Электронная библиотека » Иван Тарабукин » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 27 мая 2023, 06:04


Автор книги: Иван Тарабукин


Жанр: Современная русская литература, Современная проза


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]

Шрифт:
- 100% +

– Эн, Кэриспэндиэн, кырдьык, хайдахтаах да ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэххинэ, үүтү-хайаҕаһы булан, син биир ууттан кураанах тахсыаҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ, олоҕу чэпчэкитик ылынаҕын, барыта табыллыа, сатаныа диэн бэйэҥ санааҕар бэйэҥ эрэнэн, хоҥоруугар тугу да хоннорбоккун.

– Тпу-тпу! Үстэ силлээ. Киһини хаһан да сирэйигэр хайҕаабат баҕайыта. Быһа кымньыылааһын курдук, кырыыстааҕар охсуулаах буолан тахсыан сөп. Мин элбэхтэ эчэйбит, ыарыыны эппинэн-хааммынан билбит киһи бити-билгэни итэҕэйэр буоллум эбээт.

– Бииртэн сонньуйабын, бу орто туруу-бараан дойдуга кылгас кэмҥэ олорон ааһаары, умса-төннө түһэн хайдах да бай-тай, дуоһунастан, күннээ-күөнэхтээ, анараа дойдуга кими да «үрүсээктээх» ылбаттар, бары ийэттэн хайдах кэлбиппитий да, оҕурдук сыгынньах барыахпыт турдаҕа.

– Эс, наһаа оннук тэҥ буолбата ини. Баай, элбэх харчылаах дьон күн кыһалҕата суох олороллоро буолуо. Баҕардахтарына, ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаараллар, тугу барытын атыылаһаллар, ол иһигэр доруобуйаны эмиэ. Өллөхтөрүнэ даҕаны лаахтаах дууп хоруопка угуллан, анал, бастыҥ миэстэҕэ боростуой дьонтон ойуччу сытыахтара, – Турантай ымсыырбыт санаатын таһыгар таһаарда.

– Бээ, мин кинилэр олохторун-дьаһахтарын син билбэхтэһэбин, наһаа чэчирээбэтэх дьоннор. Үгүстэрэ бэрт кыраттан саҕалаан үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө күннэри-түүннэри үлэлээн тахсаллар. Аны атахтарыгар турдахтарына сойуолаһыы-сонордоһуу саҕаланар. Мин биир бэйэм онно эмиэ кыттан турабын, саалаах-сэптээх киирэн дьиэ кэргэннэрин кыдыйыах буолан саанарбыт. Төһөнөн баайгын, кыахтааххын, балаһыанньалааххын да, соччонон үгүс өстөөхтөөххүн, чуумпу олоҕуҥ уйгута ыһыллар. Иннилэрин-кэннилэрин кэтэнэ сылдьыахтарын наада.

Биир эмэ сыыһа хамсаныыны оҥорон биһиги кылыыбытын үктээн биэрдилэр да, уон оччонон төлөтөрбүт. Быһата, киһи ымсыырбат олоҕо. Аны туран сымыйа сурах-садьык ыытан түҥнэрэ сатааһын баар. Тугу да гыммакка тиэрэ түһэн сытан көмөлөһүннэрэ сатааччы да элбэх. Били, этэллэригэр дылы, баай уот тэллэххэ, дьадаҥы куобах суорҕаҥҥа утуйар диэн өс хоһооно сөп түбэһэр. Кинилэр төһө да сүүрэн-көтөн оскуола-дьааһыла, атыы-эргиэн онтон да атын тутуулары ыыттардыннар, дьон-сэргэ махталын син биир ылбаттар. Ити барыта көлдьүн, ким да өйдүө, сыаналыа суоҕа, «баай, харчылаах буолан баран, ама, ити сыыһын оҥорторуо суоҕа дуо, бэйэтэ итинтэн төһөнү эмэ туһаннаҕа?» диэн буолуохтааҕын курдук ылыналлар, өссө эбии ыан ыла сатыыр, сиилиир, ордугурҕуур сыһыан үгүс буолар.

* * *

Сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдыыта хаһан да сууйуллубакка-сотуллубакка, киринэн-хаҕынан, муус кырыанан бүрүллүбүт дьиэ аннынааҕы түннүктэринэн сырдык барбах эрэ туртайда. Киирэр-тахсар аан сотору-сотору аһылларыттан-сабылларыттан, атах тыаһа араастаан тоһугурууруттан сылыктаатахха, сарсыарда буолбута билиннэ.

– Һуу, өр да кэтэстим бу сарсыарданы, олус да өлөттөрбүппүн.

– Этимэ даҕаны бу тастан аҕалар арыгылара улахан алдьатыылаах ас быһыылаах, чэпчэкитин аанньа ылан сордонобут ээ. Онно эбии топпоккобут түүннэри таксистартан таракаан эмин эбэн тупсаран оҥорбут сомогуоннарын ылан алдьанныбыт.

– Оннук эбит. Олох сэниэ-сээбэс эстибит. Сүһүөхтэрим тип-титирэстэр, хап-хачыгырастар, босхо баран ыһыллан хаалбыт курдуктар.

– Хайдах гыныахпытый, таһырдьа тахсан сүһүөхпүтүн тэнитиэххэйиҥ. Тымныы, ыраас салгынынан тыыннахпытына арыый дьэгдьийэр инибит.

– Оннук, тахсан дьиэ таһын ыраастааччылар биригэдьиирдэригэр Бөтүрүөбүскэ баран ханнык дьиэлэр тастарын хомуйтарарын ыйытыахха, арба бэҕэһээ «Байылыат» маҕаһыын таһын ыраастаарыҥ диэбитэ ээ.

– Сөпкө эттиҥ. Эһиги көнөтүк онно барыҥ, мин дьааһыктары кэрийэн көрө-көрө тиийиэм, баат биэрдэҕинэ тугу эмэ булуом, тардыллан хааллахпына күүтээриҥ. Тоһоҕолоон сэрэтэбин, үлэлиир маҕаһыыҥҥытыттан тугу да уорбаккыт, ылбаккыт. Сыыһа-халты саҥаран өһүргэтэ сылдьаайаххытый, тугу дьаһайалларын тук курдук толороҕут. Уора сылдьан тутулуннаххытына иэдээн, быстардахха аһыыр-таҥнар хаһаас сирэ суох хаалабыт. Ол кэриэтин көнөтүнэн сылдьан үлэлээн, бас билэр чааһынай үүттээх ынахпыт курдук күн аайы ыан ыла сылдьарбыт быдан ордук. Өйдөөтүгүт ини.

– Оннук-оннук, көрсүөххэ диэри, барыта этэҥҥэ буоллун. Эн, Турантай, бу күн сиригэр арыый уһуннук олорбут киһи сиэринэн сөрү-сөпкө сөллөҥнөөтүҥ, бэри-бэркэ бэллэҥнээтиҥ. Кырдьаҕаһы хааһахха укта сылдьан сүбэлэт диэн ол иһин этэн эрдэхтэрэ. Хата, биһиги туспутугар үрдүк айыылартан көрдөһө хаал, саҥа үүммүт күн дьолу-соргуну тосхойдун, эрэлбит эстибэтин, модун санаабыт булгуруйбатын диэн.

– Бээ эрэ, өссө биири этэрдээх эбиппин. Аргыый аҕай, тыаһа суох, дьон уорбалаабатын курдук, биир-биир тахсыҥ. Мин эһиги кэннигититтэн балачча буолан баран батыһыам. Араас дьон баар буолар, аны полицияҕа биллэрэн айдааны таһаарыахтара. Кими да кутуруккутугар сөрөөн манна үктэннэримэҥ. Бу эргин маннык бүөмчү сири булар саарбах, саппаас дьиэ оҥостуо этибит буоллаҕа.

Турантай, соҕотоҕун хаалан баран, ааспыт олоҕун эргитэ санаан төбөтүн хам туттан хараастан олордо. Бастааҥҥыттан орто дойдуга оройунан түһээт, дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэҕэ. Киһини өйдүөҕүттэн тулаайах буолан ийэ, аҕа сылаас тапталынан угуттамматаҕа. Хата, баччаҕа кэлиэх быатыгар тастыҥ эдьиийигэр эҥээрдэһэн борбуйун көтөхпүтэ. Ол соҕотох, хаһан да эргэ тахса сылдьыбатах, оҕо-уруу төрөппөтөх кырдьа барбыт эдьиийэ киҥэ-наара холлоро, хаппырыыстыыра баа буолуо дуо. Ону уйбакка, саҥардыы чороччу улаатан иһэн элбэхтэ уулуссаҕа сылдьарын, маннык олоххо тиийиэхтээҕин биттэммиттии, олох сирбэт этэ. Барыта хайдах эрэ көҥүл, туох да буойуу-хаайыы суох, үчүгэй баҕайы курдуга. Уруогун төһө да аахпатар, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан оскуоланы куһаҕана суохтук бүтэрбитэ.

Онтон, дьэ, өйүн туппут курдук буолан, үрдүк үөрэххэ киирии эксээмэннэрин улаханнык ыарырҕаппакка туттаран, устудьуон үрдүк аатын сүкпүтэ. Дьоллоох-соргулаах эдэр саас сатыылаабыта. Ол үөрэнэ сылдьан кырасыабай, үчүгэй дьонноох-сэргэлээх эмчит үөрэҕэр үөрэнэр кыыһы кэргэн ылан, кыыс дойдутугар тахсан икки сүүс киһилээх сыбаайба оҥорон ньиргиппиттэрэ. Иннилэригэр барыта сырдыгынан эрэ сыдьаайар курдуга. Өр буолбатаҕа, утуу-субуу икки кыыстаммыттара, онтон кэтэһиилээх уол оҕо төрөөбүтэ. Ойоҕо үөрэҕин бүтэрэн, балайда хамнастаах үлэлээҕэ. Арай Турантай сирбитэ-талбыта буолан, хас да үөрэххэ киирэ-киирэ быраҕаттаабыта. Кэнники, кэргэнэ дэлби күһэйэн, биир үөрэҕи син бөрөөбүт курдук буолбута. Ботуччу соҕус хамнастаах алмаастаах кыраайга тиийэн дьиэ-уот тэринэн уонча сыл этэҥҥэ олорбуттара. Онно олус тото өлөн, ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы, олох дьэбэрэтигэр тимирбитэ. Ол төрүөтэ күөх моҕойго аһара убаныыттан, барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыыттан этэ.

Алмаастаах кыраайга харчы эргиирэ маннааҕар ботуччу буолан, наркоман аймах элбэҕэ. Сорох түүн арыгылаан баран, сарсыарда баһыҥ хайа барар туруктаах баран иһэн бэйэҥ курдук балаһыанньалаах, таҥастаах-саптаах киһини көрсөн үөрэ түһэҕин. Сүбэни холбоон, ону-маны кучу-мачы гынан арыгы кыттыһан атыылаһыахпыт дии саныыгын. Онтуҥ баара, киһиҥ ханнык эрэ кыраасканы, лааҕы көрдүү сылдьар токсикоман буолан хомотор. Сорох ардыгар ол киһиҥ «косяк» диэн аатырар көлөпүнэни көрдүү сылдьар буолан кыһытар. Сорох букатын да испириискэ наадыйар. Хата кини ол дьаллыктарга сыстыбакка наар арыгыттан күнүн таһаарара.

Билигин ону санаан кэллэҕинэ «дьылҕам утума аллара ыйа сылдьар буолбутун кэннэ хайыахпыный» диэн бэйэтин алы гынан уоскутунар. Аны кэлэн тоҕоноҕу кирэн да диэн, туох туһата кэлиэй, ынах тириитин иккистээн сүлбэккин, төннөр суол суох, барыта буолуохтаах буолан манныкка тиийдим ини дии санаан арыый көхсө кэҥээбит курдук буолан, хам туттан олорор илиитин төбөтүттэн араарда.

Аргыый орҕостон туран, былааннаабыттарын курдук, дьоно барбыт туһаайыыларынан саллаҥнаан иһэн көрө түспүтэ, уолаттара эдэр дьахталлары кытта сэлэһэ ахан тураллар эбит.

– Хайа, кэрэ аҥаардар, туох сонун баарый? – Турантай мичээрдээбитэ буолан айаҕын ыртаччы атан баран чугаһаан кэллэ.

– Ээ, кэпсээн эһиэхэ буоллаҕа дии, үөр бөрөлөргө, атыыр соноҕосторго, – Айта, күлэ-күлэ, Турантайы кэлэн эмэһэҕэ тэптэ.

– Һок, бу кыыс көҕүйэн, уолаттары эмэһэттэн атыҥҥа тэбиэлээбэт буолбут дуу? Дьэ оччоҕо биһиги да баарбыт, көрүлээтэхпит, – Күөх Харах Айтаны синньигэс биилиттэн кууһан ылан эргичиҥнэттэ.

– Оо, күүһүлээһиҥҥэ холонуу иһин түбэһиннэриэм, эбэтэр ыстараап – биир бытыылка.

– Па, бу Күөх Харахха бытыттан атына суох ини, тугунан төлүөҕэй. Хата, аҕыйах хонукка уоскуйарын курдук ахтатын икки ардыгар тэп!

– Кэ-кэбиис, хаарыан тэрилбин быһа тэбимэҥ, уһугуннаҕына бэйэҕитигэр туһалыа этэ буоллаҕа.

– Фу, наадыйдахпытына, эн саҕа чороҥнуурдааҕы булар инибит. Эйиэнэ арыгыга, табахха, киргэ-хахха быһа сиэтэн төрдө эрэ салыбырыы сылдьаахтыыра буолуо. Хата, бачча көрсүбүччэ тугунан эмэ күндүлээҥ.

– Биһиэхэ аҕыйах бытархай тобоҕо эрэ баар, бэҕэһээ аһара туттан кэбиһэн саҥа туран хаамыталаан эрэбит. Ол иннинэ түөрт-биэс чаастан дьиэ таһын эҥин харбаан сээкэйи син булуллар буолар этэ.

– Биһиэхэ даҕаны бииргэ тиийэр-тиийбэт баар буолуохтаах.

– Оччоҕо маннык гыныахха, биир иһиттэ ылан абырахтаныахха уонна бииргэ сылдьан харчыта оҥоруоххайыҥ. Күөх Харах, арыый ыраас таҥастаах киһи, Саргылаах Айтаны кытта инники барыҥ. Биһиги дьон хараҕар наһаа быраҕыллыбакка аата аргыый аҕай батыһыахпыт. Наадалаах киһи көһүннэҕинэ, кыргыттары атыылыыгын.

– Ээ, кэбис. Мин тылым-өһүм тахсыа суоҕа, – Күөх Харах тэпсэҥнээн ылла.

– Һы, бу киһи мөлтөҕүн, куттаһын, биһиэхэ балайда сараҥныыгын дии. Иһэргэр-аһыыргар бэлэмҥэ бэрт буолуоҥ. Оччоҕо, Кэриспэндиэн, эн биһигини атыылаа, – Саргы Күөх Хараҕы кынчарыйан ылла. – Эйиэхэ буллахпытына даҕаны иһэрдиэхпит суоҕа. Мөлтөх киһи биһиэхэ наадата суох.

– Кырдьык, эн бар мантан! Бэйэбит да элбэхпит, аска айах аҕыйаҕа ордук, – Айта дьүөгэтин өйөөтө.

– Оччоҕо арыалдьыт мин соҕотох буолабын дуо? Хобдоҕо, чуҥкуга бэрт буолсу, – Турантай дьонун кэриччи көрүтэлээтэ.

– Аны эн куттанаҕын дуо? Сэрэнэр буоллаххына, хаал! Бүгүн эһиги тугу сиэн уһуктубуккутуй?

– Суох, куттаммаппыт.

– Оччоҕо үөннээх дьахтар курдук куймараҥнаспаккаҕыт барсыҥ. Мэ, Күөх Харах, өссө биир иһиттэ ылан таҕыс, – диэтэ Саргы, биир мөһөөхтөөҕү таһааран ууна-ууна. – Сүрэҕэ суох куттас куобахтары өлбөт мэҥэ уутунан харса-хабыра суох хахай оҥоруохпут.

– Куобахчааннар, куккут-сүргүт куртаххытыгар түспүт быһыылаах, билигин эбиннэххитинэ өһүөннээх-өргөстөөх хомпоруун хотойго кубулуйуоххут. Хараххытын кытарчы көрөн, супту уулаары сур бөрө буолан сундулуһуоххут, – Айта оонньоһон уолаттары анньыалаата.

Дьоммут сып-сап абырахтанан, саппаҕырбыт сирэйдэрэ сырдаан, арыый бэттэх кэлбиккэ дылы буоллулар, дьух-дьах туттан барыттан бары сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьар баттык санаалара туман буола симэлийдэ. Өйдөрө-санаалара харахтан сыыһы ылбыт курдук дьэҥкэрдэ. Тугу барытын кыайыах-хотуох курдук буоллулар.

«Сайсаар» маҕаһыын таһыгар хааман-сиимэн сыбдыгыраһан кэлэн, килийиэн көрдөөн төттөрү-таары чэччийэ сылдьан, икки орто саастаах сэнэх соҕус таҥастаах дьон ааһан иһэллэрин бэлиэтии көрөн Күөх Харах утары тиийдэ:

– Убайдар, дорооболоруҥ! Табах бэрсиэххит дуо?

Ааһан иһээччилэр тохтоон биир бөппүрүөскэ сототун ууннулар.

– Мин маннааҕыбын. Бэҕэһээ төрөөбүт күҥҥэ сылдьан дэлби аһаан кэбиһэн, балтыларбын кытта салгын сии сылдьабыт. Өссө икки устууканан кинилэри күндүлүөххүт дуо? Хата, кинилэри кытта эһигини билиһиннэрэбин дуо?

– Бай, умнаһыт диэбиппит сутенер эбиккин дуу? Дьэ эмиэ көрдөөх киһи көһүннүҥ ээ. Интэриэскэ көрдөр эрэ балтыларгын.

– Һок, хата, оруобуна бу маҕаһыынтан тахсан кэллилэр. Кыргыттар, бэттэх кэлиҥ эрэ, – илиитинэн далбаатаан ыҥыртаата.

– Үтүө күнүнэн, Саргы диэммин.

– Мин – Айтабын, – дии-дии, дьахтар сырдык харахтарынан арылыччы көрөн, түргэн-түргэнник симириктээн, олордуу уһун кыламаннарынан үөһэ-аллара сапсыммахтаата.

– Дьөгүөр диэммин, Гуоса да диэн ааттыаххытын сөп. Бу – Хабырыыс, эһиэхэ эдэр дьоҥҥо Гаанньа да диэн буоллун. Билсиһииттэн олус үөрдүбүт. Биһиги иллэҥмит, киэһэни бииргэ атаарыахха.

– Ол ханна бараары гынаҕытый?

– Улахан Мархаҕа чааһынай дьиэлээхпит, онно барыаххайыҥ. Билигин такси сакаастыам.

– Эс, бу икки ардыгар эмиэ тугун такситай. Кэпсэтэ, үчүгэйдик билсэ таарыйа оптуобуһунан барыаҕыҥ. Бу убайбыт, кэргэннээх, оҕолордоох киһи, манна хаалар.

– Ээ, мин дьиэлээх-уоттаах киһи хаалар буоллаҕым дии. Хата, оҕолорбор кэмпиэт, сакалаат ыларга уонна бэйэбэр биир-икки бытыылкаҕа тиийэр харчыны убайдарым бэрсэр инигит? – Күөх Харах саҥа билсиилээхтэригэр эргиллэн өттүк баттанан, хоноччу тутунна.

– Төһөҕө наадыйар киһи эбитиҥ буолла? Чэ, мэ, биир тыһыынча сөп буолар ини, – Хабырыыс диэн ааттаах киһи сиэбиттэн хас да тыһыынчалааҕы суулуу тутан таһааран баран биир кумааҕыны уунна.

Күөх Харах хап-сабар сиэбигэр уктан кэбистэ уонна иккис киһиэхэ эргилиннэ.

– Оттон эн төһөнү биэрэҕиний?

– Эс, мин тоҕо биэриэхтээхпиний? Ити Хабырыыстан ыллыҥ дии!

– Эн биэрбэт буоллаххына, Айта, хаал!

– Айта хаалар буоллаҕына, мин икки киһини кытта соҕотоҕун барсыбаппын, куттала бэрт дии.

– Барсыбат буоллаххытына харчыбытын төттөрү аҕалыҥ!

– Иккиэн эрэ барсабыт, соҕотоҕун барсыбаппын.

– Дьэ, ити эппиппин иһиттигит. Эрэйэ суох төлөөн кэбиһиҥ. Эбэтэр…

– Эбэтэр диэн тугуҥ тылай? Хабырыыс, харчылаах киһи мин оннубар төлөө, дьиэбитигэр тиийдэхпитинэ аахсыахпыт.

– Дьэ, ити сөп. Мааҕыҥҥыттан айдаана суох итинник диэххиний. Чэ, убайдар, үчүгэйдик сынньаныҥ, киэһэни бэһиэлэйдик атаарыҥ, балтыларбын атаҕастаамаҥ, баттаамаҥ, аһатыҥ, аралдьытыҥ. Көрсүөххэ диэри, – Күөх Харах суолу туораан бара турда.

– Хайа, өрүөл, бытааһахтаргын төһөҕө батардыҥ? Бэркэ торгуйдаһан эрэриҥ ээ, харчыга син турдулар ини! – Кэриспэндиэн күлэ-күлэ киһитин саннын таптайбахтаата.

– Баардаахтан сыыһа туттуом дуо. Ырааһынан икки устууканы лас гыннардым.

– Һок-сиэ, үчүгэйдик доргуппуккун, доҕоор. Оо, абам эбит, мин баҕас, күөх сирэй, дьахтар буолан төрөөбөккө сордоно сырыттахпын. Эһигинэ да суох бэйэм харчыны, дуоһунаһы хайытыам эбитэ буолуо.

– Хаалары, айахха киирбиччэ чабылана турбакка баксаалга баран кыргыттарбытын быыһыаҕыҥ! Дьахтар диэн дьахтар, ускул-тэскил сылдьар диэн сэнии көрдүлэр да бүтэрэллэр, хайдах баҕарар дьаабылыыллар, ирдэһэрэ суох дии санаатахтарына өлөрөн да кэбистэхтэринэ тугу булан ылыаххыный? Алҕаска тутулуннахтарына даҕаны, ирдэһэр киһитэ суох буоллаҕына буруйга-сэмэҕэ тардыллыбаттарын билэллэр. Арааһынай буолуон сөп, баран көмүскэһиэххэ наада…

Күөх Харах оҕо дьиэтигэр иитиллэн, итиннэ хабааннаах дьыалаҕа элбэхтик кыттыбыт буолан, атас туһугар атах тостор диэн өйдөбүлү үрдүктүк тутар. Кини киһини өйдүүр буолуоҕуттан баһылыыр-көһүлүүр өрүт диэки буолар туһугар иэмэх талахтыы эриспитэ. Хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин төрүт да билбэт. Хайдах эрэ хаптаҕай сирэйдээххэ соччо майгыннаабатынан сылыктаан, ханнык эрэ омук саха дьахтарыгар оҥорбут оҕотобун быһыылаах диэн сэрэйэр.

Билигин урукку курдук төрөппүттэрэ өлөн, эбэтэр сэбиэскэй былааһы утарбыт аатыран хаайыыга баран тулаайах хаалбатах, бары кэриэтэ тыыннаах төрөппүттэрдээх, быраҕыллыбыт оҕолор буоллахтара. Утумнааһын саамай улахан оруолу ылар буолан, оҕо дьиэтигэр иитиллэн улааппыттартан урукку курдук тойон-хотун үүнэн тахсыбат, дэҥ кэриэтэ биир эмэ үөрэҕи ылбыт баар буолар.

Күөх Харах эмиэ үгүстэр курдук олох туһугар охсуһан, кими эрэ баттаан, атаҕастаан чорбойор туһугар турууласпыта. Бастаан хаста да саба түһүүгэ, халааһыҥҥа, уорууга кыттыбытын үрдүнэн сааһа кыра аатыран дьыалаҕа иҥнибэккэ тарбах быыһынан саккырыы сылдьыбыта. Онтон сыыйа үлүһүйэн, хайдах эрэ киһи буруйу оҥордо да оҥорон баран

иһэр адьынатынан, тохтообокко саҥаттан саҥа, сонунтан сонун хайысхалары көрдөөбүтэ. Иһиэххэ, тардыахха, сыттыахха айылааҕы барытын боруобалаабыта. Оннук күннүү-күөнэхтии сылдьан, кыра саастаах оҕону «түһэриигэ» буруйданан, оҕо холуонньатыгар олорон тахсыбыта. Устунан олоххо туох да үчүгэй өрүтү көрбөт, наар хараҥа, куһаҕан эрэ өттүн ырыҥалыыр буолбута. Холуонньаттан тахсан да баран уһаабатаҕа, киһини улаханнык эчэтэн иккистээн киирбитэ, онно ити Кэриспэндиэни кытта билсибитэ. Оо, онно эмиэ барыта туспа быраабыла, кими баттыыр-атахтыыр, харса-хабыра суох үчүгэйдик артыыстыыр ол өҥнөнөр-түүлэнэр дойдута буоллаҕа…

Эрдэ сүбэлэспиттэрин курдук, кыргыттар, оптуобустан түһээт да, баксаалга киирэн хааллылар. Анараа дьон эккирэтэн киирэн тардыаласпыттарыгар айдааны тардан хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрдилэр. Ону истэн, полициялар барыларын тараччы тутан ылан, дьуһуурунай чааска киллэрдилэр. Хабырыыс дэммит киһи үрдүк сололоох аймаҕар эрийэн сэрэппитин кэннэ, кинилэргэ сайабылыанньа суруйтаран баран ыыттылар уонна дьэ Күөх Харахтааҕы утары уһун унньуктаах силиэстийэ саҕаланна…

* * *

– Айта, уһугуннуҥ дуо? Ойон тур, бириэмэ да ыраатта, үлэ чааһын саҕаланыыта Ньукулай Уйбаанабыспытын көрсүө этибит буоллаҕа дии, хойутаатахпытына ол киһиэхэ биһигини чугаһаппаттара да буолуо.

– Ээ, ону-маны санаан уһуктаҕас сытабын. Хата, сыллыы-ууруу таарыйа, сарсыардааҥҥылаабаккын дуо? – Айта, илиитин өрө ууна-ууна, тыыллаҥнаата.

– Ол-бу буолан үөннүрбэккэ-күрдьэҕэлэммэккэ, хомунан тур! Таптаһа оонньуу сыттахпытына күммүт-дьылбыт ыраатан хаалыа.

– Тур диэн, оттон туран олоробун ээ. Соммун кэттим да бүттэҕэ дии. Ньукулай Уйбаанабыс, кырдьык, хос биэриэ дии саныыгын дуо? Ылларбыт төһө эрэ абыраныа этибит ээ.

– Кинини тылын мээнэ тыалга ыспат чиҥ киһи дииллэр. Күөх хонуу үрдүгэр турар дьиэлэртэн бу күннэргэ хос тахсыахтаах диэбитэ. Табылыннаҕына, күн бүгүн да дьиэлэнэн хаалыахпытын сөп.

– Оо, бэрт да буолуо эбит, хоспутун ып-ыраастык сууйан-сотон, мээнэ дьоҥҥо биллэрбэккэ, чөм баҕайытык иккиэн эрэ олоруо этибит. Онно-манна хонон эрэйи көрдүбүт ахан.

– Оннук, хомуйар дьиэлэрбит чугас-чугас түбэһэллэрэ буоллар. Эйиэхэ үс дьиэни аныахпыт диэбиттэрэ дии, миэхэ да оччону биэрэллэрэ буолуо. Оо, кыратык абырахтаммыт киһи, бэрт да буолуо эбит, – Кэриспэндиэн тыастаахтык үөһэ тыынна.

– Эс, үлэҕэ киирэ иликкиттэн сыттаах-сымардаах бараары гынаҕын дуо? Бу күннэргэ кыратык тулуйа түстэхпитинэ сөп буолара буолуо. Онуоха-маныаха диэри тыҥырахпытын кистэнэн эриэххэ. Кэлин көстөн иһиэ эбээт. Иһэр-аһыыр ханна да куотуо суоҕа.

– Сөпкө сөллөҥнөөтүҥ, бэркэ бэллэҥнээтиҥ. Хос ыллахпытына, баҕар, иэйэхсит мичик гыннаҕына, икки-үс оҕону төрөтөн кэбиһиэҥ дии. Дьэ, оччоҕо аны таас дьиэҕэ дураһыйарбытыгар тиийэбит.

– Сирэҕэс, өссө өрө баран үгэргиириҥ тугай. Ол эн баҕас сыыҥк-сыраан аллан, арыгы-табах дьаатыгар быһа сиэтэ сылдьан хайа аанньа оҕону оҥорор үһүгүн. Төрөөһүн диэн дьыала биир эрэ өттө, аны ол инбэлиит аҥаардаах оҕолору хайдах иитэбит. Бэйэҥ, хата, мин кутурукпар сөрөнөн нэһиилэ тыыннаах хаалан сүөдэҥнии сылдьаргар махтан. Атаһыҥ Күөх Харах ааспыкка икки тыһыынча туһуттан хаайыыга түбэстэ дии. Биһиги эйигин биһигини атыылааһыҥҥа туох да кыттыгаһа суох диэн көмүскээн ылбыппыт. Оттон Турантай ууга тааһы бырахпыт курдук сүттэ, имниин симэлийдэ, уонна хаһан да, хантан да киһи булбата буолуо дии саныыбын.

– Кырдьык да оннук, аҕыйах кэм иһигэр арааһынай да буолла. Хата, бастакы хамнаспытын ыллахпытына, Күөх Харахха көмөлөһүө этибит.

– Миигин кыттыһыннарыма. Бэйэҥ хамнаскын хайаа даҕаны. Ол эрэн хос ыллахпытына аһыырбытыгар-таҥнарбытыгар тэҥ-тэҥинэн кыттыһабыт. Мин эйиэхэ ойох, эн миэхэ эр буола иликкин. Оҕо туһунан өйгөр да оҕустаран көрүмэ. Эн биһикки таах бииргэ өйөһөн эрэ сылдьабыт, иэйдэххэ сороҕор хоонньоһон ыларбыт таҥараҕа аньыы буолбата ини. Арба да эн умналыы таҥара дьиэтигэр дугуйданар ахан этиҥ дии. Онно аҕабыыттар тугу үөрэтэллэр, кэпсииллэр эбитий?

– Ээ, элбэх буоллаҕа дии. Дьиҥинэн, толкуйдаан көрдөххө үчүгэйтэн атыҥҥа үөрэппэттэр эбит. Ол гынан баран ону тутуһар, ылынар киһи аҕыйах. Кылгастык быһаардахха, киһи барыта тэҥ буолуохтаах. Кинилэр хайаан да дьону барытын таптыахтаахтар, ытыктыахтаахтар, оччоҕо эрэ бу сиргэ итэҕэл, эрэл уонна таптал баар буолуохтаах.

– Чэ, киһи долоҕойугар түһэр гына сатаан быһаарар өй да, үөрэх да миэхэ тиийбэт. Холобура, мин акаары санаабар хайдах киһини барытын таптыахпыный, итэҕэйиэхпиний, эрэниэхпиний? Барыларын таптаатахпына чэпчэки, содур киһи буолбаппын дуо, барыларын итэҕэйдэхпинэ отоойкоҕо олордоллор буоллаҕа, барыларын эрэннэхпинэ кэнэн, аҥала буолар буоллаҕым дии.

– Оннук. Утарытынан холобурдаатахха итинник тахсар эбит. Кими да таптаама – албынныахтара, кимиэхэ да эрэнимэ – эргитиэхтэрэ, кимиэхэ да итэҕэйимэ – иэдэтиэхтэрэ диэн миэхэ саамай сөп түбэһэр.

– Миигин төһөтө обургу соҕустук албыннаабыттарын аахтахха уон тарбахпар баппат. Хатаска төрөөбүтүм. Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына аҕам өлбүтүн кэнниттэн Алдаҥҥа оҕо дьиэтигэр ыыппыттара. Үс эдьиийим оччолорго оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, ийэм ыанньыксыттыыра. Сэбиэскэй кэмҥэ төһө баҕарар дьиэбэр олорон үөрэниэм эбитэ буолуо да, тоҕо эбитэ буолла, ала-чуо миигин эрэ оҕо дьиэтигэр туттарбыттара. Оскуоланы онно бүтэрбитим.

Дьокуускайга бииргэ үөрэммит кыргыттарбын кытта үөрэх туттарса кэлбиппит. Мин тыл үөрэҕэр туттарсан көрбүтүм гынан баран, куонкуруһунан кыайан киирбэтэҕим. Онтон санаам түспүт аатыран, түүҥҥү кулуупка сырыттахпына, албыннаан илдьэн күүһүлээбиттэрэ. Аны уруккуттан билсэр, таптыыр уолум, холбоһоору сылдьан, бастаан хоонньоһон баран, хас киһи кэнниттэн мин эйигин ойох ылыахтаахпыный диэн батыммыта.

Онтон дьиэ ылаары кооперативка киирэн, хас да үлэҕэ үлэлээн үрүҥ-хара көлөһүммүн тоҕон туран төлөөбүтүм кэннэ отуойкаҕа олордубуттара, моҥкуруут барбыт аатыран ыһыллан хаалбыттара, хас да сүүс тыһыынчабын мэлиттэхтэрэ ол. Онтон тэмтэрийэн бу эн курдуктары кытта куодарыһа сырыттаҕым. Харыһыйарым диэн үрүҥ тыыным эрэ хаал-

ла. Иннибэр іссө да туох күүтэрэ биллибэт, тэпсэ туруохтара турдаҕа. Оччотугар мин тоҕо утары албыннаабаппын, албастаабаппын, уоту уотунан умулларбаппын?! Миэхэ аньыыны оҥороллор, мин аньыыны оҥоробун. Ити курдук тыыннааҕым тухары күнтэн күн салҕана туруо.

– Сөп. Ол иһин Таҥара үөрэҕэр этэллэр ээ, санааҕа-онооҕо баттаппат курдук, куһаҕаны барытын умун, албыннаппыккын бырастыы гын, өстөөхтөргүн таптаа.

– Дьэ ити этиигэ биир бэйэм сөбүлэспэппин, итиччэ үлүгэр сэнэтэн, атаҕастатан баран, хайдах бырастыы гынары ааһан таптыахтаахпыный?! Өстөөх өһүөхтээх, аньыыта-харата таайан, үтэһэтэ туолуохтаах!

– Чэ, ити боппуруостары эн биһикки хаһан да быһаарыахпыт суоҕа. Биһиги балаһыанньабытыгар быһаара сатыыр да наадата суох. Хата, Ньукулай Уйбаанабыс үлэтигэр кэлэн эрдэҕэ буолуо, хомун, бара охсуохха.

– Кырдьык даҕаны, тылга тииһэ олорон хаалаары гынныбыт. Аны хойутаан хаалан иэдээн буолуо.

* * *

– Куурба! Ынайа сытыйбыт, ырхайа уойбут эрэннэрэн баран үлэҕэ ылан абыраабата дии. «Ханна сүтэ сырыттыгыт, атыттары буллубут уонна миэстэ суох» дии-дии, өссө ылардаах курдук туттар-хаптар, – Кэриспэндиэн кыйыттан сиргэ силлээтэ.

– Наһаа айманыма, олордор сирдээх атын да тэрилтэлэртэн көрдөһөн көрүөххэ, баҕар, онно туох эмэ кылап гынаарай?

– Дьыл баччатыгар үлэ, дьиэ-уот көстөрө саарбах, эмиэ ити сүөһү курдук тылларын минньитэн, күлүү-элэк гынан баран үүрүөхтэрэ. Ол кэриэтин быстах кэмҥэ олордор дьиэлэригэр киирэн кыратык сынньана түспүт киһи. Миэстэ эрэ баар буоллар, эмиэ кэллигит диэн атарахсыппакка ылаллара эрэбил, үлэ да булан биэриэхтэрин сөп. Хата, сарсын сарсыарда онно аттаныахпыт. Билигин эн тыла суох буолбута буол уонна тарбахтаргынан сарбаҥныы-сарбаҥныы умналаатаххына арыый көдьүүстээх буолара дуу. Мин оннук гына сырыттахпына быарга биэрдэхтэринэ, оройго оҕустахтарына, орулуу түһэн баран хас эмэ хос этээстээх маатыраны түһэриэм турдаҕа, оччоҕо «өссө тыла суох буолбута буолан кубулунаҕын» диэн иэммин хастыахтара, моһуорабын көннөрүөхтэрэ.

– Сөпкө эттиҥ, эн кэннибиттэн тэйиччи соҕус батыһан иһээр.

Ол курдук балай да барбахтаан баран Айта ас-үөл маҕаһыынын иннигэр тохтоото. Сиэбиттэн арыы иһитин ылан атаҕын анныгар уурда. Тэтэрээт лииһин аҥаарыгар суруллубут көрдөһүү суругу ороон таһааран нэлэччи тутта уонна маҕаһыын кирилиэһиттэн икки-үс үктэли тахсан баран тохтоон өйөнөн турда. Кэриспэндиэн ол бириэмэҕэ бөх кутар иһиттэригэр тиийэн ыксаабакка бииртэн-биир дьааһыктары, бакыаттары оротолоон көрө-көрө, наадалаах диэбитин суумкатыгар укта туран Айта ыҥырбытыгар эргиллэн көрбүтэ, икки сэнэх таҥастаах-саптаах дьон тураллар эбит. «Кумалааннар буолбатах, тугу эрэ бэрэбиэркэлии сылдьаллар быһыылаах» диэн ытырыктата саныы-саныы, аргыый аҕай чугаһаата.

– Дорообо, дьүһүҥҥүттэн-бодоҕуттан көрдөххө, ускул-тэскил сылдьар урааҥхайгын быһыылаах.

– Дьэ, убайдаар, докумуоммун сүтэрэн, дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох эрэйи эҥээрбинэн тэлэ сылдьар сордоохпун. Кыратык көмөлөһөргүт буоллар барҕа махтал буолуо этэ, – Кэриспэндиэн өрүү быыһатар, абыратар тылын эттэ.

– Көмөлөһөн харчы биэрдэхпитинэ, син биир арыгы иһэн кэбиһиэххит. Ол эрэн кыһалҕаттан турар дьон буолуоххут ээ, эт бэйэбинэн билбит суолум. Мин иллэрээ сыл эһиги курдук балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьыбытым. Усуйаанаттан уоппускабар кэлэ сылдьан үөрэ-көтө арыгылаан хантайабын диэн докумуоннарбын, ордубут харчыбын таһы-баһы сүтэрэн кэбиспитим. Ыксаабытым, барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтүн курдук буолбута. Аҕыйах баттах онно маҥхайбыт буолуохтаах.

Баччаҕа кэлиэх быатыгар урут устудьуоннуу сылдьан олоро сылдьыбыт дьиэбин санаан кэлбитим. Оччолорго биир кыһыҥҥы сиэссийэбэр, дойдубар буурҕа түһэн, уонча хонук хойутаан кэлбитим, инньэ гынан уопсайга кыайан киирбэккэ, билэр-билбэт дьоммор сыҥаланан ити киһи сирэйин манаан, бу киһи сирэйин кэтээн син нэдиэлэ курдук сырыттым. Гостиницаҕа киириэхпин илдьэ кэлбит харчым иннэ-кэннэ биллэр буоллаҕа. Хата, төннөр билиэппин эрдэ дойдубар сылдьан ылбыт буолан, санаам син бөҕөх. Пуорка араастаан албаһыран, саһа сылдьан нэһиилэ икки-үс хоммутум кэннэ, милииссийэлэр обургулар тутан ылан үүрдүлэр. Онтон хаамаайылары булсан, кинилэр сүбэлэринэн быстах олордор дьиэлэригэр тиийбитим. Оччолорго 17-с кыбаарталга баара. Муоҕа-чуоҕа суох онно олорон эксээмэннэрбин туттаран, этэҥҥэ дьиэлээбитим.

Өлөрү өрүһүйэр, быстыбыты быыһыыр, эстибити эрчимниир, муммуту сирдиир абыраллаах тэрилтэбит ааттыын «Тирэх» диэн, билигин ДСК оройуонугар баар. Эһиги, баҕар, итэҕэйиэххит суоҕа, сэбиэдиссэйдэрин көмөтүнэн пааспар уон хо-нук иһигэр оҥорторон биэрбиттэрэ уонна көтөр билиэппин ылан сөмілүөккэ уган атаарбыттара. Ити эһиэхэ кэпсээбит тэрилтэм суоҕа эбитэ буоллар, ханна-ханна тиийбит-түгэммит буолуом биллибэт этэ. Онон бу «чыып-чаап» диэн, киһи тэҥинэн үлэм наадатынан кэлэ сылдьабын. Ол үтүө дьон өйөөн өрүһүйбүттэригэр махталым муҥура суох. Билигин арыгыбын эмтэтэн, ол алдьатыылаах адьарай аһын мас-таас курдук быраҕан турабын. Ити бэйэм олоҕум туһунан эһиэхэ сүбэлии таарыйа кэпсээтим. Эһиги даҕаны ол тэрилтэҕэ тиийиҥ, утары барыахтара. Уулуссаны кэрийэн өр барыаххыт суоҕа, тэмтэрийбити тэбэр, охтубуту охсор, сууллубуту сууһарар көкөттөр элбэхтэр. Мэ, бу биир мөһөөҕү оптуобуска анаан биэрэбин, ол дойдуга тиийэ охсон өрүһүнүҥ!

– Сөп-сөп, сүбэҥ иһин барҕа махтал, – Кэриспэндиэн харчыны ылан хап-сабар сиэбин түгэҕэр түһэрдэ.

– Бу киһи кэпсээбитин иһиттигит. Аны мин ситэрэн биэриим. Бу эһиги кэргэнниилэргит дуо?

– Суох, таах бииргэ сылдьабыт.

– Сөп, өйдөнөр. Мин аҕыйах сыллааҕыта, маннааҕы дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьан, атахпын тоһутан балыыһаҕа киирбитим. Икки ыйтан ордук сытан баран тэрилтэбэр тиийбиппэр, «эн үлэлии сылдьан атаххын тоһуппатаххын, онон ханнык да көмө көрүллүбэт, олорбут хоскор атын дьону киллэрдибит, үчүгэйдик үтүөрдэххинэ кэлээр» диэн, быһаччы эттэххэ көхсүбүнэн ааны астаран таһаарбыттара. Кыһын ортото буоллаҕа, баттыгынан сылдьар, нэһиилэ хаамар киһи оптуобуска олорон, билигин атаһым кэпсээбит дьиэтигэр тиийдим. Дьиҥинэн, манна куоракка аймахтар син бааллар даҕаны, бэйэлэрин кыһалҕаларыгар буккулла олорор дьоҥҥо мин эбии «бэлэх» буолан тиийэрим сатамньыта суох курдук. Ити дьиэ үлэһиттэрэ сүүрэн-көтөн үһүс курууппалаах инбэлииккэ тахсыбытым.

Дьэ, кырдьык кыһалҕалаах, кыпчыйтарыылаах кэммэр күүс-көмө, тирэх буолан абыраабыттара. Билигин олорон эрэр дьиэлээхпин, бэйэбэр сөп түбэһэр үлэлээхпин, онно биэнсийэм эбиискэ буолар. Эһиги да санааҕытын түһэримэҥ, киһи сырыттаҕына сылдьар. Биһиги ыйбыт сирбитигэр тиийэн өрүттүҥ!

– Убаай, сүбэҥ иһиҥ улахан баһыыба, дьиҥинэн, ханнык да харчытааҕар, баайдааҕар-дуоллааҕар, киһиэхэ истиҥ сыһыан, сүбэ-ама ордук туһалаах, дьайыылаах буолар, – Кэриспэндиэн билбэт киһитин ытыһын икки илиитинэн бобо тутан ибигирэттэ.

– Махтанабыт, – Айта мичээрдии-мичээрдии тоҥхоҥноото.

Уон алтыс оптуобус будулуйа оргуйар туман быыһыттан аргыый аҕай сыыйыллан тахсан тохтообутугар, биһиги дьоммут, кыбылла сыһа-сыһа, инники аанынан анньыһан киирдилэр.

– Бу эдэр дьон, кэнники аанынан киириэххитин! Иннинэн кырдьаҕастар, оҕолор, ыарыһахтар киирэр сирдэрэ. Бу аныгы дьон сиэр-майгы диэни өйдөөбөттөрө сүрүн.

– Бээ-бээ, биһиги инбэлииттэрбит ээ, барыга барытыгар биһигиттэн мэһэйдэтэн, иҥнэн хааллахтарай, таҥас-сап боростуой диэн сэнээн эрдэхтэрэ.

Оптуобус куорат устун араастаан эрийэ-буруйа айаннаан бүтэһик тохтобулга кэлэн тохтообутугар аҕыйах ордубут дьон таҕыста.

– Дьэ, билигин бу дьиэҕэ уубутун-хаарбытын ыгаллара буолуо. Иккиэммитин ылаллара буоллар олус бэрт буолуо этэ. Арай эйигин ыллыннар, онтон миигин ылбатыннар, оччоҕо хайыыбыт?

– Оннук буоллаҕына киирбэт инибит. Иккиэйэх бэйэбит икки аҥыы сылдьыахпыт дуо. Соҕотох сылдьар ханна баҕарар куһаҕан, кутталлаах.

– Сөп.

Биэс этээстээх кыһыл кирпииччэ дьиэни эргийэ хааман ылтаһын лиис олбуордаах икки этээстээх таас дьиэҕэ кэлэн, ыарахан ааны сэрэммиттии аһан иһирдьэ киирбиттэрэ, көрүдүөр уҥа өттүгэр үөһэ өттө таастаах кыракый хоско маҥан халааттаах дьуһуурунай, ол хаҥас өттүгэр хара бириһиэн сабыылаах ыскамыайкаҕа хара пуормалах харабыл олороро көстөр.

– Дорооболоруҥ, миэстэ баар дуо? Биһиги олоро, киирэ кэллибит, – Айта кыра чуолҕан түннүккэ чугаһаан ыйытта.

– Дорооболоруҥ! Миэстэ баар. Туох докумуоннардааххытый? – администратор остуолтан ачыкытын ылан кэттэ.

Айта эрдэттэн бэлэмнии тутан турар пааспардарын уунна.

– Хайа, бу биирдэскит киэнэ сааһа ааһан хаалбыт, онон дьиҥэ суох эбит дии, маны уларыттарыахха наада. Билигин сэбиэдиссэйгэ киириэхпит.

Дьуһуурунай атын хоско тиийэн иһирдьэ дьылыс гынан хаалла. Сотору ааны өҥөйөн туран ыҥыртаата.

* * *

Кэриспэндиэн манна киирэн баран арыгыга, табахха туймаара сылдьыбыт төбөтө арыый дьэҥкэриитэ, иллэҥсийбиччэ, ааспыт олоҕун анааран көрдөҕүнэ наһаа да элбэх сыыһаны-халтыны оҥорбут эбит. Дьылҕата үөһэттэн оннук суруллубут буолан эбитэ дуу? Эбэтэр бэйэтэ эт мэйиитинэн маннык суолга үктэммитэ дуу? Туох билиэ баарай.

Оҕо сааһыгар убайын, эдьиийин батыһан улааппыта. Ийэлэрэ, күнү быһа маҕаһыыҥҥа үлэлиир буолан, киэһэ эрэ өттүгэр көстөрө. Аҕатын үдүө-бадаа өйдүүр, саатар, көмүллүбүт уҥуоҕа олох чиэски дойдуга сытар буолан көрө да илик.

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации