Текст книги "Эр киһи уонна дьахтар"
Автор книги: Егор Неймохов
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 8 (всего у книги 28 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]
Рафиктара «жесткай» аттракцион кэнниттэн атын хачыал эҥин курдук мөлтөхтөргө барыан баҕарбата быһыылаах, бастаан хааман иһэн кинилэргэ хайыста:
– Чэ, аттракцион программата бүттүн, атын этии баар – билигин хааталыаххайыҥ, үҥкүүлүөхпүт, пиибэлиэхпит. Вороной конек паарка айаҕар кэтэһэн турар, хаатаны да булуохпут.
– Конечно! Бачча үчүгэйгэ дьаарбайан, оонньоон-көрүлээн хаалыаҕыҥ! – ким хайа иннинэ Катя бу этиини биһирээтэ. – Оннук дии, Алена?
Алена хардарбата, арай саҥата суох Эллэй диэки көрөн кэбиспитигэр, биирдэрэ наһаа өрүкүнэйэн маннык сэмэй кыыһы куттуом, өһүргэтиэм дуо диэн, быһаарыыта суох эҥээриттэ:
– Сөп буолуо.
Паарка иннигэр хара лааҕынан килбэчийэр «Волга» курдук багдайбыт улахан «Мицубисига» киирэн олордулар, Эллэй Аленаны кытта кэлин олбоххо. Күн уотуттан асфальт иэнэ килэрийэр, өрөбүл күн буолан дуу – массыына сэдэх соҕус, онон иччитэх кэриэтэ уулуссанан массыына чэпчэкитик сүүрэн сырылатта, аара ас маҕаһыыныгар тохтоотулар, Рафик таҕыста, спортивнай суумканы быатыттан санныгар иилинэ быраҕынна:
– Кыргыттар, эһиги олоруҥ, табаарыспынаан ас ылыахпыт, – ону истээт, Эллэй таһырдьа баар буола оҕуста.
Киирэн, үрүҥ-кыһыл арыгыны, пиибэни, халбаһыыны, фруктаны эҥин ыла сылдьан Рафик киҥинэйдэ:
– Чэ, бэркэ ити кыргыттарга түбэстибит. Катялыын оскуолаҕа сылдьыахтан олох чугаспыт, онон, сахалар этэллэринии – өтөхпүн хаардыыр буоллум. Эн да олох туормастаныма, Аленаны харса суох атаакалаа, кыргыттар оннугу сөбүлүүллэр – шашки наголо и вперед! Соҕуруу дойдуга үөрэнэр барахсаттар таптал дьыалатыгар эн биһиккиттэн элбэҕи билэллэрэ буолуо.
Ити тыллар Эллэй тириитин таһынан киирдилэр да, тугу да саҥарбата. Кырдьык, бу иннинэ да кыргыттары кытта көр-күлүү курдук билсэрэ эрээри, ол барыта мэниктээһин, туох да куһаҕан содула суох оонньоһуу эрэ этэ. Оттон Аленаны? Кэбиис-кэбис, хайдах итинник саҥарар табыллыай? Ааттыын остуоруйа кыыһа буоллаҕа, маннык кэрэчээни «шашки наголо» дии сылдьан үргүтэн-хоргутан куоттаран кэбистэҕинэ, үйэтин тухары бэйэтин бырастыы гыныа суоҕа. Ити кэмҥэ сотовай төлөпүөнэ тырылыы түстэ. Арыйбыта – ийэтин нүөмэрэ сырдыыр.
– Тоойуом, хайа хаһан дьиэҕэр кэлэҕин?
– Биһиги кууруһунан үөрэх бүппүтүн бэлиэтиибит, – диэтэ Эллэй, ийэтэ Рафигы иһигэр киллэрбэтин билэр буолан, кинилиин сылдьабыт диэҕин кэрэйдэ. – Эн долгуйума, куттаныма, хойутаан да тиийиэҕим.
– Квартираҕа бырааһынньыктыыгыт дуо?
– Ээ.
– Түүн сатыы кэлэ сатаама, күлүгээттэргэ түбэһиэҥ, таксита ылаар.
– Ийээ, барыта үчүгэй буолуо, манна бииргэ үөрэнэр оҕолорум элбэхпит ээ.
– Чэ, кытаат, сыллыай, олох хойутаатаххына хоно хаалаар, түүн соҕотоҕун эрэ сылдьыма.
– Сөп-сөп, ийээ.
Төлөпүөнүн куругар иилинэ сылдьар хаатыгар угарыгар түүн төһө баҕарар хойукка диэри бырааһынньыктыырга көҥүл ыллым уонна кыргыттары кытта бииргэ сырыттахпытына буолбакка, туспа сылдьар кэммэр ийэм эрийдэ ээ диэн астына сатаата. Ити кэпсэтиини истибиттэрэ буоллар, ийэтин көрүүтүттэн-харайыытыттан тахса илик «маама оҕото» диэн саныахтар этэ.
Атыыласпыттарын кумааҕы дьааһыкка хаалаан, маҕаһыынтан таҕыстылар. Инники аһаҕас түннүгүнэн Катя мичээрдиир, оттон кэнникинэн Алена «туох-туох дьоҥҥо түбэстим?» диирдии, сүр боччумнаахтык одууласпыт. Дьааһыктарын массыына багажнигар уктулар уонна киирэн олороллорун кытта Рафик саҥата дьабаарыйда:
– Мантан киэһэ шоулуубут, сынньанабыт, Алена, мин табаарыспын Эллэйи кытта үчүгэйдик билис, кини туйгун үөрэхтээх устудьуон, боксер – куорат призера, бэртээхэй худуоһунньук, аҕата кандидат геолого-минералогических наук! Стариграфия салаатыгар миоспороларынан дьарыктанар.
– Кэбис-кэбис, Рафик, – Катя күллэ, – эн стариграфияҕын билбэппит, биһиги, юристар, дьыалабыт судургу: силиэстийэ, суут, Алена биһикки библиябыт – холуобунай-процессуальнай кодекс.
– Оок-сиэ, мощнай да кыргыттаргыт! Киһи эһигини кытта бырааһынньыктыан да саллар, – Рафик массыынатын хоҥуннаран иһэн күллэ, – сотору кэминэн борокуруор, судьуйа буолан кэлиэххит, киһи барыта эһигиттэн толлуо-куттаныа, оттон биһиги сордоохтор аар тайҕаны кэрийэн, ууну-бадарааны кытта тустан, бырдах-оҥоойу аһылыга буола сылдьыахпыт. Оннук дии, Эллэй? – сэҥээрии эрэйэн, инники ыйаммыт сиэркилэҕэ табаарыһын көрдө.
– Оннук, – Эллэй арыычча ыган таһаарда.
– Эс, эн хайдах буолбут киһигиний? Син саҥалаах этиҥ дии, билигин буоллаҕына «сөп буолуо» да, «оннук». Бэйи эрэ, билигин ханна дьаакырбытын быраҕарбытын быһаарсыаҕыҥ, – аара иинэҕэс иирэлэр куйаастан санньыспыт сэбирдэхтэрин намылытан, сукуһан турар сквердэрин аттыгар Рафик массыынатын тохтотон, сотовай төлөпүөнүнэн эрийтэлээтэ.
– Таак, манна ылбаттар, оччоҕо атын сиргэ эрийиэххэ… Эс, эмиэ суохтар, ханна бука бары дьөлө түһэн хааллылар, явки все провалены диэбиккэ дылы… Бэйи манна эрийэн көрүөххэ, туох баҕарар үһүстээх, Бог любит троицу…
Кырдьык, бу сырыыга кими эрэ дьэ таба тутан күллэ-салла:
– Хайа, Степ, пир горой дуу? Музыка ньиргийэр, кыргыттар күлсэллэр, тоҕо бэрдэй, оттон манна биһиги, «Викториялар» этэллэринии, икки саха ньургун уола уонна икки саха кыталык кыыһа чуҥкуйан ахан олоробут. Эһиэхэ кыттыһыахха сөп дуо? О кей! Дьэ бэрт! Биһиэхэ хампаанньа эрэ наада, батарея, закусон – барыта бэйэбитигэр баар!
Массыына эмиэ хоҥунна, Рафиктара уруулу имигэстик эргичиҥнэтэ олорон, саннын үрдүнэн бырахта:
– Билигин Степ диэн өлөр доҕорбор, аллар атаспар тиийиэхпит, кэлиҥ диэн ыҥырда ахан.
Бэйэтэ сыҥаланан баран, «ыҥырда ахан» диэбититтэн бэл Катя толооһурҕаата быһыылаах, бу сырыыга уолун үөрэ-көтө өйөөбөккө, саараабыт быһыынан эттэ:
– Рафик, хайыы-үйэ бырааһынньыктаан ырааппыт хампаанньаҕа тиийэрбит хайдаҕа эбитэ буолла?
– Ырааппыт буоллахтарына ситиэхпит, һа-һа, – Рафик күллэ, – кырдьыгынан эттэххэ, Степ диэн атаһын туһугар тиһэх ырбаахытын да устан биэрэр эрэллээх доҕор. Армияҕа десантник буолан, уоттаах сэриигэ сылдьыбыт мохсоҕол. Кини девиһэ – сам погибай, но друга спасай.
Күөх хонуу үдүнэн барар уулуссаттан туораан, арбы-сарбы маарыннаһар хастыы да этээстээх таас дьиэлэртэн биирдэстэригэр кэлэн, массыыналара хорус гынна.
– Дьэ кэллибит, Степ доҕорум апартаменнарыгар, мантан киэһэ культурнай сынньалаҥ, выше головы! – диэтэ Рафик массыынаттан тахсан, бадаҕа, табаарыһын квартиратын түннүктэрин көрөөрү, хантаарыҥныы-хантаарыҥныы.
– Ээ, чэ эмиэ да оннук, один раз живем! – Катя кини аттыгар тиийэн, доҕоро тугу көрдүүрүн билиэх курдук, үөһэ этээстэр диэки хантайан ылла.
Эллэй Аленалыын массыынаттан тахсан, сэргэ турдахтарына, Рафик ыҥырда:
– Эллэй, кэл эрэ, дьааһыгы ыларга көмөлөс, – уонна уол тиийбитигэр, багажнигы аһан, иһирдьэ төҥкөҥнүү сылдьан, табаарыһын кулгааҕар тиэтэлинэн сипсийдэ:
– Аленаҕын көрдөрбүтүнэн куоттараайаҕын, Степ араас атастардаах, кыраһыабай кыргыттарга кыырт курдук түһээччилэр кытта баар буолуохтарын сөп.
Аллара подъезд аанын аһалларын кытта, үөһэ тэйиччи эрчимнээх музыка оонньоон тиҥиргэтэрэ иһиллэ түстэ.
– Узнаю своего друга Степку! – Рафик саҥа аллайда уонна дьааһыгын көтөхпүтүнэн, бастаан баран, хааман-сиимэн хадьыктаата.
Иккис дуу, үһүс дуу этээскэ тахсыбыттарыгар, музыка биир тимир аан кэнниттэн субу ньиргийдэ. Рафиктара сылдьа үөрэммит сирэ быһыылаах, звоноктаан эҥин ачыаһырбакка, биир-биэс тыла суох халҕаны тэлэйэ баттаата, аһаҕас, олох да хатаммакка «шоулуур» ыччаттар буолан биэрдилэр.
Киирээт, саалаҕа кыргыттар, уолаттар кэдэйэ-кэдэйэ, чохчойо-чохчойо үҥкүүлээн имиллэҥнэтэ сылдьалларыгар харахтара иҥнэ түстэ. Кинилэри эмиэ көрдүлэр да, киирээччи-тахсааччы сонун буолбатах быһыылаах, аллара дойдуга адьарай аймаҕын үҥкүүтүн курдук дьаабыга ким да кыһаллыбата. Муоста үрдэ абытай-татакай буола итийбитинии, онтон атахтарын куоттарардыы, паркеты таарыйар-таарыйбат өрүтэ көтүөккэлээһин киэнэ кытаанаҕа.
Үөһэ ыйаммыт люстралар эйэҥэлиэхтэригэр диэри лиһийии-лаһыйыы, тибийии-табыйыы, аллара олорор ыаллар хайаан тулуйан эрэллэрэ буолла эбэтэр суохтара дуу? Бу үлүгэрдээх аймалҕантан Алена соһуйан, хайдах эрэ чугурус гыммытын Эллэй өйдөөн көрөн хаалла. Ол икки ардыгар сиэҕэ суох тельняшканан сылдьар, десантниктар күөх береткаларын аннынан сүүһүгэр баттаҕа сүүмэхтэнэ түспүт, намыһах соҕус уҥуохтаах эрээри, толору эттээх-сииннээх уол доҕолоҥноон кэллэ, бүлгүнүгэр сөмөлүөт, парашют татуировката көҕөрөр, музыканы баһыйаары, хаһыытыы былаан эттэ:
– Кэллигит? Маладьыастар! О-һо! Рафик, кырдьык кыраһаабыссалары аҕалтаабыккын дии! Билсэн кэбиһиэҕиҥ, Степан – ВДВ!
Ити курдук бэйэтин ааттыы-ааттыы икки кыыһы илиилэриттэн уураан ылла, Эллэйдиин көннөрү илии тутуста. Онтон садьыс гынан, бэйэтин кэнниттэн уһук хоско батыһыннаран киллэртээтэ да, бакаалларга толору үрүҥ арыгыны кутаттаата:
– Давай, штрафной! За знакомство, за ВДВ! – диэт, бэйэтэ Рафиктыын хантатан кэбистилэр. Эллэй кыраттан да хотторорун билэр буолан: «Маны истим да, Аленалаах иннилэригэр саакка-суукка киирэбин», – диэн санаа күлүм гынаатын, уолаттара хантатар кэмнэригэр арыгылаах бакаалы остуолга туруораат, кураанаҕы ыла оҕуста, ону көрөн Катя күллэ да тыаска-ууска ким да аахайбата.
– Хайа, кыргыттар, ВДВ туһугар хайаан да иһиэхтээххит, мин дьиэбэр киирээччи хаһаайыны уонна ВДВ-ны ытыктыырын бэлиэтэ буолуохтаах.
– Степан, Рафик, водканы биһиги иһээччибит суох, оттон ВДВ туһугар шампанскайы үөрэ-көтө иһиэ этибит, – собуокка үлэлээн лиһигирэтэр массыыналар тыастарын баһыйаары хаһыытаан кэпсэтэллэринии, Катя улаханнык чаҥкынаата.
– ВДВ шампанскайы ас диэбэт, биһиги дьиэбитигэр шампанскайы көрдөөн да булбаккын, – диэн Степан кыһыл арыгыны ылаары сүгүллэҥнээн эрдэҕинэ, Рафик аан хоско хаалларбыт кумааҕы дьааһыгын көтөҕөн аҕала оҕуста:
– Степ, эппитим дии – барыта бэйэбитигэр баар диэн, – Рафик дьааһыктан шампанскайы хостоот, аһан будьуктаспытынан барда, – оттон кыргыттар ВДВ дьоно буолбатахтар, кинилэргэ десантниктар астарын сыҥалаама.
Шампанскай бүөтэ «пөс» гынан, сырылас утах күүгэнинэн кыынньан таһынан ыһыллыбытыгар кыһаллыбакка, уол бакаалларга кутуталыы оҕуста.
– Чэ, оччоҕо ВДВ туһугар хаттаан иһэбит! – уолаттар бакаалларыгар үрүҥ арыгыны кутан куллугуратта, бэһиэн охсуһуннаран баран, Эллэйтэн уратылар бакаалларын кураанахтаатылар, кини испэтэҕин дьиэлээх тойон өйдөөн да көрбөтө, болҕомтото наар кыргыттарга буолан, кинилэр бакаалларыттан сыпсырыйан иһэн бүтэрбиттэрин арбаата:
– Дьэ бэрт, это по-нашему. Билигин бары остуолга олоруохпут.
Саалаҕа содьороҥноон тахсан музыканы араарда уонна күүгүнэһэр, кэпсэтэр саҥаны баһыйаары, ордоотуу былаан эттэ:
– Музыкальнай тохтобул бүттэ, бары остуолга!
Үҥкүүттэн дуу, арыгыттан дуу кытарбыт-наҕарбыт ыччаттар бары муннук хоско кутулла түстүлэр, саҥа ыалдьыттары сонурҕаабыттыы одууластылар, сорохторо кэҕик гынан дорооболостулар. Миэстэлэрин булан олороллорун кытта, Степан береткатын устан суулуу тутан, өрө аста:
– Тохтуу түһүҥ! Эһиги үгүскүт мин доҕорбун Рафигы билэҕит, оттон кинини кытта кэлсибит табаарыстарын, чуолаан, икки сибэкки кыргыттар кимнээхтэрин кини бэйэтэ билиһиннэриэ. Рафик, онон, баһаалыста, доҕотторгун билиһиннэр.
Рафик ойон турда уонна арыгылаах бакаалын күөрэччи көтөҕөн туран аргыстарын диэки далайан кэбиһэ-кэбиһэ саҥарда:
– Бастаан бииргэ үөрэнэр уолбун Эллэйи билиһиннэриим, кини хайдах киһитин сырдатар биир эрэ тылы этэбин – кууруспутугар ыстаарыһа, оттон мээнэ киһини устудьуоннар ити дуоһунаска талбаттар. Миигин кытта сэргэ олорооччу – Катя, оскуолаҕа уон сылы быһа бииргэ үөрэммиппит, кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ – мин маҥнайгы тапталым (кимнээх эрэ кыччыгынаһан ыллылар), оттон Эллэй аттыгар – Алена, кыргыттар иккиэн Петербург университетыгар юрист идэтин баһылаары үөрэнэ сылдьаллар. Эһиги билэргит курдук, юрист диэн – бары идэлэргэ Таҥара, биһиги дойдубут Президеннэрэ Горбачев да, Путин да – юристар…
– Силлиэхпин баҕарабын бөхтөргө! – кини араатардыырын быһа түһэн, улахан холуочук, араас тимири, кыаһааны, ол быыһыгар көмүс кириэһи кытта сотовой төлөпүөнү моонньугар иилиммит, бар түү илиитин тарбахтарын аайы биһилэхтэрдээх, киччэччи кырыллыбыт куйахатыгар бүтэ оспут баас онно көстөр, кыһыл бинсээктээх, ырбаахытын уолуга нэлэркэй уол дьүккүччү көрбүтүнэн туран кэллэ, – миигин зонаҕа от звонка до звонка сырытыннарбыт, киһи аатыттан аһарбыт эһиги, бөхтөр! Олор манна кэлбиттэр дуу өссө! Век свободы не видать, ол эрээри ити бөхтөр телкалара, – Аленаны ыйан кэбистэ, – миэнэ буолуо! Бардыбыт, кыысчаан, в царские хоромы! – сабыылаах утуйар хос диэки даллах гынна уонна соҕотохто умса түһэн, остуол уҥуортан кыыһы санныттан харбаан эрдэҕинэ, Эллэй боксаҕа эрчиллибитэ таайан, толкуйдуон икки ардыгар сарбас гыммыт бар түү тарбахтары туора охсон кэбистэ.
Киһилэрэ маат-куут бөҕөтүн түһэрдэ:
– Мать твою!.. Уоһугар уоһаҕа куура илик сыыҥтай! Дьэ билигин мин эйиэхэ көрдөрүөм где раки зимуют! Тахсыах! – туран сүгүллэҥнээтэ.
Сибилиҥҥэ диэри күүгүнэһэ олорбуттар, иирээн тугунан түмүктэнэрин күүппүттүү, ах бардылар. Арай дьиэлээх хаһаайын Степан эрэ тугу гынарын билбэт буолуор диэри уордайбыт кыһыл бинсээктээх уолу уоскутан көрдө:
– Тохтоо, Филипп! Эһиги бары мин ыалдьыттарым буолаҕыт!
– Мин онно силлиибин, бу салага, миэхэ Филипп Финкаҕа илиитин көтөхпүтүн иһин, билигин бэһис муннугу көрдүөҕэ, таһырдьа тахсыахха!.. – кыһыл бинсээгин устан төбөтүн үрдүнэн элээрдээт, уол олоппоһу түҥнэри көтөн, таһырдьа адаҥхастаата, – если ты не баба, кэл! Вор в законе охсубутуҥ иһин, хааннаах сыыҥкынан суунуоҥ!
Эллэй саҥата суох турбутугар, олус куттаммыт Алена сиэҕиттэн тарта:
– Кэбис, барыма, урка дии.
Кыыс көрдөһүүтүттэн, Эллэй сүрэҕэр сылаас сүүрээннэр сылаанньыта тарҕастылар уонна итиччэ айылаах ааттаһыы кэнниттэн туох да иһин кэннинэн чугуруйар санаата суоҕа, ол иһин Алена тарбахтарын сымнаҕастык эрээри сорунуулаахтык араарда уонна квартира иннигэр болуоссааккаҕа баар буолла. Ааны аһаат, сонно кынчаал кылбачыйбытынан элээрэн иһэрин көрдө (кырдьык «финка» дуу диэн санаан аһарда), рингаҕа сылдьардыы икки сутуругунан сирэйин саба туттуммутунан туора ойдо уонна сыыспыт күлүгээн сирэйэ субу малас гыммытыгар, хаҥас атаҕар ыйааһынын барытын быраҕан, туох баар күүһүнэн кылгас туора охсуунан сыҥаахха «лас» гыннарда. Филипп Финка сэнээн киирэн биэрдэ быһыылаах, соһумар күүстээх охсууттан икки илиитин быластаабытынан охсуллубут оттуу тиэрэ таһылынна. Ол кэмҥэ болуоссаакка туола түстэ, инники Степан уонна Алена тураллар. Степан түөрэҥнээн тиийэн, төҥкөйөн тыыммат да курдук буолбут тойооску халтаһатын атытан көрдө:
– Глубокий нокаут. Эллэй (бу дьиэҕэ киириэҕиттэн аан бастаан аатынан ыҥырда), эн ВДВ-га сулууспалыаххын сөп эбит ээ. Мин да ВДВ-га сылдьан араас хааннаах түрүлүөннэргэ түбэһитэлээбитим, ама да атахпын быһа ыттаран, билигин уруккум курдук охсуһар кыаҕым суоҕун иннигэр… Чэ, киириэҕиҥ, бу баҕайы сыттын, тоһун ылла ини, өйдөннөҕүнэ киһи аайы мээнэ ойуоккалаабат буолуо.
Ити кэмҥэ туораттан аһына, дьулайа одуулаһа турбут Алена кирилиэс устун аллара тоһугурайда, онуоха Эллэй:
– Бырастыы гыныҥ, биһиги бардыбыт, – диэт, таһырдьа сырсан таҕыста.
13
Охсуһуу, быһахтаныыга тиийэ айдаан өрө оргуйан тахсыбыт куһаҕан эҥээрдээх дьиэттэн куотан, дьулурҕатык хааман иһэр Аленаны Эллэй уулуссаҕа ситэн ылла, сэргэстэстэ.
– Алена, бырастыы гын, маннык дьоҥҥо аҕалбыппытыгар, мин билбэт этим ээ, хаһан да сылдьыбатах сирим, Рафигы батыһабыт диэн иэдэйэ сыстыбыт, – диэтэ.
– Эллэй, туох диэн эттэххиний, эйиэхэ махтанабын эрэ, эн суоҕуҥ буоллар, ити урка хайдах-хайдах дьаабыланыа эбитэ буолла? «Вор в законе», ол аата хаайыылаахтарга генерал кэриэтэ улахан ааттаахпын-суоллаахпын диэн киһиргээтэ да, адьас сымыйата – көннөрү урка буолара көстөөх сиртэн көстө сылдьар. – Тохтуу түһэн, уол сирэйин-хараҕын көрбөхтөөн баран, долгуйа ыйытта: – Хайа кэлин Филипп Финкаҥ эйигиттэн иэстэһэ сатыы сылдьыбат ини?
– Ничего, хас хаайыылаахтан куттана сырыттахпына сатаан олорбот буоллаҕым дии, Алена, эн дьиэҥ ханан баарый? Мин эйигин атааран биэриим, оптуобустанабыт дуу, такси тутабыт дуу?
– Суох, мин дьиэм мантан чугас ээ, сатыы барыам.
– Чэ, оччоҕо бэрт.
Дьиэлэри быыстарынан Ленин болуоссатын туһаайан хаамыстылар. Киһи аҕыйах, саҕахха намтаабыт күн уота күнүскүлүү сырайара кэм ааспыт, баарыан пааркаҕа Рафигы Катя бэрт сымсатык хонноҕун анныттан ылбытын өйдөөн, Эллэй: «Арай тоҥолоҕуттан тутуум, оччоҕо өһүргэниэ дуо?» – дии санаата эрээри, дьулайда, киниэхэ ити кылбараҥ маҥан илиилэр олус ыраахтар, киһи санаата да тиийбэт олус ыраастар, ону сибилигин киһини охсубут аньыылаах-харалаах илиитинэн тутуо дуо, маннык сэргэ да хаамсыы киниэхэ үөрүү-дьол өрөгөйө, уһаа, уһаа, бу түгэн…
– Табаарыһыҥ Рафигы кытта мин дьүөгэм Катя хааллылар дии, таах сибиэ ити ВДВ Степаҕа кэлэммит, эрдэттэн арыгылаабыт хампаанньа туох аанньа буолуой? Ол иһин хара ааныттан хайдах эрэ дьаархаммытым. Дьокуускайга туох да уларыйбатах, биһиги соҕуруу сылдьан дойдубутугар тиийиэхпит диэн туох эрэ курдук тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрбит, онтубут ити баар, быдьар тыл, быһахтаныы… – хомойон куолаһа титирэстээн ылла, хараҕыттан ып-ыраас таммах мөлбөрүс гыммытын кистии-саба сотто оҕуста.
Эллэй кыыс ытамньыйбытыттан ыксаата, ол иһин уоскутаары эттэ:
– Хобдох түбэлтэни умнан кэбис, куһаҕан түүллүү өйгөр-санааҕар тутума, оттон ити «вор в законе» буолабын дэнээччи көҥүлгэ уһаабат тойооску сылдьар.
Эргэ куорат дьиэлэрин аттынан ааһан иһэн, хаһан эрэ Дьокуускайга уулуссалары бөҕөргөтөөрү тэлгэтэллэрин үтүгүннэрэн, чууркалары ыга симпит суолларынан хааман иһэн, халыҥ хаптаһыннарынан оҥоһуллубут ыскамыайка турарын көрөн, Эллэй даллах гынна:
– Олоро түһүөххэ эрэ.
Кыыс саҥата-иҥэтэ суох ыскамыайкаҕа чугаһаан, төһө ырааһын билээри, сөмүйэтинэн сотон көрөн баран, былаачыйатын хомуйа тардан олордо, чочумча тугу эрэ толкуйдаан саҥарбата, онтон сипсийэ былаан кэпсээтэ:
– Ол эрээри хаайыылаахтары эмиэ да аһынабын, кинилэри анаан үөрэтэр буолан билэбин – чиэһинэй киһи дэҥ үктээтэҕинэ, хаайыыга санаата түһэн, аһыыга баттатан киирэр, оттон болдьоҕо бүттэҕинэ, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн букатын буорайбыт, хас да хаттыгастаах маатыра тылынан саҥарар, сыккырыыр дууһата эрэ хаалбыт тыынар тыыннаах тахсар. Россияҕа биир мөлүйүөн 35 тыһыынча киһи хаайыыга сытар, сүүс тыһыынча киһиэхэ тиксэр хаайыылаах ахсаанынан аан дойдуга маҥнайгы миэстэҕэ сылдьабыт, хас онус хаайыылаах аһаҕас сэлликтээх, түрмэлэр үстэн биирдэрэ олох эргэлэр, камералар наһаа кыараҕастар. Дьэ онно баар дуоһунаһынан арахсыы, субординация кытаанаҕа – вор в законе салалталаах араас паханнар, фраердар, шестеркалар, баһылыктарын үлүм-салым көтөөччүлэр…
Үчүгэйкээн кыыстыын билсиһэн баран, Степан ВДВ-га буолбут быһылаантан сылтаан хобдох хайысханан кэпсэтии тахсан эрэриттэн дьаарханан, Эллэй кыыска эттэ:
– Алена, юрист идэлэнии кыыс киһиэхэ ыарахан буолуо ээ?
– Ону хайыахпыный, ким эрэ үлэлиэхтээх буоллаҕа дии уонна мин эрдэттэн бу үөрэххэ таласпытым.
Эллэй ити тыллары сүрэҕинэн иһиттэ:
– Баҕаран киирбит буоллаххына бэрт, киһи ылыммат, сөбүлээбэт үлэтигэр олороро эрэй биир көрүҥэ буоллаҕа. Оттон олох көнөн иһиэ диэн эрэниэххэ, саатар арыый киһилии усулуобуйалаах түрмэлэри туталлар ини. Россияҕа хаайыылар үстэн биирдэрэ эргэлэр диигин, оттон, холобура, Эмиэрикэҕэ дьыала хайдаҕый?
– Онно биһиэхэ курдук буолбатахтар, сүүрбэһис үйэ 70-с сылларыгар, Форд президенниирин саҕана, элбэх миллиард доллары ороскуоттаан, 700 сабыс-саҥа хаайыыны эбии туппуттар.
– Дьэ сүрдээх эбит, ити гынан баран, оннук да уларыйыы биһиэхэ кэлиэ, саҥа демократияны ылынан, аан дойду цивилизациялаах судаарыстыбаларын суолларынан барыахпыт турдаҕа, барыта иннибитигэр, – Эллэй бу кэпсэтиини түмүктээри, өрө күүрүүлээх соҕус да буоллар, кэскилгэ эрэнэр тыллары эттэ. – Хата, кафешкаҕа олоро түспэппит дуо? Урка айдааныттан аһаабакка да хааллыбыт дии.
– Син этэ, – кыыс сөбүлэстэ.
Комдрагмет дьиэтин сэттис этээһигэр лиибинэн элээрдэн тахсан, «Сэттис халлаан» диэн ааттанар рестораҥҥа киирдилэр. Киһи аҕыйах, уоллаах кыыс биир остуолга утарыта олордулар. Эллэй төһөнү баҕарар үлэһэргэ бэлэмэ да, кыыһа үөтэлээбэтэ, огурсуу, помидор салаатын, мороженай курдук эр киһини соччо астыннарбат аһылыгынан муҥурданна. Шампанскай ылабын дуо диэбитин, кыыс эмиэ аккаастанна.
– Алена, дойдугар кэллиҥ, салгыы туох былааннааххын?
– Мин бэйэм куоракка үөскээбитим эрээри, адьас кырабыттан сайын аайы тыаҕа аймахтарбар тахсааччыбын, онно окко үлэлээн, сир астаан сынньанарбын олус күндүтүк саныыбын. Онон, манна нэдиэлэ курдук сылдьан баран, тыаҕа сайылыы барарым буолуо.
– Хайа улууска?
– Тааттаҕа.
– Оо, баран хаалыыһыгын дии, куһаҕан эбит, – Эллэй ис санаатын эттэ. – Оттон Тааттаҕа сотовой төлөпүөн тиийэр дуо?
– Тиийэн бөҕө буоллаҕа дии, кэнники сылларга сайдыы сөҕүмэр. Мин ноутбукпун илдьэ сылдьааччыбын, онон электроннай почтабын кытта биэриэм.
– Дьэ бэрт дии, – Эллэй үөрэ түстэ, – оччоҕо сотовай төлөпүөннэрбит нүөмэрдэрин бэрсиэххэ, биирдэ эмэ эрийиэм уонна СМСтаһыахпыт.
Сонно олорон төлөпүөннэрин, электроннай почталарын суруйустулар, Алена мүчүк гынна:
– Үчүгэй да куһаҕаннаах, сайдыы балысхана бэрт эрээри, билигин эпистолярнай жанр умнулунна, оттон улуу дьоннор, холобур, Пушкин, Толстой буочардарын көрөн, суруктарын ааҕан элбэҕи билэрбит, аны СМС, электроннай почта үйэтигэр илиигинэн тугу да суруйбаккын, буукубалары талан ыыппытыҥ тутатына сотуллан иһэр.
– Пушкин, Толстой… Оттон билиҥҥи суруйааччылартан кими сөбүлүүгүн? – Эллэй маннык үчүгэйкээн кыыс туһунан, кини тугу кэрэхсиирин барытын билиэх санаата тэһитэ анньыалаан, тулуппакка-тэһиппэккэ ыйытта.
– Харуки Мураками, Стефани Майор… – кыыс толкуйдуу да барбакка, икки киһини ааттаата, – уонна омук да, бэйэбит да классиктарбыт, кинилэри туох да солбуйбат, ол курдук, иллэҥ кэммэр Чеховы хос-хос ааҕааччыбын, наһаа сөбүлүүбүн.
Эллэй балык ыһаарытын сиэн бүтэрэн, салфетканан уоһун соттон баран, чэйдээх чааскыны бэйэтигэр тардан иһэн эттэ:
– Классиктар диэбиккэ дылы, мин ийэм классическай музыканы наһаа сөбүлүүр, оттон эн ханнык ырыаһыттары, музыканы ордороҕун? Бырастыы гын, итинник сиһилии ыйытарбын, соҕуруу, сайдыылаах сиргэ сылдьар саастыылаахтарым тугу кэрэхсииллэрин билиэхпин наһаа баҕарабын, олохтон хаалбатах киһи диэн баҕалаахпын.
Иһигэр: «Маннык кэрэчээн кыыстыын истиҥник кэпсэтэ олорор үчүгэйиэн! Кини кэрэхсиирин барытын билиэм, ырыаһыттартан кими ордорорун анаан-минээн истиэм, сөбүлээбит кинигэтин ааҕыам!» – дии санаата.
– Эс, билигин Дьокуускайга да, Питергэ да култуура ситиһиилэрэ тэҥҥэ кэлэллэр быһыылаах, арай антах аатырбыт артыыстар тыыннаах бэйэлэрин кэнсиэрдэригэр арыый үгүстэ көрөрбүт буолуо… Быйыл кыһын устата араас кэлэктииптэр кэнсиэрдэригэр сырыттым, ол эрээри бэйэм тоҕо эрэ омук ырыаһыттарын ордоробун – Рианнаны, Леди Гаганы, Кристина Агилераны…
– Тыый, тоҕо омуктары эрэ ааттыыгыный?
– Билбэтим, баҕар, биһиги артыыстарбыт омук сириттэн сылдьар биир идэлээхтэриттэн бэйэлэрин намтатына сатыылларыттан буолуо – урукку «Битлз» ансамбль солиһа Пол Маккартни Петербурга кэлэ сырыттаҕына үтүрүһүү-хабырыһыы кэмигэр дьон иннигэр түбэһэн, уулуссаҕа олох чугастан көрөр чиэстэммитим, онно Михаил Боярскай, син биир биһиги курдук, автограф ылаары анньыалаһа сылдьарын көрөн сөхпүтүм.
– Маккартни сүдүтэ бэрт буоллаҕа, – Эллэй кини эппитин сымнатарга холонно, – Маккартни Джон Леннонныын кыттыһан икки сүүстэн тахса ырыаҕа музыка суруйбуттара аан дойду үрдүнэн тарҕаммыттара. Ол эрээри кэлин сайдыы улахан. Мин аҕам кэпсиир ээ – кинилэр эдэрдэригэр, Дьокуускайга 70-с, 80-с сылларга, оннооҕор бэчээттиир массыыҥка атыыга суох буолан, ыарахан баҕайы ыйааһыннаах тэрили Москваттан соһон кэлэллэр эбит. Оттон квартираҕа төлөпүөн киллэрээри, куорат төлөпүөнүн станциятыгар уочарат бөҕөҕө тураллара үһү, сорохтор билсиинэн быһа туруортараллар эбит, аны атын куораттары, оройуоннары кытта төлөпүөннэһээри, куоракка соҕотох кэпсэтэр пууҥҥа тиийэн, уочарат быһыытынан хаһан холбуулларын кэтэһэн күнү быһа олорон, сороҕор күүтэн-күүтэн баран, сибээс суох диэн аккаастатан, төрүт да кураанаҕы кууһаллар эбит. Оттон массыына атыылаһыытын туһунан этэ да барбаккын, тыаҕа бастыҥ үлэһиттэргэ фонда диэн эргэ «Москвиһы», «Запорожеһы» харчытыгар биэрдэхтэринэ, үөрүү буолар үһү.
Кыыс хороҕор иһиттэн мороженайы кыра луосканан сии олорон, соһуйбут курдук уолу көрө түстэ:
– Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук дии! – Кураанахтаабыт иһитин сорунуулаахтык туора аста, – оттон аны сүүс сылынан хайдахтаах сөҕүмэр сайдыы буолуой? Киһи санаата да тиийбэт.
– Ким билэр, баҕар, олох да улахан уларыйыы тахсыа суоҕа. Мин бэрт дьиктини истэн турардаахпын – атын планетаттан кэлбит космическай хараабыл саахалланан сиргэ сууллубутугар, компьютертан, сотовай төлөпүөнтэн саҕалаан, лазеры туһаныыга тиийэ барытын онтон учуонайдар сүһэн ылбыттар дииллэр. Итини киһи итэҕэйиэх курдук – ини-бии Райтар сөмөлүөтү айбыттарыгар уруй-айхал бөҕөтө буолан, оччоттон баччаҕа тиийэ кинилэри ким баҕарар эндэппэт буолбут, оннук компьютеры дуу, сотовай төлөпүөнү дуу биир эмэ киһи толкуйдаан оҥорбута биллэрэ буоллар, кинини арбаан-айхаллаан тэлэбиисэринэн айдаан бөҕөтө буолуох, хаһыат сирэйэ бараныах этэ. Ол тоҕо эрэ иһиллибэт, итинэн сылыктаатахха, атын планета хараабылыттан бэлэми устан ылбыттара диэн оруннаахха дылы. Ол иһин киһи аймах кэлин эмискэччи сайдыаҕа диэҕи биһигиттэн таһыччы сайдыылаах дьоннор көтөр аппараттара кистэлэҥи биллэрээри, ол аайы сууллара да биллибэт.
Алена дьээбэлэнэн мүчүк гынна:
– Эн этэр хараабыллаах «дьонуҥ» ыйга базаланан олороллор үһү, американецтар 60-с сыллар бүтүүлэригэр –70-с сыллар саҥаларыгар дьонноох хараабыллары ыйга ыыталаан иһэн, эмискэччи быһа биэрбиттии тохтообуттарыгар олох таһыччы үрдүк сайдыылаах атын планетаттан сылдьааччылар ыйга бааллар үһү уонна американецтары: «Аны манна хаһан да кэлимэҥ», – диэн холдьохпуттар дииллэр. Кинилэри кытта техника, сэп-сэбиргэл өттүнэн хайдах да аахсар кыах суох дииллэр, анараа дьон сайдыыларын бэйэбит киэниниин тэҥнээтэххэ, биһиги таас сүгэни эрэ бас билэн, хайа хаспаҕар олорор буоллахпытына, анараалар атомнай буомбалаахтарын кэриэтэ үһү.
– Тоҕо бэрдэй! – Эллэй сөхтө. – «Мин билэбин – тугу да билбэппин» диэн кынаттаах этии уот харахха буолан тахсар дии! Бу халлаан уһуга-муҥура биллибэт куйаарыгар баар аата-ахса биллибэт планеталарга ким-туох баара буолуой?
– Ону өйдүүр кыах биһиэхэ бэриллибэтэх, төбөбүт «компьютерын» кыамтата кыра, – диэтэ кыыс курустук, – Таҥара эрэ барытын билэн олордоҕо.
– Эн Таҥараны итэҕэйэҕин дуо?
– Сүрэхтэнэ иликпин эрээри, Высший Разум дэнэр Үрдүкү Толкуй ханна эрэ халлаан куйаарыгар баарын саарбаҕалаабаппын. Биһиги, дьоннор, туох төрүттээхпитин-уустаахпытын, хантан кэлбиппитин, ханна барарбытын билбэппит, оттон ким эрэ киһи аймаҕы үөскэтэн, хайдах сайдарын программалаан оҥорон эрдэҕэ, ол иһин бары Таҥара аннынан сылдьабыт диэни итэҕэйэбин.
Аһаан бүттүлэр, уол харчыларын төлөөтө, Эллэй бу оттомноох, ханнык да ыйытыыга лоп бааччы хоруйдуур Аленалыын бииргэ иһэн маҥнай сүһүөҕэ мөҕүөр диэри долгуйара ааспытын, ол оннугар хара ааныттан олус сөбүлээбит, таптаабыт кыыһынаан иккиэйэхтэриттэн наһаа үөрэрин, киэн туттарын, хайдах эрэ холкутаан, нуурал-нусхал турукка киирбитин астына өйдөөтө. «Сэттис халлаан» ресторантан чугас саҥардыыҥҥыта чөлүгэр түһэриллибит Преображенскай Таҥаратын дьиэтин кыһыл көмүс кууппаллара күлүмүрдэһэллэр.
– Таҥараны мин эмиэ итэҕэйиэхпин баҕарабын, онон ити турар Таҥара дьиэтигэр сылдьыахха эрэ, – диэтэ Эллэй эмискэ, туох эрэ имнэммитин курдук.
Кыыс дьиктиргээбиттии, уол сирэйин-хараҕын көрдө уонна:
– Туох диэн киириэхпитий, экскурсияҕа курдук сылдьар наадата суох.
– Анал литература атыылаһыахпыт уонна үтүө баҕа санаабыт туоларыгар Таҥараттан көрдөһүөхпүт.
Кыыс бу да сырыыга саарбаҕалаата:
– Төбөбүн баанар былаатым суох ээ…
Эллэй сиэбиттэн кумааһынньыгын таһааран ыараҥнатта,
– Ол проблема буолбатах, Эргиэн дьиэтэ бу турар дии, онтон талбыккын атыылаһыахпыт.
Кыыс өс киирбэх маҕаһыын диэки хаамта, Эллэй кинини батыста. Алена өр-өтөр гыммакка, чараас маҥан былааты ордорон ылла уонна тахсан, Таҥара дьиэтин диэки бардылар. Иһирдьэ биир да киһи суох эбит, кыыстаах уол Христос ойуутун анныгар төбөлөрүн хоҥкутан, бэйэлэрин санааларыгар буолан турдулар. Ол кэмҥэ хара халпаактаах, эрээһэлээх, түөһүгэр көмүс солотуулаах улахан кириэһэ килбэчиҥниир, курбуу курдук хатыҥыр эдэр саха аҕабыыта алтаар кэтэҕиттэн тахсан, кинилэргэ чуо хааман кэллэ, дорооболоһон баран ыйытта:
– Бэргэһэлэниэххитин баҕараҕыт дуо?
Ити күүппэтэх ыйытыыларыттан иккиэн да мух-мах буоллулар, Эллэй: «Оннук буоллар, улуу дьол-соргу диэх этим», – диэн санаан аһарда, оттон Алена холкутук быһаарда:
– Суох, биһиги туох эмэ Таҥара үөрэҕин кинигэтин атыылаһыа этибит.
– Аа, баһаалыста, арба да эһиэхэ мин сахалыы тахсыбыт «Саҥа Кэс Тылы» биэрэбин, улуу суруйааччыбыт Суорун Омоллоон оҥорсубута, – дии-дии, аҕабыыт Таҥара, Боҕороодьусса мөссүөннэрин, синньигэс чүмэчилэри, кинигэлэри атыылыыр остуолга тиийэн, кытаанах хордуон хахтаах, хоҥор өҥнөөх лис курдук кинигэни туттарда. Таһыгар көмүһүнэн кириэс уонна кинигэ аата: «САўА КЭС ТЫЛ».
– Сыаната хаһый?
– Буор босхо бэриллэр, Айбыт туһунан билиигит-көрүүгүт хаҥыыра ханнык да баайтан-дуолтан быдан сыаналаах-күндү, өспөт сырдыкка тиксиигит буолуоҕа.
– Махтанабыт.
Таҥара дьиэтин кэлииккэтинэн тахсан, Марат болуоссатыгар тиийдилэр, Эллэй тута сылдьар кинигэтин ыараҥнатта уонна эттэ:
– Алена, бу кинигэни хаҥас илиигинэн арый эрэ, онно туох туһунан этиллибитин ааҕыахпыт, ол Таҥара эн биһиккиэхэ туһаайбыт тыла буоллун.
Кыыс өс киирбэх кинигэни арыйбытыгар, Эллэй ол сирэйгэ баары ааҕан добдугуратта:
«Тулуурдаах буолуу уонна Таҥараҕа үҥүү.
Онон, бырааттарым, Айыы Тойон кэлиэр диэри мөлтөөн-ахсаан биэримэҥ, тулуурдаах буолуҥ. Көрбөккүт дуо бурдук сирин оҥорооччу сиртэн күүтүүлээх үүнүүнү ылыар диэри күһүҥҥү да, сааскы да ардаҕы хайдах курдук тулуурдаахтык күүтэрин! Эһиги эмиэ ол курдук тулуурдаах буолуҥ, кытаанах санааланыҥ – Айыы Тойон кэлэрэ чугаһаата. Дьүүлгэ турбат туһугар, бырааттарыам, бэйэ-бэйэҕитин сэмэлэспэт-суҥхаласпат буолуҥ. Судьуйа хайыы-үйэ субу ааҥҥа кэлэн турар. Бырааттарым, Айыы Тойон аатынан эппит-үөрэппит бороруоктарын эрэйи-кыһалҕаны тулуйуу холобура оҥостуҥ. Билэргит курдук, биһиги тиһэҕэр диэри тулуйбут дьону алгыстаахтар диэн ааттыыбыт. Иов эрэйимуҥу хайдах тулуйбутун туһунан эһиги истибиккит, итиэннэ амарах сүрэхтээх, аһыныгас санаалаах Айыы Тойон киниэхэ тиһэҕэр тиийэ хайдах сыһыаннаспытын эмиэ билэҕит.
Уонна, бырааттарым, хаһан да андаҕайбат буолуҥ, халлаанынан да, сиринэн да, атын тугунан даҕаны андаҕайымаҥ, эһиги «сөп» диэбиккит чахчы «сөп» буоллун, «суох» диэбиккит чахчы «суох» буоллун, оччоҕо дьүүлгэ туруоххут суоҕа.
Ким эһигиттэн эрэйи көрөр – Таҥараҕа үҥтүн…»
Уол ааҕарын тохтотон баран, саннын ыгдах гыннарда:
– Мин, баҕар, биһиги иннибитин сырдатар туох эмэ этиини булуом дии санаабытым да, «тулуурдаах буолуу» диэн биһиэхэ туох сыһыаннаах буолуон сөбүй? Ээ, бэйи, бу сирэйгэ өссө икки Кэс Тыл баар эбит, – диэн баран, салгыы аахта:
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?