Электронная библиотека » Любовь Васильева » » онлайн чтение - страница 4


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Любовь Васильева


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 4 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Ити курдук, Тууйабыт кып-кыратыттан элбэҕи көрөн-истэн, чараас эйгэни кытта алтыһан, буһарыллан-хатарыллан улааппыта. Барахсаҥҥа өссө куттаныма диэн бирикээстээччибин. Син биир оҕо-оҕо курдук куттанаахтыыр буоллаҕа. Аанньа да утуйаахтаабат, оскуолатыгар да мөҕүллэр, субу-субу учууталыттан кылааһыгар хаалларабыт диэн суостаах сурук кэлэр. Сорох-сороҕор дневнигин арыйыахпын куттанар этим. Аны үлэлии сатыыбын. Билигин кэннибин хайыһан ол кэмнэри көрдөхпүнэ этим салаһар, хайдах тулуйбуппутуй дии саныыбын. Оттон Күннэйим барахсан төһөлөөх эрэйи көрдөҕөй…

2015 сыллаахха Крымҥа сынньанныбыт. Тууйабыт онно Алуштаҕа сбордана сылдьыбыта. Биһиги оҕобутун көрсөөрү барыстыбыт, таарыччы Күннэй Саха сирин юниордарга сүүмэрдэммит хамаандатын кытта үлэлэһиэхтээх этэ. Онно сылдьан Тууйабытын кытта биир тириэньэргэ дьарыктанар 7-лээх кыра кыысчааны эмтээбитэ. Быраастар сүрэҕэр кэһиллиилээх диэн диагноз туруорбуттар уонна спордунан салгыы дьарыктанарын боппуттар этэ. Кыысчаан күнүһүн наар Күннэйи тула сүүрэ-көтө сылдьааччы, бэтэрээҥҥитэ даҕаны киниэхэ наһаа бэрт сыһыаннааҕа. Ол иһин Күннэйгэ эмтэнэ диэн аҕатынаан үөрэ-көтө кэлбитэ.

Буоларын курдук эмиэ түүн ыҥырбыта. Онно кыысчаан, кырата бэрт буолан, куттанан нэһиилэ тулуйаахтаабыта. Күннэй уоту саптарбытыгар ытыы сыспытын нэһиилэ уоскуппуппут. Бастакы сеанс кэнниттэн кыысчааммыт бууннаан турбутун, «бу – Күннэй дии, куттаныма» дии сатаатыбыт. Ону: «Ити Күннэй буолбатах, мин Күннэйи билэбин», – диэхтиир. Түмүгэр аҕатыгар көтөхтөрөн олорон эмтэппитэ. Кыысчааммыт, сирэйин кистээн, аҕатын түөһүгэр сыста сыппыта. Күннэй оҕонньор куолаһынан уу сахалыы: «Ариша, сирэйгин көрдөр эрэ», – диэбитэ кулгаахпар иһиллэр…

Биир киэһэ Киин набережнайга күүлэйдии бардыбыт. Араас аттракционнарга хатааһылаатыбыт. Ол сылдьан «Змеиная ферма» диэн террариумІа иҥнэ түстүбүт, киирэн көрүөххэ диэн буолла. Мин, испэр сөбүлээбэтим да буоллар, кииристим (олох оҕо эрдэхпиттэн үөнтэн-көйүүртэн куттанабын, этим тардар). Арай иһирдьэ үрүт-үрдүлэригэр үөн бөҕө сытар эбит, эчи элбэхтэрин. Күннэйим эмискэ турукка киирэн, көхсө тыаһаан барда. Аны үөннэрбит бары хоройон туран кэллилэр. Көрүөххэ дьиктитэ сүрдээх: үөннэрбит муостаҕа оскуоманы туруору саайбыт курдук тураллар. Аны туох эрэ дьикти дорҕоон таһаараллар, ол дорҕоонноро биир тэтимнээх курдук. Мин куттанан сүрэҕим хайда сыста. Кыыспын нэһиилэ ааҥҥа состум. Ол тухары үөннэрбит биһигини батыһыннара көрөллөр. Үлэһиттэр туох буолбутун өйдөөбөккө, айахтарын атан эрэ кэбиспиттэрэ… Ону санаатахпына, билигин даҕаны куттанабын.

Крымтан кэлбиппитин кэннэ сотору буолаат аҕам олус ыксаабыт куоластаах эрийдэ: «Ийэҥ олох буорайда! Балыыһаттан фельдшер киирдэ даҕаны, олох өрүттүмээри гынна, өйүн сүтэрэн бара турар. Күннэйгэ этэ оҕус, эбэтин быыһаатын!» Ити сарсыарда 11 чаас саҕана этэ. Кыыспар дьэ эбэҥ айаннаары гыммыт диэн эттим. Күннэйим хап-сабар: «Мин билигин хоспор киириэм, туох да тыаһы истибитиҥ иһин киирээйэҕин. Ханнык да балаһыанньаҕа хоһум аанын арыйыма! Хата алаадьылаа», – диэтэ. Мин тута тиэстэ охсон алаадьылаан бардым. Хос диэки көрө-көрө иһиллиибин эрэ: киһи өйдөөбөт тылынан саҥа, Күннэй көхсүн тыаһа иһиллэр, эмиэ да чуумпурар. Киэһэ 5 чаас ааһыыта Күннэй хоһуттан «мамаа» диэн олох сэниэтэ суох куолаһынан ыҥырар саҥата иһилиннэ. Мин хоско көтөн түстүм: оҕом барахсан кумааҕы курдук кубаҕай сирэйдээх оронугар сытар эбит, турар да кыаҕа суох. «Эбэбин анараа дойдуттан төттөрү нэһиилэ былдьаан аҕаллым», – диэхтээтэ. Тутатына эһэбит эрийэн: «Эбэбит өйүгэр кэллэ», – диэн биллэрдэ. Ону истээт, Күннэйбин кытта куустуһан олорон ытастыбыт.

Күннэйим кэнниттэн ийэм барахсан эмиэ уһаабатаҕа… Ону оҕом, анараа дойдуттан миэхэ сибээскэ тахса сылдьан, кутуруксутунан этиттэрбитэ: «Эбэм барахсан сотору миэхэ кэлэр. Ыйаах, чаас диэн баар, ол кимтэн да тутулуга суох. Сыл аҥаарыгар тиийбэт кэминэн… онон күн аайы эбэбин кытта кэпсэтэ тур уонна Билайн симкам нүөмэрин суруйан баран, сиэбигэр уган ыытаар». Эппитин курдук, сыл аҥаарыгар тиийбэккэ, ийэм барахсан ыам ыйын 11 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ – сиэн кыргыттарын төрөөбүт күннэригэр икки күнүнэн тиийбэтэҕэ.

Мин Туйаарабынаан куораттан айаннаан күнүс 12 чааска, хата ийэм барахсаны баттаһа тиийбиппит. Күн-күбэй ийэм ол түүн илиибэр бараахтаабыта… Тиийээппин кытта кулгаахпар сибигинэйэн: «Оҕом, Күннэйим, оронум баһыгар турар, чыычаахпар барыам этэ», – диэбитэ. Ол курдук, биир сыл иһигэр олохпор баар саамай күндү дьоммун сүтэрэн, илиибин соттон хаалбытым… Дьылҕа Хаан ыйааҕа тыйыс да буолар эбит…

2015 сыл атырдьах ыйыгар Күннэйбинээн Үөһээ Бүлүү Хоротугар дьоммор бардыбыт. Күннэй, бастакы сиэн буолан, эһэлээх эбэтин тапталлаах оҕолоро этэ. Күннээҕи кэпсэтиилэрэ Күннэй буолааччы.

Арай биирдэ күнүс кыыһым уу сахалыы атын киһи куолаһынан: «Кус этэ сиэхпин баҕарабын», – диэтэ.

Эһэбит наар биһиги кэлэрбитигэр ирээт куспутун үргээн, ыраастаан бэлэмнээн уурбут буолааччы. Аҕам барахсан байанайдаах улахан булчут, аата даҕаны ону этэр – кыыллар ыраахтааҕыларын курдук Лев диэн.

Эһэбит, сиэнин көрдөһүүтүн тута толорон, икки куһу буһара охсон, сойутан биэрдэ (дьиҥинэн, Күннэй бэйэтэ кус этин сэҥээрбэт этэ). Кыыспыт махтаммыттыы мичээрдээн баран, куһун этин илдьэ хоһугар киирэн, аанын саптан кэбистэ. Биһиги кини саҥа аллайа-аллайа дуоһуйа аһыырын иһиллээн олордубут. Өр-өтөр буолбакка Күннэйбит тахсан кэллэ. Тэриэлкэтигэр икки куһун кылбаа маҥан уҥуохтара сыталлар, ып-ыраас, ханан да эт сыдьаана кыратык даҕаны сыста сылдьыбыт суола суох. Тэриэлкэтин эһэтигэр уунан баран, эр киһи куолаһынан сахалыы: «Кус этин сиэбэтэх, чахчы, ырааппыт», – диэтэ. Ону көрөн эһэтэ: «Барахсаттар ыраастык да аһыыллар эбит», – диэн сонньуйбута.

Турукка киирдэҕинэ биирдэ эмэ миэхэ эмиэ «өлгөмнүк эттэ ууга буһаран баран, остуолга ууран кэбиһээр» диэччи. Мин, этиллибитин курдук, киэһэ эти буһаран баран, хоторон, остуолга хаалларааччыбын. Сарсыарда көрбүтүм, этим оннугар кылбаа маҥан уҥуохтар эрэ хаалбыт буолааччылар. Кэмиттэн кэмигэр дьиэҕэ сытта таһаар диэн алаадьылатар этэ. Улахан эмтээһиҥҥэ барыан иннинэ хайаан да алаадьылыырым. Кырдьык, сыт таһаарар үгэспит үйэлэри уҥуордаан кэлбит эбит. Күн бүгүҥҥэ диэри сахам арыылаах алаадьытын туохтааҕар да үрдүктүк тутабын.

Саас этэ. Мин тастыҥ балтыбар күүлэйдии бардыбыт. Кини чааһынай дьиэҕэ олороро. Тиийбиппит, балтым алаадьы астыы сылдьар эбит. Арай көрдөхпүнэ, Күннэйим атахтаах духуопка оһох аннын одуулуур, кими эрэ наһаа аһыммыттыы көрөр курдук. Онтон тэриэлкэҕэ үс алаадьыны ылан баран, оһох анныгар уурда уонна эдьиийигэр: «Дьиэҥ иччитин аһаппат эбиккин дии. Аччыктаабыт баҕайы харахтарынан оһох анныттан көрөн олороохтуур. Наһаа хомойор эбит. Куруук аһатар буол, хомотума», – диэн эттэ.

Күннэй кэлин даҕаны: «Дьиэҕит иччитин аһата сылдьыҥ. Өр кэмҥэ дьиэҕитин иччитэх хаалларбат буолуҥ, дьиэҕит иччилэрэ сөбүлээбэттэр, соҕотохсуйаллар, хомойоллор-хоргуталлар. Дьиэҕитин иччитэх хаалларан бараргытыгар остуолга кэмпиэт, бичиэнньэ даҕаны ууран барыҥ. Дьиэ кэргэн түмсэр бырааһынньыктарын дьиэҕитигэр ыла сатааҥ», – диэн этэрэ.

Арай биирдэ, дэриэбинэҕэ дьоммутугар сырыттахпытына, эһэбит оһоҕу арыылаах килиэбинэн аһатта. Ону Күннэй көрөн олорон, эһэтигэр: «Эһээ, ити остуолга сүөгэй баарын үрдүнэн арыылаах килиэби биэрдэ диэн мыынна ээ. Сүөгэйдээх килиэби баҕарбыт. Мин билигин сүөгэйдиэм, ону биэрээр», – диэтэ. Эһэтэ соһуйан хаалла уонна сонньуйда: «Үөрэммиппинэн арыылаабыппын, сүөгэй туһунан умнан кэбиспиппин». Кыыһа сүөгэйдээн биэрбит килиэбинэн эһэтэ оһоҕун аһаппытыгар, кырдьык, уот күөх төлөннүрэ, үөрбүт курдук өрүкүнүйэ түспүтэ.

Күннэйим ити курдук сиргитин-уоккутун аһата, көрдөһө сылдьыҥ, туох барыта харахтаах, кулгаахтаах диирэ.

Биир чааһынай дьиэҕэ эмтии барарыгар сахалыы мүһэ уонна кымыс үлэспитэ, оруобуна ыһыах кэмэ этэ. Дьиҥэ, улаханнык билбэт астара этэ. «Мүһэ» диэни истибитэ да суоҕа буолуо. Ол курдук, турукка сылдьан, мүһэтин сиэбитэ, оттон кымыһы кыратык амсайаат, эмиэ атын киһи куолаһынан: «Бу аата кымыс үһү дуо?» – диэн сөбүлээбэтэҕэ.

Сороҕор тоҥ эт кырбатан бэлэмнэтээччи, баҕар, дьонум амсайаары гыныахтара диэн.

Күннэй турукка биирдэ эмэ киирэрэ. Киһи сиэринэн, оҕо-оҕо курдук күлэн-үөрэн, дьээбэлэһэн, дьүөгэлии кэриэтэ этибит. Куруутун бииргэ сылдьааччыбыт. 18 сааһын туоларыгар оҕом барахсан: «Төрөөбүт күммүн эйигинниин эрэ ылыахпын баҕарабын, эн уонна мин эрэ. Эйигин наһаа аһынабын», – диэбитэ. Ону мин: «18 сааскын миигинниин, онтон кэлэр төрөөбүт күннэргин, улаатан, бэйэҥ доҕотторгун кытта, миигинэ суох бэлиэтиир буоллаҕыҥ», – диэбитим. Онно күн кэриэтэ көмүс чыычаахпын 18 сааһыгар сүтэрэрбин билээхтиэм дуо… Тоҕо эрэ наар: «Мне вечно будет 18!» – диирэ, ол тылларын суолтатын хойутаан өйдөөбүппүн.

Эрдэ барарын билэр этэ, ол туһунан наар этэрэ. Инньэ диэмэ диэн буойа-хаайа, көрдөһө-ааттаһа сатыырым. Этиттэрэллэрэ буолаахтыа…

«Миигин син биир эрдэ ылаллар, манна кылгас кэмҥэ ыыппыттара. Орто дойдуга кэлбитим бэлиэтин дьоҥҥо үтүөнү оҥоруохтаахпын», – диирэ.

«Мин бардахпына, хараҕыҥ уутун тоҕон, киһини чалбахха сытыараайаҕын. Мин үөһэттэн эһигини көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьыаҕым. Уҥуоҕум мас буолуон баҕарабын, киһини тааһынан баттатаайаҕын. Миигин кытта бырастыылаһыыга ол-бу санаарҕабыллаах муусука тыаһыа суохтаах, бэйэм ырыаларбын тыаһатаарыҥ. Мин принцесса курдук наһаа кырасыабай маҥан былаачыйалаах сытыахтаахпын… Поминкабын дьиэҕэ оҥорбоккут, рестораҥҥа оҥороҕут. Ол онно мин доҕотторум кэлэллэрин эн хонтуруоллаар, эдэр оҕолор диэн ким да кинилэри аҕалыа, ыҥырыа суоҕа…

Миэхэ эмтэммит дьон инникитин туох эмит кыһалҕаҕа ылларан, үүт-хайаҕас булбатахтарына, уҥуохпар кэлэн көрдөстүннэр. Мин онно көрүөҕүм тугун-ханныгын…»

Туох кыалларынан эппитин барытын толоро сатаабытым…

Балтын Туйаараны «мин бэйэм аҕалбыт оҕом, мин астральнай игирэм аҥаара» диэччи. Кини өссө испэр сырыттаҕына наар Тууйа диэн кэпсэтээччи, испэр тэлэбиисэр пультун уурар уонна «истэр буоллаххына, манна биллэр» диэччи. Ону Тууйата, истибиттии, испэр хамсаан ол пульту түһэрэн кэбиһээччи. Оҕом барахсан балтым миигин кытта оонньуур диэн олус үөрээччи. Төрүүрүм саҕана Күннэй боччумнаах баҕайытык: «Биһиги бэйэбит испитигэр Тууйа диэхпит, оттон уһун дьиҥнээх аата Туйаара буоллун, Тууйа диэн ситэтэ суох курдук», – диэн быһаарбыта. Онон балтын эдьиийэ бэйэтэ анал ааттаабыта. Тууйатын наһаа да таптыыр этэ, кини туһугар ис сүрэҕинэн ыалдьааччы. Оннооҕор түүн турукка киирэн, оҕотун гимнастикаҕа программатын тэҥҥэ оҥорсооччу. Ити Тууйата соҕуруу күрэхтэһэ сылдьар кэмигэр.

Күннэйим барыан иннинэ миигиттэн биирдэ эмискэ ыйытан турардаах: «Мама, представь, что у нас с Туей жизнь одного человека, поделенная на двоих. И надо выбрать, кому подарить жизнь – Туе или мне? Кого бы ты выбрала и кому подарила жизнь?» Мин итинник ыйытыыны эрэ истиэм дии санаабатах буоламмын олус соһуйбутум, хайдах даҕаны биирдэстэрин талар кыаҕым суох буоллаҕа. Эппиэттиэм иннинэ кыыһым, миигин истибэккэ даҕаны, бэйэтэ хоруйдаата: «Я свою жизнь отдала бы Туйаарке, она маленькая и жизни не повидала». Мин хайдах итинник ыйытаҕын, олох табыгаһа суох ыйытыы диэн быһаара сатаабытым.

Биирдэ эмэ Күннэйим дьоно таҕыстахтарына уу сахалыы: «Оҕобут Туйаара хайдах сылдьарый? Хаһан кэлэрий?» – диэн ыйыталаһан соһутааччылар. «Оҕобут Туйаара» дииллэригэр бэл куоластара сымнааччы…

Бастаан эттэтэрин саҕана тоҕо эрэ Туйаараҕа саба түһээччилэр, били кэйиик оҕуска кыһыл тирээпкэни көрдөрбүт курдук. Ол иһин Тууйа барахсан эдьиийэ турукка киирэн эрэрин көрдөҕүнэ, сыыһа-халты туттаран, саһан хаалааччы. Дэлэҕэ туалекка хоноохтуо дуо?

Оҕобун кистээбит күммүт киэһэ Туйаара миигин кэлэн ыга кууста уонна «мин Күннэйим тыыннаах, көрүүй бу, эдьиийим миэхэ диреккэ сүрэх ыытта» дии-дии төлөпүөнүн көрдөрдө. Кырдьык, Тууйаҕа Күннэйтэн сүрэх кэлбит, онтон Туйаара хардары ыыппыт сүрэҕэ «просмотрено» диэн турар… Туйаара, итэҕэтээри, билигин өссө ыытыам диэтэ, онтуката тута эмиэ «просмотрено» диэн таҕыста уонна Күннэйтэн эмиэ сүрэх кэллэ. «Бу – көрөҕүн, көрөҕүн, эдьиийим син биир баар, мин эдьиийим тыыннаах!!!» – диэхтээтэ…

Туйаара эдьиийин уҥуоҕар аан бастаан үһүс сылыгар тахсыспыта, ол иннинэ олох буолуммата, мин даҕаны күһэйэ сатааччым суоҕа. Күннэйэ суох буолбутун ылыммат этэ… «Мин эдьиийбин куруук тыыннаах дии саныыбын. Ханна эрэ ыраах үөрэнэ эбэтэр олоро барбыт курдук», – диир. Туйаара биһикки ол тахсыбыппытыгар уҥуоҕар баар дьөһөгөй харахтарыттан ып-ыраас харах уута сүүрбүтэ. Баар суох тапталлаах оҕото, балта – Тууйата кэлбитигэр уйадыйбытын биллэрдэ дии санаабытым…

Бу күн сиригэр биһиги үгүһү билбэппит-көрбөппүт. Оҕом барахсан Күннээйигим элбэҕи этэн-тыынан, көрдөрөн бараахтаабыта…

Оҕом күн сириттэн күрэммитин кэннэ биир дьикти түбэлтэ буолбута. Ийэ буоругар кистээбиппит сарсыҥҥы күнүгэр, эбиэт иннинэ, арай балкоҥҥа чыычаах сылдьарын көрдүм. Тахсыбытым, балкон түннүгэ барыта сабыылаах, ханан да хайаҕас суох. Ааны арыйбыппар, чыычааҕым дьиэҕэ көтөн киирэн, ханна да тохтообокко, туохха да аралдьыйбакка, Күннэйим хоhун диэки ааhа турда. Таҥас ыскаабын үрдүгэр буолуохтааҕын курдук олорунан кэбистэ. Онно оҕом: «Мин өйбүн сүтэрдэхпинэ бэйэм эппиттэн тахсан хаалабын. Ити ыскаап үрдүгэр олорон эһигини көрөөччүбүн. Маама, ыксаатаххына наһаа көрүдьүөс сирэйдэнээччигин. Оттон бэйэбин көрдөхпүнэ, моҕохтоох эбиппин дии… онтум куһаҕан баҕайытык көстөр. Саатар, кырасыабай эҥин баҕайытык сытар буолбатахпын ээ», – диэн күлэ-күлэ эппитин санаан кэллим. Чыычааҕы оҕом дууһата кэлэ сылдьар диэн өйдөөтүм, ийэ сүрэҕэ билиэхтээх диэн бигэ эрэллээх этим…

Туйааркалыын, чыычаахпыт утары көтөхсөн олорон, Күннээйикпитин хайдахтаах курдук күүскэ таптыырбытын, суохтуурбутун эппиппит. Чыычаахпыт ханна да көппөккө эрэ, миэстэтигэр олорон истибитэ. Этэр тылбыт бүппүтүгэр, хостон тахсан, куукуна түннүгүнэн көтөн бара турбута… Ити курдук оҕом барахсан чыычаах буолан кэлэн бардаҕа…

Күн кэриэтэ Күннэйим… истэбин Эйигин үөһэттэн кутуллар куйаар дорҕоонугар, айылҕа иһиллэр-иһиллибэт сипсиэригэр… истэбин мэлдьитин…

 
Үрүҥ күнтэн туоһулаһыам,
Төгүрүк ыйтан ирдэһиэм,
Сулустаах халлаантан сураһыам,
Кыраһа хаарга эн суолгун көрдүөм…
 

Айылҕаттан айдарыылаах кыыс дьикти күүһэ

Мой астральный близнец

Кардашевская Туяра,

родная сестра Кюннэй

Моя сестра была самым близким для меня человеком. Она была не просто старшей сестрой, но и лучшей подругой, и примером для подражания. С самого детства я очень хотела быть похожей на нее. Когда она заняла титул «Мини мисс Мира—2005», к нам домой постоянно начали приезжать репортеры и журналисты. Они ее снимали, фотографировали, брали интервью. И мне так тоже хотелось быть в центре внимания, что я всеми известными мне способами пыталась влезть в кадр. Дело доходило до того, что меня насильно закрывали в комнате. А еще, сколько я себя помню (в детстве), мама с сестрой часто были в разъездах. Для таких случаев, когда они снова куда-то собирались, у меня около входной двери всегда стоял наготове маленький розовый чемоданчик. Я всегда мечтала путешествовать, завоевывать главные титулы, а самое главное – получать короны, как Кюннэй. Но мне оставалось только примерять ее короны дома, но даже имея такую возможность, была на седьмом небе от счастья.

Мы с Кюннэй родились в один день одного месяца. При этом у нас одинаковые рост, вес, время и даже день недели. Разница в возрасте шесть лет. Еще до того, как мама узнала о том, что беременна мной, Кюннэй уже заранее знала, что внутри маминого животика сидит девочка и зовут ее Туя.

После первой комы Кюннэй вернулась совершенно другим человеком. Она никого не помнила кроме мамы, в том числе и меня. Я не могла понять, почему она меня не помнит, и долго не могла с этим смириться. И только один вопрос возникал в моей голове – неужели моя сестра никогда не будет прежней?!

Я отчетливо помню день, когда все это началось. Мы с мамой и сестрой мирно сидели в комнате, как вдруг Кюннэй с агрессией накинулась на маму. Я, сильно испугавшись, быстро побежала на балкон и спряталась. В тот момент у меня случилась истерика, паническая атака, я вся тряслась. Слышала звук, похожий на рычание какого-то животного, и при этом голос Кюннэй, который непрерывно звал меня. Я представить себе не могла, что такое вообще бывает. Длилось это около часа, затем Кюннэй пришла в себя, а мы с мамой в недоумении и перепуганные стали ее расспрашивать о случившемся. После того раза это начало повторяться с определенной периодичностью. Поэтому я уже машинально с вечера запиралась в туалете, потому что это было единственным местом, закрывающимся на замок.

Один из случаев, который я никогда не забуду, был поход в кино. В то время в кинотеатрах вышел новый фильм ужасов «Заклятье», который Кюннэй очень хотела посмотреть. Как говорится, ничего не предвещало беды, но когда по сюжету в конце фильма священник начал читать молитву на латыни, Кюннэй вошла в транс. Мы сразу же покинули зрительный зал. Мама велела мне поймать такси, пока сама удерживала Кюннэй. Когда мы уже сели в машину, она все еще не приходила в себя. Водитель, услышав рычание, спросил: «Что с ней?», на что Кюннэй ответила: «Будешь столько пить, твое тело найдут в твоей же машине». Водитель был в шоке от того, откуда она могла знать, что в последние дни он пил. Подъезжая к дому, мама отдала мне ключи, чтобы я быстро побежала открывать входную дверь квартиры. Войдя в квартиру, я сразу же закрылась в своей комнате. Пока сидела в комнате, как оказалось, водитель и мама не смогли удержать Кюннэй, поэтому она, быстро вбежав в квартиру, закрылась изнутри со мной. Услышав, как захлопывается и закрывается дверь на ключ, у меня замерло сердце от страха. В тот момент вся моя недолгая жизнь пронеслась перед глазами. Кюннэй тут же начала вламываться в комнату, а я в истерике изо всех последних сил стала удерживать дверь. Через несколько секунд услышала, как она мне через дверь сказала: «Туйаара, быстро беги открывать дверь!» Изначально я не поверила, что это была Кюннэй, потому что раньше бывали случаи, когда духи выдавали себя за нее. Но что-то внутри меня подсказало, что это была именно она, и я тут же бросилась открывать дверь маме. Потом постепенно она начала приходить в себя. Это была самая страшная ночь за всю мою жизнь. До сих пор, каждый раз вспоминая эту ночь, меня бросает в дрожь.

Помню еще один случай, который запечатлился в памяти, когда Кюннэй предсказала мне будущее. Она взяла мою руку и увидела, как меня на сборах замечает тренер со светлыми волосами и берет к себе. Через месяц после ухода Кюннэй я полетела на тренировки в Москву и там попала к тренеру, которую сестра и предсказала мне.

После смерти Кюннэй я и многие ее друзья получали от нее лайки и сердечки в «Инстаграме». Однажды мне в личных сообщениях пришло сердечко от Кюннэй. И я в ответ тоже отправила ей сердечко, которое тут же было просмотрено.

Кюннэй была моей главной опорой. Она поддерживала меня, находясь даже за тысячу километров далеко от меня. Знаю, что она во многом помогает мне и сейчас, за что вечно буду ей благодарна. Чувствую, что нас связывает нечто большее. Кюннэй, спасибо тебе за то, что именно ты была моей старшей сестрой. Не было ни дня, когда я о тебе не вспоминала. Я очень сильно люблю и буду любить тебя всегда, мой астральный близнец.

Айылҕа барахсан айан ыыппыт сүдү киһитэ

Федоров Афанасий,

алгысчыт

Орто аан ийэ дойдуга кɵхсүттэн кɵнтɵстɵɵх күн оҕолоро, арҕаhыттан тэhииннээх айыы дьоно хас эмэ үйэлэри уҥуордаан XXI үйэҕэ үктэнэн, киhи аймах дэтэн, бу олордохпут. Биһиги быыспытыгар уус, ойуун, удаҕан, олоҥхоhут тойуксут, эмчит-отоhут ― айылҕа анаан биэрбит идэлээхтэрэ баар буолаллар. Саха итэҕэлигэр бу «идэни» биэрэр аналлаах Айыынан бэhис халлааҥҥа олохтоох Улуу Суоруну ааттыыллар.

Былыр, нуучча таҥаратын миэрэтэ кэлэ илигинэ, саха киhитэ айылҕатыгар сүгүрүйэн сиэри-туому тутуһан, булдунан аһылыктанан олорор эрдэҕинэ, ойууннар-удаҕаннар ыарыыны-дьаІы кыйдыыллар, суту, курааны туоратан, былыты ыҥыран ардах түhэрэн оту үүннэрэллэр, улахан ɵтү (баhаардары) умуллараллар этэ. Кинилэр айылҕаттан бэриллибит, кɵннɵрү киhи кɵрбɵт сүдү күүстээхтэр. Ойуун-удаҕан идэтэ удьуорунан утумнаһан, хас да үйэ устата бара турар эбит, оттон удьуор эстэн-сүтэн бардаҕына, бу идэлэрин атын киhиэхэ кɵhɵрɵллɵр (Ньыыкан ойууну кытта 1986 сыллаахха кэпсэтииттэн). Оннук айылҕаттан анаммыт дьон аан бастаан улаханнык ыалдьаллар. 7―9 эбэтэр 18―30 саастарыгар иирэн, мэнэрийэн, түлээгирэн саҕалыыллар, сорохтор босхоҥ буолан оронтон турбакка сыталлар. Оннук киһини ойуун көрөн: «Улахан ыарыыга ылларбыт, идэлээх буоларга сытыарбыттар», – диэн быһаарар. 3 сыл эбэтэр 7―9 сыл орон-тэллэх киһитэ буолар. Дьэ ол кэннэ эттэтэр ыарыыта киирэн, үс күн устата удьуор абааhылар кини этин-сиинин, ɵйүн-санаатын уларыталлар. Ону ааспытын кэннэ аны идэлээх ойуун көмөтүнэн уhуйуу үɵрэҕин барар. Уһуйааччыта дүҥүрү хайдах тутарын, охсорун, хайа диэки хайыhан ханнык иччилэри, абааhылары кытта кэпсэтэрин, алгыhынан тойугун үөрэтэн, Yɵhээ, Аллараа, Орто дойдуга киирэр-тахсар аартыктарынан ыйан-кэрдэн биэрэр. Дьиэ иhигэр 3 күн, онтон тыаҕа 27 күн таhааран аартыктары, эмтээх оттору, кэрэх туруоруу сиэрин-туомун, о.д.а ньымалары уhуйар-такайар. Түмүгэр дүҥүрүн куойата (иитэ) ханнык сиргэ үүнэрин ыйан биэрэр, сороҕор үөрэнээччитэ түhээн бэйэтэ билэр. Таҥаhын, кыаhааннарын ким оҥоруохтааҕын ыйан биэрэллэр.

Мин бу Ньыыкан кырдьаҕас, Иенграттан төрүттээх Кульбертинова Матрена Петровна кэпсээннэриттэн уонна Ксенофонтов Г.В. «Шаманизм» диэн кинигэтиттэн суруйдум.

1990-с сылларга, бутуурдаах, араас дьикти хамсааhыннар тахсыталаабыт кэмнэригэр, араас ньыманан эмтиир, ыраахтан көрөн диагнозтыыр экстрасенс эмчиттэр үɵдүйэн барбыттара. Эмтэнэн туhаммыт дьон кэпсээнэ үксээбитэ. Кырдьык, күүстээх дьон бааллара. Холобур, бэйэбинэн эмтэппит дьонум Ньыыкан кырдьаҕас, Кульбертинова М.П., Сɵдүɵт ойуун, Яковлев Н.Н. Бу дьон дьиҥнээхтии айылҕаттан айдарыылаахтара биллэр этэ.

Кэлин 2015 сылтан эмиэ кɵрбүɵччүлэр, эмчиттэр сүрдээҕин дэлэйдилэр. Айылҕабытыгар уларыйыы, туох эрэ хамсааhын таҕыстаҕына идэлээх дьон үɵскүүллэр дии саныыбын. Билигин да сүрдээх кɵрүүлээх, инникини кэскиллиир үтүɵ санаалаах дьон бааллар – Сиэллээх Сэгэйэ, Толя ойуун, Ыспартаах, Дарамай, Суойа, о.д.а.

Мин Күннэйдиин бастакы көрсүһүүбүн ахтан-санаан ааһыым. Биир күн хоспор Кардашевская Любовь кыыhынаан киирэн кэллилэр. Баhаалыста кыыспын арчылаа диэн кɵрдɵстɵ. Мин, идэлээҕин билбэккэбин, кыыспын арчылаан бардым. Арай сиэлим умайан илиибэр ɵрɵ сүүрэн таҕыста, оннук хаhан да буолбат этэ. Онтон этиҥ түспүт маhын уматан баран, кыыспын үстэ эргиттим, уотум тыhырҕааhын бɵҕɵ буолла. Туох дьикти оҕотой диэн муодарҕаатым. Ийэтэ онно кыыhа хайдах эрэйдэнэрин, ɵйүн сүтэрэрин, ыарыыта киирдэҕинэ хас да буолан хам баттыылларын кэпсээтэ. Тугу гынарбын сүбэлээ, кɵмɵлɵс диэн кɵрдɵстɵ.

Мин быраас да, ойуун да буолбатах киhи ыарырҕаттым. «КыыhыІ дьиҥнээх удаҕан буолаары гыммыт. Кытаатан тулуй, укуолу мээнэ туттума, ааhыаҕа. Уонна тыынын таhааран дьону эмтээн кɵрдүн, баҕар, күүhүрэн-уоҕуран ыалдьара тохтуоҕа. Сааhа да эдэрэ бэрт, билигин кэмэ эбит. Оҕоҕун идэлээх дьоҥҥо кɵрдɵрɵ сатаама, күүhүн, энергиятын ылыахтара, оччоҕо ɵссɵ эрэйдэниэҕэ», – диэтим. Ити курдук билсиhиибит саҕаламмыта. Сотору-сотору көрүстэхпитинэ арыгыhыттары, араас ыарыhахтары эмтээбитин кэпсиир буолара.

Биирдэ ийэтэ: «Кыыhым дүҥүр оҥортордо, кэлэн кɵрɵҕүн дуо?» – диэн ыҥырда. Дүҥүрүн кɵрɵн баран сɵхтүм: үрдүгэ биир миэтэрэттэн быдан үрдүк, кэтитэ миэтэрэ аҥаара курдук, 12 хоҥсоордоох. Тыаhа дүҥүр иhиттэн лиҥкинээн тахсар. «Аҕал эрэ, охсон кɵрүүм», – диэтим. Саҥа тыаһатан истэхпинэ, ийэтэ: «Кэбис, охсума, дьоно сɵбүлээбэтилэр!» – диэн тохтотто. Кɵрбүтүм, Күннэй кɵхсүн тыаhа кыыкынаан, курдьугунаан эрэр эбит. Ыксаан, кыыска туттара оҕустум, онно тута уоскуйда. Ол кэннэ бары олорон кэпсэттибит. Кини этэринэн, 12 кɵмɵлɵhɵɵччүлээх эбит. Былыр үйэҕэ олоро сылдьыбыттар. Күүстэрэ-уохтара олус, инньэ гынан барытын толорорго күhэллэбин диэтэ. Сахалыы иитиллибэтэҕиттэн, нууччалыы саҥарарыттан эрэйдэнэрин эттэ. Онуоха ийэтэ эмтииригэр туох эрэ киhитэ киирэр, кини сахалыы саҥарар диэн быһааран биэрдэ. Испэр улахан баардаах кыыс эбит, харыстыахха наада дии санаатым. Тыыннаах идэлээхтэр бэрт былдьаhан оҕобутун мэлитиэхтэрэ эбэтэр күүhүн ɵhүлүɵхтэрэ диэн ийэтигэр сэрэтэн эттим.

Мин Күннэйтэн: «Эн кыыраргын кɵрүɵм этэ. Мин куртахпын эмтиэІ дуо?» – диэн көрдөспүппэр, кыыһым тута сɵбүлэhэн, эргэ куорат балаҕаныгар ыІыран, биир түүн эмтээбитэ.

Бастаан иһирдьэ киирэн аан таhынааҕы хаҥас ороҥҥо дүҥүрүн, таҥаhын уурда. Миигин аан утары кэтэҕэриин ороҥҥо соҕуруу диэки тɵбɵлɵнɵн сытыарда. Кыыhым, дьонун кытта нууччалыы кэпсэтэ туран, курдьугунаабытынан барда. Ийэтэ Люба: «Дьоно кэллилэр, саҕалаатыбыт», – диэтэ. Күннэй мин сытар ороммор кэлэн ɵҥɵйɵн туран курдьугунаата, онтон эмискэ атын киhи куолаһынан сахалыы: «Туппахтаан кɵр эрэ, ханан ыалдьарын билиэм», – диэтэ. Кыыhым испин туппахтаата уонна куртаҕым туhунан «бу!» диэтэ. Онтон дүҥүрүгэр хаамта. Хайдах эрэ кɵрүɵх санаам кэлэн, кыыс диэки хайыстым. Киһим, дүҥүрүн ылаат, уhаан-тэнийэн барда – тɵбɵтүн балаҕан үрдүгэр анньа сылдьар буолла. Дьэ, кырдьык, дьиҥнээх айылҕа биэрбит маанылаах оҕото эбит диэн испэр үɵрэ санаатым. Ол сытан дүҥүрүн тыаhыгар нухарыйан хаалбыт этим. Эмискэ Күннэй: «Ну, все, Афанасий Семенович», – диэбитигэр, хайыахпыный, «ыык» диэн туран кэллэҕим. Ийэтэ: «Хайа хайдаххыный?» – диэн ыйыта тоhуйбутугар, «Үчүгэй, дьиҥнээх», – эрэ диэн хардардым.

Айылҕа барахсан Саха омук саргыта салалларыгар, уйгута уhууругар, омук быhыытынан ордон хааларбытыгар Күн оҕолорун кɵмүскүɵхтээх, айыы киhитин араҥаччылыахтаах айан ыыппыт сүдү киhитин мүччү тутан кэбиспиппит. Кини элбэҕи оҥоруохтааҕа хааллаҕа. Айылҕатын харыстыахтааҕа, дьонун-сэргэтин куhаҕан ыарыылартан ɵрүhүйүɵхтээҕэ. Ол эрэн, Күннэй дууhата тыыннаах. Кини төһө да Үрдүк Айыылар аттыларыгар сырыттар, айыы дьонун араҥаччылыы, бэйэтин ыраас тыынынан кɵмɵлɵhɵ сылдьар. Хаhан эмэ Күннэй курдук күүстээх, дьоҕурдаах киһи үɵскээн, күн дьонун кɵмүскүɵҕэ диэн эрэл кыыма умуллубат. Онон кэрэ кэнчээри ыччаттарбыт кэскиллэрин туhугар, Сахабыт сирин сарсыҥҥылаах олоҕор тирэх-күүс буолан, итэҕэлбит дириҥ уйатын кɵбүтэн, сиэрбитин-туоммутун тутуhан айылҕалыын биир тыыҥҥа киириэҕиҥ, иллээхтик-эйэлээхтик олоруоҕуҥ. Дойдубут иччилэриттэн, Yрдүк Айыылартан ситиммит быстыбатын, оччоҕо кинилэр уостубат уйгулуо, быстыбат быйаҥныа этилэр, тыынар салгыммыт ырааhыран, иhэр уубут дьэҥкэрэн, оттуун-мастыын айылҕалыын тупсуо этибит.

Күннэй курдук күүстээх идэлээхтэр Ытык сиргитин, Саха дьонун кɵмүскээІ! Тускуо! Тускуо! Тускуо!

Внимание! Это не конец книги.

Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!

Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации