Электронная библиотека » Иван Дьячковский » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 11:00


Автор книги: Иван Дьячковский


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Үчүгэй да күн буолла! Бүгүн көтөрдөр миигин бэйэлэригэр чугаһаттылар. Аҕам үөрэҕин тутустум: көтөрү-сүүрэри үргүппэтим, сытар ынаҕы туруорбатым, күөх оту тосту үктээбэтим. Тыынар тыыннаах миигиттэн куоппата. «Бэйэбит киһибит түөрэҥэлии сылдьар» диэтилэр быһыылаах.

Дьиэбэр чугаһаабыппар, оскуола калиткатыгар турбут оҕолор миэхэ сырсан кэллилэр:

– Хайа, Ваня, бу эн хантан кэллиҥ?

– Мин эһигини ситиэхпин баҕарбытым да, уһун күөлгэ эрэ тиийдим. Эһиги төннөн иһэргитин тоҕо көрбөтөхпүнүй? Ханан кэллигитий?

– Уһун күөлгэ даа? Ол аата Быллараакка тиийэ сылдьыбыккын. Эчи ырааппытын! Оттон биһиги манна ипподром аттыгар хатыҥ чараҥҥа сырыттыбыт.

– Ээ, Муона алааска сылдьыбыт эбиккит дии. Кырдьык да чугас. Онно тугу көрдүгүт?

– Биһиги онно аһаатыбыт, оонньоотубут уонна төттөрү кэллибит. Бу ньургуһун үргээтибит.

– Оттон мин араас көтөрдөрү көрдүм. Кинилэр бары ыллыы-туойа, үҥкүүлүү сылдьаллар. Онтон улахан, туруйаҕа майгынныыр көтөрдөр кэлбиттэрэ. Көтөллөрүгэр моойдорун токуруталлар. Кинилэр күл өҥнөөхтөр. Саһархай тумустаахтар, кэтэхтэригэр хара синньигэс баттахтаахтар. Кынаттарын уһун куорсуннара харалар.

– Мин билэбин, ол мас туруйалара – эһирдэр, – диэтэ Боря.

– Ол сахалыыта эһир, нууччалыыта «серая цапля» диэн көтөр, – быһаарда барыны бары билэр уолбут Лёня.

– Ньургуһуннары тоҕо үргээтигит? Аһыммаккыт дуо?

– Ээ, онно ньургуһун элбэх. Дьиэбитигэр илдьэн дьоммутун үөрдүөхпүт.

– Кэрэ тыыннааҕар эрэ кэрэ. Эһиги дьоҥҥутун үөрдүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, кинилэри айылҕаҕа илдьэн, үүнэн турар ньургуһуннары көрдөрүҥ, – диэт, олбуорбар киирдим.

Ол күнтэн ыла Быллараат диэн күөл аттынан күн аайы ааһар буоллум. Төһөнөн дьиэбиттэн тэйэбин да, соччонон кыталык үҥкүүтүн көрбүт кытылым чугаһыыра күүспэр күүс эбэр, санаабын бөҕөргөтөр. Суруктаах тайах маһым күнтэн-күн аайы иннин диэки сыҕарыйдар-сыҕарыйан истэ.

Бүгүн уҥуоргута көстүбэт бурдук бааһынатын кытыытыгар кэллим. Ыам ыйа ортолоһон, лаппа сылаас. Бэҕэһээ хаалларбыт тайах маспын туура тардаат, саҥа хорутуллубут бааһынаҕа үктэнээт, икки атахпынан батыллан хааллым. Хас да чааһы быһа астаһан, сыралаһан, сыыллан кэриэтэ бадараантан тахсан, тайах маспын бэҕэһээҥҥи сирбэр төттөрү туруордум. Бу киэҥ нэлэмэн бааһынаны кыайан туоруо суохпун. Бүгүн тайахпын биир да хардыыны сыҕарыппатым. Хата батыллан өлбөтөхпөр баһыыба диэн ытыы-ытыы дьиэбэр төнүннүм. Олбуорбар хортуоппуй оҕуруотун көрөммүн сэргэхсийдим. Хата манна бааһынаҕа сатаан хаамар буоларга үөрэниэм диэн санаам чэпчээтэ. Күн аайы, күҥҥэ хаста да, хортуоппуй оҕуруотун тэпсэн аҕабыттан мөҕүллэрим. Сынньаммакка эрэ оҕуруоппун төттөрү-таары туоруур буолаат, эмиэ бааһынабар тиийбитим. Ол күнтэн ыла тайах маһым бааһына ортотун    диэки айаннаан барбыта.

Бааһынаны уҥуордуу сатаабытым төрдүс ыйа бүтэн эрэр. Бу кэм устата бааһынам өҥө бэсиһин уларыйда: бастаан саҥа хоруллан кугас, онтон бурдук быган от күөх, ол кэнниттэн улаатан, маҥхайан көстөр буолбута, онтон туораахтанан саһарбыта, билигин сэлиэһинэй ситэн-буһан, туорааҕа тохторо чугаһаан, кытаран көстөр. Бааһына кытыытыгар төһөнөн чугаһыыбын да, соччонон тиийэ охсор баҕам күүһүрэн истэ.

«Бүгүн хайаан да бааһынам уҥуоргу кытыытыгар тиийиэм» диэн санаабын толороору, төһө да сылайдарбын, инним диэки баран истим. Сылайан, утатан, итииргээн, илиим-атаҕым сап-салыбырас буолла, хаппыт буорга умса баран түстүм. Дьиэбэр төннөр күүс-сэниэ ордорумматахпын диэн акаарыбыттан кэмсинэ санаатым. Атырдьах ыйын бүтэһик күнэ диэтэххэ, күммүт суоһаабыта сүрдээх дии! «Таммах уу көмүстээҕэр күндү» диэн дьэ манныгы этэн эрдэхтэрэ. Бүгүн дьиэбэр кыайан төннүбэтэхпинэ, аны уонча хонугунан, бурдук быһааччылар мин манна хатаччы хатан сытарбын булан ылыахтара уонна: «Оо, бу Дьуона оҕонньор уола эрэйдээх тугу көрдөөн манна кэлэн быстараахтаабытай? Били почтаҕа саҥа начальник кэлбитэ дии, Мировов диэн?! Ол киһи хатарбыт «вяленай чебак» диир күстэҕин курдук хатаччы хаппыт дии, бу уол!» – дэһиэхтэрэ. Оо дьэ, таах сибиэ бачча ыраах кэлэн! «Знать не можешь доли своей, может крылья сложишь посреди степей» диэн ырыаҕа оруобуна миигин эппиттэр быһыылаах. Хайа, тыалырда дии! Бу абыралы! Сөрүүкүү охсоору тобукпар турдум. Арай көрбүтүм, киэҥ нэлэмэн бааһына бурдуга муоралыы долгуннура турар эбит. Күп-күөҕүнэн чэмэличчи көрөн турбут ып-ыраас халлааҥҥа, бытархай эрээри үллүбүт-баллыбыт, хап-халыҥ хараҥа түгэхтээх маҥан баата төбөлөөх былыттар «биһигини туох да кыайан тохтотуо суоҕа» диэбиттии суостаахтык, күнү хаххалаан, миигин сөрүүкэтээри гыммыттыы, мин диэки чугаһаан, кимэн киирэн истилэр. Былыттар күлүктэрэ түргэнник элэҥнээн ааһаллар. Мин харахпар бурдук бааһыната эмискэ уйаара-кэйээрэ биллибэт муораҕа кубулуйда, мин санаабар хапытааннаан иһэр хараабылым түргэнэ сүрдээх. Хара долгуннары (былыт күлүктэрин) түргэнник ситэн ааһабын. Сырдык долгуннар миигин кытта күрэхтэһэргэ дылылар. Соторутааҕыта аахпыт кинигэбин саныы биэрдим. Тыал диэки хайыспытынан ойон тураат, хаһыытаан ыыра бардым: «Да здравствует ветер, который в лицо! Я знаменитый адмирал Дьячковский. Я начальник северной арктической экспедиции. За мной десять кораблей. Мы обязательно найдём Землю Санникова, птиц счастья – розовых чаек и пропавший народ – онкилонов!» Бу хаһыытыы турдахпына, бэйэтэ да күүстээх тыал эмискэ лаппа күүһүрдэ, мин «аатырбыт улуу адмирал» буоларбын билиммэккэ, сууллары дайбаан түһэрдэ. Дьэ, уонна утаппытыҥ, суоһаабытыҥ сүрдээх этэ дии диэбиттии, ардах тыбыс-тымныы ыаҕастаах уунан курулаччы куппутунан барда. Хатаччы хатыахтаах киһи кэтэхпиттэн кээнчэбэр диэри бүтүннүү бадараан буоллум. Бу үлүгэр ардахха, бачча тымныы тыалга, бу кута бадарааҥҥа хайдах да гынан дьиэбэр төннөр кыаҕым суоҕун өйдөөммүн, марылыы-марылыы ытаатым. Мин акаарыбын сэмэлиирдии, сотору-сотору этиҥ этэн лүһүгүрэтэр. Эмискэ тоҕо эрэ сырдаан хаалла. Соһуйаммын, төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, түһэ турар ардах уута күҥҥэ күлүмүрдүү кылабачыйар. Тыал тохтоон, сылыйбыкка дылы буолбут. Ардах уоскуйан, уостан барда. Арай, уҥа диэки хайыһан көрбүтүм, доҕоор, мин илиибинэн уунан тиийэр сирбэр сэттэ араас дьэрэкээн өҥүнэн арылыйан кустук түһэн чаҕылыйа оонньуу турар эбит! Бу кустук курдат айылҕа олус да тупсан, кэрэтийэн көстөр! «Арай мин ити кустук иһигэр киирэн хаалыым! Тула өттүм төһө эрэ кэрэтийэн, киэркэйэн көстөр! Көрбүт киһи-и, сэттэ өҥнөөх күнү, сэттэ өҥнөөх хайаны, сэттэ өҥнөөх өрүһү, сэттэ өҥнөөх халлааны! Уруһуйдуом да этэ, көрбүппүн!» ити санаа миигин атахпар туруорда. Сылайбыппын умнан, кустук диэки хардыылаатым. Кустугум тоҕо эрэ туттарыахча-туттарбакка, ситтэриэхчэ-ситтэрбэккэ, оргууй аҕай тэйдэр-тэйэн истэ. Ытаамаары уоспун быһа ытыраат, кедабар сыстыбыт бүтүн буут бадарааны тэбии-тэбии, халтарыйан охтон ыла-ыла, кустукпун эккирэттим. Кыһыытын даа, кыһыытын, кустугум куоттар-куотан иһэр, абатын даа, абатын, кыра сэниэ сыыһа баҕалаах! Бу үлүгэр сылайбатаҕым буоллар, кустугу сиппитим ыраатан, баҕам хоту сэттэ өҥнөөх күнү астына одуулуу турар буолуом этэ! Төһөнөн түргэнник сүүрэбин да, соччонон түргэнник кустугум миигиттэн тэйдэр-тэйэн истэ уонна сүттэр-сүтэн, салгыҥҥа суураллан хаалла.

Бу туран көрбүтүм, били аҕам кыталык үҥкүүтүн көрдөрбүт сиригэр, Амма өрүс кытылыгар турар эбиппин. Үөрүөхпүн да, хомойуохпун да билбэтим. Бу сылтан ордук сыралаһан туран, бэйэм хааман кэлбит, өйбүттэн-санаабыттан арахпатах, куруук миигин угуйбут «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ кэлбитим – кыталыктарым олох да суохтар. Ийэм олордубут сибэккилэрэ эмиэ көстүбэттэр. Бу сир тоҕо маннык уларыйда? Урут бу сарай суоҕа. Бу алдьаммыт техника хантан манна кэллэ? Туох айылаах элбэх буочукаларай? Онно-манна ыһылла сытар араас көлүөһэлэр, ол-бу тимирдэр, дьааһыктар, кууллар, умайбыт саппыкылар, бытыылкалар, бааҥкалар, онон-манан тарҕана сытар уокка оттуллар мас… Сыта куһаҕаныын! Бу сир барыта солярка сыттаммыт. Аны бу сиргэ кыталыктар үҥкүүлээбэттэрэ чахчы. Ийэм да сибэккилэрэ үүнэллэрэ саарбах. Уруһуйдуурум курдук, кыталыктары сибэккилээх хонууга үҥкүүлүүллэрин көрүөхпүн баҕарбытым. Аны ханна көрдүү барабын, кыталыктарым үҥкүүлүүр сибэккилээх хонууларын? Ыксыахха наада, оннук сиртэн кинилэри дьон үргүтэ илигинэ!..

Киэһэрэн, хараҥаран барда. Аччыктаатым аҕай! Харыстыы-харыстыы сиэбит килиэбим хоруоската бүппүтэ ыраатта. Аныгы сырыыга дьиэбиттэн ыраах барарбар, өйүөбүн сиэппэр ылбакка, убайым үрүсээгэр уктар буолуом. Оччоҕуна маннык аччыктыам суоҕа. Ол үрүсээкпэр өссө инчэйбэт уонна сылаас таҥаһы, испиискэ уонна чэй өрөр кыракый бааҥка ылар буолуом. Ычча-ычча-а! Халлаан халлыаҕынан халынна. Күнүс наһаа итийбитин боруостаан, салгын тымныйдар-тымныйан истэ. Таҥаһым чараас буолан, түргэнник куурбута эмиэ үчүгэйгэ дылы. Ол эрээри бу хаһыҥҥа таҥас буолан улаханнык абырыа суох. Бүгүн мин өлөрбүн дуу, тыыннаах ордорбун дуу көрөөрү, сулустар чаҕылыччы тыкпыттара сүрдээх. Хамсаабакка турдахха, киһи манна тоҥон өлүүһү. Хаамар буоллахха, дьиэм хайысхатынан – бааһынам диэки хаамтахпына сатанар. Чэ, бу кумах кытыл устун киһи өссө хаамыан сөп. Оттон бааһынам баар ээ, бааһынам! Онно үктэнним да, олох сууллубатахпына сатанар. Суулуннум да, бүттэҕим ол – бадарааҥҥа хам тоҥобун. Дьиҥэр, бу «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ ийэм баар буолуохтаах этэ ээ. Уопсайынан, бүгүн букатын табыллыбатым: кустугу да сиппэтим, үҥкүүлүү сылдьар кыталыктарбын да көрбөтүм, ийэбин да булбатым. Ээ, арба да, билли-им-биллим, бачча хараҥаҕа ийэбин хайдах буларбын! Мааҕыттан быһа ийэм ырыаларын ыллаабаккабын! Куоласпын истэн, ийэм миигин хайыы-үйэҕэ булбута ыраатыа этэ. Оччоҕо билигин мин сибэкки ортотугар ийэм минньигэс аһын аһыы олорор буолуом этэ. Бачча чуумпуга мин ырыам ыраахха диэри иһиллэр буолуохтаах.

Инньэ гынан, ийэм намыын ырыаларын ыллыы-ыллыы кытылтан тахсан, бааһынабар тиийдим. Ыллыырбыттан төһө да дууһам чэпчээтэр, кутталым намырыйдар, бадарааны кытта киирсиигэ намыын ырыа сөп түбэспэт. Онон ийэм бытаан, киэҥ, холку сахалыы ырыаларыттан нууччалыы байыаннай, түргэн тэтимнээх ырыаларыгар «көстүм». Саллааттар диэн хорсун дьон ырыалара чахчы да киһи санаатын күүһүрдэр, бэл мин саллаат буолбатах киһи сылайбыппын, аччыктаабыппын, тоҥмуппун, хараҥаттан, бадараантан, сулустартан куттанарбын умуннум. Оо, Амма уоттара көһүннүлэр! Күлүмүрдээн, ыраахтан олох куорат курдук көстөр эбит дии!

Ол хараҥа, тымныы түүн «По военной дороге шёл в борьбе и тревоге боевой восемнадцатый год», «Шёл отряд по берегу», «Эх, тачанка-ростовчанка!», «По долинам и по взгорьям», «Эх, дороги», «Смуглянка» курдук гражданскай сэрии кэминээҕи ырыалары ыллаан, аҕыстаах оҕо чаҥкынас куолаһа бааһынаны биир гына аймаабыта.

Дьонум утуйа сыталлар диэн, дьиэм аанын оргууй аҕай сэгэттим. Тыыммакка эрэ үөмэн иһэр киһини, «Нохоо!» диэн аҕам хаһыыта сүрэхпин хайыта сыста:

– Ханна дьэллигирэ сылдьаҕын, утуйбакка? Сарсын оскуолаҕа барыахтааххын умнан кэбистиҥ дуо? Киһилии оҕо эбитиҥ буоллар, суунан-тараанан, таҥаскын-сапкын бэлэмнэнэн, кинигэҕин-тэтэрээккин хааланан, утуйбутуҥ ыраатыа этэ! Ону баара мин оҕом түүҥҥү илэчиискэ курдук, хара дьайга ыллараары, ыйы күн оҥостор! Кими батан маннык сылдьара буолла? Эрэйин даа, эрэ-йин! Киһини да аанньа утуппат! Туруоҥ дуо, ааҥҥа, кэлэн абыраабыт буоллаххына, киирдэҕиҥ дии! Пахайбыын, бу уол таҥаһыын-таҥаһын! Бар, бар, нохоо, таһырдьа таҕыс!

Таһырдьа аҕам баалынайдаах уу үрдэ тоҥмутун ытыһынан тарыйда. Миигин кус сыгынньахтыы ууга буккуйталаата. Улахан, суон тарбахтарынан гиипсэм иһигэр киирбит бадарааны сууйа сатаата да, туһата суоҕун өйдөөн, «аатырбыт бухатыыр куйахпын» тырыта тыытан бырахта. Онно баар этэ, муустаах уу тымныыта сүрэхпин-быарбын хам туппута! Аҕабыттан куттанарым тымныыттан куттанарбын баһыйарын үрдүнэн, дэриэбинэ үгүс ыала уһуктан, түннүктэрин уота умайыар диэри өлөрдүү часкыйан ыллым. Аҕам миигин көтөҕөн ылла: «Кураанах тимир уһаакка умса быраҕыллыбыт аттанан эрэр чооскуга дылы тоҕо часкыйдыҥ?» – диэт, ороммор сытыарда, суорҕаҥҥа суулаата. Чочумча буолаат: «Тоҥмутуҥ ааспыт буоллаҕына, тураҥҥын аһаан абыраа, үрдүк сололоох тойооску! Ийэҥ тыыннааҕа буоллар, ким оҕото буоларгын ыйытыам этэ!» – диэн эмиэ да кыыһырбыт, эмиэ да үгэргиир аҕам куолаһын истэммин, турдаҕым дии.

– Мин эн оҕоҥ буолбатахпын дуо?

– Мин оҕолорум бары утуйбуттара номнуо ыраатта. Эн курдук ото-маһа суох сиргэ батары түһэн киһини эрэйдээбэттэр. Эн хайа эрэ цыган киһи оҕото быһыылааххын. Кэридэҕиҥ сүр!

– Эн да эдэр сылдьан сири-сибиири кэрийбит үһүгүн. Охотскай муораҕа элбэхтик тиийэ сылдьыбыта диэн кэпсииллэр. Ол аата эн – цыгаҥҥын. Мин – эн оҕотобун.

– Чэ, ону-маны дойҕохтоомо. Аһаан бүппүт буоллаххына бараҥҥын утуй!

Хаһан суунуохпар, аһыахпар диэри, халлаан сырдаан барда. Аҕабыттан куттанарым аны утуйан хаалан оскуолабар хойутуом диэн кутталга кубулуйда. Сотору күн тахсыыта үүнүөхтээх саҥа күн туһунан саныы-саныы, дьоммуттан кистээн, ситтэрбэтэх кустукпун уруһуйдаабытынан бардым.

Сарсыарда, күн тахсыыта аҕам уһугунна. Кустуктаах хартыынабын көрөн баран:

– Били сирбитигэр тиийбиккин дуу? – диэтэ.

– Тиийбитим эрээри, аны онно хаһан да кыталыктар үҥкүүлүө суохтар диэн түмүккэ кэллим.

– Билэбин. Онно бурдук ыһааччылар полевой стан туппуттара.

– Аҕаа, кыталыктар үҥкүүлүөхтэрин сөптөөх сирдэрэ ханан баарый? – ыйытаат, ханнык эрэ чопчу сир аатын этиэ, ону сурунан ылыам диэн тэтэрээт, уруучука бэлэмнээтим.

– Оннук сири буллаххына, дууһаҥ бэйэтэ сэрэйиэ, – диэт, аҕам солуурун туппутунан хотоҥҥо ынах ыы таҕыста.

Ийэм сибэккилэрэ, эбэтэр хайа чыпчаалыгар андаҕар

Оскуолаҕа бараары таҥна-симэнэ турар убайдарбын ымсыырбыттыы көрө турдахпына аҕам, сэрэйбит курдук, ыскааптан сабыс-саҥа школьнай форма уонна бачыыҥка таһааран, миэхэ туттарда. Мин Нуучча Уйбаан дьолбуттан, үөрүүбүттэн хараҕым ууланна, сүүрэн тиийэн аҕабын кууһуохпун, сыллыахпын, кэрэ тыллары этэн махтаныахпын баҕардым да, биһиги ыалга ким даҕаны үөрүүтүн-көтүүтүн биллэрэн, кэрэ тыллары, махталы ыһа-тоҕо, омуннура сылдьарын хаһан да көрбөтөҕүм. Уопсайынан даҕаны, сахалар үөрбүттэрин тастарыгар таһаарбаттар. Ол иһин, олуонатык көстүмээри, күлүүгэ барымаары, үөрүүбүн-көтүүбүн испэр хам баттаатым. Саҥата суох таҥынным. Сиэркилэҕэ көрүммүтүм, уол оҕото эбиппин. Убайдарбыттан туох да итэҕэһим суох, лаппа ордукпун да диэххэ сөп.

Бөһүөлэкпитигэр баар соҕотох радио сылга биирдэ эрэ иһиллэр «Тропинка школьная моя» диэн ырыаны ыллаан дьиэрэтэ турар. Хаһааҥҥытааҕар да өрө көтөҕүллэн, оскуолабар айаннаатым.

Төһө да бэҕэһээ бааһынаҕа сордоннорбун, түүн утуйбатарбын, бүгүн үөрэр төрүөтүм элбэх: бастатан туран, олохпор аан маҥнай үөрэх дьылын балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн саҕалаатым. Иккиһинэн, ким да көмөтө суох бэйэм хаамабын, гиипсэ корсетым суох. Үсүһүнэн, саҥа формалаахпын. Наһаа да үчүгэй аҕалаахпын! Мин бу формабын киртитэн, аҕабын хомотуом суоҕа. Убайдарым курдук соппулуоту үрдүнэн көтөн, хаарыан формабын хайа тардыам суоҕа. Бачча мааны бүрүүкэм сиэптэригэр сымалалаах буолталары, гаайкалары, өрүс таастарын уонна да атын «бөҕү-саҕы» хаалыам суоҕа. Бу школьнай формабын бырааттарбар биир да абыраҕа суох тиэрдиэм.

Бүгүн учууталбын Любовь Григорьевнаны көрсүөҕүм. Кини герой дьон тустарынан кэпсиирин ахтыбыт да эбиппин! Оҕолор миигин көрөөт, төһө эрэ үөрэллэр! Саамай улаханнык Кыталык Кыыс үөрэрэ буолуо! Мин ситтэрбэтэх кустукпун уруһуйдаан, киниэхэ бэлэхтээри илдьэн иһэбин.

Оскуола палисаднигар сибэкки арааһын көрөммүн, соһуйан тохтуу биэрдим. Мин сайыны быһа ийэбин «Ыраах да ыраах» көрдүү сатаатым. Оттон ийэм миигин көрдөөн манна, оскуолам олбуоругар кэлэ сылдьыбыт эбит дии! Сибэкки бөҕөнү үүннэрбит (мин санаабар сибэккини барытын ийэм эрэ үүннэрэрэ). Акаары да эбиппин, сайын устата биирдэ да оскуолаҕа кэлэ сылдьыбатахпын! «Учууталым Любовь Григорьевна миэхэ төһө эрэ элбэх үчүгэй кинигэни бэлэмнээтэ», – дии саныы-саныы кылааһым аанын арыйдым.

Оҕолор бары сибэкки тутуурдаахтар. Любовь Григорьевна оннугар тоҕо эрэ атын учуутал олорор. Ааспыт саас биир күн Любовь Григорьевна уларсыбыт кинигэтин ааҕан бүтэрэн, ону илдьэн биэрэ киниэхэ дьиэтигэр көтөн түспүтүм. Кини дьиэҕэ кэтэр халааттааҕа, төбөтүгэр былааттааҕа. Баалынайдаах ууга таҥас сууйар дуоскаҕа таҥаһы аала турарын көрөммүн улаханнык соһуйбуппун өйдүү биэрдим. Хаарыан учууталым учууталлаан бүппүт. Ханна эрэ, ханнык эрэ дьиэҕэ боростуой дьиэ хаһаайкатынан үлэлии сылдьар буолуохтаах диэн түмүккэ кэллим. (Мин санаабар учуутал тугу да гыммакка, уруок эрэ ыытыахтааҕа). Кэлин, отут биэс сыл ааспытын кэннэ, Любовь Григорьевнаны Чурапчы маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлии сылдьарын соһуччу көрсөн, олус үөрбүтүм. «Амматтан ханна сүтэн хаалбыккыный?» – диэн ыйыппыппар: «Биллиилээх тустуук Сидор Попов миигин кэргэн ылан, дойдутугар Чурапчыга көһөрөн аҕалбыта», – диэн быһаарбыта.

Кыталык Кыыс саҥа учууталы – Варвара Лукинична Климонтованы эҕэрдэлээтин кытта, оҕолор сүүрэн тиийэн сибэккилэрин туттардылар. Мин таһырдьа ойон тахсан, палисадник штакетнигын үрдүнэн ойоору, таҥаспын испиэскэ бөҕө оҥордум. Оҕолортон хаалсымаары, палисадникка үүнэн турар «ийэм сибэккилэрин» бүүс-бүтүннүү хомуйан ыллым.

Төттөрү ыстанарбар бүрүүкэбин хайа тардан кэбистим. Кылааспар көтөн түһээт, «ийэм сибэккилэрин» учууталбар туттардым. Саамай улахан уонна кыраһыабай букеты туттарбыт киһи быһыытынан, дуоспуруннаахтык оннубар баран олорунан кэбис– тим. Эмискэ аан тэлэллэ биэрдэ да, кыыһырбыт сирэйдээх кырдьаҕас учууталлар киирэн кэллилэр.

– Варвара Лукинична, палисадниктан сибэккилэри тоҕо үргэттиҥ?

– Мин ханнык да сибэккилэри үргэппэтэҕим.

– Оттон бу ким аҕалла?! – диэбитинэн биир учуутал мин букеппын остуолтан ылла.

– Мин! Мин аҕаллым. Ити сибэккилэри учууталбар бэлэхтээтим. Тоҕо ыллыгыт?

– Чэ, эрэ герой, кэл эрэ манна, оччоҕо бардыбыт биһигини кытта. Учительскайга баран быһаарыаҕыҥ!

Мин, герой дэттэрбит киһи, кырдьык өрөгөйдүө, ийэм сибэккилэрин Варвара Лукиничнаҕа төнүннэриэм диэн бигэ санаалаах хорсуннук кинилэри батыстым. Учительскайга киирээппитин кытта онно баар учууталлар бары, миигин эрэ кэтэһэн олорбуттуу, саба түһэн мөхпүтүнэн бардылар. Кинилэр хас биирдии бэйэлэрэ мөҕүү «искусствотын» төһө баһылаабыттарын көрдөрөрдүү, хаһыытыырга күрэхтэһэрдии бары тэҥҥэ миигин «көмөлөөбүттэрэ». Кыыһырбыт сирэйдэри көрүмээри, харахпын быһа симтим. Санаабар, элбэх учуутал тэҥҥэ мөҕөрө-этэрэ кыталыктар үҥкүүлэрин хаһыытыгар майгынныыр курдук. Сааскы Амманы санаан үөрэ турдахпына, биир саамай күүстээх куоластаах «кыталык»: «Аны итинник гыныаҥ дуо?!» – диэн күөх хараҕа кытарыар диэри часкыйда, сирэйэ чахчы да помидордуу өҥнөннө. Абааһылартан арахса охсоору: «Суох! Суох!» – диэтим,    көрүдүөргэ сүүрэн таҕыстым. «Ийэм сибэккилэрин учууталга бэлэхтиир куһаҕан эбит» диэн санааҕа кэллим. Ити үлүгэр хаһыы-ыһыы ортотугар киһи тугу да быһаарсыах айылаах буолбатах. Миигиттэн ким да, тугу да ыйыта барбата. Мин быһаарарбар олох да наадыйбатылар. Итинник учууталлар бааллар эбит дуу? Биһигини ситинник часкыйа сылдьар учууталлар үөрэппэттэрэ үчүгэй да эбит! Бачча өр мөҕүлүннүм да, биир да тылы өйдөөн истибэтим. Дьиибэ дии, хаһыыттан кулгааҕым бүөлэнэн хаалар быһыылаах. Учууталым Любовь Григорьевна биирдэ да хаһыытаабатаҕа. Ол иһин мин учуутал эрэ барыта үтүө санаалаах, киэҥ көҕүстээх буолуо диирим. Саҥа учууталым Варвара Лукинична да Любовь Григорьевна курдук холку майгылаах быһыылаах: миэхэ хаһыытаабата, кырдьаҕас, айдааннаах учууталлары кытта кыыһырбакка кэпсэттэ.

Перемена буола охсубут дуу? Кыталык Кыыска кустук ойуулаах уруһуйбун туттарыахтаах этим дии! Кини кылааска түннүк аттыгар кыргыттары кытта кэпсэтэ турар эбит. Бэлэхпин туттаҕына, төһө эрэ үөрэр, сөҕөр-махтайар, төһө эрэ хайгыыр, махтанар! Хартыынабын ранецпыттан хостуу турдахпына, Кыталык Кыыс сэрэйбит курдук миэхэ утары хаамта. Кини аттыбар кэлбититтэн долгуйан, сүрэҕим тэбиитэ күүһүрбүккэ, тыыным кылгаабыкка дылы гынан, тылбыттан матан турдум.

– Биһиги ити сибэккилэри эйигин үргээтин диэн үүннэрбит үһүбүт дуо, акаары?! – диэтэ да, кылаастан тахсан барда.

«Акаарыттан» бэлэх ылбата чахчы. Сибэккини ийэм эрэ буолбакка, Кыталык Кыыс эмиэ үүннэрэр эбит. Кини миигин «акаары» диэбититтэн төһө да хомойдорбун, ийэм курдук сибэкки үүннэрэрин билэн, Кыталык Кыыһы сөбүлүүрүм өссө күүһүрбүтэ.

Уруок бүтүүтүгэр Варвара Лукинична:

– Оҕолоор! Бүгүн дьоҥҥутугар этэҕит: сарсын биһиги үөрэммэппит, походка барабыт. Ыраах барыахпыт, онон үстэ аһыыр аһылыктаах кэлээриҥ.

– Ура-а!

– Оҕолоор, Күөх Хайаҕа барыаҕыҥ, онно наһаа үчүгэй!

– Эчи, ырааппытын!

– Күөх Хайа диэн чугас буоллаҕа дии!

– Короленко хайатыгар барыаҕыҥ!

– Ээ, биһиги кыргыттар, Короленко хайатыгар тиийбэппит. Аара Күөх Хайаҕа хаалыахпыт.

– Короленко хайата диэн Таас Сирэй хайаны ааттыыгыт дуо? Ол хайаны ыраахтан көрбүтүм, наһаа үрдүк. Онтон күн утуйар ороно көстөрө буолуо. Онно барыаххайыҥ! – диэтим мин.

Бу били «сайылаабыт» бааһынам устун эмиэ баран иһэбин. Аҕыйах хонуктааҕыта манна кустугу сырсабын диэн өлө сыспытым. Бу сырыыга соҕотох буолбатахпын, бары кылааһынан хайа үрдүттэн күн утуйар оронун көрө баран иһэбит. Мин санаабар, күн кып-кылабачыгас кыһыл көмүс оһуордаах биһик ороҥҥо былыт курдук сып-сымнаҕас бэриинэҕэ аҥаарыгар диэри тимирэн хаалар уонна наһаа үчүгэй, сып-сымнаҕас оруосабай өҥнөөх суорҕанынан саптан баран утуйар буолуохтааҕа.

Биллэн турар, кылааһым оҕолоро түргэнник хаамар буолан, иннигэр куотан хааллылар. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, Варвара Лукинична доҕолоҥноон бытааннык хаамара миэхэ эмиэ да үчүгэйгэ дылы этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин куота барар кыаҕа суоҕа. Мин учууталым кэнниттэн бэрт нэһиилэ да соһуллан истэрбин, Кыталык Кыыс миигин: «Ваня үчүгэй уол. Кини атыттар курдук учууталы быраҕан, куотан хаалбата. Үтүө санаатыттан Варвара Лукиничнаҕа аргыс буолар», – дии саныыра буоллар диэн баҕалааҕым. Һуу, оҕолорбутугар кэллибит. Сынньаныахпыт диэн үөрэ санаабытым баара, оҕолор туран салгыы бара турдулар. Абыраммыт дьон, өр сынньаннахтара дии! Оттон биһиги олорон да ылбакка, салгыы хаама турдубут.

Оҕолор Таас Сирэй хайа тэллэҕэр хайыы-үйэ тиийэннэр, ким өрүскэ тааһы тамныыр, ким сынньана олорор эбиттэр. Мин, тиийдэхпинэ астыныахпар диэри олорон сынньаныам диэн ыраахтан бэлиэтии көрбүт тааспар кэлэн олорон иһэммин, Варвара Лукиничнаны көрөн: «Баһаалыста олор», – диэтим. Миин иһэн, аһаан, ону-маны кэпсэтэн, сылайбытым ааспыкка дылы буолла. Оҕолор Варвара Лукинична тула муһуннулар:

– Оҕолоор, бу хайа дьиҥнээх аата Хойуудуку диэн. Нуучча суруйааччыта, политссыльнай Владимир Галактионович Короленко бу хайа үрдүгэр тахсан Амма кэрэ айылҕатын көрө олорон кинигэ суруйарын сөбүлүүрэ. Күн уотуттан уонна ардахтан быыһанаары беседка туттубут. Онтон ыла олохтоох дьонтон эдэр өттө бу хайаны Короленко хайата диэн ааттыыллар. Оҕолоор, бу хайа улахан дуу, кыра дуу? – ыйытта учууталбыт.

– Наһаа улахан! – диэтибит бары.

– Эһиги бэйэҕит кыра буолаҥҥыт бу хайаны улахан диигит. Улааттаххытына, маннааҕар үрдүк хайалары көрүөххүт. Баҕар эһигиттэн – уолаттартан ким эмэ үрдүк чыпчаалга дабайан, дьол сибэккитин булан таптыыр кыыһыгар бэлэхтиэ.

Ол сибэккини хайаан да булар баҕаттан, ыйытар түгэни куоттарымаары сэттэ боппуруоһу субуруттум:

– Варвара Лукинична, ол дьол сибэккитэ ханна үүнэрий, тас көрүҥэ хайдаҕый, дьыл ханнык кэмигэр тылларый, аата ким диэний, тоҕо дьол сибэккитэ дэнэрий, ол сибэккини аан маҥнай ким булбутай уонна кимиэхэ бэлэхтээбитэй? – диэн ыйыттым мин.

– Былыыр-былыр, Кытай уонна Индия икки ардыларыгар баар Непал диэн кыракый королевствоҕа маннык түбэлтэ буола сылдьыбыттаах үһү. Хоруол оҕонньор хараҕын харатын курдук харыстыыр соҕотох кыыс оҕолооҕо. Ол кыыс дыбарыас иһинээҕи атаах, киһиргэс, дьиэлэриттэн ханна да ырааппатах, малтан-салтан атыны тугу да интэриэһиргээбэт оҕолору кытта буолбакка, элбэх номоҕу кэпсиир, флейтаҕа оонньуур, киэҥ сиринэн көҥүл-босхо сылдьар бостуук уолу кытта дьонуттан кистээн оонньуурун сөбүлүүр эбит. Ити курдук күн-дьыл ааһан испит, оҕолор улааппыттар. Бостуук уол уонна принцесса кыыс бэйэ-бэйэлэригэр тапталга билиммиттэр уонна эн биһикки хаһан да сүтэрсиэхпит суоҕа диэн андаҕар бэрсибиттэр. Ити кэмҥэ хоруол ыраах-чугас дойдулартан принцтэри ыҥыран, кыыспын кэргэн биэрэбин диэн күн болдьообут. Этиллибит күҥҥэ араас дойду принцтэрэ бары мустан турдахтарына, принцесса бостуук уолтан атыҥҥа кэргэн тахсымаары уонна аҕатын хомотумаары манныгы эппитэ эбитэ үһү: «Эһигиттэн хайаҕыт эмэ ким да, хаһан да харахтаан көрбөтөх, ким да, хаһан да илиитигэр туппатах, ким да, хаһан да, кимиэхэ да бэлэхтээбэтэх сибэккитин булан миэхэ бэлэхтээтэҕинэ, ол киһиэхэ мин кэргэн тахсыам». Аан дойду бары муннугуттан принцтэр сибэкки арааһын аҕалбыттар. Дыбарыас эрэ буолбакка, бүтүн королевство сибэккинэн туолбут. Ол эрээри ол сибэккилэр ааттарын, ханна үүнэллэрин барытын принцесса билэр эбит.

Кинини уруккуттан сөбүлүүр, таптыыр, кини туһугар ууга-уокка да түһэрин кэрэйбэт бостуук уол, принцесса тылларын истээт, дьоллонуон сөбүгэр итэҕэйэн, ол сибэккини хайаан да булан, бэлэхтиир санааны ылыммыт уонна хараҕа хаар төбөлөөх хайаҕа хатаммыт. «Ким да, хаһан да көрбөтөх, илиитинэн таарыйбатах сибэккитэ ким да, хаһан да сылдьыбатах, атаҕа үктэммэтэх сиригэр үүнэр буолуохтаах», – диэбитинэн таас хайаҕа хатаастан, кини хаар төбөтүгэр тахсан сибэккини көрдөөбүт да, булбатах. Арай ол туран көрдөҕүнэ, ыраах да ыраах, элбэх хайа анараа өттүгэр туох баар үрдүк хайалартан соҕотохтуу чорбойор үрүҥ төбөтө былыттары үрдүлэринэн харааран көстөр, мин чыпчаалбар хаамар атахтаах, көтөр кынаттаах хаһан да тахса илигэ, тахса да сорунуо суоҕа диэбиттии суостаахтык, аҥардас көрүҥүнэн киһини дьиксиннэрэрдии, өлүүнэн аҥылыйан биир хайа турар.

Өскөтүн принцесса көрүөн баҕарбыт сибэккитин биир да уол булан биэрбэтэҕинэ, улуу таптал суох эбит дии саныаҕа уонна хаһан да дьолу билиэ суоҕа дии санаан бостуук уол наһаа мунчаарбыт. Ол сибэккини булан, принцессаҕа бэлэхтээн, улуу таптал баарын биллэрэн дьоллуур баҕата – суостаах, хара тыыннаах хайаттан куттанарын баһыйбыт. Принцессаҕа күүстээх таптал, кинини дьоллоох сылдьарын көрөр баҕа бостуук уолу хаардаах чыпчаалга сибэкки көрдөппүт. Наһаа сылайан, аанньа аһаабакка, утуйбакка, салгына тиийбэккэ, сыылла да сырыттар, сотору-сотору уҥнар даҕаны, чыпчаал хас биирдии томторун, аппатын, ол сибэкки баар буоллаҕына алҕас ааһа барымаары, дьаныһан туран, илиитинэн тиийэр сирин хас биирдии хаардаах таастарын бэрийэн, илиитин иминэн чинчийбит да, ханнык да сибэккини булбатах. «Бу туруору түһүүгэ ол сибэккини булбатахпына, мин хаһан да принцесса дьоллоох мичээрин көрүөм суоҕа», – диэт, бостуук уол бүтэһик күүһүн мунньунан, бэйэтин быанан кэлгинэн баран, таас сирэй устун түһэр.

Туруору таас сирэйгэ хаардаах кыра кэрдиискэ тыалга сибэкки тэлибирии турарын көрөн, сирэйэ үлүйбүт, тириитэ хатырбыт буолан, бостуук уол мичээрэ иирбит бөрө аһыытын килэппитинии көстүбүт. Үөрэн күлбүтэ ол бөрө улуйбутун курдук иһиллибит. Төһө да бэйэтэ нэһиилэ икки илиитинэн тутуһан турдар, сибэккитин хайдах гынан үлүппэккэ, хараардыбакка тиэрдэрин туһунан санаан, аҥаар илиитинэн сонун тимэхтэрин сүөртэлээбит, туохтааҕар да күндү сибэккини хонноҕун анныгар уктан, сонун бүтэһик тимэҕин тимэхтэнээт, өйүн сүтэрэн аллараа диэки курулуу турбут. Бөһүөлэк дьоно бостуук уолу сүтэрбиттэрэ сэттис сылыгар, өлбүтүнэн ааҕа сылдьар уоллара, кыракый сибэккини туппутунан дыбарыаска кэлбит. Принцесса бостуук уолу үөрэ көрсүбүт:

– Бу ким да, хаһан да харахтаан көрбөтөх, илиитинэн тутан көрбөтөх, ким да, хаһан да, кимиэхэ да бэлэхтээбэтэх сибэккитин миэхэ анаан булан аҕалбыккар улаханнык махтанабын. Бу аата суох сибэккигэ «эдельвейс» диэн аат иҥэрэбин. Үрдүк сололоох хоруол, мин баар-суох тапталлаах аҕам! Бостуук уолу кытта олохпун холбуохпун баҕарабын, – диэбит.

– Мин тыыннааҕым тухары собус-соҕотох кыыс оҕобун принцкэ буолбакка, боростуой бостуукка эргэ биэрбэппин! Харабыллар, бу бостуугу дыбарыастан таһаара охсуҥ! – диэн хоруол кыыһырбыт.

– Аҕаа, бостуугу үүрүөҥ иннинэ, кини ити сибэккини хайдах булбутун туһунан кэпсээнин иһит, – диэн принцесса хардарбыт.

Бостуук кэпсээнин кэнниттэн хоруол санаата тосту уларыйбыт:

– Мин эн кэпсээҥҥин истэн баран, элбэҕи өйдөөтүм. Эйигиттэн атын киһи хайдах да мин кыыспын дьоллуо суох. Кыыһым дьолун сарбыйбаппын. Эһиги холбоһоргутун көҥүллүүбүн.

Ол кэнниттэн улахан сыбаайба оҥорбуттарын туһунан сурах иһиллэр. Ол сыбаайбаҕа хоруол тыл эппит: «Кыыспар уонна күтүөппэр королевством аҥаарын, – диэн иһэн – Королевствоны бүтүннүү туттарабын. Күтүөтүм дьол сибэккитин көрдүү сылдьан Непал королевствотын бүтүннүү кэрийбит. Кинини дьон барыта билэр, ытыктыыр, сүгүрүйэр. Кини наһаа үчүгэй хоруол буолуо диэн эрэнэбин», – жезлын уонна коронатын бостуук уолга туттарбыт. Бэйэтэ сынньалаҥҥа барбыт.

Онтон ыла Гималай хаардаах чыпчаалыгар үүнэр дьол сибэккитэ, эбэтэр хайа олохтоохторо ааттыылларынан эдельвейс диэн сибэккини, бүтүн аан дойду үрдүнэн улуу тапталга билинии туоһутунан ааттыыр буолбуттара.

Ити тылларынан учууталбыт Варвара Лукинична кэпсээнин түмүктээтэ. Мин ойон тураат, хаһыытыы быластаан андаҕар тылларын эттим: «Мин улааттахпына, мин улааттахпына, көрөөрүҥ даҕаны, хайаан даҕаны Непал королевствотыгар баар Гималай хайаларын саамай үрдүк чыпчаалыгар дабайан тахсыаҕым, дьол сибэккитин – эдельвейсы икки устууканы хайаан да булуом, дойдубар этэҥҥэ доруобай эргиллиэм, биир сибэккибин – таптыыр учууталбар, иккиһин – таптыыр кыыспар бэлэхтиэм!»

– Биһиги ол сибэккилэри сибилигин бу хайаттан булуохпут, – дэһэ-дэһэ оҕолор кыыстыын-уоллуун Таас Сирэйгэ ыттыбытынан бардылар.

Мин эмиэ кэннилэриттэн хатааһынным. Тахсан истэхпинэ, үрдүбэр оҕолор түһэрбит буордара-сыыстара, кумахтара-таастара быыстала суох түстэ. «Ура-а!» хаһыы иһиллибитигэр хантайан көрбүтүм, оҕолор бары чыпчаалга тураллар эбит. Атахпын халты үктээн, бостуук уол курдук аллараа курулаан иһэммин, үлтү түһүмээри биир талахтан икки илиибинэн тутустум. Миэнэ-миэнин курдук, талаҕым дөлүһүөн уга буолан биэрдэ. Уолаттар күлсүү бөҕө:

– Ваня дьахтар-дьахтар, баба-баба, дьиҥнээх баба, кыргыттар тахсыбыттарын кыайан тахсыбат. Өссө Гималайы дабайыах буолар. Түс-түс, дьиэлээ-дьиэлээ! Син биир кыайан тахсыаҥ суоҕа!

– Уолаттар, тоҕо күлэҕитий? Түһэҥҥит Ваняҕа көмөлөһүөххүтүн! – дэстилэр кыргыттар.

– Дьахтарга илиибитин биэрбэппит! Мешогу хайаҕа соспоппуут, соспоппут. Һа-һа-һа! – күлүстүлэр уолаттар.

– Кыргыттар, көрүҥ эрэ, Ваня дөлүһүөн угуттан тутуһан турар. Көмөлөһө түстүбүт! – диэтэ Нина Никитина.

Ити курдук, кыргыттар көмөлөрүнэн, сэниэм тобоҕунан этэҥҥэ үлтү түспэккэ, хайа чыпчаалыгар тахсаммын, маска өйөнөн олоробун. Учууталбыт суох. Араас сибэкки тутуурдаах оҕолор: «Варвара Лукинична ханнаный?» – дэһэ-дэһэ төттөрү-таары сырыстылар. Учууталбыт Кыталык Кыыһы кытта кэтэспэтэх өттүбүтүттэн – ойууртан кэллилэр. Оҕолор бука бары куоталаһа-куоталаһа сырсан тиийэн сибэккилэрин учууталга туттардылар. Сынньана олордохпутуна Варвара Лукинична:


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации