Текст книги "Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн"
Автор книги: Иван Дьячковский
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
– Кыталык диэн уопсайынан, улахан, маҥан, кыраһыабай. Өйдөөтүҥ дуо? Ону-маны ыйытан бүт! Биһиги оонньуу бардыбыт, ньиэмэстэрбит биһигини кэтэһэн өлөн эрдэхтэрэ, – диэтин кытта уолаттар ньамалаһа-ньамалаһа таһырдьа ыстаннылар.
Мин бу маҥан лиискэ улаханы, маҥаны, кыраһыабайы хайдах уруһуйдуурбун толкуйдуу сыттым: «Мин олохпор улаханы, маҥаны, кыраһыабайы тугу көрбүппүнүй? Арай, палаатаҕа улахан, маҥан, кыраһыабай диэн сиэстэрэ Светаны этиэххэ сөп этэ». Ок, хата көлөһүн-балаһын аллан, таһырдьаттан Кеша көтөн киирдэ: «Таһырдьа «сэрии» бөҕө буола турар! Эн ону-маны ыйытаҥҥын, шмайцера суох сэриилэһэ сылдьар эбиппин!» Бу түгэҥҥэ ону-маны ыйытар олуонатын өйдүүрүм үрдүнэн, кыталыгы уруһуйдуур баҕаттан ыйытарга күһэлинним:
– Кеша, улахан, маҥан, кыраһыабай дьахтары кыталык диэн ааттыахха сөп дуо?
– Оо дьэ, шмайцерым ханна баран хаалбытай? Таһырдьа, сэриигэ мин дьонум командира суох кыайтаран эрдэхтэрэ буолуо! Чэ, чэ, сөп! Дииллэр-дииллэр! Сахалар чахчы улахан, маҥан, кыраһыабай дьахтары «кыталык» диэн ааттааччылар.
– Оччоҕо мин билэбин! Уруһуйдуохпун сөп.
– Ваня, бүгүн муостаны ким сууйбутай? Шмайцерым ханна да көстүбэт!
…Света атаҕын таҥаһа уларыйарын, араас өҥнөнөрүн өйдүү биэрэммин, ыйыттым:
– Кыталык атаҕын хайдах өҥнүүр ордук буолуой?
– Кыталык уһун, синньигэс атаҕын кыһыл дьүһүннүүгүн. Түөһэ, көхсө, кынаттара маҥан.
– Кыната диэн тугуй?
– Илиитэ-илиитэ! Улахан, маҥан уонна маннык сапсынар. Кынатын төбөтө хара.
– Ытыһа хара даа?
– Ытыһа-ытыһа, хап-хара. Атаҕын саҕа уһун мап-маҥан моойдоох. Төбөтө маҥан, сирэйэ кып-кыһыл, помидор курдук. Уп-уһун, сып-сытыы, кыһыл тумустаах.
– Ол тумса диэн тугуй?
– Мунна буоллаҕа дии, мунна-а! Уһун, кыһыл, сытыы, моркуоп курдук! – диэн баран, илиитинэн муннун уһатан көрдөрдө.
– Хайыы, бу баар-суох сабыс-саҥа шмайцербын оһох иннигэр хардаҕастарга ким бырахта? Уоттуу сыспыттар буолбаат?! Чэ, вперёд, в атаку! Биһиги этэрээппитин «ньиэмэстэр» кыайдахтарына, буруйдаах эн буолуоҥ! – диэт, «кутаа-уот сэрии үөһүгэр» ыстанна убайым Кеша.
Мин кини кэпсээнигэр, ойуулааһыныгар олоҕуран, медсестра Светабын уруһуйдаабытынан бардым: сип-синньигэс, уп-уһун, кыһыл атахтаатым, кып-кылгас маҥан халааттаатым. Сараччы туттубут илиитин хап-хара тарбахтардаатым. Атаҕын саҕа уһуннаах маҥан моойдоотум. Маҥан колпактаах төбөтүн помидор курдук кыһыл сирэйдээтим уонна моркуоп курдук уп-уһун муннулаатым. Кыталык кыраһыабай дьүһүнүн киһи көрө-көрө дьоллонор диэбиттэрэ ээ. Оттон мин уруһуйбар тоҕо эрэ ол көстүбэт, бу хартыынаны көрө-көрө мин дьоллонуох санаам кэлбэт. Киһи кыраһыабай да диир кыаҕа суох. Дьэ, дьиибэ. Оо, «сэрииһиттэр» дьиэлэригэр киирдилэр! Арааһа, кыайбыттар-хоппуттар, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыт.
– Көрүҥ эрэ бу, көрүҥ эрэ – мин кыталыгы уруһуйдаатым! – хартыынабын кинилэр диэки эргиттим.
– Кыталыгы даа? – диэн саҥа аллайдылар. Тылларыттан матан, ах баран олордулар.
– Ити кыталык буолбатах, ити – уродина! – диэн «чап» гыннарда кыра быраатым.
– Сөпкө эттэ, чахчы уродина, киһи түүлүгэр киириэх! – дэстилэр атыттара.
– Кеша, эн быһаарыыгынан биир да сыыһата суох уруһуйдаабытым ээ!
– Мин кыталыгы хаһан да көрбөтөҕүм ээ!
– Оччоҕо тоҕо быһаарбыккыный?
– Оттон эн ыйыппытыҥ – мин эппиэттээтэҕим дии!
– Ким көрбүтэй кыталыгы?
– Кыталык диэн оннооҕор улахан дьоҥҥо мээнэ көстүбэт. Ити улахан абаҕабыт сүүс уон алта саастаах Уһун Ньукулай диэн оҕонньор баар дии? Кини былыыр-былыр көрбүт үһү, кыталыгы. Ол туһунан олоҥхо курдук уһун, иитэ-саҕата биллибэт кэпсээнигэр кэпсиир.
– Ол оҕонньор туох диэн кэпсээбитэй, миэхэ кэпсээҥ эрэ!
– Хайа, Ваня, хайдах буоллуҥ?! Атын абаҕабыт – сүүс уон биир саастаах Тураах Никиитэ оҕонньор кыра оҕо эрдэҕиттэн ол Уһун Ньукулай кэпсээнин истэ сатыыр да, тугунан бүтэрин истибэккэ, билбэккэ өлөрүм буолуо диэн ыксыыр. Оччо үлүгэр уһуну биһиги эйиэхэ хайдах кэпсии олоруохпутуй? Солобут суох буолбат дуо?
– Оттон биһиги аҕабыт көрбөтөҕө буолуо дуо? Наһаа үчүгэйдик кэпсээбитэ дии!
– Баҕар көрбүтэ буолуо, ыйытаар ээ, – диэн түмүктээтэ убайым Кеша.
Арааһа кыталык кыыл сиэстэрэ Светаҕа майгыннаабат быһыылаах. Мин кыталыгы бэйэм илэ харахпынан көрүөхпүн наада эбит! Ол иһин аҕабыттан, төһө да куттаннарбын, киэһэ аайы: «Мин кыталыгы көрүөхпүн баҕарабын!» – диэн көрдөһөрүм. Ону аҕам сырыы аайы истибэтэҕэ буолара.
Биир киэһэ аҕам хаһааҥҥытааҕар да хойутаан кэллэ. Улахан санааҕа ылларбыт көрүҥнээх. Ону ол диэбэккэ, бэйэм көрдөһүүбүн: «Мин кыталыгы көрүөхпүн баҕарабын», – диэн хаста да хатылаатым уонна суорҕаммын саптыбакка, аҕабын утары көрөн сыттым.
Аҕам: «Утуй, нохоо!» – диэн баргыйан кэбистэ. Ытаамахтыы түһээт, утуйдаҕым дии.
Арай түүн миигин ким эрэ хамсат да хамсат буоларыттан уһуктан кэллим. Остуолга кыраһыын лаампа умайан турар, ол да буоллар, дьиэ иһэ хаһааҥҥытааҕар да хараҥа. Оҕолор бары утуйа сыталлар. Мин бэйэм-бэйэбин атыҥыраатым: баата ыстааннаахпын, хаатыҥкалаахпын, тэлэгириэйкэлээхпин. Аҕам миэхэ истээх бэргэһэ кэтэрдибит, быатын баайа турар эбит. Бэйэтэ, туох баар кыһыҥҥы халыҥ таҥаһын таһынан тулуубун кэтээт, миигин хардаҕас курдук кыбыммытынан, таһырдьа тахсан барда. Тылбаасчыт убайым Кеша утуйа хааллаҕа дии. Онон аҕабыттан: «Бу миигин ханна илдьэн иһэҕин?» – диэн ыйытар кыаҕым суох. Ол иһин бэйэм ыйытыыбар эппиэт көрдүү сатааммын, Чакырга олорбут икки ыйбын барытын ырыттым.
…Биирдэ убайдарым-бырааттарым: «Наһаа үчүгэй киинэ көрдүбүт!» – дэһэн өрүкүһэн аҕай кэллилэр.
– Ол киинэ диэн тугуй? – ыйыттым мин.
– Биһиги олорон эрэ маҥан бырастыынаҕа ону-маны көрөбүт, – диэн быһаардылар.
Миэхэ, сытар киһиэхэ, маҥан бырастыынаҕа туох да көстүбэт. Олорорум буоллар, мин эмиэ ону-маны көрүө эбиппин дии!
– Ол ону-маны диэн тугу көрдүгүт?
– Наһаа үчүгэй киинэ! Биһиэннэрэ ньиэмэс бөҕөнү өлөрдүлэр.
– Ол «ньиэмэс өлөрдүлэр» диэн тугуй?
– Ньиэмэстэр диэн куһаҕан дьоннор сүүрэн иһэллэр, ону биһиги саллааттарбыт автоматынан «тра-та-та-та-та» дииллэр. Оччоҕо ньиэмэстэрэ өлөн хаалаллар.
– Ол «өлөн хаалаллар» диэн хайдаҕый?
– Оттон сүүрбэт да, хамсаабат да буолаллар, бу эн курдук.
– Ол сүүрэ сылдьар дьону тоҕо сүүрбэт, сытар оҥороллоруй? Биир эмэ саллаат дьиэҕэ киирэн кэлэн миигин автоматынан «тра-та-та-та-та» диэтэҕинэ, мин – сытар киһи, туран сүүрэн хаалыахпын сөп дуу?
– Ээ, суох. Оннук сатаммата буолуо.
– Хайа, Кеша, тоҕо ытыыгыный?
– Оттон ити буоллаҕына, киинэҕэ кыайыы буолуон биир күн иннинэ, бэстилиэнэй ньиэмэс биһиги саамай үчүгэй саллааппытын өлөрдө.Ону табаарыстара көмөн кэбистилэр. Ол саллааты аһыйан ытыыбын.
– Ол «көмөн кэбистилэр» диэн тугуй-хайдаҕый?
– Оттон өлбүт киһи туһата суох таах сытаар-сытар, бу эн курдук, ол иһин ылан көмөн кэбиһэллэр.
…Ити түбэлтэни санаан кэлэн, миигин сордуур ыйытыыга, ким да көмөтө суох, бэйэм эппиэт буллум диэн үөрэн, тоҥмутум ааспыкка, халлааным сырдаабыкка, кутталым кыччаабыкка дылы буолла: «Арба даҕаны, мин ол өлбүт саллаат курдук туох да туһата суох таах сытабыын-сытабын. Ол иһин аҕам бу миигин көмө илдьэн истэҕэ. Чэ, бэрт. Хата көмө охсоро буоллар, тугу эрэ саҥаны көрүөм этэ. Ол көрбүппүн дьиэбэр кэллэхпинэ убайдарбар-бырааттарбар кэпсиэм!»
Халлаан сырдаан, күн тахсара чугаһаабытын кэннэ, Амма өрүс кытыла көһүннэ. Аҕам миигин тулуупка суулаат, иирэ талахха өйөөн олорто. Олохпор аан маҥнай дьиҥнээх пейзаһы көрдүм. Дьиҥнээх пейзаж диэн хайа да художник хартыынатынааҕар быдан кэрэ, быдан ордук буолар эбит. Манна киһи хараҕа эрэ үөрэр буолбатах, айылҕа тыаһа-ууһа бэйэтэ дьикти музыка буолан иһиллэр. Сааскы сарсыарда чэбдик салгына ийэм дьэдьэннээх күөрчэҕинии сүрэхпэр-быарбар минньигэстик киирэр. Оо, аҕам барахсан үтүө да санаалаах киһи эбит! Маннык кэрэ айылҕаны көрдөрөөрү, миигин бу кытылга аҕалбыт. Кэрэни кэрэхсиир уйан сүрэхтээх аҕабын мин хайдах «чудовище» диэн ааттыы сылдьыбытым буолуой? Аны хаһан да кинини инньэ диэм суоҕа.
Соторутааҕыта ырааһырбыт Амма эбэ кумах кытылыгар онон-манан муустар сыталлар. Кинилэр муус чопчулара туллан түһэн, курустаал таас курдук лыҥкыныыллар. Тугу эрэ иһиллиирдии тохтоон ыла-ыла чыычаахтар чубугураһаллар. Манна туох да биир сиргэ тохтоон турбат. Барыта чыпчылҕан түгэнигэр уларыйан иһэр. Бу өрүс сиэркилэ курдук көнө ньуура салгын кыратык хамсаабытыгар долгулдьуйа түстэ, өҥө кытта хараҥарда. Ыраах хараара көстөр мырааннар сыыйа сырдаан, күөхтүҥү дьүһүннэннилэр. Сиккиэр тыалтан хатыҥнар ытарҕаларын эйэҥэлэтэн үҥкүүлээн эрэрдии лабааларынан далбаатанан ыллылар. Өрүс уҥуор нэлэһийэр киэҥ хочоҕо сылгы үөрэ мэччийэ сылдьар. Ыраах эриэн үөннүү эриллэн көстөр кыракый үрэхтэр уонна күөх харахтыы төгүрүк көлүччэлэр бааллар. Хаҥас диэки, өрүс токуруйар сиригэр, үрдүк таас сирэйдээх хайа сыыйа-баайа кыһыл көмүс курдук өҥнөннө. Олус кэрэ пейзаж! Оо, маны уруһуйдаабыт киһи! Ол эрээри бу өҥө уларыйа турар, хамсыыр-имсиир айылҕаны, чэбдик салгыны, бу тыаһы-ууһу хартыынабар сатаан ойуулуом дуо?
Олорбохтуу түһэн баран, аҕам: «Көр, көр, нохоо!» – диэт, үөһэ халлааны ыйда. Үөһэттэн чугаһаатар-чугаһаан, улааттар-улаатан чахчы да улаханнар, маҥаннар, кыраһыабайдар өрүс үрдүнэн эргийбэхтээт, Амма уҥуоргу кытылыгар түстүлэр.
Тугу эрэ иһиллиирдии, тулаларын көрүнэ-көрүнэ, чочумча тура түстүлэр. Биир кыталык кырыымпалыы куолаһынан хатаннык хаһыытаатын кытта, бары тутталлара-хапталлара уларыйа оҕуста. Сорох кыталыктар турууктаан ыла-ыла оргууй аҕай төттөрү-таары хаамыталыыллар, турар сирдэригэр өрүтэ ыстаҥалаан ылаллар. Атыттара кинилэртэн олох уратытык хамсаналлар: күүскэ хаһыытаан ыла-ыла, төттөрү-таары сүүрэкэлииллэр, уһун, сытыы тумсуларынан сири тобулу тоҥсуйталыыллар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэспит курдук сиртэн оту-маһы тумсуларынан ыла-ыла үөһэ элитэлииллэр. Өрүтэ ыстаҥалыыллар, сорохторо турар сирдэриттэн үөһэ көтөн тахсыталыыллар. Сотору-сотору кынаттарын сараппытынан уҥа-хаҥас диэки эргичийэн ылаллар. Күн тахсан, халлаан кытыаста кыыһыыта, кыталыктар төттөрү-таары сүүрэллэрэ, уһаты-туора ойоллоро, араастаан хамсаналлара, бэйэ-бэйэлэрин үтүрүһэллэрэ, имигэстик куоҕаҥныыллара, кыҥкыначчы хаһыытыыллара хойунна, элбээтэ, күүһүрдэ. Дьиктиттэн-дьикти үҥкүүгэ кэрэттэн-кэрэ оһуордар бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан истилэр. Ханнык эрэ түгэҥҥэ намыын-намчы уонна эрчимнээх, тэтимнээх хамсаныылаах кыталыктар бары булкуһан, биир сиргэ түмсэн, кынаттарын кэрэтик арыйан, тыллан эрэр сибэкки курдук тутуннулар, уһун моойдорун күөгэттилэр. Сибилигин миэхэ уонна бу кыталыктарга олохпут уһулуччу дьикти түгэнэ тосхойуохтааҕын мин сэрэйдим. Айылҕа тугу эрэ кэтэһэн иһийдэ.
Эмискэ икки кыталык кырыымпалыы кыҥкынас хаһыылара иһилиннэ. Кинилэр куоластарын атыттар иилэ хабан ыллылар да, киэҥ Амма хочото кыталыктар кылыһахтаах кыҥкынас куоластарынан туола түстэ. Бу түгэҥҥэ аан дойду үрдүнэн мин уонна кыталыктар эрэ баалларын курдуга. Кыталыктар хатан хаһыыларыттан мин сүрэҕим күүскэ тэппитэ, илиим тарбахтарыттан атаҕым тарбахтарыгар тиийэ дьикти сылаас сүүрээн дьырылаабыта. Эмискэ хайдах эрэ мин кыталыктар ортолоругар баар буола түһүөхпүн, дьолбуттан кинилэрдиин тэҥҥэ үҥкүүлүөхпүн баҕаран кэлбитим. Күн саҕахтан арахсан үөһээ күөрэйиитэ, улахан, маҥан, кыраһыабай бэйэлээх дьол көтөрдөрө – кыталыктар сиртэн арахсан, көтөн таҕыстылар, ырааттар-ыраатан, кыччаатар-кыччаан харахтан сүттүлэр.
Кинилэр тохсус халлааҥҥа Үрүҥ Аар Тойоҥҥо тиийэннэр уҥа кынаттарынан чиэс биэрээт: «Үрдүк сололоох Үрүҥ Аар Тойон! Эн бирикээскин толордубут. Биһиги, уон биир дьол көтөрдөрө, кыталыктар, ыарыһах оҕоҕо – Ваня Дьячковскайга үс дьолу тосхойдубут!» – диэбит буолуохтаахтар.
Үс төгүл дьолломмут оҕону аҕам сиргэ туруоруохтааҕа. Онуоха мин тута ийэбин көрдүү сүүрүөхтээҕим. Ону баара, тоҕо эрэ кини миигин илиититтэн ыһыктыбатаҕа.
Көрбүппүн сөҕөн-махтайан, аҕам дьиэбэр аҕалан, ороммор сытыарбытын билбэккэ да хааллым. «Оҕом дьоллоох киһи буолсу», – диэт, үлэтигэр барда. Ити кэмҥэ убайдарым-бырааттарым күннэрэ саҥа саҕаланан, туран таҥна сылдьаллара.
– Ваня, ити аҕабыт эйигин ханна илдьэ сырытта? – диэбитинэн убайым Кеша миэхэ сүүрэн кэлбитигэр, мин хап-сабар утары ыйыттым:
– Отец сказал: «Дьоллоох киһи буолсу». Что это такое?
– Оо дьэ, хайдах понимай суох?! Аҕам твоя жизнь будет «во!» диэтэ, – тылбаасчыт Кеша быһаарда уонна тойон эрбэҕин өрө хантаппытынан сирэйбэр сыҕайда.
– «Во!» диэн тугу ааттыыгыт? – диэбиппэр, убайдарым-бырааттарым бары тойон эрбэхтэрин миэхэ утары ууннулар:
– «Во!» аата «во!» буоллаҕа дии. Бачча боростуойу хайдах өйдөөбөккүн? – дэстилэр.
Итиччэ боростуойу, итиччэ өйдөнөрү бэйэм тобуларбар тиийдим. «Во!» диэн арааһа улахан суолталаах, мээнэ кэлбэт туох эрэ буоллаҕа. Арай биһиги палаатабытыгар улахан суолталаах комиссия кэлиитэ буолара. Комиссия кэлиэхтээҕин этэ да иликтэринэ, эрдэттэн сэрэйэрбит. Сиэстэрэлэр палаатабыт иһигэр уларыйар кыахтааҕы барытын уларыталлара, сууллар кыахтааҕы барытын хос-хос сууйаллара. Биһиги сыттыкпытын уонна суорҕаммытын биир да мырчыстаҕаһа суох гына көннөртөрөллөрө. Күҥҥэ хаста да сиэстэрэлэр комиссия хайдах киирэн кэлэрин үтүктэн көрдөрөн «репетиция» ыыталлара. Биһигини сөпкө мичээрдииргэ үөрэтэллэрэ. Ити күннэргэ «комиссияҕа» дьоллоох оҕо сааспытын сөпкө мичээрдээн көрдөрбүппүт иһин, киэһэ аайы бүтүн дьаабылыка манньаҕа тиксэрбит.
Ити түгэни санаан кэлэн, улахан суолталаах «во!»-ну сөпкө көрсөргө бэлэмнэммитинэн бардым: сыттыктаах суорҕаммын көннөрүннүм, баттахпын имэринним, дьоллоох оҕо саас мичээрэ хайдах буолуохтааҕын өйдүү сатаатым да, табыллыбата. Репетициялыыр сиэстэрэлэрбин суохтаатым. Күн ахсын, аан тыаһын иһиттэҕим аайы, «во!» киирэн кэлэрин кэтэһэрим. Күн-дьыл ааһан испитэ. «Во!» суоҕун курдук суох этэ.
Кистээбэккэ эттэххэ, «во!» хайдах сирэйдээҕин-харахтааҕын, дьүһүнүн-бодотун, туттарын-хаптарын, таҥаһын-сабын, тылын-өһүн, өйүн-санаатын билбэт этим. Ол эрээри киирэн кэллэҕинэ халлаан күөх хаймыылаах бүлүүһэҕэ ууруллубут үс сымыыты тута сылдьарыттан «во!» бу кэллэ диэн билиэм этэ. Сиэстэрэ Света остуоруйатыгар, ол сымыыттары алдьаппыт киһиэхэ дьол тиксэрэ.
«Во!» кэлэрин кэтэһэ таарыйа, уруһуйдуурум. Ол гынан баран, кыталык үҥкүүлээх хартыыналарым төһө да үчүгэйдик таҕысталлар, дьонум төһө да сөхтөллөр, хайҕааталлар, санаабар син биир туох эрэ тиийбэт курдуга. Уруһуйдарбын хас көрдөҕүм аайы, Амма кытылыгар сааскы саһарҕаҕа үҥкүүлүү сылдьар кыталыктар санаабар илэ тиллэн кэлэллэрэ, кырыымпалыы ырыалара дууһабын аймыыра, таайтарыылаах дьол сибикитэ сүрэхпин хам тутуталаан ылара. Хартыынабын көрбүттэр тас көрүҥүн эрэ сөҕөллөрө, мин курдук дууһалыын аймамматтара, кынаттаммыкка дылы буолбаттара, дьол чугас баарын сэрэйбэттэрэ, иннилэригэр биллибэт кэрэни кэтэспэттэрэ. Санаабар, мин кыталыктары үчүгэйдик билбэппиттэн, тугу эрэ ситэ өйдөөн көрбөккө хаалбыппыттан, дууһам ол өрүкүйүүтүн хартыынам сатаан тиэрдибэт курдуга. Кыталык үҥкүүтүн төһөнөн элбэхтик уруһуйдуубун да, соччонон күүскэ ол кытылбар тардыһарым. Аҕам иккистээн илдьибэтин билэр буоламмын, онно тиийэрим-тиийбэтим бэйэбиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдөөбүтүм уонна хайаан да угуйар кытылбар тиийиэм диэн бигэ санааны ылыммытым.
– Нохолоор! Кэлиҥ эрэ ыл, бары бэттэх! – диэн аҕам суостаах куолаһа таһырдьаттан аһаҕас аанынан иһилиннэ. – Ити тоҕо таһараа ыал ытын тааһынан тамныы сылдьаҕыт, ээ?! Бүгүн эмиэ баппат күҥҥүт үөскээбит дуу, тугуй? Мааҕын куоска кутуругар кэнсиэрбэ бааҥкатын баайан баран, өрүс таастарын устун сарылаһа-сарылаһа эккирэппит үһүгүт.
– Ону ким эйиэхэ үҥүстэ? – диэтэ Кеша.
– Ким үҥсүөҕэй? Үрүҥ Аар Тойон тохсус халлаантан эһиги оройгутунан харахтана сылдьаргытын көрөн баран сөбүлээбэтэх этэ.
– Үрүҥ Аар Тойон биһигини көрбүт даа? Оттон мин кинини тоҕо көрбөтөхпүнүй?
– Оскуолаҕа тугу үөрэтэҕитий? Үрүҥ Аар Тойон киһи хараҕар Күн буолан көстөрүн хайдах баччааҥҥа диэри билбэккитий? – диэтэ аҕам.
– Ээ, биллим! Аны мин күн суоҕар, түүн мэниктиир буолуом! Оччоҕо ким да эйиэхэ үҥсүө суоҕа! – Кеша саҥата иһилиннэ.
– Эмиэ сыыһа саҥарда! Ыйы күн оҥоһуннаххына, дууһаҕын хара дьайга сиэтиэҕиҥ.
– Хара дьай диэн тугуй? Кини киһи дууһатын хайдах сиирий?
– Түүннэри сылдьар кыргыттар оскуолаларын бүтэрбэккэ эрэ төрүүллэр, уолаттар арыгыһыт, хаайыы дьоно буолаллар. Ол иһин сырдыкка, ырааска тардыһар киһи күнү кытта тэҥҥэ сылдьыахтаах. Үрүҥ Аар Тойону, ол аата күнү үөрдэ сылдьыахтааххын. Оччоҕо эрэ дьоллоох буолаҕын.
– Күнү көрөн тураммын үөр да үөр буолабын дуо?
– Бэйэҥ үтүө быһыыгынан-майгыгынан күн оҕолорун – дьону, кыыллары-көтөрдөрү, оту-маһы, уу, сир, уот иччилэрин хомоппот гына тутта-хапта сылдьыахтааххын. Баара-суоҕа биир күн иһигэр, мин билэрбинэн, эһиги куосканы кытары ыты хомоттугут. Кэлин бэйэҕит ыт дуу, куоска дуу буолан хааллаххытына, эһигини тааһынан быраҕаттыыллара, бааҥкалаах сүүрдэллэрэ төһө бэрт буолуой?
– Ол хайдах биһиги ыт дуу, куоска дуу буолан хаалыахпытый? – дэстилэр уолаттар.
– Тохсус халлааҥҥа олорор Үрүҥ Аар Тойон ким тугу гынарын барытын көрө-билэ сылдьар. Ким төһө уһуннук олорорун уонна өлөн баран анараа олоҕор туохха кубулуйарын барытын кини эрэ быһаарар. Ыттары наһаа атаҕастыыргытын көрдөҕүнэ, ыт оҥорон кэбиһиэҕэ. Киһи бу олоххо быстах олорор. Урукку олохпор мин ыт этим. Аныгыскы кэлэр олохпор мин сылгы буолуоҕум.
– Ону эн хантан билэҕин?
– Ыттар миэхэ сысталларын көрөөччүгүт суоҕа дуо? Ити мин урут ыт буола сылдьыбыппын билэллэр. Оттон мин бэйэм сылгыны наһаа сөбүлүүбүн, сылгыга туох да куһаҕаны оҥорботоҕум. Ол иһин кэлэр олохпор сылгы буоларбын билэбин. Чэ, дьиэҕэ киириэҕиҥ. Мин эһиэхэ тугу эрэ аҕаллым, – диэтин кытта бары дьиэҕэ кутуллан киирдилэр.
– Нохолоор! Эһиэхэ тыһыынчанан бырдах саба түстэҕинэ хайдах гыныаххыт этэй?
– Ээ, ол диэн боростуой буоллаҕа дии – хатыҥ лабааларын тоһутабын уонна онон сапсынабын.
– Оттон мин түптэ оҥостобун. Аттыбар кымырдаҕас уйата түбэстэҕинэ, түптэ үчүгэйэ диэн ол буоллаҕа дии!
– Оттон мин…
– Тохтооҥ эрэ, нохолоор! Сибилигин эппиппин умна оҕустугут дуу, кырдьаҕастар тылларын: күөх оту тосту үктээмэ, сытар ынаҕы туруорума диэни. Итинэн тугу этэллэрэ буолуой?
– Ээ, оттон мин буоллаҕына талаҕы тоһуппаппын ээ, түптэлэммэппин даҕаны. Миэхэ туох да наадата суох. Мин бырдаҕы бэйэтин илиибинэн өлөрөбүн.
– Ити эмиэ сыыһа быһыы, – диэт, аҕам сакыбайааһыттан дэйбиирдэри хостоон таһаартаата, уолаттарга хас биирдиилэригэр туттартаата. Дэйбиири хайдах туттары, хайдах илдьэ сылдьары быһаарда.
– Нохолоор! Хас биирдии от-мас, үөн-көйүүр, сүүрэр-көтөр, сиргэ үүнэр, ууга устар, ол иһигэр биһиги дьон эмиэ айылҕа оҕолоро буолабыт. Онон, төһө кыалларынан, бэйэ-бэйэбитин кытта эйэлээхтик олоро сатыахтаахпыт. Киһи төһөнөн элбэх айылҕа оҕотун атаҕастыыр да, соччонон ол киһи бэйэтин дьолун сарбыйар. Үрүҥ Аар Тойон айылҕа оҕолорун барыларын тыынар тыынныыр. Ол аата, кини айылҕа оҕолоругар биэрбит олоҕун биһиги сарбыйарбыт улахан аньыы! Кеша, мэ, бу Ваня дэйбиирин илдьэн оронун үрдүгэр ыйаа эрэ.
– Ваняҕа тугун дэйбиирэй? Кини син биир таһырдьа тахсыбат буолбат дуо?!
– Эһиги итинник оройгутунан көрө сылдьыаххыт кэриэтэ, туһалааҕынан дьарыктанан, Ваняны хаамарга үөрэтэргит буоллар, быдан ордук буолуо этэ. Куруук маннык сытыа дуо? Кини эмиэ киһи-киһи курдук туран хаамыа буоллаҕа. Чэ, мин үлэбэр бардым. Киэһэ кэлиэхпэр диэри таһырдьа быгыалаамаҥ!
Аҕам тахсаатын кытта, уолаттар ааҥҥа сүүрэн тиийэн быгыалаан көрдүлэр: «Аҕабыт көстүбэт буолла, оонньуу бардыбыт!» – диэбитинэн таһырдьа ойон хааллылар.
* * *
– Валера, мэ, бу бытыылкаҕа уута кутан аҕал эрэ, оҕобут үүтэ бүтэн хаалбыт. Чэ, кытаат-кытаат, ытаан аҕай эрэр буолбат дуо? Мин суутун уларытыам, эмиэ ииктээбит.
– Ииктээминэ, эн мааҕыттан быһа уу иһэрдэҕин буолбат дуо?
– Хайа, биир да кураанах суу хаалбатах дии! Пана, бар таһырдьаттан ыраас суута киллэр эрэ. Куурда ини.
– Ханнааҕы ыраас суугун этэҕин, Кеша! Бу икки таас ииктээх суу сытар дии!
– Оттон бүгүн ким сууйар уочаратай?
– Мин буолбатах! – дии түстүлэр «ньээҥкэлэр» бары.
– Чэ, чэ түргэнник ууга сайҕыы түһэн бараҥҥыт, таһаараҥҥыт ыйыы охсуҥ!
– Арба даҕаны, бырааппыт бүгүн икки ыйын туолбут эбит. Чэ, суута кууруор диэри мин оҕону бэйэм ырбаахыбар суулаатым.
Ити курдук, төһө да элбэх ньээҥкэ көрдөр, төрөөбүт күннээх оҕобут ытыыра тохтообото. Истэ сатаан баран, ийэм ырыаларын ыллаатым. Онуоха оҕобут дьэ уоскуйда.
– Ваня, ити эн хантан билэҕиний, ырыа ыллаатахха оҕо утуйарын?
– Эһиги таһырдьа оонньуу сырсан хааллаххытына ытааччы аҕай. Мин хайдах да гыныахпын билбэккэ, аралдьытаары ырыа ыллааччыбын да, син биир тохтообот этэ. Билэр ырыаларым бүтэннэр, ийэм ырыаларын ыллаан барбыппар, тута уоскуйан хаалбыта. Онтон ыла билэбин. Кеша, биһиги ийэбит нууччалыы өйдөөбөт, саҥарбат эрээри, ити хайдах нууччалыы ырыа бөҕөнү билэрэ буолуой? Уонна тоҕо наар байыаннай эрэ ырыалары ыллыыра буолуой?
– Ээ, ону мин билэбин-билэбин, – диэт, Кеша ийэбит оронун анныттан туох эрэ дьааһыгын таһаарда.
– Бу – патефон. Билигин истээр эрэ, – убайым «Песни красных конармейцев» диэн соҕотох пластинка баарын ылан холбоон кэбистэ.
Ол күн орой мэник уолаттар уонна мин, кыра уолбут утуйа сытар диэн чуумпурбакка, сонуммут ааһыар диэри, пластинканы хос-хос холбуу-холбуу, кыһыл конармеецтары кытта «ийэбит ырыаларын» тэҥҥэ ылласпыппыт.
* * *
Биир күн убайдарым-бырааттарым таһырдьа оонньуу тахсан баран наһаа өр буоллулар. Күн-дьыл ааһан иһэр да, баччааҥҥа диэри ороммуттан тура иликпин. Маннык сыттахпына хаһан хаама үөрэниэхпиний? Ити убайдарым-бырааттарым оронтон бэрт чэпчэкитик ойон туралларын күн аайы көрөбүн. Оттон мин да кинилэр курдук турар инибин. Атахпын муостаҕа түһэриэхпин эрэ наада. Орон кырыытыттан тутуһаммын, атахпын илиибинэн сыҕарытан, кытыыга чугаһаатым. Эмискэ «тимир куйаҕым» муостаҕа охсуллар тыаһа иһилиннэ.
– Убайда-ар, киирэ охсуҥ! Манна Нуучча Уйбаан оронуттан сууллубут! – диэн хаһыытаабытынан, үс саастаах быраатым Ион, сибэкки тутуурдаах миэхэ чугаһаата.
– Ваня, көр бу – сардаана диэн сибэкки. Биһиги ыраах да ыраах бара сырыттыбыт. Онно маннык сибэкки элбэх, атыттар эмиэ бааллар.
– Ыраах да ыраах даа? Онно ийэбитин көрдүгүт дуу?
– Суох.
– Оттон ийэбит «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ барбыта буолбат дуо? Сибэккини кини үүннэрдэҕэ дии! Көр бу, дьиэҕэ да үүннэрбит сибэккилэрэ тыллыбыттар, эмиэ олус кыраһыабайдар. Оттон онно ийэбит ырыата иһиллибэт дуо? Кыталыктар үҥкүүлэрин көрбөтүгүт дуо? Аҕам кыталыктары «Ыраах да ыраах» көрбүппүт диэбитэ.
– Суох, онно биир да ырыа иһиллибэт. Кыталыктары да көрбөтүбүт.
– Оччоҕо эһиги тугу гынныгыт, онно?
– Биһиги сэриилэһэ оонньоотубут ээ.
– Оо, кэм буолуо! Аҕам эһигини «бэйэлэрэ эрэ хааллахтарына, оройдорунан көрөллөр» диэн сөпкө мөҕөр эбит. Мин эһиги курдук сатаан хаамарым эбитэ буоллар, ол «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ тиийэн сэриилэһэ оонньообокко эрэ, ийэм ырыатын иһиллээн, ийэбин булан, кини буһарбыт минньигэс аһын аһаан баран, онно үүннэрбит сибэккилэригэр уу кутуо уонна иккиэн кыталык үҥкүүтүн көрүө этибит. Киэһэ дьиэбэр ийэбин илдьэ кэлиэм этэ.
– Хайа-а, Ваня, бу хайдах охтон түстүҥ? – диэбитинэн убайдарым дьиэҕэ кутуллан киирдилэр.
– Мин туран хаамаары оҕуннум.
– Хаамаары даа? Хаамар диэн боростуой буоллаҕа дии: турдуҥ, атаххын хамсаттыҥ да бүттэ. Сибилигин биһиги эйигин хаамарга начаас үөрэтиэхпит, – диэбитинэн икки убайым хонноҕум анныттан туруору тартылар, икки атыттара атахтарбар түстүлэр. Үс саастаах Ион инчэҕэй тирээпкэнэн муостаҕа атах суолун ойуулуу-ойуулуу: «Манна үктэн, манна үктэн!» – бөҕөнү түһэрдэ. Сотору буолаат: «Ваня сытан эрэ улаатар буолан, ыарахана бэрт эбит. Ээ, суох, ити тимир куйаҕын ыйааһына. Айыкка да айыкка, сынньана түһүөххэ», – дэстилэр уонна ороммор төттөрү сытыардылар. Бэйэлэрэ олорон эрэ «мунньахтаатылар»:
– Киһибит олох да атаҕар сатаан турбат эбит дии! Ону биһиги хаамтара сатыыбыт.
– Кыра оҕо хаамыан иннинэ аан бастаан сыылла үөрэнэр. Онтон олорор. Ол кэнниттэн биирдэ хаамар.
– Сыылла даа? Ол хайдах сыылла үөрэтэбит?
– Ити таһараа Ынахтаахтар кыра оҕолоро сыыллыбакка эрэ, олоро үөрэммит үһү. Онтон хаамар буолбут.
– Ээ, оччоҕо биһиги эмиэ Ваняны олорорго үөрэтиэххэ. Ол судургу буоллаҕа дии!
«Мунньах» быһаарыытынан, миигин олоппоско биэс өттүттэн өйөөн олортулар. Балайда буолан баран, саамай кыралара:
– Биһиги бүгүн оонньоон бүттүбүт даа? Күнү быһа маннык тутан турабыт даа? – диэтэ.
– Быанан баайыахха ээ, бэйэтэ олоро үөрэннин.
– Ээ, кырдьык даҕаны! – дэстилэр.
Инньэ гынан, миигин олоппоско ситиинэн кэлгийдилэр, чэпчээбиттии өрө тыынаат, оонньуу сырсан хааллылар. Сотору соҕус: «Аҕабыт иһэ-эр, аҕабыт иһэр!» – дэһэ-дэһэ сүүрэн киирдилэр.
– Түргэнник сүөрэ охсуҥ, быатын!
– Чэ, чэ, түргэтээ!
– Аҕабыт кэллэ дии, кэллэ!
– Бар, туораа эрэ, ыл эн, мэһэйдээмэ!
– Ити баар дии, барыта эйигиттэн! Быатын ыйылыннары тарпыккын! Кыайан сүөрбэтим! Чэ, чэ, көтөх! – аймалаһыы бөҕө буоллулар.
Аҕабыт киирэн кэллэ. Мин ороҥҥо олоппостоох сытабын.
– Бу куру тоҕо аан аттыгар ыйаабытым буолуой? Этэ охсуҥ эрэ! – диэтэ аҕабыт.
– Ыларга чугас буоллун диэн! – «чап» гыннарда кырабыт.
– Бачча кыра дьиэҕэ түннүк да чугас! Таһырдьа тахсалларыгар, дьиэҕэ киирэллэригэр ити курдаах чыпчаххайы көрдүннэр, буруйу оҥорботуннар диэн ыйаабытым! Ыстааҥҥытын сулбурутуҥ, ороҥҥо сытыҥ, – диэт, аҕам барыларын кэрийэ сылдьан, курунан сымнаҕас сиргэ биирдиитэ охсуталаата. Үс саастаах Ион: «Айыка!» – диэн хаһыытаата. Онуоха: «Эр киһи эрээри тоҕо хаһыытыыгын, тулуурдаах буола үөрэн! Сэбиэскэй Сойууска «айыка» диэн суох! – диэт, оҕону кур төбөтүнэн үстэ охсубута буолла.
Почта таһааччы Шестаков оҕонньор киирбитин ким да өйдөөн көрбөтө.
– Хайа, Дьуона, оҕолоргун тоҕо таһыйталаатыҥ? Туох буруйу оҥордулар?
– Буруйу оҥорбуттарын кэннэ таһыйан туох туһа? Буруйу оҥорботуннар диэн таһыйабын. Пырапылаактыка дэнэр.
– Баттаҕым бачча маҥхайыар диэри олордум да, пырапылаактыка диэн оҕону иитэр ньыманы истэ иликпин.
– Былыргы оҕонньор ону хантан истиэххиний?! Көрбөккүн дуо, бу Уйбааннарын ыт оҥоро сыспыттар. Дьэ, сордоох оҕолор. Татыйааһым эрдэ баран хаалаахтаан, бу уолаттар кыайтаралларыттан аастылар. Хата, кэлбиччэ көмөлөс, Уйбааны сүөрүөххэ. Хайдах-хайдах баайбыттарый? Нохолоор! Бырааккытын хаамтара сатыыргыт хайҕаллаах дьыала. Ол эрээри, сэрэнэн тутуҥ-хабыҥ. Олоппостоох быраҕаттаамаҥ!
Ити түбэлтэ кэнниттэн, убайдарым күн аайы кэриэтэ миигин олорорго үөрэтэр буолбуттара.
* * *
Бүгүҥҥү күн дьиибэтик саҕаланна. Сарсыарда эрдэттэн дьиэҕэ араас улахан, кыра, хортуон, фанера, хаппахтаах диэн, аһаҕас диэн дьааһыктар «киирэн кэллилэр». Уолаттар бокуойа суох ити дьааһыктарга оонньуурдарын тамнааттаатылар. Сорох дьааһыкка «рядовойтан» саҕалаан «маршалга» тиийэ званиелардаах араас кыыл, сүөһү сүһүөхтэрин уҥуохтарын уурдулар. Ити сүһүөхтэр хас биирдиилэрэ бары ааттаах-суоллаах, чыыннаах-хааннаах «дьоннор». Саамай улахан тайах, оҕус сүһүөхтэрэ маршал Жуков, маршал Рокоссовскай, генерал Доватор, генерал Панфилов «ааттарын сүгэллэрэ». Бэл кыра туртас, сибиинньэ сүһүөхтэрин уҥуохтара «биллиилээх дьон» этилэрэ: рядовой Александр Матросов, эдэр гвардеец Олег Кошевой, лётчик Алексей Маресьев, снайпер Фёдор Охлопков уонна да атын Советскай Союз геройдара. Ол сэрии кэннинээҕи сыллар оҕолоро куруук сэриилэһэ оонньууллара. Сэрии туһунан кинилэргэ аҕалара, убайдара – уоттаах сэрииттэн саҥа эргиллэн кэлбит дьон кэпсииллэрэ.
– Чэ, үлэбитин ортолостубут. Армия барыта барарга бэлэм буолла. Аны муостаах-туйахтаах хомуллара хаалла, – диэттэрин кытта, ити этиллибит оҕустар, ынахтар, тыһаҕастар, борооскулар, ньирэйдэр, аттар, биэлэр, үөр атыырдара, тыйдар, убаһалар, кулунчуктар ферма-ферманан, үөр-үөрүнэн дьааһык диэки «көтөн элээрдилэр». Оҕус, ынах, сылгы, биэ диэн сааскы иирэ талаҕынан мындырдык оҥоһуллубут оонньуурдарын ааттыыллара. Саҥа бүтэн эрдэхтэринэ: «Бу туох дьааһыктарынан киирэр ааны бүөлээтигит?» – диэбитинэн, аҕам киирэн кэллэ.
– Ээ, ити биһиги оонньуурдарбытын дьааһыкка хаалаатыбыт. Аммаҕа илдьэ барыахпыт, онно эмиэ оонньуохпут буоллаҕа дии!
– Тэлиэгэ баржа буолбатах, ат да тыраахтар буолбатах. Хаамар уолаттар бары сатыы барыаххыт. Онон оонньуурдаргытын доҕотторгутугар бэлэхтээҥ.
– Оччоҕо биһиги Аммаҕа оонньообоппут дуо?
– Оонньуу сылдьыаҥ дуо? Аммаҕа үөрэнэ бараҕыт буолбат дуо? Аты көлүйүөхпэр диэри аһыы охсуҥ. Бу оонньуурдары оннуларын булларыҥ. Чэ, хамсанан иһиҥ! Чаас ыраатан эрэр, айан ыраах, – диэт, аҕабыт тахсан барда.
– Оо, дьэ, оонньуурбут манна хаалар дуо? Аммаҕа хайдах оонньообокко сылдьыахпытый? – кыҥкыйдаата кыралара.
– Чэ, буоллун! Аммаҕа да саҥа армия хомунуохпут буоллаҕа дии! Онно да сүһүөх көстөр ини.
– Ханнааҕы сүһүөхтэргин этэҕин? Амма диэн оройуон киинэ! Онно булт суох. Эт сиэбэттэр.
– Оччоҕо тугу аһаан-сиэн олороллоруй?
– Онно пекарня диэн дьиэ баар үһү. Ол дьиэҕэ нууччалар астарын астыыллар үһү.
– Ол туох астарый?
– Килиэп, нуучча лэппиэскэтэ, булочка уонна пончик. Наһаа минньигэс сурахтааҕа.
– Оо дьэ, бэрт эбит! Сиэм да буоллаҕа, ол булочканы, чахчы минньигэс буоллаҕына!
– Ээ, мин бэйэм дьааһыкпын манна син биир хаалларбаппын, – диэн тыҥкынаата кыра уолбут.
– Аҕабыт туох диэбитин истибитиҥ дии! Тэлиэгэҕэ Ваняны кытта кыһыл оҕо эрэ бараллар. Эн ити дьааһыккын уон сэттэ биэрэстэ тухары өрүс итии таастарын уонна бааһына батыллар бадараанын устун сүгэн-көтөҕөн Аммаҕа тиэрдиэм диир буоллаххына, ыл! Оттон мин шмайцербын быалаан баран, сүгэн илдьэ барабын. Шмайцера суох онно, саҥа сиргэ – Аммаҕа хайдах да сатаммаппын, – диэтэ убайбыт.
Улахан убайбыт Кеша Чакыр начаалынай оскуолатын бүтэрэн, үөрэҕин Аммаҕа салҕыахтааҕа. Оройуон киинигэр көһөн киириибит сүрүн төрүөтэ ити этэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?