Электронная библиотека » Любовь Васильева » » онлайн чтение - страница 3


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Любовь Васильева


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 3 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Хаста даҕаны умайа сылдьар чоҕу сыгынньах илиитинэн ылан ыстыы оонньуурун көрөн турардаахпыт. Илиитигэр туох да суол хаалбатах буолааччы.

Эмтиир дьонун куруук түүн ыҥырара. Бастаан чаас курдук кэпсэтээччи, күллэртээн, ыгылыйбыт, тыҥаабыт быһыыны-майгыны сымнатара. Ол кэннэ дьэ: «Дьонум кэллилэр, саҕалыыбыт», – диэччи. Кини наар быһааран этэрэ: «Мин хара маҥнайгыттан турукка киирэн эмтээн бардахпына, ыарахан көстүү буолуо этэ. Ол иһин саҕалыам иннинэ дьоммун бэлэмнээн кэпсэтэбин, күлэн-үөрэн аралдьытабын, туох-хайдах буолуохтааҕын быһаарабын. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох киһи манныгы көрөн тулуйуо суоҕун сөп». Күннэйим оҕо-оҕо курдук барытын наһаа чэпчэкитик, боростуойдук, киһиэхэ тиийимтиэтик кэпсээччи.

Эмтии сылдьан дьүһүн кубулуйарын элбэхтик көрбүппүт: балаҕан үрдүгэр тиийэ улахан уҥуохтааҕын даҕаны, адьырҕа кыыл буоларын даҕаны…

3-с №-дээх Оҕо уонна ыччат спордун оскуолатын иһигэр саха балаҕана баар. Онно Күннэй элбэхтик сылдьыбыта, эмтииригэр туох баар усулуобуйа барыта баара. Манна турар биир да оскуомата суох оҥоһуллубут үс атахтаах былыргы саха төгүрүк остуолун сүүрдэрин хаста да көрөн турардаахпыт. Ол иннинэ былыргы үһүйээннэртэн, сэһэннэртэн, кэпсээннэртэн эрэ истэн билэрим. Хараҥа балаҕаҥҥа сүүсчэ киилэлээх былыргы үс атахтаах остуол дибдигирэччи сүүрэ сылдьарын көрөр чахчы дьулаан… Киһи кыайан быһаарбат, өйүгэр кыайан батарбат… Биирдэ биир киһи эмтэтэ кэлбитигэр Күннэй остуолу сүүрдүбүтэ. Ол киһи кэлин: «Мин сытан эрэ истэбин, остуол тыаһа эмискэ миэхэ бу чугаһаан кэллэ. Илиим туора сытар, уолуйан хааламмын илиибин ыла охсубатым. Илиибин тоһутар буолла дии санаатым. Көрбүтүм, арай илиим остуол сирэйин курдары ааста…» – диэн кэпсээбитэ.

Турукка сылдьан төбөтүн мискийдэҕинэ баттаҕа муостаҕа тиийэн оскуома саалларын курдук тыаһааччы. Ол саҕана, дьиҥэ, Күннэй кылгас баттахтаах этэ.

Биирдэ эдэр спортсмен уолу аҕалбыттара. Ол түүн онно баар дьон хаһан да көрбөтөхпүтүн көрөн, истибэтэхпин истэн баттахпыт маҥхайа сыспыта. Күннэй уол иhиттэн сүллүүкүҥҥэ майгынныыр муостаах, кутуруктаах кыра үөдэни хостоон таһаарбыта. Ол үөдэн балаҕан ортотугар баар остуолбаҕа хатаастан олорон, иччитигэр миигин төттөрү ыл диэн аһыннарардыы ааттаһа-ааттаһа, киһи куйахатын күүрдэр, икки кулгааҕа тулуйуо суоҕун курдук үрдүк да үрдүк тыас таһаарар этэ. Кэлин Күннэй «араас дьон куһаҕан тыла мунньуллан иҥнэҕинэ, ону өр кэмҥэ искэр иитэ сырыттаххына, итинник үөдэІІэ кубулуйар» диэн быһаарбыта. Бу оҕо улахан спорка ситиһиилээхтик тахсан испит эбит, аан дойду таһымнаах элбэх күрэхтэһии кыайыылааҕа, кыттыылааҕа. Онтон эмискэ доруобуйатынан аһааҕыран, улам улахан спортан тэйэн барбыт. Соҕуруунан-хотунан араас быраастарга көрдөрө сатаабытын, тугу да быһаарбатахтар. Дьоҥҥо куһаҕаны баҕарыы, ордугурҕааһын итинниккэ тиэрдиэн сөп эбит. Уолбут эмтэнэн баран, харахтан сыыһы ылбыттыы чэпчээтим, иһим кураанахсыйан хаалбыт курдук диэбитэ. Ол түүн бары да куттанаммыт ким да дьиэтигэр барыан баҕарбатаҕа, сарсыарда 4 чаас ааһыыта бүтэн баран, «Бургер Хит» кафеҕа киирэн өр да өр туох буолбутун ырытыһа олорбуппут. Дьон саҥата-иҥэтэ диэн итинник ыарахан буолар эбит.

Биирдэ эмиэ спортсмен уол кэлбитигэр: «Эн хара бүрүөһүн иһигэр сылдьаҕын, эйигин быһа эппиттэр», – диэн турардаах. «Киһи тыла – ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһи барахсан уйулҕата чараас, дьон тыла-өһө тэһэ кэйэр аһаҕас кэмнэрдээх буолар. Оннооҕор мунньуллан эІин араас үөдэІІэ кубулуйуон сөп…

 
Саппаҕырбыт санааларгытын мунньумаҥ,
Арахсыспат аргыс оҥостумаҥ.
Тыйыс тыллары мээнэ ыһыктымаҥ,
Куйаарга көтүтүмэҥ.
Дьону сэнии да, ордугургуу да санаамаҥ!
Чараас эйгэҕитин харыстааҥ, итэҕэллээх буолуҥ,
Сиэрдээх буолуҥ!
 

Инники Күннэйим аньыы-хара тоҕус үйэ тухары соһуллар диэбитин өйдөөн кэллим. Дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕаран, саныыр санаабытын ыраастаан, кэрэни кэрэһилээн сырыттахпытына, кырдьык, тулабыт сырдыаҕа, олохпут тупсуоҕа.

Күннэйим Таҥара биир, ону араас омуктар бэйэлэрин тылларыгар, култуураларыгар олоҕуран араастык ааттыыллар диэччи. Сорох киһиэхэ Таҥара дьиэтигэр сырыт диэччи, сороххо олох атыны сүбэлээччи – ким туохха итэҕэйэринэн. Ханнык да религия таҥаратыгар сүгүрүйдүннэр, көрдөстүннэр, барыта биир Үрдүкү күүскэ тиийэр диэбиттээх.

Биирдэ биир дьахтар, чугастык билэр киһибит нөҥүө көрдөһөн, Күннэйгэ кэлэргэ болдьосто. Оҕом кини кэлиэн иннинэ кыратык нуктаан ылла. Арай дьахтар кэлбитигэр уһугуннара киирбиппэр Күннэй тоҕо эрэ хоһуттан тахсыан баҕарбата… Уонна ол дьахтарга мин эйигин ылыа суохпун диэн аккаастаан кэбистэ, биричиинэтин эппэтэ. Мин наһаа соһуйдум, дьиҥэр, дьоҥҥо хаһан да аккаастааччыта суоҕа. Күннэйтэн ыйыппыппар: «Абааһылара төбөтүгэр ыйааста, атаҕар соһулла сылдьаллар. Туох аньыылааҕын-харалааҕын мин да этиитэ суох билэр. Аан бастаан таҥара дьиэтигэр баран, Үрдүк күүскэ үҥэн, көрдөһөн аньыытын-харатын бырастыы гыннардын. Киниэхэ бастаан оннук ордук буолуо», – диэтэ.

Өссө биир түбэлтэни кэпсиим. Эдэр ыаллар болдьостулар. Кыыс улаатар сааһыттан ыарытыйар эбит. Быраастар туох да диэн түптээн быһаарбатахтар, кини даҕаны сири-дойдуну кэрийэ сатаабыт. Болдьохтоох күннэригэр эбиэт кэннэ кыыһым эттэ: «Дьонум ГАИ пуоһун аастылар, кэлиэхтэригэр диэри сытан ылыам». Дьоммут уһаабатылар, начаас тилигирэтэн тиийэн кэллилэр. Киирээттэрин кытта Күннэй, кыыс диэки көрөөт: «Туох ааттаах элбэх өлбүт киһини батыһыннаран аҕаллыҥ?» – диэтэ. Эмтиир кэмигэр Күннэй ол кыыстыын саалаҕа хааллылар, биһиги кэргэнин кытта куукунаҕа кэтэһэн олордубут. Күннэй көхсүн курдьугунуур тыаһа сүрдээх этэ, эмиэ да эр киһи куолаһа иһиллэрэ… Сотору буолаат ыҥырда. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ уп-улахан, саарык курдук. Ол кыыс диэки көрө-көрө күлэр: «Элбэх да өлбүт киһини миэхэ сиэттиҥ», – диэн. Онтун, өр да өр куһаҕан баҕайы сыттааҕынан хотуолаан баран, таһырдьа таһааран миэхэ уоттатта. Ол кэннэ кыыстан ыйытта: «Биир кыра соҕус уҥуохтаах эмээхсини көрөбүн дии, мөҕүтүн да мөҕүтүн буолар. Наһаа куһаҕан кырыыс тыллаах. Кимин билэҕин дуо?» Тас көрүҥүн, таҥаһын барытын ойуулаан биэрдэ. Кыыс тута кимин биллим диэн хоруйдаата.

Тыл хайдахтаах курдук күүстээҕин ол онно өссө төгүл өйдөөбүтүм. Кыыс барахсаны өссө иккитэ-үстэ төхтүрүйэн эмтээбитэ.

…2013 сыллаахха Туйаарабыт Адлерга сбордана барар буолбутугар, биһиги Күннэйдиин эмиэ муораҕа сынньанан кэлэргэ быһаарыммыппыт. Оччолорго кыыһым өйүн сүтэрэрэ арыый аҕыйаан, уоскуйан сылдьар кэммит этэ. Муора салгынынан толору тыынан, дуоһуйа сөтүөлээн олус да абыраммыппыт.

Арай биир күн оҕом эмискэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Көрдөхпүнэ, Күннэйим, курданарынан ууга туран, сирэйинэн умса баран түстэ. Мин өйүн сүтэрбитин тута өйдөөммүн, оҕобун баттаҕыттан кыл мүччү харбаан ыллым. Аны уу тардар күүһэ туох да ынырык, долгун саба охсо турар. Аттыбар турар дьахтар, хата, тута өйдөөн, соһуспутунан барда. Кыыспын нэһиилэ биэрэккэ таһаардыбыт. Аймалҕан буолла, киһи бөҕө тоҕуоруста. Пляж дьоно бары сүүрэн кэллилэр быһыылаах. Медик уонна быыһааччылар биирдэ баар буола түстүлэр. Тыын киллэрэн, сүрэҕин массаастаан, бастакы көмөнү оҥоро сатаатылар. Оҕом өйүгэр кэлиэхтээҕэр, тыыммат даҕаны, пульса эмиэ суох. Мин хайдах да буолуохпун булбатым, ама да эмиэ оҕобун сүтэрэн эрэбин дуу диэн санааттан тыыным хаайтаран ылла… Оннук буолуон сатаммат диэн бэйэм-бэйэбин уоскутуна, куһаҕан санаалары ыраах кыйдыы сатаатым. Ол икки ардыгар суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ. Оччолорго Сочига кыһыҥҥы олимпиадаҕа бэлэмнэнии үлэтэ бара турар кэмэ этэ. Бары өттүнэн хааччыллыылаах реанимациялаах Сочи балыыһатыгар илдьэргэ диэн суһал көмө быраастара тута быһаара оҕустулар. Онон, Адлертан Сочига айаннаатыбыт. Балыыһа таһыгар реанимация быраастара номнуо күүтэн тураллар этэ.

Мин пляжка хайдах сылдьыбыппынан – ибис инчэҕэй баттахтаах, пляжнай курдары көстө сылдьар сетка былаачыйалаах, атах сыгынньах балыыһа приемнайыгар олордум. Туораттан көрүөххэ, баҕар, олуона буолуо. Ол түгэҥҥэ, кырдьык, таҥас эрэ, туох эрэ туһунан санаабаппын. Хата онно үлэлиир санитарка, аһынан, халаат уонна тапочка биэрдэ. Оҕобун реанимацияҕа ыллылар. Быраас тахсан миигиттэн эмиэ диагноһын ыйыта сатаата. Уруккуттан этэллэрин курдук: «Глубокий сопор, коматозное состояние», – диэтэ. Мин биир сыллааҕыта итинник хаста да балыыһаҕа киирэ сылдьыбыппытын быһааран эппитим. Бырааһым дьикти буолар эбит диэн олус сөхтө. Оҕом аттыгар хайаан да баар буолуохтаахпын диэн көрдөстүм. Бырааһым хата уопсай реанимация балаататыттан изолятор хоһугар көһөртөрдө уонна мин онно киирэрбин көҥүллээтэ. Бу сырыыга оҕом, сэттэ чаас буолан баран, өйүгэр кэллэ. Уһуктаат: «Наһаа аччыктаатым дии, туох эмэ аһылык баар дуо?» – диэн, быраастары соһутта. Онуоха биир быраас, «арба миэхэ сосиски в тесте баар» диэт, хап-сабар аҕалан биэрдэ. Оҕом барахсан ону үөрэ-көтө сиэн кэбистэ (кэлин наһаа да минньигэс этэ диэн санааччы). Ити кэмІэ дьуһуурустубалыы сылдьар быраастар бары олус дьиктиргээбиттэр этэ. Ити эрэ иннинэ ИВЛ-га холбуур туһунан быһаарыыны ылыммыттарыгар кыыспыт туох да буолбатаҕын курдук уһуктан кэллэҕэ… Икки чаас курдук кэтээн көрбүттэрин кэннэ, махтанан баран, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит. Тахсарбытыгар эмиэ госпитализацияттан аккаастанабыт диэн сурук суруйбуппут.

Ол киэһэ, уоскуйан баран, комаҕа тугу көрбүтүн кэпсээбитэ: «Эмиэ урукку сирбэр тиийэ сырыттым. Иннибэр эмиэ көмүс дуйдаах аарка турар. Били плащтаах киһибин көрөн олус куттанным. Ааспыкка мөхпүтүн, аныгыскыга кэллэххинэ, төттөрү ыытыам суоҕа диэбитин санаан кэллим. Сирим халлаан дии саныыбын, мин туох да бокуойа суох илиибинэн хаһан бардым. Уочаратым тиийиэн иннинэ хайаан даҕаны хайаҕас хаһаммын аллара түһүөхтээхпин диибин. Аттыбар киһи бөҕө турар. Көмөлөөн бары бииргэ хаһыаххайыҥ, оччоҕо Сиргэ төттөрү түһүөхпүт дии сатыыбын даҕаны, миэхэ ким да итэҕэйбэт курдук. «Оо, барахсаны, мантан ханна даҕаны барар кыаҕыҥ суох», – диэбиттии, сонньуйбуттуу көрөллөр. Мин тохтоло суох хастым. Иһиттэхпинэ, аттыбар турар дьонум «кырдьык, мин өллүм дуо», «хата, өлөн сынньаннахпын» дэһэллэр. Ол да буоллар, хайаҕаспын хаспытынан төттөрү түстүм… Соҕотоҕун эрэ түстүм».

Сиинэҕэ айан туһунан…

Сиинэҕэ кырачаан оҕолор сүтэннэр улахан аймалҕан буолбутун бары да харааста өйдүүбүт. Киһи өйүгэр-санаатыгар баппат суол…

Мин ити кэмҥэ кыргыттарбынаан Сочиттан Москваҕа кэлбиппит. Оҕолор сүппүттэрин истэн улаханнык долгуйбуппут. Аан бастаан полицияҕа үлэлиир доҕорбут, Күннэй ураты дьоҕурдааҕын билэр буолан, оҕолор хаартыскаларын бассаабынан ыытан көрдөрбүтэ. Күннэй көрөөт: «Атын хайысхаҕа үлэлии сылдьаллар, кыргыттар мумматахтар, киһи илиитин көрөбүн, чуолкай манна киһи кыттыгастаах», – диэн соһуппута…

Онтон дойдубутугар тиийбиппитин кэннэ, Күннэйим турукка киирдэҕин аайы кыргыттары көрөр буолан барбыта. «Мама, что означает в переводе «көмөлөс» и «ыксаарыый»? Девочки все время это твердят», – диэн ыйыппытын өйдүүбүн. Аны биирдэ куукунаҕа аһыы олорон, эмискэ турукка киирээт, түннүк аттыгар турар холодильник диэки көрөн баран: «Оо, барахсаттар, бу кэлэн тураллар…» – диэбитэ уонна остуолга уруучука, илиис сытарын ылан, сахалыы суруйан барбыта: «Күннэй… кэлиий түргэнник… ыксаарыый… ыксаарыый… ыксаарыый…» Илииһигэр икки кыра сиэттиһэн турар кыргыттары уруһуйдаабыт этэ. Туруктан тахсыбытыгар ыйыппыппар, «Оҕолор сыбыс-сыгынньахтар, буорга булкуллубут курдуктар. Миигин ыксаталлар, кэлэ оҕус да, кэлэ оҕус дииллэр. Тоҕо миигин ыҥыралларын өйдөөбөтүм… бу сиргэ номнуо суохтар ээ…» – диэбитэ.

Оҕолор барахсаттар Күннэйгэ көстөллөрө улам-улам элбээн испитэ… Биир түүн дэлби эрэйдэнэн баран, туруктан бэтэрээ кэлэн, Сиинэҕэ хайаан да барыахтааҕын эттэ.

Ол курдук, туһааннаах дьону булан, биир күн Сиинэҕэ айанныырга сананныбыт. От ыйын ортото этэ. Күн аҥаара тэринэн, икки массыынанан куораттан эбиэт саҕана айаҥҥа туруннубут. Күннэйим биир усулуобуйатынан кини Сиинэҕэ барарын, онно сылдьыбытын ким да билиэ суохтаах диэн этэ. «Я не за славой еду. Девочки очень просят меня, чтобы я приехала в Синск, для чего я еще сама не понимаю… Значит, так надо. Если кто-нибудь проболтается, голову оторву», – диэбиттээх.

Еланканы ааһаммыт сиинэлиир суолга үрэххэ тиийэн иҥнэн хааллыбыт. Эбэ уута киирэн кыайан массыынанан туораабатыбыт, дириҥэ сүрдээх. Онон, Еланкаҕа хонон баран, сарсыарда моторка ыҥыртарыах буоллубут. Дьиэ куортамнаһан хонордуу тэриннибит. Киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан, утуйаары бэлэмнэнэ сырыттахпытына Күннэйбит турукка киирэн хаалла. Оо, онно оҕолор барахсаттар тугу көрсүбүттэрин этинэн-сиининэн көрдөрбүтэ… Нууччалыы эттэххэ, театр одного актера курдук этэ. Киһи сатаан тылынан да этиэн, сурукка да киллэриэн дьиксинэр дьулаан хартыыната. Күннэй хараҕар алдьархай, ыарыы, эрэй ырылхайдык көстөр этэ, «Мин илиилэрим кып-кырачааннар…» – диэхтиир. Кып-кыра оҕолор барахсаттар киһи-киһиэхэ тылынан эппэт эрэйин-муҥун көрбүттэрин бары даҕаны биир тыла суох өйдөөбүппүт. Күннэй туруктан тахсан баран: «Туох иһин кырачаан кыргыттары?! Туох иһин?!» – дии-дии уйа-хайа суох ытаабыта. «Туох баар күүспүнэн утарылаһа сатаатым… Хап-хара илиилэр, оттон мин илиилэрим кып-кыралар…»

Ол түүн бары да уйулҕабыт хамсаан, салгыы кыайан айанныа суохпут диэн, Күннэй туруктан тахсыбытын кэннэ куоракка төннөргө быһаарыммыппыт. Бэһиэ бэйэбит сэниэбит эстэн, кыыспытын нэһиилэ туппуппут. Оннук туруктаах киһилиин ууга да сэрэхтээх буолсу эбит.

Ити айан кэнниттэн кыргыттар муҥнаахтар Күннэйи сүгүннээбэтэхтэрэ, ыҥыра, ыксата тураллар этэ. Инньэ гынан атырдьах ыйын саҥатыгар эмиэ Сиинэҕэ айанныырга сананныбыт. Бу сырыыга каюталаах катерынан бардыбыт. Катерга олорбуппутугар Күннэйбит: «Куттанымаҥ, этэҥҥэ айаннаан тиийиэхпит. Катербытын дьонум төгүрүйэн кэбистилэр», – диэн биһигини уоскутта.

Өлүөнэ очуостарыгар чугаһаан иһэн кыыспыт өйүн сүтэрбитин каютаҕа киллэрэн сытыардыбыт. Өлүөнэ очуостарыгар кэлээппитин кытта халлааны хантан да түспүтэ биллибэт хоп-хойуу үүт туман бүрүйэн кэбистэ. Аттыбытыгар олорор киһини көрбөт үлүгэрэ. Бары даҕаны салламмыт, туох диэн саныахпытын булбатыбыт. Тула туох да көстүбэт. Чахчы даҕаны, кутталлаах киинэҕэ баар көстүүттэн уратыта суох. Катердаах киһи этэринэн, чаас аҥаарынан тиийиэхтээх этибит. Онно-манна кэтиллиэхпит диэн сэрэнэн устан истибит. Аны хантан да кэлбитэ биллибэт күүстээх баҕайы долгуннар катербытыгар охсуллаллар. Навигаторбыт түҥ-таҥ көрдөрөр диэн буолла, сотовай сибээс үлэлээбэт. Катерга олорсон иһэр хас биирдии бэйэбит тугу санаабатахпыт буолуой… Тус бэйэм манна, икки халлаан ыккардыгар, хаалан хаалбатах киһи диэн испэр көрдөһө олорбутум. Бу Орто дойдуга буолбакка, атын мээрэйгэ сылдьабын диэн санаа охсуллубута. Санаабытыгар, сөп хайысханан устан иһэр курдукпут эрээри, Сиинэбит кэлбэт да кэлбэт. Күннэйбит өйүн сүтэрэн сытар. Ол курдук өр баҕайы уһуннубут. Катеры ыытааччыбыт: «Субу-субу, дьиҥинэн, Сиинэҕэ кэлиэхтээх этибит», – диир. Кини, күн аайы кэриэтэ Өлүөнэ очуостарыгар дьону таһар буолан, бу сири ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр эбит. Ол быыһыгар уматыкпыт бүтэн заправкаланныбыт. Онтон Күннэй өйүгэр кэллэ диэттэрин кытта били тулабытын бүрүйбүт үүт туман, ханна да барбыта биллибэккэ, сүтэн хаалла. Ып-ыраас күөх халлааҥҥа күнү көрөн үөрдэхпитиин. Өйдөөн көрбүппүт, Өлүөнэбит очуостарыттан харыс да сири халбарыйбатах эбиппит: туман түһэригэр ханна баар этибит даҕаны, ол миэстэбитигэр турабыт. Эбиитин өссө олох даҕаны таҥнары куорат диэки хайыһан олоробут. Онтон бириэмэбитин көрбүппүт: ити тумаҥҥа балыйтарар кэммитигэр түөрт чаас ааһа охсубут. Бары да олус соһуйбуппут…

Күннэйбит каютаттан тахсан: «Биһиги Өлүөнэ очуостарыгар тохтуохтаах этибит, тохтуохха. Дойду иччилэрин алгыстарын ылыахтаахпыт», – диэтэ. Биэрэккэ тиксээппитин кытта кыыһым: «Өлүөнэ очуостарын үрдүнэн дьүкээбил уотун көрөҕүт дуо?» – диэн ыйытта. Биһиги тугу да көрбөтүбүт. Ону хаарыан кэрэ көстүүттэн маппыт дьоҥҥут диэн күлэн кэбистэ.

Биэрэккэ эмиэ турукка киирэн ылла. «Кыргыттар катер аттыгар тураллар, ыксаталлар. Чэ, бардыбыт, чаас аҥаарынан тиийиэхтээхпит», – диэтэ. Эппитин курдук, начаас устан тиийдибит.

Сиинэҕэ икки массыынанан көрүстүлэр. Эмиэ наһаа соһуйбуттар, ыксаабыттар этэ. Катербыт тыаһын истэн, биһигини баччаҕа кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэн олорбуттар. Онуоха катербыт тыастыын биэс чаас кэриҥэ сүтэн хаалбытыгар, туох ааттаах буоллахтарай диэн дэлби куттаммыттар эбит.

Ол түүнү Сиинэҕэ сылдьыбыт дьон хаһан да умнубаппыт буолуо… Күннэйим барахсан түүнү быһа хаста да турукка киирэ сылдьыбыта. Эмиэ өйдүүргэ даҕаны, ылынарга даҕаны ыарахан хартыыналары көрдөрбүтэ.

Арай кыыһым Алина ийэтигэр чугаһаан баран: «Оҕоҥ аттыгар турарын көрбөккүн дуо?..» – диэт, кими эрэ төбөтүттэн имэрийэр курдук тутунна. Онтон Күннэйим бэйэтэ сирэйдиин-харахтыын уларыйан барда, хайдах эрэ туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ кыра оҕо курдук буолан хаалла. Алина ийэтин аттыгар олороот, илиитин илиитигэр ылла уонна биир илиитинэн илиитин имэрийдэ. Онно олорон эрэ иккиэннэрин иэдэстэрин устун харахтарын уута сүүрбүтэ, бу бириэмэҕэ кинилэр истиҥ иэйиигэ ылларан олороллоро саарбаҕа суох этэ… Хас биирдии бэйэбит испитигэр оҕо кута барахсан Күннэй нөҥүө киирэн күн-күбэй ийэтин кытта бырастыылаһан барда дии санаабыппыт. Бары да уйадыйан, хараастан ылбыппыт.

Күннэйбит кыргыттар бүгүн 40 хонуктара, ол иһин миигин ыксаппыттар эбит диэбитэ. Бүгүн куттара үөһэ көтөллөрүн туһунан эппитэ…

Аны сарсыарда 5 чаас саҕана Күннэй, эмиэ турукка киирэн, уруучука уонна илиис көрдөөн ылла уонна сир хаартатын уруһуйдаан барда. Ол иннинэ Күннэй хаһан да Сиинэҕэ сылдьа илик этэ буоллаҕа. Сиинэттэн биир көстөөх сир эбит. Хаартатыгар икки киһи уҥуоҕун уруһуйдаабыт, аттыгар күөл баар. Ол кэннэ кыыспыт, дэриэбинэттэн тахсаат, суолунан сүүрэр икки хаамар икки былаастаах бара турда. Биһиги кэнниттэн массыынанан батыстыбыт. Күннэй кыргыттар кинини сирдииллэрин эттэ. Тоҕоостоох сирбитигэр тиийбиппитигэр, кырдьык, хаартаҕа уруһуйдаммытын курдук эргэ баҕайы икки киһи уҥуоҕун көрдүбүт. Ол аттыгар маардаах күөл баар. Күннэй оҕолор барахсаттар күөл ортотугар киирэн, быраһаайдаспыт курдук төбөлөрүн хоҥкутан баран, сүтэн хааллылар диэтэ… Ол курдук ыарахан айан буолан турар.

Сиинэттэн кэлбиппит нөҥүө күнүгэр Күннэй: «Кыргыттар кэлэ сырыттылар, төбөбүттэн, илиибиттэн имэрийэн, арааһа, махтаммыттарын биллэрэн бардылар быһыылаах», – диэбитэ…

2014 сыл сааһыгар анал дүҥүрүн оҥорторорго быһаарыммыта. Биир күн: «Дүҥүрүм маһа Үөһээ Бүлүүгэ үүнэн турар,» – диэтэ. Инньэ гынан кулун тутарга дүҥүрүн маһын көрдүү анаан-минээн Үөһээ Бүлүүгэ айаннаатыбыт. Кутуруксут кыыһын илдьэ барда. Хороҕо тиийэн баран, дүҥүрүн ким оҥоруохтааҕын эттэ. Оҕонньор улуус киинигэр олорор эбит. Мин аҕабын кытта дуҥүр оҥорторуохтаах киһибитин көрсө бардыбыт. Дүҥүр оҥоруута манан дьыала буолбатаҕын өйдүүбүт, ылла-ылбычча киһи ылсыбат ыарахан үлэтэ. Оҕонньорбутугар тиийэн тугун-ханныгын быһаардыбыт, киһибит: «Дүҥүр оҥорорбор Үөһээҥҥилэртэн көҥүл баар буолуохтаах», – диэтэ. Мин онуоха кыыһым эһигини ыйан ыыппыта уонна чуолкайдаан ыйытыам диэтим. Дьиэбэр киирэн тугу эмэ этиэм иннинэ, Күннэйим миигин кууһан ылан кулгаахпар: «Үөһээҥҥилэр көҥүллээтилэр, оҕонньорго куттамматын диэн тириэрт», – диэн эр киһи куолаһынан уу сахалыы сибигинийдэ.

Нөҥүө күнүгэр сарсыарда тураат: «Эбиэт кэннэ маспар барабыт», – диэтэ. Күннэй, эһэбит, эһэбит доҕоро, кутуруксут кыыһа, мин буолан айаҥҥа туруннубут. Аны хайа да диэки айанныырбытын билбэппит. Массыынаҕа тахсан бары олорбуппутун кэннэ, эһэтигэр: «Ньурба диэки баран ис», – диэтэ. Күннэй, дьиҥинэн, Ньурба хайа диэки турарын билбэт буоллаҕа, «Ньурба» диэни истибитэ да ахсааннааҕа буолуо.

Дьүөгэ кыыһа уһун суолу быһа хомустуу олордо. Баран иһэн Күннэйбит эттэ: «Сирбитигэр чугаһаатахпытына, хомус тыаһа улам-улам улаатан уонна тэтимирэн иһиэҕэ». Кырдьык, Хороттон 10-ча килэмиэтирдээх сиргэ тиийбиппитигэр хомус тыаһа улаатан кэллэ. Ону истэн, эһэтин тохтотто уонна дьүөгэтинээн, массыынаттан түһээт, трассаттан ойуур диэки сүүрэ турдулар. Мин, кинилэри кэннилэриттэн батыһаары трассаттан түһээт, биирдэ быарбынан тоҥ хаарга баар буола түстүм уонна онтон нэһиилэ оронон таҕыстым. Инньэ гынан массыынаҕа хааллым. Эһэтэ доҕорунаан, хайыһар кэтэн, кэннилэриттэн батыстылар. Ойуур диэки хаара киһи тобугунан эбит. Арай эһэбит аах суоллаан тиийбиттэрэ – күөл ортотугар соҕотох булгунньах арыыланан турар, ол ортотугар соҕотох бэс үүммүт, оттон Күннэйбит ол маһы кууһан турар үһү. Эһэтигэр: «Бу мас. Мантан маныаха диэри эрбээ», – диэбит уонна эһэтэ көрөн турдаҕына, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу алаадьытын таһааран күн эргииринэн уурбут. Онуоха сирэ айах курдук хайдан хаалбыт, алаадьыта барыта онно түспүтүн кэннэ, төттөрү сабыллан хаалбыт… Ити курдук, Күннэй анал дүҥүрүн оҥорторбута.

Дүҥүрүгэр 13 алтан чуораанчыгы, хас биирдиилэрин тыаһатан көрө-көрө, анал миэстэлэригэр иилбитэ. Ити чуораанчыктарын оҥорторорбут эмиэ туспа устуоруйалаах этэ. Дүҥүрүм 13 чуораанчыктаах уонна ол чуораанчыктарым алтан буолуохтаахтар диэбитэ. Мин алтан көрдөөммүн сэниэм эстибитэ. Киһи наадыйдаҕына олох суох буолар эбит. Арай биир сарсыарда Күннэйим: «Крестьянскай рынокка бар, ол онно иккис этээскэ булуоҕуҥ», – диэтэ. Кини эппитин курдук, алтаммын онтон булбутум. 13 чуораанчыктан биирдэстэрэ барыларыттан арыый обургу этэ. «12 чуораанчык – мин дьонум, 13-с чуораанчык – мин», – диэн быһаарбыта.

Аны дүҥүрүн бүрүөһүнүгэр тирии наада буолбутугар мин онтон-мантан ыйыталаһа сатаатым. Онуоха Күннэйим эмиэ налыччы баҕайытык: «Эһэм тириини үчүгэйдик бэйэтигэр көрдүн, киниэхэ баар», – диэтэ. Эһэтэ ол кэннэ ампаарыгар хаһан эрэ бэйэтэ бултаабыт табатын тириитэ баарын булан биэрбитэ, ол тириинэн дүҥүрүн бүрүөһүннэппитэ.

Күннэй дүҥүрэ лаппа улахан этэ. Кэннигэр олордоҕуна көстөөччүтэ суох. Бэйэтэ нэһиилэ кыайара. Ол эрээри турукка киирэн кыырарыгар дүІүрүн аҥаар илиитинэн өрө анньа сылдьан охсооччу, чэпчэки баҕайытык тутааччы-хабааччы.

2014 сыллаахха сааскы киэһэ кутуруксуттарыттан биирдэстэрин дьиэтигэр ыалдьыттыы бардыбыт. Бары төгүрүк остуол тула эйэ дэмнээхтик кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдии олордохпутуна, кыыспыт эмискэ турукка киирэн барда. Бары үөрэ-көтө олорбуппут ханан да суох буолла. Көрдөхпүтүнэ, кыыспыт икки харахтара икки аҥыы барбыттар. Киһи харахтара хайдах да итинник балаһыанньаҕа барар кыахтара суоҕун өйдүүбүт. Ону көрө-көрө көрбөтөҕө буолан, уку-суку чэйдии олордубут. Онтон аны аа-дьуо кутуруксут кыыспыт турукка киирэн барда. Эмискэ Күннэй атын киһи куолаһынан: «Мин билигин охсуһа киирэбин. Ким да ити хоско киирбэт. Туох да буоллун, тугу да иһиттэргит – киирбэккит! Киирдэххитинэ, мин хотторобун», – диэт, саала аанын саптан кэбистэ. Биһиги куукунаҕа олорон хааллыбыт. Иһиттэхпитинэ, саалаттан ыарахан тыас-уус, истиэнэҕэ туох эрэ сааллар курдук. Ол быыһыгар Күннэй көхсүн тыаһа курдьугунаан олорор. Эмиэ да уу чуумпу буолан ылар. Оннук хас да чаас кэтэһэн олордубут. Кутуруксут кыыспыт эмиэ куукунаҕа турукка сылдьар: чыпчылыйбат даҕаны, бэйэтэ туспа үҥкүү, хамсаныы – быаны быраҕан баран, онтун субуйар курдук. Биһиги кинини көрөн саҥата суох олордубут, кини биһигини көрбөт. Онтон дьэ Күннэйбит, дэлби сэниэтэ эстэн, илистэн, тахсан кэллэ. Бэйэтигэр кэлээтин кытта кутуруксута эмиэ тута туруктан таҕыста.

Кимниин охсуспутун, киниэхэ кимнээх саба түспүттэрин эппэтэҕэ. Ол тахсан баран хоттум диэбитэ… Ким билиэ баарай ол киэһэ туох буолбутун?!

2014 сыллаахха сайын Күннэй Намҥа гастроллуу барда. Ыллаан-туойан, кэнсиэрдээн кэлэн баран, дьикти кэпсээннээх буолла. Биир уоллара эргэ баҕайы өтөххө тиийэн хаалбыт. Онно киниэхэ ким эрэ дууһата киирэн эрэйдээбит диэн. Ити курдук кэпсээн баран утуйан хаалла. Күнүс уһуктубутугар бассаабыгар сурук бөҕө кэлбит этэ. Ол ис хоһооно уолбут өссө даҕаны бэйэтигэр үчүгэйдик кэлэ илик уонна Күннэйи ыҥыртарар диэн эбит.

Тиийбиппит – ол уол дьыбааҥҥа олорор, биир киһи аттыгар туран дэйбииринэн сапсыйар, өссө биир киһи хомустуур. Арай өйдөөн көрбүтүм, уол төбөтүн оройугар дэйбиир уурунан олорор. Билбэт, өйдөөбөт киһиэхэ маннык хартыынаны көрөр, чахчы, дьиибэ. Мин бу оҕону эрдэттэн үчүгэйдик билэрим, оттон киһим миигин олох даҕаны өйдөөбөтө. Аттыгар тиийэн дьыбааҥҥа олорбуппар уолбут саастаах киһи куолаһынан сахалыы саҥаран барда: «Мин Күннэйгэ кэлээри бэҕэһээҥҥиттэн манаһан, уочараттаан, нэһиилэ киирдим. Хата киирдим диэн үөрэбин. Бу уолгут дьулайа кэм даҕаны аһаҕас эбит, онон ити киирэллэр-тахсаллар. Ол иһин бу дэйбииринэн бүөлэнэн олоробун, туһалыыр. Бу барахсаттар хомустаан, дэйбиирдээн, куһаҕан тыыннары чугаһаппакка абыраатылар. Хомус тыаһын истэн үөрдэхпин, эчи үчүгэйин. Уолгут атаҕа ыалдьар эбит, ноҕуруускаланар быһыылаах, иһэ-үөһэ даҕаны. Ити, арааһа, куһаҕан аһылыктан буолуо, «Кока-кола» эҥин иһиэ суоҕун наада.

Мин 45 саастаах этим, куоракка олорбутум, үс оҕолооҕум. Кустуу тыаҕа тахсыбыппыт, онно доҕотторум буолуохсуттар ытан өлөрбүттэрэ уонна бэйэбэр түһэрбиттэрэ… Ити барыта арыгы содула, эдэрдэр олох арыгыны иһимэҥ! Мин маннык төһө өр сылдьыбыппын билбэппин. Бу дойдуга бириэмэни киһи кыайан батыспат… балачча өр сырыттым… Ийэбэр барыахпын баҕарабын… Күннэй миигин ийэбэр ыытыа этэ… Хайа муҥун маннык сылдьыахпыный, ийэбэр барыахпын баҕарабын…»

Мин олус дьулайа иһиттим. Хантан Күннэйи билэн кэллигит диэн ыйыппыппар, биһиги кинини истэн-билэн олоробут диэн соһутта.

Онтон Күннэй хааман кэлэн, уолу дьыбааҥҥа иттэннэри сытыарда, онуоха мин туран биэрдим. Көрдөхпүнэ, Күннэй тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу уол иһигэр уонна түөһүгэр баттыалаата, ону кытта уол айаҕыттан күөх буруо тахсан көтө турда… Ол кэнниттэн уолбут, тутатына харахтан сыыһы ылбыт курдук, бэйэтин өйүгэр кэлбитэ, туох буолбутун өйдөөбөт этэ.

Дьэ уоскуйуохча буолан олордохпутуна, арай уолбут эмиэ сирэйдиин-харахтыын, көрөрдүүн-истэрдиин, туттардыын-хаптардыын уларыйан, олох даҕаны атын киһи буола түстэ. Бу сырыыга киниэхэ кырыктаах, куһаҕан санаалаах киһи дууһата киирбитин өтө таайдыбыт. Уолбутун, ыксаан, кэлгийэргэ күһэлиннибит. Нэһиилэ туттубут, күүһэ-уоҕа сүрдээх. Ол киирбит киһи Күннэйгэ 13-с «киһинэн» сылдьыан баҕалааҕын эттэ. Күннэй, ону истээт, тоҕо эйигин ылыахтаахпыный диэн күллэ. Биирэ бастаан ааттаһа, албыннаһа сатаан баран, кыйаханан барда. Күннэй кинини уһаппакка-кэҥэппэккэ суох гыммыта…

Ол уол билигин этэҥҥэ, ахтыыта кинигэҕэ салгыы баар.

Итинник, киһи өйүгэр-санаатыгар баппат түбэлтэлэр буолан ааспыттара.

Бу сыл сайыныгар Күннэйгэ орто саастаах нуучча дьахтара көмө көрдөөн тахсыбыта. Эмискэ сылаабайдаан, ыарытыйан киирэн барбыт, быраастар бу диэн туох даҕаны диагноз туруорбатахтар. Улам-улам уостан, мөлтөөн киирэн бардым диэн олус ыксаабыт этэ. Ол онно Күннэй турукка киирэн, икки дьахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиилэрин, туттардыын-хаптардыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин уларыйан, иһитиннэрбитэ. Биирдэрэ хара абынан дьарыктанар дьахтар диэн өйдөөбүппүт, атына ол кини өҥөтүгэр наадыйан кэлбит эбит. Кэлин били эмтэнэ кэлбит дьахтар кимнээх буолалларын таайа санаатым диэбитэ. Онтон салгыы истибиппин хаһан даҕаны умнубатым буолуо… Күннэйгэ кэлбит нуучча дьахтарыгар үрүҥ минньигэс арыгыга өлбүт ууну булкуйан иһэрдибиттэр эбит. Мин онно өлбүт уу диэн тугун аан бастаан истибитим. Бу ― өлбүт киһини сууйбут уулара… Дьэ, чахчы, икки атахтаах эІин араас куһаҕаны оҥорор буолар эбит. Киһи аймахха хайдах итинник хара санаалаахтар баалларын сатаан санаабаппын. Дьон-сэргэ өйүн-санаатын хара санаа сабардыыр даҕаны буолар эбит…

Күннэйим этэн турардаах, ити барыта таах хаалбат, эппиэттээх, тардыылаах буолар диэн.

 
Өһү-сааһы өрө тутан,
Киллэримэ куһаҕан тыыны дууһаҕар,
Инникигин сарбыйыма,
Кэлэр кэнчээри ыччаккар
Бэйэлээх бэйэҥ илиигинэн айа иитимэ!
Туох барыта иэстэбиллээх, сэттээх-сэмэлээх…
 

Күннэйим биирдэ, дьиэтигэр кэлэн баран, кэпсиир: «Арай оптуобуска айаннаан иһэн, эмискэ аһыллан хааллым. Айаннаан иһэр дьон бу түгэҥҥэ тугу саныылларын барытын өтө билэ турабын. Олох нэһиилэ бэйэбин туттуннум, хаста даҕаны күлэн тоҕо бара сыстым. Онон, ыксаан, бэйэм тохтобулбуттан эрдэ түстүм». Күнүм барахсан араас дьиктини оҕо-оҕо курдук чэпчэки баҕайытык кэпсээн, киһини күллэрээччи. Итинник куруук барытын истэ-билэ сылдьыбатах киһи диэхтиирэ. Кэнники биир кэнсиэр кэмигэр эмиэ оннук аһыллан хаалбытын кэпсээн турар…

2014 сыллаахха, атырдьах ыйын бүтүүтэ быһыылаах этэ, Күннэйбинээн, Туйаарабынаан «Синемаҕа» киинэ көрдүбүт. Киинэбит киэһэ 10 чаас ааһыыта бүттэ. Таһырдьа тахсыбыппытыгар номнуо хараҥара быһыытыйбыт этэ. Эмискэ Күннэйбит турукка киирэн, көхсө тыаһаан барда. Туйаараҕа суолтан такси тута охсоругар сорудахтаатым. Олус ыксаатыбыт, аны дьон көрүө диэн биир куттал. Хата, биһиги дьолбутугар, биир массыына тохтоото. Айаннаан иһэн кыыһым көхсүн тыаһа улам улаатан истэ. Онтон эмискэ, таксист дьээдьэни тобулу көрөөт, атын киһи куолаһынан: «Хаһыс да күҥҥүн арыгылаан сөп буолбатыҥ дуо? Тоҕо уруулга олорор эрээригин арыгы иһэҕин? Салгыы маннык сырыттаххына, массыынаҕар өлүккүн булуохтара, итинник суол ырааҕынан буолбатах», – диэтэ. Таксист, соһуйбуттуу мин диэки көрөн баран, дьиксиммит куолаһынан: «Ити, мин хас да күн арыгылаабыппын, хантан билэрий?» – диэн ыйытта. Мин бэйэм да соһуйан хааллым, ол эрээри, «Ити эппитин сыыйа-баайы толкуйданан көрөөрүҥ уонна биһигини бу кэнниттэн умнан кэбиһээриҥ, бу аадырыһы эмиэ, кимиэхэ да тугу да кэпсээбэккит ордук буолуо», – диэн хоруйдаатым. Сайсаарга начаас ойутан тиийдибит. Кыыспыт ол тухары турукка сылдьар. Ыксааммын, таксистан Күннэйбин дьиэбитигэр диэри тутуһан тахсарыгар көрдөстүм. Тууйабар, ааны арыйа турарын курдук, дьиэ күлүүһүн биэрдим. Оҕом иннибитигэр сүүрэн кытыгырайа турда. Биһиги кыыспытын тутан тахсан истэхпитинэ, үһүс этээскэ тиийээт, илиибитин быһа охсон, төлө туттаран, үөһэ сүүрэ турда (биһиги квартирабыт бэһис этээскэ баар). Тууйа ааны арыйан баран, таска кэтэспэккэ, дьиэҕэ киирэн хаалбыт. Күннэйбит, дьиэҕэ киирээт, ааны иһиттэн хатаан кэбистэ. Тимир ааны хайдах да арыйар кыаҕым суох. Арай дьиэ иһиттэн Тууйам өлөр хаһыыта иһилиннэ. Оо, онно мин сүрэҕим өрө мөхсө түстэ. Дэлби куттанным, туох ааттаах күүһүрбүтүм буолла, аан тимир тутааҕын аны ортотунан тосту тутан кэбистим. Таксист киһи аттыбар эмиэ куттанан хаалбыт сирэйдээх турда. Хата өр-өтөр буолбакка Тууйа ыксаабыт ахан сирэйдээх, дьиэ аанын тэлэччи аһаат, кирилиэһинэн аллара сүүрэ турда. Мин били таксиспар: «Ити кыыһы тут, аны мээнэ сүүрэ туруо», – диэтим. Дьиэҕэ киирбитим Күннэйим өссө да туруктан ситэ тахса илик. Сотору таксист Тууйаны киллэрдэ. Онно дьэ арыый уоскуйдум. Киһибэр махтанным уонна тугу манна көрбүккүн-истибиккин умна сатаар диэн көрдөстүм.

Тууйа, уоскуйан баран, туох буолбутун кэпсээбитэ. Күннэй, киниэхэ чугаһаан иһэн, эмискэ бэйэтигэр кэлэргэ дылы гыммыт уонна түргэнник куота оҕус диэбит. Онтон тутатына дьүһүн кубулуйбутугар, хата сыыһа-халты туттаран куоппут эбит.

Син балачча кэминэн Күннэйбит өйүгэр кэлбитэ. Ол кэнниттэн өр соҕус буолан баран түннүгүнэн көрбүтүм, били айаннаан кэлбит массынабыт дьиэбит аттыгар турар этэ. Кырдьык, хаһан да итинниккэ түбэспэтэх киһи соһуйан хааллаҕа…


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации