Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Оттон Татыйык, ыаллара Алаапыстаах Биэрэ, куолуларынан, хотоннорун айаҕар туран тугу куолулуулларын санаатыгар оҥорон көрөн мичээрдиир, саҥа таһааран күлэн да ылар. Биир тылынан, дэриэбинэ уу-нуурал олоҕун, бу үлүгэр кыстыкка киирэр айдаан үгэнигэр Саабынаптар диэн саҥа ыал оҕо күүтэллэрин туһунан сурахтара, бука, кыратык сэргэхсиппит буолуохтаах. Бүттүүн, кыараҕас сир бары дьоно-сэргэтэ манна булгу сыһыаннаахтарын, кыттыгастаахтарын курдук кэлиэхтээх кыра киһи төрөөһүнэ, туһугар, улахан эппиэтинэс буолаары гыммытын Татыйык өйдөөн, иһигэр кистээн үөрбүтэ. Букатын баара биллибэккэ, ханна эрэ ийэ киэлитигэр көстүбэттии, саһа-иҥэ сытар кырачаан киһитигэр туһаайан мичээрдээбитэ уонна сэрэнэн-сэрэнэн иһин түгэҕин имэриммитэ. Кириил төһө эрэ үөрдэ, сибилигин манна, кэргэнин аттыгар, баара буоллар, туох диэн күллэртиэ биллибэтэ.

– Чыычаах курдук киһичээн, биһиги иккиэн үөрэниэхтээхпит. Булгуччу, олус үчүгэйдик уонна… эрдэттэн эрдэ бүтэн иһэрбит буоллар… – диэн төрүүр кэмин суоттаан, Татыйык тута онуоха диэри туолуохтаах былааннарын оҥостубутунан барбыта…

* * *

Олег хаһан да Маринатын кытта маннык наһаа тапсан, тыл быһаҕаһыттан тута өйдөһөн, тугу да гынар түбүктэрэ суох, астыктык сынньаммытын өтөрүнэн өйдөөбөт. Наар үлэтин, ол иннигэр үөрэҕин айдаанынан сиэттэрбит буолан, күн сиригэр онтон ордук уоппуска, сынньалаҥ диэн баарын ситэ өйдөөбөккө сылдьыбыт эбит. Тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри уоппускаҕа кытта үлэлээтэххэ туох эмэ ситиһиллэр диэнинэн салайтарбыт.

Оттон быйыл сайын, ханнык да уоппускатааҕар уратыта диэн, чугастааҕы тыаҕа сайылаабыттара буолар. Чахчы сайылаатылар. Аймахтара сайылыкка буоланнар, дьээбэҕэ буолуо ини, кинилэри туһунан дьиэлээбиттэрэ, титииги кытта, арааран биэрэн, туспа сүөһүлээбиттэрэ. Онон, Тылгыынаптар титииктэрэ диэн ааттанан икки ньирэйдээх икки ынаҕы сай устата ыан, үүтүн-сүөгэйин бэйэлэрэ астаан-үөллээн, урут хаһан да дьарыктамматахтарынан дьарыктанан, бэйэлэрэ да астына соһуйдулар, биллэ сэргэхсийдилэр.

Олег бэртээхэй бостуук, киэһэ-сарсыарда сорук оҥостон сүөһүлэрин үүртэлиир-аҕалталыыр. Инньэ гынан аттынааҕы учаастактары, сир аатын-бэлиэтин барытын ааҕа биллэ. Ону сэргэ өр гыммат, ыамҥа кэлбит ынахтары көрүөх бэтэрээ өттүгэр этэртиир. Бэлэм эмиийи тардыалаан, быыгыначчы үүтү ыаччы – Марина. Сэппэрээтэри эрийээччи – Олег. Былыргы ыарахан баҕайы тутаахтаах эрээри, дьэ, астыырын оҕоккотун көрүөҥ этэ. Сэниэлээх киһи эрийэн дыыгынаттар эрэ, өлгөм илгэ икки салаа сарадаҕынан иһиттэрин толорбутунан барар. Ыам быыһыгар аттынааҕы солооһуҥҥа тахсан дьэдьэннииллэр. Быйылгы курааҥҥа умайан да хааллар, син, көрдөөтөххө, кыраны булуохха сөп эбит. Онтуларын үгэххэ уган куоракка киирэллэригэр хаһаана сыталлар. Сотору кыһыл хаптаҕас буһан, көҥүс кытыытыгар хойуутук үүммүт бөлкөйдөрү биир да суох гына үргээтилэр. Ыраата барбакка, дьиэ таһыттан битэмиин бөҕөтүн хоторбут дьон үөрүүлэрэ кэмнээх буолуо дуо?

– Мантан күһүөрү сугун, моонньоҕон ситиэ, отон да баар буолуо. Оҕолор, эһиги сир астаан баран бараа инигит? – барыларыттан аҕа саастаах Балбаара эмээхсин ыйытар.

– Балбаара, баар-суох учуонайбытын эмиэ тоҕо оҕо диэтиҥ? Сотору, ачыкытын тааһа өссө арыый халыҥаатаҕына, оҕонньор буолуо дии? – дьээбэлээн, ыанньыксыттар күлэллэр.

– Ээ, туох хаппыт да диэҥ! Эдэрдэр буолбат дуо? Миэхэ холоотоххо, барыгыт да бэҕэһээҥҥи бэдинээскилэр! – Балбаара иннин биэрбэт.

– Уоппуска быйыл уһун-уһун, толору манна сынньанабыт, эбээ, – Марина быһаарар. – Сир астыыр сыл аайы кыаллыбат, быйыл баҕас, саатар хааман дьаарбайа таарыйа, кэрийбэхтиир инибит.

Олег онуоха сөбүлэһэр. Чахчы маннык сынньалаҥ барыттан бары аралдьытара дьикти. Бу санаатахха, устудьуоннарга чуҥкук соҕустук тиийэр лиэксийэлэри ааҕан кэҕийбиттээҕэр, сороҕор баҕас, саманнык, эт-хаан илистэрин курдук күүскэ үлэлээбит киһи баар ини. Куорат киһитэ курсуйар диэн маны этэн эрдэхтэрэ: билбитиҥ эрэ – дьиэҥ, тиийбитиҥ эрэ – үлэҥ, айаннаабытыҥ эрэ – оптуобус, кэпсэппитиҥ эрэ – устудьуон. Ол иһин, ол-бу араас буолан, оо, кэбис, буолар да эбит…

Олег ыһыахтааҕы түүнүн, дөрүн-дөрүн, санаан кэлэн кэмсиннэр да, хайыай? Буолбут буоллаҕа… Ол иһин Маринатын сатыырынан маанылыыр, сынньата түһээри барытыгар инники түһэ сатыыр…

Оттон Марина кэргэнин ити болҕомтотун кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн тапталларын иэйиитэ өссө да сөҕүрүйбэтэҕэр балыйар. Мааныланан таалалыыр, сылаас сыһыаҥҥа астына сөтүөлүүр, туохха эмэ уорбалыыр-күтүрүүр туруктан туура ыраах…

* * *

Марго Петюнчига Алма-Ататтан кэлбитэ хас да нэдиэлэ буолла. Эдэр үөлээннээҕэ уоппускатыгар тыалаан хаалан, кини Маргота соҕотоҕун даачатыгар тахсан олорбут. Син мээнэ дьаһаммыт. Арай, сибэккилэригэр уутун кутарын сылааргыыр буолан, Петр Егорович кэлиэҕиттэн бэйэтэ, лиэйкэтин туппутунан, от-мас быыһынан элэгэлдьийэр.

– Петюнчик, оттон арай… оҕо ииттэ ыллахпытына?

– Эмиэ солуута суох буолла… Марго, түксү, хаһан, эн уонна мин ханнык эрэ быыкаа оҕону улаатыннарабыт?! Оннооҕор устудьуоннар тугу да өйдөөбөттөр. Оттон кыра оҕону… боже упаси! Ытыаҕа, ыалдьыаҕа, түүн көрүөххэ, күнүс олоруохха… Оччоҕо хайдах үлэлиибин?

– Мин бэйэм көрүөм дии…

– Бэйэҥ хантан кыайыаххыный, Марго? Ыалдьабын диигин буолбат дуо?

– Оттон арай… бэйэбит оҕолоннохпутуна? Петюнчик?!

– Марго! Хватит, бүттэхпит ол дии… Бэйэ оҕото эбэһээт сиэртибэни эрэйэр… Ол эбэтэр, оҕо дуу, карьера дуу, иккиттэн биирэ буолар. Хайдах да иккиэн тэҥҥэ дьүөрэлэспэттэр!

– Оттон… кими эмэ соруһан, ньээньэ эҥин буллахха?

– Оннук ээ! Ньээньэҥ оҕолообута эн оҕоҥ буолуо үһүө? Уопсайынан, Марго, биһиги сааһырдыбыт… Баҕар урукку сырыыга табыллыбыта буоллар, өссө син даҕаны этэ. Оттон билигин, сааспыт барда, мин кырыйдым, эн эмиэ… сотору сааһырыаҥ. Уопсайынан, мин эйиэхэ, өйдөөх дьахтарга, өрүү этэбин буолбат дуо: эн биһикки ааттарбыт өлбөт үйэлээх кинигэлэрбитигэр эрэ хаалыахтара! Ыраатыма, уһаама-кэҥээмэ! Суруй, тоойуом, саҕалаа эн кинигэтэ! Ол буолуо, эн, кумааҕы баарын тухары, ол аата киһи аймах эстибэтин тухары, өлбөт тыыннаах – аатыҥ-суолуҥ…

– Ким билэр…

– Марго, Маргоша, эйигин ааҕыахтара, олус ааҕыахтара! Оннооҕор мин сэҥээрбитим буолбаат?!

– Петя! Петюнчик! Мин олохпун дьоҥҥо ууран биэрэн кэпсиэхпин баҕарбаппын!

– «Мораль» диэн баар, сэгэриэм! «Мораль» эйигин көмүскүө, ыраастыа, тиһэҕэр тиийэн, итэҕэтиэ, чэпчиэҥ!

– Суох, Петюнчик, мин билбиппин эн наукаҥ ырыппыта да сөп. Түксү. Син биир, этинэн-хаанынан тус бэйэ билбитин суруйуу уратылаах, дьон ортотугар сааппакка, күүскүнэн сыгынньахтаныы кэриэтэ, сэрэйиллэр дьыала. Мин оннук үйэтийиэхпин баҕарбаппын…

– Сэгээр, оттон бэйэҥ ааккынан буолбакка…

– Петя! Өйдөөх киһи эрээригин, эн миигин үйэ-саас тухары сиилээһиҥҥэ, күлүү-элэк оҥостуутугар ууран биэрээри, онон ааппын ааттатаары соруһаҕын дуо? Оччоҕуна быыһаан ылбытыҥ, манна аҕалбытыҥ ол эрэ туһуттан дуо?! Миигин билэҕин, суруйдахпына кырдьыктан туораабаппын, атыннык сатаабаппын син сэрэйэн эрдэҕиҥ! Тоҕо аһыммаккыный, эн? – Марго куолаһа уохтаммыта, устунан титирэстээбитэ.

Петр Егорович, дьэ, өйдөммүттүү, түргэн үлүгэрдик сүүрэн тиийэн кэргэнин кууһан ылбыта, кыра оҕолуу төбөтүттэн имэрийбитэ уонна кулгааҕар сибигинэйбитэ:

– Суох-суох, уоскуй, тоойуом… Акаары учуонайгын баалаама дуу? Суруйума-суруйума… Букатын ханна да быктарыма, мин эрэ билиэм, онтубун бэйэбин кытта илдьэ барыам. Истэҕин, Маргоша, икки атахтаах миигиттэн истиэ диэн саараама даҕаны, сөп?

– Сөп, Петенька, эн эппитиҥ курдук буоллун… Биһиэхэ ким да, туох да наадата суох…

* * *

Олег Дмитриевич Маринатыныын атырдьах ыйын бүтүүтэ эрэ куоракка кэлбиттэрэ. Дьиэни-уоту сууйан-тараан бүтээт, Марина оскуолатыгар үлэлии ойбута. Оттон Олег Дмитриевич күһүҥҥүлээх уонна атын сиртэн көһөн кэлбит устудьуоннарга эбии көмөҕө туруорбуттарын быһыытынан, эмиэ оргууй үлэтигэр тахсыбыта.

Күн солото суох үлэ-үөрэх сылын кэрдиис кэмэ саҕаланнаҕа ити. Күннээҕи түбүктэн ордуу суох. Тылгыынаптар эмиэ урукку хааларыгар киирэн киэһэ эрэ чэйгэ дьүүллээн көрсүһэр аакка бардылар. Ону даҕаны Марина ыксыыра сүрдээх, сарсыҥҥы уруогар булгу тугу эмэ эбии булан, сонун соҕустук ыытар баҕалаах буолан, хаһыаты-сурунаалы хасыһара үксэ бөҕөтө.

Олег тэлэбиисэрин көрөрө эмиэ аччаата. Сотору, солбукка диэн, эбии лиэксийэҕэ туруораннар, күн солото суох барда. Бүгүн Петр Егорович дьиэтигэр ыҥырбытыгар барбата. Марина, кулгааҕын уһугунан ону истэн, дьиибэргээтэ.

– Олег, Петр Егоровичка иккис сырыыгын аккаастаатыҥ дии, тоҕо?

– Ээй, бокуойум суох, доҕор. Саҥа бөлөххө лиэксийэ диэтилэр. Петр Егоровичка бардахпына, бу киэһэм быраһаай буоллаҕа дии…

Итинник, сиирэ-халты аһарынан абыранна. Тоҕо эрэ аны Муннуураптары тумнар санаалаах. Сүрүкэйэ да бэрдин өйдүүр, аккаастыырга табыгаһа суоҕун эмиэ. Ол да буоллар, хайыыр да кыах суох. Марго… мантан инньэ тохтуохтаах. Оттон, тиийэ турар буоллахха, ити быһыы өссө дириҥиир кутталлаах…

* * *

Татыйык ыараханын, билиҥҥитэ, үөрэнэр сиригэр, кыргыттара эҥин билбэттэр. Кыыс көҥөс, этэр да санаата суох. Саҥа дьыл эргин, иһэ биллэ улааттаҕына эрэ, билинэр санаалаах.

Ааспыкка, алтынньы бүтүүтүгэр Кириил кэлэн барбыта. Онно барыларын холбуу тутан, «Север» эрэстэрээҥҥэ илдьибитигэр кыргыттара үөрэн бөҕөлөр. Кириил хаста да кистэлэҥнэрин онно этээри гыммытын Татыйык тохтоппута, сатамматын өйдөппүтэ. Уол ону утарбатаҕа.

– Татыйык, эн наһаа маладьыас кыыскын! Кирилл эйигин таптыыра таһыттан да көстөр! «Молча-молча, а своего отхватила» диэн кураатарбыт эппитин истибитиҥ? – кыргыттара күлэллэр.

– Инньэ диэбитэ дуо? – Татыйык, хата, итини баҕас саҥардыы истэн соһуйар.

– Диэбитэ дии! Өссө хайҕаабыта, үөрэҕэр да киһи астынар, бары үлэҕэ иннинэн сылдьар, арай, эрдэ оҕолонон хаалан мэһэйдэппэтэр эрэ диэбитэ ээ, – туох да уорбата суох кыргыттар кэпсииллэр.

– Ол оҕо тоҕо мэһэйдиэхтээҕий?

– Оттон кини эн Кириилгин, дьонуҥ көрөр кыахтаахтарын эҥин билбэт буоллаҕа дии. Арааһа, иккиэҥҥитин устудьуоннар дии саныыр быһыылаах…

– Ээ… буолуо ини…

Ити да түгэҥҥэ Татыйык кистэлин арыйан биэрбэтэҕэ. Оттон билигин ахсынньы саҕаланан эрэр. Сотору кини чыычааҕа баарын биллэриэ буоллаҕа, улаатан иһэр оҕо Татыйык иһин киэптиэ. Оччоҕо кыргыттара эмиэ һуу-һаа буолуохтаахтар. Онон, эксээмэни эрдэ туттарарга бэлэм кыыс турунан сылдьар, эрдэ-сылла бүтэ охсон дьиэлиэ, онтон Саҥа дьыл кэнниттэн дөөдөллөн киирдэҕинэ, бэйэлэрэ биллиннэр, туох диир эбиттэрин. Итини эмиэ оҥорон көрөн санаан, Татыйык мичээрдээн ылла.

* * *

Саҥа дьыл кэнниттэн Марго балыыһаҕа киирдэ. Улаханнык ыалдьан. Петр Егорович кэргэнэ ыалдьар буолбутун киһи бары билэр буолан, ааранан, аһына санааччылар. Онон, арааһа, дьахтар бу сырыыга чахчы улаханнатан, сытарга сөбүлэһэн, киирдэҕэ. Инньэ гынан Петр Егорович күнэ балыыһанан түмүктэнэр. Булгу баран Марготун билсэр, бүөбэйдиир.

Биир күн Петр Егорович, эрчимнээх баҕайытык тэлэкэччийэн киирэн, хара искэҕи хантан булары сураста.

– Бэрик биэрээри гынныҥ? Итинник аһаҕастык эрэйдилэр дуо? – преподаватель дьахталлар өрө ньамалаһа түстүлэр.

– Суох, доҕоттор. Быраастар оннук аһылык Маргоҕа көмө буолуон сөбүн эттилэр… – диэбитигэр, аны, бука бары ах бардылар.

Хас биирдиилэрэ истэригэр арааһы санаабыттара: пахай, ол аата рак, оччоҕуна өрүттэрэ саарбах диэн сибигинэспиттэрэ… Ким эрэ Петр Егоровиһы ис сүрэҕиттэн аһыммыта, ким эрэ дьахтар кэмигэр төрөөбөккө моһуогурдаҕа диэн тойоннообута, атыттар иэдээн киһини кэрийэриттэн чаҕыйан, саҥата суох барбыттара…

Инньэ гынан Марго сыппыта быданнаата. Петр Егорович бастаан утаа олус айманан баран арыый кэҥэттэ быһыылаах диэн сэрэйэллэр эрэ. Ким да ордук-хос тугу да ыйыппат буола сатыыр. Биллэр дьыаланы баран, кинилэр даҕаны тугунан чэпчэтээри туоһулаһыахтарай.

Сааскы күн чаҕылыйан киһи эрэ нуктуох курдук. Дьон бары өрөйөр-чөрөйөр оннугар, төттөрүтүн, нукаай курдуктар. Бүгүн, лиэксийэҕэ кэлбит устудьуоннар хайа охсубут аҥаардара, олорбут остуолларыгар утуйан хаалбыттарыгар хаһан да быыппастыбат Петр Егорович кыыһыран турбут. Урут да оннук хартыына син баара ини, ону баара киэҥ көҕүстээх, холку майгылаах Петр Егорович курдук киһи тулуйан аҕай, өйдөөн-өйөөн баччаҕа кэллэҕэ. Оттон бүгүн кини улаханнык уордайбыт. Үөлээннээхтэрэ уоскута сатаабыттарыгар нэһиилэ туттунан бэттэх кэллэ.

– Маргом, саатар Маргошам… ыарахан… туруктаах… – эрэ диэтэ уонна хомунан тахсан барда.

Чахчы куһаҕан сонун бэйэтинэн киирэрэ чугаһаабытын өйдөөн, утуйбут устудьуоннары уодьуганныы, кафедра хотуна бэйэтинэн барда. Сотору буолаат төннөн кэлэригэр, били сурах хайы-үйэ иһиллибит этэ, Маргарита Алексеевна Муннуураба суох буолбут үһү диэн төлөпүөннээбиттэрин ити кэмҥэ манна баар дьон истибиттэр. Хаһан даҕаны дьахталлар буоллаҕа, кыраттан даҕаны сэдиптээн, сап саҕанан салҕаан, сороҕор ылҕаан даҕаны, сонуну сонун оҥорооччулар. Ол быыһыгар итинник сибигинэһии аҥаардаах санаа үллэстиитигэр дьиҥ хартыына түҥнэри да эргийэр түгэннэрэ баарын ким мэлдьэһиэй. Ол эрээри бу сырыыга, Петр Егорович курдук аһаҕас, үөрүнньэҥ майгылаах үлэһит, бэриниилээх кэргэнин кэннэ үлэтинэн эрэ үлүһүйбүт улахан учуонай киһиэхэ, төрүөт биэриэх айылаах, туох да дьиэгэ суоҕа эбээт.

Бука бары, профессорга киирэ-тахса куруук сылдьар буоланнар, Маргону бэркэ билэллэрэ, ыалдьытымсаҕын, асчытын, дьиэтин-уотун олус ыраастык уонна аныгылыы, киһи сэргиир гына ураты баҕайытык хомуйа тутарын сэҥээрэллэрэ. Өй-санаа да мааны дьахтара, дьахтары кытта дьахтар, эр киһини кытта эр киһи курдук буолааччы. Кини тосту-туора тугу эмэ гыммыта хаһан да иһиллибэтэ. Ол иһин саныыллара, бэйэтэ учуонай буолуохтаах дьахтар барахсан туохха эрэ олуттаран, хаалан хааллаҕа диэн быһа тойоннууллара.

Арай биирдэ эрэ Петр Егорович итинник сабаҕалааһыннар умайар «уоттарыгар арыыны кутан» эбэн биэрбиттээх. Ол Аармыйа күнүн саҕана этэ, быһыыта. Бука бары чөкө мустан эр дьоннорун айхаллыыр ааттарыгар харда тылы куолутунан кини ылбыта уонна даамаларга кэмпилимиэн киэнэ эриэккэһин этэн-тыынан барбыта. Онно таарыччы саҥа аллайбыта: «Дьахтар сүҥкэн кыахтаах. Мин Маргошабын кинигэтэ суруй диэн үүйэ-хаайа тутарбын буолуммата баар ээ… Онон, кыргыттар уонна даамалар! Эр киһи ситиһии баар буолуон сүрэҕинэн да таайааччы, эһиги биһигини мэлдьи истэр буолуҥ диэн этиэх кэриҥнээхпин!» – диэбитигэр, хайҕаммыттар үөрэ түспүттэрэ, этиллибит тыл дьиҥ иһин дириҥэтэн хасыһан, тутуһан туран ырыта барбатахтара…

– Били… өйдүүгүт дуо… Хас да сыллааҕыта Егорович кэргэнин кинигэ суруйара буоллар, аан дойдуну аймыа этэ диэбитин?

– Оннук-оннук баара дии, арба даҕаны… Биһиги билбэппит элбэҕэ буолуо ээ… Саастарын тухары бииргэ сылдьыбыт дьон мииннэрин билсэн эрдэхтэрэ. Чахчы кыахтаах дьахтар буолан кини быктардаҕа.

– Улахан учуонай улахан доҕоро, улахан хотуна… талааннаах дьахтар ыарыыга былдьаннаҕа…

– Иэдээн, Петр Егорович букатын киниэхэ эрэ бигэммит киһи ээ… Дьэ, аны хайдах буолаахтыыр…

Отур-ботур кэпсэтии, быдан ыраахха аттаммыт киһини тардына соҕус аһыйыы тыллара кутурҕан киирэн кэлбитин курус бэлиэтэ этэ. Олег, паарата бүтэн, манна түбэһэ киирэн, итинтэн олус соһуйбута. Чахчы, улахан кистэлэҥи, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, илдьэ хаалбыт киһи кини буоларын быһыытынан, эмиэ да чаҕыйа, эмиэ да олох сокуона сүрдээҕиттэн, кытаанаҕыттан уолуһуйа быһыытыйбыта. Үлэтин дьоно бука бары Петр Егоровиһы күүскэ өйөөбүттэрэ. Кэргэнин тиһэх суолугар көмөлөөн дьаһайсыбыттара, уоскута сатаан араастаан дьуһуурустубалаатылар эҥин, онтон, кинини соҕотохтуу дьиэтигэр-уотугар хаалларымаары, саатар кылгас кэмҥэ сынньата, таарыйа эмтии диэн бэйэтин балыыһаҕа киллэрдилэр.

Олег Дмитриевич күннэтэ Петр Егоровичка тиийэ турар. Сорудах эрэ күүһүнэн буолбакка, хайдах эрэ иэстээх да курдук тууйуллар санаата батарбат. Хата, сааһырдар да, учуонай эр киһи син бэйэтин кыаммыта, Марготун аһыыта алыс айгыраппакка эрэ, кини бэттэх кэлбитэ. Ити тухары, кытаанаҕын көр, биир да тылынан, оннооҕор Олегка кэргэнин кистэлэҥин туһунан тугу да быктарбата.

Итини Олег сөбүлээтэ. Петр Егорович чахчы Марготун харыстаатаҕа, син биир сөбүлээн-аһынан дьэбэрэттэн тахсарыгар көмө буолан, тэҥник туппут буолан баччааҥҥа тиийэ олордохторо. Ол – кини дьылҕата. Дьылҕа араас ытылҕанын сиэрдээхтик уйбут уонна уйан илдьэ сылдьар аҕа саастаах үөлээннээҕин Петр Егоровиһы ытыктыыра өссө күүһүрдэ…

* * *

Татыйык били Саҥа дьылга барбыта дии? Ол барыан иннинэ, быраас ыспыраапкатынан, чып кистэлэҥинэн, үөрэҕэр холкутук сылдьарга, деканакка бирикээс таһаартаран, көҥүл ылбыта. Ол иһин олунньу саҥатыгар биирдэ кэлбитэ. Арай, хоһугар таҥкынаан киирбитигэр, киэһээҥҥилэрин аһыы олорбут кыргыттара хара-чачайа сыспыттара. Кинилэр иннилэригэр, саҥа кип-киэҥ сонноох, ханнык эрэ көнтөрүк баҕайы дьахтар баар буолбута. Ол Татыйык этэ. Онтон соһуйан уой-аай бөҕө буолбуттара, балачча бөкүнүйбүт кыыстарын эргитэ сылдьан көрбүттэрэ. Кириил, кэргэнин тиэрдээт, төттөрү айанныыр аакка барбыта.

– Хотуой? Бу туох ааттааҕынан мааныланан маннык үлүгэр уойдуҥ? – этэн көрө-көрө, күлүү оргуйан олорбута.

– Арааһа Саҥа дьыллааҕы арбуһун бэйэтэ ыйыстыбыт! Бэйи эрэ, биһиги барахсаттар хайдах маны эрдэттэн билбэтэхпитий, ээ?! – дэһии ити киэһэнэн намыраабыта.

Татыйык аа-дьуо үөрэнэн барбыта, өр гымматаҕа, барыларын ситэ баттаабыта. Итэҕэһи-быһаҕаһы дьаһана охсон, үөрэҕин кимиилээхтик ылсыбыта. Сорох сороҕун преподавателлэртэн быһа көрдөһөн бэриэт ылан кэниспиэктэнэн, сааскы эксээмэннэргэ бэйэтэ оргууй бэлэмнэнэн барбыта. Кини кулун тутарга быыһанарыгар Кириилэ баар буолуохтааҕын кыргыттар сэҥээрэ истибиттэрэ. Уоппускалаах уол, кэллэҕинэ, били мантан тэйиччи да буоллар, аймах оҕонньорго дьукаахтаһыахтаахтарын кэпсэтэн бүппүт эбит. Онон, барыта былаан быһыытынан, орун-оннугар курдук. Арай, дьүөгэ кыргыттар, талыы киирэн татакалатар түгэнигэр Татыйыкка көмө буоларга наадалаах устурууксуйаны күтүөттэн эмиэ ылан тураллар.

Итинник этэҥҥэ быр бааччы олордулар. Кулун тутар ый бүтүүтэ, биир сарсыарда Татыйык үөрэҕэр хойутуу тиийиэм диэн сытан хаалла. Киэһэ кыргыттар кэлбиттэрэ, киһилэрин онно оҥос, миэстэтэ мэлис. Ол оннугар остуолга сурук сытар. «Кыргыттар, ыарыйдым. «Скорайы» күүтэбин. Вахтаҕа эрийиэм, күүтээриҥ. 10 ч. 15 мүн.» диэбит. Хостоохтор өрө аймана түстүлэр. Ити аата сарсыарда үөрэҕэр ыалдьан барбатах, онтун ситэри эппэтэх диэн мөҥүтүннүлэр. Ким эрэ вахтаҕа сүүрдэ. Ким эрэ ыаллара хосторго тугу эмэ сибикилээри ыстанна. Тиһэҕэр, туох да сонуна суох төттөрү суккураһан киирдилэр. Чэйдээри тэриннилэр. Ааны ким эрэ тоҥсуйда.

– Аллара, төлөпүөҥҥэ ыҥыраллар, ким эмэ түһэр үһүгүт, – диэн, илдьиккэ кэлбит сирэйин да көрдөрбөккө туран, аан кэтэҕиттэн иһитиннэрдэ.

Муокка ыстанна ээ. Сотору төннөн кэлэн иһитиннэрдэ, Татыйык оҕоломмут. Үчүгэй үһү. Сарсыарда, мантан тиийээт, 12 чаас эргин быыһаммыта эрэ баар буолбут! Итинник сонуннаах үөрэ-көтө олордохторуна, били маарыын аймаабыт ыаллара кыргыттар киирэн сурастылар, эҕэрдэлээтилэр.

– Хайа, оттон оҕоҕут кыыс дуу, уол дуу?

Муокка чэйигэр чачайа сыста. Кырдьыга даҕаны! Ким билиэй? Үчүгэй да үчүгэй дэһии быыһыгар, ыксалынан кэпсэтиигэ, хата, букатын да өйдөөн итини эрэ чуолкайдаабатах. Онон сарсын эрэ билэргэ тиийдилэр…

* * *

Татыйык, кырдьык, ыҥырбыт «Скорайа» бэркэ кэлэн, быраастара холку бэйэлээхтик илдьэн балыыһатыгар туттарбыттара эрэ кэрэх. Омуннаан эттэххэ, уот абытай ыарыыта, татакайа-мэтэкэйэ, сытыахтаах оронугар тиийиитэ тута саҕаламмата дуо. Онон, хантан сыта сылдьыай, аҕыйахта хаамаатын, өрүсүһэн, түргэн үлүгэрдик төрүүр хоско үҥүлүппүттэрэ. Өр гымматаҕа, кыыс оҕо кылбас гынна диэн астыммыт акушерка биллэрбитэ.

Онон, бу киэһэ манна, төрөөбүт дьахтар элбэҕин быһыытынан, сытан эр диэн, реанимацияҕа босхоломмут куойкаҕа киллэрбиттэрэ. Палаатаҕа соҕотох. Дьуһуурунай быраастар ыарахан туруктаах дьахтар суоҕуттан эмиэ холкулар. Киирэ-тахса ону-маны сэһэргэһэн ааһаллар. Этэҥҥэ быыһаммыт Татыйык тура сүүрбүтэ хас да чаас буолла. Таарыччы кыргыттарыгар субу манна турар төлөпүөнтэн эрийэн биллэрдэ. Ол иннинэ оннооҕор дойдутугар эрийэрин көҥүллээбиттэрэ.

– Олус истигэн дьахтары бириэмийэлиибит, кылбардык быыһаммыт, доруобай кыыһы төрөппүт манньаҕар, төлөпүөнүнэн тыаҕа биирдэ эрийэ сылдьаргын көҥүллүүбүт, – диэн дьиҥнээх укаас курдук, уһуннук да уһуннук эргитэн этэн, үөрдүбүттэрэ аҕай.

Онто баара, хаһан да сибээс суоҕа буоллаҕа, ийэтэ туруупканы ылбытыгар, быыс булан, хата: «Ийээ, этэҥҥэ быыһанным, барыта үчүгэй», – эрэ диэн хаалбыта. Бүттэҕэ ол, сибээстэрэ онон быстыбыта. Кылаабынайа, кини төрөөбүтүн иһиттэхтэрэ. Кириил төһө эрэ үөрэн сэгэйдэ, маҥан тиистэрэ кэчигирээтэ…

Оҕолонор диэн судургутуттан, баччааҥҥа диэри илдьэ сылдьыбыт таһаҕаһа кыып-кыра оҕо буолан мөкүнүс гыммыта дьиктититтэн, бэйэтэ да соһуйан эрэ хаалбыт эдэр ийэ – Татыйык арааһы эргитэ саныы сыппыта.

Эмискэ, палаата аана талыгыр гына аһылынна да, катаалка ороҥҥо сытар кубархай хааннаах дьахтары анньан киллэрдилэр. Сэрэнэн тутан, маннааҕы ороҥҥо сытыардылар. Икки илиитин тымырдарыгар холбоммут элбэх боруобаттарын арааран бэрээдэктээтилэр. Кинини кытта дьуһуурунай сиэстэрэ хаалыста. Быраастар биир-биир киирэн көрөн-истэн, тугу эрэ саҥата суох букунаһан киирэн бардылар. Күп-күөх курдук уостаах, кубаҕай сирэйдээх хатыҥыр дьахтар мунна кырыыланан, киһи куттаныах курдук көрүҥнээх. Биир илиитинэн хааны куталлар, иккиһигэр эмиэ систиэмэ хааппылалара тохтоло суох таммалыыр. Сотору-сотору кэлэн иһиллииллэр.

– Тыый, ити хайдах буолбутуй, – Татыйык оргууй ыйытар.

– «Кесарево сечение» кэнниттэн… Итинник буолааччылар. Сарсын туруга арыый да тупсуо. Куттанаҕын дуо? – сиэстэрэ кыыс ыйытар.

– Һуох даҕаны, хайдах эрэ ээ…

– Анараа, төрөөбүттэргэ миэстэ суох ээ, көрүдүөр кытта толору, онтон атын син ол диэки барыаҥ эбитэ ини. Хайыаҥый, биир-икки түүнү тулуйарга тиийэр буоллаҕыҥ, – сиэстэрэ кыыс укуолун туруорарын быыһыгар уоскутар.

– Бу маннык сытан… истибэт дуо, эйигин?

– Суох, билигин кини утуйа сытар. Өссө да уһуннук утуйуо, сарсыарда диэки өйдөнүө.

– Оччоҕо тугу саҥара сатыырый?

– Оттон, түһүүр курдук үлүгүнэйэр быһыыта. Итинник буолар, наркозтан тахса илик, ол иһин.

– Ээ…

Татыйык, дьулаан көстүүттэн дьиксинэн, кирийэн хаалла, устунан утуйар аакка барда.

Сарсыарда уһуктубута, быраас бөҕө. Бука бары анараа дьахтары төгүрүйэн тураллар. Холбоммут аппарааттарын эҥин кыҥастаһаллар. Кэпсэтэллэр. Дьахтар тугу эрэ хардары саҥарар быһыылаах. Татыйык син бэттэх эбит диэн иһигэр дэлби үөрдэ. Кини диэки хайыһан да көрбөккө быраастара тахса турдулар. Сөп ээ, ханнык ыарыһах ханна баарын чопчу билэр буоллахтара дии.

Татыйыкка бэйэтин бырааһа киирэ сырытта. Сотору оҕотун эмнэрэ аҕалалларын эттэ. Онуоха бэлэмнэнэн кыыс түбүгүрэн барда. Ытаан бэбээрбит, бэрт айдааннаах киһичээни көтөхпүтүнэн саастаах санитарка киирэн кэллэ:

– Саввинова диэн эн дуо? Кырасаабыссаҥ эйигин антах көрдөөн араллаан бөҕөтүн тарта. Хата, бу баар эбиккин, буллубут ээ, – диэтэ.

Татыйык кыыһын, туох баар этиллибити-үөрэтиллибити тутуһан туран, эмтэрэ сатаата. Кыысчаан диэҕи, эмиэ да уол курдук, быры-быллаҕар оҕо барахсан, соппойо сатаан, кыыһырда быһыылаах, эмиэ ытаата. Онон, икки өттүттэн сыралаһан-сыралаһан бастакы аһааһын син табылынна быһыылаах. Сылайбыт оҕо утуйан буккураан хаалла.

– Эн оҕоҥ кыыс эбит дуу? – саҥа хоту эргиллибитэ, били бэҕэһээ ыкса киэһэ эпэрээссийэлэммит дьахтар оронугар олорбут.

– Кыыс.

– Эн эмиэ «кесарево» дуо?

– Суох, төрөөбүттэргэ миэстэ суох буолан манна аҕалбыттара.

– Ээ, оннук эбит дуу…

– Эн, хайдаххыный? – Татыйык итиччэ кэпсэтэ сатыыр киһиэхэ эмиэ чугаһыырга сананна.

– Ээ, оттон… ханнык эмэ ини… Мин оҕом эмиэ кыыс үһү. Хаарыаны, көрбүт киһи…

– Хайа, сотору аҕалыахтара буоллаҕа дии.

– Суох, кини тумнастыбыт, онон… көрүөм да саарбах.

– Тоҕо инньэ диигиний? Арыый гыныахтара да, аҕалыахтара буолбат дуо? – Татыйык дьиктиргээтэ.

– Эн кэргэннээххин дуо? – инники ыйытыыга хардара сатаабакка дьахтар утары ыйытта.

– Баар, – Татыйык Кириилин санаан күлүм аллайда.

– Бу… бастакы оҕоҕут?

– Биһиги Кирииллиин былырыын ыал буолбуппут.

– Эн маннааҕыгын дуу, тыаҕын дуу?

– Тыабын эрээри, манна үөрэнэбин. Сотору паапабыт уоппускатыгар кэлиэ, оччоҕуна сайын мин бүтүөхпэр диэри аймахпытыгар бары бииргэ олоруохпут. Эбээлээх эһээбитигэр үс ыйдаах кырасаабысса кыыстааах тиийиэхпит, – Татыйык, оҕотун имэрийэ-имэрийэ, кэпсиир.

– Дьонуҥ төрөөбүккүн иһиттэхтэрэ диэ… Төһө эрэ үөрдүлэр? – дьахтар син биир токкоолоһор да токкоолоһор.

– Бэҕэһээ эрийэ сатаабытым да, биһиги диэки сибээс куһаҕан, төрөөтүм диэппин кытта быстан хаалбыта. Онон, ийэм сиэннэрэ кыыс дуу, уол дуу буоларын истибэккэ да хаалбыта, – Татыйык күлэр.

– Оттон маннааҕы дьонуҥ? Иһиттилэр ини?

– Суох, манна кырдьаҕас аймахтаахпыт. Онно эппэтэҕим буоллаҕа. Оттон уопсайым кыргыттарыгар эмиэ өйдөөн, уой-аай да буолан, ситэри быһааран эппэтим быһыылаах… Уопсайынан, күлүүлээх баҕайытык төлөпүөннэстим быһыылаах, анекдот буолара буолуо, – Татыйык, оҕотун хам кууһан ыла-ыла, ис-иһиттэн күлэр.

– Аатыҥ ким диэний?

– Татыйыкпын…

– Сахалыы ааттаах эбиккин. Кыыскын ким диэн ааттыаххыный?

– Кириил уолу ааттыахтаах этэ, мин – кыыһы. Онон, арааһа, эбэм аатынан Марина диирим дуу. Ийэм, өссө биир кыыстааҕым буоллар ийэм аатын биэриэх киһи диэччи. Бэйэтэ кэнники кыайан эбии оҕоломмотох. Ол көрбөтөх эбээм туһунан наһаа элбэх үчүгэйи кэпсээччи. Итиэннэ паапабыт Кирилл диэн дии, Марина Кирилловна буолара иһиллэригэр эмиэ дьүөрэ курдук. Ийэм үөрүө буолуо.

– Кырдьык, наһаа үчүгэй аат дии. Марина Кирилловна, Маргарита Кирилловна…

– Тоҕо? Маргарита буолбатах, Марина Кирилловна диэн буолабыт…

Ити икки ардыгар санитарка кэлэн Татыйык кыыһын ылан барда. Дьахтар, сылайбыт быһыылаах, орон атаҕар баайыллыбыт быанан нэһиилэ тутуһан, оргууй аҕай сытынан кэбистэ. Балачча оннук чуумпуран баран эмиэ салҕаата:

– Татыйык, мин этэрбин истиэҥ буолаарай?

– Тугуй? Туох эмэ наада дуо?

– Суох, туох да наадата суох. Таах, иһит эрэ. Мин кыайан өрүттүбэппин билэбин, эмтэммэт ыарахан ыарыылаахпын. Ол туһунан бэйэм да, кэргэним да, быраастар да бэркэ билэллэр. Баҕар, үтүөрэ сатыам дуу диэн оҕолоно сатаатым да, ыарыы кыайда. Бэҕэһээ кыыс оҕону… төрөтүөм дуо, эпэрээссийэлээн ыллылар, этэҥҥэ буолуо дииллэр. Ол оннугар мин мантан туруом саарбах. Кэргэним улахан учуонай, бэйэтэ оҕо курдук. Иккиэн, тулаайах буоламмыт, киммит да суох. Онон, мин бу быыһанар суолу көрдөөн, үүт-хайаҕас була сатаан, төрөппүтүм эрээри… оҕом детдомҥа эрэ барар дьылҕалаах. Оннук эрэйи мин киниэхэ баҕарбаппын. Кыайан ииппэт, улаатыннарбат буолуохпун билэ-билэ, күүспүнэн төрөппүппэр кини иннигэр буруйдаах курдукпун. Онон, ийэ олоҕун бүтэһик чааһыгар диэри санаата оҕотугар диэччилэр. Мин эмиэ оннук гынаары гынабын… Эн эдэргин, чэгиэҥҥин, кэргэннээххин, син биир киһи төрдө буолуоҥ. Көрдөһөбүн, мин оҕобун ыл… уонна кыыскын кытта холбуу тутан бииргэ улаатыннар…

– Мин… кэбис… итиниэхэ сөбүлэммэппин, – соһуйбут омунугар дөйө сыспыт Татыйык, саҥатыттан матан олорбохтоото, туох да диэн булбата.

Субу кэпсэтэ сыттахтарына киирбит сиэстэрэни кинилэр өйдөөн да көрбөтөхтөр. Анарааҥҥылара көхсүнэн туран тугу эрэ гынарын гынар быһыылаах да, тоҕо эрэ бэрт өр букунаста. Татыйык сыыһа көрбөтөх буоллаҕына, сиэстэрэ хайдах эрэ ытыһын көхсүнэн хараҕын ньухханар курдук…

– Татыйык, эн эдэргин, кыахтааххын, олоҕуҥ барыта иннигэр. Дьоло суох биир дьахтар дьылҕатыгар кыттыспыт үтүөҕэр, киниэхэ бүтэһик чааһыгар улахан үөрүүнү бэлэхтээн эрэл кыымын сахпыккар, оҕотун таптаан атаҕар туруорбуккар, сааһыҥ тухары таҥара махтаныа, уон оччонон кыһалҕаҕын быһаарыа, тыыннааххыт тухары барыгытын араҥаччылыа… – дьахтар куолаһа титирэстээтэ, Татыйык эмиэ уйадыйда.

– Сиэстэрэ барахсан, эн эмиэ дьахтаргын эбээт, эмиэ ийэ буолуоҥ дии, этиий, миэхэ көмөлөһүүй, кырдьыгы этэбин буолбат дуо, мин?! – дьахтар ааттаһан айманна…

– Саввинова, кини этэрэ кырдьык… – кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан, көхсүнэн турарын кубулуппакка эрэ, сиэстэрэ бигэргэттэ.

– Татыйык, бэйэҥ кэпсээтиҥ, оннооҕор ийэҕэр оҕоҥ туһунан тугу да эппэккэ хаалбыккын. Ким да билэ илик. Ол, арааһа, дьылҕа оҥоһуута буолуо. Туох буолуой, игирэ кыргыттарданным диэ ээ. Иккиэн биир күн төрөөтүлэр буолбат дуо? Оттон кыратык маарыннаспаттара… туох буолуой… Булгу биир дьүһүннээх буолуохтаахтар диэн буолбатах ээ…

– Оннук, игирэ оҕото барыта биир буолбат, икки өттүттэн ийэлээх-аҕалаах, элбэх уруулаах дьон… кими баҕар батыахтарын сөп, – сиэстэрэ кыттыста, бэттэх хайыста, кытаран хаалбыт хараҕын баата томпуонунан саҥата суох сотунна.

– Татыйык, ээх диэ… Көрдөһөбүн, көмөлөс, оҕобун ылан киһи гын дуу…

– Оттон… докумуона табыллыа суоҕа дии, – сатала суох да буоллар, саатар, итинэн олуйуум дии санаан, кыыс аатыгар эрэ хардарда.

– Докумуону оҥоруохтара, мин көрдөһүөм… Быстан эрэр киһи тиһэх көрдөһүүтүн, ама, ким аккаастаатаҕай… – диэтэ уонна «һуу» диэбиттии налыс гынна.

– Оттон оччоҕо, оҕоҥ аатын ким диигиний?

– Ээ… эппэтим дуо? Маргарита диэр, Маргарита Кирилловна, эдьиийигэр Марина Кирилловнаҕа маарыннаатын ээ… Бииргэ эйэлээхтик улааттыннар. Махтанабын, Татыйык. Мин… утуйан ылыым, уонна, турдахпына бэйэм олохпуттан наадалааҕын эйиэхэ кэпсиэм…

Татыйык, итинтэн соһуйан, туохха түбэспитин ситэ өйдөөбөккө уолуһуйан да хаалан, саҥардыы киирэн эрэр үүтэ төннө сыспыта. Хата, дьолго, били туоһу курдук буолбут ол күн симиэнэлээх сиэстэрэ кыыс барахсан көмөлөспүтэ. Тимир-тамыр курдук туттан, сытар дьахтар көрбөтүнэн араастаан имнэнэн, түргэнник өйүн булларбыта. Быыс булан кыыһы палаататтан ыҥыран таһааран, көрүдүөр уһугар туран эрэ, ыксал үлүгэрдик сибис гыммыта. Бу дьахтар этэрэ кырдьыгын, оҕотун киниэхэ аҕалбаттарын уонна эпэрээссийэтин иннигэр кини аккаас кумааҕытын хайыы-үйэ толорбутун туһунан сибигинэйбитэ. Оҕо эрэйдээх «Малюткаҕа», онтон салгыы детдомҥа барар эрэ кыахтаах. Ким эрэннэриэй, кинини булгу ким эрэ иитэ ылан киһи оҥоруо диэн? Буолуо даҕаны, буолумуо даҕаны буолбаат?!

Оттон ол «Малютка» оруобуна Татыйык олорор куорпуһугар, кини хоһун түннүгүн анныгар турар. Саас ити тэрилтэ, салгылатаары ини, түннүктэрин тэлэччи астаҕына, иһирдьэ сытаахтыыр кыһыл оҕолор «ыҥаа-ыҥаа» дии-дии, ытаһар саҥалара чыычаах үөрэ мустан тугу эрэ былдьаспыттарын санатара. Онтон ыла кыргыттар итиннэ «Малютка» баарын билбиттэрэ ээ… Өскө бу кини кыыһын кытта биир күн төрөөбүт атын кыыс эрэйдээҕи кини ылбатаҕына… син биир, аны, олорор түннүгүн аннынан ытаан бэбээрэн, кини сүрэҕин тулутуо да биллибэт эбит. Онон, хайыыра буолла…

Бэйэтэ уһаабат буолбут дьылҕалаах дьахтарга көмөлөһө сатыыр наадатын, итинтэн сылтаан, Татыйык сиэрдээхтик өйдөөбүтэ.

* * *

Татыйык оҕоломмута үһүс күнүгэр Кириилэ тирилэтэн тиийэн кэлбитэ. Субу аҕа буолбут эдэр киһи үөрүүтэ баһаама. Буолаары буолан киниэхэ Татыйыга икки игирэ кыыһы бэлэхтээн соһутта эбээт! Сонно тута соһуччу сурах ыраах баар дэриэбинэни тилийэ көппүтэ. Саастаах өттө, табахтарын тарда-тарда, уота-күөһэ бүтүөр диэри төрдүлэрин-уустарын ырытан ырааппыттара. Хасыһан да туһа суох. Өлөөнчүк икки, Тиит икки өбүгэлэригэр, хайа да өттүттэн, өтөрүнэн игирэлээх баарын бу диэн билбэтэхтэрэ. Онон, быһата, дьиэ иһинэн бэйэлэрэ сатыылларынан быһаарбыттара, ол аата күтүөт уолун төрдө игирэлээх, биитэр Өлөөнчүк барахсан Татыйыгыттан ордугу оҕоломмотоҕун аайы Айыы Сээн аһыннаҕа, боссоон икки кыыһы тэҥинэн биэрдэҕэ дэспиттэрэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации