Электронная библиотека » Любовь Васильева » » онлайн чтение - страница 2


  • Текст добавлен: 18 апреля 2024, 16:41


Автор книги: Любовь Васильева


Жанр: Биографии и Мемуары, Публицистика


сообщить о неприемлемом содержимом

Текущая страница: 2 (всего у книги 13 страниц) [доступный отрывок для чтения: 4 страниц]

Шрифт:
- 100% +

Балыыһаттан тахсар күммүт тирээн кэллэ. Түмүкпүтүн ылаат, дьоммутугар диэри такси ыҥырдыбыт. Ол баран иһэн Матронушка храмыгар сырыттыбыт. Онтон салгыы таксибытынан айаннаан истэхпитинэ арай оҕом, түөһүн туттаат, биирдэ намылыс гынан хаалла. Дьэ онно ыксал буолла. Суоппарбыт, массыынатын тохтотоот, суол ортотугар сүүрэн таҕыста. Хата, биһиги дьолбутугар, оруобуна суһал көмө массыыната баран иһэрин көрөн, далбаатаан, хаһыытаан ыҥыран ылла. Оҕом ол икки ардыгар өйдөнөн кэлээт, үөһэ-аллара мөхсөн киирэн барда уонна ыксаабыт куолаһынан: «Ийээ, илиибин-атахпын тутуҥҥутууй!!! Туох миигин быраҕаттыырый?» – диэхтиир. Мин сыппыт балыыһабытыгар төттөрү эрийбиппэр: «Манна аҕалымаҥ, ханна суһал көмө илдьэринэн барыҥ. Баҕар, онно тугу эмит быһаарыахтара», – диэтилэр. Ол оннук мучумааннанан 79-с клиническэй балыыһаҕа барар буоллубут. Оҕом балыыһаҕа айаннаан тиийиэхпитигэр диэри хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Ол быыһыгар: «Туох ааттаах элбэх хара дьоно үмүөрүстүлэр?» – диэн үлэһиттэри куттаан ылар. Манна эмиэ быраастар «глубокий сопор неясной этиологии» диэн түмүктээтилэр уонна аҕыйах хонугунан, эмиэ тугу да быһаарбакка, балыыһаттан таһааран кэбистилэр.

Аны маннык туруктаах ханна да айанныыр кыахпыт суох, быраастар сөмөлүөтү тулуйуо суоҕа диэн бобустулар. Дьокуускайдар, бачча баран бараҥҥыт быһаартаран кэлиҥ диэн сүбэлээтилэр. Дьэ, кырдьык, «барар сирбит баҕана үүтэ, кэлэр сирбит кэлии үүтэ» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хата, Күннэйбин сүрэхтээбит ийэлээх аҕата: «Ханна да бара-кэлэ сатаамаҥ, ыксаамаҥ, төһө баҕарар олоруҥ», – диэн, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан олус абыраабыттара. Инньэ гынан Москваҕа хаала түһэргэ быһаарыммыппыт. Ол кэмҥэ Тууйабыт биһиэхэ көтөн кэлбитэ.

Арай биир күн Күннэй йогурт ыла чугастааҕы маҕаһыыҥҥа тахсыахха диэтэ. Киэһэлик сөрүүкээбитин кэннэ кыргыттарбынаан маҕаһыыҥҥа таҕыстыбыт. Күннэйим, корзинкатыгар йогуртун ууран иһэн, эмиэ өйүн сүтэрэн кэбистэ. Мин кыыспын тута сатаатым. Тула дьон үмүөрүһэ түстэ. Оҕобун хаба тардан ылан таһырдьа таһаардылар. «Быраас баар дуо?» – диэн ыһыы-хаһыы иһилиннэ, хата биир быраас баар буолан биэрдэ. Миигиттэн туга ыалдьарый, туох диагнозтааҕый диэн ыйыта сатаата. Сүрэҕэр массаж оҥорон көрдө. Ким эрэ нашатырнай испиири аҕалан муннугар тутта. Сотору буолаат түөрт суһал көмө массыыната тиийэн кэллэ (хас да киһи ыҥырбыт этэ). Олор быыстарыгар биир реамобил баарыгар киллэрдилэр. Миигиттэн суһал көмө быраастара эмиэ кыыһым диагноһын ыйыта сатаатылар да, тугу да кыайан эппэтим. Ол түрүлүөн быыһыгар арай биирдэ өйдөөбүтүм – Тууйам суох эбит. Көрбүтүм – оҕом барахсан реамобил аттыгар ытаахтыы аҕай турар. Оҕобун ханна соҕотохтуу хаалларыахпыный, массыынаны тохтотон, түргэн үлүгэрдик иһирдьэ киллэрдим уонна дьэ Морозовскай клиникаҕа айаннаатыбыт. Ол иһэн көрдөхпүнэ, Күннэйбин эмиэ үөһэ-аллара быраҕаттаан барда, быраастар тута сатаатылар. Онтон биир быраас суоппарга хаһыытаата: «Жми на газ! Не довезем!» Мин сүрэҕим биирдэ «бар» гынна, кулгааҕым тугу да истибэт, хайдах эрэ барыта бып-бытаан, дьон саҥата уу иһигэр курдук буолан хаалла. Быраас «закройте глаза ребенку!» диэн хаһыытыттан бэттэх кэллим, Тууйам эмиэ дэлби уолуйбут этэ. Күннэйим сүрэҕэ тохтоон, онно тута дефрибиллятордаатылар. Итинниги киинэҕэ эрэ көрдөхпүт, тирээн кэллэҕинэ дьулаан хартыына эбит. Икки аҥаар мүнүүтэттэн ордук оҕом барахсан сүрэҕэ тохтоон ылаахтаабыт этэ…

Морозовскай клиника көннөрү реанимацията Күннэйи туруга наһаа ыарахан диэн ылбата, ол оннугар саҥа төрөөбүт оҕолор реанимацияларын салаата сөбүлэннэ. Оҕом таҥаһын биэрэн баран, сарсын сарсыарда 7 чааска туох баар медицинскэй докумуоннаргытын, выпискаларгытын илдьэ кэлээриҥ диэтилэр. Кыра кыыһым кутталыттан тугу да саҥарбат, мин сирэйбин-харахпын маныыр. Оҕобун олус аһынным, кинини куттаамаары, хараҕым уутун туттуна сатаатым. Ол гынан түүн 12 чаас саҕана биирдэ таҕыстыбыт. Биир илиибэр Тууйкабын сиэттим, иккис илиибэр Күннэйим кроссовкатын тута сылдьабын. Кыыһым биир илиитигэр эдьиийин таҥаһын кыбына сылдьар. Балыыһа күрүөтүттэн тахсар ааны булбаккабыт, үстэ эргийдибит. Икки харахпыт бүөлэммит курдук этэ. Хата харабылдьыт тахсан ааммытын көрдөрөн биэрдэ.

Уулуссаҕа тахсан син өр соҕус такси тута сатаатыбыт. Биһиги дьолбутугар, хата биир массыына аттыбытыгар кэлэн тохтоото уонна удамыр соҕус сыанаҕа илдьэргэ сөбүлэстэ. Син тэйиччи айанныахха наада – Москва Южное Бутово микрооройуонугар. Массыынаҕа киирэн олордубут, суоппарбыт быһа сабаҕалаан 40-аах киһи. «Бу түүннэри кыра оҕолоох тугу гына сылдьаҕыт? Сэрэхтээх ээ», – диэтэ. Түүн оройо саппыйата да, туга да суох аҥаардастыы кроссовка кыбыныылаах, оҕо сиэтиилээх дьахтар сылдьара, кырдьык даҕаны, туораттан дьиктитик көстөрө буолуо… Мин оҕом Морозовскай клиника реанимациятыгар киирбитин, балыыһаттан дьиэбитигэр баран иһэрбитин быһааран биэрдим. Кэпсээммин истээт, таксиспыт эмискэ баҕайы: «Мин кэргэммиттэн эрийэн ыйытыам эрэ, оҕоІ хас саастааҕый?» – диэтэ. Мин, арааһа, кэргэнэ бу балыыһаҕа үлэлиир буоллаҕа дуу диэн үөрдүм уонна кэргэнигэр түүҥҥү дьуһуурустубатыгар кэлэ сылдьыбытыгар хата биһиги уоба түбэстибит быһыылаах дии санаатым. Оҕом туругун билиэм диэн испэр эрэл кыыма саҕылынна. Киһибит кэргэнин кытта кэпсэттэ, тугун-ханныгын ыйыталаста, онтон эмискэ мин диэки хайыһан баран эттэ: «Кэргэним билигин Украинаҕа сылдьар. Кини эһиэхэ быраастартан ыраах туттуннар, аныгы медицина көмөтө суох диэн тиэртэ. Биһиги курдук эмиэ атын эйгэлээх оҕо, чараас эйгэ киһитэ диэтэ». Мин онно олорон тылбыттан матан хааллым. Бу бачча улахан куоракка түүннэри биһиэхэ маннык таксист түбэспитэ дьикти. Олоххо араас да буолар эбит…

Ол түүн санаам оонньоон аанньа утуйбатым. Сарсыарда эрдэ туран, клиникаҕа кэлэн, быраас хоһугар киирбиппэр, арай киһим аҕалбыт докумуоннарбын көрө да барбата. «Бөлүүн дьикти түүн ааста… Уопсайынан, мин саныахпар, оҕоҕутугар аныгы медицина көмөтө суох буолсу. Быраастартан ыраах сылдьыаххытын наада. Чараас эйгэ диэн баар… ситэ үөрэтиллэ илик ити барыта. Аккаас суруйаҥҥын бүгүн оҕоҕун ылаар», – диэтэ. Мин төбөбөр араас санаа барыта көтөн түстэ. Түүҥҥү таксист, аны бу реаниматолог – барыта хайдах-хайдаҕый…

Илдьэ кэлбит оҕом таҥаһын сиэстэрэлэргэ биэрдим. Сотору буолаат Күннэйим туох да буолбатаҕын курдук тахсан кэллэ, арай илиитэ хас да сиринэн көҕөрбүт этэ. Кыыһым: «Бөлүүн миигин тирии быанан кэлгийбиттэр эбит. Онтон сарсыарда көрбүттэрэ ол быа барыта сөллөн хаалбыт. Быраас ким сүөрбүтүн ыйыталаһан көрбүтэ: ким да тыыппатах, хайдах сөллөн хаалбытын ким да билбэт. Миигиттэн куттанар курдук тутталлар. Икки санитарка аан кэннигэр саһан миигин көрө тураллар этэ», – диэн кэпсээтэ. Ол быаттан сылтаан илиитэ көҕөрбүт диэн сэрэйдим. Онтон салгыы эттэ: «Били сирбэр тиийэ сырыттым, плащтаах киһини көрдүм. Уочаратым тиийбитигэр кини: «Киһи тылын туох ааттаах истибэт оҕотой! Өссө кэллэххинэ, аны төттөрү ыытыам суоҕа», – диэн кыыһырда. Онно олус да куттаммытым», – диэн кэпсээтэ.

…Инньэ гынан аккаас суруйаммын кыыспын төттөрү ылбытым. Оҕом балыыһаттан тахсан санаата олус көтөҕүллүбүт этэ. «Макдоналдска» аһаан баран, туох да буолбатаҕын курдук дьиэлээбиппит.

Ол кэннэ, салгыы тугу гыныахпытын билбэккэ, баҕар дьиэбитигэр, төрүт сирбитигэр, тугу эмэ тобулуохпут диэн дойдубутугар төннөргө быһаарыммыппыт.

Оҕом кома кэннэ кими да, тугу да өйдөөбөт буолан хаалбыт этэ диэн суруйан турабын. Дьокуускайын эмиэ таһыччы умнан кэбиспит этэ. Дойдубутугар төннүөхпүт иннинэ кыыспар Интернеккэ киирэн куораппыт хаартыскатын көрдөрөн, иккистээн өйдөтө сатаабытым. Дьиэбит таһыгар кэлэн баран, оҕом барахсан квартиратын нүөмэрин, хаһыс этээскэ олорорун кыайан эппэтэҕэ. Онтон бэйэтин хоһугар киирэн, таҥаһын ыскаабын арыйан баран: «Оо, миигин олох да таптаабат эбиккит», – диэт, күлбүтэ. Ол урут сөбүлээн кэппит таҥастарын сирбит быһыыта. Ити курдук таҥаска, аска көрүүтэ уларыйан хаалбыт этэ.

Дойдубутугар, дьэ кырдьык, ыарахан кэмнэри ааспыппыт. Оҕом барахсан күҥҥэ хаста да өйүн сүтэрэрэ, үчүгэй баҕайытык сылдьан эмискэ, охсуллубут от курдук, сууллан түһэрэ. Дэлэҕэ дьиэтигэр бэргэһэ кэтэрдэ сылдьыам дуо? Оннооҕор тутааччылар кэтэр шлемнарын ылбыт киһи диэн санаа үөскүү сылдьыбыта.

Сыыйа киһи өйүгэр-санаатыгар баппат түбэлтэлэр буолан барбыттара… Кыыһым ис-иһиттэн дьикти баҕайы дорҕооннору таһаарар. Аны өйүн сүтэрэр кэмигэр этигэр араас дьикти ойуулар кытаран, бөлтөйөн, ис-иһиттэн хабыллан тахсаллар. Ол ойуулара чаас аҥаара, чаас курдугунан туох да буолбатаҕын курдук сүтэн хаалаллар. Баҕар, хаһан эмэ ол куйаартан кэлбит уруһуйдар, суруктар тугу эмэ кэпсиэхтэрэ… Ол курдук чараас эйгэ баарыгар итэҕэйэргэ күһэллибитим…

Москваттан кэлбиппит аҕыйах хонук ааспытын кэннэ, аны Күннэйим дьыбааҥҥа кыайан сыппат буолан хаалла. Ким эрэ ылан быраҕаттыыр курдук. Онтон биир күн арай кыыһым турукка киирэн, дьыбаантан икки гына тоһутуллубут иннэни хостоон таһаарда. Дьэ дьикти… кэбиһиилээх оттон иннэни булар тэҥэ. «Маны байҕалга быраҕыахпын наада», – диэтэ. Өйдүүргүт буолуо, былыргы «Kodak» фотопленка хара пластмасса иһиттээх буолааччы, тостубут иннэни ылан онно уктум. Эбэҕэ айаннаан иһэн оҕом массыынаҕа хаста да өйүн сүтэрэн ылла. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн баран, били иннэлээх хара иһитин ууга быраҕаары гыммытыгар, арай илиитин ким эрэ кэннигэр эрийэн барда. Көстүбэт күүс мэһэйдэһэ сатыыр курдук. Оҕом барахсан көмөлөһүҥ диэхтиир. Балачча өр көстүбэт күүһү кытта өрө тустан бараммыт, ол иннэлээх иһити нэһиилэ бырахтыбыт. Онтон киэһэ дьиэтигэр тиийэн, дьыбааны эмиэ бырахтарбыта.

Күн бүгүҥҥэ диэри ким дьиэбитигэр кэлэн, туох сыаллаах-соруктаах, тугу санаан дьыбааҥҥа иннэ анньыталаабытын өйүм хоппот. Бука сэрэйдэххэ, үчүгэйи баҕаран буолбатах… Ону быраҕаары оҕом барахсан хайдахтаах курдук эрэйдэммитин, хайдах курдук көстүбэт күүс илиитин эрийбитин илэ харахпынан көрөн, куһаҕан, хара санааттан анньыллыбыт иннэ буоларын тута таайбытым. Манна хара күүстэр кыттыгастаахтара чуолкай…

Кэлин Күннэйим миэхэ маннык диэн быһаарар буолбута: «Мин кутум үөһэ тахсар, ол кэмҥэ мин эппин-сииммин Орто дойдуга муна-тэнэ сылдьар дууһалар туһаналлар. Кинилэр оонньоон ааһаллар. Эһиги төһөнөн куттанаҕыт да, соччонон ити дууһаларга күүс-сэниэ биэрэҕит. Эһиги куттанаргытыттан үөрэллэр, өссө куттуу сатыыллар. Онон ити бириэмэҕэ куттаммат буола сатааҥ». Сороҕор сэрэтэн этэрэ: «Бүгүн мин быдан өр кэмҥэ барабын, онон миигин тутар кыахтаах, куттаммат дьону ыҥыраар. Мэник-тэник, күүстээх дууһалар киирэн ону-маны оҥоруохтарын сөп».

Тууйам киэһэ буолла даҕаны дьиэ иһигэр баар уһуктааҕы барытын кистии охсор идэлэммитэ. Ол саҕана оҕом барахсан 9 эрэ саастааҕа. Биирдэ быһахтары мунньан морозильник анныгар уурбут этэ. Арай Күннэйбит эмискэ куукунаҕа киирэн кэлбитигэр били кистэммит быһахтарбыт морозильник анныттан, магнитынан тардыллыбыт курдук, кылыгырыы-кылыгырыы тахсан кэллилэр. Онно Күннэйбит: «Саатар, кистиир буолан баран, үчүгэйдик кистиэххитин», – диэбитэ уонна күлбүтэ.

Ити кэм саҕана күммүт түүн, түүммүт күнүс буолбута. Мин Туйаарам оскуолатыгар хаста да ыҥырылла сылдьыбытым. Учууталлар: «Оҕоҕут уруокка наар утуйан тахсар, бу тоҕо уутун хаммат?» – диэн сэмэлииллэрэ. Мин тугу да булан эппиэттээбэт этим. Түүн аайы Туйаара туалекка хонор диэбэт буоллаҕым. Аны туран, дьиэҕэ үлэтин ааҕар усулуобуйата да суоҕа. Кыыһым үөрэҕэ ол курдук мөлтөөн, кылааспытыттан хаалар кутталлана сылдьыбыппыт. Киэһэ 11 чаас буолла даҕаны Тууйа сыттыгын, төлөпүөнүн кыбыммытынан туалекка киирэн хаалар этэ. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох хатанар сирбит ол эрэ. Кырдьык, кыра оҕо тулуйбат дьулаан хартыыналара буолаллара.

Ол курдук, биир түүн кыыһым моһуоктаабытыгар, ыксаан, балтыбын Галяны ыҥырдым. Сайсаар эргин чугас олорор буолан начаас кэллэ. Күннэй өйүн сүтэрэн баран сытара, онтон аа-дьуо илиилэрэ-атахтара үөн курдук хамсаан, иһэ үллэн киирэн барда. Хайдах быһаарыахха сөп эбитэ буолла… иһин тириитин нөҥүө киһи төбөтүн омооно ырылхайдык көстөр. Чахчы, били абааһылаах киинэлэртэн туох да итэҕэһэ суох. Балтым барахсан, уолуйан хаалан, хаһыытыы-хаһыытыы Күннэй иһиттэн тахсан кэлбит төбөнү төттөрү баттыы сатыыр. Аны ол төбө айаҕын атара көстөр… Биирдэ өйдөөбүтүм, Галям дьиэ аанын аһан куотан эрэр эбит. Маайкалаах, шортиктаах, икки атах сыгынньах. Ол – сэтинньи ортотугар. Кэнниттэн хаһыытаабыппар, кыыһым мин диэки хайыһа биэрдэ, сирэйэ барыта хап-хара буолбут – дэлби ытаан хараҕын кырааската сирэйин биир гына ньаҕайдаан кэбиспит эбит. Оннук түрүлүөннэнэн оҕобут өйүгэр кэлиэр диэри ыарахан түүнү туораабыппыт.

Күннэй дьон кэннигэр көрөр күлүктэрин үрүҥ, сиэрэй уонна хара буолаллар диэн быһаарар этэ. Ол аата, үтүө дьону – үрүҥ, орто дьону – сиэрэй, аньыылаах-харалаах дьону – хара дьүһүннээх диэн араарара. Киһи үксэ сиэрэй, арай оҕолор үрүҥ киһилээхтэр диирэ. Биирдэ Табаҕаҕа хаайыыга ыллыы бара сылдьыбыта. Ыһыах быһыылаах этэ. «Ийээ, бары хара күлүктээх буолуохтара дии санаабытым, 2―3 киһи кэннигэр үрүҥ күлүктээх этэ», – диэн кэпсээннээх кэлбитэ.

Эһиги кэнсиэр саалатыгар көрөр дьоІІутуттан икки төгүл элбэх киһини көрөбүн диэн күлээччи. Өлөөрү сылдьар киһини кэнниттэн икки киһи, санныларыгар илиилэрин ууран баран, арыаллыы сылдьар буолаллар диэччи.

Сороҕор ол күлүктэр иччилэриттэн баран хаалаллар эбит. Оччоҕо киһи кэбириир, улахан оһолго-саахалга түбэһиэн сөп диэн быһаарара.

Ол курдук, биир сайын Күннэй доҕор киһибитин эмискэ ыҥыртаран ылан: «Кэннигэр сылдьар киһиҥ баран хаалбыт, сэрэхтээх буол. Кэлиэр диэри биһиэхэ хаалбытыҥ ордук», – диэтэ. Онно доҕорбут үс хонук биһиэхэ олорбута. Үһүс күнүн киэһэтигэр чэйдии олордохпутуна, Күннэйбит, эмискэ киирэр ааны арыйаат, «чэ, киир» диэбитин иһиттибит. Тиийэн көрбүппүт, ким да суох. Күннэй күлэ-күлэ доҕорбутугар: «Киһиҥ кэллэ, дэлби мөҕөн биэр, ханна мэнээк сылдьыбытый. Дьиэҕэр барыаххын сөп, барыта этэҥҥэ», – диэбитэ.

Ити курдук улам арыллан, көрдөрөрө элбээн, дириҥээн барбыта…

Арай биирдэ миигин хаһыытаан ыҥыран ылла. Хоско киирээт, оҕобун көрбүтүм: илиилэрэ кэдэрчи баран, көхсүгэр сыстан, төбөтө, атахтара кэннигэр эргийэн хаалбыттар. Күннэйим: «Ийээ, хайдах буоллум?» – диэн хаһыытыыр. Мин уолуйаммын, сүүрэн тиийэн, төбөтүн аны төттөрү өттүгэр эргитэ сатаатым. Ол курдук, киһи иннин-кэннин араарбат буолуор диэри балаһыанньаҕа сытар этэ.

Өссө биир итинниккэ майгынныыр түбэлтэни ахтан ааһыым… Саас этэ. Тууйа биһикки кыыспытын дьиэбит иһиттэн сүтэрэн кэбистибит, Күннэйбит ханна да суох. Ыксаатыбыт… Күннэй оронун анныгар тардыллар дьааһыктаах этэ. Арай ол иһиттэн «мамаа» диир саҥа иһилиннэ. Кыыспыт орон дьааһыгар киирэн кумуллан баран сытар эбит. Хайдах онно кини баппытын да, киирбитин да Тууйа биһикки күн бүгүҥҥэ диэри өйбүтүгэр батарбаппыт.

Мин ол саҕана онтон-мантан көмө көрдүү сатаабытым: дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн да көрбүтүм, айдарыылаахтарга да тахса сырыппытым. Барыта кистэлэҥ… Халыҥ эркиҥҥэ кэлэн иҥнибит курдук этим. Аны оҕобун төбөтүнэн ыалдьар диэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал.

Оҕом барахсан бу күн сириттэн күрэммитэ түөрт сыла буолбутун кэннэ кини дьоҥҥо биллибэтэх олоҕун киэҥ эйгэҕэ тахсан Талбан биэриитигэр кэпсээбитим. Өр кэмҥэ сүгэ сылдьыбыт сүгэһэрим, санаам баттыга, туохха да тэҥнэммэт ыар сүтүгүм, хаһан да ааспат аһыым… Бу биэрии, баҕар, кимиэхэ эмэ инникитин көмөлөөх буолуо диэн санааттан интервьюга сөбүлэспитим. Кырдьык, мин Күнүм курдук эрэйдэнэ, санаалара тууйулла сылдьар дьон баар буолуохтара, кинилэргэ кыратык да буоллар туһалаатым ини диэн эрэнэбин. Ол эрээри бу биэрии кэнниттэн сорох дьон Интернет ситимигэр суруйбут суруктарын ааҕан олус хомойбутум. Оҕобун, миигин, сыана быһан, удьуордаан туран төбөлөрүнэн ыалдьаллар эбит диэн…

Хаһан эрэ Күннэй биһикки «Манньыаттаах» ырыынагын оройуонугар сырыттахпытына, кыыһым эмискэ тохтуу биэрэн, Котенко уулуссатыгар турар психоневрологическай диспансер дьиэтин диэки ыйан баран: «Мин курдук элбэх да киһини аҕалан бу дьиэҕэ хаайбыттар эбит…» – диэбитэ. Кини бу – балыыһа дьиэтэ буоларын билээхтээбэт даҕаны буоллаҕа…

Күннэйим барахсан дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөөччү. Аатыраары да, төлөбүр да ылаары буолбатах. Миэхэ бу кистэлэҥ күүһү кыһалҕалаах дьоҥҥо харчыга көмөлөстүн диэн биэрбэтэхтэрэ. Мин кылгас кэмҥэ кэлбит киһибин, элбэх киһиэхэ көмөлөһөн хаалыахтаахпын диэхтиирэ…

2013 сыл кыһынын этэҥҥэ туораатыбыт. Күннэй 16 сааһын туолла. Оҕом барахсан дьонтон туох да уратыта суох, бэйэтин саастыылаахтарын курдук буолуон олус баҕарар этэ. Ити сайын Муусука колледжыгар эстрадно-джазовай салааҕа үөрэнэ киирдэ. Уруккуттан да ырыа куттаах оҕо этэ, ыллыырын, сыананы туохтааҕар да ордороро.

Күһүн балаҕан ыйын ортото буолла. Үөрэҕэр сылдьан хаста да өйүн сүтэрэ сырытта. Биир күн оҕобун, эмиэ өйүн сүтэрбитин, көтөҕөн аҕаллылар. Син балачча өр сытан баран уһуктубута. Сарсыныгар эбиэт кэннэ бииргэ үөрэнэр кыыһа кэллэ. Сотору соҕус буолаат аны биир куурус үрдүкү үөрэнэр уола тиийэн кэллэ. Бу иннинэ балаҕан ыйын саҥатыгар ити уоллаах кыыһы кытта «Демьян Бедный» теплоходка ырыаһыттар быһыытынан бииргэ үс күн устубуттара. Ол онно Күннэй туох-хайдах буоларын көрбүттэр-билбиттэр этэ. Өссө бииргэ үөрэнэр кыыһа син бэлэмнээх бардаҕа, оттон уол, ол саҕана тугу да билбэт киһи, көрбөтөҕүн көрөн, истибэтэҕин истэн олох да буорайбыт этэ.

Өр-өтөр буолбата аны аймахтаһар дьүөгэбит киирэн кэллэ. Дьиҥинэн, кини кэргэнинээн Покровскайга баран испиттэр. ГАИ пуоһун ааһан иһэн, кэргэнэ эмискэ массыынатын уруулун эргитэ тутаат: «Мин эйигин Любалаахха илдьэн хаалларыам», – диэн соһуччу эппит. Дьүөгэ кыыспыт буолуохтааҕын курдук сөбүлэспит.

Ол курдук, үс ыҥырыыта суох ыалдьытым саалаҕа кэпсэтэ олорон, эмискэ уларыйан хааллылар. Күннэйим дьыбааҥҥа олорон хаалла, уоннааҕылара саҥата-иҥэтэ суох туран үҥкүүлээн бардылар. Бу күҥҥэ диэри хаһан даҕаны бииргэ үІкүүлээбэтэх дьон ансаамбыл үҥкүүһүттэрин курдук тэбис-тэҥҥэ хамсанан-имсэнэн барбыттарын көрүөххэ олус сөҕүмэр этэ. Кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытын, саҥатын үүт-үкчү түһэрэн ылаллар. Ол быыһыгар кыргыттар оһуор үҥкүүтүн кыбыталлар. Оттон уолбут бөтүүктээһин диэн оонньууттан силистэнэн тахсыбыт саха үҥкүүтүн үҥкүүлүүр, эмиэ да кылыыІкайдаан, чохчоохойдоон ылар. Бары даҕаны наһаа үчүгэйдик, имигэстик хамсаналлар, киһи эрэ көрө олоруох курдук этэ. Күннэй ойон туран эмиэ үІкүүлэһэн барда. ҐІкүүлүү сылдьан аны охтон түһэр, ону атыттара, эрдэттэн билбиттии, хабан ылаллар. Хас биирдии хамсаныылара тэбис-тэҥ, бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх, ис хоһоонноох курдук.

Ол бириэмэҕэ кыра кыыһым дьарыгыттан кэлиэхтээх этэ. Ыксаан тириэньэригэр Виолеттаҕа эрийэн, Туйаараны хонноро хааллар диэн көрдөстүм. Виолетта оҕобун бэйэтин оҕотун курдук бүөбэйдээн көрөрө-истэрэ, мин олох бэйэбэр курдук киниэхэ эрэнээччибин.

Дьэ ол курдук дьиэбэр түөрт турукка киирбит дьону кытта хааллым. Куттаныах санаам киирэн биир доҕорбор эрийэн: «Кэлиэҥ дуо, баһаалыста? Биһиэхэ нестандартнай ситуация буолла», – диэн сэрэнэн быһаардым. Киһим өр-өтөр буолбакка тиийэн кэллэ. Дьонум, киһи кэллэ диэн наадыйбакка, үҥкүү-битии бөҕөтө. Күннэй бииргэ үөрэнэр уола ол доҕорбут аттынан кылыыҥкайдаан ааһан истэҕинэ биирэ ыйытааччы буолла: «Эн үҥкүүһүккүн дуо?» Онуоха уолбут үҥкүүтүн быыһыгар: «Суох. Утаттым, уу иһиэхпин баҕардым», – диэн хардарда. Сүүрүүнэн ыстакааҥҥа уу кутан аҕалан, иһэрдээри гыммыппар аны уолбут олох тохтообот, илиитэ-атаҕа бэйэтиттэн тутулуга суох хамсыыр. Онтон бэйэбит иһэрдэ сатаатыбыт, ол тухары уолбут шпагат түс да түс буолар, бу – хаһан да баччааҥҥа диэри шпагат олорботох оҕо.

Ол курдук мучумааннана сырыттахпытына, били Покровскайга айаннаабыт ыалбыт аҕата кэллэ. Кэргэнэ кинини олох да билиммэтэ. Бары төрдүөн турукка сылдьаллар. Күннэй биһиэхэ тугу гыныахтаахпытын ыйан-кэрдэн биэрдэ. Бииргэ үөрэнэр кыыһыгар хомус аҕалтарда. Күннэйтэн төһө өр маннык буолуой диэн ыйыппыппытыгар, үс түүннээх күн, сэрэдэҕэ бүтүөхпүт диэтэ. Оннук үс түүннээх күн бары ускуруой кэриэтэ сырыттыбыт. Быыһыгар дьоммут кыратык утуйан ылаллар. Биирдэ утуйбуттарын кэннэ куукунаҕа олорон: «Арай бу маны туора киһи көрдүн, бу кэпсэтиибитин иһиттин, арааһа барыбытын да төбөлөрүнэн мөлтөөбүттэр диир буоллаҕа», – дэстибит. Ыалбыт аҕата кэргэнин диэки көрөн баран, санааҕа баттаппыт куолаһынан: «Арай туругуттан тахсыбатын… хайыыр баҕайыбыный? Аны, саатар, субуотаҕа дьоно күүлэйдии кэлиэхтээхтэр…» – диэбитин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн. Кырдьык, ыарахан күннэр-түүннэр ааспыттара…

Бу түбэлтэ буолуон аҕыйах хонук иннинэ биир ыал ыалдьар 9-таах оҕолорун көрдөрө аҕалыах буолан болдьоспуттара. Иккис күммүт үүммүтүгэр Күннэй ол оҕону ыҥыртаран ылбыта. Онуоха мин бастакы улахан эмтээһинигэр көмөлөһөөччү гынар дьонун муспут эбит диэн сэрэйбитим. Кырдьык, эмтиир кэмигэр хас биирдии бэйэлэрэ тустаах оруолларын толорбуттара. Күннэй, оҕону эмтээт, эппит тылларын хаһан да умнуом суоҕа: «Бу оҕоҕо эрдэ кириэс туруорбуттар эбит. Эмтээһиним кэнниттэн дьикти баҕайы санаалар киирдилэр… Туохха барытыгар баланс баар буолуохтаах… Бу оҕо кини төрдүгэр-ууһугар сытар аньыыны-хараны сүгэ сылдьар эбит. Мин ону билигин киниттэн ылбытым да үрдүнэн, кэнники кини аҕа ууһун биир эмэ киһитигэр эргиллэн тиийэн түһүө, ол миигиттэн тутулуга суох. Дамоклов меч курдук ыйанан турар. Куһаҕаны оҥордоххуна, эйиэхэ эргиллэн кэлбэтэҕинэ, эн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ эппиэттиэхтэрин сөп… Тоҕус үйэ тухары иэстэбиллээх буолар».

Үһүс күннэригэр дьоммут эбиэт кэннэ аны тыаҕа тахсабыт диэн тэринэн бардылар. Биһиги, аанньа утуйбакка сылдьар буолан, бэйэбит да түҥ-таҥ бара сыстыбыт. Ол күн Күннэй миигин алаадьылатта. Олбох бэлэмнэттэрдилэр. Дьыбааным сабыытын быһа тардан ыллыбыт, эбии икки покрывало ыллым. Кыргыттар киэһэлик кырааскаланан киирэн бардылар, киһи хараҕар быраҕыллар чаҕылхай макияж оҥоһуннулар, үһүөн уот кыһыл уостаахтар. Биһиги хаһан, ханна барыахтаахпытын билбэппит. Дьоммут халлаан хараҥардаҕына диэтилэр. Ол тухары Күннэй дьүөгэ кыыһа уоһа хаанныран сэҥийэтинэн сүүрүөр диэри биир кэм хомустуу сылдьар, хараҕа чыпчылыйан да көрбөт. Туораттан көрүөххэ дьулаан хартыына этэ. Ол быыһыгар хомустарын тыаһа мөлтөх, кылыардыыр диэн, хаста да уларыттардылар. Дьэ халлаан хараҥарыыта айаҥҥа туруннубут. Күннэй суолу уол көрдөрүөҕэ диэтэ. Кырдьык, уолбут сирдээччи буолла. Саҥа хоҥнон истэхпитинэ оҕом, массыына эркинин тоҥсуйан баран, ыалбыт аҕатыгар эттэ: «Туох тыаһа буоларын үчүгэйдик иһит. Эн билэҕин уонна хантан ыларбытын эмиэ билэҕин». Ону биирэ: «Бас барабаан», – диэн хардарда. Онтон Күннэй ыйбыт суолунан айаннаан биир дьиэҕэ тиийэн кэллибит, онтубут Бүөккэ Бөтүрүөп дьиэтэ эбит. Күннэй мантан киирэн ылыҥ диэтэ. Хата ыалбыт аҕата Бүөккэ Бөтүрүөптүүн чугастык билсэр буолан, киирэн бас барабаан начаас уларсан таҕыста. «Ыксаллаах запись буола турар, ол иһин түүннэри бас барабааҥҥа наадыйдыбыт» диэн быһаарбыт.

Силикпит ситэн дьэ айаннаатыбыт. Уолбут суолбутун ыйа иһэр, ол быыһыгар омуктуу романстары ыллыыр. Доҕотторум, иккиэн да муусука эйгэтигэр сыстаҕас буоланнар, итальянскай тылынан ыллыыр диэн быһаардылар. Уолтан: «Хантан ити ырыаны билэҕин?» – диэн ыйыппыттарыгар, анарааҥҥылара: «Хантан билэрбин билбэппин», – диэн хардарда. Билигин ол оҕо соҕуруу үрдүк муусука үөрэҕин кыһатын бүтэрээри сылдьар. Олус киэҥ репертуардаах, үксүн омуктуу ыллыыр.

Үрдүкү муусука оскуолатын утары ырааһыйа баар эбит, онно тиийэн тохтоотубут. Биһиэхэ үһүөммүтүгэр саппыйа туттаран баран, онно-манна ыһылла сытар бөхтөрү хомуйаҕыт диэн сорудахтаатылар. Бөҕү-сыыһы хомуйан биир сиргэ чөмөхтөөбүппүтүн кэннэ, Күннэйим, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, аҕалбыт алаадьытын күн эргииринэн уурда.

Уолбут олбоҕун тэлгээн баран, оллоонноон олорон, били уларсыбыт барабааммытын тыаһата-тыаһата, тойуктаан киирэн барда. Тойуктуурун быыһыгар олоҥхолоон ылар. Дьиҥэ, кини – куоракка улааппыт нууччалыы иитиилээх оҕо. Олоҕор илэ хараҕынан олоҥхолуу олорор киһини да көрбөтөҕө буолуо. Дьэ дьикти…

Дьүөгэ кыыһа уол аттыгар олорон хомуска оонньуур. Сааһынан улахаммыт – кыталык үҥкүүтүгэр майгынныыр үІкүүнү үҥкүүлүүр. Киһи эрэ көрөн олоруох курдук, туттара-хаптара имигэһэ, нарына-намчыта. Кини эрдэ үҥкүүнэн үлүһүйбэтэх кыыс этэ.

Ол туран, арай Күннэйбитин сүтэрэн кэбистибит. Ыксаан ыллыбыт, аны күһүҥҥү хараҥа турар кэмэ. Онтон өйдөөн көрбүппүт, кыыспыт микроавтобус үрдүгэр тахсан, атаҕа тиийэр-тиийбэт үҥкүүлүү турар эбит. Хамсаныылара хотугу үҥкүүнү санатар: үөһэ маамыктаны быраҕан ыла-ыла тардар курдук. Дьэ ити курдук, айылҕа бэйэтэ кистэлэҥ сүдү күүһүнэн туруорбут туспа кэнсиэрин көрөн турардаахпыт.

Номнуо түүн биир чааһы ааспыт быһыылааҕа. Онтон дьоммут салгыы табаарыспыт чааһынай дьиэтигэр барабыт диэн турдулар. Хайыахпытый, айаннаатыбыт. Онно сарсыарда алтаҕа диэри сылдьыбыттара, онтон сыыйа-баайа бэйэлэригэр кэлбиттэрэ. Дэлби сылайбыт, сэниэлэрэ эстибит этэ.

Туруктан тахсан баран, улаханнык тугу даҕаны өйдөөбөттөрүн эппиттэрэ. Бэйэбит ханна эрэ ыраах хараҥа хоско олорбут, барыта түүл-бит курдук этэ диэн быһаарбыттара.

Ити кэнниттэн Күннэй уолу, ыраастаан баран, букатыннаахтык ыыппыта уонна ыҥырбатаҕа. Кыргыттар кэлин өссө хаста даҕаны эмтээһиҥҥэ сылдьыспыттара.

Билигин санаан көрдөхпүнэ, Күннэйим аан бастаан улахан турукка киирээһинэ итинтэн саҕаламмыт эбит. Үс түүннээх күн кутуран, кутуруксут буолуохтаах дьонун мунньан, көмөлөһүннэрэн, хас да үйэни уҥуордаан кэлбит өбүгэлэрин үгэһигэр сүрэхтэммит кэмэ эбит. Олоҥхо даҕаны дьиэрэһийбитэ, тойук даҕаны туойуллубута, хомус даҕаны этигэн тыаһа дьүрүһүйбүтэ, нарын-намчы хамсаныылаах, саха оһуор-бичик ойуулаах үҥкүүтэ, хотугу норуоттар ураты тыыннаах, тэтимнээх үҥкүүлэрэ даҕаны үІкүүлэммиттэрэ, омуктуу ылбаҕай ырыалар даҕаны ылламмыттара…

Күннэй, биллэрии эҥин таһаарбакка, дьону эмтээн барбыта… Дьонтон уратытын кистиир этэ. «Наадалаах киһи миэхэ бэйэтэ суол булан кэлиэҕэ, миэхэ аҕалыахтара. Оттон элбэх киһи биллэҕинэ, «хаһан кэргэн тахсабын?», «хаһан байабын?», «иннибэр туох күүтэрий?» диэн солуута суох ыйытыылаах кэлиэхтэрэ», – диэн күлэрэ.

Түүн 12 чаас кэннэ биирдэ эмтиирэ, ол иннинэ уоту барытын умуллаттарара. Эмтиир кэммэр ким да ханна да тахсыбат, аан аһыллыбат, «хайа бүттүбүт дуо?», «өссө сеанс буолар дуо?» эҥин диэн ыйыппаккыт диэн эрдэттэн сэрэтэрэ. Сорох ардыгар сарсыарда 6 чааска диэри эмтээччи.

Кыһалҕалаах дьон киминэн эмэ сирдэтэн, хайдах эрэ истиһэн биһигини булааччылар. Бастаан миигиттэн: «Кыыс биһигини көрсүө дуо?» – диэн сэмээр ыйыталлара. Мин Күннэйгэ маннык кыһалҕалаах киһи кэлиэн баҕарар диэн эттэхпинэ, оҕом «сөп, хаһан кэлэрин сотору этиэҕим» диэт, өр-өтөр буолбакка эмискэ турукка киирээт, холобур, «Савелий сарсын кэллин» диэччи. Дьиҥэр, аатын кини да, мин да билбэппит. Ол курдук кыыһым ким кэлиэхтээҕин өтө көрөн, аатын кытта билэн олорооччу.

Күннэй эмтээбит дьонугар барыларыгар этэрэ: «Миэхэ сылдьыбыккытын кимиэхэ да кэпсээбэккит». Дьон бэйэлэрэ да: «Эн ааккын ааттыахпытын саллабыт. Оннук сүдү, улахан киһигин», – диир буолаллара.

Мин испэр 12 «киһилээхпин» – 10 эр киһи, 2 дьахтар диэччи. Ол көмөлөһөөччүлэрэ биирдиилээн тахсааччылар. Мин хаста да кэпсэтэн турардаахпын, мин эрэ буолбатах…

Биир киэһэ дьону эмтии барарга болдьохтоох этэ, ону «сылайдым, бүгүн барыахпын баҕарбаппын» диэн эттэ эрэ, эппэтэ эрэ, өйүн сүтэрэн кэбистэ. Ол сытан дьахтар куолаһынан (мин үйэбэр итинник ыраас, нарын куолаһы истибэтэҕим. Киһи туохха да холуон, тэҥниэн булбат… дьикти, нарын, чараас… намыын хомус тыаһын санатар… куйаартан кэлбит куолас) саҥаран киирэн барда: «Саамай кырдьаҕаспыт, тойоммут, кыыһырда. Үс күн өйө суох сыттын диир. Эмтии барабын-барбаппын диэни өйдөөбөт. Күннэй оҕо буоллаҕа дии. Биһиги, атыттара, бары аһынабыт да, улахаммытын утары барар кыахпыт суох. Кини быһаарбытынан…»

Мин оччолооҕу истэн ааттаһарга бардым, туох баарбынан көрдөстүм. Ону ылынан, ол киэһэ оҕобун төттөрү өйүгэр аҕалбыттара. Ол киэһэ оҕом барахсан эмтии барбыта…

Биирдэ орто саастаах «киһи» тахса сылдьан, маннык диэн соһуппута: «Биһиги Күннэй иһигэр 12-бит. Күннэйи, дьиҥинэн, олус диэн аһынабыт ээ. Дьон көмөҕө наадыйан кэллэҕинэ, көмөлөһөбүт дуу, суох дуу диэн, эмтиир ньымабытын быһаарсан, консилиумнааччыбыт. Сороҕор бэйэбит испитигэр өссө тыл-тылбытыгар киирсибэппит. Күннэй барыбытын тутаттыан наада».

Ити 12 киһититтэн саамай кырабыт 15 саастаах уол, кини олоро сылдьыбыт кэмэ барыларыттан бэттэх соҕус – биир тыһыынча сыллааҕыта диэччилэр… Ол уол таҕыстаҕына кыыһым наар уруһуйдуур иэйиитэ киирэрэ. Бу оҕо хаһан да саҥа таһааран кэпсэппэтэҕэ. Арай атыттара кэпсииллэринэн, ол оҕону тыыннаахтыы көмпүттэр, көмүөхтэрин иннинэ тылын быспыттар үһү.

Биирдэ Күннэйим циркэҕэ кэнсиэргэ ыллыахтаах этэ. Арай кыыспын көрөн, турукка киирэн ыллыы турар дуу диэн таайа санаатым (турукка киирээри гыммытын илиилэрин тарбахтара имигэс баҕайытык хамсаан баралларыттан билээччибин). Иһиттэхпинэ, хос куоластар ыллаһалларын курдук этэ. Күннэйим ыллаан бүтэн, сыанаттан тахсан баран, миигиттэн: «Ийээ, мин ырыам ортотуттан тугу даҕаны өйдөөбөт кэриэтэ ыллаан таҕыстым, дьонум миигин кытта ылластылар быһыылаах. Хос куолас буолан ыллаһалларын иһиттиҥ дуо?» – диэн ыйытта. Дьиҥинэн, кини ырыатын муусукатыгар бэк-вокала суоҕа, онон «дьоно» кыттыспыттарын тута өйдөөбүтүм. Бу – Иннокентий Слепцов хоһоонугар уонна матыыбыгар «Ылламматах ырыаларым» диэн ырыа этэ. Онно Күннэйим «дьоно» эмиэ ырыаны сэргииллэр эбит дуу диэн соһуйа санаабытым.

Арай биирдэ Күннэйгэ биир ааптар ырыатын биэрбитин иһитиннэрбиппэр эмискэ «дьоно» тахсан: «Бу аата ырыа үһү дуо?!» – диэн турардаахтар.

Күндү ааҕааччым, билигин мунааран олороруІ буолуо диэн сэрэйэбин. Ол эрээри бу барыта дьиҥнээхтик буолан ааспыт түбэлтэ. Илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит.

Күннэй эмтииригэр араас ньыманы туттааччы. Ол киһититтэн, туох кыһалҕалааҕыттан тутулуктаах буолара.

Биирдэ эмтии сылдьан сүтэн хаалла. Хабыс-хараҥа, аны уоту арыйыа суохтаахпыт. Чааһынай дьиэ этэ. Арай кыыһым орон анныттан биирдэ баар буола түстэ уонна: «Оһох үөлэһинэн тахсан, үөһээ халлааҥҥа сэттэ кыталыгы кытта үҥкүүлээтим», – диэтэ. Онтон илиис уонна уруучука аҕалтаран илиилэрин оннугар кынаттардаах кыыһы уруһуйдаата. Бэйэтин Кыталык Удаҕаммын дэнээччи…

Арыгыны эмтээһин саамай ыарахан диэн көрбүтүм. Чахчы, арыгы абааһыта диэн баар, кини киһиттэн олох арахсан биэрбэт эбит. Арыгы эмтэтэ кэлиэхтээх дьону оҕом биир хонук иннинэ биллэрээччи. Ол курдук дьахтар дуу, эр киһи дуу буоларын этэрэ, итирдэҕинэ хайдах быһыыланарын-майгыланарын көрдөрөөччү, бэл диэтэр тылын-өһүн саҥаран иһитиннэрээччи.

Биир дьахтары эмтээбитин бу баардыы өйдүүбүн. Балаҕаҥҥа этэ. Дьахтары олбоххо олор диэтэ уонна бэйэтэ аа-дьуо кини диэки чугаһаан истэ. Арай дьахтарбыт иһиттэн киһи куйахата күүрүөх алдьархай хаһыы иһилиннэ, онтон оҕобун туох эрэ көстүбэт күүс ыраах ылан илгэн кэбистэ. Ол дьахтар иһигэр олорор арыгы абааһыта чугаһаппат буола сатыыр быһыыта эбит. Кыыһым балаҕан үрдүгэр диэри уһаан унньулуйан таҕыста уонна дьахтар айаҕыттан тугу эрэ таһааран ыйыһынна. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ саарык курдук буолбут. Ол кэннэ кыыһым көмүлүөк оһоҕу отуннарда уонна ыйыстыбытын барытын таһаарда. Көмүлүөк уота ол аайы күөдьүйэ түһэр, балаҕан үрдүн салыах курдук сирэлийэн тахсар. Онно баар дьон итиччэлээҕи көрөн бары дьулайбыппыт.


Страницы книги >> Предыдущая | 1 2 3 4 | Следующая
  • 0 Оценок: 0

Правообладателям!

Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.

Читателям!

Оплатили, но не знаете что делать дальше?


Популярные книги за неделю


Рекомендации