Текст книги "Күннэй кистэлэҥ олоҕо"
Автор книги: Любовь Васильева
Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]
Любовь Львовна Васильева
Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Кистэлэҥ күүстээх Күннэй
Киһи бу сиргэ дьолун, олоҕун кээмэйэ, тугу ситиһэрэ, кэнниттэн хаалара барыта Таҥара төһөнү биэрбитинэн, тугу-ханныгы өлүүлээбитинэн быһыллар. «Сиргэ түспүт силик, окко түспүт оҥоһуу» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха толкуйунан, киһи төлкөтө Таҥара аҥаардас талбытынан эбэтэр күннээҕи олох хаамыытынан салаллыбат, хаан-сыдьаан тардыһан, төрдүн-ууһун удьуордаан түстэнэр. Күннэй Кардашевская кылгас эрээри, сындыыс сулус курдук кылам гыммыт чаҕылхай олоҕун таайыллыбатах таабырына онно кистэммит быһыылаах.
Саха тыллаах эрэ барыта кинини оҕо сааһыттан истэн билэр. Кэрэ номоҕон дьүһүнүнэн, киһини абылыыр күүһүнэн араас дойду болҕомтотун тардыбыта, ыллыыр, үҥкүүлүүр, уруһуйдуур дьоҕурунан дьон-сэргэ сэҥээриитин, кэрэхсэбилин ылбыта. Онтон ыарытыйар үһү диэн сурах тарҕанан, барыбытын долгуппута. Туох кистэлэ кэлиэй: дэгиттэр талааннах оҕону ымсыыра, ордугургуу санаан кырыы харахтаах таба көрбүтэ, куһаҕан тыллаах быһа эппитэ буолуо диэн куолулааччы да баара… Бу кинигэҕэ кэпсэнэринэн, чараас уйулгулаах, ураты айылгылаах оҕо үөһэттэн ананан кэлбитин ахсым тэтимнээх аныгы олох дьалхааныгар тэптэрэн, кэмигэр ситэ өйдөөбөккө, быһаарбакка, мүччү туппут курдукпут…
Айдарыылаах киһи, үөһэттэн этитэн, дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэр. Кини Айыылардыын биир утах тыыннанан, айыы-иччи үйэлээх кистэлэҥ билиилэрин иҥэринэн, көннөрү киһи көрбөтөҕүн көрөр, билбэтэҕин билэр. Кута-сүрэ айылҕаны кытта биир ситим силбэһэн, от-мас, көтөр-сүүрэр саҥатын истэр уонна өйдүүр, үөр-сүүрүк абааһылары илэ көрөр турукка киирэр.
Бастаан утаа ураты айдарыылаахха атын тас эйгэ ыалдьыттара дьаалатынан киирэннэр, өйүн баайан булкуйаллар, саҥарыа суоҕу этитэллэр, киһи үөйбэтэҕин оҥортороллор. Былыр ону таба көрөн, кырдьаҕас ойуун уһуйдаҕына, үөрүн-сүүрүгүн сөпкө дьаһайар, санаатын хоту салайар буолар, сыыйа кинилэр аптарын-хомуһуннарын дьону эмтииргэ, алдьархайтан абырыырга туһанар.
Ойуун – атын эйгэни кытта алтыһарга анаан уһуйуллубут идэлээх киһи (профессионал). Онон ойууннааһыны айылҕаттан тутулуктаах ураты дьоҕур эрэ диэн сыаналыыр кэмчи быһыылаах. Ойуун – дириҥ толкуйга, киэҥ билиигэ тирэҕирэр өй-санаа үрдүк таһымын баһылаабыт, бары өттүнэн дэгиттэр айар дьоҕурдаах киһи. Ол иннигэр ойуун буолар дьон идэлээх үөрэҕи ааһаллар.
Саха төрүт итэҕэллээх норуот буолан, ойуун буолар эбэтэр ураты айдарыылаах дьон уһуйуллар олуктарын туһунан бэйэтэ ураты көрүүлэрдээх. Ону харыстаан, ханарытан «сахалыы ыалдьар» дииллэрэ.
«Кириргиир» диэн айыллыбытынан аһаҕас эттээх, кири-кыыбаҕаны уйбат чараас дууһалаах эбэтэр улаханнык ыарытыйар киһи туохтан эрэ уолуйан, соһуйан, куттанан кута-сүрэ айманарын, ыарыыта бэргиирин ааттыыллар. Оннук дьону, ордук оҕолору «кута ыстаныа» диэн харыстаан, өлбүттээххэ, сытар ыарыһахха сырытыннарбаттар, куһаҕан сураҕы кистииллэр, кутталлааҕы кэпсээбэттэр. Туох эрэ куһаҕан сибикитин сэрэйдэҕинэ, кириргиир оҕо эмискэ этэ-сиинэ көҕөрөн, уҥан-тартаран барар.
«Кууллаттарыы». Киһи ис күүһэ, кыаҕа, туһаҕа турбакка, сүгэһэр буолан баттааһына, бүөм санаа өйгө-санааҕа иҥэн, ааспакка-арахпакка аалыыта, туох эрэ саҥаны, эрэмньилээҕи күүтүү-манаһыы, онтон сылтаан ыар санааҕа ылларыы, эт-хаан өттүнэн буомуруу. Нууччалыы «творческий кризис» диэн өйдөбүлгэ ханыылыы. Улуу ырыаһыттар, олоҥхоһуттар, айар куттаах дьон үксүн ыалдьаллар эбит. Итинник дьон түүллэригэр Ырыа төрдө илэ-чахчы киирэн, ыллаан-туойан, алыптаах тыл иччитигэр сыһыаран, күлүүс тылы сибис гынан эбэтэр туох эрэ ураты дьикти санааны саҕан, өй уган, айар аартыктарын арыйара үһү диэн кэпсииллэр.
Бу икки ыарыыны, дьалбыйан уонна түөн ууран, уот иччититигэр арчылатан, идэлээхтэр эрэ эмтииллэрэ.
«Эттэтии» диэн сурукка-бичиккэ киирбитинэн «шаманская болезнь» – ойуун уһуйуллар ыарыыта. Ону ойуун-удаҕан сүтүөҕүттэн симэлийбит, былыргы үйэ көстүүтэ курдук толкуйданар эрээри, хам-хаадьаа да буоллар биллэн ааһар бадахтаах. Сэһэн быһыытынан, үксүгэр айылҕалаах дьон 12—16 саастарыгар ыалдьаллар эбит. Сэрэйдэххэ, айбыт Айыылартан, иччилэртэн ситимнээх, төрүт итэҕэли утумнуур, айылҕа дьикти дьоҕура уһуктарыгар эт-сиин ураты эрчиллиитэ, өй-санаа төрдүттэн уларыйыыта ирдэнэр. Былыр маннык ыалдьыбыт киһини ойуунунан-удаҕанынан уһуйтаран, өбүгэ төрдүн оҥортороллоро үһү. Оччоҕо айанын аартыгын арыйан, оломун оҥорон биэрдэхтэринэ, этитэр, көрүүлэнэр, аптаах-хомуһуннаах буоллаҕына, тиллэн, дүҥүр-таҥас тэринэн, ойуун-удаҕан буолар.
Сорох эттэтэр киһиэхэ көмөлөһөр кыахтаах көстүбэтэ үһү. Оччотугар дьоҕурун кыайан арыйбакка, өйө-санаата баайыллан, ийэ кута уйбакка, ыарыыга тууйуллан, быстахха үктэтэн, бэйэтигэр да тиийиниэн сөп дииллэрэ. Улуу ойуун Орто дойдуга кэлэригэр, силигин ситэрээри, күүһүн үксэтээри, хомуһунун эбээри, хаан-уруу аймахтарыттан толук ылаллар дииллэрэ. Онуоха сөбүлэҥин биэрбэтэх быстах дьылҕаланара, Орто дойдуттан күрэнэрэ – ойууннааһын биир тыйыс сокуона.
Билигин уһуйуу былыргы үөрэҕэ умнуллубут кэмигэр, уйулҕа үөрэҕин баһылаабыт психологтар, психиатр, невролог быраастар болҕомтолорун уурдахтарына, баҕар, үөһэттэн этитиилээх, ураты айар-тутар куттаах дьон көстүө, сайдыа, арыллыа этилэр.
Күннэй, нууччалыы иитиилээх куорат оҕото, сахалыы ыалдьыбыта бэйэтэ ураты көстүү. Кини, ийэтэ кэпсииринэн сылыктаатахха, бастаан «кириргиир», онтон «кууллаттарыы», тиһэҕэр «эттэтии» олуктарын ааспыт. Айыылары, дойду иччилэрин кытта алтыһар аналлаах айыы ойууннара, алгысчыттара хатыламмат уус номоҕон тыллаах, нарын, кэрэ куоластаах буолаллар диэн кэпсииллэр. Онон сахалыы тыл баайын-сүмэһинин толору баһылаабыт эрэ киһи ойуун буолар аналлаах диир, арааһа, кэрэгэй быһыылаах. Ойуун – Таҥара тыыннаах тылбаасчыта – биир эрэ тылынан муҥурдаммата улуу идэлээхтэр баһылаабыт кистэлэҥ хоро тылларыгар көстөр. Күннэйгэ эмтэммит дьон ахталларынан, олоххо-дьаһахха нууччалыы эрэ тыллаах кыыс турукка киирдэҕинэ уу сахалыы саҥарар. Аны сырыы аайы куолаһа уларыйа сылдьар, бэйэтэ дьүһүн кубулуйар. Түүн хараҥаҕа эрэ эмтиир, кыырарыгар ааны, түннүгү саптарар, баар дьон киирэллэрин-тахсалларын бобор. Илбиһирдэҕинэ истиэнэни кыйа остуол сүүрэр, араас кыыл, көтөр, харамай көстөр. Ити барыта ойуун кыырыытын тутулун (сценарийын), дьоҥҥо дьайар ис күүһүн (гипноз), психологическай сабыдыалын хатылыыр.
Күннэй олоҕо ойууннааһын төрүт култуура ураты көстүүтүн быһыытынан аныгы үйэ хаамыытынан тэҥҥэ уларыйан иһэрин туоһулуур. Саха дьоно-сэргэтэ, уопсастыба маннык дьону сөпкө өйдөөн ылынара, өйүүрэ хайаатар да наада. Онон, былыргыга эрэ сигэммэккэ, бу кистэлэҥ эйгэни салгыы этнография, культурология, биология, психология, медицина, генетика, о.д.а. араас наукалар аныгы таһымнарыгар олоҕуран киэҥник уонна дириҥник үөрэтэр соруга турар. Онуоха бу кинигэ олук буолара мэлдьэҕэ суох.
Күннэй ийэтигэр Любовь Львовна Васильеваҕа оҕотун ураты олоҕун суруйан, саха култууратын үйэлээх көстүүтэ аныгы кэмҥэ тыыннааҕын сырдаппытыгар махтал буолуохтун.
Бравина Розалия Иннокентьевна,историческай наука доктора, профессор
КҮНДҮ КӨМҮС ЧЫЫЧААҔЫМ – КҮННЭЙИМ
Васильева Любовь Львовна,
Күннэй ийэтэ
Күннэй – хаһан да өлбөөдүйбэт, сүрэхтэн сүппэт үтүө өйдөбүл…
Айылҕаттан айдарыылаах, үөһэттэн оҥоһуулаах оҕом барахсан бу Орто туруу-бараан дойдуга бэрт кылгастык, ол эрээри чаҕылхайдык, сырдык сулус кэриэтэ күлүм гынан бараахтаабыта. Кэмэ кэлэн кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэтэх кистэлэҥ олоҕун дьикти өрүттэрин арыйарга, үйэлэри уҥуордаан кэлбит айылҕа биэрбит сүдү күүһүн кэпсииргэ быһаарынным.
Ол иннинэ кылгастык төрүппүт-ууспут туһунан сырдатар наада дии саныыбын. Мин аҕам ийэтинэн ытык өбүгэбитинэн Илбянев Мочой (Мохот) диэн Сис Мэйигин аҕа ууhун киһитэ буолар. Мин хос-хос эһэм – Васильев Василий, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр аата – Мөскөйөр Баһылай. Кини аатын курдук улахан, бөдөҥ-садаҥ киhи эбитэ үhү. Былыргы киһи сиэринэн, ынах сүөһү ииттэн, булдунан-аһынан дьарыгыран олорбут. Улахан түүллээх, ичээнимсийэр этэ диэн кэпсииллэрэ. Кини: «Мин оҕом оҕотун оҕотуттан, Кэрэх Ойуун уутуттан улахан ойуун үөскүөҕэ», – диэн түүлүн кэпсээн турардаах үһү. Кырдьык, ити этии Күннэйгэ сөп түбэһэр. Онон, оҕом барахсан ытык өбүгэтин аатын ааттатар, туйаҕын хатарар үрдүк аналлаах бу Орто дойдуга кэлбит эбит.
Мөскөйөргө сыһыаннаах дьиҥнээх олоххо буолбут биир түбэлтэни билэбин. Мөскөйөр сири өртөөбүтүгэр улахан баһаар барбыт. Хас да аҕа ууһа саба түһэн умуруора сатаабыттар да, улахан уоту кыайбатахтар. Ыксал буолан, Мөскөйөр ырааҕынан аймаҕар Алыһардаах удаҕан эмээхсиҥҥэ барбыт. Эдьиийиттэн көрдөспүт: «Дьэ иэдээни оҥордум – уоту ыыттым. Туох эмэ көмөлөөх буолаайаҕын, күн-ый буол, абыраа, өрүһүй!» Эмээхсин, Мөскөйөргө сүктэрэн, чугас баар көлүччэҕэ киллэртэрбит уонна икки атаҕыттан туттарбыт да, куоҕастыы хахаара түһээт, атахтарын төлө тардан баран, куоҕас буолан көлүччэҕэ умсаахтыы оонньообут. Ол кэннэ эмээхсин: «Дьэ дьиэбэр таһаара оҕус уонна бэйэҥ түргэнник дьиэҕин бул», – диэбит. Мөскөйөр дьиэтигэр киирээтин кытта эргэ оҥкучах сиҥнэр этиҥнээх ардах түүннээх күн түһэн, улахан уоту умулларбыта үһү.
Мөскөйөр улахан уола – Иннокентий (хос аата – Бууска), мин аҕам ийэтинэн эһэтэ. Кэлин ол хос аатынан Бускаровтар диэн буолбуттар. Бу аҕа ууһуттан биһиги кэммитигэр биллибит-көстүбүт киһи – аан дойдуга Сахатын сирин ааттаппыт марафонец сүүрүк Бускаров Николай. Николай Харлампьевич Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр XX үйэ чулуу чэпчэки атлета (1997 с.), 1993, 1996―1998 сс. Саха сирин бастыҥ спортсмена.
Мөскөйөр хос сиэнинэн мин аҕам буолар – Васильев Лев Иосифович.
Оттон мин аҕабынан эһэм Васильев Иосиф Васильевич диэн киһи эбит, 1886 сыллаах төрүөх. Кини аҕата (мин хос эһэм) Саввинов Василий диэн киһи, Үөһээ Бүлүү Хоротуттан чугас Сээҥээби диэн сиргэ олорбут. Эһэм Бодойбонон, Алданынан сылдьан үлэлээн баран, 41 сааһыгар дойдутугар төннөн кэлбит. Онтон мин эбэбин көрсөн ыал буолан, түөрт оҕону төрөппүттэр. Мин аҕам үһүс оҕонон төрөөбүт.
Мин аҕабынан эбэм – Васильева Александра Иннокентьевна. 1893 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Эбэм 10-чалаах эрэ сырыттахпына биһиги аймахха улахан ойуун кэлиэхтээх диэн кэпсиир буолара. Оччолорго мин кыра буоламмын улаханнык дьолоҕойбор түһэрбэтэхпин. Кэлин билбитим, ол туһунан эбэм миэхэ эрэ кэпсээбит эбит. Онон сылыктаатахха, өбүгэлэрим эбэбинэн этиппиттэр быһыыта… Уонна тоҕо кып-кыра оҕоҕо кэпсиэҕэй?!
Төрүттэрбин «кэрэхтэр» диэн ааттыыллара үһү – сураҕа, туох эрэ кэрэх мастаах кэлбит дьон эбит. Бэйэлэрин Үөһээ Хара Суорун тойонтон төрүттээхпит дэнэллэрэ үһү. Ол иһин буолуо, Күннэйи суор арыаллааччы…
Ийэм өттүнэн төрдүлэрим Өлүөхүмэ Токкотуттан Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар кэлэн олохсуйбуттар эбит. Мин ийэм – Васильева (Степанова) Розалия Ивановна, Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэм эһэтэ – Ньурба Таркаайытыттан төрүттээх Федоров Иван (хос аата – Мындай). Өлүөхүмэ Токкотуттан Дураева Екатерина диэн тоҥус кыыһын кэргэн ылбыт. Кинилэр Токкоттон көһөн кэлэн, Үөһээ Бүлүү Арыылааҕар олохсуйбуттар. Түөрт кыыстаахтарыттан саамай кыралара Степанова Екатерина Ивановна – мин эбэм. Мин ийэм аҕата – Степанов Иван Евсеевич (хос аата – Тайах Уйбаан).
Күн кэриэтэ Күннэйим, көмүс чыычааҕым, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон 1997 сыллаахха иэйэхсит ыйыгар – ыам ыйын 13 күнүгэр Туймаада хочотун дьоллоох туонатыгар – Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Быраастар эппит оҕолонор күммүн лаппа аһардан баран оҕоломмутум. Ыам ыйын 12 күннүгэр балыыһаҕа киллэрбиттэрэ, нөҥүө күнүгэр сарсыарда Күннэйим кэлбитэ. Бэрт чэпчэкитик, улаханнык талыы диэни билбэккэ, быыһаммытым. Төрүүр саалаҕа сытан тоҕо эрэ күн сардаҥалара бу муостаҕа түстэхтэринэ оҕолонуом уонна Күннэй диэн ааттыам дии санаабытым. Кырдьык, сааскы күн маҥнайгы сандаархай сардаҥаларын кытта тэҥҥэ Күн киһитэ Күннэй бу сиргэ түспүтэ. Бастаан ытаабатаҕар олус куттана санаабытым – оҕом барахсан кыратык киинигэр эриллибит этэ. Сотору буолаат саҥа таһааран ытаабытыгар долгуйбуппуон – аан бастаан ийэ буолар дьолун билбит хаһан да умнуллубат, туохха да тэҥнэммэт дьоллоох түгэним. Онтон иккиэммитин хаалларан баран, быраастар ханна эрэ тахсыбыттарыгар, арай оҕом сытар сириттэн тугу эрэ эмэр айах тыаһа чуолкайдык иһиллибитин өйдүүбүн. Ол саҥа күн сирин көрбүт кыысчааным тарбаҕын эмэр тыаһа эбит. Оннук 5-гэр диэри тойон эрбэҕин эмпитэ.
Оҕом ый курдук аата суох сылдьыбыта, тоҕо диэтэххэ Күннэй диэн ааты биэрээри гыммыппын дьонум бастаан утаа ылымматахтара. Араас аат бөҕө сыымайдаан баран, тиһэҕэр төрөөбүт күнүнэн, ыйынан сахалыы ааттар халандаардарыгар көрүөххэ диэн буолбута. Сөҕүөх иһин, ыам ыйын 13 күнүгэр төрөөбүт кыыс оҕо аатын Күннэй диэн суруйбуттар этэ. Бу аат суолтата – күн курдук ыраас, кэрэ. Ол курдук күн сиригэр үктэнэ илигиттэн Күннэй бэйэтин анал аатын этиттэрбит эбит.
Оҕом барахсан төрүөҕүттэн холку, ытанньаҕа суох буолан абыраабыта, куруук утуйан тахсар этэ. Мин хаһан уһуктарын кэтэһэн аттыгар иһиллээн олорооччубун.
Арай биирдэ, кыысчааным ыйын да туола илигинэ, күнүскүтүн утуйбутугар мин эмиэ нуктаан ыларга быһаарынным. Эмиэ да утуйа сытар курдукпун, эмиэ да илэ курдук. Иһиттэхпинэ, хоспут иһигэр кыра оҕолор саҥарсаллар, кумааҕы тыаһаталлар. Өссө санаан ыллым: ыаллыы олорор оҕолор наар видеокассета уларса киирээччилэр, олор буолуо диэн. Ол саҕана милииссийэ оскуолатын уопсайыгар олоробут. Туруохпун баҕарабын да, илиим-атаҕым истибэт. Оннук сыттахпына оҕолор, күлэн бычыгыраһа-бычыгыраһа, ороммор сүүрэн кытыгырайан кэллилэр. Бары бэскилээхтэр, сырдык хааннаахтар, быычыкаалар, оронтон муннулара эрэ быгаахтыыр, хайдах эрэ киһи «чээн» диэх курдук. Өссө бэһис киһилээхтэр диэн көрөбүн. Ол киһичээннэрэ кириэһилэ үрдүгэр ыттан туран, сурук остуолугар быардаан сытан, кыһалла-кыһалла тугу эрэ суруксуттаа да суруксуттаа буолар. Оттон атыттара киниэхэ кумааҕы таһаллар диэн көрөбүн, үлэ-хамнас үгэнэ. Быыһыгар күлэ-күлэ миигин өҥөйөн бараллар. Мин ол тухары, бырытын көрө сытар курдукпун эрээри, саҥарар да, турар да кыаҕым суох. Оннук балачча бириэмэ ааспытын кэннэ дьонум сүтэн хааллылар. Дьэ ол эрэ кэннэ уһуктан кэллим. Онно санаабытым, арааһа, оҕом аанньаллара сирдээҕи дьылҕатын суруйаары Ґөһэттэн түһэ сырыттылар быһыылаах… Уонна хайдах эрэ оннук буолуохтааҕын курдук ылыммытым…
Оҕом балтараатыгар Москва куоракка адъюнктураҕа үөрэнэ барар буолбутум. Московскай уобалас Ивантеевка куоратыгар дьиэ куортамнаан олорбуппут. Күннэйбит аан бастаан дьиэбит аттыгар баар оҕо уһуйааныгар барбыта, онно икки сылтан ордук сылдьыбыта. Оччолорго 2-тин даҕаны туола илик кырачаан киһи эбит.
Арай биирдэ саамай саастаах баспытаатала миигиттэн эһиги таҥараһыттаргыт дуо диэн ыйытан турардаах. Мин, көһүппэтэх буолан, соһуйаммын күллүм, онтон мусульманкаҕыт диэн ыйыттыгыт дуо диэн төттөрү ыйытааччы буоллум. Ону баспытаатала Кюночка наар Таҥара миигин таптыыр дуо диэн ыйытар, мин кириэспин интэриэһиргиир, түөһүн оҕотугар кириэс охсунар диэн соһутта. Кып-кыракый эрээри, наһаа дуоспуруннаах, оруннаах ыйытыылары биэрэр, сорох-сороҕор сатаан сөптөөх эппиэти булбакка хаалабын диэн күлбүтэ. Ити кэнниттэн, кырдьык, оҕом наар кириэс суолтатын ыйыталаһар, кириэс хайаан даҕаны кэтиэхтээҕин, Таҥара кинини таптыан баҕарарын этэр буолбута. Инньэ гынан 2002 сыллаахха Кириһиэнньэҕэ оҕобун Коптевоҕа баар Георгий Победоносец сиэркибэтигэр сүрэхтээбиппит. Оҕом кырачаан бэйэтэ бэлэмнэнэн, санаата өрө көтөҕүллэн ахан сүрэхтэнэ барбыта. Күннэйбин сүрэхтээбит ийэтэ, аҕата күн бүгүнүгэр диэри биһиэхэ оҕом сырдык кэриэһигэр күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьаллар.
Москваҕа Күннэйим дойду ис-тас өттүгэр биллэр модельер Вячеслав Зайцев Москватааҕы Муода дьиэтин иhинэн үлэлиир оҕо модельнай устуудьуйатын бүтэрэн, муода тыйаатырыгар 3 саастаах кырачаан модель буолан киирбитэ. «Эдэр саас» хаhыат 2001 сыл тохсунньу 4 күнүнээҕи нүөмэригэр «Уу-чукучук» рубрикаҕа «Билсиҥ: 3 саастаах модель» диэн суруналыыс Светлана Аммосова матырыйаала бэчээттэммитэ. Бу Күннэйим туһунан ыстатыйа киэҥ эйгэҕэ аан маҥнайгы тахсыыта этэ.
2002 сыл сайыныгар адъюнктурабын бүтэрэн, юридическай наука кандидата учуонай истиэпэни ситиhиилээхтик көмүскээн, дойдубутугар көһөн кэлбиппит.
Күннэйим Дьокуускай куоракка 11-с нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар киирбитэ. Арай биирдэ, ол уһуйааммытыттан төннөн иһэн, маҕаһыыҥҥа сырыттыбыт. Оҕо салаатыгар оонньуур арааһа. Оҕом, онно эрэ наадыйбакка, атын салааҕа тиийэн, ат сувениры көрө аҕай турар эбит. Кырдьык, көрүөххэ үчүгэй баҕайы, таас буолбатах, гиипсэттэн дуу, туохтан дуу оҥоһуллубут. Кыыһым аты ылабыт диэн турда. Ону мин куукула эҥин көрбөппүт дуо диэн этэн көрбүппүн, кыккыраччы аккаастаата. Инньэ гынан хайыахпытый, дьиэбитигэр аппытын кыбынан кэллибит. Ол атын кытта олох арахсыспат этэ: уһуйааммытыгар илдьэ барарбыт, төттөрү аҕаларбыт уонна наар аттары эрэ уруһуйдаан тахсара. Билигин санаатахпына, дьикти… Оҕом барахсан уҥуоҕун оҥоро сырыттахтарына дьөһөгөй төбөтө оҥоһуллуохтаах диэн бэйэтэ тахсан кэлбит этэ…
2002 сыл күһүнүгэр, кыра кыыспынан ыарахан буолбуппун өссө билэ иликпинэ, Күннэйим дьикти сонуну иһитиннэрдэ: «Ийээ, эн искэр оҕо олорор. Кыыс оҕо. Тууйа диэн». Оччолорго кини 5 эрэ саастааҕа.
Быраастар оҕолонор кэммин быһа барыллаан муус устар 20―22 күннэригэр диэн сабаҕалыыллар этэ. Күннэй: «Ийээ, ыксаама. Мин төрөөбүт күммэр оҕолонуоҕуҥ. Балтым онно кэлиэхтээх, кини мин төрөөбүт күммэр бэлэх буолан кэлэр», – диэбиттээх.
Ыам ыйын 12 күнүгэр сарсыарда туран баран, Күннэйим «бүгүн төрөөбүт күммүн ылабыт, сарсын бокуойуҥ суох буолуо, балтым Тууйа кэлэр» диэн эттэ. Инньэ гынан, төрөөбүт күннээн «Катюша» кафеҕа аһаатыбыт, кулгааҕын үүттэттим, кыһыл көмүс ытарҕа кэтэртим. Ити 6 сааһын туоларыгар. Ол түүн уум баран, балыыһаҕа киирбитим уонна, Күннэйим эппитин курдук, кини төрөөбүт күнүгэр, ыйыгар, нэдиэлэтин күнүгэр, бириэмэтигэр үүт-үкчү эдьиийин курдук ыйааһыннаах, уһуннаах кыыс оҕоломмутум. Мин испэр үөскүөҕүттэн Тууйа диэн ааттаммыт Күннэйбит балта Орто туруу бараан дойдуга күн сирин көрбүтэ.
Күннэйим кыратыттан сыанаҕа тахса үөрүйэх буолан, ол саҕана Саха сиригэр киэҥник биллэр «Айыы Куо» муода тыйаатырыгар салгыы дьарыктаммыта. 2005 сыллаахха «Мини мисс Якутия» конкурска кыттыбыта. Онно «Мисс Фото» титулга тиксэн, корона, лиэнтэ кэтэн, олус даҕаны үөрбүтэ. Конкурс кэннэ муода тыйаатырын дириэктэрэ Лена Иннокентьевна Голубь Күннэйи Москваҕа «Мини мисс Россия» кытыннара ыытыан баҕарарын эппитэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэһэн, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка улахан конкурска барар чиэскэ тиксибиппит. Конкурстары дьоллоох оҕо саас бырааһынньыгын курдук ылынар этибит. Интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, киэҥ нэлэмэн Россиябыт араас муннуктарыттан кэлбит дэгиттэр талааннаах оҕолору кытта билсиһии, доҕордоһуу туох куһаҕаннаах буолуой?! Күннэйкэ «Мини мисс Россия» титулун төһө даҕаны ылбатаҕын үрдүнэн конкурс дирекцията Аан дойдутааҕы «Мини мисс Мира» конкурска кыттыаххыт дуо диэн ыйыппыта. Кыыһым оҕо-оҕо курдук үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Онон, тэринэн, 2005 сыл күһүнүгэр күннээх Турция Анталья куоратыгар «Мини мисс Мира» конкурска кыттардыы айаҥҥа туруммуппут. Күннээйик онно бастаан гала-шоу иннинээҕи күн буолбут тэрээһиҥҥэ кыттааччы кыргыттар талыыларынан «Мини мисс Дружба Мира» буолбута. Киниэхэ үгүс оҕолор бэйэлэрин куоластарын биэрбиттэр этэ. Аны туран, сарсыныгар «Мини мисс Мира» үрдүк аатын сүгэн үөрүүбүт муҥура суоҕа.
Оҕом барахсан төһөлөөх элбэх араас күрэхтэргэ кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн аастаҕа… Сылдьыбыта барыта ситиһиилээх буолара, элбэх ахсааннаах кубоктар, грамоталар, махтал суруктар ону туоһулууллар, 2005 сыл түмүгүнэн «Сибиряк года-2005», 2007 сыллаахха «Жемчужина России» үрдүк ааттары сүкпүтэ. 2008 сыллаахха Лондоҥҥа буолбут улахан конкурска Гран-при хаһаайката буолбута.
Күннэйим орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан «Кустук» киинэ лааҕырыгар оҕолорго аналлаах тэттик киинэлэргэ уһуллубута.
Кэлин «Саҥа ырыа» диэн Саха национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырайыагар бэйэтин туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу бырайыакка барыларыттан төһө даҕаны сааһынан кыра буоллар, сыанаҕа туох баар сыратын, кыһамньытын, дьулуурун ууран туран үлэлээбитэ. Бырайыак түмүгүнэн «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация хаһаайката буолбута уонна «Журфикс» сурунаал анал бирииһин ылбыта.
Дьоллоох-соргулаах, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар эбит… Билигин ити үтүө күннэрбин түүлбэр эрэ көрөрбүнэн муҥурданабын…
Ыйдаҥа киэһэҕэ чуумпуну тутабын,
Кыраһа хаар кыымҥа эн суолгун көрдүүбүн,
Кырыалаах түннүгүм кырсынан устабын,
Эн күлэр күлүккүн эргиччи көрдүүбүн…
Оҕом 9 сааһыттан мэлдьи иһэ ыалдьар буолан барбыта. Ыарыйдаҕын аайы Медицина национальнай киинигэр көрдөрө илдьэбит. Ол тухары тугу да кыайан быһаарбаттар. Улам наһаа күүскэ тииһиктиир буолан испитэ. Кылааһын салайааччыта «бу оҕо үөрэниэн баҕарбат, ол иһин куруутун иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунар» диэбиттээх. Бу санаатахпына, оҕом айылҕаттан айдарыылааҕа аан бастаан оннук биллибит эбит.
Медкииҥҥэ хас да сыл устата көрдөрө сатаабыппытын кэннэ, кыайан диагноз туруорбакка, Москваҕа баран быһаартарыІ диэбиттэрэ уонна түргэн үлүгэрдик квота булан биэрбиттэрэ. Ити 2012 сыл бэс ыйын ортото этэ.
Москваҕа Педиатрия уонна хирургия научнай-чинчийэр институтугар тиийдибит. Оҕобун 15 саастаах диэн бэйэтин эрэ ыллылар, миигин киллэрбэтилэр. Иккис күммүтүгэр Күннэйим ис уорганнарыгар компьютернай томограмма оҥоһуллуохтаах этэ. Мин ол күн балыыһаҕа баран иһэн кыыһым төлөпүөнүгэр эрийэ, суруйа сатаатым. Оҕобуттан туох да эппиэт суох. Балыыһаҕа тиийээт, балаататыгар киирбитим, арай Күннэйим ороно кураанах, бэйэтэ суох, оронун үрдүгэр футболката, шортига ууруллубут. Сүрэҕим, куһаҕаны сэрэйбиттии, өрө мөхсөн барда. Саатар, балаататын дьоно мин харахпын утары көрбөттөр, уку-суку туттар курдуктар. Хайдах баҕайыный диэн медицинскэй пуоска тиийдим, биир да киһи суох. Быраастар хосторо эмиэ кураанах. Көрүдүөргэ биир ийэттэн быраастары көрбүккүт дуо диэн ыйыппыппар, «бары реанимацияҕа сүүрбүттэрэ» диэн хоруйдаата. Онтон «биир оҕо компьютернай томографияҕа түһэ сылдьан комаҕа түспүт» диэбитигэр, этим тымныынан саласта. Реанимация салаатын ааныгар, баҕар ким эмит тахсаарай диэн, кэтэһэн турдум. Быраастар биир-биир реанимацияттан тахсыталаатылар, ким да тугу да сиһилии кэпсээбэт. Өйдөөбүтүм диэн Күннэй эмискэ комаҕа түспүт, биричиинэтэ биллибэт. Миэхэ реанимация салаатын төлөпүөнүн биэрэн баран, дьиэҕэр баран күүт диэтилэр.
Ол күн киэһэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ эһэтин тиэргэнигэр турар уулаах биэ эмискэ сууллан түһэн өлөн хаалбыт. Өлүгэр биир даҕаны суор да, көтөр-сүүрэр да чугаһаабатах..
Дьиэбэр тиийэн балыыһаҕа эрийбиппэр, киэһэ 9 чаас диэки оҕоІ тыҥата аккаастаан ИВЛ аппараатыгар холбоотубут диэтилэр. Мин ону истэн олох да буорайдым. Сарсыныгар эрдэ балыыһаҕа тиийэн быраастары көрүстүм эрээри, ким да тугу да чуолкай эппэт. Ол быыһыгар Дьокуускайым быраастарыгар эрийэ сатыыбын. Кэмниэ кэнэҕэс реанимация аанын аттыгар олоппос аҕалан көхсүбүнэн истиэнэҕэ сыста олордум уонна санаам күүһүнэн бэйэбиттэн оҕобор ситим ыыта сатаатым. Өйбөр оҥорбут ситиммин быспакка маннык олордохпуна, оҕом барахсан бэттэх кэлиэҕэ диэн. Быраастар балыыһаҕа хааларбын хата боппотулар. Ол курдук миэстэбиттэн харыс да сири халбарыйбакка, тугу барытын умнан, саныыр санаам барыта оҕобор олордохпуна, асчыт дьахтар миэхэ миин аҕалан биэрдэ. Бастаан ас киирбэт диэн аккаастана сатаатым. Кырдьык, аһыыр ас, утуйар уу умнуллубут кэмэ этэ. Ону киһим, аттыбар туран, күүһүнэн кэриэтэ миинин иһэртэ. Оҕоҥ реанимацияттан таҕыстаҕына сэниэтэ суох хайдах көрүөххүнүй диир. Билбитим, кини урут Дьокуускайга олоро сылдьыбыт эбит. Сахам сирин наһаа күндүтүк саныыбын, ахтабын диэбитин истэн, тирээн кэлбит ыар кэммэр чугас киһибин көрсүбүт курдук санаммытым. Киһиэхэ бэрт кыра да наада…
Иккис түүнүгэр реаниматологтартан көрдөспүппэр, дьонум аһыннылар быһыылаах, оҕобор киирэрбин көҥүллээтилэр уонна «ытаабаккыт, аймаммаккыт, комаҕа сытар киһи реакциятын биһиги билбэппит, алҕаска ытаан, айманан, туругун өссө бэргэтиэххитин сөп» диэн сэрэттилэр. Мин онно киирэн оҕобун көрөөт, хара күүспүнэн хараҕым уутун туттуннум. Күннэйим барахсан кумааҕы курдук куп-кубаҕай, барыта провод быыһыгар сытаахтыыр эбит. Испэр Үөһээ Айыылартан, Таҥараттан, Күнтэн, Сиртэн, Халлаантан – барыларыттан көрдөстүм. Ол курдук 10-ча мүнүүтэ оҕобун кытта көрүһүннэрэн баран төттөрү таһаардылар. Биир быраас ол онно «төһө өр комаҕа сытыан эйиэхэ Таҥара бэйэтэ да этэр кыаҕа суох» диэн этэн турардаах.
Кэлин эмтиир бырааһа миигин хоһугар ыҥыран ылан, төрдүгүтүгэр медиумнар, ойууннар бааллар этэ дуо диэн ыйытта. Быраастартан итинник эрэ ыйытыыны кэтэспэтэх буолан, олус соһуйдум. Мин, бэйэлэрин туох эрэ сыыһаларын билиммэккэ, аны ол оннукка түһэрээри гыналлар дии санаан, тугу да билбэппин, истибэтэҕим диэтим. Наһаа өр көрдөрдүбүт, эмтэннибит да биир даҕаны диагноз турбата, туох да быһаарыллыбата, саатар манна, киин сиргэ, быһаара сатыахтаахтарын эттим. Ол иннинэ Дьокуускайга реанимацияҕа киирбитигэр, ыксаан, лапароскопическай эпэрээссийэ кытта оҥорон турардаахтар. Ол да эпэрээссийэ тугу да быһаарбатаҕа, көрдөрбөтөҕө.
Күннэйим комаҕа түспүтэ үһүс сууккатын туолар чааһыгар, киэһэ 5 чаас саҕана, бэйэтин өйүгэр кэллэ диэбиттэригэр миигиттэн дьоллоох киһи суох этэ. Сотору соҕус буолаат миигин эмтиир бырааһа иккистээн ыҥыран ылан: «Мин үлэлиир сылларым тухары элбэх оҕону коматтан таһаарбытым, ол тухары биир да оҕо төһө өр өйө суох сыппытын этэр кыаҕа суоҕа. Оттон Күннэй, коматтан тахсаат, трубкаларын эҥин ылбыттарын кэннэ, «мин үс суукка манна суох этим, наһаа аччыктаатым» диэбитэ. Эбиитин миигин толору ааппынан ыҥырбыта. Ааппын кини хайдах да билиэ суохтаах этэ. Тоҕо диэтэххэ, миигин киниэхэ эмтиир бырааһынан комаҕа түспүтүн кэннэ анаабыттара», – диэн олус сөхпүтүн эппитэ. Мин, тугу да эппиэтиир кыаҕа суох буолан, истэн эрэ кэбиспитим.
Оҕобун дьэ уопсай балаатаҕа көһөрөр кэтэһиилээх күнүгэр, эбиэт кэннэ, реанимация нөҥүө ыкса турар хоско таһаардылар. Сүрэҕин тэбиитин бэрэбиэркэлиир аппараат туруордулар. Миигин оҕобун кытта хааларбын көҥүллээтилэр уонна хомуллар орон биэрдилэр. Оо, онно Күммүн сырылаччы сыллаан, кууһан, олус да үөрбүтүм. Онтум уһаабатаҕа… Икки чааһы кыайбакка, оҕом барахсан эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Аны хараҕын аһа сытар. Эмиэ быраастар… сүүрүү-көтүү… аймалҕан… биир кулгаахпынан иһиттэхпинэ, «глубокий сопор» дииллэр… Оҕобун эрэ миигиттэн илдьэ барбатыннар диэн санаа… Тула истиэнэлэрим устан бардылар, дьон саҥата улам ыраатан истэ… Эмискэ түөспүттэн хаһыы төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Бу сырыыга, мин дьолбор, Күннэйим син балачча кэминэн өйүгэр кэлэн барыбытын үөрдүбүтэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн үс хонон баран кыысчааным эмиэ өйүн сүтэрэн реанимацияҕа киирбитэ. Мин изоляторга оҕом аттыгар хоммутум. Бу сырыыга комаҕа суукка аҥаара сыппыта. Ол эрээри уһуктан баран, оҕом миигиттэн ураты кими да өйдөөбөт да, билбэт да буолан хаалбыт этэ. Балтын, эһэтин, эбэтин, аймахтарын, доҕотторун – барыларын ким эрэ өйүттэн сотон кэбиспитин курдук. Ол сытан миэхэ маннык кэпсээн турардаах: «Арай улахан баҕайы уочаракка турабын, киһи бөҕө баар – эр дьон, дьахталлар, оҕолор. Бары араас-араас омуктар, ким да тугу да саҥарбат эрээри, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр курдукпут. Бу халлааҥҥа сылдьабын диэн өйдүүбүн. Иннибэр ханна эрэ киирэргэ аналлаах улахан көмүс дуйдаах аарка баар диибин. Аарка иннигэр трибунаҕа үрдүк уҥуохтаах плащтаах киһи турар, капюшонун сүүһүгэр диэри сабыччы тардыммыт. Улахан халыҥ кинигэлээх. Киниэхэ уочаратынан тиийбит киһини ол кинигэтигэр баар испииһэгинэн көрөр дии санаатым. Онтон арай улахан экран курдук көһүннэ. Онно дьон олоҕо бүтүннүү кылгастык көстөн ааһар. Миигиттэн биир киһинэн инники турар киһи киэнэ быраастар эпэрээссийэлиир остуол тула туралларынан быстан хаалла. Ону көрөн, кини олоҕо итинник түмүктэммит эбит диэн өйдөөтүм. Онтон кэлэр киһини били плащтаах киһи, аарканан аһардыбакка, түөһүттэн аста. Анарааҥҥыта, сиргэ түспэккэ, үргүлдьү өссө аллара курулуу турда. Арааһа, аакка түстэ быһыылаах. Мин уочаратым кэлбитигэр, арай плащтаах киһи: «Эрдэ кэлбиккин», – диэт, түөспэр кириэс охсон баран, аллара анньан кэбистэ. Ол түһэрбэр быһа барыллаан биэс этээстээх дьиэ үрдүгүттэн бэйэм эппэр-сииммэр кэлэн түспүт курдук этим».
Биирдэ оҕом тугу эрэ батыһыннара көрөрүн бэлиэтээтим. «Балаатабытыгар хара киһи киирэн баран, түннүккэ турда уонна реанимация диэки истиэнэни курдат ааста», – диэтэ кыыһым. Ол күн реанимацияҕа бүөрүнэн сытар 16-лаах кыысчаан сырдык тыына быстыбыта. Ити кэннэ дьон кэннигэр үрүҥ, хара, сиэрэй күлүктэри көрөбүн диир буолла. Мин кинини уоскутаары, кома кэннэ дьон ауратын эҥин көрүөххүн сөп диэн быһаарбытым. Өссө Интернеккэ ааҕан, ити аата галлюцинациялар эбит, хайдах эрэ буолбуппун диэхтиирэ. Ыксаан, балаататыгар киирбит быраастартан миигин психиатрга көрдөрүҥ, дьон көрбөтүн көрөбүн диэн хаста да көрдөспүтэ. Биир быраас: «Эн бэйэҥ ити туһунан ыйытар буоллаххына, 99% доруобайгын», – диэн хоруйдаабыта. Ону ааһан, психиатрдар бэрэбиэркэлээн баран, доруобай диэн түмүк таһаарбыттара.
Өссө биир дьиибэтэ диэн, утуйа сытан түүн ортото эмискэ ойон туран, улахан баҕайытык саҥа таһааран хаһан да урут истибэтэх сахалыы ырыаларын ыллыыр буолбута. Туораттан көрдөххө, уутун быыһыгар ыллыыр курдук. Биирдэ Розалина Файрушина «Эн сэрэй» диэн ырыатын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыллаан турардаах. Дьиҥинэн, ол ырыаны үөрэппэтэҕэ даҕаны, ыллаабатаҕа даҕаны. Оннук түүн эмискэ ыллаан кэлэрин иһин хонукпутугар оонньуур хоско орон бэлэмнээн утутар буолбуттара. Мин оҕобун аны төбөтүнэн булкуллубут диэхтэрэ диэн биир куттал. Утуйа сылдьар эрээри, оронуттан ойон туран, сыанаҕа курдук доргуччу ыллаан барар этэ. Мин уһугуннара сатыырым даҕаны, олох уһуктан биэрээччитэ суоҕа. Ыллаан бүтэн баран, бэйэтин өйүгэр кэлбэккэ да, утуйара.
Биһиги балыыһаҕа сытар кэммитигэр Тууйабыт Сочиттан сборданан кэлэн Дьокуускайга ааспыта. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларыгар көрдөрүүлээх нүөмэргэ кыттыахтаах этэ. Хата тириэньэрдэрэ биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, Тууйаны толору пансиоҥҥа киллэрэн, күрэхтэһии кыттааччыларыгар анаммыт уопсайга олордубуттара.
Арай биир күн оҕом эрийэн дэлби ытаата. Харчылаах көһүлүөгүн уоран ылбыттар этэ. Кыыспар хоскор үчүгэйдик көр, сүппүт буоллаҕына дьоммунан харчы ыытыам диэн уоскута сатаатым. Ол кэпсэтиибитин Күннэй истэн олорон, эмискэ эттэ: «Сарсын аҕалан биэриэхтэрэ, долгуйбатын». Кырдьык, сарсыныгар Тууйа «Туймаада» стадиоҥҥа репетициялана сырыттаҕына кини таҥаһын уурбут ыскамыайкатыгар көһүлүөгүн аҕалан уурбуттар этэ. Иһигэр харчыта барыта баар. Ким аҕалан уурбута биллибэтэҕэ. Эмиэ дьикти түбэлтэ…
Ол курдук балыыһабытыгар ыйтан ордук сыттыбыт. Араас бэрэбиэркэни барытын ааспытын үрдүнэн, син биир туох да быһаарыллыбата. Бу – биэс консилиум тухары…
Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?