Текст книги "Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн"
Автор книги: Иван Дьячковский
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
Иван Дьячковский
Кустугу ситтэрбиэн
Күндү ааҕааччы!
Бу кинигэ күн сирин көрбүтүгэр, биллэн турар, эһиэхэ махтанабын. Үлэм чэрчитинэн, Сахам сирин араас муннуктарыгар ыалдьыттаабытым. Оскуола оҕолорун уонна нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэрим дьон-сэргэ: «Бэйэҥ олоҕуҥ туһунан кинигэтэ суруй. Оҕолорго, ыччакка олус туһалаах буолуо этэ», – диэн көрдөһүүлэринэн түмүктэнэрэ.
Эһигиттэн, бэйэ дьонуттан, тугу кистиэмий, сахалыы сатаан суруйбат буоламмын, маҥнайгы «Бег за радугой» диэн ааттаах кинигэм 1993 с. нууччалыы тылынан Ульяновскайга тахсыбыта. Суруйтаран сакаастаабыт дьоҥҥо эрэ тарҕаммыта (подписканан). «Эдэр саас» хаһыат редактора Иван Ушницкай ылыннарыылаах көрдөһүүтүнэн, «Кустугу ситтэрбиэн» диэн оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым туһунан кэпсээннэр суруллан, ити хаһыакка 1995–1997 сс. бэчээттэнэн дьон сэҥээриитин ылбыта. «Кыталык Уйбаан И. Ушницкай тылын ылынан, кылгас кэм иһигэр сахалыы сурдурҕаччы суруйарга үөрэнэ охсубут эбит. Маладьыас!» – диэтэххит буолуо. Улаханнык алҕаһыыгыт. Дьиҥинэн, мин былыргы үөрэҕэ суох оҕонньорго дылы, олорон эрэ кэпсиирбин кэргэним саха тылын уонна литературатын учуутала Сардаана Владиславовна сурукка түһэрэр, бэчээккэ бэлэмниир. Онон мин киниэхэ махталым улахан. «Орто Дойду сонуннара» хаһыат редактора И.Ушницкай иккистээн төхтүрүйэн модьу– йуутунан, салгыы устудьуон сылларым туһунан 2004–2005 сс. «сурдурҕаччы суруллубута», ити хаһыакка бэчээттэммитэ. Онон бу кинигэ сахалыы суруллуутугар Иван Петрович Ушницкай үтүөтэ улахан. Киниэхэ биһиги ыал истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Мин бэйэм олоҕум туһунан хайдах баарынан суруйдум. Кинигэбин икки чааһынан аҥаардаан таһаарарга быһаарынным.
Күндү ааҕааччы! Эһиги олоххут уонна чугас, аймах-билэ дьоҥҥут дьылҕалара кыталык халыҥ үөрэ Сахабыт сирин күннээх халлаанын устун дьолу тосхойор айаныгар майгынныахтын!
Сахабыт сирин хас биирдии оҕото «мин дьиэм – улахан таптал, улахан олох, улахан дьол уйата!» диэн киэн тутта этиэхтин!
Эһигини сэттэ өҥнөөх кустук ыраахха, сырдыкка, ырааска, үтүөҕэ, кэрэҕэ, үйэлээххэ угуйа туруохтун!
Ааптар
Улуу художник, эбэтэр «чудовищелыын» көрсүһүү
Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан балыыһа оронугар «лип» сытарым. Биһиги палаатабыт үрүҥ өҥ саарыстыбата этэ: өһүөтэ үрүҥ, эркиннэрэ үрүҥнэр, түннүк сабыыта, тумбочкалар, утуйар таҥас – барыта үрүҥ өҥнөөҕө. Мин: «Бу биэс уол манна урут-уруккуттан сыппыппыт, билигин да сытабыт, куруук даҕаны маннык сытыахпыт, оттон үрүҥ халааттаах сиэстэрэлэр биһигини көрбүттэрэ-харайбыттара, көрө-харайа сылдьаллар уонна өссө да төһө баҕарар көрүөхтэрэ-харайыахтара», – дии саныырым. Палаатам уолаттара уонна сиэстэрэлэр бука бары сырдык халлаан күөҕэ харахтаахтара, сап-саһархай баттахтаахтара. Мин сиэркилэ диэн баарын туһунан билбэт этим, ол иһин бэйэбин эмиэ итинник күөх харахтаах, сырдык баттахтаах курдук сананарым.
Саамай сөбүлүүр сиэстэрэбит Света диэн ааттааҕа. Кини биһигини укуоллаабат, ап-аһыы амтаннаах эми иһэрдибэт этэ. Света үөрэн мичилийбитинэн киирэн кэллэҕинэ, маҥан палаатабыт иһэ өссө сырдаабыт, тупсубут курдук буолара. Оннооҕор «чудовище» туһунан сүрдээх кутталлаах остуоруйаны да кэпсээтэҕинэ, биһиги аттыбытыгар бу үтүө санаалаах, кэрэ дьүһүннээх Света баар буолан, соччо куттаммат этибит. Күн аайы остуоруйа кэпсээт да, сиэстэрэбит аптаах холбуйатыттан биһиэхэ саамай кэтэһэр малбытын ылан түҥэтэлиирэ. Воваҕа пластилин, Вадимҥа тимир конструктор, Владикка элбэх бытархай мас кубиктар тиксэллэрэ. Васяҕа кини бэйэтин сакааһынан, рецебинэн астаныллыбыт аһы-үөлү аҕалбыт буолара, оттон миэхэ ыраас кумааҕы лиистэрин, киистэ, кырааска, харандаас уонна ханнык эмэ биллиилээх художник хартыынатын биэрэрэ. Мин бэйэбин илиибэр киистэни туппутунан төрөөбүт курдук сананарым. Хас күн аайы Света атын-атын хартыыналары аҕалара, ол гынан баран бары биир «пейзаж» диэн ааттаах буолаллара. «Шишкин, Левитан, Суриков, Серов диэн эмиэ бэйэм курдук сытан эрэ уруһуйдуур уолаттар буолуо» дии саныырым.
Хартыынаттан үтүгүннэрэн ойуулаабыт «пейзажпар» тоҕо эрэ Вова уол пластилин кыылларын, Вадим тимир кырааннаах массыыналарын, Владик кубиктарынан туппут дыбарыаһын, Вася минньигэс аһын, сиэстэрэ Света кэпсээбит остуоруйатыттан тэтэгэркээн сибэккичээни, үс оҕолоох эһэни сиэри бэс мастар үрдүлэринэн арбайан турар «чудовищены» эбии уруһуйдаан биэрэрим. Уолаттарым уонна сиэстэрэ Света биллиилээх художниктар шедевр-айымньыларынааҕар мин уруһуйдарбын быдан хайгыыллара, сөҕөллөрө-махтайаллара. Ол иһин мин бэйэбин улуу художник курдук сананарым.
Биир күн Света «пейзажка» олох майгыннаабат хартыынаны аҕалан соһутта. Ыйыппыттыы көрбүппэр: «Бу хартыына аата «Семья», бу – эн ийэҥ», – диэт, тоҕо эрэ маҥан буолбакка, сибэкки ойуулаах халааттаах сиэстэрэни ыйан көрдөрдө. Оттон эриэн, халаакка ханан да майгыннаабат таҥастаах, уоһун үрдүнэн «баттахтаах сиэстэрэни» бу – эн аҕаҥ диэн быһаарда. Биһиги Васябытыгар дылы аһыырын сөбүлүүр уолу бу – эн быраатыҥ диэтэ. Итиэннэ Светабыт олох атын, сабыс-саҥа остуоруйаны кэпсээтэ: «Киһи барыта чугас, таптыыр дьонноох. Эһиги бары тус-туспа ыал оҕолороҕут. Ваня, эн ийэлээх аҕаҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ Амма диэн сиргэ олороллор. Эйигин сарсын онно илдьэр буоллубут». Мин улаханнык ыксаатым. Хаарыан маҥан палаатабыттан, чугас, таптыыр дьоммуттан туура тутан хайа эрэ Амма диэн сиргэ хаһан да харахтаан көрбөтөх ыал диэн ааттаах сиэстэрэлэргэ илдьэн биэрээри сылдьаллар эбит. Бу иэдээни! Букатын төннүбэт сирбэр ыытаары гыннылар диэн улаханнык айманным: «Света! Миигин бука диэн ханна да ыытыма, кимҥэ да биэримэ! Мин эһиги ыал оҕотобун, мин дьиэм – бу палаата, мин убайдарым-бырааттарым бары бу сыталлар. Мин ханнык да Амманы билбэппин, барыахпын олох баҕарбаппын!» – дии-дии хараҕым уутун соттубуппар, палаатам уолаттара уонна сиэстэрэ Света бары ытаһан бардылар.
Сарсыныгар үс миэстэлээх «Як-12» самолетунан икки сиэстэрэ миигин Аммаҕа аҕаллылар. Самолёт аана аһыллаатын кытта сиэстэрэлэр лётчиктыын тахсан бардылар. Аһаҕас аанынан таһырдьаны одуулаһа сытаммын, сиэлин быыһынан көрбүт ат тыбыырбытыттан соһуйдум. Сыарҕаттан киһи эрэ куттаныах дьүһүннээх, бүтүннүү түү бэйэлээх, абааһы дуу, туох дуу туран кэллэ. Кырыа, түү быыһынан көрбүтүнэн миэхэ чугаһаата. Били сиэстэрэ Света кэпсиир «чудовищета» илэ бэйэтинэн бу кэллэ быһыылаах! Ол аата манна соҕотоҕун сытарбын билэ оҕустаҕа! Оо дьэ, чахчы кини эбит: хаһан эрэ эһэни сиэбит, онтукатын саҕынньах гынан кэппит, бэдэри эмиэ сиэбит уонна бэргэһэ оҥостубут, оннооҕор албын, киитэрэй саһылы кытта сиэбит – үтүлүк гынан кэтэ сылдьар. Бачча оҥостон кэлбит «чудовище» миигин хайаан да сиир! Дьэ, сити, үтүлүгүн уһулла. Мин күөмэйим хайдарынан: «Горшо-ок! Горшок-горшок! – диэн хаһыытаан ыыра бардым. (Биһиэхэ балыыһаҕа ыксал тирээтэҕинэ: «Горшо-ок!» – диэн аптаах тылбытын хаһыытыырбыт. Оччоҕо сиэстэрэлэр субу баар буола түһэллэрэ).
«Чудовище» сиэбиттэн «подушка» кэмпиэти хостоон таһааран мин айахпын бүөлээтэ уонна киһи куолаһынан: «Майаа тыбайаа не паньымаай!» – диэн саҥарда. Миигин кэмпиэтинэн албыннаан хаспаҕар илдьэн сиэри гынар диэммин, «подушканы» тыбыыран кэбиһээт, өссө күүскэ: «Горшо-ок!» – бөҕөнү түһэрдим. Аптаах тылым көмөлөстө быһыылаах, сиэстэрэлэрим сүүрэн кэллилэр:
– Хайа, Ваня, туох буоллуҥ?
– Света, бу «чудовищены» мантан киэр үүрүҥ! Миигин сиэри кэлбит!
– Ваня, уоскуй, бу «чудовище» буолбатах, бу – эн аҕаҥ. Кини билигин эйигин суорҕаҥҥа суулуоҕа уонна сыарҕалаах атынан Амма өрүс уҥуор Чакыр диэн дэриэбинэҕэ илдьиэҕэ. Эһиги дьиэҕит онно баар.
Суорҕаҥҥа сууланан айаннаан иһэн толкуйга түстүм, санааҕа ыллардым: «Мин аҕам «чудовище» эбит, ол аата мин туох буолабыный? «Чудовище» аҕам миигин бу аата хаспаҕар, «пещераҕа» илдьэн истэҕэ. Аҕыйах хонуктааҕыта түөрт эһэлээх пейзаһы уруһуйдаабытым. Улахан эһэтин хайыы-үйэ сиэбит буолан, тириитин ити кэтэ сырыттаҕа. Оттон оҕолорун миэхэ сиэтээри хаайан туруорара буолуо. Бу киэһэ эһэ оҕотун тириитигэр сууланар киһи буоллум быһыылаах. Быраһаай, мин хаарыан үрүҥ өҥнөөх, сырдык-ыраас, сылаас палаатам барахсан! Быраһаай, мин сөбүлүүр минньигэс аһым-үөлүм! Мантан ыла борщ, щи испэккэ, мааннай хааһы, пельмен, блины, пончик, крендель, оҕуруот аһын уонна фрукта арааһын сиэбэккэ, хомпуот, кисиэл испэккэ хайдах тыыннаах ордобун? Быраһаайдарыҥ, палаатам уолаттара! Миэхэ олох ымсыырымаҥ! Миигин пещераҕа дьиикэй олох күүтэр. Мин тапталлаах сиэстэрэм, Света! Эн аҕам «чудовище» буоларын билэр эрээри, тоҕо манна аҕалбыккыный? Палаатабар, уолаттарбар төннүөхпүн баҕарабын», – хараҕым уутун сотто сыттым.
Өр-өтөр гыммакка, айаннаан тиийдибит. «Пещералара» диэн кыракый балаҕан эбит. Онно дьиибэ уолаттары көрдүм. Үүт-үкчү «чудовище» курдук хап-хара баттахтаахтар, харахтаахтар. Саамай соһуйбутум – уолаттар кыралыын-улаханныын бары хаамса сылдьаллара. Кинилэр бэйэлэрин сиэстэрэлэрин «ийэ» диэн ааттыыллар. Ийэ диэн сибэкки ойуулаах халааттаах, улахан истээх буолар эбит. Бу дьиэ иһигэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытта мин өйдөөбөт тылбынан кэпсэтэллэр. Маннааҕы уолаттар миэхэ чугаһаабакка эрэ онтон-мантан быгыалаан көрөллөр. Арай, түөһүгэр иилиллибит, дьүһүнэ көстүбэт буолбут бэчиэнньэлээх маарылланы айаҕар тобус-толору болточчу уоппут, сыыҥ-сыраан аллыбыт кыра уолларын сыт-сымар буолбут дьааһыкка уган баран, барылыы-барылыы дьиэни биир гына анньа сылдьаннар аттыбынан аастылар да, миэхэ кыһамматылар. Өскөтүн мин сип-сибилигин үрүҥ палаатабар баар буола түстэрбин, күөх харахтаах уолаттарым уонна сиэстэрэлэрим үөрэн хаһыытаһыа этилэр, күлүү-үөрүү, кэпсэтии-ипсэтии муҥура суох буолуо этэ. Оттон бу дьиҥнээх төрөөбүт дьиэбэр кэлбит ааттаахпын да, онтон ким эмэ үөрбүтэ-көппүтэ көстүбэт. Дьэ, дьиибэ!
Чочумча буолаат, олус минньигэстик аһаттылар. Сылгы этин сиэппит эбиттэр. «Миигин аҕалбыт ат эрэйдээҕи сии охсубут буоллахпыт дуу, эчи түргэнин!» – диэн соһуйдум.
Саҥаларын-иҥэлэрин төһө да өйдөөбөтөрбүн, бу ыалга син олоруохпун сөп эбит. Саамай үчүгэйэ диэн, тириигэ суулаабакка, ороҥҥо, тэллэххэ сытыардылар.
Эр киһини урут хаһан да көрбөтөх буоламмын, аҕабыттан син биир толлорум. Онно эбии аҕам үрдүк уҥуохтааҕа, улахан көрүҥнээҕэ. Көрөрө-истэрэ киһи дьиксиниэх курдуга. Кини тас көрүҥүнэн индеецтэр биис уустарын баһылыгын санатара. «Сыновья Большой Медведицы», «Чингачгук – Большой Змей», «Золотой каньон» диэн киинэлэргэ сүрүн оруолу оонньуур Гойко Митиһи билэр буоллаххыт дии? «Сахаҕа» үчүгэй уол, ээ? Ити мин аҕам «игирэтин аҥаара» ээ!
Бу дьиэ үтүө-мааны киһитэ – ийэбит сарсыарда аайы, биһигини аһатаат, «биис ууһун баһылыгын» кытта ханна эрэ «трудодень» диэҥҥэ барара. Киэһэ кэлээт да, оһох үрдүгэр иһити-хомуоһу талыгыратара. Сотору буолаат, минньигэс ас сыта дьиэни толороро. Ийэбит сүрдээх үөрүнньэҥ майгылааҕа. Сибэкки арааһын үүннэрэрэ, хас биирдии тыллыбыт сибэккиттэн үөрэрэ. Кыракый балаҕаммыт иһэ хаһан да хагдарыйбат, куруук чээл күөх буолара. Ийэм куруук ырыа аргыстааҕа. Санаабар мин кэлбиппиттэн үөрэн ыллыырга дылыта. Кырдьык да оннук диэх курдук, хам-түм кини гражданскай сэрии кэминээҕи нууччалыы ырыалары ыллыыра. Ийэм күнтэн-күн аайы саҥаттан-саҥа мин билбэт аспын-үөлбүн бэлэмнээн аһатара-сиэтэрэ. Ол курдук дьэдьэннээх күөрчэх, баахыла, соркуойдаммыт собо, хаан, тоҥ быар, саламаат, суорат, сэлиэйдээх миин олус минньигэс амтаннара сүрэҕим-быарым ортотунан киирэн, миэхэ тугу эрэ өрдөөҥҥүтэ умнубуппун саната сатыыр курдуктара. Биирдэ ийэм буотарак бэрэскитин астаабыта. Мин ону олус сөбүлээн, бокуойа суох симиммитим. Ийэм миигин көрөн үөрбүтэ, төбөбүн имэрийбитэ уонна сүүспүттэн сыллаан ылбыта. Ити түгэҥҥэ испэр: «Ийэлээх диэн үчүгэй да эбит! Аны ийэбиттэн, дьиэбиттэн хаһан да, ханна да барыам суоҕа», – дии санаабытым уонна уйадыйан, хараҕым уута бычалыйан тахсыбыта.
Кэлбитим үһүс күнүгэр, улахан дьон суохтарына, оҕолор миэхэ сырсан кэллилэр. Уолаттартан улаханнара, нууччалыы олуттаҕастык да саҥардар, билсиһиини саҕалаата:
– Мин Кеша диэммин, уон саастаахпын. Бу биһиги үс эйиэхэ убай буолабыт, оттон бу үстээх уонна биирдээх оҕолор – эн бырааттарыҥ.
– Кеша, эһиги кэпсэтэргитин мин тоҕо өйдөөбөппүнүй?
– Биһиги бары сахаларбыт, сахалыы саҥарабыт. Оттон эн нууччалыы саҥараҕын, ол иһин Тоҥ Нуучча Уйбааҥҥын.
– Эйигин Тоҥ Нуучча Кеша диэххэ сөп дуо? Нууччалыы саҥараҕын дии.
– Суох-суох, мин уу сахабын. Нууччалыы саҥарарга миигин Москваттан кэлбит нуучча учуутал үөрэтэр. Ваня, ити ийэбит итии мииннээх тимир баласкаат миискэни түөскэр уурбутугар, хайдах тулуйдуҥ? Түөскүн көрүөххэ эрэ, итиигэ сиэппит буолуохтааххын!
– Ээ, суох, сиэппэтэҕим. Мин наар оннук аһыыбын ээ, – диэбиппэр наһаа дьиктиргээтилэр.
Мин, ырбаахым тимэҕин сүөрэн, гиипсэ корсеппын көрдөрдүм. Ити күн ийэлээх аҕабыт кэлиэхтэригэр диэри, убайдарым-бырааттарым санаан кэлэ-кэлэ кырдьык ыалдьыбат дуо дэһэ-дэһэ гиипсэбин тоҥсуйа оонньообуттара.
Убайым Кеша нууччалыы кыратык билэр буолан, бу сахалар диэн дьону, Чакыр олохтоохторун кини тылбааһын нөҥүө билэн-көрөн барбытым. Сотору кэминэн, эмиэ убайым Кеша үтүөтүнэн, сахалыы быһыта-орута өйдүүр буолбутум.
Түөрт уонча дьиэлээх Амма өрүс уҥа кытылыгар турар Чакырга Дьоскуоскай Дьуона оҕонньордооххо куораттан нууччалыы эрэ тыынар босхоҥ оҕо кэлбит сураҕа бэрт түргэнник тарҕаммыта. Киэһэ аайы онон-манан сылтаҕыран Дьуоналаахха киирээччи-тахсааччы элбээбитэ. Мин саамай дьиктиргээбитим диэн, ол дьон бары киксибит курдук кэпсэтиилэрэ маннык саҕаланара:
– Ыаллар, кэпсээҥҥит?
– Суох. Оттон эн туох сонуннааххын?
– Сонун суох.
Ити кэнниттэн ийэм чэй кутан остуолга ыҥырар. Дьэ, уонна сонуна суох дьон уһун киэһэни быһа сонуннара, кэпсээннэрэ бүппэт. Уруккуну-хойуккуну ырыталлар, ол быыһыгар мин да туспунан кэпсэтэн ылаллар. Итинник кэпсэтиилэртэн биһиги урут, алта сыллааҕыта Абаҕа почтатын дьиэтигэр Дорофеев Ылдьаалаах диэн ыалы кытта дьукаах олоро сылдьыбыппытын, кинилэр биэс саастаах Айаар диэн уолларын кытта мин – балтараалаах оҕо оонньуу сылдьаммыт быраҕыллыбыт бырааба дьиэтин умуһаҕар дэлби түһэн эчэйбиппитин, мин сиһим тоноҕоһун тоһутан, куоракка балыыһаҕа киирэн, алта сыл гиипсэҕэ сытан тахсыбыппын билбитим.
Биир күн, дьоммут суохтарына, икки эмээхсин миигин көрө кэлэ сылдьыбыттара. Дьоммун кэтэһэрдии, балачча өр кэпсэтэ– кэпсэтэ олорбуттара:
– Бу оҕо – Нуучча Уйбаан олох Татыйаас Татыйааһынан эбит буолбат дуо? Ийэтигэр майгынныыр бу уолаттартан кини эрэ эбит. Уоннааҕылар аҕаларын курдуктар.
– Кыыс эбитэ буоллар, уолаттары эккирэппэккэ, онно-манна тарбачыспакка, сүгүн сылдьан, манныкка тиийиэ суоҕа этэ. Куорат быраастара кыайан эмтээбэтэх буоллахтара дуу?
– Эмтии сатаан баран, аккаастаан ыыппыттар үһү.
– Оо, ол аата киһи буолаахтаабат эбит. Эрэйдээх, бу сордоно сытыан кэриэтин, акаары сааһыгар били үлтү түһэригэр ситэри өлөн хаалбыта буоллар.
– Этимэ даҕаны! Бэйэтэ да эрэйдэнэр, дьонун да эрэйдиир.
– Ээ, чэ уһуннук эрэйдээбэт-муҥнаабат ини. Сотору моруу да буолан өлөөхтүүрэ буолуо.
– Чэ, дьиэлиэххэ, бу дьон кэлимээри гыннылар.
Ити эмээхситтэр кэлэн барбыттарын кэннэ, соҕотохсуйдум да, кинилэр тугу саҥарбыттарын санаан кэлэрим уонна хаһан өлөрбүн кэтэһэрим. Курус санаалартан миигин убайдарым-бырааттарым быыһыыллара. Кинилэр доҕотторун-атастарын субурутан аҕалан, мин туспунан киэн тутта кэпсииллэрэ:
– Көрүҥ, бу биһиги бырааппыт Тоҥ Нуучча Уйбаан! Кинини куораттан аҕалбыттара. Сахалыы «чэт» да диэни билбэт. Нууччалыы ити Москуба учууталын курдук наһаа үчүгэйдик саҥарар.
– Кини туран хаамар дуу, наар сытар дуу?
– Суох-суох, кини сытан эрэ улаатар. Улааттаҕына бухатыыр буолуоҕа!
– Ол хайдах?
– Били Москубаттан кэлбит нуучча учуутала кэпсээбитэ дии, Илья диэн Муромецтар уоллара «тридцать лет и три года» сыппыт уонна бухатыыр буолан турбут киһи туһунан?! Бу биһиги бырааппыт алта эрэ сыл сытта, аны сүүрбэ сэттэ сыл сытыа, оччоҕо Илья Муромец курдук бухатыыр буолуоҕа, дойдутун (уҥа ытыһынан хааһын үрдүнэн чарапчыланна) уонна норуотун (хаҥас ытыһынан чарапчыланна) быыһыаҕа. Итэҕэйбэт буоллаххытына, кэлэн тутан да көрүҥ – кини ырбаахытын иһинэн тимир куйахтаах, онтуката бэйэтин кытта тэҥҥэ улаатар, – диэт, убайым Кеша кэлэн кэпсээнин бигэргэтэн обургу соҕустук, тыастаахтык гиипсэбин тоҥсуйталыыра. Кини кэнниттэн оҕолор биир-биир кэлэн ким оргууй аҕай, ким күүскэ тоҥсуйан көрөллөрө. Оннооҕор биирдэ маннык түгэн буола сылдьыбыттаах:
– Ээ, ити диэн киниэхэ кыра! Көрүҥ эрэ, – диэт, Кеша маҕыйа түһээт, хаһыытыы-хаһыытыы швабранан миигин түөскэ саайталаата. Үһүстээн охсубутугар, швабратын уга тосту барда. – Көрдүгүт дуо, итэҕэйдигит дуо, биһиги Ванябыт чахчы бухатыыр буоларын?! Куоста даа, эн биһиэхэ – кыраларга киэптээн бүт! Бырааппыт «Бухатыыр Ваня» атаҕар туран кэллэҕинэ, эйигин одной левой биирдэ эрэ саайыаҕа – эн Америкаҕа көтөн хаалыаҥ! Өйдөөтүҥ дуо? – диэтэ Кеша. Онуоха улахан уол: «Өйдөөн-өйдөөн», – диэн хардарда. Оҕолор: «Чакырдар бэйэбит бухатыырданыыһыкпыт!» – диэн астынан, аймалаһа-аймалаһа дьиэлэригэр тарҕаһан эрдэхтэринэ, Кеша:
– Оҕолоор, рыцардаах оонньуоххайын! Мин Александр Невскэйбин! Крестоносецтар ханна бааргытый? – диэт, мас кынчаалын ылла, оһох холумтаныгар умса сытар чугуун горшогу төбөтүгэр кэттэ. – Чэ, киирсии саҕаланна!
Балаҕан иһигэр баар оҕолор бары иһит былдьасыһан айдаарыстылар: ким эрэ биэдэрэ, ким эрэ көстүрүүлэ, сорохтор туос ыаҕас, маппыттар мас кытыйа ылан төбөлөрүгэр кэтэн «шлем» оҥоһуннулар. Куруук илдьэ сылдьар мас саабылаларынан бэйэ-бэйэлэрин «шлемҥа» саайсаннар, тыас-уус, хаһыы-ыһыы бөҕөнү таһаардылар. Ким да кими да көрбөт буолан, хас биирдии оҕо бэйэтин эрэ тыынын көмүскээн, салгыны саабыланан сабыыра. Мин көрдөхпүнэ, «биһиэннэрэ» уонна «крестоносецтар» ханна бааллара биллибэт. Арааһа бары «Александр Невскэйдэр» быһыылаах. Хаһыы-ыһыы, айдаан-куйдаан хойдон эрдэҕинэ: «Хайа, бу туохпутуй?! Туох сэриитин тартыгыт?» – диэбитинэн аҕам киирэн кэллэ. Оҕолор иһиттэрин түҥ-таҥ быраҕаттаан, куотар аакка түстүлэр. Арай Кеша эрэ «шлемын» устубакка турар.
– Улахан уол, хайа бу чугуун иһиккин устуоххун! Тугу гына турдуҥ?
– Уһуллубат ээ, – диэн ытаан эрэр куолас чугуун иһиттэн иһилиннэ.
– Чэ, уһуллубат буоллаҕына итигирдик сылдьаргар тиийэҕин. Куруук илдьэ сылдьаары кэттиҥ ини. Ытаама, төбөҥ үллэн хаалыаҕа, – диэн аҕабыт кыыһырбытыгар, марылаччы ытаан эрэр Кеша ах барда.
Аҕам чугууну устаары балачча өр хачыктаһан көрдө да, кыайбата. Хантан истэ охсубуттара буолла, балаҕан иһэ көмөлөһүөн баҕалаах эр дьонунан туолла. Арааһы барытын сүбэлээтилэр. Ыраах сиринэн тэлэһийэр, элбэҕи көрөр-билэр, куруук дьоҥҥо сүбэ-ама буолар, бөһүөлэк кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэ, почтальон Башка оҕонньор – Өлөксөй Шестаков: «Аммаҕа хомунаалынай хонтуора диэн тэрилтэ баар. Ол олбуоругар дыыгыныыр тимир холбуйаны көрбүттээҕим. Ол дьааһык боробулуохата уотунан сырдырҕыыр, хайа да бэйэлээх тимири быһар. Ол малы сыбаарка диэн ааттыыллар. Бу Киэсэ уолу сарсын Аммаҕа атынан почта ыла таарыйа илдьэ киирэн, ол сыбааркаҕа чугуунун быстарыахха», – диэтэ.
Ким да мантан атыны, мантан өйдөөҕү этэрэ суох буолан, бары саҥата суох аҕам диэки көрөн олордулар. Утуу-субуу бары тахсан бардылар. Аҕам таһырдьаттан эт эттиир чуурканы уонна мас орону киллэрдэ. Орон атахтарын чуурканы кытта тэҥнии эрбээтэ. Кешаны чугууннаах төбөтө чууркаҕа буолар гына ороҥҥо сытыарда уонна кыра бырааттарбынан чугуун иһигэр, Кеша төбөтүн тула таҥас сыыһын симтэрдэ, кулгааҕын баатанан бүөлэттэ. Бэйэтэ уһанар дьиэтиттэн балта дэнэр аарыма улахан өтүйэни аҕалла. Кеша сирэйин үрдүнэн чугуун иһиккэ аҕам хаҥас ытыһын симтэ. Уҥа илиитинэн балтанан, ытыһа баар сирин диэкинэн, чугуун горшогу хампы саайда. «Александр Невскэй» босхолонон үөрбүт сирэйэ көстүбүтүгэр, дьиэ иһинээҕи дьон бары үөһэ тыынныбыт.
Киэһэ утуйаары сытаммын бүгүҥҥү күнү ырыттым. Бүгүн миигин Чакыр оҕолоро улааттаҕына бухатыыр буолуо, дойдутун уонна норуотун быыһыаҕа диэтилэр. Аата үчүгэйин! Бэҕэһээҥҥэ диэри улахан дьон миигин моруу буолан өлүөҕэ, киһи буолбат оҕо дииллэрэ. Хайаларыгар итэҕэйиэх бэйэбиний? Олоҕу лаппа билэр дьон тылын иһиттэхпинэ, хайдах да киһи-хара буолар кыаҕым суох. Тыыннаах ордор баҕаттан дэриэбинэбит сыыҥ-сыраан аллыбыт оҕолоругар итэҕэйэргэ тиийэбин. Итинтэн ыла мин олоҕум лаппа чэпчээбитэ диирим омуна суох. Өлөрбүн кэтэспэт буолбутум. Мин, бэйэбин төһө да музей экспонатын курдук сананан сыттарбын, бухатыыр буолуохтаахпыттан үөрэрим. Аны да сүүрбэ сэттэ сыл сытарга бэлэм этим.
* * *
– Кеша, ийэлээх аҕабыт ханналаабыттарай? Ити ким кэлэн биһигини аһатан барда?
– Мааҕын аҕабыт, Шестаков Башка атын уларсан, ийэбитин Аммаҕа илдьибитэ. Биһиэхэ кыыспыт суох, онон ийэбит кыыс оҕо атыылаһыахтаах.
– Ол кыыс диэн тугуй?
– Биһиги бары уолаттарбыт. Ким да иһит сууйуон баҕарбат. Кыыс кэллэҕинэ, онон дьарыктаныа буоллаҕа. Оттон ити биһигини Ынахтаахтар ийэлэрэ аһатан барда.
Таһырдьа оонньуу ойбут оҕолору харахпынан атаардым, толкуйга түстүм: «Кыыс диэн туохтара эбитэ буолла? Ээ, өйдөөтүм! Кыыс диэн иһит сууйар эбит», – диэн быһаардым. Мин улааттахпына наһаа үчүгэй үлэһит буолуом, элбэх да элбэх харчы мунньунуом уонна аҕам бачча сааһырыар диэри кыайан атыыласпатах иһит сууйар тэрилин атыылаһыам, оччо ыарахан сыаналааҕы көтөҕө сылдьыам, наһаа харыстыам.
Ийэм Аммаҕа барыаҕыттан ыла, аҕам миигин ороҥҥо буолбакка, тобугар көтөҕөн олорон эрэ аһатара. Улахан сылабаартан биһиги хончоҕордорбутугар итии чэй кутан биэртэлиирэ. Мин барыларын кытта бииргэ аһыыр буолбуппуттан астынарым. Остуолга аһыахпыттан, билиим-көрүүм да кэҥээбитэ. Ороҥҥо сытан ыраахтан ымсыырар малларбын тутан-хабан көрөр кыахтаммытым: «Уу диэн сылабаартан тохтор буолар эбит. Итиитэ сүрдээх, киһи илиитин сиир. Маҥан палаата лаампатын курдук дьиэни сырдатар кыраһыын лаампата диэн баар, ол эмиэ киһи илиитин сиир эбит. Дьиктитэ диэн, сылабаарга дьон күлүгэ уһун-синньигэс буолан көстөр». Аан бастаан бэйэм хайдах сирэйдээхпин сылабаарга көрөн улаханнык соһуйдум: «Тыый, бу сирэйим-хараҕым хайдах бачча уларыйбытый? Хаарыан сырдык күөх хараҕым харааран хаалбыт! Хаарыан сап-саһархай баттаҕым хап-хараҕа кубулуйбут!»
Ол киэһэни быһа тоҕо, туохтан маннык уларыйбыппын быһаара сатаан, толкуйга түспүтүм. «Арааһа, сахалары кытта олорор буоламмын, баттаҕым-хараҕым хараарбыт. Кинилэр курдук буолан эрэбин быһыылаах», – диэн түмүккэ кэлэн уоскуйбутум.
«Ваня, Ваня! Өрүс мууһа барда! Киһи барыта хайаан да мууһу атаарыахтаах! Атаарбатахха – аньыы, сайыммыт тымныы буолуо, от-мас, сир аһа үүнүө суоҕа, сөтүөлүөхпүт суоҕа!» – убайдарым-бырааттарым омуннура-омуннура, миигин тэниччи тардыллыбыт суорҕаҥҥа көтөҕөн, өрүс кытылыгар илтилэр.
Өр кэтэспит сайыҥҥыт үтүө-мааны буолуо диэбиттии, күнэ чаҕылыйан, сырдыга-сылааһа сүрдээх этэ. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр, хаһан да парааттаабат Чакыр олохтоохторо бука бары кытылга бааллара. Миигин, суорҕаҥҥа сууламмыт оҕону, убайдарым икки өттүбүттэн өйөөн, ыскаамыйаҕа олордубуттара. Аттыбытыгар, саҥа быган эрэр окко олорон эрэ, дьахталлар ийэбиттэн истибит ырыаларбын ыллыыллара. Ону истэ-истэ, мин ийэбин көрүөхпүн баҕарарым өссө күүһүрбүтэ. Ахтыбыт да эбиппин, ийэм нарын куолаһын! Суохтаабыт да эбиппин, ийэм кэрэ мичээрин! Көрбөтөҕүм ырааппыт даҕаны, ийэм оһоххо ас астыырын, амсайбатаҕым өр да буолбут, ийэм барахсан минньигэс аһын-үөлүн! Ийэбин кытта тэҥҥэ үөрсэрим, хас биирдии сибэкки тылыннаҕын аайы. Ийэбиниин тэҥҥэ ыллаһарым, нууччалыы ыллаабыт ырыаларын!.. Арба даҕаны, ийэм нууччалыы билбэт эрээри, хайдах нууччалыы ыллыыра буолуой? Москуба учуутала үөрэппитэ буолуо дуо? Ийэм кэллэҕинэ ыйытыаҕым. Ийэм кэлэ охсоро буоллар!
– Балбаараа! Маа-йаа! Өрүүнэ-ээ! Мин Башканы көрүстүм, – диэн хаһыытаабытынан ийэм дьүөгэтэ дьахталларга сүүрэн кэллэ.
– Башка оҕонньор ындыылаах атынан Амматтан почта аҕалбыт. Өрүһү муус хоҥнуон эрэ иннинэ, мүччү-хаччы туораабыт. Миигинэн Дьуона оҕонньорго илдьит ыытта. Татыйаас уолламмыт үһү. Ону өрүс ырааһырдаҕына Дьуона киирэн ылыа үһү.
Дьахталлар убайдарбар-бырааттарбар:
– Иһиттигит дуо? Ийэҕит өссө биир уолу атыыласпыт. Саллааттар эбиллибиккит. Дьэ, мантан ыла мээнэ мэниктииргит, сүүрэргит-көтөргүт тохтуура буолуо. Оҕоҕутун көрөр буоллаххыт дии, – диэтилэр.
– Бу суорҕаҥҥа сууламмыт хайаларын оҕотой? Тоойуом, аатыҥ кимий?
– Хайа, билбэккин дуо? Оттон ити Дьуона оҕонньор босхоҥ оҕото дии. Итинтикэҥ сахалыы билбэт. Аата Тоҥ Нуучча Уйбаан.
– Татыйаас, дьүөгэм Татыйаас барахсан! Бэйэтин олох харыстаммат. Сыл аайы оҕолонор. Ыарахан үлэҕэ үлэлиир да, олох сынньаммат. Былырыын «трудодень аахсабын» диэн ааттаан, үлэлии сылдьан, бурдук ыскылаатыгар оҕолоно сыспыта. Сүрэҕэ мөлтөх ээ, хата этэҥҥэ быыһаммыт дии. Ааранан мин ыксыыр этим, кыайан быыһамматаҕына, бачча кыра оҕолору аҕалара Дьуона соҕотоҕун хайдах атахтарыгар туруортуур диэн. Сааһа да ыраатта.
– Ол сааһа ыраатта диэн төһөтө буолла?
– Татыйаас миигин кытта саастыы, отут аҕыстаах. Оҕонньоро Дьуона киниттэн уон тоҕус сыл аҕа, ол аата биэс уон сэттэтэ буоллаҕа.
Өрүс ырааһырбыт күнүгэр ийэбитин уонна кыракый бырааппытын аҕала аҕабыт Аммалаабыта. Сарсыныгар сарсыарда баата суорҕаҥҥа сууламмыт кып-кыра оҕону көтөҕөн киллэрэн, мин аттыбынааҕы оҕо оронугар сытыарда. Ол кэнниттэн, чочумча буолаат, дьон бөҕө кутуллан киирдэ. Дьиэ ортотугар икки олоппоско кыһыл дьааһыгы киллэрэн уурдулар. Миигин икки убайым хонноҕум анныттан ылан, өйөөн кыһыл дьааһыкка аҕалбыттара. Көрбүтүм, биһиги ийэбит тоҕо эрэ онно сытара.
– Ийээ, ийээ! Тоҕо бу кыһыл дьааһыкка киирэн сыттыҥ? Тур ээ, ийээ, тур! Эн суоххар наһаа куһаҕан этэ. Дьиэбитигэр ким да үөрбэт-көппөт, ким да ыллаабат, ким да ас астаабат, ким да сибэккилэргэ уу куппат, ким да сибэкки тыллыбытыттан үөрбэт. Тур, ийээ, тур! – диэбиппэр, мустубут дьон кистии-саба харахтарын уутун соттубуттара. Миигин төттөрү ороммор илдьэн сытыарбыттара. Кеша икки ытыһынан илиибин ыга тутан баран:
– Аны ийэбит хаһан да кэлбэт. Кини анараа дойдуга барда, – диэбитэ.
– Ол анараа дойду ханна баарый?
– Ыраах да ыраах.
Хаамар кыахтаахтар бары кыһыл дьааһыгы илдьэ тахсан барбыттара. Ийэбитин букатыннаахтык сүтэрбиппитин өйдүүр кыаҕа суох икки оҕо ороҥҥо сытан хаалбыппыт.
Ийэм баарыгар киэһэ буоларын, дьиэҕэ бары мусталларын кэтэһэр этим. Минньигэстик аһыырбыт, ол кэннэ аҕабыт оһох иннигэр уһанара, оттон ийэбит биһиэхэ остуоруйа кэпсии-кэпсии таҥас сыыһынан оонньуур тигэрэ эбэтэр ырыа ыллыы-ыллыы таҥас абырахтыыра. Ийэбит суох буолбутун кэннэ, киэһэ буолла да, убайдарым-бырааттарым оронноругар сытан эрэ уора-көстө ытаан сыҥсырыһаллара. Оннук кэмнэргэ аҕабыт, уһана олорор үлэтин быраҕан, ийэбит олоппоһугар көһөн, араас кыыллар-көтөрдөр, оттор-мастар олохторун туһунан кэпсээн, биһигини аралдьыта сатыыра. Аҕам кэпсээнин истэ сытан утуйан хаалар быһыылааҕым, ол иһин салгыытын, сарсыардааҥҥа диэри, түүл гынан көрөрүм.
Биир киэһэ аҕам кэпсээнин «кыталык» диэн тылтан саҕалаата. Кэпсээн уутугар-хаарыгар киирдэҕин аайы, сирэйэ-хараҕа сырдаан, тыла-өһө сымнаан, көрөрө-истэрэ уоттанан, мичилийэн ылара элбээн истэ. Ол аайы мин аҕабыттан толлорум сүтэн иһэргэ дылы гынна, үчүгэй да киһи оҕото эбиппин дии сананным. Кини кэпсээниттэн биир да тылы мүччү ыһыктыбатарбын ханнык диэн болҕойон иһиттим:
– Бу орто дойду олоҕо барыта Үрүҥ Аар Тойонтон тутулуктаах. Кини тохсус халлаан үрдүттэн барытын көрө олорор. Бу дьоллоох буолуон сөп диэбит киһитигэр айыы көтөрүн – кыталыгы ыытар. Ол иһин былыыр-былыргыттан кыталык киһиэхэ дьолу тосхойор, дьолго көстөр дииллэрэ. Үрүҥ Аар Тойон уһулуччу сөбүлээбит киһитигэр кыталыктар сааскы үҥкүүлэрин көрдөрөн, үс бүк дьоллуур. Кыталыктар үҥкүүлээн ааспыт сирдэрэ дьон уоһуттан түспэт, ытык сир диэн ааттанар, – аҕам кэпсээнин түмүктээтэ.
Түүн устата утуйбакка, араас санааҕа ыллардым: «Кыталык киһиэхэ дьолу аҕалар эбит. Миэхэ, оронтон турбат оҕоҕо, дьол диэн туран хаамар, оҕолору кытта тэҥҥэ сүүрэ-көтө, оонньуу-көрүлүү сылдьар буолуу. Кыталыктары бэйэлэрин эрэ көрөрдөөҕөр, үҥкүүлэрин көрбүт лаппа ордук эбит. Кыталык үҥкүүтүн көрдүм да, үс бүк дьоллоно түһэбин. Бастакы дьолум диэн – туран хаамыы, иккис дьолум – ийэбин булуу. Хаама сылдьар киһи «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ тиийэрим чахчы, ол сиртэн ийэбин дьиэбэр сиэтэн аҕалыам этэ. Оттон үһүс дьол туохха наада эбитэ буолла? Толкуйдуу сатаатым да, кыайан тобулбатым, онон үһүс дьолум саппааска сырыттын, улааттахпына наада буолуо», – диэн быһаардым.
Сарсыҥҥы күнүгэр «кыталык» диэн тыл санаабыттан арахпата. Аҕам кыталыгы кэрэттэн-кэрэ диэн кэпсээбитэ. Оттон кэрэ, кыраһыабай диэн тугуй? Маҥан палаатаҕа кэрэ, кыраһыабай диэн мин уруһуйдарбын ааттыыллара. Сиэстэрэлэрим уонна палаатам уолаттара хартыыналарбын көрө-көрө үөрдэхтэринэ, мин тэҥҥэ үөрсэрим. Кыталык диэн хайдах эбитэ буолла? Арааһа туох эрэ ураты дьикти, уһулуччу көстүү буолуохтаах. Ол кыталык диэн дьиктини көрдөҕүнэ, оннооҕор хаһан да үөрбэт, мичээрдээн да көрбөт, киһи көрө-көрө толлор оҕонньоро – биһиги аҕабыт кытта дьоллонуон сөп эбит. Аҕам бэйэтэ инньэ диэн кэпсээтэ. Арай мин ол кыталык диэннэрин уруһуйдуум! Мин көрбүппүн өссө тупсаран уруһуйдааччыбын ээ. Ол кэпсиир кэрэлэрин өссө тупсаран уруһуйдаан, дьоммор көрдөрөрүм буоллар, кыталыктан: «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ барбыт ийэбитин төнүннэр», – диэн көрдөһүө этибит. Оччоҕо кини, биһигини дьоллоору, ийэбитин аҕалыа этэ.
– Кыталык диэн хайдаҕый, миэхэ кэпсээҥ эрэ. Мин уруһуйдуом этэ. Үчүгэйдик уруһуйдуурбун бары билэҕит дии?! – диэтим убайдарбар.
– Кыталык диэн туруйа курдук буолан баран, маҥан эрэ.
– Оттон туруйа диэн хайдаҕый?
– Туруйа диэн кубаны дуу, хааһы дуу уһун атахтаабыт курдук.
– Ол куба дуу, хаас дуу диэн хайдаҕый?
– Хайа-а, хааһы билбэккин дуо? Куһу улахан гына уруһуйдаа да, бүттэҕэ ол дии, хаас буолан тахсар.
– Мин кус да хайдаҕын билбэппин ээ.
– Акаары эбиккин буолбат дуо! Куһу баҕас хайдах билбэккин? Оннооҕор бу кыра оҕолор билэллэр дии! Кус диэни эйиэхэ хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла?.. Ээ, биллим! Куурусса баар буолбат дуо, куурусса! Ону кыраһыабай уонна «мээт-мээт» дии-дии ууга уста сылдьар гына уруһуйдуугун – вот тебе и кус!
– Мин куурусса диэни билбэппин ээ. Биһиэхэ маҥан палаатаҕа туруйа да, куба да, кус-хаас да, куурусса да эмтэммэтэхтэрэ. Онно уолаттар эрэ сыппыппыт.
– Саатар сымыыты билэр инигин? Бүгүн сиэбиппит дии?!
– Билээн-билэн!
– Ну, вот! Сымыыты куурусса биэрэр, ол кууруссаны кыраһыабай, уста сылдьар дуу, көтө сылдьар дуу гына оҥороҕун, онтукаҥ кус дэниэҕэ. Арыый улаатыннардыҥ да хааска дуу, кубаҕа дуу кубулуйар. Уһун атахтаатыҥ да туруйа. Туруйаҕын маҥан гына кырааскалаатыҥ да кыталык буола түһэр! Киһи өйдөөбөтө диэн манна туох баарый? Барыта боростуой дии!
– Мин син биир тугу да өйдөөбөтүм. Кыталыгы хайдах оҥорорбун быһаар.
– Айыкка, ыйытан бүт. Кууруссаны да билбэт киһиэхэ быһааран да диэн!
– Кеша, быһаар-быһаар! Мин өйдүү сатыаҕым, куурусса диэн тугун.
– Эйиэхэ куурусса наада дуу, кыталык дуу?
– Кыталык! Кыталык!
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?