Текст книги "Үйэ кирбиитигэр"
Автор книги: Федот Захаров
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 18 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
– Кырдьык, баатырыҥ алыс аҕыйах эбит. Чугастааҕы аймахтар баатырдарын барыларын хомуй. Бу диэки тылын ылларар ытык киhи диэн эн буоллаҕыҥ дии.
– Оттон киис түhээнин төлүүбүт дуо?
– Төлөөҥ. Остуруокка тугу да билбэккэ олоруохтаахтар.
* * *
Бу кэмҥэ Иван Галкин Мэҥэ сиригэр Босхоҥ Боруохал уолаттарын кытта сэриилэhэ сылдьара. Кини, саатар, чугас олорор улууhу самнарар санаалаах. Хайаан даҕаны бэйэ күүhүн-уоҕун, кыаҕын көрдөрдөҕүнэ сатанар. Кини сүрдээх хорсун, туруоруммут сыалын-соругун ситиhэр инниттэн ханнык да ыарахантан чугуйан-чаҕыйан турбат киhи. Ол эрээри Бекетов курдук оҕону, дьахтары кытта охсуспакка, суобаhын киртиппэккэ, утарыласпыт саалаах-сэптээх өстөөҕү эрэ боҕутуннарар. Кырдьаҕаhы, ыарыhаҕы, үлэ киhитин, оҕону-дьахтары тыыппат.
Сахалар дьаhаах хомуйбут хаһаактары бу эргин халаабыт этилэр. Утуйа сыттахтарына кэлэн саба түспүттэр. Кэлгийбиттэр. Кими да өлөрбөтөхтөр. Хомуйбут киистэрин, сааларын-сэптэрин суйдаан баран ыытан кэбиспиттэр.
Ким кэлэн халаабыта биллибэт. Урут бэриммит, аны утарылаhыа суох буолан андаҕайбыт дьон тыыппаттар ини диэн, биэс эрэ хаһаак буолан сылдьыбыттар. Бу сырыыга андаҕарын кэспитин иhин, Босхоҥ Боруохалы бэйэтин тутан киллэрэн, аманаакка олордор сыаллаах-соруктаах тахсыбыттара.
Ол эрээри сахалар нэмин билэн сэриилэhэр буолбуттар. Чугаhаабакка, бииргэм куота көтө, саhа сылдьан, ыраахтан оҕунан ытыалыыллар. Ордууларыгар оҕо-дьахтар, кырдьаҕастар эрэ бааллар. Босхоҥ Боруохал бэйэтэ суох. Саhан хаалбыт быhыылаах. Онон икки өттүттэн өлөрсүү тахсыбата.
Иван Галкин хаһаактара күнү быhа хас эмэ алааhынан эккирэтэн көрдүлэр да, кыайан сиппэтилэр. Сороҕор ааhан истэхтэринэ, тыа быыhыттан оҕунан ытыалыыллар. Онон хаһаактар сыалларын ситиспэккэ төнүннүлэр. Галкин санаата түстэ. Маннык буоллаҕына, сахалар сүгүн бэриниэ суохтар. Кинилэри кытта сайын сэриилэhэр куhаҕан эбит. Бүтүннүү тыа дойду. Ыаллара киэҥ сиринэн арҕам-тарҕам олороллор. Онон сирдэрин-уоттарын бэркэ билэр буолан, олох таба туттарыа суохтар.
Балаҕан ыйын эргэтигэр промысловиктар бултаары онно-манна тарҕастылар. Остуруокка хаһаактар, стрелецтэр, аҕыйах үлэhит эрэ хааллылар.
Алтынньы ый үүннэ. Күөл мууhа тоҥон, кыстык хаар түстэ. Хаһаактар тыаҕа тахсан, оттук мас кэрдиитигэр үлэлээтилэр. Бэлэмнэммит маhы сахалар оҕустаах сыарҕанан тастылар.
* * *
Саттаар үүтээнигэр тахсан бултаабыта уонча хонно. Икки кииhи, уон үс тииҥи өлөрбүтэ. Онон бултуйбут курдук сананар.
Үүтээнэ кыракый алаас хоту тумулугар баар. Муннугар кыра оhохтоох. Киэhэ бултаан кэлэн баран, оhоҕун отуннуҥ да, кыараҕас үүтээн иhэ сылыйан бырылыы түhэр. Аны олус сылыйан аанын сэгэтэр.
Хаар син халыҥаабыт. Күн аайы атын миинэн, ытын батыhыннаран, күндү түүлээҕи сонордуур. Киис саҥа суолун көрдөҕүнэ, ытын киксэрэн батыhыннарар. Ыта кииhи сонордуурга үөрэнэн эрэр. Киис ырааппат. Көс аҥаарынан ыта ситэн тииккэ таhаарар. Оччоҕо улахан чаачар саанан ытан түhэрэр.
Быйыл күhүн Бардыалаахха дьиэ, хотон, хоспох, кыбыы, дал тутуспута. Үлэлээбитин иhин Мымах баай тыhы борооскуну биэрбитэ. Онно дьоно үөрбүттэрэ. Таах олордоххо, ол хантан кэлиэй. Таhыттан киирбит таммах да хаалбат.
Сарсыарда туран оhоҕун оттон олгуйдаах ууну сылытан аhаата. Аhыы олорон бүгүн ханан барарын толкуйдаата. Мантан арҕаа Кэҥкэмэ үрэххэ диэри халыҥ сис. Илин онон-манан кыра чоҥолох алаастар бааллар. Оттон соҕуруу уонна хоту өттүгэр кэдээл быыстардаах сис тыа. Онон-манан булчуттар үүтээннэрэ баар. Сир төhө да киэҥин иhин, атын булчут кэлэн ааспыт суолугар түбэhэ түhээччи.
Ыта Баhырҕас аттыгар сытан тугу эмэ быраҕан биэрээрэй диэн кэтэhэр. Кыҥнах гына-гына көрөр. Өҥүргэс уҥуохтаах эт тобоҕун быраҕан биэрбитигэр, айаҕар хап гына түhэрэн, ыстаамахтаан иhэн ыйыстан баран салбанан эрэ кэбистэ.
Аhаан баран атын ыҥыырдаан, уулатаары, чүөмпэҕэ сиэтэн киллэрдэ. Тоҥмут ойбону сүллүгэс маhынан көҥүтэ анньыалаата.
Бүгүн арҕаа сискэ киирэн хаамтаран баран, сыыйа эргийэн соҕуруу диэки хайыhар санаалаах. Тыаҕа хаама үөрэммит ат сэдэх мастаах тэҥкэнэн иҥнибэккэ сылдьар. Сороҕор тиит лабаатын аннынан ыытан, көмнөҕү саккыратар.
Саттаар ыҥыыр үрдүгэр олорон бултуурун сөбүлүүр. Ыраас чэбдик салгын, сырдык тунал хаар, эдэр эрчим уонна сонор суолун кэтэhиилээх эрэлэ санааны көтөҕөр. Ытын төргүүгэ быалаан сиэтэ сылдьар. Мээнэ ыытан кэбистэххэ сороҕор сүтэн хаалан эрэйдээччи. Ыта сааhа үhэ эрэ. Эдэр ыт буолан мээнэ сүүрэкэлиир. Сороҕор куобаҕы эккирэтэн тыаhы-ууhу таhаарар, үлүhүйэн ыраатан хаалар. Үчүгэй киисчит ыт киистэн атыҥҥа кыhаммат буолар диэччилэр.
Тыаҕа булт суола-ииhэ элбэх. Үксэ эргэ суоллар. Ыта туох эрэ сытын ылан, сытырҕалаан тиҥсирийэн, быатыттан тардыhар. Эдэр ыт, булчут хаана тардан, кутуйах да сытын ыллаҕына, тиит көҥдөйүн, абырҕал аннын эҥин сытырҕалааччы.
Тииҥ куhугураан тахсыбытын иhиттэ. Уҥа диэки чугас турар намыhах соҕус тииккэ ыттыбыт эбит. Онно тиийэ охсон, Саттаар атыттан түhэн ытын баайда. Улахан чаачар саатын ылан, иитэн, оноҕоhун укта. Тииҥ тиит ортоку салаатын төрдүгэр олорор. Олус анныгар тиийбэккэ кыҥаан, ытан «дар» гыннарда. Тииҥэ табыллан түөрэхтэнэн түстэ. Сороҕор сыыhа ытан кэбиhэн, тииҥи үөhэ таhааран кэбиhээччи. Оччоҕо хаста эмэ ытан, оноҕоhун көрдөөн, күнүн ыытар. Сорох тииҥ атын маска ыстанан эбэтэр харса суох аллара түhэн куотара эмиэ баар буолар.
Кииhи да, тииҥи да ытарыгар ытын баайар. Баайбатаҕына, ыта үөhэттэн сууллубут булду айаҕар түhэрэн эбэтэр үрдүгэр түhэн тириитин алдьатыаҕа.
Эмиэ атын миинэн барбахтаан иhэн, киис суолун көрдө. Атыттан түhэн, чинчийэн көрөн баран эмиэ миинэн, аhара барда. Иллэрээ күн кэлэн ааспыт. Суола кырыаланан эрэр. Күн үөhэ ойон, тииттэр быыстарынан сандаарыччы тыгар. Кыhыҥҥы тыа иhэ ыраас, сырдык. Тугу барытын тунал хаар сабан, салгынныын ырааhырбыт. Күн тыкпыт сиригэр хаар кыырпахтара чаҕылыҥнаhаллар. Дьылҕан тииттэр уhаабыт күлүктэрэ көбүс-көнө курдуктар. Бултуу сылдьар киhи соҕотохсуйбат. Ата уонна ыта бааллар. Кэтэhэр кэтэhиилээх буолан, көрө-истэ, сэргэхтик туттан иhэр.
Ытын ыытан кэбиhэргэ сананна. Сарсыардааҥҥы уоҕа арыый ааста быhыылаах. Оччо ырааппат ини. Баҕар, саҥа суолу сонордоон, кииhи тииккэ таhаарыа. Эбэтэр эрийэ-буруйа сылдьан тубэhэ түhүө. Киискэ үөрэтээри, икки кииhи тииккэ таhааран үрбүтүгэр, сиикэй эт тооромоhун сиэбигэр укта сылдьарын ылан биэрбитэ.
Баhырҕас, босхолоноот, иннин диэки сүүрэн дыгыйда. Сотору тугу эрэ эккирэтэн, кэлин атахтарынан хаары хаhыйа тэбиэлээн ыhыахтаабыта көhүннэ. Намыhах симилэххэ киллэрэн, эккирэтэн маhы, талаҕы тыаhатта.
Булчут атын симилэххэ киллэрбэккэ, иҥнэри сиринэн эргийэ барда. Ыта ханна эрэ тиэрдэн тииккэ таhаарда быhыылаах – үрэр саҥата иhилиннэ. Саттаар сэдэх мастаах тэҥкэ тыаны батыhан, нөҥүө өттүгэр кэлэн көрбүтэ – ыта тииҥи эккирэппит эбит. Үрдүк баҕайы тииккэ таhаарбыт. Сонно тута киис суолун көрдө. Ат үрдүттэн көрдөххө – саҥа суол. Онон тииҥҥэ кыhаммакка, ытын ыҥыра-ыҥыра атыттан түстэ. Киис суолун үчүгэйдик сирийэн көрдө. Бөлүүн ааспыт. Ыта кэлбитигэр, киис саҥа суолун сытырҕалатта. Ыта сыт ылан батыста. Суолу батыhан үрдүк сиргэ тахсан барбахтаан иhэн эмиэ таҥнары түhүүгэ кэллилэр. Киис суола онон-манан эрийэ-буруйа сылдьыбыт. Ол үчүгэй. Айан кииhэ буолбатах эбит. Ырааппатаҕа буолуо.
Ытын эмиэ төргүүлэнэн илиитигэр тутан иhэр. Киис чугас баарын биллэҕинэ ыытыа. Киис суола ыарҕа быыстаах силээҥҥэ киллэрдэ. Ыарҕа быыhыгар киирэн туора-маары сылдьан тиҥсирийбит. Онтон эмиэ үөhэ тахсыбыт. Суолу батыhан, онон-манан сылдьан, тоҥ күөс быстыҥа10 сонордоотулар. Илин диэки иэҕиллэн барбахтаан иhэн, хатыҥ чараҥҥа киирдилэр. Суолу сытырҕалыыр ыта кутуругун куйбаҥнаппытын көрөн, булчут ытын быатын сүөрэн ыытан кэбиhэр. Ол аата ыта киис сыта суолуттан соччо сүтэ илигин биллэҕэ. Ырааппатаҕа буолуо. Ыт суолу батыhан, инники сүүрэн элэс гынан хаалла. Сотору үрэр саҥата иhилиннэ. Тииккэ таhаардаҕа. Хата, кииhи сонордуурга түргэнник үөрэннэ. Ымыылаах ыт эбит. Атын тиэтэтэн ытыгар тиийбитэ – кииhи хатыҥҥа таhаарбыт. Кыhыҥҥы хатыҥ иинэҕэс лабаатыгар олорор киис улахан баҕайы курдук көстөр. Ымсыырбыт санааҕа эбитэ дуу?
Булчут маҥнай ытын тутан, биирдэ сүөрэ тардан босхолуур гына баайда. Чаачар саатын иитэн, тиэтэйбэккэ кыҥаан, кииhи түҥнэри ытан түhэрдэ. Ситэ өлбөккө тэбиэлэнэ сытар кииhи көхсүттэн тутан ылан, агдатын хам тутта. Ытыгар сиэбиттэн тоҥ эт тооромоhун ылан биэрдэ. Бултуйбут киhи быhыытынан, охтубут тиит үрдүгэр олорон, киис түүтүн кылаанын үрэн көрдө. Түүлээхтэн эрэ үчүгэй булт. Ол иhин нууччалар умсугуйан эрдэхтэрэ. Арай кииhи сүлэргэ сыта куhаҕан буолааччы.
* * *
Күhүҥҥү идэhэ күүтүүлээх кэмэ кэллэ. Саха киhитэ төhө да сүрүн аhылыга эт буолбутун иhин, дьадаҥы ыал идэhэтин этэ кыhын олунньуга бүтэр. Онтон ыла тугу эмэ бултаатахтарына эрэ хараны сииллэр. Күhүн буолан хаар түстэр эрэ оҕо аймах чоҕочу сиир күн кэлэрин кэтэhэр.
Тордуохтаах аттаммыт тиҥэhэ оҕустарын быйыл идэhэҕэ туттуохпут диэбиттэрэ. Өрөөбө маҥаас оҕус өлүөхтээҕин аhына саныыр. Ол эрээри чоҕочу сиэҕин эмиэ баҕарар. Ийэтэ куобаҕы сүллэҕинэ, бүөрүн үтэн сиэччи. Оттон куобах кулгааҕа, кус атаҕа, тыла сиикэйдии сиэниллэр.
Сүөhү эбии аhылыкка киирэрин кытта маҥаас эрэйдээҕи күөх отунан тотуор диэри аhаппыттара. Күҥҥэ иккитэ ойбоҥҥо киллэрэн уулаталлара. Өрөөбө уулата сылдьан, «сотору өлөр» дии санаан, аhыммыт хараҕынан көрөрө. Оҕуhа, санаатын таайбыт курдук, улахан хараҕа ууламмыкка дылы буолара.
Идэhэ өлөрөр күҥҥэ сарсыарда эрдэ турдулар. Элбэх маhы мастаатылар. Быhаҕы сытыылаатылар. Дьахталлар хотон үлэтин эрдэ бүтэрдилэр. Күнүскү аhылык кэнниттэн Тордуох хотонтон маҥаас оҕуhу сиэтэн таhаарда. Маҥнай икки илин атаҕын баҕанаҕа баайан тартардылар. Онтон икки кэлин атаҕын эмиэ быалаан баран, Тордуох дьукаах киhилиин Маппайдыын оҕуhу сууллары тардан түhэрэн, чырбаччы тартылар. Маппай үөс тардааччы буолла. Тордуохха сүөhү атаҕын тутарыгар дьахталлар көмөлөhөллөр. Маппай сүөhү түөhүн тириитин быhаҕынан хайа быhан, оҕуhу орулаппытынан үөhүн булан быhа тардан өлөрдө. Хаанын сүүрдэн, тириитин сүлэн, иhин ороотулар. Бу айыы сүөhүтүн өлөрөллөрүттэн кыбыстыбыт, хараастыбыт курдук, аргыый саҥарсан түргэнник туттумахтаатылар. Арай: «Оо, быhахпыт сыппах!» – диэн дьахтар саҥата иhилиннэ.
Этин эттииллэрин саҕана тыыннаах сүөhүнү буолбакка, көннөрү эти эттиир курдук буолла. Аттаммыт, үчүгэйдик аhаабыт тиҥэhэ оҕус эмиhэ сүрдээх. Этэ даҕаны элбэх буолсу. Аҥаар атаҕын дьукаахтарыгар биэрдилэр. Кинилэр идэhэ өлөрдөхтөрүнэ, эмиэ атах эти биэриэхтэрэ. Саха ыалын үгэhэ оннук.
Дьахталлар сүөhү иhин ырытан, ханнын ыраастыыллар, сууйаллар. Иhин сыатын-итирин оhох иннигэр сараҕыта ыйыыллар. Сарымтах курдук чараас чоҕочуну оҕолорго быhан биэрбиттэрин уhун тымтыкка эрийэн, уокка саллаллар. Үөрүү-көтүү, сэргэхсийии.
Оhоххо кураанах хардаҕастар уурулланнар, уот күлүбүрэччи умайар. Киэhэ идэhэ сүөhү эмис этин күөскэ ыргыччы буhардылар. Дьоро киэhэ үүннэ. Татым астаах дьадаҥы киhиэхэ ас минньигэс буолар, кыраҕа даҕаны үөрэллэр. Баай киhитээҕэр дьадаҥы киhи үөрүүтэ үгүс буолааччы. Биир куртуйаҕы даҕаны бултаан аҕаллахтарына үөрүөхтэрэ.
Туу оҥорор идэлээх киhиэхэ Тордуохха Мымах баай ох саа оноҕоhун үлэhэн оҥорторор. Тордуох тыаҕа тахсан көнө маhы бысталаан киллэрэн, хоспоххо ууран ыаннарбыта. Хаппытын кэннэ хайытан, тыырталаан, көбүс-көнө синньигэс мастары кыhан, оноҕос оҥортуур. Оноҕос кыра да өҕүллэҕэhэ, ойо быhыыта суох буолуохтаах. «Ох курдук оҥостон, кустук курдук куоhанан» диэн дэлэҕэ өс номоҕор этиллиэ дуо.
Оноҕос кирискэ тирэнэр өттүгэр куорсун түүлээх тириитин хастаан ылан силимниир. Силими хатыыс хабаҕын кырпайдаан баран, өр ууга оргутан оҥорор. Куорсуҥҥа куртуйах кынатын уhун түүтэ барар. Элиэ куорсуна үчүгэй да, сүгүн өлөртөрбөт көтөр. Элиэни сонордуурга, мэҥиэ быраҕан баран өр кэтээн олордоххо табыллар. Оттон оноҕос уhугунан өргөс тимирин тимир ууhа оҥоруоҕа.
Ох оҥоhулларын Мымах баай кистэтэр. Туохха эрэ бэлэмнэнэр быhыылаах.
* * *
Сэтинньи ыйга кырыа кыhын хаҕыс тыына биллибитинэн барда. Ол эрээри улахан тымныы түhэ илик. Иван Галкин киис тириитэ кэhиилээх саха тойотторо кэлэллэрин кэтэhэр. Тоҕо эрэ ким да биллибэт. Ол эрээри билигин эрдэ. Булчуттара тыаттан эргиллэ иликтэрэ буолуо.
Ньим уоhуйбут тымныы дойдуга олорор киhи киэhэ боруҥуйга таhырдьа таҕыстаҕына, дьиксиниэх курдук чуумпута. Таhырдьа тахсыбыт киhи, наадатыгар тура түhэн баран, дьиэҕэ төттөрү киирэр.
Киэhэлик «Лөгөй тойон кэллэ» диэтилэр. Иккиэлэр. Бэйэтин кытта куруук илдьэ сылдьар хамначчытын аҕалбыт. Иван Галкин ыалдьытын күндүлээн-маанылаан көрүстэ. Лөгөй дьаhааҕа диэн биэс уонча киис тириитин аҕалбыт. «Мэҥэ сиригэр олорор улахан аҕа ууhа ордууларын тула нууччалар курдук хахха бөҕөргөтүүнү туттубуттар үhү» диэн кэпсээтэ. Бөҕөргөтүү оҥостубут буоллахтарына, ол аата утарылаhаары, дьаhаах төлүүртэн аккаастанаары сананнахтара. Сайын куота көтө сылдьан сэриилэhэн бэриммэтэхтэрэ.
Иван Галкин, Лөгөй барбытын кэннэ, бас-көс хаһаактары кытары сүбэлэстэ. Хаһаактар «баран сэриилиэҕиҥ» диэтилэр. Таах олордоххо, ол дьону үтүктэн атыттар эмиэ, бөҕөргөтүү тута-тута, дьаhаах төлүөхтэрэ суоҕа.
Биэс уонча аттаах сэрии дьоно тэриллэн, Мэҥэ сиригэр Босхоҥ Боруохал аҕатын ууhугар бардылар. Тиийбиттэригэр, утарылаhарга санаммыт дьон оҕунан ытыалаан көрүстүлэр. Үс дьиэни тула балбааҕынан, дүлүҥүнэн буом оҥорбуттар. Онтукаларын хаарынан хайа-хайа, үрдүгэр уу куппуттар.
Хаһаактар маҥнай отучча буолан чугаhаан, кимэн көрдүлэр да, буому кыайан ылбакка, тэйэн биэрэргэ күhэлиннилэр. Онтон сүүсчэкэ хаамыы холобурдаах сиргэ тохтоон, щитинэн хаххаланан олорон, оҕунан ытыаластылар. Үhүс кимиилэригэр дьэ кыайан-хотон, самнаран, ордууларын ыллылар.
Көмүскэнээччилэр баатырдарын баhылыга Дуруй диэн Босхоҥ Боруохал уола охтубутун көрөн бэриннилэр. Кинилэртэн уонча баатырдара оҕунна. Хаһаактартан икки киhи өллө, биэс-алта киhи бааhырда. Эмиэ тимир куйахтара, щиттэрэ абыраата.
Утарыласпыт эр дьону барыларын умса сытыартаан баран кымньыынан таhыйдылар. Ыган-түүрэн түүлээхтэрин ыллылар. Босхоҥ Боруохал убайын уола, сааhыра барбыт киhи, Дьааҥкы Бодойох: «Мин утарылаhымаҥ диэн этэ сатаабытым, истибэтэхтэрэ. Эдэр, акаары дьон утарылаhаллар», – диэн эттэ. Оттон Босхоҥ Боруохал бэйэтэ эмиэ суох. Хаһаактар дьаhааҕы төлүөхпүт, утарылаhыахпыт суоҕа диэн андаҕатан баран төнүннүлэр.
Ахсынньы ыйга онтон-мантан кэлэн дьаhаах төлөөтүлэр. Намтан Мымах баай бэйэтинэн кэлэн төлөөн барда. Ол эрээри үгүстэр кэлэ иликтэр. Оттон сорохтор аҕыйаҕы аҕалбыттар. Халлаан тымныйан, киhи ханна да ыраах барыа суох курдук буолбут.
* * *
Мымах баай болдьохтоох кэм кэлэрин хайдах эрэ дьиксинэ кэтэhэр. Бачча тымныыга ыраах сиртэн үгүс киhи кыайан кэлбэтэ буолуо дии саныыр.
Баҕар, эппиттэрин курдук, сир аайыттан элбэх киhи кэлиэҕэ. Күhэҥэй оҕонньору кытта сүбэлэhэн, хайа ыалынан тарҕатан түhэрэри кэпсэппиттэрэ. Муhуннахтарына, аттара, бука, элбэх оту сииллэрэ буолуо. Аны бэйэлэрин айахтара. Түбүк, сүпсүлгэн бөҕө буолара буолуо. Тохсунньу ый үүнэрэ чугаhаата. Хайдах дьаабы буолар?
Аан маҥнай хаҥаластар кэллилэр. Кэлээт, аhылыкка диэн сэтиилэнэн кэлбит байтаhын биэни өлөрдүлэр. Сарсыҥҥытыгар онтон-мантан баатырдар кэлитэлээтилэр. Өйүүнүгэр киhи элбээтэ. Бэл, ыраах Болугур ууhуттан сүүрбэччэ киhи кэлбит. Тойоттор Мымах баайга муhуннулар. «Өр буолуохпут суоҕа, биллэн хаалыахпыт, киhи элбээтэҕинэ, ордууларыгар баран түүн өмүтүннэрэн саба түhүөҕүҥ» диэн сүбэлэстилэр. Мымах баайга өргөс тутуох айылаах аттаах эдэр дьоҥҥун барыларын ыҥыр диэтилэр. Киhи элбэҕэ үчүгэй…
Саттаар быйыл бултуйда. Биэс кииhи, сүүрбэччэ тииҥи өлөрдө. Маҥнай киис суола-ииhэ аҕыйах курдук этэ. Кэлин хантан эрэ кэллэ быhыылаах. Икки киис тириитин Мымах баайга илдьэн биэрбитэ.
Күнүс бары дьиэлэригэр олордохторуна, Мымах баай кулута Төтөллөй киирэн кэлэр. Ыалдьыт саха киhитин үгэhинэн аан аhан кэпсэтэн баран соругун этэр:
– Тойонум илдьиттээтэ. Саттаар, аккын миинэн, батыйаҕын ылан киниэхэ барыаҥ үhү.
– Тоҕо? – диэн Тордуох ыйытар.
– Сир-сир аайыттан баатырдар бөҕө муhуннулар. Хаһаактар ордууларын баран төгүрүйэн сэриилиир үhүлэр.
– Ол-бу буолбатын. Биhиги уолбут барбат, баатыр буолбатах, – ийэтэ Сэлгээнэй баhын илгистэ түстэ.
– Кини сэриигэ киириэ суоҕа. Таах ыраахтан көстөн, киhи ахсаанын элбэтиэ үhү.
– Син биир барбат. Кыргыс үөрэҕэр үөрэммэтэх оҕону кыргыска илдьэн быhыта оҕустараары гынар дуо? Бэйэтэ баран сэриилэстин ээ.
– Суох-суох, сэриигэ олох киирбэт. Кини эрэ барбат. Аттаах уолаттары барыларын ыҥыраллар.
– Уонна кими ыҥырдыҥ? – Тордуох саҥата холку.
– Хабытай уолугар сырыттым. Барыах буолла. Кэйгэhит уола эмиэ барар. Кини эрэ хаалыа дуо. Мымах хайаан да кэллин диир. Ыраахтан көстүө уонна ат аhатааччы буолуо диир.
– Оттон оччоҕо батыйаны тоҕо илдьэ барар? – Сэлгээнэй эмиэ ыйытар.
– Эр киhи буолан баран батыйата суох сылдьыа дуо.
– Уолаттар бары барар буоллахтарына, мин эрэ дьиэбэр олоруом дуо? – Саттаар барарга сөбүлэhэр курдук тыллаhар.
– Бу уол акаарытын! Нохоо, сэрии диэн оҕо оонньуута дуо?! Онно киhини куобах курдук өлөрөллөр. Аhыныахтара суоҕа, – ийэтэ олох ыытыан баҕарбат.
– Этэбин ээ, сылгы аhатааччы буолуо диэн. Сэриини ыраахтан көрөр дуу, суох дуу, – Төтөллөй этэрбэhин оhун тардыалыыр.
– Онно хаhан барабын? – Саттаар сэрии дьонун көрүөн баҕарар.
– Сарсын бараҕын. Чэ, итигирдик эттим, – ыалдьыт туран, тахсан барар.
Ийэтэ ыытыан баҕарбат, куттанар, бэл хараҕын уутун сотунна. Мымаҕы саҥарар, мөҕөр.
* * *
Онтон-мантан дьон бөҕө кэллэ. Эбии кэлэллэрин кэтэhэллэр. Дьон чугас олорор ыалларынан тарҕанан, ороҥҥо баппакка, түүн сиргэ от тэлгээн утуйаллар. Кэлин кэлбит дьону тэйиччи олорор ыалларга ыыталаатылар.
Мымах эҥини санаан, түүн өргө диэри утуйбат буолла. Туох эрэ улахан алдьархай суоhаан кэлбитин сүрэҕэ таайар. Хайдах эрэ бүтэйдии куттанар. Арай этэллэрин курдук, нууччалары кыайан-хотон бу дойдуттан үүрдүннэр? Ол дьон баран иhэн, быстаран, өлбөккө, булчут дьонноругар тиийдиннэр? Оччоҕо кэлин элбэх буолан кэлиэхтэрэ суоҕа дуо? Эбэтэр сахалар төгүрүйэн сэриилээн баран кыайбакка, тарҕаhан хааллыннар. Оччоҕо хаһаактар иэстэhэн, чугастыы кини үрдүгэр кэлэн түhүөхтэрэ. «Эйиэхэ мустубуттар, эн тэрийбиккин» диэхтэрэ. Дүпсүннэри уоттаабыттарын курдук уоттуохтара. Куhаҕан даҕаны буолсу. Этэргэ дылы, оонньуу-оонньуу уотун умуруоруохтара, күлэ-күлэ күлүн булкуйуохтара. Ыраах олорор аймахтарга туох буолуой. Оҥоруутун оҥорон баран баран хаалыахтара. Онтон кини аҕатын ууhа эстэр. Иэдээн дии! Туох эрэ сүбэтин буллахха сатаныыhы… «Арай тойонноругар Уйбаан нууччаҕа биллэрдэххэ?» Бээ-бээ, хата, бу сөп санаа киирдэ быhыылаах. Кэлин, «мин биллэрбитим» диэн, куотунуо этэ. Оччоҕо кинини буруйдуохтара суоҕа. Хайаан да киhи ыытан биллэрэн, хайыҥ охсуннахха табыллыыhы. Тыын тыыҥҥа харбас.
Мымах кулута ат аhата сылдьарын көрөн, далга кэллэ. Күрүөҕэ илиитин ууран туран, Төтөллөйү «чугаhаа» диэн тарбаҕынан ыҥырда.
– Бу түүн остуруокка бар. Тиийэҥҥин биhиэхэ сэрии дьоно муhуннулар диэн эт. Миигин ыытта диэ, – Мымах кулутугар сибис гынар.
– Остуруокка даа?! – Төтөллөй соhуйа иһиттэ, өйдөөбөтө даҕаны.
– Аргыый, дьон истиэ. Кимиэхэ да биллэрбэккэ саhан бар. Тойонноругар тиийэн эт – Мымах эhиэхэ үчүгэйи баҕарар диэн. Баҕар, кыайтардахпытына, биhигини кэлэн урусхаллыахтара. Онон хайыҥ охсунан эйигин ыытабын. Өйдөөтүҥ дуо?
– Оттон барар буоллаҕым дии…
– Сибилигин Тумуhахтаах ыалыгар бар. Онтон талаҕынан күлүктэнэн, тоҥуу хаарынан быhа айаннаар. Суолунан барыма. Ити Ураанньыгы илдьэ бар. Тиэтэй. Итигирдик.
* * *
Иван Галкин хараҥаҕа уhугунна. Билигин күн кылгас, түүн уhун. Дьиэ тымныйбыт. Хата, сис былыт кэлэн халлаан сылыйбыт кэмэ. Улахан тымныы түстэҕинэ, киhи тыыммыт салгына тыhыргыы тоҥор дойдута.
Үлэhит саха сырдырҕаан киирэн оhоҕу отунна. Сотору билиитэ оhох тигинэччи умайан, уот сырдык төлөнө истиэнэҕэ түhэн дьиримнии хамсаата. Уот умайар тыаhа иhилиннэҕинэ, дьиэ сылыйбыт курдук буолааччы.
Таhыттан киhи тыаhа киирдэ. Киирээт, уhугуннарардыы ыҥырбыт саҥатыттан тылбаасчыта Петрушка куолаhын биллэ.
– Из Мымакского улуса холоп приехал. Говорит, там собираются вооруженные люди.
Иван Галкин, олоро түhээт, таҥаhын таҥнар, Мымах кулутун ыҥыртарар. Петрушка кэлбит киhини кытта Галкин этэрин тылбаастаан, сахалыы кэпсэтэр:
– Төhө киhи муhунна диэн тойон ыйытар.
– Элбэх. Бары баатырдар, – Төтөллөй илиитин оhоххо сырайар.
– Ким эйигин ыытта?
– Мымах баай.
– Саха тойотторо туох диэн кэпсэтэллэрий?
– Манна сэриинэн кэлиэх буолаллар.
– Хаhан?
– Билбэтим. Бука, сотору буолуо. Мымах дьоҥҥо көстүбэккэ саhан бараар диэбитэ. Мымах нуучча дьонугар туох да куhаҕаны санаабат. Ол иhин миигин ыытта.
– Чэ, сөп. Нуучча тойоно Мымахха махталбын тириэртин диир. Уонна манна сылдьыбыккын кимиэхэ да кэпсээмэ диир. Мантан дьоҥҥор бараргар эмиэ көстүбэккэ барыаҥ үhү.
Иван Галкин бас-көс дьону туруортаан сүбэлэстэ. Сахалар хаhан оҥостон кэлэллэрин кэтэспэккэ, хомуллан тиийэн, урутаан охсуу оҥорорго быhаардылар. Ситэ муста иликтэринэ, тиийэн ыhаттыахха наада. Сэриигэ урутаан саба түhэр хаhан баҕарар кыайыылаах буолааччы. Аhаат да, бүгүн тутатына барарга быhаардылар.
Хаһаактарга, стрелецтэргэ туох оҥостуута кэлиэй, барыта бэлэм дьон буоллахтара. Саамай эрэнэр эрэллэрэ диэн үрэр тимир саа. Сахалар тимир саа тыаhаатаҕына олус уолуйар этилэр.
Ааҕынан көрбүттэрэ – барыта биэс уон эрэ аттаах киhи барар буолла. Аҕыйахтар да, хайыахтарай. Сэриигэ ахсаан буолбакка, сатабыл уонна хорсун быhыы наада. Таҥара көмөлөhүө диэн эрэх-турах санаалаахтар. Сахалардааҕар куйахтарынан, сааларынан-сэптэринэн ордуктар. Сахалар щиттэрэ суох. Сорох баатырдара тирии эбэтэр сылгы туйаҕын тиhилигэ куйахтаахтар. Тимир куйахтаах баатыр биир эмэ баар буолар. Хаһаактар адьас эдэр саастарыттан сэриигэ үөрэммит харса суох дьон талыллан кэлбиттэрэ. Оннук дьон сомоҕолоспуттарын туох кыайыай. Онон санаалара бөҕөх.
* * *
Мымах баай дьиэтигэр тойоттор хонон туран, сарсыардааҥҥы аhылыктарын аhаан бүтэн эрдэхтэринэ, биир киhи, дьиэҕэ көтөн түhээт, хаhыытаата:
– Нууччалар иhэллэр!
Бары ойон туран куотаары гыммыт курдук таҥастарын үрдүгэр түhэн таҥнан таhырдьаны былдьастылар.
– Өрүс бэтэрээ кытылыгар тахсыбыттар, – атын муҥ түргэнинэн ойутан кэлбит киhи бэйэтэ аҕылаабыт курдук буолбут.
– Чугаhаабыттар. Чэ, дьону хомуйа охсуҥ! Түргэнник! – диэн Мымах дьаhайар.
Онно-манна тарҕаhан хоммут дьону хомуйа, ыксалынан аттаах дьону ыыталаатылар. Чугас дьиэлэртэн сураҕы истибит дьон хомулла охсон кэлитэлээтилэр. Хотуттан, соҕурууттан эмиэ иhэллэр. Сотору дьиэ таhа адаарыҥнас киhи буолла.
Ити икки ардыгар саба түһээччилэр иhэллэрэ харааран көhүннэ. Биэс уонча киhи баар быhыылаах. Оттон манна кэлбит дьон бары муhуннахтарына, алта сүүүсчэкэ киhи баар буолуохтаах.
Нууччалар ох тэбиитэ сиргэ кэлэн тохтоон, тэнийэ тарҕанан, охсуhууга бэлэмнэннилэр. Саалара-сэптэрэ хороҥнуур, кылбаҥныыр. Тэнийбиттэригэр элбэх курдук буолан көhүннүлэр.
Сотору дьон бары мустан, түөрт сүүсчэкэ киhи баар буолла быhыылаах. Кыргыhыыга Дыгын уолаттара баhылыыр курдук тутуннулар. Өлкөрөй саҥата кимнээххэ эрэ: «Эргийэ барыҥ!» – диэтэ.
Маҥнай сүүсчэкэ кэриҥэ баатыр атынан кимэн киирэргэ быhаардылар. Ата эмиэ тимир куйахтаах биэс эрэ баатыр баар. Дыгын уолаттарыгар Өлкөрөйгө, Чаллаайыга, Болугур Омоллоон боотурга, Баатылы Ноҕой боотурга уонна Бөтүҥ бэрдэ Баҕарахха. Атын бастыҥ баатырдар бэйэлэригэр дьапталҕа куйахтаахтар. Куйахтара таhыттан көстүбэт. Бары чэпчэки таба саҕынньахтаахтар. Оттон үгүс дьадаҥы баатырдарга хантан тимир куйах кэлиэй. Ким тирии куйахтаах, ким сылгы туйаҕын тас хаҕын тэнитэн тиhэн оҥорбут муос лоhугур куйахтаах. Тимир күндү буолан, сорох баатыр уолаттар моонньуларын эрэ төрдүн уонна харыларын харыстыыр куйахтаахтар. Куйахтаах аттаах баатырдар үҥүүнү иннилэрин диэки хороччу туппутунан бастаатылар. Атыттар кэннилэриттэн субустулар.
Инники дьон нууччаларга сүүрбэччэ хаамыы холобурдаах чугаhыылларын кытта сүрдээх улахан тыастар тоҕута бардылар, уот күлүмнээтэ, буруо бурҕаҥнаата. Инники испит Өлкөрөй ата охтон, киhи тоҥуу хаарга сирэйинэн хоруйда. Саа тыаhыттан сиргэммит аттар туора ыстаннылар, өрө хоройдулар. Ол эрээри кэнники иhээччилэр чаҕыйбакка, аттарын киксэрэн, нууччаларга ыкса кэллилэр. Тимир тимиргэ охсуллар тыаhа бачырҕас буола түстэ.
Олохтоохтор төhө да охтуталааталлар, абаран-сатаран охсустулар. Ол эрээри кинилэр батыйалара хары хапсыhыытыгар табыгаhа суох сэп эбит. Хаһаактар уhун уктаах тэрэгэр сүгэлэрин охсуута олус күүстээх. Биитинэн саха батыйатын маhын таба оҕусталлар эрэ, мас тостон, булгу баран хаалар.
Бааhырбыт ат кыланыыта, дьон айманар саҥата, хаhыыта, кылыс-батас тыаhа сүрдэннэ. Балайда охсуспахтаан иhэн, нууччалар улам хотон, кимэн истилэр. Баатырдар ыhылыннылар. Ол эрээри ырааҕынан куота көтө сылдьан оҕунан ытыалыыллар. Нууччалары иилэҕэс тимир куйахтара, щиттэрэ охтон, батыйа охсуутуттан абырыыр. Уонна сатаан охсуhаллара харахха быраҕыллар буолла. Баhыйа туттулар.
Өлкөрөй сыбыдах аты тутан, ыҥыырга хап гына олорон, охсуhан иhэн, ата охтон эмиэ хаарга батары түhэн өлбүтэ буолла. Тимир куйахтаах маҥнайгы атын аhаҕас сиринэн уолугун үүтүнэн түhэрэн өлөрбүттэрэ. Хаһаактар улам кимэн арыы тыаҕа чугаhаатылар. Бөлөх-бөлөх эккирэтиhэ сылдьан охсуhуу буолла.
Саттаар уол атаhыныын Лахайдыын охсуhууну ыраахтан көрөллөр. Кэлэригэр ийэтэ хаһаактар чугаhаатахтарына куотаар диэбитэ. Уолаттар көрдөхтөрүнэ, киhи элбэҕэ сүрдээх. Атынан сүүрдэ сылдьан оҕунан ытыалаhаллар. Дьон ыhыллан, киэҥ сиргэ онно-манна тарҕаннылар. Сорохтор арыы тыа кэннигэр киирдилэр. Аны манна кэлиэхтэрэ.
– Ол диэки барыахха, – Лахай хоту диэки ыйар.
– Чэ, – Саттаар киhитин ситэн ойоҕоhунан хаамтарар. Кини доҕоруттан хаалыан баҕарбат.
Арыы тыаны нөҥүө өттүнэн эргийэн өҥөйөн көрбүттэрэ, охсуhааччылар чугас кэлбиттэр эбит. Уолаттар аттарын туора салайан, бөлөх-бөлөх үүммүт талах быыhыгар киирэн, барбахтаан иhэн, ырааhыйаҕа таҕыстылар. Онтон уҥа диэки салайан, хотонноох балаҕаны эргийэн иhэн көрбүттэрэ – икки аттаах хаһаак уун-утары сүүрдэн иhэллэр эбит. Лахай инники иhэн соhуйан «һок» диэбитэ иhилиннэ. Атын туора салайда. Саттаар атын туора салайан, куотуох курдук буолан эрдэҕинэ, хара бытыктаах нуучча бу ыга сүүрдэн кэллэ. Эмискэ эhэни көрөн уолуйа куттаммыт киhи тутан иhэр маhынан дугдуруйарын кэриэтэ, Саттаар уҥа илиитигэр тута сылдьар батыйатынан көмүскэнээри далбаатаан эрдэҕинэ, тимир тимиргэ охсуллубут тыаhа иhилиннэ. Батыйата эhиллэн хаалла. Уол куотаары хаҥас илиитигэр тутан иhэр атын тэhиинин туора тарта. Сонно тута моонньун төрдүнэн туох эрэ биилээх батары охсулунна. Сир түҥнэстэн эрэрэ да, көхсүнэн сиргэ охсуллубутун биллэ. Уол өhөн эрэр хараҕар күөх халлаан урсуна көстөн иhэн өлбөөдүйдэ…
* * *
Күн аҥаара барбыт сэриигэ кэлин тиhэҕэр хаһаактар хоттордулар. Кинилэртэн түөрт киhи өллө. Бары кэриэтэ бааhырдылар. Биэскэ тиийэ баастаах нэhиилэ хаамар дьон бааллар. Галкин бэйэтэ эмиэ бааhырда. Ата өллө. Аттарын үксүн сүтэрэн чугуйдулар. Ол эрээри куотуу буолбатах. Бары түмсэн сомоҕолоhон тэскилээтилэр.
Сахалар төhө да кыайбыт курдуктарын иhин, кинилэртэн сүүрбэччэ киhи өлбүт. Үгүс киhи бааhырда. Инники күөҥҥэ охсуспут баатырдар өлбүттэр. Онон үгүстэн үгүс охтубутун курдук буолла. Кыргыс үөрэҕэр үөрэммэтэх, куйаҕа суох, үлэттэн атыны билбэтэх уолаттар быстахха түбэhэн өллүлэр. Саттаар уонна атаhа Лахай сырдык тыыннара хомолтолоохтук быhынна.
Киэhэ тойоттор, баатырдар баhылыктара Мымах дьиэтигэр сүбэлэhээри муhуннулар. Мымах кэлиэхтээх дьон киирэн олорбуттарын кэннэ, көхсүн этитэн баран эттэ:
– Дьэ, кыайбыт-хоппут курдук эрээрибит, олус элбэх сүтүк таҕыста. Хайдах буолабыт?
– Хаһаактар да кэhэйдилэр. Элбэхтэрэ бааhырда быhыылаах. Сорохторо дьоҥҥо өйөтөн бардылар, – Нөөрүктээйи тойоно Чыппа Кэрэмэй санааларын көтөҕөр курдук тылласта.
– Бачча хаан тохтубутун кэннэ, иэстэhэр сөп, – Өлкөрөй, төhө да икки ата оҕуннар, бааhырбатах даҕаны.
– Иэстэhэр сөп, – Дүпсүн тойоно Өспөх нууччаларга улаханнык өстөммүт киhи.
– Хааннаах хайгыаны туруорарга бары сөпсөhөҕүт дуо? – Мымах дьону эргиччи көрөр.
– Бары сөпсөhөбүт. Туох гынаары мустубуппутуй. Муннуга бэрдэрбит моҕотой курдук тарҕаhан хааллахпытына, остуруоктан кэлин сөппүтүн көрдөрүөхтэрэ, – Бөтүҥ баатырдарын баhылыга Баҕарах саҥата иhиллэр.
– Чэ сөп. Оччоҕо, санаммыппыт курдук, ордууларын төгүрүйэбит! Сорох дьоммут сэрии бүппүтүн кэннэ кэллилэр. Тиийэн сэриилиибит. Бэриммэтэхтэринэ, кыhыны быhа төгүрүйэн олорон, ханна да ыыппакка хаайан, маска да, окко да таhаарыахпыт суоҕа.
– Кыhыны быhа төгүрүйэн олорон, бачча элбэх киhи тугу аhыыбыт? Аппыт сиир отун ким тиэйэр? – диэн Болугур тойоно Хомуос ыйытар.
– Сэриигэ охтубут, бааhырбыт ат этэ элбэх буолуо. Оту арыыттан тиэйтэриэм. Онно нууччалар оттообут отторо эмиэ баар. Кинилэр аттарын эмиэ туттуохпут, – диэн Мымах түргэнник хоруйдуур.
– Бээрэ, чып кистэлэҥинэн мустубуппут ээ. Ону нууччалар хайдах урутаан билэн, хомуллан кэлэ оҕустулар? Ким эрэ кинилэргэ биллэрдэ дуу? – диэн Хомуос эмиэ ыйытар.
– Ким биллэриэ буоллаҕай… Бачча элбэх киhи мустубута хайдах биллибэт буолуой? – Мымах сэдэх бытыктаах сирэйэ ымыттыбыт.
– Хаhан хомуллан барабыт?
– Бэрт сотору. Өлбүт дьоммутун харайарга дьаhайан баран барабыт.
Таhырдьа дьахтар айманар, ытыыр саҥата иhилиннэ. Халҕан аhыллан, таhыттан убаhа тириитэ дьабака бэргэhэ аннынан ыhыллыбыт баттахтаах, аҥаар хараҕа туртаҕар эргэлээх, атыгыраабыт араҕас тиистээх, кытарбыт харахтаах дьахтар киирдэ. Били сэриигэ өлбүт Лахай эрэйдээх ийэтэ. Аҥаардас дьахтар.
– Үс дойду этирик түөстээх хамначчыт дьонун үлэлэтэн туора топпут, кэдэрги байбыт Ыҥыранар ыамата, Мымах баай, соҕотох оҕобун, иитэр-аhатар киhибин сэриигэ умса анньан сиэттиҥ буолбат дуо, ыы-ы-ыы. Абам-сатам да баар эбит! Ыты үөттүрэҕинэн сирэйгин эттээбэтэхпинэ, илиим чороччу тартын, – диэн баран, оhох чанчыгыттан үөттүрэҕи сулбу тардан ылар.
– Ылыҥ, бу эмээхсини таhырдьа быраҕыҥ! Көрөн туруоххут дуо?! – Мымах үлэhит уолаттарыгар ордоотуур.
Хамначчыттар дьахтары үөттүрэҕин былдьаан, икки хонноҕуттан ылан, таhааран эрдэхтэринэ, дьахтар соhуллан иhэн кырыыс тылларын хаһыытаата:
– Икки хараҕыҥ уолан им балай буол. Икки илииҥ куҥ садьылай буоллун. Үтэhэҥ тоhуннун, буруоҥ сабылыннын. Ыы-ы-ыы…
* * *
1634 сыллааҕы тохсунньу ый тохсус күнүгэр саалаах-сэптээх элбэх дьон кэлэннэр остуруогу төгүрүйдүлэр. Кэлээт, остуруок таhыгар тутуллубут хотонноох балаҕаны ыллылар. Онон хаһаактар үүт ыатан иhэллэрэ быhынна. Баатырдар чугас олорор ыалларга тарҕанан, кими да остуруок таhыгар таhаарбакка, түүннэри-күнүстэри харабыллыыллар.
Остуруоктан икки сүүс хаамыы холобурдаах сиргэ силлиhэ тутуллубут улахан хотонноох балаҕаҥҥа үгүс киhи түhэн, симсии бөҕө буолла. Нууччалар кыстатан турар ынахтарын олоччу идэһэ оҥоһуннулар. Дьиэлээхтэр уонна остуруокка баар үлэhит сахалар аҕыйах ынахтарын хотон тас аанын диэки сыҕарытан баран, сорох дьон хотоҥҥо дьиэлэннилэр. Чугастааҕы дьиэлэргэ баппакка, сорохтор тэйиччи баар ыалларга тарҕаннылар.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?