Электронная библиотека » Иван Дьячковский » » онлайн чтение - страница 6


  • Текст добавлен: 2 мая 2024, 11:00


Автор книги: Иван Дьячковский


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


Возрастные ограничения: +16

сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 6 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ити сайын мин элбэх кыыл, көтөр олоҕун туһунан билбитим. Сарсыарда аайы туруйалар хаһыыларыттан уһуктарым, киэһэ аайы кинилэр саҥалара миэхэ биһик ырыа буолара.

Кыталыктары, атыннык эттэххэ үрүҥ туруйалары, саас эрэ көрбүтүм. Ол эрээри, кинилэр миигин олох чугаһаппатахтара. Ол оннугар, сиэрэй туруйалар үҥкүүлэрин элбэхтик көрбүтүм. Нуучча остуоруйаларын истэн улааппыт Кыталык Кыыс сиэрэй туруйаларын хаартыскаҕа түһэрбитим. Ол хаартыска туруйаларга үс сүүс отут үһүс төгүлүн үөмэн, чугаһыырга холонон көрүүм соҕотох ситиһиилээх түмүгэ этэ. Үөмэн чугаһаабыппар, паара туруйалартан атыыра миигин тоҥсуйан, тэбиэлээн өлөрө сыспыта. Тыыннаах ордор баҕаттан күөмэйим хайдарынан часкыйбытым, хаһыытаабытым, туруйаны фотоаппарааппынан, халампааспынан сыыһа-халты сабаабытым. Мин ыксаабыт хаһыым туруйа суоһурҕаммыт хаһыытын баһыйбыт буолан, кини оргууй аҕай тэйэн эрэрин көрөн, нэһиилэ биир каадыры түһэрээт, буутум быстарынан куотар аакка түспүтүм. Тэйэммин, туруйаларым саҥалара арыычча мөлтөөбүккэ дылы буолбута.

Кэннибин хайыһа-хайыһа куотан иһэммин, аттаах дьоҥҥо киирэн биэрбитим. Ол дьон: «Улуу ырыаһыт Шаляпин куолаһа түөрт биэрэстэлээх сиртэн, туруйа хаһыыта сэттэ биэрэстэттэн иһиллэр дииллэр. Оттон эн часкыйбыккын истэммит, биһиги манна уон    биэрэстэлээх сиртэн кэллибит», – дэһэ-дэһэ күлсүбүттэрэ. Бу аттаах дьон юморы сөбүлүүллэрин өйдөөммүн, кэпсэтиини салгыыр баҕаттан:

– Ону мин уруккуттан билэбин ээ, – диэтим.

– Ону диэн тугу эттиҥ? – ат үрдүттэн түспүт киһи ыйытта.

– Сэбиэскэй Союзка үс эрэ ырыаһыты билэбин: мин – Иван Дьячковскай, Фёдор Шаляпин уонна да атыттар.

– Бэйэбит уолбут сылдьар эбит. Тоойуом, кэл бу аты иккиэн мэҥэстиэх, – били киһи күлэ-күлэ миигин көтөҕөн ылан ат самыытыгар олорто.

Инньэ гынан, Уус Маайа оройуонун Нуотара үрэҕин сылгыһыттарыгар биир хоммутум.

Төһө да туруйалары хаартыскаҕа түһэрдэрбин, кыталыктары булар баҕаттан салгыы Нуотара үрэх маардарынан Күп бөһүөлэгин ааһан, Алдан өрүскэ тиийбитим. Матараас хаата тыыбынан Алдан өрүһү туорааммын, араас үрэхтэр маардарын кэрийбитим. Ол сылдьан Уус Маайа оройуонун Эдьээнигэр, Уус Юдоматыгар, Хабаровскай кыраай Аимыгар, Алдан оройуонун Кутанатыгар, онтон Алдан өрүһүнэн тыыбынан таҥнары түһэн, эмиэ Уус Маайа оройуонун Белькачи, Уус Мил диэн бөһүөлэктэригэр ыалга, хоммокко эрэ, чэйдээн ааһыталаабытым. Дьиэтиттэн күрээн сылдьар оҕоҕо бөһүөлэктэргэ уһуннук тардыллар, өйүө көрдүүр, хонор сэрэхтээҕэ.

Мин өйбөр-санаабар саҥа билбитим-көрбүтүм, элбэҕи өйдөөбөтөх түгэннэрим, эҥин араас ыйытыылар, тыыннаах ордор мөккүөр, туһалаах уонна олох туһата суох толкуйдар барыта «хааһыланан», күммүн-дьылбын, бэл диэтэр ыйдарбын билбэт буолбутум ыраатта. Билигин күһүн үгэнэ, көтөрдөр үөрдээн айаҥҥа туруннулар. Түүн наһаа хараҥарар, тымныйар буолла. Фотоплёнкам эрэ бүппүтүн иһин, дьиэбэр төннөргө быһаарынным.

Мил үрэх диэн Алдан салаатын    маардарынан өксөйөн, Амма өрүһү булбутум, Болугурга кэлбитим. Мантан Амма бөһүөлэгэ чугас, биэс көһү кыайбат.

Амма эбэ кытылынан иһэн, өрүс кумах тумулугар түөрт улахан көтөр ууну кэһэ сылдьарын көрдүм. Кинилэри чугастан үчүгэйдик көрөөрү, талахха саһа-саһа, түөрт атах буолан оргууй чугаһаатым.

Кынаттарын сапсыммыттарыгар иккитин чопчу биллим – кыталыктар эбит. Оттон иккитэ быһыылара-таһаалара майгынныыллар, ол гынан баран тоҕо эрэ маҥан буолбакка, күһүҥҥү тиит көтөҕөтүн курдук өҥнөөхтөр.

Кинилэри өссө үчүгэйдик тэҥнии көрөөрү уонна ууттан тугу ороон таһааран сииллэрин билээри, ойуччу турар кыракый талахха сыыллан тиийдим. Уҥуор сылдьар ынахтар маҥыраспыттарыгар, кытархайдыҥы дьүһүннээхтэр сырсан кэлэн кыталыктар икки ардыларыгар турунан кэбистилэр. Кытархайдыҥылар маҥаннарга көмүскэтэллэр эбит! Ити кыталыктар оҕолоро быһыылаах! Билигин кыталыктар оҕолорунаан үҥкүүлүүллэрэ буолуо! Оо дьэ, хайдах гынарым буолла? Оҕолорго бу көрбүппүн кэпсээтэхпинэ, эмиэ итэҕэйиэхтэрэ суоҕа. Маны билбитим буоллар, бэйэлэринэн миигин түһэр-түһэр диэбиттии сыҥалана сатыыр моҕотойдору, тииҥнэри, тоҥсоҕойу, киргили, кукаакыны түһэрэммин, фотоплёнкабын барыам суоҕа этэ! Аммаҕа баран табаарыспыттан Славаттан плёнка иэс ылан кэлииһикпин. Санаабынан кыталыктартан мин кэлэрбин кэтэһээриҥ диэн көрдөһөн баран, төттөрү сыыллан истэхпинэ, ханна эрэ чугас саа тыаһа эһиннэ. «Кыталыкта-ар! Көтүҥ! Көтүҥ! Эһигини манна өлөрүөхтэрэ!» – диэн хаһыытаабытынан ойон турдум. Кыталыктарым мин үрдүбүнэн хаһыытыы-хаһыытыы иккитэ эргийээт, күн кыһын утуйа барар сирин диэки – соҕуруу    көтө турдулар. Санаабар, кинилэр: «Ваня, эн маладьыаскын! Эн биһигини өлүүттэн быыһаатыҥ! Таҥнарыахсыт буолбатах эбиккин! Эн биһиэхэ доҕорбут буолаҕын», – диэн саҥарбыт курдуктара. Ыраах саҕахха сүтэн эрэр кыталыктарга: «Этэҥҥэ айаннааҥ, саас хайаан да эргиллээриҥ!» – дии хааллым. Төһө да сайыстарбын, дьиэбэр төнүннэҕим дии.

Олбуорга аҕам уолаттарын кытта мас саһаанныы туралларын көрөммүн, тиийэн кыттыстым. Ким да, тугу да ыйыппатаҕыттан улаханнык соһуйдум. Бүгүн балаҕан ыйын сүүрбэ биэс чыыһылата эбит. Аата дьиибэтин, сүүс түөрт уон күн устата көрбөтөх киһилэрэ кэлбитигэр ким да саҥа аллайбата. Ким да үөрбүтэ да көстүбэт, кыыһырыах да санаалара биллибэт. Мин хаһан да, ханна да бара сылдьыбатаҕым курдук.

Хойутаан да буоллар, үөрэх дьылын саҕалаатым. Үһүс кылааска оҕолорбун кытта үөрэммитинэн бардым. Биир соһуччу үөрүүм диэн – оҕолор миигин аны Чарли Чаплин диэн үөхпэт буолбуттара.

Сороҕор, утуйбакка таах сытар түүннэрбэр, сайыҥҥы экспедициям түгэннэрин санаан ыллахпына, хайдах тыыннаах ордубуппун сөҕөрүм. Аҕам үөрэтиитэ-такайыыта, сүбэтэ-амата, айылҕа сокуоннарын кытта билиһиннэриитэ, сиргэ-уокка тутта-хапта сылдьыы туһунан кэпсээннэрэ, мин быстах ыйытыыларбар кылгас эрээри дириҥ ис хоһоонноох эппиэттэрэ, айылҕа күүстэригэр сүгүрүйэр гына ииппитэ көмөлөһөн, кини эрэ үтүөтүнэн тыыннаах ордубутум чахчы. Испэр төһө да аҕабар улаханнык махтаннарбын, сахатыйан эрэр оҕо буоламмын, таспар таһаарбатаҕым.

* * *

Билигин санаатахха, оҕо сааһым ити кэрчик кэмэ түбэһиэхчэ түгэннэр ситимнэһиилэрэ уонна силбэһиилэрэ эбит. Киһи олоҕо бүтүннүү да оннук буоллаҕа. Ити түгэннэр мин инники олоҕум хайдах буолуохтааҕын түстээбиттэрэ диэтэхпинэ, улаханнык алҕаһаабатым буолуо.

Ити кэмҥэ саҕаламмыт хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйүүм уонна хаартыска көмөтүнэн дьоҥҥо кыталык кыыл үһүйээҥҥэ, номоххо, олоҥхоҕо эрэ буолбакка, дьиҥ олоххо баарын дакаастыыр баҕа санаам бэйэбин кытта тэҥҥэ улаатан испитэ.

Ол күһүн Амма кытылыгар кыталыктар икки оҕолорунаан сылдьалларын көрбүтүм, кэлин кинилэри эстэр суолтан өрүһүйэрбэр улахан тирэх буолбута. Ити кыталыктар кистээбэт кистэлэҥнэрин быыһын маҥнайгы сэгэтэн көрүүм этэ. Кыталыктар икки оҕолоох буолалларын, ол оҕолорун улаатыннаран, көтөргө үөрэтэн, күһүн кыстыыр сирдэригэр илдьэ баралларын туһунан ол саҕана оннооҕор анал үөрэхтээх, бөдөҥ учуонайдар да билбэттэрэ. Кыталыктар кистээбэт кистэлэҥнэриттэн сылтаан, мин олоҕум бүүс-бүтүннүү бүтэр уһуга көстүбэт экспедицияҕа кубулуйуоҕун ол саҕана сэрэйэн да көрбөт этим.

Аата суох оҕолор, эбэтэр төннүбүт төрүөхтэр

– Нохоо, дойдугун көрүөххүн баҕараҕын дуо? – аҕам бэйэтэ этэринии, сарсыарда хараҕын хайа тардаат, миигин уһугуннарда уонна үрүсээгэр улахан куулу симтэ.

– Ханнык дойдуну?

– Төрөөбүт алааскын.

– Барабы-ын-барабын! Ол аата Чакырдыыр буоллахпыт дии?

Олохпор аҕабын кытта сатыы маҥнайгы айаным. Дойдубутугар Чакырга, балыктыы диэн ааттаан, сир-дойду көрө бардыбыт.

– Аҕаа, бу бааһына буора олус үчүгэй дии! Ып-ыраас, биир да үөнэ-көйүүрэ суох, мээккэ бурдук курдук дии! Мин хортуоска дуу, бурдук дуу эбитим буоллар, маннык бааһынаҕа үүнүөм да үүнүөм этэ!

– Тугу-тугу лахсыйаҕын, нохоо? Бу буору үчүгэй диэн ааттыыгын дуо? Эмиэ да харахтаахха дылыгын дии. Көрбөккүн дуо, өлбүт буор буолбаат! Пахай-пахай, буору бырах, илиигин тэбээ!

– Ол буор тыыннааҕын-өлбүтүн киһи хайдах көрөн билиэн сөбүй?

– Тыыннаах буор сыалаах-арыылаах буолар. Киһи үрдэҕин аайы бурҕаҥнаабат. Тыыннаах эрэ буорга үөн-көйүүр сөбүлээн олохсуйар. Тыыннаах эрэ буорга киһиэхэ туһалаах үүнээйи үүнэр. Бу бааһына буора барыта хыымыйа, барыта дьаат.

– Ол аата тугуй, сымыйа буор дуо?

– Чэ, чэ, улааттаххына билиэҕиҥ.

Амма өрүс кытылыгар кэлэн иҥиннибит. Уҥуор туоруур баҕаттан аҕам: «Оҕо Бөтүрүүскэ, туора-ат!» – диэн хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрдэ.

Мин өрүс уҥуортан уһун, эриэн, хороҕор бэргэһэлээх, таҥаһын уҥа-хаҥас өттө икки аҥыы өҥнөөх, сирэйиттэн эрэ кыра кыһыл-араҥас тимэхтэрдээх Петрушка-клоун кэлэн, биһигини туоратан иһэн, төһө эрэ күллэрэр-үөрдэр диэн кэтэстим. Аҕам хаһыытыы сатаан баран: «Уҥуор ким да суох быһыылаах», – диэтэ. Өрүһү харбаан туораата уонна эрдиилээх мас тыынан кэлэн миигин илдьэ барда. Уҥуоргу кытылга биир киһи, курданарыгар диэри сыгынньах, өрүс тааһыгар тиэрэ түһэн сытар. Аҕам: «Бөтүрүүскэ, тур, тур», – диэн үөгүлээбитигэр эр киһи туран кэллэ. Өрүс бытархай, кырыылаах таастара көхсүн этигэр, сыатыгар быһа киирбиттэр. Ону үөрүйэх баҕайытык, ыт ууну тэбэнэрин курдук, бырылыы-бырылыы, илибирээн-салыбыраан, өрө мөхсөн, дьигиһийэн, сахсынан кэбистэ:

– Оҕо Бөтүрүүскэ манна суох, Чакырдаабыта. Мин Бааска-бын, – диэтэ.

– Оо, Оҕо Бааска эбиккин дуу, дорообо! – диэтэ аҕам.

– Киин сиртэн кэлбит дьон бачча итиигэ сөрүүкүү таарыйа балаҕаҥҥа киирэн кэпсии түспэккит ээ, Амма сонунун.

– Сонун суох. Ыксаан иһэбит. Улахан Алааска тиийиэхтээхпит.

Салгыы айаннаан иһэн аҕабыттан ыйыттым:

– Ити Баасканы итиччэ улахан киһини, тоҕо «Оҕо» диэн ааттыыгытый? Ити биһиги уҥуортан иккиэн чохчойо-чохчойо күөмэйбит муҥунан хаһыытаабыппытын тоҕо истибэтэҕий? Кытылга балаҕаннаах эрээри, ороҥҥо сыппакка, тоҕо өрүс итии, сытыы тааһыгар утуйда? Дьарыктанар дуо, спортсмен, йога дуо?

– Ити ыалдьа сылдьар. Көрбөтүҥ дуо, нэһиилэ хаамар дии!

– Туга ыалдьыбытый?

– Ити ыарыытын маҕаһыынтан бэйэтэ атыылаһан ылбыта.

– Ол маҕаһыыҥҥа ыарыыны тоҕо атыылыылларый? Дьону тоҕо эрэйдииллэрий?

– Ону-маны наадата суоҕу ыйытан бүт! Хааман ис. Өйдөө нохоо, ити өрүһү туораабыт кытылбыт Дьаарбаҥ диэн. Эн төрөөбүт алааскар – Чупчаахха кэллибит. Маны билэриҥ ордук туһалаах. Барахсан үтүө дойду. Өбүгэлэрбит бары манна олорбуттара.

– Мин дойдум Чупчаах буоллаҕына, тоҕо Улахан Алааска бардыбытый?

– Биһиги халыҥ аймах этибит, улахан, киэҥ сиринэн тэни-йэн олорбуппут. Улахан Алаас – биһиги Дьоскуоскайдар ууһаан-тэнийэн барбыт сирбит. Былыр, байан-тайан олорор кэммитигэр, манна бу эҥээргэ биһиги дьоммут ааттаах-суоллаах улахан ыһыахтары ыһаллара. Чэ, нохоо, хааман иһиэх. Билигин мин убайбар Анчаҕа Хабырыыска тиийэн кур эт сиэхпит.

– Кур эт диэтэ дии. Ол аата мясо кур. Оо, хата куурусса этин сииһикпин, – диэн үөрдүм мин – Нуучча Уйбаан.

Улахан Алаас диэн аатын курдук улахан, киэҥ сир эбит. Ортотугар, харабыл саллааттар курдук, биэс аарыма улахан тиит мастар биир кэккэнэн кэчигирэһэн тураллар. Ол кэтэҕэр дьиэлэр, балаҕаннар, ампаардар көстөллөр. Биһиги Анчаҕаларга тиийбиппит, аҕам биир убайа Сүөдэр Сэмэнэ уолунаан Паналыын бааллар эбит. Тоҕо эрэ куурусса этин буолбакка, ынах этин миинин истибит. Аҕам Сэмэнниин балыктыы бардылар. Биһиги Паналыын барсаары гыммыппытын, саҥаскытыгар Өрүүнэҕэ көмөлөһүҥ диэн хааллардылар. Абаҕам Хабырыыс оҕонньор: «Уйбаан, ньирэй хомуйа барсаҕын дуо?» – диэбитигэр, дьиэ үлэтиттэн босхолонор киһи буолбуппуттан үөрэн, таһырдьа биирдэ баар буола түстүм.

– Нохоо, Уйбаан, ол халдьаайыга киһи уҥуохтарын көрөҕүн дуо? Тарбаххынан ыйыма, аньыы! Итиннэ барыта Дьоскуоскайдар сыталлар. Биһиги ууспут бары элбэх оҕону-урууну төрөтөн, муостааҕы-туйахтааҕы элбэтэн, байан-тайан аҕай олорбуппут. Хас биирдии Дьоскуоскай ону таһынан туох эрэ ураты дьарыктааҕа. Ол дьарыктарынан үксүн от-мас үлэтэ үмүрүйдэҕинэ, кыһын дьарыктаналлара. Биһиги аймахтарбытыгар сураҕырбыт тимир, көмүс уустара, уһанан маһы үҥкүүлэтэр дьон, улуу ойууттар, холобура эн эһэҥ – Өлөксөй ойуун бааллара. Көрөрүҥ курдук, биһиги аймах бары бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх, бөҕө-таҕа эттээх-сииннээх дьоммут. Урут, биһиги эдэр эрдэхпитинэ, сахалар «кыһылларбыт, үрүҥнэрбит» диэн хайдыһалларын саҕана, биир күһүн, аймаммыт олохтоох, кыһыл буола сылдьыбыт, кэлин үрүҥнэргэ көспүт Боссоойко Бандьыыт диэн татаар киһитэ, бу сиргэ – Улахан Алааска, этэрээтин кытта кэлэ сылдьыбыта. Сураҕа, дьоҥҥо кэлэн, бэйэтин күүһүн-уоҕун көрдөрөр уонна тэҥҥэ утарылаһар киһини булбатаҕына: «Мин этэрээппэр бачча сылгы, бачча ас-таҥас наада», – диир эбит. Оҕонньоттор сүбэлэһэн баран, сэриилээбэккэ бардын эрэ диэн, көрдүүрүн барытын биэрэн ыыталлара үһү. Биир күн дьэ, манна кэллэ. Атыыр оҥостуохпут диэбит икки саастаах оҕуспутун көтөҕөн ылан балаҕан үрдүгэр бырахта. Онуоха, биһиги сүөһүлэнэн-сылгыланан бүттүбүт дии олордохпутуна, эн аҕаҥ Дьуона оччолорго сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэр киһи, балаҕан үрдүгэр сүүрэн таҕыста: «Балаҕан үрдүгэр оҕус мэччийбитин хаһан көрбүккүнүй?» – диэт, оҕуһу сүктэ да, сүкпүтүнэн сиргэ ыстанна. Боссоойко: «Сахаҕа да күүстээх уолаттар бааллар эбит!» – дии-дии кэлэн Дьуонаны тардыалаан көрдө да, эн аҕаҥ хамсаан да көрбөтө. Кырдьаҕастара Уһун Ньукулай: «Хайа, нохоо, Дьуона уолтан салынныҥ дуу? Биһиги күүстээх диэн аатырдыбат киһибит этэ ээ. Кини убайын чахчы күүстээх киһини – Сахсаала Сэмэнин ыҥыртарабын дуо?» – диэбитигэр, Боссоойко атын үрдүгэр ыстанаат, этэрээтин кытта күрэммиттэрэ. Эн аҕаҥ, төһө да биһиги баайбытын быыһаатар, Уһун Ньукулайтан мөҕүллүбүтэ: «Бэйэ күүһүн-уоҕун көрдөрүү – саха киһитин сиэригэр баппат. Бүгүн Боссоойкоҕо биэрбэтэхпитин сарсын дуу, өйүүн дуу үрүҥнэр дуу, кыһыллар дуу син биир кыам үктээн туран былдьыахтара. Боссоойко бүгүҥҥү күнү умнара биллибэт. Күүһүнэн баһыйтарбыт дьонун бултаһар идэлээх үһү. Мантан ыла сэрэнэ сырыттаххына сатанара буолуо. Эйигин бултастаҕына, иэстэбиллээх буоларын биллин диэн, Сахсаала Сэмэнинэн куттаатым. Иккиэн да сэрэнэргит ордук», – диэбитэ ытык убайдара. Ити түбэлтэ кэнниттэн, эһиилги сааһыгар, Дьуона ыраахтан сыарҕалаах атынан айаннаан кэлэн иһэн, Молуодаҕа Сиэнчэлэргэ тохтоон, чэй иһэ олордоҕуна, Боссоойко бандьыыттарынаан киирэн кэлбит. Дьуонаны билбэтэхтэр. Онуоха эн аҕаҥ таһырдьа тахсыбыт. Элбэх таһаҕаһы тиэммит сыарҕалаах аттар туралларын көрөөт, бастакы сыарҕаттан түөрт куул бурдугу биирдии-биирдии ыраах хаарга элитэлээбит. Суол кытыытыгар сытар сымара тааһы көтөҕөн ылан оргууй аҕай Боссоойко сыарҕатыгар уурбут, үрдүнэн бириһиэнинэн бүрүйбүт уонна бэйэтин сыарҕатыгар олороот, атын кымньыылаабыт. Боссоойколоох ыалтан ыйыталаһан, ити Дьуона кэлэн барбытын истээт, таһырдьа ыстаммыттар. Саҥа эккирэтэн эрдэхтэринэ, кыараҕас, моһуоктаах сиргэ Боссоойко сыарҕата таас ыйааһынын уйбакка, ыһыллан хаалбыт. Онтон ыла суолу бүөлүү сытар, айан дьонугар харгыс буолар тааһы «Дьуона тааһа» диэн ааттыыр буолбуттара. Ол таас күн бүгүнүгэр диэри сытар, көтөҕөн ылан сыҕарытар киһи көстө илик. Боссоойко ол кэнниттэн бу диэки биллибэтэҕэ.

Дьоскуоскайдар аймах саамай киэн туттар киһибит мин аҕам – Уһун Ньукулай этэ. Былырыын бараахтаабыта. Дьон ытыктыыр киһитэ. Ыраахтааҕы саҕана өр кэмҥэ Боотуруускай улууһун Амматааҕы буолаһын быраабатын кулубата буолан олорбута. Үөрэх бөҕө киһи этэ.

– Ити кулуба мин аймаҕым буолбатах ини? Мин пионерга киирэрбэр: «Дьадаҥы ыалга төрөөбүтүм», – диэн киэн тутта эппитим. Мин аҕам тоҕо эйигин – кулуба уолун убайым диэн ааттыырый, бииргэ төрөөбөтөх эбиккит буолбат дуо?

– Эн аҕаҥ уонна мин ини-бии дьон оҕолоробут.

– Оо, пахай! Баайдар аймахтара эбиппин буолбаат?

– Былыр Дьоскуоскайдар бары баай этибит. Эн да аҕаҥ кулаактааһыҥҥа түбэспэтэҕэ буоллар, билигин да уруккутун курдук байан-тайан Чупчааҕар олоруо этэ.

– Уһун Ньукулай кулубалаабыт даа? Ыраахтааҕы саҕана диэтиҥ дуу? Эчи, ырааппытын! Оччоҕо Уһун Ньукулай былырыын өлөрүгэр хас саастаах этэй?

– Миэтирикэтинэн сүүс уон алтата этэ эрээри, бэйэтэ: «Сыыһа аахпыттар, сэттэ сылынан эдэримситэн суруйбуттар», – диирэ. Биһиги Дьоскуоскайдар бары сүүспүтүн ааһан баран өлөр, уһун үйэлээх дьоммут.

– Былыр баай дьон эбиккит дии! Пахай, киһи кыбыстар. Маннык аймахтардаахпын кэпсээтэхпинэ, оскуолаҕа «помещик-кулак» диэн үөҕүөхтэрэ. Эһиги элбэх дьону көлөһүннээтэххит дии!

– Биһиги аймах сытан эрэ дьону көлөһүннээбит буолбатахпыт. Киһи үлэлээн-хамсаан, сүгэн-көтөҕөн, ийэ-хара көлөһүнүн тоҕон, буһан-хатан, кыайан-хотон байар-тайар. Элбэх сүөһүлээх баай дьоҥҥо от-мас үлэтин саҕана үлэлиэм этэ диэн көрдөһүүлээх киһи кэллэҕинэ, быстах кэмҥэ туһанааччыбыт. Ол киһи көлөһүнүн ынаҕынан, сылгынан эбэтэр борооскунан, убаһанан төлөөччүбүт. Дьону кыыһырдар, хомотор куһаҕан. Бииринэн, кыһалҕалаах кэмҥэр үлэһитэ суох хаалыаххын сөп, иккиһинэн, атаҕастаабыт киһиҥ өһөөн сыл тахсар оккун кыс хаар ортото уоттаан кэбистэҕинэ, эстэр суолга туруннаҕыҥ ол. Нохоо, Уйбаан, үчүгэйдик өйдөө, сүрэхтээх эрэ киһи байар. Киһи кыбыстара онно туох да суох.

– Хабырыыс, аҕам биһигини – бэйэтин оҕолорун тоҕо «төннүбүт төрүөхтэр» диирэ буолуой?

– Эһиги эрэ буолуо дуо, эһиги көлүөнэ ыччат барыта төнүннэҕэ дии. Туох да революцията, сэриитэ суох олорбуппут буоллар, салгыҥҥа үлэлээн-хамсаан, ынах-сылгы иитэн, үүккэ-сүөгэйгэ, сыаҕа-арыыга, эккэ-аска улаатан, дэлэйдик аһаан-сиэн, сылаас, түүлээх таҥаһы таҥнан-симэнэн, дьиэҕэ хааллыбакка салгыҥҥа сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн улааппыккыт буоллар, эһиги да төлөһүйэн уол оҕолоро, эр бэртэрэ буолуо этигит.

– Ол аата эн кэпсииргинэн революция куһаҕан курдук буолан тахсар дии?

– Бачча тыйыс айылҕалаах, ыарахан олохтоох Саха сиригэр дьону аймаан, буолар-буолбат тосту уларытыыны киллэрэн, биир кыһалҕаҕа ыллара сылдьар, эйэ-дэмнээхтик олорор дьону бэйэ-бэйэлэригэр утары туруоран хааны-сиини таһааран, ону революция диэн ааттаабыттарын биир бэйэм үчүгэй дии санаабаппын. Сүрэхтээх, үлэһит дьон хас да үйэ тухары муспут баайдарын былдьаан ылан, ынаҕы-сылгыны тута үөрэммэтэх дьоҥҥо үллэртииллэрэ туох үчүгэйгэ тиэрдиэй?!

– Балыыһа, оскуола, кулууп баар буолбуттара куһаҕан дуо?

– Олох ирдэбилинэн революцията да суох оскуола, балыыһа, кулууп баар буолуо этилэр. Чэ, нохоо, хараҥаран эрэр, дьоммут биһигини сүтэрдилэр буолуо, барыах. Бүгүн манна кэпсэппиппитин кимниин да ырытыма. Бостуой тылгыттан хаптаран, бэйэҥ олоххун ыаратыаҥ.

Туран ньирэйдэрбитин дьиэбит диэки үүртэлээтибит.

– Былыр бу алааска ыраах-чугас улуус дьонун мунньаммыт, үс-түөрт күннээх-түүн ыһыах ыһар буоларбыт. Мин аҕай диэбиттэр бары мустан, күрэс былдьаһаллара. Эн аҕаҥ Дьуона тустан иннин кимиэхэ да биэрбэт буолара. Бэйэтин оҕолоруттан чуолаан эйигин ордороро. Тэтиэнэх, сымса диэн астынара. Чахчы да, эн балтараа саастаах оҕо диэтэххэ, тустан үстээх оҕолору кытта тэҥҥэ тардыалаһарыҥ. Аҕаҥ биирдэ ыһыахха биир илиитигэр мүһэлээх, иккис илиитигэр эйигин көтөҕөн туран эрэ: «Мин ааппын бу уолум Уйбааным ааттатыаҕа», – диэн улаханнык саҥарбытын мин даҕаны, атын да кырдьаҕастар «уолун быһа эттэ» диэн сөбүлүү истибэтэхпит. Ол кэнниттэн сотору буолаат, эн эчэйэн куоракка балыыһаҕа киирбит сураххын истибиппит. Оҕону итинник быһа этэр сыыһа. Былыр таҥара дьиэтэ, аҕабыт суоҕар, оҕо улаатан борбуйун көтөҕүөр диэри бэйэтэ аата суох буолааччы. Ол киһи оҕото эрэ дэнэрэ. Кэлин туора дьон, ол оҕо атыттартан туох уратылааҕын көрөн, аат иҥэрэллэрэ. Дьиэтигэр оҕону бэйэтин дьоно, абааһыттан куоттаран, атыннык ыҥыраллара. Холобура, эн убайгын Киэсэни биһиги бары Бэдэр диэн ааттыыбыт. Бэдэр курдук буолбат дуо, убайыҥ, окко-маска ыттан түһэн?! Бу алааска кини хатаастан көрбөтөх тиитэ арааһа суох буолуохтаах.

Ньирэйдэрбитин хаайаммыт, дьиэҕэ киирдибит.

– Хайа, балыксыттарбыт кэлбэтэхтэр, хараҥаҕа былдьаттылар, – ыксаабыттыы саҥардым мин.

– Күһүн баччаларга балык түүн тахсар. Дьоммут сарсыарданан кэлиэхтэрэ, – уоскутта Хабырыыс.

Сарсыарда күн саҥа тахсыыта, балыксыттарбыт илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэллилэр. «Балык буорту буолуо, түргэнник Аммалыахха», – диэн аҕам ыксатан, бэрт түргэнник айаҥҥа туруннубут.

– Аҕаа, ити абаҕам Анчаҕа Хабырыыс биһиэхэ тоҕо кур эт сиэппэтэ?

– Хайдах буоллуҥ нохоо? Бэҕэһээ киэһэ эн кур эт миинин испитиҥ буолбат дуо?

– Кур эт диэн куурусса этэ буолбатах дуо?

– Бу да уол! Кур эт диэн былырыыҥҥы хаһаас эт. Амтанныын да атын. Ахтыйбыт буолан аһыы.

– Ол тоҕо ахтытан, аһытан баран биирдэ сииллэрий?

– Баай дьон куруутун сибиэһэй эти хаһаас уурунааччылар. Онон куртан-кур эти сииллэр.

– Оо, эрэйин даа! Хата биһиги баай буолбатахпыт үчүгэй эбит!

– Оо дьэ, бу оҕо тылын-өһүн! Хаһан улаатан өйдөнөҕүн?

Аҕам миигин өбүгэлэрбит алаастарыгар ити бастакы уонна бүтэһик илдьэ сылдьыыта этэ. Абаҕам Анчаҕа Хабырыыс кэпсээниттэн сиэттэрэн, оскуолаҕа учууталлар үөрэтэллэрэ уонна кырдьаҕастар кэпсииллэрэ уратылаах буоларын, олох диэн уустугун туһунан аан маҥнай толкуйга түспүтүм.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 5 6
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации