Текст книги "Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар"
Автор книги: Любовь Васильева
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 1 (всего у книги 1 страниц)
Айылла
Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар
Ааҕааччы!
Быйыл сахалыы-нууччалыы ааҕааччы Күннэй Кардашевская туһунан суруллубут кинигэни сөҕө туппут буоллаҕына бэркэ билэр ээ, кини ийэтэ Любовь Львовна оҕотун туһугар бары кыаҕын биэрбит киһи…
Аһыылаах барахсан, оҕото кэриэс кэриэтэ эрдэттэн этэн кэбиспитин курдук, олоҕун салгыыр, үлэлиир-хамсыыр, дьону кытта тэҥҥэ үөрэр-көтөр, доҕор кэриэтэ кыра кыыһын Туйаараны маанылыыр, үөрэҕин өйүүр.
Ол да гыннар кини син биир санаатынан сирдэтэр. Чуумпурар, бэйэтигэр бүгэр кэмигэр… кыыһа аттыгар баарын сүрэҕинэн сэрэйэр. Ол иһин, хантан кэлэрэ биллибэт, хоһоон тылынан этиллибит анабыллары сурукка тиһэр мөккүөрдээх.
– Ардыгар ол тыллар быыс булан бэйэлэрэ көтөн кэлэллэр. Сороҕор утуйа да сыттахха уһугуннаран, ууну уйгуурдан, үөһэттэн үөгүлүүр кэриэтэ тохтообокко кутуллар тыллар туспа силимнэһэн, наарданан, кимиэхэ туһаайыллыбыта биллибэккэ, үөскээн тахсаллара дьикти… Алгыс кэриэтэ анабыллар, сорук курдук суруйуулар, дьарыйыыга маарынныыр туһулааһыннар… Ол эрээри бу мин айбытым буолбатах, сыччах кинигэ тиһиллэригэр төрүөт кэриэтэ мин табыгастаах буолбуппун диэн сыаналыыбын. Быһыыта… оҕом дьайыыта, – диир Любовь Львовна.
Онон, бу сырыыга ааҕааччыга, эйиэхэ тус бэйэҕэр анаммыт курдук, бу куйаартан кэлбит туһаайыылары, чөкө биир кинигэҕэ холбоон, бэлэх уунар Ийэ. Курус да түгэҥҥэр, үөрүү да өрөгөйүгэр уйдарар кэмҥэр сороҕун алгыс курдук ылын, атынын сүбэ-сэрэтии кэриэтэ искэр бүөмнээн анаар.
Эрэдээксийэттэн
КУЙААРТАН КУТУЛЛАР ТЫЫННААХ ТЫЛЛАР…
Ситимниир силиһиҥ,
Утумнуур умнаһыҥ
Кэхтэри билбэтин,
Самнары санаабатын,
Айыыларыҥ алгыстарынан,
Өбүгэҥ үтүө үгэһинэн
Тулхадыйбат тирэхтэн,
Хамсаабат харысхаллан!
Олох араас оҥкулларыгар
Охтон-бүдүрүйэн биэримэ!
Үс былас көнтөскүн ыһыктыма,
Үйэлээх суолгуттан туораама!
Аһынабын кыра ычалааҕы,
Халлаанынан хантайааччыны,
Үөһээнэн көрбөккө ааһааччыны…
Хомойобун бэрдимсийии бэрдиттэн,
Улаатымсыйыы улаханыттан…
Уһуга суох улуу куйаартан,
Баһа-атаҕа биллибэт
Киэҥ халлаан иэниттэн
Өбүгэ өрүһүйэр тыына
Этим-сииним сааһынан,
Уҥуоҕум-силиим курдат
Киэҥ киэлибэр киирдин,
Куппун-сүрбүн туттун!
Итэҕэлим киэлитэ кэҥээтин,
Кутуллубут кутум-сүрүм
Бөҕө тирэхтэннин,
Ыра санаам уйаланнын,
Баҕа санаам барҕардын!
Бас баттах саҥарыма,
Халлааны сатарытыма,
Тутум санаа туппатын,
Кылгас санаа ыкпатын!
Сиэргин сиэттис,
Эйгэҕин харыстаа!
Кылтан кыйыттан,
Кыраттан тымтан,
Уордайан уһуктан,
Иҥниэ суохха иҥнэн,
Бааһыа суохха бааһан
Олоххун алдьатыма,
Куккун куоттарыма,
Сүргүн сүтэримэ!
Кыраттан самнан,
Уолуктан уолуйан
Көннөрүттэн күөдьүйэн
Кырык кырсыгар олорсума.
Тутах санаа туппатын,
Кылгас өй кыттыспатын,
Ордугумсах орооспотун,
Ымсыы ыарыппатын.
Сайдам санаа салаллар,
Саҥа саҕахтар саҕыллар,
Сарыал кустуга кыыһар
Саһаҕаны уматар,
Сардаҥаны күөдьүтэр
Сайаҕас кэмэ үүннэ!
Санааны сааһылыыр,
Сырдыгы түстүүр,
Саргыны саҕар
Салаллан кэлбит
Саҥа дьылбыт
Саҥа сайаҕас күнэ
Сандаара үүммүтүнэн!
Куһаҕаҥҥа куустарбакка,
Кыһалҕаҕа ыктарбакка,
Кыараҕаска киирбэккэ,
Кыраҕа кыһаммакка,
Киэҥи-куоҥу анаар,
Кэскиллээҕи түстээ,
Кэрэни кэрэхсээ,
Күҥҥэ талас!
Сарсыарда эрдэлээн уһуктан
Сарыал кустугун кууһан,
Сайаҕас санааны сиэтэн,
Саҥа үүммүт күнү айхаллаа,
Күннээҕи түбүккэр үтүрүттэрэн
Өйдөөн көрөргүн умнума
Олох оһуордаах ойуутун,
Эриэккэс көстүүтүн.
Ыра санааҕын харгыстаама,
Көҥүл санааҕын күрүөлээмэ,
Санаабытыҥ сатаннын,
Ыраламмытыҥ туоллун!
Олоҕуҥ былаһын тухары
Өбүгэҥ ситимин быһыма,
Кэс тылын кэһимэ,
Түҥнэри түөрэхтэнимэ,
Таҥнары талбаланыма!
Оботтоох уһуктаах санаа
Оборчотугар түһүмэ,
Кылгаска, быстахха
Баскынан бааллыма,
Тумсуҥ тууһунан
Тылгын тумалаама,
Тиискин-уоскун соттума.
Айыыларыҥ алгыстарынан
Тулхадыйбат тирэхтэн,
Өбүгэҥ үтуө санаатынан
Саппаҕырбат саргылан!
Ырыа кутум ыллаатын,
Хоһоон кутум хоһуйдун,
Айар-тутар кутум
Айылгыта арылыннын,
Сахалыы саҥам тыына
Иччилээх буоллун,
Этэр тылым эгэлгэтэ
Эрэллэрдээх буоллун!
Ааспыт күннээҕигиттэн
Чорбойорго дьулус,
Бэҕэһээҥҥи биэтэккин ситэн
Уҥуор үктэнэ түс,
Бүгүҥҥү күүрүүлээх күнүҥ
Түбүктээх түмүгэ
Сарсыҥҥыҥ тирэҕэ,
Өйүүҥҥүҥ өһүөтэ.
Сарсыҥҥы саҥа күнүм
Саһарҕата сандаардын,
Сайдам санаам барҕардын,
Саргы-дьаалым салалыннын,
Суруйбутум соргуланнын,
Сиэппитим сиэллэннин,
Саҕалаабытым саарбаланнын,
Ситиспитим силистэннин!
Алгыстаах тойугум
Абын-хомуһунун
Алыптаах дорҕооно,
Сипсийэр тылларым
Сиккийэр тыыннара
Сылааһынан сыдьаайдыннар,
Иэйиинэн илгийдиннэр,
Сиргэ симэх буолан
Силигилии түстүннэр,
Сырдыкка сирдээтиннэр,
Сайаҕас санааны сахтыннар!
Сырдаатын тулам,
Алгыстаннын күнүм,
Арчыланнын суолум,
Чэлгийдин чэчирим,
Саргы санаам сайыннын,
Туску туругум тубустун,
Иэйэр кутум кынаттаннын,
Илбистээх тылым дорҕооно
Өлбөт-сүппэт тыыннаннын,
Быстыбат ситимнэннин!
Күлүмнэс күн чаҕылын тутан,
Тыыннаах тылларбар тиһэн,
Туойар тойукпар холбоон,
Хомуһум хомуһуннаах
Дорҕоонугар ыллатан
Саргы санаабын кынаттыам,
Үтүө алгыспын аналлыам.
Дьоҥҥо туһаайыма
Тыйыс тыыннаах тыллары,
Быһа-хото саҥарыма,
Үөхсүү үөнүн-күрдьэҕэтин
Тулаҕар ыһыма-тоҕума,
Кырыктаах кырыыһы
Ыраах кыйдаа.
Эппит тылыҥ сойо илигинэ
Төттөрү хайыһыннарыаҥ,
Бэйэҕэр эргитиэҥ,
Ыар тыл-өс иччитэ
Үйэттэн үйэҕэ айанныа,
Кэлэр кэскилгин кэҕиннэриэ,
Төрүөҕү төнүннэриэ,
Иннигин сарбыйыа…
Улаҕааттан уунуохтара,
Бэтэрээттэн бэһириэхтэрэ
Бэрдимсийэр бэртэриҥ,
Улаатымсыйар улууларыҥ…
Тохтооҥҥун өрүһүн,
Өйгүн-санааҕын түмэҥҥин
Уһуну-киэҥи толкуйдаа.
Олус улуутумсуйан
Уһун сонноммоккун,
Бардамсыйан байбаккын.
Бүгүн модун тиит лабаатыгар
Олбохтонон олорбутуҥ,
Сарсыҥҥыны билбэт.
Киһи киһитэ буол!
Сахалыы кутуҥ-сүрүҥ -
Олоҕуҥ тулхадыйбат оҥкула,
Ону өйдөө!
Тумаҥҥа мунума,
Суоҕу суохтаама,
Барбыты батыһыма,
Баары мэлдьэһимэ…
Сахалыы уйулҕаҕын,
Дууһаҥ ис кутун
Саһыарыма саһахха,
Кистээмэ дьыбардаах
Хараҥа түүҥҥэ,
Халыҥ былыт кэтэҕэр.
Сиэргин сиэтэн,
Ис туруккун тутан,
Уйан куккун харыстаан,
Эн бэйэҥ бэйэҕинэн буол,
Айыы сирин Оҕото!
Сандал саас
Арылы кустугун
Олоххор киллэрэн,
Күлүмнэс күн
Сырдык сыдьаайын
Сүрэххэр иҥэрэн
Тулаҕын сырдат,
Үөрүүгүн үксэт!
Дьылҕаҕар үҥсэргээн,
Муннукка ытаан,
Суланан-кэлэнэн
Куһаҕаны биттэнимэ,
Кутурҕаны куттума,
Төттөрү төлкөлөнүмэ,
Тиэрэ түөрэхтэнимэ.
Куруук куһаҕаны
Көрдөөн көрүмэ,
Кыраттан кыынньан
Кыйахана түһүмэ.
Үөрүүнү тиһэҥҥин
Олоххун киэркэт,
Кэскилгин түстээ!
Ааспыты аһыйыма,
Барбыты сайыһыма,
Күлүгү эккирэтимэ,
Уруккунан олорума,
Саҥа үүммүт күн
Саргы санааны сахтын,
Сиккиэр тыал
Эрэл кыымын ыстын,
Сааскы уу сүүрүгүнүү
Хоргутуу хоммут
Хонуутун суурайдын!
Санаабытым сатабыллаах,
Саҥарбытым тыыннаах,
Эппитим этитиилээх,
Туойбутум туоналаах,
Туппутум тутаахтаах,
Иилбитим иччилээх…
Айыыларым арчылаах алгыстара,
Өбүгэм үйэлээх тойуга,
Буор куппун туттун,
Салгын куппун салгылаатын,
Ийэ куппун арчылаатын.
Иитиллибит итэҕэлим
Уҕараабат уйуктаннын,
Быстыбат ситимнэннин,
Ситэ турар силистэннин,
Салҕана турар салааланнын!
Үс кутум сылаас туонатын,
Түөрт кутум көмүс уйатын
Тымныы тыал хаарыйбатын,
Силлиэ-холорук тумуннун.
Айыылартан арчыланыым,
Өбүгэттэн көмүскэллэниим,
Халлаантан харысхалланыым!
Олох очурдарыгар оҕустаран,
Баламат балкыырыгар балыттаран
Ийэ кутум иэҕиллибэтин,
Салгын кутум санньыйбатын,
Буор кутум бураллыбатын.
Иитиллибит итэҕэлим
Иилээтин-саҕалаатын дьылҕабын.
Өбүгэм үйэлээх өһүөтэ -
Олоҕум сиҥнибэт оҥкула!
Ыҥырар ыраах суолларым,
Ыра санаа ыллыктарым
Айыы алгыстаах
Аартыктара арылыннын.
Суолум сурахтаах,
Ыллыгым ымыылаах ,
Айаным түмүктээх буоллун!
Бэҕэһээ буолбуту бэрэлээбэккэ,
Санааны-оноону соспокко,
Бүгүҥҥү күммүтүн умнумуохха,
Сарсыҥҥы саргыбытын саныахха.
Олох тыыннаах тырымын тутан
Олох кэрэтиттэн дуоһуйуохха,
Кыраттан да үөрүөххэ-көтүөххэ,
Үтүө түгэннэри хомуйан тиһиэххэ,
Үөрүүнү үксэтиэххэ, дьолу түстүөххэ.
Күннүүн сырсыахха,
Ыйдыын ыллыахха,
Сулустардыын кэпсэтиэххэ,
Олоҕу таптыахха,
Дьолу туойуохха,
Киһи буолан өрөгөйдүөххэ,
Саха буолан сайдыахха,
Урааҥхай буолан уйуктаныахха!
Ийэ кутум иэйиитин,
Салгын кутум суугунун,
Буор кутум тыынын
Дорҕоон уоспунан доҕуһуоллаан
Туойар тойукпар сиэттэриэм,
Хомуһуннаах хомуспар ыллатыам.
Саҥарар саҥам, этэр тылым
Сырдыгынан сыдьаайдын,
Сылааһынан илгийдин,
Ыра санаанан кынаттаатын,
Ырааҕынан дуорайдын,
Куйаарынан куйаардын.
Кыра ычалааҕы аһыныахха,
Тутум туоналааҕы тумнуохха,
Албын тыллааҕы утаарыахха,
Кэрэгэй кэптээҕи тэйитиэххэ…
Куһаҕаны чугаһатыма,
Сатаҕай санаалааҕы сыһыарыма,
Туруккун тускулаа,
Илгин иилээ, эйгэҕин эйэлээ.
Улаханнык саҥарымаҥ,
Бас баттах тыллаһымаҥ,
Тылынан оонньоомоҥ,
Салгыны хамсатымаҥ,
Халлааны сатарытымаҥ,
Этиһиини иилээмэҥ,
Үөхсүүнү күөттээмэҥ.
Этиллибит тыл иччилээх,
Дорҕоон дуорааннаах.
Эйгэ элээмэлээх…
Тыйыс тыыннаах тыллары
Көҥүлгэ көтүтүмэҥ,
Куйаары куустарымаҥ.
Этэр тыл эппиэттээх,
Саҥарбыт саҥа дьайыылаах,
Эргиллэн кэлэр ыйаахтаах,
Төннөр төлкөлөөх…
Халлааҥҥа хабырыныма,
Дьылҕаҕар суланыма,
Кэхтэр кэбин кэтимэ,
Сууллар суҥхатын соһума,
Сордоох сонун мээрэйдээмэ…
Олоҕуҥ – иннигэр,
Дьылҕаҥ – илиигэр!
Муҥ муҥнааҕы күлүмэ,
Аһыылааҕы-абалааҕы аймаама,
Үөһэттэн көрөн сэнээмэ,
Кырыы хараххын хатаама,
Абааһы кэмэлдьилэнимэ…
Иннин тымтыктанан көрбүт суох,
Туох да суола-ииһэ суох сүппэт…
Олох эргииригэр мүлчү туттаран,
Кини кэбин кэтэр даҕаны
Ырааҕынан буолбатах…
Дьону сэнээн, сэтэрээн,
Куһаҕаны баҕаран,
Хараҥа хаппахчытын арыйыма,
Өс-саас биэтэгин бэлиэтээмэ,
Өһөгөй быатын баайыма,
Сиэмэх удьуорун булларыма,
Кэлэр кэнчээри ыччатыҥ
Суолун муннарыма,
Аартыгын алдьатыма,
Балкыырдаах олоххо угума.
Түктэри быһыыны батыһыма,
Таҥнары таайыыны талыма,
Куһаҕаҥҥа куустарыма,
Сиэрэ суохха сиэттэримэ,
Олоххун харыстаа,
Харгыстары туораа,
Иннигин биэримэ,
Ыыргын ыһыктыма!
Кыра остуол муннугун оҕотун
Бас биллэрбит эрэ
Бардамсыйан баһыгырыыбыт,
Бэрдимсийэн бэтиччэхтиибит,
Үтүөмсүйэн үллэрэҥниибит,
Хотумсуйан батыччахтыыбыт,
Тойомсуйан тискинньэхтиибит…
Эриэнинэн-быраанынан көрөрбүт,
Үөһэ-аллара тыынарбыт үксүүр…
Хомойобун улахамсык дьонтон,
Хоргутабын сүөргү быһыыттан,
Хата бэйэм кыбыстабын…
Куоратымсыйан куоппастан,
Нууччалыы-сахалыы тыбыыран,
Түптэ буруотун сытыттан
Түүппэстибитэ буолаахтыыбыт,
Бары даҕаны кииттэн кииллийдибит ини…
Умайа сылдьар уоттаах таптал
Умуннарар оҕону, ойоҕу…
Таҕыл тарҕатыыта
Тапталынан аны куоһурданар…
Сиэр-майгы алдьаммыта
Сааппакка сирэй саптар …
Хобуоччу хобордоохтордуун,
Хоруо хорохооттордуун,
Хоруоска холоонноохтордуун,
Хоп-сип Хобороостордуун,
Харгыс холумтаннардаахтыын
Харах симнэ хаһан да
Хатыспатах киһи…
Чыыҥҥа-хааҥҥа
Тигистибит эрэ
Тиистэнэ түһэбит,
Тилэс-былас үктээн
Тиийиммэти-түгэммэти
Тиниктээбитинэн барабыт,
Сарыы таҥастааҕы
Сарбыйбытынан саҕалыыбыт…
Сэнээн-сэймэктээн
Сэргэхсийэ түһэбит…
Хом санаа хонуктаан
Хоммут хонуутугар
Халаан уута
Халыйан киирэн
Халбарыттын хараны…
Сиэдэрэй сибэкки
Ситэн-силигилээн
Симээтин сиҥнибит сири,
Суор кыламмыт
Сүтүктээх суолун…
Туналыйар тумаҥҥа
Тунаахсыйа муммуттары
Туораттан туоһулуу,
Таһыттан тэскилии
Тохтоон көрөбүн…
Баалаамаҥ барахсаттары,
Былаҕайга былдьаппыттары,
Быстахха бааллыбыттары,
Буурҕаҕа бураллыбыттары,
Бэдиккэ бэриммиттэри…
Бырдаҥхалаан, быраҕаттанан
Быыкааттан барытыттан
Бурҕалла түһэр буолума…
Бэрдимсийэргин баҕанаҕа баай,
Бардамсыйаргын бырах,
Байымсыйаргын тохтот,
Бэйэмсийэргин бэрэлээмэ.
Бүгүн билиммиппит билбэт,
Бэтэрээнэн соҕус буолуохха.
Куһаҕаны биттэнимэ,
Кэрэгэйи кэтээмэ,
Кыраттан кыыһырыма,
Ыгым санааҕа ыктарыма,
Ыллыккын ытатыма,
Ытыаххын ыҥырыма…
Үгэ-хоһоон дойҕохтоох,
Үөнү бэрэлиир,
Үллэ үтүөмсүйэр,
Биллэ бэйэмсэх
Бэрдимсийэр бэртэри
Бэркиһии көрөбүн…
Кэлэбит бу сиргэ
Кэмчи кэрдиис кэмҥэ
Күҥҥэ күөнэхтии,
Күөххэ күөлэһийэ,
Күлэ-үөрэ, көтө-дайа,
Кимниин даҕаны
Күрэс былдьаһа,
Күөн көрсө буолбатаҕын
Куруук хойутаан
Курутуйа өйдүөхпүт эбитэ дуу…
Сүтүктээх сүгэһэрбин сүгэммин,
Абалаах аһыыбын уйаммын
Сарсыҥҥыбын сэрэнэн сэгэтиэм…
Хараҥа хаппахчытын арыйаммын
Одуулуу көрүөм күөх халлааны
Тахсар күнү көрсөөрү,
Олоххо тардыһар күүһү сомсоору,
Олох кустугун кууһаары.
Ыар аһыыны амсайбатах,
Эрэйдээх эрэйин кэппэтэх,
Сордоох сонун соспотох
Дьоһун дьоллоохтор
Дьол тумнубут дьонун
Кэтэхтэн кэрбээмэҥ,
Кэнниттэн кыайымаҥ,
Сибигинэһэн сиилээмэҥ.
Куйаар кулгаахтаах,
Халлаан харахтаах…
Кыраттан кыйаханан
Кыараҕаска кииримэ,
Кыыһырбыт уоххар
Кыһыл тылгынан кыырыма,
Кубулҕаты батыһан
Кураанаҕы кууһума,
Көлдьүнү күөйүмэ,
Киргил курдук суоҕу билимэ,
Киччим кичээҥини киллэримэ.
Кэлэбит күн көрөр сиригэр
Киһи буолан кичэллэн,
Киһилии өйдөөх-санаалаах
Киһилии олороору.
Киһини кэнниттэн кэбийимэ,
Кытыыттан куорҕаллаама,
Кискинньэхтии оонньоомо,
Көбүөрүнэ күллэрэстээн
Күлүү-элэк оҥостума,
Күллээҕинэн кириэтээмэ,
Кирдээҕинэн китиэккэйимэ,
Кырдьыгынан кыһарыйыма,
Кытаанаҕынан кытаахтаама…
Киһи котокуну кэрэхсээ…
Бардамсыйар баҕаттан,
Бэрдимсийэр бэрдиттэн
Баламаттык тыллаһымаҥ,
Быстахха киирэн биэримэҥ,
Барыкка балыйтарымаҥ.
Баҕарыҥ бар дьоҥҥо дьолу,
Бэйэҕитигэр эргиллиэ
Барыта уон оччонон.
Соһуйабын сорох дьонтон,
Кэлэйэбин кэккэ көстүүттэн…
Бүгүн топпуппутун уйбакка,
Дойҕохтуубут дуона суоҕу,
Бас баттах бараахтыыбыт,
Ордугургаан оллоҥолуубут,
Тэҥнээбэккэ тэйбэҥэлиибит,
Бардамсыйан бааҕыныыбыт,
Улуутумсуйан уодастабыт,
Улахамсыйан куоппастабыт,
Букатын кэлбит курдук
Тулла туттаахтыыбыт,
Үс үйэ барыах курдук
Үллэ үтүөмсүйээхтиибит…
Бу үтүөкэн дойдуга киһи буолан
Уларсык кэлэр кэрэ кэмҥэ
Хас үүнэр күммүтүн уруйдуохха,
Дьолунан, тапталынан толоруохха,
Эйэҕэс мичээринэн симиэххэ,
Үрдүк үөрүүнэн кынаттыахха.
Ыра санаа ымыыланан,
Куба куорсуннанан,
Үөрүү кынаттанан
Көҥүл көтүөххэ,
Күөххэ көччүйүөххэ,
Кэрэни көрүөххэ,
Саргыны саҕыахха,
Олоҕу таптыахха,
Дьолу туойуохха.
Татым санаа, тутум тутул
Сааһыттан билбэт, эйгэтэ эппэт…
Көҥүл көтөргө анамматах
Кыайан үөһэ өрө көппөт,
Чычааска дьылҕалаах
Байҕалга санаммат…
Иҥэриллибэтэх иэннээҕи,
Ситэриллибэтэх ситимнээҕи
Аһынарга эрэ тиийиллэр…
Күннээҕи түбүккэ күтүрүүбүт
Күдээринэ көтүппүт күннэрбитин,
Күүтэбит куруук сүҥкэн улаханы
Кыраны аанньа ахсарбакка.
Көмүс күннэрбитин бараабакка
Кыраттан да үөрүөххэ-көтүөххэ,
Кыраттан да дуоһуйуохха,
Кыраттан да күөдьүтүөххэ
Күннээх сир дьолун
Кытыастар кыымнарын.
Саҥарар саҥам саарбалаах,
Этэр этиим этитиилээх,
Туойар тойугум тускулаах,
Ыллыыр ырыам ыралаах,
Хоһуйар хоһоонум хоннохтоох,
Тылым төбөтө тумалаах.
Ийэ тылым илбистээх тыына
Иэйэр кутум илдьитигэр,
Саҥарар саҥам сарыала
Сахам сайдам саҥатыгар.
Төрөөбүт төрүт тылым
Сүмэһиннээх сүөгэйин-сүмэтин
Сүрэхпэр сүгүрүйэ сөҥөрөн,
Саҥарар саҥабын саргылыам,
Ыллыыр ырыабын ыралыам,
Туойар тойукпун тыынныам.
Айар абылаҥар уйдаран,
Иһирэх иэйиитигэр куустаран,
Сахалыы сайаҕас саҥабын,
Тыыннаах тылларбын,
Ситимнии сиэттэрэн,
Ханыылыы сиэллэрэн
Хоһооммор холбуом,
Ырыабар ыллыам.
Кэрэ сиргэ кэлбит
Кэрэ бэлиэ кэммитин
Кэнэҕэс да кэмнэргэ
Кэмсиммэттии олоруохха.
Күөххэ көҥүл көччүйүөххэ,
Күлүм күннүүн күлсүөххэ,
Күөрэгэйдиин ыллыахха,
Кэлэр кэскили түстүөххэ.
Эрэлим эмтэрийбит элээмэтигэр
Инникибэр итэҕэлбин иитээхтиэм,
Дууһам кыламмыт буор кырсыгар
Олох сибэккитин тылыннарыам,
Хаһыыттан хайдыбыт халлааммар
Күлүмнэс күн сырдыгын киллэриэм.
Курус санааҕын куулатыма,
Кыраҕа кыһайтарыма,
Куһаҕаҥҥа кыайтарыма,
Кэскилгин кэҕиннэримэ.
Күүтэр күндү түгэн үүнүө,
Киирбит күн үөһэ күөрэйиэ,
Күлүмнүү тулаҕын сырдатыа,
Кэрэни, үтүөнү бэлэхтиэ.
Ыыппат абалаах аһыым
Ыар ыарык буолан
Ынчыктатар дууһабын…
Ыһыктынабын ардыгар,
Ыас хараҥаны кууһан,
Ытыыбын уоран…
Ытаабат буолар күүһү
Ыксаабыт санаабар
Ыйтан ыйыталаһабын…
Ыҥырабын сэрэнэн түүлбэр
Ыраахтан көрөөрү,
Ырыаҕын истээри…
Этиллибит тыл иччилээх,
Дорҕоон дуорааннаах,
Тилиннэрэр да күүстээх,
Кэҕиннэрэр да кыахтаах…
Таһаарабыт арыт
Дьэбир саҥаны
Суостаах суоллаан,
Көтүтэбит көҥүлгэ
Кырыыһы кынаттаан
Көһүппэтэх өттүттэн,
Сарсыҥҥыга кыһаллыбакка,
Өйүүҥҥүнү өйдөөбөккө…
Кэнэҕэс кэлиэ
Кэмсинэр кэм,
Эппиэт этитэр
Эппиэттээх күн…
Кэтэһэбит кимтэн эрэ элбэҕи,
Күүтэбит кэтэх санаата суох
Көнөтүнэн күүстээх быһыыны,
Кыра дьонтон кыаллыбаты…
Кылгас санаа куорсуннаах
Кый ыраах кыайан көппөт…
Түүн үөһэ уһуктан,
Чуумпуну тутабын…
Куйаартан кутуллар
Илдьиккин иһиллиибин…
Киһи орто дойдуга олоҕо
Таайыллыбатах таабырын,
Ааҕыллыбатах кинигэ…
Тиэтэйимэҥ таайарга,
Ыксаамаҥ ааҕарга,
Кэлиэ барыта кэмигэр,
Өҥөтөктөөмөҥ эрдэлээн,
Билгэлээмэҥ биллибэти,
Ыҥырымаҥ ырааҕы,
Ыраланымаҥ суоҕу,
Мунаахсытымаҥ дьылҕаны…
Умнума: олоҕуҥ илиигэр,
Тирэҕиҥ бэйэҕэр.
Санаарҕаамаҥ саспыттан,
Курутуйумаҥ куоппуттан,
Хомойумаҥ хоргустан,
Ситтэрбэти сырсыма,
Салгыны сайыһыма,
Албыны батыһыма.
Дьылҕа туораппыт
Туора дьонун тута сатаама,
Олох орообут орто киһитин
Оҕуругар олуйтарыма.
Олохтон сомсуохха сүмэтин,
Олоруохха сиэрдээхтик,
Омуннаах обокко киирбэккэ,
Оруо маһы ортотунан буолбакка.
Сиэтиэххэ ситиһиини,
Сирдэтиэххэ сырдыгынан,
Сүүрүөххэ кустугунан,
Сылдьыахха ырыанан.
Үөрүүнэн кынаттанан,
Үрдүккэ талаһыахха,
Үөһэ дабайыахха,
Үйэлээх үктэллэниэххэ.
Саспаккын санааҕыттан,
Куоппаккын бэйэҕиттэн,
Абалаах аһыы ааспат,
Сүтүктээх сүгэһэр сүппэт…
Орто дойдуга олоҕум
Аҥаардаммыт эмтэркэйигэр
Муна-тэнэ сырыттаҕым,
Ханнык да кытылга тиксибэккэ…
Уруккубар умсаахтыы,
Эрэлбэр эргиллэ турабын,
Сир-халлаан ыккардыгар,
Онно да, манна да суохпун…
Ааспыты аһыйымаҥ,
Эргийбэти эргитимэҥ,
Туолбаты тутуһумаҥ,
Кэлбэти кэтэһимэҥ.
Дуоһуйуҥ олохтон бүгүн,
Билигин, бу түгэҥҥэ,
Кэлин диэн кэҕиннэримэҥ,
Сарсын диэн самыннарымаҥ
Амсайыахха олох амтанын,
Сиэлиэххэ кэрэ сиринэн,
Күөлэһийиэххэ күөххэ,
Күлүөххэ-үөрүөххэ кыраттан!
Кыраттан кыыһыран
Кыараҕаска кииримэҥ,
Кыһалҕаҕа кыһайтарымаҥ,
Куһаҕаҥҥа кыттыһымаҥ,
Киэҥ көҕүстэниҥ,
Көнөтүнэн көрүҥ,
Кэрэни кэрэхсээҥ,
Кэнэҕэс кэмсинимэҥ.
Күнтэн көмүскэл,
Куйаартан куйах!
Дом! Дом! Дом!
Сарыал кустугар кистиэм
Санньыар санаабын,
Саҕахха саһыарыам
Сиппэтэх ырабын…
Сири сиксигинэн
Сатыылыам саҕахха,
Суоллуом суолбун,
Ситэриэм силикпин,
Силбиэм ситиммин,
Сырдыам симиккэ.
Суһумнуо сулуһум,
Сирэлийиэ санаам,
Сатарыа саха саҥам.
Куустарыма куруска,
Ылларыма санааҕа,
Киирбит күн тахсыа,
Саспыт ый өҥөйүө.
Сааскы сиккиэр
Сипсийиэ иэйиини,
Сайыҥҥы ардах
Сайҕыа санааны,
Күһүҥҥү чүүмпу
Уунуо уоскулаҥы,
Ыраас саҥа хаар
Сабыа ааспыт суолун…
Бороҥуйга балыйтарбыт,
Тумаҥҥа муммут,
Хараҥаҕа хаайтарбыт,
Санааҕа баттаппыт,
Эрэлим элэйбит,
Эркиним сууллубут
Түгэх түгэммэр
Өбүгэм итэҕэлэ
Тыын биэриэ…
Бүдүрүйэр күммүтүгэр,
Байааттарбыт баалыгар
Эрэлбит эркинэ
Иэҕэҥниир түгэнигэр
Төннөбүт эргиллэн
Төрүт итэҕэлбитигэр…
Айыылартан көрдөһөбүт,
Иччилэрбитин иһиллиибит…
Аһымал ааттаһабыт,
Уоскулаҥы умналыыбыт…
Атаҕыҥ анныгар
Сириҥ сиҥнэр
Аан туман түгэҥҥэр,
Искиттэн саҥаҥ тахсыбат
Ыар санаа ытарчалыы
Ытырбахтыыр түүнүгэр
Өбүгэҥ өрүһүйэр тыына,
Тирэхтээх итэҕэлиҥ
Эйигинниин буоллуннар.
Куоттарыҥ куһаҕаны,
Соһумаҥ уруккуну,
Саһыарымаҥ өһүөнү,
Санаамаҥ ааспыты…
Бырастыы гынар
Үрдүк үрүҥ күүһү
Хайаатар да булаҥҥыт
Өрүһүнүҥ, өрүһүйүҥ!
Кууһабын кураанаҕы,
Сураһабын суоҕу,
Ахтабын ааспыты,
Эргитэбин арааһы…
Хаалбыт муҥмар,
Ордубут буруйбар
Сүгэбин сүтүкпүн,
Соһобун сорбун,
Тэлэбин эҥээрбинэн
Эрэйдээх эрэйбин…
Ыар аһыы-аба
Ааспат-арахпат,
Уруккубун ууммат,
Төннүбүтү төннөрбөт…
Ытаама муннукка,
Суланыма суолгар,
Ыаратыма ыыргын,
Ыҥырыма алдьархайы.
Умнума силискин,
Кэрдимэ мутуккун,
Кэлэтимэ айыылары,
Өһүргэтимэ өбүгэни.
Төрүккүн ытыктаа,
Төлкөҕүн кэскиллээ,
Төрүөххүн тирэхтээ,
Туруккун тускулаа!
Куоппаккын бэйэҕиттэн,
Саспаккын суобаскыттан,
Ситиэ син биир бу олоххо
Эппиэт тутар тутаах түгэн…
Эргийэн кэлиэ умна сатыыр
Уруккуҥ уйгурдар күлүгэ…
Туора дьон сыыһата-халтыта
Харахпытын аалаахтыыр,
Иннэ да саҕаны булуохпут,
Энчини да энчирэппэккэ
Кыраны да булан көрүөхпүт…
Бэйэбит алҕастарбытын
Тыа кэтэҕэр кистиэхпит,
Билэ-билэ билбэтэҕэ буолуохпут,
Бэрдимсийэн биэриэхпит…
Ол да буоллар умнумаҥ
Олох суостаах сокуонун —
Балык ыамнаах, киһи күннээх,
Бүгүн үтүөтэ сарсыҥҥыны билбэт,
Эрэммит да эрэл эрэбилэ суох…
Уу кыыһын курдук
Уруургуубун даҕаны,
Урууларым барахсаттар
Унаарыҥнаан уһаан,
Убаҕаһынан көрөөхтүүллэр,
Улахамсыйан ылаахтыыллар…
Уруу ырааҕа, уу чугаһа диэн
Уоба да этээхтээбиттэр эбит…
Уруу-аймах уккунньаҕа
Угуллубатын, симэлийбэтин…
Уруулуу ситим быстыбатын,
Уһуннук уҕараабатын…
Саҥарар саҥам диэн
Саҥараахтыыллар ээ…
Соһуйбат да буоллум,
Сонургуу да истибэппин…
Сири-буору аннынан
Саҥарбыккыт иһиллэр,
Сатарытар халлааны,
Сурахтыыр-садьыктыыр…
Саһыарбыт санааҕыт
Сүтэн-иҥэн хаалбат,
Сыыһа-халты туттаран
Салгын куттанар…
Киһи олоҕо уустуктардаах,
Биир кэм эриэ-дэхси буолбат,
Түһүүүлээх-тахсыылаах,
Үрүҥнээх-харалаах…
Ыар санаа ыган кэллэҕинэ,
Алдьархай ааҥнаатаҕына,
Иэдээн иэҥнээтэҕинэ,
Итэҕэлиҥ эрэ өрүһүйүө,
Сиҥнибэт силистиэ,
Быстыбат ситимниэ,
Самныбат саргылыа,
Сахалыы тыынныа.
Дьону сэнээмэ, сиилээмэ,
Аараттан туран сэтэрээмэ,
Үөһэттэн аллара көрүмэ,
Сирэй-харах анньыма.
Хомотуу-хоргутуу
Холбоһон-силбэһэн,
Үөһэ күөрэйэн тахсыа
Кэтэспэтэх өттүттэн…
Кэлэр кэнчээри ыччаккын
Бутуурдаах дьылҕалаама,
Кэхтэр суолга киллэримэ,
Эрэйдээх олоххо угаайылаама…
Сүтүктээх олоҕуҥ
Сүүрүктээх биэрэгэр,
Сиҥнибит сыырыгар
Сайдам санааны
Саҕартан саллыма,
Саҕахха саһыма.
Саҥа үүммүт күн
Сарыал саһарҕата
Сырдыгынан кууһуо,
Сылааһынан угуттуо,
Саргыны салайыа,
Сирэмҥэ сирдиэ.
Мээнэ тыллаһымаҥ,
Улаханнык саҥарымаҥ,
Салгыны хамсатымаҥ.
Көҥүлгэ көтүппүт
Тыыннаах тылларыҥ
Иһиллибэт буолбаттар…
Улаатымсыйар улуугун
Уллуҥаххар уоран угун,
Бэйэмсийэр бэдиккин
Бэтэрээнэн бэрэлээмэ.
Кими да үөһэттэн көрүмэ,
Халлаанынан хантайыма,
Дьонтон үрдүктүк туттума,
Сабардыы сананыма.
Айылҕа тутаах сокуона
Сотулла илигин умнума,
Олох тэҥниир сатабылын
Саарбахтаама даҕаны…
Арыылаах алаадьынан
Алгыспар айах тутан
Айаным аан аартыгын
Арыйдаҕым буолуохтун!
Өһүөннээх өйгүн өһүлэн,
Өр сыллаах өһөгөйү
Өрөҕөтүнэн бырах,
Өһү-сааһы тууйа тут.
Өрдөөҥҥүнү өрүкүтэн
Өрөгөйгүн өһөрүмэ,
Өһөөччүгүн киллэримэ.
Халлааны хайытар
Хааннаах хапсыһыыны
Ханныттан халбарытан,
Хатыылаах хатыһыыны
Хайа диэки хайыһыннар,
Хампарытар хаҥылгын
Хаҥас диэки хайыһардат…
Түлэй түүн үөһүгэр,
Ый симик уотугар
Иһийэн иһитиннэрэр
Аар Айылҕам сэһэнин,
Өлбөт тыыннаах үйэлээх,
Өлбөөдүйбэт өбүгэм
Үтүө өрүттээх илдьитин,
Кэһиллибэт кэс тылын…
Буолартан-буолбаттан
Санааҕын түһэрэн,
Сыыһа-халты туттан
Быстахха кииримэ.
Үөр былыт быыһыттан
Күлүмнэс күн көрүө,
Уот кураан кэнниттэн
Быйаҥ ардах түһүө.
Чугас дьонуҥ дьоллоох буоллахтарына,
Дьол кыымын эйигинниин үллэстиэхтэрэ,
Тула өттүҥ сырдыгынан сыдьаайыа,
Ирээтиҥ эйиэхэ хайаан даҕаны тиксиэ.
Орто дойду олоҕун
Хаһыҥнаах халдьаайытын
Хайаатар даҕаны
Күндэлэс күн көрүө,
Сылааһынан угуттуо,
Кустугун оонньотуо.
Куруук куһаҕан буолбат,
Бүгүн табыллыбатах,
Сарсын аартыга арыллыа,
Ааһыахтара амырыын күннэр,
Үүнүөхтэрэ үтүө түгэннэр,
Дьол аргыстаах кэмнэрэ.
Олох олуйдаҕына,
Эрэй элиэтээтэҕинэ,
Эрэлгин сүтэримэ,
Ыраҕын ыһыктыма.
Ытаа да ыллаа,
Ыттыы да ыйылаа,
Бөрөлүү да улуй,
Барытын тулуй.
Бүгүн күөнэхтээбит билбэт
Сарсыҥҥы саппыйатын....
Туллар тутум турукка
Атын дьон олоҕун ырытымаҥ,
Ордук-хоһу тыллаһымаҥ.
Сүтүктээҕи сэтэрээмэҥ,
Баттаммыты атаҕастаамаҥ,
Саспыты сонордоһумаҥ,
Бүдүрүйбүтү тэпсимэҥ,
Охтубуту туоратымаҥ.
Арай, доҕоор, төлө туттаран
Сордоох саппыкытын соһор,
Эрэйдээх эрбэһин сонун кэтэр,
Олох аһыытын-ньулуунун амсайар
Эппиэттэтэр кэмэ кэлээрэй…
Кыра бартыбыал сыыһын
Ыксары кыбынныбыт эрэ
Киэптиир киэппитин кэтээхтиибит,
Киһиргээн киһинньэхтиибит,
Үтүөмсүйэн мөрөҥөлүүбүт,
Үөрэхтээҕимсийэн силбиэтэнэбит,
Үөс биэрбэккэ үллэрэҥниибит,
Күргүй-көбүө буолан тордурҕуубут.
Кылгас санаа, тутах тутул
Бэрт да мэйиини мэлитэр,
Өркөн да өйү буомурдар,
Үчүгэйи да буккуйар…
Айыы куттаах орто дойду оҕотун
Тыйыс тымныы тыыннаах тыыппатын,
Кырыы харахтаах кыҥаабатын,
Хабыр хааннаах хабырыйбатын,
Таҥнары тардыылаах тумуннун,
Тиэрэ түөрэхтээх булкуйбатын!
ДОМ! ДОМ! ДОМ!
Олох долгунугар оҕустаран,
Баалыгар балыттаран,
Ийэ кутум иэҕиллибэтин,
Салгын кутум санньыйбатын,
Буор кутум бураллыбатын!
Саныыр санааҥ сырдык,
Ыраҥ ыраас буоллаҕына,
Саҥарбыт саҥаҥ
Доҕуһуол дорҕооно
Үтүөнү эрэ үксэтиэ,
Үчүгэйи эрэ аҕалыа.
Кэннигин хайыһыма,
Буолбуту ахтыма,
Түүлгэр төннүмэ,
Барбыты баалаама.
Ааспыты хаалларан,
Уруккуну умнан,
Сарсыҥҥыгын санаа,
Өйүүҥҥүгүн өрүһүй.
Баҕарыҥ дьоҥҥо үтүөнү,
Сылааһынан сыдьаайар
Иһирэх-истиҥ тыллары
Өрүү өлгөмнүк уунуҥ.
Халлааны сатарытар
Тыйыс тымныы тылларга
Тыын биэримэҥ,
Куһаҕаны уйалаамаҥ.
Үйэлээҕи санаан
Самныбыты саргылааҥ,
Бүдүрүйбүтү өйөөҥ,
Атаҕастаммыты аһыныҥ.
Бүрүүкээбит хараҥа халлаан
Халыҥ былыттарын халытыа,
Чаҕылыйар күнүн көрдөрүө,
Сыралыйар сырдыгын бэлэхтиэ,
Ол тэҥэ олоххор кэлиэхтэрэ
Кэтэһиилээх кэрэ кэмнэр,
Үөрүү кынаттаах түгэннэр.
Ааспыт алҕастаргын
Сырыы аайы сыымайдаама,
Санньыар кэмнэргэр
Силис тардыма,
Санаа ыар баттыгын
Сүгэһэр оҥостума,
Суолгун харгыстаама.
Бэйэҕин бырастыы гынар
Сүдү күүһү булаҥҥын
Инниҥ диэки хардыылаа,
Сырдыкка, кэрэҕэ талас.
Дьылҕам ыарахан диэн ытаама,
Сатаммаппын диэн суланыма,
Кэп туонан кэмиринэн
Кэрэгэйи кэтээмэ.
Олох араас очуругар-чочуругар
Бүдүрүйэри билимэ,
Үс былас көнтөскүн ыһыктыма,
Үйэлээх суолгуттан туораама.
Кыраттан кыылбыт киирэр,
Сайаҕас санаабыт самнар,
Тутумтан турукпут тумнастар,
Тутаах тутулбут тостор…
Орто дойдуга олорор туһугар
Олох оллурдарын туораан,
Өрүһүнэр туһугар туруулас.
Тыынар тухары олох баар,
Хамсыыр тухары хаан оонньуур,
Ол аата талар талаан бэйэҕэр,
Арай өлөр өлүү эрэ иннин биэрбэт…
Кылгас өй кыаһылааҕы,
Тутум турук туттарыылааҕы,
Сарбыллыбыт санаалааҕы,
Ситэтэ суох силистээҕи,
Быһаҕас быыппалааҕы
Бырастыы гыныахха,
Алҕастарын ааҕымыахха,
Буруйун булумуохха,
Хомойууттан, хоргутууттан үрдүк
Киһи киһитэ буолуохха.
Хом санааны уйалаама,
Хоргуппуккун тутума,
Хомойбуккун хостоомо,
Хараҥаны халбаҥнатыма,
Хабалаҕа кииримэ…
Хабараан санаа ханыыласпыт,
Куһаҕан эйгэ эҥээрдэспит,
Кырыктаах үҥүүлээх тылы-өһү
Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһаайымаҥ.
Этэр тыл эппиэттээх,
Саҥарбыт саҥа дьайыылаах,
Эргиллэн кэлэр ыйаахтаах,
Төннөн кэлэр төлкөлөөх…
Саһыарыма дууһаҕар
Ааспыт үөмэр күлүгүн,
Сөҥөрүмэ сүрэххэр
Куһаҕан кууспут санаатын…
Ааһыа барыта,
Оннооҕор буолуох
Умуллар, умнуллар,
Саарбахтаама даҕаны…
Сирдээҕи олоҕуҥ сиҥнибэтин,
Сайдам санааҥ самныбатын,
Сырдык иэйииҥ симэлийбэтин,
Сарсыҥҥыга эрэлиҥ сүппэтин,
Сэниэ туругуҥ туллубатын.
Тула өттүм сырдаатын,
Күлэр күнүм үксээтин,
Айан суолум алгыстаннын,
Алаһа дьиэм арчыланнын,
Тутаах туругум тубустун,
Ыра санаам эргилиннин,
Эрэлим эргийдин,
Эппитим туоллун.
Айар кутум кынаттаннын,
Этэр-тыынар тылым
Доҕуһуол дорҕооно
Үйэлээх тыыннаннын,
Силис ситимнэннин.
Сүктэриллибит сүгэһэрим
Сүһүөхпүн сүтэрбэтин,
Сиэттэриллибит сиэтиим
Сэниэбин сэллээбэтин.
Сиргэ түспүт сэрэбэйим
Сатабыллаах буоллун,
Санаабыт сахалыы санаам
Саргыланнын-кынаттаннын.
Эргиллибэт күннэргин
Эргийэҥҥин элиэтээмэ,
Ааспыт аанын сабан
Аараттан саараама,
Уруккуну суохтаан
Улугурдар уугун умун,
Сарсыҥҥыгын санаан
Санааларгын сайҕаа.
Иҥсэҕэ-обокко иҥнимэ,
Түптүр хараҕын киллэримэ,
Хараххар харчыны кыбытыма,
Баайын-дуолун анараа дойдуга
Состороонньоломмут суох…
Дэлэгэйи дэлэтиэхтэрэ,
Наар суоҕунан көрбүккэ
Суоҕу биллэриэхтэрэ,
Бэримсэххэ биэриэхтэрэ,
Утары уунары уйгулуохтара.
Кыһалҕа кыймыылыыр,
Эрэлиҥ эстэр,
Сор сосуһар түгэнигэр
Соҕотох буолбатаххын,
Айыыларыҥ арчылара
Алгыстаах санаалара
Арахсыспат аргыстарыҥ.
Сүтүктээх сүгэһэр сүппэт,
Абалаах аһыы ааспат,
Харах уута куурбат,
Сүрэх бааһа оспот.
Дууһам кыланыытын
Туох да уоскуппат,
Кутум айманарын
Кэм-кэрдии уҕарыппат…
Уйулҕаҥ уйуммат,
Уһуутуур уһуккар
Итэҕэлиҥ өрүһүйүө,
Өбүгэҥ күөрэйиэ,
Санааҕын сааһылыа,
Силискин ситимниэ,
Суолгун сирдиэ,
Эрэлгин эркинниэ.
Ыгым санаа ыксатыг
...
конец ознакомительного фрагмента
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?Популярные книги за неделю
-
Похождения бравого солдата Швейка
Самое популярное произведение чешской литературы, роман Ярослава Гашека «Похождения… -
Карл Маркс (1818-1883) – выдающийся немецкий политический мыслитель, общественный…
-
Бакалавр медицины Питер Блад, обвиненный в государственной измене за то, что, верный…
-
Вышедший после смерти Теодора Драйзера заключительный роман «Трилогии желания» –…
-
Великолепно оформленное, богато иллюстрированное издание. Яркие, выразительные,…
-
«На маяк» – книга категорически необычная. Два дня, разделенные десятилетним промежутком…
-
«Записки о Галльской войне – это исторические заметки легендарного римского полководца и…
-
Писатель-классик, писатель-загадка, на пике карьеры объявивший об уходе из литературы и…
-
Элизабет Гаскелл – известная британская писательница, вставшая в один ряд с сестрами…
-
Творчество английского поэта-романтика лорда Джорджа Гордона Байрона (1788–1824) сыграло…
-
Ло Гуаньчжуна, ставшего в Китае почти легендой, считают автором 6 классических китайских…
-
Переиздание культового романа. Философия и социальные проблемы мира «без…
-
«Русские женщины» – это сборник поэм и стихотворений Николая Некрасова, классика русской…
-
Известный роман Джеймса Оливера Кервуда «Бродяги Севера» – одно из лучших произведений…
-
Эмиль Золя – основоположник натурализма в литературе, автор двадцатитомной эпопеи…
-
Филип К. Дик – классик научной фантастики, автор-новатор, который добавил жанру новое…
-
Леопард с вершины Килиманджаро
Ленинградская школа фантастики дала жанру многие славные имена. Георгий Мартынов, Илья… -
«…Выворачивать наизнанку базовые категории реальности наподобие пространства и времени…
-
После трагических событий прошлого Изабель не может найти себе места в родном городе. В…
-
Жан Грандье, шестнадцатилетний француз, сказочно разбогатевший в свои 15 лет на Аляске,…
-
Гавайи – рай для туристов, солнце, океан, пальмы… Люди давно забыли, что древние боги,…
-
Ударные военные романы, написанные настоящим знатоком жанра. Российские спецслужбы…
-
«Кто ж ты все-таки, Райнер? Не немец, хотя – целая Германия! Не чех, хотя родился в Чехии…
-
Писатель-классик, писатель-загадка, на пике карьеры объявивший об уходе из литературы и…