Текст книги "Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн"
Автор книги: Иван Дьячковский
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 5 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
– Киһи олоҕо бу хайаны дабайыыга эмиэ майгынныыр. Биһиги чыпчаалга тус-туспа суолларынан таҕыстыбыт. Эһиги сыраҕытын бараан, туруору сирэйинэн хатаастан таҕыстыгыт. Оттон мин хатаастар кыаҕым суох буолан, сырыынньа сиринэн оргууй аҕай таҕыстым. Биһиги ортобутугар саамай улахан хорсун быһыыны ким көрдөрбүтэ буолуой? Кини төһө да эһигини кытта тэҥҥэ тахсыан баҕардар, аттыгар баар киһиэхэ көмөлөһөн, дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыанын көрдөрдө. Биллигит дуо, кини кимин? – диэтэ.
– Билэ-эн, билэн, – дэспитинэн уолаттар Кыталык Кыыска сибэкки үргээн туттардылар.
Итини көрө олорон мин, манна тоҕо кэлбитим буолуой диэн кэмсинэ уонна бэйэбиттэн бэйэм кыһыйа санаатым. Бастакытынан, бу чыпчаалтан күн утуйар ороно көстүбэт эбит, иккиһинэн, мин хайаҕа оҕолортон урут тиийэн сибэкки булар баҕалааҕым табыллыбата, кыбыстыыта да бэрт, кыргыттар соһон таһаардылар. Үсүһүнэн, учууталбар уонна Кыталык Кыыска сибэкки үргээн биэриэхтээҕэр, турар да кыаҕым суох буолан, салыбырыы-салыбырыы маска өйөнөн олорон эрэ, уотунан аһыйар ытыспыттан дөлүһүөн хатыыларын итигэстии сатыыбын. Хайа кыыс маннык уолу кытта доҕордоһуон баҕарыай? «Я хочу с тобой дружить» диэн саппыыскабын биэрэрим билигин өссө да эрдэ. Любовь Григорьевна кинигэлэригэр баар герой дьон курдук элбэхтик эрчиллэн, эппин-хааммын дьарыктаан, хаһан эмэ мин бостуук уол курдук буолуом дуо, Кыталык Кыыска тапталбар билинэммин, дьол сибэккитин – эдельвейсы булан бэлэхтиэм дуо?
– Көрүҥ эрэ, көрүҥ эрэ, Амма өрүс көнө буолбатах эбит. Хас да сиргэ улаханнык өҕүллэр, – дии-дии сибэкки тутуурдаах Кыталык Кыыс хайа кырыытыгар чугаһаата. Тула өттүттэн уолаттар сырсан тиийдилэр.
– Оол-ол бастакы эргиир хомотун уута сылаас бөҕө, ыаммытынан үүт курдук. Эн биһи сөтүөлээбиппит дии Лёня? – диэтэ Вася.
Лёнята, кинини садьыйан кэбиһээт:
– Оол-ол арыы бэтэрээ тумуһугар мин аҕабын кытта балыктааччыбын. Соторутааҕыта бачча улахан крокодил саҕа сордоҥу туппуппут.
Ити курдук, уолаттар ону-маны кэпсээтэхтэрин аайы, Кыталык Кыыс миигиттэн тэйдэр-тэйэн иһэргэ дылы буолбута. Хайа эрэ кинигэҕэ «За любовь надо бороться!» диэни аахпыппын санаан кэллим. Ытыһым аһыйарын умнан, хараҕым уутун соттоот:
– Оол, ыраах иннигит диэки көрүҥ эрэ, өрүс хаҥас диэки улаханнык өҕүллэр сиригэр туруору Буор Сирэйи көрөҕүт дуо? Ол бэтэрээ өттүгэр кумах тумулга былырыын саас аҕабынаан уон биир үрүҥ туруйалар-кыталыктар үҥкүүлэрин көрбүппүт.
Оҕолор бары чуумпура түстүлэр. Арааһа, мин барыларыттан ордугу кэпсээтим быһыылаах диэн астына турдахпына:
– Ваня, баһаалыста сымыйалаама. Үрүҥ туруйа диэн суох. Туруйа сиэрэй эрэ буолар. Мин нуучча норуотун остуоруйатын элбэҕи аахпытым. Онно сиэрэй эрэ туруйалар бааллар, – Кыталык Кыыс инньэ диэбитигэр оҕолор бары мин диэки көрө-көрө күлсэн тоҕо бардылар. Мин, кырдьыкпын балыйтаран, кыһыйыы бөҕөнү кыһыйдым уонна:
– Мин улааттахпына, сиэрэй туруйаттан ураты кыталык диэн үрүҥ туруйа баарын барыгытыгар хайаан да дакаастыам! Өссө эбиитин билиэххитин баҕардаххытына, атын да араас өҥнөөх туруйалары булан эһиэхэ көрдөрүөм! – хараҕым ууламмытын кистээри, кинилэртэн тэйдим.
Ойуурга уоскуйа түһэн баран, ырааһыйаҕа волейбол оонньуу сылдьар оҕолорго чугаһаабыппар, бары тохтоон хааллылар, миигин түҥнэри көтүмээри, мээчиктэрин кыбынан баран тураллар. Оҕолорго мэһэйдээмээри, тэйэн биэрдим. Биир кинигэҕэ сурулларынан, хайа саамай үрдүк чыпчаалыгар – оройугар баҕа санааҕын андаҕар курдук эттэххинэ, хайаан да туолар. Атын кинигэҕэ: «Баҕа санааҕын кумааҕыга суруйан, хайа оройугар көмтөххүнэ, хайаан да туолар», – диэн суруллубут этэ. Оттон мин хайа чыпчаалыгар иккиэннэрин толорбутум. Баҕа санаам, андаҕарым: «Мин улааттахпына хайаан даҕаны аан дойдуну барытын кэрийиэм уонна дьол, таптал символларын барыларын булуом!» – диэн этэ.
Күн киэһэрэн барда. Варвара Лукинична Аммаҕа хайдах тии-йэр? Бу хайаттан да хайдах түһэрин сатаан санаабаппын. Хайаттан түһүү хайаҕа тахсардааҕар ыараханын кинигэлэртэн билэрим. Мин санаабын таайбыт курдук, аллараттан Варвара Лукинична кэргэнэ Елисеич бу тахсан кэллэ. Кини учууталбытын хайаттан көтөҕөн түһэрдэ. Велосипед раматыгар олордон баран, көрдөөх кэпсээннэри кэпсии-кэпсии биһигинниин сэргэстэһэн велосипедын анньан истэ. Бу паараны көрө-көрө мин эдельвейс туһунан номоҕу санаан кэллим. «Бостуук уол аата Елисеич, принцесса аата Варвара Лукинична диэн эбит», – диэн түмүккэ кэллим. Саҥа учууталбыт Варвара Лукинична төһө да эрэйинэн хаамтар, биһигини бачча ыраах Короленко хайатыгар үөһэттэн төрөөбүт дойдуларын кэрэтин көрдүннэр диэн илдьэ сырытта. Киниэхэ бу поход – расписание быһыытынан оҥорбут подвига буолуохтаах.
Кэлин бу поход туһунан уруокка сочинение суруйбуппут. Оҕолор бары «үчүгэйдик аһаатыбыт, үчүгэйдик оонньоотубут» диэн суруйбуттар этэ. Оттон мин «хайа чыпчаалыгар эппит андаҕарбын толорорго дьулуһуом» диэн суруйбутум. Учууталбыт сочинениеларбытын ырыта олорон: «Кылаас оҕолоро бары кэриэтэ «походка түөртэ үчүгэйдик оонньообуппут, үстэ үчүгэйдик аһаабыппыт» диэн суруйбуккут. Маны эрдэттэн билбитим буоллар, маннык суруйбут оҕолору походка илдьиэм суоҕа этэ. Кылаас да иһигэр үчүгэйдик оонньуохха уонна үчүгэйдик аһыахха сөп. Походка саамай туһалаахтык Ваня Дьячковскай сылдьыбыт эбит. Кини Короленко хайатыгар эппит үс андаҕарын хайаан да толоруо диэн эрэнэбин», – итинник тылларынан Варвара Лукинична уруогун түмүктээбитэ.
Баһаатай Нина, эбэтэр абааһылар уйаланар сирдэригэр
– Оҕолоор, тохтооҥ эрэ! Ким да дьиэлээбэт. Мин Нина Абдульманова диэммин. Алтыс кылааска үөрэнэбин. Дружина сэбиэтэ миигин эһиэхэ баһаатайынан анаата. Муус устарга пионерга ылыы буолар. Онуоха диэри уон саастарын туолар оҕолор уонна үөрэх туйгуннара илиигитин уунуҥ эрэ! – диэбитигэр, Кыталык Кыыс уонна икки второгодник илиилэрин ууннулар. Ону көрөөт, мин Кыталык Кыыстан хаалсымаары, илиибин ууна оҕустум. Мин эмиэ туйгуннук үөрэнэбин.
– Эһиги билигин дьиэлээбэккит, мантан ыла күн өрүү-өрүү уруок кэнниттэн хаалан, пионердар сокуоннарын үөрэтиэхпит.
– Ээ, суох, биһиги пионерга киириэхпитин баҕарбаппыт, дьиэлээтибит! – дэстилэр второгодниктар.
– Барымаҥ-барымаҥ! Мин сокуоннары үөрэтэн баран, эһиэхэ абааһылааҕы кэпсиэҕим.
Абааһылааҕы истэр баҕаттан второгодниктар хааллылар. Миигин уҥуоххунан кыраҕын диэн таһааран кэбистилэр. Мин дьиэбэр барбакка, аан быыһынан көрө-көрө пионердар сокуоннарын үөрэттим. Дьэ, баһаатай Нина абааһылааҕы кэпсээри гынна! Уолаттар уоту умуллардылар. Мин киирэн Кыталык Кыыс аттыгар олорунан кэбистим.
– Арай биирдэ, былыргы да былыргы быраҕыллыбыт киһи уҥуоҕар, хараҥа да хараҥа күһүҥҥү түүн, абааһылар уйаланар сирдэригэр маннык түбэлтэ буолбут… – диэн Нина сүрдээх кутталлаах кэпсээнин саҕалаата.
Уот умайаатын кытта, Кыталык Кыыс миигиннээҕэр лаппа күүстээх, киһи эрэнэр дьонугар – иккис сылын билиилэрин чиҥэтинээччилэргэ: «Миигин дьиэбэр диэри атааран биэриҥ эрэ», – диэтэ. Үһүөн тахсан бардылар.
– Ваня, эн хараҥаттан куттанаҕын дуо? – ыйытта Нина.
– Суох, суох! – диэтим мин кутталбыттан салыбырыы-салыбырыы.
– Миигин дьиэбэр атаараҕын дуо?
– Сөп, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Тула өттүбүн көрүнэ-көрүнэ бэйэбинээҕэр улахан кыыһы атааран истэхпинэ, өлүү түбэлтэлээх, биир кыра гынан баран киҥнээх ыт кэлэн үрэ-үрэ биһигини тула көппүтүгэр, мин баһаатай күлүгэр буола сатаатым. Нина ыты суумканан сырбатан үүрдэ уонна: «Дьэ, рыцарь эбиккин!» – диэтэ. Кыбыстаммын, ханна барыахпын, тугу этиэхпин булбаккабын: «Мин эйигин көхсүгүттэн харабыллаабытым», – диэтим.
– Ваня, туох айылаах тоҥнуҥ? Киирэн биһиэхэ иттэн таҕыс.
Кырдьык, мин тоҥон дуу, кутталбыттан дуу (кистээбэккэ эттэххэ иккиэннэриттэн) бабыгыраан, тииһим ыпсыбат буолбут этэ. Дьиэҕэ киирэн, бу татаар ыалын дьиэтэ саха да, нуучча да ыалын дьиэтиттэн туох да уратыта суоҕун көрөн соһуйдум. Арай Нина хостон бүтүннүү биинтэлэммит куоска оҕотун көтөҕөн таҕыста.
– Хайа, Нина, бу куоска оҕото туох буолла?
– Бэҕэһээ бу куоскам оҕотун Барбос диэн арбайбыт улахан ыт тииһиттэн былдьаабытым.
– Ол ыттан куттамматаҕыҥ дуо?
– Хайдах куттаныам суоҕай, киһи буолан баран? Бэйэбин ыкка сиэтэн эрэр куоска оҕотун курдук санаммытым. Ол куттал мин ыттан куттанарбын баһыйбыта. Таптыыр куоскабын таҥнарыахпын баҕарбатаҕым.
– Оо, мин оччо ынырык ыкка киирэн биэрбэппи-ин!
– Ваня, эн кырдьык киирэн биэриэҥ суоҕа этэ. Эн куттаскын мааҕын көрбүтүм. Мин Мурзигы быыһаабатаҕым буоллар, олоҕум тухары суобаһым, дууһам моруу буолуо этэ. Ваня, эн хайаан да кутталгын хам баттыырга үөрэниэххин наада! Кыра оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ, улааттаххына таҥнарыахсыт буолуоҥ.
Дьиэбэр төннөн истэхпинэ, хас хараҥа муннук аайыттан Нина кэпсээбит абааһылара миигин кэтии көрөр курдуктара. Сыыһа-халты тутуннахпына, бары сырсан кэлэн сииллэрэ буолуо. Ол эрээри, таҥнарыахсыт буола улаатыам кэриэтэ, сиир буоллахтарына сиэтиннэр!
Ити түүн хайдах гынан кутталбын хам баттыырга үөрэнэрбин толкуйдааммын утуйбатым. Мин саамай куттанарым, биллэн турар, Нина кэпсээбит абааһыларын уйата. Ол аата, онно тиийэн кутталбын хам баттыырга үөрэниэхпин наада эбит. Ол гынан баран, дьоммуттан хайдах көҥүллэтэбин? Былыргы киһи уҥуоҕар баран, олоро түһэн кэлээри гынабын диэтэхпинэ, ким миигин ыытыай? Суох буоллаҕа дии! Ол иһин күн аайы пионерга бэлэмнэнэ бардым диэн дьиэбиттэн тахсарым. Оттон дьиҥэ нэдиэлэ алта үөрэх күнүттэн күн өрүү-өрүү пионерга бэлэмнэнэрим, үс атын хонугар үөрэнэн бүтээт, күлүмүрдэс уоттаах Амманы кэннибэр хаалларан, былыргы да былыргы, быраҕыллыбыт киһи уҥуоҕар, хараҥа да хараҥа күһүҥҥү киэһэҕэ куттас санаабын кыайа тутарга үөрэнэр баҕаттан абааһылар уйаланар сирдэригэр олоро түһээри барарым.
Олоҕум бу кэрчик кэмэ абааһылары кытта «ыкса сибээстээҕэ»: биир күн хараҥа кылааска Нина абааһыларын кытта «теория өттүттэн» билсэрим, оттон сарсыныгар ол абааһылары уйаланар сирдэригэр илэ көрсө – «практикалана» барарым.
Алтынньы ыйдаҥалаах түүнүгэр абааһылар уйаларын хабыллар-хаба ортотугар киирэн, мантан хайдах эмэ гынан тыыннаах тахсыбыт киһи дии олоробун. Бытархай хара былыттар ыйбын сөп буола-буола хаххалаан ааһаллар. Былыттар уонна кириэстэр күлүктэрэ ол кэмҥэ хамсаан ылаллар. Хараҥа муннук аайыттан хара күлүктэр барыаран мин диэки кэллэхтэринэ, туох эрэ тымныы уонна хатыылаах миигин харбыырын кэтэһэрим. Кутталы кэтэһэртэн эмиэ киһи сылайар уонна «синэ биир! Сиир буоллаҕына сиэтин!» диэн санааҕа баһыйтарар эбит. Ол олордохпуна, төбөбүттэн туох эрэ харбаата!
Киһи хаһыытыгар майгыннаабат дьиикэй кыыл часкыыра мин дууһабыттан төлө көтөн тахсан ой дуораанынан хатыланан күһүҥҥү хараҥа халлааҥҥа тарҕанна. Ый сырдыгар улахан төбөлөөх көтөр мин бэргэһэбин ыһыктан эрэрэ көһүннэ. Кутталбыттан мууһуран хаалбыт курдук этим-сииним устун көлөһүнүм саккыраата. Һуу, өлбөтүм! Аныгыскы сырыыга истээх таҥастаах кэлиэм. Тоҥор киһи куттанар быһыылаах. Бээ, эрэ, төбөм? Хата бүтүн эбит! Убайым мотоциклын шлёмун кэтэн кэллэхпинэ сатаныыһы!
Ити курдук, ый аҥара сордоннум.
Бүгүн былыттаах, түһэр-түспэт ардахтаах, тыаллаах түүн. Кылабыыһа абааһылара тахсан илэ хаамсар түүннэрэ буолбут быһыылаах. Тоҕо эрэ кириэстэр кытыылара уонна киһи уҥуоҕун үрдүнээҕи таастар сырдаан көһүннүлэр. Сөп буола-буола абааһылар тойонноро киһи куйахата күүрүөх, күлэн саһыгырыыр. Истээх да таҥаһым абыраабата. Тииһим ыпсыбат буолуор диэри ис-испиттэн тоҥнум. Хайа эрэ кириэс иҥнэс гынан, таас томторуттан түөрэс гынан, хайдах эрэ ынырык сирэйдээх-харахтаах абааһылар, дьаллайбыт айахтаах тиистэринэн хабырына-хабырына, үөрүүлэриттэн часкыйталаан ыла-ыла, саһыгырыы-саһыгырыы, туйахтарынан тоҥ буору табыйа-табыйа хайдах эрэ курдук миигин тутан ылан тырыта тыытан тиистэрин-уостарын чаллырҕата-чаллырҕата сииллэр! «Манна бүгүн чахчы өлөр быабар кэлбиппин», – дии олордохпуна, кылабыыһа хас да өртүттэн абааһылар мин ааппын ааттаабытынан олох сиирдии, сорунуулаахтык тирээн кэллилэр. Дьэ, манна мин өлөр хаһыыбын хаһыытаатым! Арай абааһылартан саамай улаханнара тоҕо эрэ аҕам куолаһынан саҥарда:
– Нохоо! Бу туох буолаҥҥын манна кэлэн олордуҥ! Тоҕо түүннэри көрдөтө сылдьаҕын? Бу төбөҕөр сымыыт хаҕар дылы туоххунуй?
Һуу, хата абааһылар буолбатах, аҕам икки убайбын кытта миигин көрдөөн кэлбиттэр эбит. Күлэн саһыгырыыр абааһылар тойоннорун аҕам «ити хаххан» диэн быһаарда. «Тукаам, өлбүттэртэн куттаныма. Тыыннаахтар ортолоругар киһи тыыныгар саанар дьонтон сэрэнэр буол. Олортон да куттанар сатаммат. Киһи куттаннаҕына, өйө бааллар, сыыһа туттар», – диэн аҕам дьиэбитигэр төннөн истэхпитинэ сүбэлээбитэ уонна олох мөхпөтөҕө. Бу түгэнтэн ыла мин аҕабыттан куттанарым ааспыта. Бэйэтин олоҕор элбэх алдьархайтан тыыннаах ордубут аҕабар майгынныахпын наһаа баҕарбытым. «Кини аттыбар баар буоллаҕына, «саамай үчүгэй саллааппытын пулемётунан өлөрбүт «бэстилиэнэй ньиэмэс» сибилигин утары көрүстэҕинэ да, куттаныам суоҕа», – дии саныы-саныы, аҕам илиитигэр санныбынан сыстыбытым. Ити кыракый уолчаан кырата суох кыайыыта этэ.
* * *
Оскуолаҕа сынньалаҥҥа баһаатай Нина кылааска киирэн: «Бүгүн кулуупка Амма туһунан наһаа үчүгэй киинэ буолар. Ким барыан баҕарарый? Илиигитин уунуҥ эрэ!» – диэтин кытта, миигиттэн ураты бары ууннулар.
– Ваня, тоҕо барбаккын?
– Барыахпын баҕарабын да, харчым суох. Аҕам биэрбэт.
– Мин эйиэхэ билиэт атыылаһан биэриэм. Кылааскын кытта бииргэ сылдьыаххын наада.
Амма туһунан киинэни көрөөрү кэтэһэн олоробут. Арай экраҥҥа «Кубанские казаки» диэн сурук таҕыста. Мин Нина диэки хайыһан:
– Амма туһунан буолбатах эбит! – диэтим.
– Көр-көр! Аммаҕа устубуттара!
Киинэни салгыы көрбүппүт, кырдьык даҕаны, Амма бааһыналара, Амма бурдуга, дьоно да Покровка бөһүөлэк олохтоохторугар майгынныыллара.
Сарсыҥҥы күнүгэр Нина бүтүн кылааска ол киинэҕэ ылламмыт ырыалар тылларын үөрэттэ. Дойдубут Амма туһунан ырыа диэн үөрэ-көтө, киэн тутта:
Мне хорошо, колосья раздвигая
Сюда ходить вечернею порой,
Стеной стоит пшеница золотая
По сторонам дорожки полевой, —
диэн ыллаатыбыт.
Киэһэ Нинаны дьиэтигэр атааран иһэн, абааһылар уйаларыгар кутталбын хам баттыырга үөрэммитим туһунан кэпсээбиппэр дэлби күллэ:
– Ол туох туһугар баран киһи уҥуоҕар олордуҥ?
– Оттон куттаммат, хорсун уол буолаары!
– Хорсун буолар туһуттан киһи уҥуоҕар барар наадата суох. Бэйэҥ уйаҥҥын-хатаҥҥын олох араас түгэннэригэр билиэххэ сөп. Күүстээх санаалаах буоларга абааһылар уйаларыгар буолбакка, киһи бэйэтин олоҕор үөрэниэхтээх. Хас биирдии оҥорбут хорсун быһыыҥ олоххор улахан суолталаах буолуохтаах. Ваня, маладьыас, куттаммат буолбутуҥ көстөр: уруккуҥ курдук салыбыраабаккын, тулаҕын көрүнэ сатаабаккын, ыт үрэригэр кыһаммаккын, – диэн баһаатай Нина хайҕаата.
Бүгүн кэтэһиилээх пионерга киириэхтээх күнүм. Дружина сборун ортотугар, саастарын ситэн пионерга киирээри турар аҕыс маҥан ырбаахылаах оҕолорго аттыларыгар кэлэммин, тохсуһунан турунан кэбистим. Оскуола киэн туттар комсомолецтара аҕыс оҕоҕо хаалтыс баайдылар. Ол оҕолор баһаатайга андаҕар эттилэр. Горн, барабан чуумпураатын кытта, мин хаалтыһа суох турарбын көрөн, дружина барыта күлсэн тоҕо барда. Эмискэ: «Дружина! Равняйсь! Смирно!» – диэн кыыс куолаһа күлсэ турбут оҕолору чиккэс гыннарда. «Равнение на середину!» – диэн хамаанда биэрээт, Нина саллаат курдук хааман кэлэн, бэйэтин хаалтыһын сүөрүннэ уонна миэхэ баайда. Мин туох баар хорсуммун киллэрэн, кэлэҕэйдээбэккэ, улаханнык, дьоһуннаахтык андаҕар тылларын баһаатай Нинаҕа эттим. Ол күн мин саҕа дьоллоох оҕо оскуолаҕа суоҕа.
Саас кэлэн, күн уһаан, сылыйан барбыта. Биһиги баһаатай Ниналыын сааһы, көтөрдөрү көрсө, маҥнайгы ньургуһуннары көрө, скворечниктары ыйыы араас походтарга сылдьар буолбуппут. Сырыы аайы саҥаттан-саҥа пионерскай ырыалары үөрэтэрбит.
Ыам ыйын саҥатынааҕы биир ылааҥы күн, переменаҕа баһаатай Нина үгэһинэн үөрэ-көтө кылааска көтөн түстэ:
– Оҕолоор, ыам ыйын 19 күнэ – пионерия күнэ чугаһаата. Ол күн бүтүн оскуоланан походка бараммыт улахан костер оттуохпут. Этэрээттэр икки ардыларыгар араас күрэхтэр буолуохтара. Биһиги үчүгэйдик бэлэмнэниэхпитин наада. Бүгүн уруок кэнниттэн бары хаалаарыҥ. Сүбэлэһиэхпит, сорудах үллэстиэхпит.
– Бүгүн биһиги биэс уруоктаахпыт. Ол кэнниттэн хааллахпытына, наһаа хойутуохпут.
– Нина, оттон сарсын сарсыарда мустубаппыт дуо?
– Мин сарсыарда бастакы сменаҕа үөрэнэбин, ол иһин эһигини мунньар кыаҕым суох. Бүгүн хаалаарыҥ, мин эһигини өр тутуом суоҕа, – диэт, Нина тахсан барда.
Уруок кэнниттэн биһиги Нинаны өр да өр кэтэһэн олорбуппут. Нина, хаһан да хойутаабат бэйэтэ, бүгүн тоҕо эрэ хойукка диэри кэлбэтэ. Муоста сууйааччы дьахтар киирэн:
– Хайа, эһиги тоҕо манна олороҕут? Дьиэлии охсуҥ, чаас ыраатта. Дьоҥҥут кэтэстэхтэрэ буолуо, – диэтэ.
– Биһиги баһаатайбытын Нинаны кэтэһэн олоробут ээ.
– Ханнык Нинаны? Абдульманова дуо? Тохтооҥ эрэ, – диэт, тахсан баран хаалла.
Чочумча буолаат, завуч киирэн кэллэ:
– Оҕолоор, хомойуох иһин, баһаатайгыт Нина аны эһиэхэ хаһан да кэлбэт. Бүгүн өрүскэ ууга түспүт уолу быыһаата. Бэйэтэ өрүһүммэтэ. Бэйэтин олоҕун толук ууран туран, атын киһи олоҕун быыһаата. Онон, оҕолоор, дьиэҕитигэр тарҕаһыҥ, – диэтэ.
Аны Нина хаһан да үөрбүтүнэн кылааска көтөн түспэт диэни итэҕэйиэхпин баҕарбат этим. Аны хаһан да кини чуор куолаһын истибэппит, саҥа ырыалары үөрэппэт, биһигини кытта сибэккилээбэт, ыраахтан дойдуларыгар эргиллэн кэлбит көтөрдөргө скворечник оҥорон ыйаабат, олохтон араас түгэннэри кэпсээбэт, аны хаһан да кинини дьиэтигэр атаарбаппын диэн саныырга олус ыарахан этэ. Кини хаһан да туохтан да куттаммат этэ.
Нина куоскатын быыһаары ытырыык ыкка ыстаммытын өйдүү биэрдим. Өлөн эрэр оҕо кутталын өйдөөн, бэйэтин кутталын умнубут буолуохтаах. Өскөтүн Нина ол оҕону быыһаабатаҕа буоллар, бэйэтин таҥнарыахсыт курдук сананыа этэ. Нинаны бэйэтин быыһыыр хорсун киһи тоҕо көстүбэтэҕэй?!
Мин саҕа уол оҕону быыһаабыт уон үс саастаах герой кыыһы – баһаатайбытын Нина Абдульманованы тиһэх суолугар Амма олохтоохторо бары атаарбыппыт. Ол күнтэн ыла баһаатай Нина хаалтыһа миэхэ өссө улахан суолталаммыта. Ол пионер хаалтыһын күн бүгүнүгэр диэри кэриэс гынан илдьэ сылдьабын.
Кыталыктар кистээбэт кистэлэҥнэрэ, эбэтэр түннүккэ сыстыбыт сирэйдэр
Биһиги дьиэбитигэр муннукка хараҥа хос баара. Ол хоһу убайым Коля «лабораториям» диэн ааттыыра. Онно киирэрбин төһөнөн бобор да, соччонон ол хоско тардыһыым күүһүрэрэ.
Биир киэһэ ол дьикти хостон убайым уулаах тааһы таһаарда, онно уста сытар маҥан кумааҕылары ыла-ыла түннүк тааһыгар сыһыарталаата. Сарсыарда ол кумааҕылар хоҥнон муостаҕа түспүттэрин көрбүппүт – дьон сирэйэ бөҕө. Ону убайым: «Бу хаартыска», – диэт, хомуйталаата уонна үлэтигэр барда. «Түүн биһиги утуйа сыттахпытына, элбэх да киһи түннүкпүтүн өҥөйбүт эбит. Ол иһин бу инчэҕэй кумааҕыга дьүһүннэрэ ойууланан хаалбыт. Ээ, хаартыскаҕа түһэрэр боростуой эбит! Баара-суоҕа «фотобумага» уонна түннүк тааһа наада. Илитэ-илитэ сыһыарары баҕас мин да сатыыр инибин. Ээ, мин түүн түннүгүнэн өҥөйөр дьон сирэйин түһэрбэппиин-түһэрбэппин! Ол кэриэтэ киэһэ күн киириитин түһэрэн, кылааһым оҕолоругар бэлэхтиэм», – дии санаатым.
Киэһэ күн киириитин саҕана, хараҥа хостон икки хаа фотобумага ойутан таһааран, убайбын үтүктэн таастаах ууга илитэ-илитэ, икки түннүккэ иккиэннэригэр сыбаатым уонна түннүктэри сабан кэбистим. «Хаһан сарсыарда буола охсор! Киэһээҥҥи сарыал көстүүлээх хаартыскаларбын оҕолорго илдьэн бэлэхтиэм этэ. Биһиги кылааспытыгар ким да хаартыскаҕа түһэрэ илик, мин арааһа бастакы буоларым буолуо. Үөрүөхтэрэ аҕай!» – диэн минньигэс баҕа санаалаах утуйдум.
– Хайа-а, бу мин «фотобумагаларбын», буолаары-буолан саамай улахаттарын, ким буорту гынна? – диэн убайым Коля хаһыытыттан уһугуннум. Мин ороммор сытан эрэ убайбар кыыһыра санаатым «күнү түһэрбиппин кумааҕыны буорту гыммыккын диэтэ. Түннүгү өҥөйөн эрэр дьон сирэйэ түспүтэ буоллар үөрүө этэ». Туран кумааҕылары хомуйбутум – күн суох, оннооҕор дьон да сирэйэ суох, ып-ыраас. Убайым: «Ваня, эн хайдах уонна тугу хаартыскаҕа түһэрбиккиний?» – диэбитигэр барытын кэпсээн биэрдим. Коля күлэн баран: «Аны ыйытыыта суох тугу да тыытыма, мин эйигин бэйэм үөрэтиэм», – диэбитэ.
Итинтэн ыла мин хаартыскаҕа түһэриинэн умсугуйан дьарыктаммытым. Мин кыталыктары хаартыскаҕа түһэрэн, Кыталык Кыыска ону бэлэхтээн, айылҕаҕа үрүҥ туруйалар – кыталыктар баалларын дакаастыыр кистэлэҥ баҕа санаалааҕым.
Кыайыы күнүн иннинэ учууталбыт Варвара Лукинична:
– Сарсын параадка барабыт. Бары булгуччу кэлэҕит! – диэтэ.
– Ээ, мин кэлбэппин! Ааспыкка Пиэрибэй маай параадыгар миигин оҕолор түҥнэри көтөн ааспыттара, чалбахха охтубутум. Школьнай формабын бүтүннүү бадараан оҥорбутум иһин аҕам таһыйбыта. Бырааһынньык күн таҥаспын сууйтарбыта, – диэн быһа түстүм мин.
– Ваня сарсын син биир хайаан да кэлэҕин! Кэлбэтэххинэ хаарыан салюттан матыаҥ.
– Ол салют диэн тугуй? Төһө минньигэс аһый? – диэбиппэр кылаас оҕото барыта күлсэн тоҕо барда.
– Оҕолор, күлсүмэҥ, Ваня салюту хаһан да көрө илик. Салют диэн наһаа кыраһыабай көстүү. Это огромный букет из разноцветных огней на небе, – диэтэ учууталбыт уонна илиитинэн салгыҥҥа ойуулаан көрдөрдө.
Салюту көрөр баҕаттан, бадарааҥҥа түһэрбин кэрэйбэккэ, сарсыныгар параадка бардым. Кыайыы күнүгэр Албан аат болуоссата хаһааҥҥытааҕар да киэргэммит, тупсубут. Сырдык таҥастаах, транспарант тутуурдаах, сэргэх сирэйдээх-харахтаах дьон-сэргэ мустубут.
Оҕолор ньамалаһар саҥаларыттан ураты туох да иһиллибэт буолан, маршал Жуков транспараннаах, аттыбар дьааһыйа турар Лёня Макаровы кытта оонньуурга быһаарынным:
– Лёня, маршалларбыт орденнарын тэҥнээн көрүөххэ эрэ, хайаларын киэнэ элбэҕий?
– Чэ, тэҥ орденнарын сотон иһэбит, аахпаппыт.
Ааттарын билэр уордьаннарбытын быһаарыстыбыт. Элбэх салаалаах улахан сулустарга уонна атын омук уордьаннарыгар иҥнэммит, хайабыт маршала кылаабынайын кыайан быһаарбакка, этистибит. Лёня ыксаан:
– Мин бэйэм маршалбын кытта араспаанньаларбыт майгыннаһаллар: Жуков – Макаров! Онон мин кыайабын!
– Миэнэ да майгыннаһар: Рокоссовский – Дьячковский! Мин кыайдым!
Жуковтаах Рокоссовскайтан сылтаан Макаровтаах Дьячковскай охсуһаары уолуктаһан эрдэхпитинэ, туох эрэ эстэр тыаһа уонна «Салют!» диэн хаһыылар иһиллибиттэригэр хантайа түстүбүт. «Огромный букет из огней» оннугар халлааҥҥа кыһыллаах от күөх уот уһууран таҕыстылар. Болуоссат «Ура!» хаһыынан туолла. Мин салюту астыммакка халлааны кыҥастаһа турдум. Арай көрдөхпүнэ, үөһэ былыттар быыстарынан отут сэттэ кыталык Халбы үрэх диэки көтөн иһэллэр эбит.
– Лёня, бу мин Рокоссовскайбын тут эрэ!
– Суох, суох, бу Жуковпын ханна гыныахпыный?
– Ыл ээ, икки маршаллаах элбэх орденнаах буоллаххына, кимиэхэ да кыайтарыаҥ суоҕа. Мин ол көтөн ааһан эрэр кыталыктары эккирэтиэм этэ, – диэт, айдааннаах маршалбын Лёняҕа туттараат, дьиэбэр ыстанным.
Хата дьиэбэр ким да суох. Түргэнник таҥаспын уларытынным, үрүсээк ыллым. Өйүө оҥостор ас көрдөөммүн, буулка аҥаара килиэби буллум. Бу килиэби илдьэ бардахпына, үс убайым, үс быраатым уонна аҕам оҕонньор хонор астара суох хаалыыһыктар диэммин ылбатым. Хотонтон икки куурусса сымыытын булан ырбаахым сиэбигэр угуннум. «Мин кыталыктары көрдүү бардым. Өтөрүнэн төннүбэппин. Көрдөөмөҥ. Ханна тиийэрбин бэйэм да билбэппин», – диэн сурук хааллардым.
Халбы уонна Хотуйа үрэх ходуһаларыгар хаалбыт кур кэбиһии-лээх отторго киирэн утуйан, түүҥҥү тымныылартан быыһанарым. Айаным үс бастакы күнүгэр эһэ бараахтан улахан көтөрү көрбөтө-ҕүм. Үксүн талах үнүгэһинэн уонна былырыыҥҥы отоннорунан аһаан-сиэн сылдьыбытым. Сөп буола-буола мин айаным соругун санатардыы ыраах туруйалар хаһыытаан ылаллара. Оннук кэмҥэ утуйар уум көтөрө. Сылайбыппын, аччыктаабыппын умнан, ол хаһыы туһаайыытынан буутум быстарынан сүүрэрим. Киэһэ аайы билбэт сирбэр, сылаастык утуйан ылар баҕаттан, кэбиһиилээх оту көрдүүрүм, бэрт эрэйинэн буларым. Бу сылдьан араас көтөрдөрү-кыыллары көрүтэлээбитим. Барыларын кэриэтэ олохпор урут харахтаан көрө илик буоламмын, ааттарын да билбэт этим. Саамай улаханнык тайахтан куттаммытым.
Төрдүс күммэр туруйалар айманар хаһыыларыттан уһугуннум. Кинилэр диэки сүүрэн истэхпинэ, утуу-субуу саалар эһиннилэр. Күөл тула биэс дурдаттан тыас-уус, буруо-тараа бөҕө. Дурдалар икки ардыларыгар сырса сылдьар булчуттар бокуойа суох бааһырбыт кустары саанан ытыалаатылар. «Ытыалаамаҥ! Тохтооҥ! Тохтооҥ!» – диэн хаһыытыы-хаһыытыы күөлү эргийдим. Оҕо ыксаабыт хаһыытын истэн, сааһыттар тохтоотулар. «Хайа, бу Дьуона оҕонньор күрүөйэх уола дии! Ыл, тутуҥ эрэ», – дэстилэр булчуттар. Миигин төгүрүйэн, тутан ыллылар. Түөрт куулу томточчу куһунан толоруммут дьонтон араас дьиибэни иһиттим: «Ханнык баҕарар киһи, буолаары буолан оҕо, дьиэтиттэн тэйэн, мунан ойуурга кыыл бардаҕына түлээгирэр, ол аата киһини көрдө да, куота сылдьар буолар. Онон бу оҕону илиитин-атаҕын үчүгэйдик кэлгийиэххэ», – диэт, баайбытынан бардылар.
Ол саас Хотуйа Сэргэлээҕин булчуттарын саамай улахан «бултуйуулара» мин – тоҕус саастаах уол буолбутум. Аҕам, мин тылбын-өспүн истэн баран: «Киэһэ кэллэхпинэ миигин эрэйдээбиккин ситиһиэм», – диэбитэ уонна үлэтигэр барбыта. Биһиэхэ, уолаттарга аҕабыт сымнаҕас сирбитин курунан эбэтэр чыпчархайынан санаа курдук аһытан таһыйара куттала суоҕа. Ол таһыллыыны кэтэһэр быдан эрэйдээҕэ. Таһыллан баран, ыстааммытын тардына-тардына, биһиги иэспитин төлөөбүттүү, улаханнык чэпчээбиттии «Ура!» хаһыытыырбыт.
Ол күн, ол түгэҥҥэ киэһэ таһыллан «Ура!» хаһыытыырбын кэтэһэр кыаҕым суоҕа. Кыталыктар хас чаас аайы мантан тэйдэр-тэйэн иһэллэрэ эбээт! Түүн кэбиһиилээх от булбакка тоҥорбун өйдүү биэрэн, эриэн ойуулаах тэллэҕим хаатын уһулу тардан ыллым. Хайа баҕарар таптаабыт сирбэр сэтиэнэх оту үргээн бу тэллэх хаатыгар симтим да, кэбиһиилээх окко сытардыы сылаастык утуйуом. Мин өйдөөх да уолбун! Аны кэбиһиилээх от көрдөөн хараҥаҕа төттөрү-таары сүүрэкэлээн, бириэмэбин уонна сырабын барыам суоҕа. Көтөрү-сүүрэри да аймыырым аҕыйыа. Тэллэҕим хаатын аһыыр остуолга тэнитэн баран, үрдүгэр быһаҕынан чүмэчи кыстым. Парафины таҥаска иҥэрэр баҕаттан, истэри-тастары өтүүктээтим. Тииҥ мэйии диэн манныгы ааттыыллара буолуо диэн бэйэбин бэ-йэм хайҕанным. Баара-суоҕа матараас хаата сылаас-сымнаҕас орону уонна ону таһынан өссө үрэхтэри, күөллэри туоруур тыыны солбуйар кыахтанна. Теннис ракеткатыгар майгынныыр быһыылаах гына фанераттан эрдии оҥоһуннум. Убайым Коля бырастыы гынаргар тиийэҕин, эн мопедыҥ хаамыралара миэхэ быдан туһалыахтара. Үрдэрэн баран, матараас хаатыгар симтим да – тыылана түһэбин. Үрэхтэри таах туоруур буолабын. Кутаҕа бадарааҥҥа тыы үрдүгэр сытан эрэ көтөрдөрү кэтээн көрөр бэрт бөҕө буоллаҕа дии! Сиргэ-уокка быа-туһах, сап арааһа баара туһалыаҕа. Леска, күрүчүөк, эргэ илим тобоҕо ас буларбар наада буолуо. Туус, солуурчах, испиискэ, быһах хайаан да ылабын. Ити саамай туһалаах диэбит малларбын үрүсээкпэр хаалаатым. Саамай ыарахан сыаналаах уонна булгуччу наадалаах малы – «Смена-4М» диэн фотоаппарааты сэрэнэн-сэрэнэн саппаас сылаас таҥаспар суулаатым. Умна сыһан баран, хата өйдөөтүм ээ: үрүсээгим сиэбин фотоплёнканан толордум. Ити убайым Коля сыллааҕы саппааһа этэ. Мөҕөрө буолуо да, бырастыы гыннын, ыйытар соло суох. Оннооҕор быһаарыы да сурук суруйбатым. Миигин улуу подвигтар күүтэллэр. Кыталыктар үҥкүүлэрин куоттарымаары ыксыырым.
Аана таһыттан хатыылаах дьиэбиттэн түннүк бордууһунатынан тахсаат, матарааһым хаата ууга хайдах устарын боруобалаан көрүөхпүн баҕардым. Амма өрүскэ бириистэҥҥэ тиийэн, парафиннанан хоччоххой тириигэ майгынныыр буолбут матарааһым хаатын иһигэр үрдэриллибит икки мопед хаамыратын бырахтым уонна айаҕын хам тутан иһирдьэ симээт, салгын киирбэт да, тахсыбат да гына бобо баайдым. Маллаах үрүсээкпин иһирдьэ бырахтым. Тыыбын ууга киллэрбиппэр буочука курдук буолла. Иһирдьэ киирэн, үрүсээгим үрдүгэр олордум, сүүрүк хоту эрдинэ-эрдинэ уста турдум. Промкомбинаты, нефтебазаны, Бөтүҥү, Уорайы бэрт түргэнник аастым. Өрүс уҥуор перевалга, Уус Маайалыыр суол төрдүгэр тохтоотум. Устан иһэн блеснаҕа хаптарбыт алыһардарбын буһаран сии олордохпуна, икки үөр кыталык кэлэн хотугулуу-арҕаа диэки ааста. Олору да ырааппыттарын кэннэ биирдэ өйдөөн көрдүм, ол иһин улахан толкуйга түстүм: «Айаммар куруутун соҕуруулуу-илин диэки сирэйдэннэхпинэ эрэ утары көтөн иһэр кыталыктары ыраахтан көрөн, саһан, түспүт сирдэригэр үөмэн тиийэн хаартыскаҕа түһэриэхпин сөп эбит. Мин инним диэки бокуойа суох хаамыахтаахпын, оччоҕо кыталык үөрүн биир сиргэ турарбынааҕар быдан чаастатык, ол аата сотору-сотору көрүөхпүн сөп эбит. Ол сылдьан төһөнөн киэҥ сири кэрийэн хабабын да, соччонон көрсөр кыталыгым ахсаана элбиир. Биир сиргэ өр тохтуурум сатаммат, дьоҥҥо түбэстэхпинэ, эмиэ тутан ыланнар дьиэбэр илдьиэхтэрэ», – итинник санааттан сып-сап хомуннум, улахан айаммар туруннум.
Ол мин олохпор бастакы сайыҥҥы экспедициям этэ. Ол сайын элбэхтик тоҥмутум-хаппытым, үөрбүтүм-хомойбутум, сылайбытым, үгүһү билбитим-көрбүтүм, элбэхтик сыыһа-халты туттубутум, соччото сөпкө да тайаммытым. Ол сылдьан төһө да эрэйдэннэрбин, көҥүл-босхо көтөрдөрү кытта көтөр, кыыллары кытта кыыл, биир тылынан, чахчы айылҕа оҕото буола сылдьарбыттан дьоллооҕум. Онно ким да миигин туораппат, күлүү гыммат. Өлөрүм-тиллэрим, дьоллоох дуу, сордоох дуу буоларым атыттартан буолбакка, бэйэбиттэн эрэ тутулуктаах. Айылҕаҕа сылдьаммын тотор аспын булунарым, эбиитин үрүсээкпэр өйүөлээх сылдьарым. Кыһын, маннык сылдьарбын биттээммин буоллаҕа буолуо, аҕабыттан ыйыппыттааҕым: «Саас, сайын, күһүн саата суох киһи сиргэ-уокка, ойуурга дьиэттэн, үүтээнтэн тэйиччи тугу аһаан-сиэн сылдьыан сөбүй?» – диэн. Онуоха аҕам бэрт кылгастык быһаарбыта: «Биир эмэ салаа от, биир эмэ титирик мас үүнэр сиригэр киһи хайдах да аччыктаан өлүө суохтаах».
Ол сайын саамай мүччүргэннээх түгэннэр фотоаппарааппын кытары сибээстээхтэрэ. Кыылга, көтөргө үөмэрбэр, оту кытта от, хомуһу кытта хомус, талаҕы кытта талах, маһы кытта мас, бадарааны кытта бадараан буоларым. Хаартыскаҕа түһэрээри сылдьар кыылым эбэтэр көтөрүм миигин көрүөн иннинэ, мин кинини урут көрө сатыырым. Оччоҕо эрэ сэрэхтээхтик, баарбын биллэрбэккэ, киниэхэ чугаһыыр кыахтанарым. Фотоаппараатым объектива мөлтөҕө бэрт буолан, кыра соҕус көтөрдөрү тирээн туран түһэриэхпин наада этэ. Оттон тайахха наһаа чугаһыыр сэрэхтээҕэ. Маннык түгэннэргэ бэйэбин ханнык да аатырбыт булчуттааҕар улуутук сананарым. Тоҕо диэтэххэ фотоаппараатым биэс-алта эрэ миэтэрэлээх сиргэ баары чуолкайдык түһэриэн сөп. Оттон булчуттар бултарын сүүс миэтэрэттэн ыталлар. Хайа да булчут көтөргө-кыылга мин курдук чугаһаабата буолуо. Сэрэнэн-сэрэнэн, үөмэн-үөмэн, сыыллан-сыыллан чугаһаан, фотоаппарааппын хонноҕум анныттан оргууй аҕай ороон, объективпын кыыл диэки хайыһыннарар кэммэр, мин сүрэҕим кыыл сүрэҕин кытта тэҥҥэ тэбээччи, тыынарбыт кытта биир буолааччы, мин кини сытын ылар курдугум, кини санаатын хас биирдии этим сааһынан билэрим. Аан дойду, бу орто дойду барыта умнуллара, фотоаппараатым кнопката мин «чэ!» диэн баттыырбын кэтэһэрэ. Фотоаппараат тыаһа миигин бу орто дойдуга төнүннэрэрэ.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?