Текст книги "Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн"
Автор книги: Иван Дьячковский
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
Возрастные ограничения: +16
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 3 (всего у книги 17 страниц) [доступный отрывок для чтения: 6 страниц]
«Ыраах да Ыраах» диэн сиргэ айан, эбэтэр дууһа бэйэтэ сэрэйиэ
Бүгүн наһаа дьиибэ киэһэ. Хаһан да туох-хайдах таҥаһы кэтэ сылдьалларыгар кыһаммат убайдарым түбүгүр да түбүгүр, суунар тааһы, өтүүгү былдьаһан айдаан-куйдаан бөҕөтүн түһэрдилэр:
– Көр эрэ, көр эрэ, бу мин курбун килэбэчийиэр диэри ыраастаатым! Дембель Сааска киэнин курдук буолла!
– Кургун кытта наһаа өр астастыҥ. Көр, мин курбун, фуражкам хакаардатын, гимнастёркам тимэҕин барытын, оннооҕор бачыыҥкабын кытта сиэркилэ курдук буолуор диэри ыраастаатым. Аҕал эрэ, бачыыҥкаҕын, мин эйиэхэ көмөлөһүүм.
– Мин тэтэрээтим эйиэнинээҕэр аҕыйах дии!
– Эһиги кыра кылаастар аҕыйах уруоктанаҕыт буолбат дуо? – диэн кэпсэтэн ньамаластылар убайдарым.
Сарсыныгар, били киэһэни быһа оҥостубут таҥастарын кэппиттэригэр, убайдарбын олох билбэтим: ып-ыраас, килэбэчигэс бачыыҥкалаахтар, сытыы быһах биитинии өтүүктэммит бүрүүкэлээхтэр, кэтит курунан ыга туттарыллыбыт гимнастёркалаахтар, байыаннайдартан туох да уратыта суох фуражкалаахтар. Курдарын тимирэ, гимнастёркаларын тимэхтэрэ, фуражкаларын хакаардата кыһыл көмүстүү күлүмүрдүүр. Ити таҥаһы кэтэн, ранецтарын сүгэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыта сүрдээх.
– Ханна бараары гынныгыт, бу? – ыйыттым мин.
– Биһиги оскуолаҕа бардыбыт. Сатаан хаамарыҥ буоллар, биһигини кытта барсыаҥ этэ, эн сэттэ аҥаар саастааххын дии, – дэһэ-дэһэ боччумнаахтык туттан тахсан бардылар.
Мин уруһуйдуохпун аттыбар кумааҕым да, киистэм, кырааскам да суох буолан, таах дьиэ үрдүн көрө сыттым. Мин эмиэ оскуолаҕа барыахтаах эбиппин дии. Оскуола диэн туохтара эбитэ буолла? Саатар убайдарбыттан ыйыппакка хааллым. Арааһа наһаа үчүгэй сир быһыылаах. Убайдарым киэргэнэн, маанымсыйан аҕай бардылар. Ол аата оскуола диэн киһи оройунан харахтаммат, буруйу оҥорбот, хаһыытаабат-ыһыытаабат, сэриилэһэ оонньообот сирэ буолуохтаах. Убайдарым онно тугу гына сылдьалларын көрбүт киһи-и! Мин сатаан хаампат буолан хаарыан оскуолаттан маттаҕым. Били Чакырга икки эмээхсин: «Бу оҕо киһи буолбат, сотору моруу буолан өлүөҕэ. Кини туран хаампатаҕына, хамсаабат этиттэн дууһата арахсыаҕа», – диэн сөпкө эппиттэр быһыылаах. Оо дьэ, бу кураанах дьиэҕэ соҕотоҕун сытан эрэ ону-маны куһаҕаны санаан моруу буолан эрдэхпин! Убайдарым хаһан кэлэ охсон абырыыллар! Кинилэр баалларыгар хаһан да ол-бу куһаҕаны санааччым суох. Туох айылаах өр буоллулар!
Нөҥүө сарсыардатыгар ранецтарын кэтэн тахсан эрэр убайдарбар:
– Тохтооҥ-тохтооҥ, миигин илдьэ барыҥ! Илдьибэтэххитинэ мин моруу буолан өлөбүн! – диэн хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрдим.
– Ваня, эйигин хайдах илдьиэхпитий? Биһиги оскуолабыт мантан тэйиччи.
– Эн, Нуучча Уйбаан саха оскуолатыгар хайдах үөрэниэххиний? Сахалыы сатаан саҥарбаккын дии!
– Оннооҕор биһиги сахалыы билэбит да, учууталбыт үөрэтэрин сороҕун эрэ өйдүүбүт.
– Ээ, оттон биһиги кинини бачча бадарааҥҥа, оччо ыраах сахалыы оскуолаҕа тоҕо илтибит? Нуучча Уйбааны нуучча оскуолатыгар таһаарыахха!
– Кырдьык даҕаны! Хата бэрт, чугас! Суолу хайдах эмэ гынан туоратар инибит.
– Чэ, эн миэхэ кинини сүктэр. Мин ранецпын тут. Ваняҕа тэтэрээттэ эҥин ыл. Быаны умнума, быаны умнума! Сатаан олорбот буолбат дуо, баайыахпыт! Чэ, бардыбыт!
Инньэ гынан, мин атын оҕолор курдук балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр хааман буолбакка, балаҕан ыйын иккис күнүгэр убайбар Кешаҕа сүктэрэн оскуола боруогун «атыллаабытым».
– Кеша-а, Ваняны манна аҕал, манна биир кылаас ааныгар «Первый «А»» диэн сурук баар, – көрүдүөр анараа уһугуттан икки ранецтаах, быа тутуурдаах Валера хаһыытаата.
– Эчи, ырааппытын! Итиннэ кыайан илдьибэппин. Манна киирэр аантан чугас «Первый «Б»» диэн суруктаах кылаас баар. Онно киллэрдим, – диэтэ Кеша.
– Хайа паартаҕа баайабытый?
– Биһиги кылааспытыгар бүтэһик паартаҕа ким да олорбот. Манна да оннук ини. Онно баайыахха. Хата ким да кинини түҥнэри көтүө суоҕа.
Ити курдук, икки убайым мин ханнык оскуолаҕа, ханнык кылааска, бэл ханнык паартаҕа олорон үөрэниэхтээхпин директора да, завуһа да, учуутала да суох ол күн бэйэлэрэ быһаарбыттара.
…Чочумча буолаат, оскуола иһэ оҕо атаҕын тыаһынан, саҥатынан-иҥэтинэн туолла. Кылааска сырдык күөх харахтаах, саһархай баттахтаах уолаттар киирэн кэллилэр:
– Эн аатыҥ кимий?
– Эн маннык суулаах кэмпиэти сиэбитиҥ дуу?
– Туораа-туораа. Көр эрэ бу, мин кэмпиэтим суута киниэнинээҕэр быдан элбэх! Манныктары сиэбитиҥ дуу? Сыттаан көр эрэ, наһаа үчүгэй сыттаах.
– Мин аатым Ваня. Мин кэмпиэт диэни хаһан да сиэбэтэҕим. Маннык суулары көрбөтөҕүм. Кырдьык, сыта наһаа үчүгэй эбит.
Киирбит оҕо барыта миигин тула туран кэпсэтэ-кэпсэтэ, араас кэмпиэт сууларын сыттаттылар. Кинилэри кытта «төрөөбүт» нууччалыы тылбынан кэпсэтэн, үөрдүм аҕай. Барыларын өйдүүбүн, кинилэр эмиэ мин хас биирдии тылбын өйдүүллэр. Өйдөһөр диэн үчүгэй да эбит. Оо, манна сылабаарым баара буолла-ар! Сирэйбин-харахпын көрүнүөм этэ. Арааһа уруккум курдук саһархай баттахтаах, сырдык күөх өҥнөөх харахтаах уол буоллум быһыылаах.
Ити олордохпуна, кылаас аана аһылынна. Мин урут хаһан да көрбөтөхпүн көрөммүн, соһуйдум, сөхтүм: бүүс-бүтүннүү маҥан, сиэдэрэй, мааны таҥастаах, икки кулгааҕын кэннигэр бөдөҥ, маҥан сибэккилэрдээх кыракый «сиэстэрэ» киирэн кэлбитигэр, «Какая маленькая, какая красивая медсестра! Она даже красивее моей сестры Светы! Потому что у неё за ушами большие белые цветы», – диэбиппин билбэккэ хааллым.
– Медсестра буолбатахпын, мин кыыспын. Бу кулгааҕым кэннигэр дьиҥнээх сибэкки буолбатах, бантик дэнэр. Тутан да көр. Эн аатыҥ кимий? Кэмпиэт суулааххын дуу?
– Мин аатым Ваня. Миэхэ кэмпиэт суута суох.
– Ол аата эн киһиргэс буолбатах эбиккин. Бу уолаттар бары элбэх кэмпиэт суулаахтар. Онтукаларынан киһиргээ да киһиргээ буолаллар. Бу мин дьиҥнээх сакалаат кэмпиэт суутун аҕаллым. Аата «Весна» диэн. Миэхэ маны Москваттан аҕалбыттара. Биир эрэ устуука этэ. Маннык үчүгэй уолу көрсөрбүн билбитим буоллар, эйиэхэ аҥаарын ордоруом этэ. Мэ, суутун сыттаан көр эрэ! Сыта минньигэс дуу? Амтана өссө ордук этэ. Ити уолаттарга эт эрэ, мин соҕотох сакалаат кэмпиэтим суутун сыта кинилэр карамель кэмпиэттэрин суутун сытынааҕар лаппа ордук үчүгэй диэн. Онон кинилэр миэхэ киһиргээн бүттүннэр.
– Уолаттар, эһиги бу кыыска кэмпиэккит суутунан киһиргээн бүтүҥ! – диэтим мин.
– Ваня, эн үчүгэй уол эбиккин. Бу сакалаатым суутун, төһө да аһыйдарбын, эйиэхэ бэлэхтиибин. Мин эйигин кытта доҕордоһуохпун баҕарабын.
– Эн үтүө санаалаах, кыраһыабай, кыталык курдук кэрэ кыыс эбиккин! – диэтим. Онтон ыла кинини испэр Кыталык Кыыс диэн ааттыыр буолбутум.
Чуораан тыаһаабытыгар учуутал киирэн:
– Оҕолоор, дорооболоруҥ! Мин аатым Любовь Григорьевна диэн. Умнубатыгыт ини, бэҕэһээ билсибиппит дии?!
– Биһиги кылааспытыгар саҥа оҕо кэллэ, – дэстилэр оҕолор.
– Бүгүн биһиги квадраттары уонна палочкалары оҥоро үөрэниэхпит.
– Саҥа оҕо сатаан олорбот, паартаҕа баайбыттар, – уоскуйбатылар оҕолор.
– Оҕолоор, аралдьыйбаппыт. Үчүгэйдик, кичэйэн оҥоро сатааҥ, оччоҕо буукубаны, сыыппараны суруйа үөрэнэргитигэр чэпчэки буолуо, – диэт, сурааһыннаах дуоскаҕа икки эрээт палочка, икки эрээт квадрат оҥордо.
Мин туох эрэ остуоруйа курдук дьиктини кэтэһэн олорбут киһи, учуутал интэриэһинэйэ суох, наһаа чэпчэки сорудаҕы биэрбититтэн соһуйдум. Бэйэбин алта сылы быһа уруһуйдаан эрэ тахсыбыт «идэтийбит художникпын» дэнэр буоламмын, сорудаҕы бэрт түргэнник, олох ыарырҕаппакка толорон, икки страницаны оҥоро охсон, учууталга туттардым. Уруок диэн туох да интэриэһинэйэ суох, оскуолаҕа саамай үчүгэйэ – перемена эбит. Билигин чуораан тыаһаатын кытта Кыталык Кыыс уонна кылаас оҕолоро бары сүүрэн кэлэн миигин кытта кэпсэтиэхтэрэ, оонньуохтара. Оо, хаһан перемена буола охсор! Чуораан тыаһаатын кытта:
– Оҕолоор, бары оргууй аҕай турдубут уонна оргууй аҕай кылаастан таҕыстыбыт! Кылааска ким да хаалбат. Оонньуу сылдьан алҕас Ваняҕа кэтиллиэххит да, кини өлөн хаалыа. Оччоҕо эһигини милициялар хаайыыга угуохтара! – диэтэ учуутал. Оҕолор бары мин диэки соһуйбуттуу көрө-көрө, атахтарын төбөтүгэр үктэнэн, кылаастан тахсан бардылар. Учуутал: «Мин кэлиэхпэр диэри кылааска ким да киирбэт!» – диэт, ааны таһыттан хатаата.
Күүтүүлээх, элбэҕи эрэннэрэр переменам миигиттэн кылаас оҕотун барытын тэйиппитэ, атын оҕолорго ырааҕынан тиийбэппин өссө төгүл бигэргэппитэ. Ити түгэнтэн ыла, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри, оҕолорго: «Мин эмиэ син биир эһиги курдукпун, киһи аҥаара буолбатахпын, киһибин», – диэн дакаастыы сатаабытым. Ол дакаастыырбар бастакы көмөлөһөөччүнэн, мин дьолбор төрөөбүт, маҥнайгы учууталым Любовь Григорьевна Прокопьева-Попова буолбута. Уруок кэнниттэн оҕолору атаараат, Любовь Григорьевна, убайдарым кэлэн ылыахтарыгар диэри, миэхэ күүстээх санаалаах дьон тустарынан араас кинигэлэри ааҕан биэрэрэ, кинигэ геройдарын холобур оҥороро:
– Бу Спартак диэн ыарыһах оҕо дьарыктанан-дьарыктанан күүстээх бухатыыр, гладиатор буолбут. Кэлин Рим восстаниетын баһылыгынан талыллыбыт. Эн эмиэ дьарыктан, улааттаххына Спартак курдук буолаар, сөп дуо?
– Сөп, Спартак курдук дьарыктаныам! – мин норуоппун кытары бүтүннүү уот кутаа буолбут Римы ылан эрэр курдук сананабын, гиипсэм иһигэр быччыҥнарым күүрэллэр.
– Бу Саша Суворов атаҕа ыалдьан икки сыл устата оронтон турбатах оҕо, дьарыктанан-дьарыктанан улаатан баран, туох киһи буолан тахсыбытый?
– Нуучча улуу полководеһа Александр Суворов генералиссимус диэн аан дойдуга саамай кылаабынай генерал буолбут.
– Эн эмиэ Саша Суворов курдук дьарыктан. Ыарахантан куттаныма, чаҕыйыма. Тугуҥ эрэ табыллыбатаҕына, бэринимэ. Санаабыккын ситиһэ үөрэн. Улааттаххына Суворов курдук күүстээх санаалаах, өйдөөх, хорсун буолаар, сөп дуо?
– Сөп, Александр Суворов курдук полководец буолуом, – мин хас да тыһыынча саллааттаах армиялаах Альпа хайаларын уҥуордаан, Измаил курдук бөҕө кириэппэһи ылан эрэрдии сананабын.
Дьиэбэр туох да атын дьарыгым суох буолан, үөрэхпэр үчүгэй этим. Сотору кэминэн ааҕар-суруйар буолбутум. Любовь Григорьевна түргэнник ааҕыыга кыайыым иһин хайҕаабыта уонна «Горячий камень» диэн Аркадий Гайдар кинигэтин бэлэхтээбитэ. Ону ааҕан бүтэрээт, учууталбыттан ыйыттым:
– Любовь Григорьевна, ити кинигэҕэ суруллубут итии тааһы хантан булуохха сөбүй? Почта таһыгар сытар таас эмиэ итии ээ. Аркадий Гайдар ол тааһы суруйбута буолуо дуо?
– Ваня, эн итии тааска тоҕо наадыйдыҥ?
– Мин ити кинигэҕэ суруллубутун курдук итии тааһы, хайдах эмэ гынан сыылла сылдьан, хайа чыпчаалыгар таһаарыам, алдьатыам уонна бэйэбэр саҥа олоҕу көрдүөм этэ.
– Тоҕо саҥа олоҕу көрдөөтүҥ?
– Мин саҥа олохпор атын оҕолор курдук хаамар, сүүрэр буолуом этэ.
– Ваня, эн кинигэни ааҕан баран олох өйдөөбөтөххүн дии. Оннооҕор олоҕу олорбут кырдьаҕас оҕонньор тааһы чыпчаалга таһаарар да алдьаппат, саҥа олоҕу көрдөөбөт. Ол тоҕо буолуой?
– Билбэппин.
– Хас биирдии киһи киниэхэ бэриллибит олоҕунан олоруохтаах. Саҥа, чэпчэки, бэлэм олоҕу көрдөөбөккө, киһи бэйэтин олоҕор баар ыарахаттары туоруохтаах, дьолун туһугар охсуһуохтаах.
Любовь Григорьевна миэхэ элбэх кинигэни бэлэхтээбитэ. Ол кинигэлэри аахтаҕым аайы олоххо тардыһыым күүһүрэрэ, бэйэм күүспэр эрэлим улаатара, билиим-көрүүм кэҥиирэ.
– Ваня, бу сырыыга эйиэхэ сөптөөх, туһалаах кинигэни булбатым. Үчүгэй кинигэ булуохпар диэри маны аах.
– Любовь Григорьевна, бу кинигэ быыһыгар туох эрэ лиис кумааҕы сылдьар.
– Ити ыраас лиис. Соруйан укпутум. Кинигэни ааҕаргар харандаастаах олороор. Өйдөөбөтөх тылгын көрдүҥ да, тута ити ыраас лиискэ суруйаар. Ол тыллары мин эйиэхэ кэлин быһаарыам.
Ити курдук мин илиибэр түбэспит «Барон Мюнхаузен» диэн кинигэ олохпун тосту уларыппыта.
Илиибэр харандаастаах ааҕа олорон, «подвиг» диэн тыл суолтатын өйдөөбөккөбүн, лииспэр суруйбутум. Уонна учууталбыттан ол соҕотох тыл суолтатын ыйыппытым:
– Любовь Григорьевна, подвиг диэн тугуй?
– Подвигы геройдар оҥороллор.
– Геройдар диэн кимнээхтэрий?
– Герой диэн дьон бары таптыыр киһитэ.
– Оттон кыргыттар геройу таптыыллар дуу?
– Сорох уолаттар кыргыттарга таптатаары герой буолаллар.
Итиччэни истээт, подвиг хайдах оҥоһулларын билээри, кинигэбин иккистээн аахтым. Ол ааҕан билбитим, барон Мюнхаузен расписаниенан олорор киһи эбит. Күн аайы онтукатын кытаанахтык тутуһар. Подвиг диэн сарсыарда уон чаастан күнүс уон икки чааска диэри оҥоһуллар эбит. Ол аата, Кыталык Кыыс болҕомтотун бэйэбэр тардар туһуттан, мин герой буолуохтаахпын. Герой буолар инниттэн подвиг оҥоруохпун наада. Подвиг күн аайы сарсыарда уонтан, ол аата иккис уруок ортотуттан күнүс уон иккигэ, ол эбэтэр төрдүс уруок ортотугар диэри оҥоһуллар эбит.
Онтон ыла иккис, үһүс, төрдүс, ол эбэтэр подвиг кэмигэр киирэр уруоктарга уһулуччу болҕомтобун уурар буолбутум. Инньэ гынан, туйгун үөрэнээччи аатын ылбытым. Бэйэбин герой буолбут курдук санаммытым да, Кыталык Кыыс син биир мин диэки көрбөтөҕө. Биирдэ переменаҕа кураанах кылааска олорон, Кыталык Кыыс мин диэки көрбөт төрүөтүн билбитим: «Подвигым бириэмэтэ бара турар, оттон мин перемена аайы таах олорор эбиппин. Переменаҕа туох подвигын оҥоруохха сөбүй? Арай мин, бу түөһүм быатын сүөрдэхпинэ уонна перемена бүтүөр диэри сууллубакка олордохпуна? Оччоҕо герой буолабын ээ!» Быабын сүөрээт, тутуһуохпунан тутуһан: «Олох сууллуо суохтаахпын, хайаан да герой буолуохтаахпын», – дии-дии чуораан тыаһыар диэри олордум. Кыталык Кыыс мин герой буолбуппун олох да бэлиэтии көрбөккө, бэйэтин паартатыгар ааһа турда. Мин кып-кыра подвигы оҥороммун, киһи хараҕар быраҕыллыбат, кып-кыра герой буоллум быһыылаах. Ол иһин Кыталык Кыыс мин диэки көрүөн баҕарбат. Улахан герой буолар туһуттан киһи хараҕар быраҕыллар подвигы оҥоруохха наада эбит. Бүгүн подвигым бириэмэтэ бүттэ. Икки нэдиэлэ устата ити курдук быата суох олорорго үөрэнним.
Биир күн уһун переменаҕа, түөһүм быатын сүөрэн баран, улахан подвиг оҥорорго соруннум: «Бүгүн хайаан да туруохтаахпын, турдахпына эрэ табыллар! Мин туруом, мин туран эрэбин, мин турдум!!! Мин олох охтуо суохтаахпын! Күүскэ тутуһуохха! Мин тулуйуохтаахпын! Мин улахан герой буолуохтаахпын!» Чуораан тыаһаата, учуутал күлүүһү аһан эрэр. Түргэнник быабын баана охсуум! Һуу! Улахан герой буоллум быһыылаах. Кыталык Кыыс сибилигин сүүрэн кэлиэҕэ, мин улахан герой буолбуппун хайаан да бэлиэтии көрүөҕэ уонна икки илиитин ууммутунан: «Ваня, мин эйигин кытта доҕордоһуохпун баҕарабын», – диэҕэ. Кыталык Кыыс киирдэ, мин диэки хайыһан да көрбөккө, оннугар баран олордо.
Онтон ыла күнтэн күн аайы мин подвигтарым бэйэбин кытта тэҥҥэ улаатан испиттэрэ: паартабыттан тахса үөрэммитим, аттынааҕы паартаҕа, онтон сыыйа учуутал остуолугар кытта, паарталартан тутуһан, тиийэ үөрэммитим. Кылаас иһигэр улаханнык эрэйдэммит, элбэхтик охтубут сирим – учуутал остуолуттан дуоскаҕа диэри этэ. Тоҕо диэтэххэ, тутуһар сир суоҕа. Мин улахан герой буола сатыырбын ким да сэрэйэн да көрбөт этэ.
Кэнникинэн, кылааһым уолаттара бары Кыталык Кыыһы сөбүлүүллэрин бэлиэтии көрөн, улаханнык соһуйбутум. Кинилэр уруокка олорон эрэ тэтэрээттэрин лииһиттэн ойо тардан ыла-ыла, тугу эрэ суруйан баран, кум-хам тутаат, Кыталык Кыыс паартатыгар быраҕаллара. Туйгун үөрэнээччи Кыталык Кыыс уруокка олох аралдьыйбат этэ. Тэтэрээтигэр кэлэн түспүт уолаттар кумааҕыларын илиитинэн илгэн кэбиһэрэ. Ол суругу атын оҕолор ааҕа-ааҕа суруйбут уолу күлүү гыналлара. Аҕыйах хонугунан били күлүү гыммыт уолаттар бэйэлэрэ соннук ис хоһоонноох суругу Кыталык Кыыска ыыппыттара биллэн, бэйэлэрэ күлүүгэ бараллара. Суруктарын тас быһыыта уонна ис хоһооно барыларын киэнэ биир буолара: «Я хочу с тобой дружить! Вася».
Кыталык Кыыс болҕомтотун итинник тардыахха наада эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Ол гынан баран, мин суругум тас көрүҥэ уолаттар киэннэринээҕэр ордук буолуохтаах. Хаһан уруок бүтэн, убайдарым дьиэбэр илдьэ бараллар!
Дьиэбэр, Кыталык Кыыс бэлэхтээбит «Весна» диэн араас өҥнөөх бытархай сибэккилэрдээх сакалаат кэмпиэтин суутун көрө олорон, сурукпун хайдах саҕалыырбын толкуйдаатым. Талан-талан баран, халыҥ маҕан ватмаҥҥа суруйарга быһаарынным. «Я хочу с тобой дружить. Ваня» диэн сурукпун «Весна» суутугар баар бытархай араас өҥнөөх сибэккилэринэн ойуулаан суруйдум. Сурукпун туора харах көрбөтүн диэн, бүк тутаат, оччотооҕуга саамай бөҕө «БФ-6» килиэйинэн кытыыларын сыһыартаан кэбистим. Килиэйим курдаттыы өтөн таҕыста. Ону кистээри, маслянай кыраасканан кытыытын бүтүннүү оһуор ойуулаатым. Бу кытыыта ойуулаах кэмбиэри Кыталык Кыыс кырыйан ааҕыахтааҕын сэрэйдин диэн, оһуорбун кыйа пунктирнай сурааһыны тартым уонна суругум түөрт муннугар кыптыый уруһуйдаатым. Бу олохпор сүҥкэн суолталаах сурукпун өйдөөбөккө, аахпакка хаалыа диэн, сурааһыннарым анныгар «линия отреза» диэн быһаардым. Кыталык Кыыс атын уолаттар саппыыскаларын курдук мин сурукпун илгэн кэбиспэтин диэн, кэмбиэрим икки өттүгэр күн тахсыыта Амма өрүс сардааналаах кытылыгар үҥкүүлүү сылдьар кыталыктары ойуулаатым. Чэ, суругум табылынна быһыылаах. Тиэрдэрим эрэ хаалла.
Сарсыныгар, улахан переменаҕа олохпор саамай улахан подвигы оҥорорго быһаарынным. Түөһүм быатын сүөрүннүм уонна онтон-мантан тутуһан учуутал остуолун аттыгар Кыталык Кыыс паартатыгар тиийдим. Сурукпун кини дневнигин бүгүҥҥү сорудаҕын суруйуохтаах страницатыгар уктум. Төннөн, кини паартатыттан тэйдэҕим, бэйэм миэстэбэр чугаһаатаҕым аайы, сүрэҕим тыаһа күүһүрдэр-күүһүрэн истэ. Оннубар олорбуппар, сүрэҕим тыаһа кылааһы биир гына тиҥийдэ. Ити кэмҥэ биир уол кылааһы өҥөйөөт, миигин соһуйбуттуу көрдө, ааны «лип» гына сапта. Арааһа мин сүрэҕим тыаһа көрүдүөргэ кытта иһиллэр быһыылаах. Билигин кылааһым оҕолоро киирэн, сүрэҕим тыаһын иһиттэхтэринэ: «Оо, Ваня эрэйдээх өлөн эрээхтиир! Ваня, баһаалыста өлүмэ, биһиги эйигин кытта оонньуохпут», – диэн аһын да аһын буолуохтара. Бэйэбин аһыннарыахпын баҕарбаппын. Миигин тэҥнээхтэрин курдук көрөллөрүн ситиһиэхтээхпин. Кэбис, кэбис, бээ, сурукпун төттөрү ыла охсон, сүрэхпин хайаан да уоскуттахпына сатаныыһы! Инньэ гынан сурукпун, чуораан тыаһыан иннинэ тиийэн, төттөрү ыллым. Ити кэнниттэн, сурукпун Кыталык Кыыс кинигэтигэр, суумкатыгар, сонун сиэбигэр уура сатаабытым да, сырыы аайы сүрэҕим тыаһын тулуйбакка, төттөрү ыларым. Күн бүгүнүгэр диэри, ол сурукпун кыайан биэрбэккэ сылдьабын.
* * *
«Убайдарым туох ааттаах өр буоллулар! Саатар, бырааттарым бааллара буоллар, чэй куттаран аҕалтарыам этэ. Бэлэһим дэлби хатта. Чэ, кэбис, кинилэри кэтэстэххэ, киһи утатан өлүүһү! Оһох үрдүгэр көстөн турар чаанньыкка хайдах эмэ тиийэр инибин», – дии санаат, онтон-мантан тутуһан, бэрт эрэйинэн тиийэн чаанньык тумсуттан уу омурда турдахпына, таһырдьаттан уолаттар кутуллан киирдилэр:
– Хайа, Ваня! Эйигин ким манна аҕалла?
– Суох, бэйэм кэллим.
– Ээ, сымыйалаама! Эн сатаан хаампаккын буолбат дуо?
– Кыратык хаамабын ээ, – диэт, кэлбитим курдук айаннаан, төттөрү ороммор тиийэн сыттым.
– Хаамар эбит буолбат дуо! Биһиги ону билбэккэ, оскуолаҕа сүгэн илдьэбит-аҕалабыт, – дэстилэр.
Нөҥүө сарсыардатыгар: «Биһиги эйигин өйүөхпүт, бэйэҥ хаамаар», – диэтилэр, өйөөн оскуолабар илтилэр. Мин, Нуучча Уйбаан, убайдарым кэпсэтиилэрин нууччалыы тылбаастаан бараммын, биирдэ өйдүү сатыырым. Ол саҕана сорох сахалыы тыллар хастыы да суолталаах буолалларын билбэт этим. Ол иһин сыыһа-халты өйдүүрүм элбэҕэ:
– Бүгүн саамай кылгас күн.
– Братья сказали: «Сегодня самое короткое солнце».
– Бүгүҥҥүттэн күн уһаатар-уһаан иһиэҕэ.
– «С сегодняшнего дня солнце будет расти».
– Сотору сайын кэлиэ, үөрэнэн бүтүөхпүт. Оонньуохпут аҕай!
– Придёт лето. Учиться не будем. Будем только играть.
– Чэ, үчүгэйдик үөрэн. Быаҕын баайдыбыт, – диэт, убайдарым бэйэлэрин оскуолаларыгар тэбиннилэр.
… Уруокка олорон көрбүтүм, күн кырдьык даҕаны кылгыаҕынан кылгаабыт, сиэстэрэ Света кэпсиир колобогун курдук буолбут. Убайдарым кэпсииллэринэн, сотору уһуоҕа, ол аата ньолбойуоҕа, төбөлөнүө, кулгаахтаныа, илиилэниэ, атахтаныа, түргэнник улааттаҕына, маҥнайгы кылааска – биһиэхэ кэлиэҕэ. Кими кытта олордуохтарай? Миигин кытта олордор буоллахтара дии. Паартаҕа мин эрэ соҕотоҕун олоробун. Хата, бэрт, биһигини переменаҕа таһыттан хатаан кэбистэхтэринэ, ону-маны кэпсэтиэхпит аҕай! Оонньуохпут. Арба да аҕам биһигини киэһэ аайы «күн утуйа барда, утуйуҥ» диир, мин күнтэн ыйытар эбиппин «хайдах ороҥҥо утуйаҕыный, суорҕаныҥ хайдаҕый?» диэн.
– Любовь Григорьевна, ити буоллаҕына Ваня эн быһаараргын истибэт!
– Кини билигин тугу да өйдүө суоҕа уонна «2»-ни ылыа!
– Оччоҕуна биһиги «Звездочкабытын» түһэн биэрэр! – кыргыттар айдаардылар. Онуоха Любовь Григорьевна:
– Оҕолоор, Ваняны тыытымаҥ! Кини ийэтэ өлбүтүн билэҕит буолбат дуо? Ийэтин санаабыта буолуо, – диэн сибигинэйдэ.
– Суох, мин ийэм өлбөтөҕө! Учуутал сымыйалыа суохтаах! Кини «Ыраах да ыраах» диэн ааттаах кыталыктардаах сиргэ сибэкки үүннэрэ барбыта. Ырыатын барытын ыллаан бүтэрдэҕинэ кэлиэҕэ, миэхэ хайаан да кэлиэҕэ, көрөөрүҥ даҕаны. Учуутал сымыйалыа суохтаах! – оҕолор ньамалаһа түспүттэригэр, өйдөөн көрбүтүм, учуутал аттыгар хаһыытыы аҕай турар эбиппин. Хайдах хааман кэлбиппин өйдөөбөт буоламмын, кыбыстаммын сүүрүү быластаан паартабар тиийэн олордум уонна тоҕо эрэ быанан баанным.
Оҕолор үөрэнэн бүтэн дьиэлээбиттэрин кэннэ, учууталым:
– Ваня, мин бүгүн эн убайдаргын кэтэһэр солом суох, ыксыыбын. Эн бэйэҥ дьиэлээ, – диэтэ.
– Дьиэлиэм этэ да, суолу кыайан туоруом суоҕа. Онно киһи тутуһара туох да суох.
– Чэ, миигиттэн тутус, олбуорга тахсыахха, онно тугу эмэ тобулуохпут.
Оскуола олбуоругар тахсаат, Любовь Григорьевна быраҕыллыбыт миинньик-сиппиир угун миэхэ уунна. Ити маска тайанан, дьиэбэр этэҥҥэ тиийдим. Ороммор саҥа сытааппын кытта, Любовь Григорьевна киирэн кэллэ:
– Ваня, дьиэҥ иһигэр охтубатыҥ дуо?
– Дьиэбэр хаһан да охтооччум суох, манна тутуһар сир элбэх.
– Чэ, убайдарыҥ кэлиэхтэригэр диэри сыт, турума! – диэт, учууталым тахсан барда.
Ону-маны кыҥастаһа сытан, хараҕым олоппос үрдүгэр сытар бытархай түннүк таастарыгар хатанна. Итини көрөн, бэҕэһээ киэһэ уолаттар «сэрии сэптэрин» ыраастана олорон тугу кэпсэппиттэрин саныы биэрдим:
– Оҕолоор! Бу мин таһырдьаттан түннүк тааһа бөҕөнү буллум. Чэ эрэ, бары сэриигит сэптэрин таһаартааҥ! Бу таастарынан кылбаа маҥан гына кыһыйыаҕыҥ! Хамандыырдар уонна саллааттар улахан кыргыһыы иннинэ куруук сааларын ыраастаналлар. Ыраас саа сэрии ортотугар харбат, киһини түһэн биэрбэт.
– Эн ону хантан билэҕин?
– Биһиги Чакырдар аҥаар атахтаах геройдаахпыт дии, Уордьаннаах оҕонньор диэн? Кини уот сэриигэ кыргыспыт киһи. Мин киниттэн күн аайы ол кыргыһыыларын барытын ыйыталаһааччыбын. Наһаа үчүгэйдик кэпсиир. Эн эмиэ ыйытаар ээ. Мин таптыыр кинигэм геройа Егор Чээрин саатын куруутун ыраастык тутар буолан, өстөөх бөҕөтүн өлөрбүт, – диэтэ биһиги дэриэбинэбит биллиилээх «сэрииһитэ» Кеша. Инньэ гынан, бэҕэһээ киэһэни быһа уолаттар бары араастаан оҥоһуллубут автоматтарын, шмайцердарын, бинтиэпкэлэрин, бэстилиэттэрин, мас кынчаалларын, бэл диэтэр рогаткаларын кытта «ыраастаабыттара», тааһынан кыһыйбыттара. «Мин хамандыырбын, онон наганым именной буолуохтаах» диэт, Кеша мас бэстилиэккэ химическай харандааһынан «ШаКе» диэн «кистэлэҥ» аатын суруйбута. Бүгүн, оскуолаттан кэлээт, биһиэннэрэ – Сэбиэскэй уулусса «этэрээтэ», «өстөөхтө– рү» – Партизанскай уулусса сүҥкэн улахан «армиятын» кытта улахан быһаарыылаах кыргыһыы уоттаах хонуутун кутаатыгар оройдорунан түһүөхтээхтэр.
«Мал ыраас эрэ буоллаҕына, киһиэхэ туһалыыр эбит», – диэн санааттан, тураммын тайах маспын кылбаа маҥан гына кыһыйдым. Бу маспын сүтэрбэт баҕаттан, химическэй харандааһы силбинэн илитэ-илитэ манныгы суруйдум: «Бу маһы баһаалыста тыытымаҥ. Мин туруорбут сирбэр турдун. Бу тайах-мас көмөтүнэн мин – Дьуона оҕонньор уола Ваня Дьячковскай хаама үөрэнэбин. Мин «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ тиийэн дьолбун уонна ийэбин булуохтаахпын. Бука диэн маспын тыытымаҥ». Ити сурукпар туочуканы туруораат, олоҕум саамай улахан дьыалатын уһата-кэҥэтэ барбакка, мин ыраах айаҥҥа туруннум. Күүһүм-сэниэм, туох баар кыаҕым нэһиилэ икки эрэ олбуору нөҥүөлүүрбэр тиийдэ. Ол иккис дьиэ сабараанньатыгар олорон эрэ: «Мин иккистээн да төрөөтөхпүнэ, кыталыктар үҥкүүлээбит сирдэригэр – Дьаарбаҥ кумах тумуһугар тиийэрим саарбах. Наһаа да мөлтөх эбиппин!» – диэн санааттан ытаатым. Оттон-мастан тардыһан, сылаабыттан ыт кыайан сиэбэт гына титирээн, дьиэбин нэһиилэ буламмын, ороммор сынньана сыттым.
– Хайа, туох айылаах өр буоллугут? – киирэн кэлбит убайдарбыттан ыйыттым.
– Кылааскар суоххун көрөөт, эйигин аан дойдуну биир гына көрдөөтүбүт! – аҕылаабыттара сүрдээх, миигин чахчы да аан дойдуну биир гына көрдөөбүттэр быһыылаах – Африканан, Австралиянан, Бразилиянан.
– Мин баара-суоҕа Лазарев Петялаах дьиэлэригэр тиийэ сырыттым ээ! Бэйэм хааман!
– Оо, маладьыас Ваня! Бүгүн иккис дьиэҕэ тиийбит буоллаххына, сарсын үһүс, өйүүн төрдүс дьиэҕэ тиийиэҥ буоллаҕа дии! – дэстилэр убайдарым.
Итинтэн ыла хас күн аайы тайах-маһым дьиэбиттэн ырааттар-ыраатан испитэ. Сотору кэминэн, мин Амма бөһүөлэгин бүтэһик дьиэтигэр тиийбитим.
* * *
Бүгүн биһиги кылааспыт, биһиги оскуолабыт, биһиги бөһүөлэкпит, биһиги дойдубут – Советскай Союз уонна бүтүн аан дойду барыта өрөгөйдүүр күнэ! Барыбыт үөрүүтэ биир – бүгүн, 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр аан дойдуга аан маҥнай космоска киһи таҕыста! Ол киһи аата – Юрий Алексеевич Гагарин, бастакы лётчик-космонавт. Кини бүгүн аан дойдуга бастакы нүөмэрдээх герой буолла! Чахчы кинини аан дойду дьоно бары таптаатылар. Кинини араас омук тылынан эҕэрдэлээтилэр, уруйдаатылар-айхаллаатылар. Гагарин Өлөксөйдөөх уоллара Юра оҕо сылдьан «Барон Мюнхаузен» туһунан кинигэни аахпыт быһыылаах уонна эмиэ мин курдук, күн аайы сарсыарда уонтан уон иккигэ диэри подвиг оҥорбут буолуохтаах. Өскөтүн оннук гымматаҕа буоллар, аан дойдуга маҥнайгы нүөмэрдээх герой мин буолуохтаах этим. Чэ, буоллун даҕаны. Аан дойду иккис нүөмэрдээх геройа буоларга да сөбүлэһэбин. Бастакы герой – Юрий Гагарин саамай сөбүлүүр уруога физкультура үһү. Мин эмиэ кини курдук спортсмен буолуохпун баҕарбытым.
Физкультура уруогар Николай Родионович миигин физзалга киллэрбэт этэ. Аан быыһынан оҕолор гимнастикалыылларын көрө-көрө, кинилэртэн хаалсымаары, кураанах көрүдүөргэ үтүктэрим. Оҕолор сымнаҕас маат үрдүгэр хойуосталларын үтүктэммин, тыас-уус бөҕөтүн түһэрдим. Хантан эрэ Любовь Григорьевна сүүрэн кэллэ. Муостаҕа сытарбын көрөн:
– Хайа, Ваня, туоххун өлөрдүҥ? Туох тыаһа-ууһа буолла? – диэтэ.
– Ээ, мин кувырок оҥоробун ээ, ити гиипсэм тыаһыыр. Сымнаҕас маакка оҥорбутум буоллар, тыаһыа суох этэ.
– Николай Родионович, бу оҕону уруокка киллэр эрэ. Бэйэтин кыаҕынан хамсаннын. Сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулар саҕана ыскамыайкаҕа олоруо буоллаҕа дии.
– Любовь Григорьевна! Суох-суох! Уруокпар киллэрбэппин. Хаайыыга барыахпын баҕарбаппын. Арай өлөн хааллын? Балыыһаттан «физкультураҕа сылдьыан сөптөөх» диэн ыспыраапка аҕаллын, оччоҕуна биирдэ киллэриэм.
Инньэ гынан, уруккум курдук көрүдүөргэ «физкультуралыырым», оҕолор тугу оҥороллорун үтүктэрим.
Күн-дьыл уһаан истэ. Ыам ыйа саҕаланна. Көтөр-сүүрэр үксээтэ. Өрүс мууһа барда. Киһи аймах айылҕаҕа тардыста.
– Оҕолоор, биһиги сарсын үөрэммэппит, походка барабыт, – диэтэ биир үтүө күн учууталбыт.
– Ура-а! Ханна барабытый?
– Ыраах барыахпыт. Онон, төрөппүттэргитигэр этээриҥ, киэһэ биирдэ кэлэбит. Иккитэ аһыыр аскытын ылаарыҥ.
Мин үөрэ-көтө сонуммун дьоммор ыһа-тоҕо кэпсээтим. Аҕабыттан: «Туох эмэ минньигэс аһы астыырыҥ буоллар», – диэн көрдөстүм.
«Бүгүн олус да үтүө-мааны күн! Халлаан ып-ыраас, күн чаҕылыччы тыгар! Бүгүн биһиги кылааһынан «Ыраах да ыраах» барабыт. Онно наһаа кэрэ айылҕаны көрүөхпүт, оонньуохпут, кыталыктар үҥкүүлэриттэн үөрүөхпүт. Кыталык Кыыс онно эмиэ баар буолуо. Мин киниэхэ ийэбин көрдөрүөм. Мин үрүсээкпэр минньигэс сыттаах алаадьы уонна буспут куурусса сымыыта өйүөлээхпин. Ити аспыттан оҕолорго бэрсиэм! Оҕолор миэхэ эмиэ астарыттан бэрсиэхтэрэ. Бүгүн араас аһы амсайыам да буоллаҕа!» – маннык үчүгэй санаалардаах кылааһым аанын арыйдым. Походка барыы туһунан кэпсэтэ-ипсэтэ олорбут оҕолор чуумпура түстүлэр.
– Эн бу Чарли Чаплин ханна бараары сылдьаҕын?
– Эһигини кытта походка.
– Оҕолоор, биһиги Чарли Чаплинныын ыраатыахпыт дуо?
– Суох, суох, хааллын!
– Ээ, суох, учуутал кэлэ илигинэ дьиэлээтин! Кини кэлбитин көрдөҕүнэ, учуутал биһигини походка илдьиэ суоҕа!
– Ваня, биһиги эйигин хас хардыы аайы кэтэһэн турар санаабыт суох! – диэн Кыталык Кыыс мин баҕа санаам туманын бүтэһиктээхтик үрэйдэ. Ол да буоллар, учууталым санаатын билиэм, тылын-өһүн истиэм диэн, аан аттыгар олордум.
Учууталым кэлээт, миигин көрүдүөргэ ыҥыран таһаарда:
– Ваня, мин бу эйиэхэ анаан олус интэриэһинэй, туһалаах кинигэ аҕаллым. Үс эрэ күҥҥэ уларыстылар, бүгүн саҕалаатаххына эрэ бүтэрэҕин. Билигин дьиэлээ. Бу кинигэттэн походтааҕар элбэх туһаны ылыаҥ.
Дьиэбэр киирээт, туһалыахтаах кинигэбин мөхпүтүнэн бардым: «Эн тоҕо булан-булан бүгүн көһүннүҥ?! Сарсын көстүөҥ этэ буоллаҕа дии! Оччоҕо наһаа үчүгэй кинигэ буолуоҥ этэ. Бүгүн миигин туохтан матарбыккын билэҕин дуо?» – дии-дии үчүгэйдик өйдөөтүн диэн кинигэбин сахсыйбахтыы түһэн баран, остуолга саайталаатым. Хараҕым кырыытынан көрбүтүм, уон чаас буолбут. Арба даҕаны, подвигым бириэмэтэ саҕаламмыт! Кинигэм уһаат кэтэҕэр элээрбитин билбэккэ да хааллым. Үрүсээгим биирдэ көхсүбэр баар буола түстэ да, тахсан Партизанскай уулусса уһугун диэки түөрэҥэлии турдум. Аара уулуссаҕа оҕолор: «Көрүҥ эрэ, көрүҥ эрэ ити уол үүт-үкчү Чарли Чаплин курдук хаамар», – дэһэ-дэһэ мин хаамарбын үтүгүннүлэр. Ол аайы сельмаг айаҕар турар улахан дьон үөннээхтик күлүстүлэр. Мин кинилэри кытта аахсар-этиһэр кыаҕым уонна солом суох буолан, көрбөтөҕө-истибэтэҕэ буоллум. Испэр: «Чарли Чаплин диэн хос ааттыылларыттан өһүргэммэппин. Ити мин биир кыайыым да диэхпин сөп. Сатаан хаампакка ороҥҥо сытарбынааҕар Чарли Чаплин курдук хаампытым быдан ордук», – дии санаатым. Бэйэбин уоскутунаары «ыраах айаҥҥа туруммут киһи ыт үрэригэр кыһаммат» диэн тыллары хаста да хатылаатым.
Дэриэбинэ бүтэһик дьиэтин сабараанньатыгар сынньана олорон хараҕым ыалдьыар диэри киэҥ хочону кыҥастаһа сатаатым да, биир да оҕону көрбөтүм. Кырдьык даҕаны, оҕолорум олус түргэнник хаамаллар эбит. Киһи хараҕар көстүбэт гына ырааппыттар. Ол да буоллар, «подвигы ситэри оҥоруох тустаахпын» диэн санааттан, туран салгыы айаннаатым. Дэриэбинэттэн тэйдэҕим аайы, сынньанарым үксээн истэ. Иннибэр үрэххэ майгынныыр уһун күөл көһүннэ. Күөлгэ били убайым Кеша кэпсээбит «кууруссатааҕар кыраһыабай, мээтиргиир кустара уонна кинилэрдээҕэр обургу хаастара» уста сылдьаллар. Уу кытыытыгар араас дьүһүннээх-бодолоох кыра диэн, улахан диэн бараах бииһин ууһа бөҕө мустубут. Кинилэри үчүгэйдик көрөөрү уонна үргүтүмээри, күөх окко олорунан кэбистим. Сылайбыт, аччыктаабыт да эбиппин. Өйүөбүн сии-сии, кылааһым оҕолорун санаатым. Оо, кинилэр билигин төһө эрэ үчүгэй сиргэ тиийэн, төһө эрэ мааны остуолу тардан, араас аһынан бэйэ-бэйэлэрин күндүлэһэ-күндүлэһэ, кыталыктар үҥкүүлэрин көрөн, сөҕө-махтайа олордохторо! Эчи, хаарыаны! Мин да олус кэрэ айылҕалаах сири буллум: араас көтөрдөр мустубут күөллэрэ, тыллан эрэр талахтар бөлкөйдөрө, ыраах көҕөрөн көстөр мырааннар. Маны барытын хонууну биир гына үүммүт саһархай, маҥан, халлаан күөх, фиолетовай, малиновай өҥнөөх кэрэ ньургуһуннар тупсаран, ситэрэн биэрэллэр. Оо, бу бараахтарга моойдорун токуруччу туттубут, уһун атахтаах, күл өҥнөөх улахан көтөрдөр түстүлэр! Моойдорун көннөрбүттэригэр өссө уһаатылар, төттөрү-таары кыталык курдук туттан хаамыстылар. Бүгүн көтөр арааһын көрдүм: кыралар, олус кыралар, ортолор, улахаттар уонна олус улахаттар бааллар. Бүгүн оҥорбут подвигпыттан олус астынным. «Көтөрдөр диэн абыраммыт «дьоннор»! Таптаабыттарынан сылдьаллар, ким да кими да туораппат, араас сири-дойдуну көрдөхтөрө! Арай мин кыталык буолан хаалыым! Улахан да улахан кынаттарбынан сапсына-сапсына аан дойдуну кэрийиэм этэ! Сир шаарын ханнык да муннугар миигин – дьол көтөрүн бары үөрэ көрсүө этилэр!» – итинник санаалартан өрүкүйэн, сэниэлэммиккэ дылы буоллум, туран дэриэбинэ диэки айаннаатым.
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?