Электронная библиотека » Федот Захаров » » онлайн чтение - страница 4

Текст книги "Үйэ кирбиитигэр"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Федот Захаров


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 18 страниц)

Шрифт:
- 100% +

Күhүн хаар түспүтүн кэннэ, Саттаар, үүтээҥҥэ олорон бултаан, үс кииhи, уонча тииҥи өлөрбүтэ. Икки киис тириитин Мымах баай ылбыта. Онтуката туох да төлөбүрэ суох нууччаларга түhээн быhыытынан барар түүлээх үhү. Ол оннугар Мымах саас быстарыыга тыhаҕас төбөтүн биэрбитэ.

Саттаар бүгүн эмиэ куртуйахха ииппит туhаҕар барда. Сорох туhаҕын атын сиргэ көhөрөн иитэр санаалаах. Урут чугас алаас тумулугар ииппитэ да, онтон көhөрүүhү. Ити тумулга куртуйах түспэт эбит. Куруук мэлитэр.

Туора-маары ааннаан ииппит тоҥууларыгар кэлэн, туhах баайыллыбыт синньигэс туорай мастары ылаттаан, холбуу тутан сүгэн, алаас арҕаа өттүнээҕи иҥнэри ырааhыйаҕа аҕалла. Бэҕэhээ куртуйахтар бу ырааhыйаттан көппүттэрэ.

Синньигэс үөл титириктэри бысталаан, төбөлөрүн уhуктаан бэлэмнээтэ. Кыратык бааhырдан баран бүк баттаан, арахсыбат гына тоhутан, уhуктарын сиргэ батарыта анньан, ааннаан, тоҥуу оҥордо. Аанын үрдүнэн туhахтаах туорай маhы уурда. Халбыйа сылдьар кыл туhаҕын, бүк тутуллубут икки отунан туттаран, төгүрүтэ тэниттэ. Тутар оттору аан туорай мастарыгар кыбытан иҥиннэрэр. Тоҥуу быыстарын талаҕынан эҥин бүөлээтэ. Туора-маары ааннаах биэс тоҥууну оҥордо. Сүүрбэччэ туhахтаах да, барытын биир сиргэ ииппэт. Элбэх сиргэ тэнитэн ииппит ордук. Кэм эрэмньилээх буолар.

Онно-манна иитэлээбит туhахтарын кэрийэн, бүгүн биир хара куртуйаҕы ылла. Байанай биэрбитин мыыммат баҕайыта. Сарсын, баҕар, өлгөмнүк бултуйуо. Туhах иитиллибит сиригэр куртуйах сүүлэ түбэстэҕинэ, аахтара кэриэтэ ылааччы.

Тиhэх туhахтарын көрөн баран, суолга киирэн дьиэтин диэки хаамар. Бөлөх-бөлөх чөмөхтөhө үүммүт уhун уктаах ньургуhуннар биллэр-биллибэт сиккиэргэ эйэҥнэhэ хамсыыллар. Сааскы ньургуhун хойуутук үүммүт буоллаҕына, өҥ сайын кэлэр диэччилэр.

Тыа саҕатынан баран иhэн, утары Нуҥнуур кыыс иhэрин көрөн сүрэҕэ мөҕүл гынна. Сирэйэ итийбитин биллэ. Кыыс соҕотох. Чугаhаан кэллэ. Ыыhаммыт араҕас сарыы сутуруолаах, хара саары этэрбэстээх, уhун таҥалайдаах8.

– Хайа, куртуйах өлөрбүккүн дуу? Хара куртуйах, – оҕолуу чэбдик сирэйдээх кыыс ордук тупсубут, төлөhүйбүт. Бэйэтин кэрэ сэбэрэтинэн уолаттары симитиннэрэрин билэр кыыс чобуотук туттар.

– Мэ, эйиэхэ биэрэбин, – туох диэҕин билбэккэ симиттибит уол өйүгэр күөрэйбит санаатын этэр.

– Кырдьык, миэхэ биэрэҕин дуо? – кыыс ылыах курдук илиитин уунар.

– Кырдьык.

– Суох, ылбаппын. Дьиэҕэр кураанах тиийиэҥ дуо. Дьонуҥ кэтэhэн олороллоро буолуо. Хата, миэхэ ньургуhунна бэлэхтээ, – кыыс мичийэ ымайар.

– Кырдьык, дуо? – Саттаар дьээбэрэн этэр дуу дии санаата.

– Кырдьык этэбин.

– Мин эйиэхэ үчүгэйин талан биэриэм.

– Суох, талыма. Ньургуhун барыта үчүгэй.

Уол суол кытыытыгар үүммүт бөлөх ньургуhуну туура тардан ылан кыыска туттарар.

– Оҕолор мустан оонньоотохторуна кэлээр. Кэтэhиэм.

Кыыс ньургуhуну сытырҕалаан көрөр.

– Хаhан мустаҕыт?

– Сотору тэрийиэхпит. Мин Мындай уолга этиэм. Иhиттэххинэ кэлээр. Сөп дуо?

– Сөп. Кэлиэм.

Саттаар саҥа тиктэрбит сарыы сонун санаан аhарда. Дьиэтин диэки хааман иhэн эргиллэн көрбүтэ – кыыс, тыа тумсун эргийэн иhэн, эмиэ кини диэки хайыста. Уол туох эрэ үөрүү долгунугар көтөҕүллэн, чэпчээбит курдук буолбут. Күн чаҕылыгар сырдаабыт күөх халлаан, киэҥ алаас, намылыйбыт хатыҥнар, эйэҥнэhэр ньургуhуннар эмиэ үөрсүбүт курдуктар. «Үчүгэй даҕаны!» диэн саҥа аллайыан баҕарда.

* * *

Улуу өрүс көмүөл мууhун үлтү күөрэлээн, хоту диэки тохтоло суох уhуннаран, аhаран, халаан уута намыhах сири ылан кэҥээн нэлэhийбит. Билигин даҕаны ыраах үөскэ быстах муустар усталлара көстөр. Сибиэhэй балыгы сиэбэтэхтэрэ өр буолбут дьон уу түhэрин кэтэhэллэр.

Петр Бекетов оронугар тиэрэ түhэн сыттаҕына, Лөгөй тойон кэллэ диэн эттилэр. Тоҕо кэллэҕэй? Саха тойотторуттан кини эрэ нууччаларга доҕор-атас буолбута. Атыттар чугаhаабаттар. Атыҥырыыллара биллэр. Атамаан тылбаасчытын Петрушканы ыҥыртарда. Эстэрээппэ дьахтарга «аста бэлэмнээ» диэн соруйда.

Сотору Лөгөй киирэн сүгүрүйэр. Соҕотох. Туох да кэhиитэ суох кэлбитин Бекетов дьиибэргии санаата. Туох эрэ буолбут буоллаҕа дуу?

Маҥнай көннөрү олох-дьаhах, хайдах олороллорун эҥин туhунан кэпсэттилэр. Сахалар сүрүн соруктарын тута этээччилэрэ суох.

Лөгөй аhыы олорон санаатын этиэн иннинэ, тус бэйэҕэр этэбин диэн, асчыт саха дьахтарын таhаартарда. Тылбаасчыттыын үhүө буолан хааллылар.

– Тойон, бу дойдуттан барыаххын наада, түргэнник, – диэн Лөгөй этиэх буолбутун дьэ эттэ.

– Тоҕо диир тойон, – Петрушка Бекетов тылын сахалыы тылбаастыыр.

– Эйигин өлөрөөрү соруналлар. Ол туhунан сир-буор аннынан чып кистэлэҥинэн кэпсэтии баар диэн сураҕы иhиттим. Ону этээри кэллим, – Лөгөй, ким эрэ истиэ диэбиттии, иҥнэх гынан аргыый саҥарар.

– Ким тэрийэрий? Өспөх дуо? – Петрушка эмиэ тойонун тылын тылбаастыыр.

– Ким тэрийэрэ биллибэт. Хааннаах дапсыыр9 буолуо диэн куттанабын. Биһиги, сахалар, хаан тоҕуннаҕына, ону иэстэһэр үгэстээхпит. Былыр-былыргыттан оннук этэ. Онон эрдэ-сылла дойдулаа, бар. Ол ордук буолуо.

Бекетов, тылбаастатан баран, тугу эрэ нууччалыы саҥарталаата.

– Туох диирий? – диэн Лөгөй Петрушкаттан ыйытар.

– Тойон мин кинилэртэн куттаммаппын диир. Государь илиитэ уһун, биир хаһаагы өлөрдөхтөрүнэ, сүүс туора урдуһу өлөрүөхпүт диир. Инньэ диэн дьоҥҥор этиэҥ үһү. Биhиги куттаҕас дьон буолбатахпыт диир, – Петрушка тылбаастыы үөрэнэн иҥнибэккэ саҥарар.

– Этэрин этиэм да, киһи тылын истибэт дьон. Туох да айдаана суох баран хаалбыта ордук буолуо этэ. Бэйэтин оннугар атын киһини хааллардын. Сүбэлээн этэбин.

– Ханна да барбаппын диир, – Петрушка Бекетов этэрин истэн баран сахалыы тылбаастыыр. – Кинилэрдээҕэр ынырык өстөөҕү көрбүт киһибин диир.

– Мин сэрэттим. Эн иһиттиҥ. Куһаҕан түүлү түhээбитим. Туох эрэ буолара буолуо.

Лөгөй эппитин тылбаастатан истэн баран, Бекетов этэр:

– Твой дурной сон мне не помеха. Нам поможет бог. Все равно победим…

Лөгөй барбытын кэннэ, Бекетов түүҥҥү харабылы күүһүрдэргэ дьаһайда. Күнүс остуруок таһыгар көрсөн кэпсэтэллэр. Бекетов дьонугар Лөгөй сэрэппитин туһунан быһыта-орута эттэ.

* * *

Өрүс мууhа ыраастаммытын кэннэ, Бекетов хаһаактар уонна промысловиктар бөлөхтөрүн хоту ыытта. Кинилэр ол диэки олорор сахалартан, тоҥустартан дьаһаах хомуйуохтаахтар.

Сүүрүгү таҥнары устар буоланнар түргэнник айаннаатылар. Тыал кэннилэриттэн буоллаҕына, мачта туора маһыгар эриллибит баарыстарын түһэрэн тиирэ тардаллар. Түүннэри-күнүстэри тохтоло суох устар буоланнар, сотору Алдан төрдүн аастылар.

Бүлүү өрүс төрдүгэр тиийэн, балыктыы сылдьар нууччалары көрөн соһуйдулар. Анарааҥҥылар да соһуйдулар быһыылаах. Кытылга сыстан кэпсэтии буолла.

Ааспыт сайын Степан Корытов атамааннаах Мангазея хаһаактарын этэрээтэ Бүлүү төрдүгэр кэлэн кыстаабыта. Кинилэр Енисей хаһаактарын сөбүлээбэтэх харахтарынан көрдүлэр. Хара ааныттан хаҕыс кэпсэтии буолла. Мангазея хаһаактара: «Эһиги манна тоҕо кэллигит, барыҥ. Бу биһиги дьаһаах хомуйар сирбит», – дэһэллэр.

Бекетов дьоно онно сөбүлэммэттэр: «Лена сүнньэ барыта биһиэнэ, эһиги Бүлүү сүнньүн ылыҥ», – дииллэр. Анарааҥҥылар буоллаҕына аһара баран, Алдан эмиэ биһиги сирбит диэн турдулар. Кинилэр урут арыйбыттар үһү. Степан Корытов иирсээни күөдьүппэт санааттан: «Биһиэхэ холбоһуҥ, кыттыһан дьаһаах хомуйуоҕуҥ», – диэбитин Бекетов дьоно сөбүлэспэтилэр.

Мөккүһэн баран көбүөлэһии, анньыалаһыы буолбутугар, Мангазея хаһаактара элбэх буолан тулуппатылар. Саба түһэн охтортоон, кэлгийэн кэбистилэр. Судноларын былдьаан, сааларын-сэптэрин ылаттаан баран, төнүннэрэн, Алдан төрдүгэр аҕаллылар. «Олох утарылаһымаҥ, кураанах арыыга хаалларан, хоргутан өлөрүөхпүт!» – диэн суоһурҕаналлар дииллэр. Сүрүн куоһурдара – Ленаны биһи арыйбыппыт, эһиги кэлин кэлбиккит диэн.

Енисей хаһаактара хайыахтарай, Алдан төрдүттэн остуруокка төннөр буоллулар. Мангазея хаһаактара: «Алдан өрүс уонна Лена аллараа өттө – олоччу биһи сирбит, онно кэлэ да сорунумаҥ», – диэн сэрэттилэр.

Ити быһылааны истэн баран, Бекетов бэрт түргэнник соҕуруу барарга быһаарынна. Енисейск воеводата хайдах эмэ гынан Мангазея хаһаактара үүнэ-тэhиинэ суох барбыттарын тохтоттоҕуна табыллара буолбут. Уонна Лөгөй тойон сэрэппитэ өйүттэн-санаатыттан арахпат. Төhө да эдэр сааhыттан быhылааннаах сырыыга сылдьыбыт хорсун киhитин иhин, бу дойдуттан дьаадьыйдаҕына эрэ нус-хас утуйууhу. Кини сахаларга улахан аньыыны-хараны оҥорбутун билэр. Хаһаак сэптээх-сэбиргэллээх өстөөҕү кыргыhыы хонуутугар самнарара – чиэс-хайҕал. Оттон оҕону, дьахтары өлөрөр – саат-суут. Төhө даҕаны улахан сорук, сыал иннигэр буолтун иhин, саныырга ыарахан…

Енисейскэйгэ баран сыл устата хомуйуллубут дьаhааҕы туттарыаҕа, быhыыны-майгыны кэпсиэҕэ. Быйыл атыыhыттар аҕыйах бурдугу аҕалбыттар. Эбии бурдук ыыталларыгар кэпсэтэн көрүөҕэ.

Бекетов бэйэтин оннугар Парфен Ходырев диэн киhини хаалларан баран, төннөр кочаҕа олорсон өрүhү өксөйдө. Парфен – бояр төрүттээх бас-көс киhи. Онон кини атамаан буолара сөп.

Сахалар кэлбэт-барбат буолан, ньим барбыттара хайдах эрэ сэрэхтээх. Мангазея хаһаактара буоллаҕына, бэйэ дьоно эрээри, ардай аhыыларын көрдөрдүлэр. Хаалларбыт дьоно хайдах олороохтууллара буолла?

* * *

Атырдьах ыйын бүтүүтүгэр Саттаар Өрөөбөлүүн отторун кэбиhэн бүтэрдилэр. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Саха ыалын олоҕо дьыл хайдаҕыттан улахан тутулуктаах. Өҥ сайыҥҥа дьон үөрэ-көтө үлүмнэhэн үлэлиир. Эhиил хайдах дьыл буолара биллибэт. Саттаар эмиэ отун үлэтигэр күүскэ үлэлээн, аҕыйах хонукка аҕатын көмөлөhүннэрэн, от бөҕөнү оттоото. Быйыл кур оттоох буолсулар. Онон эhиил кураан да буоллаҕына, улаханнык оҕустарыахтара суоҕа.

Кини быйыл санаата көнө сылдьар. Нуҥнууру кытта улам чугасаhан, от үлэтэ бүттэҕинэ көрсүhүөх буолбуттара. Кыыс бэйэтэ этэн соhуппута. От үлэтэ бүппүтүн кэннэ Өрөөбөнү ыытаар диэбитэ.

Дьиэтигэр икки күн сынньанан баран, инитин кыыска ыытта. Саас көрсүбүт сирдэригэр сарсын киэhэлик кэллин диэн илдьиттээтэ. Өрөөбөҕө ким да суоҕар кыыска кистээн этээр диэн өйдөттө.

Хонон турда. Киэhэ хойукка диэри утуйбатаҕа. Оо дьэ, бүгүн барар күнэ. Кыыhы кытта көрсө барарыттан хайдах эрэ саллар. Урут оонньууга кыбыстыбакка эрэ хорсуннук барара. Оттон билигин анаан-минээн көрсө барар. Ол атын. Туох диэн кэпсэтэрэ буолла?

Саҥа сонун кэтэн дьиэттэн таҕыста. Далаhаҕа киирэн күлүгүн көрүннэ. Таарыйа сирэйин суунна. Суолга киирэн тыаны туораан, үрүйэни ааhан, били саас кыыhы көрсүбүт алааhыгар киирдэ. Көрсүөх буолбут сиригэр соруйан эрдэ кэллэ. Сэрэйбит курдук, кыыс кэлэ илик. Күн билигин даҕаны киэhэрэ илик. Тыа саҕатыгар олордо.

Арай кыыhа кэлбэтин. Эбэтэр мааны, үчүгэй күтүөт ыйытан, тылын биэрэн кэбистин. Дьахтар санаата уларыйымтыа дииллэр. «Миигин бэйэтигэр тэҥниэ суоҕа» диир санаата эмиэ күөрэйдэ. Ынах этэрбэhэ, убаhа тириитэ сутуруота ону санатар. Курус санаа күөрэйиэх чуумпута. Кураанах хонуу…

Тыа тумсунан тииттэр быыстарынан кыыс элэҥнээн иhэрин көрөн сүрэҕэ тэбиэлээтэ. Эмиэ үөрүү долгунугар куустарда.

– Хайа, кэлбитиҥ өр буолла дуо? – кыыс кэлэн аргыый ыйытар.

– Өр буола илик. Билигин кэлбитим, – уол туран кэлэр.

Дьоҥҥо көстүмээри, тыаҕа киирдилэр. Сүөhү ыллыга баар эбит. Ону батыhан кыра ырааhыйаҕа кэллилэр. Ким эрэ кэрдэн баран бырахпыт дүлүҥэ сытар. Ол үрдүгэр кэккэлэhэ олордулар.

– Туох сонуннааххын? – кыыс, арбы-сарбы соҕус туттан олоро түhэн баран, ыйытар.

– Оппун оттоон бүтэрдим.

Уол кыыhы кууhан ылыан санаан аhарда. Кыбыстар. Илиитэ барбат.

– Быйыл эрдэ бүппүккүн дии.

– Эрдэ, – уол ити ыйытыытын хайдах эрэ хомойо иhиттэ. Олох күүппэтэх буоллаҕа дуу? Эйигин көрсөөрү күүскэ үлэлээтим диэҕин тардынна.

Чочумча саҥата суох олордулар. Уол кыыhы кытта туох диэн кэпсэтиэҕин билбэт. Нуҥнуур маҥан сарыы этэрбэhи кэппит. Кылгас сарыы сонноох.

– Эйиэхэ туох сонун баарый? – Саттаар хардары ыйытар.

– Биһиэхэ биир киhи кэлэ сырытта, – кыыс уолу кылап гына көрөн ылар.

Уол тута саҥарбата. Хайыы үйэ кэлэн ыйытан эрэллэр эбит. Ол иhин уларыйдаҕа. Сотору, бука, букатыннаахтык арахсаллара буолуо. Онтон тоҕо эрэ ойоҕоhуттан өскүөрүтүн ыйыппыт курдук туттан ыйытта:

– Ону эн?

– Ону мин… Буолумматым.

– Оттон дьонуҥ туох дииллэрий? – Саттаар сэгэс гына түстэ.

– Барбыттарын кэннэ аҕам «саакка уктуҥ, кыбыhыннардыҥ» диир.

– Баай, мааны киhи дуу?

– Мааны уол.

– Тоҕо буолумматыҥ? – Саттаар ыйытан баран акаарытык тылластым дии санаата.

Кыыс саҥарбата. Төбөтүн санньыппыт. Онтон эмискэ хонос гынаат, абарбыт курдук саҥарда:

– Эйигин күүтэбин. Эн бэйэлээҕи!

– Кырдьык дуо? – уол илиитин кыыс илиитин үрдүгэр уурда.

Ити быhыыта хайдах эрэ олус солуута суох курдук буолла. Итинник тахсан хаалла. Сороҕор киhи саҥарбыт саҥата, туттубут быhыыта эмискэ, төтөлө суох буолааччы.

Кыыс саҥарбат. Уол салгын сиэн хараардыбыт, чэрдээх ытыстаах илиитигэр холоотоххо, кыыс маҥан илиитэ кыра, нарын, сымнаҕас. Илиитин таарыйбыта, туох эрэ моhойу үрэйбитин курдук буолла. Кыбыстар, килбигийэр санаата ханна эрэ симэлийэн, кыыhы кууhан ылан, иэдэhиттэн сыллаата. Онтон тэтэркэй уоhуттан ууруур. Иккиэн уураhа-уураhа саҥата суох олордулар. Тоҕо саҥарыахтарай, барыта өйдөнөр буолбутун кэннэ. Таптал күүстээх кынатыгар уйдаран, үөhэнэн дайа көтүөх курдук буолбут уол бэйэтин ынах этэрбэhин көрөн эмиэ «сиргэ үктэннэ».

– Арай мин күтүөт буолан кэлэммин эйигин ыйытыым… Оччоҕо эн дьонуҥ сөбүлээн кыыстарын биэриэх этилэр дуо?

– Ийэм мин тылбыттан тахсыбат. Аҕам… – диэн баран тохтуу түhэр. – Аҕам атаҕар үҥэн көрдөстөхпүнэ, кини да сөбүлэhиэ. Кини миигин таптыыр, атаахтатар.

– Арай эн биhикки ыал буолуох? Оччоҕо кэлин ханна эрэ дьиэ туттан, бэйэбит туhунан ыал буолуо этибит. Мин мас мастыам, оттуом, бултуом. Оттон эн дьиэҕин көрөҕүн, ынаххын ыыгын.

– Ол кэлин буоллаҕа дии. Хойут. Мин аҕалаах ийэм холбоhон баран дьоннорун кытта бииргэ олорбуттар үhү.

– Мин эн аҕаҕыттан куттанабын.

– Тоҕо куттанаҕын?

– Толлобун.

– Кыыс оҕо эргэ бардаҕына, уол дьиэтигэр барар буолбат дуо?

– Биhиги дьиэбит куhаҕан, дьадаҥы дьиэ.

– Куhаҕан дьиэ диэн суох. Куhаҕан киhи диэн баар. Мин аҕам – сымнаҕас киhи. Эн киниэхэ күтүөт оҕо буолуоҥ буоллаҕа дии.

– Мааны ыалга күтүөт буолабын дуу?

– Туох мааныта кэлиэй. Ыал тэҥэ ыал буоллахпыт дии.

– Биhиэхэ холоотоххо…

– Кэбис, инньэ диэмэ… Атыны кэпсэтиэх, – кыыс уолу ситэ этиппэккэ быhа түhэр. – Хата, туhаххын көрө барыах эрэ.

– Чэ.

Уоллаах кыыс туран, сиэттиhэн баран, туhах көрө бардылар. Туhаҕы көрөллөрүгэр, кыыс хайдах эрэ сэргэхсийбит курдук буолла. Күлэ-күлэ саҥарар. Кини ураты нарын саҥатын истэр да үчүгэй…

* * *

Мымах – киэҥ Эҥсиэли эбэҕэ биллэр-көстөр баай. Икки ойохтоох, улууһугар бас-көс буолбут ытык мааны киhи. Улахан уола Ньыкка быйыл саҥа ыал буолбута. Атын оҕолоро кыралар. Арай мааны кыыhа Туттаҥныыр быйыл уон сэттэтин туолар.

Хаһаактар тустарынан эҥин-эҥин хобдох кэпсээн дэлэй. Эдэр үчүгэй дьахтары, кыыhы көрдөхтөрүнэ, тутан ылан илдьэ баран, ойох гыналлар үhү диэн кэпсээн толору. Мымах эдэр ойоҕун уонна кыыhын ыраах кэдэрги алааска таhааран олордорго сананна. Ити кэпсээннэрэ, баҕар, кырдьык буолуо. Тыала суохха мас хамсаабат.

Тордуохтаах дьиэлэрэ. Киэhэ аhылыктарыгар олордохторуна, дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй сонунун кэпсиир:

– Хадаар уол ойох ылбыт үhү.

– Ноо, кими ылбытый? – Тордуох сэргиир.

Бүтэй алааска олорор ыалга эдэр дьон холбоhон ыал буолуута улахан сонун.

– Айгыратар кыыhын ылбыт үhү.

– Ээ. Сөп буоллаҕа. Кимтэн иhиттиҥ?

– Хабытай ойоҕо сылдьан ааспыта.

– Кыыс, хата, чугас олорор уолга барбыт. Дьонугар кэлэ-бара сылдьыыhы.

– Эн уолгар хаhан ойох ылан биэрэҕин? Сүүрбэ биирин туолла. Ойох ылар сааhа буолла.

– Бэлиэр ойох ылыа буоллаҕа. Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык ээ.

Итинтэн салгыы Саттаар дьоно ханна сөптөөх кыыс баарын кэпсэттилэр. Кыыс хайдаҕын-тугун туhунан кэпсэппэттэр. Наар дьоно хайдахтарын, төhө сүөhүлээхтэрин эҥин ырыталлар. Хайа эрэ дьахтар тыллаах, кэччэгэй, ким эрэ ыарыhах, ким эрэ иэс ылан баран биэрбэт үhү. Наар бэйэлэригэр сөптөөх дьадаҥы дьон кыргыттарын сыымайдыыллар. Чугас эргин сөптөөх кыыс суоҕун курдук буолла. Нуҥнууру ахтыбатылар даҕаны. Дьоно сэниэ буоланнар, таарыллыбатылар быhыылаах.

– Оттон сэниэ ыал кыыhыгар дураhыйдахха? Биhиги уолбут тас көрүҥүнэн кыыска сирдэриэ суоҕа этэ, – Тордуох дьахтарын диэки көрөр.

– Бэрт киhи баай кыыhын кэпсэтэн сүгүннэрэн аҕалан, энньэ-сэтии субурутарыҥ буолуо. Атыытын-сулуутун туоххунан төлүүгүн? Бэйэтигэр сөптөөх кыыhы ылыа буоллаҕа дии… – диэн Сэлгээнэй куолулаан эрдэҕинэ, таhырдьа ыт үрдэ.

Халҕан аhыллан, чомпой бэргэhэтин кыҥнары кэппит киhи намыhах ааҥҥа төҥкөччү туттан киирдэ. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорбутун «аhаа» диэн сибиэҕэ ыҥырдылар. Сэлгээнэй кытыйаҕа кыыймыт үүт кутан ыалдьыт диэки сыҕарыта анньар. Ыалдьыт сойбут үүттэн сыпсырыйан иhэр. Улахан кытыйаттан үөлүллүбүт мундуну ылан сиир.

– Бука, туох эрэ сорукка кэллэҕиҥ буолуо, – Тордуох ыалдьыты кытта дьиэ эргиннээҕи сонуну кэпсэтэн иhэн ыйытар.

– Ээ, Мымах уолгун ыҥыртарар, – диир Төтөллөй, Мымах баай кулута.

– Тоҕо ыҥыртардаҕай?

– Билбэтим. Бука, тугу эрэ үлэлэтээри ыҥырбыта буолуо.

– Ыҥырбыт буоллаҕына бардаҕыҥ дии, – Тордуох уолун диэки көрөр.

Сарсыҥҥытыгар Саттаар эрдэ туран Мымах тойоҥҥо барда. Эдэр киhи сотору дэгэйэн тиийдэ.

Сир тааhа түннүктээх улахан балаҕаҥҥа киирбитэ тойон чөмөхтөммүт утуйар таҥаhыгар өйөнөн сытар эбит. Уол ааҥҥа туран сүгүрүйэр.

– Хайа, кэллиҥ дуу. Сибиэҕэ чугаhаан олор, аhатыахтара, – Мымах сытан эрэ кэпсэтэр.

Уол сибиэҕэ олорбутун кэннэ, кэргэн дьахтар кымыс, сыалаах буспут эти аҕалан уурталыыр.

– Мин эйигин үлэhиттэри кытары алааска ыытаары ыҥыртардым, – диэн Мымах сорудаҕын иhитиннэрэр. – Онно тиийэн, дьиэ, хотон туталларыгар көмөлөhүөҥ.

– Хайа алааска?

– Бардыалаах диэн. Онно сылдьыбытыҥ дуо?

– Билэбин. Мин бултуур үүтээним онтон соччо ырааҕа суох. Кэҥкэмэ бэтэрээ сиhигэр баар.

– Чэ, бэрт эбит. Күhүн хаар түстэҕинэ, эмиэ тахсан бултуоҥ буоллаҕа дии. Аҕаҥ тахсан атыҥ сиир отун оттоотун.

– Атым сииригэр кур оттоохпун. Онно кыратык эптэххэ сөп буолуо.

– Дьиэ тутуутугар үлэлээтэххинэ, эрэйгин төлүөм. Өйүүн хомуллан бараҕыт. Кэлээр. Аhыыр аскытын хааччыйыам. Ити курдук… Арба маннык баар. Бардыалаахха дьиэ туттарар диэн кимиэхэ да кэпсээмэ! Чып кистэлэҥ. Өйдөөтүҥ дуо?

– Өйдөөн.

Бардыалаах – киэҥ, үчүгэй алаас. Ортотугар улахан күөллээх. Хоту сыырын үрдүгэр дьиэ тутарга сөптөөх киэҥ кырдаллаах. Бу дойдуга киhи-сүөhү олохсуйбатах буолан, от бөҕө үүнэ-үүнэ таах лаҥхарар эбит.

Наар балыгынан, булдунан иитиллэн олорор биир ынахтаах оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит да, төhөнү оттуохтарай. Арай быйыл сайын Мымах баай дьону ыытан оттоппут. Илин тыаны аастахха, Туойдаах диэн үтүө алааска биир ыал баар. Ол дьон наар туой хостоон атыылыыллар. Икки ынахтаахтар. Биир ыал дьиэтэ мантан чугас, хоту Булуус диэн алааска баар. Кинилэр биэс ынахтаахтар, атыыр оҕустаахтар, аттаахтар. Ол кэннэ ыал суох. Түҥкэтэх сир диэн ким да тахсан олохсуйбат эбит. Арай күhүн хаар түспүтүн кэннэ, булчуттар тахсаннар, онно-манна баар үүтээннэригэр олороннор түүлээх булдун сонордууллар. Атын да булт элбэх дойдута.

Үлэhиттэр алаас соҕуруулуу арҕаа хонноҕор олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьиэлэнэн үлэлииллэр. Күөлгэ туулаан, минньигэс эттээх собону сиэн абыраннылар. Мымах баай аhылыкка диэн кырдьаҕас кур эмирэх биэни биэрбитэ. Онон сыалаах эти хото сииллэр. Арай үүт суох. Ууну оргутан иhэллэр. Хайах таhаарбыттара. Хата, оҕонньордоох муус умуhахтаахтар эбит.

Үлэлии үөрэммит, күүстэрин-уохтарын үгэнигэр сылдьар толуу эр дьон тутуу үлэтин тулуппаттар. Баҕаналарын туруора охсон, өhүөлэрин таhааран, үрүт мастары уурталыыллар. Биэс киhи буолан үлэлииргэ көхтөөх.

* * *

Сайын Парфен Ходырев биир кочанан өрүс үөhээ өттүгэр баран тоҥустартан киис тириитин хомуйан кэллэ. Тоҥустар сайын өрүс хочолоругар кэлэн сайылааччылар. Киис суох диэн үөтэлээх кииhи биэрбэтилэр. Оттон сахалар сайын остуруокка кэлбэттэр.

Күhүн, балаҕан ыйын сүүрбэтин диэки, соҕурууттан Иван Галкин кэллэ. Уон икки хаһаактаах. Кинини кытта уонча промысловик кэлистэ. Бурдук, туус, саа сэбэ, арыгы, оҕуруо эҥин аҕалбыттар.

Иван Галкин кэлбитинэн сибээстээн, хаһаактар «сход» диэн ааттаах сүбэҕэ муhуннулар. Саамай аҕа саастаах хаһаак Тимофей дьон иннигэр тахсан этэр:

– Казаки, я чаю, якольские люди опять непослушны. Недавно у баксинцев пропали два промысловика. Еще не взяты под высокую государева руку многие немирные землицы. Бунтуют. Чтобы с теми государевами изменниками бились, не щадя голов своих, нам надо избрать смелого, храброго атамана. Кого вы скажете?

– Ивана Галкина, – диэн саҥа иhилиннэ.

– Итак, Ивана Галкина. Любо?

– Любо, – диэн хаһаактар сөбүлэhэллэрин биллэрдилэр.

Иван Галкин үрдүк дуоhунаска итэҕэйбиттэрин иhин махтанан бокулуоннаата. Ол кэнниттэн былыргы абыычай быhыытынан саҥа атамааны кымньыынан көхсүгэ охсубута буолаллар.

Иван Галкин соhуйуон иhин, остуруокка кэлэн Степан Корытов баhылыктаах Мангазея хаһаактара тутуллан хаайыыга сыталларыгар түбэстэ. Сэттэ хаһаак уонна биэс промысловик. Нуучча дьоно эрээри тоҕо хаайыллыбыттарын ыйыталаспытыгар быһааран кэпсээтилэр.

Сайын Семен Чюфарист диэн десятник баhылыктаах хаһаактар этэрээттэрэ, сүүрбэ тоҕус киhи дьаhаах хомуйаары, Алдан өрүс төрдүгэр тиийбиттэр. Онно Алданы саҥа өксөйөн иhэннэр, өрүhү таҥнары устан иhэр Мангазея хаһаактарын судноларын көрбүттэр. Чюфарист хаһаактара тыылаах дьоннорун ылан, кочаны эргитэн эккирэппиттэр. Мангазея хаһаактарын оҥочолоро биир арыыга тохтоон турдаҕына, эккирэтээччилэр ситэн кэлэн, кочаларын сыhыаран эрдэхтэринэ, эмиэ ураҕастарынан анньыалаан тэйитэ сатаабыттар. Енисей хаһаактара тордуохтаах быалары быраҕаттаан тардан, ураҕастарын тоhута охсуолаан, оҥочолорун сыhыаран эрдэхтэринэ, Мангазея хаһаактара, дьаакырдарын көтөҕөн, эмиэ куоппуттар. Судноҕа ыстанан киирбит хаһаагы мүччү туттаран илдьэ барбыттар. Өссө тэйэн иhэннэр, саанан ыппыттар. Онно Чюфарист биир хаһаага өлбүт. Чюфаристаах өлбүт киhилэрин арыыга көмөн баран эмиэ эккирэппиттэр. Ол эккирэтэн, Бүлүү төрдүгэр тиийэн ситэллэр. Сэрии, ытыалаhыы буолар. Мангазея хаһаактара икки эрэ тимир саалаах уонна аҕыйах буоланнар кыайтаран бэринэллэр. Ол сэриигэ Чюфарист дьонуттан биир промысловик өлөр. Мангазея хаһаактара икки киhилэрин сүтэрбиттэр. Бэриннэрэн, туппут дьонун кэлгийэн, Ленскэй остуруокка аҕалан хаайыыга олордоллор.

Иван Галкин Степан Корытовы кытта кэпсэтэн баран, барыларын хаайыыттан босхолоото. Хомуйбут түүлээхтэрин илдьэ Енисейскэйгэ барар дьону кытта барсалларын көҥүллүүр. Арай сааларын-сэптэрин биэрбэт. Инники дьылҕаларын Енисейск воеводата быhаардын. Туох буолбутун, тоҕо тутуллубуттарын сиhилии суруйан ыытта.

* * *

Иван Галкин сахалартан эмиэ күhүҥҥү тыал курдук тымныы сыhыан аргыарын биллэ. Күhүөрү сайын Бахсыга дьаhаах хомуйа тахсыбыт хаһаактары сэриилээн, икки киhилэрин өлөрбүттэр. Тоҕо кэhэйбэт дьонноруй? Дүпсүннэри уоттаабыттара кыра буоллаҕа дуу? Эбии өстөммүттэрэ эбитэ дуу? Мэҥэттэн дьаhаах хомуйан баран төннөн иhэр хаһаактары халаабыттар. Онон Бахсы диэки бохуот оҥорон, кымньыы тыаhын иhитиннэрдэххэ сатанар буолла. Таах олоруохтара дуо.

Киhитэ аҕыйах. Билигин остуруокка промысловиктардыын икки сүүсчэкэ эрэ киhи баар. Эбии ат, ыҥыыр атыыласта. Сахалар, сэриилэhэ үөрэммэтэх дьон буоланнар, дух-дах тутталлар. Саа тыаhыттан аттара сиргэнэр. Бэйэлэрэ да хаһаактартан саллаллар. Охсуhар да батыйалара нуучча уhун уктаах тэрэгэр сүгэлэриттэн көмүскэнэргэ сөбө суох. Онон хаһаактар санаалара бөҕөх. Иван Галкин урут сылдьыбыт буолан, бу дойду сирин, дьонун син билэр курдук сананар.

Оҥостон-тэринэн баран, биэс уонча хаһаактаах, уонча стрелецтээх Бахсыга айаннаата. Галкин бачча элбэх аттаах, куйахтаах дьон кэлбиттэригэр саллан бэриниэхтэрэ дии санаабыта. Ол эрээри сахалар уруккуларын курдук куотан тыаҕа түспэтилэр. Ох саанан ытыалаан, сэриилээн көрүстүлэр. Наар куота көтөн, тыаҕа хаххаланан эҥин сүгүн бэриммэтилэр. Күн аҥаара барбыт кыргыһыыга уонча киhилэрэ охтубутун кэннэ, дьэ бэринэн, сааларын-сэптэрин ууран, сөhүргэстээтилэр.

Нууччаларга өлбүт суох. Биэс-алта киhи бааhырда. Иилэҕэс тимир куйахтара, төбөҕө кэтэр шлемнэрэ, охтон хаххаланар щиттэрэ абырыыр. Арай аттар бааhырдылар, оҕуннулар.

Бахсы тойоно Түhүлгэ даамын биэрэн, аны нууччалары утары көрүө суох, дьаhааҕы төлүөх буолан андаҕайда. Бэриммит дьону умса сытыаран кымньыынан таhыйдылар. Батыйаларын хомуйан ыллылар. Ох сааларын бэйэлэригэр хааллардылар. Ол кэннэ кыайбыт дьон өлбүт, бааhырбыт аттарын оннугар ат, аҕыйах киис тириитин ылан баран төнүннүлэр. Икки эдэр, үчүгэй дьүhүннээх дьахтары тутан илтилэр.

Ааспыт сайын Петр Бекетов Илья Перфильев баhылыктаах хаһаактар промысловиктар бөлөхтөрүн Лена өрүс аллараа өттүн чинчийтэрэ, онно олорор тоҥустартан, долганнартан дьаhаах хомуйтара ыыппыта. Ол дьон Иван Ребров баhылыктаах Мангазея хаһаактарын кытта холбоhон, Эдьигээҥҥэ тиийэн кыстаабыттара. Онно олорон, олохтоохтортон өрүс хоту муустаах байҕалга түhэрин, илин, арҕаа эмиэ улахан өрүстэр баар сурахтарын истибиттэрэ.

Саас муус барарын кытта, икки кочанан өрүhү таҥнары устубуттара. Күндү түүлээх суhумнуур кылаана иҥсэлэрин көбүтэрин тэҥэ, саҥа сири арыйар, көрөр баҕа санаа бу хорсун дьону ыраах биллибэт дойдуга айанныырга көҕүлүүр.

Бу дьон хоту Байҕалга тиийэн икки аҥыы барбыттара. Иван Ребров биэрэги кыйа арҕаа диэки устан, Өлөөн өрүс төрдүгэр тиийбитэ. Онтон өрүhү өксөйөн, олохтоох тоҥустартан дьаhаах хомуйбута. Тоҥустар ыалдьытымсах майгылара баhыйан, кэлии сонун дьону үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Оҕуруону, алтан хочулуогу үөрүүнэн ылбыттара.

Оттон Лена остуруогуттан кэлбит Илья Перфильев хаһаактара илин диэки устаннар, Дьааҥы өрүс төрдүн булбуттара. Өрүhү өксөйөн, дьүкээбиллэр, тоҥустар олорор сирдэригэр тиийэн, киис, саhыл тириитэ бөҕөнү хомуйбуттара. Хоту дойду өлгөм, минньигэс эттээх балыгын сөбүлээбиттэрэ.

* * *

Мымах баай киэhээҥҥи аhылыгын кэнниттэн оронугар сыттаҕына, таhыттан кулут киирэр.

– Тойонуом, үс аттаах киhи кэллэ. Ортоку сэргэҕэ түhэрдибит, – диэн Төтөллөй сонуну иhитиннэрэр.

– Кэллилэр даа? Маанылар дуо? – Мымах эргиллэн сыҥаhаттан тайанан олорор.

– Мааны соҕустар.

Сотору аан аhыллан, үс киhи субуhан киирэн, ааҥҥа туран сүгүрүйдүлэр. Туох даҕаны куйах эҥин баара көстүбэт. Толуу көрүҥнээх дьон.

– Нөрүөн нөргүй!

– Олоруҥ бастыҥ олбоххо. Хантан кэллигит? – диэн Мымах ыйытар.

– Илинтэн сылдьабыт, – ортоку турар аҕамсыйбыт киhи хоруйдуур.

Ыалдьыттар уҥа ороҥҥо кэлэн олороллор.

– Илин хантан кэллигит?

– Ыраахтан, – ыалдьыт хантан кэлбитин тоҕо эрэ чопчу эппэт. Кини икки чанчыга кыырыктыйан эрэр, сабыччы көрбүт харахтаах, көрсүө, номоҕон сирэйдээх.

Үгэс быhыытынан маҥнай хантан кэлбиттэрин, ким удьуора буолалларын этиэхтээх этилэр. Мымах туох эрэ кистэлэҥнээх буоллахтара диэн таайа санаата. Кэргэн дьахталларга сибиэҕэ ас тардалларыгар соруйда. Олох-дьаhах, булт-ас, дьыл эҥин туhунан кэпсэттилэр.

Мымах сибиэҕэ олорон аhаста. Кэпсэтээччи аҕамсыйа барбыт, тойон-хаан көрүҥнээх киhи. Иккис киhи бөдөҥ-садаҥ, бухатыыр көрүҥнээх, үhүстэрэ эдэр. Бииргэ сылдьыhар, аттарын көрөр, аhатар хамначчыттара быhыылаах.

– Бука, туох эрэ соруктаах буолан кэллэххит. Ону иhитиннэриҥ, – Мымах кэтэhэн көрөн баран ыйытар.

– Биhиги эйиэхэ бэйэҕэр эрэ этиэх этибит, – аҕамсыйбыт киhи аргыый саҥарар.

– Эhиги таhараа ыалга тахсыҥ, – Мымах дьиэлээхтэри таhырдьа тахсалларыгар соруйда.

Ыалдьыттар тугу этэллэрин истээри кэтэhэр. Чочумча саҥа суох буолла. Арай оhоххо өhөн эрэр уот тыhыргыыр.

– Дьэ, үйэ уларыйар кэмэ кэллэ. Атын урдустар кэлэн олохпутун огдолутаары гыннылар. Бэйэҥ даҕаны билэн-көрөн олорор инигин, – аҕам киhи суптугур сэҥийэтигэр үүммүт бытыгын туппахтыыр.

Мымах саҥарбат. Эбии туох диирин кэтэhэр. Ааттарын-суолларын, хантан сылдьалларын эппэтэхтэрэ, онон сэрэхэдийэр.

– Бу кэлин, адьас соторутааҕыта, Бахсыга тахсан дьону өлөртөөбүттэр. Икки дьахтары тутан илдьибиттэр. Кыhын дүпсүннэр уоттарын умуруорбуттара. Онон олорон биэрэрбит хайдах да сатаммат буолла, – наар аҕа саастаах ыалдьыт саҥара олордо.

– Талбыт сирдэригэр кэлэн көҥүл айбардаан бараллар, – үрдүк уҥуохтаах, хара бытыктаах, бухатыыр көрүҥнээх эдэр киhи эбэн биэрэр.

– Онон түмсэн, күүспүтүн холбуохха диэн сүбэлэстибит.

– Кимнээх? – Мымах дьэ саҥа таһаарда.

– Илин эҥээр улахан аҕа уустарын үтүөлэрэ.

– Бары дуо?

– Лөгөй тойон хара ааныттан нууччаларга кутурук маhа буолбута. Онон Бороҕон диэкилэри тумуннубут.

– Онно бары сөбүлэстилэр дуо?

– Аҕыйах аҕа ууhа тардыннылар. Хатылы баайа Аан Үөчэй кэтэҕин тарбанар. Кэлэн иhэн Дыгын уолаттарыгар, Өйүк баайга сырыттыбыт. Кинилэр сөбүлэстилэр. Онтон кыра аймахтары таарыйбакка, эйиэхэ быhа кэллибит. Аны эн сөбүлэhэриҥ хаалла.

– Оттон Малдьаҕарга, Дьөппөҥҥө уонна Бөтүҥ, Үөдэй курдук элбэх киhилээх улахан аҕа уустарыгар сылдьыбатыгыт дуо?

– Малдьаҕар, Дьөппөн диэки Дыгын уолаттара сылдьыах буолбуттара. Бөтүҥҥэ атыттар барбыттара. Эн сөбүлэстэххинэ, бу эргиннээҕилэр холбоhуохтара.

– Хайдах кыайар санаалааххытый?

– Бары холбоhон, элбэх буолан ордууларыгар саба түhэбит.

– Оттон арай хотторботуннар? Тимир саалаахтар, бары куйахтаахтар буолбат дуо? Уонна биhиги курдук буолбатахтар, сэриигэ үөрэммит дьон.

– Оччоҕо ордууларын төгүрүйэн, маска да, окко да таhаарбаппыт. Хаайтаран олорон тоҥон, хоргуйан өлүөхтэрэ.

– Оннук өлүөхтэригэр диэри бэйэбит хачанан быстарар инибит.

– Үчүгэйдик тэринэн, хааччынан барыахпыт. Биhиги сүбэлэhэн, эн сиргэр мустарга быhаарынныбыт. Ол чып кистэлэҥ буолуохтаах. Остуруокка эмискэ тиийэн, өмүтүннэрэн саба түстэхпитинэ, кыайыылаах буолуо.

– Ол тоҕо миэхэ муhуннугут? – Мымах сөбүлээбэтэ.

– Эн кинилэртэн чугас олороҕун. Өрүс эрэ туорааhына. Кыhын улахан тымныыга сылдьыhыы суох. Билиэхтэрэ суоҕа.

– Хаhан мустаҕыт?

– Тохсунньу ый үүнүүтэ.

– Кыайдаххытына, остуруокка баар дьону хайыыгыт? Өлөртүүгүт дуо?

– Маннык сүбэлэстибит. Бэриммэтэх дьон сэриигэ охтуохтара. Бэриммит дьону акка олордон баран, дойдуларын диэки утаарабыт. Сааларын-сэптэрин суйдаан баран. Аны бу дойдуга кэлимэҥ диэн сэрэтэбит.

– Оттон ол дьон ото, өйүөтэ суох баран иhэн быстаран өлүөхтэрэ суоҕа дуо? Эбэтэр ыалы халыахтара.

– Ыалы халатыахпыт суоҕа. Аҕыйах хонукка арыаллыахпыт. Аттарын хастаран аhатыахтара. Аччыктыахтара суоҕа. Сиир өйүөлээх буолуохтара. Аттарын да сиэхтэрэ.

Биhигиттэн баатырдар эрэ кэлиэхтэрэ. Оттон эн чугас олорор киhи аттаах эдэр дьону барыларын хомуй. Кинилэр ыраахтан көрөн, элбэх киhи кэлэн төгүрүйбүтүн курдук саныахтара. Уонна элбэх ат сиир ото баар буолуохтаах. Кур оттооххун дуо?

– Кур отум аҕыйах да, хайыамый, сөбүлэhэр буоллаҕым дии. Арыыга нууччалар оттообут отторо баар. Ону тиэйтэриэхпит. Этэргит курдук, кинилэри үүрбүт киhи үчүгэй буолуо этэ, – Мымах сөбүлэҥин биллэрэр.

– Эн чугас олорор аймахтары кытта кэпсэт. Кэлэн холбостуннар. Биhиги мантан төннөбүт. Өйдөө, бу кэпсэтиини кистэлэҥҥэ тутаҕын. Элбэх киhи билиэ суохтаах. Кистэлэҥинэн оноҕосто, тимир охто оҥортор. Хас баатырдааххыный?

– Баатырдарым сааhырдылар. Кыргыс үөрэхтээх эдэр баатырым аҕыйах. Биэс-алта эрэ. Уоннааҕы эдэр дьон, көннөрү отчут-масчыт. Булчут эрэ идэлээхтэр.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Это произведение, предположительно, находится в статусе 'public domain'. Если это не так и размещение материала нарушает чьи-либо права, то сообщите нам об этом.


Популярные книги за неделю


Рекомендации