Текст книги "Буолар да эбит"
Автор книги: Евдокия Иринцеева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 19 страниц)
Кириил, икки төгүл аҕа буолан хаалбыт киһи, түбүк бөҕөтүгэр түспүтэ. Били аймах оҕонньор олорор чааһынай дьиэтин тас өттүттэн кытта сууйа сыста быһыылаах. Омуннаах уол оҕото өр гыныа баарай, барыны кикирийэн, ыраастаан, бэтэринээр киһи «стерильнэй» диэни билэрэ да сыттаҕа, кылбаппыта ыраатта. Соннук омунугар тэптэрэн, биир күн икки улахан баалынайы, икки хорсуогу, икки салаасканы булан-талан, сүгэн-көтөҕөн талҕалатан аҕалбытын оҕонньор кытта соһуйа көрбүтэ.
– Кириил, бу… чэ, хорсуок икки, салааска икки, баҕар, буоллун даҕаны. Улаатыахтара буоллаҕа дии. Оттон бу бачча улахан баалынайга… оҕолоргун бэйэлэрин… сибилиҥҥиттэн биирдии-биирдии олордоҕун дуо? – диэн бэркэ мунааран ыйыппыта.
Онно эрэ Кириил өйдөөбүтэ, арба да, кыралары бэйэлэрэ сууннарыахтара дии! Оччоҕо тоҕо икки баалынайый?! Улааттахтарына биир-биир уочараттаһыахтара дии! Инньэ диэт, өр гымматаҕа, уол оҕото ыстаннаран тиийэн биир баалынайын төннөрбүтэ, хата, ол оннугар тута, балачча улахан чымадааны атастаһан, атыылаһан-тутууланан кэлбитэ. Бачча элбээбит дьон мантан инньэ маллара-саллара да баһаамныа дии!
Итини барытын Татыйыкка суругунан кэпсиир. Татыйык, били реанимациятыгар үс хоммута уонна уопсай палаатаҕа көспүтэ. Дьахталлар кинини игирэлэнэн итиннэ сыттаҕа диэн ыйытыга суох өйдөөбүттэрэ. Оҕону аһатыы буолбутугар Татыйык үүтэ аҕыйаҕа бэрт буолан кыралара топпотторун айдаана. «Ээ, наркоз кэнниттэн үүтүҥ төннөн хаалар үһү ээ», – диэн сытар дьахталлар ону көрөн, бэйэ ыккардыгар хайыы-үйэ истибэтигэр сибигинэһэ охсубуттара. Кинилэр күнү-күннүктээн ыанан, эмиийдэринэн оонньоон тахсаллар. Оттон Татыйык, хантан оччону ордорунуой, кыргыттара соппойдулар да тук курдук бүтэн хаалар.
– Саввинова, аһаан иһиэххин. Бырылаччы собо миининэ аҕалтаран ис! – оҕо көтөҕөөччүлэр сырыы ахсын араастаан сүбэлииллэр.
– Саввинова, кыргыттарыҥ топпоттор! Грек эриэхэтин, биир ыстакааны толору үлтүрүтэн, аһылык аайы сиэххин наада! Көмөлөһүө! – санитарка диир оннугар кинилэри Татыйык сахалыы «оҕо көтөҕөөччүлэр» диэн ааттыыр саастаах дьахталлара араас албастары сүбэлээн сырыы ахсын этэ-өйдөтө сатыыллар.
Ол эрээри, кинилэр да буоллаллар, хантан билээхтиэхтэрэй? Татыйык аҥаардастыы бэйэтин кыыһын эрэ аһатара буоллар… өссө ордорунуо даҕаны этэ. Оттон, ийэ буолан баран, иккис кыыһын хайдах матарыай, син биир тэҥнээн, үллэрэн эмтэрэ сатыыр. Ол иһин кыргыттар иккиэн «эбии аһылыктаахтар». Антах илдьэн, ыйааһыннаан көрөн баран, топпотох кырачааннарга эбии бэлэм үүтү иһэрдэллэр.
– Саввинова, оҕолоргуттан биирин миэхэ биэриий, айака, үүтүм тохтон чаккырыы олорор. Эйиэннэрэ топпоттор дии, – диэн бэҕэһээ төрөөтөр да, хайы-үйэ күнү быһа ыанан тахсар сылаатын уйарыттан ааспыт, хохуол дьахтара тылламмыта.
Татыйык тук курдук иккис кыыһын биэрбитэ баара, чуумпу тулуурдаах бэйэтэ быһа бэбээрэ ытаан, тиэрэ түһэн, анараа дьахтар эмиийин оборо да барбатаҕа. Палаата иһэ онтон соһуйан, туттуна сатааталлар да, дьахталлар һуу-һаа буолбуттарынан туолбута. Хас биирдиилэрэ ити түгэни араастаан ылыннылар быһыылааҕа. Ким да ол кэнниттэн миэхэ аҕал диэн тылламматаҕа. Ол иһин Татыйык аны бэйэтэ эрэ эмтэрэ сатыыр. Дьиҥэр, кини бэрт холку. Бырааһа сырыынньа үүтүҥ киириэ, икки оҕо эбиилэспитин билиэҥ, ыанньыйыаҥ диэбитэ.
Кини Кириилэ, дойдутуттан кэлэн, күн аайы эбии аһылык бөҕөтүн астаан аҕалар. Элбэҕэ бэрт буолан онтун үксүн дьахталларыгар бэрсэр.
– Саввинова, туох ааттаах кыраны аһыыгыный? Итиэннэ ити икки оҕону хайдах аһатан тоторуох муҥҥунуй? – кинилэр Татыйыгы сэмэлииллэр.
– Бачча үчүгэй астаах кэргэннээх буолан бараҥҥын… Арааһа атааххын быһыылаах, – бара сатаан араастаан ыстырыыстыах да курдуктар.
– Оо, мин кэргэммин көрөргүт буоллар, бастакы оҕобут төрөөбүтүгэр туһунан хоско утуйар буолбута дии. Ытыыра бэрт диэн! Билигин, муҥнааҕым сыыһа, мииннээн аҕалбыта ханна баарый, көрүҥ бу, хаахтыппыт буолбаат? – бойобуой баҕайы нуучча дьахтара, күлэ-үөрэ, кыһамньылаах эрин таптаан ыла-ыла, сатаан мөҕүттэр. – Оҕону оҥорорго маладьыастар ээ, оттон көрүүтэ, аһатыыта, иитиитэ – биһиэнэ. Оннук буолбат дуо, дьахталлар?
Күлүү-салыы эмиэ күөдьүйэр. Араас кэпсэл, анекдот диэн ааттааҕа манна баар. Сорохтор истэ сатаан баран тахсан бараллар, атыттар күлэллэриттэн сылайаллар.
– Бүтүҥ эрэ, дьахталлар! Күлэрбиттэн үүтүм төннөөрү гынна! – дэһээччилэр эмиэ бааллар.
Татыйык Кириилин сонунун барытын суругуттан ааҕан билэ сытар. Били баалынайыттан дэлби күллэ. Кырдьык даҕаны, Кириил төһө эрэ сүүрдэ-көттө. Ол быыһыгар хайдах игирэлэнэн хаалбытын кэргэнигэр этэрин дуу, эппэтин дуу мунаарар. Үнүр бырааһы кытта кэпсэтиигэ анарааҥҥыта булгуччу биллэрэр түгэн хойут, хаһан эмэ кэлиэ, билигин, оҕолор кыраларыгар итини элбэх киһи билэрэ соччото суох диэбитэ. Биллэн турар, ким эрэ биһириэ, ким эрэ сөпсөһүө суоҕа, оннук айдаан букатын наадата суох. Икки да икки, кыыс да кыыс, оҕо да оҕо диэнинэн иитиллиэхтээх. Итиэннэ, ийэ киһи эн, аан бастаан бэйэҥ бу икки кыыска төрөппүт ийэ сыһыанын, болҕомтотун кытта тапталын иҥэриэхтээххин, аҕаларыттан эмиэ оннук иэйиигэ тиксэллэрэ наада, ону саҕааччы бэйэҥ буолаҕын диэн үөрэппитэ.
Онон, кыыстанан кылбайбыт диэн сымыйа, икки кыыстаммыт кылбар ийэ аатын кини ылыан ылла. Ким да билбэтинэн. Чып кистэлэҥинэн. Оннооҕор Кириил билбэт… ол таҥнарыы, албын-көлдьүн буолбатах. Ол – олох ирдэбилэ, дьахтар буолбут иэһэ… Быһыылаах.
* * *
Ааспыт сайын олус бэркэ сайылаабыттарын санаатаҕына Марина сүрэхтиин манньыйар. Кини ис сүрэҕэр, манна диэн эттэххэ, кистэлэҥ иэйиилээҕэ ээ. Арааһа табыллаа инибин диэн күһүнү күүттэ да этэ. Онто ханна баарый. Син биир бу да сырыыга мэлигир. Кубус-кураанах. Аата ынырыгын, кураанах диэн тыл куһаҕанын. Итинник саныырыттан холку бэйэтэ быыппастыах, намыын бэйэтэ айманыах кэриҥнээх. Кини, сайын устата ууга-үрэххэ, сылааска-күҥҥэ сыламнаан, айылҕаҕа сылдьан сынньанан, иккиэн тэбис-тэҥҥэ сүүрэн-көтөн, иэйэ-умсугуйа таптаһан… өссө биир таптал туоһутун бэлэхтэтиэхпит дии санаабыта, ханна баарый… Кубус-кураанах! Кини кураанах дуу, Олег дуу?! Ким киниэхэ этиэ баарай. Арай, киксибит курдук, бары быраастар: «Барыта үчүгэй. Бириэмэ эрэ наада», – дииллэрин сымыйаргыах курдук. Дьон үксэ, биллэн турар, аан бастаан дьахтары күтүрүүллэр буоллаҕа. Ол аата, кини – кураанах! Оттон Олег? Абаккарбыт санаатыгар Олега букатын кыра киһиэхэ наадыйбат курдук! Үлэлээбитин курдук үлэлиир. Сылдьыбытын курдук сылдьар! Оттон Марина аҥаардастыы дууһа моруута буолла. Маннык эрэйгэ үйэлээх сааһын тухары олоруох муҥа дуо?
Суох! Туох эрэ миэрэни ылыахха. Булгуччу, оттон-мастан салҕанан, бүтэһиктээхтик «эй» эрэ дэттэххэ бэриниэххэ. Оччотугар… Ханна баран, кимниин көрсүүлэһэрий? Кураанаҕын аанньа көрсүүлэспит диэн… алаатыгар, истиэххэ ынырыгын? Ол эрээри, уоскуй, Марина, ким эрэ итинник этиэх да буоллаҕына, ону эн эт кулгааххар утарытынан иһитиннэриэхтэрэ суоҕа… Хоп-сип курдук тиийэн кэллэҕинэ, кулгааҕыҥ таһынан аһар да бүттэҕэ дии?
Ити абарбычча санаата. Дьиҥэр, суобас хаата Марина Петровна, оҕолору үтүөҕэ эрэ үөрэтэр бастыҥ учуутал ааттаах. Итиэннэ баран… ханна уста-туора хаамыталыай? Олег да сөбүлүө үһү? Ама даҕаны, оҕо, эдэр эрдэхтэн таптаспыт бэйэлэрэ итинник арахсыахтара үһү? Ыарахан, төбөҕө баппат ыар.
Оҕо ылан ииттэххэ? Тоҕо сатаныа суоҕай? Ама, икки үлэһит буолбут, турбут дьон биир-икки кырачаан киһини ииппэтэхтэрэй? Ол эрээри, кинилэр өссө да эдэрдэр ээ… Бэйэлэрэ төрөтүөхтээхтэрэ этэ эбээт. Бастаан утаа кини туох төрүөттэн «кураанах» аатырыахха сөбүн таайа сатыырыгар барыны-бары ырыппыта. Ханна алҕас туттан, аны, туох эрэ аньыыны оҥордулар дуу… Дьонноро аньыылаахтара дуу диэҥҥэ кытта тиийэн, биирдэ ийэтиттэн уйа-хайа суох ытаан ыйыппыттаах. Саҥардыы олох тыын үөһүгэр киирэн эрэр эдэр дьон туох аньыылара-харалара кэлээхтиэй. Олох эмиэ «маны сатаан туораа, оччоҕо табыллыаҥ» диэн таабырын курдук тэрийбит тургутуута буоллаҕа дуу… Кини туһугар ыараабытын эриэхсит. Дьон киэнэ ама да соҕус буолааччы. Саатар, Олег элэҥ-сэлэҥ, сытыы-хотуу, күүлэйдьит эҥин соҕус эбитэ буоллар, оччоҕо туох эмэ биллиэ эбитэ ини. Ону баара, Олег Дмитриевич үлэнэн эрэ дуоһуйан… Оруобуна ити Петр Егорович курдук буолаары гынна… Кэби-ис-кэбис, инньэ диэмиэх, оннук эрэ буолбатын. Син биир, ханнык эмэ толкуйунан тобулан, бу балаһыанньаттан кыайыылаах тахсар гына сатаан оронуохха наада…
Ити киэһэ, синим биир ини диэт, Марина киэһээҥҥи аһылыкка Олегыныын кэпсэтэргэ быһаарыммыта. Күн аҥаара туохтан саҕалыыры толкуйдуу сатаан баран, тиһэҕэр, харааччы бутуллубута. Ол иһин, хайыай, дугдуруй да сутуруктаа диэн өс хоһоонунан сирдэппитэ…
– Олег… мин ааспыт сайын сайылыкка сынньаммыппытын наар ахтабын… Туох эрэ уопут курдук санаабыппын дуу, хайдах дуу. Итинник сынньалаҥҥа, саатар, санаа хоту кыра киһи да үөскээбэт диэн, төһөлөөх баҕарбытым буолуой…
Олег соһуйбут курдук буолла, ачыкытын көннөрө анньынан баран, икки илиитин холбуу тутан муннун даҕайда, тэриэлкэтин чинчийэрдии көрдө. Ити аата кини мунчаарда. Марина бачча тухары билбэт буолуо дуо. Оо, ити аата, кини эмиэ санааргыыр эбит буолбаат? Оччоҕо… хайыыр, салгыыр дуо?
– Олег… мин эн эмиэ оҕоҕо баҕараргын билбэт үһүбүн дуо? Иккиэн баҕабыт биир. Ол туһуттан көрдөрүнэ сатаатыбыт, сүбэлэһээри быраастары кэрийбэхтээтибит. Үчүгэй да үчүгэй… Онтубут хаһан үчүгэйдэтиэй? Баҕар, кырдьык, биһиги киһилии сыһыаммытыттан тутулуга суох… сөп түбэспэппит буолаарай?
– Марина, уоскуй.
– Суох, Олег. Уоскуйан налыйан олорорго кэм-кэрдиис ааһан иһэр, ыган иһэр буолбута ыраатта. Туох эрэ күттүөннээх миэрэ ылыллара наада…
Олег, илиитин уларытан, быар кууһунна уонна онтунан иннигэр турар тэриэлкэтин сыҕарытан, тоҥолохторунан остуолга быардаата. Ити аата, дии санаата Марина, кини билигин тугу эрэ быһаарынар суолу тобулуохтаах…
– Марина, эн туох этиилээххиний? – дьахтар соһуйуон иһин, кэргэнэ киниэхэ сигэннэ.
– Мин? Баҕар, соһуйуоҥ эрээри… Арахсыахха дуу дии санаатым…
– М-мм… Маринка… – Олег эмиэ да сөбүлээбэтэх көрүҥэ суох.
Онтон Марина эрдийдэ, сүрэҕэ мөҕүл гынна.
– Маринка, мин эйигин туохха да буруйдаабаппын. Биһиги оҕо эрдэхтэн доҕордуубут, итэҕэйсэбит… Таптал биһигини бииргэ холбообута. Оттон оҕо кэлэн биэрбэтигэр эн тиэтэйэриҥ, баҕарарыҥ дьахтар быһыытынан оруннаах бөҕө буоллаҕа. Мин туох диэн утарыахтаахпыный? Бу, кырдьык, олохпут оҥоһуута. Өскө эн биһиэхэ иккиэммитигэр ыччаты биэрбэт буоллаҕына, баҕар, этэллэрин курдук, атыннык быһаарыннахха хайыа эбитэй… Ким да билбэт.
– Олег, эн сөпкө өйдүүгүн. Биһиги сыһыаммыт доҕордуу буолуохтаах. Эн мин дьоллоох буоларбар ис сүрэхтэн баҕараргын, онно наһаа кыһанаргын билэбин. Оттон мин эйиэхэ эмиэ оннугу баҕарабын. Хайа хайабыт өйдөһөн, баччааҥҥа диэри, этиспэккэ-охсуспакка, бииргэ олордохпут. Эйэбит эрэ инникитин даҕаны быстыбатын.
– Оннук, омнуолуур санаа суох. Икки аҥыы баран холонон көрүөх. Дьылҕабыт, аһыннаҕына, саатар хайабытыгар эмэ мичик гынаарай… Ол да улахан бэлэх буолуохтаах. Сөп, Марина, сөбүлэстибит, өйдөстүбүт.
Олег итинтэн ордук тугу да саҥарбатаҕа, остуолтан туран барбыта. Инники этиини кини саҕалаабытын быһыытынан, бэйэтин син биир таҥнарыахсыт курдук санаммыт Марина, куукунатыгар соҕотоҕун хаалбыта, тобус-толору уулаах харахтарынан түннүгүн куруһуба сабыытын субу эрэ көрбүттүү, кичэл бэйэлээхтик кыҥастаһан, одуулуу сатыы олорбута…
* * *
Игирэчээннэр барахсаттар, куотуһа-куотуһа ытаһаннар, Татыйыгы да сүгүн олордубаттар, Кириили да сүгүннээбэттэр. Биир аһаан астына тоттоҕуна, иккис хам аччыга биллэ охсор. Хайалара эрэ утуйдаҕына, иккиһэ булгуччу уһуктан кэлэр. Бэҕэһээ Кириил күлэ-оонньуу:
– Татыйык, оҕолорбутун аҥаардаһыахха! Мин Маргаританы ылабын уонна анараа хоско көһөбүн! Эн Маринкалыын манна хаал. Уонна куоталаһыах, хайабыт түргэнник улаатыннарар эбитий?
– Ээйиис, сааһыҥ тухары бу манна олохсуйууһуккун дии. Оччоҕо сабыс-саҥа тутуллар дьиэбитигэр барбаппыт дуо, – диэн күлсүбүттэрэ.
Аймах оҕонньор эдэрдэри уу иһэ-иһэ хайгыыр.
– Маладьыастаргыт эбээт, доҕоттоор! Түргэҥҥит-тарҕаҥҥыт да бэрдэ! Сүрдээҕин кыанаҕыт дии, саҥа оҕоломмут дьон диэтэххэ. Дьэ, мин сэргэхсийии бөҕөбүн, – диэн астыммытын биллэрбитэ.
Кырдьаҕас киһиэхэ туох үгүс наадата кэлиэй. Кылаабынайа, кини көххө, кэмигэр чэйдиир сэргэх дьонноох. Аһын олус минньигэстик, хайалара да өр гыммат, бэлэмнээбиттэрэ эрэ баар. Хата, барар түгэннэригэр кини чуҥкуйууһук. Кыргыттар ытыылларыгар кырдьаҕас мэһэйдэппэт.
– Ээ, эдэрбиттэн кытаанах уулаахпын, доҕоттоор. Сыттым эрэ кэрэх, буккураан барабын. Туокка, баччаҕа туруом диэн санаабыт чааспар чопчу уһуктар дьээбэлээх оҕонньорбун. Бэйи, ытаатыннар, доҕоттоор, киһи бу сиргэ кэлбитин иһитиннэриэхтээх буоллаҕа эбээт, – диэн ылаттыыр эһээ барахсан.
Татыйык үөрэҕэр бардаҕына Кириил кыратык ыгылыйан ылар. Кырдьыга да, икки киһи көрүүтэ манан аҕай буолбатах. Татыйык кэлэригэр суу бөҕөтө ыһыллан, ситэри сууйуллубакка мунньуллан тоһуйар. Марина Кирилловна суоскалаах үүттэн дуостал аккаастаммытын, кыыһырбытын, ол иһин күнү быһа ытаабытын, оттон Маргарита Кирилловна бу да сырыыга тулуурун көрдөрбүтүн аҕалара отчуоттаан тоһуйар. Онон, хайыай, аччык кыыһы Маринаны ылан Татыйык эмиийдии охсор. Анарааҥҥыбыт омуна бөҕөтө, ытаабытын билигин да умнубатах киһилии, үҥсэргиир кэриэтэ, санаан кэлэ-кэлэ, сыҥыргыы-сыҥыргыы, ийэтин тыастаахтык эмэн чобурҕатар, сылаас минньигэс үүтүн иҥсэлээхтик ыйырбахтыыр. Тиритэ-хорута астына соппойон көлөһүн-балаһын аллар.
– Чэ, чыычаах, балтыгар ордорууй, тоттуҥ буолбат дуо? – Татыйык күлэр, кыыһын аҕатыгар туттарар.
Маргарита кыыс, тылынан оонньуур, тииһэ суох айаҕын сэрэнэн аппатан, уостарын быыһынан тылын былтаҥнатар, саҥата суох кылап-халап көрө сытар. Үкчү уочаратын күүппүт кыра эмээхсин курдук. Итинник таптаан, имэрийэ-имэрийэ, ийэтэ иккис кыыһын аһатар. Мантыта дуоспуруннаах, оргууй аҕай, олохтоох баҕайытык, чуумпутук эмэр. Куруук кинини аһатарыгар Татыйык налыйан, нуктаан киирэн барар. Ол иһин итини көрө сылдьан Кириил оргууй тиийэн кэлэр, кэргэнин, кыыһыгар эмиийин уоптарбытынан, сэрэнэн үрдүк сыттыкка ойоҕоһунан сытарыгар өйөөн көмөлөһөр уонна чараас суорҕанынан сабан биэрэр.
Ийэлээх кыыс бииргэ, сылаас сылаастарыгар бигэнэн, утуйан хаалаллар. Татыйык уһуктарыгар кыыһа суох буолааччы. Ол болҕомтолоох аҕа дьаһала, хайыы-үйэ эмиийиттэн арааран оронугар сытыарбыт буолар. Итинтэн манньыйан Татыйык өссө кыратык утуйа түһүөн баҕардар да, икки оҕолоох ийэ түбүгэ элбэх буоллаҕа, турар аакка барар.
Кырдьыга, Кириил сөпкө да уоппускатын ылбыт. Абыраата. Абыранна даҕаны. Эдэр ыаллар бэйэлэрэ дьаһанан олороллоро ааттаах үчүгэй. Аныгы нэдиэлэҕэ, Татыйык кыргыттара бэлэхтээбит икки оҕо тэҥинэн сытар улахан кэлээскэтигэр кыргыттарын кэккэлэһиннэрэн баран айанныыр соруктаахтар. Эбэлээх эһэлэрин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэри эрдэттэн сакаастыахтаахтар. Оччоҕо бу дьон бука бары куорат киинигэр, үлэҕинэн кэпсэтэр сиргэ тиийиэхтээхтэр. Ханна бу үлүгэр элбэх киһилээх куоракка оптуобустаныаххыный, үтүрүспэккэ эрэ холкутук, дьаарбайа таарыйа, сатыы барыахха наада. Оттон онтуҥ, кыра дьон холлоругар, уһун айан.
– Буоллун, кыргыттар. Өссө сотору дьиэлиэхпит дии! Ол өссө ыраах айан. Эрчиллиэхпит! – эдэр аҕа дьаһайан көбдьөөрөр.
Сотору сиэссийэ саҕаланар. Татыйык бу сырыыга эрдэлиир кыаҕа суох. Нэһиилэ быыс булан ситиһэ эрэ сатыыр. Оҕо түбүгэ диэн баһаам. Урут бэриэт анньан иһэр бэйэтэ, бу сырыыга кыргыттарыттан уларсан лиэксийэлэрин түүнүн сурунар-хайыыр. Ол да буоллар, дьоҕурдаах киһиттэн син биир эрэйиллэрэ биир, этэҥҥэ туттарара буоллар.
– Саввинова, мин эйигиттэн биир эрэ ыйытардаахпын. Иккис боппуруоска туох диирдээххиний? – философ Иван Матвеевич ыҥыран ылла.
Татыйык, соһуйдар да, билэрин тоҕо тэбээтэ.
– Саввинова, сураҕа… игирэ оҕоломмуккун дуу?
– Оннук, кыргыттар.
– Герой ийэ маладьыас. Кытаат, улаатыннара оҕус. Аны күһүн хойутаабакка үөрэнэ кэлэр инигин?
– Булгуччу буоллаҕа, Иван Матвеевич, – Татыйык, зачеткатын ылаат, таһырдьа ыстанар.
Суостаах философтара бүгүн туох ааттаах манньыйбытын, дьэ, сэрэйдилэр. Көр, ким да бырабааллаабата ээ. Урут буолбатах түгэнтэн соһуйбут элбэх. Сураҕа, Татыйык икки кыыһыттан улаханнык саллыбыт үһү, диэн этэрбэс араадьыйатын сонуна өр күүттэрбэккэ тиийэн кэллэ. Онон Матвеевичтара бу сырыыга кими да күһүҥҥүлээбэккэ үөртэ. Дьиҥэр, кини куһаҕаныттан буолуо дуо, устудьуон бэйэтин итэҕэс-быһаҕас билиитэ, туора-маары сырыыта-эппиэтэ итиннэ тиэрдэрин бэркэ билэллэр. Татыйыктан сылтаан бука барыларын бырастыы гыммыт Матвеевич туһунан саҥа кэпсээн уопсай иһигэр оргуйан олордо…
Саабынап араспаанньаҕа Татыйык үөрэммитэ ыраатта. Ыал буолбута сыл эрэ буоллар даҕаны, бырааска кэлии-барыы, куруук араспаанньаны сураһыы кинини чахчы эрчийдэ. Онон, Саабынаба буолан төрөөбүт курдук. Үнүр, иккис эксээмэнигэр кураатара «Матвеева» диэбитигэр, оннооҕор атыҥырыы сыспыта ээ. Оттон билигин Саабынаптар элбэхтэр. Кириил, көрүөх бэтэрээ өттүгэр, соҕотох бэйэтэ түөрт буоллулар.
Татыйык сиэссийэтин эмиэ туйгунунан сабан, бу, дойдулаары, били кыараҕас саалалаах Маҥаннарын пуордугар быыкаа муччукаҕа оҥостон олороллор. Өрөмүөн буолан, оҕо хостоохторо сабыллыбыт. Оннук баарын Татыйык хантан билиэй. Маннааҕы дьуһуурунайдар бэйэлэрэ, игирэлээх эдэр дьону көрөн, эмиэ да ымманыйан, дьон олорор олбоҕор тэлгэнэн сыталларыттан эмиэ да буруйданан, тыл ыһыгыннылар. Хата, ол оннугар, сөмөлүөт көттөр эрэ, быһа барыаххыт диэн эрэннэрдилэр.
Эппиттэрин ыраастык толорбуттара. Сотору, сөмөлүөтүнэн көтөн тирилэтэн, Саабынаптар дойдуларыгар кэлбиттэрэ, кинилэри Өлөөнчүктээх Тиит ыаллара суоппар Бааска «Ниватынан» көрсө киирбит этилэр. Сып-сырдык, чап-чараас куруһубанан сирэйдэрэ көстүбэт гына сабыллыбыт кыргыттары дьонтон көҥөөн, кырдьаҕастар пуорка көрө-истэ сатаабатахтара. Түргэн үлүгэрдик сиэдэрэй суулаах сиэннэрин кытта эдэрдэри бэйэлэрин эрэ, баалынайдыын салааскалыын, бары таһаҕастарын массыынаҕа нэһиилэ батартаан, оҕонньордоох эмээхсин атаара хаалбыттара да, өр буолбатахтара, хаарбах «Урал» матасыыкылларынан буору бурҕатан, бэйэлэрэ саппай уопсан тиийэн кэлбиттэрэ. Өлөөнчүк барахсан инники сүүрэн киирэн, оһоҕун тимир аанын арыйа баттаат, хоруорбут өттүттэн сөмүйэтинэн сотон ылан, боруогу саҥа атыллатан эрэр сиэн кыргыттарын сүүстэригэр бэлиэ уурталаабыта.
– Айыбыын, эбээлэрэ сиэннэрин индиянка гынаттаата, – диэн эдэр аҕа дьээбэлэннэ.
– Дьиэҕит иччитэ атыҥыраабатын, бэйэтин көмүскэлигэр, харысхалыгар ыллын диэн ити аата илдьит, нокоо, – Өлөөнчүк, дьэ астынан, сиэн кыргыттарын эргитэ сылдьан эйэргээтэ.
– Ок-сиэ, бу улаханнара диэн, Марыынабыт, чахчы да уҥуохтаах эбит. Эттээх да курдук. Чээн, оттон бу Ириитэлэрэ… иинэҕэс соҕус дуу, – эһээ дэммит Тиит эмиэ кыҥастаһар.
– Маргарита Кирилловна бэйэм курдук, дуоспуруннаах, – диэн Кириил күллэртээтэ.
Кэлбиттэрэ нөҥүө күнүгэр эһэлэрэ өссө эбии соһутта:
– Ити оҕолоргут ааттарын сыыһа биэрбиккит. Маккырыы сытыйан, улахан кыыс Маккырыыта буолуо хаалбыт. Оттон дьиҥнээх Маккырыыта чахчы били Марыына эмээхсин курдук намыына бөҕөтө, өйө-төйө, сайаҕаһа. Көр, чугаһаатахпына, күлэн ымаҥныыр ээ, балык айаҕын чамырҕатарыныы туттар. Көр, көтөх диир буоллаҕа эбээт, бу өйүн көрүҥ, – оҕонньор чахчы сөхпүтүн кэпсиир…
* * *
Ити, оҕолор саҥа төрөөтөхтөрүн утаа да буоллар, уот харахха этии этэ. Кириил эмиэ, бэйэтэ да билбэтинэн, хара маҥнайгыттан тоҕо эрэ кыра кыыһыгар ордук чугас этэ, улаатан истэҕин аайы онон букатыннаахтык ылларбыта.
Марыынчык барахсан ытаһынан куттаатар да, арыый бороохтуйуута, сыыдам-түргэн бөҕө кини буолбута. Туппайа диэн, кинини көрөргө харах да харах наадата.
Балта Маккырыыта мөдөөн соҕуһа. Көнтөрүк диэҕи сатаммата, хата, толкуйдаах диир ордук курдуга. Марыынчык күнү быһа соруһан, эккирэтэн, төттөрү-таары туораахтанан, тутан ыла-ыла, үөрэн-көтөн тэйиэккэлиир буоллаҕына, Маккырыыта саҥата суох, тугу эрэ кэбийэ-кэбийэ, көрөн олороон-олорон баран, биирдэ тураары, наадатын барытын тутан ыларынан маастар этэ.
Кыргыттар түөртэрэ-биэстэрэ буолуутугар ити хартыына син биир уларыйбатаҕа. Марыынчык, ытыы сыһа-сыһа, батыһа сылдьан ааттаһан ийэтигэр остуоруйалатара. Оттон Маккырыытаҕа сарсыарда туттарбыт кинигэлэрин тутан олорон, бииртэн биир ойууну оргууй арыйан олорон күнү быһа көрөрө. Киэһэ аҕата Кириил кэлэригэр, ол ойууттан тугу көрбүтүн, бэйэтэ тугу эрэ айбытын астынан оргууй кэпсиир идэлээҕэ.
Аһыылларыгар биир оннук. Марыынчык кыыс сирэ-тала, ыстыы-ыстыы, остуолу биир гына ыһыталаан быраҕаталаан кэбиһэрэ. Маккырыытаҕа, тугу да биэр, мөккүөрэ суох сиэн кэбиһэрэ. Дьиктитэ баара, кини онтон ордук үөрбүтэ-көппүтэ хаһан да биллибэтэ. Судургута сыттаҕа. Марыынчык киэнэ, туга барыта тыастаах-уустаах, туруулаах-олоруулаах, саҥа аллайыылаах, күлүм оонньуулаах буолара. Үкчү аҕатын курдук. Ону Кириил ылыммата. Итинник буолбатахпын диэн мөккүһэрэ уонна бэйэтигэр кыра кыыһын маарыннатара. Маккырыыта, тугу эмэ наһаа сөбүлээтэҕинэ да, саҥата суох мүчүк эрэ гынара уонна туһааннаах киһитигэр, үксүгэр аҕатыгар мичээрдээн күлүм аллайара.
Татыйык кыргыттарын хаһан да араартаан, туспа тутан көрбөтө. Биирдэрин сэниэлээх, иккиһин наҕыл курдук ылынара. Дьон эмиэ, игирэлэртэн биирдэрэ көхтөөх, иккиһэ мөлтөх буолааччы диэнинэн сирдэтэн сыаналыыллара. Көстөр дьүһүннэринэн Марыына аҕатыгар маарынныыра, хара бараан кип-киэҥ харахтаах кыыс сытыытык көрөрө-истэрэ. Оттон Маккырыыта куп-кубаҕай, кыараҕас да, киэҥ да дииргэ дьүөрэтэ суох, сөбүгэр соҕус сырдык харахтааҕа, хара кытаанах баттахтааҕа. Ону эһэтэ Тиит, «оҕом миигин батан өһөс соҕус буолсу, боробулуоха курдук баттахтаах» диэччи. Оччоҕо Өлөөнчүк көннөрө охсор: «Оҕом өсөһө суох, сүрэхтээх буолан баттаҕа кытаанах», – диэн мөккүһэрэ. Оччоҕо Татыйык иһигэр сэмээр саныыра: «Олох диэн дьикти даҕаны. Этиэх да курдук, бу кыргыттар син биир тугунан эрэ маарыннаһаллар. Эһэлээх эбэтэ бэйэлэригэр тардыһан эмиэ хааннарын аахсаллар. Арай, дьиҥ кырдьыгы биллиннэр?»
Марыынчыктаах Маккырыыта оскуолаҕа киирэллэригэр дьикти түгэн буолбутун, тугу да сэрэйбэт Кириил, соһуйбутун аанньа ини, куруук кэпсээн ааһааччы.
– Ийэбит кыргыттарга иккиэннэригэр оскуолаҕа кэтэр ырбаахыларын, баартыктарын атыыласта. Сыымайдааччы, биллэн турар, Марыынчык. Талан-талан, санаатыгар бастыҥын ылла. Дьиҥэр тугу талыаххыный? Иккиэннэрэ тэбис-тэҥ буоллаҕа дии. Суох, Марыынчык син биир талла. Маккырыыта кыһаммат. Ордубутун кини ылла. Эдьиийбит таҥаһын оронугар быраҕаат, оонньуу барда. Кыра кыыс барытын бэринэн, ийэтэ биэрбит билиэчигэр ыйаан, ыскаапка укпут. Эдьиий таҥаһын эмиэ сааһылаабыт. Марыынчык кэлэн били таҥаһа сааһыламмытын көрөн балтын, кууһа-кууһа, махтанан сыллыыр-ууруур. Онтон өйдөөн көрбүтэ, Маккырыыта бэйэтин киэнин ыскаапка укпут эбит. Доҕоор, кырабын диэбэт ээ, бу киитэрэйин көр, ойон тиийэр да, ону эһэ охсон ылан оронун үрдүгэр баар тоһоҕоҕо ыйанан кэбиһэр. Бэйэтин дьаарыстаммыт таҥаһын балтын оронугар илгэн кэбиһэр да, хостон ыстанан тахсан, салгыы оонньуу ойор. Маккырыыта эбитим буоллар, аахсыа эбиппин да, мин оҕом көрсүөтэ сыттаҕа. Эдьиий били бырахпыт ырбаахытын, баартыгын ылан, эмиэ билиэчиктээн баран ыскаапка ыйыыр. Сарсыарда тураат, Марыынчык ыскааптан ылан, Маккырыыта ыйаабыт таҥаһын кэтэн кэбиһэр. Балтыбыт эмиэ саҥа суох, эдьиийэ бэйэтин оронун үрдүгэр ыйаабыт таҥаһын таҥнар. Онтон, оскуола кэнниттэн кэлэн баран, Марыынчык таҥаһын оронугар ыһан баран тахсан барар. Маккырыыта кэлэн иккиэннэрин уурбут-туппут курдук сааһылаан ыскаапка ыйаан кэбиһэр. Итини эбэлэрэ кэтээн көрөн сөҕүү бөҕө. Биһиэхэ тыллаан кэпсээтэ. Бу икки кыыс майгытын көрүҥ. Атын-атын. Ол иһин ийэбит иккиэннэрин хоско киллэрэн дьарыйда, үөрэттэ ээ. Марыынчык хонтуруолга киирдэ, кини бэрээдэгин эбээ кэтээн көрөр…
Дьэ, ити майгы диибит да. Хааҥҥар тыгыалыыр майгыгын көннөрө тутар олус уустук. Марыынчык үкчү аҕатын курдуга сылтан сыл эбии көстөн иһэр. Ону Кириил билигин да билиммэт, миэхэ маарынныыр Маккырыытам диэхтиир. Дьон улахан кыыһы эмиэ аҕатыныы дииллэр, оттон кыраны Татыйыкка майгыннаталлар.
Быйыл оскуолаларын бүтэрээри сылдьар кыргыттар тэбис-тэҥ уҥуохтаахтар, биир таҥастаахтар, дьүһүннэринэн эрэ арыый маарыннаспат курдуктар. Үөрэхтэригэр бэртэр эрээри, Марыынчык онуоха букатын наадыйбат. Кыра кыыс куруук дьаныһан туран үөрэнэр, ону Татыйыкка маарыннаталлар. Кыргыттар бэйэлэрин икки ардыларыгар эйэлээх бөҕөлөр эрээри, эдьиий киһи куруук хотун. Быһаарааччы, дьаһайааччы, үллэрээччи – кини. Саҥата суох барытын ылынааччы – кырата. Онон, үөрэнэн хаалан, барыта буолуохтааҕын курдук мөккүөр, үгүс айдаан суох.
Кириил бэтэринээрин үлэтигэр сылдьар. Татыйык оскуолаҕа учууталлаабыта ыраатта. Били дьиэ туттубуттарын эбии салҕаммыттара. Аҕата Тиит, төрүкү да уус буолан, күтүөтүн маска тута сыһыарбыта, киһитэ билигин наадатын толунар илиилээх дьон ахсааныгар киирэр.
Саабынаптар быр курдук олохторугар былырыын айманан ылбыттара. Оҕонньор бараахтаабыта. Ийэтэ Өлөөнчүк эмиэ кырыйда, кыаҕа кыччаата. Ол иһин Татыйык санаата батарбакка, хайдах эрэ кини ийэтин кытта сыһыаныгар кистэлэҥ суох буолуохтаах диэн, куруук таһаҕастаах сылдьар буолан, үнүр этиммитэ. Оҕолорун баччааҥҥа диэри бэйэлээх бэйэбит киэннэрэ, биһиэннэрэ диэн тэҥҥэ иитэн-харайан атахтарыгар туруоран эрдэхтэрэ дии. Ол эрээри ити игирэ кыргыттар истэрэ истээҕин, ама, ийэтигэр буолбакка, атын кимиэхэ итэҕэйэн, эрэнэн кэпсиэхтээҕэй? Бу сыллар усталарыгар тулуйбута да баара. Аҕата да баарына били кистэлэҥин үллэстибитэ буоллар Татыйыгы син биир таптыыр дьоно таба өйдүөхтээхтэрэ буолуо ини.
Өлөөнчүк олус соһуйбута. Чахчыта да сөхпүтэ. Кыыһын кытаанах санаатыттан саллыбыта дуу, дуоһуйбута дуу. Ол туһунан тугу да эппэтэҕэ эрээри, биири тоһоҕолообута, сөпкө гыммыккын диэн, биһирээбэтэр даҕаны, сөбүлэҥин биллэрбитэ. Ол эрээри, Өлөөнчүк эмээхсин кыыһын букатыннаахтык буойбута, мантан инньэ салгыы тулуй, икки атахтаахха быктарыма, Кириил билэрэ сатаммат диэбитэ. Аҕаҥ да билбэккэ барбыта ордук, дьахтар аймах, айылҕатынан даҕаны, эр киһиттэн ордук имигэс толкуйдаах, сүрэҕинэн да сэрэйэрэ чараас, онон үксүгэр эр дьон ордугу-хоһу билэн санаа-оноо оҥостоллоро бэйэлэригэр охсуулаах, айгыратыылаах, онтон кинилэри араҥаччылыыр куолу диэн кыыһын өйдөппүтэ. Туун-тулаайах оҕо эйиэхэ бэйэтинэн кэлбитин аны кэлэн ким ирдиэй дуу, көрдөөн эрэйдэниэ дуу диэтэҕинэ, кырдьыга да оннуга ээ. Дьоло суох дьахтар оҕотугар дьолу көрдөспүтүн толоруу аньыы буолбатах диэн эмээхсин быһааран кэбиспитэ.
Онтон ыла Татыйык, кэмниэ кэнэҕэс сүгэһэриттэн босхолонон, сүргэтэ биллэ көтөҕүллэн, санаалыын чэпчээн сылдьар. «Бэйэм киэмминээҕэр, хата, иитиэҕим ордук чараас, чугас курдук буолан ылаттыыр», – диэн иһигэр билинэр. Этэҥҥэ эрэ буоллуннар диэн биир эрэ баҕа санаалаах. Кыргыттара, субу оскуолаларын бүтэрдэхтэринэ, үөрэнэ барыахтара турдаҕа. Марыынчык былаан бөҕөлөөх. Маккырыыта, куолутунан, саҥарбат. Ол эрээри Марыынчыгын туһугар ийэ санаата уоскуйбат, аһары тыал курдук буолан ылаттыыра, кини санаатыгар, кутталлаах соҕус. Оттон Маккырыытатыгар эрэнэрэ оччо. Кыра кыыс эдьиийиттэн атынын аанньа, хаһан да кинини бэйэтин диэки тардан, толкуйунан сөп хайысхатыгар аҕаһын итэҕэтэ, ылыннара сатаабат. Бэйэтэ бэйэтигэр, чуумпу, эрэллээх эрэ диэн дьонун уоскутар оҕо.
Марыынчык, наадалааҕынан аахтаҕына, тугу барытын ситиһиэ. Ол эрээри аара хаста алҕаһыа, туохха тутуллуо… биллибэт ээ. Эмиэ Кириил илэ бэйэтинэн. Ону оннук диэн омнуолуу олоруоҥ дуо, оҕо туһугар ойоҕос тостор. Татыйык кыыһын харыстаан, барыттан сэрэтэн, анаан туран, араастаан кэпсэтэ, ылыннара сатыыр да, анарааҥҥыта улахаҥҥа уурбат, хоҥоруутугар хоҥнорбот.
– Ийээ, эн учуутал буолан бараҥҥын, туох ааттаах барыттан бары, кыра аайыттан куттанаҕыный? Оҕолору итинник үөрэтэр баар дуо? – диэн, хата, баайсар. – Мин эбитим буоллар: «Оҕолор, чахчы эһиги кэмҥит кэллэ! Кытаатыҥ! Иннигит диэки! Туохтан да толлумаҥ! Тугу эрэ гынар киһи алҕаһыыр! Сыыһартан куттанымаҥ!» – диэхтээх этиҥ буолбат дуо? Ээ, Татыйык Титовна?!
Ити баар. Итиэннэ оҕоҕор тылгын иһитиннэр. Марыынчык майгыта итинник, хайыаҥ баарай… «Дьэ, буолар да эбит, сатана кыыһа… Бэйэтэ эрэ сиирэ-халты туттубутуттан уот абытай кэһэйэр санаалаах. «Өйдөөх киһи дьон алҕаһыттан үөрэнэр, муударай итинниккэ үктэтэн бэрт» диэн өс хоһооно киниэхэ сыһыана суох эбит буолбаат…»
* * *
Саабынаптар быйыл сайын куоракка кэлэн сайылаатылар. Урут хаһан эрэ кыргыттар төрүүллэригэр аймах оҕонньорго олорбуттарын санаан Татыйыктаах Кириил сонньуйаллар. Дьыл – хонук. Хайы-үйэ кыргыттар улаатан, оскуолаларын бүтэрэ оҕустулар. Олус бэркэ тапсан олорбут буолан сылы-хонугу аахпакка, билбэккэ да хаалбыттар. Бэйэлэрин да саастара ырааппыт эбит. Бастаан утаа эбэлэрин эмиэ куоракка илдьэ кэлээри гыммыттарын, Өлөөнчүк мөлтөөтүм диэн, күнү көрөн туран, буолумматаҕа. Онон икки дьиэ икки ардыгар тэйбэҥнээн бэйэтэ сырыттаҕа.
– Оокколорум дьиэлэрин да манаатахпына, миигиттэн, кырдьаҕас киһиттэн улахан көмө буолуо, – диэн игирэчээннэрин сырылаччы сыллаталаан ыыппыта.
Кириил, кыра кыыһа историк идэтин талбытын иһин, онно туттарсыахтаахтар. Марыынчыгы ийэтэ тутар. Татыйык кини суот-ахсаан эйгэтин талбытын биһирээбитэ, онон көх-нэм буолан көмөлөһөргө санаммыта. Ити былааннара табыллан бөҕө. Маккырыыта историятыгар холкутук киирдэ. Марыынчык, ыксата да сырыттар, ийэтэ манаан бибилэтиэкэҕэ олордубута биллэ ээ, син бааллара хапсан эмиэ киирдэ. Саабынаптар үөрүү бөҕө. Кыргыттар иккиэн тус-туспа уопсайга олоруо этибит диэбиттэрин, толкуйдаан баран, сөбүлэстилэр. Бастаан, иккиэннэрин куоракка, дьиэ куортамнаан олохтуур былааннарын сүөрдүлэр. Эйгэлэрэ да атын соҕус, майгылара эмиэ маарыннаабат. Онон, хата, кэлэ-бара билсэллэрэ оруннаах буолсу.
Устудьуон кыргыттар, хаһан эрэ ийэлээх аҕалара араас кэмҥэ үөрэммит Сэргэлээҕин нөҥүө-маҥаа уопсайдарыгар олохсуйбуттара. Хайа хайалара мэһэйдэспэтэхтэрэ. Кэлии-барыы, билсии-көрсүү, таансы-күүлэй да таһыма, били майгыларын хоту, букатын арааһа. Марыынчык төбөтүн оройунан күргүөмнээх киэҥ-куоҥ эйгэҕэ соҕотохто умсубута. Маккырыыта сытан эрэ кытта ааҕарыттан, бибилэтиэкэ кинигэтин хасыһарыттан ордубатаҕа.
Тыа сирин Саабынаптарын олохторо эмиэ уларыйбыта. Татыйык күнү-күннүктээн оскуолаттан ордубат. Бэтэринээр Кириил, былырыыҥҥыттан нэһилиэк баһылыга буолан, командировка диэнэ элбээн, итиннэ-манна сыыйылыннаран олордо. Өлөөнчүк бытаарда, кыаҕа эһиннэ, саас, уу-хаар тахсыыта, бэйэтэ этэн эрдэ сэрэппитинии, «оҕонньорун диэки сыҕарыйаахтаата». Кыргыттар эбэлэрин уҥуоҕар сайын эрэ тиийдилэр. Бачча тухары улаатыннарбыт эбэккэлэрин аһыйан, улааппыт кыргыттар кистии-саба харахтарын уутун соттубуттара.
Олох сылтан сыл иннин диэки дьүккүйэр. Марыынчык үөрэҕэр чэпчэкитик, хаардыы хааман иһэр. Кыһаннаҕына үчүгэйдэтэр, кыратык аахайбатаҕына «үстэнэр». Дьоно ирдииллэрин хантан ылыныай? Бэйэтигэр сокуоннаах Марыынчык, ол да буоллар, сытыыта-хотуута, дьаһала-тэрилэ бэрт буолан, факультетыгар боропсойуус хотуна буола охсубута. Оттон Маккырыыта өссө былырыыҥҥыттан ыла устудьуон кэмпириэнсийэтигэр кыттан, ааттаах дакылааты суруйан, биһирэнэн, оргууй аҕай науканы кэрэхсиирэ билиннэ.
Правообладателям!
Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.