Текст книги "Эр киһи уонна дьахтар"
Автор книги: Егор Неймохов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 28 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
– Балаакка эмиэ баар дуо? – Бэргэн ыйытта.
– Баар-баар.
– Чэ, оччоҕо хайыыбыт? – уол кыыһын диэки көрбүтүгэр биирдэрэ туох да диэн саҥарбата, мэктиэтигэр, тылыттан матан хаалбыкка дылы: «Бүгүн төннүбэт эбиппит дуу?» – диэн санаа элэс гынан ааста уонна саннын ыгдах гыннарда, онуоха Бэргэн:
– Балаакката ордук буолара дуу, бачча үчүгэйгэ салгыннаах сиргэ сыыр үөһэ, күөх хонууга балааккаҕа сытар, аллара эбэ долгуннара кытылга кыллыр-халлыр охсуллалларын иһиллиир олус үчүгэй буолааччы, – диэтэ.
Көстөкүүн кинилэри саҥата суох көрөн турбахтаан баран, кэпсэтиигэ кытынна:
– Үчүгэй, эн этэриҥ курдук мантан икки сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ арыыбыт тумсугар күөх оттоох көнө хонуу баар, онно балааккаланар ордук буолуо.
Сотору аһаан бүттүлэр, Ксенья иһити сууйаары гыммытын Көстөкүүн: «Турдун, мин бэйэм дьаһайыам», – диэн кэбистэ уонна үүтээҥҥэ киирэн, икки утуйар мөһөөччүгү кытта балаакканы тутан таҕыста. Уоллаах кыыһы батыһыннаран, арыы тумсугар аҕалан балааккаларын тардан бардылар, Ксенья сыыры таҥнары түһэн, уу кытыытыгар киирэн, обургу таас үрдүгэр олорон хомону одууласта. Үөстэн сөрүүн салгын саба биэрэр, уу саҕатыттан чугас уу ылбыт соҕотох иирэтэ тохтоло суох илибирии мөхсөр, кыыс бэйэтин тоҕо эрэ ойдом үүммүт чороҥ соҕотох иирэ талахха ханыылыы санаата, дьонуттан-сэргэтиттэн тэйэн, эмискэ быһаарынан манна кэлэн хаалбытын билигин дьэ өйдөнөн бэркиһээтэ. Испит арыгыта адьас ааһан, олох өйдөннө, ити Көстөкүүн эҕэрдэлииригэр саҥата суох хаалла дии, тугу да быһаарыммакка сылдьан, арааһа, сыыһа сөбүлэспиккэ дылы саҥарбата дуу?
Ити кэмҥэ үөһэттэн кумах суккураата уонна аттыгар Бэргэн биирдэ баар буолла, сэрэммиттии аттынааҕы тааска олорунан кэбистэ:
– Ксенья, балаакка бэлэм. Тоҥмоккун дуо, манна сөрүүн буолбатах дуо?
– Суох, үчүгэй, Бэргэн, эн ити табаарыһыҥ эппитин итэҕэйбэт инигин? Мин билигин ыал буолар санаам суох уонна эйигин эмиэ үчүгэйдик билбэппин ээ.
– Ксенья, өйдүүбүн, оттон мин эйигиттэн тугу кистиэмий, чахчы эйигин таптыыбын, оттон ыал буоларга сөбүлэстэргин улахан дьолум буолуох этэ.
Саҥа суох буолла, хомоҕо хоптолор төттөрү-таары тыҥкынаһа көтөллөр, уу үрдүнэн биллэр-биллибэт туман өрүкүйэн эрэр. Тэйиччи сүрүн үөһүнэн мотуордаах оҥочо ааһарыгар, аппа айаҕын туһаайыытыгар кэлбитигэр, аһаҕас сиринэн тардыллан субу баардыы күүскэ тыаһаан ылла. Уонна чуумпу, икки атахтаах сэдэхтик үктэнэр хомотугар атын туох кэлэн аймыа буоллаҕай?
Өрүс чэлгиэниттэн дьагдьайыах курдук буолан, иккиэн үөһэ дабайдылар, балаакка ааныгар тиийэн сэгэтиэх курдук гынан иһэн, кыыс уол диэки ыйытардыы көрбүтүгэр, Бэргэн:
– Эн, чэ, киирэн оҥостон сыт, мин хойутуу…
Уол балааккаттан тэйэн, эмиэ хомо кытыытыгар киирэн, ууга таастары быраҕаттыы оонньуу сырытта. Оҕо эрдэҕинэ: «Ким хас алаадьыны оҥорор эбитий?» – диэн күрэхтэһэллэрэ, иҥнэйэн баран, хаптаҕай тааһы уу кырсынан халты барарыныы быраҕаттыыллара. Таас уу урсунуттан тэйитэлээн баран тимирэрэ, оччоҕо хас ии үөскээбитин аахсыы буолара. Ону санаан, Бэргэн хас да тааһы ууга тамнаата эрээри өйө-санаата балааккаҕа утуйаары хаалбыт Ксеньяҕа ханньары тартара турар. Билигин сыгынньахтанан сыттаҕа. Аан маҥнай Сэргэлээх уопсайыгар көрсөллөрүгэр кылгас халаат анныттан кыыс маҥан суон бөтөҕөлөрө, бууттара көстөллөрүн өйдөөн, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ, тыынара кылгаата, хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата, ол ахсын өссө кыһыйан-абаран туох түбэһэр таастары ууга кыыраталыы сырытта. Күөс быстыҥа оннук сылдьан баран, сүрэҕэ түөһүгэр батыа суохтуу бүллүргэччи тэбиэлиирин истэ-истэ, сыыры дабайан балаакка ааныгар тохтоон ылла уонна синим биир диэбиттии, бириһиэн ааны өрө тардан, иһирдьэ дьылыс гынна.
Кыараҕас балааккаҕа кыыс улаҕа хайыһан, спортивнай таҥаһын устубакка сытар. Уол хайыан да билбэккэ, утуйар мөһөөччүк үрдүгэр эмиэ таҥастыын тиэрэ түстэ. Киирэн эрэр күнтэн балаакка бириһиэн үрүтүгэр хатыҥ лабаатын күлүгэ тараадыйа түһэр, бочур сэбирдэхтэрэ тохтообокко мөхсөллөр. Сүрүн үөһүнэн ааһан иһэр борохуот тыаһа эмиэ аппа айаҕар күүскэ тыаһаан, ырыата-тойуга дорҕоонноохтук дуораһыйан ааста. Кыыстаах уол саҥарбаттар, иккиэн бэйэ-бэйэлэрин таарыйыахпыт диэн куттаммыттыы, балаакка утарыта кытыытыгар сыстыахтарынан сыһыннылар.
– Эн дьонуҥ хайдах… суох буолбуттарай? – диэн кыыс кэмниэ-кэнэҕэс кэһиэҕирбит куолаһынан ыйытта.
– Аҕам сайын оттуу сылдьан, итии да итии күн төбөтүгэр хаан туран, оттон ийэм оҕолонобун диэн, кырааската баран…
Иккиэн курус санааны кыйдыырдыы ах бардылар. Таһырдьа тыал куугунуур, өрүс долгуннара кытылга халлыр-баллыр охсуллаллар. Уоттаах-күөстээх куораттартан, дэриэбинэлэртэн тэйиччи өрүс хомотун үрдүгэр баар буолан хаалбыт кыыстаах уол тылларыттан маттылар, бэйэ-бэйэлэриттэн куттанар курдуктар.
Уол аттыгар субу, илиитин уунна да былгыччы кууһан ылыаҕыныы, үчүгэйкээн кыыс сытарыттан сүрэҕэ тэбэн тулутарыттан ааста, атаҕын анныгар түгэҕэ биллибэт далай эмпэрэ сыырын үрдүгэр турардыы тыына хаайтарда, синим биир диэбиттии, эргичис гынан кыыс уоһугар сыстан уураа да уураа, сыллаа да сыллаа буолла. Ксенья маҥнай түөһүттэн анньан, сирэйин куоттарыах курдук гынан иһэн, кэнникинэн сымнаан-ууллан хаалбыттыы налыйда, бэл хардары уураһан, уоһа чупчуруйарын биллэ, салгын тиийбэккэ эппэҥнэһэ тыыннылар, сир-халлаан, кытыл-өрүс барыта булкуллан күөрчэхтии ытылыннылар, күн анныгар баар бары-барыта туох да суолтата суох буоллулар, мэйиилэригэр уот сарадахтар күлүмнэстилэр, үөһэнэн, кыырай халлаанынан сыдьаайар аанньаллар түмсэн күргүөмүнэн дьиктилээх ырыаны тардан эрэр курдук буолла, кинилэр улаҕата-уһуга биллибэт халлаан куйаарыгар эргичийэр сир шарыгар иккиэйэҕин эрэ хаалбыкка дылылар…
Кэмниэ-кэнэҕэс тохтуу түспүттэрин кэнниттэн Ксенья ип-итиинэн тыына-тыына сипсийдэ:
– Ийэтэ суох улааппыт буоламмын, аҕам миэхэ ийэ-аҕа тэҥинэн буолбута, мин туспар хайдах курдук кыһалларын-мүһэллэрин, кыра эрдэхпинэ мииигин көмүс чыычааҕым дии-дии наар сүгэ сылдьарын, көтөхсөн олорон тэлэбиисэринэн «тутуллубат иэстэһээччилэрдээх» киинэни көрөрбүтүн өйдөөн, уйадыйан кэлэбин, аҕабар махтана саныыбын…
Кыыс ах барбытыгар аллара долгуннар күллүргүү охсуллар тыастара иһилиннэ, өрүһүнэн тэйиччи хойутаабыт киһи мотуорун тыаһа куугунаан ааста. Бэргэн кыыс дыргыл сыттаах сымнаҕас ньаассын баттаҕын имэрийэ-имэрийэ сыллаан ылла. Бу курдук иирэн барыахча курдук түгэни кини олоҕор аан маҥнай көрсөр этэ, олус үчүгэй кэрэ кыыһы кытта таптаспыт биир түүн туһугар олоххун барытын да биэрэргэ бэлэмҥэ дылыгын…
Ханна эрэ ыраах этиҥ этэн лүһүгүрэттэ, чараас бириһиэн курдат чаҕылҕан күлүппүс гыммыта көһүннэ. Аҕыйах таммахтар табыгыраһан ыллылар. Онтон тыал күүһүрдэр күүһүрдэ, балааккаларын көтүтэн илдьиэххэ айылаах иҥнэҥнэттэ, ол аайы кыыс куттанан уолга ыга сыһынна, тыал сирилэс тыаһыттан ураты атын туох да иһиллибэт буолла. Онтон тыал эмискэ ньим баран хаалла, ол оннугар этиҥ субу кинилэр үрдүлэригэр саайыллыахтыы барчалаата, чараас бириһиэни курдаттыы, балаакка иһин барытын күндээрэ сырдатан чаҕылҕан сандаарыҥнаата, ону кытта ардах хаххаларын үрдүгэр эрчимнээхтик үҥкүүлээн иһэн, күүскэ түһэн куугунатта.
Сир-халлаан сиҥнэр бу алдьархайыгар кыыстаах уол иккиэйэҕин хаалбыттыы куустуһуохтарынан куустустулар, силлиэ-тыал көтүтэн илтэҕинэ да, күүстээх ардах уу ортотугар хааллардаҕына да, хаһан да арахсыбат, тэйсибэт курдук бииргэ силлистилэр. Түүн хойукка диэри этиҥ лүһүгүрүүрүгэр, уу чалымныырыгар үөрэнэн, имэҥнээхтик сыллаһа-уураһа сыттылар, бу ньиргиэр этиҥ, барытын сандаардар чаҕылҕан уота кинилэр таптаһалларын умнуллубаттык уратылыыр быһыылааҕа. Итинник тыас-уус ортотугар сарсыарда буолан эрдэҕинэ утуйдулар.
Хаска утуйбуттарын Бэргэн билбэккэ да хаалбыт, уһуктаат, ардах астан, чэмэлкэй күн кинилэр балааккаларын курдаттыы сырдатарын көрдө, кулгааҕар биллэр сылаас тыыныы диэки төбөтүн хамсатаат, саҥа тыллыбыт ньургуһуннуу кыысчаан киниэхэ сыстыаҕынан сыстан, утуйан буккуруу сытарыттан сүрэҕэ үлүскэн үөрүүнэн туолла. Түүлүгэр туох эрэ үчүгэйи көрөн, мичийэ сытар кыыһы уһугуннарымаары, илиитэ көһүйбүтүн үрдүнэн адьаһын хамсаабакка сытта. Аттынааҕы талахтарга чыычаахтар чырыптаһаллар, ырыых-ыраах мотуор кыҥкыныы ыллаан ааста.
Балаакка таһыгар атах тыаһа сырдырҕаан кэллэ, онтон Көстөкүүн саҥата: «Эдэр ыаллар, туруҥ! Күн ыраатта, хомунуоххайыҥ, илимнэрбитин эһэн баран дьиэлиэ этибит, аны куоракка айанныыргыт баар дии», – диэтэ. Кыыс саҥаттан уһуктан кэллэ уонна кинини көрөн мичээрдээтэ. Бэргэн кыыһы уоһуттан уураан ылла, көһүйбүт илиитин араарда, туралларыгар тиийэллэр – хайыаҥ баарай, туох барыта, ол иһигэр үчүгэй эмиэ, бүтэр уһуктаах, ааһар аналлаах…
Туран таһырдьа сыыллан тахсыбыттара, ардах кэнниттэн сууммут-тарааммыт курдук күөх окко-маска, иирэлэр сэбирдэхтэригэр сиик кылбачыйа чаҕылыйар, хомо мэндээркэй иэнэ чэрэниилэ өҥүнүү көҕөрө суһумнуур.
– Дьэ быйыл түһэ илик күүстээх ардах сиҥнэн ааста, ити – өҥ-быйаҥ бэлиэтэ, эһиги дьоллоох-соргулаах ыал буолуоххутун кэрэһилээтэ, – диэтэ Көстөкүүн сис туттан маадьаллан туран.
Инчэҕэй оту кэһэн, үүтээннэригэр баран иһэн, Бэргэн биир дойдулаах аҕа табаарыһыгар махтанарын биллэрэн илиитин ыга тутан ааста. Сып-сап аһаат, үһүөн күөллэригэр баран, илимнэрин көрдүлэр, төннөн бултарын үллэһиннилэр. Муҥха, илим балыктарыттан Көстөкүүн солуурчахха инчэҕэй муох быыһыгар аста уонна: «Куоракка киириэххитигэр диэри дьүдьэйбэккэ сибиэһэйдик тиийиэҕэ», – диэтэ. Балааккаларын, илимнэрин, муҥхаларын хомунан, оҥочолоругар киирдилэр.
Көстөкүүн собуоттуур быатын эрчимнээхтик төлө тардарын кытта мотуор бирилии түстэ, үөскэ киирэн оҥочо суптугур тумса ууну таарыйбакка өрө хоройон, хараҥаччылыы дайдылар. Кыыстаах уол күүскэ сирилиир тыалы утары нөрүччү туттан, хардары-таары бииллэриттэн куустуһан олордулар, оҥочо хайыппыт долгуннара өрүтэ кыынньан, ыһыахтыыр бырдаҥалара күн уотугар күлүмүрдүү оонньууллар, мотуор бэҕэһээҥҥиттэн быдан сэргэхтик, дьол-соргу ырыатын өрөгөйдөөхтүк дьиэрэччи тардарга дылы. Сотору сүрүн үөскэ киирдилэр, эбэ кэтит-киэҥ иэнигэр да долгуннар улаатан, арҕастарыгар олорсон, оҥочо өрүтэ көтөн ыла-ыла, түгэҕинэн уу урсунугар охсуллан лаҕырҕаата.
Дьиэҕэ кэлэн тиэтэйэ-саарайа аһаатылар. Көстөкүүн уоппуска киһитэ буолан, ханна да ыксаабакка, анал улахан чааскытыттан чэй иһэн бурулата-бурулата баһаарыйар:
– Хайдах сырыттыбыт дии санаатыгыт, убайгытыгар хом санааҕыт суох ини?
– Тыый туох диэн эттэххиний, – Бэргэн хайдах махтаныан билбэккэ, эттэ: – Олус бэркэ сынньанныбыт, убайбытыгар барҕа махтал!
– Дьэ бэрт оннук буоллаҕына, – Көстөкүүн үөрэр, – арба да куоракка уопсай дьиэҕэ бэйэҕит хостооххут дуо?
– Оо, суох, оннугу толкуйдуу да иликпит, уопсайга миэстэ адьас тиийбэт, оҕолор бара сатаан, хосторго «двухяруснай» дэнэр, ороннорун үрүт-үрдүгэр икки этээстээн туруораллар. Сорох эдэр преподавателлэр уопсайга биирдии хоһу ылан, оҕолорун, төрөппүттэрин кытта олороллор, оттон ыал буолбут устудьуоннар бары куоракка дьиэ куортамнаһаллар.
– Оок-сиэ, оччоҕо эһиги ханна барар былааннааххытый?
– Бэйэбит да билбэппит.
– Дьэ моһуок эбит, – хаһаайын тугу эрэ толкуйдаан, сэҥийэтин имэриммэхтээтэ уонна холодильник үрдүгэр сытар тэтэрээти, уруучуканы ылан суруйбутунан барда: – чэ, оччоҕо мин эһиэхэ биир аадырыһы биэриим, Сайсарыга Чиэхэп маҕаһыыныттан чугас бииргэ суоппардаабыт Дьарааһын диэн киһим дьиэ атыыласпыта, олбуорун иһигэр быыкаайык дьиэ дуомнаах. Онтукатын эмиэ устудьуоннарга куортамныыра да, быйыл бүтэрэн бараллар диэн эрэрэ. Эһиги миигин ыытта диэн туран кэпсэтэн көрүҥ, атын ыалы кытта дуогабардаһа охсубатах буоллаҕына ылыаҕа.
– Оо, дьэ бэрт буолуо этэ! – Бэргэн үөрдэ, – убайбыт оччоҕо туһалаабытыҥ тобоҕун туһалаан, улаханнык абырыаҥ этэ.
Ити курдук хаһаайыннарыгар махтанан-баһыыбалаан автовокзалга кэллилэр. Үлэ күнэ уонна күнүс буолан, хата, куораттыыр киһи аҕыйах, онон сонно бараары турар оптуобуска билиэккэ тииһиннилэр. Сотору быылы-буору өрүкүтэн айаннаатылар, суол икки өттүнэн сэбирдэхтэринэн сипсиһэр от-мас, торҕо күөх киэҥ сыһыылар киинэ экраныгар курдук устан ааһаллар. Бэргэн кыыс нарын тарбахтарын туппутун араарбат уонна Өлүөнэ эбэ кытылыгар өйдүүн-санаалыын ирим-дьирим барбыт түүннэрин бэлэхтээбитин иһин үөһээ халлааҥҥа баар бары Үрдүк Айыыларга махтана саныырыттан ордубат, куоракка киирэн, авиапорт ыппыт охтуу сыыйыллар суолунан айанныылларыгар, уол үҥкүүлээн да бэдьэйиэх туругунуу, этээстээх дьиэлэр үөрэн-көтөн сэгэйиэхтэринэн сэгэспит курдуктара. Киһи орто дойдуга маннык дьолу билэр туһугар төрөөн-үөскээн, олорон ааһан эрдэҕэ…
Автовокзалга түһэн, уулусса кытыытынан сиэттиһэн баран хаамыстылар, кыыһа: «Мантан уопсайбар диэри көтөҕөн илт», – диирэ буоллар, Бэргэн адьас саараабакка да көтөҕөн илдьэ барыах этэ. Уопсайдарын ааныгар тиийиэхтэригэр диэри хас да билэр киһилэрин көрүстүлэр, бары сиэттиспит уоллаах кыыһы көрөн мичээрдииллэр, арай суолга бииргэ үөрэнэр Ылдьаатын эрэллээх саллаата Буут утары иһэр, кинилэри көрөн, суолу туораан, утары кэлбитигэр, Бэргэн наар кинини элэктээн, дьээбэлээн тахсар уолу көрсүбүтүн төһө да сөбүлээбэтэр, ханна куота сатыы сылдьыай, уун-утары тиийдэ. Буут кинилэри көрөн, биир сиргэ хамсаабакка туран баран, чугаһаабыттарыгар, дорооболоһон баран:
– Хайа, бу дьон үчүгэй буолан эрэҕит дуу тугуй? – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн киэн тутта чобуотук хардарда:
– Сэргэлээххэ биир ыал эбилиннэ диэн кэбис!
– Туох даа?! Дьэ уол оҕото эбиккин, сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар диэн итини этэн эрдэхтэрэ, чэ, эҕэрдэлиибин, сыа сиир дьон буолбуппут, – илиитин тутан ибигирэттэ. – Оттон биэдэрэҕэ тугу туттугут?
Бэргэн кинини кытта улаханнык кэпсэтэр санаата суох, ол иһин дьээбэлэнэр курдук эрээри, тымныытык быһа биэрдэ:
– Кыһыл көмүһү.
5
Ити эрээри Бэргэннээх Ксенья тулуйбатылар, сол күн аҕалбыт балыктарыттан быһар быһаҕаһын кыракый быласымаасса солуурчахха кутан, Сайсарыга Көстөкүүн ыйбыт аадырыһыгар бардылар. Киһилэрин олорор дьиэтэ аспаалламмыт тэргэн аартыктан туора тахсар, соччо уһуна суох уулусса эбит. Чуумпу, киһи сэдэх, масссыына да хаа-дьаа сылдьар чинчилээх, суол кытыытыгар кыстаммыт бэрэбинэлэр аттыларыгар от бытыгыраабыт кырыс сирэ баарыгар кууруссалар тугу эрэ тоҥсуйаллар, бэйэ-бэйэлэриттэн былдьаһан, сырсан сарымтахтаналлар. Уулусса ортотугар көппөҥнөс сымнаҕас сиргэ үктэннэххэ буор күдэриктэнэ бурҕаҥныыр, арааһа, ардах кэнниттэн бүтүннүү бадараан-идэрээн дойдуга кубулуйар чинчилээх. Атыттартан туох да уратыта суох самнайбыт дьиэ хаптаһын олбуоругар кинилэр көрдүүр аадырыстара суруллан турарыгар харахтара иҥнэ түстэ. Кэлииккэни тоҥсуйан дарбыйан балачча турбуттарын кэнниттэн, киһи хааман саллырҕайдаан кэлэн ыйытта:
– Кимнээххитий?
– Биһиги устудьуоннарбыт, Намтан Көстөкүүн диэн суоппар атаһыҥ кыра кэһиитин ыытта уонна бэйэбит эмиэ эйигин кытта кэпсэтэр наадалаах этибит, – диэн Бэргэн эр киһи киэбин ылынан саҥарда.
– Көстөкүүн даа? Кэһии диигин дуу? – дьиктиргиир ыйытыыны кытта, сонно кэлииккэ аһыллан халыр гынна, энньэйбит сыҥаахтаах, үрдүк уҥуохтаах киһи сахаҕа сэдэх сырдык харахтарынан уорбалыырдыы көрдө-иһиттэ. Уол тута биэдэрэни ууммутун эһэ охсон ылан, хаһыатынан саппыттарын хастыы тардаат, балыгы көрөн баран, саҥа аллайда:
– Оо-сиэ, бу киһини, доҕор! Миигин куоракка сордоҥу булан сиэбэтэ буолуо диэн ыыттаҕа дуу?! – уолу өтөрү-батары көрдө: – Оттон миэхэ туох наадалааххыт?
Баччааҥҥа диэри саҥата суох турбут Ксенья инники таҕыста:
– Көстөкүүн эйигин «баҕар дьиэ куортамныа» диэбитэ.
– Ээй, – дии түстэ киһилэрэ эгэ-дьаҕа, – оттон мааҕыҥҥыттан инньэ диэххитин, эһиги устудьуоннаргыт дуу?
– Устудьуоннарбыт.
– Үөрэххитин хаһан бүтэрэҕит?
– Эһиил.
– Эһиил даа? Саҥа ыал буолбут дьон буоллаххыт?
– Оннук.
– Ааккыт-суолгут кимнээх диэҥҥитий?
– Бэргэн уонна Ксенья.
– Сирэйгититтэн-хараххытыттан көрдөххө, бэрт сымнаҕас дьүһүннээх-бодолоох дьон буолуоххутун сөптөөх эбит. Манна олорор күннээх буоллаххытына, дьону, устудьуоннары эҥин мунньубаккыт. Сөбүлэһэҕит?
– Сөп.
– Чэ бэрт, мин Дьарааһын диэммин, дьиэ баар, эмиэ устудьуоннар олорбуттара уонна үөрэхтэрин бүтэрэн саҥардыы барбыттара, киирэн көрүҥ.
Кыыстаах уол киһилэрин батыһан иһирдьэ киирдилэр, кэҥэс уһаайба, хортуоска уга саҥа бытыгыраан эрэр ыһыллыбыт сонуога, олбуору кыйа сарай, туох эрэ тутуулар бааллар, улахан дьиэттэн өссө антах, уһаайба иһигэр турар буруус маһынан тутуллубут дьоҕус дьиэҕэ кэлэн киирдилэр. Ортотугар сыбаҕа суох кирпииччэ оһох, ситэ ыпсыбатах быыстарыттан хаппыт буор долгуннура быгар, оһох хаҥас өттүгэр биир эркини барытын киэптии кэтит тимир орон кураанах боробулуоханан көрөн турар, үрдүгэр кырааската суох хаптаһын долбуур, ону аннынан «Огонек» сурунаалтан кырыллан ылыллыбыт хайа эрэ сыл халандаара – эдэр уоллаах кыыс бугул тэллэҕэр көҕүс-көҕүстэринэн өйөнөн олороллор. Кинилэр уопсайдарыгар Крамской ааспыт үйэтээҕи «Биллибэт дьахтара» улуутуйа туттан, карета түннүгүнэн кынчыатыы көрөр эбит буоллаҕына, манна билиҥҥи кэм уоллаах кыыһа тыаҕа, бугул түгэҕэр олороллоро хайдах эрэ кинилэр олохторугар маарынныыр буолан дуу – быдан чугас курдук. Ити хартыынаҕа сайыҥҥы тыа сирин чуумпу киэһэтэ нуурайбыта-нусхайбыта бу быыкаайык дьиэ иһин холку, истиҥ, нуһараҥ көрүҥнүүр. Оһох уҥа өттүгэр бэйэ оҥоһуута остуол, икки эрэ киһи батыан сөп быһыылаах.
– Устудьуон дьонтон элбэҕи көрдөөбөппүн, ыйга отут солкуобай уонна уокка оттор маскытын бэйэҕит булунаҕыт, – хаһаайын боппуруоһу быһаччы быһаарсар киһи буолла.
Устудьуон ыйдааҕы истипиэндьийэтэ 56 эрэ солкуобай, онон холбоон мөһөөх уон иккиттэн чиэппэрэ куортамҥа барарыттан Бэргэн иһигэр төһө да ыарырҕата санаатар, сөбүлэһэригэр тиийдэ: «Ыксаатахха, харабыл эҥин курдук туох эмэ быстах үлэҕэ киириллиэ уонна эһиил бүтэрэр сылбытыгар истипиэндьийэбит арыый эбиллиэхтээх, оттон дьиэ диэн дьиэ, үрдүбүтүгэр кэм кырыыһалаах буолабыт», – дии санаата уонна ыйытта:
– Хас массыына маһынан сыл тахсарбыт буолла?
– Ээ, пахай, биир массыынан ыллыы-туойа кыстыыгыт, кыратык отуннугут да, таһырдьа куотардыы итиинэн оргуйар баанньык буолар, – диэн хаһаайын дьиэтин хайҕаата уонна дьээбэлэнэн мүчүк гынна: – Бачча эдэр оҕолор уотунан умайа сырыттаххыт, оттубатаххытына да ити орон үрдүгэр түүҥҥү үлэ-хамнас тоҥорбото буолуо ээ, һа-һа-һаах! Биир биллэр бэйиэттэн: «Оҕоҥ тоҕо элбэҕий?» – диэтэхтэринэ: «Дьиэм тымныы, дьиэм тымныы», – диир сурахтааҕа. Һа-һа-һаах!
Бэргэннээх Ксенья сирэй-сирэйдэрин көрсөн эрэ кэбистилэр, киһилэрэ толоос соҕустук үөрэрин-көтөрүн хайалара да биһирээбэтэ, арай кыыс моонньуттан саҕалаан, иэдэстэрэ кытаран хааллылар.
– Чэ, ити курдук, – диэтэ Бэргэн, киһилэрин халыҥ соҕус оонньоһуутуттан саллан, кэпсэтиини бүтэрэ охсоору, – Ксенья сотору соҕуруу сынньана барар, мин иһит-хомуос аҕалыам уонна каникулбар дойдулуубун, аны күһүн үөрэх аһыллыбытын кэнниттэн кэлиэхпит.
– Чэ, сөп, – Дьарааһыннара боччумура охсон Бэргэнниин илии тутуста уонна үһүөн таһырдьа таҕыстылар, дьиэлээх хаһаайын олбуор ааныгар диэри атаарарыгар саҥата-иҥэтэ хам буолбат:
– Биир усулуобуйалаахпын – түүн олус хойутаабаккыт, уонтан киэһэ кэлииккэ лип хатанар.
– Биирдэ эмэ бырааһынньыкка хойутаатахпытына, ыалга хоно хаалыахпыт, онтон атыныгар эрдэ баар буолуохпут, эчи бу диэки түүн сырыыланар куттала да бэрт ини…
– Һа-һа-һах! – Дьарааһын мааһа табыллан күллэ, – дьэ, кырдьык, бэйэтин дууһатыгар өстөөх эрэ киһи биһиги оройуоммутугар түүн мэнээктиэн сөптөөх.
Кыыстаах уол эмиэ быыллаах-буордаах уулуссаларыгар баар буоллулар.
– Куһаҕана суох дьиэ дии? – диэтэ Бэргэн, арыый тэйэ түспүттэрин кэнниттэн.
– Хаһаайын хайдах эрэ балабыай тыллаах-өстөөх, киһини кыбыһыннарыах да, өһүргэтиэх да курдук, – Ксенья санаатын малтаччы эттэ.
– Ээ, кырдьаҕас дьон бары итинник тылга тииһэр буолан хаалаллар, туох буолуой, санааҕар тутума уонна куоракка дьиэ дэбигис көстүбэт, итини да былдьыы иликтэринэ кэпсэтэн, ылар буолбуппутугар махтал, – диэтэ уол, кыыһы саарбаҕалаппат гына.
– Тылга тииһии – кырдьыы бэлиэтэ, – диэн, Ксенья бэйэтэ-бэйэтиниин кэпсэтэрдии ботугураата.
Сотору Ксенья соҕуруу көттө, оттон Бэргэн үөрэҕин үмүрүтэ охсон, саҥа дьиэлэригэр кыһыҥҥы таҥастарын кытта иһит-хомуос, чаанньык-чааскы атыылаһан аҕалан хаалларда уонна дойдутугар айаннаата. Сайын устата кыыһын, оо, ахтан да биэрдэ! Өлүөнэ эбэ кытылыгар этиҥнээх ардах түүн хайдах курдук имэҥирэ-дуоһуйа таптаһа сыппыттарын ымпыктаан-чымпыктаан өйдөөтөҕүнэ олус сылаанньыйан, эт-этэ итийэн кэлэрэ, эмиэ да: «Кэргэннэнним дуо, тоҕо түргэнэй, холостуой олоҕум барахсан, быраһаай, аны бэйэм бэйэбэр сылдьан бүттэҕим», – диэн курутуйа саныыра. Дойдутугар аймахтарыттан тастыҥ убайа аах эр бааллар, кинилэргэ ыал буолан эрэрин туһунан иһитиннэрдэ да, дьоно онтон үөрэн өрө көтө түспэтилэр, көннөрү истэн эрэ кэбистилэр, арай саҥаһа, кэм дьахтар киһи буолан, кини балаһыанньатын өйдөөн эттэ: «Харчы кыратык бэрсиэхпит».
Биир киэһэ почтаттан аҕыйах тыллаах тэлэгирээмэни аҕалан биэрдилэр: «Куоракка эргилинним, аҕабар эттим, эйигин кэтэһэбин», – диэн. Кэргэн ылан эрэр кыыһа куоракка кэлбитин кэнниттэн Бэргэн туруон-олоруон булбата, сарсыарда уһугуннаҕына, түннүк сабыытын быыһынан тыргыллар күн бастакы сардаҥаларын кытта Ксеньята мичээрдээбит мөссүөнэ көстөн кэлэрэ. Киэһэ утуйаары сыттаҕына, балаакка анныгар өрүс долгуннара кытылга охсуллар тыастара уонна ыраах хойутаабыт мотуор тыҥкыныыра, ону кытта субу өрө тэбэ сылдьар тыгынас эмиийдэргэ түөһүнэн саба түһэн, уотунан умайар уостары уҥа-таала уурааһынтан тумнаста туймаарыы, куугунуу көтүү сыралҕан уотугар ууллуу умсулҕана сүрэҕэ муҥнааҕы нүөлүтэ мөҕүһүннэрэрэ, хараҕа ирим-дьирим буолара, тыынар салгына тиийбэтэ…
Ол иһин оттоон бүтэн, ходуһаларыгар бүтэһик кэбиһиилээх оту туруорсаат, Бэргэн суһаллык куораттаата. Бу сырыыга уопсайыгар таарыйбакка да, дьиэлээх-уоттаах киһи сиэринэн, тута Сайсарыны быста. Сүрэҕэ тэбэ-тэбэ кэлииккэ аанын тоҥсуйбутугар, кинини эрэ кэтэһэн турбут курдук Дьарааһын саҥата:
– Кимий? – диэтэ уонна хоруйдуурун кытта:
– Оок-сиэ, хаһаайын кэллэ! – диэн саҥа аллайда уонна кэлииккэни сэгэттэ.
– Дорообо, доҕор! Оттон кэргэниҥ дьиэтин сууйан-тараан, киһи билбэт гына оҥорон, эйигин күүтэр, билигин суох, куораттаабыта, аны тыаттан аҕата кэлбитэ, дьэ күтүөт киһини үтэн-ааньан, тургутан көрөрө буолуо, ойоҕоскор хатырыкта хаалан, хачыр-кучур тыаһыыра буолуо, һа-һа-һаах! – үгэһинэн эмиэ бэрт сатаархайдык күллэ.
Бэргэн суумкатыгар чугас бэлэмнии анньыбыт сугун барыанньалаах бааҥканы хостоон ууммутун, киһитэ үөрэ-көтө ылла:
– Махтал, куорат чугаһыгар сир аһа мөлтөх, урут Горнайтан, Маҥарас аттыттан сыл тахсар отоммутун булар этибит, быйыл мэлийдибит.
Уол олбуор иһигэр турар дьиэтин аанын тэлэйэ баттаат, соһуйан, аан чанчыгар өйөнөн турда. Муоста кытархай кырааската саҥардыллан, киһи халтарыйыах айылаах күлүмүрдэс лааҕынан кылбачыйар, оһох үрүҥ оппуоханан сотуллубут, быыһынан бырдьайар буор мэлийбит, билиитэҕэ ыга хаппахтаммыт көстүрүүлэ, кэтит орон утуйар таҥаһа сибэкки ойуулаах анал сабыылаах, куруһуба ойуулаах устуоралаах соҕотох түннүк анныгар кыракый остуол күөх ыскаатарыгар кини атыыласпыт иһиттэрэ кэккэлээбиттэр, орон үрдүнээҕи долбуурга аҕыйах кинигэ, кытыытыгар Шолохов статуэтката. Кыыс оҕо барахсан диэн дьэ маннык буоллаҕа, барыта уруккутун курдук, сайыҥҥы нуурал киэһэ көҕүс-көҕүстэригэр өйөммүт уоллаах кыыс хартыыналара да уларыйбатах, ол эрээри дьиэ иһэ истиҥ, ыраас, орун-оннугар: «Ксеньям барахсан үтүө да хаһаайка буолсу, – диэн иһигэр үөрэ санаата уонна кини аҕатын кытта билсэриттэн эмиэ да дьулайан кэллэ, – дьэ хайдах-туох билсиһии буолар, соҕотох кыыһыгар тиэрдибэккэ сирэн кэбиспэт ини, хайыахпыный – син биир хаһан эрэ хайаан да көрсөр-билсэр түгэммит туһаайыахтаах буоллаҕа…»
Уол ааны төттөрү аһан, аан айаҕар бачыыҥкаларын хаалларда, ол кэнниттэн дьиэҕэ сэрэнэн сыбдыйан, Шолохов статуэткатын илиитигэр ылан ыараҥнатта – мрамор кыра олбохтоох, хараҥа кырааскалаах ылтаһын буолан лис курдук, кэтэҕэр: «ск. Арапов Г.Е.» диэн суруктаах, төттөрү уурда, онтон оһох үрдүнээҕи көстүрүүлэни аспытыгар миин сыта саба биэрдэ. Үчүгэй, олус үчүгэй! Оок-сиэ, кэргэннээх буолар диэн бэрт да эбит!
Сис туттан, оһох эркинигэр сыстан турда, уун-утары кыыстаах уол бугул тэллэҕэр көхсүлэринэн сыстан сылаанньыйан олорор хартыыналара, ити курдук кинилэр Ксеньятынаан эмиэ баран иһиэхтэрэ буоллаҕа олох суолун устун бэйэ-бэйэлэригэр өйөнөн, тоҥхойо кырдьыахтарыгар диэри…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?