Электронная библиотека » Евдокия Иринцеева » » онлайн чтение - страница 3

Текст книги "Буолар да эбит"


  • Текст добавлен: 9 мая 2024, 12:40


Автор книги: Евдокия Иринцеева


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 19 страниц)

Шрифт:
- 100% +

– Ол ханнык науканый? – илиитин сууна туран кини хардары ыйытта.

– Дьахтары сатаан дьоллуур наука баарын биир да эр киһи билбэ-эт, билэ да сатаабат! Киниэхэ таптыыр науката баар буолла да бүттэҕэ о-ол… – диэт, үрдүк хобулугар холкутук дугунан, тоҕо эрэ бу сырыыга сымса баҕайытык туттан, куукунатыттан тахсан барда.

Баччааҥҥа диэри сэниэтэ суоҕунан унаарыччы кө-рөн, нэһиилэ сибигинэйэ былаастаан саҥарар курдук Марго эмискэ уларыйбытыттан соһуйан Олег, инчэҕэй илиитин куурдаары соттор булбакка, кыраанын таһыгар туран хаалла…

Ити билсиһии бастакы киэһэтэ этэ. Мантан ыла Петр Егорович бырааһынньык аайы уонна олоҕор туох эмиэ бэлиэ түгэн таҕыстар эрэ кинилэри дьиэтигэр ыҥыртыыр буолбута. Ардыгар Олегы бэйэтин эрэ, сороҕор, сөптөөх соҕус түгэҥҥэ диэн сөбүлэстэҕинэ, Марина да кэлсээччи. Ол эрээри учуутал киһиэхэ чуҥкук соҕус кэпсэтиилээх итинник түмсүүлэри кэнникинэн кини сэҥээрбэт-сөбүлээбэт буолан үксүн аккаастанар. Оттон Олег барбата сатаммата, Петр Егоровичтыын кини олус сылаас сыһыаннамматаллар да, бу дьиэ тугунан эрэ кинини угуйар буолан барбыта…

Ол төрүөтэ, арааһа, Марго быһыылааҕа. Олег, хас кэллэҕин аайы, бу боростуой курдук эрээри, ыарыһах уонна олус элбэҕи бэрсиэх айылаах билиилээх дьахтарга убанан испитэ. Туга ыалдьара биллибэт Марго, ардыгар санаарҕабыл саарыстыбатыттан тахсыа суох курдук саппаҕыран көрсөрө. Сороҕор, сууламмыт саал былаатын быыһыттан күн сардаҥата чаҕылыс гыммытыныы, күлүм аллайан көрсөрө.

Итини барытын Олег соһуйа кэтиирэ. Арай Петр Егорович наадыйбата, этиэхтээҕин-кэпсиэхтээҕин ыһа-тоҕо суһаллык дакылааттыы охсоот, кэбиниэтигэр киирэн кирийэн хаалара. Итини Олег эмиэ сатаан өйдөөбөтө, онтуката баара, Петр Егорович ыкса киэһэттэн түүн хойукка диэри, туран көрбөккө, үлэлиир кэмэ эбит. Ол иһин аата-ахсаана биллибэт дакылааттара, монографиялара сурунаалга да, анал литератураҕа да, быыстала суох тиһиллэн истэхтэрэ.

– Петюнчик – фанат. Кинини туох да долгуппат. Кини мин доруобуйабын да улахаҥҥа уурбат буолбатах, таах, тириэрдэн өйдүү илик ээ, – санньыар кууспут Маргота, төрүт да кэргэнин буруйдуур санаата суох, оргууй сыыйан сонньуйар.

– Оттон этиэххин?

– Этиэххин?! Ха-ха! Петя сэттэ наукатын ахсааныгар доруобуйа харыстабыла киирбэт! Ол иһин кини ону өйдүүр кыаҕа суох…

– Марго, эн… эмтэниэххин? Дьоҥҥор этиэххин? Тугуҥ ыалдьарый?

– Һы! Тугум да ыалдьыбат… Дьоммор? Мин дьонум суох. Истиэххин тиэтэйдэххинэ, мин… саха да буолбатахпын.

– Ээ? Эс, ама хайаан…

Марго эмиэ лыҥкыначчы күлэр.

– Уопсайынан маннык, Олег. Эн миэхэ тылгын аҕал. Көмөлөһүөм диэн эрэннэрэҕин? Оччоҕо мин кимиэхэ да маарыннаабат уонна кимиэхэ да быктарбатах остуоруйабын эйиэхэ эрэ анаан кэпсиим…

Кырдьык, мин саха буолбатахпын. Омукпунан, кумааҕыга суруллубутунан, казахпын. Дьиҥэр, ол да саарбах ээ. Биир тылынан, азиат оҕотун булан аҕалан детдомҥа туттарбыттар. Ийэм да, аҕам да кимнээхтэрэ төрүкү биллибэтэҕэ, көрдүүргэ да уустук, хантан тугу булуоххунуй? Онон мин Алма-Атаҕа улааппытым. Оҕо дьиэтэ араастаах. Үчүгэй да баар, соччото да суох. Ол эрээри ону ырыппаппын.

Мин детдом кэнниттэн иис үөрэҕэр үөрэнэ киирбитим. Орто идэлэнэн, үлэһит буолбутум. Дьиҥэр, ити детдоммут училищены кытта дуогабарынан ылбыттара. Мин учуутал эбэтэр быраас буолуохпун баҕарарым. Үөрэхпэр куһаҕана суох этим да, ол хаһан да бастакы миэстэҕэ турбатаҕа. Детдомнар бука барыларын дьылҕата биир кырапаанан кумааҕыга ыйыллыбыт этэ: кыргыттар иискэ, аска сыстыахтаахтара, уолаттар ол-бу тутааччы, силиэсэр, собуот оробуочайа эҥин…

Итинник, кыһамньылаах судаарыстыба аатыттан, сокуон быһаарбытынан дьылҕаланан, үлэлэнэн, тулаайаҕым иһин биэрбит саарбах соҕус хааччыллыылаах уопсайдарыгар олорон, үлэлээн испитим. Онтон, өлүөх быатыгар, эдэр саас романтикатыгар оҕустаран таптаабытым, узбек уолунуун холбоһоору гыммыппытын кини кыахтаах, төрүттээх-уустаах дьоно туорайдаспыттара.

Салгыы… табыллыбатах таптал, ытааһын-соҥооһун, бэйэҕэ тиийинэ сатааһын, онтон сылтаан арыгы, үлэттэн барыы, түбэһиэх доҕоттору кытта итэҕэйсии, дьүөгэлэр таҥнарыылара… Быһата, дьэбэрэҕэ түһүү, атыыланыы, аһыыр туһуттан быстахха, кимиэхэ баҕарар сөбүлэнии, бэйэни сэнэнии, саамай ынырыга, эдэркээн сааска инники олоххо туох баар эрэли барытын сүтэрии…

Ити кэмҥэ эдэр учуонай буолаары сылдьар уол оҕото Петя түбэһэ түһэр. Хайдах диэ. Кини «социологическай опрос» диэнигэр милииссийэни, гостиницалары кытта биллибэтинэн син биир баар бордель-притон курдуктары кэрийтэлиир, чинчийэр түбүктээх. Науката ирдиир буоллаҕа эбээт. Биһигини, ол аата түүҥҥү лыаҕы санатар дьэбэрэ дьарыктаах кыргыттары кытта бүппэт бэсиэдэлэрэ, ырытыһыылара саҕаланар. Кырдьыга даҕаны, ким онуоха сөп диэн сөбүлэниэй, иннинэн буолан дьиҥнээх чахчыны этэн биэриэй? Ити ханна баҕарар хомуллубут-тиһиллибит чинчийиилэр дааннайдара барыта икки өрүттээх, үксэ быһа холуйан, сымыйа! Оттон Петя киэнэ – дьиҥнээх. Тоҕо диэтэр, мин… кинини тугун эрэ сөбүлээн, баҕар, баччаҕа кэлиэм өппүтэ буолуо, биир тылынан баҕа өттүбүнэн көмөлөспүтүм. Кини миэхэ эмиэ көмө буолбута, харчылаабыта, аһаппыта, утуппута, сылаастаабатаҕым өр да буолаахтаабыт сордоох олус да сынньаммытым…

Ити, кини наукатын туһугар бодоруһуубут түмүгэр, мин эрэ-эмискэ сахалыы үөрэтэн барбытым. Казахтыы тылы истэ улааппыт буолан маарыннатан, букатын ыарырҕаппатаҕым. Кини онтон соһуйбута. Олус соһуйбута. Онуоха эрэ кэлэн, мин дьоҕурдаахпын, киһилии эбитим буоллар, мин эмиэ «наукаланыахпын» сөбө хаалбытын, син өйдөөбүтэ ээ. Аһыммыта быһыылааҕа. Уонна оччолорго эдэрэ, чиэһинэйэ сыттаҕа.

Петя оҥорбут үлэтин олус сөхпүттэрэ, үрдүктүк сыаналаабыттара. Тоҕо диэтэххэ, ханна да, ким да, хаһан да булбатах чахчыларын кинилэр иннилэригэр ыраас илиискэ ууран биэрбитэ. Ол мин, тоҕо эрэ ол үлэҕэ кыттыгастаах курдук сананарым туоһута, эрэйдээх-муҥнаах олоҕум суола, сырыым, сорум-муҥум ис хартыыната этэ… Кини миигиттэн элбэҕи билбитэ, ырыппыта, түмүктэри оҥортообута. Ол иһин миэхэ махтанар санаалааҕа өйдөнөр буоллаҕа. Биирдэ ыйыппыттаахпын ээ. Петя, тоҕо бачча өйдөөх уол, ыал буолбаккыный диэн. Онуоха мунаара да барбакка кини олоҕо наука эрэ бас билиитигэр баарын быһаарбыта, онтон атыны сэҥээрбэтин, сыаналаабатын итэҕэппитэ. Ол иһин мин, кини Сахатын сиригэр баран хааллаҕына букатын да буорайарбын билэрим оҕото сыттаҕа, синим биир диэн баран, этии киллэрбитим. Миигин кэргэн ыл, аскын астыам, таҥаскын көрүөм, дьиэҕин дьаһайыам, наада буоллаҕына кэргэни да солбуйуом. Эн миигин манна хаалларыма, атыылаама уонна атаҕастаама эрэ диэн көрдөспүтүм.

Петя икки күн толкуйдаабыта. Онтон икки нэдиэлэ докумуоннарбытын толорбуппут, Алма-Атаҕа саахсаламмыппыт. Манна күһүн буолуута көһөн кэлбиппит. Кыстаабыппыт. Харчыбыт суох буолан ол дьыл мин кыһыҥҥы таҥаһым да суоҕа, онон таһырдьа тахсан дьаарбайарым да кыаллыбатаҕа. Сааһыары, эһэ арҕаҕыттан тахсарыныы, мин дьэ Дьокуускай устун дьаарбайар кыахтаммытым.

Петя үксүн командировкаларга барыталыыра. Мин саҥа олоҕу саҥа сиргэ саҕалаабытым. Били манна кэлиэхпит иннинэ докумуоннары толорбуппут диэбитим дии? Онно миигин саха диэн суруйтарбыппыт, детдом миэтирикэтэ соччо айылаах суолталаах докумуон буолбатаҕын быһыытынан, ааппын эмиэ уларыппыппыт. Онон, чахчы саҥа төрөөбүт киһилии кэлбитим.

Сахалыы билбиппин чиҥэтэн наар кинигэ ааҕан кыстаабытым. Сааһыары олус түргэнник ааҕар буолбутум. Онуоха бэйэм итэҕэйбитим: мин хааммар, туох да диэҥ, үөрэнэр кыах баара, тугу да ааҕыым, барытын бэркэ ылынарым, ыраастык өйдүүрүм. Суот да буоллун, сурук-бичик да буоллун, барыга сыстаҕаһым. Ол иһин Петябын соһуталыырым. Кини ону эмиэ сыаналаабыта. Кэргэним диэн кимиэхэ баҕарар кыбыстыбакка билиһиннэрэр буолбута, тоҕо диэтэххэ, ханнык да боппуруоска, нууччалыы да, сахалыы да иҥнигэһэ суох хардарсар кыахтаахпын…

Петя майгыта олус сымнаҕас, үлэтигэр, кырдьык, олус үлүһүйбүт буолан, тугу-ханныгы быраҕан туран, онон эрэ дьарыктанар. Бэйэтэ эмиэ элбэх аймах-билэ дьоно суох. Кырдьаҕас ииппит аҕаһа былырыын бараахтаабыта. Олус бэрт эмээхсин этэ. Оттон ойоҕос аймахтары кытта соччо алтыспат, онон биһиги кинилэртэн ыраахпыт.

Мин үөрэнэ сатаабатаҕым, эппитим курдук, дьиэни-уоту дьаһайыам диэбиппин толорон, күн бүгүҥҥэ диэри олордоҕум. Оҕолоно сатаан иккитэ куоттарбытым. «Маама» буолар баҕам олус киэптээн, саатар ыарахан буолаат, Петябын «Рита» диэн ыҥырарын тохтотон, «маамата» дэттэрбитим да… табыллыбатахпыт. Онтон аймаммытым. Олус айманар дьахтартан эр киһи саллар ээ, ол да иһин буолуо, сыһыаммыт даҕаны сөрүүдүйбүтэ. Устунан убай-балыс курдукпут. Мин киниттэн тоҕус сыл балыспын.

Аны, туох хааннааҕым эбитэ буолла, санаабар кэриэй эҥин баара дуу… Көстөр дьүһүнүм соччо-бачча уларыйбат, ити аата, кырдьан иһэрбин биллэрбэт туох эрэ хааннаахпын диэн этэбин. Петюнчик баараҕадыйан иһэр, мин кинини, биллэн турар, анаан туран маанылыыбын. Аһын-үөлүн көрөбүн. Дьиҥэр, киһини уотар аһынан күндүлээбэппин эрээри, бэйэтэ этэрин курдук «боруодата» оннук уонна үлэҕэ киэптэппит, кэһиллибит эрэсиимэ, сырыыта-сылбата, турбакка олорон үлэлиир үөрүйэҕэ охсон итинник модьу-таҕа… Сүрэҕэр эрэ оҕустарбатар диэн сэрэнэбин да, хайыаҥ баарай, науката – к ырдьык.

Оттон ыарыы чааһа диэ… Урукку, ситэ илик оҕо сааска марай-сарай сырыы-сылдьыы суола-содула хаалбыт дьүһүнэ да буоллаҕа. Саатар кэмигэр төрөөн испитим, оҕоломмутум буоллар, быыһаныам эбитэ дуу, билбэтим. Дьахтар искэннээх буоллаҕына, бастаан утаа төрүү оҕус дииллэр эбит, оччоҕо ол баҕайы уостан ааһыан сөп үһү. Оттон миигин… итинник эппиттэрэ ыраатта да, кимтэн төрүөмүй? Онно-манна тылланан, ускул-тэскил бардахпына Петябын дьон туох диэй? Кини аатын-суолун алдьатар санаам суох. Петям баар буолан тыыннаах хаалбыппын өйдүүбүн. Оттон алтыһар дьонун көрөн бэркэ билэттиибин, мин эрэйи-кыһалҕаны көрбүт буолан киһи сирэйин-хараҕын олоруутуттан майгытын-сигилитин эндэппэккэ билээччибин. Киһиргээбэппин. Ити мин кырдьыгым…

– Мин, эйигин көрөн олорон, атын омук диэ суохпун… Букатын саха курдуккун. Арай, ханнык эрэ түгэҥҥэ… туттарыҥ-хаптарыҥ атыҥҥа дылы, киһини соһутуох курдук… – Олег итинтэн атыны тугу да булан эппэтэ.

– Омук диэн… киһи өйө-санаата буоллаҕа. Биллэн турар, хас биирдии омук туспалаах. Мин хааммынан да таайабын, сахаҕа маарыннаабаппын. Казахтарга эмиэ соччо сөп түбэспэппин. Ол эрээри үөрэнэр, үөрүйэҕи иҥэринэр диэн баар да, онтуҥ итинтэн арыый атын. Бу омук маннык буолуохтаах диэн чуо быһаарар кыах суох. Саатар оннук баара буоллар мин билиниэм этэ, туох-ханнык омук буоларбын. Хомойуох иһин, ханнык да наука итини кыайбат.

– Ол кырдьык. Киһини тас көрүҥүнэн сыаналыыбыт да, иһигэр туох баарын сатаан сэрэйбэппит. Онуоха тыл эрэ көмөтүнэн быһаарыстахха…

– Мин олоҕум ис араҥатын арыйа илигим. Петя да эппитэ буолуо диэн итэҕэйиэ суоҕа. Бу кини биһикки, кистэлэҥ диэн киксибэтэрбит да, тус кистэлэҥмит буоллаҕа. Онон, ону ыһар сиэргэ баппатын өйдүүр инигин? – Марго Олегы быһа түстэ.

– Биллэн турар, Маргарита Алексеевна, туох диэн эттэҥий…

– Тыый, хайы-үйэ Маргарита Алексеевна буолан хааллым дуу, – Марго эмиэ соһуччу баҕайытык чаҥкыначчы күллэ. – Олег, баарга барытыгар судургутук сыһыаннаһар куолута, тугун Алексеевнатай… Марго, көннөрү Марго диэ да, онон бүтэр…

– Ээх, Марго, сөп. Миэхэ олоҕуҥ туһунан итэҕэйбиккэр махтанабын.

– Маринаҕар эппэт инигин?

– Кэбис, тугун баран…

– Оччотугар сөп. Мин кистэлэҥмин итэҕэйбит олус чугас киһилээхпин диэн эрэнэрбиттэн үөрэбин эрэ. Олег… бырастыы гын дуу… Бүгүн хайдах эрэ сыппаан, ыһыллан ыллым быһыылаах…

– Оннук диэн буолбатах, Марго. Туох эмэ көмө наада буоллаҕына мэлдьи этэр буолаар…

* * *

Былырыын баччаларга Татыйык, төттөрүтүн, куорат диэки үөрэххэ туттарсаары, уочарат бөҕөнү көрсөн, көтөн кэлбитэ. Оттон быйыл кини, дойдутун диэки хардары көтөөрү, Маҥан пуордугар олорор. Ааттаах-суоллаах «Антошкалара» аҕыйах буолан, кэтэсиһии билигин да баар. Пуорка киһи баһаам. Аммалар, таатталар көппүттэрэ ыраатта. Бииргэ үөрэммит кыргыттара күлүм аллайан хайы-үйэ дьиэлэригэр олордохторо. Оттон кини бүгүн хойутуу эрэ көттөҕүнэ үөрүүһү быһыылаах, аны, куолуларынан, көһөрөн кэбиһэн иэдэтэллэрэ дуу. Татыйык үөрэҕин, сааскы сиэссийэтин барытын «биэскэ» туттаран аатыран иһэр.

Кыһын биллибэккэ ааста. Саас дьалхааннаах кэм буоларын, били Кириили кытта үчүгэйдии эрдэхтэринэ, кини кэпсиириттэн да истибит буолан, холкутук көрсүбүтэ. Ыччат көҕө диэн дьикти. Үрүҥ түүн үгэнигэр, кыһалҕа кыччыгый, куорпустар икки ардыларыгар баар ырааһыйаҕа оһуокайдаан тэйбит диэн, хоробуоттуу оонньообут, ол быыһыгар мээчиктээбит да баһаама. Хаһан-хаһан утуйа-тура охсон барытын кыаналларын киһи сөҕөр. Кини итинник сылдьыбыта буоллар, саарбахтыыр ээ, барытын бириэмэтигэр туттарыа эбитэ дуу. Онон, бэйэтэ оҥостубут эрэсиимин кэспэтэҕиттэн биллэ дуоһуйан сылдьар.

Татыйык, хайыһардьыт бэрдэ, университекка киирээт, сүүмэрдэммит хамаандаҕа ылыллан, анал кыраапыгынан дьарыктанар. Онон өрөбүл, сынньалаҥ диэн көрүллүбэккэ кыстаата. Хата, саас, киһи сылайар, наар утуйуон баҕарар кэмигэр онто олус туһалаата, хайыһардьыттары физкультураттан букатын босхолоон, зачеттарын быһа туруордулар. Инньэ гынан паара быыһыгар тыын ылан сынньанан, утуйа түһэн абыранна. Кэмиттэн кэмигэр сорудаҕы толорон испит буолан эксээмэҥҥэ да олус илистэ бэлэмнэммэтэ. Оргууй аҕай, бииргэ олорор Муоккатын кытта кыттыһан, «читалка» диэн ааттыыр, уруок аахтар анал хосторугар бэркэ хорҕойдулар. Кинигэлэрин, тэтэрээттэрин тэлгэтэ сытан, икки өттүттэн тэҥинэн куоталаһа-куоталаһа ааҕаннар, көххө күннээтилэр ээ. Муокка, ааспыкка, кыһыҥҥы сиэссийэтигэр кыһыылаах баҕайы биир «үстээх» бэйэтэ, бу сырыыга барытын «биэскэ» туттаран үөрдэ-көттө, итиэннэ бу сарсыарда Ытык Күөлүгэр көтө турда.

Татыйык биирдэ эмэ быыс буллаҕына… Кириили саныыр. Уол син биир кини төбөтүттэн арахпат. Була сатаан, баҕар суруйаарай диэн, кэлбит суруктары алпаабыт бэрээдэгинэн угар дьааһыктарын хаһан да биэрдэ. Мэлигир. Төттөрүтүн Кириил киниэхэ кыыһырбыт курдук. Ол иһин барытын эргитэ саныыр… Арай тиһэҕэр, тахсаары туран, уолу буруйдаан, хомуруйа саҥарбытын кэмсинэр. Чэ, бэйи, сайын тиийдэхпинэ, баар буоллаҕына кэпсэтиэм диэн бигэтик санаммыта. Муокка да сүбэтэ итиннигэ: «Санаа-оноо буола сылдьыма ээ, утарытынан ыйыталас, бил уонна уоскуй. Онуоха туох улаханнааҕый», – диэбитэ.

Кыыс санаатын ситимин сөмөлүөккэ ыҥырар биллэрии быһан кэбистэ. Татыйыктаах рейстэрэ эбит. Кини кэһиилээх, маллаах-саллаах суумкатын кытта холбукатын харбаата да, киллэрэр ааннарыгар дьулуста. Киһи бөҕө тоҕуоруспут буолан анньыһыы үлүгэрэ. Кыбыс-кыараҕас ааҥҥа илиигэ тутуурдаах табыгаһа да суох баҕайы… Эмискэ били холбукатын кэнниттэн ким эрэ туура тутан ылла. Саҥа аллайыан иннинэ, хата, эргиллэ биэрбитэ, бэркэ билэр киһитэ, Кириил бэтэринээр илэ бэйэтинэн буолла.

– Эн бүгүҥҥүгэ билиэттээххин дуо? – диэн кини, туох да буолбатаҕын курдук, холку баҕайытык ыйытта.

– Ээ… бу рейсинэн көтүөхтээхпин.

– Оччоҕо тоҕо манна турдуҥ, бу билиэтэ суохтар уонна сарсыҥҥылар анньыһа тураллар. Эн ол анараа ааҥҥа бар, – диэтэ уонна кыыс холбукатын кууспутунан утары ааҥҥа ыстанна.

Татыйык, күүппэтэх өттүттэн ыы муннукка санаатын ымыытын көрсө биэрэн саараан да хааллар, Кириил кэнниттэн хап-сабар батыста. Онно, били ааҥҥа, дьон киирэн бүппүт. Билиэттээхтэри аһарар кыыс хотумсуйан, хойутуу сыспыт Татыйыгы сэмэлээтэ, суумкатын, холбукатын холбуу ыйаттаран, иһирдьэ көҥүллээн аһарда. Кириил аан таһыгар туран хаалла.

– Мин, миэстэ баар буоллаҕына көтүөм ини диэбитим да, киһи элбэҕэ салыннарда, – эрэ диэтэ.

Татыйык саҥарбата. Хайдах эрэ тыла-өһө өһүллэн биэрбэтэ. «Чэ, бэйи, антах тиийдэххэ… Итиччэ кэпсэппит киһини кытта билсээ инибин» диэх курдук санаата.

Били пуорка көрсүһүүттэн эрэх-турах буолбут, өйдөһүөх айылаах кэпсэтиигэ суоттаммыт кыыс табыллыбатаҕа. Дойдутугар кэлбитин нөҥүө күнүгэр истибитэ, Кириил Ньуккуну кытта ыкса билсибит, субу ыал буолаары сылдьаллар, өссө Ньукку оҕотун бэйэтин аннынан суруйтарыа үһү диэн араас кэпсэл үллэҥнээбитэ кини кулгааҕар тута тиийбитэ. Ол да буоллар, ыһыах саҕана көрсүөм диэн ити күнү күүттэ да этэ. Ханна баарый, түһүлгэҕэ Кириил чахчы Ньуккуну кытта, оҕону көтөхсөн, бииргэ сылдьалларын көрөөт, буккуһартан, ыйыталаһартан бэйэтэ аккаастаммыта, чугаһыы да барбатаҕа.

Сайыны быһа итинтэн мунчаарбыт кыыс санаатаҕын аайы кистээн ытыыр идэлэннэ. Арааһа, кини Кириили таптаабыт эбит. Ардыгар, ол абатыгар, таах даҕаны сонно тута, былырыын этээтин кытта кэргэн барбаккабын, хоонньоспутум буоллар атыҥҥа барыа суох этэ диэн ылыталыыра. Ол эрээри, били Муоккатыныы: «Акаарыгын дуо?! Оннук ыал буолар баар үһү?» – диэн төбөтүн иһигэр ким эрэ саба саҥарар. Санаатаҕын аайы сүөм түһэр, тугу эрэ албыннаппыт, ханан эрэ атаҕастаммыт курдук буолан ылар, онон, наһаа да кураанахсыйда… «Оччоҕо… оччоҕо буоллаҕына, мин кини туһунан букатын саныам суоҕа, кини бэтэринээрин саҕа үөрэниэм ини, өссө салгыы барыам, кини баар сиригэр букатын кэлиэм суоҕа», абарбыт кыһыытыгар, кыра оҕолуу, түбэһиэх, иһигэр куттуу саныыр. Баар буола сылдьыбыт дуу, букатын сиппэтэх дуу «маҥнайгы тапталым» диэн бигэтик итэҕэйбит сыһыанын сойутарга быһаарынар…

Татыйык «таптал таарымтатыгар» табыллан, ити да буоллар, ытыы-ытыы сыппатаҕа. Син балачча күүстээх толкуйдаах эбит ээ. Өйдөөх-төйдөөх кыыс үөрэҕинэн үлүһүйбүтэ, сүрүн соругуттан араҕар былаана суоҕа. Билбитэ эрэ университета, олорор уопсайа, мэлдьи сылдьар, күнү күннүктээн мэлийэн хаалар бибилэтиэкэтэ, итиэннэ икки нэдиэлэҕэ биирдэ охсуллан ааһар ырааҕынан аймаҕа оҕонньор. Дьоно такайыыларынан кырдьаҕаска тиийэн туругун, аһын-үөлүн быһаарсар, дьиэтин сууйан-тараан биэрэр. Итинник түбүктээх кыыс хайыһарын бырахпатаҕа. Дьоҕус күрэхтэргэ киллэртиир буолбуттара эрээри, Татыйык дьаныһан туран дьарыктамматын сэмэлии сатаан баран тохтообуттара. Үөрэҕин ордорбут кыыһы эмиэ даҕаны туох диэхтэрэ баарай?

Саҥа дьыл барахсан сыллата кэлэрин аанньа, син биир саҥаттан саҥа тугу эрэ эрэннэрэр тыыннаах эбээт. Онуоха эбии, итиннэ-манна сарыкынайар, күннэтэ табыллыбыт-табыллыбатах сыһыаннарын кэпсээн үллэҥнэтэн олорор, омун-төлөн кыргыттар барахсаттар, тиһэҕэр, хаһан да тиксибэтэх кэрэлэригэр талаһаллара баа буолуо дуо? Ону сиидэлээн эрэ иһиттэххинэ сүрэҕиҥ бүтүн хаалыахтаах. Сорохтор киэннэрэ баҕас чахчы дууһа хаһыылаах, киһи бэйэтин кымаахтаныар диэри кыһыылаах, аһынаргыттан айгыраан-айманан хаалыах айылаах.

Биир оннук, устудьуон өйдөбүлүнэн, сиэрэй соҕус тымныы киэһэ, Саҥа дьыл буолара уон эрэ хонук хаалбытын кэннэ, Татыйыгы аллараа этээскэ, уопсай дьиэҕэ боруоппуһунан аһарар аналлаах сиргэ, ол аата боростуойдук вахтаҕа, ким эрэ ыҥырар диэн буолла. Бачча тухары киэһэ хойут киниэхэ ким да кэлбэтин билээччилэр, соһуйан, кини диэки ыйытардыы көрдүлэр.

– Айыы чэ! Кыыспыт кистэлэҥ табаарыстаах эбит буолбат дуо? Аллара биир астык баҕайы уол оҕото кэлбит! Көр, доҕор, сабачча улахан «дипломаттаах», сэлээппэтэ эрэ суох, арааската… тойон быһыылаах! – дии-дии, кирилиэһинэн утары тахсан иһэр, биир кууруска үөрэнэр, билсэр кыргыттара күлэн-оонньоон аастылар.

Бэһис мэндиэмэнтэн хаһан айгыстан түһүөр диэри Татыйык мунаара истэ эрээри, хайалара буолуон сөбүн таайбата… Сатана кыргыттара дьээбэлэрэ бөҕө, сүгүн этиэхтээҕэр күлэллэр өссө, сэлээппэлээхтэр ээ, бу тымныыга баран…

– Татыйык, дорообо, – вахта дэнэр туора анньыллыбыт соҕотох остуол туорай маһын ситэри ааһа да илигинэ, бэрт улахан илии кинини харбаан ылла да, тэйиччи, мууһура сатаан баран салапаанынан бүрүллүбүт сөрүүн түннүк диэки, төтөлө суох дэллэриттэ.

Кириил эбит. Чахчы улахан соҕус «дипломат» бартыбыаллаах, арбаҕар хара саһыл тириитэ бэргэһэлээх. Киһи, омос көрөөт, билиэ суох буола уларыйбыт. Кинини эрэ күүппэккэ олорбут кыыс, эмискэ дьонун саныы түстэ. Командировкаҕа диэн кэлэр-барар киһинэн, аны…

– Тыый, туох буолла?! – тоҕо эрэ кыыс ыксаата.

– Буолла… Татыйык буолла… Мин сатамматым диирим дуу…

Хата, дьонуттан дьиксиммитэ ити тыллары кытта симэлийэ оҕуста. Хайдах эрэ һуу гыныахча буолан иһэн, аны, бу илэ бэйэтинэн турар киһи этэҥҥэтин аанньа, туох буолуон сөбүн эргитэн, Татыйык төбөтө араас ыйытыынан соҕотохто туола түстэ.

– Ол аата? Ньуккуҥ дуо?

– Суо-ох… оттон… Ньукку да эмиэ эбит…

– Туох буолла? – Татыйык тугу да өйдөөбөтөҕүн быһаарса сатаата.

– Ким билэр… Баһаалыста, иһит. Мин уһуннук толкуйданным уонна манныкка кэллим. Ньукку да барытын бэркэ өйдүүр. Мин эйигин эрэ таптыыбын. Бүттэ. Онон, тупсуох…

– Ээ? Эмиэ кэргэн кэл диэ! Сибилигин! – Татыйык, түгэни туһанан, бачча тухары тууйуллубута да сыттаҕа, иэстэһэргэ, аахсарга турунна.

– Суох, суох, Татыйык! Мин алҕаспын билинэбин. Халы-мааргытык дьаабыламмыппын бырастыы гыннараары хаста-хаста араастаан толкуйдаабытым буолуой?! Ол гынан баран хорсунум тиийбэтэҕэ, кыбыстыыбын кыайбакка сөптөөх тылы булбатаҕым…

Уол чахчы иһиттэн истиҥник этэрин кыыс таайда. Онтон устунан эмиэ да аһынна, улам өһүргэммит санаатыттан ыраатан барда…

– Татыйык, бырастыы гын, уонна доҕордуу сыһыаммытын төнүннэриэх…

– Оттон… Ньукку?

– Ньукку маныаха сыһыана суох. Мин аралдьыйаары, баҕар, кининэн уоскуйуом, оҕотугар убаныам диэбитим табыллыбата. Эрдэттэн оннук кэпсэтиилээх буолан, айдаана суох араҕыстыбыт. Холбоспотохпут даҕаны ээ…

Татыйык, туох да диэн булбакка, дьиҥнээхтик кыбыттарда. Син биир сүрэҕиттэн сөллөн баран хаалбатах Кириил кини аттыгар турара эмиэ да бэркэ дылы. Эмиэ да, дьикти баҕайытык, өөр да өр кэм ааспытыныы, уол туора баҕайы киһиэхэ маарынныыр.

– Билбэтим, Кириил. Оттон көстөн иһээ ини… – эрэ диэтэ.

Кириил, кыыс үүрбэтэ, онон сөбүлэстэ диэн ити кэпсэтиини бэйэтэ өйдүүрүнэн ылынан үөрдэ-көттө. Дьиэлээн иһэрин, куоракка мунньахха кэлэн баран субу киэһэ төннөн эрэрин быһаарда. Булгуччу суруйуох буолаат, аны, бу ыксалга кыыһы төттөрү аккаастаан туруо диэбиттии, соҕотохто тир гынан хаалла.

Туох да диэ, Татыйык туманнаах тымныы күннэргэ тоҥор диэни билиэ суох имнэрэ итиинэн илгийэллэр. Тэтэрэн олорор кыыс сирэйэ-хараҕа сырдаабытын көрөн, кини сүрэҕэр били сөҕүрүйэ сыспыт уота төттөрү күүдэпчилэнэн эрэрин кыргыттар сэмээр кэтииллэр. Сэрэнэн-сэрбэнэн сороҕор: «Оргууй эрэ, уоскуй», – диэн буойа-хаайа сатыыр буоллулар. Кыыстара, ордук сурук кэллэҕинэ, наһаалыыр: ыллаан да ылар, үҥкүүлээн да тэйэр. Бу тухары саамай боччумнаахтара, Татыйыктара, сорох ардыгар сиэрэ суох барыахча иһилим-таһылым үөрүүтүн, хомотумаары, көрөн эрэ кэбиһэллэр.

– Татыйык, эмиэ талахха олорор чыычаах курдук чуопчааран түһэҥҥин, уоскуй эрэ, – утуйаары сытар Муокка, мэһэйдэтэн, дьүөгэтин дьарыйар.

Суох, Татыйык ону истибэт. Кыргыттарын остуол тула мунньан олорон тугу эрэ бүппэккэ сибигинэһэр, ол аайы анарааҥҥылара күлэн кычыгыраһаллар.

Саҥа дьыллааҕы өрөбүл элбэх сонуну аҕалбыта. Дойдутугар этэҥҥэ сынньанан, эдэр кыыс сиэринэн эбии тупсан-төлөһүйэн, онуоха эбии чахчы таптал кутаатыгар буһан-хатан, Татыйык көтө сылдьар кэриэтэ буолбута. Үөрэҕин да кыайара, дьыалатын да куоһарара кимиэхэ баҕарар холобур буолбута.

Саас, лаппа сылыйыыта, биир күн эмиэ Кириил тиийэн кэлбитэ. Эдэрдэр киинэлээн, куорат устун дьаарбайан кэлиилэригэр, Татыйык илиитигэр тэп-тэтэркэй тюльпан дьөрбөтө тутуурдааҕа. Оруобуна оннук иэдэстэригэр сибэккитин сыһыары туппута уонна турар сириттэн сыҕарыйбакка эрэ:

– Кыргыттар! Мин Кириилгэ кэргэн барар буоллум! Кини миэхэ бүгүн дьиҥнээхтик таптыырын эттэ уонна холбоһуох диэн көрдөстө! – диэтэ уонна омунугар турар сиригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылла.

– Ону эн аккаастаабатыҥ! – кыргыттара, салгыы сиһилии кэпсэтиннэрээри, тэптэрэн биэрдилэр.

– Суох! Сайын сыбаайбалыах буоллубут! Бука бары тиийэҕит, миэхэ?

Кыргыттар, сибэккилэр, үөрүү-көтүү, омун-төлөн… Ити барыта эдэр саас диэн өйдөбүлүнэн быһаарыллан эрдэҕэ.

* * *

Петр Егорович биир ыйга, Алма-Атаҕа лиэксийэ ааҕарынан сибээстээн, командировкаҕа барбыта. Барарыгар Маргобар көмө буолаар диэн Олегы соруспута. Онон кини күннэтэ кэриэтэ манна таарыйар. Ол аайы мааны Марго араас дьикти бүлүүдэлэринэн күндүлээн Олегы соһутар. Биирдэ эмэ Мариналыын кэлиэхпит диирин хотун дьиэлээх сөбүлээбэт.

Ыһыах саҕана Олег эмиэ соҕотох хаалбыта. Кэргэнэ тыаҕа, үөрэтэр оҕолорун илдьэ, экспедицияҕа тахсыбыттара. Онон, букатын холку киһи, Марго кэпсээннэрин истэн, ардыгар муҥун ытыырын аһынан уоскута сатаан, лаппа хойутуур идэлэннэ.

Биир оннук киэһэ, туох быһа имнэммитэ буоллар, Олег эр киһитэ өттөҕө дуу, талыы-талба тыллаах-өстөөх Марго барахсан соҕотохсуйбут саҥатын сүмэтигэр туймаарыйан, тимир ньиэрбэтин өҕүллүбэт кылларын сылаастык илгийэр иэйиинэн булгурутан… тугу да уһуну-киэҥи ырыыппалыыр кыаҕа суох, имэҥҥэ бас бэриммитэ, имигэс сип-синньигэс биили сэрэнэн имэрийбитэ, таалалыыр таҕылга, букатыннаахтык ылларбыттыы, бэлэм баҕайытык… бэринэн кэбиспитэ. Бу аата таҥнарыы диэн санаа кини төбөтүгэр ити түгэҥҥэ тоҕо эрэ охсуллан ааспатаҕа. Сыччах ыгыллыбыт хаанын эргиирин тиэтэтэ охсубутуттан эмискэ кылгаабыт тыынын дириҥник уһуутаан кэҥэппэхтии, тыҥатын муҥунан баҕа курдук салгыны эҕирийтэлии сатыы, туохха түбэспитин туһунан толкуйдуур туругуттан тахсан, талбаара таалбыта…

Аттыгар оргууй үөһэ тыынаталыыр Марго барахсан синньигэс тарбахтарынан Олег модун киппэ түөһүн тырыыҥкайдаан оонньуу сыппыта, сылаас таммах хараҕын уута эр киһи сыгынньах ойоҕоһун устун тыккыраабытын саҥардыы уоскуйан эрэр Олег тириитин таһынан биллэ быһыылааҕа…

– Олежка, мин Петябыттан атын кими да кытта… – диэн иһэн Маргоша сыҥсырыйан барбыта, уһун кыламаннарынан хараҕын сапсынаат, синим биир диэбиттии, ыга симэн чуумпуран, иһиллээмэхтии иһийбитэ.

– Саҥарба, Марго… ким да буруйа суох…

– Эн… Маринаны эмиэ таҥнардыҥ буолбаат? Мин буруйбунан, мин соҕотохсуйан өйбүн сүүйтэрбиппиттэн…

– Мдэ-э… кыһалҕа буолбакка, киһи ордук-хос кыһалҕаны бэйэтинэн булар дииллэрэ бу буоллаҕа…

– Кэмсинэҕин?

– Суох, Марго… ити туһунан ыйытыма… Маныаха биричиинэлэр бааллар… элбэхтэр…

Олег, саҥата-иҥэтэ суох хомунан тахсан барбыта. Ити ыһыах сарсыарда этэ. Дьон-сэргэ бары сыһыыга-хонууга сынньана бараары саҥардыы дьиэлэриттэн тахсан эрэллэрэ. Оттон Олег кураанах уораҕайыгар тиийэн, түннүктэрин сабыытын, сайыҥҥы күн уотуттан саспыттыы дуу, субу кэргэнин таҥнаран кэлбититтэн сааппыттыы дуу, сабыта биэрбитэ, саҥата суох сыттыгынан төбөтүн саптан балачча сыппыта. Сотору төлөпүөн тырылаабыта. Сэрэйбитэ, быһыыта, Марго этэ. Аны Марина буолаарай? Олег саараабыта эрээри, ыла сорумматаҕа…

Ити Олег олох олорбутун тухары аан бастакы аньыыга-хараҕа тиксиитэ, тырымныыр дьахтар, тыгыалас хаанынан оонньоон, тумнарар сыттаах уччутар угаайытыгар киириитэ этэ. Кэнники, өйүн-төйүн булан баран эргитэ санаатаҕына, быстах санаа диэҕи эмиэ да атын этэ. Барыта сөп-сөбүнэн, сыыйа-баайа итиниэхэ булгу тиийэрдии, эрдэттэн таҥыллан-оҥоһуллан да испитэ баара.

Икки өттүттэн кэтэсиһии, ити түгэни түргэтэтии баара курдук. Маннык айылаах үлүһүйүүнү, ойоҕостон көрө сылдьан, Петр Егорович да, Марина да, хайаан таба таайбатах муҥнарай?! Эбэтэр, таайдаллар даҕаны, көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буоларга туох төрүөттээхтэрэ буолуой? Марго этэринэн, өскө Петр Егорович билбит да буоллаҕына, кинини дьахтар курдук таптаабатын быһыытынан, саатар эрэ диэҕин сөбүгэр дылы. Дуогабарынан, уопсай сөбүлэҥинэн олороллор быһыылаах буолбаат? Убай-балыс сыһыаҥҥа киирбит дьон хардарыта тулуйсан эрдэхтэрэ дуу?

Оттон Марина? Бука Олег кинини таҥнарбытын сөбүлүө суохтааҕа буолуо ээ… Ол эрээри кини, кэнники сылларга, кэргэн киһи кэлэригэр-барарыгар наадыйбатыттан сылыктаатахха, итиниэхэ биричиинэ буолуох курдук эмиэ туох эрэ баарга дылы… Дуу, бэйэтэ туһунан атын сиргэ олохтооҕо дуу?!

Итиниэхэ маарынныыр араас санаа эргийэ-урбайа, киирэ-тахса кини төбөтүгэр элэҥниириттэн илистэ быһыытыйбыт Олег, саҥа аллайбытынан, олоро биэрдэ:

– Тууй-сиэ! Арааска бары тиийэн… Үчүгэйим бэрт ээ. Бэйэм буруйдаах олорон, аны, Маринабын онно-манна күтүрээтэхпин көр… – диэн сэмэлэнэ оҕуста, туран чаанньыгын оргута уурда…

Эмиэ төлөпүөн тырылаата. Саарыы түһэн баран, Олег баран иһиттэ. Марина эбит.

– Олег, мин сарсыҥҥынан бүтэбин. Эн уоппускаҥ хайастай?

– Ээ, оттон бу, манан бүттүм да курдук… Өрөбүл кэнниттэн бирикээс тахсыа диэбиттэрэ…

– Оччоҕо… оччоҕо мин мантан оҕолорбун ыыталыам этэ. Эн бу эргин сынньана түспэккин дуо? Сайылыы тахсыахха хайдаҕый?

– Бэрт этэ, бэрт буолумуна, Марина! Итиччэтигэр мин хомунуом уонна күн сарсын тиийиим, хайдаҕый?

– Тыый, оттон наһаа бэрт буолсу! Кытаат, хомуна охсоор, таарыччы ыскааптан мин саһархай сарапааммын уктаар эрэ…

Кэргэнэ эрийбитин, туохтан эрэ быыһанар суола кэмниэ кэнэҕэс дьэ арыллыбытын курдук, истэ үөрдэ. Хайдах эрэ эрдийдэ, төбөтө дьэҥкэрдэ. Бу быыллаах-чааннаах куораттан, бу, эрэ-эмискэ ааҥнаабыт кыһалҕаттан, сип-сибилигин ыраата эрэ охсор санаа кинини бу сырыыга тиэтэттэ. «Айыкка, уоппускаламматах ыраатта, тыаҕа тахсыахха, көй салгыҥҥа, сүүрүктээх ууга… баран ыраастаныахха, сайҕаныахха, таарыччы өйү-санааны сааһыланыахха…» диэн киксэрэр кэриэтэ чабырҕайа кэйиэлээтэ, оломо оонньоото…

* * *

Татыйык сааскы сиэссийэтин эрдэ бүтэрэн, бэс ыйын саҥатыгар дойдутугар тиийэн кэлбитэ. Инньэ гынан, сүбэ быһыытынан, этиллибитин курдук оруобуна сиэссийэ бүтүүтэ, ыһыах саҕана, кыргыттара эксээмэннэрин бүтэрэн кэлиилэрэ диэн быһа холоон, сыа сиир сыбаайбаны сыа-сым курдук тутан тэрийэн кэбиспиттэрэ. Кэргэн тахсар кыыс мааны былаачыйатын, хоһун кыргыттарыныын куоракка сылдьан, мунньах бөҕөнөн, элбэхтэн талан ылбыттара. Атынын, ол фататын, бэрчээккитин уонна үүт маҥан түүппүлэтин Кириил ыаллыы дэриэбинэҕэ тахса сылдьан атыылаһан аҕалан бэлэхтээбитэ.

Саҥа ыал буолбут дьон Маппыайаптарга олохсуйбуттара. Тиит, эдэрдэргэ анаан, туспа дьиэни тутабын диэн сыбаайба ыалдьыттарыгар иһитиннэрэн соһуппута. Татыйык бииргэ үөрэнэр дьүөгэ кыргыттара, бука бары атын оройуон оҕолоро, сонун сиргэ астыктык сынньанан, сөҕөн-үөрэн дойдулаабыттара. Ол эмиэ саныахха олус үчүгэйэ, барыта этэҥҥэ, үөрүү-көтүү аргыстааҕа санаа хоту этэ.

Сыбаайбалаабыт Кириил күһүөрү анаан ылыахтаах уоппускатыгар, күтүөт аатырбыт бэлиэтигэр кынна оҕонньорго кинилэргэ тутуохтаах дьиэтин маһын охторсор санаалаах. Ити кэмҥэ Татыйык үөрэҕэр барыахтаах. Кинини Кириил итэҕэйэрэ сыттаҕа. Куорат эргин охсулуннаҕына таарыйыа буоллаҕа. Татыйык, хайы-үйэ төрдүс сылын туйгуннук үөрэнэр киһи, үөрэҕин быспата ордук буоллаҕа. Бүтүүтүн саҕана сабыс-саҥа дьиэ дьэндэйэ тутуллан тахсыа. Дьэ, оччоҕо, эдэрдэр ыал быһыытынан бииргэ олорон быр курдук буола түһүөхтээхтэр. Онуоха-маныаха диэри, онон, күтүөт Кириил соҕотох уол кэриэтэ Маппыайаптарга мааныланара чуолкай.

Оттон Саабынаба буолбут Татыйык күһүн, үөрэҕэр тиийээт, балыыһаламмыт сураҕа иһиллибитэ. Суох, ыалдьан буолбатах, кэргэннээх кыыс сиэринэн, көрдөрүнээри. Онтун түмүгүн сонно дьонугар биллэрэн соһутан турар. Аны саас кинилэр, Саввинов дуу, Саввинова дуу дэтэр кыраланалларын быраас бигэргэппит.

Кириил үөрүүтүттэн кини тэҥэ киһи суох үһү. Өлөөнчүк тугу да саҥарбат, сэмээр кэтиир эрэ, сүрэҕэр-быарыгар оҕото этэҥҥэ эрэ буоларын күүтэрэ биллэр. Тиит оҕонньор, эчикийэ түргэнин үлүгэрин диэн, алҕаска саҥа аллайан кэбиһэн, эмээхсиниттэн дьарыллыбыта эмиэ иһиллибитэ.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации