Электронная библиотека » Федот Захаров » » онлайн чтение - страница 6

Текст книги "Үйэ кирбиитигэр"


  • Текст добавлен: 8 мая 2023, 17:40


Автор книги: Федот Захаров


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 18 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Хаһаактар бааһырбыт дьонноро баастара оhуор диэри остуруок иhиттэн тахсыбакка олорорго быhаардылар. Баатырдар үhүс күнүгэр остуруок анныгар кэлбиттэрин, тимир сааларынан ытыалаан чугуттулар. Хаһаактар түүннэри-күнүстэри тула өттүлэригэр харабыллаах олорор буоллулар. Аҕыйах хонукка кэтэспэхтээн олорон баран, Петрушканы ыытан кэпсэтиннэрэн көрдүлэр. «Тарҕаhыҥ, саас, өрүс эhиннэҕинэ, биэс сүүс киhи эбии кэлиэхтээх!» – диэн куттаан көрдүлэр да, анарааҥҥылар итэҕэйбэттэр. «Сааҕытын-сэпкитин ууран бараҥҥыт остуруоктан тахсыҥ!» – диэбиттэр.

Биллэн турар, хаһаактар ону ылымматылар. Сахалары итэҕэйбэттэр. Өлөртүөхтэрэ диэн куттаналлар. Онон кэпсэтии бүттэ. Хаһаактар «тыыннаахпыт тухары бэриниэхпит суоҕа, көмүскэниэхпит» диэн андаҕайдылар. Кинилэр түүн куйахтарын аттыларыгар ууран утуйаллар.

Кэтэhиилээх, дьиксиниилээх, бытааннык сыыллар сэттэ хонук ааста. Сарсыарда туран аhаатылар. Түүн харабыллаабыт дьону уларыттылар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, эмискэ харабыл тимири тимиргэ охсуолуур тыаhа иhилиннэ. Хаһаактар сааларын-сэптэрин ылаттаан, таhырдьа сырсан таҕыстылар. Иван Галкин остуруок ааныгар кэлэн, сыҥаhа мас үрдүгэр ыттан үөhэттэн тыа саҕатыттан элбэх киhи иhэрин көрдө. Иннилэригэр оттоох сыарҕаны анньан иhэллэр. Остуруок аанын уоттаары сананнахтара. Хаһаактар айдааран, утары тахсан охсуhуоҕуҥ дэстилэр. Иван Галкин «туоста бэлэмнээҥ, ааҥҥа чугаhыы иликтэринэ, отторун уоттуохха» диэтэ. Стрелецтэр аан икки өттүнэн туран, саанан ытыалыырга бэлэмнэннилэр. Өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэҥҥэ остуруокка баар дьоҥҥо эр санаа күүрээннээх дьулуура киирэн, күүстэригэр күүс эбиллибит курдук буолла. Уhун саабылаларын кыыныттан ороон килбэҥнэттилэр. Сорохтор уhун уктаах тэрэгэр биилээх сүгэлээхтэр. Сорох хаһаактар ситэ оhо илик баастара мэhэйдээтэр даҕаны, тыын көмүскэлигэр охсуhарга бэлэмнэр.

Элбэх саха дьоно сыарҕалаах оту анньан бытааннык хаамсан чугаhаан эрэллэр. Үҥүүлэрэ, батыйалара хороҥнуур. Салгын сиэбит сирэйдэрэ кытарар. Сахалар биэс уонча холобурдаах сиргэ чугаhыылларын кытта, остуруок аана тэлэччи аhылынна.Ону күүппэтэх сахалар хорус гынарга дылы гыннылар.

– Ну, братцы, с богом! – Иван Галкин хаҥас илиитигэр щитин, уҥатыгар уhун саабылатын тутан инники ыстанар.

Кини кэнниттэн хаһаактар «ура-аа!» диэн хаhыытаспытынан сүүрэн тахсан эрдэхтэринэ, тимир саалар тыастара тоҕута барда. Буруо бурҕаҥнаата. Баатырдар уруккуларын курдук саа тыаhыттан уолуйа куттаммат буолбуттар. Кэннилэринэн чугурус гынан иhэн, хас да киhи охтубутугар кыhаммакка, эмиэ кимэн, сэрии дьоно утарыта көрсөн, хабыр хапсыhыы саҕаланна. Ким эрэ ураҕас төбөтүгэр эриллэ баайыллыбыт умайбыт туоhу остуруок иhиттэн таhааран, сыарҕалаах окко анньар. Уот оту сиэн иhэн, төлөнө улаатан, умайан күүдэпчилэнэн тахсар.

Куйахтаах баатырдар абаран-сатаран киирсэн, хаһаактары улам чугутан, остуруок ааныгар чугаhаттылар. Анараалар бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан, эмискэ куотан, остуруок иhигэр киирэн, ааннарын саба охсон кэбиhэллэр. Баатырдар ааны кыайан былдьаабатылар. Стрелецтэр, үөhэттэн былтас гына-гына, саанан ытыалаан төттөрү чугуттулар. Тимир саалаах дьон, охтон куттанан, кыҥаан ыппат буоланнар, дьону таппатылар даҕаны быhыылаах. Быкталлар эрэ аллараттан оҕунан ытыалыыллар.

Хаһаактар иhирдьэ киирэн ааҕынан көрбүттэрэ – үс киhилэрэ охтон, остуруок таhыгар хаалбыт. Кимэн киирээччилэр чугуйан, тэйэн баран тохтоон, хаhыытастылар. Нууччалары кытта кэпсэтээри гыналлар быhыылаах. Петрушканан тылбаастатан билбиттэрэ – «өлбүт дьоммутун харайабыт, ытыалаамаҥ» дииллэр эбит. Иван Галкин онно сөбүлэhэн, киирэн харайыҥ, ытыалыахпыт суоҕа диэн этиттэрдэ. Сахалар ол кэпсэтии кэнниттэн чугаhаан, өлбүт, бааhырбыт дьоннорун көтөҕөн-сүгэн тыа саҕатыгар илтилэр. Остуруоктан тахсан эмиэ охтубут дьоннорун харайдылар.

Икки өттүттэн дьон чулуулара, инники сылдьааччылара өллүлэр, бааhырдылар. Ханнык баҕарар сэриигэ оннук буолааччы. Сэрэнэр, туттунар эбэтэр куттаҕас киhи кэнники сылдьар. Оннук дьон хотторуу буоллаҕына, ким-хайа иннинэ куотааччылар. Оттон кыайан эрэллэрин көрдөхтөрүнэ, инники күөҥҥэ киириэхтэрэ. Кэлин тиhэҕэр, кинилэр кыайбыт-хоппут аатыраллар. Нууччаларга оннук киhи аҕыйах. Ол иhин улахан сэриигэ кыайтарбаттар. Бу дойдуга сырыыны сылдьыам диэбиттэр талыллан кэлэр буоллахтара.

Галкиннаах өлбүт дьоннорун остуруок таhыгар чугас көмөргө быhаардылар. Кинилэртэн эмиэ элбэх киhи бааhырда. Сахалар аны биирдэ күргүөмүнэн кимэн киирдэхтэринэ, кыайан көмүскэммэт турукка киирдилэр.

Иван Галкин бэйэтэ хас да баастаах. Үҥүүнэн анньан адьас өлөрүө эбиттэр. Хата, тимир куйаҕа абыраата. Ол кэннэ санныгар, тоҕоноҕор бааhырда. Күүстээх киhи батыйанан баска охсон, шлем нөҥүө да буоллар, дөйүтэ сыста…

Оттон сахаларга элбэх сүтүк таҕыста. Эмиэ элбэх киhи бааhырбыт. Нууччалар үөhэттэн тимир саанан ытыалаан, дьону хото өлөрдүлэр. Баатырдар бэйэлэрэ даҕаны саа тэбиитигэр киирэн биэрдилэр. Харыhыктаах үтүө-мааны дьон өллүлэр. Олор истэригэр Дыгын уола Өттөй, сиэнэ Үтүгүллэй, Өйүк убайын уола Хатамай. Хаҥаластар «биhиги инники буоламмыт үтүө дьоммутун өлөттөрдүбүт» дэhэллэр. Остуруогу кыайан ылбакка санаалара түстэ. Тойоттору ыҥыртаан, сүбэлэhэргэ быhаарыннылар.

Бас-көс дьон мустубуттарын кэннэ Мымах аргыый саҥарар:

– Көрөргүт курдук санаабыт хоту буолбата. Ордууларын кыайан ылбатыбыт. Сүтүк бөҕө таҕыста. Үтүө-мааны дьоммут өллүлэр. Онон сүбэни булаары муhуннубут. Ким туох санаалааҕый? Этиҥ!

Чочумча саҥа суох буолла. Бары ким этэрин кэтэhэллэр быhыылаах. Онтон Өспөх иҥнэх гынан баран саҥарар:

– Хаан тохтубутун кэннэ таах тарҕаhыахпыт дуо. Аны хаhан хомуллан кэлэрбит биллибэт.

– Оннук. Аны хаhан хомулларбыт биллибэт, – Акыллай диэн киhи сыҥааҕар адаарыччы үүммүт кылгас бытыгын имэрийэр.

– Аны биирдэ кимиэҕиҥ. Хаһаактар үксүлэрэ бааhырда. Мин ат буолан, сыыллан киирбит дьону көрбүтүм, – диир Дыгын уола Чаллаайы, быhыта баттаабыт курдук саҥалаах, харса-хабыра суох киhи.

– Оттон буомнарын хайдах алдьатабыт? Кыайан уоттаабатыбыт буолбат дуо? – Мымах Чаллаайы диэки көрөр.

Эмиэ саҥата суох бардылар. Кырдьык, уhуктаах үрдүк буомнара улахан моhол.

– Тимир саалара суоҕа эбитэ буоллар, ааннарын алдьатыа этибит, – Нөөрүктээйи тойоно Тохтотой кэhиэхтээх куолаhынан бөтүгүрүүр.

– Хайдах алдьатаҕын? – Мымах эмиэ ыйытар.

– Элбэх киhи буолан, улахан дүлүҥү биэрэҥнэтэн, көҥүтэ анньыалаатахха алдьаныа этэ.

– Оттон үөhэттэн ытыалыахтара суоҕа дуо?

– Быкпыт дьону биhиги эмиэ оҕунан ытыалыыбыт.

– Тимир хаххалаахтар буолбат дуо? Онтон биhиги охпут мутук мастан тэйэрин курдук тэйэр.

– Биhиги эмиэ хахха оҥоhуннахпытына? – Үөдэйтэн кэлбит киhи Сүргүй дьону кэриччи көрөр.

– Тугунан оҥостоҕун? – Дыгын уола Бөдьөкө Бөҕө бааhырбыт илиитин имэринэр.

– Тириинэн.

– Тириини нуучча тимир саата курдары ытыа.

– Тириинэн куйах оҥостобун. Икки тириини хос тигэбин.

– Доҕоттоор, сэриилэспэккэ кэтээн, хаайан олоруоҕуҥ. Маска кими да таhаарбаппыт. Оччоҕо тоҥон, ыксаан бэриниэхтэрэ. Астара да бүтэн барыа, – саҥата суох истэн олорбут Мэҥэ тойоно Босхоҥ Боруохал этии киллэрэр.

– Хата, ити сөп. Хааны тохпокко эрэ бэриннэриэҕиҥ, – Мымах түргэнник сөбүлэhэр.

Онтон-мантан сөбүлэhэр саҥалар иhилиннилэр. Дьон үксэ кэтээн олорорго диэн эттилэр.

Ити кэпсэтиигэ Дыгын уолаттара сөбүлэспэтилэр. Икки сыарҕалаах оту тэҥинэн анньан, кимэн киириэҕиҥ дииллэр. Ону Мымах утарбытын үгүстэр өйөөтүлэр. Онон хаайан олорорго быhаардылар.

– Нууччалар да киhи охсуhуох дьоно эбиттэр. Аны биирдэ кимэн киирэрбит хаалла! – диэн дьоно хоргуһуттан кыыһырбыт Чаллаайы туран таҥаhын кэтэр.

Икки адьырҕа кыыл охсуhан баран тохтоон баастарын саланалларын кэриэтэ, сэриилэспит дьон бэйэ-бэйэлэригэр чугаhаспакка кэтэсиhэн олордулар.

* * *

Уонча хонук ааста. Хаһаактартан ыараханнык бааhырбыт икки киhи өллө. Онон бу сэриигэ тоҕус киhилэрин сүтэрдилэр. Бааhырбыт элбэх. Хаhаас эттэрэ бүтэн эрэр. Бурдуктарын кэмчилээн сииллэр. Оттук мастара бүтэн, сарайы үрэйэн мастаатылар. Билигин үс дьиэҕэ симиллэн олороллор. Үс дьиэни тоҥорбуттара. Үлэhит сахалары, ясырка дьахталлары остуруок таhыгар таhаарбыттара. Биир сааhырбыт ас астааччы дьахтар эрэ хаалбыта.

Ыарахан күннэр-хонуктар кэллилэр. Кэлин бурдуктарын кэмчилээн, күҥҥэ иккитэ хааhылаан сиир буоллулар. Эттэрэ бүппүтэ ыраатта. Сахалар кими даҕаны остуруок таhыгар таhаарбаттар. Ыраахтан оҕунан ытыалыыллар. Арай өлбүт дьоннорун көмөллөрүгэр ытыалаабаттар этэ, баҕар, аньыырҕыыллара буолуо.

Ама, бу тыйыс тымныы дойдуга хаайтаран олорон тоҥон, хоргуйан өлөр дьылҕаланнылар дуо? Түүн сахалар утуйа сыттахтарына тахсан, эмискэ саба түhүөхтэрин сэниэ, күүс суох. Ол эрээри ким даҕаны бэриниэн баҕарбат. Баҕар, сордоон-муҥнаан өлөрүөхтэрэ. Дьиикэй туора урдустар аhыныахтара суоҕа. Ол кэриэтин таҥара туохха тиэрдэр…Араас быhылааҥҥа сылдьан буспут-хаппыт дьон быhыытынан, төhө да эрэйдэннэллэр, санааларын түhэрбэттэр. Киhи санаатынан күүстээх. Билигин аҕыйахтарын, аччыктарын иhин, сулууспалаах улахан омук дьоно буолалларын быhыытынан, хорсуннук сананаллар. Кинилэр бэйэлээхтэр ыhыллан олорор ох саалаах урдустарга тобуктуохтара дуо. Хайаан даҕаны баhыйыах тустаахтар. Уонна биhиэхэ таҥара көмөлөhүө диэн бигэ эрэллээхтэр. Христианскай итэҕэли билбэт, таҥараҕа үҥпэт дьиикэй омуктары кыайыах тустаахтар.

Күн биллэ уhаабыт. Саха оҕуhун сыарҕатын курдук бытааннык сыыллар күн киэhэрдэҕинэ, бүгүҥҥү күн этэҥҥэ ааhаары гынна диэн үөрэллэр. Түүн харабыллартан уратылар утуйа сытан уhугуннахтарына, өндөйөн иhиллииллэр. Мурун тыаhыттан атын тыас иhиллибэт буоллаҕына, эмиэ утуйаары бастарын сыттыкка уураллар. Оттукка диэн саха балаҕанын көтүрдүлэр. Тиэйбит муустара бүппүтэ өр буолла. Сэрэнэн остуруок аанынан тахсан, көмүрүө хаары баhан киллэрэн, уулларан ууланаллар. Астара кэмчи буолан биллэрдик ырдылар. Күн аайы тыыннаах буолар, өлбөт мөккүөрүгэр сылдьаллар.

Тугу эрэ кэтэhэр дьоҥҥо күн-дьыл ааhара олус да бытаан. Киэhэ-сарсыарда таҥараҕа үҥэллэр. Кыhалҕалаах кэмҥэ таҥараттан күүс-көмө көрдөhөллөр. Ол эрээри бэйэ бодолорун тардына сырыттахтарына табыллар. «На бога надейся, а сам не плошай» диэн өс хоhооно баар.

Түүн таҥастыын утуйар буолан дуу, дьүдьэйэн да, киртийэн да буолуо, аны быт ыста. Инньэ гынан таҥнар, утуйар таҥастарын таhааран тоҥоро сатыыллар. Кэлин адьас ыксаатылар. Хас да киhи сыыҥкаҕа ыалдьан тиистэрэ туллаҥнаата. Ол эрээри ким даҕаны бэриниэххэ диэн тыл көтөхпөт. Биир өлүүгэ түбэспит дьон быhыытынан, бэйэ-бэйэлэрин өйөhөн, сүрдээх эйэлээх, аймахтыы курдук буоллулар. Саҥа-иҥэ аҕыйаата, күлүү-салыы диэн олох да суох буолла. Арай Игнат диэн ала-тала маҥхайан эрэр бытыктаах сааhырбыт хаһаак санаатын түhэрбэт курдук туттар. «Ну, орел, подними голову», – диэн эдэрдэри дьээбэлэтэлиир.

Дьүдьэйбит, аччык киhи тымныыны тулуйбат. Харабыллар сотору-сотору солбуhаллар. Билигин тот сахалар кэлэн саба түстэхтэринэ, хайдах көмүскэнэллэр? Ханна да таhаарбакка хаайбыттара икки ыйга чугаhаата.

Кулун тутар маҥнайгы күнүгэр эмискэ үөрүүлээх сурах иhилиннэ. Остуруок үөрбэлээх мас кириэппэhин үрдүнэн көрөр харабыл: «Сахалар баран эрэллэр», – диэн хаhыытаата. Бары тахса-тахса кириэппэс үрдүнэн көрдүлэр. Кырдьык, суол устун аттаах дьон субуhан баран эрэллэр эбит. Хотонноох балаҕан таhыгар ат да, киhи да көстүбэт буолбут. Арай дьиэттэн биир киhи тахсан баран төттөрү киирэн хаалла. Көрбүт харахтарыгар итэҕэйбэтэх курдук одууластылар. Ама тарҕаспыттара буолуо дуо?!

Петрушканы ыалга ыыттылар. Ыалга киириэр диэри көрөн турдулар. Галкин тылбаасчытын Ивашканы сахалар оҕунан ытан өлөрбүттэрэ. Соруйан өлөрдүлэр быhыылаах этэ. Кэтэспит санааларыгар Петрушкалара ыалга киирэн өр буолла. Онтон тахсан иhэрэ көhүннэ. Илиитин өрө уунар. Ол аата үчүгэй сонуннаах истэҕэ.

Кэлэн үөрүүлээх сонуну иhитиннэрдэ. Сахалар дьиэлэригэр тарҕаспыттар үhү. Бу үөрүүнү! Аллара түhэн куустуhуу, өрүтэ эккирэhии буолла. Дьэ, быыhаннахтара! Ол аата таҥара быыhаатаҕа.

* * *

Болугур ууhун аҕа баhылыга Боло Күүлэкээн сэргэхсийэ таарыйа тахсан далын ыраастаата. Кулун тутарга күн арыый үөhэттэн тыган, тымныы мүлүрүйэр. Күн уhаан, саас барахсан кэлэн эрэрэ үчүгэйэ сүрдээх.

Оҕонньор үлэлээн бүтэн, туора күрдьэҕи күрүөҕэ өйөннөрдө. Кини күнүс таhырдьа тахсан чэпчэки үлэни үлэлээн чэрчийэн киирээччи. Күнү быhа дьиэҕэ сытар куhаҕан. Кырдьаҕас киhи сүhүөҕэ уйарын тухары хаамара, хамсанара наада.

Улахан уолаттара Хомуостаах Омоллоон сэриигэ диэн барбыттара икки ый кэриҥэ буолла. Кэлбиттэн-барбыттан ыйыталаhан көрөр да, сурах-садьык иhиллибэт. Барбыт сирдэрэ ырааҕа да бэрт.

Маҥнай Намҥа сэрии буолбут үhү диэбиттэрэ. Онтон остуруокка тиийэн төгүрүйбүттэр диэн кэпсээн буолбута. Кэлин туох да иhиллибэт буолла. Хайдах сылдьаахтыыллар? «Барымаҥ» диэн этэн көрбүтэ да, киhи тылын истибэт дьон. «Бары бараллар, биhиги эрэ хаалыахпыт дуо!» – дэспиттэрэ.

Кэлин истибиттэрэ – сорох аймахтар олох да барбатахтар эбит. Аан Үөчэй биир да баатырын ыыппатах үhү. Күүлэкээни уолаттара кырытыннаран, тылын истибэт буоллулар. Бэйэтэ даҕаны дьаhалымсыйбат буолла. Уолаттар – өйдөрүн туппут улахан дьон.

Киэhэлик, кэтэспит дьонноро иккиэн кэлэннэр, үөрүү-көтүү буолла. Хата, этэҥҥэ тыыннаах эргиллибиттэр. Хомуос оҕолорун дэлби ахтан кэлбит. Омоллоон мантан чугас олорор. Уолаттар иккиэн киирдилэр. Омоллоон аҕатыгар көстөн ааhаары таарыйбыт. Сирэйдэрин салгын харааччы сиэбит. Маҥнай дьиэ эргиннээҕини кэпсэттилэр. Түргэнник эт кырбастаан, кыра ууга буhара охсон, аhаары сибиэҕэ олордулар.

– Дьэ, хайдах сырыттыгыт? Кэпсээҥ, – диэн Күүлэкээн ыйытар.

– Оттон сырыттыбыт, – Хомуос хатырбыт уоhун саланар.

Аччыктаабыт дьон быhыытынан саҥата суох аhаан кимиритэллэр. Оччо-бачча кэпсии охсор баҕалара суоҕа, «тыыннаахпыт эрэ» диэн барбах эппиттэриттэн кыайбыт-хоппут көрүҥнэрэ көстүбэт. Киирэллэрин кытта иккиэннэрин саҕынньахтара сиритэ-хайыта охсуллубутун бэлиэтии көрбүттэрэ. Ордук Омоллоон саҕынньаҕа тырыттыбыт.

– Бары тыыннааххыт дуо? – оҕонньор кэтэhэ түhэн баран ыйытар.

– Биhигиттэн биир баатыр өллө. Хас да киhи бааhырда, – Хомуос көтөхтөрөн олорор оҕотун сыллыыр.

– Ким өллө?

– Туоhаҕар баатыр. Күскэhи илиитин тосту оҕустарбыта. Мин иккитэ чэпчэкитик бааhырдым. Омоллоон хаҥас тоҕоноҕун туhунан баастаах да, халымыр.

– Өлө сыспыккыт дии. Улахан сэрии буоллаҕа.

– Улахан.

– Чэ кэпсээҥ, хайдах, туох буолбутун!

– Маҥнай Нам сиригэр Мымах баайга мустубуппут, – Хомуос ыстыы олорор этин ыйыстан баран кэпсээнин саҕалыыр. – Ону нууччалар эрдэ билэннэр, урутаан кэлэн саба түспүттэрэ. Онно охсуhан чугуппуппут. Онтон ордууларыгар тиийэн, төгүрүйэн, ханна да таhаарбакка хаайан олордубут. Биирдэ быыhа суох өргөстөөх күүлэлэрин аанын уоттаары, сыарҕалаах оту анньан киирэн көрдүбүт. Онно чугаhаан эрдэхпитинэ, утары тахсан, охсуhан, сыарҕалаах оппутун уоттаатылар. Тимир сааларынан ытыалаатылар. Ону ол диэбэккэ охсуhаммыт, чугутан, аhаҕас ааннарынан ордууларыгар киирэн хааллылар. Биhиги тимир сааларыттан чаҕыйан, чугурус гыммыппытыгар, ааннарын саба охсон кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан ордууларыгар кыайан киирбэтибит.

– Дыгын уолаттара иккиhин кимэн киириэҕиҥ диэбиттэрин, Мымах баай утаран, кыайан тэриллэн киирбэтибит. Ханна да таhаарбакка хаайан олоруоҕуҥ дэстилэр. Ол курдук өр хаайан олорон баран тарҕастыбыт, – диэн Омоллоон салгыы кэпсиир.

– Тоҕо тарҕастыгыт? Оччо хаайан баран… – оҕонньор Омоллоон диэки көрөр.

– Кэлин аппыт сиир ото, бэйэбит аспыт-үөлбүт бүтэн барда. Ол да буоллар, от эбии тиэйтэрэн, хастаран аhатан, ас булунан, син олорбохтуо эбиппит. Ону баара тойоттор бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэн, бурайсыы буолла.

– Кимнээх ииристилэр?

– Маҥнай Дыгын уолаттара Мымаҕы саҥарбыттара. «Эн тойомсуйаҥҥын, иккиhин кимэн киириэхпитин тохтоттуҥ» дииллэр. Онно Мымах этиhэн баран, кыыhыран, тойоттору кытта сүбэлэспэккэ эрэ дьонун илдьэ баран хаалла. Онтон кыргыска элбэх сүтүктэммит хаҥаластар бардылар. Ону биhиги хайыахпытый, тарҕастахпыт дии.

– Биhиэхэ тылын ылыннарар, сүрүннүүр киhи суоҕа иэдэттэ, – Хомуос аргыый саҥарар. – Тойоттор мөккүhэллэр, онтон устунан өhүргэнсэн, иирсэ сыhаллар.

– Мымах куhаҕан киhи эбит, – Омоллоон миинин сыпсырыйар. – Маҥнай кини баhылыах-көhүлүөх курдук туттубута. Кэлин киhибит баран хаалан ыhыталаан кэбистэ.

– Буоллаҕа… Сааспыт тухары аҕа ууhунан бэрт былдьаспыппыт, арахсан атааннаспыппыт тэптэҕэ, – диэтэ Күүлэкээн уhун олоҕун устата эҥин элбэҕи билбит, истибит киhи быhыытынан аргыый…

* * *

Хаһаактар чугастааҕы ыаллартан аҕыйах сүөhү, ат атыыластылар. Хас эмэ хонукка хара сиэн сэниэ ыллылар. Уонна Бөтүҥ диэки тахса сылдьарга быhаардылар.

Сахалар буоллаҕына тарҕаhан бытарыйдылар. Онон күүстэрэ мөлтөөтөҕө. Остуруогу кыайан ылбатыбыт диэн санаалара түспүт буолуохтаах. Иван Галкин хаһаактар хаайтаран олорон мөлтөөбөтөхтөрүн, сэниэлээхтэрин көрдөрүөн баҕарар. Дьоно, төhө да дьүдьэйбиттэрин иhин, аhаан-сиэн, сэниэ ылан, санаалара күүhүрдэ.

Аҕыйах аттарыгар өйүөлэрин, сааларын ыҥыырдан, суол устун сатыы айаннаатылар. Ол эрээри мөлтөөбүттэрэ биллэр. Суол кытыытыгар олорор ыалы көрөн, киирэн сынньанан ааhыаҕыҥ дэстилэр. Сыhыары тутуллубут саах сыбахтаах хотонноох балаҕаҥҥа олорор дьадаҥы ыалга киирдилэр. Сорохтор дьиэҕэ баппакка таhырдьа тахсан кыс маска олордулар.

Дьиэлээхтэр хас да дьукаах буолан кыстаан олороллор быhыылаах. Синньигэс илиилээх-атахтаах, уй курдук улахан истээх, сыгынньах кэриэтэ сылдьар кыра оҕолор атын омук дьонун дьиктиргээн кыҥастастылар. Кырдьаҕас оҕонньор да, эмээхсин да баара көстүбэт. Биир арыый саастаах, эргэрэн лаҕыыр курдук буолбут торбос сонноох киhи оhох иннигэр олоппоско олорор. Дьахталлар бааллар. Кинилэр син биир эр киhи курдук таҥналлар эбит. Кырата уонча сыл кэтиллибит торбос сонноохтор.

Иван Галкин Петрушкаҕа тылбаастатан, Иhиэлэй баайга тиийэр суолу ыйдарда. Сааhырбыт хаһаактар кэккэлэhэ олороннор аргыый кэпсэтэллэр:

– Какие худые, грязные, – улахан хонтоҕор муруннаах киhи аргыый саҥарар.

– И на Руси есть бедные и грязные люди. Ты что, Петро, забыл что ли, – диэн иккис киhи хардарар.

– Там хоть хлеб сеют. А здесь мясо да молоко. И то мало. Ведь живучи твари… Еще дерутся!

– Им тяжело. Но живут. Видишь, дети есть.

– Богом забытая землица. Зимой холодно, летом комары.

– Зато здесь соболь есть.

– Да вот соболь…

Дьадаҥы дьон эрэйдээх саас баччаҕа астара бүтэн, ыран, сэниэлэрэ эстэр. Дьүhүннэрэ-бодолоро эмиэ ол тэҥинэн буолар. Сайын хаhааммыт сыттаах сымалара бүттэҕинэ, тардара суох буоллаҕына, тиит субатын кыhыйан үссэнэллэр. Олус аччыктаабыт киhи сирэйэ иhэр. Быстар дьадаҥы ыаллар саас бары даҕаны нэhиилэ сүөдэҥниир буолаллар. Хайа эмэ баайга баран, ас умналыыллар. Онно, абыраатаҕына, сүөhү иhинэн, баhынан-атаҕынан, тарынан салҕаатаҕына үөрүү буолар. Баайдар астарын босхо биэрбэттэр. Сайын үлэлээн биэриэх буоллахтарына эрэ онтуларын да ыhыкталлар. Дьадаҥы ыал биир эмэ ынаҕа синньээтэҕинэ, төрүүрүн кэтэhэн күнүн-хонугун ааҕар. «Киhи эрэйгэ үөскүүр» диэн дэлэҕэ этиллиэ дуо.

Хаһаактар Иhиэлэй баайга тиийдилэр. Олохтоохтор нууччалар кэлбиттэригэр куттаннылар. Туох да утарсыыны оҥорботулар. Бөтүҥ баайа киистэрин тириитин кистээбит быhыылаах. Нэhиилэ уон тириини биэрдэ. Онтон Бөтүҥ иккис баайыгар Симээн Уултаҕа сылдьаннар эмиэ мэлийдилэр. Хата, чэпчэки сыанаҕа уон ыҥыырдаах аты атыыластылар уонна остуруокка төнүннүлэр.

Кулун тутар ортотун диэки онно-манна кыстаан бултаабыт промысловиктар кэлитэлээннэр, киhи элбээтэ. Муус устарга Иван Галкин промысловиктары кытыаран, чугас Хаҥалас улууhугар сүүс биэс уон киhилээх бохуот оҥордо. Ол эрээри хаҥаластар үтүөлэрэ ыраах тэскилээннэр ситтэрбэтилэр. Кыhын сахалар, төгүрүйэн олорон, хаһаактар сүөhүлэрин, аттарын өлөрөн сиэбиттэрэ. Ону иэстэспит курдук, баайдар сүөhүлэрин үүрэн аҕаллылар. Билигин хаһаактар сиир бурдуктара аҕыйаан, үксүн этинэн аhылыктанар буоллулар.

* * *

Төhө даҕаны сир-дойду уhун кыhын устата халыҥ хаарынан сабыллан, хам тоҥмутун иhин, саас барахсан кэллэҕинэ, үөhэттэн чаҕылыччы тыгар күн салгыны сылытан, туох барыта сыыйа ирэн, хаар суоллан харааран, саас илдьитэ ньургуhун тыллан, чыычаах чыбыгырыы ыллаан, ама, бу айыы сиригэр сэрии, охсуhуу, өлүү-сүтүү, аймалҕан буолбута буолуо дуо диэх курдук кэм кэллэ.

Хаар харааран, үрдэл сир куурбутун кэннэ, Нуҥнуур дьүөгэтиниин Хаайалыын Саттаар уҥуоҕар кэллилэр. Томточчу чөмөхтөммүт үрүҥ буор таhыгар дүлүҥ аҕалан уурбуттар. Тордуох оҕотун уҥуоҕун эргиирин аҕыйах хонуктааҕыта аҕалан туруорбут быhыылаах – маhа саҥа.

Кыргыттар томтоҕор буор үрдүгэр түспүт хатыҥ хаппыт сэбирдэхтэрин ылаттаан туора быраҕаттаатылар. Дүлүҥ үрдүгэр кэккэлэhэн саҥата суох олордулар. Хатыҥ синньигэс хара лабаалара санаарҕаабыт курдук намылыспыттар. Арай үөhэттэн күн тыгара сэргэхситэр.

– Биhиги кэлэн олорорбутун билбэккэ, иин түгэҕэр сыттаҕа… – Нуҥнуур хараҕын уутун соттор. – Тоҕо сэрии буолара буолуой?

– Ытаама… Эдэр киhи өллөҕүнэ, салгын кута, үрүҥ чыычаах буолан, үөhэ көтөр дииллэр, – Хаайа дьүөгэтин уоскута сатыыр.

– Эрэйдээх… Кыра эрдэҕинэ бэл саастыылаахтарын кытта охсуспат этэ. Ол бэйэтэ туох да наадата суох сэриигэ киирэн алҕаска өллөҕө…

Эмиэ саҥата суох олорбохтоотулар. Нуҥнуур эмиэ хараҕын уутун соттор.

– Көр, ньургуhун тахсан эрэр. Бүөрдээбит. Сотору тыллыа, – Хаайа ыйан көрдөрөр.

– Кини биирдэ миэхэ ньургуhун бэлэхтээбитэ.

– Хата, ону кэпсээ.

– Ол ааспыт саас этэ. Суолга утары көрсүбүппүт. Биир куртуйаҕы тутан иhэр. Мин көрсөөт, «хайа, куртуйах өлөрбүккүн дуу» диэтим. Онуоха «эйиэхэ биэрэбин» диэн уунна. Мин «хата, ньургуhунна бэлэхтээ» диэтим. Онно өс киирбэх «эйиэхэ саамай кэрэни биэрэбин» дии-дии, бөлөх ньургуhуну быhа тардан ылан биэрбитэ.

– Эйиэхэ үчүгэйи? Ол аата, эйигин сөбүлүүр эбит.

– Сөбүлүүр этэ. Кэлин холбоhуох буолбуппут. Сэрии буолбатаҕа эбитэ буоллар, кини баар буолуо этэ. Кинини, сатаан охсуспат уолу, олох билбэт киһитэ көрөөт, өлөрбүтэ буолуо. Сэрии диэн ынырык буолбат дуо…

– Ынырык бөҕө буоллаҕа дии!

– Билигин мин тулам барыта күлүгүрдэ, кураанахсыйда. Көргө-нарга да сылдьыахпын баҕарбат буоллум. Кини суох буолбута миэхэ олус соhуччу этэ. Онтон наhаа санаарҕыыбын.

– Тоҕо сэрии буолара буолуой?

– Баай былдьаhыыта буолуо. Мин аҕам этэр – сэриини тэрийбит дьон өлбөттөр, буруйа суох дьон өлөллөр. Биhиги, тыыннаах дьон, ол күөх халлааны, ити хатыҥы, ньургуhуну көрө сылдьабыт. Оттон Саттаар эрэйдээх туохтан барытыттан матан, иин түгэҕэр сытаахтыыр…

– Кэбис, ону санаама.

– Хайдах саныам суоҕай. Кинини санаары манна кэллэҕим дии. Чэ, иккиэн саҥата суох олоро түhүөххэ.

* * *

Быйыл өрүс хойутаан эhиннэ. Ханна эрэ харыы таҕыста быhыылаах – уу бөҕө кэлэн, намыhах кытылы барытын ылла. Боротуокаҕа таhааран кыстаппыт икки кочаларын, дьаакырын көтөҕөн, үөhэ таhаарарга күhэлиннилэр. Өрүс үөhүн мууhа тохтообут. Уу улам эбиллэн, кытыы талахтары ылла. Кытыынан быстах муустар усталлар. Тыыларын ууга ыыта сыhан, кочаларыгар киирэн, дөксө үөhэ таhаардылар.

Муустаах уу остуруокка ыкса тиийэн кэллэ. Иэдээн буолаары гынна диэн, түүн утуйбатылар. Устан ааhар муустар талаҕы солоон ааhар тыастара иhиллэр. Аны муус кэлэн, остуруок уhуктаах баҕаналарын көтүрүтэ аста, сиҥнэрдэ. Дөксө эбиллэн, икки дьиэни алдьатта. Муустаах уу, кэллэҕинэ, балысханнык кэлэр эбит. Тыас-уус бөҕө. Чугас тутуллубут хотонноох балаҕаны эмиэ уу ылла. Күрүө-хаhаа суох буолбут. Бары кытыыга, үрдүк сиргэ таҕыстылар. Уу икки хонукка туран, киэҥ сири ылан, килэччи аста. Онтон харыы төлө барда быhыылаах – уу дьэ түhэн барда. Уу түспүтүн кэннэ кэлэн көрбүттэрэ – остуруок иhэ күөрэ-лаҥкы бөҕө буолбут. Олорбут сирдэрин сүүрүктээх уу от, мас, талах быыстарайдаах кумаҕынан толорон кэбиспит. Онно-манна халыҥ муустар олорон хаалбыттар. Көмүөл күүhэ диэн дьулаан буолар эбит. Дьиэлэрин иhэ никсик сыттаммыт. Киhи сатаан олоруо суох буолбут.

Сонно тута сүбэлэhэн, остуруогу уу ылбат үрдүк сиргэ саҥалыы тутарга быhаардылар. Урут Петр Бекетов олус намыhах сиргэ туппут эбит.

Чугаhынан остуруок тутуохха айылаах сир суох. Мыраан үрдүгэр тахсыахтарын өрүстэн ырааҕа бэрт диэтилэр. Онон икки аттаах киhини сир көрдөтө үөhэ диэки ыытар буоллулар. Сир көрө барбыт дьон, хонон баран, киэhэ кэллилэр. Үөhэ ыраах, Тааттаҕа, Аммаҕа барар суол төрдүттэн чугас биир сири бэлиэтии көрбүттэр. Хаҥалас улууhун утарытыгар баар үhү. Ол сиргэ биир саха ыала баар эбит. Олохтоох дьон уу ылбатын билэн туттубуттара буолуо. Онон бары онно көhөн, сорохторо чугастааҕы ыалынан тарҕаhан олорор буоллулар. Сайыны быhа саҥа остуруок тутуутугар үлэлиэхтэрэ. Ааспыт сэрии уопутуттан үөрэх ылан, остуруогу киэҥ гына тутарга быhаардылар. Соҕурууттан эбии дьон кэлиэхтэрэ. Сүөhү тутар хотонноох балаҕаны тэйиччи тутуохтара. Урут олус чугас тутан кэбиhэннэр, сахалар хаайан олороннор, дьиэ үрдүгэр тахсан, остуруок иhигэр сылдьар дьону оҕунан ытыалыыллара. Баҕар, кыhын эмиэ кэлэн төгүрүйүөхтэрэ.

* * *

Хаһаактар Бөтүҥҥэ айаннаан иhэн сылдьыбыт ыаллара Тотойдор, кырдьык, дьадаҥы дьон. Ол эрээри дьиэлээх-уоттаах, ынахтаах буолан, син дьон тэҥинэн сананан олороллор. Нэhиилэ салҕанан олорор дьадаҥылар кинилэр эрэ буолбатахтар. Төhө да астара быстан аччыктааталлар, сордоннубут-муҥнанныбыт, иэдэйдибит диэн муҥатыйбакка, кыраҕа да үөрэн, бэйэлэрин тустарыгар күө-дьаа буолан олороллор. Үлэни-хамнаhы кыайар өттүлэрэ, тугу эмэ бэриhиннэрэн эбинээри, баайга хамначчыт буолаллар. Үйэ-саас тухары олох оҥкула уларыйбат. Байбыт наар байар, оттон дьадаҥы хаhан да өрүттүбэт.

Ханнык баҕарар дьадаҥы ыал олохсуйбут сирдээх, алаастаах буолар. Сайын алаастарыгар тарҕанан олорон балыктаан, бултаан аhыыллар. Кыhын биир эмэ киэҥ дьиэлээх, кыстатар дириҥ күөллээх ыалга көhөн кэлэн, хас да ыал дьукаах олорон кыстыыллар. Ол маhыгар көмөлөөх. Сорох мас мастанар, от оттонор кыаҕа да суох, кыра оҕолордоох сүтүөр ийэлэр11, кырдьаҕастар бааллар. Сорох ыал үчүгэй сүгэтэ, анньыыта, от-мас тиэйэр оҕуhа да суох буолар. Быстар дьадаҥы ыалга, бэл, от охсор тимир да, хотуур да суох. Тимир күндү. Тимир хотууру уустар сүөhү манньаҕа охсоллор. Ону даҕаны болгуо тимирдээх буоллахтарына уhаналлар.

Дьадаҥы ыал биир-икки ынаҕа сиир отун муос хотуурунан охсоллор. Улахан оҕус муоhун маҥнай ууска хайыттараллар. Онтон кыhан, биилээн, сытыы гына оҥороллор. Биилэммит муоhу маска олордоллор. Муос хотуур тимир хотуурга хантан тиийиэй. Сыппаатаҕын аайы биитин быhаҕынан кыhан истэххэ табыллар. Муос хотуур сииктээх сиргэ үүнэр хойуу, кэбирэх, үкэр оту хотумтуо. Оннук да хотуурунан кыайыгас, үлэhит киhи сай устата биир-икки ынах сыл тахсар отун оттуур. Эбэтэр аймахтарыттан, чугас ыалларыттан аҕыйах хонукка тимир хотууру уларсыа.

Дьадаҥы ыал ынахтарын элбэтэр, байар кыахтара суох. Элбэх оту кыайан оттооботтор. Ньирэйи, борооскутугар эбэтэр тиҥэhэтигэр тиэрдэ-тиэрдэ, идэhэҕэ туттан сиэн иhэллэр. Уhун кыhыҥҥа тугу аhаан олоруохтарай. Тириитин таҥас оҥостор кыhалҕата эмиэ баар. Дьадаҥы ыалга таҥас букатын көстүбэт. Баайдарга үлэлээн убаhа тириитэ ыллахтарына үөрүү буолар. Дьахталлар кыhын таhырдьа тахсар таҥастара суох буолан, хотону дьиэни кытта силбэhэ туталлар. Оҕолор эрэйдээхтэр кыhын эмиэ сыгынньах кэриэтэ сылдьаллар. Бэркэ буоллаҕына, көхсүлэригэр куобах тириитэ хаххалаах уонна тамыйах тириитэ сыалдьалаах буолуохтара.

Дьадаҥылар бары кэриэтэ тэҥ олохтоох буоланнар, ким даҕаны эргэ, кирдээх, абырахтаах, тырыттыбыт таҥаhыттан кыбыстыбат. Кыаммат дьон киис, саhыл, бөрө эҥин курдук күндү түүлээҕи бултуур кыахтара суох. Кинилэр бултара балык, кус, куртуйах, куобах буолар. Айахтарын иhин бултууллар. Хата, Баай Байанай биэрэр булда элбэх. Саас, кус үгэннээн кэлэрин саҕана, саҥата түүн киhини утуппат. Оҕолор, улахан да дьон куска тиргэлээн, куртуйахха, куобахха туhахтаан абыраналлар.

Дьадаҥылар уhун кыhыны туоруур сүрүн астара, сайыҥҥы өйүөлэрэ балык буолар. Сайыны быhа туулаан, мундуну үөлэн, хатаран сииллэр. Күhүөрү сайын сыма оҥорон кыhыҥҥыга хаhааналлар.

Өрүс эҥээригэр олорооччулар улахан балыгы эмиэ бултууллар. Сыалыhар күhүн муус тоҥуутун саҕана кытыынан өрүhү өксөйөр. Онон быhыттаан, улахан талах тууга киллэрэн ылаллар. Булчут, үлэhит киhи быйаҥнаах сайыҥҥа айаҕын булунар.

Улахан сукка от үүммэккэ, сүөhүлэрин эстэхтэринэ, көhөн, биир эмэ балыктаах күөл таhыгар олохсуйаллар. Оннук дьону хара балыксыттар диэн ааттыыллар. Аймахтарыттан эбэтэр баайдартан биир эмэ тыhы тыhаҕаhы ылан иитэн, кэлин ынахтанан, эмиэ ыал тэҥэ буолан олоруохтара. Оттон кыамматтар кумалаан буолан, ыалы кэрийэн, тирии имитэн эҥин айахтарын ииттинэ сатыыллар.

Киhи ханнык баҕарар кыhалҕалаах олоххо үөрэнэр. Оҕо эрдэхтэриттэн ону эрэ билбит олохторо буолан, маннык буолуохтааҕын курдук саныыллар. Ыал буолан, оҕо төрөтөн, утуму салҕаан, бар дьон аатыран олордохторо. Дьахтар эрэйдээх сыл аайы кэриэтэ оҕолонор да, оҕо үксэ иринньэх сааhыгар тымныйан, ыалдьан өлөр. Дьадаҥы ыалга биир эмэ оҕо тыыннаах ордор. Оҕо өлбөккө биэс сааhыгар тиийдэҕинэ, «борбуйун көтөхпүт оҕо» дииллэр. Сутуруо үөhээ быатын «сыалдьа быата», аллараа быатын «борбуй быата» диэн ааттыыллар. Биэстээх оҕо борбуйун быатын соспот, баанар. Ол аата борбуйун көтөҕөр.

Дьадаҥы ыал оҕото уон биэс-алта сааhыттан ыла айаҕын иhин баайга хамначчыт, чаҕар буолар. Уол оҕо сүүрбэ түөрдүн-биэhин туоллаҕына, эмиэ бэйэтин курдук хамначчыт кыыhы кытта холбууллар. Үчүгэй баай буоллаҕына, эдэр ыалга тамыйахтаах ынаҕы биэрэр. Онтон ыла дьоннорун дьиэлэригэр кэлэллэр. Кырдьыбыт төрөппүттэригэр көмө буолаллар. Төhө да туhунан ыал буоллаллар, баай хабалатыттан тахсыбаттар. Байан-тайан кэлбэттэр. Кинилэр оҕолоро улааттахтарына, син биир баайга хамначчыт буолуохтара. Бэйэлэрэ да оннук буолуохтааҕын курдук саныыллар. Үйэ-саас тухары олох тутула уларыйбакка хатыланан бара турар.

* * *

Күн аайы саҥа остуруок тутуутугар үлэлээннэр, сүгэ тыаhа табырҕас буолла. Манна промысловиктары, чугас олорор сахалары үлэлэтэллэр. Сорохтор тыаҕа тутуу маhын кэрдэллэр. Остуруогу эргиччи уhуктаах баҕаналары туруортаан, мас кириэппэс тутуохтаахтар.

Иван Галкин түрмэ уонна аманаат дьиэтин, кыра чочуобуна баанньык туттарар баҕа санаалаах. Аманаат дьиэтэ хайаан да наада. Сахалар дьаhааҕы сүгүн-саҕын төлүүр санаалара суох быhыылаах. Онон аманааты хаайан күhэйдэххэ табыллыыhы. Итинник күhэйэр ньыманы таба туттарбат, көс олохтоох тоҥустарга туттар этилэр. Маҥнай кэлбит дьон сахалар сымнаҕастар, улгумнар, көс биис буолбатахтар, онон аманааты тутар наадата суох диэбиттэрэ. Оннук буолбатах эбит. Бу кэлин сахалар даҕаны ардай аhыыларын көрдөрүөх курдуктар. Дөксө «пытошная изба» диэн ааттанар, киhини накаастыыр дьиэни туталлара буолуо. Уонна остуруокка киирэр аан таhыгар харабыл турарыгар үрдүк башня туттахха сатаныыhы. Оннук дьаhанарга быhыы-майгы күhэйэр. Инники өттүгэр туох буолара биллибэт. Таҥара сэрэҕи таптыыр.

Иван Галкиҥҥа баар-суох эйэлээх кинээhэ Лөгөй кэллэ. Кэhиитин биир түрбэ – түөрт уон киис тириитин аҕалбыт. Ытык ыалдьыты чиэстээн-маанылаан көрүстүлэр. Кинини хаһаактар бары билэллэр. Логуй диэн ааттыыллар.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации