Электронная библиотека » Елена Уран » » онлайн чтение - страница 5

Текст книги "Илэ барбыттар"


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 17:00


Автор книги: Елена Уран


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 5 (всего у книги 5 страниц) [доступный отрывок для чтения: 1 страниц]

Шрифт:
- 100% +
* * *

Мин бэһис дуу, алтыс дуу кылааска үөрэнэ сылдьан, кулгааҕым дэлби ыалдьан, аанньа утуйбакка эрэйдэнним. Арай биир түүн син утуйдум, ол эрээри, сарсыарда саҥа сырдаан эрдэҕинэ, эмиэ ыарытыйан уһугуннум. Харахпын аргыый аҕайдык аһан ойоҕоспун көрбүтүм – аттыбар турар олоппоско ким эрэ олорор. Бастаан ийэм дии санаатым, онтон өйдөөн көрбүтүм, төбөтө олус улахан. Куттанан, суорҕаным анныгар киирэн, тиритэ-тиритэ балай да өр сытым. Онтон, тулуйбакка, аргыый аҕай быкпыппар, били күтүр син биир олорор. Төттөрү суорҕаным иһигэр бүктүм. Таарыйан көрөөрү, илиибин быктардым, туох эрэ тыбыс-тымныы, инчэҕэй курдугу таарыйдым. Хаһыытыы түһээт, кутталбыттан куотаары, суорҕаммын бырахпытым – туох да суох.

* * *

Өрдөөҕүтэ кыһын ортото түүннэри, биир дьон бырааска наадыйаннар, ийэм үлэтигэр баран испит. Көрдөҕүнэ, иннигэр оҕус турар үһү. Чыпчылыйыах икки ардыгар, оҕуһа салгыҥҥа симэлийэн, туох баар ис уоргана барыта көстөн кэлбит. «Кыламаным кырыата мэһэйдиир, – дии санаан сотто-сотто көрбүт да, син биир баар үһү. —Түүлбэр аҥаарыйан ону-маны көрөбүн», – диэҕин, дэриэбинэ ортотугар тиийиэр диэри, уута көттөҕө дии. Оннук өр-өтөр буолбатах, сүппүт. Ол кэнниттэн сүөһү ыарыытын этинэн-хаанынан билэн, чопчу диагноз туруоран, бастыҥ үлэһит аатыра сылдьыбыта. Кэлин дьон куттанар буолан барбыттар уонна уора-көстө «сүөһү удаҕана» дииллэр үһү. Билигин, бэтэринээрдэр сатаан диагноз туруорбакка, ийэбин, 60 саастаах киһини, илдьэ сылдьаллар.

* * *

Биир киһи aрыгытын эмтэтэ сaтaaбыт дa, хайа дa эмчиккэ төрүт бэриммэтэх. Арaй биирдэ Мэҥэ Хaҥaлaс Лоомтукaтыгaр олорор ойууҥҥa тиийэн көрдөспүт. Ойуунa сөбүлэһэн кыырaн бaрбыт. Аны киһибит итэҕэйбэккэ, эмтэнэриттэн аккаастаммыт. Ойуунa: «Cүгүн эмтэн, – диэбит уоннa кырa соҕус иһиккэ арыгы кутaн биэрбит. – Мaны сытырҕaлаaн бaрaн ис». Ону: «Эмтэнэ кэлэн бaрaн тоҕо иһиэхпиний?» – диэн, «аһын» тоҕон кэбиспит. Ойуунa өһүргэнэн, үүрэн ыыппыт уоннa: «Абaаһы буолaн көрүстэхпинэ, охсуһумаар», – диэбит.

Ол кыһыныгaр биир күн уот бaрaн хaалбыт. Киһи дьэ утуйaн эрдэҕинэ, арай ким эрэ киирэн кэлбит уоннa тоҥмут сaҥa иһиллибит. Тиийэн көрбүтэ, мaҥaн тaҥaстaах киһиэхэ майгынныыр туох эрэ харамай оһоххо иттэ турaр эбит. Киһи күлүүкэни ылaн бaрaн: «Абaаһы буоллaххынa, бар!» – диэбит, онтуката кыһыл хaрaхтаaх күлүк буолан биэрбит уонна кинини курдaры aaспыт. Ол кэнниттэн били киһи икки илиититтэн мaппыт үһү.

* * *

Сэттэ саастаахпар сайын эдьиийбиниин эбэбитигэр куорат таһыгар сайылаатыбыт. Күhүөрү, киэhэ чэйдии олордохпутуна, арай баайыыга турбут ыппыт үр да үр буолла. Эдьиийбиниин көрө таҕыстыбыт. Син хараҥаран эрэр этэ. Борук-сорук. Ыппыт сарай кэннин көрө-көрө үрэр. Эдьиийим: «Баран көр эрэ», – диэтэ. Тэҥнэhиэм дуо, эр киhи элээмэтэ буолан бардым. Чугаhаан истэхпинэ, эмискэ сарай кэнниттэн хап-хара, миэтэрэ курдук үрдүктээх, уп-уhун кутуруктаах туох эрэ киhиэхэ маарынныыр тахсан, күрүө кытыытынан сүүрдэ. Ынырык түргэн. Эдьиийим часкыйбытынан дьиэ иhигэр ойдо, мин туран хааллым. Ыппыт быатын быhан, эккирэтэ турда. Мин өйдөнөн, дьиэҕэ сүүрэн киирэн эбэбэр кэпсээтим. Кини «утуйуҥ» эрэ диэтэ. Ыппыт онно сүппүтэ, эргиллэн кэлбэтэҕэ. Хараҕым иирбит диэхпин, эдьиийим эмиэ көрбүт этэ. Уонна ыппыт тоҕо эргиллибэтэҕэ буолуой?

* * *

Амма биир дэриэбинэтигэр биэс оҕо оонньуу сылдьан, урукку быраҕыллыбыт уһун хотоҥҥо киирбиттэр. Онно сырыттахтарына, сыабы соһор тыас иһиллибит, тыас чугаһаабытыгар көрбүттэрэ, маҥан туох эрэ көстүбүт. Оҕолор буут быстарынан куоппуттар, дьонноругар кэпсээбиттэр. Элбэх киһи ол тыаһы истэр эбит.

Биирдэ онно итирик киһи киирэн утуйбут. Ол сыттаҕына, эмиэ сыап тыаһаабыт, «ынах буолуо» диэн аахайбатах, онтуката чугаһаан кэлэн көхсүгэ сыабынан сырбаппыт. Киһи, тута өйдөнөөт, түөрт атах буолан куоппут. Үс-түөрт ый буолан баран, кини ыалдьан өлөөхтөөбүт этэ.

* * *

17-с кыбаарталга урут кыра хостоох этибит. Бастакы кууруска соҕотох олорбутум. Биирдэ утуйа сыттым, тэлэбиисэр холбонон турара. Ол сыттахпына, быыс кэнниттэн туох эрэ хара быгар, онтон төттөрү түһэр. Мин куттанан ол диэки көрбөппүн, адьас хараҕым кырыытынан эрэ диэбит курдук. Киһи төбөтүгэр маарынныыр. Тэлэбиисэрим сирэйбэр тыгар буолан, ситэ көстүбэт этэ. Сарсыардааҥҥа диэри хамсаабакка да сыттым быһыылааҕа. Оннук утуйан хаалбыппын. Итинтэн ыла ол төбө наар көстөр буолбута. Ийэбэр да, аҕабар да кэпсээбэтэҕим. Кэлин ол дьиэ атыылааммытын кэннэ эппиппэр, кинилэр эмиэ көрөллөр эбит уонна эмиэ кистээн сылдьыбыттар.

Кэлин дьонум куорат киинигэр атын дьиэни ыллылар. Быраатым устудьуоннуу сылдьара. Үс хостоох дьиэҕэ иккиэн олорбуппут, кыра хоһун тута куортамҥа биэрбиппит. Онно эдэр уол олорбута. Икки-үс ый олорон баран, биир күн эмискэ көһөн хаалла. Онтон аны ыалларга биэрдибит. Кинилэр биэс-алта ый курдук син олоро сатаабыттара. Эмиэ ситэ олорбокко тахсан барбыттара. Кэнники истибиппит, бастаан олорбут уол көһөн баран уһаабатах. Оһолго түбэспит этэ. Оттон ыаллар ийэлэрэ эмиэ аҕыйах ый буолан баран өлбүт. Мин ол дьиэҕэ наар хара куосканы көрөрүм. Ыалдьыттарга эмиэ көстөрө. Уонна аан холуодатын үрдүгэр быыһа суох тырыыҥка мастар тэһэҕэстэргэ батары анньыллан тураллара. Онон ол дьиэни эмиэ атыылаатыбыт. Көһөөрү хомуйа сылдьан, кыра хос түннүгүн үрдүгэр маһынан оҥоһуллубут кириэһи булбутум. Ылбатаҕым.

* * *

Устудьуоннуу сылдьан күһүҥҥү практикабар тутар хамыыһыйаҕа олорбутум. Биирдэ хас күн аайы барар суолбунан сарсыарда эрдэ хааман истим. Арай иннибэр суолга суор олоро биэрдэ уонна кыланан барда. Мин аахайбакка аастым. Хааман иһэн көрөбүн: ол суор эмиэ иннибэр баар буола түстэ уонна эмиэ кыланна. Дьиктиргээтим. Оннук гынан суолум улахан аҥаарын батыста. Практикабар тиийэн тутатына умнан кэбистим. Киэһэ биэс чаас саҕана салайааччым: «Докумуоннары барытын бэлэмнээ, собеседование буолар кэбиниэккэ илдьэн уурталаар», – диэн соруйаат, баран хаалла. Мин, этиллибитин курдук, ол кэбиниэккэ тиийдим, паарталарга дьааһыктары уурталаатым, тахсан ааны хатаан баран, күлүүспүн ылан истэхпинэ, иһиттэн ааны олус күүскэ тоҥсуйдулар. Мин бастаан ким эрэ дьээбэлэнэр диэн арыйаары соруннум, онтон куорпус үрдүнэн вахтеру кытта иккиэ эрэ буолан хаалбыппытын өйдөөн кэллим. Дьэ буут быстарынан сүүрэн тиийэн күлүүспүн туттардым уонна таһырдьа ыстанным. Сарсыҥҥы күнүгэр собеседование буолла, абитуриент бөҕө кэллэ. Мин маҕаһыынтан иһэн кирилиэскэ уолаттар мустубуттарын дьиктиргии көрдүм. Иһиттэхпинэ, баспытааталлара: «Практикалана кэлбэт дуо оччоҕо?» – диир, уолаттар дэлби ытаабыттар, харахтара кып-кыһыл, тугу эрэ кэпсииллэр. Киирэн салайааччыттан ыйыппытым, биир устудьуон бэҕэһээ саахалга куһаҕан буолбутун эттэ. Мин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһым эбит. Сүрэҕим бип-битигирэс буолла. Кылааһынан мунньустан дьиэтигэр тиийэ сырыттыбыт. Киэһэлик, дьиэбэр кэлэн олордохпуна, аны төлөпүөнүм тыаһаата, эдьиийим эрийэр: «Куһаҕан сонуннаахпын – убайыҥ суох буолбут», – диэтэ… Ама суор миэхэ тугу эрэ сэрэтэ сатаабытын өйдөөбөтөх буоллаҕым дуу? Эбэтэр, төттөрүтүн, куһаҕаны биттэммитэ дуу…

* * *

Бу түбэлтэ мин олорор улууспар Арыылаахха буолбут. Урут дьон ыраах-ыраах бытанан олороллоро. Биир алааска саҥа ыал көһөн кэлбит, ол дьиэлэрэ Чыппыан диэн өлбүт убайдарын киэнэ эбит. Бастаан нус баччы олорбуттар, сотору кэминэн көстүбэт абааһылар аймаан барбыттар: астарыгар сүөһү сааҕын куталлар, ынахтар быаларын сүөрэллэр эбит. Кэтээн көрөн, үстэр диэн быһаарбыттар, киэһээҥҥи аһылыктарыттан, хайаан да үс сиргэ өлүүлээн, оһох кэннигэр уурар буолбуттар. Аһаппатахтарына, түүнүн тоҥ сылгы сааҕынан быраҕаттаан сүгүн утуппаттара. Үүрэ сатаан араас ньыманы барытын боруобалаабыттар, олох кыһамматтар эбит, хата эбии сэтэрээбиттэр. Кырдьаҕастар сүбэлэринэн сүөһүлэрин туомтуу баайар буолбуттар, ону абааһы сатаан сүөрбэт эбит.

Сотору бу ыал олоҕо огдолуйан барбыт. Араас дьону аҕалан хоннорон көрөллөр да, олор сотору атахха биллэрэллэрэ. Биир куттаҕаһа суоҕунан аатырбыт киһини ыҥыран хоннорбуттар, кини: «Ама да абааһы буолларгыт, сүгүн утутуҥ», – диэн этиһэ сыппыт. Кырдьык, аҕыйах кэмҥэ тохтообуттар, онтон эмиэ саҕаламмыт, ордук икки хараҕа суох эбэлэрин буулаабыттар: быыс нөҥүө талаҕынан тэһитэ кэйиэлииллэр эбит. Сотору чугастааҕы сайылыкка көспүттэр, ол баран иһэн кэннилэрин хайыспыттара, дьиэ үрдүгэр үс хара күлүктэр көрөн аҕай тураллар үһү. Көспүт сирдэригэр үс-түөрт хоноотторун кытта абааһылара эмиэ баар буолбуттар. Дьиэлээх хаһаайын ыксаан, Кыыстара диэн бэйэтин кэмигэр аатыра сылдьар ойууну аҕалан кыырдарбыт. Ойууннара кыыран бүтэн баран этэр: «Сахсырҕа буолан аан холуодатыгар саһан сыталларын нэһиилэ буллум, улахан абааһы – эһиги убайгыт Чыппыан үөрэ, – диэбит. – Атыттара айан абааһылара. Чугастааҕы күөл аннынааҕы чөҥөчөккө баайдым. Өскөтүн чөҥөчөктөр күөлү туораан курааннахха таҕыстахтарына, абааһылар сөллүөхтэрэ эбэтэр өр буолан баран дьабыннарыгар көтүөхтэрэ», – диэбит. Ол кэннэ, кырдьык, абааһылар сүппүттэр.

* * *

Бу түбэлтэ 1990 сыллаахха кулун тутарга буолбута. Дэриэбинэтин эппэппин эрээри, хоту улуус этэ. Ол сэлиэнньэҕэ мэлдьитин түhэр ыаллаах этибит: аҥаардас эдэр дьахтар уонна кини биэһин туолбут кыыһа. Бу сырыыга кэлбиппитигэр ыал буолан тоhуйбута, ол иhин эрдэттэн атын ыалга хоно барарга кэпсэппит этэ. Күтүөт киhи суолбут аҥаарыгар диэри атааран биэрдэ. Ол хоно барбыт ыалбыт сыыр үрдүгэр олороллор эбит. Ый туолан турар киэһэтэ этэ, былыт суох, халлаан ыраас. Сыыры дабайан истибит, ийэм – инники, мин кэнники сылдьабын. Ол иhэн киhи ситэн кэлэр тыаhын иhиттим. Хаамарын тыаhа, тыынара кэтэхпэр биллэр. Эмискэ эргиллэ түстүм – ким да суох уонна тыас тутатына сүтэн хаалла. Салгыы хаамтым да, тута хаамар тыаhа уонна тыынар салгына биллэн кэлэр, иэним кэдэҥэлээтэ, онон түргэнник ийэбин ситэн ыллым. Ийэм сэрэнэн: «Күлүкпүтүн көр», – диэтэ, көрбүтүм, үс күлүк көстөр. Иккиэн эргиллэн көрдүбүт – ким да суох, ол гынан баран үhүс күлүк аттыбытыгар тэйиччи көстөр. Онно ийэм эттэ: «Куhаҕан сиргэ турар дьиэҕэ баран иһэбит. Көрөөр, ыал аҕата уҥа сылдьар буолуоҕа, уҥар ыарыынан ыалдьар», – диэтэ.

Дьэ хонор ыалбытыгар тиийдибит, олус улахан дьиэлээхтэр эбит. Верандалара кыһын олорорго анаммыт. Биһигини остуол хотойорунан астаах көрүстүлэр, кэтэһэн олороллор эбит. Сэлиэнньэ баай ыалынан биллэллэр, сельпо хотуна кыыстаахтар. Биһиги сылдьарбытыгар кини Дьокуускайга таһаҕас ыла барбыт этэ. Аҕаларын эмтэтээри мин ийэбэр наадыйаллара. Ийэм сэрэйбитин курдук, аҕалара – уҥаайы. Арай ийэм: «Дьиэҕит куһаҕан сиргэ турар, онон мин аҕаҕытын кыайан эмтиир кыаҕым суох. Манна улахан ойуун, удаҕан наада эбэтэр бу сиртэн көстөххүтүнэ сатанар. Мин ойуун да, удаҕан да буолбатахпын, көстүбэт күүстэри кытта кыайан утарылаһар кыаҕым суох», – диэн эттэ. Дьиэлээх хаһаайка ону итэҕэйбэтэ. Ийэм: «Сынньанан баран, сарсыарда өссө көрүөм», – диэтэ.

Миэхэ киэҥ саалаҕа улахан дьыбааҥҥа орон оҥордулар, ийэбэр түгэх хоһу бэлэмнээтилэр. Орон утары кыра тахта баар этэ, ийэм онно «аттыбар сыт» диэбитин, мин аккаастанным. Ийэм хоһугар киирдэ, мин саалаҕа сыгынньахтанан сыттым. Саала биир өттүгэр – икки утуйар хос, биир өттүгэр икки улахан түннүк баар. Сэбиэскэй кэм киһитэ буолан олох атеист этим. Туох да кэтэх санаата суох утуйан хааллым.

Ол утуйа сыттахпына, ким эрэ кэлэн санныбыттан тардыалаата уонна: «Мин миэстэбэр тоҕо утуйа сытаҕын?» – диэн саҥа иһилиннэ. Мин уһукта биэрдим, ким да суох. Онтон саҥа нухарыйан истэхпинэ, арай атахпар ким эрэ олордо, ыарахан баҕайы, илиитинэн муомахтыыр курдук. Көрбүтүм, атахпар бэрт улахан хара күлүк олорор. Мин түһүүбүн, баттатабын дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ науканан маны дакаастаан тураллар, аата «сонный паралич» диэн. Түүнү быһа муҥнанным, сыттыкпын былдьаан ылан сирэйгэ быраҕар, суорҕаммын былдьыыр, атахпыттан соһон хаста да сиргэ бырахта. Саҥа нухарыйыах курдук буоллум да, дьээбэлиир, уһугуннум да, сүтэн хаалар. Этиһэ сытабын: «Түүн ортото ханна барабын?» – диибин, куттамматым. Онтон дьыбааннары баҕастыы сахсыйда, аҥаар өттүттэн өрө көтөҕөн баран, эрийэ тутан сиргэ умса бырахта, ол тухары түүл дии саныыбын. Онтон саала түгэҕэр баар табуретка миэхэ көтөн кэлэн түстэ, итэҕэйбэккэ, төттөрү илдьэн уурааччы буоллум, онтум иккистээн кэлэн түстэ. Дьэ ол эрэ кэнниттэн итэҕэйэн, иэним кэдэҥэлээтэ, баттаҕым турда. Ол сытан көрбүтүм, хас түннүк аайы ый түһэр күлүгэр киһи күлүгэ көстөр, ону көрөн баран күйахам күүрдэ, көлөһүнүм сарт түстэ, маайкам ибис-инчэҕэй буолла, буорайдым. Суорҕаммын ылан, ойон туран, ийэм хоһугар кыра тахтаҕа баран сыттым. Сүрэҕим тохтуу сыста, ол сытан өйбүн сүтэрдим быһыылаах, сүтэн хаалбыппын. Сарсыарда ийэм тардыалаабытыгар өйдөнөн кэллим.

Ол күн дөйбүт курдук сырыттым. Кэлин көрбүтүм, баттаҕым биир сиринэн маҥхайан хаалбыт этэ. Сарсыныгар атын ыалга көспүппүт.

* * *

Таатта улууһугар биир мусуой баар – онтон-мантан көһөрүллэн кэлбит сүүрбэччэ өтөх балаҕаннар. Хас биирдиилэрэ киһи киһиэхэ мээнэ кэпсээбэт үһүйээннэрдээх. Оҕолор түүн онно тыас иһиллии барааччылар. Балаҕаннар аттыларыгар хоп-хойуутук үүммүт талахтар быыстарыгар кып-кыракый үүтээн баар. Киһи чохчойон кэриэтэ киирэр намыһах ааннаах.

Биирдэ үс уол биир балаҕаҥҥа тыас иһиллии сатаан баран, тугу да истибэккэлэр, төннөн иһэн көрбүттэрэ, ол үүтээн уоттаах турар үһү. «Баран көрүөххэ» диэн буолбут. Үүтээн аанын арыйбыттара, оһоҕо оттуллубут, остуола тардыллыбыт үһү. Кып-кыра уҥуохтаах эмээхсин оһох кэнниттэн тахсан кэлбит. «Киириҥ, оҕолор, чэйдэ иһэн барыҥ», – диэбит. Биир уоллара киирбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт, иккис киирэн истэҕинэ, үһүс уол тардан ылбыт. «Акаарылар, киириэ суохтаахпыт буолбат дуо!» – диэбит. Бастакы уол киирээтин кытта, аана сабыллан хаалбыт. Арыйа сатаабыттар, сатаан арыйбатахтар, дьону ыҥыра сүүрбүттэр. Кэлэн көрбүттэрэ, уоллара муннукка кыбыллан баран сытар үһү. Өлбүтэ ырааппыт. Иккис уол үс күнү быһа ыалдьан баран, үһүс түүнүгэр күн сириттэн күрэммит. Үһүстэрэ ол түбэлтэ кэннэ үс сыл буолан баран өлбүт.

* * *

Бу түбэлтэ онус кылааска үөрэнэ сырыттахпына буолбута. Сайын убайдаахпар оттуу тахсыбытым. Дэриэбинэбит аттыгар турар атын иччитэх дэриэбинэҕэ киһи уҥуохтара бааллара. Ол диэки куттанан сылдьыбатым, оттуу барарбар мэлдьи эргийэн барар-кэлэр этим.

Күһүөрү кус айдаана буолла. Доҕорбун кытта биир сарсыарда ыһыкпытын тэринэн, аппытыгар баайан, ыраах айаҥҥа туруннубут. Сирбитигэр тиийээт, сиэри-туому тутуһан, уоппутун аһаттыбыт, Байанайтан көрдөстүбүт. Икки күнү быһа кустаан син бултуйдубут уонна дьиэбит диэки туруннубут. Сарсыарда сэттэ чааска хоҥнубуппут уонна киэһэ уон чаас диэки били иччитэх дэриэбинэбитигэр чугаһаатыбыт. Ону доҕорум эттэ: «Чэ, айака, быһа өтөҕүнэн барыахха, эргийдэхпитинэ, түөрт-биэс чааһынан эрэ тиийиэхпит», – диэтэ. Мин сөбүлэстим. Ортоку уулуссаларынан сэмээр айаннаан истэхпитинэ, киһим, улахан баҕайытык үөхсээт, атынан иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Мин кэннибин көрбүппэр үс күлүк чугаһаан иһэр, доҕорум: «Куот!» – диэн сарылаата. Мин бастаан утаа куттамматым. Банаар уотунан кинилэр диэки тыктарбыппар, үс ынырык үлүгэр сирэйдээх дьахтар мин диэки сүүрэн иһэллэр эбит. Ону көрөөт, аппынан иннин диэки түһүнэн кэбистим. Ол өтөҕү ааһан, тохтоон син уоскуйдубут, табахтаатыбыт. Доҕорум: «Ити сиэмэх абааһылар, аны ити сиринэн сылдьыбаппыт», – диэтэ, мин ону истэн баран олус куттанным уонна: «Эрдэ тоҕо эппэтэххиний?» – диэн дэлби кыыһырдым. Салгыы куттана-куттана айаннаан дьиэбитин булбуппут.

Ити кэннэ биирдэ уолаттар буолан мустан матасыыкылбытын эһэн хатааһылыы бардыбыт. Алтыа буолан сырыттыбыт, түөрт матасыыкыллаахпыт. Бастакытын кэлэн сайылыы сылдьар куорат уола баара, киниэхэ ол өтөх туһунан кэпсээтибит. Онуоха кини «баран көрүөххэ» диэн кучуйталаата, мин табаарыспын кытта аккаастанан дьиэлээбиппит. Онтон сарсыныгар истибиппит, тугу да көрбөтөхтөр этэ. Ол эрээри, кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, онно үс сиэ– мэх абааһы баар үһү, ол диэки ким даҕаны төрүт чугаһаабат эбит, арай биһиги тиийэн быстахха былдьана сыспыппыт.

* * *

Иккис кууруска бииргэ үөрэнэр кыыспын кытта бүтүн дьиэни түөрт эрэ тыһыынчаҕа куортамнаабыппыт, онно иккис хоһо хатанан турара. Саас халлаан сылыйбытын кэннэ этэ. Бастакы күммүт этэҥҥэ ааспыта. Иккис күммүтүттэн эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии буолла. Кыыһым эрдэ утуйда, оттон мин куукунаҕа ааҕа олордохпуна, арай атахпын туох эрэ имэрийэр, арааһа, салгын үрэр диэммин аахайбатым, онтон иккистээн имэрийдэ. Остуолга тахсыбыппын өйдөөбөккө хааллым. Кыыспын ыҥыран барытын кэпсээтим да, итэҕэйбэтэ.

Үһүс күммүт үүннэ. Иккиэн кэпсэтэ сыттыбыт. Арай били хатыылаах хоспутугар тэлэбиисэр саҥарар. Кутталбытыттан таҥнаат да таһырдьа ыстанныбыт. Сарсыардааҥҥа диэри дьиэбит таһыгар турар оҕо оонньуур площадкатыгар олорбуппут.

Төрдүс күммүт. Эмиэ иккиэн сыттыбыт, аны кыра хоспох курдукка туох эрэ тыаһыыр – эмиэ таһырдьа хоннубут.

Бэһис күммүтүгэр куукунаҕа чэй иһэ диэн баран истэхпитинэ, аны биир хоспут аана эмискэ арыллан кэллэ.

Сарсыныгар дьиэлээхтэргэ эрийэн, ыҥыртаан ылбыппыт. Хомунан бараары турдахпытына, хаһаайка эмээхсин: «Тулуйбатыгыт дуо?» – диэтэ уонна бастакы хоско биир кырдьаҕас киһи умайан өлбүтүн, оттон хоспоххо кыыс ыйаммытын кэпсээтэ, үһүс хос туһунан туох да диэбэтэҕэ.

* * *

Кыра сылдьан тэҥ саастаах тастыҥ убайбын кытта оонньоон тахсар этибит. Кинилэргэ баран хойукка диэри сылдьааччыбын. Бэйэм соҕотох оҕо буолан дьиэбэр барыахпын баҕарбат этим. Ол иһин кинилэргэ хоно хааларым. Онтон ыла абааhыттан куттанар буолбутум. Ороҥҥо иккиэн утуйарбыт.

Арай биир түүн туох эрэ тыаhыттан эмискэ уһуктан кэллим. Ытыс таhынар ыас хараҥа. Ким эрэ хаамарын курдук муоста хачыгырыыр. Ол сахха куоскалара суох этэ. Онтон эмискэ куукуна диэки банаар уота кылахачыс гынна, онтон иккис банаар көһүннэ. Мин бастаан утаа кыһаллыбатым. Арай банаардарым атын баҕайытык хамсаан, туора-маары тыган, биһиги хоспутугар киирдилэр. Мин сымыйанан утуйбута буоллум. Онтон эмискэ хабыс-хараҥа буолла. «Чэ, дьоммут туран хаамаллар ини», – дии санаатым. Саҥардыы утуйан эрдэхпинэ, доҕоор, аттыбар, кулгааҕым таhыгар, ким эрэ ырдьыгынаабата дуо?! Мин соһуйаммын, дьигис гынным, хараҥа диэки көрбүтүм – кыhыл харахтар миигин тобулу көрөн тураллар эбит. Хараҕым иирэр дии санаан, утары көрөн сыттым, тоҕо эрэ бастаан куттамматым. Арай туох эрэ ырдьыгыныы-ырдьыгыныы чугаhаан барда. Мин кутталбыттан часкыйа түстүм. Оо, ынырык этэ! Уу чаккырас уҥуоҕум салҕалас буолан хаалла. Дьоммут сүүрэн кэллилэр. Түүнү быhа уоскутан, бииргэ утуйдулар. Убайым эмиэ куттанан бары бииргэ сыппыппыт. Аны сарсыныгар дьонум абааhыны итэҕэйбэт буолан мөхпүттэрэ. Ол кэннэ хас да хонук оонньуу кэлбэтэҕим.

Биир күн эмиэ хонор буолан хаалбытым, онно убайым: «Тугу эмэ көрдөххүнэ, булгуччу миигин уhугуннараар», – диэбитэ. Түүн ортото эмиэ уhуктан кэллим, хараҥа этэ. Убайбын уhугуннардым уонна билэр баҕайы киhилии: «Чэ тур, билигин кэлиэҕэ», – диэтим. Ол этээппин кытта, били банаар уоттара туора-маары араастаан тыган көстөн кэллилэр. Дьэ онно убайым дьиҥнээҕи этэрбин итэҕэйбитэ. Онтон эмиэ дьоммутугар киирэн, суорҕан анныгар дьылыс гынаат, утуйан хаалбыт этибит.

Бу санаатахха, оҕо абааһыта сылдьыбыт буолуон сөп, ол кэннэ аҕыйах ыйынан саҥа төрөөбүт кыһыл оҕолоро суох буолбута…

* * *

Биир нэһилиэккэ айылҕаттан айдарыылаах дьон тиийбиттэр. Дьиэлээхтэри кытта сэһэргэһэн баран утуйбуттар. Арай, сотору соҕус буолан баран, «көрөр» киһилэрэ уутун быыһынан көрдөҕүнэ, саалаҕа утуйа сытааччылар аттыларыгар туох эрэ хараҥа барыҥныыр, дьон баттатан мөхсөр эбит. Иһигэр: «Айбыт Айыы Таҥара, арчылаа, араҥаччылаа», – диэн баран салгыы утуйан хаалбыт. Сарсыарда туран, ким хайдах утуйбутун, тугу түһээбитин ыйыталаһыы буолбут. Онуоха сорохтор «соччото суохтук утуйдубут, баттаттыбыт» дэспиттэр. Туох көстүбүтүн, туох мэһэйдээбитин «көрүү» оҥорбуттар. Онтулара дьиэҕэ биир-икки сиринэн аһаҕас баарынан хара тыын киирэр эбит. Ол сири сабыы сиэрин-туомун оҥорбуттар. Аны туран дьиэлээхтэр кэпсээннээх буолбуттар. Хас да ый анараа өттүгэр биир «аптаахпын» диир киһи сылдьан хоноһолоон ааспыт. Уонна: «Ыраастааһынынан, алгыһынан дьарыктанабын, хата хонор сирбин босхо ыраастаан биэриэхпин сөп», – диэбит. Оҥостон туран «дьарыктаммыт» уонна «ол барда, бу сылдьар, бу куотта» дии-дии далбаатаммыт. Ону көрөн дьиэлээхтэр: «Хата маладьыас киһи кэлэн, дьиэбитин ыраастаттыбыт», – диэн санаалара чэпчээбит. Онтукалара отой да ыраастыахтааҕар буолуох, хараҥа киирэр сирин арыйар киһи буолан биэрбит эбит. Аны туран, ол «аптаах» киһилэрэ: «Дьоҥҥо мээнэ кэпсээйэҕит, ыытыллыбыт үлэ күүһэ өһүллэн халыа», – диэн сүбэлиирдээх буолбут. Ол аата, сымыйанан ыраастыырын билбэтиннэр диэн, күлүгэр имнэнэ уонна атыттартан үгүөрү соҕус харчы хомуйа сырыттаҕа буолуо.

* * *

Былыр хос эбэм дэриэбинэҕэ киэһэ кэнсиэр көрө барбыт. Эбэм дэриэбинэттэн 8 км ыраах сиргэ олорор эбит. Кэнсиэр бүтэн, түүн үөһэ үрэх устун хааман испит. Арай көрдөҕүнэ, киһи баран иһэрин курдук үһү, ону көрөөт: «Хата бу киһини кытары аргыстаһыам», – дии санаан, хаһыытаан ыҥырбыт, анарааҥҥыта кумаардаан да көрбөтөх, ону дьүлэй быһыылаах диэн эккирэтэргэ санаммыт. Ситээри хааман истэҕинэ, ол киһитэ сүтэн хаалбыт. Өйдөнөн, тохтоон, тула өттүн көрүммүтэ – үрэх хаба ортотугар турар, икки хаамыы утары ойбон баар эбит. Ону хос эбэм абааһы ойбоҥҥо түһэрээри манна аҕалбыт диэн сэрэйбит…

* * *

Биирдэ эдэр уоллаах кыыс ыал буолаары сылдьыбыттар. Кыыс дьоно оҕолоругар: «Сыбаайбаҥ буолар күнүгэр кэтээр», – диэн үрүҥ көмүс илин кэбиһэр бэлэхтээбиттэр. Кыыс үөрүүтүттэн илин кэбиһэрин кэтэн баран, кэргэнэ буолуохтаах киһитигэр көрдөрө барбыт. Уола чугас алааска дьону кытта сэргэ туруора сылдьыбыт. Кыыс үөрэ-көтө ол алааска тиийэн уолун ыҥырбыт. Киһитэ киниэхэ аралдьыйан, сэргэтин сыыһа тутан кэбиспит… Сэргэтэ уол үрдүгэр түһэн баттаан өлөрбүт. Кыыс үөрүүлээх күҥҥэ анаммыт киэргэлин абааһы көрөн, сарайга үөһэ эргэ маллардаах дьааһыкка бырахпыт. Хас да сыл ааспыт. Кэлин балтылара ол сарай үрдүгэр оонньуур идэлэммиттэр. Оонньуу сылдьан, маллаах дьааһыгы хаһан, илин кэбиһэри булан ылбыттар. Биир кыыс кэтэн баран, дьонугар көрдөрөргө санаммыт. Ол курдук, дьиэ сарайыттан түһэн иһэн, атаҕа илин кэбиһэргэ иилистэн, үөһэттэн үлтү түһэн олохтон күрэммит. Ол кэннэ дьоно көмүстэрин уулларан, алаастарыгар көмөн кэбиспиттэр.

Хас да сыл ааспытын кэннэ, ол алааска археологтар тиийбиттэр. Биир эр киһи, сири үөрэтэ сылдьан, үрүҥ көмүһү булан ылбыт уонна кэччэйэн, кимиэхэ да кэпсээбэккэ, түөһүн иһинээҕи сиэбигэр уктан кэбиспит. Кэлин чугас күөлгэ балыктыы барбыттар. Көмүс булбут эр киһи ол күн балыктыы сылдьан ууга түспүт. Доҕотторо бастаан аахайбатахтар, арай киһилэрэ уу иһиттэн көстүбэтэх. Иэдээн буолла диэн быыһаары ууга ыстаммыттар да, киһилэрэ мэлигир. Кэлин милииссийэлэри, водолазтары ыҥырбыттар. Водолазтар көрдөөн-көрдөөн, ууга түспүт уолу кытта үрүҥ көмүһү булан, эмиэ бэйэлэригэр кистээбиттэр уонна эмиэ кимиэхэ да эппэттэхтэр. Кэлин, куоракка тиийэн баран, үрүҥ көмүстэрин аҥаардаспыттар. Бастакы водолаз, ойох ылаары сылдьар буолан, кыыһыгар анаан үрүҥ көмүһүнэн түөс симэҕин оҥорторон, сыбаайбатын күнүгэр бэлэхтээбит. Кыыстаах уол ол күн оһолго түбэһэн олохтон туораабыттар…


Страницы книги >> Предыдущая | 1
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации