Текст книги "Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ"
Автор книги: Д. Михайлов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 7 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
Иэдээннээх иэстэбил
Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан, «Халыма» сүрүн айан суолун кыйа хортуоска буолалара хойуутук көстөллөр. Дэриэбинэ олохтооҕо буола хорута сылдьыбыт. Урукку буолатын кэҥэтэр санаалаах турунан туран үлэлээбит. Арай сир хорутар тэрилэ туохтан эрэ иҥнэн, тыраахтырын тохтотон, түһэн көрөн баран, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыт. Киһи дьардьамата хостонон тахсыбыт, төбөтүн уҥуоҕа эчэйбэтэх. Отой былыргы көмүү быһыылааҕа: кыыл тириититтэн тигиллибит таҥаһа, дьардьаманы буортан ороору гыммытыгар илдьирийэн тырыта барбыта, онтон киһитин уҥуоҕун сэрэнэн хостоон, чөкө сиргэ уурбута, үлэтин бүтэрэн баран, төттөрү көмөр санаалааҕа. Киэһэлик тус арҕаа диэкиттэн хойуу былыт тахсан, ардыырдыы оҥостубута. Тырахтарыыс дьиэтигэр ыксаан, киһитин кырамтатын дьаһайа барбатаҕа, сарсын да оннун булларыам дии санаабыта.
Сонунун кэпсээн, дьонун куттарын ыыталыы сыспыта, ардах уһун түүнү быһа аа-дьуо тохтообокко түһэ турбута. Нөҥүө сарсыардатыгар буолаҕа кэлэн, киһитин көрдүү сатаабыта да, булбатаҕыттан хайдах эрэ ытырыктата санаан, көлөһүнэ сарт түспүтэ. Үлэлээн бүтэн баран, өссө көрдүү сатаабыта да, туох да суоҕа.
Үһүс күнүгэр киһилэрэ үлэлии барбыт уонна дьиэтигэр кэлбэтэх. Дьоно күүтэ сатаан баран, буолаҕа кэлбиттэрэ, аҕаларын тыраахтыра кураанах турар эбит. Буола хорутар тэрилин салбаҕа хайыы үйэ хаппыт хааннааҕын көрөннөр дэлби уолуйбуттар. Ити миэстэттэн тэйиччи соҕус саҥа хорутуллубут буорга аҕаларын сэймэҕэ сытарын булбуттар, буола хорутар тэрил көрүөхтэн эрэ ынырыктык илдьириппитэ олус дьулаан көстүү этэ… Туох хара дьайдаах киһитэ дуу, дьоно дуу бу айылаах туох иһин маннык кэбилээбиттэрэ буолуой диэн, буруйдаахтары көрдүү сатаабыттара да, туох да сибики биллибэтэҕэ. Арай бу эргин олорор айылҕаттан айдарыылаах киһи эппитинэн, былыр буола саҥа кэҥэтиллэн, хорутуллубут миэстэтигэр удаҕан дьахтар олоро сылдьыбыт эбит.
Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…
(с) К.В.
Көстүбэт күүстэр уйалара
Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай арыый да аҕа саастаах Бааскабыт кэннин хайыһан көрбүтүгэр түннүккэ дьахтар турар курдук көстүбүт. Биһиги ону отой да итэҕэйбэтэхпит, Баасканы сымыйалыыр, куттуу сатыыр диэбиппит, онтон төннө сылдьыахха диэн хаайбытыгар сөбүлэһэммит эмиэ кэлбиппит. Хата, күн киирэ илик этэ, улахан дьон этэринэн, туох баар абааһылар күннээххэ көстүбэттэр диэн. Ол төннөн көрбүппүтүгэр түннүккэ ис өттүттэн илии суола баар курдуга, Бааска эппитин, дьэ, итэҕэйэн, дьиэбит диэки сүүрбүппүт.
Ол сайын биһиги дэриэбинэбитигэр эдэр ыал үлэҕэ ананан көһөн кэлбит. Эр киһи Киргиэлэй, инженер дуу, электрик дуу быһыылааҕа, кэргэнэ кыра оҕотун көрөн олорор дииллэрэ. Олохтоох дьон: «Бу дьиэттэн атын сыантырга өссө биир кураанах дьиэ баар, онно олоруҥ, бу дьиэҕэ дьон олорботоҕо олус ыраатта», – эҥин диэн таайтаран этэ сатаабыттарын эдэр киһи истибэтэх. «Ээ, манна чуумпуга ойуур саҕатыгар үчүгэй, үлэбиттэн да чугас, бэрт!» – диэбит. Онтон күһүөрү сайын истибиппит, Киргиэлэй кэргэнэ оҕотун илдьэ дойдутугар барбыт. Сурах иһиллибитинэн, күнү быһа дьиэҕэ оҕотун көрөн олорон, дьон саҥатын истэр эбит, өссө хаста даҕаны күлүк курдуктары көрөн олус куттаммыт. Куһаҕан тыын баарын этэ сатаабытын кэргэнэ отой итэҕэйбэтэх уонна ол дьиэҕэ соҕотоҕун олорон хаалбыт.
Киргиэлэй дьоно барбыттарын кэннэ, хас да күн арыгылаабыт, бииргэ үлэлиир дьонугар: «Мин олорор дьиэбэр өлө итирик эрэ киһи холкутук утуйан турар дьиэтэ», – диэбит. Дьиэҕэ дьон саҥата, сороҕор хаһыы иһиллэр, миэбэли сыҕарытар тыас эмиэ баар эбит.
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сахаяна Лопатина
Сэлиилии сиэлэн
Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.
Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр бэлисипиэппин тиэйэн илдьэ баран, төннөрбөр бэйэм көлөбүнэн кэлэр буолбутум. Биир киэһэ баһаам бугулу оҥорбуппут, киэһэлик күн арҕаалыырын саҕана, аҕам хомунан барбыта. Хаалан, бастаан күөлгэ дуоһуйа сөтүөлээбитим, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сылаас ууга сөтүөлүүр үчүгэй да буоллаҕа! Тимир көлөбөр олороот, бөһүөлэк диэки айаннаабытым. Тиэтэйбэккэ тэбэн истэххэ, саҕахха саһан эрэр күн кытара саһарбыта кэрэ көстүү буолан дууһабын кынаттыыр курдуга, элэҥнэһэн ааһар бэс, хатыҥ мастар «сарсын эмиэ от бөҕөнү охсоор» диир курдуктара. Онтон салгыы түөрт килэмиэтир курдугу барбытым кэннэ, аны олохтоохтор отторун угар күрүөлэрэ кэлитэлээбиттэрэ, өссө да кур оттор тураллара көстөрө. Суол тосту эргиллиитэ кэлбитэ, бу миэстэ кутталлааҕа диэн, утары туох иһэрин көрбөккө хаалыахха сөбө. Бу айаннаан иһэммин, суолга куоластыы турар кыыс, тайахтаах эмээхсин айан массыыналарын сырсалларын туһунан киһи иэнэ кэдэҥэлиир дьон кэпсээнин санаан кэлбитим. Ити курдук ону-маны саныы иһэн өйдөөн көрбүтүм, суол өҕүллүүтүттэн тураҕас аттаах киһи сэлиилии сиэллэрэн иһэр эбит. Эмискэ көрө биэрэн олус соһуйбутум! Чугаһаан баран, ат туйаҕын тыаһа отой да иһиллибэтин дьиктиргээбитим. Айанньыт сындалҕаннаах айантан сылайбыт көрүҥнээҕэ, тулатын көрүммэккэ, көбүс-көнөтүк туттан олороро, хараҥа таҥастааҕа, лаппа чугаһаабытым, атаҕа уп-уһун эбит, мэктиэтигэр сири таарыйар курдуга. Ат бэйэтэ сиэри таһынан уһун, үс-түөрт сылгыны кэккэлэһиннэрбит курдуга, айыы сирин сылгыта, Дьөһөгөйүн оҕото ама итинник буоллаҕай диэх курдук санаа киирэн ааспыта. Начаас икки ардыгар аттаах киһим бу тиийэн кэлбитин утары көрөн бараммын, бэлисипиэппиттэн сууллан, охтон түспүтүм. Муннубар амырыын сыт саба биэрэр курдуга да, өйбүн сүтэрэн кэбиспит этим. Өйдөнөн турбутум, аттыбар ким да суоҕа, уҥа тобугум уотунан аһыйара, тириитэ саралаабыт этэ. Ойон тураммын, туох баар күүспүнэн бэлисипиэппин тэбэн, уон биэс мүнүүтэ курдугунан дэриэбинэҕэ кэлбитим. Уолуйбут, уйуһуйбут куттал санаабын оҕолор күйгүөрдэрэ, ыал тиэргэниттэн иһиллэр муусука, тэйиччи хайа эрэ киһи уһанар эрбиитин холбоспут тыаһа уоскуппута. Дьиэҕэ киирээт да, туохха түбэспиппин дьоммор кэпсээбитим. «Бэйэтин дьыалаларын ситэрэ-оһоро сылдьар, туспа ыырдаах айанньыт буолуо», – диэн санааларын түмүктээбиттэрэ.
Күн бүгүн да ол аттаах киһи муҥунан көрбүт харахтарын кыайан умнубаппын.
Георгий Старков
Сааһырбыт көмүсчүт кэпсээннэрэ
Соһуччу көрсүһүүБу түгэн 2006 сыллаахха Булуҥҥа баахтаҕа үлэлии сырыттахпына буолбута.
Үгүс кыһалҕаны көрсөн, хамыыһыйа, бэрэбиэркэ бөҕөнү ааһаммын бэрт эрэйинэн үлэ булан, хоту улууска баахтаҕа барбытым. Тута бульдозориһынан үлэбин саҕалаабытым. Биһигини бөлөх-бөлөх арааран мас баалкы дьиэлэргэ олохсуталаабыттара. Үлэлииргэ син үчүгэйэ, хоту дойду чэбдик, чэгиэн салгына сүрэҕи-быары ортотунан киирэрэ. Бэйэтэ да айылҕаттан бэрт кылгас, сип-синньигэс мастары солуур этим, ону соччо сөбүлээбэтэрбин да, хайыамый, үлэм буоллаҕа дии. Биһиги дойду отугар-маһыгар, халыҥ сис тыаларыгар холоотоххо, айылҕа уратылааҕа харахха быраҕыллара.
Биирдэ түүн таһырдьа тахса сылдьар наадаламмытым. Тахсан, көҕүрэттэн баран, хоту дойду холку-наҕыл түүнүнэн дуоһуйа тура түстүм. Эмискэ баҕайы, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сытыы тыал иэдэспин кымньыылаан, тыбыс-тымныынан хаарыйар курдук буолан ылбыта. «Тыый, бу үлүгэр чуумпуран туран, тыалырбыта тоҕо түргэнэй, дохсунай?» – дии санаабытым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, уун утары дохсун буурҕа ытыллан иһэр эбит, онно кыыл табалар омоонноро баарга дылыта да, ытыллар буурҕа ыы муннубар тиийэ чугаһаан кэлэригэр табалар омоонноро сүтэн, кырдьаҕас оҕонньор буолан хаалбыта. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ турбутум, онтон уоскуйан, өссө Байанай кырдьаҕас илэ бэйэтинэн кэллэ дуу диэбит санаабыттан хайдах эрэ чэпчээн хаалбытым. Оҕонньорум миигин кыбыс-кытаанахтык көрө-көрө: «Дьэ, бу эн, саха киһитэ, үгэһи кэһэҥҥин тоҕо оту-маһы солуугун, үлтү барчалыыгын, мин ону отой буойабын. Урукку өбүгэ дьонуҥ курдук мас мастаан, от оттоон, тирии имитэн, биитэр маһынан арааһы уһанан олоруохтааххын», – диэбитэ. Онтон өйдөнүөм икки ардыгар кэлбитин курдук салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ хайдах киирбиппин чопчу өйдөөбөппүн, олус соһуйбутум да бэрдэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга.
Ити түгэн кэнниттэн, син ханнык эрэ кэмҥэ, Байанайдыын көрсүһүү төбөбүттэн тахсыбакка сылдьыбыта. Онтон сыыйа-баайа умнуллан, үлэлээбитим курдук үлэлээбитим, уурайбатаҕым.
«Дойдулаах дьону уйгуурдумаҥ!»
Манна кэпсэнэр түбэлтэ эмиэ кыһын уһук хоту буолбута. Холомолоох диэн сиргэ үлэлээбиппит. Хара маҥнайгыттан бу сир аатын дьиктиргии санаан ыйыталаспытым: урут холомолор элбэх буолаллара үһү. Бэрэбинэттэн оҥороллор, былыргы ойууннар дьахтар төрүүрүгэр туһаналлар эбит. Мантан сиэттэрэн, Байанай кэлэн сэрэппит тылларын санаабытым: кырдьык даҕаны, алмааһы хостоору сир ньуурун алдьатабыт, дьөлө хаһабыт, оту-маһы алдьатан суол солуубут, уу сүүрэр тымырдарын таптыырбытынан уларытабыт, хаһыллыбыт сирбит дириҥ умуһах буолан бааһыран хаалар…
Мантан салгыы өссө күөл уутун түһэрэр сорудахтаахпыт.
Геологическай разведка былаанынан күөл түгэҕэр элбэх сыаналаах минерал баар эбит. Киһи сөҕүөх, күөл кытыытынан, кураанах сиригэр, үс хаппыт, олус суон мас үүнэн турара. Киһи төһө да баҕарбытын иһин, мастары иилии кууһар кыаҕа суоҕа, оннук кэтиттэрэ. Онно өссө суон бэрэбинэ ыскамыайка баара.
Күөл уутун көһөрөр эбээһинэһи Алексей диэн түөрт уонча саастаах нуучча киһитигэр сүктэрбиттэрэ. Кини айылҕаттан бөдөҥ-садаҥ, сүрдээх киппэ көрүҥнээх уола хаан киһи этэ. Киэһэ сэттэ аҥаартан симиэнэ тутуһан, Алексей күөлгэ киирбит. Симиэнэ кэнниттэн остолобуойга киирбитим, Алексей тулатыгар дьон мустубут, киһибит олус улаханнык куттаммыт, уолуйбут көрүҥнээҕэ. Хараҕа мээнэнэн сүүрэкэлиир курдуга, илиилэрэ салыбырыыллара. Кини туохха түбэспитин кэпсээбитэ.
Бастаан уутун түһэрэн баран, аны мастары сууллартыахтааҕа. Арай бульдозерыгар олорон көрдөҕүнэ, ыскамыайкаҕа сахалыы үрүҥ былаачыйалаах кыыс олорор эбит. Алексей: «Туораа эрэ», – диэн сигналлаабыт да, кыыс олорбутун курдук олорор үһү. Хайдах истибэт баҕайыный дии санаан, тыраахтартан түспүт, онтон, соһуйуон иһин, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ олорор кыыс субу чугас кэлэн турар үһү. Сирэйэ-хараҕа дьулаан дьүһүннээх эбит… Өссө эбии соһуйуон иһин, мас кэннигэр тирии таҥастаах оҕонньор илиитинэн бар диэн сапсыйа турар. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр, били кыыс Алексейы икки санныттан ылан сахсыйан барбыт уонна чопчу туох да диирэ иһиллибэт курдук сахалыы, Алексей өйдөөбүтүнэн, «Тогоиникгынын» диэбит. Кыыс сахсыйарыттан туох баар күүһүн барытын түмэн, нэһиилэ босхолонон иннин хоту сүүрэ турбут. Хата, дьолго, кинини эбиэккэ сылгылыы иһэр массыынаҕа утары тахсан кэлбит эбит. Биһиги киһибитин төгүрүйэн туран, кыыс: «Тоҕо итинник гынныҥ?» – диэн сахалыы ыйыппыт эбит дэспиппит.
Алексей туох да иһин ити сиргэ үлэлии барбатын туһунан эппитэ. Тыраахтара умуллан хаалбытын состорон аҕалбыттара, дьоппуон омук тиэхиньикэтэ ким эрэ тохтоппутун курдук умуллубутуттан муодарҕаабыппыт. Алексей түүҥҥү симиэнэҕэ сылдьарын Романныын атастаспыта, киниэхэ түбэспит түбэлтэтин кэпсээбитин киһитэ соччо-бачча сэргээбэтэх.
Сарсыныгар Роман тугу эмэ көрбүтүн-суоҕун билээри, эбиэт кэмин олус күүппүппүт. Күнүскү сынньалаҥмытыгар тиэхиньикэлэрбитин биир сиргэ туруортаан, мустааччыбыт. Көрдөхпүнэ, Роман тыраахтарыттан түһэ илик эбит, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдук дуу дии санаан, дьиктиргээн ыйыппыппын: «Кими кытта кэпсэтиэхпиний, бэйэҥ сыыһа иһиттиҥ ини?» – диэн төттөрү баайсан кэбиспитэ. Бу ааспыт аҕыйах чаас иһигэр көрдөөх-нардаах, кэпсээн-ипсээн бөҕө киһибит тосту уларыйбыт этэ, отой саҥарбат да, тугу да сэргээбэт да буолан хаалбыта… Сонно тута хонтуораҕа баран, үлэтиттэн уурайарын туһунан сайабылыанньатын биэрбитэ. Дойдутугар барыар диэри хоһуттан ханна да тахсыбакка олороро, аһыырыгар эрэ тахсара да, син биир соҕотох олороро, кимиэхэ да чугаһыы сатаабата.
Роман уурайан барбытын кэннэ, биһиги түүҥҥү симиэнэҕэ отой үлэлээбэппит диэн кыккыраччы аккаастаммыппыт, онуоха эрэ салалтабыт атын эйгэлээх ойуун киһини ыҥыран ыраастаныы сиэрин-туомун ыыппыта. Ол кэнниттэн үлэһиттэртэн ким даҕаны кыыстаах оҕонньору көрдүбүт диэбэт буолбуттара. Мин билэрбинэн, маннык улахан бөдөҥ хампаанньаҕа сахалыы сиэринэн ыраастаныы аан бастаан буолбута.
Петр Барашков
Ойууну тэйитии
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Саха сирин бары улуустарыгар ойуун-удаҕан ким туох кыһалҕалаахха, сүтүктээххэ туһалыыллара. Онтон былаас уларыйбытын кэннэ, ойууннааһыны утары күүстээх үлэ баран, дьоҕурдарын тохтоторго күһэллибиттэрэ. Улахан наадаҕа ханна эрэ тэйиччи, дьонтон-сэргэттэн дьаадьыйан, дьарыктарын толороллоро. Кэнники Ыстаалын былааһын саҕана, Бүлүү улууһугар олорбут ойуун киһи маннык ыгыыттан буоллаҕа, хаһаайыстыбатын, саха киһитин сиэринэн ыал буолан олорбут малын-салын, син биир күүстэринэн былдьыыллар диэн, көҥүл өттүнэн былаастарга биэрэн баран, бэйэтэ түҥ ойуурга, былыргы үүтээҥҥэ баран, дьонтон-сэргэттэн тэйэн олохсуйбут. Аһын-үөлүн сөп буола-буола аймаҕа уол аҕалан биэрэ турбут. Ойуун уолга эппит: «Дьэ, нокоо, манна миэхэ күн сырдыгар эрэ кэлэр буол, киэһэ өттүгэр, ордук түүн, отой кэлбэт буол», – диэн.
Бу кэпсэтии кэнниттэн биирдэ уол тоҕо эрэ хойутаан хаалбыт. Үүтээҥҥэ тиийэн кэлбитэ, дьиэлээх хаһаайын суох эбит, бачча хойут ханна бардаҕай диэн күүтэ сатаан баран, таһырдьа тахсан турар. Арай иһиттэҕинэ, чугас соҕус дьон саҥата дуораһыйар.
«Тыый, хараҥаран эрэр дии, туох дьоно кэлэн, тугу гына сылдьар бэйэлэрэй?» – дии санаан, ойуур саҕатынан саҥа хоту иһирдьэ киирэр.
Ойуун улаханнык аймаммыт саҥатын истэн, иһийэн турар: «Туох ааттаах халыҥ аньыыбар бу сырыттахпыный, кыра, кырыымчык дьоҥҥо үтүөттэн ураты туох да куһаҕаны оҥорботоҕум. Баайбын барытын олорчу ууран биэрдим, бэйэм бу хара тыаҕа кэлэн олоробун», – диир эбит. Онуоха кимнээх эрэ саҥаралларыттан иһиттэххэ, үс-түөрт киһи биир киһи курдук: «Дьэ, сыыһа бөҕө, манна кэлэн туһата суох киһи курдук сылдьарыҥ», – дэһэллэр. «Үтүө ааппын, дьоһун сурахпын хаһан эмэ өйдүөхтэрэ дуо, оо, абаккам да буолар эбит!!!» – диэн ойуун, айылҕаттан айдарыылаах, туспа суоллаах-иистээх киһи, муҥатыйар саҥата иһиллэр. «Дьэ, олус санаарҕаама, наһаа муҥатыйыма, дьон өйө-санаата уларыйыаҕа, эн ааккын, эн кыаххын, дьэ, өйдүүр, эн курдук дьону сыаналыыр, ытыктыыр кэмнэрэ кэлиэҕэ!» – дэһэллэр. Уол куттаннар да, эр санаатын ылынан өссө чугаһаан көрбүтэ, аймаҕа ойуун киһи икки илиитинэн төбөтүн хам туттан, чөҥөчөккө олорор, тулатыгар, киһи куттаныах, икки миэтэрэттэн ордук үрдүктээх дьоннор тураллар эбит. Уол, уолуйан хаалан, кэннин хайыспакка, сүрэҕэ айаҕар тахса сыһан, көрүө суохтааҕын көрөн, атахха биллэрбит.
Сарсыныгар кэлбитэ, ойууна киһи киһинэн олорор, уол бэҕэһээ көрбүтүн ыйыппытын таһы-бааччы мэлдьэһэн кэбиһэр. «Хайдах буоллуҥ, нокоо, тугуҥ тылай, туох дьонун кытта сылдьыамый, хата, арыгы иһэн баран, тугу эрэ булкуйан тыллаһар инигин!» – диир…
Ити курдук, ойуун оччотооҕу бобуу кытаанах кэмигэр кистэлэҥин, атын дьон билбэт эйгэтин, хаан уруу ыччата да буоллар, кэпсээбэтэх. Билигин, дьэ, ол уол хараҕар көстүбүт дьон этиилэрэ туолан, айылҕаттан айдарыылаах дьоммут хатыламмат дьоҕурдарыгар сүгүрүйэбит…
Ытык маһы кэлэтии
Бу түбэлтэ алта уонус сылларга буолбута. Куорат сиргэ үлэ көстөн быстыбакка, эдэр уол добуочча эрэйдэнэ сырыттаҕына, тыаттан доҕоро холкуоска үлэ баарын этэн, уол дэриэбинэҕэ айаннаан испит. Саатар үлэлээбэккэ сылдьан, харчытын дуомун барытын хаартыга сүүйтэрэн, мэлийэ сылдьар эбит. Ити курдук баран иһэн көрдөҕүнэ, бэрт хойуу лабаалардаах аарыма улахан мас үүнэн турар, өрдөөҕүттэн ыла ыйаммыт саламалаах, айан дьоно ууран ааспыт араас бэлэхтэрэ-туһахтара, ол иһигэр харчы бөҕө сытар эбит. Уол, толкуйдуу да барбакка, «халлаантан түспүт» харчыны сиэбигэр хааламмыт.
Син балачча айаннаан, биир кураанах дьиэҕэ кэлбит, сылаата киирэн, илдьэ сылдьар буоккатыттан иһэн баран, нуктаан барар. Бэрт начаас харахтара сабыллан иһэн, ким эрэ дуу, туох дуу атаҕыттан тардыалыырыттан хараҕын аспыта, ким да суох эбит. Уол салгыы утуйар, эмиэ оннук хатыланар. Үһүстээн төхтүрүйэн утуйан эрдэҕинэ, лаппа күүскэ атаҕыттан тардан, өссө соһор курдук буолаллар. «Туох моһуоктуур баҕайыный?» – диэн тахсан дьиэ тулатын көрбүтэ, уу чуумпу үрүҥ түүн аан туманынан бүрүллэн иһийэн турар… Сатыырынан үөхсэн, уол төттөрү дьиэҕэ киирэн утуйан хаалар да, били тардыалаһааччыта утуппат. Биирдэ көрбүтэ күтүр улахан киһи омоонугар майгынныыр күлүк кэлэн тардыалаһа турар. Уол соһуйан, сүрэҕэ айаҕынан тахса сыһан, сүр күүскэ сарылаат, атахха биллэрэр. Куттаммыт күүһүттэн бөһүөлэккэ диэри тохтоло суох сүүрүүнэн түһүнэр. Тыҥатын күүгэнэ баранан, көлөһүн аллан, хараҕын муҥунан көрөн, бастакы дьиэ ааныгар кэлэн, туох баар күүһүнэн ыал аанын лигийэр. Дьиэлээхтэр өлө куттаммыт киһини уоскутан, уол кэпсээнин истэн бараннар: «Дьэ, тоҕойум, ол хомуйбут харчыгын төттөрү оннугар илдьэҥҥин уур, ити маһыҥ аарыма кырдьаҕас ытык мас, айан дьоно аараан, тохтоон сүгүрүйэн ааһар миэстэлэрэ буолар. Эн, эдэр киһи, ытык маһы кэлэппит эбиккин», – дииллэр. Уол куотарыгар үрүсээгин өйдөөн ылбатах эбит. Оттон харчыны сиэбигэр хаалаабыта, өйүттэн тахсан куотарыгар, барыта саккыраан хаалбыт.
«Ол да иһин ыстааным сиэбэ хайдыбыт этэ», – диэн ити үлүгэр куттаммытын умна охсон, хайдах эрэ харчыта түһэн хаалбытыттан кыһыйа саныыр уонна массыына тохтотон салгыы айанныыр. «Ытык маһы кэлэтии – ыар аньыы», – диэн кэмсинэр сурахтааҕа, уолугунан тыыммыт оччотооҕу уол билигин сэттэ уонун ааспыт оҕонньор киһи…
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?