Текст книги "Өрө тыгар хатыҥнар. Сочинения. Том 3"
Автор книги: Михаил Тимофеев
Жанр: Современная русская литература, Современная проза
сообщить о неприемлемом содержимом
Текущая страница: 2 (всего у книги 6 страниц) [доступный отрывок для чтения: 2 страниц]
КЫМЫРДАҔАС
Е.Г. Федоровка
Түннүк нөҥүө хаар түһэр,
Кыһын кэллэр кэлэн иһэр…
Хайдах эрэ кыстаан эрэр
Кымырдаҕас эрэйдээх?..
…Күһүн этэ. Кыстык дьиэҕэ
Көһөрөр киһи күүтэн,
Хагдарыйбыт тэлгэһэҕэ
Күн уотугар көхсүбүнэн
Сыламныы олорон мин
Соһуччу көрө түспүтүм:
Адьас атаҕым анныгар,
От-мас сыыһын быыһыгар
Биир быыкаайык кымырдаҕас
Мөдөөттүк мөхсүбүтүн…
Саба үктээн кээһиэхпин
Санаам миэнэ буолбатаҕа:
«Салҕаабатах» да иһин,
Сир өтүө суох быһыылааҕа…
Үөн-көйүүр ууһаан, мустан,
Ордуутугар нухарыйар,
Барамай эрэ барыта
Балаҕаныгар хаптайар,
Хаҕыс тыал хотуттан үрэр,
Хаар хаһыҥ түһэр кэмэр
Аһаҕас халлаан анныгар
Удьуор үлэһит аатырар
Өй-мэйии кымырдаҕас
Суос-соҕотоҕун быстан,
Сордоммута-муҥнаммыта, —
Сүрэхпин долгуппута!
Ким билиэй кымырдаҕас
Кыһалҕатын, дьылҕатын? —
Оргулуттан үүрүллүбүт
Улуу муҥун, буруйун…
Эбэтэр, кустуу муммут
Огдолуйбут олоҕун…
Биитэр, кырдьан, ыалдьан, кыаммат
Босхоҥ буолбут муҥун дуу?..
…Түннүк нөҥүө хаар түһэр,
Кыһын кэллэр кэлэн иһэр!..
Хайдах эрэ кыстаан эрэр
Кымырдаҕас эрэйдээх?..
1972
МЮНХЕН
Мюнхены мин билэр этим
(Билэр этим сэрии тиэмэтин)
Били абааһы мунньаҕынан,
Бии отут аҕыс сыллааҕынан…
«Үчүгэйдэринэн» айаҕаланар
Үс анаҕастаах адьырҕалар
Субу куоракка болдьосуһан,
Сүбэ мунньах оҥоортор, саһан…
Оччугуй омугу, кыра дьону
Эһэр туһугар иллэспиттэр.
«Ол инниттэн аан дойдуну
Уокка уматар сөп» дэспиттэр.
Мюнхеҥҥа түстэммитэ үһү
Майданек, төннүү, сүлүһүн…
Мин биллим быйыл Мюнхены
Букатын даҕаны атыннык:
Алааһым кыыһа Анегина
Ыллаата уон омук тылынан;
Оройуонум отох уола Роман,
Онно тиийэн тустан, бастаан, —
Аан дойду күүстээх бухатыыра,
Олимп хайа бэрдэ аатырда.
Үрдүк, намыһах арааса
Үөскээбит эбит, арааһа…
«Киһи, дьон төрдө биир» диэннэр
Хой баһын холбоон эппэтэхтэр.
Мэлдьи куһаҕаннык Мюнхены
Мин да саныа суохпун аны.
1972
ДОҔОРБОР
Сир Күнү тула эргийэр,
Салгыҥҥа төкүнүйэр нэксиэтиттэн,
Магнит буурҕалара түһэннэр,
Полюстар муус төбөлөрө өрүкүйэриттэн.
Хотугу, Соҕурууҥҥу муоралар
Хаар, самыыр хабыр үллэһигэр
Хатыс быалыы уунаҥнаһа,
Быыппаста-быыппаста тардыһаннар,
Былдьаһа-былдьаһа
Былытынан бырахсар «көрдөрүттэн», —
Күнүстэри-түүннэри сэллээбэккэ
Холоруктаах тыаллар таҥнары часкыйдылар,
Күүгэннээх долгуннар өрө ытылыннылар…
Күн анна көлбөҕүнэн бүрүлүннэ,
Халлаан анна хараҥара барыарда!..
Тиһэҕэр, уот кымньыы чаҕылҕаннар
Тымта, тырытта быһыта курбуулааннар, —
Дохсун этиҥнэр дэлбэритэ тэптилэр,
Ньиргиэрдээх тыастар Сиргэ түстүлэр!..
Ыаһаабыт, ыанньыйбыт, намтаабыт халлаан
Ыаҕастаах уунан ньиккирэччи ытаата…
Ардах аһынна, былыт быданна,
Халлаан дьайҕара сырдаата, күн көрдө!
От-мас, сир-дойду дьэ һуу гынна,
Унаар сыһыы, ойуур-тыа көҕөрдө…
Доҕоруом, «…тулуурдаах да киһи!
Тулуйуо, туруук таас…» дэтэ сатаама,
Кылаадьы, дьоҕойон хайҕал ити…
Кыһалҕа кырыыс курдук кыһайдаҕына,
Муҥ булан, буулаан моһуйдаҕына, —
Модун санааҕын булгуруппакка эрэ,
Улуу утарсыыгын уҕарыппакка эрэ
Уулааҕынан уун-утары көрөргүттэн,
«Аанай-туонай абам да баар эбит!» – дииргиттэн
Оччо улаханнык кыбыстыма.
Ыарахан ыарыыттан – ынчыктаа,
Ыар аһыыттан – ньиккирэччи ытаа…
Эн даҕаны ыалдьар эттээх, хараастар сүрэхтээх,
Айыы киһитин аччыгый оҕото этиҥ буолбаат?!
Көрбөтүҥ дуо күүстээх ардаҕы!
Бэл диэтэр,
Көҕөрөр халлаан көхсө кэҥээтэ!..
Санаарҕаан-санньыйан,
самыырдаан-хаардаан,
Санааҕын саҥаран, сылаанньыйа сырдаа!
Курааннаан, кууллайа умайыма,
Куруҥ маһыныы кубарыйа хатыма!..
Хара таас, эмэх мас эрэ буолума,—
Киһи буол,
Доҕоруом!..
1972
«Ахтылҕаммын дьэгдьитэ…»
Ахтылҕаммын дьэгдьитэ,
Оторох уйан санааларым
Өрүстэри быһа көтөн,
Ойуур мастарын быыһынан
Үөр чыычаах кэриэтэ,
Оскуолабар тиийэн түһэллэр.
Кырачаан оҕо саастарбыттан
Кыһыл көмүс үөрүүнү
Кынаттарын быыстарыгар
Кыбытынан бараннар
Туллук тобурах үөрүнүү
Төттөрү көтөн кэлэллэр!..
1972
БАЛЫКСЫТ МОНОЛОГА
Былыргы оҕонньоттор барахсаттар
Бар дьону балыктаан аһатаары,
Туос тымтайдарыгар сүгэн таһаннар,
Күөлтэн күөлгэ балык ыыталлара.
Номох оҥостоллоро кинилэр:
Таллан куоҕас тумсугар ытыран,
Күөлтэн күөлгэ балык киллэрэн,
Күөх далайдары байытарын…
Алҕас анньыы ууга түстэҕинэ —
Айдаан турара нэһилиэккэ,
Бары түмсэн муҥхалаан, ол тимири
Былыыктан, ууттан ороон тэйэллэрэ.
Күөлү, үрэҕи, күөх далайы кытта
Кинилэр киһилии кэпсэтэллэрэ.
Мууска хаарыттарбыт балыкка
Билэллэринэн аһылык куталлара.
Сайылыкка салама ыйыыллара
Саас аайы саха эмээхситтэрэ,
Түөрэх олордо, алгыс тыл этэ
Тоҕой сэлэ тумулга киирэллэрэ.
Иччиттэн, абааһыттан куттанан
Инньэ гыналлара диибит да —
Аһатан-сиэтэн олорор айылҕаҕа
Өрүү махтанара айыы аймаҕа.
Айыыны, абааһыны итэҕэйбэт
Аныгы үйэ дьонноро – биһиги
Собону соччо сирбэппит эрээри,
Сиилиибит ол дьон сиэрдэрин.
Мотоциклбыт, моторкабыт курдук
Биһиги былчыҥмыт, санаабыт модун.
Кыараҕас харахтаах капрон илимнии
Кыраны да сыыһа туппат илиибит.
Үөрэннибит тимир тыыга, тимир тууга…
Онон бэйэбит эмиэ – тимирбит,
Ол биир анньыытааҕар буолуох ууга
Автомобиль, трактор да тимирдин…
Солидоллаах буочукалар умсаллар,
Соччо кыһаммаппыт ол аайы, хата,
Самолет, вертолет уларсыллыа,
Соболуу, кустуу барыахпыт ыраата…
Ол эрээри, уу көтөрө, бэл, куоҕас
Иннин санаан кэскил тэринэрин,
Toҕo биһиги умнарбыт буолуоҕай,
Туос тыылаах оҕонньоттор да үгэстэрин?..
«Охтон баранар ойуур тыа мастаах,
Уолан баранар дириҥ далай уулаах
Орто туруу дойду барахсан…» диэннэр
Олоҥхоҕо тугу этэллэрэй өбүгэлэр?..
1972
ХАЙЫЫБЫН?
– Биһиги өйдүүрбүт курдук өйдөн,
Биһиги саныырбыт курдук санаалан!
Баҕар, киһи буолуоҥ! – диэбиккит,
«Бэлэспэр силлээбиккит».
Барытын ылыммытым,
Быһа хаампатаҕым
Эһиги үс күлүккүтүн,
Үөрэ көөртүм эһиги үрдүккүтүн.
– Сатаан таҥын, сатаан тото аһаа,
Силлиэ-буурҕа түстэҕинэ,
Сиргэ быстарыахпыт суоҕа,
Сэтиилэнэн иһиэхпит! – диэбиккит.
Барытын ылыммытым, махтаммытым,
Батыһан эрэ испитим.
Арай сатаан аһаабат,
Урданар буола уойбат эбит этим.
– Биһиги ыллыырбыт курдук ыллаа,
Бу дойду адьырҕа кыылларын,
Үрүҥ көмүс кынаттаах көтөрдөрүн
Үргүтэр сатаммат! – диэбиккит.
Үтүктэ сатаабытым, үтүктэ сатаабытым.
Адьас сатаабатаҕым. Сатаабат эбит этим
Эһиги уу сүүрүгэ уран кылыһаххытын,
Эһиги оту-маһы хамсаппат ырыаҕытын.
Хайыһан көрдөххүтүнэ аны миэхэ
Хараххыт хатыыланар буолан барда…
Хайыыбын? Хардыыгытын ситиэ суохпун ээ.
Хайыыбын? Хайыыбын? Хаалабын дуо?
1972
КҮҺҮҤҤҮ БҮЛҮҮБЭР
Үөскэр күннүүн үҥкүүлүүр
Үрүҥ көмүс Бүтэй Бүлүүм,
Оччоон-синньээн сытаргыттан
Уу таҕыста харахпыттан…
Өлбөт мэҥэ уу быйаҥҥын,
Эдэр кыыстыы эккин-хааҥҥын —
Улуу өрүс куолаҕа
Оборон ылбыт буоллаҕа…
Ол эрэн бөҕөх турабын,
Уһуну-киэҥи саныыбын:
Эһиил кэлиэ ыһыах сааһа,
Угут уута, көмүөл мууһа…
Икки кытыл сыҥаһаттан
Илиигинэн эн тардыстыаҥ,
Эдэргинии, түөскүн астан,
Эппэлдьийэ, мөхсө сытыаҥ…
Быттыккыттан-хонноххуттан
Быйаҥ уута өрө анньыа,
Намылыйар таһааҕыттан
Тайҕа тыабыт, сыһыы хамныа…
Оттон бүгүн бөтүөхтүүгүн,
Үрүҥ көмүс Бүтэй Бүлүүм!
Уолан-оччоон сытаргыттан
Уу таҕыста харахпыттан!..
1972
«Оттобун оһохпор…»
Оттобун оһохпор
Тиит маһы —
Тиритэн-хорутан кэлэбин.
Оттобун оһохпор
Бэс маһы —
Титирии, тоҥо сылдьабын…
Бу эбит буоллаҕа
Мас мастан атына, —
Киһи киһиттэн
Атынын кэриэтэ…
1972
КУЙУУР
Көлүйэ күөл халыҥ муустарын
Күрдүргэччи көйө аллараҥҥын,
Көлөһүн-балаһын аллаҥҥын,
Түһэрдэр түгэҕин булларбат,
Туох да уутун сэбэ тургуйбат,
Таҥнары күөрэйэн тахса турар,
Дириҥ далай ойбонун тэһэҕин,
Дьэ бултуом аҕай дэнэҕин…
Чэччилээн-чэччилээн аллараҥҥын,
Түгэҕин эмискэ түөрэ олуйаҥҥын,
Төрүт буордаах уутун кытары
Кыһыл хааннаах лаапчааннааҕы —
Көмүс хатырык салыҥнааҕы
Кылбаһыта үөһээ өрүкүтэҕин,
Кыл сүүргүн үҥкүүлэтэҕин…
Маҥнайгы уоҕуҥ дьэ хараан,
Махтана, астына быһыытыйан,
Маҥкыҥ маһыгар бэргэнник
Түөрэйгин түргэнник кэтэрдэҥҥин,
Тилэххинэн күүскэ тирэнэҥҥин,
Дьэ эттиин-хаанныын иэнигийэн,
Дьэ эргитэн-эллэһэн бараҕын…
Төһө да балыгы хотордоргун, —
Төрүт баҕаҥ ханыа эрэ суоҕа;
Тымтайгын төһө да толордоргун, —
Тыаҕа тахсыах санааҥ кэлиэ суоҕа!..
Оо, үчүгэй даҕаны буоллаҕа
Ыкса сааскы ичигэс ылааҕа
Өссө элбэҕи түөрэ баһаары,
Атын ойбону аллараары, —
Өссө элбэҕи өрө тэптэрээри, —
Өлүмнэһэ эрэ сылдьарыҥ!..
1972
«Доҕорбун дьиэбэр ыҥырабын…»
М.Т.
Доҕорбун дьиэбэр ыҥырабын,
Тугум да суох күндүлүүрүм.
Хаһаас аспын, сыһыктарбын
Билбэппин хаһан бүппүттэрин.
Доҕорбун дьиэбэр ыҥырабын,
Тугум да суох киһиргиирим.
Мин баайдарбын, малларбын
Билэр кини эргэлэрин…
Ол да буоллар, ыал буоллаҕым,
Улдьаарар да кэмим аастаҕа, —
Доҕорбун дьиэбэр ыҥыраммын
Дьоллуур, күндүлүүр санаалаахпын…
Түбүктээх бу таас куоракка,
Түрүлүөннээх тыаска-ууска,
Түүнү, күнүһү араарбакка,
Тыҥырахтаахха тыыттарбакка
Күһүн, сайын муспут хаһааспын
Кыһын, саас таспыт сыһыкпын —
Хомойоммун да дьоллономмун
Кыладыйбыт ахан хоһооннорбун;
Туохха да биэрбэт баайбын —
Тойуктарбын, ырыаларбын
Доҕорбор ааҕан биэрдэрбин
Дуоһуйуох эрэ курдукпун.
Кини эрэ онтон астыннар,
Күллэр-үөрдэр уонна итирдэр, —
Бу аан дойдуга мин саҕа
Баай киһи диэн суох буолуоҕа!
1972
«Мин маҥнай харахпын аһарбар…»
Мин маҥнай харахпын аһарбар
Буурҕа тыал ахпыта, часкыйа, —
Балыыһам түннүгүн анныгар
Баай Хатыҥ турара, наскыйа.
Ол күнтэн элбэх да хонуктар
Элэҥнээн киэһэрэн аастылар:
Хонуктар игирэ курдуктар,
Күнтэн күн атына суох устар.
Арай эн, Хатыҥым барахсан,
Итии хаар таҥаскын уһуллуҥ.
Лабаалар хаарынан бырахсан,
Күн уота көмнөххөр уулунна.
Күөх солко бытырыыс былааккын
Санныгар иилинэ бырахтыҥ,
Ыһыахха бараары баҕарбыт
Эдэр кыыс кэриэтэ таҥынныҥ.
Миигинниин бэрт дэҥҥэ мунчаарар,
Таһыттан, ыраахтан талбаарар,
Эрэнэр, эрэммэт Хатыҥым! —
Эт эрэ, эт эрэ, хайдаҕый? —
Мин хаһан атахпар турабын,
Мин хаһан таһырдьа тахсабын;
Ыһыахха, бар дьоҥҥо барыахпын
Айыыта-харата хаччаный?..
1972
ТЫЛЛААХ ЧЫЫЧААХ
(Остуоруйа)
Түөрт иитэ көстүбэт
Толомон толоон ортотугар,
Тутуһар туурата биллибэт
Тунаар тумара дулҕатыгар,
Тыллаах чыычаах барахсан
Тырыбыныы мөхсө сытар:
«…Хомурахтаах хотугу дойду
Холоруктаах модун буурҕатыгар,
Илин-кэлин түсүһэ
Илбиһирэ көтүү кэмигэр,
Долуобун тобурахха тоһутан,
Дабыдалым дьаҥхара мууһуран,
Самыырга охтубут сара кус курдук,
Сапсыммат садьалай буоламмын,
Санаа сохсотугар баттатан,
Сатыылаан, быстаран сытабын…
Охтон баран турбат баар —
Улуу муҥ,
Оһоллонон баран үтүөрбэт баар —
Ыар эрэй!..
Үрүк-түрүк эрдэххэ,
Үөһэнэн көтөр күннэргэ
Үгүс да этэ үөлээннээх доҕотторум,
Өрүһүйсүөх буолбут үөр «хотойдорум»!
Өҥмүт-түүбүт кэриэтэ
Өйбүт-санаабыт да биирэ бэрдэ!
Муораҕа тиийэн төннөр
Муҥутуур муҥур баҕалаахпыт:
Икки атахтаах үктэммэтэх
Уу уйгу кытылларын буламмыт,
Ууһаан-сымыыттаан эргиллэр
Улуу дохсун санаалаахпыт.
Быстаран өллөххө даҕаны
Биир кумахха көмүллүөх буолан,
Эрэнсэн-итэҕэйсэн испиппит.
Айан аҕыс аартыгынан
Аргыстаһан айанныах буоламмыт
Андаҕар тыл бэрсибиппит.
Оо, ол онтубут баара
Уу сүүрүгүнүү уостан хаалла:
Силлиэ түһэр сибикитин истээт, —
Сүтэрсэн, умнуһан кээстибит;
Буурҕа буолар билгэтин билэн,
Мунсан-бураллан хааллыбыт.
Суолбут араҕыстаҕа —
Тугун судургутай?!.
Соргубут тоһуннаҕа —
Тугун соһуччутай?!.»
Ити курдук иэйэ-куойа сыттаҕына,
Үөһээ үрдүк дьүрүс халлаана
Үрэл гына сырдыы түһээтин,
Үрүлгэн сардаҥа дэйбиирдээх
Үрүҥ күн, хара былыт быыстарыттан
Үөгү саҥа сатараата:
«…Этэҥҥэ көппүтүҥ буоллар,
Эн даа үөрдэриҥ курдук,
Өлүмнэһэ, өрүскэлэһэ, ииригирэ,
Үрүҥү-хараны өйдөөбөт иҥсэлэнэн,
Үчүгэй диэбиккэр, үрдүк диэбиккэр
Урут түһэ сатыаҥ суох этэ дуо?..
Кулан дьолуо хотоҕойдоох удьуора,
Күөрэйэ көтөр көмүс чыычаах эрээригин,
Кэмсиннэҕиҥ баҕас тугун сүрэй?! —
Тимирбит күөрэйэрэ диэн баар,
Тэмтэрийэн охтубут турара,
Тостубут табытал муостуйара баар!..
Кыната суох кыһалҕатын,
Халлаан көҥүлэ хамаҕатын
Өйдөөбүт эбит буоллаххына,
Аны биирдэ үөһэ дабайаҥҥын,
Аньыыта-харата суоххун
Аанньалларгар итэҕэтэн,
Сай күдэн сырдык салгыҥҥа
Санааҕын көтөн көрдөр!..»
Тыллаах чыычаах барахсан:
«Тыый! Тыый!» – диэн соһуйда.
Чырыптыы, чырылыы түһээт,
Тэмтэйэ, тэлибирии дайда:
Тус соҕуруу, күн тахсар,
Тыҥ хатар сирин диэки
Тырыбыныы көтө турда!..
Айылҕа анысхан араллааныгар
Айан суолугар умнуллан хаалан,
Соҕотохсуйа, соҥуйа түспүт
Кыптыый кынаттаах кыракый чыычаах
Ханна тиийэн уйа туттубутун,
Ханна тиксэн оргул оҥостубутун,
Халлаан хайа эркинигэр
Дууһата тохтообутун
Ким этиэ, туох билиэ баарай?..
Остуоруйа бүтэр уһуга
Үчүгэйи эрэ үөйэр үгэһинэн,
Этинэн-хаанынан
Эрэйи билбит чыычаах
Этэҥҥэ буолаа ини диэн
Эрэл санаабыт иһирэҕин
Испитигэр илдьэ хаалыаҕыҥ!
1972
«Уоһум, айаҕым кууран…»
Уоһум, айаҕым кууран,
Эмиэ, эмиэ уу көрдүүбүн…
Куттаныма даа, Шурам,
Үчүгэй түүлү түһүүбүн:
Эйигин үөрдүөм үтүөрэн,
Эн эрэнэр буола үөрэн…
Куттаныма даа, Шурам,
Бу кута оронтон туруом;
Илиибинэн ыга кууһан,
Эмиэ эйиэнэ – мин буолуом…
Үгүс түүн утуйбатах эрэй,
Эмиэ ааһыа, ааһыа, эрэн!
Ороммор, миигин манаан,
Эн олороруҥ тухары,
Кутталтан уонна тапталтан
Куустуһар дьолбут тухары, —
Күнү, Эйигин быраҕан,
Ханна да мин барыам суоҕа!..
1972
«Күһүн ылаа күннэрэ…»
А.К.
Күһүн ылаа күннэрэ
Киирдэ сырдык ойуурбар.
Арай бу уу чуумпуга
Ханна эрэ, ханна эрэ
Кэкэ-бука саҥарар…
Уонна эмиэ чуумпу турар…
Ойуур хойуу салгына
Уу түгэҕинии дьэҥкэрэр,
Сэбирдэҕи, мутукчаны
Сиргэ түһэриэн сэрэнэр.
Тииҥ кутуругун тэрэтэн,
Тииттэр өрө тыкпыттар!
Утуйан турбут кэриэтэ,
Арыы саһыл хатыҥнар
Аһаҕас халааттаахтар.
Уу чуумпу, лабаа хамсаабат,
Уоскуйбут бу ойуурбар,
Оо, туох эрэ дьикти баар…
Дьахтар сайына диэннэр
Дьоннор маны этэллэр…
Отон, дөлүһүөн сытынан
Ойуур сандаара тыынар…
Оо, ол эрэн, ол эрэн, —
Ханна эрэ, ханна эрэ,
Кэкэ-бука саҥарар…
1972
«Кэрэҕэ…»
Кэрэҕэ,
Баҕаран-баҕаран,
Баҕарбат буолабын;
Үтүөҕэ,
Ымсыыран-ымсыыран,
Ымсыырбат буолабын.
Күннэтэ
Кэхтэбин, кырдьабын,
Ырыанан ытыыбын…
Ыарыһах,
Ыарахан дьылҕабын
Ынчыкпар кырыыбын.
Өлөртөн,
Куттанан-куттанан,
Куттаммат буолабын;
Оһолтон,
Сэрэнэн-сэрэнэн,
Сэрэммэт «өйдөннүм…»
Тыыннаахпар
Таҥара курдукпун,
Таас курдук куруспун.
Үөһэттэн
Көрөбүн бу Сирбин,
Күн аннын сиилиибин…
Сиилиибин,
Сонньуйа көрөбүн,
Сибэкки дьөрбөтүн…
Билгэлии,
Күөх тыаны сэтэрии
«Күһүн диэн баар!» – диибин.
Сымыйа! —
Ити мин ымсыыбар,
Иҥсэрбит санаабар;
Ити мин
Кыайтарбыт, кырдьыбыт
Кытаанах кыһыыбар…
1972
ОЛОХ УЛАРЫЙЫЫТА
Тыаттан таайым киһи киирдэ,
Дьиэм хосторун кэрийэ көрдө:
– Туох ааттаах элбэх кинигэтэй,
Дьиэҥ эркинэ – кинигэ! – диэтэ.
– Кинигэнэн аһаан олорор
Киһи буолбуккун дуу, доҕор?..
Аҕаҥ былыр биир ынахтааҕа,
Илим, туһах, туу баайдааҕа…
Олох уларыйдаҕа дөбөҥүн, —
Ону бэҕэһээ курдук өйдүүбүн…
1972
ОЙ ДУОРААНА
Буор сыбахтаах балаҕаным
Муус түннүгэ ууллан,
Ыарахан мас халҕанын
Оттоох бүрүөтэ уһуллан,
Сырдык, салгын быыһылаан
Сылаас дьиэбэр киирбитигэр —
Уһун кыһын охтон-сүктэн,
Уллуҥахпар син уйуттан
Хаамар буолбут адьарай,
Харса суохпун ылынаммын,
Биир дьыбар сарсыарда арай
Мин таһырдьа таласпытым!
Ынчыктаһан-ынчыктаһан,
Үтэн-анньан, өрө кэбэн,
Ыар ааны тэлэйэ аһаат,
Ыһыктан-ыытан кээспитим —
Саа эстибит сата тыаһа
Субу мин кулгаахпыттан
Сааскы салгыҥҥа сатараан,
Ой тыалар, улуу хайалар
Улаҕаларыгар охсуллан,
Улуу аан ийэ дойдуга
Уораһыйа-дуораһыйа,
Орулуу уста турбута!..
Онтон бэттэх мин обургу
Ой дуораана диэн тугун —
Аан аһыллан сабылларын
Оройдообут быһыылаахпын.
Уол оҕо төрөөммүн,
Ой дуораанын ыытаммын,
Ойуур кыылын соһутарбын
Онтон бэттэх сөбүлүүбүн.
1972
ТАБАҺЫТ ЫРЫАТА
Туундара ньуурун хамнатар
Тайҕам лабаата табакам,
Тыаны, чыыстайы сырдатар
Туос маҥан тунах лабыктам! —
Үөрүнэн сылдьарыҥ үчүгэй,
Үрүҥ хаар үҥкүүлүүр үрдүгэр.
Ньуоҕуһут сыыдам сачарыым11
Сачарыы – тыһы таба.
[Закрыть],
Тугуппут сиппэт, ыксаама —
Тоҥокко быстыа тыстарыҥ,
Тиийиэхпит, чугас ыстаада.
Сиэлэриҥ, сүүрэриҥ үчүгэй,
Сэрэниий силлиэҕэ, нэксиэҕэ.
Буур табам, маҥан уучаҕым,
Буурҕаттан, түүнтэн толлума —
Хаарҕа сырдыгы ыһаҕын,
Кыыл суолун чэрин буллубут…
Буур табам, уучаҕым барахсан,
Түүн ааһыа, кыс ааһыа, күн тахсыа.
Туундарам ньуурун хамнатар
Тайҕам лабаата табаккам,
Тыаны, чыыстайы сырдатар
Туос маҥан тунах лабыктам! —
Мэйиидэ кыылларын батыһан,
Муораҕа киирэҥҥин мунума!
1972
ӨЛҮӨНЭ ОЧУОСТАРА
Оо, Өлүөнэ үрдүк килбиэн иэдэстэрэ,
Уһулута ойон тахсыбыт очуостара,
Ураатаһар Остоолбо хайалара! —
Айылҕа айбыт акрополларын,
Көөрөттөн түспүт колизейдарын,
Күлүмүрдэс таас сэргэлэрин…
Көрдөрөҕүт ээ биһиэхэ —
Үйэлэр тухары, уу сүүрүгүн кэриэтэ,
Охсон ааһар устугастарга,
Ааһан иһэр айанньыттарга.
Айаарара дуо былыр манна
Рим аатырбыт араатардарын
Алтан чуораан куоластара?..
Кылбаҥныыра дуо былыр манна
Кулут буолбатах гладиатордар
Кыырыктаах батас үҥүүлэрэ?..
Эбэтэр бу үрдүк таас сэргэлэргэ
Ахсым аттарын баайаллара дуо
Роланд,
Спартак,
Разин,
Салават,
Саха хоһууна
саадахтаах Манчаары?..
Оо, хаһанын, ханныгын да иһин,
Өлүөнэм үрдүк очуостараа,
Геракл да кэлэн ааспыт,
Прометей да баар буола сылдьыбыт,
Өксөкү да кыыл үөгүлээбит…
Улуу дойдутун олоҥхотун
Омооннорун санатаҕыт эбээт!..
Ол иһин буолуо, бэл биһиги —
Улуу Космос үйэтин оҕолоро —
Уйадыйа,
таптыы көрөбүт!..
Үрдүк мындааҕытыгар
өрө сүүрэн таҕыстарбыт —
Күн күөрэйэн тахсарын
ким-хайа иннинэ
Көрүөхпүт этэ! – дэһэбит.
1972
ААН ТУТААҔА
Тиһэх тоһоҕобун
Аан тутааҕар саайдым!
Баһаалыста,
Киириҥ, ыалдьыттааҥ, —
Мин дьиэ тутуннум!
Мин дьиэ тутуннум, —
40 сааспын… туоламмын,
Ыал аҕата аатыраммын…
Тутуннум бу
Аан алаһа дьиэбин
Эргэ хаптаһынынан,
Эрбии көөбүлүнэн,
Саҥа шиферинэн,
Бастыҥ фанеранан…
Тииҥ курдук,
Тилигирии, тиҥсирийэ сүүрдүм;
Моҕотой курдук,
Була-тала, мунньуна сатаатым.
Сүүһүм көлөһүнүн
Тобукпар тохтум,
Тобугум көлөһүнүн
Сүүспэр аҕаатым.
Алааһым, аар тайҕам
Чиргэл тиит маһынан
Ийэ буорум ирбэт тоҥор
Иэччэҕинэн тирэнэр
Аҕыс атах баҕаналаатым.
Туллаҥнаабатын диэн —
Тулааһыннаатым;
Өҕүллүбэтин диэн —
Өһүөлээтим…
Мин дьиэм
Киһи дууһатын курдук, —
Сырдык түннүктэрдээх,
Бороҥуй муннуктардаах…
Ортотугар аал уот
Күлүбүрүү умайар
Суостуганнаах суо хаан оһохтоох,
Аччыктаабыты аһатар,
Ыалдьыты күндүлүүр
Айыы далбар остуоллаах.
Мин 40 сааспын туоллум.
Тиит маһынан дьиэ тутуннум.
Тиһэх тоһоҕобун
Аан тутааҕар саайдым!
Аҕыс сардаҥалаах
Аламай маҥан күн
Илинтэн, арҕааттан
Эргиччи көрдүн!
Дьэ тигистэ миэхэ
Маанылыыр бастыҥ үөрүү,
Холдьоҕор курус кыһалҕа…
Аһыллар, сабыллар
Ааным тутааҕа,
Эн да билиэҥ турдаҕа
Ким тымныы илиилээҕин,
Ким ыар атахтааҕын…
1972
БЫҺАҔАС ИҺИТ
(Кэмсинии)
Оҕочоон, аччыгый сылдьаммын,
Оргуһуох, туос ыаҕас сүгэммин,
Уу баһар үлэлээх буоларым.
Дьиэм ууттан ырааҕар салламмын,
Дьалкыйан таах тохтуо да диэммин,
Быһаҕас баһарым иһиппин.
Сарсыарда уһуктан тураатын,
Чаанньыгым үрдүгэр түһэбин.
Куоттарар, хойутуур ыксатан,
Хайаан да быһаҕас өрөбүн…
…Ол курдук үөрэнним кыраҕа,
Сырыттым итэҕэс-быһаҕас…
Итинник итэҕэс-быһаҕас,
Иэрэҥнии-саараҥныы сылдьаммын,
Үс үрэх баһыгар, суол суоҕар,
Куоттаран, хойутаан тиийдэҕим —
Күн ийэм эрэйдээх уолдьаммыт,
Күрэнэр, көмүллэр күннэрин.
Итинник итэҕэс-быһаҕас,
Иэрэҥнии-саараҥныы сылдьаммын,
Үөскээбит алааспар суол суоҕар,
Куоттаран, хойутаан хааллаҕым —
Көһүппүт-ахтыбыт көмүһүм
Кэлэйэн, атыҥҥа сүктүбүт.
Олохпун ортолоон иһэммин,
Оройдоон, дьэ өйдөөн эрэбин:
Итэҕэс, быһаҕас диэн тыллар
Иэдээннээх ынырык ыардарын;
Толору иһиттээх дьоллорум
Тохтубут, тэстибит сордорун…
1972
БЫЫКААЙЫК КЫЫСЧААН
Аидка быыкаайык кыысчаан,
Атаахтыырын билэн эрэр.
Атахха киирдэ. Тылланан, —
Арааһы этэн күллэрэр.
Оронтон турбакка сытан,
Араадьыйаны үтүктэр:
Кыыл Уолун ырыаларыттан
Кылыһахтаан кикиритэр…
«Миэним!» – диэн, барыны бары
Былдьаһан ытаатар да, оо! —
Туох баар оонньуурдарын арыт
Туран биэрэр, хардата суох.
Албынныыры, түөкэйдиири
Адьаһын билбэтэх киһи!..
Этиэҥ, истиэ эрэ кэрэх —
Итэҕэйэн эрэ иһиэ.
Ойуулааҕы, кыраасканы
Ытыы-ытыы былдьасыһар,
Хампыаты, хаппыт вафляны
Хадьырыйар, топпот аһын…
Шоколад көрдөөн эймэтэр, —
Самыырбыт уута халыйар…
«Суох! Бүттэ! Сарсын», – диэтэххэ
Сонон сөп буолар, уурайар.
«Мин оҕом – үчүгэй оҕо,
Билигин туруоҕа, оонньуо,
Тугу да былдьаһыа суоҕа,
Дьиэтин, оронун хомуйуо…»
Ардаабыт халлааммыт бэлиэр
Астан, күннүү күлэн кэлэр.
«Киһиргэһиэн, оҕом сыыһа!» —
Килээриччи көрөн кээһэр.
Оҕом эрэйдээх, таайбаккын
Албыммытын, түөкэйбитин.
Өйдөөбөтү албынныырбыт
Аньыытын, ыарын эбитин!..
Оо, оҕом, Эн улаатаҥҥын, —
Уот иннин-кэннин көрүөҥ баар,
Өйдөнөн, мин саататарбын
Албынныыр эбит диэҥ турар…
«Куттанабын» онтон эрэ.
Кэтэһэбин ээ, ол эрэн:
Улаатар,
өйдөнөр,
үүнэр —
Икки атах дьоло! – дииллэр.
1972
ОҔОЛОР УЛААТЫЫЛАРА
Оҕолорум улаатан, бороохтуйан,
Буордарын-сыыстарын тэбэнэн,
Мутуктаан истэхтэрин аайы, —
Уруккуларын, уу ньирэйдэрин
Өйдөөн үөһэ тыынар киэһэлэнним,
Элбэҕи эргитэ саныыр идэлэнним.
Оҕолорум оччоҕо, саҥа дьиэҕэ,
Иһит-хомуос, тэрил суоҕар, —
Оо, олус да үөрүнньэҥ, сайаҕас,
Кыларыйар кырдьыксыт этилэрэ.
Харахтарыгар күн саамай уоттааҕа
Күлүм чаҕылла мичээр күлэрэ!
Оо, олус да эриэккэс, үчүгэй
Ахтыылаах буолар эбит ээ, кырдьыга,
Ааспытын кэннэ аны саныырга, —
Аһыҥас ымдаан, минньигэс үүт-сүөгэй
Ыраахтан ыҥырар дыргыл сыттара,
Дьоҕустан дьоллонор туос акаарылара,
Итэҕэйэн иһэр ис киирбэхтэрэ,
Уу сүүрүгүнүү улгум да бэйэлэрэ…
Күүтүүлээх, үөрүүлээх да этэ
Күнү саҥа өйдөөн көрөн үөрэр,
Киһилии саҥа тыллары этэр,
Көй чыычаах үөрүнүү күйгүөрэр
Чыып-чаап чыбыгырас саҥалара,
Түөллэн охтор,
Түөрэҥэлэс хардыылара…
Оччолорго олус да күүтэрим
Оҕолорум улаатар кэмнэрин,
«Уҥуох туталларыгар тиийдэрбин,
Оо, онно эрэ тиийдэрбин!» – диирим.
Оттон билигин, ол кэм ааһыыта,
Улаатыы,
бэл оҕо улаатыыта,
Ичигэс эрэ эркиннэммэтин,
Уҥуох туттарарга эрдэ эрэнии
Аҥаардас мичээр эҥэрдэммэтин,
Иитиллибит ийэ буор Сирбит
Эрбэх үрдүгэр эргийэрин…
Өйдөөммүн,
уйадыйа иэнигийдим;
Ыал буолан эрэр эдэр кэммин,
Оҕо кыратын ахтар киэһэлэнним.
1972
СҮРЭХ
Тоҥоҕоспор тутулуктаах,
Тоҕус ойоҕос дурдалаах,
Тохтуу-тохтуу тэбиэлиир
Тойон болгуо сүрэҕим,
Тугуй миэхэ хоргутарыҥ,
Тоҕо оспотуй баастарыҥ?
Толуу, туйгун, үчүгэй
Туруу баран бу Сиргэ
Түөрт уон төгүрүк сылы
Туруулаһан туораатыбыт, —
Хаардарыгар хаамыстыбыт,
Сииктэригэр сиэллибит.
Оҕо бэйэм аҕамсыйар
Ол усталаах-туоратыгар
Тоҥор туһун долуой умнан,
Аччыктыыры аахсыбакка, —
Эн эрэ этэргинэн
Илэчийэн сырыттым.
Ону-маны буһарыахтаах
Олгуй саҕа төбөлөөхпүн
Отой-дуорас умнаммын, —
Эйигин эрэ истэрим:
Буруй-сэмэ диэннэрин
Муннубунан тыырарым…
Сир саамай сытыы дьахтарын
Ситтэрээри сүүрдэриҥ,
Аан дойду иэйэр ырыаларын
Айдараары утуппатыҥ,
Арааһынай хаарчахтары
Алдьат диэҥҥин соруйарыҥ…
Мин бүтэй да күрүөтүн,
Үрдүнэн ойон, көппөтүм.
Ардах, самыыр былытын,
Арааһа, бэйэҥ уйбатыҥ:
Аҥаардас быччыҥ эрээригин, —
Эмэх мастыы кэбириигин.
Тохтуу-тохтуу тэбиэлиир
Тойон болгуо сүрэҕим,
Тугуй миэхэ хоргутарыҥ,
Тоҕо оспотуй баастарыҥ? —
Эн эрэ этэргинэн
Ыллыы-туойа сырыттым…
1972
Внимание! Это не конец книги.
Если начало книги вам понравилось, то полную версию можно приобрести у нашего партнёра - распространителя легального контента. Поддержите автора!Правообладателям!
Данное произведение размещено по согласованию с ООО "ЛитРес" (20% исходного текста). Если размещение книги нарушает чьи-либо права, то сообщите об этом.Читателям!
Оплатили, но не знаете что делать дальше?