Электронная библиотека » Егор Неймохов » » онлайн чтение - страница 9


  • Текст добавлен: 5 апреля 2023, 13:21


Автор книги: Егор Неймохов


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 9 (всего у книги 28 страниц) [доступный отрывок для чтения: 9 страниц]

Шрифт:
- 100% +

«Улаханнык сананааччылары сэрэтии.

Билигин эһиги, «бүгүн-сарсын маннык куоракка баран сыл буолан, эргинэн барыс киллэриниэхпит» дэһээччилэр, миигин истиҥ! Эһигини бэл сарсын туох күүтэрин билбэккит буолбат дуо? Эһиги олоххут диэн тугуй? Быстах кэмҥэ тахса түһэн баран, уостан хаалар паар буолбатах дуо? Оттон эһиги буоллаҕына, «Айыы Тойон биэрдэҕинэ, тыыннаах буоллахпытына, ону да оҥоруохпут, маны да ситэриэхпит» диир оннугар бэрдимсийэр идэҕитинэн киһиргэнэҕит: итинник киһиргэнии аньыы буолар. Онон үтүөнү хайдах оҥорору билэ-билэ, ону оҥорбот киһи аньыыны оҥорор».

– Кылгас эрээри сытыы да тыллар! – Эллэй кыыс диэки көрдө, – хайа, эн туох диэн санаатыҥ? Бу арыйбыт сирэйгэр өссө биир Кэс Тыл баар, ону ааҕабын дуо?

– Аах-аах, наһаа дьикти дии! – кыыс хараҕа уоттаммытыттан, кини Таҥара аатыттан этиллэр Кэс Тыллары олус кэрэхсээбитэ биллэрэ. Эллэй көхсүн этитэн баран, салгыы аахта:

«Баайдары сэрэтии.

Аны билигин, баайдар, миигин истиҥ! Эһиги ытааҥ-соҥооҥ, аймаһыйыҥ, эһиэхэ аана суох алдьархай ааҥнаан иһэр. Муспут баайгыт-дуолгут барыта илдьи сытыйбыт, таҥаскытын-сапкытын көйүүр сиэбит, кыһыл да, үрүҥ да көмүскүт дьэбин буолбут – ол дьэбинэ эһигини утары туоһу буолан, эккитин-сииҥҥитин уот курдук түрүтэ сиэҕэ…» Оок-сиэ, кытаанахтык да этиллибит эбит! Кэбис, манан тохтуум, – Эллэй кинигэни сабан «лап» гыннарда. – Эн биһикки улаханнык сананыыга да, дьэбин буолардыы байарга да тиийэрбит ыраах, биһиги эдэрбит, ол эрээри маннык Кэс Тыллары киһи барыта билэрэ уонна итэҕэйэрэ буоллар, олох быдан тупсуо этэ диэн эрэнэбин.

– Биһиги омукка бигэ итэҕэл суоҕа наһаа куһаҕан, – Алена кинигэни ылан, арыйталаан көрдө, – мусульманнар Аллахха хайдах курдук итэҕэйэллэрий! Ол иһин төрөөбүт сирдэрин, норуоттарын туһугар сибэтиэй сэриигэ өлөллөрүн туохха да уурбаттар, – кыыс кинигэни төттөрү ууммутун уола ылбата:

– Алена, дьиэҕэр үчүгэйдик ааҕаар, ол кэнниттэн Таҥара, сир-халлаан, атын планетаттан сылдьааччылар уонна да атыттар тустарынан наллаан кэпсэтиэхпит.

Эллэй төһө да кэм-кэрдии хаамыытын туормастыы, бытаарда сатаабытын иннигэр, кыыс дьиэтэ Таҥара дьиэтиттэн олох чугас, хартыына галереятын музейын кэтэҕэр баар эбит.

Арахсаары туран, Эллэй: «Оок-сиэ, аны хаһан көрсөбүт?» – диэн туоххаһыйа санаата уонна быраһаайдаһан, кыыс нарынчаан тарбахтарыттан тутан туран, долгуйан сүрэҕэ субу ойон тахсыахтыы мөхсөрүн, эппэҥнии тыынарын кыатана сатыы-сатыы ыйытта:

– Алена, сарсын эмиэ көрсүөххэ эрэ, иккиэн каникулбут эбит, Тааттаҕа барыаххар диэри ахсааннаах да хонук хаалбыт дии?

– Чэ, билсиэхпит, – диэтэ кыыс быһаарыыта суохтук уонна подъеһын диэки тоһугуруу турда.

Оттон Эллэй сүүрэр-хаамар быластаан, дьиэтигэр көтөн түстэ. Аан тыаһаабытыгар, ийэтэ кэлэн кинини көрөн үөрдэ:

– Хайа, тоойуом, хата, эрдэ кэлбиккин дии, аһыыгын дуо? Мин билигин сылытыам, – диэбитигэр, уола хоһун диэки тиэтэйэ-саарайа хааман иһэн, саннын үрдүнэн бырахта:

– Ийээ, аһаан ахан кэллим, топпун, билигин, баһаалыста, аралдьытыма, төлөпүөҥҥэ ыҥырдахтарына суох диэр, кыратык утуйа түһүөм этэ.

Киирэн аанын лип сабынна, иһиттэн хатаата уонна фанера лоскуйугар обургу ватман кумааҕытын сыһыаран, өҥнөөх харандаастарынан уруһуйдаабытынан барда. Тыаттан көһөн кэлээт, дьоно кинини оҕо художественнай оскуолаҕа сырытыннарбыттара, маҥнай бэркэ сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии сылдьан иһэн, кэлин ылларан барбыта, учууталлара да хайгыыллара, аҕыйахта оҕо быыстапкатыгар эмиэ кыттыбыттааҕа, онон боксаттан ураты иккис ылларбыт дьыалата уруһуй этэ.

Бу сырыыга Аленаны ойуулаан көрөр баҕалаах, хараҕын симнэҕинэ да, астаҕына да – кини ураты кэрэ мөссүөнэ субу турара, ол иһин кыыс дьүһүнүн, унаарыччы көрбүт оттомноох ыас хара харахтарын улаханнык эрэйдэммэккэ кумааҕыга дьүһүйдэ, хороҕор фуражканы төбөтүгэр кэтэртэ, кэтит кыһыл хаймыылаах бүрүүкэлээтэ, санныгар гербэни кытта маршал улахан сулустаах көмүһүнэн күлүмүрдээбит погоннары оҥордо, кителин саҕатыгар эмиэ оннук өҥнөөх лавровай сэбирдэхтэрдээтэ. Алена бэйэтин саҕа кэлтэгэй Ый аҥаар уһугуттан уҥа илиитинэн тутуһан турар, хаҥаһынан Араҥас Сулуһу хомуос курдук туора туппут, көхсүнэн Халлаан Сиигэр өйөммүт, кэннигэр хараҥа киэҥ куйаарга баһаам элбэх сулустар тырымнаһаллар, аллара сулустан сулустары холботолоон суруйда: ПРОКУРОР ВСЕЛЕННОЙ АЛЕНА.

Уруһуйдаан бүтэрэн, иннигэр тутан туран сыныйан одууласта уонна бэйэтэ улаханнык астынна. Сонно төлөпүөнүн ылан, кыыска СМС ыытта: «Алена, сарсын 2 чааска Ленин бол-гар фонтан аттыгар күүтэбин. Эллэй».

Үлэтин барытын бүтэрбит киһи быһыытынан, түмүллүбүтэ, күүрбүтэ эмискэ ааһан, мэйиитэ эргичийэн кулахачыйан барда: «Оо дьэ, эмиэ…» – диэх курдук санаан иһэн, оронугар тиийэн оҕунна. Кэнники кэмҥэ мэйиитэ эргийтэлиирэ элбээтэ, хата, бүгүн кыыстыын сырыттаҕына биллибэтэ диэн үөрэ санаата. Утуйар-утуйбат икки ардынан сытан, түлэкэдийэн барыталаата – аһыыларын килэппит кып-кыһыл бөрөлөр эккирэтэллэр, суоллара кэтит хааннаах тараанньыктар буолан хаалаллар, онтон куота сатаан, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түстэ.

Төһө өр оннук сыппытын билбэт, утуйан ылбыт чинчилээх – төбөтө кэм дьэҥкэрбиккэ дылы, түүн буолбут, хоһун иһэ хараҥарбыт. Уол туран, куукунаҕа тахсан, уу иһэн баран төттөрү киирдэ уонна уоту уматта, сонно хараҕар фанераҕа сыһыарыллыбыт ватмаҥҥа маршал формалаах Алена сүр боччумнук туттан, ыйтан тутуһан, хомуос курдук Араҥас Сулуһу туора уунан, Халлаан Сиигэр өйөнөн турара сандаара түстэ, уол мичийдэ: «Арба да, киниэхэ СМС ыыттым этэ дии, тугу эмэ хардарда эрэ, суох эрэ», – диэн саныы-саныы төлөпүөнүн ылан, киирбит соҕотох иһитиннэриини аспыта биир эрэ тыл сырдаата: «Сөп». Тута хоруйдаабыт эбит, мэйиитэ эргийэн, охтон, көрбөккө хаалбыт.

Ити үөрүүлээх сонунтан төбөтүн ыарыыта кытта аччыырга дылы гынна, сыгынньахтанан баран ваннайга киирэн, тымныы ууну ыытан, этин-сиинин устун тымныы сүүрээннэр уоскута тыккыраһалларын анныгар, сылаатын таһаара сатаан, өр турда.

14

Сарсыарда Эллэй быдан сэргэхсийбититтэн үөрдэ, тута ойон туран салгыны охсуолаан, боксердар тылларынан, «күлүгүн кытта охсуста». Үрдүкү кылаастарга уҥуоҕунан эмискэ хоройо улаатан, саастыылаахтарыттан быдан өндөс буолбута, кыра ыйааһыннарга оҕолор элбэх эбит буоллахтарына, кинилиин тэҥҥэ үктүүр, улахан ыйааһыннаах боксердар саастыы уолаттарын ортолоругар бэл республика үрдүнэн сэдэхтэрэ. Ол иһин тренердэрэ араас күрэхтэһиилэргэ сотору-сотору кытыннараллара, онон күрэхтэһэр уопута улааппыта, аҕыйахта хоттороро, үксүн кыайара, улахан дьоҥҥо маастарга кандидат нуорматын толорбута, оҕолорго республика сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирбитэ. Иккитэ-үстэ соҕуруу илдьэ сылдьыбыттара, онно да ыйааһыныгар республикаҕа наадалаах очколары аҕалтаабыта. Барыта үчүгэй буолуоҕун бииртэн дьаарханара – доруобуйатыгар туох эрэ кэһиллии тахсыбытын сэрэйэрэ, арыт хараҕын иннигэр «маҥан сахсырҕалар» көтөн элэҥнэтэллэрэ да, хата, сотору ааһара, рингаҕа киирсэ сырыттахпына итинник буолан иэдэтиэ диэн дьулайара, билиҥҥитэ этэҥҥэ этэ, ол иһин итинник мөлтөөн ыларын адьас аахайбата, дьонугар да, тренеригэр да үҥсэргээбэт этэ: «Быстах мэһэй ини», – диэн эрэнэ саныыра.

Москваҕа тиһэх барыытыгар финалга диэри этэҥҥэ тиийбитэ, иккитигэр утарылаһааччыларын нокдауҥҥа ыыталаан, наһаа баһыйаҕын диэн охсуһууну эрдэ тохтоппуттара, маҥнайгы миэстэни былдьаһа, эмиэ маастарга кандидат Орел куораттан сылдьар уоллуун тахсыбыта. Тэҥҥэ эрийсэрин ааһан, Эллэй өссө раунтан раунд ахсын оҕустаҕын аайы табара элбээбитин, уола куота сатыырын, сылайбытын билэн, «арааһа, кыайдым» дии саныырын кытта, эмискэ «сахсырҕалара» баар буола түспүттэригэр соһуйан, үтүлүктэрин кыл түгэнигэр санньытан, көмүскэниитин арыйбытын анараа обургу мүччү түспэтэҕэ – күүстээх охсууттан ирим-дьирим барбыта, гонг буолбута абыраабыта. Туймаардар абытайдаах охсуу этэ, ити кэнниттэн харса суох күлүмэхтэтэн барар тэтими тулуйара саарбах буолуох эбит да, гонг тыаһаан быыһаан ылбыта. Уопсай түмүккэ очконан кыайан бастаабыта эрээри, ити киирсии кэнниттэн аны «сахсырҕалартан» ураты хаа-дьаа мэйиитэ эргичийэр, хотуолатыах курдук сүрэҕэ өлөхсүйэр буолбута.

Дьокуускайга төннөн баран, эҕэрдэлии көрсүбүт тренеригэр «тиһэх киирсии бүтүүтэ күүстээх охсууга түбэстим, мэйиим эргийэр» диэбитигэр, биир-биэс тыла суох хамаанда бырааһыгар ыыппыта. Анараата уолу иннигэр олордубута, мас өтүйэнэн тобуктарын, тоҥолохторун охсуолаабыта, хараҕын иннигэр сөмүйэтин үөһэ-аллара, туора-маары элэҥнэтэн баран: «Мэйиитэ доргуйбут», – диэн түмүгү оҥорбута, быстах кэмҥэ эрчиллэрин, күрэхтэһэрин боппуттара.

Эллэй оскуоланы бүтэрэн, университекка киирэн да баран, боксалаһарын букатын тохтоппута, ийэтэ онтон олус үөрбүтэ, аҕата: «Маладьыас, маастарга кандидат нуорматын толордуҥ, ыксал түгэҥҥэ бэйэҕин эр киһи быһыытынан көмүскэнэр кыахтааххын, онтон ураты туох да наадата суох, үөрэххин кытаат», – диэн кэбиспитэ.

Боксатын адьас да умнубут курдук сылдьыбыта да, быһаҕынан далбаатаммыт, ааттыын Филипп Финкаттан кыыһы көмүскээри, боксаҕа үөрэммитин туһанарыгар тиийдэ. Аҕата «ыксал түгэн» диэн ааттыыр сырдык-хараҥа икки ардыгар киирэр харбыалаһыыга рингаҕа эриллибитэ-мускуллубута абыраата, онтон атын быһаҕынан тэлэкэччийбит, ииримтийбит күлүгээни хайдах тохтотуохтар этэй? Дьиэлээх Степан, төһө да былыргыта десантник буоллар, сэриигэ атаҕын улаханнык эчэппит, нэһиилэ содьороҥноон хаамарыгар махтал, киһини көмүскүүр, кэрээниттэн тахсыбыт Финканы уодьуганныыр кыаҕа суох, Рафаэль үйэтигэр киһини охсубатах буолуохтаах, ити курдук Аленаны көрбүтүнэн атаҕастатыахтар эбит, оттон куоппуттара буоллар, биир саат, итинник дьиикэйдэр туох да утарсыыны көрсүбэтэхтэринэ, дьону-сэргэни сордоон, букатын наһаалыах этилэр.

Эмиэ маршал формалаах халлаан куйаарыгар Ыйга биир уһугуттан тутуһан, Араҥас Сулуһу хомуос курдук тутан, үөһэттэн аллара хойуутук бачыгыраспыт Халлаан Сиигигэр өйөнөн турар кыыс хартыынатын көрдө. Арааһа, хартыына юмора, фантазията уонна истиҥэ табыллыбыт быһыылаах диэн астына санаата, Аленаҕа чахчы маарынныыр, эйэҕэс-сайаҕас, өйдөөх-оттомноох майгыта да бэриллибит курдук. Ол эрээри, араамата суох илдьэн биэрдэххэ туох эрэ итэҕэс курдук буолсу.

Квартираҕа соҕотох хаалбыт, ийэтэ үлэтигэр, оттон аҕата сайын буолла да, геологтар экспедицияларыгар барсара, хаар түһүүтэ биирдэ эргиллэрэ, онон сайын иккиэйэҕин хаалааччылар. Ийэтэ барахсан остуолга сылаас аһы уурбутун сойботун диэн сотторунан саппыт. Эллэй сууна охсон, сылаас миини истэ, мокоруоннаах эт ыһаарыны сиэтэ, ити икки ардыгар аччыктыы охсубут эбит. Биир чаас ааһан эрэрин көрөн тиэтэйдэ, бэҕэһээ кэппит таҥаһын ылбата, онон уларыттан, маҥан футболка, сайыҥҥы сырдык чараас бүрүүкэ, саһархай бачыыҥка кэтэн, таһырдьа ыстанна. Аара «Канцтовары» маҕаһыынтан кээмэйинэн сөп түбэһэр өстүөкүлэлээх бэлэм арааманы ылан хартыынатын укта, киоскаттан сибэкки дьөрбөтүн атыыласта. Ленин болуоссатыгар баар фонтаҥҥа диэри аҕыйахта үктээн тиийдэ. Арыый эрдэ, Алена кэлэ илик, уу сүүрээннэрэ эрчимнээхтик өрө тыган тахсан, сырдык таммахтар буолан, үөһэттэн ыһыллан түһэллэр. Фонтан биир өттүгэр тыаттан кэлэн, аны күһүн оскуолаҕа бараары бэлэмнэнэн, мал-сал атыылаһа сылдьар ийэлээх оҕолор быһыылаах – итии күҥҥэ сөбө суох плащтаах, сибэкки ойуулаах кыһыл былааты бааммыт дьахтар кытайдар атыылыыр судургу джинсы көстүүмнээх, көхсүлэригэр сабыс-саҥа ранец суумкалары сүкпүт уонча саастаах эмдэй-сэмдэй уоллаах кыыстыын турар. Оҕолор ууга тарбахтарын уган көрөллөр, тула сырсан ылаллар, үөрэ-көтө чуопчаарсаллар.

Кинилэргэ аралдьыйан, Эллэй Алена хайдах аттыгар баар буолбутун өйдөөбөккө да хаалла:

– Дорообо, – диэн саҥаттан ходьох гынна. Кыыс эмиэ атыннык таҥныбыт: шортиктаах, сиэх быһаҕас муус маҥан куопталаах. Уол көбүс-көнө сыгынньах атахтары эмискэ көрөн, салыбырыар диэри долгуйда, сонно сибэккилэри кытта араамалаах хартыынаны уунна:

– Бу эйиэхэ.

– Махтал, – кыыс кини бэлэхтэрин ылла уонна хартыынаны эргитэн көрөн баран, саҥа аллайда: – тыый, бу эн бэйэҥ оҥордуҥ дуо?

– Бэйэм.

– Наһаа үчүгэй дии! Олох да худуоһунньук эбиккин, ханна үөрэммиккиний?

– Оҕо художественнай оскуолатын бүтэрбитим.

– Улахан махтал, – уолу иэдэһиттэн уураан «чоп» гыннарбытыгар, соһуччута бэрдиттэн, Эллэй кута куота сыста – сып-сымнаҕас сииктээх уос таарыйбыт сирэйэ уотунан кутаалаабытын тоҕо эрэ саба тутунна уонна:

– Бэйэҕэр махтал, – диэн хардары махтанна.

Алена арааманы бэйэтиттэн тэйитэ-тэйитэ, чугаһата-чугаһата көрдө:

– Ол эрээри «прокурор вселенной» диэбиккин да, Сирбит аргыһа Ыйга эрэ миигин турардыы оҥорбуккун, оттон «хаһаайыстыбам» атын галактикаларын – мөлүйүөнүнэн сылларынан кэлэр сырдыктаах сулустарга хаһан тиийэбин? – дии-дии, оонньоһор быһыынан күллэ.

– Эс, Сиртэн, Ыйтан ордугу билбэт буоллаҕым дии, ол иһин.

– Чэ, кырдьык да, оонньоон этэбин, наһаа үчүгэй, махтанабын, хайа бүгүн туох былааннаахпыт? Ол аайы араас ВДВ-ларга барбат инибит.

«Былааннаахпыт» диэн биир хаһаайыстыба курдук Эллэйи кытта кыыс бэйэтин холбуу маҥнайгы сирэйтэн эппититтэн уол сүрэҕэ сылаастык мөҕүл гынна.

– Суох-суох, киинэ театрыгар билиэт ылбытым, «Аватар» диэҥҥэ.

– Чэ, оччоҕо бу хартыынаны тута сылдьарбыт табыгаһа суох буолуо, мин дьиэбэр илдьэн уураат кэлиим, уон мүнүүтэ иһинэн эргиллиэм.

– Сөп, мин манна күүтүөм.

Кыыс дьыралдьыччы үктэнитэлээн бара турбутун, бэҕэһээҥҥэ диэри өрүнэ сылдьыбыт баттаҕын ыспыта көхсүгэр долгулдьуйа мөхсөрүн көрө турдаҕына, Эллэй санаатыгар Дьокуускай куорат болуоссата, фонтана дьиэлиин-уоттуун эргичийэн барарга дылы гыммыттара. Уол онтон куттаммыта: «Эмиэ мэйиим иирэн эрэр дуу?» – диэн. Хата, барыта сотору ааспыта.

Ити курдук хас да хонукка олус тапсан куорат уулуссаларынан дьаарбайбыттара, Покровскайдыыр суолга баар «Орто дойду» зоопаркаҕа кытта тиийэ сылдьыбыттара. Эллэй кыыһы көрдө да, кэлин кэмҥэ төбөтө ыалдьара, мэйиитэ эргийэрэ да аматыйарга дылы буолара: «Маннык мааны кыыстыын сылдьартан ордук дьол ама киһиэхэ баар үһүө?» – диэн саныыра. Кыыс Тааттаҕа барарыгар, аймахтара Бэстээххэ массыынанан тоһуйуох буолбуттар, ол иһин Өрүс пордугар трамвайга таксинан киллэрэн биэрбитэ.

«Арахсабыт уонна хаһан көрсөрбүт буолла, оо, күүскэ да күүскэ кууһан баран, сардаана сибэкки курдук кытара кыыһар обуйуктуур уоһуттан, хаһан да умнубаттыы, уҥа-таала омуннаахтык уураан ылбыт киһи баар ини», – диэн Эллэй ымсыыра санаата эрээри дьулайда, трамвай далаһатын аттыгар туран, илии тутуһуунан муҥурданна:

– Чэ, дьоҥҥор-сэргэҕэр үчүгэйдик сынньанан кэл, – диэтэ.

Кыыс тута үөһэ тахсан, палуба үрдүгэр көстүбүтэ, харах далыттан сүтүөр диэри далбаатыы хаалбыта. Сотору трамвай бэйэтэ да арыы кэтэҕэр киирэн, көстүбэт буолбута. Эллэй олус курутуйан, тубус-туруору бетон эркиннээх кытылга охсуллар долгуннары одуулаһа, уу аалын тумсун быатыттан эрийэ тардан баайарга аналлаах, тэллэҕэр сэлээппэлээх синньигэс төҥүргэс курдук тимир чороҕорго олордо. Сүүрүк күүгэннирэ-күүгэннирэ араас хатырыгы, хаптаһын эмтэркэйин бетон эркиҥҥэ сыбыы сатыыр уонна кыайбакка, төлө туппут бөҕө-саҕа эркинтэн тэйдэр-тэйэн, киэҥ үөскэ киирэн, дэллэрийэ устар.

Тыаллаах, халлааҥҥа хараҥа былыттар устаҥанаһаллар, силбэһэн-холбоһон, көҕөрөр киэҥ куйаар былытынан сабыллан барда, ону кытта тэҥҥэ Эллэй санаата түһэн, хобдох-курус буолла, мэйиитэ эргийэрэ эмиэ тииһигириэх курдук, хата, Аленаны кытта сылдьан ол-бу буолан хаалбата. Син этэҥҥэ атаардаҕа, кыыс кини ыалдьарын билбэккэ барда, айылааҕын, оннук эрэ буоллун. Үрдүк кытылтан ууну кэтии олорон Эллэй мэйиитэ эргийэн, хас да саһааннаах үөһэттэн ууга кур гыныахха айылаах туруктанна, баҕар, барытыттан оннук түмүк ордук буолуо эбитэ дуу – туох баар сүрэх эриллэрэ, мэйии иирэрэ, түҥ-таҥ буолуталаан ылыах курдук соро-муҥа биирдэ ньим гына сүтэн хаалыахтар этэ. Сыыһа туттан, алҕас ууга түспүт киһини ким туох диэн сэмэлиэй?..

Ити санаатыттан бэйэтэ куттанан, хонос гынна – кэбиис-кэбис, оттон ийэм, аҕам, Аленам?..

Эллэй нэһиилэ туран, оптуобус тохтобулун диэки саллаҥнаата.

Алена барыаҕыттан хас да хонук ааста. «Киһи – санаа кулута» диэн олох бэргэнник этэллэр эбит, кыыһын атаарыаҕыттан Эллэй мөлтүүр өттүгэр барда, наар сытыганнаан тахсар, аһыан адьас баҕарбат, төбөтө ыалдьарыттан ураты кыратык да аһаата да, хотуолаан иһэрэ, харахтарын иннинээҕи «сахсырҕалар» ааспат-арахпат буолан барбыттара. Сатахха, квартиратыгар соҕотох, ийэтин ханна эрэ командировкаҕа ыыппыт кэмнэрэ уолдьах курдук түбэстэ. Ол иһин туохтан эрэ куттанар, хосторго кимнээх эрэ баарга, кэпсэтэн күллүгүрэтэргэ дылылар, утуйуон да саллар, түһээн мэлдьи туох эрэ ынырыгы, абааһылары эҥин көрөр. Аленатыттан СМС-нан иһитиннэрии кэллэҕинэ эрэ сэргэхсийэрэ, үөрэрэ. Кими да көрүөн баҕарбакка дылыта, ол иһин ааҥҥа да, дьиэ төлөпүөнүгэр да звонктаатахтарына турбата, өр олорон кэпсэтэр кыаҕа суоҕун билэрэ, оттон бу дьүһүнүнэн-бодотунан кимиэхэ да көстүөн баҕарбата.

Түһээн Аленаны биирдэ эрэ көрдө, онтуката да дьээбэ, соччото суох этэ – арай кинилэр иккиэн футболкалаах, шортиктаах элбэх этээстээх улахан тэрилтэ дорожка сабыылаах кэтит кирилиэһинэн түһэн эрэллэр. Бу иһэн, Эллэй: «Кыһын дии, бачча тымныыга шортигынан хайдах таһырдьа тахсабыт?» – диэн санааргыыр, истээх таҥастарын соруйан уоран ылбыттарын курдук саныыр. Тахсар ааҥҥа кэллилэр, аан звоногун кнопкатын баттыалыы туран дьиктиргиир: «Хайа, дьиэ иһиттэн тахсарга эмиэ тоҕо звоннуубунуй?»

Ыараханнык түлэс-балас утуйа сытан уһуктан кэлбитэ, ааны үстэ кылгас-кылгастык звоноктууллар, ити ийэтэ, кинилиин болдьоспут ньымалара. Уол оронуттан иэҕэлдьийэн тиийэн ааны аста, ийэтэ Ксенья:

– Хайа, Эллээйчик, төһө бэркэ олордуҥ? – диэн үөрэ-көтө чаҕаарыйан иһэн, уола эмискэ уларыйбытын, аҕыйах күн иһигэр быһа түһэн дьүдьэйбитин көрөн соһуйда:

– Туох буоллуҥ, ыарыйдыҥ дуо?

– Арааһа, – диэн баран, уол хоһугар саллаҥнаан, оронугар сытынан кэбистэ. Ийэтэ кинини сонно эккирэтэн киирдэ:

– Хайдах ыарыйдыҥ? Кистээмэ, туох баарынан барытын кэпсээ. Тымныйдыҥ дуо?

«Ааһар ини», – диэн мэлдьи бэйэтин уоскутуна сатыы сылдьыбыт ыарыыта мүлүрүйүөхтээҕэр өссө бэргээн эрэриттэн куттаммыт уол кырдьыгы этэргэ күһэллибитэ:

– Ийээ, тымныйыы буолбатах быһыылаах, ааспакка-арахпакка мэйиим эргичийэр, дэлби өҕүйэбин, хотуолуубун, арыт түҥ-таҥ буолан ылаттыыбын, төбөбөр туох эрэ баар, уу үөскээтэ дуу, хайдах дуу?

– Хаһааҥҥыттан оннук буолла? – Ксенья уолун температуратын билээри сүүһүгэр ытыһын даҕайан ылла уонна сэрэнэн икки харахтарын халтаһаларын атыҥнатан көрдө.

– Оскуоланы бүтэрэр сылбыттан, маҥнай кыра-кыратык эргичийэрэ, кэлин чаастатыйда…

– Хараҕыҥ иннигэр маҥан сурааһыннар элэҥнэһэллэр дуо?

– Элэҥнэһэн.

– Оо дьэ, ону тоҕо баччааҥҥа диэри миэхэ эппэтэх бэйэҕиний?

– Ааһар ини диэн санаабытым.

– Чэ, сөп, Эллээйчик, мин билигин поликлиникабар субуоннуом, хараҕыҥ давлениетын кэмниэхпит, мэйиигин компьютернай томографияҕа устуохпут. Сип-сибилигин… – Ксенья холкутук саҥара сатыыра да, сирэйэ-хараҕа турбутуттан, быһыта-орута эмискэ-эмискэ хамсанарыттан ыгылыйбыта, санаата оонньообута биллэрэ, төлөпүөнү ылан эрийээт, тиэтэйэ-саарайа саҥарда:

– Светлана Гаврильевна, мин – Иванова Ксеньябын, субу командировкаттан кэллим, сырыы үчүгэй-үчүгэй, ону кэлин… Светлана Гаврильевна, маннык проблема үөскээбит – командировкаҕа сылдьар кэммэр уолум Эллэй ыалдьыбыт, тугу да аһыан баҕарбат, хотуолуур, мэйиитэ эргийэр үһү, суһаллык мэйиитин компьютернай томографияҕа уста охсуохха наада. Туох диигин? Истибэтим… Аппарат билигин иллэҥ даа? Дьэ бэрт эбит, оччоҕо билигин суһал көмөнү ыҥырыам, сотору тиийиэхпит, баһыыба, Светлана Гаврильевна.

Ити кэнниттэн суһал көмөлөрү кытта кылгастык кэпсэттэ уонна уолга туһаайан эттэ:

– Чэ, ыксаабакка оргууй аҕай туран таҥын, сэргэхсий, «скорайынан» көрдөрө барабыт, билигин массыына кэлиэҕэ.

Эллэй сыранан оронуттан турда, адьас хамсыан баҕарбат, куртаҕа кураанах да буоллар, өҕүйүөх эрэ санаата кэлэр, хараҕын иннэ ирим-дьирим, сэниэтэ олох суох, эмиэ да бу төбө тулуппат ыарыыта, мэйии иирэрэ кинини буолбакка, адьас атын киһини буулаабытын курдук ээл-дээл санаталыыр, уу иһигэр сылдьар курдук буолан ылаттыыр. Таҥнан үнүөхтээтэ, иккиэн аллара түстүлэр.

Компьютернай томография кабинетыгар быраас сиэстэрэтиниин көрүстүлэр. Хос ортотугар оһох курдук улахан аппарат муус маҥанынан кылбачыйар. Эллээйчиги уһун дьааһык курдукка сытыардылар: «Адьас саҥарыма, төбөҕүн төрүт хамсатыма, дьөрү чыпчылыйыма да, хараххын симэн кэбиһээр, чаас аҥаарын тулуй, олох ыксаатаххына маны баттыалаан биллэрээр», – диэн ытыһын иһигэр эрэһиинэ мээчиккэ маарынныыры туттардылар уонна иһирдьэ анньан кэбистилэр. Көрүү кэмигэр хабыс-хараҥаҕа хоруоп курдукка сытар олус куһаҕан эбит, алдьархайы-ынырыгы түүйэргэ дылы…

Күүппүт санааҕа бүтүн үйэ буолан баран, кэмниэ-кэнэҕэс дьааһыгын дьэ соһон таһаардылар, күн сырдыга күндү да эбит! Эллээйчик ийэтин саҥатын иһиттэ:

– Эллээйчик, көрүдүөргэ күүт, мин билигин тахсыам.

Уол быраас диэки көрдө, киһитэ быраһаайдаһара да, сөбүлэһэрэ да биллибэттик кэҕих гынна.

Уол тахсан көрүдүөргэ олоппоско олордо, балачча өр буолан баран аан аһылынна, ийэтэ көстүбүтүгэр, уола оннуттан ойон турда:

– Хайа, ийээ?..

Иккиэйэх тылга элбэх да иэйии дэгэттэрэ бааллара – эрэнии, куттаныы, долгуйуу, ааттаһыы…

– Тоойуом, туох эрэ киста баар, сарсын нейрохирургияҕа киириэҕиҥ, онно анал идэлээх быраастары кытта дьүүллэһэн, консультациялаһан баран, диагнозкын чуолкайдыахтара, ол инниттэн бары өттүнэн чинчийиэхтэрэ.

Ийэтэ уоскутар тыллары эттэр да, эмчит эрээри хайдах эрэ бэйэтиттэн тэйитэрдии «чуолкайдыахтара, чинчийиэхтэрэ» диириттэн, сирэйин кистиир курдугун үрдүнэн хараҕар санньыар толбон баарыттан уол дьыалата хаахтыйбытын өйдөөтө. Кини кыратыттан атаах буолан, тугу эмэ ыйыппытын, көрдөспүтүн толорторон тэйэр этэ, ол бэйэтэ бу сырыыга ийэтин туругун сэрэйдэ, эбии тугу да ыаһыйаласпата.

– Эллээйчик, барыта этэҥҥэ буолуо, билигин дьиэбитигэр тиийэн, эн таптыыр борщкун бидиличчи буһарыам, – Ксенья хотоойутук тутта сатыыр.

Уол квартираҕа киирээт, эмиэ хоһун былдьаста.

Дьахтар оҕотуттан кистии сатаан тулуйа сатаабытын куукунаҕа киирэн дьэ төлө биэрдэ, остуолга умса түһэрин кытта, хараҕын уута харыыта суох таммалаабытынан барда, саҥата суох ытаан саннылара дьигиҥнэстилэр: «Мэйиигэ искэн! Туох алдьархайай бу! Саатар атын да сиргэ буолбат…» Ол ыарыы хайа да сиргэ буулатаҕына, син биир үтүөнэн арахпатын билэр да буоллар, ити курдук толкуйдаан аһарда, санаатыгар оҕотун быыкаайыга, төрүүр дьиэттэн аҕалыылара, оҕо саадыгар, оскуолаҕа сылдьыыта бииртэн биир хартыына буолан, солбуһан субустулар.

Компьютернай томография кэнниттэн: «Оҕо сылдьан боксалаһара. Кырыыстаах бокса! Онтон искэн үөскээтэҕэ!» – диэн кэпсээбитин сиһилии ыйыталаһан баран, быраас олох ылымматаҕа: «Боксанан саҥа уонна кылгастык дьарыктаммыт оҕо хайдах да төбөтүгэр искэн үөскүөр диэри кырбаныан табыллыбат, бэйэҥ биирдэ да күүскэ охсуллубутун, уҥмутун билбэппин диигин буолбат дуо? Оччоҕо бокса туох да сыһыана суох, төрүттэргэр маннык ыарыылаах ким да суоҕа дуо? Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ генетическэй бэриллии буолуон сөп эбэтэр оҕо төрүөн иннинэ травма, эн ыарахан сылдьан, туох да күүстээх эми испэт этиҥ дуо?» – диэтэ. Быраас бары ыйытыыларыгар «суохтан» атыны билбэтэҕэ, дьиҥэр, куттаммыт омунугар, биологическай ийэтэ олох атынын этэ сыһан баран туттуммута.

Хайдах буолуохха? Биллэн турар, бастаан Бэргэни геологическай баартыйаттан ыҥыра охсуохтаах. Тустаах дьоҥҥо катастрофа тэҥэ иэдээҥҥэ түбэспиттэрин кэннэ кини ойуурга чуумпуга, чэбдик салгыҥҥа күүлэй тэбэ сылдьыахтаах үһү дуо? Суох! Эрэй-кыһалҕа билигин кинилэр дьиэлэрин аанын кэлэн лүҥсүйэр, ону аҕата, эр киһи буоларынан, үксүн кини быһаарыахтаах. Үчүгэй быраастарга, норуот эмчиттэригэр харчытын төрүт харыстаабакка эмтэтиэххэ наада. Ыксал буоллаҕына, бу квартираларын да атыылыахтара! Кимнээх баалларый – мэйиини эмтииргэ бастыҥ быраастар – манна, соҕуруу?..

Онтон санаата эмиэ оҕотун ыарыытын тула устаҥнаата: «Искэн хайдах баар буолан хаалла? Боксаҕа охсуллууттан үөскээбэтэх буоллаҕына, оччоҕо туохтан? «Төрүөн иннинэ күүстээх эмп…» Эмискэ Ксенья өрө уһуутаабытынан хонос гына түстэ.

Сэргэлээх уопсайа, элбэх сыллары нөҥүөлээн устудьуоннар кэпсэтэр саҥаларын дорҕоонноро субу хоһун иһигэр баардыы дуораһыйдылар, уопсай дьиэ кыараҕас хоһугар Дина сытарын, кини: «Оҕом улаатан хаалла быһыылаах, түһэрээри эмп иһэн көрөбүн да – билиммэт уонна эми сөбүлээбэккэ дуу – сүрэҕим-быарым эриллэр», – диэбитэ тимири тимиргэ сырбатардыы, адьас төбөтүн үрдүгэр чаҥырҕаата. Чахчы кини, түһэртэрэ сатаабыт Дина буруйдаах эбит! Ээ, арба да кини баар дии – республика таһымнаах улахан мунньах буолла да, президиумҥа тойоттору кытта ытыар диэри киэргэнэн баран олорор хотун, сотору-сотору Москванан, омук сирдэринэн тиэстэр ийэтэ, дьэ көмөлөстүн ээ төрөппүт оҕотугар!

Сонно төлөпүөн үрдүгэр түстэ. Маҥнай Бэргэҥҥэ иһитиннэрэ охсуохтаах, онтон Динаҕа… Ким билэрэ буолуой Дина төлөпүөнүн? Устудьуон сыллардааҕы дьүөгэлэриттэн биир эмэ кыыстыын билсэрэ дуу, суоҕа дуу? Ити эрээри куорат да кыараҕас, хантан эмэ булар ини…

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации