.

Уйбаан «тройной ухата»

Биирдэ Уйбаан Силипиэнтэп: «Дьэ, нохолоор, мин «тройной ухаттан» атын миини испэт буола сылдьабын», – диэн хонтуораҕа мустубут дьон ортотугар собо миинин хайдах буһардахха ордук минньийэрин туһунан улахан кэпсэтиини таһааран турар.

Биһигини кырдьаҕастарбыт собо миинин оргуйбутуттан ааҕаннар чаас уон биэс мүнүүтэ буһарарга үөрэппиттэрэ. Биир чаас устата оргуйбут собо миинэ минньийэр, онтон уон биэс мүнүүтэ салгыы оргуйдаҕына, собо миинин астыйар диэн быһаараллара. Бу кэм устата собо үрдэ үрүмэлэнэ, миинэ үрүҥ буола хойдо буһар. Оттон собо бэйэтэ уулла буһан, өлө, искэҕэ, сиһин этэ сииргэ минньигэс амтаннанар. Миинин истэххэ, түөһүҥ иһинэн сайа охсон киирэн, эккинэн бүтүннүү тарҕанан, уҥуохтаргын, эккин-сииҥҥин сымнатан, сытан, сынньанан ылыаххын баҕарталаан кэлэҕин. Собо киһиэхэ ити курдук түргэнник эккэр-хааҥҥар дьайа охсор күүстээх.

Оттон Уйбаан «тройной ухата» диэн биир мииҥҥэ үс төгүл собону уган буһарбыттара ааттанар. Ол аата күөскэ кутуллубут ууга бастакы биэс-алта собону халыкыната түһээт, хоторуллар, онтон ол ууга иккиһин соччо собону хос уган чаас аҥаара буһарыллар уонна эмиэ хоторуллар. Онтон үсүһүн итиччэ собону саҥаттан күөскэ угуллар уонна чаас уон биэс мүнүүтэ оргутуллар. Маннык ньыманан буспут собо миинэ киһи сүһүөҕүн көрбүтүнэн түһэр хойуу, амтаннаах буолар.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации