Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 19 страниц)
– Хаалан-хаалан! Барытын бэркэ өйдөөтүм эбээт! Тиийээт да, куорпустар устун күүлэйдии ойбоппун, үрүҥ түүнү кэтии уолаттары кытта онно-манна тиийбэппин! Уруокпун ааҕабын! Үөрэххэ киирдэхпинэ таансыны кэмчилиибин: Өктөөп бырааһынньыгар уонна… буо, Саҥа эрэ дьылга сылдьабын! Таак-с, уонна туох этэй? Ээ, мээнэ-мээнэ киинэҕэ барбаппын! Онно «бармалейдар» уонна да атын адьарайдар баар буолуохтарын сөп! – Татыйык кычыгыраччы күлэр.
– Сө-өп! Уруоккун бэркэ өйдөөбүккүн эрээри биири эппэтиҥ: онтон саамай сүрүнэ туох этэй?
– Сүрүнэ даа? Барытын эппит курдукпун дии…
– Эс, бу да киһи! – Кириил, кэлэйбиттии, киэр хайыһар.
– Ээ! Били дьоммуттан кэһии кэллэҕинэ дуо? Ээ, һуох… оччоҕо…
– Оччоҕо тугуй? Чэй эрэ, кытаатыый! Ээ? Пахай! Бу кыыс тугу да өйдөөбөтөх буолбат дуо? Мин? Мин хайыыр этибиний… эт эрэ…
– Аа-а, һэ-һэ-һэ! Ону этэҕин? Ол диэн… Оттон Саҥа дьыл эргин охсулуннаххына, бииргэ киинэлиибит, «Лена» кинотеатрга барабыт. Онно туох баар этэй?
– Бүттэхпит дии… – Кириил, эмиэ кэлэйбит киһи быһыытынан, түҥнэри хайыһар, маарын туура тардан ылан ытырбыт сибэккитин отун, омунугар ини, иҥсэлээхтик ыстыы-ыстыы, сиэбитинэн барар.
– Пахай, ньээм оту сиир баар үһү? Аҕал манна! Дьааттаах! – Татыйык туруорсан көрөн былдьыы сатыырын анарааҥҥыта биэрбэт.
– Чэ, маннык, Татыйык. Мин тоҥон-хатан тиийэрбэр сылаас чэйдээх буолуохтааххын, оччоҕо кэпсэтиэхпит…
– Оттон, арай, оргуйа илик буоллун? – кыыс эмиэ хаадьылыыр.
Устунан кэпсэл атыҥҥа көһөр. Күһүн-саас ыытыллар ат сүүрдүүтүгэр, былаахтаах парааттарга, сыллата ыччат көҕүлүүр мас олордуутугар уонна тутар этэрээттэринэн ыраах айаннарга…
* * *
Туох да киһи уорбалыырыгар төрүөтэ суох бэркэ бодоруспут, доҕордоспут уоллаах кыыс, ууга-уокка түһүөх айылаах, татакалаһар сыһыаннара суоҕа. Татыйык үөрэххэ барарыгар, Кириил, үлэтигэр буолан, атаара кэлбэтэҕэ. Ону, ханна да буоларын курдук, мэлдьи кэтээччи-манааччы, сыыска түһэрбэккэ, бэлиэҕэ ылбыта эрэ баара. Оттон үлэлээх-түбүктээх уол кэлиэ суохтааҕа эрдэттэн биллэрэ ээ. Хайалара да хомноспотоҕо. Инньэ гынан, үлэх быһыытынан, кыыс куораттан «кэллим, уопсайга олохсуйдум» диэн тэлигирээмэлээбитэ эрэ.
Итинтэн салгыы, киһи эрэ үөрэххэ туттарсар буоллаҕа эбээт, туох буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Туттарыахтаах эксээмэннэргэ консультациялар, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан ааҕыы, бэлэмнэнии түбүгэ үксээбитэ. Ол аайы билиҥҥи курдук суотабай сибээс, репетитор эҥин хантан кэлиэй. Билсиһэриҥ эрэ, бэркэ тиэтэйдэххинэ, икки-үс тыллаах тэлигирээмэ сыыһа уонна аҕыс айдаанынан холбонор дуу, холбоммот дуу (сибээстэн эрэ тутулуктаах буолан) төлөпүөнүнэн кэпсэтии. Күн аайы сурук суруйар, тэлигирээмэлиир солуута суохха дылыта, төлөпүөннүөҕү туран, аны Кириил олорор эмээхсинин дьиэтигэр итинник тэрил дуостал суоҕа. Сайыҥҥы үлэһит хонтуораҕа олорбото биллэр, сайылыкка-сыһыыга диэбиккэ дылы, бэтэринээр бүгүн – онно, сарсын – манна. Барыта ырыта санаатахха бэрээдэк кэриэтэ чуолкайа.
Онон, атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир үтүө күн, үөрэххэ туттарсан, университекка учуутал үөрэҕэр киирэ охсубут Татыйык, үөрэн-көтөн, дойдутугар тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Алтынньы ыйга диэри дэриэбинэтигэр үлэлээн баран, үөрэх дьыла саҕаланыыта тиийиэхтээҕин истэн, ийэтэ Өлөөнчүк үөрбүтэ. Күһүҥҥү киһи кыстыкка киириэх иннинээҕи наадата кэмэ-кээмэйэ суох буоллаҕа. Онуоха илии-атах буолан көмөлөһүөх оҕо баара санааны эбии көнньүөрдэрэ.
– Ийээ, хортуоппуйу хостуурга Кириил көмөлөһүөх буолбута, ыҥырабын дуо? – Татыйык биир сарсыарда аһыы олорон ыйыппытын аҕата сөбүлээбэтэҕэ.
– Бу тухары син бэйэбит оруур этибит дии. Быйыл да кыанар инибит…
Ити аата аккаас буоларын ийэлээх кыыс өйдөөбүттэрэ. Онон Кириил уол Татыйык күһүҥҥү түбүгэр кыттыспатаҕа.
– Өлөөнчүк, күтүөттүү сатыыр киһини тоҕо чугаһаппаккытый? Син бэрт уол быһыылаах буолбат дуо? – диэн дьахталлар кистии-саба ньамалаһаллар.
– Ээ, мин тугун билиэмий, бэйэлэрэ билиэхтэрэ ини, – диэн, кини кэпсээн омунун тэйитэ сатыыр.
Биир киэһэ Татыйык киинэлээн баран устунан, хараҥарбыт уулуссаны кыйа, Кирииллиин дьаарбайа сырытта. Ону-маны сэһэргэһэн, сайыҥҥы сонуну үллэстэн, күһүҥҥү күлтэйбит ый күлбүтүнэн субу тахсан кэлбитин билбэккэ хааллылар.
– Табаарыс Татыйык, тымныы соҕус киэһэ буолла. Итиитэ киллэриниэх, иһирдьэ киириэх! – Кириил, оруобуна сыанаҕа тахсан аныгыскы ырыаны биллэрэ турар киһилии тутунна, кэлииккэ аанын биир илиитинэн тутан туран, иккиһинэн иһирдьэ ыҥыран нэлэс гыннарда.
– Тыый, эбээ барахсан утуйбута буолуо дии? Уһуктаарай? – кыыс буолуммата.
– Һэ-һэ, эбээ барахсан лотуолуу ойбута эрэ баара. Бэҕэһээ икки чааска кэлбит буоллаҕына, бу түүн бүтэһиктээх киирсии, онон баабыска түөрт эргин биирдэ тиийэн кэлэр кутталлаах, – Кириил күлбүтүгэр мап-маҥан тиистэрэ хараҥаҕа ордук сырдаан кэчигирээтилэр.
– Чэ, оччоҕо, түргэн баҕайытык итии чэйи да иһиэххэ буоллаҕа дии, – диэт, дьиэҕэ дьылыс гыннылар.
Эбээ ыскааба «иҥсэлээҕин», ол иһин бэчиэнньэлээҕин хайгыы-хайгыы, Кириил сылыта охсон итии чэйи кутта. Сайыны сай-суй курдук ситэри билбэккэ, аанньа атааран биэрбэккэ, күһүн кэлиитигэр, нэмин билбэккэ, чараас соҕустук таҥныбыт кыыс чахчы дьагдьайбыта билиннэ. Итии чэйтэн имнэрэ кыыстылар, харахтара чоҕулустулар.
– Татыйык… мин эйиэхэ этэрдээхпин. Бука баһаалыста болҕой, иһит диэн көрдөһөбүн, – уол уларыйан хаалбыт куолаһынан иччилээхтик сибигинэйбититтэн кыыс эмискэ дьиксинэ быһыытыйда.
– Мин… мин эйигин… миэхэ кэргэн кэл диэри гынабын, – диэтэ.
Татыйык мух-мах барда, сатаан өйдүү охсубата:
– Т-тоҕо? – эрэ диэтэ.
– Хайдах «тоҕо»? Оттон дьон курдук… ыал буолбаппыт дуо?
– Саманнык… түргэнник дуо? Сибилигин дуо? – кыыс хайдах эрэ ситэ өйдөөбөтөҕөр оҕустаран буккуллан ылла.
– Э-э, оттон… сибилигин, субу манна, мин эйигин сөбүлүүрүм бэрт ээ… Куоракка бардаргын миигин умнуоҥ…
– Суох-суох, Кириил! Ама, хайаан умнуомуй?!
Кимэн киирэрдии оҥостон, уол бэрт дьиктитик туттан киниэхэ чугаһаары гыммытыгар ыксаан, Татыйык тыл ыһыгынна.
– Оччоҕо… эн эмиэ миигин сөбүлүүр буоллаҕыҥ?
– Э-э… ыһы… оттон… оттон абааһы көрбөппүн ээ!
Эмиэ да ыксаатар даҕаны, хаадьылыыр курдук этээри гыммыта атын баҕайытык тахсыбытыттан кыыс бэйэтэ соһуйда.
– Оччоҕо… туох мөккүөр баарый? Мин эйигин сөбүлүүбүн, эн эмиэ сирбэккин… оччотугар ыал буолуохпутун сөп… ыал буолар буоллахпытына… тапталбытын дакаастыырбыт тоҕо буруй буолуой? – уол эмиэ киниэхэ чугаһаата, ыараабыт илиитин кыыс санныгар уурда.
Татыйык атыҥыраата, сүрэҕэ туох эрэ суостааҕы сэрэйдэ, сиэрэ суох тахсыаҕыттан куоттараары, араастаан мөҕүл-мөҕүл тэбиэлээн, таайтара сатаата.
– Суох-суох! Кириил, хайдах буоллуҥ?! Туох дакаастабыла нааданый?! Тугу-тугу диигиний?!
– Ээ, эйигин таптыыбын диэтим буолбаат? Таптыыр кыыспын ууруурум, кууһарым буруй үһүө?! – диэт, уол бокуойа суох Татыйыгы хам кууһан ылла, ыарыылаах баҕайытык биилиттэн тутта да, уолуйбут кыыс уостарыгар утаппыттыы түстэ…
Мучумаан буолла, Татыйык кутталыттан уонна маннык түргэнник уларыйан хаалбыт табаарыс уола киниттэн тугу эрэйэрин дьэ өйдөөн, титирэстэс буолуор диэри ыгылыйда, араастаан төлө көтө сатаата да, ытарчалыы ылбыт илиилэр кинини ыыппатылар…
– Кириил! Мин хаһыытыам билигин! Күн сарсын үҥсүөм! Кыбыстыам суоҕа, атаҕастаата диэн олохтоох араадьыйанан кытта биллэриэм! – ыксаабыт кыыс дьүүллээн-дьаабылаан тугу диирин өйдөөбөтөр да, туох баарынан, тугу сатыырынан көмүскэнэ сатаата.
Олохтоох араадьыйа диэн бу эргин суостаах соҕус өйдөбүл. Араадьыйа Арамаана диэн аҥаар атаҕынан доҕолоҥ киһи, оннооҕор ол-бу хобу-сиби тиһэн, туһааннаахтары бэртээхэйдик кымньыылыыр биэриилэри таһаартыыра. Сүрэҕэлдьээбиттэри, арыгылаабыттары элэктээн, оннооҕор үөхсэр саҥаларын кытта (хантан хайдах устан ылара буолла, ким да билбэт) бар дьоҥҥо олохтоох араадьыйатынан иһитиннэрэн ууга-уокка түһэртээччи, саакка киллэртээччи.
Онон, кыыс эттэр эрэ, сыыска түһэрбэтигэр саарбах суох. Ол Кириил төбөтүгэр Татыйык ытыырынааҕар түргэнник тиийдэ, таах, оройго охсубуттуу, оломо суох уолу ойутан туруорда. Онон Татыйык, быыһанарын быатыгар, саамай сөпкө «араадьыйаланан», кэлии уолу Кириили чаҕытта. Арааһа, уоҕун таһаарда быһыылааҕа, сотору уоскуйа быһыытыйбыт уол, хомойон-хоргутан ытыы олорор Татыйыгы санныттан сымнаҕастык тутта уонна:
– Бырастыы гын… Мин туох да куһаҕаны оҥорор санаам суоҕа… Алҕаска… итинник тахсан хаалла… – диэтэ уонна, үгүс саҥата суох, уларсык хоһугар киирэн хаалла.
Татыйык олорбохтоото уонна абаккатыттан:
– Эн ол иһин бэркэ үөрэппиккин дии, уолаттары кытта киинэлээмэ, кинилэри кытта ханна да кииримэ диэн. Ол аата уол эрэ бары маннык быһыыланар буоллаҕа, киирбит кыыһы атаҕастаан ыытар… Ити бэйэтин этэрэ буолуо дии санаабатаҕым. Доҕорум дии санаабытым баара, баара-суоҕа… хоонньоһор эрэ баҕалаах киһи эбиккин! – диэн иһэн, ситэри саҥарар кыаҕа суох, ытаата, тахсан барда.
Кириил хоско киирбитин курдук биллибэтэ. Кэлииккэҕэ тиийиэр диэри Татыйык уолу, баҕар эккирэтэн тахсан кэлээрэй диэн, күүттэ быһыылаах. Онтон өссө төгүл бырастыы гыннарыа, оччоҕо, кырдьык алҕаһаабыта буолуон эмиэ сөп, бырастыы гыныам диэбитэ да… Кириил тахсыбата, эккирэппэтэ, уоскуппата. Абаккатыгар уоһун быһа ытырбытынан, кыыс, ытыы-ытыы, дьиэлээтэ…
Ити толоос быһыы кыыһы чахчы хомоппута. Ол да гыннар, санаатыгар Кириил алҕаска итинник дьүһүн кубулуйбута буолуо диэн холкуйа сатыыр. Биир өттүттэн өйүнэн бэркэ өйдүүргэ дылы, кини кыыһы атаҕастаары эрдэттэн оҥостубута сэрэйиллэр. Табыгастаах кэм диэн, угаайытыгар угаары, дьиэтигэр киллэрдэҕэ. Онтон кэлин этиэхтээҕэ буолуо: киирбит кыыс бэйэтэ эмиэ буруйдаах буоллаҕа дии. Сөбүлэспитэ. Оо, ама, сүрүн, Кириил оннук гынаары гыммыта буолуо дуо? Эс, суох ини? Бастаан утаа сөбүлүүбүн диэх курдук этэрэ дии… Ол эрээри ити албына, албаһа буолуон эмиэ сөп эбит. Оччотугар доҕордуу сыһыаммыт итинэн бүттэҕэ. Эчи хобдоҕун, астыга суоҕун, таптал диэн баар эрэ буоллаҕына уйан-нарын, харыстабыллаах сыһыан үөскүө ини. Ону баара, Татыйык кинини таптыыр дуо? Оттон Кириил кинини кырдьык таптаабыта буолуо дуо? Тоҕо эрэ… ол туһунан улахан долгуйуута суох этии… туоһу буолбат кутталлааҕа эбээт…
* * *
– Уважаемая Марина Петровна! Мы, Ваши дети, Ваши родители, поздравляем с Днем Учителя! – Марина кылааска киирээтин кытта чэчик эгэлгэтин туппут кырачааннарын кытта төрөппүт кэмитиэтэ утары хааман кэллилэр.
Бүгүн – Учуутал күнэ. Оскуолаҕа сарсыардаттан сүүрүү-көтүү, ааны аһан киирээккин кытта сибэкки дыр сыта муннуга саба биэрэр буолбут. Ханнык да күннээҕэр маанымсыйбыт учууталлар дьоһуннаахай сэбэрэлэрин сэгэйбит мичээрдэрэ киэргэппит. Бу ураты күн хас биирдии учууталга олус истиҥ баҕа санаа арааһа этиллэрэ сүрэҕи сылааһынан илгийэн үөрдэр. Онон, үөрэтэр оҕолоруттан көтөх муҥунан бэлэхтээх Марина дьиэтигэр диэри, барбах эрэ, таксинан айаннаан иһэр.
Маарыын ити «мы – Ваши дети» диэбиттэригэр уйадыйа сыста ээ. Эмискэ соһуччута да бэрт, арай, кырдьык, билигин дьиэтигэр тиийэн, аанын аһаатын кытта кимнээх эрэ сүүрэн кэлэн: «Мы – Ваши дети», – диир буоллуннар? Оо, оччоҕо хайдахтаах курдук дьоллонуо эбитэй? Ону баара… бүгүҥҥүтэ, киниэхэ «маама» диэбитинэн сүүрэн кэлиэх, кимэ да суох…
Билигин бэркэ диэн билэр баҕайыта, дьиэтигэр кэлиэ, ааныгар тиийэн күлүүһүн хостонуо, бэйэтэ арыйыа, итиэннэ хабыс-хараҥа холлороон курдук аан дьиэҕэ муннунан кэтиллиэ. Икки хардыыны хаҥас диэки атыллаат, илиитин иминэн көрдөөн уотун уматыа, кууһа сылдьар чэчиктэрин аан таһынааҕы туумбаҕа быстах ууруо, атаҕын устуо… «Ийээ, сылайдыҥ дуо, таапачыкаҥ бу баар, аҕал эрэ атаххын…» – диэн, ким даҕаны кини атаҕын үрдүгэр түспэтин эмиэ билэр.
Итинник, куруук ыарыылаахтык дууһатын эмэр санаатыттан сылайа быһыытыйан, самнан даҕаны диэх, Марина Петровна хараҕа ууланна, кистии-саба, таксист көрбөтөр ханнык диэн, массыына үрдүн кэрийэ көрдө, симириктээн аһара сатаата…
Олег үлэтиттэн хойутуу кэлээччи. Сөп ээ, эдэр сааһыгар учуонай буолбут киһи бастакынан өрө тутара – үлэтэ. Иккиһинэн эбитэ дуу, үсүһүнэн эбитэ дуу, кэргэнэ, дьиэтэ-уота… Ол эрээри, кинилэр кыра киһилээхтэрэ, оҕолоохторо буоллар, Олег маннык уһуннук тардыллыбата чахчы. Бука, син ханнык эмэ үүт-хайаҕас көстөн дьиэҕэ-уокка туох эмэ көмөлөөх, кыттыгастаах буолуох этэ. Онто баара, кини бэйэтэ кыра оҕо курдук Маринаҕа бүөбэйдэтэр. Аһын-таҥаһын дьаһайтарбыта эрэ баарай, киинэлиири, тыйаатырдыыры кытта бэйэтэ быһаарар буолбута ыраатта-а…
Ардыгар Марина, дьахтар буоллаҕа эбээт, арааһы эргитэ санаан элэҥнэтэн ааһар. Дьүөгэлэр даҕаны, онуоха сөптөөх төрүөтү быраҕан, харса-хабыра суохтук кигэллэрэ сыттаҕа.
– Дьүөгэ-э, тугу гынаары дуу, гынымаары дуу туймаарыйан, туналыйан баран олороҕунуй?! Эн эрэ маннык кыһалҕалаах үһүгүн? Аньыыга киириэххин?! Биир эмэ оҕолоох киһини булан хоонньоһон холонон көрүөххүн?
– Аньыы даҕаны… Олегпар… ол кэнниттэн туох диэмий?
– Ээйиис, оттон быраастар бэйэлэрэ эппиттэр буолбат дуо? Иккиэн оҕолонор кыахтааххыт диэн? Ити кэннэ туох нааданый өссө? Оҕо кэлбитэ туох куһаҕаннааҕый? Эр киһи, сэгэриэм, син биир билбэт, кини ньүдьү-балай, ким баҕарар оҕотун ытыран аҕалан: «Бу, нохоо, эйиэнэ! Иит, аһат!» – диэтэргин, тук курдук сүүрүө! Ити кэм-кэрдиис көрдөрбүт, эҥин бэйэлээҕи итэҕэппит бэйэккэтэ! Историяҕа да биллэр суол буолбаат?!
– Аньыытын баҕаһын, кэби-ис!
– Аньыырҕаатаххына, аны, ытааҥҥын ыйылаама, сөп диэ?! Ханнык баҕарар түгэҥҥэ быһаарыллыбат кыһалҕа диэн суох! Соҕотохто биир курдук сананыахха уонна тиһэҕэр тиийэ киирсиэххэ эрэ наада! Олох диэн, оһуора эрэ кэллэҕэй, онто-манта ордук элбэх ини, син биир сэриигэ курдук…
– Онтон атыннык быһаарыллыбата, эчикийэ, хомолтотун…
– Эмиэ ытаата, хомойдоргун, хараҕыҥ уутунан суунан, сып-сылаастык олордоҕуҥ эбээт! Киһи сүбэтин ылыммат аатаҕын, тоҕо ыйытаҕыный?!
Дьүөгэ тыла итинник тимир-тамыр. Биир өттүттэн ыллахха эмиэ да сөп. Марина ытаабыта да ыраатта, ытаммыта да балачча буолла. Ол иһин кэнники кэмҥэ үҥсэргиириттэн хал буолан… арааһы саныыр. Сүбэ быһыытынан, Олегтыын арахсаллара дуу… Баҕар, кинилэр сөп түбэспэттэрэ буолуо суоҕа дуо? Оччотугар эдэр-сэнэх эрдэххэ арахсан, кини да, Олег да оҕолонуо, олохторо да суолталана охсуо этэ буоллаҕа эбээт. Итинник санаа кииртэлиир да, кини хайдах да тыла тахсан Олегар эппэт. Тапталларын уота-төлөнө оҕоҕо ымсыы күүһүгэр баһыйтаран, сөҕүрүйэ быһыытыйар быһыылаах. Тоҕо эрэ итинник түмүккэ кэлбит Марина, бара сатаан, үүт-хайаҕас көрдүүр баҕаттан, саатар Олег ханна эмэ аралдьыйан, биир эмэ дьахтарга оҕоломмот да буолан дэтэлиир. Оччотугар кини тоҕо кыыһыраахтыай, төттөрүтүн, үөрүө этэ уонна үчүгэй баҕайытык тэрийэн ыытыа эбитэ буолуо. Оттон бэйэтэ? Оттон… бэйэтэ буоллаҕына… сырыынньа тугу эмэ тобула сатыа эбитэ ини…
Ол иһин үлэтиттэн мэлдьи хойутуур Олег хаһан да сэмэлэммэт. Сэмээр аны, баҕар, тардыллан, улдьааран, биир эмэ түгэҥҥэ аралдьыйан… оҕолонор кэскиллээххэ тиксээрэй дуу диэн кэтэбилгэ сылдьаахтыырын эр киһи үтүөтэ хантан сэрэйээхтиэй?
Оттон Олег атыннык саныыр. Хайдах, кини да киһи дии, тоҕо саныа суохтааҕый? Дьахталлар бэйэмсэхтэр ээ. Бэйэлэрин эрэ айдааннара. Кинилэр эрэ сүрэхтээх-быардаах курдуктар эрээри, алҕаһыыгыт, кэрэчээнэлэр. Кини да эр киһи элээмэтэ этэ дии. Оҕото суох буолар, онтон өссө ыара-ыарахана, букатын да ыччата суох хаалыы диэн хайдахтаах да эр киһи киэбигэр барсыбат. Иэдээн. Ойоҕостон ылан ииттии кинини киэргэппэт. Быраастар этэллэринэн, кинилэр Мариналыын иккиэн төрүүр-ууһуур кыахтаах дьон. Өйдөөтүгүт, ууһуур диэбиттэрэ! Оччоҕо тоҕо оҕоломмотторо буолуой?
Үнүргү сырыытыгар Москубатааҕы микробиолог доҕоро Ленинградка сылдьан билиһиннэрбит гинеколог профессора эппитэ оруннаах: киһи баҕатыттан тутулуга суох, эт-хаан өттүнэн тапсыбата диэн эмиэ баар. Ону кытта ити боппуруоһу ыарыылаахтык туруорунар түгэҥҥэ өйгө-санааҕа, ол аата психикаҕа эмиэ атын харгыс баар буолар. Наһаа оҕоҕо баҕарар, ону олус эрэйэ күннэтэ күүтүү – өй-санаа, син биир ханнык эмэ кэмҥэ туох да диэ, айгырааһыныгар тиэрдэр. Оччотугар наука тугу сүбэлиирий диэ? Сөбүлэҥ быһыытынан кэргэнниилэр арахсыахтаахтар. Эбэтэр, бастаан утаа оҕону ылан ииттиниэхтээхтэр. Оччоҕо мэйиигэр, эккэр-сииҥҥэр уоскуйуу-налыйыы бэлиэтэ булгу биллэр, устунан, дьэ, оҕолонуохха сөп буолар. Ардыгар, туох кистэлэй, ол да көмөлөспөт.
Олег Дмитриевич атыны иитэртэн туттунар. Эмиэ ол табаарыс микробиолог этэринэн, хаан баар, эн иитиигэр-үөрэтиигэр төрдүттэн бэриммэт кутталлаах. Оччотугар ылыахтаах оҕоҥ аймаҕын-уруутун, чэгиэнин-өлүөрүн эрдэттэн сиһилии хасыһан билиэххин наада. Оттон быраҕыллыбыт аата быраҕыллыбыт, ол эрэйдээх туох хааннааҕын, ким этэн биэрэн, хантан билиэҥий? Ити барытыгар – бэлэм эппиэт. Өскүөрүтүн ылбатаҕыҥ ордук буолан тахсар. Хаарты тахсыытын курдук: баҕар табыллыаҥ, баҕар алдьаныаҥ.
Олег Дмитриевич итини барытын Маринатыгар эппэт. Кини уйана бэрт. Уйулҕата олус чараас. Оҕо туһунан кыраны даҕаны кыайан тулуйан истибэт. Оскуолаҕа кыра оҕолору кытта бодьуустаһар ааттаах, булгу кими эмэ аһынан, оннооҕор сэмэлээбититтэн кэмсинэн, дьиэтигэр кэллэр эрэ, ытыыр киһи буоллаҕа. Олег кинини олус таптаан кэргэн ылбыта да, кэнники сылларга ордук аһынарыттан ордубат. Өскө кини бэйэтэ кыайан оҕолообот буоллаҕына, ол туһуттан Марината эрэйи көрөн эрдэҕэ. Оттон Марина сатаан төрөөбөт түгэнигэр, арахсан хааллахтарына, эрэйи көрөөччү эмиэ дьахтар буолуо дии. Онон, тус олох бары кыһалҕата кыттыһан, ханна баран, тугу гынан бу айылаах санааттан-онооттон босхолонуон билбэтэх учуонай төбөтүгэр үлэнэн үлүһүйүү түбүгэ эрэ буолбакка, араас «таракаан» барыта баарын ким билээхтиэй…
* * *
Бастакы куурус устудьуоҥката Татыйык Матвеева кыһыҥҥы сиэссийэтин, ол аата сыл аҥаара үөрэммит билиитин дакаастаһар эксээмэҥҥэ бары предметтэрин бэркэ туттартаан дойдулаата. Өлөөнчүк кыыһа баҕа хоту, дуоспуруннаах быһыытын ыһыктыбакка, этэҥҥэ үөрэҕин түмүктээн, дьиэтигэр айаннаан иһэрин истэн үөрүү бөҕө.
– Оҕонньо-ор, кытаат, били бу күһүҥҥү идэһэбититтэн ууруммут бууппутуттан киллэриэх. Эттээн-астаан, көп өттүн эрийэн бэрэскилиэх, кэтилиэттиэх, – диэн дьаһайбыта ыраатта.
Онон, Маппыайаптар ыалга түбүк элбээтэ.
– Татыйык оҕо үтэ гынан илдьэ барарыгар бэрэски-кэтилиэт буспута, туома, нэдиэлэ буолла! Кыыс буоллаҕына билигин да кэлэ илик, аара хаайтарбатаҕына, бу киэһэ эргин биллэрэ буолуо, – ыаллара дьахталлар, хотоннорун аттынааҕы оттоох кыбыыга саһан туран, сэһэннэрин үллэстэллэр.
Биирдэрэ Биэрэ диэн, эдэрчи эрээри, былаатын куруук тууна баанарын иһин кинини киһи бары эмээхсин курдук көрөр. Иккиһэ – Алаапыс. Аа-дьуо саҥалаах, аны туран оннук курдук, көрдөххө бытаан туттунуулаах эрээри, алыс таһаарыылаах, хотуулаах үлэһит. Уҥуоҕа үрдүк, бэйэтэ хатыҥыр буолан, хайдах эрэ Алаапыс диэн аатыгар дьүөрэлии баҕайы быһыылаах. Быһата, дьон Уһун Алаапыс диэччилэр. Ону билбэт дьон, бу эҥээргэ саҥа кэлбиттэр куруук муодарҕааччылар. «Оччоҕо кыра дуу, кылгас дуу Алаапыс диэн кими этэҕитий», – диэн ыйытааччылар. Кыһын чугас кэлэр-барар сырыы аччыыр, дьиэ таһынан от-мас үлэтэ сайыҥҥы курдук буолбатах. Тымныы буолан ырааппаккын, тыаҕа отоҥҥо, ходуһаҕа оттуу сылдьарыҥ курдук, санаатыҥ да аа-дьуо сэлэспэккин. Ол иһин, хаар түстэ да, утуйбут айылҕалыы, сонун-нуомас эргийэрэ, тылтан тылга тиийэрэ биллэ бытаарар. Итинник үлүгэр кэмчилэнэр кэмигэр, дуона да суох сонун, сонун буоллаҕа эбээт!
– Хотуой, оттон кыыспыт били бэтэринээрэ баар ини?
– Ээ, ханна барыай? Эдэр киһи туора-маары туттара баһаам ини. Үнүр кыргыттар норуодунай тыйаатыр аһыллыытыгар сылдьан көрбүттэрэ, хата, били Ньуккуну кытта, ыбылы куустуһа-куустуһа, үҥкүүлүүр сурахтааҕа…
Бэйи эрэ бэйи… «Ыбылы» диир буоллахтарына, ол аата туох эрэ баар эбит ээ, мээнэҕэ тоҕо «ибили-ыбылы» диэхтэрэй?! Дьахталлартан биирдэригэр дьиктиргиир сибики билиннэ…
– Ньуккуну даа?! Бэйи, онтубут оҕото?
– Ханна барыай, сыттаҕа-олордоҕо дии, дьиэ киһитэ оҕо барахсан. Тэрилтэтэ суох, ийэтэ Ньукку үлэ да, үөрэх да суох…
– Эн, Алаапыс, тоҕо ити кыыһы кырыктаах баҕайытык кэпсиигиний? Үчүгэй баҕайы кыыс буолбат дуо, быһа мытырыйан? Көссүөтэ, сэмэйэ. Киһи эрэ алҕас оҕолонор ини, оҕо кыыс албыннаттаҕа дии. Өлүөсэ уол сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһар. Хата, сураҕа, эн сиэн балтыгыныын ыаллаһаары гыммыт дииллэрэ кырдьык дуо?
– Ээ, оттон оннук ини. Инньэ дииллэр даҕаны, ол эдэрдэр сырыыларын ким аахтаҕай… Ньукку да, оттон… син сөбүлүү көрбүт буолан сөбүлэҥинэн оҕолонно ини, ким билиэ баарай. Наар аанньа эр киһи икки, уол оҕо икки аҥаардастыы сэмэлэннэҕэй, – Алаапыс тоҕо кыыска «таала кырыыланара» билиннэ.
– Тыый, хата диэ, аймахтаһаары гыннылар дииллэрэ оруннаах эбит буоллаҕа. Хата, оттон бэрт, сыа сиир саҕана бары кэри-куру умнуллаа ини, доҕор, – ыала Биэрэ бүгүҥҥү кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, тардыбыт отун түүтэхтээн барда.
Дьахталлар ити сэлэһэр айдааннарыгар буолан, анараа диэкинэн Өлөөнчүк кыбыытыгар тахсыбытын өйдөөн көрбөтөхтөрө. Халыҥ таҥастаах киһи бу тымныыга тугу түптээн истиэй, кыҥастаһыай, туһааннаах үлэтигэр тиэтэл муҥунан түһүнэн кэбистэҕэ эбээт.
Маппыайаптар мааны кыыстара Татыйык түүн таһаҕас тиэйэр массыынаҕа олорсон кэлбитэ. Тиэтэл үлүгэринэн чэйдии охсоот сытар аакка барбыттара. Онон Өлөөнчүк сарсыарда хотонугар муҥутуур эрдэ тахсан барытын бары дьаһайа охсубута. Оҕонньоро Тиит сылгыларын аһатан баран, күүтэ таарыйа, кыбыытын харбыы сырыттаҕына, нөҥүө далтан субу эрэ хотонугар ааһан иһэр Алаапыс ыһыытаан ыҥырбыта.
– Хайа, Тиит, Татыйыккыт кэллэ дуу, суох дуу? Хаайтарда дуо?
– Һэс-суох, доҕор, кэлэн. Бөөлүүн кэлбитэ.
– Ээ, хаайтардаҕа дуу диибин ээ. Оттон Боппуоктар уоллара икки, Мотуруос кыыһа икки, кэлбиттэрэ икки хонно.
– Ээ, олоруҥ, сөмөлүөттэннэхтэрэ дии, дьонноох дьон.
– Оннук хаппыт эбит дуу. Хайа, оҕо төһө бэркэ үөрэммитий?
– Бэрт-бэрт, түөрт да биэс диэн буолла. Эн, Алаапыс, бу үйэҕэ оҕо үөрэҕэр кыһамматах бэйэккэҥ, тоҕо сурастыҥ? – Тиит мууһура сыспыт дьоҕус бытыгын аннынан бэрт дьээбэлээхтик мүчүк гынна.
– Хата хайдах буоллуҥ? Тилэри тиэргэннээх олорон, ама, ыалларым оҕолорун сураспытым буруй буоллаҕай? – дьахтар, өһүргэнэ сыста эрээри, син туттунна.
Ити Тиит, аҕыйах саҥалаах эрээри, эттэҕинэ төрдүттэн тоҕу түөрээччи. Онон киэһэ-сарсыарда эн-мин дэсиһэр дьон эйэлэрин араарбатахтарына сатанар. Алаапыс да аньыыта-харата чугаһынан биллэрэ оччо буоллаҕа-а. Кэргэнэ өлбүтүн кэнниттэн киһиэхэ барытыгар сыҥаланан, Тиити кытта «өҥөҥнүүр» сурахтааҕа да, кэпсэл омуна ини. «Аҥаардас хаалбыты дьон атаҕастаан да араастык саҥарыахтара, эн онно тугуҥ дьыалатай», – диэн Өлөөнчүгүн биирдэ эрэ буойбута. Тыл-өс түргэнник тарҕаммытын курдук сотору уостубута. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, Алаапыс икки уоллааҕын, соҕотоҕун кыайыа суоҕун билэн, аймахтара куоракка үөрэттэрэбит диэн ылбыттарын аньыыта, оҕолор онтон ыла биллибэттэр. Сураҕа, биирэ Москубаҕа, биирэ эмиэ ханнык эрэ куоракка үөрэнэллэр үһү диэн. Алаапыстан, ким эрэ аһынан, ким эрэ сүрүргээн, ыйыппаттар эбит этэ. Ол иһин, бу да сырыыга дьахтар, ааранан, бэйэтэ дьаарханна быһыылаах, төттөрү хардары ыйытыыттан толлон, туора ойдо, солуурдарын харбаат, хаарын баһына ыстанна…
– Тоойуом, чэ, тур, чэйдиэхпит, – таһыттан ынаҕын аһылыгын иһитин таҥкынаппытынан киирбит Өлөөнчүк кыыһын уһугуннарда.
Татыйык, кэмниэ кэнэҕэс дьиэтигэр кэлбитин итэҕэйбэккэ, сылаас оронугар сытан үөһэ-аллара тыыллаҥнаата, массыынаҕа сахсыллыбытын аахсыбакка, дуоһуйа утуйбутуттан үөрэн ойон турда. Ийэ-аҕа үөрүүтэ үксээтэ. Тугунан да маанылыахтарын билбэт дьонноро, биирдэрэ биир өттүттэн, иккиһэ иккис өттүттэн астарын-үөллэрин сыҥалыы олордулар. Онтон аһара астаран кыыс эмиэ да күллэ:
– Ийээ, эн наар минньигэс өттүн сиэтэ сатыыр эбиккин: сарсыардааҥҥы күөрчэх, дьэдьэннээх тоҥ күөрчэх, барыанньа, бискибиит… Оттон аҕабын көрүүй: бэрэскитэ сиэ, эттэ сиэ, бу тууһаммыт сыа баар, бу хаан, бу ыһаары собо диир. Барытын хайдах биирдэ олорон туруомуй? – кыыстара кычыгырыыр.
Бука бары да ахтыспыттарын таһааран, арааһы кэпсэтэ-кэпсэтэ, хаһааҥҥытааҕар да өр олорон чэйдээтилэр. Уһун өрөбүллээх кыыс тугу гыныаҕын былааннаатылар, барар-кэлэр саҕана буолбакка, бу сырыыга көлөнү эрдэттэн сураһан булунарга болдьостулар.
Инньэ гынан, аҕата этэринии, «хоньокууллаах хотоку» соччо-бачча кулуубунан, киинэнэн үлүһүйэ барбата, наар сынньанна. Ол быыһыгар дьиэтин үрдүн кылбаччы сууйда. Түннүк сабыыларын турута тыытан ылан уларыттылар. Били ааспыт кыһын аҕата киниэхэ анаан быспыт аан дьиэтин көтүрү тардан ылан эркинин оппуохалаатылар, ордугар обуойу сыһыаран дьиэлэрин кэҥэттилэр. Өлөөнчүк кыыһыгар кыһыл саһыл тириититтэн сабыс-саҥа бэргэһэни тиктэ, онно дьүөрэлээн киин лааппыттан кытархайдыҥы саарпыгы атыыластылар.
Киэһэ утуйуох иннинэ Татыйыкка бииргэ үөрэммит кыргыттара төлөпүөннүүллэр.
– Ээйиис, кыыспыт былыттаах халлааҥҥа быкпат буолан кэлбиккин дуу? – диэн дьээбэлииллэр.
Ол эрээри Татыйык, дьонун ахтылҕаннарын ханнаран, дьиэтигэр олоруох буолбут былаанын ыспат, кыргыттара да кыыс быһаарыныытын ылыннылар. Онон, хайыахтарай, сонуннарын суһал үлүгэрдик төлөпүөҥҥэ эрэ сибигинэйэллэр.
– Татыйык, Кириил киэһэ аайы таансыга баар ээ, кими эрэ көрдүүр курдук, сааланы кэрийэ көрөөт, тахсан барар. Уонна кэлбэт. Арааската… эйигин суохтуур быһыылаах дуу, – диэн бэйэлэрэ да мунаараллар.
Татыйык саҥарбат. Хомойбута оччо эрээри, кырдьыга баара, эмиэ да наһаа кэлэйбит курдук буолбатах. Кэнники холкуйа быһыытыйан баран санаатаҕына… баҕар, уол кинини төһө чэпчэкитин эҥин билээри албастанан гыммыта буолаарай? Эбэтэр… суос-соруйан, үтэн-анньан көрөрө дуу? Ким билиэ баарай, били түбэлтэ кэнниттэн кинилэр билсибэтэхтэрэ да, көрсүбэтэхтэрэ да…
Сайыны быһа Кириил Татыйыкка суруйбут буоллаҕына, быйыл кыһын биирдэ да, тугу да биллэрбэтэ. Кыыс, сэмээр күүппүтэ даҕаны, мэлигир. Үөрэх кытаанах, мээнэ аралдьыйары сөбүлүө суох курдук. Татыйык күннээҕи түбүктэн ордубат буола сатаан, аһын-таҥаһын быһаарынаат, бибилэтиэкэттэн ордубата… Көстөн иһиэ дии? Ол оннугар үөрэҕэр бэркэ ситистэҕэ. Билигин да тиийэн өссө күүскэ дьарыктаныан саныыр. Дьиҥэр сөбүлүүр бөҕө үөрэҕэ эрээри, араас элбэх сатаан өйдөөбөт да предметтэрэ үгүһэ кыайар. Хайаан барыта кини санаатын хоту буолуой, ол иһин аҥаар кырыытыттан, сирэ-тала сатаабакка, Татыйык дьиҥнээхтик үөрэнэ сатыыр, ис сүрэҕиттэн кыһаллар…
* * *
– Билсиһэн кэбиһиҥ, Марина Петровна, Олег Дмитриевич Тылгыынаптар. Эдэр үлэһиттэр, биирэ – учуутал, иккиһэ – учуонай. Хайа, маамата, хайдах курдук мин маннык астык доҕоттордоох эбиппиний? – куораттыы тартаран саҥарбыт-иҥэрбит үскэл киһи үөрдэ-көттө, тараҕай буолаары гыммыт оройун ытыһынан имэрийэ түһээт, кэтэҕин тарбанна.
Бу Олег бииргэ үлэлиир үөлээннээҕэ Петр Егорович Муннуурап диэн улахан учуонай. Кини төрөөбүт күнүгэр ыҥырыллан ыалдьыттыы кэллилэр. «Маамата» диэбит дьахтара эдэрэ бөҕөккөтө, синньигэһэ биир оннук. Ыксары олорбут кыараҕас ырбаахыта кини ураты хатыҥыр бэйэтин эбии харахха быраҕылыннарар. Олег, итини көрөн, иһигэр олус сөхтө, кини Марината олус чараас, намчы киһи. Оттон бу, сааһын букатын туора киһи сатаан таайыа суох дьахтара, сиэрэ суох хатыҥыр, бүтүннүү уҥуоҕу кытта тириитэ эрэ буолуох айылаах. Ол иһин төбөтө, саатар бүрүчүөскэтэ итинник буоллаҕа ини, саллайан, улахан баҕайы буолан көстөр. Хайдах да гынан, толуу баҕайы Петр Егоровичка дьүөрэтэ суох. Итинник санаатыттан Олег бэйэтэ да соһуйда. «Хаһааҥҥыттан дьахталлары сыныйан, ырыта көрбүт муҥмунуй», – диэн иһигэр кыбыста быһыытыйда, кытарда да быһыылаах. Онтун биллэримээри:
– Баһаалыста, хаһаайкаҕа, эйиэхэ кэмпиэт уонна… бу остуолга анаан ыыһаммыт эти кытта ханньаах, – диэтэ, маны барытын кыайан тутара дуу диэхтии, дьахтар илиитигэр толору ууран биэрдэ.
Кырдьык, онуоха анарааҥҥыта, кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу, мэктиэтигэр иҥнэх гына сыста:
– Тыый, тугун өлгөмөй, махталы кытта! Баһаалыста ааһыҥ, күндү ыалдьыттар, – диэтэ, сиэр быһыытынан хардарда уонна кэһиитин нэһиилэ кууһан куукунатын диэки барда.
Марина Олега дьиэлээх дьахтары дьикти баҕайытык чинчийэ көрбүтүн сыыска түһэрбэтэ. Кини, эриттэн ураты, ис санаата таайарынан, «маамата» ыалдьар быһыылааҕын тута сэрэйдэ. Ол эрээри онтун тоҕо кистии сатаабакка, дьон хараҕар «ууран» биэрэ сылдьарын соччо сөбүлүү сыаналаабата. Дьон араас буоллаҕа, улахан учуонай маанылаах кэргэнин өйө-санаата да атын ини диэн элэҥнэтэ санаат, Марина ити туһунан тута умунна, атын ыалдьыттарга аралдьыйда…
Бырааһынньык киэһэтэ бэрт көрдөөхтүк ааһар чинчилээх. Уһаан остуолга олорботулар, үксүн хас эмэ хостоох дьиэҕэ хаама сылдьан сэлэһии, тугу эрэ булан мөккүһүү, оонньоһуу-хаадьылаһыы оргуйан олордо. Маринаҕа сааһыра барбыт ырыган киһи тугу эрэ маарыыттан кэпсиир да кэпсиир. Арааһа көрүдьүөс бөҕө быһыылаах. Сампааннаах бакаалын туппутунан, дэҥ-дуҥ сиэр быһыытынан сыпсырыйан кэбиһэ-кэбиһэ, Марина ол кэпсэли сэҥээрэр курдук. Кини испэтин Олега билэр. Оттон ол киһи, кини быыкаатык да сыпсырыйдар эрэ, элээрэн барар да, бытыылканы остуолтан ойутан аҕалар, дьахтар бакаалын толорон биэрэ сатыыр. Итини Олег иһигэр сөбүлээбэтэ: «Туох да сиэри билиммэт киһи баар эбит дуу… Марина да тоҕо тохтоппот, сэмэлээбэт бэйэккэтэй…» диэн иккиэннэрин сэмэлии саныыр.
– Олег Дмитриевич, баһаалыста миэхэ көмөлөһүөҥ буолаарай, – оргууй сибигинэйэн «маамата» кэлэн көрдөстө.
Кинилэр куукунаҕа аастылар.
– Петр Егорович аска-үөлгэ сыстаҕаһа суох ээ. Мин… олус сылайдым. Онон, ити ыыһаммыт эппитин эбии кырбаабыт киһи дуу диэммин эйигин көрдөһөөрү ыҥырдым, – диэтэ кини уонна сып-сырдыктык мичээрдээн кэбистэ.
– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, сип-сибилигин, – диэт, Олег бинсээгин уста биэрдэ, ырбаахытын бэлэнньиктэрин сүөрэ охсон ньыппарыммытынан барда.
– Можно просто Марго… – дьахтар эмиэ мичээрдээтэ. – Миигин бука бары итинник ааттыыллар, киһи соһуйара суох, – диэтэ.
– Сөп, Марго. Эппитин мин бысталыам эрээри… ханна уурабытый?
– Эппитин… бу манна, – дии-дии, сип-синньигэс, хап-хачаайы Марго, ыскаабын үөһээ өттүгэр тиийэ сатаан, көтөр оҕотунуу даллаҥнаата да, тиийбэтэ. – Олег… Дмитриевич, итиннэ, үөһэ… селедочница баара, ылан кулу эрэ, – диэтэ.
Олег ыскаап үөһээ өттүн арыйбыта иһит-хомуос толору. Ол быыһыттан ньолбуһах быһыылаах, ортотугар сордоҥ ойуулаах дьоҕус тэриэлкэни сулбу тардан таһаарда.
– Сити-сити… маладьыас баҕайыгын дии. Мин Петюнчикпар эттэххэ, сэттэ да наука учуонайа буоллар, букатын булуо суоҕа этэ! – Марго күлбүтэ, аны, лыҥкынаан иһилиннэ.
– Тоҕо… «сэттэний» науката? – мунаарбытын дьайҕардаары Олег ыйытта.
– Һы-мм-м, оттон, Петюнчик бэйэтин тыла ээ, кини төбөтө сэттэ да науканы батарар кыахтаах…
– Ээ! Инньэ диэ! Оннук да буолуо ээ! Петр Егорович олус талааннаах учуонай, чахчы да кини кыайбата диэн суох буолуохтаах, – Олег, туох туһунан этиллибити, дьэ, долоҕойугар тириэрдэн, дьахтар тугу диирин, син өйдөөтө.
– Баар… баар буолбакка? Кылаабынай науканы кини… баһылыыр кыаҕа суох… – Марго харахтара күлүктэннилэр.
Ити икки ардыгар Олег этин сип-синньигэс гына бысталаата, балыкка да ананнар, синньигэс ньолбуһах быһыылааҕын аанньа, хаһаайка ыйбыт тэриэлкэтигэр кэчигирэччи тэлгэттэ.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.