Текст книги "Түүл буолан сүтүмэ"
Автор книги: Галина Нельбисова
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 12 страниц) [доступный отрывок для чтения: 3 страниц]
Аан хоско телефон өрө тырылыыр тыаһа иһилиннэ.
– Лилька, туруупканы ыла оҕус эрэ. Маамаҥ эри-йэр, – Людмила Дорофеевна хос аанын өҥөйөн туран Лилияны ыҥырда.
– Маамуо-уо, хайа, тоҕо утуйбакка эрийэ сытаҕын?
– Эн хайдах тиийбиккин истэ иликпинэ уоскуйуом суох. Кыргыттарыҥ кэлэн бардылар, төрөөбүт күн-нүөхтэрин баҕарбыттар быһыылаах.
– Кэһэйдиннэр! Походка баралларыгар умнубутта-ра бэрт этэ. Зинка кэлэ сырытта дуо? Кимнээҕи батыһыннарбыт?
– Уля, Лена кэлсибиттэр.
– Хотонноругар барбакка тугу хаамса сылдьаллар? – Лилия походтан хаалбыт кыһыыта-абата өссө күөдьүйэн кэллэ.
– Аргыый эрэ, Лилька. Наһаалаама. Чэ, төрөөбүт күҥҥүнэн! Этэҥҥэ куораттааҕы дьиэҕин булбуккун, эдьиийдээх күтүөҥ тылларын истэ сырыт. Куорат Сардаҥа буолбатах, мээнэ дискотеканы кэрийимэ. Сэрэнэн сырыт, иһиттиҥ дуо? Мээнэ эрийбэтим буолуо, саҥа табаар бөҕө кэлэн эрэр. Мантан инньэ түүннэри ыскылаакка сылдьар буолуохтаахпыт, – Валентина Дорофеевна үгэһинэн кыыһын үөрэтэ-такайа сатаата.
– Сөп, маама. Барыта өйдөнөр. Сарсын эдьиэй-диин докумуон туттара барабыт. Үөрэхпэр бэлэмнэ-ниэм дии.
– Чэ, кытаат. Эдьиийдээххэ улахан бирибиэт. Ыыппыт таҥастарым сөп буолсулар ини. Кэлин этээриҥ. Бакаа!
Лилия таҥас өтүүктэнэрдии оҥоһунна. Куоракка, туттарсар училищетыгар – сарсын бастакы күнэ эбээт.
* * *
Таһырдьа сайыҥҥы ардах курулаччы кутар. Өр ардаабакка турбут халлаан, «дьэ тыыммын таһаарыам ээ» диэбиттии, аны тохтоло суох хаһыс да күнүн кутан салгыталаан эрэр.
Лилия бүгүн күнү быһа утуйан таҕыста. Уһуктуон баҕарар да кыаллыбат, минньигэс бэйэлээхтик утуйан бара турар. Эдьиийдээх күтүөтэ ханнык эрэ табаа-рыстарын даачатыгар үбүлүөйгэ барбыттара, кэлэллэрэ дуу, суоҕа дуу. Арааһа, Игнат Иванович аймахтарыгар быһыылаах. Людмила Дорофеевна «аны кийииттэрин сириэхтэрэ» дии-дии кичэйэн оҥостор-симэнэр быһыылааҕа. Быдан уларыйбыт ээ, наста-рыанньаламмыт. Лилия улам сэргэхсийэн турарга сананна. Киэһэ ырааппыт, сэттэ чааһы ааспыт эбит. Киһи эрэ буоллар бүгүн Игорь эрийбэтэ дии. Ли-лияны бииргэ туттарсыбыт уола сөбүлээн кэбиһэн училищеҕа сүгүн хаамтарбат. Өһөс уолчаан. Иккитэ-үстэ киинэҕэ сырыттылар, биирдэ дискотекаҕа баран кэлбиттэрэ. Кини эмиэ устудьуон буолла, дьэ арах-пакка сымала курдук сылдьыыһы быһыылаах. Лилия идеала буолбатах, уопсайынан үҥкүүһүт уолаттартан долгуйбат. Лилия хата бэйэтэ ыксыы сырытта, баала хапсыбакка хаала сыста быһыылаах. Игнат Иванович барахсан, көлөһүнүн туора сотто-сотто, сүүрэн-көтөн биэрдэ. Хантан эрэ даача түгэҕиттэн аптарытыаттаах преподаватели аҕалан дьыаланы көннөрдүлэр быһыы-лаах. Аны тыаҕа практикаҕа ыыта сатыыллар. Ханна эрэ ыраах, Өлүөхүмэҕэ. Эдьиийэ ыспыраапкалаһан училищеҕа өрөмүөн үлэтигэр хаалар буолла. Эчи, уһуна да бэрт, ыйы быһа бу үлүгэр ардахха-саппахха ханна баран иһиэй. Хата, ыыталлара буоллар, дьиэ-тигэр баран кэлиэ эбит. Ийэтин, убайдарын аҕынна ахан! Уолаттар билигин оттоон бүтэн киирэн сын-ньана сыттахтара. Сотору манна кэлэллэрэ да буолуо. Никитка үөрэнэр куоратыгар Дьокуускайтан көтөр, оттон Антоша убайа кыһыны быһа куоракка чугас сылдьыа. Убайдардаах буолан Лилия өрүү хайдах эрэ көмүскэллээхтик, эрэллээхтик сананар. Кинилэр эмиэ балтыбыт диэн ымманыйан ахан биэрэллэр.
– Хайа, сэгээр, Лилька, утуйа сытаҕын дуо? – диэбитинэн эдьиийэ хоско көтөн түспүтүттэн соһуйан эрэ хаалла.
Санааларыгар буолан дьоно киирэллэрин исти-бэтэх эбит.
– Эдьиэй, төһө бэрт бырааһынньык буолла?
– Бэрт биэчэр буолла. Ардахтан куотан дьиэҕэ оло-рорго тиийдибит. Дьиҥинэн, балаакка иҥин тардан бэлэмнээбиттэр эрээри, ардах дохсуна сүрдээх. Тур, Лилька, чэйдиэххэ. Оҕурсу, помидор бөҕө аҕаллым. Салат оҥоро охсуом. Игнат Иванович утуйда, сыла-йаахтаата.
– Чэйдиэххэ-чэйдиэххэ. Мин соҕотох буолан аһаа-бакка да сытабын.
– Били уолуҥ телефоннаан наһаа чуҥкуппата ини?
– Игоры этэҕин дуо? Хата, эрийбэтэ. Айыкка, түргэнник тыаҕа бара охсоро буоллар, – Лилия эдьии-йин кытта куукунаҕа тахсан чэй бэлэмнэстэ.
– Лилька, эн уопсайга олоруоххун баҕараҕын дуо? – Людмила Дорофеевна баарыан сарсыарда бал-тын кытта кэпсэппитин санаан ыйытта.
– Маамам инньэ диир дуо?
– Даа. «Баҕалаах буоллаҕына оҕолорго ыытарыҥ дуу» диэннээх. Кырдьык, бэйэҥ бил. Ол эрээри уопсай олоҕо дьалхаана элбэх, хайдах кыргыттары кытта түбэһиэҥ иҥин биллибэт.
– Оннук. Эдьиэй, мин баҕарбаппын уопсайга. Ити Игорь да сүгүннүө суоҕа.
– Наһаа сиримэ. Мин көрдөхпүнэ, олус куһаҕана суох уол. Сахаҕа уһуна иҥинэ, омук курдук дии.
– Ньоҕойо баар ээ. Олус бэрпин дии сананар бы-һыылаах. Кини сөбүлээтэ да дьыала быһаарылларын курдук. Мин бэйэм таптыахпын баҕарабын!
– Оок-сиэ, олоҕу билэ илик барахсан саҥата. Олоххо дьахтар таптыыра улаханы быһаарбат. Маамаҥ туох диэн сүбэлиир?
– Оннук таптал диэн суох диир. Барыта ааһар, бүтэр үһү. Эйигин, оҕолоргун хааччыйар, хамнастаах, баай киһиэхэ тахсар туһунан санаа диир. Сороҕор сө-бүлэспэппин. Маамам бэйэтэ табыллыбатаҕын иһин, наһаа таптаһар истиҥ сыһыаннаах кэргэнниилэри кө-рөбүн ээ. Ол аата дьиҥнээх таптал диэн баар буоллаҕа дии. Өссө маамам арыт этээччи ээ, «куһаҕан киһиэхэ кэргэн буолан атаҕастаныаҥ кэриэтэ соҕотох сылдьыбы-тыҥ ордук» диэн.
– Дьэ ол сыыһа этэр. Киһи бу күн сиригэр биирдэ олоро кэлэр. Олох биэрэр күндүтүн табылыннын-табыллыбатын билэ сатыахтаах. Этэбин дии, таах сибиэ эрдэ ыал буолан хаалбаккабын. Саатар оҕолоох буолуом этэ. Эбэтэр эрдэ кыанар эрдэхпинэ оҕо ииттибэккэбин. Хата, таҥара олус атаҕастаабакка ити оҕонньору көрүһүннэрдэ дии. Эрэйдээҕим сыыһа, кыра оҕону биэбэйдиир курдук көрө-истэ сатыыр. Икки соҕотохсуйбуттар булсан үүнэр күнү үөрэ көрсөбүт. Урут сүрэҕим ыалдьан, хааным баттааһына тахсан сытан хааллахпына бэйэм бэйэбиттэн куттанар этим. Билигин холкубун, иннибэр-кэннибэр түһэ сыл-дьан «хайа, хайдаххыный?» диир киһилээхпин. Сар-сыарда харахпытын хайа тардыахпытыттан кэпсэппи-тинэн турабыт, киэһэ эмиэ оннук сэһэргэспитинэн сытабыт. Эйиэхэ диэн эттэххэ, маамаҕар эмиэ доҕор булар киһи. Эһиги улааттыгыт, билигин үөрэххитин бүтэрэн ханна үлэлии тарҕаһыаххыт, ханна олохсу-йуоххут биллибэт. Кыанар эрдэҕинэ кими да батыһа сатаабат буолуохтаах.
– Эдьиэй, Сардаҥаҕа дьэ кимиэхэ кэргэн тахсыай? Кандидат да суох. Паапабыт төннөбүн диэн суруйа сатаабыта дии, ону аккаастаммыта.
– Ол сөпкө гынар. Алдьаммыт иһити килиэйдиир туохха нааданый? Эһиэхэ саамай наада кэмигэр, кып-кыра эрдэххитинэ ытаппытынан быраҕыталаан баран, сирэйэ сааппакка өссө сурук суруйа сатыыр. Бэлэмҥэ кэлээри. Уолаттара аны кэлэн бырастыы гымматтар ини. Күүскэ хомойбуттара хаалбыт. Маамаҕын манна ыҥыран оһуокайга эҥин сырытыннарыахха баара, баҕар, биир эмэ киһини сөбүлүү көрүө этэ.
– Биирдэ эмэ ыҥыран көрүөххүн. Мин санаабар, соҕотоҕун сылдьарын сирбэт, оннук олоххо үөрэнэн хаалбыт курдук.
– Дьэ, быйылгыттан соҕотохсуйуон сөп. Уолаттар барбыттарын кэнниттэн эн баар буоллаҕыҥ дии. Үлэт-тэн кэллэҕинэ ким да суох буолуо, тыбыс-тымныы дьиэ көрсүө. Өссө куоракка соҕотох дьахтар кыһалҕата кэм аҕыйах. Оттон тыаҕа ото-маһа, уута-хаара… Саныы-саныы саллабын. Аҕаҕыт барбытын кэнниттэн куоракка көһөрө сатаабытым, буолумматаҕа дии.
Лилиялаах Людмила Дорофеевна түүн үөһэ ааһыар диэри кэпсэтэ олорон хааллылар.
* * *
Даша бүгүн дьонуттан сурук тутан үөрэн олорор. Ийэтэ, соло буолан сотору-сотору Даша суруктарыгар эппиэттэһэр кыаҕа суох. Этэҥҥэ олороохтууллар эбит. Биллэн турар, үтүө эрэ сонуннары суруйар, аҕаларын доруобуйата мөлтөөбүтүн Даша дьонтон истэн ыксыыр. Хайдах эрэ эмискэ дьүдьэйэн хаалбыт үһү, улуус киинигэр көрдөттөрө ыыта сатыылларын исти-бэт дииллэр. «Роза сотору-сотору киирэ-тахса турар. Ирочка эн бэлэхтээбит хаһаайыстыбаҕын тэнитэн оонньуур да оонньуур. Киирдэхпинэ үөрүү-көтүү буолар. Оляҥ ийэтигэр ончу суруйбат үһү. Лариса Саввична тулуйбакка-тэһийбэккэ почтаттан кэлэн сурук сура-һааччы. Биһиэхэ суруйбат, уолга суруйа сытар ини диэн мөҥүттэр этэ» диэн суруйбут ийэтэ.
Оляны бэйэтэ да көрсүбэтэҕэ ыраатта. Олус ыарахан үһү медиктэр үөрэхтэрэ, бириэмэ булан кэлэн да барбат. Ираида Никоновнаҕа ыалдьыттыы барыах буолбуттара ыраатта да, Оля солото суоҕа бэрт. Онно холоотоххо Дашалаах үөрэхтэрэ кэм холку быһыылаах, тугу ирдииллэрин сыспакка-соспокко бириэмэтигэр оҥорон истэххэ үчүгэй. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттах-тарына учууталлар «устудьуоннуу бардаххытына кэһэ-йиэххит, эһиэхэ ким да наадыйыа суоҕа. Препода-вателлэр киирэн лекция ааҕа-ааҕа тахсан иһиэхтэрэ, эһиэхэ эрэ кыһаллыбаттар» диэн куттууллар этэ. Дашалаах үөрэнэр салаалара хайдах эрэ сылаас, ураты эйэҕэс эйгэлээх. Бука бары, ханнык да курска үөрэ-нэллэриттэн тутулуга суох, биир улахан дьиэ кэргэн курдуктар. Ыал түс-бас аҕаларын санатар преподава-теллэр эрэллээх эркиннээх, дурда-хахха дьонноох курдук санааны үөскэтэллэр. Үөрэммиттэрэ аҕыйах ый буолла эрээри, үөһээ курстардыын билсэн, «эн-мин» дэһэн ырааттылар. Аны улахан курстар кинилэргэ эмиэ туспа сылаастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар.
Оттон Сэргэлээх, устудьуоннар түһүлгэлээн олорор уопсайдара, эмиэ киэһэ аайы тырымнас, чаҕылыҥнас уоттарынан сандаарыйан ураты уйаҕас, истиҥ иэйии-ни саҕаллар. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Сэргэлээх уопсайдарын хас биирдии хоһугар эриэккэс эдэр саас күлэн-үөрэн чаҕаарыйар, тапталтан дьоллом-мут сүрэхтэр сипсиэрдэрин, өйдөспөккө үрүө-тараа сырсыбыт, ыҥырсар эрээри, ыпсыспакка эрэйдэнэр эдэрдэр санньыйбыт санааларын барытын Сэргэлээх уопсайдарын истиэнэлэрэ бэйэлэригэр иҥэринэн кэпсэммэт кистэлэҥҥэ кубулуппут курдуктар.
Дашалаах хосторугар билиҥҥитэ ким да тапталтан дьолломмута, эрэйдэммитэ да биллибэт. Арай, төрдүөн тугу эрэ бүтэйдии күүтэллэрин бэйэ-бэйэлэригэр билинэн ылар түгэннэрдээхтэр. Даша бииргэ олорор кыргыттарыгар эмиэ табыллыбытыттан астынар. Икки кыыһын Марианнаны, Аняны кытта бииргэ үөрэнэл-лэр, арай, хосторугар төрдүс киһинэн эбии киирбит Варялара төрдүс курска үөрэнэр. Син бары тус-туспа майгылаахтар, ол эрээри чэпчэкитик өйдөһөн күлэ-үөрэ, дьээбэлэһэ-хаадьылаһа олороллор.
Даша Анялыын эт саастыылар. Аня куорат таһы-нааҕы улуустан сылдьар, оскуоланы эмиэ саҥа бүтэр-бит. Марианна оскуолатын кэнниттэн Бүлүү педагоги-ческай училищетыгар үөрэммит, туохха барытыгар бэрт сэргэх. Варваралыын саастыы соҕустар.
Онон хосторугар кыра, улахан бөлөхтөөх курдуктар. Кыралар, Дашалаах Аня, эдьиийдэрин тылыттан тахсы-баттар, барыга бары сүбэлэтэн сылдьаллар. Улахаттар, Марианналаах Варя, кинилэрдээҕэр олоҕу көрүүлэрэ атын, арааһа, таптал да диэннэрин тугун-ханныгын бэйэлэрэ быктаралларынан «быһаара» сыспыттар бы-һыылаах.
– Дьиэбин наһаа да ахтыбыт эбиппин. Дьоммуттан сурук ыллахпына онтум бэргиир эбит, бүгүн быһаар-дым, – Даша бүгүн сыта мээрик буолла, сибилигин да оронуттан хоҥнуон баҕарбат.
– Эн сурук бөҕөтүн тутаҕын дии. «Бу тоҕо миэхэҕэ кимим да суруйбат, сурук суох, суох да суох» диэн ырыа баара дии. Инньэ диэн ыллыырым эрэ хаалла, – Аня үөһэ тыынан ылла.
– Эн дьиэҥ чугаһа бэрт дии.
– Оннук буоллаҕа. Уолум суох, армияҕа кими да атаарбатаҕым. Даша, хата, мин ити историк уолу наһаа сөбүлээн эрэбин. Куукунаҕа арыт көрсөбүт ээ.
– Виталийы диэ? Үчүгэй уол. Ол эрээри улахан курска тахсыар диэри соҕотохсуйбатах буолуохтаах. Инньэ дии санаабаккын дуо?
– Диибин. Оннооҕор биһиги кыра курспутугар бэйэ-бэйэни көрсүү баар дии. Эйигин Рома сөбү-лээбит, өссө практикаттан биллэр этэ. Мин бэйэбит биэс уолбутун убай, быраат курдук көрөбүн. Наһаа күндүлэр, чугастар, – Аня дьуһуурунайдыыр эбээһи-нэстээх күнэ буолан остуолу бэрээдэктиир, ас бэлэм-нээри тэринэр.
– Аанчык, эһиги тоҕо Романы дьээбэлиигит. Бэйэҕит холбуугут, туох да суох.
– Оо, дьэ, көстөр ээ. Саҥа-иҥэ буола олорон эн киирэн кэллэххинэ чуумпуран хаалар, барыах-кэлиэх сирин булбат. Марианна аһынан биэрэр дии. Эн кытаанах баҕайытык туттаҕын. Уой, чаһы ырааппыт. Эдьиийдэрбит кэлэллэрэ чугаһаабыт. Аһыы охсон баран тугу эбит суруммут киһи.
– Этимэ даҕаны. Марианна кэлэн үөһэ-аллара туруортуор диэри сыттахпыт-олордохпут. Сарсын биб-лиотекаҕа барыллыа этэ, дьиҥинэн конспект мунньул-лаары гынна.
– Чэ, Даша, мин куукуна диэки хаамтым. Ас астаа-быта буола-буола, историк Виталийы көрөн астыныам…
– Кытаат, ситиһиилээхтик сырыт!
Даша оронуттан ойон туран үгэһинэн түннүккэ чугаһаата. Халлаан тымныйаары гыммыт быһыылаах. Бачымах сулус бөҕө тахсыбыт. Сэргэлээх киэһээҥҥи уоттарыттан киэркэйиэҕинэн киэркэйбит, кэлии-барыы элбээбит. Устудьуоннар библиотекаттан, куо-ракка араас наадаларыгар сылдьан баран төннөллөр быһыылаах. Сорохтор түөртүү-биэстии буола-буола төттөрү автобус тохтобулун диэки тиэтэйэ-саарайа хаамаллар. Киинэлээн, театрдаан эрдэхтэрэ. Оттон пааралар… Киэһээҥҥи Сэргэлээх устун сиэттиһэн хаамар уолаттары, кыргыттары кини долгуйа, кыратык ымсыыра даҕаны көрөр! Дьоллоох да буолуохтара, эмискэ бэйэ-бэйэлэрин булсубут, харах көрүүтүнэн хайҕаспыт, сүрэхтэрэ тардыһалларын билбит эдэркээн сүрэхтэр… Чэ, бэйи, этэргэ дылы, биһиги да уулус-сабытыгар күн тыгар, бырааһынньык кэлэр ини?! Кинилэр да 57-с хосторун аанын долгуйа тоҥсу-йуохтара, көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Тохтуу түһэн баран ол барыта кэлиэ!
– Хайы-ы, бу кыыс түннүгү одуулаһан хоһоон суруйа олорор дуу? – Марианна тоҥон-хатан, омун-нуран киирэн кэллэ.
– Абыраммыт киһигин, уруок бөҕөтүн ааҕан! Сарсын эйигинниин барсыам этэ. Бүгүн сүрэҕэлдьээн сыт да сыт буоллум. Хайа, бу туох кумааҕытай? – Марианна остуолга уурбутун көрө охсон ыйытта.
– Дьэ биһиги да хоско «Держать в холоде» кэлбит. Варяҕа баһыылка.
– Ур-раа! Субуотаҕа тэринэн аһыыр эбиппит. Варя үөрүүһү дии.
– Уолаттарбытын ыҥырарбыт дуу, Рома барахсаны иҥин, – Марианна дьээбэлэниэх санаата кэллэ.
– Оок-сиэ, биһиги дьоммут бэһиэн аччыктара сүр буолуо, тугу да ордорбот буоллахтара дии. Варя – хаһаайка бэйэтэ билиэ, баҕар, бэйэтин курсун уолат-тарын ыҥырыа.
– Оннук ээ. Чэ син биир 57-с хоско дьоро киэһэ, астаах-үөллээх күн буолсу! Бастаан баһыылканы хоско киллэриэххэ наада, – Марианна баһыылка кэлбитин туһунан биллэриини Варя оронугар ууран кэбистэ.
* * *
Сэргэлээххэ, субуота күн буолан, сарсыардаттан туох эрэ ураты сүпсүгүрүү, өрө көтөҕүллүү баар кур-дук. Дашалаах бүгүн эмиэ хаһааҥҥытааҕар да сэргэх-тик уһугуннулар, өссө ороҥҥо сытан ким туох былааннааҕын ырытыһыы буолла.
– Аня, бүгүн дьиэлээмэ эрэ. Биирдэ баҕас хоһунан үҥкүүгэ түһүөҕүҥ, – Марианна улахан киһи быһыы-тынан киэһээҥҥи былааннарын иилиир-саҕалыыр са-наалаах сытар.
– Барбат ээ. Бэҕэһээ киэһэ тылын биэрбитэ. Варя барыбытын ханна эрэ илдьиэх буолбатаҕа дуо? – Даша ойон туран таҥнан барда.
Варялара аанньа уһукта илик быһыылаах, саҥарбат.
– Даа-даа, салайар кадрдары бэлэмниир техникум-ҥа үҥкүүлүү барыах буолбуппут. Айыкка, мин манна хаалар буоллаххытына дьиэлиибин. Эмиэ акаары баҕа-йытык истиэнэни өйөөн тураары. Хаста да сырытты-быт, наар биир хартыына дии. Саатар атын дьону киллэрбэттэр, – Аня кыргыттарын кытта хаалар са-наалаах сытар эрээри, кыратык «атаахтыыр».
– Чэ, туруоҕуҥ эрэ. Үҥкүүнү саныы сытан хойу-таары гынныбыт. Бастатан туран үөрэх! Варвара – краса, уһугу-ун! – Марианна көрүөх бэтэрээ өттүгэр тура охсон, суунар тэрилин, чаанньыгын туппутунан көрүдүөргэ таҕыста.
Кыргыттар, чэйдии, сирэйдэрин-харахтарын оҥос-то охсоот, үөрэнэр корпустарын диэки хаамыстылар.
– Даша-а! – Даша эмискэ бэркэ билэр куолаһын истэн тохтуу түстэ.
– Оо, Оля, хата, хайаан көрүстүбүт! – Даша үөрүү-түттэн дьүөгэтин кууспаҕалаан ылла.
– Этимэ даҕаны, сарсыарда аайы эйигин харах-пынан көрдүү сатаабытым ыраатта. Доо, бүгүн киэһэлик тётя Идаҕа бара сылдьабыт дуо? Маамам ончу суругун аайы мөҕөн бүтэрдэ. Соҕотох олорор үһү ээ, уола практикаҕа үһү.
– Оо, оччоҕо кэргэнэ кэлбэтэх дуо…
– Хантан кэлиэй… Чэ, этэ оҕус, барабыт дуо? – Оля чаһытын көрүннэ.
– Барыахха, үөрэх кэнниттэн тута барбыт киһи, – Даша киэһээҥҥи тэрээһиннэрин саныыр.
– Чэ, оччоҕо, мин бүттүм да, эйиэхэ киириэм, үс чааска диэри.
– Сөп, Оля, – Даша, бара турбут кыргыттарын ситээри, хаамыытын түргэтэтэ сатаата.
Хаһан баҕар, субуотаҕа буоларыныы, пааралар да хаамыылара сыыдамсыйбыт курдук. Кэпсэтэр кэпсэ-тиилэрэ киэһэ ким ханна барарын туһунан. Дашалаах хоһунан туспа куомуннаах курдук сылдьаллар. Варя-лара «биир дойдулааҕым баар, салайар кадрдары бэ-лэмниир техникумҥа барыаҕыҥ» диэн этиитин үөрүү-нэн ылынан, сэмээр тэриммиттэрэ ыраатта.
Үөрэнэн бүтэн хосторугар кэлэн чэйдии олорон ким тугу кэтэрин, баттахтарын хайдах оҥостоллорун кэпсэтиитэ буолла.
– Чэ, кытаатыҥ, эдэрдэр. Баҕар, биригэдьиирдэр, управляющайдар, совхоз директордарын хотуттара буолар аналлааххыт буолуо. Үчүгэйдик оҥостуҥ, – Варялара мэлдьи буоларыныы холку, киниэхэ эрэ сыһыана суох биэчэргэ барар курдук саҥарар-иҥэрэр.
– Варя, эн дьону дьаһайа олорума, хата, эн биһик-ки биир саастыылаахтарбыт бааллара буолуо. Бу кыр-гыттар аналлара манна Сэргэлээххэ хаама сылдьар ини, – Марианна Варятын сэргэхситэ сатаата.
– Бу кыыс хойутуура буолуо, тоҕо да бүгүн бараҕытый, ол тётяҕытыгар? – Аня сиэркилэ иннигэр эргичийэ-эргичийэ таҥас мээрэйдэнэртэн ордубат.
– Оля бүгүн арыый сололоммут быһыылаах. Ха-йаан да барыахпын наада. Куттаныма, Аня, хойутуом суоҕа, – Даша таҥнан-саптан Олята кэлэригэр бэлэмнэнэр.
– Марианна, эн мин хааспын оҥоруох буолбутуҥ дии, – Аня хаас үргүүрүн туппутунан ороҥҥо олорор Марианнаҕа кэллэ.
– Оччоҕо «брежневскэй» хааспыт суох буолар дуо. Иһити хомуйуҥ, билигин кыыспын оҥорон биэриэм. Ааспыттааҕы курдук, остуол үөһэ сыттык ууран баран үргүөхпүт, – Марианна ааспыт сырыыга бииргэ үөрэнэр кыыстарын Лизаны хааһын үргээбит, кулгаа-ҕын үүттээбит «опыттаах».
Даша Олята кэлэн автобус тохтобулугар бардылар. Ахтыспыттар ахан, иккиэн да сонуннара баһаам эбит. Автобустан түһүөхтэригэр диэри астына кэпсэтэн тиийдилэр.
* * *
Ираида Никоновна кыргыттар киирэн кэлбиттэ-ригэр соһуйда ахан. Массыынаҕа таҥас сууйтара сыл-дьар эбит.
– Оленька, телефоннуоххун. Тугу эрэ астыам этэ буоллаҕа дии. Дьэ, билигин тугунан күндүлүүбүн, – Ираида Никоновна куукунатыгар киирэн тугу эрэ бэрийэн барда.
– Хайдах эрэ барыта ыксал. Тётя Ида, ончу ох-торум буолла. Биирдэ да соло буолбаппыт. Атын фа-культеттары көрө-көрө ымсыырыах курдукпун. Үөһээ курска чэпчиэ дииллэр да, – Оля куукунаҕа киирэн үөрэҕин түбүктэрин кэпсээн-ипсээн барда.
Даша да иһиттэҕинэ, киһиттэн улахан дьулууру, сыраны ылар үөрэх. Оля оҕо эрдэҕиттэн эмчит буолар эрэ баҕалаах этэ, куукуланан, бэйэлэрэ ыал буола да оонньоотохторуна кини мэлдьи маҥан халааттаах эмчит буолара. Иккиэн биир идэҕэ интэриэстээх дьон кэпсэтиилэригэр мэһэйдэспэт санааланан Даша саала-ҕа дьыбааҥҥа олорон хаһыаттары, сурунааллары көрө олордо. Чуумпу, ыраас дьиэҕэ олорор үчүгэйин! Уоп-сайга олорор туспа тартарыылаах, интэриэһинэй эрээ-ри, киһи дьиэ усулуобуйатын эмиэ сытыытык ахтан кэлэр түгэннэрдээх. Даша дьиҥинэн дойдутун, дьиэ-тин-уотун, ийэлээх-аҕатын саныыра кэмэ суох. Ордук киэһэ утуйаары сытан, эбэтэр сарсыарда уһуктан ба-ран дьиэтин санаан хараҕын уута тахсан, мунна кычыгыланан ылар. Дьоно да кинини суохтаан эрдэх-тэрэ. Ийэтэ үлэлэри, хотоннору, дьиэлэри бэйэтэ эр-гийэрэ буолаахтыа, аҕата өрөбүлүгэр эрэ көмөлөһөн эрдэҕэ. Урут дьиэ иһин Даша көрөн-истэн олордоҕо дии. Оо, хаһан эрэ кыһыҥҥы сынньалаҥ буола охсон тиийэр! Дойдутун салгынынан дуоһуйа тыынар, дьо-нун-сэргэтин кытта астына кэпсэтэр. Кылааһын оҕо-лоро фермаҕа үлэлээн-хамсаан түбүгүрэ сырыттахтара. Даша суруйан көрөр да, кыргыттар биирдии-иккилии суругу суруйан баран тохтоон хааллылар. Дьэ уонна Даша кулуубу, онно «Хатыҥчаан» вокальнай-инстру-ментальнай ансаамбылларын доҕуһуолунан буолар үҥкүү киэһэлэри ахтара бэрт. Корпуска буолар үҥкүүлэргэ магнитофоҥҥа суруллубут омук, нуучча ырыаларынан үҥкүүлүүллэр. Биллэн турар, киһи сүргэтин өрө көтөҕөр, эрчимнээх эдэр сааһы доҕу-һуоллуур сэргэх музыка. Ол эрээри, сахалыы сайаҕас ырыаларга доҕуһуоллатан үҥкүүлээн тэйэр, намыын, уйаҕас ырыа долгунугар уйдаран аргыый устар туспа да умсулҕаннаах эбит. Даша кулгааҕар өрүү «Хатыҥчаан-нар» толорор ырыалара иһиллэн кэлэллэр, ойон-тэбэн ааспыт оҕо сааһын, улаатан, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа сабан тахсыбыт тиэргэнин санаталлар. «Хатыҥ-чааннар» нарын таптал, сөбүлэспит сүрэхтэр иэйии-лэрин туһунан ырыалара улахан, дьиҥнээх тапталы бүтэйдии күүтэр дууһатын уйадыта долгуталлар. Даша аттыгар хаһан эрэ эмиэ кинини умайа таптаабыт, кинитэ суох бу күн сиригэр олорор кыаҕыттан тахсыбыт уолан сэргэстэһэ хаамсыаҕа. Тапталы кэп-сиир харахтартан, харыстыы, өйүү тутар эрэллээх, күүстээх илиилэртэн Даша дьоллоох буолуоҕа! Тап-татан, таптаан өссө кэрэ сибэккилии тырымныы тыл-лыаҕа, орто дойду олоҕун эриэккэс бэлэҕиттэн эдэр-кээн дууһата дьиэрэҥкэй дорҕооннорунан туола түһүөҕэ!
– Даш-о-о, чэйдиибит, – Даша Оля ыҥырар саҥа-тыттан соһуйа түстэ. Санааларын кытта бу дьиэттэн ыраата охсубут эбит.
Чэйдии олорон, эмчит киһи быһыытынан, Ираида Никоновна Даша доруобуйатын тоһоҕолоон ыйыта-ласта, сүбэ-ама биэртэлээтэ.
– Кылаабынайа, кыратык да тоҥуо суоххун наада. Күһүн практикаҕа бараргар куттана санаабытым. Хата, ичигэс дьиэҕэ олорон үлэлээбиккит. Чэ, устудьуон дьон тугу аһаан-сиэн сылдьаргыт таайыллар, кыбыс-тыбакка аһаан иһиҥ. Хата, эһиги дьолгутугар чүөчэҕит остуола олус кураанаҕа суох буолла. Соҕотохпун, онон аһылыкпар улаханнык түбүгүрбэппин, – Ираида Ни-коновна буруолуу сылдьар итии хортуоскалаах эт ыһаарытын түҥэтэлиир.
– Ааспыкка, Өктөөп бырааһынньыгар демонстра-цияҕа, тоҥон да биэрдибит. Өр баҕайы хаампакка туран, Ленин болуоссатыгар чугаһаан баран, аны сүүр да сүүр. Бэргии сыстым, медпууҥҥа сүүрбүтүм, – Даша демонстрацияҕа сылдьыбыттарын кэпсиир.
– Уой, наһаа тымныы этэ. Биһиги испииһэккэ бэлиэтэтэн баран аара туораан хаалбыппыт, – Оля эмиэ тоҥон саллыбыттарын ахтар.
– Кыргыттар, олус ыксаабат инигит. Кэпсээҥ, төһө бэһиэлэйдик олороҕут аныгы устудьуоннар, – Ираида Никоновна наллаан олорон сэһэргэһиэн баҕарар бы-һыылаах.
– Бу кыыс ыксыы ахан олордо. Үҥкүүлүү бараары, биригэдьиир уолаттарга, – Оля дьээбэлэнэр.
– Ол эмиэ наада. Үөрэнэ сылдьан олоххутун оҥос-торгут ордук. Үлэлии бардаххытына солоҕут да суох буолуо, олус өйдөнөн да хаалыаххыт. Иккиэн да киһи хараҕар быраҕыллар кыргыттаргыт, «конкурска хапсар инигит», – Ираида Никоновна эр-биир кыргыттарын диэки тиэхэлээхтик көрбөхтүүр.
Кыргыттар, Даша барар чааһа кэлэн, сып-сап хому-нан уопсайдарын диэки айаннаатылар.
* * *
– Баарыан, бэйэбит уолаттарбытыгар улаатымсы-йан ахан баран эрэрбит баара. Киһи күлүөх дии. Рома барахсан Дашата тыыммат да буола киэргэнэн аттынан ааспытыгар саҥата суох одуулаан хаалбыта, – Аня оронугар дьоһуннанан олорон үгэһинэн тугу эрэ баайан испитин салҕаан барда.
– Наһаа санааҕытын түһэримэҥ ээ. Барыта иннибитигэр. Ол эрээри итиэннэ ханна да барбатах киһи баар ини. Ааспыкка уон үһүс корпустан да үүрүллэн баран сөп буолбатахпыт дии, – Марианна кыргыттарын санаатын көтөҕө сатыыр.
Күнү быһа тэриммит техникумнарыгар үҥкүүгэ табыллыбатылар. Хара ааныттан настарыанньалара ал-дьанна. Биллэн турар, эмиэ туспа бэрээдэктээх дьон эбит. Варя хаһан биир дойдулааҕын ыҥыттаран вах-таны ааһар быраабы ылыахтарыгар диэри ааҥҥа ан-ньыалаһа-үтүөлэһэ турдулар.
Аны үҥкүүгэ киирбиттэрэ бэрт аҕыйах киһи мусту-бут. Балачча дьоһуннаах, түс-бас көрүҥнээх уолаттар бааллара, хайдах эрэ пааралаах иҥин курдуктар. Атын үөрэх кыһаларыттан кинилэр курдук кэлээччилэр элбэхтэр быһыылаах. Онон сотору тэһийбэккэ дьиэлэ-рин диэки айаннаатылар. Медфак үөрэнэр корпуһугар үҥкүү баарын истэннэр киирэ сатаатылар да, эмиэ аһарбатылар. Бэйэлэрин уон төрдүс корпустарын фойетыгар үҥкүү бүтэһигэр түбэстилэр.
– Айыкка, кэргэннэммэппин-хайаабаппын, си-биинньэ, сүөһү иитэ-иитэ олоруом буоллаҕа, – Аня күлэ-оонньуу мунтуйданар.
– Уонча сылынан көрбүт киһи, Аанчыкпыт хайа эрэ сиргэ кийиит буолан олорорун, – Варя кыргыт-тарын санаата түспүтүттэн бэйэтин буруйданан, хай-дах уоскуталыан булбакка төттөрү-таары хаамар.
– Аанчык, эн тугу гына олороҕун, көрүдүөргэ сүү-рэн таҕыстыҥ да Виталийыҥ хаама сылдьар буолбат дуо? Кыратык атаакалаа ээ, бу кыыс элбэҕэр, – Ма-рианна сүбэлиир.
– Чэ, оҕолор, Сэргэлээххэ субуота бу киэһэнэн бүппэт. Хата, наһаа үчүгэйдик чэйдиэҕиҥ, – Даша остуол тардан барда.
– Ромалаах кыыс хайыаххыный. Ээ, мин утуйдум, бэйэҕит чэйдээҥ, – Анялара ойон туран оронун оҥос-тон сытынан кэбистэ.
Кыргыттар, кинини итиэннэ туруорбаттарын билэр буолан, саҥата суох бэйэ бэйэлэрин көрсөн баран чэйдиирдии олордулар.
* * *
– Эдьиэй, эдьиэй, бааргын дуо? – Лилия, үөрэн-көтөн, омуннуран киирэн кэлээт, Людмила Дорофеев-наны көрдөөн хос-хос аайы өҥөйтөлөөтө.
– Тугуй, сэгээр? Эрдэ үөрэнэн бүттүҥ дуо? – эдьиийэ балкоҥҥа тахсан ону-маны сааһылаан иһэн киирэн кэллэ.
– Эдьиэй, уой наһаа үчүгэй, эмиэ гастроллуу барар буолбуппут! СГУ уолаттара эмиэ ыҥырбыттар. Кини эмиэ баар буолуо дии! Алёша… Тугу кэтиэхпиниий… Үчүгэйэ диэн, индийскэй музыкабын оҥорбуттар. Бу киэһэ үҥкүүлүүбүн, уол сүрэҕин дьэ сүүйэбин!
– Лилька, киэһэ маамаҥ телефоннаатаҕына эмиэ суох буолсугун дии.
– Хайыахпыный, маамабар этээр, кыыһыҥ ончу таптал уотугар соһуччу умайан иэдэйдэ диэн. Кинини көрөр, кини тыынар салгынынан тыынар туһугар хоть на край света барыам этэ!
– Олус омуннуран эрэҕин. Эйиэнэ барыта таһы-нан. Сэрэнэ соҕус таптаа. Уолуҥ эппиэттээбэтэҕинэ биир муҥ буолуо, – Людмила Дорофеевна балта айаҥ-ҥа хомунарыгар көмөлөһөн барда.
Культурнай-сырдатар училище комсомольскай тэрилтэтэ тэрийэн, хореографическай отделениетыт-тан үҥкүүһүттэр бөлөхтөрүн СГУ тыа хаһаайыстыба-тын вокальнай-инструментальнай ансаамбылын кытта бииргэ агит-биригээдэ оҥорон тыаҕа сырытыннар-быттар. Лилька онно сылдьыаҕыттан ансаамбылга саҥа солистаан эрэр уолу таптаан иэдэйдэ. Киниэнэ омуна-төлөнө бөҕө, тапталын уотуттан, мэктиэтигэр аанньа аһаабат, утуйбат. Кэпсээнэ эрэ барыта Алёша хайдах курдук кэрэ куоластааҕын, онто ыллаатаҕын аайы тупсан, аһыллан иһэрин туһунан. Билсээт теле-фонун нүөмэрин биэрбит быһыылаах, урут туран-олорон быстыбат бэйэтэ телефон тыаһаата да сүүрэн кэлэн харбаан ылар. Ол тухары уола биирдэ да эрийэн үөрдүбүтэ биллибэт. Людмила Дорофеевна Игнат Ива-новичтыын тэҥҥэ долгуйан ылаллар. Кыыстара арыт суорҕаҥҥа сууланан-сууланан баран сытан ылар. Училищетын иһигэр туох буоларыгар наадыйбат, туох баар өйө-санаата Сэргэлээххэ олорор Алёшаҕа. Били Игорь муҥнана сатаан баран уоскуйда быһыылаах, телефоннуура биллибэт.
– Чэ, Лилька, сэрэнэн сырыт. Айанныырыҥ да элбэҕэ, сынньана түспэккин. Сессия да чугаһаата, – Людмила Дорофеевна балтын ааҥҥа диэри атаарда.
* * *
Лилия сүрэҕин тэбэр тыаһын бэйэтэ истэргэ дылы. Сотору кини нүөмэрин биллэриэхтэрэ, тапталы туойар индийскэй дорҕооннорго доҕуһуоллатан үҥкүүлүө да үҥкүүлүө… Кэрэ хамсаныылар, дьоллоох мичээр барыта баар буолуо. Тоҕо диэтэххэ ол барыта билигин Лилия тапталтан толору дьолломмут сүрэҕэр баар… Кини санаатыгар, сибэккилээх күөх кырдалга көҥүл көччүйэн үҥкүүлүү сылдьар үрүмэччи кыыс, күөрэ-гэйдии көмүс дорҕооннору дьырылатар ырыаһыт уолу ыҥыран, ымсыырдан, туох эрэ дьикти таайыллыах-тааҕы кэпсээн үҥкүүлүө. Кини, арылыччы көрбүт сырдык харахтардаах, будьурхай баттахтаах уол, ону хаһан өйдөөн көрөн, күүстээх илиитинэн синньигэс биилиттэн бигии тутан ылыа буоллаҕай?! Лилия тоно-луппакка одууластаҕына харахтарын куоттаран кэби-һэр ээ… Уонна, өссө киһи кыһыйыах, ыраах тэйэн биэрэр. Ол эрээри, сибилигин Лилия оруосабай сари-тын эрийэ быраҕынан баран, улахан сиэркилэҕэ баран истэҕинэ уун-утары көрсө түстүлэр. Мэлдьэспэт ини, чахчы сөҕө-махтайа, соһуйа көрбүт этэ ээ! Лилия тугу эрэ саҥарыах курдук гынан иһэн, бэйэтэ бэйэтиттэн да сөҕөр, кыбыстан хаалан биир тылы кыайан таһаар-бата. Уолаттары таптаабытынан дьаһайар бэйэтэ, дьэ Алёшаҕа кэлэн эппэт кэлэҕэй буолар эбит дии. Дьүө-гэлэригэр кэпсиирэ буоллар итэҕэйиэхтэр этэ дуо? «Индийскэй үҥкүү. Толорор Дьокуускайдааҕы куль-турнай-сырдатар училище бастакы курсун студентката Лилия Унарова» диэн биллэрии сатараабытыгар Лилия хараҕын симэн ылан баран, сцена диэки түһүнэн кэ-бистэ. Үөһэттэн күн көмүс кыырпахтарын күлүмүрдүү ыһар, оол ыраах аар хатыҥ лабааларын илиитинэн аргыый силэйтэлээн, үп-үрүҥ көстүүмнээх Алёша ки-ниэхэ уун-утары иһэр… Лилия кинини таптал имэҥ-нээх үҥкүүтүнэн көрсүөхтээх, ханна да ыыппат гына күөйэ тутуохтаах. Төбөтүн хамсата-хамсата, синньигэс биилинэн оонньуу-оонньуу, тэттэн, тэбиэһирэн туран үҥкүүлээтэ. Тыа кулуубун дьоҕус саалатыгар ыы-быч-чары симиллибит дьон ытыстарын тыаһын харыстаа-баттар, өссө «бис» бөҕөтүн түһэрдилэр. Лилия хаста да сцена кэнниттэн тахса-тахса бокулуоннаата. Үҥкүүтэ табыллыбытыттан көнньүөрэн, таҥас уларыттар хо-һун диэки баран истэҕинэ Алёшалаах ансаамбылларын бас-гитариһа Гоша Лилияны эҕэрдэлии көрүстэ:
– Адьас королевалаатыҥ, маладьыас. Наһаа үчүгэй үҥкүү дии, – диэн баран кууһан ылла.
Оо, кини оннугар Алёша да буолбат ээ! Наһаа да килбик, чуумпу киһи, дьэ ханна бүгэн олороро буо-луой? Лилия таҥаһын уларытта охсуон баҕарбата. Ба-ҕар, Алёша тиийэн кэлиэ, эҕэрдэлиэ. Кини эрэ туһугар кыһаллыбытын, оҥостубутун сыаналыа!
Сотору эмиэ кинилэр ансаамбыллара сценаҕа тахсан концеры түмүктүүр ырыаларын толороллоро иһилин-нэ. Концерт кэнниттэн баҕар үҥкүү буолуо дэспит-тэрэ, олохтоохтор көрдөһөллөр үһү. Дьэ хайыыллара буолла. Лилияҕа бүгүн син биир бырааһынньык киэ-һэтин курдук. Кини аттыгар Алёшата баар, кинилиин да буолбатар чугаһыгар күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии сыл-дьара үчүгэйэ эрэ бэрт. Алёша хайаан да Лилия тапта-лыгар эппиэттиэҕэ, ол хаһан буолара эрэ биллибэт. Кыыһа суоҕун туһунан чуолкай сибидиэнньэлээх.
– Лилия, директор хоһугар мустабыт, чэйдэтэллэр үһү, – Гоша кэлэн ыҥырда.
Лилия кинини батыһан чэй бэлэмнээбит сирдэ-ригэр тиийдэ. Остуол кытыытыгар Алёша олорор эбит, кини Лилия турарын көрөөт:
– Кэл, Лилия, манна олор, – дии-дии миэстэтин туран биэрдэ.
Лилия субу Алёшатыгар чугаһаабытыттан долгуйан эмиэ илиитэ-атаҕа мастыйан хаалбыт курдук буолла. Онтон аргыый уоскуйан уопсай кэпсэтии, күлүү-үөрүү быыһыгар Алёша кулгааҕар сибигинэйдэ:
– Алёша, индийскэйбин сөбүлээтиҥ дуо?
– Лилия, туох да наһаа кыраһыабай үҥкүү, – Алёша бэрт холку куолаһынан эппититтэн Лилия кы-һыйа-абара санаата. «Оттон мин бэйэм хайдах эти-биний?» диэҕин тыла тахсыбата.
Үҥкүүнү олохтоох комсомольскай тэрилтэ секре-тара боппут диэн буолла, кэнники кэмҥэ ыччаттар бэрээдэктэрэ мөлтөх үһү. Онон агит-биригээдэ куорат диэки айанныыр буолла. Лилия, автобуска Алёшаттан ыраах олорор миэстэҕэ түбэһэн хаалан, сымыһаҕын быһа ытыран түннүгү одуулаһа олордо.
* * *
Лилия училищеҕа бииргэ үөрэнэр кыргыттарыттан саамай бодоруспут дьүөгэтэ Катя. Онтугар эмиэ тап-талын үөрүүтүн, эрэйин кэпсээн салгытыах да курдук гынар.
– Лилька, эн туох эрэ хамсааһынна оҥор. Биллэр дуу, хайаа, тапталгын, – Катя бүгүн Лилиятыгар кэл-битэ эмиэ санаа бөҕөҕө ылларан сытар эбит.
– Хайдах биллэриэхпиний? Саатар гастроллаабат буолан хааллыбыт. Сессияҕа бэлэмнэнэллэр үһү. Катя, биир эмэтэ субуотаҕа кинилэргэ үҥкүүлүү барабыт дуо? – Лилия бэйэтигэр үөскээбит былааныттан сэр-гэхсийэн кэллэ.
– Ончу киллэрбэттэр үһү буолбат дуо. Сааттаахтык үүрүллэн кэлиэхпит, – Катя саарбахтаата.
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?