Текст книги "Илэ барбыттар"
Автор книги: Елена Уран
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]
* * *
Аҕам кыра эрдэҕиттэн биир уоллуун доҕордоһон, «эн-мин» дэһэн улааппыт. Улаатан баран иккиэн биир ыал кыргыттарын кэргэн ылан, быр бааччы олорбуттар. Үлэлэрэ да биир этэ – ыраах айан суоппардара, рейскэ наар бииргэ бараллара, тус-туспа хаһан да айаннаабаттара.
Биир сыл аҕам доҕоро соһуччу баҕайытык ыалдьан анараа дойдуга аттаммыта. Аҕам олус соҕотохсуйан, соччо барбат-кэлбэт буолбута. Ол эрээри биирдэ сааһыары Нерюнгрига дуу, ханна дуу таһаҕас таһа барда.
Арай тиэнэн баран, сылайан, кабинатыгар утуйа сыттаҕына, ааны аһан, илэ бэйэтинэн суох буолбут доҕоро бу киирэн кэлбит, сирэйин утары олох көрбөт үһү. Ол олорон, аат харата ону-маны сэһэргэһэн кэпсэппиттэр. Онтон киһитэ: «Бээ, түргэнник айаннаа, утуйан тарайа сытыаҥ дуо? Куота оҕус!» – диэбит уонна, кабинаттан тахсаат, аанын ытыһынан иккитэ саайбыт (оннук үгэстээх эбит). Ол тыастан аҕам уһуктан олоро биэрбит, «ким тоҥсуйарый» диэн таһырдьаны өҥөйбүт, ким да чугас суох үһү. Онтон дьэ, түүлүн өйдүү түһээт, сэрэппит эбит диэн, айанныы турбут.
Мэҥэ Хаҥаласка кэлэн баран истибитэ, кини айаннаабыт күнүн кэнниттэн сүрдээх элбэх хаар түһэн, суол килиэ муус буолбут. Массыына бөҕө алдьаммыт, киһи өлүүлээх оһол тахсыбыт үһү.
АЛААС АБААҺЫТА
Эргэ өтөххө көстөр абааһы. Ардыгар өтөх аттыгар көмүллэ сытар дьон дууһата эбэтэр дьиэ иччитэ буолуон сөп. Хас да араастаах.
* * *
Дэриэбинэттэн икки көстөөх Куба Һаарбыт диэн сиргэ кыстаан, дэриэбинэ сылгытын бүтүннүү аһатан, бүөбэйдээн сылгыһыттар олорбуттар. Сураҕа, икки дьиэлээхтэр үһү: биирэ – утуйар, иккиһэ – күөстэнэн аһыыр-сиир сир. Кинилэр алаастарыгар былыргы өтөх баара үһү. Биллэн турар, балаҕан, сэргэ элбэх буоллаҕа. Олорбут дьон онно көмүллэн сыталлара да саарбаҕа суох. Биир сайыҥҥы сылаас күн доҕордуулар, аһыыр остуоллара кыратын сирэн, балаҕан иһиттэн былыргы төгүрүк остуолу ыларга санаммыттар. Арай остуолларын көтөҕөн таһаараары гыммыттара, ааҥҥа баппат эбит. Онуоха уолаттар, уһуну толкуйдуу барбакка, остуол сирэйин туура тардан, бэйэлэрин дьиэлэригэр киллэрбиттэр. Үөрэн-көтөн, астарын астанан аһыахча буолан эрдэхтэринэ, эмискэччи иэдээн сыты-сымары кытта тэҥҥэ ким эрэ ыараханнык тыынара иһиллибит. Уолаттар куттанан, остуолларын төттөрү таһааран, балаҕаҥҥа илдьибиттэр уонна көмүлүөгү оттон, иччилэри аһаппыттар, алы гынарыгар көрдөспүттэр. Ол курдук, кырдьаҕас сөбүлээбэтэҕин биллэрбит. Саамай дьиктитэ, төттөрү киллэрэллэригэр остуол олус холкутук ааҥҥа баппыта үһү.
Эдэр дьон, өтөх дьиэ малын-салын мээнэ тыытымаҥ. Уоту, сири-дойдуну аһата сылдьар буолуҥ.
* * *
2021 сыллаахха сайын хаһыа да буолан Амма өрүскэ сынньана диэн хомунан-тэринэн айаннаатыбыт. Аммаҕа сылдьыбатахпыт ырааппыт. Массыынаны бэйэм ыытабын, дьүөгэлэрим маҥнай кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан баран, улам-улам саҥалара аҕыйаан, ким утуктаан утуйан, ким миигин аралдьытаары санаан кэлэ-кэлэ саҥаран, син өр соҕус айаннаан истибит. Амма бөһүөлэгэр сарсыарда суһуктуйуута тиийэн, тыраасса ойууруттан тахсааппытын кытта, дохсун ардах курулуу түстэ. Кустук дьэрэкээн өҥө саҥа тахсан эрэр сайыҥҥы күҥҥэ дьиримнии оонньоото. Салгыы айанныахпытын, ардах өссө күүһүрэн, туох да көстүбэт буолла, онон, барбахтыы түһэн баран, суол кытыытыгар көнө сири булан тохтоотум уонна кириэһилэбин сытыаран, утуйан хааллым. Кыргыттар ууларын быыһыгар: «Ээ, ардах…» – эрэ диэн хааллылар. Мин утуйан иһэн, испэр сирбин алаадьынан аһатыахпын санаан, сылайбытым бэрт буолан, сүтэн хааллым.
Арай уһуктубутум, күн оройо буолбут, күн чаҕылыччы тыгар. Дьон саҥата ньамалаһар, түннүкпүнэн өҥөйөн көрөллөр. Күлүү-салыы элбэх: «Туох эрэ бырааһынньыгын ортотугар тохтообуппун дуу», – дии санаан ыллым. Туран көрбүтүм – сахалыы таҥастаах дьон үөрэ-көтө хаамса сылдьаллар: «Ыһыах буолар сиригэр тохтообуппут», – дии санаатым. Эмискэ массыына иннигэр олорбут дьүөгэм ол дьоҥҥо сүүрдэ. Кинини сырсан тахсан көрбүтүм – аарка турар, үөһэтигэр хайдах эрэ дьиэ курдук сарайдаах дуу, оһуордаах дуу, кыайан быһаарбатым. Онно сахалыы таҥастаах дьон уочараттаан тураллар, ол ааркаттан күн өссө күүскэ чаҕылыйар, илиибинэн чарапчыланан, кыыспын ыҥырдым. «Кэл, бардыбыт, бырааһынньыктаама хайаама», – диэн кыыһыра-кыыһыра тахсан, массыынаҕа состум. Олорооппутун кытта, арай түннүкпүнэн биир мэлтэйбит сирэйдээх киһи күлэ-күлэ өҥөйөр… Харахпын чыпчылыйах бэтэрээ өттүгэр аны төттөрү былытыран хаалла. Кыргыттар бары тэҥҥэ уһуктан кэллибит. «Били киһи барда дуо?» – диэн ыйыттым. «Ханнык киһи?» – диэтилэр. Онтон тулабын өйдөөн көрбүтүм – туох да суох. «Манна сип-сибилигин аҕай аарка баара, ыһыах буолаары турара, ханна сүттүлэр?» – диэн ойон турдум. «Маннык этэ» дии-дии илиибинэн көрдөрдүм, арай ардах быыһынан суол хаҥас өттүгэр көрбүтүм, аарка курдук томторого киһи уҥуоҕа бөҕө. Ардах быыһынан көрбөккө, кылабыыһа аттыгар тохтообут эбиппит. Чаһыбыт син ырааппыт этэ, айан алаадьытынан сири аһатан баран, түргэнник салгыы айанныы турбуппут. Кэлин дьүөгэм: «Миигин анараа дойдуга илдьэ бара сатаабыттарын быыһаатыҥ быһыылаах», – диэбитэ.
Аммаҕа үстэ эрэ сылдьан турабын. Маҥнай эдэр сылдьан эмиэ ардах аннынан баран кэлбитим даҕаны, итинник түһээбиппин өйдөөбөппүн. Иккиһин алта-сэттэ сыллааҕыта сылдьан, тиийдэ тиийээт, эмиэ ону-маны түһээн, дьону куттаан турардаахпын. Бастакы күммүтүгэр мотуорунан устан иһэн, эмиэ күүстээх ардахха баттаппыппыт. Харахпытыгар түбэспит саҥатык дьиэҕэ тохтоон, бары бииргэ симиллэн тэрээһэҕэ утуйбуппут.
Ол сытан арай көрдөхпүнэ, тэрээһэ аана арылла биэрдэ уонна табалаах киһи киирэн кэпсэтэн барда. Аны дьиҥнээхтии харахпын көрөн сытар курдукпун. Дьонум эмиэ кэпсэтиһэ түһэн баран, хомунан тахсан баран хааллылар. Мин эмиэ тахсаары гыммыппар, ол киһи табатынан баттатан кэбистэ. Таба төбөтө ыарахана сүрдээх этэ, эр киһи дьоммор ырбайар уонна мин диэки көрө-көрө хараҕынан имнэнэр. Бүтэһик киһи тахсан барбытыгар отой ыксаатым: «Хаалларымаҥ, табалаах ыччат, арааһа, абааһы быһыылаах», – диэн туох баар күүспүнэн хаһыытаан бытарыттым. Инньэ гынан, утуйа сытар дьону барыларын уһугуннарбыппын, бэйэбин нэһиилэ туруордулар. Ол көрө сытан сарылыыбын уонна уһуктан биэрбэт үһүбүн.
Бэрт эрэйинэн уһуктан, утуйумаары, хаһан сарсыарда буолуор диэри хаамыталыы сырыттым. Сирдэрин аһаппатахтар диэн сэрэйдим. Онтон сарсыарда, күн тахсыбыта син балай да буолбутун кэннэ, арай иккистээн утуйан хаалбыппын. Эмиэ аан арыллыбытыгар көрбүтүм, аны камуфляж таҥастаах дьахтар киирэн кэллэ. Мин «бу дьон сүгүннүө суохтар» диэн утуйбуппуттан бэйэбин бэйэм мөҕүттэ сыттым. Хата дьахтарым табанан, онон-манан куттаабата, нууччалыы «туохха кэллигит» диэн ыйытта. «Табахтыахха» диэн таһырдьа ыҥыран таһаарда. Ол саҕана кыралаан табахтыыр этим. Туохха сылдьарбытын, ардахха баттаппыппытын кэпсээтим, син өр турдубут быһыылаах, куттаммытым ааһан, син уоскуйдум.
Уһуктан, дьоммор кэпсээтим. Урут манна табанан сылдьар эбээн дойдута эбит, ол иһин нууччалыы саҥарар буолуохтарын сөп диэн тойонноотубут. Ыксалы кытта сирбитин аһаттыбыт. Түргэн соҕустук чэйдии охсоот, хомунан эмиэ салгыы айанныы турбуппут.
* * *
Биир үтүө күн икки убайбын кытта ыраах тыаҕа кустуу таҕыстыбыт. Атынан айаннаан тиийиэхтээх сирбитин булан, чэй өрүнэн аһыы олордубут. Арай өйдөөбүппүт, балааккабытын умнан кэбиспиппит. Дьэ моһуок, аһаҕас халлаан анныгар хонорбутугар тиийдибит. Аны туран балаҕан ыйа, биир түүнү нэһиилэ туораатыбыт. Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан уһун сиппэрэҥ ардах түстэ. Ыксаан отуу оҥосто сатаатыбыт да, инчэҕэйэ бэрт буолан, табыллыбата. Чугас эргин дьиэ көрдүүргэ быһаарынныбыт. Дьолго, дьоҕус соҕус балаҕаны буллубут. Түүн үөһүн саҕана, таҥастарбытын куурда ыйаан баран, мас ороннорго сыттыбыт. Мин оһох кэннигэр сыттым, тута санаам чэпчээбиккэ дылы буолла. Дьонум ороннорун булаат, муннулара тыаһаабытынан барда. Мин нухарыйыахча буолан иһэн, хараҕым кырыытынан көрбүтүм, оһох уота таһыгар тахсыбыт курдук. Хайыһан көрбүтүм – дьэ, доҕоттоор, арай оһох кэнниттэн үс «уот илии» быган турар, миигиттэн тугу эрэ көрдүүр курдуктар. Мин оччолооҕу көрөн, сир хамсыар диэри сарылаатым. Дьонум уһукта биэрдилэр, «туох буоллуҥ» дэстилэр. Онуоха мин, салыбырыы-салыбырыы, нэһиилэ саҥа таһааран кэпсээтим, убайдарым куттаннылар аҕай. Онно өйдөөбүппүт – уот иччитин аһаппатах эбиппит. Ыксалынан айах тута оҕустубут. Ол курдук саллан, куттанан, халлаан сырдыар диэри кыайан утуйбатахпыт. Сарсыарда эрдэ, сып-сап хомунаат, тэскилээбиппит.
* * *
Биирдэ күһүн доҕорум аах аҕаларын кытта бултуу барбыттар. Сарсыарда кус түһэрин кэтэһэ таарыйа алаастарыгар утуйа хаалбыттар. Массыыналара кузовтаах үһү. Табаарыһым балтын кытта – кузовка, аҕалара кабинаҕа утуйбуттар. Таһырдьа күһүҥҥү хараҥа үһү. Арай астына-астына сып-сылааска утуйа сыттахтарына, аҕалара ааннарын дибдийбит. Сирэйэхараҕа турбута сүрдээх, ыксаабыт аҕай уонна: «Түргэнник мантан бардыбыт», – диэт, дэриэбинэ диэки айанната турбут. Этэҥҥэ тиийбиттэр. Сарсыарда оҕолоро: «Бөлүүн туох ааттаах буолан түргэн баҕайытык кэллибит?» – диэн ыйыппыттарыгар, аҕалара: «Массыына түннүгэр төбөбүн ууран баран утуйан хаалбыппын. Арай уһуктан кэллим, оруобуна сирэйим утары түннүк нөҥүө киһи сирэйэ өҥөйөн аҕай турар эбит. Көрүөҕүнэн көрбүт!» – диэбит.
Ити курдук алаас сөбүлээбэтэх дьонун үүрэр үһү.
* * *
Ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, сайыны быһа сайылыкка дьоммор тиэстэр буола сылдьыбыттааҕым. Онно оҕолор элбэх буолан, түүннэри-күнүстэри оонньоон тахсарбыт. Түүн ойуур быыһыгар сасыһа оонньооччубут. Эчи, куттаммат да эбиппит! Биир күн табаарыстарбыт дьоно дэриэбинэҕэ киирдилэр. Биһиги кинилэр дьиэлэригэр муһуннубут. Айдаан-куйдаан, күлсүү-салсыы бөҕө буоллубут. Арай эмискэ баҕайы, кэтэххэ бэрдэрбиттии, бары тэҥҥэ тохтоон хааллыбыт. Этим сааһа арылынна. Бары туохтан эрэ куттанан киирэн бардыбыт. Уу чуумпу. Иһиттэхпитинэ, кыра оҕо ытыыр курдук. Оннооҕор улахан оҕолор харахтара кэҥээтэ. Ыксаан, куттанан, дьиэбитигэр ойон тиийдибит. Дьоммут туран биһигини иһиллии олороллор эбит. Киирбиппитигэр мөҕө тоһуйдулар, сүр түргэнник ааны хатаатылар уонна «утуйуҥ» диэтилэр. Сарсыҥҥытыгар алаадьы астаан, улахан дьон хаһыа да буолан сайылыкка баар былыргы балаҕаҥҥа киирэ сылдьыбыттарын өйдүүбүн. Арааһа, бу санаатахха, иччиттэн көрдөспүттэрэ буолуо. Алаас кытыытыгар киһи уҥуоҕа баар этэ, биһиги онно куруук оонньуур этибит. Ол түгэн кэнниттэн мин дэриэбинэҕэ түргэн соҕустук төннүбүтүм уонна сайылыкка сылдьыбат буолбутум.
* * *
Мин дьүөгэм аҕата тырахтарыыс. Харааран-бороорон, куруутун ыксыы сылдьар, хаhан да аккаастаабат, өрөбүл диэни билиммэт сүрдээх үлэhит киhи! Сэбиэскэй былаас саҕана сопхуос туйгун үлэhитэ эбит. Баччааҥҥа диэри тиэрэ түhэн сытарын көрө иликпин. Биирдэ саас, сир хорутуутун кэмигэр, аҕалара киэhэ үлэлээн кэлбит. Дьүөгэм аах, аҕалара кэллэҕинэ, наар үөрэ көрсөллөр, суунарыгар уу кута охсоллор, ийэлэрэ остуолун бэлэмниир эбит. Арай ол күн аҕалара, биир да тылы саҥарбакка, хоско киирэн сытынан кэбиспит. «Аhаабаппын», – диэн нэhиилэ иhин түгэҕиттэн ыган саҥарбыт. Ол киэhэ кэри-куру баҕайытык ааспыт. Кэлин биирдэ туох буолбутун кэпсээбит: дэриэбинэттэн тэйиччи сытар зеленка олордуллуохтаах улахан бааhынатын ДТ тыраахтарынан хорута сылдьыбыт. Арай ким эрэ хаhыытыыр үһү. Тыраахтар тыаhын бары да билэр инигит: аттыгар олорор киhилиин хаhыытаан эрэ кэпсэтэҕин. Кип-киэҥ бааhынаҕа соҕотох эбит, бииргэ үлэлиир киhитэ алдьанан ол күн тахсыбатах. Хаста да кыламмытын кэннэ, оҕонньор иннин-кэннин көрбүт да, ким да көстүбэт эбит. «Хайдах эрэ буоллум, тыраахтарбын тохтотон табахтыым», – диэн таhырдьа ойбут. Сааскы сырдык киэhэ эбит. Онон куттаммакка табахтыы турдаҕына, доҕоор, сир анныттан сүр улаханнык дьахтар ытаабыт куолаhа: «Айыы-айакабын даа, бүт эрэ бүт!» – диэн хаһыытаабыт. Ол хаһыыттан, омуннаатахха, сир тыынар курдук хамсаан ылбыт. Оҕонньор хайдах дьиэтигэр кэлбитин өйдөөбөт. Олбуоругар киирэн баран, сүhүөҕэр оҕустаран, нэhиилэ киирэн сыппыт эрэ.
* * *
Мин олорор нэһилиэкпиттэн чугас холкуос саҕана дьон-сэргэ бөҕө олоро сылдьыбыт сирэ – улахан да улахан дэриэбинэ баара. Онтон холкуос эстибитин кэннэ, өлөр өлбүт, көһөн барааччылар барыталаабыттар. Турбутунан иччитэх хаалан хаалбыт дэриэбинэҕэ ким да сылдьыбат, олорбот буолбут. Бу соторутааҕыга диэри аҕам табаарыһа онно балыктыыр, сылгы ииттэр тыа оҥосто сылдьыбыта, кэлин кини да барбат буолбута. Биир дьиэҕэ сайыннары-кыһыннары олорбут. Кини биирдэ кэпсээн турар: «Түүн буолла да, түннүгэ-үөлэһэ суох иччитэх дьиэлэр түннүктэрэ, ыал олорорун курдук, уоттанара, уулуссаҕа дьон хаамсан киирэн барара, оннук күн аайы буолара. Ол барыта онно өлбүт, олорбут дьон. Кэнники наһаалаабыттара: киирэ-киирэ табах көрдүүллэрэ, сүгүн олордубатахтара, «мантан бар» дииллэрэ. Сүгүннүө суохтар диэн кэлин барбат буоллум».
Ол дэриэбинэ билигин да иччитэхсийэн турар. «Өлбүттээхтэр дэриэбинэлэрэ» диэн ааттыыллар, ким да онно сылдьыбат.
* * *
2003 сыллаахха, устудьуоннуур кэммэр, сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар күһүөрү кустуу бардыбыт. Кустуур сирбит ырааҕа бэрт буолан, үс хонукка хонордуу былааннанныбыт. Күөл дэлэй дойдута, онон бары биирдии көлүччэлэргэ арахсан кустуурга быһаарынныбыт. Миэхэ саамай тэйиччи күөл түбэстэ. Биир убайбын кытта иккиэммитин массыынанан чугаһатан баран, дьоммут салгыы айаннаатылар. Мин барар күөлүм былыр дьон олоро сылдьыбыт өтөҕүн аттыгар турара. Ол өтөҕү киһи барыта абааһылаах диэн ааттыыр. Халлаан сырдыгар, улахаҥҥа уурбакка, өтөҕү туораатым. Дьэ күөлбэр тиийэн баран, икки куһу ытан түһэрдим. Кустарбын ыларбар бириэмэ бөҕө сүүйтэрдим. Халлаан түргэн баҕайытык хараҥаран хаалла. Хайыахпыный, ол абааһылаах өтөҕүм таһынан ааһарбар тиийдим. Саабын сүгэн баран истим. Өтөхпүн туораатым, туох да көстүбэтэ. Убайым кустуохтаах күөлүгэр тиийэн кэллим. Борук-сорукка көрдөхпүнэ, арай ууга киһи турар. Мин: «Хайа, нохоо! Төһө куһу кэһэттиҥ?» – диэн ыйыттым. Киһим тугу да хардарбат. Мин сэрэхэдийэн бардым, улам чугаһаатым, киһим миигиттэн тэйэн биэрэр курдук. Мин күөлгэ саппыкыбын уу сабыар диэри киирдим. Убайбын улаханнык хаһыытаан ыҥырдым. Арай ханна эрэ ыраах: «Оу!» – диэтэ. Мин, саабынан ити били киһибин тирии-тирии, куотан бардым, ууга сууллабын хайыыбын. Киһим күлүк курдук хап-хара. Дьэ уу үрдүнэн сүүрэн барда ээ! Саатар түргэн бөҕө, күөл үрдүнэн тыаһа суохтук устар, чугаһыах курдук гынар. Мин ыксалбыттан: «Чугаһаама!» – дии-дии үөхсэбин. Саабынан тирии сылдьабын, ыттахпына да туох да буолбата буолуо диэн сэрэйэбин. Ол быыһыгар убайбын хаһыытыыбын. Арай ол күлүк, эккирэтэ түһэн баран, улам улаатан таҕыста уонна өтөх диэки түргэн баҕайытык уста турда. Мин дьэ «һуу» диэтим. Убайбын хаһыытаан ыҥыран, киһим диэки хааман тиийдим. Ол эрээри тугу да кэпсээбэтим: дьоммут кэлиэхтэригэр диэри төһө бириэмэ ааһыа биллибэт этэ. Убайым – омуннаах киһи, аны сатыы барыах да диэтэҕинэ көҥүлэ. Хараҥаҕа муна сылдьар санаа суоҕа.
* * *
Чуукаар диэн дэриэбинэҕэ биир абааһылаах сир баар. Онно буолбут түгэни кэпсиим…
Биир үтүө күн үс доҕордуулар бултуу диэн ол сиргэ барбыттар. Олортон биирдэстэрэ куорат уола эбит. Айаннаан иһэн уолларыгар сир дьиктилээҕин туһунан кэпсээбиттэр – күөл нөҥүө туран, анараа өттүгэр баар киһини сатаан көрбөккүн диэн. Онуоха киһилэрэ итэҕэйбэтэх: «Ама оннук буоллаҕай, чэ, баран бэрэбиэркэлиэхпит!» – диэн буолбут. Өр-өтөр буолбакка сирдэригэр тиийэн кэлбиттэр. Куорат уола көрөөт: «Эс, маннык кыра күөл нөҥүө туран киһини көрүөм суоҕа дуо?!» – дии түспүт. Чэ, ити курдук аһаабыттар, аһыы утаҕы испиттэр. Куорат уола били күөлүн санаан, «бэрэбиэркэлиэххэ» диэн мээрилээбит. Инньэ гынан, итэҕэйбэккэ, күөл нөҥүө айаннааччы буолбут. Өр да өр кэтэспиттэр, киһилэрэ кэлбэт да кэлбэт. Тиийэн көрбүттэрэ, уоллара, баара-суоҕа чалбахха чачайан, тыына быстыбыта ырааппыт эбит.
Онон эһиги, аахпыт дьон, ханнык баҕарар дэриэбинэҕэ, айылҕаҕа тиийдэххитинэ сири «кыра», «куһаҕан», «түҥкэтэх» диэн төрүт саҥарымаҥ, сэнээмэҥ! Сорох сир аата ааттаммат. Өбүгэлэрбит сир аатынмээнэ эппэттэрэ. Ол иһин билиҥҥи сорох сыһыылар, алаастар ааттара биллибэт, умнууга хаалбыт.
* * *
Биһиги дойдубутугар аата мээнэ ааттаммат кэрэ бэйэлээх ытык хайалаахпыт. Дэриэбинэбитигэр биирдэ атын сиртэн эдэр ыаллар үлэлии, олохсуйа диэн кэлбиттэрэ. Соҕотох уол оҕолоохтор этэ. Биирдэ бэйэлэрин дойдуларыттан кырдьаҕас эдьиийдэрэ ыалдьыттыы кэлбитигэр, хайаҕа тахса диэн барбыттар. Өрүһү туораан, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн баран, эдьиийдэрэ улахан баҕайытык саҥа аллайбыт: «Пахай да! Бу бэйэлээх быыкайкаан хайаларын улуутутан аҕай биэрэллэр, оннооҕор мин, бачча кырдьаҕас киһи, начаас өрө дабайан таҕыстым», – диэбит. Дьоно сөбүлээбэккэлэр буойан көрбүттэр да, эдьиийдэрэ кыайтарбатах, санаан кэлэ-кэлэ киһиргээччи буолбут. Ол курдук күүлэйдээн баран, төттөрү өрүстэрин туораан иһэн, тыылара түҥнэстэн, үс улахан киһи тэҥинэн ууга былдьаммыттар, оҕолоро хайдах тыыннах ордубутун ким да билбэт. Оҕо барахсан биирдэ тулаайах хаалан хаалбыта. Билигин этэҥҥэ улаатан, улахан дуоһунастаах киһи буолан олорор.
* * *
Бу түбэлтэ 11-с кылааска тахсар күһүммэр Алыһардаах диэн күөлгэ, от лааҕырыгар, буолбута. Онно биһиги икки биригээдэ буолан оттуу тиийбиппит. Былыр ол күөл үрдүгэр турбут дэриэбинэ дьоно куһаҕан ыарыыттан ыалдьан бары суорума суолламмыттар, биир улахан ойуун эмиэ тыына быстыбыт эбит. Көмүллүбүт уҥуохтара билигин да баар.
Биһиги тиийээт, оройбутунан көрөн, айдааран-айманан дэлби мэниктээтибит. Тиийбит күммүт сарсыныгар туспа балааккаҕа сыппыт кыргыттар: «Түүн дүҥүр тыаһын иһиттибит», – диэтилэр. Бастаан киһи уҥуоҕун диэки, онтон күөл кытыытыгар иһиллибит. Ону ким да итэҕэйбэтэҕэ. Кыргыттар бэйэлэрэ да улахаҥҥа уурбатахтара. Ол күнү эмиэ сэргэхтик атаардыбыт. Дьэ киэһэ буолла, халлаан хараҥарда. Оҕолор бары мустан биһиги, уолаттар, балааккабытыгар хаартылыы олордубут. Арай ол олордохпутуна, учууталбыт киирэн кэллэ, ыксаабыт аҕай, ытамньыйбыт: «Туох эрэ тыаһын иһиттим», – диэтэ. Биһиги, учуутал ыксаабытын көрөн, куттанан хааллыбыт, «утуйуохха» диэн буолла. Кыргыттар балааккаларыгар бардылар, биһиги спальниктарбытыгар киирэн сыттыбыт. Икки кыыс куттанан биһиэхэ хоно хааллылар. Сыттыбыт, уу чуумпу буолла. Арай эмискэ ыппыт үрэн баргыйда. Аан аттыгар сытар уолу «тахсан көр» диэтибит. Уолбут: «Киһи уҥуоҕун диэки көрө-көрө үрэр», – диэтэ. Хас эмэ мүнүүтэ үрдэ. Онтон ыппыт, улаханнык туохтан эрэ куттаммыт курдук, ынырык куһаҕаннык ыйылаан барда уонна балааккабытыгар төбөтүн уган сытта, киллэрэ сатаатыбыт да, киирбэтэ. Онтон буута быстарынан сүүрэн хаалла. Эмиэ уу чуумпу буолла. Арай эмискэ балааккабытыттан чуп-чугас дорҕоонноох баҕайытык дүҥүр тыаһа «боҥ» гына түстэ. Дьэ уонна охсон киирэн барбата дуо – түргэтээтэр түргэтээн иһэн, эмискэ тохтоон хаалар. Ол охсоругар балаакканы тула эргийэ сылдьар. Дүҥүрүн охсон бүтэн баран, төгүрүччү саҥа охсуллубут отунан сүүрэр курдук сүүрэкэлиир. Онтон эмиэ охсон барар. Биһиги бары истэ сытабыт, этим барыта уу чаккырас, саатар биир кыыс аттыбар ытыы сытар. Ити курдук халлаан сырдыар диэри «ойууммут» барбата. Күн тахсыыта үөл-дьүөл буолла, онно дьэ дүҥүр тыаһа ырааттар ыраатан, сүтэн хаалла. Эмиэ уу чуумпу сатыылаата. Эмискэ ыраах тыа саҕатыгар аны дьахтар ыллыыра иһилиннэ. Тугу ыллыыра биллибэт этэ. Ону тэҥэ оҕолор күлсэллэрэ иһиллэр. Ол курдук олус уһун түүн буолан ааспыта. Сарсыныгар барыларыгар кэпсээбиппит да, ким да истибэтэх этэ. Онтон бары сирбитин-уоппутун аһатан көрдөспүппүт. Ол кэнниттэн хата туох даҕаны биллибэтэҕэ.
* * *
Биирдэ оҕолор похуоттуу барбыттар. Оонньоон-көрүлээн, халлаан хараҥарбытын өйдөөбөккө да хаалбыттар. Дьэ ас астанаары гыммыттара туустара суох эбит. Туус көрдөөн аймана сырыттахтарына, арай ойуур быыһыгар уот көстүбүт. «Кинилэртэн баран тууста көрдөһүөх», – диэн быһаарыммыттар. Бары субуруһан барбыттар, биир кыыстаах уолу күөс маныы хаалларбыттар. Чугаһаан истэхтэрин аайы, уоттара улам мөлтөөтөр мөлтөөн, отой да сүтэн хаалбыт. Көрбүттэрэ, былыргы балаҕан турар үһү. Баҕар, утуйаары уоттарын араарбыттара буолуо диэн тоҥсуйа сатаабыттар да, ким да арыйбатах, иһиттэн хатааһыннаах эбит. Ону уолаттар, тулуйбакка, мас ылан түннүгүн, аанын алдьатан киирбиттэрэ, ким да суох. Иһирдьэ киирэн остуол анныттан туус булан, үөрэ-көтө төннүбүттэр. Аһаан-сиэн баран утуйан эрдэхтэринэ, эмискэ күүстээх тыал түспүт. Арай иһиттэхтэринэ, балаакканы эргийэ сылдьан ким эрэ ытыыр үһү! Салыбырыахтарыгар диэри куттанан: «Тууһу мээнэ ылбыппытын иһин буолуо, кэбис, төнүннэриэх», – диэн, туус тобоҕун били хаалбыт кыыстаах уолга биэрбиттэр уонна «эһиги барар уочараккыт» дэспиттэр. Кыыстаах уол балаҕаҥҥа сүүрэн тиийэн, остуолга тууһу ууран эрдэхтэринэ, эмээхсин илиитэ хаба тардан ылбыт. Кутталларыттан сонно тута сүрэхтэрэ хайдан өлөн хаалбыттар. Бииргэ сылдьыбыт оҕолоро кэтэһэ сатаан баран, балаҕаҥҥа тиийбиттэрэ, кыыстаах уол ытыстарыгар тууһу тутан баран өлө сыталлар эбит.
* * *
Биирдэ биhиги кылааhынан хонордуу оҥостон похуоттуу бардыбыт. Хонор диэн сиргэ тохтоотубут, онно ойуур быыhыгар биир эргэ үүтээннээх киэҥ күрүөлэммит бааhына баар. Тиийээт даҕаны кыыстыын-уоллуун бары эккирэтиhэ оонньуу сырыттыбыт. Мин дьүөгэбиниин биир уолтан куотан, күрүө таһыгар тахсан, ойуур диэки сүүрэ турдубут. Ол сылдьан кыыспын сүтэрэн кэбистим. Сотору буолаат дьүөгэм хаhыыра-хаhыыра хантан эрэ сүүрэн кэллэ. Хап-хара киhини көрбүт. Ытыы сыhа-сыhа бааhынабытыгар киирдибит. Арай көрдөхпүтүнэ, сорох кыргыттарбыт кэпсэтэ-кэпсэтэ үүтээн диэки баран иhэллэр. Биhиги кинилэри ситэн, кэннилэриттэн хааман истибит. Кэпсэтэбит. Арай дьүөгэм саҥата суох кэннибит диэки ыйар. Көрбүтүм, иннибитигэр хааман испит кыргыттар бааhына түгэҕиттэн саҥа бу иhэллэр эбит! Мин куттанан хааллым… Иннибин көрбүтүм, били кэпсэтэ испит оҕолорбут суохтар! Дьүөгэм диэки көрдүм – кыыһым дэлби дьулайбыт, салыбыраабыт. Саҥата суох эргэ үүтээн диэки сүүрдүбүт.
Уолаттарбыт ону эмиэ көрбүттэр үhү. Түргэнник хомунан дьиэлииргэ соруннубут.
Кэлин билбиппит, ити бааhына кытыыта барыта киhи уҥуоҕа үһү, ону билбэккэ биhиги үрдүнэн супту сүүрбүппүт аҕай. Дьиктитэ диэн, дьүөгэбиниин иккиэн аҥаар ытарҕаларбыт сүтэн хаалбыттара. Ону булчуттар: «Дьон дууhатын аймаан баран, бырастыыласпакка эрэ барбыккытын иhин ылбыттар», – диэн быhаарбыттара.
* * *
Бу түбэлтэ, арааһа, ааспыт үйэ 40-с сылларыгар, сэрии кэмигэр, буолбут. Биир эмээхсин кыра сылдьан холкуос сайылыгар үгүс оҕо буолан отоннуу, сир астыы, оонньуу-дьаарбайа чугас эргин тыаны кэрийэ барар идэлээхтэр эбит. Куруук биир иччитэх өтөххө ыаллаах оонньууллар үһү. Ол өтөххө урут баай ыал олорон ааспыт быhыыта: туута-туhаҕа, ат үүнэ, тэһиинэ, иhитэ-хомуоhа, туустуун барыта баара үһү. Биир күн аһара мэниктээн иhити алдьаппыттар, дьиэни ыспыттар-тохпуттар, оhоҕун суулларбыттар уонна дэлби сылайан, киэhэ диэки дьиэлэригэр бараары, ол алааhы туораан испиттэр. Иhиттэхтэринэ, ат туйаҕын тыаhа ситэн кэлбит, өйдөөн көрбүттэрэ, били өтөхтөрүгэр ыйанан турбут ат быата кинилэргэ көтөн иһэр үһү. Сарыласпытынан бары атах быстарынан куоппуттар. Арай биир кырачаан биэстээх уоллара иҥнэн охтон алааска хаалан хаалбыт. Ат быата оҕоҕо кэлэн симэлийбит. Хайыахтарай, тохтоон уоскуйан, уолларыгар төннүбүттэр. Уоллара ытаан уу-хаар баhан, алаас кытыытыгар тахсан турарын булбуттар. Улахан дьоҥҥо туохха түбэспиттэрин кэпсээбэтэхтэр. Үс күн ааспатах, кыра уоллара эмискэ ыалдьан өлбүт.
Тыыннааҕар эмээхсин оҕолорго кэпсиирэ үһү: «Тыаҕа мэниктээмэҥ, хаһыытаамаҥ – туох барыта куттаах-сүрдээх», – диэн.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?